Итэҕэл. Сахалыы таҥара үөрэҕэ. (Каженкин И.И.-Хааһах Уйбаан)

И.И.Каженкин-Уйбаан Хааһах

ИТЭҔЭЛ. САХАЛЫЫ ТАҤАРА ҮӨРЭҔЭ

Дьокуускай 2024

АННОТАЦИЯ

Итэҕэл диэн өй-санаа үөрэҕэ ааттанар. Уһун үйэлэргэ өй-санаа үөрэҕэ мунньуллан итэҕэлгэ кубулуйар. Итэҕэл үөрэҕэ икки өрүттээх: - Бастакы өрүтэ - сахалыы таҥара үөрэҕэ диэн ааттанар уонна оҕо сайдан иһэр өйүн-санаатын саҥа үгэстэри үөскэтэн төрүттээн биэриигэ аналланар. Ону тэҥэ, оҕо ийэ кутун үчүгэй быһыыларынан иитэн киһи буолууну ситиһэригэр тириэрдэр. - Иккис өрүтэ - үрүҥ айыы буолуу диэн ааттанар уонна былыргылар билиилэриттэн үчүгэйин, үрүҥүн талан ылан аныгы, тупсубут олоххо туһаныыны үөскэтэр.

Бары ааҕааччыларга ананар.

Народ саха с давних времен использует учение тангара.

Каженкин Иван Иванович – Хааһах Уйбаан.


ААН ТЫЛ

Сахалар олус былыргы кэмнэртэн ыла өй-санаа үөрэҕин баһылаан сайыннарбыттар. Ол иһин “Киһини санаата салайар” диэн этиини үөскэтэн киһи санаата оҥорор быһыыларыттан бастаан, инники баран иһэрин үөрэтэн быһааран олоххо киллэрэн туһаммыттарын “Киһи санаа хамначчыта” диэн өс хоһооно биллэрэр.

Санаа олус элбэхтэ хатыланан баҕа санааҕа кубулуйдаҕына умнуллубат буоларын тэҥэ, уларыйан, күүһүрэн үгэскэ кубулуйан киһини бэйэтин хамсатар кыахтанар. Киһи баҕа санаатын толороору тугу эмэни оҥороро үгэс киһини хамсатарын, салайарын быһаарар.

Сахалыы таҥара үөрэҕэ бу быһаарыыны тутуһан киһи үчүгэй санаалардаах буоларыгар ыҥыран, киһи буолуу баҕа санаатын дьоҥҥо үөскэтэн киһи быһыылаах буолууну тарҕаппыт.

Киһини баҕа санаата салайарын сахалар быһааран тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥордоххо сыыһа-халты буолара аҕыйыырын туһанан Киһи таҥара үөрэҕин олохтоон дьон киһи буолууну ситиһэр, киһилии быһыыланар кыахтаммыттар. Өй-санаа олоххо туһаны аҕа-лар үөрэҕин киэҥ сирдэргэ тарҕатаннар Киһи таҥара үөрэҕэ Аан дойдуну барытын кэриэтэ баһылаан сылдьар.

Тугу эмэ итэҕэйии, ону үгэс оҥостунуу итэҕэли үөскэтэр. Итэҕэл диэн өй-санаа үөрэҕэ буолар. Уһун үйэлэргэ өй-санаа үөрэҕэ үгэс-тэртэн хомуллан, мунньуллан, таҥыллан итэҕэлгэ кубулуйбут. Сахалыы итэҕэл дьон өйүн-санаатын киэҥник хабарынан уонна айылҕа уларыйан иһэр тутулугар сөп түбэһэн икки өрүттэнэр:

1. Таҥара үөрэҕэ. Оҕо сайдан иһэр өйүн-санаатын сахалыы таҥара үөрэҕэ салайар, ол иһин оҕолору иитэргэ, үөрэтэргэ туттуллар.

2. Үрүҥ айыы итэҕэлэ. Итэҕэл бу өрүтэ омук былыргы билиилэрин, үгэстэрин уонна саҥарар тылын харыстыырга аналланар.

Олох ханнык эрэ уларыйан биэрэр кэмнэригэр итэҕэл бу икки өрүттэрэ бэйэ-бэйэлэрин солбуйсан биэрэллэрэ тиийэн кэлэринэн омук сайдыыны уонна уһун үйэни ситиһэр кыаҕын үөскэтэллэр.

Итэҕэл бу икки өрүттэрин арыыйда кэҥэтэн быһаарыахпыт:

1. Итэҕэл бастаан иһэр өрүтэ сахалыы таҥара үөрэҕэ диэн ааттанар уонна оҕо сайдан иһэр өйүн-санаатын төрүттүүр, саҥа үгэстэри иҥэрэн биэрэр, сиэри тутуһан үчүгэй санааланарын үөскэтэр. Оҕо ийэ кутун үчүгэй, туһалаах быһыыларынан, үгэстэринэн иитэн биэрэри тутуһан киһи буолууну ситиһэригэр тириэрдэр.

2. Былыргылар элбэх араас билиилэриттэн үрүҥүн, үчүгэйин талан ылан аныгы, уруккуттан улаханнык уларыйбыт, тупсубут олоххо туһаныыны итэҕэл иккис өрүтэ, үрүҥ айыы буолуу итэҕэлэ оҥорон омук уһун үйэни ситиһэрин үөскэтэр. Өй-санаа үөрэҕин бу икки өрүттэрэ бэйэ-бэйэлэриттэн тутулуктарын сүтэрбэккэ тэҥҥэ сайдан истэхтэринэ омук өйө-санаата туруктаах буолан уһун үйэни ситиһэр уонна үлэни сайыннаран, тупсаран иһэр кыахтанар.

Сахалыы ураты өй-санаа үөрэхтэрэ баалларын үөрэтиигэ Иван Иванович Каженкин – Уйбаан Хааһах элбэх үлэлэри суруйан тарҕатта. Кини аан бастаан түүл үөрэҕин баһылаан киһи өйө-санаата ханна сылдьарын үөрэппитэ таҥара үөрэҕэр иҥэн хаалбыт өйдөбүллэри, этиилэри быһаарарыгар улаханнык туһалаата. Бу сахалыы таҥара итэҕэлин туһунан үлэтин сахалары сайыннарар уонна уһун үйэни ситиһиннэрэр сыалтан суруйда. Атын бэчээккэ тахсыбыт үлэлэрин Национальнай библиотека абонеменыттан, сайтыттан, Сахалыы Википедияттан уонна ол иһигэр баар Викитека диэн библиотекаттан булан ылан туһаныахха сөп.

Автор бу үлэтин бэчээттээн таһаарыыга кыахтара баарынан көмөлөспүт аймахтарыгар, билэр дьонугар истиҥ махталын тириэрдэр.

КИҺИ ТАҤАРА ҮӨРЭХТЭРЭ ЭЛБЭХТЭР

Киһи өйө-санаата сайдан истэҕинэ тугу эмэ ситиһэргэ баҕа санаатын үөскэтинэрэ уонна ону бэйэтэ илэ оҥорон таһаарара тиийэн кэлиитэ санаа киһини салайарын быһааран олоххо киллэрбит. Сахалар киһини санаата салайарын быһааран “Киһини санаата салайар”, “Киһи – санаа хамначчыта” диэн өс хоһооннорун оҥорон кэлэр көлүөнэлэрин үөрэтэргэ анаан туһана сылдьаллар.

Өй-санаа элбэхтэ хос-хос хатыланан мунньуллан күүһүрдэҕинэ үгэстэри үөскэтэр. Үгэстэр туспа өй-санаа буоланнар атыттарга буккуллан хаалбакка бэйэлэрэ туспа сылдьар кыахтаналлар. Ол иһин таҥ диэн мус, хомуй диэн өйдөбүллээх тылтан үөскэтэн таҥара үөрэҕин сахалар айан олоххо киллэрбиттэр.

Өй-санаа үөрэҕэ үйэлэр усталарыгар мунньуллан, таҥыллан таҥа-ра үөрэҕин үөскэппит. Ол курдук, киһи баҕа санаатын ситиһэр кыахтанара ханнык эрэ баҕа санаата - таҥарата баар буоларыгар тириэрдибит. Булчуттар хотой курдук кыайа-хото бултуур баҕа санаа-ны үөскэтинэр кэмнэригэр Хотой таҥара үөскээн киэҥник тарҕаммыт.

Сахалар олус былыргы кэмнэртэн өйдөрө-санаалара сайдыбытын элбэх таҥара үөрэхтэрин туһана сылдьаллара биллэрэр. Ол курдук, араас үлэлэри баһылааһын өйү-санааны тупсаран тус-туспа баҕа санаалары үөскэтэн иһэриттэн аан бастаан үлэ таҥаралара баар буолан сайдан тахсыбыттар. Ону тэҥэ, дьон үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа арааран олохторугар туһаныыларыттан Күн таҥара үөскээн сайдан бары омуктарга тарҕаммыт.

Дьон өйдөрө-санаалара сайдан, тупсан бэйэлэрин кыыллартан, сүөһүлэртэн туспа араарынар кэмнэриттэн киһи буолар баҕа санааны үөскэтинэн Киһи таҥараны айан сайыннарбыттар. Төһө эрэ кэминэн таҥара үөрэҕэ атын омуктарга тарҕаныытыгар уларыйан, саҥанан эбиллэн, тупсан, эбии ааттанан тус-туспа арахсыылара үөскээбит.

Мин бу үлэбэр элбэх Киһи таҥаралар тус-туспа уратыларын кылгастык быһаарабын уонна үөскээбит уратыларын арыйабын.

Сахалар маҥнайгы киһи таҥараларынан Үрүҥ Аар тойон буолар. Бу улахан биллиилээх салайааччы дьоҥҥо туһалаах үлэтэ таба сыана-ланан таҥара үөскүүрүгэр тириэрдибит. Бу таҥара үөскүүр кэмиттэн киһи буолуу үөрэҕин баһылаан сайыннарбыттар.

Бу олус былыргы кэм, сахалар Индийэҕэ, арийдар диэн омуктары кытта бииргэ олоро эбэтэр бэйэлэрэ арийдар (аардар) диэн ааттана сылдьыбыт кэмнэригэр үөскээбит буолуон сөп. Ол курдук, “дьа” диэн санаа дьайыыны оҥорорун быһаарар тылтан Индийэҕэ джайнизм итэҕэлин үөскэппиттэрэ салгыы сайдан иһэр.

Киһи санаата хайдаҕын үөрэтии билигин даҕаны, бу санааттан ханнык быһыы оҥоруллан тахсарынан эрэ кыайан быһаарыллар кыахтаах. Ол иһин аан бастаан киһи оҥорор быһыыта ханнык дьайыыны оҥорорун үөрэтии, быһаарыы кэнниттэн санаа диэн тыл үөскээн туттуллууга киирбит. Олус былыргы кэмнэргэ дьа диэн тыл өйү-санааны быһаарар суолтаҕа үгүстүк тутулла сылдьыбыта элбэх тыллары үөскэппититтэн биллэр.

Дьон өйө-санаата былыргы дьыллар мындааларыттан кыыл, сүөһү өйүттэн-санаатыттан сайдан, тупсан испиттэрэ дакаастанан сылдьар. Өй-санаа үөрэҕэ эмиэ сыыйа сайдан испитэ уһун үйэлээх омук элбэх таҥара үөрэхтэрин үөскэтэн туһана сылдьыбытыттан биллэр. Хотой, бөрө, Күн уонна элбэх үлэ таҥараларын кэнниттэн эрэ киһи буолар баҕа санааны үөскэтинэн, тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорор буолууну ситиһэн дьон Киһи таҥараны сайыннарбыттар.

Киһи таҥара үөрэхтэрин үөскээбит уонна сурукка киирбит кэмнэ-ринэн арааран дьаарыстаатахха маннык тус-туспа арахсаллар:

1. Джайнизм таҥаратын үөрэҕэ.

2. Сахалыы таҥара үөрэҕэ эбэтэр Үрүҥ Аар тойон таҥара үөрэҕэ.

3. Будда таҥара үөрэҕэ.

4. Христос таҥара үөрэҕэ.

5. Аллах таҥара үөрэҕэ.

6. Православнай таҥара үөрэҕэ.

Бу киһи таҥара үөрэхтэрэ сахалыы Киһи таҥара үөрэҕиттэн арахсан, сайдан туспа баран атын омуктарга тарҕаммыттар. Бары Киһи таҥара үөрэхтэрэ тутуһар уратыларынан оҕо улаатан, өйө-санаата сайдан, тупсан киһи буолууну ситиһиитэ уонна киһи быһыы-лаахтык олоҕун олоруута ааттанар. Ол аата тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорорго үөрэниини ситиһэрэ, баһылыыра буолар.

Бу тус-туспа ааттаах эрээри оҕону иитэргэ биир сыалы ситиһэргэ аналлаах Киһи таҥара үөрэхтэрин арыыйда кэҥэтэн ырытыахпыт:

1. Сахалар киһи санаатын олус былыргы кэмнэргэ үөрэтэн саҕалаабыттар. Ол кэмнэргэ дьа диэн тыл өйү-санааны быһаарар суолталаах эбит. Билигин даҕаны дьа диэн тылтан үөскээбит өйү-санааны быһаарар элбэх тыллар туттулла сылдьаллар. Дьай, дьаар, дьаабы, дьабын, дьадаҥы, дьахтар, дьаллай, дьаадаҥныыр диэннэри уонна да атын өй-санаа иҥмит тылларын сахалар туһаналлар.

Индийэҕэ үөскээн тарҕаммыт джайнизм итэҕэлэ дьа диэн өйү-санааны үөрэтииттэн төрүттэммит. Санаа оҥорор дьайыытын үөрэтии киһи оҥорор быһыылара хайдах санаалааҕыттан быһаччы тутулук-тааҕын быһаарбыта итэҕэл үөрэҕэр кубулуйбут.

2. Аан бастакы Киһи таҥаранан Үрүҥ Аар тойон таҥара буолар. Сахаларга бу таҥара үөрэҕэ Индия сиригэр арийдары кытта бииргэ олоро сылдьыбыт кэмнэригэр үөскээбитэ ураты аатыттан биллэр. Бу таҥара аатын үрүҥ диэн тыла оччотооҕу кэмнэргэ сахалар үрүҥү, хараны, ол аата үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа арааран туһанар эбиттэрин биллэрэр. Ол курдук, үрүҥ диэн тыл, бу аатырбыт улахан салайааччы үйэтин тухары оҥорбут элбэх араас быһыыларыттан үрүҥүн, үчүгэйин эрэ талан ылан кэлэр көлүөнэлэри үөрэтэргэ туһанары ыйан биэрэргэ аналланар.

Былыргы кэмнэргэ дьон өйө-санаата сайдыыта намыһах этэ, ол иһин оҥорор быһыылара аныгы кэмҥэ үгүстүк куһаҕан диэн быһаарыыга сөп түбэһэн хаалаллара. Былыргылар элбэх араас билиилэриттэн уонна оҥорбут быһыыларыттан кэлэр көлүөнэлэри үөрэтэргэ анаан үчүгэйин, үрүҥүн талан ылыы, ол иһин туттуллар.

Дьон өйдөрө-санаалара саҥа сайдан истэҕинэ оҥорор быһыылара куһаҕана элбэх этэ. Ол иһин былыргы салайааччы оҥорбут куһаҕан быһыыларын туспа араарыы, хара диэн куһаҕанын биллэрэн ааттааһын, бу быһыы умнулларын үөскэтэрин таҥара үөрэҕэ туһанар. Атын таҥара үөрэхтэриттэн сахалыы таҥара үөрэҕин биллэр уратытынан “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан биэрэр тутулугун тутуһа сылдьара буолар. Бу уратыны олоххо киллэрэн дакаастыыр холобурунан айыы диэн тыл икки өрүттээх; үчүгэй уонна куһаҕан өйдөбүллээҕэ буолар. Ол курдук, киһи оҥорор быһыылара хаһан баҕарар икки аҥы арахсан; үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсаллара хаһан да уларыйбат суол буолар. Киһи тугу сирбитин, сөбүлээбэтэҕин, табыллыбатаҕын барытын куһаҕан диирэ хаһан да уларыйбат. Ол аата киһи оҥорор быһыыта туга эмэ табыллыбатар, сатамматар эрэ куһаҕан буола турар уратылааҕыттан куһаҕан суох буолан, симэлийэн хаалара кыаллыбат суол буолар.

Билигин тыл үөрэхтээхтэрэ айыы диэн тыл икки өрүттээх өйдөбүлүн суох оҥоро сатыыллара сахалары үрэйиигэ тириэрдиэн сөп. Ол иһин билигин сахалар түмсүүлээх буолууну үөскэтэ сатыыр кэмнэригэр бу сыыһа хайаан да көннөрүллэрэ ирдэнэр. Сэбиэскэй былаас үөскэппит уонна атеизмынан өйдөрүн-санааларын буккуйан кэбиспит тыл үөрэхтээхтэрэ билигин да сахалары симэлитэр, суох оҥорор санаалара тохтуу илигин, ити оҥорор быһыылара биллэрэр.

Таҥара үөрэҕэ диэн киһи санаатын үөрэтэр үөрэх буолар. “Киһини санаата салайар” диэн этиини сахалыы таҥара үөрэҕэ тутуһар. Ол аата киһи ханнык санаалардаах даҕаны соннук быһыылары оҥороро быһаарыллан тахсар. Таҥара үөрэҕэ үчүгэй санаалардаах буол диэн этэрэ ити быһаарыыттан тирэх ылан туттулла сылдьар.

Сахалыы таҥара үөрэҕэ атыттартан барыларыттан бастаан иһэрин сиэр диэн аһара барар өйү-санааны хааччахтааһыны туһанара биллэрэр. Сиэр диэн үчүгэй быһыыны оҥорууга тириэрдибит санаа ааттанар. Ол иһин сиэри тутуһан оҥоруллар быһыылар үчүгэй буолан тахсаллара эрдэттэн быһаарыллар кыахтанар.

Саха дьоно бары сиэри тутуһаллар. Ол аата сахалыы таҥара үөрэҕин көрдөбүллэрин олохторугар тутуһа сылдьаллар.

3. Билигин биллэр киһи таҥара үөрэҕинэн Будда таҥара үөрэҕэ ааҕыллар. Будда таҥара үөскээбитэ 2,5 тыһыынча сыллардаахха диэн сурулла сылдьар буоллаҕына, Үрүҥ Аар тойон таҥара үөскээһинэ өссө тыһыынча сыллар курдук иннинэ буолуон сөп.

Оҕо улахан киһи буолар баҕа санааланан улаатарын тутуһар таҥара үөрэҕэ Будда диэн ааттаммыт. Будда таҥара үөрэҕэ “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа тутулугун тутуһарыттан диктатураны үөскэппэтэҕин бэлиэтинэн “Хас ыалга барыларыгар Будда баар” диэн этиини тутуһа сылдьара буолар.

Сахалар үөрэхтэринэн бу таҥара үөрэҕэ оҕо улаата охсорго баҕа санаата элбэҕин туһаныыттан үөскээн тахсыбыт. Ону тэҥэ, төрөп-пүттэр оҕолоро улаата охсорун олус кэтэһэллэриттэн эбии күүстэммит. Бу баҕа санаалар холбоһон улахан киһи таҥараны үөскэтэн олоххо киллэрбиттэрэ салгыы сайдан иһэр.

4. Үрүҥ Аар тойон таҥара үөрэҕин хууннар Европаҕа тириэрдэн еврейдэр Иисус таҥараларын кытта холбоон, өссө сайыннаран, тупсаран Христос таҥара үөрэҕэр уларыппыттар. Бу киэҥник тарҕаммыт үөрэххэ суругу, билиини баһылаабыттара ырааппыт еврей омуктар өй-санаа үөрэхтэрэ хото киирэн сылдьаллар.

Христос таҥара үөрэҕэ сахалар таҥараларын үөрэҕиттэн үөскээ-битин тутаах быһаарыытынан Ырай диэн ааттаах албын дойдуну айан туһана сылдьаллара буолар. Бу Ырай диэн киһи баҕа санаатын дойдутун үөскэтэллэригэр сахалар ыра санаа диэн киһи бэйэтин кыаҕынан кыайан толорбот баҕа санаатын быһаарар этиилэриттэн ыра диэн тылы ылан туһаммыттара биллэрэр.

Сахалар ыра санаа диэн киһи хаһан да толорбот, олоххо кыайан киллэрбэт баҕа санааларын этэллэр. Ыра санаалар диэн киһини аралдьытар, албынныыр, бэйэтин кыаҕынан кыайан толорон олоххо киллэрбэт санаалара ааттаналлар, ол иһин Ырай диэн албын дойду буолара быһаарыллан тахсар.

Ырай дойдутун айаннар элбэх дьадаҥылар өллөхпүтүнэ Ол дойдуга тиийэн дьэ сынньаныахпыт диэн албын санааҕа ыллараннар Бу дойдуга дьадаҥытык да олорорго сөбүлэһэллэрин үөскэппиттэр. Бу быһаарыы Христос таҥара үөрэҕэ халыйан, аҥардастыы баайдар, салайааччылар диэки буолбутун, диктатураны үөскэппитин биллэрэр.

Төһө да баайдар диэки халыйан хааллар Христос таҥара үөрэҕэ үөскээбит төрүтэ атын. Дьон өйө-санаата сайдан киһи бэйэтэ үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорон кэбиһэрэ быһаарыллыбытын кэнниттэн, киһиэхэ үчүгэйи оҥорор баҕа санааларын элбэтэр туһугар үчүгэй киһи таҥара Христос үөскээбит. Ол аата үчүгэй киһи таҥара тугу оҥорорун үтүгүннэрэн, батыһыннаран үөрэтэн итэҕэйээччилэр үчүгэй быһыылары оҥороллорун элбэппит.

5. Христос таҥара үөрэҕэ арабтарга тиийэригэр арыгы иһиитин тарҕатарын олохтоохтор утараннар атын, Аллах таҥара үөрэҕин үөс-кэтэн олоххо киллэрбиттэр. Бу таҥара үөрэҕин биллэр уратытынан арыгыны испэккэ ыҥырара уонна ыал буолуу үгэстэрин кытаанахтык тутуһарыттан ахсааннара эбиллэн иһэрин ситиһэрэ буолар.

Сэбиэскэй былаас сахалар ыал буолуу үгэстэрин суох оҥорон дьахталлары көҥүллэринэн ыыппытыттан билигин күүстээх, кыахтаах эр дьон быста аҕыйаатылар. Мусульманнар бу үгэстэри тутуһа сылдьалларыттан эр дьонноро сайдыылаах буор куттаахтар, быдан күүс-тээхтэр, кыахтаахтар. Ол иһин Россияҕа көҥүл тустуу диэн ыарахан спорт көрүҥүн бас билэн, баһылаан сылдьаллар.

Бу таҥара үөрэҕэ Ырайы уонна Аады туһанара Христос таҥара үөрэҕиттэн арахсан саҥалыы үөскээбитин биллэрэр.

6. Россия олохтоохторун былыргы таҥара үөрэхтэрэ уонна Хрис-тос таҥара үөрэҕэ холбоһууларыттан православнай таҥара үөрэҕэ үөскээбит. Бу таҥара үөрэҕэ сахалар таҥараларын үөрэҕиттэн үөскээбитэ чуолкай быһаарыллар бэлиэлэрдээх:

- Өлөөрү сытар киһи “Айыытын этэн”, куһаҕан санааларыттан босхолонон өйүн-санаатын ыраастааһына.

- Өлбүт киһи үс куттарын үс төгүллээн атаарарга аналлаах сахалар үгэстэрин Кут-сүр үөрэхтэн ылан олус былыргы кэмнэртэн туһаммыттар. Бу өйгө-санааҕа сөп түбэһэр үгэстэри билигин да туһаналлар.

- Куһаҕаннык өлбүт киһини атын дьонтон туспа арааран букатын ахтыбакка эрэ көмүүнү олоххо киллэрбиттэр.

Таҥара үөрэхтэрин уратыларын билии сахалыы таҥара үөрэҕин итэҕэйиини ордук улаатыннарар. Таҥара үөрэҕэ диэн олох үөрэҕэ буолар. Олохтон үөскээн тахсыбыт өйдөбүллэртэн үчүгэйдэрин, дьоҥҥо туһалаахтарын эрэ талан ылан кэлэр көлүөнэлэри иитиигэ уонна үөрэтиигэ үгэс оҥостон туһанарга аналланар.

Таҥара үөрэҕэ саҥаны билэн иһэр киһи өйө-санаата аһара барба-тын үөскэтэн киһилии быһыылары оҥороругар тириэрдэр. Ол иһин көҥүллэринэн барыахтарын баҕалара аһара улааппыт атеистар таҥара үөрэҕин сөбүлээбэттэр. Ол эрээри, кэлин бэйэлэрэ кэһэйдэхтэринэ эрэ, өй-санаа аһара барыыта куһаҕаҥҥа тириэрдэрин билэллэрэ, хойутаан да буоллар тиийэн кэлэн хомоторо билигин элбээн сылдьар.

Өй-санаа киһи оҥорор быһыыларыттан хойутаан, кэнниттэн кэлэн иһэрин сахалар өс хоһоонноро биллэрэллэр:

- “Муоһа-туйаҕа туллубут” диэн өс хоһооно эдэр киһи аһара барар санаата кэһэйбитин кэнниттэн дьэ көҕүрээбитин, көрсүө, сэмэй майгыланан, киһилии быһыыланара хойутаан да буоллар кэлбитин этэн биэрэн кэһэйии өйгө-санааҕа туһаны оҥорорун биллэрэр.

- “Буолар буолбутун кэннэ” диэн өс хоһооно киһи тугу эрэ оҥорон кэбиһэн баран, онтон улаханнык хомойорун, санааргыырын биллэрэр. Бу өс хоһооно киһи саҥаны айыыны оҥорорун быһаарара ордук улахан суолталаах. Ол курдук, иннэ-кэннэ, туох содул үөскээн тахсара биллибэт саҥаны айыытын оҥорон кэбиһэн баран куһаҕан буолан тахсан кэһэйии кэнниттэн кэлэр улахан хомолтону быһаарар.

- “Өлөн иһэн өйдөммүт” диэн өс хоһооно киһи саҥаны айыыны оҥорор быһыыта табыллыбакка хаалан өлүүгэ да тириэрдэрин билбэккэ хааларын этэрэ дьоҥҥо ордук тиийимтиэ. Бу олус былыргы кэмҥэ үөскээбит өс хоһооно аныгы наркоманнар аһара туттунан кэбиһэн өлөн хаалалларын быһаарара улахан суолталаах.

Бу өс хоһоонноро киһи аһара барар өйүн-санаатын хааччахтыы сырыттаҕына эрэ олоҕо табылларын биллэрэллэр. Ол иһин сахалыы таҥара үөрэҕэ киһи өйө-санаата аһара барарын сиэри тутуһуннаран хааччахтаан киһи быһыытыгар киллэрэн биэрэрэ сыыһа-халты туттубатын үөскэтэн бэйэтигэр улахан туһаны оҥорор.

Киһи өйө-санаата сайдан, тупсан иһиитин кытта дьүөрэлэһэн, олох үөрэҕиттэн тирэх ылан таҥаралар үөскээһиннэрэ салҕанан баран испит. Кэлин улахан таҥара үөрэхтэрэ салайааччылар бас билиилэригэр киирэн хааланнар диктатуралары үөскэппиттэрин баайдар ылан бэйэлэрин тустарыгар туһалыырга уларыппыттар.

Элбэх таҥаралары билэр сахалар өйдөрө-санаалара олус былыргы кэмнэртэн ыла сайдан киһилии быһыыланары ситиспиттэр уонна “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан биэрэр тутулугун олохторугар тутуһа сылдьаллар. Икки өрүттээх буолууну тутуһа сылдьалларын айыы диэн тыл икки өрүттээх өйдөбүллээҕэ быһаарар.

Билигин бу айыы диэн икки өрүттээх өйдөбүллээх тылбытын тыл үөрэхтээхтэриттэн харыстаатахпытына табыллар буолла. Сэбиэскэй былаас кэмигэр аһара элбээн хаалбыт тыл үөрэхтээхтэрэ уонна суруйааччылар төрүт тылларбытын уларыта сатыыллара элбээтэ. Ол курдук, “аньыы” диэн сахаларга суох тылы булан, куһаҕаны туспа арааран, айыы диэн тыл икки өрүттээх; үчүгэйи уонна куһаҕаны киһи оҥорон кэбиһэрин биллэрэр өйдөбүлүн суох оҥоро сатыыллар.

Бу элбэх таҥара үөрэхтэриттэн мин олус былыргы кэмнэргэ үөскээбит сахалыы таҥара үөрэҕин бу үлэбэр ырытабын уонна киһи өйө-санаата сайдыытыгар оҥорор туһатын быһаарабын.

Онон омук төһө элбэх таҥаралары билэр даҕаны уһун үйэлээҕэ уонна үйэлэргэ мунньуллубут олох уопутунан туһанан өйө-санаата сайдыыта элбээбитэ толору быһаарыллар кыахтанар.

ИТЭҔЭЛ ИККИ ӨРҮТЭ

Бары таҥара үөрэхтэрэ үөскээбит төрүттэрин сахалар билэллэр. Үчүгэй санаалардаах буолуу киһи үчүгэй быһыылары оҥороругар тириэрдэрин сахалыы таҥара үөрэҕэ тутуһан “Үчүгэй санаалардаах буолуҥ” диэн этэр уонна алгыһы туһанарга үөрэтэр.

“Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа тутаах тутулуга туохха барытыгар дьайыыта тиийэр. Киһи оҥорор быһыыта барыта үчүгэй буолбакка хааллаҕына, сөбүгэр эбэтэр куһаҕан диэҥҥэ кубулуйан иһэр. Ол иһин үчүгэй аҥар өрүтэ куһаҕан диэн ааттанара хаһан да уларыйбат. Туох барыта үчүгэй кыайан буолбатаҕына, куһаҕаҥҥа кубулуйан хаалара киһи оҥорор быһыытыттан тахсан кэлэ турар. Аҥардастыы үчүгэй диэн олоххо суох. Киһи эмиэ үчүгэй буола сатыыра төһө да элбэҕин иһин кыаллыбата биллэн тахсан иһэр. Ол курдук, өй-санаа уларыйара түргэнинэн бүгүн үчүгэй диэн ааттаммыт сарсын куһаҕан буолан хаалыан сөбө уустуктары үөскэтэр. Куһаҕан баарыттан үчүгэй диэн баара биллэн тахсар. “Үчүгэй уонна куһаҕан сиэттиспитинэн сылдьаллар” диэн өс хоһооно ону биллэрэр. Үчүгэй төһө эмэ элбэҕин иһин, куһаҕан син-биир суох буолбат, аҕыйыан эрэ сөп. Ол иһин үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа араарарга аҕыйах ахсааннаах дьон оҥорор куһаҕан быһыыларын аан бастаан билии улаханнык туһалыыр уонна таба туһанары түргэтэтэр.

“Үчүгэй уонна куһаҕан солбуйсан биэрэллэр” диэн этии кэмэ кэллэҕинэ үчүгэй диэн ааттана сылдьыбыт куһаҕаҥҥа уларыйара тиийэн кэлэрин биллэрэр. Сэбиэскэй былаас кэмигэр дьадаҥылар “үчүгэй” этилэр бары салайааччылар, суруйааччылар, үөрэхтээхтэр быстар дьадаҥы төрүттэринэн арбаналлара, онтон баайдар куһаҕаннар этилэр. Билигин ырыынак кэмигэр олох сайдан, аны баайдар үчү-гэйдэр диэн буолан өй-санаа үөрэҕэр тосту уларыйыы киирэн сылдьарын тыл үөрэхтээхтэрэ биллэхтэринэ табыллар.

Дьадаҥылар салайааччы буоланнар аһара арбананнар уонна дьах-таллар көҥүллэринэн эргэ барыылара олохтонон Россия дьоно бары-лара дьадаҥылар сайдыыта суох буор куттарынан сутулланнар били-гин үлэлиэхтэрин баҕалаахтар быста аҕыйаан сылдьаллар. Киһи сирэр, талар санаата хаһан баҕарар элбээн хаалар уратылаах. Субу үчүгэй диэн ааттаммыт туга эмэ табыллыбатар, сатам-матар эрэ куһаҕан диэҥҥэ кубулуйа охсор уратылааҕа хаһан да суох буолбат. Олоххо маннык уларыйыы киһи тугу барытын бэйэтин мээрэйинэн мээрэйдиириттэн үөскээн тахсан иһэрэ быһаарыллар.

Биир эмэ киһи үчүгэй диэбитин, атыттар сирэн, куһаҕан диэн ааттаан кэбиһиэхтэрин сөп. Оҕо улаатан иһэн үчүгэйи уонна куһа-ҕаны тус-туспа арааран билэрин төрөппүттэр “Үрүҥү уонна хараны араарыы” диэн үөрэҕи тутуһан ситиһэллэр. Бу үөрэҕи ситиһиигэ оҕо аан маҥнай аҕыйах ахсааннаах дьон оҥорор куһаҕан быһыыларын арааран билэрэ судургута туһалыыр. Ол курдук, киһи үчүгэйи оҥорбута олус элбэх, кыайан ааҕан ситиллибэт, онтон куһаҕаны оҥороро букатын аҕыйах. Оҕо аан бастаан дьон оҥорор аҕыйах ахсааннаах куһаҕан быһыыларын арааран биллэҕинэ, олору оҥорбот кыаҕа улаатарыттан үөрэтии табыллара уонна тиийимтиэтэ, түргэтиирэ ситиһиллэр. Ол иһин сахалыы таҥара үөрэҕэ “Тоҕус айыыны оҥорума” диэн этэн оҕону үөрэтиигэ туһана сылдьар. Элбэхтэр тугу эрэ үчүгэй диэн быһааран баран ону ылыннахтарына, бу быһыы үчүгэй диэн ааттаныан уонна тарҕаныан сөп. Ол эрээри, биир эмэ киһи сөбүлээбэккэ сирэринэн куһаҕан диэн этэрэ син-биир суох буолан хаалбат. Аҕыйах ахсааннаахтар элбэхтэргэ бас бэринэллэрэ, дьон олоҕо элбэхтэр быһаарыыларынан салаллан барыыта, кэмэ кэллэҕинэ уларыйыылары киллэрэн иһиитэ демократия үөрэҕин үөскэппитэ билигин сайдыыны ситиһэриттэн тарҕанна.

Аҕыйахтар салайар былааһы ылан баран элбэхтэри баһылаан салайыылара тоталитарнай былаас эбэтэр диктатура диэн ааттанар. Аҕыйах ахсааннаахтар тугунан эмэ албыннаан, элбэхтик сымыйалаан, манньалаан элбэхтэргэ үчүгэй курдук көстө сатааһыны ситиһэллэрин, бэлэми туһана үөрэнэн хаалбыттар билэр эрээрилэр, бэйэлэригэр туһаны аҕаларын иһин, уларыта сатаабаттарыттан, бу курдук салайы-ныылаах былаастар суох буолан хаалбаттар.

Былыргы кэмҥэ аҕыйахтар баһылаан салайыылара полиция, армия күүһүнэн ситиһиллэр кэмнэрэ дойдуларга барыларыгар бааллара. Европа уонна АХШ сайдыылаах дойдулара демократия үөрэҕин олоххо киллэрбиттэрэ хас да үйэ буолла уонна дьоҥҥо туһаны аҕалара элбэҕэ экономиканы сайыннарыыларынан дакаастанна.

Дойдулары салайыы эмиэ “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн икки өрүттэнэр:

А. Тоталитарнай салайыы. Омуктар сайдар, күүһүрэр кэмнэригэр биир киһи салайар былааһын ордорон, тоталитарнай салайыыга кии-рэн хаалаллар. Ону тэҥэ, омук мөлтүүр, атыттар ыгар, туората сатыыр кэмнэрэ кэллэҕинэ бэйэтин көмүскэнэр, харыстанар санаата улааттаҕына маннык салайыныыга төннөн хаалыан сөп.

Б. Демократия үөрэҕэ. Бу үөрэх дьон бары тэҥнэрин билинэринэн бары бүттүүн куоластааһыны туһанан дойдуну салайыыга салайаач-чылар уларыйан биэриилэрин олохтоон сайдыыны ситиһиини түргэтэтэр. Ол аата элбэхтэр быһаарыыны ылыналларын демократия үөрэҕэ олоххо туһаныыга быыбардары туһанан киллэрэр.

Дойдулары салайыы бу уратыларын биллэххэ омук сайдыы ханнык таһымыгар сылдьара быһаарыллар кыахтанар. Омук сайдыыны ситиһэр кыаҕа мөлтөөһүн кэмигэр биллэ кыччыыр, ол иһин күүһүрдэ сатааһын үөскээһинэ тоталитарнай салайыыга тириэрдэн кэбиһэр.

Билигин Россияҕа полицияҕа эбии национальнай гвардияны тэрийэн салайааччылар былаастарын улаханнык күүһүрдэн, диктатура диэки улахан халыйыыны оҥордулар. 2020 сыллаахха конституцияҕа диктатура диэки хайысхалаах уларыйыылары киллэрэллэригэр коро-навирус ыарыытын хааччахтарын табан туһаннылар.

Итэҕэли үөрэтээччилэр киһи оҥорор быһыыларын уратыларын арыйар айыы диэн тыл бары өйдөбүллэрин билэллэрэ ирдэнэр. Айыы диэн тыл бары өйдөбүллэрин, ол иһигэр биир эрэ үчүгэйдээҕин, онтон атыттара бары куһаҕаҥҥа тириэрдэллэрин арааран билбэт дьон өй-санаа үөрэҕин, таҥараны, итэҕэли үөрэппитэ буолаллара дьону албыннааһыҥҥа кубулуйар уонна буккуллууну, куһаҕаны, өй-санаа үөрэҕин итэҕэйбэт кэмнэрин эрэ аҕалар.

Айылҕаҕа туох барыта икки өттүлэриттэн тутулуктарын икки ардыгар сайдыыны ситиһэллэр. Кэмэ кэллэҕинэ, бу икки өрүттэр бэйэ-бэйэлэрин солбуйсан биэрэр кэмнэрэ тиийэн кэлэрин сахалар арааран билэн “Үчүгэй уонна куһаҕан солбуйсан биэрэллэр” диэн өс хоһооно оҥорон туһаналлар.

Сырдык күн кэнниттэн хараҥа түүн тиийэн кэлэр, самаан сайын бүттэҕинэ кырыалаах, тымныы кыһын саҕаланан барар. Бу хатыланан кэлэ турар тутулугу сахалар быһааран “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини үөскэппиттэр уонна олохторугар туһана сылдьаллар.

Итэҕэл икки өрүтэ диэн быһаарыы айылҕа төрүт тутулугар сөп түбэһэр. Бу икки өрүттэр тус-туспа сыаллаахтар, ол иһин хайысхалара тус-туспалар, омугу сайыннарыахтарын эбэтэр хаатыйалаан, түргэнник киирэн иһэр сайдыыттан хаалларан кэбиһиэхтэрин сөп уонна кэмэ кэллэҕинэ солбуйсан биэрэн омугу сэргэхситиини, өйдөрүн-санааларын тупсарыыны, уларытыыны киллэрэн сайдыыны ситиһии-ни оҥороллор. Ону тэҥэ, бэйэ-бэйэлэриттэн тутулуктарын арааран хайа эрэ аҥар өттүн диэки халыйан бардахтарына, омук салгыы олоҕор улахан уларыйыылары, хамсааһыннары киллэриэхтэрин сөп.

Итэҕэл үөрэҕин икки өрүттэрэ манныктар:

1. Сахалыы таҥара үөрэҕэ. Олус былыргы кэмнэргэ үөскээбит буолан атын таҥара үөрэхтэриттэн уратылардаах. Ол уратылар киһи аһара барар өйүн-санаатын сиэр диэн хааччаҕы туһанан хааччахтаан оҥорор быһыытыгар киһи быһыытын тутуһарын үөскэтэригэр уонна оҕо ийэ кутун аан бастаан иитэригэр иҥэн сылдьаллар.

Итэҕэл бу өрүтэ сайдыыны ситиһии диэки хайысхалаах, оҕо өйө-санаата сайдыытын, үгэстэрэ саҥалыы үөскээһинин, киһилии быһыылары оҥорорун саҕалыыр, үөскэтэр аналлаах. Ол иһин киһи аһара барар өйүн-санаатын сиэри уонна киһи быһыытын тутуһун-наран хааччахтаан киһилии быһыылаах буоларыгар тириэрдэр.

Саҥаны билиини, саҥаны айыыны олоххо таба туһаныыны үөс-кэтэринэн таҥара үөрэҕэ аһара баран хааллаҕына омугу бэйэтин уларытан, атын, сайдыылаах омукка кубулутан кэбиһиэн сөп. Ол аата атын омуктан сайдыы киириитэ аһара баран хааллаҕына омук саҥарар тылын уларытан, атын омукка уларыйан хаалыыта тиийэн кэлиэн сөбүттэн аны сэрэниини, харыстаныыны үөскэтэн үрүҥ айыы буолуу итэҕэлин туһана сырыттахха табыллар.

2. Үрүҥ айыы буолуу итэҕэлэ. Былыргылар, биһиги иннибитинэ олорон ааспыт көлүөнэлэр, ол аата өлбүт дьон өйдөрө-санаалара, билиилэрэ айыы буолан сылдьалларын тутуһуу үрүҥ айыы буолуу итэҕэлин үөскэтэр. Бу сайдыыны, уларыйыыны киллэрэри утарсар, былыргыны, ааспыты аһара баран харыстыы сатыыр итэҕэл иккис өрүтэ буолар. Бу итэҕэл омук төрүт тылларын уонна үгэстэрин букатын уларыппакка, ордук күүскэ харыстыыры туһанарынан омук уларыйан хаалыытын тохтотууга аналланар.

Ыал буолуу үгэстэрин үрүҥ айыы итэҕэлин тутуһааччылар ордук кыһанан олоххо киирэрин ситиһиэхтэрэ этэ. Бу үгэстэри кытаанахтык тутуһуу эрэ омук өйө-санаата, буор кута сайдыытын, үлэни кыайыытын үөскэтэр кыахтаахтарын итэҕэйэн туһаныы эрэйиллэр.

Итэҕэл икки өрүттэрэ бэйэ-бэйэлэриттэн тутулуктанан, аһара баран хаалбакка хардарыта өрө тардынан биир тылы булунан, тэҥнэһиини үөскэтэн сайдыыны ситиһэн истэхтэринэ, омук уларыйан хаалбакка олоҕун салҕаан иһэрэ табыллар кыахтанар. (1,24). Олох салгыы баран истэҕинэ “Туох барыта икки өрүттээх” буолуута уурайан, хаалан үһүс өрүт үөскээн тахсар кэмэ кэлэр. Маннык кэм кэлэрин сахалар арааран билэн “Туох барыта үһүстээх” диэн этиини оҥорон туһана сылдьаллар. Бу икки этиилэр, олоххо туттуллар тутаах быһаарыылар, икки өрүттэр кэмэ кэллэҕинэ хардары-таары солбуйсан биэрэллэрин уонна сайдыыны киллэрэргэ аналлаах үһүс өрүт үөскээн тахсарын быһааран дьоҥҥо тириэрдэллэр.

Икки өрүтү тэҥнээн биэрэн сөп түбэһии үһүс өрүтүн үөскэтэн туһаныы “Туох барыта ортотунан буолуохтаах” диэн этиигэ сөп түбэһэр уонна сахалар өй-санаа үөрэхтэригэр Орто дойдуну үөскэтэн сылдьар. Ол аата сайдыыны ситиһии, таҥара үөрэҕэ уонна былыргыны тутуһуу диэн ааттанар үрүҥ айыы итэҕэлэ бэйэ-бэйэлэрин тус-туспа хайысхалаах көрдөбүллэрин кыччатан, икки ардыларынан, ортотунан түбэһэр быһаарыыны ылынан баран, ону тутуһа сырыттахтарына омук уларыйан хаалбакка, бэйэтэ сайдыыны ситиһэрин тэҥэ, уһун үйэлээх буолара кыаллыан сөп.

Билигин сахаларга үрүҥ айыы итэҕэллэрэ аһара элбээннэр былыргыга төннө сатааһын таһынан баран эрэр. Ол курдук, элбэх сыы-һалардаах була сатаан оҥоруллубут, сахалары албынныыр “айыы үөрэҕин” тутуһар икки итэҕэл үөскээн дьарыктана сылдьаллар. Ону таһынан өссө атыннары, уратылары оҥоро сатааччылар бааллар.

Сахаларга таҥара итэҕэлэ былыр-былыргыттан баар, Үрүҥ Аар тойон таҥараны бары билэллэр. Билигин бу үөрэх сайдан иһэр, дьоҥҥо тарҕанар таһымҥа таҕыста, онтон итэҕэл айыы өттүн тутуһар өрүттэр холбоһон уонна сыыһаларын, халыйыыларын көннөрөн, албыннарын хаалларан баран үрүҥ айыы итэҕэлигэр киирдэхтэринэ өй-санаа үөрэҕэ сахаларга оннун булар кыахтанар.

