Күн сирин көрдөрөн
Көмүскээн-харыһыйан ииппит,
Күүһүрдэн-улаатыннаран
Көччөх гынан көтүппүт,
Көлөһүннээх дьүһүннээх,
Күкүр-икир таҥастаах
Көмүс күндү күкүллэхпин —
Күн ийэм эмээхсин эрэйдээҕи,
Ыраатан-тэлэһийэн сылдьаммын,
Эмиэ өйдөөн тиийэн кэллим,
Өйдөөт, уөһэ тыынан ыллым...
Ычах кыра буоламмын,
Ытанньах муҥнаах эрдэхпинэ
Ытыы-ытыы эрэйдэнэрэ,
Ыллаан-туойан саататара,
Ырыган тобугар олордоро,
Ыксары кууһан ылара...
Тымныыттан күрэтэн,
Тырыттыбыт
Ырбаахынан үллүйэрэ,
Итииттэн саһыаран,
Илбирийбит былаатынан бүрүйэрэ.
Этэр тылын минньигэһэ,
Итии тыынын эйэҕэһэ
Эккирэтэ сылдьан баар,—
Экчи умнуо суохпун!..
Ийэбин, күн-күбэй ийэбин,
Эмиэ өйдөөн тиийэн кэллим,
Өйдөөт, өрүкүйэ-аҕынным...
Утуйан-нухарыйан сыттахпына
Оргууй, оргууй хаамара,
Сылаас, сылаас баҕайытык
Сыллаан, уураан ааһара,
Ыарытан ыксыыр күннэрбэр
Ыга кууһан сытара:
«Күөрэгэйим көттөҕүнэ
Күнүм-ыйым сүттүн,
Күнүнэн көмүллүүм»,— диэхтээн,
Көкө-күндү хараҕа
Күөл уунан туолара...
Күн ийэ диэнтэн
Күһэлтэни көрбөтөх,
Күөх окко күөлэһийэр
Көҥүл оҕо сааспар
Күлэ-үөрэ көрсөрүн,
Күллэзх таҥаспын тэбиирин
Күндүтүк өйдүүбүн!
Ороммор уһуктан сыттахпына
Уҥуох илиитинэн имэрийэрэ,
Араас тапталлаахтык саҥарара,
Ааспыт өттүн ахтара,
«Атаҕастабылтан арахсаар» — диирэ...
Алыс мэник уолчаан,
Атастарбын кытары
Айаас сылгы буолан,
Алаас тыатын туораан
Атаралаан сылдьаммын
Алдьаппытым ааҕыллан,
Абырахпыт элбиирэ,—
Аттыбар куруук баар,
Адьас умнуо суохпун!..
Ийэм эрэйдээх, эйиэхэ,
Эдэр сааспынан андаҕайан
Экчи тылбын этэбин:
Элбэх сааһыҥ адаҕыйан
Иэгэйэ кырдьар кэмнэргэр,
Эрэйгин, ахтаргын билбэккэ,
Эйиэхэ эргиллэн кэлбэккэ,
Эйигин быраҕан бараммын,
Иэтэр-туотар буоллахпына,—
Эрэйдэнэк-буруйданан ииппиккин
Экчи ыттыы былдьаабыт,
Хааннаах хара көлөһүҥҥүн
Хара суордуу халаабыт,
Ханныктан даҕаны хараҥа
Хара түөкүн буоламмын,
Халыҥ үйэм устатыгар
Харыаста-кэмсинэ сылдьыым,
Ханьыттан кыбыста кырдьыым.