Ийэ ырыата (Суорун Омоллоон)

Ийэ ырыата

уларыт
"Саха бырааһынньыга" диэн театрализованнай ораторияттан
уларыт

Уот сиэбит, кэриэрпит күөх кырсын
Кэнчээри от үүнэн оһорор,
Арай мин сүтүктээх сүрэҕим.
Аһаҕас баастара ааспаттар.

Хайаан мин, көмүстээр,
умнуомуй —
Хара дьай күммүтүн күлүктээн,
Хаан өһөх сэриинэн сабардаан,
Хаарыаннаах оҕобун сиэбитин...

Оҕобун булаары өрүүтүн
Одуулуу көрбүтүм иннигэр,
Күннээҕэр күндүкэй биэбэйим
Мичээрэр бэйэтэ биллибэт.

Хаарыаммын мэлитэн, былдьатан,
Хатан нии бэйэккэм уйарҕаан,
Хара да баттаҕым маҥхайан,
Хараҕым уутугар муннаҕым...

Хайаан мин, көмүстээр, умнуомуй —
Хаан дьайдаах көбүппүт сэриитин,
Ол сэрии олоҕу алдьатар
Оһоллоох амырыын сор муҥун...