Былыргы хаалыылаах, олоҥхо кэминээҕи олохтон аныгы үйэ олоҕор туттуллар, туһаны аҕалар үчүгэй быһыылар отой аҕыйахтар. Үрүҥ айыы итэҕэлэ аһара баран хаалыыта омук түргэнник киирэн иһэр сайдыыттан хаалан хаалыытын үөскэтиэн сөп.

Итэҕэл үөрэҕин икки өрүтүн табан туһамматтан уонна салайар былаастара суоҕуттан сахалыы таҥара итэҕэлэ хаалан, умнуллан сылдьар. Буддийскай, христианскай, мусульманскай уонна нууччалар православнай таҥара үөрэхтэрэ олус былыргы кэмнэргэ сахалар үөскэппит таҥараларын үөрэҕиттэн сайдан, тупсан тахсан бараннар атын омуктар бас билиилэригэр киирэн сылдьаллар. Бу таҥара үөрэхтэрэ сахалар таҥараларын үөрэҕэр ханнык эрэ саҥаны айыыны, уратыны олоххо киллэрэн баһыйан, үтүрүйэн туоратан баран, баайдар, салайааччылар илиилэригэр киирэннэр, кылабачыгастара, киэр-гэллэрэ эбиллэн улаханнык сананаллара аһара баран сылдьар.

Төһө да туоратыллыбыт, хаалбыт курдук буоллар киһини санаата салайарын уонна оҕо өйө-санаата сайдыытын, саҥаны билэн эбиллэн иһиитин, ийэ кута үөскээһинин быһаарар сахалыы таҥара үөрэҕэ Кут-сүр үөрэҕин туһанан киһи өйө-санаата сайдыытын таба салайарынан билигин ордук туһалаах буолара быһаарылынна. Ийэ кута үчүгэй үгэстэринэн иитиллибит оҕо улааттаҕына олоҕун киһи быһыылаахтык олорор кыахтанарын сахалыы таҥара үөрэҕэ туһанар.

Саҥаны билэн иһииттэн, саҥаны айыыттан омук сайдыыта саҕа-ланарын сахалыы таҥара итэҕэлэ тутуһар. Ол иһин “Кэс тыл” диэн этиини саҥаны айыыны оҥорууга туһана сылдьарга ыҥырар.

Кэс диэн уруккуну уларыт, саҥаны киллэр диэн өйдөбүллээх тыл. Кырдьаҕас, олоххо улахан уопуттаах киһи “Кэс тылы” этэрин истэн оҥоруллар саҥаны айыы таба буолан тахсара элбэҕин, олоххо туһаны аҕаларын сахалар билэн, эдэрдэргэ анаан бу этиини үөскэппиттэр уонна олохторугар туһана сылдьаллар.

Кэскил диэн кэһиини киллэр диэн өйдөбүллээх тыл олоххо саҥаны айыыны оҥорон туһаныыны биллэрэр. Ол курдук, саҥаны айыыны оҥорон олоххо киллэрии аһара барыыны үөскэппэккэ кыра-кыралаан кэһиини киллэрэн истэҕинэ олох табыллара ситиһиллэр.

Эдэр кыыс оҕо эргэ тахсарыгар төрөппүттэрэ этэр кэс тылларын тутуһара хайаан да ирдэнэр. Ол курдук, кыыс оҕо олоххо уопута суоҕуттан араас элбэх уу-хаар тыллаах албынньыттарга, сүрэҕэ суохтарга, дьадаҥыларга киирэн биэрэрэ элбэҕиттэн төрөппүттэрэ харыстаатахтарына, сааһа ситтэр эрэ бэйэтигэр сөптөөх, сайдыылаах буор куттаах эр киһини булан эргэ биэрдэхтэринэ табылларын киһиэхэ буор кута сайдара чуолкайдык быһаарар. Ону тэҥэ, көрсүө, сэмэй майгылаах, аҕыйах саҥалаах, үлэһит, сайдыылаах буор куттаах күтүөтү таба талан ылыыга олоххо элбэх уопуттаах төрөппүттэр этэллэрин истии уонна толоруу туһата элбиирэ оҕолор төрөөн улааттахтарына син-биир биллэн тахсар.

Кут-сүр үөрэҕин тутуһан оҕо өйүн-санаатын кыра эрдэҕиттэн сайыннардахха туруктаах өйдөөх-санаалаах, кырдьаҕастар этиилэрин истэн, толорор киһи улаатан тахсан, киһи буолууну ситиһэн араас эбиискэ үөрэххэ кыһаммакка эрэ олоҕун олорор кыахтанар. Атын таҥара үөрэхтэрэ улахан дьону үөрэтэ сатыыллар, улахан дьон мустар таҥараларын дьиэтин элбэхтик тутаннар дьону бас бэриннэрэ сатааннар диктатуралары үөскэтэн туһаналлар.

Нууччалар православнай таҥараларын үөрэҕэ аҥардастыы сала-йааччылар бас билиилэригэр киирэн хаалан үлэһит дьону баайдарга быһаччы бас бэринэргэ ыҥырара элбэҕиттэн сэбиэскэй былаас кэми-гэр улаханнык туоратылла сылдьыбыта. Ону тэҥэ, “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини тутуспаккалар, ол аата сайдыыны киллэрэр өрүтүн, таҥара үөрэҕин хааллараннар, умнаннар былыргылар билии-лэрин тутуһууга аҥардастыы халыйан хаалбыттар.

“Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа төрүт тутулугун пра-вославнай таҥара дьиэтэ умнубутун, бырахпытын бэлиэтинэн киһи оҥорор быһыытын икки аҥы араарбыттара; үчүгэйи “хорошо”, онтон куһаҕаны, “плохо”, “грех” диэн этэллэрэ, киһи оҥорор быһыыта оҥорбутун кэнниттэн биирдэ икки өрүттэнэн; үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан икки аҥы арахсан тахсарын билбэттэриттэн буолар. Ол аата бэйэлэрин “үчүгэй” курдук сананаллара олус улааппыт салайааччылар бас билиилэригэр киирэннэр үчүгэйи аһара ыытан сылдьаллар.

Христианскай таҥара үөрэҕэ Ырайы олохтоон кыра, кыаммат дьон ыра санааларыгар ыллара сылдьалларын уонна өллөхпүтүнэ “үчүгэй”, Ырай дойдутугар тиийэн сынньаныахпыт диэн сымыйа баҕа санааҕа киирэллэрин үөскэтэн өйдөрүн-санааларын халытар. Дьадаҥы киһи ыарахан олоҕун тулуйдаҕына, уларыта сатаабатаҕына, өлөн баран Ырайга тиийэн дьэ сынньаныаҕа диэн быһаччы албынныыллар.

Мусульманскай таҥара үөрэҕэ аһара баран диктатура диэки халыйан, итэҕэйэр дьону хам баттаан, бэйэтигэр бас бэриннэрэр үлэни киэҥник ыытар. Аһара баран хаптайа-хаптайа үҥүү киһи бэйэтэ быһаарынар өйө-санаата суох буолуутун, быһаччы бас бэриммитин биллэрэр көстүү буолар. Бу таҥара үөрэҕэ эмиэ салайааччылар бас билиилэригэр киирбитин аһара баран дойдулары салайыыны был-дьаһа сатыыра элбээн иһэрэ биллэрэр.

Таҥара дьиэтин тэрийии өй-санаа үөрэҕэ салайааччылар илии-лэрин иһигэр, бас билиилэригэр киириитин үөскэтэр. Арай “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини тутуһа сылдьыы эрэ диктатура диэки халыйыыны үөскэппэккэ туһалыыр. Саха сиригэр элбэх сыыһалардаах “айыы үөрэҕэ” аҥардастыы баһылыы сатыыра тыл үөрэхтээхтэрэ сэбиэскэй былаас диктатуратын уһата сатааһыннара буолар уонна “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини тутуһар саха дьонун албыннааһын аһара барбытын дакаастыыр.

Билигин Аан дойду үрдүнэн мөлтөөн иһэр православнай таҥара дьиэтэ уонна сайдан, ахсааннара эбиллэн иһэр мусульманнар хайа- лара баһылыырын былдьаһыыларынан саҥа 2020 сыл саҕаламмыта. Бу саҕаланан эрэр сэриинэн быһаарсыыга христианскай таҥара дьиэтэ кыттыспатын бэлиэтинэн АХШ уонна НАТО сэриилэрэ Афганис-тантан тахсан биэриилэрэ буолар.

Киһи этэ-сиинэ уонна өйө-санаата “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа төрүт тутулугар сөп түбэһэн икки өрүтүн үөскэтэллэр. Бу икки өрүттэр эмиэ хардары-таары аһара барыылары оҥоро сатыыллара киһи сайдыытын үөскэтиигэ аналланар эрээри, кэмэ кэллэҕинэ тэҥнэһиини тутуһаллара син-биир эрэйиллэр.

Өй-санаа аһара барар санаата хаһан баҕарар элбэҕиттэн аналлаах хааччахтаах буолара табылларын, сатанарын сахалар былыр үйэҕэ быһааран олохторугар туһана сылдьаллар. Таҥара үөрэҕэ сиэри уонна “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн аналлаах хааччахтары оҥорон оҕо, киһи өйө-санаата аһара барарын хааччахтаан киһи быһыытыгар киллэрэн биэриини оҥорор. Сэбиэскэй былаас Россияҕа атеизм үөрэҕин тарҕаппытыттан аһара барар санаалаахтар элбээннэр таҥара үөрэҕин сөбүлээбэттэр билигин да үгүстэр.

Сахалыы таҥара үөрэҕэ “Көҥүллэринэн барар” дьону сиэри уонна киһи быһыытын тутуһалларыгар ыҥырар. Сиэр диэн киһи өйө-санаата аһара барарын хааччахтыыр аналлаах, онтон киһи быһыыта диэн хааччах оҥорор быһыылары хааччахтаан киһи быһыытыгар киллэрэн биэрэр. Ол иһин аһара барар, сиэри тутуспат, атеист дьон элбээ-биттэрэ таҥара үөрэҕин утарса сатыыллар.

Тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар, учуонайдар “айыы үчүгэй” диэн этиини тутуһаллара сиэри таһынан барыыны үөскэтэн аһара ыытан кэбиһэр. Ол курдук, айыыны, дьон билбэттэрин, оҥорботторун оҥоруу сиэри таһынан барарын билбэтэҕэ буола сылдьаннар, былыр-гыттан сиэри тутуһар сахалары барыларын албынныыллар. Таҥара үөрэҕин олоххо киллэрэн тыл үөрэхтээхтэрин албыннарыттан саха дьоно босхолоноллоро ирдэнэр кэмэ кэллэ.

Онон итэҕэл үөрэҕин икки өрүттэрин тэҥнээн сайыннарыы сайдан иһэр сахалартан эрэйиллэр көрдөбүл буолар.

ӨЙ-САНАА АҺАРА БАРЫЫТА

Киһи өйө-санаата инники диэки баран иһэриттэн хаһан баҕарар аһара барара элбиир. Ол курдук, аһара барбыт санаалар киһиэхэ ыра санаалары үөскэтэн иһэллэрэ хаһан да тохтообот. Ыра санаа диэн киһи бэйэтин кыаҕынан оҥорон олоххо кыайан киллэрбэт, арал-дьытынар эрэ санаата ааттанар. Бу ыра санаа аһара бардаҕына киһи олоххо туһалааҕы оҥороро аҕыйаан хааларыгар тириэрдэр. Ыра санаа киһи ону-маны, урут суоҕу, саҥаны айыыны оҥоро сатыыр санаатын аһара улаатыннаран олоххо туһалааҕы оҥорорун суох оҥорор, мэһэйдиир. Киһи ыра санааларга ылларан ону-маны солуута суоҕу саныы сылдьыбакка, бэйэтин күүһүн, кыаҕын билинэн сиэри тутуһан, үчүгэй киһилии баҕа санааланан оҥорор быһыытын барытын киһи быһыытыгар киллэрэн биэрэригэр уонна олоҕун киһи быһыылаахтык олороругар сахалыы таҥара үөрэҕэ ыҥырар.

Өй-санаа киһи оҥорор быһыытын аһара барыыта ханнык эрэ саҥаны айыыны оҥорууга тириэрдэр. Ол курдук, саҥаны айыы диэн ким да билбэт буолан өссө оҥорон көрө илик ураты быһыыта ааттанар. Бу оҥоруллубут саҥаны айыы үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана оҥорулла илигинэ кыайан быһаарылла охсубат уратылааҕыттан өй-санаа үөрэхтэригэр улахан уустуктары оҥорор уонна хайдах оҥо-рортон тутулуктанан уларыйан хаалара элбиир.

Санаа диэн санаа, киһи тугу баҕарар, талбытын саныан сөп. Ол иһин санаабытын кэнниттэн киһи, ол санаатын илэтигэр оҥорон таһаарар кыаҕын таба сыаналыыра эрэйиллэр. Киһи саныыр санаатын оҥорор кыаҕа дойду экономиката төһө сайдыылааҕыттан тутулуктааҕа дьону дойдутун кытта бииргэ ситимниир.

Киһи бэйэтэ оҥорбут быһыытын “үчүгэй” диэн саныыра хаһан баҕарар элбэҕиттэн, бу оҥоруллубут быһыы хайдаҕын; үчүгэйин дуу, куһаҕанын дуу кыайан таба арааран быһаарбат кэмҥэ киирэн хаалар, ол иһин атыттар бу саҥаны айыыны үөрэтэн, элбэхтик ырытан, билэн эрэ баран быһаарыыны ылыннахтарына кырдьыга, үчүгэйэ, олоххо туһаны оҥороро эбэтэр куһаҕана, туһата суоҕа биллэн тахсар уонна табатык сыаналанар кыахтанар.

Улуу Өктөөп өрө туруутугар дьадаҥылар, үлэһиттэр салайар былааһы ылбыттарын куһаҕана, олоххо сайдыы киириититтэн дой-дуну хаалларан кэбиспитэ 74 сыллар кэннилэриттэн арыллан, биллэн тахсан, бу былаас эстибитэ, эйэлээхтик атыҥҥа уларыйбыта.

Сахалыы таҥара үөрэҕэ өй-санаа аһара баран хааларын сиэри тутуһуннаран хааччахтаан киһи быһыытыгар киллэрэн биэрэр. Киһи өйө-санаата аһара барара, ыра, быстах санааларга кубулуйара хаач-чахтаннаҕына эрэ киһилии, олоххо туһаны аҕалар быһыылары оҥороро кыаллар. Ол аата, киһи өйө-санаата киһилии быһыылары улаханнык аһара бардаҕына уларыйан, солбуллан биэрэрэ тиийэн кэлэринэн кыыллыы быһыылары оҥорууга тириэрдэн кэбиһиэн сөбө, аны сэрэниини эрэйэр кэмэ кэлиэн сөп.

Киһи өйө-санаата, салгын кута сайдарынан айыыны, саҥаны, уратыны оҥордоҕуна эрэ табыллар. Саҥаны айыыны оҥоруу өй-санаа аһара барыытын үөскэтэриттэн олус сэрэхтээх быһыы буолар. Өй-санаа сайдан иһэр уратыларын билэр сахалар олоххо туһаны аҕалар саҥаны айыыны оҥорууга улахан уопуттаах, кырдьаҕас киһи “Кэс тылы” этиитин туһаннахха эрэ табылларын билэллэр. Ол аата “Кэс тылы” туһаныы эрэ саҥаны айыы сыыһа-халты буолара аҕыйыыры-нан туһалааҕы оҥорууга тириэрдэрэ быһаарыллар.

Элбэх саҥаны айыыны оҥоруулартан биир эмэ эрэ туһаны аҕалан, барыһы киллэрэн дьоҥҥо туһалыыр. Туһалаах саҥаны айыыны оҥо-рон учуонай буолбут, араас патеннары, сертификаттары ылбыт дьон отой аҕыйахтар, онтон атыттар, элбэхтэр оҥорор саҥаны айыылара бары кэриэтэ табыллыбаккалар, сатаммаккалар быстах быһыыны уон-на куһаҕаны элбэтэн кэбиһэллэр.

Айыыны, саҥаны айыыны киһи эрэ оҥорон олоххо киллэрэн уларыйыыны, сайдыыны ситиһиини үөскэтэр.. Бу кыаҕа ай диэн тылга иҥэн сылдьар уонна киһиэхэ салгын кута сайдарынан быһаарыллар. Ай диэн саха төрүт тыла. Бу тыл киһи салгын кута сайдарын быһаарар ураты суолталаах. Ол курдук, атын кыылларга, көтөрдөргө салгын куттара кыайан сайдыбат. Ол иһин өйдөрө-санаалара сайдыыта киһиттэн улаханнык хаалан иһэрин сахалар билэн Кут-сүр үөрэҕэр киһи үс куттаах диэн этэн киллэрбиттэр.

Ай диэн тыл киһи санаатын быһаарар. (2,23). Ол иһин үчүгэйэ уонна куһаҕана кыайан араарыллыбат уратылаах. Арай сахалар таҥараларын үөрэҕэ санаа хайдах үгэскэ уларыйарын билэн үөрэххэ киллэрэн тутуһарыттан “Куһаҕаны санаама” диэн үөрэтэр. Ол аата куһаҕан санааны элбэхтик санаан үгэскэ кубулутан кэбистэххэ, киһи бэйэтэ уустук балаһыанньаҕа түбэстэҕинэ, ол куһаҕан санаатын оҥо-рон кэбиһэрэ тиийэн кэлэрэ ордук улахан куһаҕаны үөскэтиэн сөбүттэн таҥара үөрэҕэ киһини харыстыыр аналлаах. Саныыр санаа туохтан да иҥнибэт, тугунан да тутуллубат, туох-тан да хааттарбат уонна ураты түргэнник санаабыт сиргэ тиийэ охсор. Ол иһин санаа атын мээрэйдээх сиргэ, Ол эбэтэр Анараа дойдуга сылдьарын сахалар чуолкайдык быһаараллар. Илэ диэн киһи эттээх-сииннээх Орто дойдуга сылдьарын ааттыыллар. Киһи саныыр санаатын кыаҕа тиийдэҕинэ оҥорон таһааран туох эмэ быһыыга кубу-луттаҕына, санаа илэҕэ уларыйар, ол аата атыттар көрөр, билэр уонна сыаналаан хайдаҕын быһаарар кыахтаналлар.

Оҥоруллубут быһыы хайдаҕын; үчүгэйин дуу, куһаҕанын дуу атыттар сыаналыыллара эрэ табыллар. Ол курдук, киһи бэйэтэ оҥор-бут быһыытын “үчүгэй” диэн сыаналыыра хаһан баҕарар элбээн хаалар. Ол иһин бу оҥоруллубут быһыы хайдаҕын; үчүгэйин дуу, куһаҕанын дуу атыттар, элбэхтэр үөрэтэн билэн эрэ баран сыана биэрдэхтэринэ табатык быһаарыллан тахсар кыахтанар.

Кып-кыра санаа сыыһа элбэхтик хос-хос санаатахха күүһүрэн баҕа санааҕа кубулуйар. Санааны элбэхтик ырытан, сыаналаан, тэҥнээн көрүү айар диэн тылынан этиллэр. Ол аата санаа оҥорор быһыыга өссө кубулуйа илигинэ элбэхтик ырыттахха, быһаардахха эрэ табыллан туох эмэ туһалааҕы оҥорууга тириэрдиэн сөп.

Ай уонна ар диэн тыллартан холбонон айар диэн тыл үөскээбит. Ар диэн ырдьыгыныыры, бэйэҕэ чугаһаппаты, тэйитэри биллэрэр тыл. Бу тыл киһи ураты, саҥаны айар санаатын атыттартан харыстыырын, кистиирин биллэрэрэ ордук улахан суолталаах. Саха көрсүө, сэмэй, үлэһит киһитэ ону оҥоруом, маны оҥоруом диэн кэпсэнэ сылдьыбата кэтэх, ис санаатын атыттарга биллэрбэтинэн быһаарыллар. Суруйааччы ону-маны, буолары-буолбаты кумааҕыга суруйбута саҥаны айыы буолбатах, саҥаны айыыга бэлэмнэнии эрэ буолар, ол иһин айар диэн тылынан этиллэрэ табыллар. Ол аата суруйааччы саҥаны айыыны оҥорбот, арай онно бэлэмнэниини эрэ оҥорон кумааҕыга санаатын суруйан кэбиһэр. Сахаларга суруйааччы үлэтин биллэрэр айымньы диэн аналлаах тыл баар. Ай уонна ымньаа диэн тыллартан холбонон үөскээбит айымньы диэн тыл бу суруйар үлэҕэ кыра, ымньанар эрэ кээмэйдээх саҥаны айа сатааһын баарын биллэрэр. Ону-маны айар санаабытын илэтигэр оҥорон таһаардахпытына, ким да билбэт, ол иһин оҥорбот быһыыта буолан хааллаҕына айыы диэн саҥаны айыыны биллэрэр тыл үөскүүр. Ай диэн тылга “ыы” диэн ытааһын сыһыарыыта эбиллиитэ, бу оҥорбут быһыыбыт куһаҕан буолан тахсара элбиирин биллэрэ сылдьар.

Саҥаны айыы элбэх үлэттэн, үгүстүк хос-хос саныы сылдьартан оҥоруллан тахсар, ол иһин үгэһи үөскэтэр, умнуллубат өйдөбүлгэ кубулуйар. Киһи айыыны, уратыны оҥорбутун хаһан да умнубат. Ол иһин айыы диэн өй-санаа үрэллэн, ыһыллан хаалбакка өр сылдьар кыахтанара айыы буолуу диэн өлбүттэр өр кэмҥэ сүппэт өйдөрүн-санааларын үөскэппитэ олоххо киирэн туттуллар.

Айыы диэн киһи билбэт буолан оҥорбот ураты быһыытын оҥоруу ааттанар. Онтон киһи билэр, оҥорор, олоххо туһалаах быһыылара киһи быһыыта диэн туспа араарыллан ааттаналлар.

Сахалыы таҥара үөрэҕэ оҕо улаатан иһэн киһи буолууну ситиһэригэр үөрэтэр. Ол иһин бу таҥара үөрэҕин тутуһар дьон киһи быһыылаахтык олохторун олороллор уонна оҕолорун киһилии быһыыланарга, көрсүө, сэмэй буоларга үөрэтэллэр.

Элбэх саҥаны айыыны оҥоро сатааһынтан үгүс куһаҕан быһыы-лар үөскээн тахсаллар. Ол курдук, саҥаны айыыны оҥоро сатааһын табыллыбата, сатаммата ордук элбээн хаалар, онтон табыллыбатах, сатамматах саҥаны айыылар куһаҕаны элбэтэллэрин тэҥэ, киһи сыыһа-халты туттунан өссө үксэтэн кэбиһэр.

Айыыны оҥоруу диэн олохсуйбут үгэстэртэн туорааһын, бэрээдэги, быраабылалары тутуспат буолуу, сиэри таһынан барыы аат-танар. Суоппар суол быраабылатын тутуспакка айаннааһына сиэри тутуспат буолуу, айыыны оҥоруу буолар. Атаахтык иитиллэн улааппыт эдэрдэр саҥаны айыыны оҥоро сатыыллара элбээһинэ массыына абаарыйаларын үксэтэр буолла.

Олоххо туһалаах элбэх саҥаны айыыны оҥорууттан омукка сай-дыы кэлэр. Бары ыксаабыт, тиэтэйбит санаабытыгар элбэх саҥаны айыыны оҥоро охсон сайдыыны урутаан ситиһиэхпитин баҕарарбыт сыыһа-халты туттунууну үксэтэн куһаҕаны элбэтэн кэбиһэриттэн, аны сэрэнии эрэйиллэр. Ол курдук, бу айыыны оҥорорго баҕа санаа баара төһө да үчүгэйин иһин, оҥорон олоххо киллэрэ сатаатахха биир эмэ саҥаны айыы табыллан, сатанан дьоҥҥо туһаны аҕаларынан сити-һиллиитэ улахан уустуктардааҕа, элбэх үлэлээҕэ быһаарыллар.

Биир эмэ киһи оҥорбут саҥаны айыыта табыллан, сатанан дьоҥҥо туһаны оҥорор. Дьоҥҥо туһалаах айыыны оҥоруу олус уустук, элбэх үлэттэн, эрэйтэн ситиһиллэр дьыала буолар. Ол иһин учуонайдар, араас патеннары, сертификаттары ылбыттар отой аҕыйахтар. Дьон бары туһалаах саҥаны айыыны оҥорон олоххо киллэрэллэрэ кыаллыбат дьыала. Тугу эмэ оҥорууга аан бастаан чэпчэкини, судур-гуну оҥоруу элбиирэ куһаҕаны оҥорууну үксэтэн кэбиһэр. Ону тэҥэ, куһаҕаны оҥоруу чэпчэкитэ, судургута былыргыттан биллэрин “Алдьатар оҥорор буолбатах” диэн өс хоһооно биллэрэр. Ол иһин үгүстэр саҥаны айыылары оҥорууга туруннахтарына уонна оҥоро сатаа-тахтарына, олоро табыллыбаккалар, сатаммаккалар куһаҕаны өссө элбэтэн кэбиһэллэрэ үөскээн тахсар.

Сорохтар анаан-минээн куһаҕан буоллун диэн саҥаны айан оҥороллоро тохтообот, ол иһин куһаҕаны оҥорор дьон суох буола иликтэр. Сайдыыны ситиспит ааттаах дьон саҥаны айыыны оҥорон элбэх ахсааннаах олус улахан атомнай, термоядернай буомбалары оҥостон бараннар, билигин кэлэн, бу буомбалара эһиннэхтэринэ ханна саһан бэйэлэрэ быыһанан тыыннаах ордоллорун толкуйдуу, дириҥ бункердары хаһына сатыы сылдьаллар.

Айыы диэн тыл куһаҕан өйдөбүлэ элбэҕин, өйү-санааны аһара ыытан киһини куһаҕаҥҥа тириэрдиэн сөбүн былыргы сахалар арааран билэн, бу тылы үөскэтэллэригэр анаан-минээн “ыы” диэн ытааһын дорҕоонунан куһаҕаҥҥа тириэрдэрин бэлиэтээн биэрбиттэр.

Онон өй-санаа аһара барыыта хаһан баҕарар үөскээн тахсан иһэрин саха дьоно киһи саҥа сайдан иһэр кэмнэригэр арааран билэн аналлаах; сиэр уонна киһи быһыыта диэн хааччахтары оҥорбуттарын сахалыы таҥара үөрэҕэ тутуһа сылдьар.

АЙЫЫ ДИЭМЭ

“Саха тыла иччилээх” диэн этиини бары билэллэр. Саамай улахан иччилээх тылынан айыы диэн тыл буолар. Бу тыл киһи уратыны, атыттар билбэттэрин, ол иһин оҥорботторун, саҥаны айыыны оҥоро сатыырын аһара улаатыннаран сыыһа-халты туттунарын үксэтэн кэбиһэриттэн сахалыы таҥара үөрэҕэ дьону харыстаан “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн этэн үөрэтэрин таба сыаналааһын өйө-санаата сайдыбыт киһиттэн ирдэнэр көрдөбүл буолар.

Сахалыы итэҕэли, өйү-санааны үөрэтээччилэр бу тыл бары суол-таларын арааран билэн, олоххо таба туһаналлара эрэйиллэр. Ай диэн тыл киһи санаатын быһаарар, салгын кута сайдарын биллэрэр суолталаах. Бу тыл санааны быһаарарынан үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана таба быһаарыллара уустук. Ол курдук, киһи баһын иһигэр сылдьар санаата үчүгэй да, куһаҕан да буоллаҕына, ханнык да быһыыны оҥорботуттан хайдаҕа кыайан быһаарыллыбат.

Санаа атын, Анараа дойдуга сылдьарыттан киһи саныыр санаатын оҥорон таһаарара илэҕэ, быһыыга кубулутуу диэн ааттанар. Ол аата илэ диэн киһи санаата Ол эбэтэр Анараа дойдуттан Бу дойдуга уларыйан кэлэрин быһаарар тыл буолар, ол иһин Бу дойдуга сылдьан тугу көрөрө, билэрэ эмиэ итинник ааттанар.

Киһи саныыр санаатын оҥорор быһыыга кубулуттаҕына эрэ, ол аата тугу эмэ оҥордоҕуна, бу быһыыта үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана быһаарыллан биллэр кыахтанара өй-санаа үөрэҕэр уустуктары үөскэтэр. Олоххо туһалаах, барыһы аҕалар быһыы буоллаҕына үчүгэй диэн ааттанар, онтон туһата суоҕу эбэтэр туох эмэ буортуну оҥор-доҕуна куһаҕан, хара диэн ааттанан умнуллар, хаалар аналланар.

Айыы диэн тыл бары өйдөбүллэрэ манныктар:

1. Үчүгэйи, олоххо туһалаах саҥаны айыыны оҥоруу.

2. Куһаҕаны, олоххо буортулаах саҥаны, хара айыыны оҥоруу.

3. Урут суоҕу, дьон билбэттэрин, оҥорботторун, ол аата саҥаны айыыны оҥоро сатааһын туга эрэ табыллыбакка, сатаммакка хаал-лаҕына куһаҕаҥҥа кубулуйара кэлэн хаалар.

4. Үчүгэй буолуо диэн быстах санааттан оҥорулла охсубут саҥаны айыы сыыһа буолан хаалан куһаҕаны элбэтиитэ.

5. Саҥаны айыыны, уратыны, дьон оҥорботторун киһи оҥоро охсоору тиэтэйэн, ыксаан сыыһа-халты туттунара элбээн үчүгэй буо-луон да сөбүн куһаҕаҥҥа кубулутан кэбиһиитэ.

6. Өлбүт киһи өйө-санаата, үгэстэрэ, үөрүйэхтэрэ этин-сиинин хаалларан туспа баран айыы буолан сылдьыылара.

Айыы диэн тыл куһаҕан суолтата элбэҕин олус былыргы кэмнэргэ саха тыла саҥа үөскүүр, оҥоруллар кэмигэр дорҕооннор киһиэхэ дьайыыларын таба быһаараннар уонна туһананнар “ыы” диэн ытаа-һыны биллэрэр дорҕоону сыһыаран биэрбиттэр. “Ыы” диэн ытааһын дорҕооно бу тылы элбэхтик туһаныы кэлин куһаҕаҥҥа тириэрдэрин, ытааһыны үөскэтэрин саха киһитигэр биллэрэ сылдьар.

Айыы диэн тыл бары суолталарыттан биир эрэ үчүгэйгэ тириэрдэр, онтон атыттара бары куһаҕаны элбэтэллэр. Ол иһин айыы диэн тыл куһаҕан суолталаах тылынан ааҕылларын “Айыы диэмэ” диэн сахалыы таҥара үөрэҕэ тутуһар этиитэ баара биллэрэр.

Олоххо туһаны аҕалар биир эмэ саҥаны айыыны оҥорууга улахан уопуттаах, аналлаах бэлэмнээх уонна сэрэхтээх буолуу эрэйиллэр. Киһи саҥаны айыыны оҥорбутун кэнниттэн, бу айыы хайдаҕын, тугун атыттар үөрэтэн билэн бараннар үчүгэйин дуу, куһаҕанын дуу быһаарар кыахтаналлар. Ол иһин оҥоруллубут быһыы үчүгэйэ, туһалааҕа эбэтэр куһаҕана, буортулааҕа хойутаан быһаарылларын араас албынньыттар туһанан “аньыы” диэн тылы киллэрэ сатыыллар.

Төһө эмэ кэм устата саҥаны айыы үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана кыайан быһаарыллыбакка эрэ сылдьыан сөп. Сэбиэскэй былаас ыраахтааҕы былааһын суулларыыта 74 сыллар усталарыгар “үчүгэй” диэн ааттанан сылдьыбыта баара. Бу кэмҥэ бары айыыны оҥоруу “үчүгэй” эбит диэн сыыһа үөрэххэ ыллара сылдьыбыттара. Ону баара, бу былаас тутуспут атеизм өйүн-санаатын үөрэҕэ сыыһатыттан, дойдуну, үлэни салайыыга диктатураны тутуһарыттан уонна сайдыыны ситиһиигэ хаалыыны үөскэппититтэн бэйэтэ эстибитэ.

Өр кэм устата айыыны оҥорууну “үчүгэй” диэн этэ сылдьыбыттара куһаҕана биллэн тахсан, бу былаас бэйэтэ уларыйбыта. Билигин кэлэн бу дьон тобохторо албын, сымыйа “айыы үөрэҕин” айан, айыыны оҥорууну “үчүгэй” диэн этэ сатыыллар. Суруйааччылар, тыл үөрэхтээхтэрэ уонна учуонайдар айыыны оҥорууну “үчүгэй” эрэ буолар диэн сымыйанан этэллэрин өссө да тохтото иликтэр. Дьон үчүгэйи оҥоро охсон барыһы ылар санаалара элбэҕиттэн саҥаны айыыны оҥоро охсоору үгүстүк куһаҕаҥҥа кубулутан кэбиһэллэриттэн айыы диэн тыл куһаҕан өйдөбүлэ элбэх тылга киирсэр. Ону тэҥэ, киһи өйүн-санаатын буккуйан, угуйан, ыҥыран куһаҕаҥҥа тириэрдэрэ элбэҕиттэн улаханнык саҥарыллыбат, үгүстүк туттуллубат, улахан сэрэхтээх тылга киирсэр.

Киһи үчүгэй даҕаны, куһаҕан даҕаны быһыылары оҥорон кэби-һэриттэн уонна тиэтэйэн, ыксаан, сыыһа-халты туттунан үчүгэй да буолуон сөбүн куһаҕаҥҥа кубулутарыттан саҥаны айыылары оҥороро үгүстүк куһаҕан буолан тахсаллар. Ол иһин айыы диэн тыл “ыы” диэн ытааһын дорҕоонноох. Былыргы саха тылын үөскэппит өбүгэлэрбит айыыны оҥоро сатааһын куһаҕаҥҥа тириэрдэрэ элбэҕин оччотооҕу кэмҥэ быһааран “ыы” диэн ытааһын дорҕоонун эбэн биэрбиттэрин аныгы үөрэхтэммит ааттаах дьон билиэхтэрэ этэ.

“Айыы диэмэ” диэн этии ордук оҕо сайдан иһэр өйүн-санаатын аһара барарыттан харыстыыр аналлаах. Ол курдук, оҕо улаатан иһэн ол-бу саҥаны, уратыны оҥоро сатыыр санаата улаатан хааларыттан сыыһа-халты туттунара элбиирин, бу этии тохтотор.

Ону-маны, саҥаны оҥоро сатааһыны улаатан эрэр уол оҕото элбэҕи оҥорон кэбиһиэн сөп. Ол иһин “Айыы диэмэ” диэн этии уол оҕолору ордук харыстыыр аналлаах. (3,24).

Тыл дьайыыта киһиэхэ күүстээх. Ол курдук, элбэх саха тыллара үгэс буолбут өйдөбүллэри иҥэринэн сылдьаллар. Ол иһин куһаҕан тыллары элбэхтик саҥара сылдьыы, бу тыл өйдөбүлэ үгэс буолан ууруллан киһи бэйэтэ, ол куһаҕаны оҥорон кэбиһэрин үөскэтиэн сөп. Бу быһаарыы өй-санаа үөрэҕин уратытын чуолкайдаан биэрэр.

Куһаҕан санаалары элбэхтик саныы сылдьыы уонна куһаҕан тыллары үгүстүк саҥарыы куһаҕан үгэһи үөскэтэн кэбиһиэхтэрин сөп. Ол иһин киһи куһаҕан санааларын арааран билэн ыраастана сылдьарыгар сахалыы таҥара үөрэҕэ ыҥырар.

Өлөрүөм, алдьатыам диэн куһаҕан өйдөбүллээх тыллар. Бу тыл-лары элбэхтик саҥара сылдьыбыт кыра уол улаатан баран киһини өлөрөн кэбиспитэ биллэр. Ол иһин сахалар оҕо элбэхтик куһаҕан тыллары саҥара сылдьарын тохтотоллор, боболлор.

Сиэри тутуһа сылдьыы киһи куһаҕан санаалары саныы сылдьарын аҕыйатар. Ол курдук, сиэр диэн үчүгэй быһыыны оҥорууга ти-риэрдибит санаа буоларынан сиэри тутуһар киһи үчүгэй санаалара элбииллэрин тэҥэ, үчүгэй быһыыны оҥорор кыахтанар.

Сахалар бары сиэри тутуһаллар. Сиэри тутуһуу диэн сахалыы таҥара үөрэҕин олоххо тутуһа сылдьыы буолар. Ол курдук, үчүгэй быһыыны оҥорууга тириэрдибит санааны туһанан бары саҥалыы оҥоруллар быһыылары оҥоруу сиэри тутуһуу диэн ааттанар. Сиэри тутуһан оҥоруллар быһыылар үчүгэй буолан тахсалларыттан үчүгэй быһыылар элбииллэрэ ситиһиллэр.

Онон айыы диэн тыл киһи куһаҕаны оҥорорун элбэтэн кэбиһэринэн сахалыы таҥара үөрэҕэ “Айыы диэмэ” диэн этэн үөрэтэрэ оҕону, киһини сыыһа туттунарыттан харыстыыр аналлаах.

АЙЫЫНЫ ОҤОРУМА

Киһи салгын кута сайдарынан саҥаны айыыны оҥорон олоҕун, үлэтин тупсарыыны куруук оҥоро сатыы сылдьар. Бэйэтин быстах санаатыгар тугу оҥорбутун барытын туһалаах, “үчүгэй” буолан тахсаллар диэн сыыһа саныыра үксээн хааларыттан, тугу оҥорбутун хайдах сыаналыыра бэйэтин туһугар элбээн тахсар.

Айыы диэн киһи оҥорор ураты, атыттар өссө билбэт, ол иһин оҥорбот быһыылара ааттанар. Киһи оҥорбут саҥаны айыытын атыттар билэн, көрөн сыаналаан бараннар үчүгэйин, туһалааҕын эбэтэр куһаҕанын, буортулааҕын таба быһаарар кыахтаналлар.

Киһи саҥаны айыыны оҥоро сатыыра олус үгүс уонна айыы ыҥырар, угуйар дьайыыта элбэҕиттэн сыыһа-халты буолан тахсара элбээн хааларын былыргылар билэн, бу тылы “ыы” диэн ытааһын сыһыарыылаан кэлэр көлүөнэлэригэр тириэрдибиттэр.

“Олорор мутуккун кэрдинимэ” диэн этии киһи саҥаны айыыны оҥороро туохха тириэрдэрин биллэрэр. Бу этиини худуоһунньуктар илэ уруһуйдаан көрдөрөн киһи бэйэтэ оҥорор быһыытыттан кырдьык кэһэйэрин биллэрэллэр. Ол курдук, киһи олорор тиитин мутуга кэрдиллэн, тостон түһүүтүгэр холбуу сууллан түһэрин бэйэтэ да билбэтин ыйан, көрдөрөн биэрэллэрэ өйгө-санааҕа туһаны оҥорор. Бу этии киһи оҥорор бары быһыыларыттан туох содуллар үөскээн тахсалларын кыайан ситэ сыаналаабатын уонна ол содулуттан улахан куһаҕан үөскээн таҕыстаҕына кэһэйэрин биллэрэр.

Олоххо сыыһа-халты туттубат киһи эрэ туох эмэ туһалааҕы оҥо-рор кыахтанар. Биир сыыһа туттунуута бу оҥоро сатаабытын куһа-ҕаҥҥа кубулутан кэбиһиэн сөбүттэн көрсүө, сэмэй буолара эрэ туһалыырын сахалыы таҥара үөрэҕэ быһаарар. Киһи маннык сыыһа туттунан кэбиһэрэ улахан куһаҕаҥҥа тириэрдэрин “Ложка дегтя портит бочку меда” диэн өс хоһооно ордук чуолкайдыыр.

Киһи барыта бэйэтигэр үчүгэйи, урут суоҕу, саҥаны айыыны оҥоро сатыыр санаата элбээн хаалар. Ол эрээри, бу уратыны оҥоро сатааһынтан биир эмэ эрэ табыллан, сатанан туох эмэ туһалааҕы оҥорууга тириэрдэр. Ону тэҥэ, анаан-минээн элбэх куһаҕаны аҕаллын диэн араас саҥа сэрии сэбин оҥорооччулар эмиэ суох буола иликтэр, дойдуларга барыларыгар аҕыйах да буоллар бааллар. Саамай элбэх куһаҕаны сыыһа-халты туттунааччылар оҥороллор, онно эбии тиэтэйии, ыксааһын эбиллэн табыллыан да сөптөөҕү куһаҕаҥҥа кубулутуу үксээн хаалар. Суоппар тиэтэйбит санаатыгар аһара түргэнник тиийэ охсуон баҕата улаатан сыыһа-халты туттунан абаарыйаҕа түбэһэрэ билигин элбээтэ. Бу куһаҕан быһыы элбииригэр эдэрдэр атаахтык иитиллэн улааталлара уонна “айыы үчүгэй” диэн сымыйа үөрэх албыныгар киирбиттэрэ ордук улахан куһаҕан дьайыыны оҥорор. Ол курдук, атаах оҕо бэйэтин үчүгэйин билинэн улаатара аһара барар санаатын өссө элбэтэн суол быраабылатын тутуспакка айанныыра үксүүрэ абаарыйалары элбэтэр.

Сэбиэскэй былаас “Барыта оҕолор тустарыгар” диэн ыҥырыыта салҕанан иһэринэн оҕолор атаахтык иитиллэллэрэ үксээн туруга суох өйдөөх-санаалаах эдэрдэр элбииллэр. Ол иһин төһө эмэ хааччахтыы сатааһын элбэҕин, ыстараап улаатан иһэрин иһин массыына абаа-рыйалара биллэрдик аҕыйаабаттар.

Киһи саҥаны айыыны оҥоро сатыыр быһыыта маннык, куһаҕаны элбэтиигэ тириэрдэр уратылааҕын хас биирдии киһи билэрэ туһалаах. Ол иһин сахалыы таҥара үөрэҕэ улаатан эрэр оҕону “Айыыны оҥорума” диэн үөрэтэрин төрөппүттэр туһаналлара эрэйиллэр. “Айыыны оҥорума” диэн үөрэх сүрүн өйдөбүлүнэн сиэри, киһи быһыытын таһынан барыма, уратыны, урут суоҕу, үчүгэй буолан тахсара чуолкайдык биллибэти оҥоро сатаама, сыыһа-халты буолан хаалыа уонна куһаҕаны элбэтиэ диэн киһини сэрэтэр, өйө-санаата аһара барарын тохтотор аналлаах үөрэх буолар.

“Буолар буолбутун кэннэ” диэн өс хоһооно киһи тугу эрэ олус улаханы оҥоро охсубута куһаҕан буолан тахсарыттан хойутаан хомойорун биллэрэр. Киһи үчүгэйдик, дириҥник сыаналаабакка эрэ оҥоро охсор быһыытыттан туох эрэ содул үөскээн таҕыстаҕына кыайан көнөрө, тупсара улаханнык уустугуран ыарахаҥҥа тириэрдэрин бу өс хоһооно биллэрэрэ ордук суолталаах.

Киһи өлөрө диэн олоҕун бүтүүтэ буолар. Сахалар киһи бэйэтэ оҥорор быһыыта куһаҕан буолан тахсарыттан өлөрө тиийэн кэлэрин быһааран “Өлөн иһэн өйдөммүт” диэн өс хоһоонун үөскэтэн туһана сылдьаллар. Бу өс хоһооно киһи оҥорор быһыытыттан туох содул үөскээн тахсарын өлүөр да диэри билбэтин биллэрэр.

“Бэстилиэнэй тыһыынча” диэн олус ыар, ыарахан быһыылар дьоҥҥо тиийэн кэлиэхтэрин сөбүн биллэрэр этии өйгө-санааҕа иҥэн хаалбыта билигин да туттуллар. Бу бэстилиэнэй тыһыынча кэлиитин дьон бэйэлэрэ аҕалыахтарын сөбүн “Өлөн иһэн өйдөммүт” диэн өс хоһооно сахаларга баара чуолкайдаан биэрэрэ кутталы өссө улаа-тыннарар. Ол аата киһиэхэ өй киирэрэ олус хойутаан, оҥорон кэбиспит куһаҕан быһыытын кэнниттэн кэлэрин уонна кыайан көннөрөр кыах суох буолбутун биллэрэрэ ордук улахан суолталаах.

