Ийэҕэ махтал (Айыы Уола)

Ийэҕэ махтал


Сарсыарда күнү тулалыыр эйгэ
Үөрэ сонургуу көрсөрүн курдук,
Эйигин мин ыраата сылдьан
Ахтарым ордук күүһүрэр, күүһүрэр.

Ийэм, ийэкээм, ийэкээм барахсан,
Туохтан да ордук күндүгүн миэхэ!
Ийэм, ийэкээм, мин дьолу, олоҕу
Эн баар буолаҥҥын, көрөбүн.

Өйдүүгүн дуо, ийэ, бастакы атылбын,
Аан бастаан "ийэ" диэн үөрдүбүт күммүн?
Билэҕин дуо, ийэ, эйиэхэ махталым
Уолан бүппэт үрэх буолан кутулла туруо!

Ийэм, ийэкээм, ийэкээм барахсан,
Туохтан да ордук күндүгүн миэхэ!
Ийэм, ийэкээм, мин дьолу, олоҕу
Эн баар буолаҥҥын көрөбүн.

Бу ырыам тыллара үйэттэн үйэҕэ
Бэриллэн ыллана туруо куруутун,
Бу ырыам матыыбын күөх тайҕа суугунаан
Ыллыы туруо өрүүтүн, өрүүтүн!

Ийэм, ийэкээм, ийэкээм барахсан,
Туохтан да ордук күндүгүн миэхэ!
Ийэм, ийэкээм, мин дьолу, олоҕу
Эн баар буолаҥҥын көрөбүн.