Киһи оҥорор быһыытыттан бэйэтэ элбэхтэ эрэйдэнэн үөрэнэн үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа арааран туһанарга үөрэммит. Ол курдук, тугу эмэ оҥорбута үчүгэй буолан тахсан туһаны аҕаллаҕына үчүгэй диэн быһаарар, онтон туһата суох буолан таҕыстаҕына куһаҕан диэн ааттыыр, быраҕар, хаалларар. Ол аата киһи куһаҕаны таба арааран билбэтиттэн оҥоро охсон кэбиһэн баран санааргыыра, тугу оҥорбутун ырытан үөрэҕи ылынара дьэ киирэн кэлэриттэн өйүн-санаатын тупсаран, көннөрөн биэрэр кыахтанар. Дьон бары кэриэтэ саҥаны айыылары оҥоро охсоннор олохторун тупсара сатыыр санаалара аһара улаатан сылдьар. Киһи оҥорор быһыыларыттан саамай уратылааҕынан уонна уустугунан саҥаны айыыны оҥоруу буолар. Ону тэҥэ, саҥаны айыы сиэри уонна киһи быһыытын таһынан барара үксээн хааларынан куһаҕаны элбэтэн кэбиһэриттэн сахалыы таҥара үөрэҕэ бобууну, хаайыыны туһанан киһи быһыытыгар киллэрэн биэриини оҥорор. Ол иһин дьон өйө-санаата аһара бардаҕына куһаҕаны оҥорон кэбиһэллэрин “Айыыны оҥорума” диэн үөрэҕи тутуһуннаран аҕыйатарга кыһанар.

Сахалыы таҥара үөрэҕэ олоххо сайдыы, тупсуу киирэрин боппот, арай туһалаах, үчүгэйи оҥорор саҥаны айыылар аһара таһынын барыыны үөскэппэккэ кэмигэр киирэн иһэллэрин “Кэс тылы” туһанан оҥорорго ыҥырар. Кырдьаҕас олоххо элбэх уопуттаах киһи “Кэс тылы” этэрин истэн оҥоруллар саҥаны айыылар таба буоланнар олоххо туһаны аҕалалларын туһанары үөскэтэр.

Дьон өйө-санаата аһара барыыта икки өрүттэнэн тахсар:

1. Үчүгэйи, туһалааҕы оҥоруу.

2. Куһаҕаны, олоххо туһата суоҕу оҥоруу элбээһинэ.

Өй-санаа бу аһара барыытыттан үөскүүр тосту уларыйыылары төһө кыайарбытынан дириҥник быһаарыахпыт:

1. Олоххо туһаны аҕалар саҥаны айыыны оҥордоххо сайдыы, тупсуу кэлэр. Бары тиэтэйэр, ыксыыр санааларыттан саҥаны айыыны элбэхтик оҥоро охсон туох эрэ барыстаныахтарын баҕараллар. Ол эрээри, бу туһалаах саҥаны айыы олус элбэх үлэттэн, билииттэн оҥоруллан тахсар биир эмэ быһыы буолар. Учуонайдар, араас патеннары, сертификаттары ылбыттар отой аҕыйахтар.

Сахалар олоххо туһалаах саҥаны айыыны оҥорууга улахан уопуттаах кырдьаҕас киһи “Кэс тыл” диэн этиитин туһаналлар. Бу этиини тутуһан оҥоруллар саҥаны айыы аһара барбакка, сөп түбэһэр кэһиини, тупсарыыны оҥорон туһаны аҕалар кыахтанар.

2. Куһаҕаны анаан-минээн айан оҥорор дьон эмиэ бааллар. Саҥа сэрии сэптэрин, араас күүстээх дьааттары оҥоруу элбэх дьоҥҥо куһаҕаны оҥорууга бэлэмнэнии буолан тахсар. Ону тэҥэ, сыыһа-халты туттунан куһаҕаны оҥорон кэбиһээччилэр ордук элбэхтэр.

Куһаҕаны оҥоруу боростуой, судургу, элбэх үлэни эрэйбэт уонна киһини угуйар, ыҥырар дьайыылаах. Бэргэһэни тиэрэ кэтэн кэбис даҕаны туох эрэ ураты киһи буола түһүөххэ сөп. Ол иһин оҕолор оннук быстах быһыылары оҥорууга киирэн биэрэллэрэ элбиир.

Саҥаны айыыны оҥоро сатааһын туга эмэ табыллыбатар, онто-манта сатамматар эрэ куһаҕаҥҥа кубулуйан хаалар уратылааҕын биллэххэ эрэ табыллар. Саҥа улаатан иһэр оҕолор оҥоро сатыыр саҥаны айыылара үгүстүк табыллыбакка хаалан куһаҕаны элбэтэллэр. Ол иһин сахалыы таҥара үөрэҕэ оҕону үөрэтиигэ “Айыыны оҥорума” диэн үөрэҕи туһанан куһаҕаны оҥорууну аҕыйатар. (3,28). Оҕо билбэтигэр тэптэрэн уонна урутаан түһэ сатыырыттан куһаҕаны элбэҕи оҥорон кэбиһиэн сөбүттэн таҥара үөрэҕэ оҕону харыстыыр, көмүскүүр анала, бу этиигэ иҥэн сылдьар.

Киһи өйө-санаата оҥорор быһыыларыттан эрэ биллэрин сахалыы таҥара үөрэҕэ быһааран дьону үчүгэй санаалардаах буолуҥ диэн үөрэтэн үчүгэй быһыылары элбэтэр. Ол курдук, киһи санаата оҥорор быһыытын иннинэ үөскүүрүнэн уонна үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана кыайан биллибэтиттэн киһиэхэ улахан уустуктары оҥорор.

Киһи бэйэтэ оҥорбут саҥаны айыытын “үчүгэй” дии саныыра хаһан баҕарар элбиир. Саҥаны айыы хайдаҕын; үчүгэйин дуу, куһаҕанын дуу атыттар билэн, үөрэтэн баран быһаарар кыахтаналлар. Ол иһин айыы диэн икки өрүттээх өйдөбүллээх тылы таба туһаныы уустугурар. Оҥоруллубут саҥаны айыы үчүгэй буолан таҕыстаҕына – үрүҥ айыы, онтон куһаҕан буоллаҕына – хара айыы диэн ааттанара өй-санаа быһаарыытынан табыллар. Хара диэн хараардыллан, сирэн ааттаммыт барыта умнуллан хаалара түргэнинэн куһаҕан быһыыттан ыраастанан иһии олоххо киирэр кыахтанар.

Сахалар сиэр диэн киһи санаатын хааччаҕын үөскэтэн туһаналлара үчүгэй санаата элбиирин уонна үчүгэй быһыыны оҥорорун үксэтэр аналлаах. Ол курдук, сиэр диэн үчүгэй, туһалаах быһыыны оҥорууга тириэрдибит санаа буоларынан, бу оҥоруллубут быһыыны өссө хатылаан оҥордоххо, үчүгэй быһыы буолан тахсара эрдэттэн ситиһиллэр кыахтанарыттан тутуһа сылдьыы эрэйиллэр. Сиэри тутуһар киһи киһилии быһыылаах буолууну ситиһэр кыахтанарын иһин, сахалыы таҥара үөрэҕэ туһана сылдьарынан, атын таҥара үөрэхтэриттэн улаханнык уратыланар. Бу таҥара үөрэҕэ дьон оҥорор быһыылара тупсарын ситиһэрин таһынан, олус былыргы кэмнэргэ үөскэтиллибитэ сиэри тутуһарыттан быһаарыллар.

Дьон өйдөрө-санаалара сайдан, тупсан оҥорор быһыылара эмиэ тубустаҕына, киһи быһыылаах буолууну ситистэхтэринэ эрэ эйэлээх буолууну үөскэтэллэрэ кыаллар. Ол иһин “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан биэрэр тутулугун дьон бары тутуһа сылдьаллара эрэйиллэр. Туох барыта кэмэ кэллэҕинэ уларыйарын, атын өрүтүнэн солбулларын, бу этии биллэрэрэ улахан суолталаах.

Онон сахалыы таҥара үөрэҕэ “Айыыны оҥорума” диэн үөрэҕэ улаатан эрэр оҕолору сыыһа-халты туттуналларыттан харыстыыр аналлааҕа олоххо улахан туһаны оҥорор.

САХАЛЫЫ ТАҤАРА ҮӨРЭҔЭ

Киһи өйө-санаата сайдан истэҕинэ олоххо ситиһэ сатыыр баҕа санаата атын, саҥа баҕа санаанан уларыйарыттан таҥарата эмиэ уларыйан, саҥанан солбуллан биэрэр. Ол иһин уһун үйэлээх сахалар билэр, туһана сылдьыбыт таҥаралара элбэхтэр.

Олус былыргы кэмнэргэ булчуттар таҥаралара Хотой диэн көтөр эбит. Бу хотой кыахтаахтык бултуурун курдук бултууру ситиһээри дьон баҕа санаа оҥостон Хотойу таҥараҕа кубулуппуттар.

Булт таҥараларыттан салгыы элбэх үлэ таҥаралара үөскээн сайдыбыттар. Дьон үчүгэйи, үрүҥү уонна куһаҕаны, хараны таба арааран туһаналларын Күн таҥара үөскэппит. Күн таҥараттан салгыы дьон өйдөрө-санаалара кыыллартан туспа арахсан киһи буолар баҕа санаа-ны үөскэтинэннэр Киһи таҥара олоххо киирбит.

Сахалыы таҥара үөрэҕэ “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан биэрэн иһэр тутулугун тутуһан сайдарыттан киһи бэйэтэ үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билэригэр “Үрүҥү, хараны араарыы” диэн үөрэҕи туһанан үөрэтэр уонна киһиэхэ “Үчүгэй санаалары саныахха”, алгыһы истиэххэ диэн этэн элбэх үчүгэй санаалардаах буоларын ситиһэр. Ону тэҥэ, “Киһини санаата салайар” диэн этиини тутуһарыттан үчүгэй санаалаах киһи үчүгэй быһыыны оҥорорун туһанан, үчүгэй быһыылары элбэтэргэ көмөлөһөр.

Алгыс этиитэ диэн олоххо улахан уопуттаах киһи элбэх үчүгэй санааларыттан атыттарга бэрсиитэ, өй уган биэриитэ ааттанар. Алгыһы үгүстүк тылынан этэн тириэрдэллэр. Киһиэхэ үчүгэй санаалары алгыс истиитэ үөскэтэн олоҕор туһаны оҥорорун элбэтэр. Куһаҕан санаалартан ыраастана сылдьыы диэн таҥара үөрэҕин сүрүн көрдөбүлэ буолар. Ол курдук, киһи куһаҕан санааны куруук саныы сырыттаҕына, аны ол санаатын бэйэтэ толорон кэбиһэрэ тиийэн кэлэн ордук улахан куһаҕаҥҥа тириэрдиэн сөп. Бу быһаарыы киһи куһаҕан санаалары мунньуна, куруук саныы сылдьара кэлин бэйэтигэр куһаҕаны оҥорорун биллэрэр.

Сахалыы таҥара үөрэҕэ олус былыргы кэмнэргэ үөскээбит буолан атын таҥара үөрэхтэриттэн уратылара манныктар:

1. Санаа бастаан иһэрин уонна үгэскэ кубулуйан киһини салайарын быһааран “Үчүгэй санаалардаах буол” диэн этэн үөрэтэр.

2. Сиэр диэн аһара барар өй-санаа хааччаҕын туһанан киһи үчүгэй быһыылары үтүктэн оҥороругар тириэрдэн, куһаҕан быһыылары оҥорон кэбиһэрин аҕыйатар уонна үчүгэй быһыылары элбэтэр.

3. Оҕо ийэ кутун үчүгэй быһыыларынан иитэри тутуһан үчүгэй быһыылаах оҕолору улаатыннаран киһи буолууну ситиһиннэрэр.

4. “Үрүҥү, хараны араарыы” диэн үөрэҕи туһанан үчүгэйи уонна куһаҕаны оҕо кыра эрдэҕиттэн арааран билэригэр үөрэтэн үчүгэй быһыылары оҥорорун элбэтэр.

5. “Тоҕус айыыны оҥорума” диэн үөрэтэн оҕо аан бастаан дьон оҥорор аҕыйах ахсааннаах куһаҕан быһыыларын биллэҕинэ үчүгэй диэн баарын арааран билэрэ үөскүүрүн туһанар.

6. Оҕо улаатан иһэн оҥорор быһыылара барылара улахан киһи оҥорор быһыыларыгар сөп түбэстэхтэринэ киһи буолууну ситиһэрин туһанан оҥорор быһыыларын тупсарар.

7. Таҥара үөрэҕин көмөтүнэн киһи буолууну ситиспит оҕо олоҕун киһи быһыылаахтык олороро ситиһиллэр кыахтанар.

Сахалыы таҥара үөрэҕэ оҕо улаатан өйө-санаата сайдан киһи быһыылаахтык олоҕун олорорун үөскэтэн дьон сайдыыны ситиһэн олохторун тупсаралларыгар биллэр көмөнү оҥорор.

Олох үөрэҕэ диэн ааттанар олоххо үөскээбит үчүгэйдэрэ эбэтэр куһаҕаннара быһаарыллыбыт үйэлээх үгэстэри тус-туспа арааран билиини уонна туһаныыны сахалыы таҥара үөрэҕэ тутуһар:

- “Ыйааһын хараҕа” диэн үгэһи туһанан үчүгэйи уонна куһаҕаны оҥорууттан хайалара баһыйарын, элбэҕин быһаарыыны туһанар. Аҕы-йах куһаҕаны оҥорууну элбэх үчүгэйи оҥоруу баһыйарын быһааран өй-санаа ыраастанарыгар, тупсарыгар тириэрдэр.

- “Үтэһэ туолуута” диэн үгэһи таҥара үөрэҕэ тутуһан киһи элбээн эрэр куһаҕан санааларыттан ыраастана сылдьарын үөскэтэр. - “Тэҥнээҕи булунуу” диэн үгэһи ыалы тэрийиигэ туһанан саҥа ыал олоҕо туруктаах буоларын төрүттүүр.

- “Үрүҥү, хараны араарыы” диэн айылҕа уларыйан биэрэн иһэр тутулугун быһаарыыттан үөскээбит үйэлээх үгэһи туһанан үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран олоххо туһанарга үөрэтэр.

- “Тоҕус айыыны оҥорума” диэн сахалыы таҥара үөрэҕэ туһанар этиитэ оҕо тоҕус эрэ ахсааннаах содулу үөскэтэр дьон оҥорор куһаҕан быһыыларын билэн оҥорбот буоллаҕына, киһи буолууну ситиһэрин биллэрэр. Оҕону улаатан истэҕинэ үөрэтэр үөрэх таба өйдөнөр, боростуой, онтон-мантан була сатааһына суоҕа уонна олоҕу кытта быһаччы сибээстээх буолара тиийимтиэтин улаатыннарар. Ол курдук, куһаҕан диэни аан бастаан арааран биллэххэ эрэ үчүгэй диэн баара быһаарыллан тахсарын сахалыы таҥара үөрэҕэ туһанар.

- “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн өс хоһоонун сахалыы таҥара үөрэҕэ тутуһан киһи тулуура, дьулуура улаатарын ситиһэр. Ону тэҥэ, тугу эмэ туһалааҕы, үйэлээҕи оҥорон туһаҕа таһаарарыгар тулуура, өһөс санаата баара туһалыыр. Ол курдук, үчүгэйи, туһалааҕы оҥоруу олус элбэх үлэттэн, билииттэн эрэ ситиһиллэр кыахтааҕа киһи тулуура, өһөс санаата улаатарын эрэйэр.

Киһи өйө-санаата инники диэки аһара баран сирдээн иһэрин ыра санаа диэн баара биллэрэр. Ыра санаа диэн киһи бэйэтин кыаҕынан кыайан толорбот, санаатын эрэ аралдьытынар санаата ааттанар. Ыра санаа элбээн хаалыыта киһи туһалааҕы оҥорорун аҕыйатар. Ол иһин сахалар элбэхтик ыра санааҕа ыллара сылдьыы киһи быһыыта буолбатаҕын билинэн аҕыйата сатыыллар. (4,22).

Өй-санаа аһара бара сылдьара аналлаах хааччахтаах буоларын сахалыы таҥара үөрэҕэ тутуһар. Ол хааччах сиэр диэн ааттанар. Сиэр диэн үчүгэй быһыыны оҥорууга тириэрдибит санаа буолар. Бу санааны тутуһан хатылаан оҥоруллар быһыылар бары үчүгэй буолан тахсаллара сиэри тутуһа сылдьары үөскэтэн олоххо киллэрбит.

Сахалыы таҥара үөрэҕэ үлэһиттэр, эр дьон үөрэхтэрэ. Ол иһин сыыһа-халты туттума, быстахтык быһыыланыма, көрсүө, сэмэй буол диэн оҕону үөрэтэр. Ол аата оҕо аһара барар санаатын сиэри тутуһан хааччахтаан көрсүө, сэмэй буолууну тутуһа сырыттаҕына табыллар.

Онон сахалыы таҥара үөрэҕэ киһини үчүгэй санаалардаах буол диэн үөрэтэн киһи үчүгэй быһыылары элбэҕи оҥорорун үөскэтэр.

ҮЧҮГЭЙ САНААЛАРДААХ БУОЛУУ

Кылам гына-гына сүтэн хаалар араас санаалары дьон бары улахан суолтата суох курдук ааҕаллар. Ол эрээри, санаа элбэхтик хос-хос хатыланнаҕына күүһүрэр, баҕа санааҕа кубулуйар уонна умнуллубат буолар, онтон салгыы өссө хатылаатахха үгэскэ уларыйан киһини бэйэтин салайар уонна баҕатын хоту хамсатар кыахтанар.

Санаа бу курдук уларыйан, күүһүрэн иһиитэ киһи оҥорор быһыытын салайарыгар тириэрдэр. Ол аата киһи баҕа санаатын бэйэтэ хамсаныылары оҥорорунан толорор кыахтанар. Санааны оҥорор быһыыга кубулутууга ханнык санаа; үчүгэй дуу, куһаҕан дуу буо-ларын эрдэттэн быһааран билии киһиттэн хайаан да эрэйиллэр.

Үчүгэй уонна куһаҕан санааны арааран билии киһиттэн элбэх билиини, уопуту эрэйэр уустук үлэ буолар. Сахалар ону быһааран сиэр диэн үчүгэй быһыыны оҥорууга тириэрдибит санааны туһана сылдьаллар. Бу үчүгэйи оҥорууга тириэрдибит санааны тутуһан оҥоруллар быһыы үчүгэй буолар кыахтанар. Ол иһин сиэри тутуһуу диэн аналлаах үөрэҕи үөскэтэн олоххо киллэрбиттэр.

Киһи тугу эмэ оҥорор санаатын ай диэн тыл биллэрэр. Бу санааны элбэхтик ырытыы, быһаарыы айар диэн тылынан этиллэрэ табыллар. Ол курдук, киһи тугу эмэ айа, саҥаны оҥоро сатыырын атыттартан кистиир, биллэрбэт санаата улаатан хаалар. Бу кистиир санаа уратытын ар диэн тыл олус табатык быһаарар. Ар диэн үүрэр, тэйитэр, ардырҕыыры үөскэтэр тыл буолар. Ол иһин атыттарга биллэрбэт санаа үлэтэ айар диэн тылынан этиллэрэ табыллар.

Киһи баһын иһигэр санаатыгар айа сатаабытын илэтигэр оҥорон таһаардаҕына, өссө ким да оҥорон көрө илик быһыыта буоллаҕына, саҥаны айыы диэн ааттанар. Киһи оҥорор саҥа, ураты быһыыта элбэхтик куһаҕан буолан тахсарын бэлиэтээн “ыы” диэн ытааһын сыһыарыытын былыргылар, саха тылын үөскэтэр кэмнэригэр эбэн биэрбиттэр. Ол аата бу тыл сэрэхтээҕин, куһаҕаҥҥа тириэрдэрэ элбэҕин эдэрдэргэ биллэрэргэ анаан бэлиэтээн биэрбиттэр.

Баҕа санааны ситиһии, толоруу диэн киһи олоҕун сыала буолар. Ол иһин оҕо улаатан истэҕинэ ситиһэр баҕа санаата бэйэтин кыаҕын иһинэн буоллаҕына эрэ толоруллар кыахтанарын билэрэ эрэйиллэр. Киһи бэйэтин кыаҕынан баҕа санаатын толордоҕуна үөрүүнү уонна дьолу билэрэ өссө хатылаан оҥорор кыаҕын улаатыннарар.

Сахалар “Киһини санаата салайар”, “Киһи санаа хамначчыта” диэн этиилэри туһанан киһи санаата оҥорор быһыыларын салайан иһэрин билинэллэр. Ол курдук, санаа олус түргэниттэн уонна ханнык да хааччахтан, мэһэйтэн иҥнибэтинэн инники баран сирдээн иһэрин сахалар быһааран олохторугар туһаналлар.

Санаа киһи баһын иһигэр сылдьарынан ханнык да быһыыны оҥорбот. Ол иһин санаа хайдаҕын; үчүгэйин дуу, куһаҕанын дуу быһаарыы ыл да кыаллыбат. Арай санаа оҥорор быһыыга кубулуйдаҕына эрэ ханнык санаа буолара, бу оҥоруллубут быһыы хайдаҕыттан тутулуктанан быһаарыллар кыахтанар.

Киһи ханнык баҕарар; үчүгэй да куһаҕан да санаалары санаталыы сылдьара кыайан бобуллубат, хаайыллыбат. Бэйэтин санаатын бэйэтэ эрэ салайар, уларытар эбэтэр суох оҥорор, умнар, симэлитэр кыаҕа тыыннааҕын тухары хаһан баҕарар баар буолар.

Былыргы үйэлэртэн ыла сахалар дириҥ билиилэрэ өс хоһоонноро буолан таҥара үөрэҕэр киирэн туттулла сылдьаллар:

- “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан биэрэр тутулугун сахалыы таҥара үөрэҕэ тутуһар. Айылҕаҕа биир өрүт кэмэ кэллэҕинэ иккис өрүтүнэн уларыйан, солбуйсан биэрэрэ, бу этии үөскээһинигэр тириэрдибит. Икки өрүттэр хардары-таары солбуйсан, бастаан биэрэн иһэллэрэ айылҕа сайдан иһэрин үөскэтэрин тэҥэ, дьон өйө-санаата тупсан, сайдыыны ситиһэллэригэр тириэрдэр.

- “Туох барыта үһүстээх” диэн этии кэмэ кэллэҕинэ икки өрүттэр икки ардыларыгар, ортолоругар үһүс, саҥа өрүт үөскээн тахсарын быһааран олоххо сайдыы, тупсуу, уларыйыы киирэрин биллэрэр. Айылҕаҕа уларыйбат буолуу диэн суох, икки өрүттэр икки ардыларыгар үһүс өрүт үөскээн тахсара хамсааһыны таһааран иһэр.

- “Ынах эриэнэ таһыгар, киһи эриэнэ иһигэр” диэн өс хоһооно киһи тугу саныы сылдьара кыайан быһаарыллыбатын биллэрэр. Ынах эриэнэ көстө сылдьар буоллаҕына, киһи санаата кыайан биллибэтин иһин иһигэр баар диэн быһааран бэриллэр.

- “Балык уу дириҥин былдьаһар, киһи күн үтүөтүн көрдөһөр” диэн өс хоһооно киһи баҕа санаата үчүгэйгэ тардыһа сылдьарын, ол диэки дьулуһарын, дириҥи, сырдыгы, ырааһы сөбүлүүрүттэн олоҕор тупсарыылары киллэрэн биэрэрин биллэрэр. Үчүгэйи аһара баран ситиһэ сатааһын дириҥҥэ тардыһыы диэн этиллэрэ үчүгэйтэн үчүгэй кэн-ниттэн кэрэ буолуу кэлэрэ улахан эрэйгэ тириэрдэрин быһаарар.

- “Тэбиэн саҕа хара санаатааҕар түөн саҕа үрүҥ санаа ордук” диэн өс хоһооно үчүгэй кыра да буоллар туһалааҕын этэн биэрэр. Итини тэҥэ, бу өс хоһооно олох сайдыыта кыра да үчүгэйи оҥорууттан кэлэн иһэрин биллэрэрэ улахан суолталаах.

- “Уол оҕо биир күн ат өрөҕөтүгэр, биир күн ат уорҕатыгар” диэн өс хоһооно олоххо куһаҕан уонна үчүгэй кэмнэр хардары-таары солбуйсан, уларыйан биэрэн кэлэн иһэллэрин биллэрэр. Сахалыы таҥара үөрэҕэ киһи аан бастаан куһаҕаны арааран билэрэ ордугун этэн биэрэн үчүгэйи булан туһаныыга көмөлөһөр. (5,61).

- “Көрсүө, сэмэй быһыы киһини киэргэтэр” диэн өс хоһооно киһи оҥорор быһыытыттан көрөн арааран атыттар хайдах сыһыанна-һалларын биллэрэр. Көрсүө, сэмэй быһыылаах киһи атыттары кытта сыһыана үчүгэйиттэн уонна араас үлэни кыайарыттан дьон бары сөбүлүүллэрин иһин, сахалыы таҥара үөрэҕэ оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ “Көрсүө, сэмэй буол” диэн этиини туһанар.

- “Санаабычча быһыылаах” диэн субу санаатыгар туох көтөн түспүтүн оҥоро охсон иһэр киһи ааттанар. Бу киһи оҥорор быһыыта сыыһа-халты буолан тахсара элбэҕин иһин, киһилии быһыылаах киһиэхэ киирсэрэ биллибэт кэмнэрдээх. Ол курдук, санаабычча оҥоро охсуллубут быһыы табыллыбата, сатаммата элбээн хааларыттан куһаҕан быһыылары үксэтэн кэбиһиэн сөп.

- “Уохтаах буору сиэмэ сөбүлүүр, үтүө санаалаах киһини дьон сөбүлүүр” диэн өс хоһооно үүнээйи уохтаах буорга үчүгэйдик үүнэ-рин курдук үтүө, үчүгэй санаалаах киһи үчүгэйи оҥороро элбэҕиттэн дьон сөбүлүүллэрин биллэрэр.

- “Киһиэхэ кыра да наада” диэн этии киһи санаатын көтөҕүүнү биллэрэр. Киһи санаатын үчүгэйдик көрүү, тугу эмэ туһалааҕы этэн биэрии көтөҕүөн сөбө этиллэр. Ол курдук, санаата көммүт, көтөҕүллүбүт, күүһэ-уоҕа эбиллибит киһи кыайбатын да кыайан кэбиһэрэ тиийэн кэлэрэ, бу этии үөскээһинигэр тириэрдибит.

Өс хоһоонноро олохтон үөскээн тахсыбыт билиилэр, ол аата олох үөрэхтэрэ буоланнар сахалыы таҥара үөрэҕэр киирэн сылдьаллар. Былыргылар олохторун устата элбэхтик оҥорон көрөн, боруобалаан чахчы табалара, туһалаахтара биллибит билиилэрэ өс хоһоонноро буолан сылдьалларын билигин туһанабыт.

Киһи оҥорор быһыылара санаата хайдаҕыттан; үчүгэйиттэн дуу, куһаҕаныттан дуу улахан тутулуктанан тахсалларын саха дьоно билэн үчүгэй санаалаах киһи үчүгэй быһыылары элбэхтик оҥорорун быһааран таҥара үөрэҕэр киллэрэн “Үчүгэй санаалардаах буол” диэн этэн итэҕэйээччилэри үөрэтэ сылдьаллар.

Сахалар олус былыргы кэмнэртэн киһи санаатын үөрэтэн таҥара үөрэҕин олохтообуттар. Бу таҥара үөрэҕэ оҕо сайдан, саҥаны билэн иһэриттэн эбиллэр өйүгэр-санаатыгар сөп түбэһэринэн атын таҥара үөрэхтэринээҕэр олоххо ордук улахан туһаны оҥорор.

Онон сахалыы таҥара үөрэҕэ киһини санаата салайарын билинэн үчүгэй санаалардаах буолууга иитэрэ, үөрэтэрэ оҕо өйө-санаата сайдан киһи быһыылаахтык олоҕун олороругар көмөлөһөр.

СИЭР ДИЭН ӨЙ-САНАА ХААЧЧАҔА

Киһи өйө-санаата куруук аһара баран иһэрэ хаһан да тохтообот. Санаа аһара түргэнэ, тугу саныыры кытта ханна баҕарар тиийэ охсоро, тугунан да кыайан тутуллубата уонна туохтан да иҥнибэтэ, хааттарбата онно олук буолар.

Киһи быһыытын аһара барбыт санаалар ыра санаа буолан таах хаалан иһэллэр. Ол курдук, киһи бэйэтин кыаҕынан кыайан толорбот санаалара ыра санаа буолан санаатын аралдьытан, манньытан эрэ туһалыылларын таһынан, киһини албыҥҥа, сымыйаҕа киллэрэн уру-таан түһүүгэ тириэрдэн биэрэн куһаҕаны оҥорторуохтарын сөп.

Киһи оҥорор быһыыта санаатыттан хаалан иһэр. Ол аата киһи тугу эмэ оҥорон баран, бу оҥорбут быһыытын дьэ сыаналаан; үчүгэй дуу эбэтэр куһаҕан дуу диэн быһааран саҥалыы оҥорор быһыытын тупсарар кыахтанар. Ону тэҥэ, киһи бэйэтэ оҥорбут быһыытын хаһан баҕарар “үчүгэй” дии саныыра элбэҕиттэн оҥоруллубут быһыыны атыттар билэн, көрөн эрэ баран сыаналаан; үчүгэйин эбэтэр куһаҕанын быһаараллара табыллар. Ол иһин киһи оҥорор быһыытын таба сыаналааһын, бу быһыы оҥоруллубутун кэнниттэн кэлэрин иһин, тугу эмэ оҥоруох инниттэн туох да содул, куһаҕан үөскээн тахсыбатын элбэхтик ырытан быһаара сатааһын эрэйиллэр.

Киһи өйө-санаата аһара барарын арай сахалыы таҥара үөрэҕэ эрэ сиэр диэн аналлаах хааччаҕы олохтоон тохтотон, киһилии быһыыга киллэрэн биэриини оҥорор. Сиэри тутуһа сырыттахха араас туһата суох, быстах санаалартан киһи өйө-санаата босхолонон, ыраастанан үчүгэйи оҥороро элбиирэ ситиһиллэр кыахтанар.

Сахалыы таҥара үөрэҕэ “Киһини санаата салайар”, “Киһи санаа хамначчыта” диэн этиилэри тутуһан киһи үчүгэй санаалардаах буо-ларыгар тириэрдэр. Ол курдук, үчүгэй санаалаах киһи үчүгэй быһыыны оҥорор кыахтанар диэн таҥара үөрэҕэ быһаарар.

Санаа түргэнэ бэрт уонна кыайан тутуллубат, хаайыллыбат буолан үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана кыайан быһаарылла охсубат. Бу быһаарыы өй-санаа үөрэхтэрин уустуктарын биллэрэр. Арай бу санаа ханнык эрэ быһыыны оҥорууга тириэртэҕинэ хайдаҕа; үчүгэйэ дуу, куһаҕана дуу биирдэ быһаарыллан тахсар кыахтанара уустуктары үөскэтэр.

Киһи туһалаах, олоххо сайдыыны аҕалбыт быһыыта үрүҥ, үчүгэй быһыынан ааҕылларын атыттар үтүктэн оҥороллор. Онтон туһаны аҕалбат, буортулаах эҥин быһыылар куһаҕан, хара диэн ааттаналлар, умнуллар, хаалар аналланаллар. Ол курдук, куһаҕан хара диэн аат-танан умнуллан, аҕыйаан иһэриттэн үчүгэй элбиирэ ситиһиллэр.

Ханнык баҕарар санаа элбэхтэ хатыланан умнуллубат турукка тиийэн үгэстэри үөскэттэҕинэ киһини бэйэтин салайар кыахтанара киһи саныыр санаатын аан бастаан тупсарарын уонна аналлаах хааччах иһигэр киллэрэрин дьону кытта бииргэ олоруута эрэйэр. Сахалар өй-санаа, таҥара үөрэхтэрэ “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан биэрэн иһэр икки өрүттээх тутулугун быһаарар этиини кэмигэр сөп түбэһиннэрэн тутуһа сылдьар. Ону тэҥэ, төһө эрэ кэминэн, омукка уларыйыы киирэригэр, бу икки өрүттэнии эмиэ уларыйан үһүс өрүт үөскээн тахсара тиийэн кэлэр.

Тус-туспа хайысхалаах бу икки өрүттэр икки ардыларыгар үһүс өрүт, сөп түбэһии, тэҥнэһии, киһи быһыылаах буолуу өрүтэ үөскээн тахсарын арыйан, “Туох барыта үһүстээх” диэн үөрэҕи сахалар олохтооннор сиэри үөскэтэн туһаналлар:

1. Киһи үчүгэй, олоххо туһаны аҕалар санаалары саныыра.

2. Куһаҕан, буортулаах санаалары санаталаан ылыыта.

3. Сиэр диэн бу икки өрүттэр икки ардыларыгар үөскээн тахсар санааны хайа да өттүгэр аһара ыыппат, сөбүлэһиини, тэҥнэһиини үөскэтэр үһүс өрүтү тутуһа сылдьыы ааттанар.

Үчүгэй санаалардаах буолууну ситиһиигэ атын дьоҥҥо үчүгэйи баҕара санааһын улаханнык туһалыыр. Ол курдук, киһи бэйэтигэр хаһан баҕарар үчүгэйи, чэпчэкини оҥоро сатыырыттан атыттарга ол үчүгэйин элбэхтик баҕара санаатаҕына бэйэтин санаата үчүгэй өттү-гэр уларыйарын үөскэтэрэ ситиһиллэр.

Хара, куһаҕан санаалары умнан, хаалларан иһии киһиттэн ирдэнэр өй-санаа тутаах көрдөбүлэ буолар. Онтон үчүгэй, олоххо туһаны оҥорууга тириэрдибит санаалары элбэхтэ хатылаан үгэс оҥостунуу сиэри үөскэтэр, санааны үчүгэй өттүн диэки сыҕарытар уонна үчүгэйи оҥорууну элбэтэргэ туһалыыр.

Үрүҥ уонна хара дьүһүн холбоһууларыттан, буккуллууларыттан үөскүүр үһүс өрүт сиэр диэн, бу дьүһүн аатынан, сөп түбэһиини, тэҥнэһиини үөскэтэрин иһин ааттаабыттар. Сиэр диэн өй-санаа хааччаҕа салгыы сайдан киһи быһыыта диэн үөрэххэ кубулуйбут. Ол курдук сиэр өй-санаа аһара барарын тохтотор буоллаҕына, киһи быһыыта диэн хааччах киһи оҥорор быһыыларын хааччахтыыр, тупсарар уонна сыыһа-халты буолан хааларын аҕыйатар аналлаах. Ол иһин, сиэри тутуһан оҥоруллар быһыылар киһи быһыытыгар сөп түбэһэллэриттэн сахалыы таҥара үөрэҕэ сиэри тутуһары эрэйэр.

Өй-санаа сайдан, тупсан иһиитин биллэрэр сиэр уонна киһи быһыыта диэн хааччахтар бэйэ-бэйэлэрин толорсон, ситэрсэн биэ-рэллэр. Ол курдук, үчүгэй санаалардаах киһи үчүгэй быһыылары оҥороро элбиирэ быһаарыллыбыт чахчы буолан сахалар өй-санаа, таҥара үөрэхтэригэр киирэн сылдьар.

Быһаарыылаах кылгас тылдьыт сиэри маннык быһаарар:

- Сиэр диэн дьон туохха эмэ тутуһар майгылара эбэтэр үгэс оҥостубут үөрүйэхтэрэ ааттанар. Аныгы олох сиэринэн, уруу-тарыы тардыһан, сыбаайба оҥордулар. (6,404).

Киһи оҥорор ураты быһыылара, саҥаны айыылара айыы диэн тылынан этиллэллэр уонна икки; үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсалларын арааран билии “Туох барыта икки өрүттээх” диэн үөрэҕи үөскэппит. Бу икки өрүттэр икки ардыларыгар, ортолоругар “Туох барыта үһүстээх” диэн этиигэ сөп түбэһэр, тэҥнэһиини үөскэтэр үһүс өрүт баарын сахалар арыйан олохторугар туһаналлар, ол иһин олорор сирдэригэр Орто дойду диэн ортокуну быһаарар ааты иҥэрбиттэр.

Киһи оҥорор быһыылара икки өрүттэнэн тахсыылара, ортолорунан түбэһэр үһүс өрүт, сөптөөх быһыыны оҥорууну үөскэтэрин арааран билии уонна ол быһыылары үгэс оҥостуу сиэри уонна онтон салгыы киһи быһыытын үөскэппитин сахалыы таҥара үөрэҕэ тутуһар.

Сахалар өй-санаа үөрэҕин олус былыргы кэмнэргэ үөрэтэн билэн сиэр диэн аналлаах хааччаҕы үөскэтэн туһаланаллар. Өй-санаа аһара барар уратылааҕыттан уонна аһара барыылар куһаҕаны элбэтэн кэби-һэллэриттэн харыстанан, сиэр диэн аналлаах хааччаҕы оҥорон олох-торугар туһанан, өйдөрүн-санааларын көҥүлүнэн ыытан кэбиспэттэр.

Уһун үйэлэргэ олохсуйан туттулла сылдьар туһалаах үгэстэртэн сиэр хомуллан үөскүүр. Сиэри тутуһуу диэн былыргы кэмнэргэ үөскээбит олох үгэстэрин тутуһа сылдьыы ааттанар.

Сиэр диэн өй-санаа хааччаҕа, аһара барыллыбат кыйыата буолар. Өй-санаа үчүгэй да, куһаҕан да өттүгэр аһара барыан сөбө хаһан баҕарар баар буола турар. Киһи өйө-санаата үчүгэй өттүгэр олус аһара бардаҕына этин-сиинин быраҕан баран, көтөн хаалыан сөп. Ону өй көтүүтэ киһиэхэ хаһан баҕарар тиийэн кэлиэн сөптөөҕө уонна ыра санааттан үөскэтиллибит Ырай диэн христианскай таҥара үөрэҕэр булан туһана сылдьар албын дойдулара баара биллэрэллэр.

Өй-санаа куһаҕан өттүгэр аһара бардаҕына дьон-аймаҕы эстиигэ тириэрдиэн сөп. Аан дойду иккис сэриитин кэмигэр кэрээннэриттэн тахсыбыт немец фашистара атын омуктары эһэргэ анаан оҥорбут араас куһаҕан саҥаны айыылара үтүө санаалаах дьону санааҕа түһэр-биттэрэ бу сэрии содула өр кэмҥэ умнуллубатын үөскэтэр.

Билигин өй-санаа аһара барбытын, сайдыбытын бэлиэтинэн дьон улахан күүстээх, Аан дойдуну эһэр кыахтаах атомнай, термоядернай буомбалары оҥостон бараннар, аны онтубут эстэн хаалыа диэн куттанар санаалара аһара улаатыытыттан ханна эрэ саһа, дириҥ бункердары оҥосто сатыыллара элбээбитэ биллэрэр.

Өй-санаа аһара барбатын туһугар аналлаах хааччаҕын, сиэри үөскэтэн сахалар туһаналлар. Киһи аһара барар өйө-санаата киһи быһыытын аһара таһынан барар быһыылары оҥороругар тириэрдэрин сахалар өй-санаа, таҥара үөрэхтэрэ быһаарар. Сиэри тутуһа сылдьыы өй-санаа бу хааччах иһигэр сайдарын уонна таһынан барбатын хааччыйар. Сиэр диэн сахалар олохторугар туһана сылдьар аналлаах хааччахтара, хаһан да аһара барбат, аһара туттубат кыйыалара туһа-лааҕын бары билэбит, олохпутугар тутуһабыт. Сиэри аһара барыы, кэлин куһаҕаҥҥа тириэрдиэ, сэт, иэстэбил үөскүө диэни билэрбититтэн ол-бу, буолар-буолбат саҥаны айыылары оҥоро сатыыр-бытыттан туттуна сылдьабыт. Ол аата сиэр диэн өй-санаа хааччаҕа, киһи бэйэтэ өйүн-санаатын күүһүнэн тутуһа сылдьар, аһара барбат кыйыата буолар. Сиэри таһынан барыы куһаҕана хойутаан да соҕус буоллар, син-биир кэлэн дьайыыта биллэр кыахтанар.

Оҕону кыра эрдэҕинэ аһара көрөн-истэн, маанылаан атаахтатан кэбистэххэ өйүн-санаатын кыайан салайбат, сиэри тутуспат буола улаатан хаалар. Атаахтык иитиллибит оҕо бэйэмсэҕэ аһара барыытын куһаҕана улааппытын кэнниттэн биллэн тахсарынан төрөппүттэрин хомоторо, кыра эрдэҕинэ сыыһа үөрэтэн кэбиһии куһаҕана, иэстэбилэ тиийэн кэлбитин биллэрэр.

“Үчүгэй уонна куһаҕан солбуйсан биэрэллэр” диэн өс хоһооно бу кэмҥэ үчүгэй диэн ааттаммыт, атын кэмҥэ куһаҕан буолан хааларын биллэрэр. Киһи үчүгэй буолуо дии санаан оҥоро охсубут быһыыта табыллыбакка, сатаммакка хааллаҕына куһаҕан буолан хааларын үлэни оҥоро сылдьар сахалар билэллэр.

Үчүгэй быһыыны оҥорууга тириэрдибит санааны сахалар сиэр диэн ааттыыллар уонна саҥалыы оҥорор быһыыларын, бу санааны тутуһан оҥордохторуна үчүгэй буолан тахсара эрдэттэн биллэриттэн сиэри тутуһа сылдьыы киһи үчүгэй быһыылары оҥороругар тириэрдэн үчүгэй быһыылар элбииллэрин үөскэтэрин туһаналлар.

Сиэр диэн сахалыы таҥара үөрэҕэр киирбит сахалар олохторун суруллубатах сокуона буолар. Куруук сиэри тутуһа сылдьалларыттан куһаҕаны, сыыһа-халты туттунуулары оҥороллоро аҕыйаҕын тэҥэ, быстах быһыыга киирэн биэрбэт кыахтара улаатар.

Сиэр диэн киһи оҥорор быһыытыгар барыларыгар сыһыаннаһар өй-санаа хааччаҕа буолар. Ол курдук, сиэри тутуспакка оҥоруллар быһыы сыыһа-халты буолан тахсара элбэҕинэн туохха барытыгар сиэри тутуһа сылдьыы эрэйиллэр. Ким эрэ, ханна эрэ оҥорбут үчүгэйин батыһыы, үтүктүү бу быһыы сыыһа-халты буолан хааларын суох оҥороро сиэри тутуһуу диэн ааттанар. (2,36).

Сиэри таһынан барыыны саҥаны айыыны оҥоруу үөскэтэр. Ол да буоллар саҥаны айыыны биири эмэ, туһалааҕы оҥордоххо эрэ олоххо сайдыы киирэрэ ситиһиллэр кыахтанар. Ол иһин сахалар сиэри таһынан барбакка кэһиини эрэ оҥорору, баары кыралаан тупсаран, саҥардан биэрэн иһэри уонна “Кэс тылы” этэри истэн саҥаны айыыны оҥороллоругар туһананнар сыыһа-халты буоларын аҕыйаталлар. Олоххо туһалаах саҥаны айыы диэн, бу баартан аһара барбакка кыратык кэһиини оҥордоххо табылларын арыйбыттар. Ол иһин сиэри аһара барбакка эрэ кыралаан кэһиини оҥордоххо олоххо улары-тыыны, саҥаны киллэрии табыллар. Сиэр кэһиллэн уларыйар. Ол аата уларыйыы, саҥаны киллэрии кыра-кыратык уларыйыылары киллэрдэҕинэ аһара барыылары үөскэппэтин туһаныы буолар. Сахалар ону быһааран саҥаны айыыны оҥорууга “Кэс тыл” диэн кырдьаҕас, олоххо уопуттаах киһи этиитин туһаналлар.

“Кэс тыл” диэн олоххо улахан уопуттаах кырдьаҕас киһи эдэргэ саҥаны айыыны, ол аата кэһиини, уларытыыны маннык оҥор диэн этэн, ыйан, сүбэлээн биэриитэ ааттанар.

Сиэр биир сиргэ хам баайыллан турбатын, сыыйа-баайа уларыйан иһиитин маннык холобуртан билиэххэ сөп. Уон тохсус үйэҕэ дьах-таллар таҥастарыттан моонньулара уонна илиилэрэ эрэ көстөр эбит буоллаҕына, билигин ол кэһиллэн-кэһиллэн, уларыйан, онон-манан таҥастаах сылдьаллара сиэри кэһиинэн ааҕыллыбат буолла.

Тыл үөрэхтээхтэрэ “айыы үчүгэй” диэн этэннэр сахалары сиэри тутуспакка, таһынан барарга ыҥыраллар. Ол курдук, саҥаны айыыны оҥоруу диэн сиэри таһынан барар, киһи быһыытын тутуспат быһыы буоларынан куһаҕан буолан тахсара элбээн хааларыттан, бу үөрэх сыыһата, улахан албына арыллан, быһаарыллан тахсар.

Онон сиэр диэн үчүгэй быһыыны оҥорууга тириэрдибит санааны тутуһан оҥоруллар саҥа быһыы үчүгэй буолан тахсарынан сахалыы таҥара үөрэҕэ сиэри тутуһары ирдиир.

ОҔО ИЙЭ КУТУН ИИТИИ

Сахалыы таҥара үөрэҕэ Кут-сүр үөрэҕин туһанарынан оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кутун иитиитигэр улахан оруолу биэрэр, оҕо кыра эрдэҕинэ ийэтэ иҥэрэн биэрэр үчүгэй үгэстэрэ ийэ кутун үөскэтэннэр төрүт өйүн-санаатын олохтоон кэбиһэллэрин туһана сылдьар. Оҕо ийэтин таба көрөр кэмиттэн саҕалаан өйө-санаата сайдан ийэ кута үгэстэринэн иитиллэн барар. Бу кэмҥэ оҕо тугу оҥорбута барыта саҥаны айыы буолан тахсарынан сонно үгэскэ кубулуйан өйүгэр-санаатыгар иҥэн иһэр. Үчүгэй быһыылары оҥорон үчүгэй үгэстэргэ иитилиннэҕинэ, ол өйө-санаата ийэ кутун үөскэтэр. (7,70).

Оҕо кыра эрдэҕинэ өйө-санаата сайдыыта сахалыы Кут-сүр үөрэҕэ этэринэн икки аҥы арахсар:

А. Иитиллии.

Б. Үөрэнии.

Бу икки өрүттэри арыыйда кэҥэтэн арыйыахпыт:

А. Иитиллии диэн улахан, бэйэтэ элбэх уопуттаах киһи бэлэм билиититтэн оҕоҕо иҥэрэн биэриитэ, үчүгэй диир быһыыларын маннык оҥор диэн көрдөрөн үтүгүннэрэн оҥотторон үгэскэ кубу-лутара ааттанар. Ол аата оҕо бэлэм билиилэри иҥэриниитэ өйө-санаата түргэнник уонна улахан киһи баҕатын хоту иитиллэрин, үгэстэринэн туоларын үөскэтэр. Төрөппүттэрэ тугу үчүгэй, тугу куһаҕан диэн этэллэрин билэ үөрэнэрин тэҥэ, таба туһанарга үөрэниитэ саҕаланар. Бу кэмҥэ оҕо улахан киһи “Этэр тылын истэргэ” үөрэнэрэ ордук табыллар уонна бу үөрэҕэ үйэтин тухары туһалыы сылдьара оннук үгэс үөскүүрүнэн ситиһиллэр.

Сахалыы таҥара үөрэҕэ оҕо ийэ кутун үчүгэй быһыыларынан иитэри аан бастаан тутуһарынан киһиэхэ үйэтин тухары дьайа сылдьар туһалаах үөрэҕи иҥэрэн биэрэр. Оҕо кыра эрдэҕинэ иҥэриммит үчүгэй үгэстэрэ дьайалларыттан үчүгэй, киһилии быһыылаах киһи буола улаатыыны түргэнник ситиһэр кыахтанар.

Оҕо ийэ кутун иитии диэн үөрэҕи сахалыы таҥара үөрэҕэ эрэ туһанар. Бу үөрэх сахалыы “Оҕону ороҥҥо туора сытар эрдэҕинэ үөрэтиллэр” диэн этиинэн салайтаран олоххо киирэр.

Б. Үөрэнии диэн оҕо оҥорор быһыытын бэйэтэ оҥорон көрөн, элбэхтик боруобалаан, сыыһатын-халтытын быһааран көннөрөн, туп-саран иһиитэ ааттанар. Үөрэнии оҕо улаатан иһэн тугу истибитин умнубат буолбутун кэнниттэн саҕаланар уонна салгын кут үөрэнэрин быһаарарынан киһилии быһыыланары ситиһэригэр тириэрдэр.

Үөрэнии олус элбэхтик хатыланнаҕына киһиэхэ үгэстэри үөскэтэр кыахтанар. Арҕааҥҥы таҥара үөрэхтэрэ киһи “душалаах” эрэ диэн быһаарыыны тутуһаннар, өйө-санаата икки өрүттээхтик сайдарын билиммэттэринэн оҕону атаахтатыы диэки халыйан сылдьаллар.

Мин бары үлэлэрим былыргы саха дьоно киһи өйүн-санаатын быһаарар этиилэригэр уонна өс хоһоонноругар быһаччы олоҕураллар. Ол курдук, сахалар оҕо ийэтиттэн быһалыы, үтүктэн, көрөн үөрэнэр үөрэҕин ийэ кут диэн ааттаабыттара, киһи салгыы олоҕор, өйө-санаата сайдыытыгар кыра эрдэҕинэ ийэтин үөрэҕэ олус улахан суолталааҕын быһаарарын таҥара үөрэҕэр киллэрдим.

Сахалар Кут-сүр үөрэхтэрэ этэринэн ийэ кут оҕоҕо иитии, ол аата үчүгэй быһыылары оҥотторон үөрэтии көмөтүнэн кыра эрдэҕиттэн 4 эбэтэр 5 сааһыгар диэри түргэнник үөскүүр, онтон салгыы салгын кута оҕо 5 эбэтэр 6 сааһыттан ыла сайдан эбиллэн барар. Төрөппүттэриттэн бэриллэр эти-сиини хамсатарга аналлаах кут буор кут диэн ааттанар. Бу кут оҕоҕо төрөппүттэриттэн бэриллэн иһэр уонна кыра эрдэҕиттэн араас хамсаныылары оҥороруттан үөскээн, сайдан иһэр. Элбэхтик хамсаныылары оҥорортон буор кут үөрүйэх буоллаҕына киһи санаатынан этин-сиинин бэйэтэ хамсатар кыахтанар уонна кэлэр көлүөнэлэргэ салгыы бэриллэн иһэрэ ситиһиллэр.

Оҕону иитии бэйэтэ икки өрүттэнэр:

1. Атаах оҕо. Куһаҕаннык иитиллибит оҕо атаах диэн ааттанар.

2. Көйгө оҕо. Үлэҕэ үөрэтэн үчүгэйдик иитиини быһаарар.

Иитии бу икки уратыларыттан тутулуктанан оҕо өйө-санаата уларыйарын сахалар билэн олохторугар туһаналлар:

1. Оҕо ийэ кута кыайан үчүгэй үгэстэргэ иитиллибэккэ хааллаҕына атаах оҕоҕо кубулуйар уонна иитиитэ табыллыбатах диэн ааттанар. Билигин макбеттар, маргиналлар, “трудные подростки” диэн бас-баттах иитиилээх, көҥүллэринэн барбыт, киһилии быһыылара аҕыйах эдэрдэри ааттыыллар уонна туората сатыыллар.

Тус-туспа итэҕэллээх омуктар бэйэ-бэйэлэрин кытта ыал буолан холбоһууларыттан, үйэлээх үгэстэрин умнууларыттан, төрөөбүт тылларын, өй-санаа үөрэҕин үөрэппэттэриттэн, сахалыы таҥара үөрэҕин этиилэрин тутуспаттарыттан уонна аһара үөрэҕи эккирэтии диэки халыйыыларыттан үлэни-хамнаһы хааллараннар оҕону атаахтатан иитэннэр бас-баттах быһыылаах эдэрдэр элбээн иһэллэр.

Сэбиэскэй былаас оҕо төрүөҕүттэн ыла “үчүгэй киһи” буолар диэн сымыйа үөрэҕэ дьайыытыттан төрөппүттэр оҕолорун кыра эрдэхтэринэ ийэ куттарын ииппэккэ, буолар-буолбат, олоххо сыһыана суох кылапачыгас оонньуурдарынан оонньото сылдьан аһаран кэби-һэллэриттэн, итинник иитиилээх дьон билигин элбээтилэр.

Оҕону иитии-үөрэтии диэн сахалар этэллэр. Ол аата, оҕо кыра эрдэҕинэ аан маҥнай ийэ кута иитиллэр. Kыра эрдэҕинэ бэйэтэ быһаарар, толкуйдуур өйө киирэ илигинэ, киһи буолууну баһылыы сырыттаҕына оҕо диэн ааттанар. Бу кэмҥэ ханнык баҕарар дьиэ кыылын курдук аан маҥнай бэрээдэккэ, этэр тылы истэргэ үөрэтиллэрэ туһалаах. Оҕо ийэ кутун үчүгэй быһыыларга иитии үйэлээх үгэстэри үөскэтэн үчүгэй, киһилии быһыылаах киһи буола улаа-тарыгар тириэрдэр. Бэрээдэккэ үөрэммэтэх киһини “Куһаҕаннык иитиллибит” диэн этэллэр. Ол аата, кыра эрдэҕинэ сыыһа иитэннэр, атаах оҕо оҥорон кэбиспиттэрэ быһаарыллан тахсар.

Сахалар сайдан иһэр Кут-сүр үөрэхтэрэ оҕо өйө-санаата сайдыыны ситиһэригэр ийэ кутун өйүн-санаатын аан бастаан үчүгэй быһыылары оҥотторон сайыннарарга ыҥырар. Ийэ кут өйө-санаата, киһи төрүт өйө-санаата буолан, кини ханнык баҕарар оҥорор быһыытын хонтуруоллуу сылдьар. Манна ордук оҕо кыра эрдэҕинэ бэйэтэ көрөн, улахан дьону, төрөппүттэрин батыһа сылдьан үтүктэн үөрэнэр кэмэ ылар. Бу кэмҥэ оҕо өйүгэр-санаатыгар иҥэриммит өйдөбүллэрэ хаһан да сүппэт гына кытаанахтык, дириҥник иҥэллэр. Бу өйдөбүллэр эрдэ үөскүүр үгэс буоланнар хос-хос хатыланан иҥэн иһэр үөрэхтэри хаһан баҕарар хонтуруоллуу сылдьар кыахтаналлар.

Оҕо атаахтык иитиллэрэ бэйэмсэх санаатын аһара улаатыннаран өйө-санаата туруга суох буолуутун үөскэтэриттэн улаатан баран сыыһа-халты туттунарыгар тириэрдиэн сөп.

2. Хас биирдии төрөппүт оҕото “үчүгэй оҕо” буолуон баҕарар. Оҕо үчүгэй оҕо диэн өйдөбүлэ улаатан истэҕинэ төрөппүттэрэ иҥэрэн биэрэр өйдөбүллэрэ буолар. Төрөппүт кыра эрдэҕинээҕитин санаан, хай¬дах улаатан испитин курдук оҕотун үөрэттэҕинэ, оҕото кини курдук майгылаах, өйдөөх-санаалаах буола улаатарын ситиһиэн сөп. Ол аата, кыра эрдэҕинэ хайдах үлэлээбитин, үөрэммитин, эрэйдэммитин курдук оҕотун батыһыннара сылдьан ииттэҕинэ, үөрэттэҕинэ эрэ, бэйэтин курдук өйдөөх-санаалаах буола улаатарын ситиһэр.

Кыра эрдэҕиттэн туһа киһитэ буолан кыайар үлэлэриттэн үлэлии үөрэммит оҕо көйгө оҕо диэн ааттанар. Үлэҕэ үөрэнии оҕо тулуурун, туттунар күүһүн сайыннаран сыыһа-халты туттунарын суох оҥорор.

Билигин сайдыылаах дойдуларга кыра оҕо өйүгэр-санаатыгар, ийэ кутугар ханнык да өйү-санааны укпакка, кураанах кэриэтэ хаалларан, эбэтэр кыра эрдэҕинэ наар оонньотон, компьютер ытыалыыр оонньууларынан толорон кэбиһии оҥоруллар буолла. Оҕо таһырдьа сылдьарын, элбэхтик хамсанарын оннугар мэниктээбэтин, ону-маны оҥорботун диэн телевизэри, компьютеры холбоон биэрэн баран: “Олорон эрэ ытыалыы оонньоотун ээ, аралдьыйдын”, - диэн быстах санааҕа оҕустаран элбэхтик оонньотоллор эбэтэр элбэх киһини өлөрүүлээх видик киинэлэрин үгүстүк көрдөрөллөр. Мин быһаа-рыыбынан оҕо бэйэтэ санаатыгар өйдөөбөтөҕүн да иһин, маннык оонньуу эбэтэр киинэ көстүүлэрэ элбэхтэ хатыланнахтарына, кини ийэ кутун өйүгэр-санааты¬гар үгэс буолан суруллан ууруллан иһэллэрэ, кэлин улааппытын кэннэ өйүн-санаатын буккуйуохтарын, сыыһа-халты туттунууга тириэрдиэхтэрин сөп. Кини кэлин улахан киһи буолан иһэн “Өйө баайыллан” эбэтэр туохха эмэ түбэһэн “Өйө көтөн” хаалбыт кэмигэр урут төрүт өйүгэр-са¬наатыгар, ийэ кутугар ууруллубут өйдөбүллэринэн, үгэстэринэн туһанан салаллар. Бу быстах буолан ылар кэмнэргэ кини араас урут үөйбэтэх-ахтыбатах дьыалаларын оҥорон кэбиһиэн сөбө, билигин эдэр ыччаттарбытыгар, компьютер ытыалааһыннаах оонньууларынан дьарыктаммыттара ырааппыт Америка оҕолоругар куһаҕан өрүтэ биллибитин тэҥэ, Россия эдэрдэрэ эмиэ хаалсыбаттар.

Керчь куоракка бииргэ үөрэнэр оҕолорун, учууталлары булт саатынан ытыалаабыт уол бэйэтигэр тиийиммит диэбиттэрэ. Москва куорат оскуолатыгар уол быһахтаах кэлэн 14 саастаах бииргэ үөрэнэр уолун моонньуга анньыбыт. 15 саастаах уолу керосинынан кутан баран уматан кэбиспиттэрэ өлбүт.

Бу быһыылары өссө дириҥник быһаардахпына, киһи атын киһиэхэ туһуламмыт куһаҕан санаата кыра, быстах санаа буоллаҕына, салгын кутун өйүгэр-санаатыгар сылдьар. Онтон бу санаа ыараан, сотору-со¬тору хатыланан иһэр буоллаҕына, үгэскэ кубулуйан кини ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар көһөн ууруллар. Ол аата, киһи өйүгэр-санаатыгар өссө дириҥник иҥэн, хаһан да умнуллубат буола өйдөнөр. Итинник ууруллубут куһаҕан санааны өр кэмҥэ иитиэхтэммит санаа, өһүөн диэн быһаараллар. Куһаҕан санаа киһи өйүгэр бу курдук уларыйыытын түмүгэр, киһи итирэн дуу, хайаан дуу “Өйө көтөн” ийэ кутун салайар кэмигэр киирэн хааллаҕына, ити ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар иҥэн сылдьар куһаҕан санаатын өйдөөн кэлэн соһуччу оҥорон кэбиһиэн сөп. Бу быһаарыы улахан да дьоҥҥо эмиэ сөп түбэһэр. Ол курдук, үгүстүк атын киһиэхэ куһаҕан санааны санааһын үгэскэ кубулуйан хааларыттан, хаһан эрэ киһи ийэ кутун салайар кэмигэр киирэн ыллаҕына, бу куһаҕан үгэскэ кубулуйбут быһыытын бэйэтэ оҥорон кэбиһиэн сөп. Ол иһин сахалар таҥараларын үөрэҕэ ханнык да куһаҕан санаалары куруук саныы сылдьыма, умнан кэбис, хааллар, өйү-санааны ыраастыы сырыт уонна үчүгэй санаалары элбэхтик санаа диэн үөрэтэрин тутуһуохпут этэ.

Киһи бэйэтин уһун үйэтигэр элбэх араас өйдөбүллэри хос-хос хатылаан үгэс оҥосторо үгүстүк бэлиэтэнэр. Манна ордук арыгы иһиитин ааттыахха сөп. Киһи куруук биир кэмҥэ арыгы иһэр буоллаҕына, ити быһыыта эмиэ үгэс буолан хаалар. Элбэх дьон арыгыһыт буоллубут диэн сананыылара сороҕор көннөрү үөрэнэн хаалбыт үгэстэрэ эрэ буолуон сөп. Доҕотторун көрсө түһүү, араас ыалдьыттары аһатыы барыта арыгылаах буолан, бу быһыы үгэскэ кубулуйбута дьон арыгылааһыннарын саҕалыыр. Ол иһин дьону арыгы¬лаах көрсүһүү үгэһин суох оҥордоххо, дьиэҕэ элбэхтик арыгылаан кыра оҕону көөчүктээн үөрэппэтэххэ, үгүс арыгылаах “презентациялары” тохтоттоххо арыгы иһиигэ үөрэниилэрэ аҕыйыан сөп.

“Киһи буолабын”,- диэн санаа киһиэхэ сүрү биэрэр. Ол аата, оҕо төрөппүттэрин көрөн үтүктэр күүһэ ордук элбэх буоларын бэлиэтиир быһыы буолар. Дьоно көнөтүк туттан хаама сылдьалларын көрөн оҕо, икки атаҕар туран хаама үөрэнэр. Олус хойутаан хаампакка хаалбыт оҕо, төһө да бэйэтин өйө киирбитин иһин, аны куттанан хаампат түбэлтэлэрэ биллэллэр. Бу быһыы үөрэҕи ылыныы кэмэ ааһан хааллаҕына олус ыара¬ханнык көнөрүн көрдөрөр холобур буолар.

Оҕону киһи быһыылаах буолууга иитии дьахталлар элбэх, үс эҥин оҕолоннохторуна эбии көрдөбүлэ суох ситиһиллиэн сөп. Арай төрөппүттэр аныгы тупсубут үөрэх-билии этэрин истэн-билэн, иҥэринэн, сахалыы таҥара, Кут-сүр үөрэхтэрин халбаҥнаабакка кытаанахтык тутуһан, толорон биир эмэ оҕолоннохторуна даҕаны, атаахтаппакка, киһи быһыылаахтык иитэллэрэ кыаллыан сөп.

Онон сахалыы таҥара үөрэҕэ оҕо өйө-санаата сайдыытын, ийэ кута кыра эрдэҕинэ иитиллэрин таба туһанарынан дьоҥҥо туһата, тиийимтиэтэ улаханыттан саха дьоно уһун үйэни ситиһэллэр.

ҮРҮҤҮ, ХАРАНЫ АРААРЫЫ

Оҕо кыра эрдэҕинэ төрөппүттэрэ тугу эппиттэрин, ыйбыттарын, көрдөрөн биэрбиттэрин оҥорон иһэр кыахтаах. Бу кыра эрдэҕинэ ийэ кута иитиллэр кэмигэр ийэтэ ханнык быһыылары оҥоттороруттан тутулуктанан өйө-санаата икки өрүттээх буола сайдан тахсар:

1. Үчүгэй иитиилээх.

2. Куһаҕаннык иитиллибит.

Оҕону иитии бу уратылара өйө-санаата, ийэ кута кыра эрдэҕинэ хайдах иитиллибититтэн тутулуктанан тус-туспа хайысхаланан үөс-күүллэрин быһаарар. Үчүгэй иитиилээх диэн оҕо көрсүө, сэмэй буолууга, бэрээдэги тутуһууга иитиллибит, ийэтэ, аҕата этэрин истэргэ, толорорго уонна туһа киһитэ буолан үлэлииргэ үөрэммит, киһилии быһыылаах оҕо буолар.

Оҕо атаахтаан иитиллэрэ куһаҕаннык иитиигэ киирсэр. Ол курдук, атаах буолуу оҕо бэйэмсэх санаатын аһара улаатыннаран кэбиһэ-риттэн атыттары кытта сыһыанын куһаҕаҥҥа кубулутар. Ону тэҥэ, тулуурга үөрэммэтиттэн ханнык да үлэни үлэлиирэ уонна ыал олоҕун эрэйдэрин тулуйара кыаллыбат буолан хаалар.

Киһиэхэ айылҕаттан тутулуктаах үчүгэйи уонна куһаҕаны араарар өйдөбүллэрэ олус былыргы кэмнэргэ үөскээбиттэр. Бу кэмнэргэ дьон күн сырдыгар эрэ сылдьар, оҥорор, тутар кыахтаах эрдэхтэринэ сырдыгы, сылааһы биэрэр Күн үчүгэй таҥараҕа кубулуйбут. Үрүҥ дьүһүн үчүгэй диэн буолуута Күнтэн кэлэр сырдыктан быһаччы тутулуктаах. Ол курдук, сырдыкка киһи хараҕа үчүгэйдик уонна ырааҕы көрөрө кыаллара, сырдык, үрүҥ дьүһүн үчүгэй диэн өйдөбүлү үөскэтэн олохсуппут. (8,18).

“Үрүҥү, хараны араарыы” диэн сахалыы таҥара үөрэҕэ туһанар тутаах үөрэҕэ буолар. Бу олус былыргы, Күн таҥара баарын саҕа-нааҕы үөрэх бу кэмҥэ диэри тиийэн кэлбит уонна үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны тус-туспа араарарга сөп түбэһэн туһалыы сылдьар. Үрүҥ дьүһүн үчүгэйи биллэрэр өйдөбүллээх. Бу өйдөбүл үөскээн дьон өйүгэр-санаатыгар иҥэн олохсуйарыгар Күн сырдыга үчүгэйэ, сылааһа, бары-барыта үчүгэйдик көстөрө олук буолан сайыннарбыт.

Үчүгэйи киһи хараҕынан көрөн быһаарара ордук элбэх. Туох баар барыта үчүгэйдик көстөрө хаһан баҕарар үчүгэйинэн ааҕыллар. Киһи хараҕа айылҕаттан сырдыкка үчүгэйдик көрөрө онно олук буолбут.

Халлаан сырдаан сырдык буоллаҕына киһи үчүгэйдик көрөр, ырааҕы да чуолкайдык көрөр кэмэ тиийэн кэлэр. Бу тиийэн кэлэр үчүгэй, Күн сырдыга киһиэхэ үрүҥ дьүһүн үчүгэйин биллэрэр. Ол иһин үрүҥ дьүһүн үчүгэй өйдөбүллэммит уонна үчүгэйи бэлиэтээн этэргэ, быһаарарга туттуллан таҥара үөрэҕэр киирбит.

Үрүҥ диэн үчүгэй ааттанар, ол иһин куһаҕана хаалларыллыбыт саҥаны айыыны үрүҥ диэн этэллэр. Былыргы кэмнэргэ үөскээбит Үрүҥ Аар тойон таҥара аатыгар үрүҥ диэн тыл холбуу туттуллар. Олох былыргы кэмҥэ улахан хаалыылаах этэ. Былыргылар өйдөрө-санаалара ситэ сайда иликтэринэн элбэх куһаҕан быһыылары оҥорор этилэр. Кинилэр элбэх араас билиилэриттэн аныгы олоххо сөп түбэһэрин, үчүгэйин, үрүҥүн эрэ талан ылан аныгы, тупсубут кэмҥэ оҕолору үөрэтиигэ туһаннахха сатанар. Бу быһаарыыны тутуһан былыргылар аныгы олоххо туһалаах билиилэригэр үрүҥ айыы диэн ааты иҥэрэн баран туһаннахха табыллар.

Былыргылар билиилэрин аныгы олоххо ылан туһанар итэҕэл аатыгар үрүҥ диэн быһаарар тыл туттуллара, бу айыы үчүгэйин, аныгы олоххо туһалааҕын биллэрэр суолталанар.

Сахалыы таҥара үөрэҕэ айылҕаттан тутулуга улахан. Ол курдук хара, хараҥа сахаларга куһаҕан өйдөбүллээх. Хара куһаҕан диэн ааттанар буолбута киһи хараҕа хараҥаҕа куһаҕаннык көрөрүттэн тутулуктанан өй-санаа, таҥара үөрэҕэр киирэн иҥэн сылдьар. Киһи хараҕа хараҥаҕа куһаҕаннык көрөр, ырааҕы букатын көрбөт буолар. Хараҥа буоллаҕына киһи көрөрө мөлтүүрэ хара куһаҕан диэн өйдөбүлү үөскэтэн өйгө-санааҕа киллэрэн иҥэрбит. Ол иһин киһиэхэ хара куһаҕан диэн өйдөбүлэ хаһан да уларыйбат.

Былыргылар оҥорбут элбэх быһыылара аныгы, тупсубут олоххо сөп түбэспэттэр. Ол курдук, өй-санаа ситэ сайда илигинэ дьон өлөрсөллөрө элбэҕэ, өссө атыттары сиэн кэбиһэллэрэ. Ол иһин былыргылар оҥорбут куһаҕан быһыыларын хара диэн ааттаан туора-тыы, умуннарыы хайаан да туттуллара эрэйиллэр.

“Үрүҥү, хараны араарыы” диэн сахалыы таҥара үөрэҕэ туттар үгэһэ үчүгэй быһыылар үгүстүк хатыланан элбииллэрин, онтон куһаҕан быһыылар умнуллан, хаалан иһэллэриттэн аҕыйыылларын үөскэтэр. Өлбүт дьон оҥорбут араас элбэх быһыылара аныгы дьо-нунан таба сыаналанан үрүҥ, үчүгэй эбэтэр хара, куһаҕан диэн арааран, тус-туспа сыаналаналлара эрэйиллэр. Ол курдук, үчүгэйэ биллэр быһыыны хатылаан оҥордоххо үчүгэй буолара ситиһиллэр, онтон хара, куһаҕан быһыыны оҥорбокко хаалларан истэххэ аҕыйаан барарыттан үчүгэй быһыылар элбээн иһэр кыахтаналлар.

Өлбүт киһини ахтыыга кини оҥорбут элбэх быһыыларыттан үрүҥүн, үчүгэйин талан ылан ахталлар, кэпсээн оҥостоллор. Ол аата кини оҥорбут быһыыларыттан үчүгэйин талан ылан үрүҥ айыы оҥороллор уонна кэлэр көлүөнэлэри иитиигэ, үөрэтиигэ туһаналлар. Киһи оҥорбут куһаҕан быһыыларын ахтыбат буолуу умнууга, хаалларыыга тириэрдэр. Ол иһин сахалыы таҥара үөрэҕэ куһаҕан быһыылары умуннаран, суох оҥорон өйү-санааны ыраастаан үчүгэй быһыылар элбииллэрин үөскэтэр.

Үрүҥ диэн үчүгэйи быһааран биллэрэр тыл аан бастаан Күн таҥараны тупсарыыга анаан туттуллубута биллэр. Үрүҥ Күн таҥара диэн этии бу таҥара өссө үчүгэйин биллэрэр суолталанар.

Үрүҥ Аар тойон диэн таҥара аатыгар үрүҥ диэн тыл туттуллара, бу улахан салайааччы киһи оҥорбут элбэх араас быһыыларыттан үрүҥүн, үчүгэйин эрэ талан ылан кэлэр көлүөнэлэри үөрэтии туһа-лааҕын ыйан биэрэр аналлаах. Үрүҥ Аар тойон таҥара диэн сахалар таҥаралара аан бастаан үөскээбит Киһи таҥара аата буолар. Таҥара аатын үрүҥ диэн тыла бу улахан тойон киһи оҥорбут элбэх үчүгэй да, куһаҕан да быһыыларыттан үчүгэйин, үрүҥүн эрэ талан ылан аныгы, сайдыбыт, тупсубут олоххо туһаныы табылларын биллэрэр, онтон куһаҕана, хараны оҥорбута хаалан, умнуллан иһэрэ куһаҕан аҕы-йыырын үөскэтиигэ аналланан туттуллар.

Үчүгэй быһыылары оҥоруулар элбээн иһэллэриттэн куһаҕан быһыылар аҕыйыылларын сахалыы таҥара үөрэҕэ туһанар. Үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа арааран билиигэ бу үөрэх "Үрүҥү, хараны араарыы" диэн этиини туһана сылдьар. Бу айылҕа тутулуктарын туһаныыттан үөскээбит өйдөбүллэр киһи өйө-санаата сайдыытын таба, киһи буолуу суолунан салайан биэрэллэр.

Дьон өйүгэр-санаатыгар үрүҥү, хараны, ол аата үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа арааран туһаныы улахан уустуктары үөскэтэр. Улахан таҥара үөрэхтэрэ салайааччылар бас билиилэригэр киирэн хааланнар уонна “Сначало было слово” диэн албыны, киһи этэр тыла бастаан иһэр диэни тутуһаннар итэҕэйэр дьоҥҥо үчүгэй бу баар, маны туһаныҥ, онтон биллэр куһаҕаннары “грех”, “харам” диэн ааттааннар олору оҥорума диэн үөрэтиини киллэрэн биэрэннэр бэйэлэрин дик-татураларын оҥостунан сылдьаллар.

Онон оҕо улаатан иһэн “Үрүҥү, хараны араарыы” диэн үөрэҕи биллэҕинэ үчүгэйи уонна куһаҕаны олоҕор таба арааран туһанарга үөрэнэрэ үчүгэй быһыылары оҥорорун элбэтэр.

ТОҔУС АЙЫЫНЫ ОҤОРУМА

Киһи өйүн-санаатын бэйэтэ эрэ салайар, ол аата туох үчүгэйин эбэтэр куһаҕанын таба арааран билэрэ эрэйиллэрин ааһан, тутаах көрдөбүл буолар. Ол иһин сахалыы таҥара үөрэҕэ оҕо улаатан иһэн аан бастаан дьон оҥорор аҕыйах ахсааннаах куһаҕан быһыыларын билэригэр “Тоҕус айыыны оҥорума” диэн үөрэҕи туһанар.

Дьон куһаҕаны аҕыйаҕы оҥороллор. Тоҕус эрэ ахсааннаах содулу үөскэтэр куһаҕан быһыылары оҕо, киһи билэр буоллаҕына, олору оҥорбот кыаҕа улаатар. Ол аата бу куһаҕан диэни билэр буолуута үөскээн куһаҕаны оҥорорун тохтоторго туһалыыр.

Тыл үөрэхтээхтэрэ “аньыы” диэн сахаларга суох саҥа тылы булан бары куһаҕаннары ааттыы сатыыллара дьон өйө-санаата “үчүгэй” диэн ааттаммыт диэки өттүгэр халыйыытын үөскэтэр. Ол курдук, араас салайааччылар тугу барытын “аньыы” диэн ааттааннар бэйэ-лэрин диктатураларын үөскэтиэхтэрин сөп.

Сахалыы таҥара үөрэҕэ “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан биэрэр тутулугун тутуһарынан уонна “Киһини санаата салайар” диэн этиини билэринэн өй-санаа аҥар өттүгэр халыйыытын оҥорбот. Ол курдук, сахалыы итэҕэл айыы диэн тыла икки өрүттээх өйдөбүлэ киһи оҥорор быһыыта оҥорбутун кэнниттэн икки аҥы арахсан; үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсалларын атыттар үөрэтэн билэн табатык быһааралларын тутуһар.

Оҕо үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран билэн олоҕор туһана үөрэннэҕинэ киһи буолууну ситиһэр кыахтанарын сахалыы таҥара үөрэҕэ быһаарар. Өйгө-санааҕа үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран туһаныы, балар кэмэ кэллэҕинэ уларыйан, солбуйсан биэрэллэриттэн өссө улахан уустугу үөскэтэллэрин таба арыйан дьоҥҥо тириэрдэр.

Итэҕэл, өй-санаа үөрэҕин баһылаабыт дьон сүрүн уратыларынан, бу олоххо кэмиттэн-кэмигэр үөскээн кэлэр өй-санаа уларыйыытын, хардары-таары солбуйсан биэриилэрин табатык быһааран итэҕэйээччилэргэ тириэрдэллэрэ буолар.

Сэбиэскэй былаас кэмигэр бары-барыта “үчүгэй” буолла диэн этэннэр халыйыыны үөскэтэннэр, үчүгэй аһара барыытын олоххо киллэрэ сылдьыбыттара. Былаас уларыйыытыгар “үчүгэй” диэн аат-тана сылдьыбыт дьадаҥылар куһаҕаҥҥа түспүттэрэ, онтон куһаҕан баайдар үчүгэйгэ тахсыбыттара. Бу буолан ааспыт быһыы “Үчүгэй уонна куһаҕан солбуйсан биэрэллэр” диэн өс хоһооно табатын дакаас-тыыра улахан суолталаах. Өйгө-санааҕа киирбит маннык тосту уларыйыы, солбуйсуу кэлэн ааспытын тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар уонна учуонайдар билигин даҕаны билбэккэ сылдьаллар.

Сахалар итэҕэллэрэ айылҕаттан, күн сырдыгыттан уонна хараҥа буоларыттан улахан тутулуктааҕын үчүгэйи үрүҥ диэн, онтон куһа-ҕаны хара диэн ааттаан тус-туспа араарара биллэрэр.

А. Халлаан сырдааһына, сырдык буолуута киһи хараҕа көрөрүн тупсаран үчүгэй диэн өйдөбүлүн үөскэтэр.

Б. Хараҥа буолуута киһи көрөрүн мөлтөтөн хара, хараҥа куһаҕан диэн өй-санаа олохсуйарыгар тириэрдибит.

Сахалыы таҥара үөрэҕэ “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан биэрэр тутулугун тутуһарыттан диктатураны үөскэппэт. Ол курдук кэмэ кэллэҕинэ, ол аата аһара баран хаалбыт үчүгэй куһаҕаҥҥа уларыйан биэрэрэ хайаан да тиийэн кэлэрин таба быһааран итэҕэйээччилэргэ тириэрдэн өйү-санааны аһара ыыппат.

Өй-санаа саамай уустугунан үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран туһаныы буолар. Диктатураҕа кубулуйан хаалбыт улахан таҥара үөрэхтэрэ итэҕэйэр дьоҥҥо “үчүгэй” бу баар, маны оҥор, онтон бу “грех”, “харам”, “аньыы” диэннэр, маны оҥорума диэн этэн үөрэтэн-нэр бэйэлэрэ баһылыыр былаастарын күүһүрдэ сатыыллар.

Оҕо улаатан иһэн дьон оҥорор аҕыйах ахсааннаах куһаҕан бы-һыыларын арааран билэр буоллаҕына олору оҥорбото, туттунара үөскүүрүттэн үчүгэйи оҥороро элбиирэ ситиһиллэр.

Дьон уһун үйэлэр тухары үчүгэй диир быһыыларын элбэҕи оҥороннор үчүгэй аһара элбээн сылдьар. Билигин букатын да кыайан ааҕыллыбат туруктанна. Ол иһин сахалыы таҥара үөрэҕэ “Бобуута суоҕу оҥоруохха сөп” диэн этиини тутуһан аҕыйах ахсааннаах дьон оҥорор куһаҕан быһыыларын боптоххо, ол аата олору оҥорбот буоллахха киһи буолууну ситиһии кыалларын тутуһар.

“Тоҕус айыыны оҥорума” диэн сахалыы таҥара үөрэҕэ этэрэ тоҕус эрэ ахсааннаах улахан содулу үөскэтэр дьон оҥорор куһаҕан быһыыларын оҕо оҥорботоҕуна киһи буолууну ситиһэрин биллэрэр.

Сахалыы таҥара үөрэҕэ бобор куһаҕан быһыылара манныктар:

1. Албыннаама.

2. Оттомо суох буолума, киһиргээмэ.

3. Ымсыырыма, ордук санаама.

4. Куһаҕан кыдьыктаныма, содурдаама.

5. Уорума.

6. Өһүөннээмэ.

7. Иирсээни тардыма.

8. Өлөрүмэ.

9. Алдьатыма. (4,70).

Бу ааттаммыт куһаҕан быһыылары оҕо билэн, оҥорбот буолла-ҕына киһи буолууну ситиһэр кыахтанарын сахалыы таҥара үөрэҕэ тутуһар. Үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран олоххо туһанарга аҕыйах ахсааннаах дьон оҥорор куһаҕан быһыыларын билии уонна олору оҥорбот буолуу үөрэниини чэпчэтэн улаханнык туһалыыр.

Онон “Тоҕус айыыны оҥорума” диэн үөрэх үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа арааран туһаныыга чопчу быһаарыыны киллэрэн киһиэхэ куһаҕан ханна баарын ыйан биэриини оҥорон сахалыы таҥара үөрэҕин туһатын улаатыннарар.

КИҺИ БУОЛУУНУ СИТИҺИИ

Оҕо улаатан иһэн оҥорор быһыылара барылара киһилии быһыыга сөп түбэстэхтэринэ киһи буолууну ситиһэр кыахтанар. Сахалыы таҥара үөрэҕэ оҕо өйө-санаата сайдыыта икки таһымнааҕын Кут-сүр үөрэҕиттэн ылан туһанар:

1. Оҕо ийэ кута иитиллиитэ.

2. Оҕо улаатан иһэн үөрэҕи ылыныыта, салгын кута сайдыыта.

Оҕо өйө-санаата сайдыытын бу таһымнарын төһө кыайарбытынан дириҥник ырытан быһаарыахпыт:

1. Оҕо ийэ кута иитиллиитэ диэн кыра, өссө бэйэтэ өйдөөбөт эрдэҕинэ ийэтэ иҥэрэн биэрбит билиилэрэ, үгэстэрэ ааттаналлар. Ийэ кут диэн сахалар билиилэринэн киһи төрүт өйө-санаата буолар. Бу өй-санаа үгэстэртэн үөскүүрүнэн киһи улааппытын да кэннэ дьайыыта баара биллэр. Ол курдук, кыра эрдэҕинэ атаахтыы сылдьыбыт киһи арыгы иһэн итирдэҕинэ эмиэ атаахтыыра киирэн кэлэрэ, бу ийэ кутугар иҥмит өй-санаа дьайыыта улаханын биллэрэр.

Ийэ оруола оҕо иитиитигэр олус улахан. Ол курдук, оҕо кыра, өссө бэйэтэ өйдөөбөт эрдэҕинэ оҥорор быһыыта барыта саҥаны айыы буолан сонно үгэскэ кубулуйан иҥэн, ийэ кутун үөскэтэн иһэр. Ол иһин оҕо ийэ кута үчүгэй быһыылары оҥорууларынан иитиллибит буоллаҕына, үчүгэй иитиилээх оҕо буола улаатара ситиһиллэр.

2. Оҕо 5 эбэтэр 6 сааһыттан салгын кута сайдар. Үөрэҕи, билиини көрөн, истэн иҥэринэрэ элбиир, умнубат буолуута үөскүүр. Оҕо өйө-санаата, салгын кутун сайдыыта бу кэмтэн саҕаланан барар. Бу кэмтэн ыла оҕо үчүгэйи уонна куһаҕаны бэйэтэ таба арааран билэн оҥорор быһыытыгар туһана үөрэнэн иһэрэ табыллар.

Оҕо өйө-санаата сайдыытын бу икки таһымнарын сахалыы таҥара үөрэҕэ тутуһар, ол иһин киһилии быһыылаах оҕолор улаатан тахсал-ларын ийэ куттарын иитэн биэрэн кыра эрдэхтэриттэн бэлэмниир.

Киһи санаата оҥорор быһыыга кубулуйа илигинэ үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана кыайан быһаарыллыбат уратылаах. “Санаа диэн санаа буол-лаҕа” диэн сахалар этэллэр. Санаа олус түргэн уонна туохха да хааттарбат, иҥнибэт. Ол иһин киһи тугу барытын саныыра кыайан бобуллар, хаайыллар кыаҕа суоҕуттан санаатын бэйэтэ эрэ салайар кыахтанара үчүгэй санаалардаах буоларын эрэйэр.

Киһи буолууну ситиһии оҕо өйө-санаата сайыннаҕына, тулуура улааттаҕына эрэ ситиһиллэр кыахтанар. Ол курдук, өйү-санааны уонна оҥорор быһыыны киһи бэйэтэ аналлаах хааччахтары тутуһан аһара баралларын тохтото сырыттаҕына эрэ табыллар уратылаахтар.

Киһи бэйэтэ үөрэтэн билэн өйүн-санаатын күүһүнэн салайынан тутуһа сылдьар хааччахтара манныктар:

А. Сиэри тутуһуу.

Б. Киһи быһыытын тутуһуу.

Киһи өйө-санаата уонна оҥорор быһыыта тус-туспалар. Ол иһин сахалыы таҥара үөрэҕэ тус-туспа аналлаах хааччахтары туһанарын быһааран арыыйда киэҥник арыйан ырытыахпыт:

А. Сиэр диэн киһи өйүн-санаатын хааччаҕа. Сиэри тутуһуу уустуктардаах. Аан бастаан үчүгэй быһыыны оҥорууга тириэрдибит санаа сиэри үөскэтэрин биллэххэ эрэ табыллар. Оҕо өйө-санаата сайыннаҕына үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран олоҕор туһанар буоллаҕына, сиэр диэн өй-санаа аһара барарын тохтотор хааччаҕын бэйэтэ билэн тутуһа сылдьар кыахтанар.

Сиэр диэн киһи аһара барар санаатын хааччыхтыыр аналлаах. Ол курдук, санаа үчүгэйэ, куһаҕана биллибэккэ эрэ сылдьар уратыта халыйыыны үөскэтиэн сөп. Арай бу санаа оҥорор быһыыга кубулуйбутун кэнниттэн эрэ үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана быһаарыллан тах-сарынан үчүгэй быһыыны оҥорууга тириэрдибит санааны сахалар хатылаан оҥорууну тутуһалларыттан сиэр диэн үөрэҕи олохтоо-буттар. Сиэри тутуһан хатылаан оҥоруллар быһыы үчүгэй буолан тахсара бу аналлаах өй-санаа үөрэҕин олоххо киллэрбит.

Б. Киһи оҥорор быһыытын бэйэтэ хааччахтыыра киһи быһыытын тутуһуу диэн ааттанар. Киһи быһыыта диэн хааччах киһи оҥорор быһыытын өйүн-санаатын күүһүнэн сыаналаан, таба быһааран киһи оҥорорун курдук оҥороруттан үөскээн тахсар. Ол аата бу хааччах киһи быһыылаах буолууну үөскэтэр аналлаах.

Бу икки; сиэр уонна киһи быһыыта диэн хааччахтары оҕо улаатан иһэн тутуһа үөрэннэҕинэ киһи быһыылаах буола улаатара кыаллар. Киһи быһыыта диэн үчүгэй быһыыны оҥорууга тириэрдибит киһилии быһыы ааттанар. Бу быһыыны үтүктэн, хатылаан оҥордоххо таба, үчүгэй буолан тахсар кыахтанар. (9,76).

Оҕо улаатан улахан киһи курдук буола сатыыр санаата аһара улахан уонна куруук тиэтэйэрин, ыксыырын үөскэтэр. Кыра оҕо табаах тардар эбэтин үтүктэн харандаас төрдүгэһин ытыра сырыттаҕына улааппыт курдук сананар. Ол иһин оҕо куһаҕан үгэскэ үөрэнэн хаалбатын туһугар төрөппүттэр бэйэлэригэр туруорар көрдө-бүллэрэ кытаатан, тупсан биэриэ этэ. Манна ордук куһаҕанынан улахан дьон кыра оҕо баарыгар арыгы иһэллэрэ, үөрэллэрэ-көтөллөрө буолар. Бу үөрүү-көтүү оҕоҕо көөчүк диэн үтүктэр өйү-санааны үөскэтэрэ куһаҕаҥҥа тириэрдиэн сөп. Оҕо бу үөрүүгэ кыттыһаары арыгы иһэр үгэскэ үөрэнэн хаалара түргэтиэн сөп.

Оҕо улаатан иһэн улахан киһи курдук буолууну түргэнник ситиһэ сатыырыттан оҥорор быһыыта ыраахха тиийэр туох содуллааҕын ситэ билбэтиттэн оҥоро охсон кэбиспитэ куһаҕан буолан тахсара эбэтэр куһаҕаҥҥа тириэрдэрэ элбээн хаалар:

- Табаах тарда үөрэнэн хаалыыта.

- Арыгыны аһара иһэн кэбиһиитэ.

- Наркотиктары боруобалааһына.

Оҕо киһи буолууну ситиһиитин тутаах бэлиэтинэн туох баар бары оҥорор быһыылара киһилии быһыыга сөп түбэһэллэрэ буолар. Киһи буолууну ситиһиэр диэри оҕо, улахан оҕо диэн ааттанар. Оҕоҕо киһи буолууну ситиһиитэ биллэр бэлиэ кэмнээх. Уол улаатан ойох ыллаҕына, онтон кыыс эргэ таҕыстаҕына киһи буолууну ситиһэннэр саҥа ыалы тэрийэр, оҕо төрөтөр кыахтаналлар. Уол эр киһи буоларын тэҥэ, киһи буолууну ситиһэр, үлэни кыайа-хото үлэлиир, онтон кыыс дьахтар буолан оҕо төрөтөр сыалын толорор. Бэйэлэрэ саҥа ыалы тэрийэннэр саҥа киһини, оҕону төрөтөр, иитэр уонна үөрэтэр кыахтаналлар. Ол иһин олох салҕанан баран иһэрэ ситиһиллэр. Оҕо улаатан иһэн оҥорор быһыылара барылара киһи быһыытыгар сөп түбэһэр, аһара барбат буоллахтарына киһи буолууну ситиһэрэ кыаллар. Үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран киһи буолууну ситиһэн баран оҥорор саҥаны айыылара сыыһа-халты буолбакка табыллан, сатанан киһи быһыылаах буолан тахсаннар олоххо туһаны оҥороллоро табыллар кэмэ кэлэр.

Сахалыы таҥара үөрэҕэ киһи бу хааччахтары билэн, өйүн-санаатын сайыннаран тулуура, туттунар күүһэ улаатан, бэйэтин тут-туна сылдьар буоллаҕына, киһи буолууну ситиһэрин биллэрэр.

Онон оҕо улаатан иһэн ситиһэ сатыыр баҕа санаата киһи буолуу диэн ааттанар уонна улахан киһи буолбуту биллэрэр аналлаах.

КИҺИ БЫҺЫЫТА

Киһи санаабыт санаатын илэтигэр оҥорон таһаардаҕына быс диэн тылтан үөскэтиллэн быһыы диэн буолар уонна киһи оҥорор быһыы-тын биллэрэр өйдөбүллэнэр. Ону тэҥэ, быһыы диэн тыл үлэ оҥоруллубутун, санаа илэҕэ кубулуйбутун биллэрэр эбиискэ суолталанар.

Быс диэн тылтан үөскээн тахсар быһыы диэн тыл киһи оҥорор быһыытын уонна санаа үлэни оҥорууга кубулуйбутун биллэрэр. Быһыы диэн тыл “ыы” диэн ытааһын дорҕоонунан бүтэрэ, бу быһыыны сэрэнэн, элбэхтик ырытан, быһааран баран оҥордоххо табылларын көрдөрөн, ыйан биэрэр. Оҥорор быһыы табыллыбата, сатаммата даҕа-ны куһаҕаны оҥорууга кубулуйан ытааһыҥҥа тириэрдэрэ былыр-гыттан биллэн “ыы” диэн дорҕоонунан бэлиэтэнэн сылдьар.

Бары тыынар-тыыннаахтар араас элбэх быһыылары оҥороллор. Киһи өйө-санаата сайдан истэҕинэ оҥорор быһыылара тупсаннар кыыллыы быһыылартан ураты, киһилии быһыылары оҥорор буола сайдыбыттар. Ол иһин араас элбэх оҥоруллар быһыылар уларыйан икки өрүттэнэн тахсаллара үөскээбит.

Тыынар-тыыннаахтар оҥорор быһыылара икки аҥы арахсаллар:

1. Кыыллар, көтөрдөр уонна сүөһүлэр оҥорор быһыылара.

2. Киһи оҥорор быһыылара.

Бу араас элбэх тыынар-тыыннаахтар оҥорор бары быһыыларын арыыйда киэҥник ырытыахпыт:

1. Араас элбэх тыынар-тыыннаахтар үгүс араас быһыылары оҥо-роллор. Бу быһыылар киһилии быһыыга тугунан эрэ тиийбэт эбэтэр аһара баран хаалаллара биллэр. Тыҥырахтаах кыыллар уонна көтөрдөр оҥорор ураты куһаҕан быһыыларынан аһынар санаа диэн суоҕа, бэйэ-бэйэлэрин сиэһэллэрэ буолар. Ол иһин кыыллар тугу аһыыл-ларынан тус-туспа арахсаннар бөлөхтөрү үөскэтэллэр.

Олус былыргы кэмнэргэ биир эмэ киһи тыа быыһыгар сылдьар эрдэҕинэ оҥорор быһыыта эмиэ кыыллар курдук эбит. Ол аата дьон өйдөрө-санаалара сайдан, тупсан, киһилии быһыы үөскүү илигинэ оҥорор быһыылара кыыллыы быһыыларга сөп түбэһэр эбиттэр.

Киһи оҥорор быһыыта тугунан эрэ киһи быһыытыгар тиийбэккэ хааллаҕына кыыллар быһыыларыгар кубулуйан хааларын элбэх өс хоһоонноро биллэрэллэр. Ол курдук, киһи быһыытыгар арыыйда тиийбэт быһыы ыттар быһыыларыгар тэҥнэнэн хаалара элбэҕиттэн, ыт аата киирэ сылдьар өс хоһоонноро бааллар.

2. Дьон өйө-санаата сайдыыта, тупсуута киһи оҥорор быһыылара кыыллыы быһыылартан уратыланан барыыларын үөскэппиттэр. Бу уларыйыыны киһи үлэлээн аһыыр аһылыгын булунуута үөскэппит.

Үлэ киһини киһи оҥорбут. Киһи оҥорор быһыыта кыыллар быһыыларыттан туспа арахсан киһи быһыыта диэн ааттаммыт. Киһи бэйэтин кыылтан уратытын билинэн киһи диэн ааты ылыммыта олоххо киирэн саха дьоно бары туһанар буолбуттар.

Киһи быһыыта диэн быһаарыы киһи өйө-санаата кыыллар өйдө-рүттэн-санааларыттан сайдан тахсан баран туспа арахсыбытын бил-лэрэр. Ол курдук, киһи быһыытын аһара барар быһыы кыыллыы быһыыга тиийэн хаалара биллэр. Сөбүгэр кыыһырыы хайа баҕарар киһиэхэ баар суол. Онтон аһара баран абарыыга, уордайыыга тиийэн хааллаҕына кыыллыы быһыыга уларыйан хаалара кэлэр. Өй-санаа бу уларыйар уратытын сахалар үөрэтэн билэн “Үчүгэй уонна куһаҕан солбуйсан биэрэллэр” диэн өс хоһооно оҥорбуттар. Ол аата киһилии быһыылаах киһи үчүгэй буоллаҕына, кыыллыы быһыылары оҥорор киһи куһаҕан киһи диэн буолара быһаарыллар.

Сахалыы таҥара үөрэҕэ киһи санаата аһара барарын сиэри тутуһуннаран хааччахтыыр, онтон киһи оҥорор быһыылара аһара баралларын киһи быһыытын тутуһуннаран хааччахтаан киһилии быһыыланыыга киллэрэн биэрэр.

Киһи оҥорор быһыытын таба сыаналаан, киһи быһыытын тутуһа сырыттаҕына эрэ киһи буолан сылдьарын арааран билии эрэйиллэр. Ол курдук, кыыллыы быһыылары оҥорор киһи өйө-санаата кыыл өйүгэр-санаатыгар төннөн түспүтүн ыйан биэрэр көстүү буолар. Кэлин кэмҥэ дьон сыгынньахтанан иһэллэрэ элбээһинэ өйдөрө-санаалара кыыллар өйдөрүгэр төттөрү баран эрэллэрин биллэрэр.

Киһилии быһыыны үөскэтэр биллэр быһыыларга киирсэллэр:

- Оҕо кыбыытын кыанар буолуута.

- Оҕо атаҕар туран хаамыыта.

- Бэрээдэги, олохсуйбут үгэстэри тутуһар буолуу.

- Таҥаһы таҥна сылдьыы.

- Кыралары, кыамматтары аһынар санаа үөскээһинэ.

- Үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран туһанар буолуу.

- Тулуурдаах, өһөс санаалаах буолуу.

- Үлэни үлэлээһин.

- Үөрэҕи баһылааһын.

Бу кылгас быһаарыылар киһи өйө-санаата уонна кыыллар өйдөрө-санаалара бэрт чугас сылдьалларын биллэрэр. Кыратык киһи быһыы-тыгар тиийбэт быһыыны оҥорон кэбиһии кыыллыы быһыы буолан хаалара өй-санаа уустуктарын үөскэтэр. Ол курдук, арыгыны аһара иһэн итирбит киһи “Сибиинньэ курдук” буолара биллэр. Ону тэҥэ, кыыһыран иһэр киһи ыкка тэҥнэнэн хаалара элбиир.

Өй-санаа киһи саамай кэбирэх сирэ буолар. Өй, салгын кут көтөн хаалыыта киһини сонно кыыл, сүөһү таһымыгар түһэрэн кэбиһэр. Ол курдук, итирэн өйө көтөн хаалбыт киһи сүөһү курдук быһыыланара дьоҥҥо барыларыгар биллэр.

Өй-санаа аһара барарын киһи тулуура, өһөс санаата улаатыыта эрэ хам тутан тохтотор кыахтанар. Бэйэтин туттунар, тохтотунар күүһэ суох киһи киһи быһыытын тутуһара кыаллыбат буолуон сөп. Ол курдук, кыыһырарын кыайан туттуммакка абарыыга тириэрдэн иһэр киһи куһаҕан быһыыны оҥорон кэбиһиэн сөп.

Киһи быһыыта диэн этии дьон өйдөрө-санаалара сайдан, оҥорор быһыылара тупсан кыыллартан, сүөһүлэртэн бэйэлэрин туспа араа-рыммыт кэмнэриттэн үөскээн олоххо киирбит. Ону бэлиэтээн киһи диэн тыл олоххо киирэн туттулла сылдьар. Ол аата киһи оҥорор быһыыта тупсуута, сайдыыта киһи быһыыта диэн этиини үөскэппит.

Дьон өйө-санаата сайдан, оҥорор быһыылара тупсан истэҕинэ кыыллар быһыылара куһаҕан диэн ааттанан хаалан барбыттар. Ол иһин тупсубут, сайдыбыт киһилии быһыылар үөскээн тарҕаммыттар. Киһи салгын кута сайдарынан атыттар этиилэрин истэн, толорон оҥорор быһыыга кубулутара атыттары баһыйарын үөскэппит.

Киһи төһө да киһи буолууну ситиспитин иһин өйө-санаата аһара барара син-биир хааччахтаннаҕына олоҕо табылларын бэлиэтээн киһи быһыыта диэн оҥорор быһыыны хааччахтааһын үөскээн олоххо туттуллар буолуута Киһи таҥара үөрэҕэ үөскүүрүгэр тириэрдибит. Оҕо өйө-санаата кыра эрдэҕинэ кураанаҕыттан бары үөрэҕи бэйэтэ эрэ ситиһэр кыахтанарыттан өй-санаа үөрэҕэ хас көлүөнэлэр аайы саҥалыы саҕаланан сайдыыны ситиһэн истэхтэринэ эрэ табылэри тутуһарын ситиһэн оҥорор быһыыта киһи быһыылаах буолан тахсарыгар тириэрдэр. Ол иһин дьоҥҥо оҥорор туһата улаатан биэрэр.

Дьон өйдөрө-санаалара өссө сайдыыта, тупсуута киһи оҥорор быһыылара үчүгэй уонна куһаҕан диэн тус-туспа арахсыыларын үөскэппит. Бу арахсыы дьон үчүгэйи оҥорор санааларын элбэтэн үчүгэй быһыылары оҥороллоро үксүүрүгэр тириэрдибит. Ону бэлиэтээн үчүгэй киһи таҥара Иисус Христос үөскээн сайдыбыт.

Киһи быһыыта диэн үөрэх олус киэҥ үөрэх. Ол иһин оҕо улаатан иһэн, бу үөрэҕи баһылыырыгар үчүгэй киһи тугу оҥорорун үтүк-түүнэн ситиһэрэ үөрэх табылларын, түргэтиирин үөскэтэр. Оҕо бары оҥорор быһыытын улахан, олоххо элбэх уопуттаах киһи тугу оҥо-рорун үтүктэн оҥоро үөрэннэҕинэ, түргэнник киһи быһыылаах буола улаатар кыахтанарын сахалыы таҥара үөрэҕэ тутуһар.

Онон киһи быһыыта диэн сахалыы таҥара үөрэҕэ туһанар хааччаҕа киһи оҥорор быһыылара аһара баралларын тохтотон киһи быһыытыгар киллэрэн биэрэргэ аналланар.

КИҺИ БЫҺЫЫЛААХ КИҺИ

Оҕо улаатан иһэн киһи буолууну ситистэҕинэ олоҕун киһи быһыылаахтык олорор кыахтанар. Ол аата бары оҥорор быһыылара киһи быһыытын таһынан барбат кыахтаналлар.

Киһи айылҕаттан аналлаах, сыаллаах төрүүр. Олох сыала диэн эр киһиэхэ уонна дьахтарга тус-туспалар. Сахалыы таҥара үөрэҕэ дьон айылҕаттан эттэрин-сииннэрин уратыларын билэн олоххо сыаллара тус-туспаларын табатык сыаналыыр, ол иһин дьон икки өрүттэригэр ситиһэргэ аналлаах тус-туспа сыаллары олохтоон биэрэр:

1. Эр киһи элбэхтик үлэлиир, оҥорор, тутар аналлаах.

2. Дьахтар анала оҕо төрөтүүтэ уонна иитиитэ, үөрэтиитэ буолар.

Дьон икки өрүттэрин олоххо аналларын, сыалларын чуолкайдаан арыыйда дириҥник ырытан быһаарыахпыт:

1. Эр киһи. Эр киһи этэ-сиинэ хамсаныылары оҥороруттан үйэтин тухары сайдан иһэр. Хас биирдии быччыҥнарыгар буор кут үөскээн үөрүйэх буоларыттан хамсаныылары оҥороро сайдан, тупсан иһэрин ситиһэр. Айылҕаттан эр киһи элбэхтик үлэлиир, буор кутун сайын-наран иһэр аналлаах. Буор кута үйэтин тухары сайдар уонна сай-дыылаах буор кутун кэлэр көлүөнэлэригэр биэрэр кыаҕа хаалан хаалбат. Бу сайдыылаах буор кутун оҕолоругар биэрдэҕинэ аймахтар уонна омук сайдан иһиини түргэнник ситиһэллэрин үөскэтэр.

Эр киһи элбэхтик үлэлиириттэн, хамсанарыттан буор кута үйэтин тухары сайдан иһэр. Бу сайдыылаах буор кутун ыраас кыыс оҕону эрэ ойох ыллаҕына оҕолоругар биэрэр кыахтанара өй-санаа үөрэҕин уустуктарын уонна дьон бары тутуһа сылдьаллара туһалааҕын биллэ-рэр. Ол иһин омук сайдыытын ситиһэргэ туһалыыр сахалыы таҥара үөрэҕэ эр киһи эдэр кыыһы ойох ыларын бобо, хаайа сатаабат.

Эр киһи үлэлиир, оҥорор, тутар аналын ыалы барынан-бары хааччыйыыга анаатаҕына олоҕун сыалын ситиһэр кыахтанар. Дьиэ тутуута, мас олордуута диэн эр киһи олоҕун анала буолар.

2. Дьахтар. “Дьахтар үйэтэ кылгас” диэн өс хоһооно дьахтар оҕо төрөтөр эрэ кэмигэр дьахтар диэн ааттанарын уонна бу кэмэ чахчы кылгаһын биллэрэр суолталаах. Бу кэми табатык туһаныы дьахтар олоххо сыалын толорорун үөскэтэр. Ол курдук, эдэр дьахтар оҕо төрөтөр кыаҕа улаханын таһынан, төрөтөр оҕото доруобай буолара элбиирин сайдан иһэр омук дьоно туһаналлара эрэйиллэр.

Омук сайдан иһиитэ эр киһи сайдыылаах буор кута оҕолоругар бэриллэн иһэриттэн олус улахан тутулуктаах. Ыраас кыыс оҕо эрэ эр киһи буор кута иҥмит оҕотун төрөтөр кыахтанарын сахалар билэн кыыс оҕо сааһын ситтэр эрэ эргэ биэриини туһаналлар. Эдэригэр эргэ тахсыбыт кыыс олоҕун сыалын, доруобай оҕолору төрөтөрүн уонна иитэри, үөрэтэри төрөппүттэрин көмөлөрүнэн кыайар кыаҕа улаатар.

“Ыал ийэтинэн” диэн этии ыалы тэрийиигэ, сайыннарыыга дьахтар ылар оруолун толору быһаарар. Ол курдук, кыыс оҕо ыалы тэрийэр уонна оҕолору төрөтөн, иитэн, үөрэтэн сайыннарар, ону тэҥэ, киһи төрүт кута ийэ кут диэн ааттанара өйө-санаата ийэтэ иитэн биэрбит үчүгэй үгэстэриттэн быһаччы тутулуктааҕын дакаастыыр.

Айылҕаттан эр киһи уонна дьахтар эттэрин-сииннэрин уратылара олохторун сыаллара эмиэ тус-туспаларын үөскэтэр. Бу сыаллары толоруу диэн хас биирдии киһиттэн ирдэнэр көрдөбүл буолар:

А. Уол оҕо улаатан үөрэҕи-билиини, үлэни баһылаан баран ойох ылар, дьиэ туттар уонна мас олордор диэн быһаарыллар.

Б. Кыыс оҕо улаатан, этэ-сиинэ ситтэр эрэ сайдыылаах буор куттаах эр киһиэхэ эргэ баран сайдыбыт буор куттаах оҕолору төрөтөр, иитэр, үөрэтэр сыаллаах. Кэмэ кэлэн төрөөн бүттэҕинэ уонна оҕолоро улаатаннар иллэҥсийдэҕинэ үөрэниэн, ханнык баҕарар үлэни эр киһиттэн итэҕэһэ суохтук үлэлиэн сөптөөх кыахтанарыттан өйө-санаата эр киһини кытта тэҥнэһэрин ситиһэр. Саха дьонун олохторун сыала тус-туспалара эр киһи уонна дьахтар эттэрэ-сииннэрэ айылҕаттан улахан уратылаахтарыттан туту-луктанар. Ол курдук, эр киһи буор кута үйэтин тухары сайдар уонна ол сайдыбыт буор кутун оҕолоругар биэрэн иһэр кыаҕа хаалан хаалбатыттан эдэр дьахтары ойох ылар кыахтанар.

“Дьахтар үйэтэ кылгас” диэн сахалар этэллэр. Бу этии дьахтар оҕо төрөтөр кэмэ кылгаһын биллэрэрэ ордук суолталаах. Кыыс оҕо эдэригэр сайдыылаах буор куттаах эр киһиэхэ эргэ таҕыстаҕына оҕолонор кыаҕа улахана уонна доруобай оҕону бу кэмҥэ төрөтөрө олоҕун сыалын ситиһэригэр тириэрдэр.

Үчүгэй баҕайы киһи биирдэ сыыһа туттунан куһаҕаны оҥорон туох үчүгэйи оҥорбутун барытын буортулаан кэбиһэрин “Ложка дегтя портит бочку меда” диэн өс хоһооно биллэрэр. Ол курдук, киһи олоҕор сыыһа-халты туттубата олус улахан оруолу ыларын иһин, сахалыы таҥара үөрэҕэр оҕону көрсүө, сэмэй буолууга иитии, үөрэтии үөрэҕэ туттулла сылдьара биллэрэр.

Киһи буолуу диэн оҕо үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран туһанарын тэҥэ, бары оҥорор быһыылара киһи быһыытын таһынан барбат буоллахтарына ситиһиллэр үөрэх буолар.

Киһи быһыылаах киһи диэн бары оҥорор быһыылара киһи быһыытын аһара барбаттарын ситиһэр кыахтаах, тулуурдаах, тут-тунар күүстээх, сыыһа-халты туттубат көрсүө, сэмэй киһи буолар. Бу киһи бэйэтин өйүн-санаатын күүһүнэн туттунан, аһара барбат кыйыалара сиэр уонна киһи быһыыта диэн ааттаналлар.

Дьон бары оҥорор быһыылара киһи быһыытын аһара барбат буоллахтарына эрэ, киһи быһыылаах диэн ааттаналлар. Киһи быһыытын аһара барбыт быһыы кыыллыы быһыыга тиийэн хаалара өй-санаа уустуктарын уонна солбуйсан биэрэллэрэ кэлэрин биллэрэр.

Кырдьаҕас киһини бэстилиэнэй суолугар атаарыыга олоҕун киһи быһыылаахтык олордо диэн элбэхтик этэллэр. Үчүгэй, туһалаах быһыылары оҥорбутун ахтаннар, санааннар, ол быһыыларын үрүҥ айыы оҥороллор. Ол аата, бу киһи олоҕун устата бары оҥорбут быһыылара киһи быһыылаах эбиттэрэ быһаарыллар уонна кэлэр көлүөнэлэри үөрэтэргэ анаан үчүгэйин, туһалааҕын талан ылан үрүҥ айыы оҥорон умнуллубат буоларын үөскэтэллэр.

Олоҕун киһи быһыылаахтык олорор, үлэни баһылаабыт кырдьаҕас киһи үйэтин устата оҥорбут үчүгэй, туһаны аҕалбыт быһыыларын кэпсээн, суруйан кэлэр көлүөнэлэргэ хаалларан иһэрэ эрэйиллэр. Киһи быһыылаах киһи оҥорбут олоххо туһалаах, үчүгэй диэн аат-танар быһыыларын кэлэр көлүөнэлэргэ тириэрдии үрүҥ айыы диэн ааттанар уонна итэҕэл иккис өрүтүн үөскэтэр. Ол аата кырдьаҕас киһи оҥорбут бары быһыыларыттан үчүгэйин, үрүҥүн талан ылан аныгы, сайдыбыт, тупсубут олоххо туһаныыны үөскэтэллэр.

Сахалыы таҥара үөрэҕэ диэн олох үөрэҕэ. Ол аата кырдьаҕастар оҥорбут үчүгэй, олоххо туһаны аҕалбыт быһыыларыттан хомуллан таҥара үөрэҕэ үөскээн сайдыбытын туһана сылдьыллар.

Онон киһи быһыылаах дьон оҥорбут үчүгэй, олоххо туһалаах быһыыларын үтүктэн, батыһан, хатылаан оҥорон туһана сылдьыы киһи быһыылаах буолууну үөскэтэр.

КИҺИ КИҺИТЭ

Олоххо сайдыыны ситиһии тохтообокко кэлэн иһэринэн киһи былыргы курдук тайҕаҕа соҕотоҕун сылдьара суох буолбута, хаал-быта быданнаата. Киһи дьон ортотугар олоҕун олорор, үлэлиир-хамсыыр, оҥорор-тутар кэмэ кэлбитэ ыраатта.

Ыал омук сайдан иһэрин үөскэтэр. Сахалыы таҥара үөрэҕэ ыаллар олохторуттан сайдан, тарҕанан иһэр. Ол курдук, бары ыаллар бэйэ-бэйэлэрин билсэ, көрсө сылдьаллар. Ханнык ыаллар хайдах олохтоохторун бары билэннэр туох эмэ үчүгэйдэрин булан бары үтүктэ, батыһа сатыылларын тэҥэ, куһаҕаны умналлар. Үчүгэйи, туһалааҕы үтүктүүттэн олоххо сайдыы, уларыйыы киирэн иһэрэ ситиһиллэр.

“Төрүт уус ыал” диэн этии бу ыаллар олохторун, үлэлэрин, тугу ситиспиттэрин, майгылара хайдаҕын уонна оҕолорун хайдах иитэл-лэрин, үөрэтэллэрин барытын холбуу ылан быһаарар суолталаах. Бу ыаллар оҕолорун ийэ кутун иитэр, кыра эрдэҕинэ туһа киһитэ оҥорон үлэҕэ үөрэтэр үөрэхтэриттэн уонна киһи буолууну ситиһиннэрэл-лэриттэн сахалыы таҥара үөрэҕэ хомуллан, таҥыллан үөскээбит.

Киһи бэйэтигэр эрэ буолбакка, атыттарга эмиэ үчүгэйи, туһалааҕы оҥороро элбээтэҕинэ киһи киһитэ диэн ааттанар. Дьоҥҥо туһалааҕы, үчүгэйи оҥороро элбээбитин таба сыаналаан киһиэхэ ити бочуоттаах ааты иҥэрэн биэрэллэрэ былыргы үйэҕэ олоххо киирбит.

Киһи бэйэтигэр туһалааҕы оҥостор санаата элбээн хаалыытын “Бэйэ ырбаахыта этиттэн чугас” диэн нууччалыы өс хоһооно бил-лэрэр, онтон атыттарга туһалааҕы оҥороро элбэх киһини сахалар туспа арааран киһи киһитэ диэн ааттыыллар.

Оҕо тугу барытын улахан киһи оҥорорун курдук оҥорорго, үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран оҥорор быһыыларыгар туһанарга үөрэннэҕинэ киһи буолууну ситиһэр. Төрөппүт оҕотугар “Киһи буол”, “Киһи оҥорорун курдук оҥор” диэн этэн баҕа санаатын тириэрдиититтэн, тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорорго иитэриттэн, үөрэтэриттэн киһи буолуу диэн өйдөбүл, аналлаах үөрэх үөскээн олоххо киирбит. Ону тэҥэ, оҕо ситиһэ сатыыр биир баҕа санаатынан улахан киһи буола охсуу өйө-санаата буолар. Төрөппүт уонна оҕо олоххо туһаны аҕалар баҕа санаалара холбоһоннор оҕо ситиһэ сатыыр баҕа санаатын, киһи буолуу өйүн-санаатын үөскэтэллэр. Оҕо төһө эрдэлээн бу баҕа санааны ситиһэр даҕаны, олоххо оҥорор ситиһиилэрэ элбээн тахсаллар. Дьон өйө-санаата сайдан, тупсан иһиититтэн киһи оҥорор быһыыларын үчүгэй эбэтэр куһаҕан диэн тус-туспа араарыылар үөскээннэр олоххо киирбиттэр. Бары “үчүгэй” диэн билинэр быһыыларын оҥоро сатыылларыттан уонна оннук баҕа санааны үөскэтинэн иһэллэриттэн үчүгэй киһи таҥаралар оҥорор быһыыларын үтүктэллэриттэн Будда, Христос уонна Аллах таҥаралар үөскээбиттэр. Киһи майгыныгар, дьоҥҥо сыһыаныгар, оҥорор быһыыларыгар, тугу оҥорбутугар сөп түбэһэр сыананы атыттар биэрэн иҥэрэллэр. Тулалыыр дьон санаалара дьайа сылдьарыттан киһи ханна да кыайан куоппат. Санаа киһи тугу саҥарарын, этэрин үөскэтэр, салайар. Сахалар ону былыргыттан билэннэр дьон тугу этэллэригэр, саҥа-ралларыгар улахан суолтаны биэрэллэр.

Саха тылыгар тугу эмэ өссө күүһүрдэн, улаатыннаран биэриигэ хос, хатылаан этэн биэрии туттуллар. Ол курдук, улахан да улахан, улахантан улахан диэтэххэ көннөрү улаханнааҕар өссө, икки төгүл курдук улахана быһаарыллан тахсар. Дьоҥҥо үчүгэйи, туһалааҕы оҥороро көннөрү киһитээҕэр өссө элбэх, тупсубут сыһыаннаах киһиэхэ киһи киһитэ диэн ити уратытын бэлиэтээн бочуоттаах ааты биэрэн иҥэрэллэр. Киһи киһитэ диэн этиини көннөрү киһиттэн саныыр санаата, майгына, оҥорор быһыылара, дьоҥҥо сыһыана өссө тубустаҕына дьон хайҕаан, сөбүлээн иҥэрэн биэрэр ааттара буолар.

Олох салгыы баран истэҕинэ киһиэхэ ситиһэн иһэргэ аналлаах баҕа санаа үөскүүрэ өйө-санаата өссө сайдыытын төрүттүүр. Киһи буолуу баҕа санаатын уонна ыал буолууну ситиспитин кэнниттэн киһиэхэ киһи киһитэ буолуу өйө-санаата баҕа санаа буолан киир-дэҕинэ, ол баҕа санаатын ситиһэргэ кыһаннаҕына өйө-санаата тупсар, салгыы сайдан иһэр кыахтанар.

Тупсуу диэн өйдөбүл киһи оҥорор быһыылара, майгына урук-кутуттан, сөп диэнтэн уларыйбытын, өссө тупсубутун биллэрэр өй-санаа мээрэйэ буолан былыргыттан туттуллар. Урукку куһаҕантан тупсан-тупсан үчүгэй буолуу ситиһиллэр кыахтанар. Ол аата тупсуу диэн өйдөбүл киһи оҥорор быһыылара үчүгэй диэн быһаарыллар буо-луохтарын иннинэ үөскээбит өйдөбүл буолар.

Киһи киһитэ диэн өйдөбүл баара сахалар өй-санаа, таҥара үөрэҕин нууччалар кэлиэхтэрин быдан инниттэн толору баһылаабыттарын, сайдыытын бары таһымнарын арыйан туһаналларын дакаастыыр.

Дьон бары биир халыып, маарыннаһар буолбатахтар. Киһиэхэ өссө майгы диэн өйүн-санаатын уратыларын быһаарар мээрэй баар уонна эмиэ икки өрүттэниини үөскэтэр. Майгы элбэх уратылара кыыллартан салгыы киһиэхэ бэриллэн иһэллэриттэн үгүс тус-туспа-лаахтара быһаарыллан өй-санаа үөрэҕэр киирбиттэр:

1. Кыыллар майгылара.

2. Киһилии майгылар.

Майгы бу биллэр уратыларын арыыйда дириҥник быһаарыахпыт:

1. Дьон олус былыргы кэмнэргэ кыыллартан, сүөһүлэртэн туспа арахсыбыттарын уонна бэйэлэрин киһи диэн ааттаммыттарын били-гин да кыыллар майгылара сорох дьоҥҥо бааллара биллэн ылара быһаарар. Кыыллартан киһиэхэ бэриллибит майгылар суох буолан хаалбаттар, арай сыыйа-баайа көнөн уонна өй-санаа сайдыытыттан тупсан биэрэн уларыйан иһэллэрэ уһун үйэлэргэ ситиһиллэр.

2. Дьон бары майгыларын уратыларынан тус-туспа арахсаллар. Уһун үйэлэргэ өйдөрө-санаалара сайдан, тупсан истэҕинэ майгылара сыыйа-баайа тупсан, көнөн киһилии майгыланан, киһи буолалларын билинэн туспа арахсыылара саҕаламмыт.

Уһун үйэлэргэ кыыллар майгылара сайдан тупсан киһилии майгы үөскээбит эрээри, бу икки өрүттэр солбуйсан биэрэллэрэ бэрт кыраттан тутуллан сылдьара быһаарыллар. Кыратык кыыһырыы киһилии майгы буоллаҕына, аһара баран кыыһыра сылдьыы кыыллыы майгыга тиийэн хаалар. Ону быһааран “Ыт курдук ырдьыгынас” диэн өс хоһооно үөскэтиллэн туттулла сылдьар.

Киһи киһитэ диэн этии киһи өйө-санаата көнөн уонна майгына тупсан атыттарга үчүгэйи оҥороро элбээтэҕинэ итинник ааттанар. Атын киһиэхэ үчүгэйи санааһын уонна көмөлөһөр санаа баара диэн киһилии майгы өссө тупсубута, сайдыбыта буолар.

Сахалыы таҥара үөрэҕэ киһи үчүгэй санаалара элбиирин туһугар атыттарга үчүгэйи баҕарара туһалыырын быһаарар. Ол курдук, киһи бэйэтигэр үчүгэйи баҕарара, үчүгэйи оҥоро сатыыра айылҕатыгар баар. Онтон атын киһиэхэ ол үчүгэйин баҕара, оҥоро сатаатаҕына киһи киһитэ буолуу диэн үрдүк сыанабылы ылар кыахтанар.

Киһи киһитэ буолуу диэн атыттарга үтүөнү, үчүгэйи оҥороро элбэх киһини ааттыыллар. Бу бочуоттаах ааты атын дьон сөбүлүүр, элбэхтик көмөлөһөр киһилэригэр иҥэрэллэр.

Саха оҕото аан бастаан саҥара үөрэнэр тыла – мэ диэн буолар. Бу тыл оҕо саҥара үөрэнэригэр олус судургу уонна боростуой эрээри, атыттарга тугу эмэ биэрэрин, ол аата үчүгэйи оҥорорун биллэрэр. Бу тылы саҥарарга үөрэтиини таһынан сахалар оҕону кэһиини бэрсии диэн үгэскэ үөрэтэллэр. Бу үгэс баар дьоҥҥо барыларыгар кыра кэһиини үллэрэн биэрэргэ үөрэтэр. Оҕо ону үллэрэн баран мэ диэн этэн барыларыгар түҥэттэҕинэ, атыттарга үчүгэйи оҥорор баҕа санаата үөскээн улаатан барыыта саҕаланар. Сахалыы мэ диэн саҥара үөрэммит оҕо өйө-санаата атыттарга көмөлөһөргө аан бастаан үөрэ-нэринэн киһи буолууну ситиһэр кыаҕа түргэтиир уонна улаатар.

Нууччалыы саҥарар оҕо аан бастаан – “дай” диэҥҥэ үөрэнэрэ бары киниэхэ биэрэллэрин курдук сыыһа, куһаҕан суолталаах өйдө-бүлү иҥэрэн кэбиһэр. Ол иһин оҕо өйө-санаата бэйэмсэх буолууга иитиллэн хаалара атаах буолуутугар тириэрдэрин тэҥэ, улааппытын кэннэ атыттары кытта тапсыбатын үөскэтиэн сөп.

Дорҕоон оҕоҕо, киһиэхэ дьайыыта хаһан да уларыйбат. Ол курдук, бэйэмсэх буолуу атаахтык иитиллиини үөскэтэрэ оҕо өйүн-санаатын халытыыга тириэрдэр. Оҕо атаахтык иитиллиитэ элбээтэҕинэ омук дьоно үлэни кыайбаттарыттан эстиигэ, атыттарга баһыттаран туора-тыллыыга, симэлийиигэ тиийэн хаалыахтарын сөп.

Сахаларга киһи киһитэ диэн этии хаһан үөскээбитэ өссө биллибэт, олус былыргы кэмнэргэ буолуон сөп. Ол курдук, тылы хос этэн өссө үчүгэйин биллэрии саха тылын үйэлээх үгэһэ буолбута ырааппыт. Үчүгэйтэн үчүгэй диэн этии үчүгэй өссө улааппытын биллэрэр.

Онон киһи киһитэ диэн үчүгэй буолууну быһаарыы сахалыы таҥара үөрэҕэ олус былыргы кэмнэргэ үөскээн олохсуйбутун бил-лэрэрин тэҥэ, өй-санаа тупсуутугар тириэрдэрэ быһаарыллар.

КИҺИЛИИ МАЙГЫ

Олус былыргы дьон өйдөрө-санаалара улахан кыыл өйүттэн-санаатыттан сайдан иһиитэ улахан үктэллэри өрө тахсан иһиигэ маарыннаан бииртэн-биир кэлэн, үрдээн биэрэн иһэллэр. Билигин киһи өйө-санаата сайдан, тупсан лаппа үрдүк таһымҥа тахсан сылдьарыттан сиэри таһынан барар куһаҕан, ыар быһыылары оҥорон кэбиһии биллэрдик аҕыйаата. Былыргы дьон өйдөрө-санаалара сайдан, тупсан киһи буолууну ситиспиттэрин кэнниттэн, ол таһымтан өссө тупсууну ситиһэр кыахтаммыттар. Дьон тугу барытын сөпкө, таба оҥорууну кыайар буолан бараннар өссө тупсаҕайдык, үчүгэйдик оҥоро сатыырга дьулуһаллара салҕанан иһэр.

Киһи оҥорор быһыыта тупсан истэҕинэ майгына, дьоҥҥо сыһыана эмиэ тупсан киһилии майгы диэҥҥэ уларыйбыт. Киһиэхэ үс кутта-рыттан ураты өссө майгы диэн өй-санаа элбэх түмсүүлэрэ баалларын Кут-сүр үөрэҕэ туһанар. Онно киирсэллэр:

- Киһи туттуна сылдьар быһыыта.

- Атын дьоҥҥо сыһыана.

Киһи майгыныгар, дьоҥҥо сыһыаныгар, оҥорор быһыыларыгар, тугу оҥорбутугар сөп түбэһэр сыананы атыттар биэрэн иҥэрэллэр. Тулалыыр дьон санаалара дьайыытыттан уонна этэр тыллара тии-йэриттэн киһи ханна да кыайан куоппат. Санаа киһи тугу саҥарарын, этэрин аан бастаан үөскэтэр, онтон бу санаа оҥорор быһыыга кубулуйар. Сахалар ону былыргыттан билэн дьон тугу этэллэригэр, саҥаралларыгар улахан суолтаны биэрэллэр. (10,102).

Саха тылыгар тугу эмэ өссө күүһүрдэн, улаатыннаран биэриигэ хос, хатылаан этэн биэриини туһана сылдьаллар. Ол курдук, улахан да улахан, улахантан улахан диэтэххэ көннөрү улаханнааҕар өссө, икки төгүл курдук улахана быһаарыллан тахсар.

Өссө тупсубуту, үчүгэй буолбуту бэлиэтээн хос этэн чиҥэтэн биэрии саха тылыгар элбэхтик туттуллар. Киһилии киһи диэн этиини элбэхтик истэбит. Ол аата киһиттэн өссө үчүгэй быһыылары оҥорор уонна тупсубут майгылаах, өйө-санаата сайдыбыт киһи буоларын бэлиэтээн итинник этэллэрэ быһаарыллар.

Киһилии киһи диэн бочуоттаах ааты оҥорор быһыыта барыта киһиттэн өссө үчүгэй уонна майгына өссө тупсубут, сайдыбыт киһиэ-хэ атыттар биэрэн иҥэрэллэр. Сайдыыны ситиһии дьоҥҥо барылары-гар биир тэҥҥэ тиийэн кэлбэт. Аан дойдуга сорохтор киһи буолууну саҥа ситиһэ сатыыр буоллахтарына, атыттар аһара баран, майгылара өссө тупсан киһилии киһи буолары ситиспиттэрэ ырааппыт. Оҕо улаатан иһэн тугу барытын улахан киһи оҥорорун курдук оҥорорго, үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран субу оҥорор быһыы-ларыгар туһанарга үөрэннэҕинэ киһи буолууну ситиһэр. Төрөппүт оҕотугар “Киһи буол”, “Тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥор” диэн баҕа санаатын тириэрдиититтэн уонна оҕо бэйэтэ улахан киһи буола сатыыр баҕа санаатыттан киһи буолуу диэн өйдөбүл олоххо киирэн Киһи таҥара үөскүүрүгэр тирэх буолбут.

Олоххо сайдыыны ситиһии тохтообокко кэлэн иһэринэн киһи былыргы курдук тайҕаҕа соҕотоҕун сылдьара суох буолбута быдан-наата. Киһи дьон ортотугар олоҕун олорор, үөрэнэр, үлэлиир-хам-сыыр, оҥорор-тутар. Чугас ыаллара киһини бэйэтинээҕэр ордук үчү-гэйдик билэллэрэ үөскээн тарҕанан сылдьар.

Тупсуу диэн өйдөбүл киһи оҥорор быһыылара, майгына сөп буолууттан өссө уларыйбытын, тупсубутун биллэрэр өй-санаа мээ-рэйэ буолан былыргыттан туттуллар. Бу өйдөбүл киһи оҥорор быһыылара өссө тупсан үчүгэй диэн быһаарыыларга киирсиэхтэрин иннинэ үөскээбит өйдөбүл буолар. Олус былыргы дьон өйдөрө-санаалара улахан кыыл өйүттэн-санаатыттан сайдан иһиитэ улахан үктэллэри өрө тахсан иһиигэ маарыннаан бииртэн-биир кэлэн, үрдээн биэрэн иһэллэр. Билигин сиэри таһынан куһаҕан, ыар быһыылары оҥорон кыыл быһыытыгар биирдэ эмэ түһэн ылыыттан ураты киһи өйө-санаата сайдан, тупсан лаппа үрдүк таһымҥа таҕыста, үчүгэйтэн үчүгэйи аһара баран кэрэ буола сатааччылар элбээн эрэллэр.

Былыргы дьон өйдөрө-санаалара сайдан киһи буолууну ситис-питтэрин кэнниттэн, ол таһымтан өссө сайдан, элбэх туһалаах уларыйыылары киллэрэн оҥорор быһыылара тупсуутун ситиһэр кыахтаммыттар. Дьон тугу барытын сөпкө, таба оҥорууну ситиһэн бараннар өссө тупсаҕайдык оҥоро сатыырга дьулуспуттар.

Өссө тупсубуту, үчүгэй буолбуту бэлиэтээн хос этэн чиҥэтэн биэрии саха тылыгар элбэхтик туттуллар. Киһилии киһи диэн этиини элбэхтик истэбит. Ол аата киһиттэн өссө тупсубут, өйө-санаата сайдыбыт, майгына көммүт киһи буоларын бэлиэтээн итинник этэллэр.

Сайдыыны ситиһии дьоҥҥо барыларыгар биир тэҥҥэ тиийэн кэлбэт. Сорохтор киһи буолууну саҥа ситиһэн эрдэхтэринэ, сорохтор аһара баран, өссө тупсан киһилии киһи буолары ситиспиттэрэ ыраатта. Европа дойдулара өйдөрө-санаалара сайдан арыгыны бобол-лорун бырахпыттара ырааппыта, онтон сайдыыны ситиһэ илик Россия дьоно өссө да бобо-хаайа, хааччахтыы сатыы сылдьаллар.

Сахалар киһилии киһи буолары үчүгэй киһи буолуу өссө үөскүү илигинэ ситиспиттэригэр сөп. Өй-санаа бу уларыйыыта сахалыы тылларынан этиллэрэ сахалар олус былыргы кэмнэртэн киһи өйүн-санаатын үөрэҕин дириҥник баһылаабыттарын биллэрэр. Ол курдук, сайдыыны ситиһии бииртэн биир кэлэн иһэр үктэллэри өрө тахсан иһии курдук кэлэн иһэрэ маннык бэлиэтэнэр:

1. Улахан кыыл өйүттэн-санаатыттан сайдан, тупсан киһи буолуу, киһилии быһыыланыы ситиһиллэр. Дьон киһи буолар баҕа санаа-ларыттан Үрүҥ Аар Тойон таҥара үөскээн сайдыбыт. Ийэ, аҕа таҥаралар үөскээннэр оҕолор улаатан иһэн киһи буолууну эрдэлээн ситиһэр кыахтаммыттар. Дьон тугу барытын сөптөөхтүк, табатык оҥорууну, нэмин билэн туттунары ситиспиттэр.

2. Киһи өйүттэн-санаатыттан, оҥорор быһыыларыттан өссө туп-сууну ситистэҕинэ, майгына тубустаҕына киһилии киһи буолуу кыаллар. Ол аата киһилии киһи диэн саныыр санаата, саҥарар тыл-лара уонна оҥорор быһыылара, майгына киһиттэн өссө тупсубут киһи буолар. Өй-санаа бу тупсуутуттан, оҕо улахан киһи буолар баҕа санаатыттан улахан киһи таҥара Будда үөскээн сайдыбыт.

3. Өй-санаа өссө сайдыытыттан үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны таба арааран туһаныы олоххо киирбит, киһи бэйэтэ үчүгэйи эбэтэр куһа-ҕаны оҥорон кэбиһэрин билиниититтэн, үчүгэй быһыылары элбэхтик оҥорор, үчүгэй киһи буолар баҕа санаа үөскээн элбэх дьоҥҥо уонна дойдуларга тарҕаммыт. Үчүгэй киһи буола сатааһын баҕа санаата улаатан Христос, Аллах таҥаралары үөскэппит.

4. Билигин дьон өйдөрүн-санааларын сайдыыта үчүгэй киһини аһара баран үчүгэйтэн үчүгэй киһи буола сатааһын диэки салаллан эрэриттэн артыыстар баһылыыр оруолга тахсан кэрэ буолууну тарҕата сатыыллара сайдыылаах диэн ааттанар омуктарга элбээн эрэр.

Дьон өйө-санаата өссө сайыннаҕына кэрэ киһи буолуу кэлиэ диэн этии өй-санаа үөрэҕин билбэттэн үөскүүр. “Туох барыта икки өрүт-тээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн киһи оҥорор быһыылара икки өрүттээхтэрин уонна кэрэ буолуу кэнниттэн эргийэн, солбуйсан биэрэллэрэ кэлэн эрэрин билбэт дьон итинник этэллэр. Ол аата кэрэ буолуу дьоҥҥо ыра санаа эрэ буолан хаалар аналлаах.

Билигин сайдыылаах өй-санаа демократия үөрэҕин сайыннаран киһи киһиэхэ сыһыанын өссө тупсарда. “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа төрүт тутулугун тутуһар демократия үөрэҕэ дьоҥҥо туох барыта эргийэн биэрэрин биллэрэрэ ордук суолталаах.

Учуонай Б.Н.Попов олоххо кэрэ буолуу кэлэригэр саарбахтыырын биллэрэр. “Кэрэттэн кэрэ диэн, кэрэ кэрэтэ диэн киһи буолуох тустаах”,- диэн С.Омоллоон эппит. Үгүстэр этэллэринэн, кини искусство, уус-уран литература айымньыларыгар киэргэтиллэн эрэ кэрэ, оттон дьиҥнээх олохпутугар ырааҕынан оннуга суох”. (11,5).

Кэрэ диэн көстүү ааттанар. Кэрэтик үлэлээһин диэн суох. Киэргэммит, кэрэ буолбут киһи үлэлээбэт, үлэни сирэр. Ол иһин омук дьоно кэрэ буолууга тиийэн хааллахтарына, ырыаны, үҥкүүнү өрө туттахтарына, артыыстыы, албынныы сылдьаллара элбээтэҕинэ үлэ-ни-хамнаһы кыайбакка эстэр, симэлийэр, атыттарга, үлэни кыа-йааччыларга баһыттарар, үтүрүттэрэр кэмҥэ киирэллэр. Ити курдук киһи өйө-санаата сайдыыта уонна кэхтэн эстиитэ сахабыт тылыгар чопчу этиллэн сылдьарын таба туһаныы эрэйиллэр. Билигин маннык балаһыанньа Россияны баһылыыр нуучча омук дьонугар үөскээбитэ бэлиэтэнэр буолла. Өй-санаа солбуйсан биэриитэ үөскээһинэ ханнык эрэ биир сайдыыны ситиспит омук эрэ буолбакка, атыттар эмиэ сайдыыны ситиһэллэригэр аналланар. Ол аата сайдыыны ситиһии биир омуктан атын омуктарга тарҕанан истэҕинэ табыллар.

Кэрэ диэн тыл кэнниттэн кэрэх диэн тылбыт кэлэр. Бу тыл уларыйбат турукка киириини, дьон көрө сылдьарыгар аналлаах бэлиэ-лэригэр кубулуйууну биллэрэр. Ол аата кэрэ буолуу кэнниттэн омук дьоно үлэни кыайбакка эстэллэрэ, симэлийэллэрэ, атын омукка уларыйаллара илэ тиийэн кэлэрэ быһаарыллар. (10,114).

Саха дьоно кэрэ буола сатаабакка, көрсүө, сэмэй буолан үлэни-хамнаһы кыайарга кыһаналлара омук уһун үйэлээх буоларын сити-һэргэ аналланар. Оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн батыһыннара сылдьан үлэҕэ, көрсүө, сэмэй буолууга иитэллэр уонна үөрэтэллэр. (1,94).

Киһи оҥорор бары быһыыларыттан олоххо туһаны аҕалааччылара киһи быһыыта диэн ааттаналлар. Киһи быһыыта сиэри, ол аата киһи хаһан да аһара, таһынан барбат кыйыатын үөскэтэр. Саха дьоно сиэри тутуспат, киһиттэн таһынан барар киһини сөбүлээбэттэр, быстах быһыылаах киһинэн ааҕаллар. Ол иһин сахалыы таҥара үөрэҕэ дьону сиэри уонна киһи быһыытын тутуһарга ыҥырар. (9,76).

Онон көрсүө, сэмэй майгылаах, үлэни-хамнаһы кыайар, былыргыттан “Туох барыта икки өрүттээх” диэн демократия үөрэҕин этиитин тутуһар саха дьоно сайдыыны ситиһэн иһэр кыахтаахтар.

КИҺИЛИИ КИҺИ

Бары киһилии киһи диэн холбуу этиини куруук туһанабыт уонна бу этии туох суолталааҕын саҥа билэн эрэбит. Мин киһи өйүн-санаатын уонна оҥорор быһыыларын холбуу ылан үөрэтэммин, бу этиини толору быһаарар кыахтаммыппын сахаларга тириэрдэбин. Саха оҕото Киһи таҥара үөрэҕин тутуһан киһи буолар баҕа санааны үөскэтинэн улаатан иһэн киһи буолууну ситиһэр. Сахалыы таҥара үөрэҕин туһата диэн оҕоҕо кыра эрдэҕиттэн киһи буолар баҕа санааны иҥэрэрэ өйө-санаата киһилии суолунан сайдарын үөскэтэр.

Киһилии киһи буолары быһаарыы икки уратылаах:

1. Киһи оҥорор быһыыларын үчүгэйдик оҥорор буолуута.

2. Киһилии майгыланыыта.

Бу киһилии киһи буолуу өй-санаа сайдыытын, тупсуутун быһаа-рар уратыларын арыыйда кэҥэтэн ырытыахпыт:

1. Киһи оҥорор быһыыларын оҥоро үөрэннэҕинэ оҕо киһи буо-лууну ситиһэр уонна киһи быһыылаахтык олоҕун олорор кыахтанар. Киһилии быһыылаах киһи оҥорор быһыылара барылара киһи бы-һыыта диэн хааччаҕы аһара барбаттар уонна киһилии быһыылаах диэн быһаарыыны үөскэппиттэр. Киһи оҥорор быһыыларын оҥоруу улахан туһатынан сыыһа-халты буолан хаалбата ааҕыллар. Ол курдук, киһи сыыһа-халты туттунара элбэҕиттэн үчүгэй буолуон да сөптөөх быһыытын куһаҕаҥҥа кубулутан кэбиһэрэ билигин да аҕыйаабат. Киһи оҥорор быһыылара элбэхтэр уонна бары оҥороллоруттан тутулуктанан үчүгэйдэрэ биллибит быһыылар эмиэ бааллар.

2. Киһиэхэ оҥорор быһыыларыттан ураты өссө майгы диэн элбэх өй-санаа мунньулла сылдьара баар. Бу майгы диэн өй-санаа киһи оҥорор быһыыта үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсалларын быһаарар уратылаах. Ол курдук, кыыһырыы диэн хас биирдии киһиэхэ баар майгы уратыта аһара баран абарыы диэҥҥэ тиийэн хааллаҕына оҥорор быһыыны куһаҕаҥҥа кубулутан кэбиһиэн сөп.

Кыыллар өйдөрүттэн-санааларыттан киһи санаата бэрт чугас сылдьарынан киһи хаһан баҕарар киһи буоларын билинэ, аһара барар өйүн-санаатын туттуна сылдьара эрэйиллэр. Ол курдук, аһара кыы-һырыы, ырдьыгынааһын киһини соҕотохто кыыл быһыытыгар кил-лэрэн кэбиһэриттэн киһи барыта туттуна сырыттаҕына табыллар.

Киһиэхэ майгы уратылара олус былыргы кэмнэртэн кыыллартан бэриллэн кэлбиттэр. Ол иһин майгы уратылара икки өрүттээхтэр:

А. Кыыллар майгылара.

Б. Киһилии майгылар.

Бэйэни атыттартан көмүскэнэр майгы кыылларга ордук элбэх. Бу майгы тобоҕо дьоҥҥо баара кыыһырыы диэн ааттанар. Көмүскэнэр майгы айылҕаттан бэриллэр, ол иһин улаханнык кыыһырдахха эккэ-сииҥҥэ эбиискэ эньиэргийэ бэриллэн күүһү эбэн биэрэн көмүскэнэргэ көмөлөһөр. “Уора киирбит” диэн улаханнык кыыһырбыт киһини этэл-лэр. Ол аата уор диэн кыыһырыыттан киһиэхэ эбиискэ киирэн биэрэр эньиэргийэни сахалар ааттыыллар.

Кыыллар өйдөрүттэн-санааларыттан киһи арахсыбыта олус ыраа-тан билигин дьон кыыллартан төрүттээхтэрин билбэт буола сыл-дьаллар. Кыыллар майгыларын тобохторо ордон сылдьалларын киһи туоратан, тупсаран истэҕинэ киһилии майгыланары ситиһэр. Дьон өйдөрө-санаалара сайдан, тупсан, майгылара сымнаан иһэрин тэҥэ, кыыллартан бэриллэн кэлбит майгы тобохторун тупсаран, киһилии майгыга киллэрэн биэрэн иһэллэр. Киһилии быһыылаах уонна майгылаах киһи киһилии киһи буолары ситиһэр кыахтанар. Майгы уратылара төһө да тупсан, үчүгэй буолан испиттэрин иһин “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ син-биир сөп түбэһэллэр. Бу этиигэ сөп түбэһэн киһилии майгы икки өрүккэ арахсар:

а. Үчүгэй майгы.

б. Куһаҕан майгы.

Майгы бу икки утарыта хайысхалаах өрүттэрин тус-туспа ураты-ларын арыыйда кэҥэтэн ырытан быһаарыахпыт:

а. Майгы диэн өй-санаа уратылара аан бастаан киһи киһиэхэ сыһыанын быһаараллар. Атын киһиэхэ үчүгэй сыһыаны олохтуур уонна тутуһа сылдьар киһи үчүгэй майгылаах диэн ааттанар.

Дьон бииргэ олорууларыттан уонна үлэлииллэриттэн майгы үчү-гэй өттүгэр уларыйан, тупсан иһэрэ ситиһиллэр. Ол курдук, элбэхтэр бииргэ олоруулара майгы тупсан, сайдан иһэрин үөскэтэр.

б. Киһи атын дьоҥҥо сыһыана куһаҕан буоллаҕына куһаҕан майгылаах диэн ааттанар. Ол аата атыттары сөбүлээбэт, сирэр буолара биллэн хаалан куһаҕан майгылааҕа быһаарыллар.

Биирдэ эмэтэ да буоллар куһаҕан майгы биллэн кэлиитин киһи тулуура, туттунар күүһэ улахан буоллаҕына атыттарга биллэрбэт кыахтанар. Ол иһин өй-санаа хамсааһынын, дьалкыйыытын тулуур улахана, туттунар күүс баара уоскуталларын, аһара барыыга тиийэн хааларын тохтотоллорун туһана сылдьыы эрэйиллэр.

Майгы көрүҥнэрэ олус элбэхтэр. Дьон өйдөрө-санаалара сайдан тупсан истэхтэринэ үчүгэй майгылар элбээн иһэллэр.

Майгы куһаҕаҥҥа уларыйан хаалара олус түргэн. Араас солуну билии сайдыыны, тупсууну аҕалар буоллаҕына, ол билии аһара баран солумсах диэҥҥэ тиийдэҕинэ куһаҕаҥҥа кубулуйан хаалар. Ол кур-дук, араас буолар-буолбат солуннары истэ-билэ сатааһын киһини көтүмэх уонна солумсах буолууга тириэрдэн туһалааҕы, үйэлээҕи оҥорорун аҕыйатарын иһин сахалар сөбүлээбэттэр.

Тыл үөрэхтээхтэрэ өй-санаа бу уратытын билбэттэриттэн солун диэн тылы “сонун” диэн албын, була сатаан оҥоруллубут тылга ула-рытан сахалары барыларын солумсах оҥоро сатыыллар. Тыа сирин туһалаах үлэлэрин дьон быраҕан барыылара, бу “сонун” диэн албын тыл дьайыытыттан солумсахтара улааппытын биллэрэр.

Өйүн-санаатын хаһан да аһара ыыппат, майгынын уратыларын салайар кыахтаах, туттунар күүстээх киһи өйө-санаата өссө сайын-наҕына киһилии киһи буолары ситиһэр кыахтанарын сахалар былыр үйэлэргэ быһааран ити холбуу этиини туһана сылдьаллар. Ол курдук, киһи оҥорор быһыылара киһи быһыылаах буолан бараннар, майгына эмиэ киһилии буоллаҕына, киһилии киһи буолууну ситиһэр кыах-танарын быһаарар. Өй-санаа бу тупсуутун, сайдыытын быһааран ки-һилии киһи диэн этиини үөскэтэн туһаналлар.

Өй-санаа сайдан тупсан иһэр. Тылга иҥэн сылдьар өй-санаа тупсубутун, уларыйбытын бэлиэтииргэ саха тылыгар тылы хос этэн бигэргэтии туттуллар. Киһилии киһи диэн хос этии киһи оҥорор быһыылара киһиттэн өссө тупсубут, үчүгэй буолбуттарын таһынан, майгына эмиэ киһилиигэ уларыйбытын биллэрэр.

Киһиэхэ хос ааты биэриини атыттар оҥороллор. Киһи оҥорор быһыылара киһи быһыылаах буолбуттарын кэннэ, майгына киһиттэн өссө үчүгэй буоллаҕына киһилии киһи диэн ааты биэрэн иҥэрэллэр.

Онон сахалыы таҥара үөрэҕин баһылаабыт киһи өйө-санаата сайдан, тупсан киһилии киһи диэн бочуоттаах ааты ылар кыахтанар.

КӨРСҮӨ, СЭМЭЙ КИҺИ

Сахалыы таҥара үөрэҕэ оҕону кыра эрдэҕиттэн көрсүө, сэмэй буол диэн үөрэтэр. Көрсүө, сэмэй буолуу киһи сыыһа-халты туттунарын, куһаҕаны оҥорорун аҕыйатан киһи буолууну эрдэлээн ситиһэригэр тириэрдэрэ улахан туһалаах. Ол курдук, аһара барар өйдөөх-санаалаах оҕо улаатан иһэн “Муоһа-туйаҕа туллубут” диэн өс хоһоонугар сөп түбэһэн хаалара хомолтону үөскэтиэн сөбүттэн харыстыыр.

Көрсүө киһи диэн үөрэх, билии үгүс өттүн көрөн, истэн, билэн ылынар киһи ааттанар. Олус былыргы кэмнэргэ көр уонна сүө диэн тыллартан холбоон көрсүө диэн тылы үөскэппиттэр. Ол кэмнэргэ сүө диэн кыыллары, сүөһүлэри ааттыыр эбиттэр. Бу тыл сахалар дьон өйдөрө-санаалара кыыллартан, сүөһүлэртэн сайдан, тупсан испитин билэллэрин чуолкай дакаастабыла буолар.

Саха дьоно көрсүө, сэмэй буолуу киһиэхэ улахан туһаны оҥорорун билэннэр элбэх өс хоһооннорун айан оҥорбуттар:

- “Көрсүө киһи өйө байҕал дириҥин, халлаан үрдүгүн курдук” диэн өс хоһооно көрсүө киһи үөрэҕи ылынар, өйө-санаата сайдар кыаҕа улаханын уонна ол билиитэ улахан туһаны аҕаларын быһаарар.

- “Өйдөөх үтүөнү саныыр, акаары алдьархайы саныыр” диэн өс хоһооно өй киһиэхэ үчүгэйи оҥороругар туһалыырын, онтон аҕыйах эрээри, аһара барара элбэх буоллаҕына, аны алдьархайы оҥорууга тириэрдиэн сөбүн биллэрэр.

- “Көрсүө, сэмэй быһыы киһини киэргэтэр” диэн өс хоһоонугар киһи оҥорор быһыыта майгынын уларытара этиллэр. Бу өс хоһооно киһи оҥорор быһыытыттан өйө-санаата хайдаҕа; үчүгэйэ дуу, куһаҕана дуу быһаарылларын биллэрэрэ ордук улахан суолталаах.

Дьон бары, айылҕа айбытын быһыытынан бэйэ бэйэлэригэр маарыннаспат майгылаахтар, тус-туспа санаалаахтар. Сорох олус тиэ-тэйэн барыны-бары саҥалыы оҥороору, саҥаттан-саҥаны була-тала, айа-тута охсоору ыксыыр. Ханнык баҕарар дьыаланы оҥорууга ыксыыр, тиэтэйэр туһаны аҕалбатын, куһаҕаҥҥа кубулуйарын саха дьоно билэн “Ыт ыксаан-ыксаан икки хараҕа суох оҕону төрөтөр” диэн өс хоһоонун оҥорон туһаналлар. Хараҕа суох ыттан туох туһа тахсыаҕай? Суох буоллаҕа дии. Ол курдук, тиэтэйэн оҥоруллубут дьыала туһата кыра, суох да буолан хаалара элбиир.

Туһалаах дьыалалары оҥорууга, тутууга дьон үксүлэрэ, көрсүө, сэмэй өттүлэрэ соччо тиэтэйбэттэр эрээри, син-биир атыттартан хаалан хаалбаттар, инники түһэн бастаабаталлар даҕаны, тэҥҥэ барсан иһэллэр. Киһи бары оҥорор быһыытын эрдэттэн санаатыгар хос-хос хатылаан оҥорон көрөн туох тахсарын ырытан билэн баран оҥороро ордугун “Сэттэтэ мээрэйдээн баран биирдэ быс” диэн өс хоһооно бигэргэтэрин көрсүө, сэмэй дьон туһаналлар.

Оҕо улаата охсоору, улахан дьон дьыалаларыгар кыттыһаары, кыайа-хото тутаары ыксыыр, тиэтэйэр. Ол да тиэтэйдэр оҕо олус түргэнник этэ-сиинэ улаата да, өйө-санаата да сайда, үчүгэй быһыылары оҥорорго үөрэниитэ мунньулла охсубаттар. Олох олорууга ыксыыр, тиэтэйэр табыллыбат, куһаҕаны оҥорууга, сыыһа-халты тут-тунууга тириэрдиэн сөп. Ыксыырыттан, тиэтэйэриттэн уопута суох эдэр киһи сыыһа-халты туттара элбиир. Ол ордук куһаҕан. Айылҕа айбытынан оҕо этэ-сиинэ ситэн истэҕин аайы онно сөп түбэһэринэн өйө-санаата сайдан, билиитэ-көрүүтэ дириҥээн биэрэн истэҕинэ ула-хан табыллыы, сөп түбэһии, туруктаах буолуу үөскүүр.

“Сэмэй буол, урут түһүмэ” диир сахалар үөрэхтэрэ. Туохха бары-тыгар урутаан түһэн иһэр оҕо ситэ билбэтигэр уонна табан сыана-лаабатыгар оҕустаран сыыһа-халты туттара элбиириттэн эдэрдэри харыстаан итинник сэрэтэллэр.

Сахалар ордук элбэхтик көрсүө-сэмэй диэн холбуу этиини тут-таллар. Көрсүө оҕо диэн мэнигэ, тэбэнэтэ суох, оттомноох, бол-ҕомтолоох, үөрэҕи ылымтыа оҕону этэллэр. Киһи сирэйиттэн-хараҕыттан майгына эмиэ биллэр. Көрсүө сирэйдээх-харахтаах эдэр киһи киирэн кэллэ диэн таба көрөн сыаналаан этэллэрэ элбэх. Киһи барыта көрсүө, сэмэй буолан үлэни кыайа-хото үлэлииргэ дьулуһуохтаах диэн этиини сахалар таҥараларын үөрэҕэ тутуһар.

Сэмэй киһи дьон иннигэр киирэ сатаабат. Ол курдук, инники миэстэ аҕыйах, биир эрэ буоларыттан улахан эппиэтинэһи үөскэтэн сүктэрэр. Атыттары туоратан инники түһэ сатааһын былдьаһыыны, үтүрүссүүнү таһааран куһаҕаны оҥороро элбээн хаалар.

Билигин “Кырдьаҕас киһи иннигэр түһүмэ” диэн этиини табан сыаналаабат буолан сылдьабыт. Бу этии саамай түгэх, дириҥ өйдө-бүлүнэн тиэтэйимэ, урут түһүмэ, кырдьаҕас киһи билэрин барытын билэн кэбиһэр кутталлаах, соччо үчүгэйэ суох, аны Анараа дойдуга урутаан тиийэн хаалыахха сөп диэн сэрэтэр, эмиэ аһара барыма диэн өйдөбүллээх, ол иһин сэмэй киһини иитэр суолталаах.

“Не лезь вперед батьки в пекло” диэн этии нууччаларга баар. Бу этии сахалыыга маарынныыр, өссө сайыннаран биэрэр курдук эрээри, сахалыы этии суолтатын кыччатан олус куһаҕан быһыыга эрэ киириигэ кырдьаҕас иннигэр түһүмэ диэн быһаарыыга тириэрдэн кэби-һэр. Бу этии туох барыта икки өрүттээҕин билиммэккэ үчүгэйи да оҥорууга элбэх уопуттаах кырдьаҕастар элбэх туһалааҕы оҥоруох-тарын сөбүн билиммэт, барыларын намтатан кэбиһэр.

“Элбэҕи биллэххинэ эрдэ кырдьыаҥ” диэн этии кырдьаҕас билэ-рин барытын эдэр киһи кыайан билбэтин, олох элбэх кистэлэҥнэрэ, ол иһигэр эккэ-сииҥҥэ уларыйыылар киириилэрэ кырдьан истэххэ эрэ арыллан биэрэллэрин кырдьаҕас киһи эрэ билэрин биллэрэр. Ойуурга үрдүк тиит биир эмэ буолар. Аһара баран олус үрдүктүк, ойуччу үүнэн хаалбыт тиити кэлин тыал охторор. Ойуччу улаатан, үрдээн эбэтэр хонуу ортотугар үүнэн хаалбыт тиит абыраммат, элбэх эрэйи-муҥу көрсөн эрийэ саастанар, күн көрөрүн күүһүттэн элбэх мутуктанар, тугу эмэ туһалыыра аҕыйаан хаалар.

Дьон оҥоруохтарын иннинэ урутаан түһэн оҥоро охсон туһаны ылыахтарын, элбэх барыһы киллэриниэхтэрин баҕалаахтар син-биир бааллар. Маннык быһыыланыы биирдэ эмэ, тугу эрэ бэлэми үллэс-тиигэ туһалаабытын иһин, урутаан түһүү сыыһа-халты буолан тахсара элбэҕинэн урутаабыт киһи ночоотурара үксээн хаалыан сөп.

Үлэҕэ урутаан түһүү диэн аҕыйах. Суох да буолуо. Үлэ киһиэхэ олус туһалааҕыттан эрэ киһи үлэлиир. Урукку стахановецтар кэмнэрэ эргийэн кэлэрэ биллибэт. Арай үлэлээтэххэ туох эмэ туһа кэлэрэ, барыс киирэрэ киһини ыган, хаайан үлэлэтэллэр. Саха дьонун үгүс өттүлэрэ көрсүө, сэмэй, үлэһит дьон. Таҥара үөрэҕэ үгүс, үлэһит дьоҥҥо аналланар. Сахалар таҥараларын үөрэҕэ көрсүө сэмэй дьону иитэн-үөрэтэн улаатыннарыыга туһуланар. Ол иһин “Аһара барыма”, “Айыыны оҥорума”, “Таҥара сэрэҕи таптыыр” диэн өй-санаа аһара барарын тохтоторго аналлаах хааччахтары тутуһа сылдьарын эрэйэр. Киһи оҥорор ханнык баҕарар быһыыларыгар аһара барыы сыыһа-халты туттунууларга тириэрдэринэн быстах быһыыга киирсэр. Сымнаҕас майгылаах, олох ханнык да кэмнэригэр аһара барбат, аһара туттубат майгылаах дьон олоҕу олорор күүстэрэ элбиир. Аһара барбат буолуу өйө-санаата сэмэй киһини үөскэтэр.

Yгүс дьонтон элбэхтэрин көрсүө, сэмэй дьон ылаллар. Улаханнык ханна да биллибэт-көстүбэт курдук үлэлэринэн оҥорон-тутан элбэх туһалааҕы оҥороллор, оҕолорун көрсүө, сэмэй майгылаах, киһилии быһыылаах буолууга иитэннэр, үөрэтэннэр аймахтара, уруулара үк-сээн иһэллэриттэн омук ахсаанын элбэтэллэр.

Кыра эрдэхтэринэ ураты бэрээдэктээх, холку, бэйэлэрэ сымнаҕас майгылаах көрсүө оҕолор, ол иһигэр кыргыттар тугу даҕаны киһиттэн таһынан оҥорботторуттан, төрөппүттэрин тылларын истэллэриттэн “Айыыны оҥорума” диэн үөрэҕи төрөппүттэриттэн эбэтэр эбэлэ-риттэн, эһэлэриттэн истибэккэ, билбэккэ хаалбыт буолуохтарын кырдьык сөп. Ол иһин сэбиэскэй былаас кэмигэр улааппыт, өйдөрө-санаалара атеизм үөрэҕинэн дириҥник буккуллубут дьон “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн сахалыы таҥара үөрэҕин этиилэрин билбэттэрэ кинилэр буруйдарыгар киирсибэт.

Оҕо барыта күөх оту тосту үктээбэт буолбатах. Уолаттар үксүлэрэ саҥаны, билбэттэрин оҥорууга олус дьулуурдаахтар, туох эмэ уратыны, дьон билбэттэрин оҥоро сатааһыҥҥа, урут түһүүгэ өйдөрө-санаалара дьэ киирэр. Арай онтуларбыт барылара кэриэтэ оҥорору кытта табылла охсубаккалар араас быстах быһыылар, оһоллор тах-саллара элбээн хааларыттан куһаҕаны үксэтэн кэбиһэллэр.

Урут “пугач” бэстилиэти оҥостуу уонна ыраах сыалы таба ытыы улаатан эрэр уолаттар улахан кыайыыларыгар киирсэрэ. Хантан эрэ булуллубут синньигэс туруубка буорах эстэрин тулуйбакка тоҕо баран дэҥнэнии, сирэйи буорахха салатыы эмиэ буолара. Оҕо маннык саҥаны айарын, айыыны, билбэтин оҥорорун эрдэттэн тохтотуу, “Айыыны оҥорума” диэн этэн сэрэхтээх буолууга үөрэтии эрэ араас дэҥҥэ-оһолго түбэспэтин хааччыйар кыахтаах.

Сахалар олохторун үөрэҕэр “Киһини күҥҥэ 44 оһол күүтэр” диэн быһаарыы баар. Оҕо кыра, саҥа хааман эрдэҕинэ ордук сэрэхтээхтик көрүү-истии эрэйиллэр диэни бары төрөппүттэр билэллэр. Оҕо саҥа атаҕар туран, хааман эрдэҕинэ охтон дэҥнэниэн, улаатан иһэн олоппоско ыттан, аны онтон охтуон сөп. Оҕону кыра эрдэҕиттэн кыра-кыратык этэ-сиинэ ыалдьарын биллэрэн сэрэхтээх буолууга, харыстаныыга үөрэтии улаатан истэҕинэ туһаны оҥорор. Ол аата хайдах охторго, олоро түһэргэ, төбөнү харыстыырга эрдэттэн үөрэтэн иһии ордук тиийимтиэ уонна туһалаах. Оҕо бэйэтин харыстанар күүһэ элбэҕиттэн оҥорор быһыыларыгар сэрэнэргэ түргэнник үөрэнэр.

Киһи оҥорор быһыылара барылара сэрэхтээх, сыыһа-халты тут-тубат буолууну эрэйэллэр. Сэмэй буолууга үөрэммит киһи аан маҥ-най бу оҥорор быһыытыттан туох содул үөскээн тахсарын өйүгэр-санаатыгар ырытан көрөн быһаарар, ол иһин сэрэхтээх буолан оҥо-рор быһыыта табыллара ситиһиллэр. Сэмэйдик, ол аата сэрэнэн туттуу туһаны аҕалар. Аһара барыы сэмэй быһыы буолбатах.

Сахаларга киһи оҥорор быһыытын быһаарарга аналлаах “Быстах быһыы” диэн этии баар. Ситэ быһаарыллыбатах, ырытыллыбатах, туох уларыйыы, содул үөскээн тахсара биллибэт быһыытын аата быстах быһыы диэн буолар. Араас элбэх саҥаны арыйа сатааһыннар, айыыны оҥоруулар табыллыбатахтарына бары быстах быһыыларга, куһаҕаҥҥа кубулуйаллар. Ол иһин аһара бара сылдьар, саҥаны айа сатыыр оҕо быстах быһыыны, куһаҕаны оҥороро элбээн хаалыан сөп.

Олоххо сэмэй киһи утарытынан киһиргэс, дэбдэҥ киһи буолар. “Дэ” диэн дорҕоон киһини дэбдэҥнэтэн киһиргэтэр, бэйэм эрэ бэрпин диэн санааны киллэрэн өйүн-санаатын үрэйэр, ыһыллаҕас оҥорор суолталаах дорҕоон. Ол иһин, дэм диэн тыл эйэ диэн тылбытын кытта холбуу эйэ-“дэм” диэн этиллэн букатын туттуллуо суохтаах.

Тыл үөрэхтээхтэрэ сахалар эйэлээх буолуулара үөскээһинигэр эйэ-“дэм” диэн урукку кэмҥэ суох этиини оҥорон эйэ-нэм диэн этии оннугар туттунууга киллэрэн улахан куһаҕаны оҥоро сылдьаллар уонна киһиргээһини туһанан эйэлэһии үөскүүрүн суох оҥорон кэби-һэллэр. Киһиргэс буолуу киһини ”Титаник” диэн уһулуччу улахан, мааны, баай хараабыл барбыт суолунан илдьэр. “Титаник” хараабыл аһара киһиргээн, акыйааны киэптээн, хаһан да тимирбэт аатыр-бытыттан өссө улахан муус хайаҕа кэтиллэн түөрт километртан ордук дириҥҥэ тимирбитин өр кэмҥэ көрдүү сатаабыттара.

Билигин “Титаник” хараабыл ханна муора түгэҕэр сытарын киһи барыта билэр буолла. Киһиргээһин, киэптээһин, “Мин эрэ үчүгэйбин, бэрпин” диэн бэрдимсийии, аһара барыы суола, ол онно тириэрдэр. 2023 сыллаахха бэс ыйыгар Аан дойду баай дьоно акыйаан түгэҕэр сытар “Титаник” хараабылы көрө киирэн бараннар абаарыйаҕа түбэс-питтэрэ. “Күүстээххэ күүстээх көрсүөҕэ” диэн этии киһиргээн аһара барыы хаһан эмэ син-биир түмүктээх буоларын уонна айылҕаҕа күүстээҕи күүстээх хайаан да баһыйан иһэрин быһаарар.

Билигин биһиэхэ итэҕэл, таҥара үөрэҕэ сыыһа хайысханан аҥар эрэ өрүтүн тутуһан сайдан барыыта аһара бара сылдьар, араас саҥаны айыыны була сатаан оҥорон иһэр эдэрдэр элбээһиннэригэр тириэртэ, ол иһин быстах быһыылар үксээтилэр, суол быраабылаларын тутуһан сэрэхтээхтик айанныыр суоппардар аҕыйаатылар.

Биирдиилээн эмэ киһи быһыытын аһара барар, саҥаны айыыны оҥорон сайдыыны киллэрэр дьон төһө даҕаны туһалааҕы оҥорон өйү-санааны тупсарбыттарын иһин, биир эмэ оҕолорунан уонна бил-лиилээх дьон майгыларын улаатымсыйар уратытынан оҕолорун киһи быһыылаахтык ииппэккэлэр, омук уопсай сайдыытыгар ханнык да туһалаах хамсааһыны киллэрбэттэр.

Олох сүнньэ диэн өйдөбүл хайа да диэки халбаҥнаабакка, аһара барбакка, олох икки өрүтүттэн ортотунан тутуһан баран иһэри быһаарар. Бу быһаарыы сүрүн өйдөбүлэ сахалар Орто дойду диэн дьон-аймах олорор уонна үлэлиир сирдэрин ааттыылларынан ордук чуолкайданан бэриллэр.

Тугу барытын наллаан, ыксаабакка, тиэтэйбэккэ эрэ оҥорор, күүһүн аһара ыыппакка кэмнээн, нэмин билэн туһанар, ыспат-тохпот, алдьаппат, киһи быһыытын аһара барбат бэрээдэктээх, эппиэти-нэстээх киһи көрсүө, сэмэй киһи диэн ааттанар уонна сахалыы таҥара үөрэҕин олоҕор тутуһа сылдьар киһи буолар.

Төрөппүттэр бука бары оҕолорун харыстыыр санаалаахтар. Ол эрээри, биһиги аныгы төрөппүттэрбит оҕолорун хайдах харыстыыры билбэттэр. Оҕону харыстааһын диэн көрсүө, сэмэй буолууга үөрэтии, оҕо өйө-санаата аһара барарын хааччахтааһын, тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорор буолууга үөрэтии ааттанар. Ол аата киһи быһыытын аһара барыма, айыыны оҥорума, сыыһа-халты туттан эдэр олоххун алдьатыма, харыстаа диэн туһалаах үөрэх буолар.

Олох сайдыыта элбэх саҥаны айан туһаҕа таһаарыыттан улахан тутулуктаах. Бары саҥаны айыахпытын баҕарабыт. Ол эрээри, бары саҥаны айыыларбыт дьоҥҥо туһалаах, үчүгэйи оҥорууга аналламмыт үрүҥ айыылар буоллахтарына эрэ табыллар. Үчүгэй, туһалаах, үрүҥ айыылары сиэри, киһи быһыытын тутуһарга үөрэммит дьон ордук элбэхтик оҥорор кыахтаахтар. Ол иһин оҕо аан маҥнай киһи буолууну ситиһэн киһилии быһыыланыы, майгыланыы өйүн-санаатын баһылыырын сахалар таҥараларын үөрэҕэ ирдиир.

Онон көрсүө, сэмэй буолуу диэн сахалыы таҥара үөрэҕин тутаах көрдөбүлэ омук бэрээдэгэ тупсарын, ахсаана эбиллэрин уонна үлэни кыайарын аҕалар аналлаах өй-санаа уратыта буолар.

ҮЛЭҺИТТЭР

Сахалыы таҥара үөрэҕэ оҕо атаҕар туран хаамаат да туһа киһитэ буола улаатарын ситиһэн ийэ кута үлэлиир үгэстэргэ иитиллэрин тутуһар. Ийэ кута үлэлииргэ аналлаах үгэстэринэн иитиллибит оҕо улааттаҕына үлэһит киһи буолара өйүгэр-санаатыгар эрдэттэн, кыра эрдэҕиттэн иҥэриллэн баҕа санаа буолара туһаны оҥорор.

“Туһа киһитэ” диэн этии оҕо ийэ кута иитиллэр кэмигэр, ол аата саҥа хаамаат даҕаны ону-маны таскайдыыр, аҕалар, илдьэр санаата улаатарын туһанан үлэлии үөрэтиллэрэ туһалааҕын быһаарар. Бу этии оҕо үлэлииргэ баҕа санаалаах буоларын хайдах ситиһэри быһааран төрөппүттэргэ тириэрдэрэ ордук суолталаах. Ол курдук, оҕо атаҕар туран хаамаат да барар-кэлэр сирэ кэҥээн биэрэр. Бу кэмҥэ кэлэ-бара сылдьара элбээн ону-маны таскайдыыра, аҕалара, илдьэрэ үлэлииргэ баҕа санааны, онтон салгыы үгэһи үөскэтэн кэбиһэрэ улааттаҕына үлэһит буоларын төрүттүүрүн сахалар туһаналлар.

Оҕо бу үлэлииргэ үгэһи үөскэтинэр кэмин аһаран кэбистэххэ, тугу да оҥорорго үөрэппэтэххэ, таах сытар, олорор, оонньуур санаата үгэс буолан хааллаҕына, улаатан баран үлэлии үөрэнэрэ олус эрэйдээхтик, саҥа үгэһи үөскэтэн биэрдэххэ эрэ ситиһиллэр кыахтанар.

Үлэһиттэр тулуурдара элбэх буолар. “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн өс хоһооно оҕо тулуурдаах буолуутун улаатыннарарга аналланар. Тугу эмэ туһалааҕы оҥоруу киһиттэн тулууру, өһөс санаа-ны хаһан баҕарар эрэйэр. Тутан көрөн баран быраҕан иһэр киһи туох эмэ туһалааҕы оҥоруо диэн кэтэһэр табыллыбат.

Сахалыы таҥара үөрэҕэ үлэһиттэр, эр дьон үөрэхтэрэ буолар. Үлэни эр дьон сайыннарбыттара таҥара үөрэҕэр киирэн сылдьар. Ол иһин таҥара үөрэҕэр сыыһа-халты туттунума, тулуурдаах, көрсүө, сэмэй буол диэн үөрэх бастаан иһэр. Ону тэҥэ, былыр-былыргыттан үлэни эр дьон баһылаан салайан кэлбиттэрэ билигин да олохсуйан сылдьарын таҥара үөрэхтэрин салайааччылара бары эр дьон буолаллара уонна дьахталлары чугаһаппаттара биллэрэр.

“Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан биэрэр тутулугун тутуһар сахалыы таҥара үөрэҕэ аҥар өттүн, эр дьон диэки халыйыыны үөскэтэн диктатураны олохтооботох, дьахталларга араас бэлиэлэри киллэрбэтэх. Атын улахан таҥара үөрэхтэрэ эр дьон диэки өттүгэр аһара халыйыыны үөскэтэн диктатураны олохтоон сылдьалларын бэлиэтинэн дьахталлар араспаанньаларын уларыталлара, былаат бааннараллара уонна өссө паранджа кэтэрдэллэрэ буолар.

Омукка үлэ оҥорон таһаарыыта сайдыыта үлэһиттэр былаастарын улаатыннарар. Ырыынак олоҕор барыһы эрэ биэрэр үлэ сайдарыттан бэлэмҥэ олорооччулар аҕыйаан, суох буолан иһэллэрэ ситиһиллэр.

Үлэни үлэлээһин ыарахан. Киһиэхэ элбэх эрэйдэри үөскэтэр. Тулуура улаханыттан көрсүө, сэмэй киһи ханнык баҕарар үлэни сирбэккэ-талбакка үлэлиир кыахтанар. Бары үлэни биэрээччилэр үлэни кыайа-хото үлэлиир киһинэн көрсүө, сэмэй киһини ааҕаллар.

Элбэхтик илиилэринэн үлэлиир, сүгэр-көтөҕөр, үгүстүк эттэрин-сииннэрин хамсатар, эрчийэ сылдьар дьон үлэһиттэр диэн аатта-наллар. Кинилэр элбэхтик хамсаналларыттан эттэрэ-сииннэрэ сайдар уонна үгүстүк оҕолонон омук ахсаана эбиллэрин үөскэтэллэр. Омугу үлэ эрэ сайдыыны ситиһэригэр тириэрдэр, буолан баран кыайыылаах үлэ туһаны аҕалар. Атыттар батыһар, үтүктэр үлэлэрэ барыһы аҕаллаҕына уонна тарҕаннаҕына сайдыы кэлэрэ ситиһиллэр. Ол иһин омугу көрсүө, сэмэй дьон сайыннараллар.

Үлэни нэмин билэн хамсанан үлэлээтэххэ эрэ табыллар, сатанар. Табыллыбатах, сатамматах үлэ куһаҕаны үөскэтэн кэбиһэр. Сыыһа-халты туттубат көрсүө, сэмэй дьон үлэни табан сатабыллаахтык үлэлииллэриттэн элбэх барыһы киллэрэр кыахтаналлар.

Көрсүө, сэмэй киһи туһата оҕону иитиигэ ордук биллэр. Ол курдук, ыксаабакка, тиэтэйбэккэ, ыкпакка, хаайбакка эрэ оҕону эл-бэхтик этэн, бэйэтин үтүгүннэрэн, батыһыннаран үөрэтэри көрсүө, сэмэй киһи табан оҥорор. Ону тэҥэ, батыһыннара сылдьан бэйэтин үтүө холобурунан ону-маны барытын хайдах оҥорору ыйан, көрдөрөн биэрэн үөрэтэрэ тиийимтиэтин улаатыннарар.

Ыал олоҕо хайдах баран иһэриттэн омук сайдан иһиитэ быһаччы тутулуктанар. Көрсүө, сэмэй киһи ыал олоҕун араас эрэйдэрин, ыараханнарын холкутук тулуйарынан олохторо туруктаах буоларын үөскэтэр. Ол курдук, атын киһиэхэ үчүгэйи оҥорууну көрсүө, сэмэй киһи элбэхтик оҥоро сылдьарынан ыаллар оҕону иитэллэрэ уонна үөрэтэллэрэ киһи быһыылаахтык баран иһэр кыахтанар.

Көрсүө, сэмэй киһи үлэ тупсарын, барыһы аҕаларын ситиһэн омугу сайыннарар. Бу уратыны билигин ырыынак кэмигэр туһаныы эрэйиллэр. Ол курдук, сэбиэскэй былаас кэмигэр дьахталлар көҥүл-лэринэн эргэ барыыларын олохтооннор көрсүө, сэмэй майгылаах, аҕыйах саҥалаах үлэһит эр дьон туоратыллан хаалбыттара сүрэҕэ суохтар, элбэх уу-хаар тыллаахтар, дьадаҥылар ыал буолуулара, оҕо төрөтүүлэрэ элбээн хаалыытыттан эдэрдэр сайдыыта суох буор куттаналлара үксээн үлэ сайдыыта улаханнык бытааран сылдьар. Омук үлэҕэ сайдыыны ситиһэрэ эр дьон буор куттара төһө сай-дыылааҕыттан быһаччы тутулуктаах. Эр дьон буор куттара үлэни үлэлииллэриттэн үйэлэрин тухары сайдар, үлэлииргэ туһалыыр үөрүйэхтэрэ эбиллэн иһэллэр. Ол иһин сайдыыны ситиһэн иһэр омук ыал буолуу үгэстэрин тутуһа сылдьара эрэйиллэр.

Онон сахалыы таҥара үөрэҕэ диэн үлэһиттэр, эр дьон үөрэхтэрэ буолан омукка сайдыыны, тупсууну аҕалар аналлаах.

ТАҤАРА СЭРЭҔИ ТАПТЫЫР

Сахалыы таҥара үөрэҕин саамай улахан туһатынан дьону сыыһа-халты туттубакка, сэрэхтээх буолууга үөрэтэрэ буолар. Бу үөрэх өйдөбүлүн “Таҥара сэрэҕи таптыыр” диэн өс хоһооно быһаарар.

Киһи сыыһа-халты туттунан куһаҕаны элбэтэн кэбиһэрин аҕы-йатар туһугар кыра эрдэҕиттэн көрсүө, сэмэй буолара улахан туһаны оҥорор. Ол курдук, урутаан түһэ сатыырыттан тиэтэйэр, ыксыыр киһиргэс киһи быстах санаатыгар киирэн биэрэрэ элбэҕиттэн сыыһа-халты туттунан куһаҕаны оҥороро үксээн хаалар.

“Санаабычча быһыылаах” киһи сыыһа-халты туттунара эмиэ элбиир. Санаа киһини салайарын сахалыы таҥара үөрэҕэ тутуһан киһи санаатын тупсарар үлэни ыытар. “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа тутулугар сөп түбэһэн санаа эмиэ икки өрүттэнэр:

А. Быстах санаалар. Сахалар быстах санааларга киһи этин-сиинин араас баҕа санааларын барыларын киллэрэллэр. Бу араас санаалар эт-сиин элбэх баҕатын толоро сатыылларыттан олоххо туһалааҕы оҥо-роллоро отой аҕыйах. Ону тэҥэ, түргэнник киирэн кэлэр санаалар бэйэлэрэ куһаҕан буолан тахсаллара элбэҕин таһынан, киһи сыыһа-халты туттунарын үксэтэн кэбиһэллэр. “Күннээҕинэн эрэ олорор” диэн этии киһи санаата субу күнүнэн эрэ бүтэрин, онтон ырааппатын быһаарар. Үгүстүк быстах санаалары эрэ толоро сылдьары, бу этии биллэрэрэ улахан суолталаах.

Б. Киһилии санаалар. Үлэ киһини киһи оҥорбута диэн этиини сахалыы таҥара үөрэҕэ тутуһар. Үлэни оҥоруу туһунан санаалар олоххо туһаны аҕалалларыттан киһилии санаалары үөскэтэллэр. Киһилии санаалары сиэри тутуһа сылдьыы киэҥник тарҕатан олоххо киллэрэр. Ол курдук, үчүгэй, олоххо туһаны аҕалар санаалартан сиэр уонна киһилии санаалар үөскүүллэрин сахалар туһаналлар. Киһи санаатыгар туох көтөн түспүтүн оҥоро охсоро элбэхтик табыллыбатын тэҥэ, сыыһа-халты буолан тахсара элбиир. Ол иһин сахалыы таҥара үөрэҕэ санаабычча быһыыланары сыыһа диэн этэн хааччахтаан аҕыйатар. “Сыыһаны оҥоруом” диэн куттал баара киһи сэрэхтээх буоларын улаатыннарар. Бу куттал киһи оҥорор быһыытыттан туох содул үөскээн тахсыан сөбүн эрдэттэн быһаара сатыырын ирдиир. “Ханна охторбун билэрим буоллар, от тэлгээн биэриэм этэ” диэн этии итини ордук чуолкайдыыр.

“Таҥара сэрэҕи таптыыр” диэн этии киһи тугу эмэни оҥоруон иннинэ хайаан даҕаны, бу быһыытын өссө төгүл ырытан, сыаналаан, туох содул үөскээн тахсыан сөбүн быһааран билэригэр сүбэлиир. Бу этиигэ сэрэнии диэн тугу эмэни оҥоруох иннинэ санааҕа оҥорон көрөн таба быһаарыыны ылыныы ааттанар. Ол аата өссө бу быһыы дьыалатыгар оҥоруллуон иннинэ өйгө-санааҕа элбэхтик ырытан, сыаналаан көрүү туһалааҕын быһаарар.

Киһи тугу барытын оҥороругар, саҥарарыгар хайаан да улахан сэрэхтээх буолуохтаах. Тылга өй-санаа, иччи иҥэн сылдьар. Куһаҕан тылы саҥара сылдьыы бэйэҕэ куһаҕан үгэһи үөскэтэн кэбиһэриттэн харыстаныы, элбэхтик, улаханнык саҥарбат буолуу эрэйиллэр. Үлэҕэ сэрэхтээх буолары нэми билии үөскэтэр. Ол аата киһи бэйэтэ аһара туттунан кэбиһэн куһаҕаны оҥороруттан харыстаныы буолар. Тугу барытын табатык, сэрэхтээхтик оҥорорго нэмин билэн туттунуу үөрэҕэ туһалыырын сахалар быһаарбыттар.

Сэрэх диэн олус киэҥ өйдөбүллээх тыл. Киһи туохха барытыгар сэрэхтээх буоллаҕына эрэ олоҕун киһи быһыылаахтык олорор кыах-танар. Бу тыл өйдөбүлэ “Тула көрүнэ сырыт” диэн этииттэн саҕаланан киһи хайдах туттуна сылдьарыгар тиийэ киэҥник быһаарар уонна бэйэтэ сыыһа-халты туттунарыттан ол-буга, онно-манна түбэһэрин аҕыйатарга, суох оҥорорго аналланар.

Киһи туохтан ордук сэрэнэрин билэ сылдьара эрэйиллэр. Сэрэнии хас да араас көрүҥнэрдээҕин биир-биир ылан быһаарыахпыт:

1. Саҥарыыга сэрэх. Саха киһитигэр сахалыы дорҕооннор оҥорор дьайыылара өйүгэр-санаатыгар былыр-былыргыттан иҥэн сылдьал-лар. Саамай ыарахан дорҕоонунан ытааһыны үөскэтэр “ы” дорҕоон буолар. Дорҕооннор киһиэхэ дьайыыларын тыл иччитэ диэн аат-тыыбыт уонна тыл иччититтэн саллабыт. Куһаҕан дорҕооннор куһаҕан тыллары үөскэтэллэрин саҥа билэн туһанар буолан эрэбит. Ол курдук, айыы диэн тыл куһаҕан өттө элбэҕин быһаарбыппыт кэнниттэн онно-манна туттарбыт, улаханнык саҥарарбыт тохтуо этэ. “Айыы диэмэ” диэн этии куһаҕан өйдөбүллээх тыллары саҥара сылдьыма диэн сэрэтэр аналлааҕын туһаныы эрэйиллэр.

Хас биирдии сахалыы тыл суолтатын, дириҥ өйдөбүлүн билэн саҥарыы киһиттэн ирдэнэр көрдөбүл буолар. Куһаҕан тыллары саҥара сылдьыы үгэскэ кубулуйан куһаҕан майгыланыыга тириэрдэн кэбиһиэн сөп. Оҕо улаатан иһэн куһаҕан тыллары саҥарарын билэр дьон тохтотон иһэллэрэ туһалаах буолуо этэ. Куһаҕан тыллар суол-талара оҕо өйүгэр-санаатыгар үгэс буолан иҥэн хааллахтарына бэйэтэ куһаҕан майгыланара тиийэн кэлэн элбэхтэри хомотуон сөп.

Үчүгэй да тылы күлүү гынан этиигэ эмиэ туһаныахха сөбүн умнубатахха табыллар. Оҕо улаатан иһэн тыл маннык дэгэттэрин билэрэ ордук. Күлэн этии суолтатын билбэтиттэн, бу тылы көнөтүнэн өйдөөн кэбиһэн сыыһа өйдөбүлгэ киирэн хаалыан эмиэ сөп. Үчүгэй да үчүгэй диэн хайҕаабыттарын кэннэ, ону хаттаан сыаналааһын, тэҥ-нээн көрүү, ырытыы хаһан баҕарар туһалаах буолар. “Бардырҕаччы саҥалаах” диэн этии тыл суолтатын, өйдөбүлүн билбэккэ эрэ мээнэ саҥара сылдьар киһини биллэрэр.

“Солуута суох саҥалаах” киһи диэн мээнэ, быстах суолталаах тыллары, буолары-буолбаты саҥара сылдьар киһини этэллэр. Киһилии киһи диэн саҥарар саҥатын сааһылаан, хас биирдии тылын суолтатын быһааран баран саҥарар, куһаҕан өйдөбүллээх тыллары улахан наадата суохха туттубат киһи буолар.

2. Туттунууга сэрэнии. Сэрэхтээх буолуу киһиттэн ирдэнэр биир тутаах көрдөбүлгэ киирсэр. Киһи ханна баҕарар; үлэлии эбэтэр көннөрү сырыттаҕына даҕаны сэрэхтээх буоларын умнубата эрэ-йиллэр. “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн туттунууга сэрэхтээх буолуу эмиэ икки өрүттэнэр:

а. Киһи улахан, ыйааһыннаах, күүстээх буолан тугу эмэни алдьап-патарбын, тоҕо кэспэтэрбин диэн куруук сэрэнэрэ, көрөн, мээрэйдээн хамсанара эрэйиллэр. Туох эмэ кыраны, бытархайы оҥорорго олус сэрэхтээхтик тарбах төбөтүнэн бигээн туттахха эрэ табыллара элбэх. Аҥардастыы күүһүнэн өттөйүү табыллыбата, туһата суоҕа, алдьатыыга тириэрдэрэ быдан үгүс, киһи тугу барытын күүһэ баарынан туттаҕына барыны-бары алдьатара тиийэн кэлиэн сөп.

Киһи үгүстүк тиэтэйэриттэн эмискэ олоро түһэн олоппоһу да тоҕо түһүөн, сыыһа-халты хамсанара киирэн толору астаах остуолу да тоҕо анньыан сөп. Арыгы иһиитин кэнниттэн киһи сыыһа-халты хамсанара элбиир. Холуочуйан баран бырааһынньык остуолун тоҕо көппүт киһини сэрэҕэ суох, куһаҕан киһинэн ааттыахха сөп курдук. Хоонньоһон утуйа сытан кыра оҕотун хам баттыыр ийэ эмиэ баара биллэр, ону тэҥэ, эргийээри оронтон сууллааччылар син-биир элбэхтэр. Ол иһин киһи утуйа да сытан сэрэхтээх буоларын умнубатаҕына табыллар. Ханнык баҕарар хамсаныылары оҥорорго киһи бу хам-санаммын туох эмэ куһаҕаны оҥорботорбун диэн олус сэрэхтээх буолара ити холобурдартан быһаарыллар.

б. Аны киһи бэйэтэ онтон-мантан охтон дөлбү түспэтэрбин, кыбыллыбатарбын, улахан, түргэн сырыылаах тиэхиникэлэргэ киирэн биэрбэтэрбин диэн сэрэннэҕинэ, тулатын көрүнэ сырыттаҕына эрэ эчэйбэккэ сылдьыан сөбүн хайаан да биллэҕинэ табыллар. Халтархай суолга киһи көннөрү хааман да иһэн охтон улаханнык эчэйэн хаалыан сөбө сэрэнэри тэҥэ, эрчиллиилээх буолууну эмиэ эрэйэр.

Үлэһит киһиэхэ улахан сэрэхтээх буолуу хайаан да ирдэнэр көрдөбүлгэ киирсэр. Ону-маны оҥорууга, тутууга, илиинэн үлэлиир тэриллэринэн сатаан, сэрэхтээхтик тутта үөрэниигэ киһи өр кэмҥэ дьарыктаннаҕына эрэ табыллар. Аны тиэхиникэнэн үлэлииргэ өссө улахан сэрэхтээх буолуу эрэйиллэр. Манна тугу эмэ тоҕо көтүп-пэтэрбин диэн сэрэҕи кытта, аны бэйэм атыттарга киирэн биэр-бэтэрбин диэн сэрэнии эрэ туһалыыра тиийэн кэлиэн сөп.

Ханнык баҕарар үлэ көрүҥэр анаммыт сэрэхтээх буолуу үөрэхтэрэ үлэ-хамнас уопутунан мунньуллан уонна үйэлэргэ чочуллан оҥорул-лан туттулла сылдьаллар. Хас биирдии үлэһит ол үөрэхтэри билэн үлэтигэр туһанара аналлаах ирдэниллэр көрдөбүлгэ киирсэр.

“Таҥара сэрэҕи таптыыр” диэн этии киһи хаһан баҕарар сэрэхтээх буоллаҕына эрэ туох эмэ куһаҕаны оҥорон кэбиспэккэ, туһалааҕы оҥорорун уонна бэйэтин харыстанан олоҕун киһи быһыылаахтык олорорун быһаарар. Сэрэхтээх киһи сыыһа-халты туттунара аҕыйыы-рыттан туһалааҕы оҥорор кыаҕа улаатар.

Сэрэхтээх буолууга үөрэммэтэх киһи оннооҕор дьиэҕэ киирэн иһэн ааҥҥа тарбаҕын кыбытыан сөп. Ыһыы-хаһыы, айдаан бөҕө буолуо. Аныгы төрөппүттэр оҕо ааҥҥа тарбаҕын кыбыттаҕына сатаан илиитинэн туттуна үөрэнэ илигин, сэрэхтээх буолуута суоҕун умнан туран, ааны оҥорбут киһини холбуу мөҕүөхтэрин сөп.

Сэрэҕэ суох ону-маны көрө-көрө хааман иһэр, хантаарыҥнаабыт киһи хаһыллыбыт умуһаҕы көрбөккө түһэн, дэҥнэнэн хаалара баар суол. “Муннун аннын көрбөт” диэн итинник киһини этэллэр.

Киһи араас үлэни үлэлиириттэн этин-сиинин сатаан-табан хамсата үөрэтэриттэн, сэрэхтээхтик туттарыттан уонна туһалаах үгэстэри үөскэтинэн иҥэринэриттэн киһи буолууну ситиһэн олоҕун киһи быһыылаахтык олороро ситиһиллэр. Бары үлэлиир тэриллэринэн сатаан, сэрэхтээхтик тутта үөрэнии эрэ киһи кыайа-хото үлэлээн олоххо туһалааҕы, ситиһиини оҥороругар кыах биэрэр.

Сатаабат, үлэлии үөрэммэтэх, сайдыыта суох буор куттаах киһи сыыһа-халты туттунара элбээн хаалар. Оннук киһи тарбаҕын онно-манна кыбыппыта, хайыта тардыбыта, өтүйэ ыллаҕына дьукку охсубута, быһах ыллаҕына быспыта, хайа анньыбыта эрэ баар буолан иһэр. Быһаҕынан сатаан тутта үөрэниигэ табан, нэмин билэн хамсаныы, олус сэрэхтээх буолуу хайаан да ирдэнэрин умнубатахха эрэ араас эчэйиилэр аҕыйыыллара ситиһиллэр.

Сааны-сэби сатаан илдьэ сылдьыыга улахан сэрэхтээх буолуу ирдэнэр. Манна сааны ииппэккэ эрэ илдьэ сырыт диэн этиини туһанары тэҥэ, саа уоһун киһи, дьон, эҥин диэки хаһан да туһаайыма диэн үөрэх ордук улахан туһалаах диэн этиллэр.

Суоппар суол бары быраабылаларын тутуһан айанныырын таһы-нан олус сэрэхтээх буоллаҕына эрэ, билигин массыына элбэҕэр сатаан сылдьар кыахтанар. Атын массыына суоппардара сыыһа-халты туттунууларыттан, хабырыйыыларыттан сэрэхтээх буолара, сороҕор аһа-ран биэрэрэ эрэ абырыыр кэмнэрэ кэлиэхтэрин сөп. Суоппар сыыһа-халты туттунара абаарыйаҕа тириэрдэр кыахтаах, ол иһин сэрэҕэ суох, киһиргэс суоппарга олорсубатах ордук буолар.

Сатыы киһи уулуссаны туорууругар тула өттүн көрүнэн ааһан иһэр массыыналарга киирэн биэрбэтэҕинэ эрэ этэҥҥэ уҥуор тахсар кэмэ тиийэн кэлбитэ ыраатта. Ол иһин сатыы сылдьар да киһи суол быраабылаларын үөрэтэрэ, билэрэ, сатаан туһанара эрэйиллэр. Киһи сэрэннэҕинэ бэйэтин харыстанарын тэҥэ, атыттары эмиэ харыстыыр кыахтанар. Олус былыргы кэмҥэ курдук, киһи аар тайҕаҕа суос-соҕотоҕун сылдьар кэмнэрэ, бэйэтин эрэ харыстанара ааспыта быданнаата. Билигин сайдыыны ситиспит, улахан тиэхиникэлэри баһылаабыт өйдөөх-санаалаах киһи олоҕун сүрүн сыалынан аан маҥнай атыттары харыстыахха, ханнык эрэ быһыылары оҥорорго сэрэх-тээх буолуохха диэн этиини тутуһа сылдьара табыллар.

Сыыһа-халты туттунан, аһара баран быстах быһыыга түбэспэккэ олоҕун көрсүөтүк, сэмэйдик, уһуннук олорбут киһи дьон хайҕабылын ылыан ылар. “Киһини күҥҥэ 44 оһол күүтэр” диэн сахалар этэллэр. Бу хантан да, халлаантан ылыллыбатах олох уопутунан дакаастаммыт быһаарыы киһи үгүстүк бэйэтэ тиэтэйэриттэн, ыксыырыттан сыыһа-халты туттунарыттан, дэҥҥэ-оһолго түбэһэриттэн үөскээн тахсыбыт сэрэтэр аналлаах, туһалаах этии буолар.

Киһи олоҕор “Туох барыта икки өрүттээх” буоларынан ханнык эрэ кээмэйи, сиэри аһара бардаҕына атын өттүгэр уларыйарынан сэрэхтээх буолуу аһара барара эмиэ куһаҕаҥҥа кубулуйар. Сэрэхтээх буолуу аһара барара, барыттан бары сэрэниигэ кубулуйара сыыһа, “Бөрөттөн куттанар буоллахха, тыаҕа тахсымыахха” диэн этии итини бигэргэтэр. Ол аата тыа сиригэр олорор киһи кутталыттан тыатыгар тахсыбат кэмэ кэллэҕинэ, олоҕор туга эрэ улаханнык табыллыбат, суох буолуутугар тиийэн хаалыан сөп. “Таҥара сэрэҕи таптыыр” диэн этии киһи бу оҥоруохтаах быһыытын өссө дьыалатыгар оҥоруон иннинэ санаатыгар өссө ырытан, сыаналаан көрөрө улахан туһалааҕын быһаарар. Киһи аан маҥнай саныыр, өйүгэр-санаатыгар оҥорон көрөр, өссө боруобалыыр, онтон дьэ дьиҥнээхтик оҥордоҕуна, бу быһыыта табыллыан сөп буолар.

Киһи тугу эмэ оҥоруон иннинэ өссө төгүл ырытан, сыаналаан көрүүтэ сэрэхтээх буолууну үөскэтэр. “Сэттэтэ мээрэйдээн баран биирдэ быс” диэн этии санааҕар элбэхтэ хос-хос оҥорон көр, онтон барыта табыллар буоллаҕына биирдэ оҥорор буол диэн үөрэтэрин хайаан да тутуһуу киһини сыыһарыттан харыстыыр аналлаах.

Сахалыы таҥара үөрэҕин итэҕэйэр, олоҕор туһана сылдьар киһи көмүскэллээх буолара, сыыһа-халты туттунара аҕыйыыра “Таҥара сэрэҕи таптыыр” диэн этиинэн быһаарыллар.

Онон таҥара үөрэҕин биир тутаах салаатынан киһини сыыһа-халты туттунарыттан, быстах быһыыга киирэн биэрэриттэн харыс-тааһын, эрдэттэн, бу сыыһа туттунууну өссө оҥоруон инниттэн сэрэхтээх буолууга үөрэтэн көмүскүү сатааһын буолар.

ТАҤАРА ҮӨРЭҔЭ - ОЛОХ ҮӨРЭҔЭ

Олус былыргы кэмнэргэ үөскээбит таҥара үөрэҕэ билигин дьон өйүгэр-санаатыгар дириҥник киирэн иҥэн уонна киэҥник тарҕанан сылдьар. Сахалыы таҥара үөрэҕин былыргы кэмнэргэ ким да күүһүнэн тарҕаппыта биллибэт эрээри, саха дьоно элбэх араас таҥа-ралары билэллэрэ умнуллан хаалбакка туһалыы сылдьаллар.

Бу элбэх биллэр таҥаралары үөскээбит кэмнэринэн дьаарыстыы туттахпытына олоххо туһаны аҕалар үлэлэри баһылааһын дьон өйүн-санаатын салайан таҥаралары үөскэппитэ быһаарыллан тахсар:

1. Хотой таҥара.

2. Байанай таҥара.

3. Таба таҥара.

4. Ынахсыт таҥара.

5. Дьөһөгөй таҥара.

6. “Сах” таҥара.

7. Күн таҥара.

8. Үрүҥ Аар тойон таҥара. Бу таҥараттан салгыы үөскээбит киһи таҥаралары салгыы атын үлэбэр хомуйан ырыттым.

Өй-санаа сайдыыта үлэни тупсаран, сайыннаран иһэрин саҥа таҥаралар үөскээн олоххо киирэн иһэллэрэ биллэрэр. Бу таҥаралар үөскээбит уратыларын арыыйда кэҥэтэн быһаарыахпыт:

1. Дьон өйдөрө-санаалара сайдан бултуурга үөрэнэр кэмнэригэр хотойу таҥара оҥостубуттар. Ол аата хотой курдук кыахтаахтык бултуурга баҕа санааны үөскэтинэн Хотойу таҥараҕа кубулуппуттар.

2. Булчуттар элбээһиннэриттэн булт таҥаралара үксээннэр тус-туспа ааттаахтар баар буолууларын үөскэтэн холбуу ааттаах Байанай таҥараны үөскэппиттэр. Ол курдук, Байанай таҥара ханнык эрэ кыыл эбэтэр киһи да курдук буолара сурукка киирбиттэр.

3. Таба таҥара. Дьон таба көлөнү дьиэтитэн үлэҕэ туһанар кэм-нэриттэн олохторо табаттан олус улаханнык тутулуктаммыт. Бары табалаах буолар баҕа санаалара улаатан таба таҥараҕа кубулуйбут. Ону тэҥэ, бу кэмҥэ дьон үлэни баһылааннар тугу барытын табатык оҥорорго баҕа санааны үөскэтинэн, үгэскэ кубулутан таба оҥорууну сөбүлээннэр таҥара оҥостубуттар.

4. Ынахсыт таҥара. Ынах сүөһү таҥарата сахалыы Ынахсыт таҥа-ра диэн ааттанар. Дьон олоҕо ынахтан олус улаханнык тутулуктанар кэмигэр Ынахсыт таҥара үөскээн олоххо киирбит.

5. Дьөһөгөй таҥара. Сылгы сүөһү таҥарата итинник ааттанар. Сахалар олус былыргы кэмнэргэ үөскэппит таҥаралара буолар уонна билигин даҕаны туһалыы сылдьарыттан дьон сылгылары харыстаан көрөллөрүттэн ахсааннара эбиллэн иһэрэ ситиһиллэр. Сылгыттан саха дьонун олохторо тутуллар буолбута быданнаабыт.

6. “Сах” таҥара диэн тимир уустарын уот таҥаралара ааттанар. Саха дьоно уоту аан бастаан уматан туһаммыт кэмнэриттэн үөс-кээбит. Тимиринэн уһаныы үлэтигэр уот суолтата олус улаханыттан “Сах” таҥара киэҥник тарҕаммыт. Тимир уустарын “Сах” таҥара-ларын аатынан саха омук бэйэтин ааттаммыт. Сахалар тимири уһаа-рыыны уонна уһаныыны баһылааннар уһун үйэлэргэ атын омуктарга сайдыыны тарҕатар омугунан ааҕылла сылдьыбыттар.

7. Күн таҥара. Дьон үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа арааран туһаныыларын күн сырдыгын дьайыыта үөскэппит. Ол курдук, сыр-дык дьоҥҥо үчүгэйи аҕаларынан үрүҥ дьүһүн үчүгэйи бэлиэтииргэ туттуллар буолбут, үчүгэй өйдөбүлэ бары омуктарга тарҕаммыт. Хараҥа, хара киһи хараҕа көрөрүн мөлтөтөрүнэн дьоҥҥо куһаҕаны, ыараханы үөскэтэриттэн хара, хараҥа куһаҕан өйдөбүллэнэн дьон өйүгэр-санаатыгар үйэлэргэ иҥэн сылдьар.

8. Дьоҥҥо кыыллартан, сүөһүлэртэн арахсан киһи буолар баҕа санаа үөскээһинэ Киһи таҥаралар үөскээн, сайдан тахсалларыгар ти-риэрдибит. Ол курдук, дьон өйдөрө-санаалара кыыллартан уратытын билинэн баҕа санаалара киһи буолууну ситиһиигэ дьулуспут.

Сахалар бастакы Киһи таҥараларынан Үрүҥ Аар тойон буолар. Бу таҥара кэнниттэн атын Киһи таҥаралар арахсан сайдыбыттар.

“Үлэ киһини айбыта” диэн арҕааҥҥы үөрэхтээхтэр этиилэрэ ити таҥаралар үөскээһиннэринэн быһаарыллар кыахтаах. Ол курдук, хас биирдии таҥара үөскээһинэ дьон өйдөрө-санаалара өссө үрдүкү та-һымҥа сайдан тахсыбытын, саҥа үлэ көрүҥүн баһылаабыттарын уон-на олоххо киллэрбиттэрин биллэрэр.

Олох үөрэҕэ диэн этии үлэни оҥорууттан уонна табылларыттан үөскээн тахсар. Киһи үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран быһаарарыгар икки өрүттэнэн иһэр өйүн-санаатын икки ардыларыгар, ортолоругар сөп түбэһии үһүс өрүтэ үөскээн тахсарын быһааран “Туох барыта үһүстээх” диэн этиини туһанан Орто дойдуну айан таһаарбыттар. Ол аата сөп түбэһии үһүс өрүтэ үчүгэй уонна куһаҕан диэн быһаарыылар икки ардыларыгар, ортотун диэки көстөн кэлэриттэн Орто дойдуну үөскэтэн таһааран олоххо киллэрбиттэр.

Олоххо мунньуллар уопут төһө эмэ сылларга, үйэлэргэ сымыйата, албына хаалан кырдьыга быһаарыллан олох үөрэҕин үөскэтэр. Киһи санаата оҥорор быһыытыттан эрдэлээн, инники баран иһэринэн элбэхтик албыҥҥа, сымыйаҕа киирэн биэриини уонна сыыһа-халты туттунууну үөскэтэн кэбиһэринэн оҥорор быһыы табыллыбатыгар, сатамматыгар тириэрдэрэ үксээн хаалар. Ол иһин киһи оҥорор бы-һыыта элбэхтик хатыланан уонна боруобаланан баран үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана араарыллан быһаарыллара табыллар.

Үчүгэйэ быһаарыллыбыт быһыы олох уопутун, сиэри үөскэтэр уонна элбэхтэ хатыланан үгэһи үөскэтэн умнуллубат буолар. Сиэр диэн үчүгэй быһыыны оҥорууга тириэрдибит санаа буоларыттан хатылаан оҥордоххо үчүгэй быһыы буолара ситиһиллэр. Сахалар былыргы кэмнэргэ маннык үчүгэйдэрэ биллибит үөрэхтэри өс хо-һоонноро оҥорон умнуллубат аналлаан туһаналлар.

Сахалыы таҥара үөрэҕэ олох үөрэҕэр, үйэлэргэ үөскээбит сиэргэ тирэҕирэр. Ол иһин “Таҥара сэрэҕи таптыыр”, “Үчүгэй санаалаах буол” диэн этэн үөрэтэн үчүгэй санаалардаах буолууну тарҕатар.

Олох үөрэҕэ диэн киһи кэһэйэн үөрэниититтэн үөскээн тахсар туһалаах үөрэх буолар. Киһи аан маҥнай быстах санааҕа киирэн сыыһа оҥорбутуттан кэһэйиитэ, бу сыыһа эбит диэн билиниитэ, ханнык эрэ быһыыны оҥорбутун кэнниттэн биирдэ тиийэн кэлэн кэһэйэрин үөскэтэр. Онтон салгыы субу оҥоруллубут быһыыны көннөрүү, тупсарыы, хатылаан оҥоруу кэнниттэн табылларын үөскэтэн туһаныллар. Киһи үөрэҕи ылынара оҥорор быһыытыттан хойутаан кэлэрин “Буолар буолбутун кэннэ”, “Өлөн иһэн өйдөммүт” диэн өс хоһоонноро биллэрэллэр. Бу өс хоһоонноро сахалыы өй-санаа үөрэҕэ олус былыргы кэмнэртэн ыла сайдыбытын уонна билигин даҕаны олоххо туттулла сылдьарын туоһулууллар.

Онон олох үөрэҕэ диэн уһун үйэлэргэ куһаҕана туоратыллан хаалларыллыбыт, ол иһин үчүгэйэ быһаарыллан биллибит, туттулла сылдьар туһалаах быһыылар ааттаналлар.

КИҺИ ТАҤАРАЛАР ТУҺАЛАРА

Дьон өйдөрө-санаалара сайдан, тупсан кыыллартан, сүөһүлэртэн туспа арахсыбыттарын бэлиэтинэн киһи диэн тыл уонна Киһи таҥара үөскээн олоххо киирбиттэрэ буолар. Аан бастакы биллэр Киһи таҥаранан Үрүҥ Аар тойон буолар. Бу улахан салайааччы кэмигэр сахалар элбэх сайдыыны, тупсууну ситиһэннэр киэҥ сирдэри баһы-лыы сылдьыбыттара олоҥхолорго кэпсэнэллэрэ быһаарыллан эрэр.

Киһи таҥара үөрэҕэ олоххо киирбитин бэлиэтинэн аата-суола үөскээбитэ уонна элбэх дьоҥҥо иҥэн тарҕаммыта буолар. Уһун үйэлэргэ дьон өйдөрө-санаалара сайдан, тупсан иһэриттэн Киһи таҥа-ралар эмиэ уларыйан, саҥаларынан эбиллэн биэрбиттэр:

1. Джайнизм таҥара үөрэҕэ.

2. Үрүҥ Аар тойон таҥара.

3. Будда таҥара.

4. Христос таҥара.

5. Аллах таҥара.

6. Православнай таҥара үөрэҕэ.

Сахалар киһи буолар баҕа санааны иҥэринэн улаатар, сайдыыны ситиһэр кэмнэриттэн киһи буолуу үөрэҕин айбыттар уонна ону сити-һэн, баһылаан Киһи таҥаралары үөскэппиттэр. Бу элбэх Киһи таҥара үөрэхтэрин биллэр уратыларын уонна дьоҥҥо туох туһаны, үйэлээҕи оҥорбуттарын кылгастык ырытан көрүөхпүт:

1. Киһи санаата оҥорор быһыыларын бастаан, салайан иһэрин быһаарыыттан киһини санаата салайарын джайнизм таҥаратын үөрэҕэ быһааран олоххо киллэрбититтэн Киһи таҥаралар үөскээ-һиннэрэ саҕаламмыт. Киһиэхэ үчүгэй санааны иҥэрэн биэриини уонна киһи буолуу өйүн-санаатын аан бастаан сахалар джайнизм таҥараларын үөрэҕэ саҕалаан сайыннарбыт. Ол быданнааҕы кэмнэргэ “дьа” диэн тылынан санааны ааттыыр эбиттэр.

2. Үрүҥ Аар тойон таҥара. Бу бастакы киһи аатынан ааттаммыт таҥараны сахалар Индийэ сирдэригэр олоро сылдьыбыт кэмнэригэр үөскэппиттэр. Арийдар диэн элбэх сайдыыны ситиспит омуктары кытта бииргэ олоро сылдьыбыт эбэтэр бэйэлэрэ арийдар диэн аат-танар кэмнэригэр, бу таҥара үөрэҕин баһылаан олоххо киллэрбиттэр. Арийдар киэҥ сирдэргэ тарҕанан элбэх саҥа омуктары төрүт-тээбиттэр. Бу кэмтэн ыла сахалыы таҥара үөрэҕэ сайдан атын омуктарга киэҥник тарҕаммыт. Индоарийскай диэн ааттаммыт омук-тар Европаҕа тиийэн элбэх саҥа омуктары үөскэппиттэр.

Сахалар бу таҥара үөрэҕин айбыттарын билигин “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан биэрэн иһэр тутулугун олох-торугар туһана сылдьаллара биллэрэр. Бу этиини өссө джайнизм уонна буддизм таҥараларын үөрэхтэрэ тутуһа сылдьаллара сахалар таҥараларын үөрэҕиттэн тирэх ылан сайдыбыттарын биллэрэр.

Аар диэн тыл сахаларга сүдү, аарыма диэн өйдөбүлү биэрэр. Бу тыл суолтата таҥара үөрэҕэ дьон өйө-санаата сайдарыгар оҥорбут улахан үтүөтүн, туһатын быһааран дьоҥҥо тириэрдэр.

Сахалыы таҥара аата үрүҥ диэн быһаарар тыллааҕа былыргы үйэлэргэ олорон ааспыт киһи оҥорбут элбэх быһыыларыттан үчүгэ-йин, үрүҥүн талан ылан туһанарга аналланарын биллэрэр.

Киһи санаата уонна оҥорор быһыылара тус-туспаларыттан сиэр уонна киһи быһыыта диэн хааччахтардаах буоллахтарына эрэ аһара барыыны үөскэтэн куһаҕаҥҥа тиийэн хаалбат кыахтаналлар.

Киһи үчүгэй санаалардаах буоллаҕына, үчүгэйи оҥорор кыахтанара уонна сиэр диэн санаа аһара барбатын тутуһар хааччаҕа үчүгэй быһыылары оҥорорун элбэтэргэ туттуллар.

Киһи быһыыта диэн хааччаҕы сахалыы таҥара үөрэҕэ тутуһар. Ол аата оҥорор быһыыны барытын киһи оҥорорун курдук оҥордоххо үчүгэй быһыы буолан тахсара ситиһиллэр уонна үчүгэйи оҥоруу табыллара, сатанара элбиирэ үөскүүр.

Сиэр диэн киһи саныыр санаатын уонна киһи быһыыта диэн оҥорор быһыытын хааччахтарын сахалыы таҥара үөрэҕэ тутуһара киһи олоҕун киһи быһыылаахтык олороругар тириэрдэр аналлаахтар.

3. Будда таҥара. Хотугу Кытай сирдэригэр сахалар Индийэттэн кэлэн иһэн өр кэмҥэ олохсуйа сылдьыбыттар. Бу сирдэргэ Будда таҥара үөскээн салгыы тарҕаммыт. Бу таҥара үөрэҕэ киһи санаатын тупсарара уонна “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини тутуһара сахалыы таҥара үөрэҕиттэн үөскээбитин биллэрэр. Ол иһин Будда таҥара үөрэҕэ өй-санаа халыйыытын, диктатураны үөскэппэт.

Бу таҥара үөрэҕэ сахалыы Улахан киһи таҥара үөрэҕэ диэн ааттанар уонна оҕо улаата охсор баҕа санаатыгар төрөппүт оҕото хаһан улаатарын, киһи буолууну ситиһэрин кэтэһэр санаата холбоһоннор үөскэппит таҥараларын үөрэҕэ буолар.

4. Христос таҥара. Сахалартан үөскээн сайдан Хотугу Кытай сирдэриттэн арҕаа диэки сыҕарыйан барбыт хууннар Үрүҥ Аар тойон таҥара үөрэҕин Европаҕа тириэрдэн улаханнык уларыппыттар, тупсарбыттар. Бу таҥара үөрэҕэ биллэрдик уларыйыытын, тупсуутун еврейдэр таҥараларын үөрэҕин кытта холбоһуута үөскэппит.

Иисус диэн еврейдэр таҥараларын үөрэҕин төрүттээбит киһи аата. Суругу баһылаабыт еврейдэр бэйэлэрин үөрэхтэриттэн туһалааҕы элбэҕи Христос таҥара үөрэҕэр суруйан киллэрбиттэр.

“Кэриэстээ” диэн сахалар өлбүт киһи кэриэс этиитин толорор үгэстэрэ ааттанар. Бу омук бэйэтин харыстанарыгар туттар үгэһин хууннар кыаттаран, хотторон эрэр кэмнэригэр элбэхтик туттубуттара сүдү итэҕэл аатыгар киирбитэ биллэрэр. Хууннар итэҕэллэрин аата Христос диэҥҥэ уларыйан сурукка киирэн сылдьар.

Христос таҥара үөрэҕэ сахалар таҥараларын үөрэҕиттэн сайдан тахсыбытын биллэр бэлиэтинэн Ырай диэн дойдуну айан туһана сылдьара биллэрэр. Ол курдук, сахалар ыра санаа диэн киһи бэйэтин кыаҕынан хаһан да кыайан толорбот, аралдьытынар эрэ санааларын ааттыыллар. Баҕа санааларын кыайан толорбот дьадаҥылары өллөх-хүтүнэ Ырай дойдутугар тиийэн дьэ сынньаныаххыт, баҕа санааҕыт барыта онно туолуоҕа диэн билигин да албынныы сылдьаллар.

Европа дьоно сайдыыны; үөрэҕи, билиини тэҥэ, арыгы иһиитин эмиэ тарҕаппыттар. Үөрэх, билии Аан дойдуга киэҥник тарҕаныы-ларын кытта Христос таҥара үөрэҕэ тэҥҥэ тарҕаммыт.

Өй-санаа сайдан, тупсан иһиитэ саҥаны айыылары оҥорууга тириэрдэр уонна олору бэлиэтииргэ анаан саҥа тыллары үөскэтэн олоххо киллэрэн иһэр. Үчүгэй уонна куһаҕан диэн дьон оҥорор быһыыларын икки аҥы арааран быһаарыыны Христос таҥара үөрэҕэ олоххо киллэрэн, үчүгэй быһыылары оҥороллорун элбэппит.

5. Аллах таҥара. Бу таҥара үөрэҕэ Азия соҕуруу өттүгэр үөскээбит. Христос таҥара үөрэҕэ арыгыны иһиини тарҕатарын утараннар арахсыыны тэрийэн саҥалыы үөскэппит үөрэхтэрэ буолар. Бу таҥара үөрэҕэ Христос таҥара үөрэҕиттэн үөскээбитин Ырай уонна Аад дойдуларын ылынан туһана сылдьара биллэрэр.

Монгол-татаардар кыаттаран, үрэллэн эрэр кэмнэригэр бу таҥара үөрэҕин диктатураҕа кубулутан олус кытаанах көрдөбүллэри туту-һары эрэйэр буолбуттар. Дьон олоҕор саамай туһалааҕынан ыал буолуу былыргы үгэстэрин тутуһа сылдьалларыттан эр дьон мөлтөө-бөккө үйэлэргэ сайдан иһэллэрин хааччыйаллар. Күүстээх, кыахтаах эр дьон омукка сайдыыны, тупсууну аҕалар кыахтара элбэҕиттэн, бу таҥара үөрэҕэ итэҕэйээччилэр ахсааннара эбиллэн иһэрин ситиһэр.

6. Православнай таҥара үөрэҕэ. Европаттан кэлбит Христос таҥара итэҕэлэ Россияҕа олус ыараханнык киирбитэ. Россия киэҥ нэлэмэн сирдэригэр сахалар уонна Христос итэҕэллэрэ холбоһууларыттан үөскээн сайдыбыт саҥа таҥара үөрэҕэ буолар. Уһун үйэ-лэргэ салайааччылар бас билиилэригэр киирэн диктатураны үөскэппитин билигин тутуһа сылдьар. Сэбиэскэй былаас кыайарыгар баайдар диэки буолан хаалан олохтон туоратылла сылдьан баран, улахан сэриигэ көмөлөһөр диэн ааттаан оннугар түһэрбиттэрэ. Россия омуктара элбэх таҥара үөрэхтэрин тутуһаллар. Ол иһигэр мусульманскай уонна православнай таҥара үөрэхтэрэ элбэхтик утарыта сэриилэһэ сылдьыбыттара. Ону тэҥэ, православнай таҥара үөрэҕэр улахан хайдыһыылар тахсаннар туспа арахсан барааччылар бааллар. Ол иһин билигин саамай мөлтөөбүт таҥара үөрэҕинэн ахсааннара аҕыйаан иһэр православнай таҥара үөрэҕэ буолар.

Элбэх таҥара үөрэхтэрэ эйэлэһэллэрин, биир тылы булуналларын туһугар Киһи таҥаралардааҕар үрдүкү турар, күүстээх дьайыылаах таҥара үөрэҕэ баар буолара табыллар. Сахалар Күн таҥаралара ол сыалы толорууга сөп түбэһэр кыахтаах. Күн айылҕа тутаах тутулуга буолара онно көмөлөһөр. Ол иһин Күн таҥара бары таҥаралартан бастаан иһэриттэн айылҕаны харыстыыр кыаҕа өссө улаатар уонна Киһи таҥараларга эйэлэһиини үөскэтэрэ ситиһиллиэ этэ.

Киһини өйө-санаата баһылаан салайарын сахалар былыргы үйэҕэ быһааран таҥара үөрэҕэр киллэрэн туһаналларын “Киһини санаата салайар”, “Үчүгэй санаалардаах буол” диэн туттулла сылдьар этиилэр бааллара биллэрэр. Киһи өйө-санаата сайдан, тупсан кыыллартан туспа арахсарыгар киһи буолуу баҕа санаатын үөскэтинэрэ улахан туһаны оҥорбут. Уһун үйэлэргэ дьон өйдөрө-санаалара сайдан иһиитин быһаарар элбэх таҥара үөрэхтэрин сахалар туһана сылдьаллар.

Онон элбэх Киһи таҥара үөрэхтэрэ сахалар таҥараларын үөрэ-ҕиттэн туспа арахсан сайдан тахсыбыттара уонна дьон өйдөрө-санаалара киһи быһыытын тутуһа сылдьалларыгар улахан туһаны оҥороллоро биллэр бэлиэлэринэн дакаастаналлар.

ЭР ДЬОНУ КҮҮҺҮРДҮҮ

Сахалыы таҥара үөрэҕин үлэһиттэр, эр дьон айбыттар. Ол иһин көрсүө, сэмэй буол, сыыһа-халты туттума диэн үөрэҕи туһаналлар. Үлэ сайыннаҕына эрэ омукка сайдыы, тупсуу кэлэрэ кыаллар. Үлэни кыайбат буолуу атыттарга баһыттарыыга, үлэ барыһы аҕалар миэс-тэлэриттэн үтүрүллэн туорааһыҥҥа тириэрдэрэ мөлтөөһүнү үөскэтиэн сөп. Ол иһин сахалыы таҥара үөрэҕэ омук күүһүрэр, сайдыыны ситиһэр кыаҕын улаатыннарарга туһалыыр аналлаах.

Омугу үлэ эрэ сайыннарар, үлэни оҥорууттан сайдыы киирэрэ ситиһиллэр. Буолан баран кыайыылаах, атыттар үтүктэр, батыһар үлэлэрэ омукка сайдыыны, тупсууну аҕаларын сахалыы таҥара үөрэҕэ тутуһан дьону көрсүө, сэмэй буолууга уонна үлэни баһылыырга үөрэтэр. Үлэни эр дьон кыайа-хото үлэлииллэрэ биллэр суол. Эбиискэ хос быһаарыы ирдэммэт, айылҕа айбыта оннук. Эр киһи олоҕун устата атын туохха да аһара аралдьыйбакка эрэ үлэлиирэ табыллар.

Дьахтар уонна эр киһи холбоһон ыалы тэрийэн сайдыылаах буор куттаах оҕолору төрөтөн, иитэн, үөрэтэн улаатыннаран аймахтары, омугу сайыннараллар, ахсааннарын элбэтэллэр. Дьахтар айылҕаттан оҕо төрөтөр уонна иитэр, үөрэтэр аналлаах буоллаҕына, эр киһи олоҕун сүрүн сыала диэн ыалы араас туһалааҕынан барытынан хааччыйыы буоларын тэҥэ, элбэхтик үлэлээн-хамсаан, дьарыктанан үөрүйэхтэри үөскэтинэн буор кутун сайыннаран иһэрэ эрэйиллэр.

Олоххо эр дьон элбэхтик сыыһа-халты туттуналлара биллэр. Эдэр уолаттар улаатан иһэн араас айыыны оҥорор санаалара элбээн аһара туттуналлара үксүүр. Сахалыы таҥара үөрэҕэ эдэр киһини сыыһа-халты туттунума, көрсүө, сэмэй буол диэн үөрэтэн үлэ сайдарын, тупсарын үөскэтэрин тэҥэ, сэрэхтээх буоларын улаатыннарар.

Киһи ханнык баҕарар үөрэҕи ылынара икки өрүттэнэр:

1. Кэһэтэн үөрэтии.

2. Киһи бэйэтэ кэһэйэн үөрэниитэ.

Үөрэҕи ылыныы бу икки тус-туспа өрүттэрин арыыйда дириҥник ырытан көрүөхпүт:

1. Атын киһи үөрэтэрэ кытаанах буоллаҕына кэһэтэн үөрэтиигэ тиийэн хаалыан сөп. Оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кута иитиллэрин кэһэтэн үөрэтии диэн ааттыахха сөп. Ол курдук, улахан киһи “Мин курдук оҥор” диэн этэн үөрэтэрэ хаайан, ыган үөрэтиигэ киирсэр. Атыннык оҥордоххо муннукка туруоруу, табыталтан тардыы хаһан баҕарар туттуллар. Өссө куһаҕаны оҥорон кэбистэххэ, аны чыпчархай тиийэн кэлиэн сөбө оҕо куһаҕаны оҥорорун тохтотор дьайыыга киирсэр.

Оҕо бэйэтэ өссө өйдөөбөт эрдэҕинэ ийэ кутугар улахан дьон бэлэм, үчүгэйдэрэ биллэр үгэстэри бэйэтигэр элбэхтик оҥотторон иҥэрэн биэрэллэрэ кэһэтэн, ыган үөрэтии буолар уонна ийэ кута төрөппүтэ үчүгэй диэн ааттыыр үгэстэринэн иитиллэрин үөскэтэрэ улааппытын кэннэ туһаны оҥорор. Бу үчүгэй үгэстэр үөскэтэр баҕа санааларын дьайыытынан киһи бэйэтэ баҕаран туран үөрэҕи ылынара, ыарахан диэн ааттанар үлэни кыайа-хото үлэлиирэ ситиһиллэр.

2. Кэһэйэн үөрэнии диэн эр дьон үөрэхтэрэ буолар. Киһи бэйэтэ тиэтэйэн, ыксаан быстах санааҕа киирэн биэрэриттэн, сыыһа-халты туттунарыттан куһаҕаны оҥорон кэбиһэн кэһэйиитэ уонна оҥорор быһыытын көннөрүүтэ, тупсарыыта, бу үөрэҕи олохтообут. Үлэни оҥорууга сыыһа-халты туттунан кэһэйии уонна ол сыыһа туттунуу таһаарбыт содулларын көннөрүү, тупсарыы, үчүгэйгэ тириэрдии кэһэйэн үөрэнии кэнниттэн ордук табыллар. Ол аата куһаҕаны аан бастаан билэн баран ону көннөрүүнү ситиһии, киһи өйө-санаата тупсарын үөскэтэрэ үчүгэйи оҥорорун элбэтэригэр туһалыыр.

Үлэ эрэйдээх. Үлэлии үөрэнии эрэйэ өссө элбэх. Ол курдук, тугу эмэ туһалааҕы оҥоруу биирдэ оҥорору кытта табылла, сатана охсу-бата онно олук буолар. Биир үлэни оҥоро үөрэнэргэ элбэхтик хос-хос оҥорон табыллыаҕар диэри хатылаатахха эрэ сатанара тиийэн кэлэн бүтэрии ситиһиллэр. Ол иһин үлэ киһини тулуурдаах, өһөс майгылаах буолууга үөрэтэр күүһэ олус улахан туһаны оҥорор.

Үлэ эрэйдээҕиттэн оҕону үөрэтиигэ аҕа ордук табыллар. Аҕа ыгар, дьарыйар күүһэ оҕо ыарахан да үлэни үлэлии үөрэнэригэр көмөлөһөр, тирэх буолар. “Мин тулуйабын” диэн өсөһөр санаа үөскээһинэ оҕо тулуурдаах буолуутун улаатыннаран үлэни кыайарыгар көмөлөһөр. Ону тэҥэ, аҕа диэн тыл саастааҕы, элбэх уопуттааҕы биллэрэр суолтата оҕо бэйэтэ үтүктэр, барыһар баҕа санаатын үөс-кэтэрэ үлэни оҥорууга үөрэнэрэ табылларыгар тириэрдэр.

“Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн өс хоһооно оҕону үлэҕэ үөрэтиигэ улахан туһалаах. Тугу эмэ туһалааҕы оҥоруу киһиттэн элбэх тулууру, өһөс санааны, дьулууру ирдиир. Ону тэҥэ, үлэ оҥо-рору кытта табыллыбакка хааллаҕына хатылаан оҥорон түмүгэр тириэрдии өссө улахан тулуур үөскээһинигэр көмөлөһөр.

Эр дьону күүһүрдүү эдэрдэр ыал буола иликтэриттэн саҕаланарын ыал буолуу үгэстэрин тутуһуу хааччыйар. Ол курдук, ыал буолууга ыраас кыыс оҕо сайдыылаах буор куттаах, үлэни кыайар, көрсүө, сэмэй эр киһини таба талан ылан эргэ таҕыстаҕына, төрүүр оҕолоро сайдыылаах буор куттаах буоланнар үөрэҕи баһылаан үлэни оҥо-рууну сайыннарар кыахтара улаатара ситиһиллэр. Ыраас кыыс оҕо эр дьону күүһүрдэр аналлаах. Былыргы кэмнэргэ ыраас кыыс оҕо эргэ барарыгар, ыалы тэрийэригэр киэргэтэн, симээн, элбэх энньэлээн урууну тэрийэллэрэ. Ырааһын биллэрэн аатыгар –куо диэн эбиискэни туһаналлара. Ол барыта ыраас кыыс оҕо эр киһи сайдыылаах буор кутун ылынан оҕолоругар, кэлэр көлүөнэлэригэр биэрэрин ситиһиигэ тириэрдэр буолан үрдүктүк сыаналанара.

Сэбиэскэй былаас ыал буолуу былыргы үгэстэрин суох оҥорон саха эр дьонун улаханнык мөлтөтөн сылдьар. Дьахталлар эргэ тах-сыахтарын иннинэ үөрэммитэ аатыра сылдьан күүлэйдээн, чараас эрэһииҥкэни туһанан элбэх эр дьону боруобалыылларыттан уонна бэйэлэрэ талан ылан эргэ тахсалларыттан эр дьон буор куттарын буккуйан, мөлтөтөн кэбиһэллэриттэн ыарыһах оҕолор төрүүллэрэ элбээтэ. Киһи буор кута өй-санаа буоларынан ханнык да хааччахтартан, чараас эрэһииҥкэттэн иҥнибэтэ, хааттарбата дьахтар иһигэр буккуллан хааларын үөскэтэрэ ыарыһах оҕо төрүүрүгэр тириэрдэр.

Көҥүл тустуу диэн күрэхтэһии киһи күүһүн уонна кыаҕын холбуу туһанарын ирдиир. Эр киһи буор кута буккуллуута күүстэрэ, кыах-тара мөлтүүллэрин үөскэтэрэ, нууччаларга кэлин кэмҥэ күүстээх тустууктара суох буолбутунан толору быһаарыллар.

Эр дьону күүһүрдүү диэн ыал буолуу үгэстэрин олоххо киллэрии ааттанар. Дьахталлар төһө да элбэхтэрин иһин, эр дьону күүһүртэххэ эрэ саха омук күүһүрэрин, үлэни баһылаан сайдыыны ситиһэрин билэллэр. Ол иһин бу олоххо туһалаахтара быһаарыллыбыт ыал буолуу үгэстэрин ылынан туһаналлара кыаллыан сөп. (12,125).

Омук сайдыыта ыаллартан, аймахтартан саҕаланар. Ким да мөлтөх, үлэни кыайбат оҕолонуон, кэлэр көлүөнэлэниэн баҕарбат. Бары төрөппүттэр өйдөөх, доруобай, күүстээх уонна кыахтаах оҕолонуох-тарын баҕараллар. Ол иһин ыал буолуу үгэстэрин туһаныы олоххо киирэр кыаҕа улаатар. Оҕо төрөппүттэрэ этэллэрин истэрэ, толороро хаһан баҕарар элбэх. Кыыс оҕо улаханнык харыстанар аналлааҕын кыра эрдэҕиттэн билэ сылдьара эрэйиллэр. Ыраас кыыс ыалы тэрийэр уонна эр дьону күүһүрдэр аналлаах. Ол иһин кыыс оҕолоох ыаллар аймахтары, омугу сайыннаралларын билэн олоххо сыһыаннара уларыйдаҕына, кыыстарын кыра эрдэҕиттэн кыһанан харыстаатахтарына уонна ыал буолуу үгэстэрин тутуһан сааһын ситтэр эрэ сөптөөх эр киһини булан эргэ биэрэллэрэ эрэйиллэр. Эр киһи сайдыылаах буор кутун ылыммыт оҕолор аан бастаан аймахтары сайыннараллар уонна саха омук сайдыытын саҕалыыр кыахтаналлар.

Аҕа диэн сахалар төрүт тыллара. Бу тылы туһана сылдьыыттан аҕа өйө-санаата уол оҕоҕо бэриллэр кыахтанара саха омук сайдыыта кэлэрин үөскэтэр. Нууччалар сахалары мөлтөтөөрү бу тылы соруйан тыл үөрэхтээхтэринэн, суруйааччыларынан туораттара, хааллара, атын куһаҕан дорҕоонноох “па-па” диэн тылы туһаннаран солбуйтара, симэлитэ сатаабыттара. Куһаҕан дорҕоон дьайыыта хаһан баҕарар куһаҕаҥҥа тириэрдэр. “Па” диэн сахалар саамай сирэр, сиргэнэр дорҕоонноро буолар. Бу дорҕоону туһаныыттан саха эр дьоно, ыаллар аҕаларын өйдөрө-санаалара улаханнык мөлтүүллэр. Ону тэҥэ, оҕолор аҕаларын куһаҕан курдук санаан аанньа ахтыбаттара үөскээн олох-суйарыттан этэр тылларын истибэттэр, үлэҕэ үөрэниилэрэ мөлтүүр уонна ыаллар арахсыылара элбиир.

Аҕа диэн тыл оҕоттон, киһиттэн улахан уопуттааҕы, билиитэ-көрүүтэ элбэҕи биллэрэр суолтата ордук улахан туһалаах. Ол курдук, үлэҕэ үөрэниигэ эдэрдэр элбэх уопуттааҕы, баһыйары үтүктэр, баты-һар күүстэрэ улаатарыттан аҕа үөрэтэр күүһэ ордук эбиллэр. Эр киһини, ыал аҕатын аҕа диэн ааттааһын оннугар түстэҕинэ оҕолоро, дьоно ытыктыыр, үтүктэр, батыһар санаалара улаатарыттан эппиэтинэстээх буолара үрдүүрүн тэҥэ, дьонун туһугар кыһанара, харыстыыра улаатар уонна күүскэ үлэлиир кыахтанар.

Онон эр дьону күүһүрдүү сахалыы таҥара үөрэҕин уонна ыал буолуу үгэстэрин олоххо киллэрдэххэ ситиһиллэр кыахтанар.

ТУЛУУРДААХ БУОЛУУ

Киһи тулуурдаах буолуута олоҕун тутаах сыалын үөскэтэрэ Кут-сүр үөрэҕэр холбуу киирсэр. Өй-санаа үс кукка уонна сүр диэҥҥэ арахсара сахалар билиилэригэр этиллэ сылдьар. Сүр киһи тулуурдаах буолуутун быһаарар суолталаах. Ол курдук, киһи үс куттарын сүрэ, тулуура холбуу тутан сылдьарыттан салгын кута көтөн хаалбатыттан киһи буолара, киһи быһыылаахтык олоҕун олороро ситиһиллэр.

Өй-санаа киһи саамай кэбирэх сирэ буолар. Өй, салгын кут көтөн хаалыыта киһини сонно кыыл, сүөһү таһымыгар түһэрэ охсон кэбиһэр. Ол курдук, итирэн өйө көппүт киһи сүөһү курдук быһыыланара түргэнник киирэн кэлэрэ дьоҥҥо барыларыгар биллэр.

Тулуурдаах буолуу киһи туттунар күүһүн үөскэтэр. Туттунар күүс диэн киһи оҥорон эрэр быһыытын өссө ырытан көрөн үчүгэйин эбэтэр куһаҕанын быһаарыыта уонна куһаҕан буоллаҕына тохтоторо, атынынан солбуйан биэрэр кыаҕа ааттанар. Киһи туттунар күүстээх буоллаҕына эрэ, киһи быһыытын аһара баран хааларын тохтотунан киһилии быһыылаах буолууну ситиһэр кыахтанар.

Дьулуурдаах буолуу диэн киһи саҥаны айыыны оҥоро сатыыр, олоххо тупсарыылары киллэрэр кыаҕын биллэриитэ ааттанар. Саҥаны айыы диэн киһи билбэт буолан өссө оҥорон көрө илик, ураты бы-һыыта буолар. Ол иһин туох содул, куһаҕан үөскээн тахсара биллибэтиттэн киһиттэн улахан сэрэхтээх буолууну эрэйэр.

Ханнык баҕарар үлэни саҕалааһыҥҥа, оҥорууга уонна бүтүүтүгэр тириэрдиигэ киһиэхэ дьулуур баара эрэ туһалыыр. Дьулуур диэн инники баран иһэр санаа күүһүн биллэрэринэн үлэ бүтүүтэ кэлиитигэр ордук ыараан уонна эрэйэ эбиллэн биэрэрин тулуйары үөскэтэр.

Тулуурдаах, дьулуурдаах буолууну уонна туттунар күүһү киһи өһөс санаата үөскэтэр. Өһөс диэн киһи санаатын күүһүн быһаарар тутаах тыл буолар. Ол курдук, өһүө диэн ааттаммыт мас дьиэ үрдүн уонна даҥын ыйааһынын тулуйан, кэдэйбэккэ эрэ өр турар аналлаах.

Киһиэхэ тугу барытын оҥороругар өһөс санаата баара туһалыыр. Ол курдук, кыра да үлэни оҥорорго уонна ону этэҥҥэ бүтэрэргэ киһиэхэ тулуура баара улаханнык көмөлөһөр, ону тэҥэ, кыра да ыарыыны тулуйарга тулуурдаах буолуу эрэйиллэр. Саханы саха оҥорбут өс хоһооно маннык быһаарыллар:

- “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн өс хоһоонун сахалыы таҥара үөрэҕэ тутуһарыттан киһи тулуура, дьулуура саҥа көлүөнэлэр үөскээн истэхтэринэ улаатарын ситиһэр. Киһи тугу эмэ туһаны аҕа-лары оҥорон олоххо киллэрэригэр тулуура, өһөс санаата баар буол-лаҕына табыллар. Ол курдук, үчүгэйи, туһалааҕы оҥоруу олус элбэх үлэттэн, билииттэн уонна санаа күүһүттэн эрэ ситиһиллэр кыахтанара киһи тулуура, дьулуура улаатан биэрэрин эрэйэр.

Киһи киһиэхэ сыһыаныгар олус улахан тулуурдаах буоларын сахалыы таҥара үөрэҕэ ирдиир. Тулуура аҕыйах киһи кыайыан да сөптөөх үлэтин табан, сатаан оҥорбокко быраҕара биллэрин таһынан, баары да кыайан туһаммакка хаалларан кэбиһиэн сөп.

Православнай таҥара үөрэҕэ “Аҥар иэдэскин оҕустахтарына, атын иэдэскин тоһуйан биэр” диэн үөрэҕэ киһи олус улахан тулуурдаах буоларын ирдиир көрдөбүл буолар. Ол курдук, киһини сирэйгэ охсуу диэн олус куһаҕан, атаҕастабыллаах быһыы буоларынан улахан тулуурдаах киһи охсуһа, этиһэ сатаабакка, атын иэдэһин тоһуйан биэрэр кыахтанара тулуура өссө улаханын биллэрэр. Бу быһаарыы киһи соһуччу оҥорор быһыытын ситэ ырыппакка, туох содул үөскүүрүн кыайан быһаарбакка эрэ оҥорорун биллэрэрэ ордук суолталаах.

“Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн өс хоһоонун сахалыы таҥара үөрэҕэ оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ туһанан тулуурун уонна туттунар күүһүн улаатыннарар. Киһи тулуурун, туттунар күүһүн өһөс санаата үөскэтэр уонна улаатан истэҕинэ эбэн биэрэр. Тулуурдаах, өһөс санаалаах киһи ханнык баҕарар ыарахан да үлэни кыайар кыахтанарыгар, сыыһа-халты туттубатыгар таҥара үөрэҕэ тулуурун уонна туттунар күүһүн улаатыннаран көмөлөһөр.

Оҕо 7 сааһыттан тулуурдаах буолуута үөскүүр диэн быһаарыыны тутуһан сахалыы таҥара үөрэҕэ оҕо тулуурун, дьулуурун кыайар үлэлэригэр үөрэтиинэн саҕалыыр. Ол курдук, үлэни оҥоруу эрэй-дээҕэ, табылла, сатана охсубата оҕо тулуурун, туттунар күүһүн улаатыннарарга улаханнык туһалыыр. Кыра эрдэҕиттэн туһа киһитэ буолан кыайар үлэлэриттэн үлэлии үөрэммит оҕо көйгө оҕо диэн ааттанар. Үлэҕэ үөрэнии оҕо тулуурун, туттунар күүһүн сайыннаран сыыһа-халты туттунарын суох оҥороро туһаны аҕалар.

Өй-санаа аһара барар уратылаах. Бу аһара барыы үөскээн кэлэн иһэрин киһи тулуура, өһөс санаата улаатыыта эрэ хам тутан тохтотор кыахтанар. Бэйэтэ туттунар, тохтотунар күүһэ суох буоллаҕына киһи быһыытын тутуһара кыаллыбат буолуон сөп. Ол курдук, кыыһырарын кыайан туттуммакка абарыыга тириэрдэн иһэр киһи сыыһа туттунан куһаҕан быһыыны оҥорон кэбиһиэн сөп. Кыыллар өйдөрүттэн-санааларыттан киһи санаата бэрт чугас сыл-дьарынан киһи хаһан баҕарар киһи буоларын билинэ, аһара барар өйүн-санаатын туттуна сылдьара эрэйиллэр. Ол курдук, аһара кыыһырыы, ырдьыгынааһын киһини соҕотохто кыыл быһыытыгар кил- лэрэн кэбиһэриттэн киһи барыта туттуна, туттунар күүһүн дьарыктыы сырыттаҕына табыллар. Куһаҕан майгы биирдэ эмэ биллэн кэлиитин киһи тулуура улахан уонна туттунар күүстээх буоллаҕына атыттарга биллэрбэт кыахтанар. Ол иһин өй-санаа хамсааһынын, дьалкыйыытын тулуур улахана, туттунар күүс баара хам тутан уоскуталларын, аһара барарын тохтотоллорун туһана сылдьыы эрэйиллэр.

Үлэһиттэр тулуурдара элбэх буолар. “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн өс хоһооно оҕо тулуурдаах буолуутун улаатыннаран үлэни кыайарын үөскэтэр. Тугу эмэ туһалааҕы оҥоруу киһиттэн тулууру, өһөс санааны хаһан баҕарар эрэйэр. Тутан көрөн баран быраҕан иһэр киһи туох эмэ туһалааҕы оҥоруо диэн кэтэһэр табыллыбат.

Сахалыы таҥара үөрэҕэ үлэһиттэр, эр дьон үөрэхтэрэ буолар. Үлэни эр дьон сайыннарбыттара таҥара үөрэҕэр киирэн сылдьар. Ол иһин таҥара үөрэҕэр сыыһа-халты туттунума, тулуурдаах, көрсүө, сэмэй буол диэн үөрэх бастаан иһэр. Ону тэҥэ, былыр-былыргыттан үлэни эр дьон кыайа-хото үлэлээн баһылаан салайан кэлбиттэрэ билигин да олохсуйан сылдьарын таҥара үөрэхтэрин улахан сала-йааччылара бары эр дьон буолаллара биллэрэр.

Омук саҥалыы үөскүүр уонна сайдыыны ситиһэр кэмигэр эр дьон баһылаан салайаллара ордук табыллар. Ол курдук, бу кэмҥэ үлэни сайыннарыы урут-бастаан ирдэнэриттэн үлэһиттэр туруорар көр-дөбүллэрэ аан бастаан толоруллара эрэйиллэр. Үлэни кыайбат, үлэ-лииргэ баҕарбат буолуу киһи буор кута мөлтөөһүнүттэн, хамса-ныылары оҥорор кыаҕа аҕыйыырыттан улахан тутулуктаах. Омук этэ-сиинэ мөлтөөһүн кэмигэр тиийдэҕинэ үлэни кыайбат буолуута үөскүүр. Омук барыһы биэрэр үлэлэртэн үтүрүллэн, туоратыллан хаалыыта эстиитигэр, симэлийиитигэр тириэрдиэн сөп.

Омуктар сайдан иһиилэригэр конкуренция диэн ааттанар үтү-рүссүү сыыйа-баайа да буоллар баран иһэр. Баһылыыр омук атыттары туората сатыыра хаһан баҕарар баарыттан тулуурдара элбэх, өһөс санаалаах, үлэни кыайар эр дьон бааллара эрэйиллэр.

Онон тулуурдаах, дьулуурдаах буолуу диэн киһи олоҕун киһи быһыылаахтык олороругар уонна үлэни кыайарыгар тириэрдэр өй-санаа тутаах көрдөбүлэ буолан таҥара үөрэҕэр киирсэр.

ӨЙҮ-САНААНЫ ЫРААСТААҺЫН

Санаа элбэхтик хатыланнаҕына күүһүрэн, баҕа санааҕа уларыйан, умнуллубат буолар уонна мунньуллан иһэр. Бу мунньуллан иһэр баҕа санаалар кэлин үгэскэ кубулуйдахтарына киһини бэйэтин хамсатар кыахтаналлара өй-санаа уустуктара кэлэн иһэллэрин биллэрэллэр.

“Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан биэрэр тутулугар сөп түбэһэн санаа эмиэ икки өрүккэ арахсар:

1. Үчүгэй санаалар.

2. Куһаҕан санаалар.

Санаалар бу икки өрүттэрин арыыйда дириҥник ырытыахпыт:

1. Үчүгэй быһыыны оҥорууга тириэрдибит санаа үчүгэй санаа диэн ааттанар уонна үгэскэ кубулуйан сиэри үөскэтэр. Дьон үчүгэй диэн ааттыыр быһыыларын оҥоро сатыыллара элбэҕиттэн үчүгэй санаалаах буолуохтарын баҕалаахтар үгүстэр.

2. Санаа куһаҕан быһыыны оҥорууга тириэртэҕинэ куһаҕана биллэн, быһаарыллан тахсар. Куһаҕан быһыыны дьон оҥоруохтарын ба-ҕарбаттарыттан куһаҕан санаалар аҕыйаан иһэллэр.

Санаалар бу икки өрүттэриттэн үчүгэйдэрэ дьоҥҥо туһаны оҥорон сайдыыны аҕалалларын элбэтэр, онтон куһаҕан санаалар куһаҕаны оҥорууга тириэрдэллэриттэн аҕыйата, суох оҥоро сатыыллар.

Сахалыы таҥара үөрэҕэ киһи өйүгэр-санаатыгар куһаҕаны элбэхтик саныы сылдьара, ол санаалара элбээн, мунньуллан куһаҕан үгэстэри үөскэтэн кэбиһэллэриттэн киһи өйүн-санаатын харыстыырга анаан “Өйү-санааны ыраастааһын” диэн туому ыытан туһалыыр. “Өйү-санааны ыраастааһын” икки араастаан оҥоруллар:

А. Киһи бэйэтэ бу куһаҕаны умнуута, хаалларыыта.

Б. Олоххо элбэх уопуттаах киһи этэн, ыйан биэриитин туһаныы.

Бу араастары арыыйда дириҥник быһаарыахпыт:

А. Киһи бэйэтэ эрэ санааларын салайар. Этиттэн-сииниттэн санаа эньиэргийэ ыларыттан киһи санаатын салайар кыахтанар. Бу куһаҕан санаа диэн быһаардаҕына умнан, хаалларан кэбиһэр кыаҕа хаһан баҕарар баар. Санааны умнан, хаалларан кэбиһии киһи өйө-санаата ыраастанарын, куһаҕана суох буоларын үөскэтэр. Ол иһин киһи үчүгэйи уонна куһаҕаны бэйэтэ арааран билэригэр сахалыы таҥара үөрэҕэ “Үрүҥү, хараны араарыы” диэн этиини туһанан үөрэтэр. Ону тэҥэ, оҕо кыра эрдэҕиттэн дьон оҥорор куһаҕан быһыыларын билэрин уонна “Тоҕус айыыны оҥорума” диэн хааччаҕы тутуһа сылдьарыгар үөрэтэн олору умнан, хаалларан иһэригэр тириэрдэр.

Үчүгэй уонна куһаҕан диэн быһаарыылар хас киһи аайы тус-туспалар. Баай уонна үлэһит, дьадаҥы киһи тугу үчүгэй диэн этэллэрэ букатын утарыта өйдөбүллээх буолан тахсаллар. Ол иһин киһи тугу үчүгэй уонна куһаҕан диэн араарарын бэйэтэ билэрэ ирдэнэр көрдөбүл буолар. Тыл үөрэхтээхтэрэ сахаларга анаан “аньыы” диэн ааттаан куһаҕаны туспа арааран биэрэргэ кыһаналлара бэйэлэрин итэҕэс өйдөрүн-санааларын атыттарга тарҕата сатыылларын үөскэтэн үгүстэри, үлэһиттэри быһаччы албынныылларын биллэрэр.

Үчүгэй уонна куһаҕан быһыылары бэйэтэ арааран билэр киһи өйүн-санаатын куруук ыраастана, куһаҕан санааларын умнан, хаал-ларан кэбиһэ сылдьар кыахтанар. Куһаҕан санаалартан киһи өйө-санаата ыраастаннаҕына үчүгэй, туһалаах санааларынан туоларыттан үчүгэй быһыылары оҥорор кыаҕа улаатар.

Б. Элбэх араас санаалартан үчүгэйдэрэ, куһаҕаннара биллибэт, эбэтэр хойутаан биллиэхтэрин сөптөөх санаалар бааллар. Олоххо элбэх уопуттаах киһиэхэ ол санаалары этэн биэрдэххэ таба быһааран, ыйан биэриитин тутуһан өйү-санааны куһаҕан санаалартан ыраастыахха сөп. Бу быһаарыы санааны атын киһиэхэ эттэххэ санаа үрэллэн, ыһыллан хааларын туһаныыга тириэрдэр. Ону тэҥэ, сорох санаа куһаҕана олус кыра да буолан хаалыан сөбө, атын киһилиин кэпсэттэххэ, ырыттахха биллэн тахсыан сөп.

Киһи өйүн-санаатын бэйэтэ ыраастана сылдьарын туһугар үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран билэрэ туһалыыр. Ол иһин сахалыы таҥара үөрэҕэ “Тоҕус айыыны оҥорума” диэн этэрин тутуһа сылдьыы табыллар. Куһаҕан диэни билэн олору оҥорбот буолуу киһи өйүн-санаатын бэйэтэ ыраастана сылдьарын үөскэтэрэ улахан туһалаах.

Атын киһиэхэ үчүгэйи баҕарар дьон аҕыйахтар, бары кэриэтэ бэйэлэригэр үчүгэйи оҥостор санаалара элбээн хаалар. Ол иһин ким эрэ бу “үчүгэй” диэн этэрэ бэйэтигэр аан бастаан үчүгэй буолара быһаарыллар. Ол иһин сахалар “Дьон этэринэн сылдьыма” диэн үөрэҕи туһананнар киһи бэйэтэ быһаарынарын үөскэтэллэр.

Дьон этэринэн сылдьыбат, албыҥҥа киирэн биэрбэт туһугар киһи бэйэтэ үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран олоҕор туһанара ирдэнэр көрдөбүл буолар. Ол иһин сахалыы таҥара үөрэҕэ “Үрүҥү, хараны араарыы” диэн үчүгэйи уонна куһаҕаны араарыыга туһанар үөрэҕин киһи барыта туһана сылдьара эрэйиллэр.

Тыл үөрэхтээхтэрэ сахалары албыннаан куһаҕаны “аньыы” диэн ааттыы сатыыллара “Үчүгэй уонна куһаҕан солбуйсан биэрэллэр” диэн сахалыы таҥара үөрэҕэ тутуһар этиитигэр сөп түбэспэтэ быһаа-рыллар. Куһаҕаны “аньыы” диэн ааттаан, ону сурукка киллэрэн уларыйбат гына иҥэрэн кэбистэххэ, бу ааттаммыт куһаҕан аны тупсан үчүгэйгэ уларыйара суох буолан хаалара сахалыы өй-санаа үөрэҕэр сөп түбэспэт. Ол курдук, куһаҕан тупсан үчүгэйгэ уларыйара суох буоларыттан сайдыы кэлэрэ тохтоон хаалара үөскүөн сөп.

Сэбиэскэй былаас таҥара үөрэхтэрин туоратан, хаалларан кэбиһиини олоххо киллэрэн Россия дьоно атеистыы санааланан хаа-лыыларыгар тириэрдибиттэрэ өйдөрүгэр-санааларыгар аҥар өттүгэр улахан халыйыыны үөскэтэн тугу барытын “үчүгэй” диэн этэ сыл-дьаллара олохсуйбута. Бу халыйыы түмүгүнэн дьон куһаҕан санааларыттан ыраастаммат буолуулара үөскээн олохсуйбута.

Куһаҕан санаалартан ыраастана сылдьыбаттан уонна олору элбэхтик саныы сылдьартан, бу санаалар куһаҕан үгэскэ кубулуйан хаа-ланнар, киһи аны бэйэтэ олору оҥорон кэбиһэригэр тириэрдэллэрэ куһаҕан быһыылары оҥорууну элбэтэн иһэллэр.

Элбэх куһаҕан санаалара мунньуллан үгэскэ кубулуйбут киһи аһара кыыһырдаҕына эбэтэр арыгыны аһара истэҕинэ, ол куһаҕан санаатын аны толорон кэбиһиэн сөп. Арыгы киһиэхэ туһалаах аһылык буоларынан өйүгэр-санаатыгар эмиэ улахан дьайыыны оҥорор. Киһи санаатын көтөҕөр күүстээҕин тэҥэ, туттунар, тохтотунар күүһүн аҕыйатар уонна этигэр-сиинигэр элбэх эньиэргийэни биэрэр. Ол иһин арыгы иһэн күүһэ киирэн хаалбыт киһи сыыһа-халты туттунара элбээн хаалыыта куһаҕан быһыылары оҥороругар тириэрдиэн сөп.

Арыгы иһиитэ киһи өйүн-санаатын тохтотунар күүһүн өһүлэн кэбиһэриттэн арыгы испит дьон араас куһаҕан быһыылары оҥо-роллоро сэбиэскэй былаас кэмигэр улаханнык элбээбитэ. Өй-санаа, таҥара үөрэҕин хаалларан сылдьартан, бу куһаҕан быһыылар элбээ-һиннэрин аҥардастыы арыгыга эрэ балыйыы үөскээбитэ бобо-хаайа, суох оҥоро сатааһыны туһаныыларыгар тириэрдибитэ.

Өй-санаа бу халыйыытын арыгы иһиитэ элбээбитэ арыйан таһаа-ран сэбиэскэй былаас үрдүкү салайааччылара арыгыны кытта охсу-һууну аһара ыытан, букатын бобууга тириэрдэн кэбиспиттэрэ.

Куһаҕан санаалара элбээн, мунньуллан сылдьар киһи куһаҕан быһыыны оҥорор диэн сахалыы таҥара үөрэҕэ этэр. Ол иһин киһи быһыылаахтык олоҕун олоруон баҕарар киһи өйүн-санаатын куһаҕан санааларыттан ыраастана сылдьара эрэйиллэр көрдөбүл буолар. Онон киһи өйүгэр-санаатыгар куһаҕан санааларын мунньубакка, үгэскэ кубулутан күүһүрдэн кэбиспэккэ эрдэттэн ыраастана, көҕүрэтэ сылдьарыгар сахалыы таҥара үөрэҕэ туһалыыр.

САХАЛЫЫ ТАҤАРА ҮӨРЭҔИН ТУҺАТА

Киһини баҕа санаата сирдиир, суолу ыйар, тугу эмэ туһалааҕы оҥоcтунарга ыҥырар, угуйар. Сахалар “Киһини санаата салайар”, “Киһи санаа – хамначчыта” диэн этиилэрэ санаа киһиэхэ дьайыытын, сирдээн иһэрин дириҥник үөрэппиттэрин биллэрэр.

Араас баҕа санаалар киһи этиттэн-сииниттэн күүс, эньиэргийэ ылынан үөскүүллэриттэн эт-сиин туругуттан улахан тутулуктаахтар. Күүстээх, кыахтаах, элбэх эньиэргийэлээх киһи баҕа санаата үксүүр, ситиһэ сатыыр сыала элбиир. Инники сирдиир баҕа санаата суох буолуу киһини күннээҕинэн эрэ олоруутугар тириэрдэрэ түргэнник киирэр сайдыыттан хаалан хаалыытын үөскэтиэн сөп.

Баҕа санаа элбэхтэ хос-хос хатыланан, күүһүрэн умнуллубат буолууга кубулуйан киһини хамсатар, салайар кыахтаннаҕына үгэс диэн ааттанар. Үгэстэр киһини салайаллар уонна “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн икки өрүттэнэллэр:

1. Үчүгэй үгэстэр. Туһаны аҕалар санааны үгүстүк саныыртан эбэтэр үчүгэй, туһалаах быһыылары оҥорууттан үчүгэй үгэстэр үөс-күүллэр. Бу үгэстэр киһи үчүгэй быһыылары оҥорорун элбэтэллэр.

2. Куһаҕан үгэстэр. Куһаҕан санааттан эбэтэр куһаҕаны оҥоруут-тан үөскээн тахсар үгэстэр ааттаналлар. Бу үгэстэр куһаҕан быһыыны хатылаан оҥорууга тириэрдиэхтэрин сөп.

Сахалыы таҥара үөрэҕэ киһи үчүгэй үгэстэри иҥэринэн элбэх үчүгэй быһыылары оҥороругар үөрэтэр. Онтон куһаҕан үгэстэнэн хаалбат туһугар таҥара үөрэҕэ куһаҕан санаалары умнарга, хаалларарга, өйү-санааны ыраастыы сылдьарга ыҥырар.

Таҥара диэн үтүөҕэ, үчүгэйгэ ыҥырар баҕа санаа үгэс буолбута ааттанар. Киһи үчүгэйгэ, тупсууну оҥорууга ыҥырар баҕа санаалаах буоллаҕына, ону ситиһээри бары күүһүн, кыаҕын уурдаҕына, толорор санаата улаатарыттан таҥаралар үөскээбиттэр. Киһи ситиһэ сатыыр баҕа санаата үгэскэ кубулуйдаҕына таҥараны үөскэтэр. Элбэх киһи баҕа санаалара сөп түбэстэхтэринэ таҥара күүһүрэр, онтон салгыы олохсуйбут үгэскэ кубулуйдаҕына, аны дьону бэйэлэрин салайар кыахтанар. Тоталитарнай тутулуктаах салайар былаастар ханнык эрэ бэйэлэригэр сөп түбэһэр таҥара үөрэҕин арбааннар, күүһүрдэннэр бэйэлэрин тустарыгар туһана сылдьаллар уонна олох салҕанан истэҕинэ диктатураҕа кубулуталлар.

Таҥарата суох киһи, ол аата инники диэки сирдиир, үчүгэйи оҥорууга ыҥырар үгэс буолбут баҕа санаата суоҕуттан, сүөһү курдук тугу булбутунан, туох баарынан олорор киһиэхэ кубулуйар. Сэбиэскэй былаас кэмигэр өй-санаа, таҥара үөрэхтэрин суох оҥороннор дьон бары атеистарга, ол аата салайааччылар үүрэ сылдьар дьонноругар кубулуйбуттара. Сахалар “Күннээҕинэн эрэ олорор” диэн этэр киһилэрэ аһыырыттан, таҥнарыттан уонна утуйарыттан ордон атыны, кэскиллээҕи, инникини саныыра лаппа аҕыйаҕа быһаарыллар.

Уһун үйэлэргэ дьон өй-санаа сайдыытын ситиһэннэр, саҥа таҥаралар үөскээн иһэллэриттэн, уһун үйэлээх саха омукка элбэхтэр туттулла сылдьаллар. Итини тэҥэ, киһи араас баҕа санаалаах буолара кыайан бобуллар кыаҕа суоҕунан уонна үлэ көрүҥнэрэ үгүстэриттэн таҥаралар эмиэ элбииллэр. Омук үгүс таҥаралары билэрэ, үөрэхтэрин тутуһара олус былыргы кэмнэртэн ыла өй-санаа сайдыытын үктэл-лэрин барыларын ситиһэн, баһылаан испитин биллэрэр, ол иһин уһун үйэлээҕэ, элбэх үлэ көрүҥнэрин баһылаан олоҕор туһана сылдьара быһаарыллар. Ону тэҥэ, “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини тутуһара атыттары туоратан, репрессийэлээн суох оҥорон, биир эрэ улахан туһалаах таҥараны талан ылан, ордорон хаалларбатаҕын, диктатураны үөскэппэтэҕин бэлиэтэ буолар.

Киһи тыыннаах эрдэҕинэ өйүн-санаатын сайыннаран саҥа, олоххо туһалаах үгэстэри үөскэтэн иһэрэ мунньуллан таҥара үөрэҕэ диэн ааттанар. Ол аата саҥаны айыыны элбэхтик оҥорон боруобалаан, тупсаран киһи быһыытыгар киллэрэн биэриини уонна аһара барбатын ситиһиини таҥара үөрэҕэ салайан оҥороро табыллар.

Сахалыы таҥара үөрэҕэ аһара барар өйү-санааны хааччахтаан киһи быһыытыгар киллэрэн биэрэргэ аналлаах үөрэх буолар. Ол иһин сиэри тутуһуу диэн үөрэҕи туһанан киһи санаата аһара барарын хааччахтаан киһи буолууну ситиһиннэрэр уонна киһи быһыыта диэн оҥорор быһыы хааччаҕын тутуһуннаран киһи быһыылаахтык олоҕу олорууга тириэрдэр. Киһи бу хааччахтары тутуһа сырыттаҕына киһи быһыылаахтык олоҕун олорууну ситиһэр кыахтанар.

Сиэр диэн сахалар өй-санаа аһара барарын хааччахтыыр аналлаах үөрэхтэрэ. Бу үөрэҕи аан бастаан Үрүҥ Аар тойон таҥара үөрэҕэ киһи аһара барар санаатын хааччахтаан киһи быһыытыгар киллэрэн биэ-риигэ туһаммыт. Сиэри таһынан барыы киһи быһыытын тутуспат буолууну үөскэтэриттэн уонна сыыһа-халты туттунууга тириэрдэрэ элбэҕиттэн Үрүҥ Аар тойон таҥара үөрэҕэ сиэри тутуһары ирдиир.

Билигин дьон туһана сылдьар таҥараларын үөрэхтэрэ өй-санаа сайдыытын туһаныыга маннык уратылардаахтар:

- Сахалыы таҥара үөрэҕэ оҕону кыра эрдэҕинэ ийэ кутун иитиини, үөрэтиини туһанарыттан оҕо улаатан иһэн киһи буолууну эрдэлээн ситиһэрэ кыалларын үөскэтэр. Киһи буолууну баһылаабыт оҕо олоҕун киһи быһыылаахтык олорор кыахтанар.

- Атын таҥара үөрэхтэрэ улахан дьону иитэ, үөрэтэ сатыыллар. Ону толоро сатаан улахан дьону таҥара дьиэлэригэр мунньаллар, үҥтэрэллэр, бокулуоннаталлар, кириэстэтэллэр, ол иһин таҥара дьиэтин салайааччыларын диктатуратын үөскэтэн бэйэлэрин тустарыгар туһанан өйдөрүн-санааларын баһылыыллар.

- Үҥүү, бокулуоннааһын диэн саҥата суох бас бэринии бэлиэтэ. Бэйэлэрэ диктатура таһымыгар тиийэн хаалбыт таҥара үөрэхтэрэ дьон бас бэринэллэрин үөскэтээри үҥтэрэ, бокулуонната сатыыллар.

- Олус күүстээх диктатураны, бас бэриниини үөскэппит таҥара үөрэҕинэн мусульманство буолар. Өр кэмнэргэ уһуннук сэриилэһии кэнниттэн үөскээбит, сайдыбыт буолан итинник халыйыыга тиийэн хаалбыттар. Арай ыал буолуу үгэстэрин былыргы сахаларга баа-рыттан уларыппакка кытаанахтык тутуһа сылдьалларыттан эр дьон бөҕөргөөн, күүһүрэн иһэллэрэ омуктарын ахсааннара эбиллэрин ситиһиигэ тириэрдэрэ олохторугар туһаны оҥорор.

Ханнык да өй-санаа үөрэҕин, таҥараны билиммэт киһи атеист диэн ааттанар. Сэбиэскэй былаас бары өй-санаа үөрэхтэрин, таҥара итэҕэлин суох оҥорон, бобон, хаайан атеистары иитэн, үөрэтэн улаатыннарбыта. Билигин Россия дьонун үгүстэрэ, эдэрдэрэ атеистар, ханнык да таҥара үөрэҕин итэҕэйбэттэр, тутуспаттар. Ол иһин өй-санаа үөрэҕэр сиэри аһара барыылары үөскэппиттэрин дьахталлар туһананнар билигин баһылыыр омук эстиигэ, симэлийиигэ тиийиитэ улахан сэриини саҕалаабытыттан биллэр.

Таҥара үөрэҕэ диэн эр дьон үөрэхтэрэ, албынныы, ньымааттаһа, үчүгэй буолбахтаһа сатаабат, кырдьыгы сирэйинэн этэр, киһини үлэҕэ үөрэтэр үөрэх буолар. Бу үөрэх олох бэйэтин ыарахан үөрэҕиттэн үөскээбит уонна “Олох ыарахан” диэн этиини дьоҥҥо тарҕатар. Олох салҕанан, саҥа көлүөнэлэр үөскээн тахсан улаатан истэхтэринэ таҥара үөрэҕин табата, дьоҥҥо туһалааҕа дакаастанан иһэриттэн Аан дойду үрдүнэн барытынан киэҥник тарҕанан сылдьар.

Таҥара үөрэҕин сүрүн көрдөбүллэрин толорбот буолуу өй-санаа аһара барыытын үөскэтэн, кэлэр көлүөнэлэр өйдөрүн-санааларын туруга суох оҥорон сэт үөскээһинигэр, таҥара накааһа кэлиитигэр тириэрдиэн сөп. “Кыһанан, кыһанан барынан-бары толору хаач-чыйбыппыт” диэн этии кэнниттэн оҕо атаах буола улаатан хаалара биллэр. Сэбиэскэй былаас үчүгэйдик иһиллэрин иһин туһаммыт “Барыта оҕолор тустарыгар” диэн ыҥырыыта оҕолору атаахтык иитиигэ тириэрдэн үлэ бары көрүҥнэрэ кыаттарбаттара үөскээбитэ. Оҕо ийэ кута кыра эрдэҕинэ бэрээдэккэ үөрэтиллэн, үчүгэй быһыыларынан иитиллэн уонна туһа киһитэ буолан үлэлии үөрэн-нэҕинэ улаатан иһэн киһи буолууну ситиһэрэ түргэтиир.

Сахалыы таҥара үөрэҕэ дьону көрсүө, сэмэй буолууга иитэр, үөрэтэр. Көрсүө, сэмэй киһи сыыһа-халты туттунара аҕыйаҕынан, тулуура улаханыттан араас үлэни барытын кыайарынан уонна олоҕун киһи быһыылаахтык олорор кыаҕа атыттартан улаатарын таһынан, ыал олоҕун тулуйарыттан аймахтарын ахсааннара эбиллэрин ситиһэр.

Сайдыы, тупсуу диэки талаһыыта, дьулуура суох дьон аҕыйах өттүлэрин өйдөрө-санаалара кыыллартан улахан уратылара суох, тугу эмэ аһааталлар эрэ уонна утуйар сирдээх буоллахтарына баҕа санааларын үксэ туолан хаалар. Маннык өй-санаа дьоҥҥо баар буолуута дьадаҥылары үөскэтэн тарҕаппыт. Дьадаҥылар өйдөрүн-санааларын тутуһа сатаабыт сэбиэскэй былаас үгүстэр үлэни кыайбат буолуулара үөскээбититтэн эстибитин, атыҥҥа уларыйбытын табатык сыаналаан салгыы баран иһэр олоххо таба туһаныы эрэйиллэр.

Таҥара үөрэҕэ диэн өй-санаа үөрэҕэ буоларынан уонна санаа Анараа эбэтэр Ол дойдуга сылдьарынан көстүбэттэри кытта алтыһара элбэҕинэн уонна эйэлээх сыһыаны олохтуура эрэйиллэринэн олох сайдан, тупсан иһэрин ситиһиигэ таба суолу тутуһара эрэйиллэр. Өлбүт киһи өйө-санаата бэйэтин уратытынан, атыттарга маарыннаабатынан этиттэн-сииниттэн арахсан туспа баран айыы буолар уонна эньиэргийэ ылара тохтоон уларыйбат турукка киирэр. Айыылар диэн былыргы, инники олорон ааспыт көлүөнэлэр өйдөрө-санаалара билиилэрэ ааттанарын тыыннаах киһи арааран билэрэ эрэйиллэр.

Үрүҥ айыылартан ылынар билиилэри олоххо туһаммытынан барыахха сөп. Ол курдук, инники олорон ааспыт көлүөнэлэр бэйэ-лэрин олохторун устата боруобалаан, үчүгэйин талан ылбыт, билбит билиилэрэ үрүҥ айыы диэн ааттаналлар уонна үгүстэрэ өс хоһоон-норо, кынаттаах этиилэр буолан туттулла сылдьаллар. Онтон былыргы дьон оҥорбут хара айыылара умнуллар, хаалар аналлаахтар. Аан дойдуга таҥара үөрэхтэрэ элбэхтэр, бары сахалартан үөскээн, арахсан барбыт омуктар таҥара үөрэҕин илдьэ бараннар салгыы сайыннарбыттар эрээри, салайааччылар диктатураларын үөскэтэннэр “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини тутуспат буолбуттар. Ол иһин мин таҥара үөрэхтэриттэн аан бастаан үөскээбит, өй-санаа сайдыытын табатык туһанар сахалыы таҥара үөрэҕин билинэн үөрэ-тэбин уонна олоххо туһана сылдьарга ыҥырабын.

Онон киһиэхэ үчүгэйгэ ыҥырар баҕа санаалары киллэрэн, иҥэрэн биэриини сахалыы таҥара үөрэҕэ оҥороруттан киһи буолууну сити-һиини уонна киһилии быһыылары оҥорууну элбэтэр.

ТУҺАНЫЛЛЫБЫТ ЛИТЕРАТУРА

1. Каженкин И.И. Киһи таҥара. – Дьокуускай: ГУ РИМЦ, 2009. – 112 с.

2. Каженкин И.И. Үрүҥ айыы буолуу. – Дьокуускай: ГУ РИМЦ, 2006. – 88 с.

3. Каженкин И.И. “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума”. – Дьокуускай: Компания “Дани АлмаС”, 2012. – 152 с.

4. Каженкин И.И. Киһи буолуу. – Дьокуускай. Издательский дом “Якутия”, 2005. - 80 с.

5. Саха таабырыннара, өс хоһоонноро, чабырҕахтара / хомуйан оҥордо И.К.Попов. – Дьокуускай: Бичик, 2006. – 112 с.

6. Афанасьев П.С. Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта. – Дьокуускай: Бичик, 2008. – 680 с.

7. Каженкин И.И. Кут-сүр үөрэҕэ. Үс кут. – Дьокуускай: РГ “MEDIA+”, 2017. – 156 с.

8. “Туймаада саҥата” хаһыат. 26.01.2001.

9. Каженкин И.И. Киһи быһыыта. – Дьокуускай: РИО ГУ РИМЦ, 2005. – 92 с.

10. Каженкин И.И. Күн таҥара үөрэҕэ. – Дьокуускай: ГБУ РС(Я) “Бизнес-инкубатор”, 2016. – 148 с.

11. Попов Б.Н. Киһи киһиэхэ сыһыана. – Дьокуускай: Бичик, 2009. - 96 с.

12. Каженкин И.И. Ыал буолуу үгэстэрэ. – Дьокуускай: РГ “MEDIA+”, 2022. – 137 с.


ИҺИНЭЭҔИТЭ

Аан тыл ................................................................. 3

Киһи таҥара үөрэхтэрэ элбэхтэр ........................ 4

Итэҕэл икки өрүтэ ............................................. 11

Өй-санаа аһара барыыта ................................... 19

“Айыы диэмэ” .................................................... 23

“Айыыны оҥорума” .......................................... 26

Сахалыы таҥара үөрэҕэ .................................... 31

Үчүгэй санаалардаах буолуу ............................ 33

Сиэр диэн өй-санаа хааччаҕа ........................... 37

Оҕо ийэ кутун иитии ........................................ 42

Үрүҥү, хараны араарыы ................................... 47

Тоҕус айыыны оҥорума ................................... 50

Киһи буолууну ситиһии ................................... 52

Киһи быһыыта ................................................... 55

Киһи быһыылаах киһи ...................................... 58

Киһи киһитэ ....................................................... 61

Киһилии майгы .................................................. 65

Киһилии киһи .................................................... 69

Көрсүө, сэмэй киһи ......................................... 72

Үлэһиттэр ........................................................... 77

Таҥара сэрэҕи таптыыр .................................... 80

Таҥара үөрэҕэ – олох үөрэҕэ ........................... 85

Киһи таҥаралар туһалара ................................. 88

Эр дьону күүһүрдүү .......................................... 92

Тулуурдаах буолуу ........................................... 96

Өйү-санааны ыраастааһын ............................... 99

Сахалыы таҥара үөрэҕин туһата ....................102

Туһаныллыбыт литература ............................ 106

Иһинээҕитэ ...................................................... 107