Итэҕэл. Үрүҥ айыы буолуу. (Каженкин И.И.-Хааһах Уйбаан)

И.И.Каженкин-Уйбаан Хааһах

ИТЭҔЭЛ. ҮРҮҤ АЙЫЫ БУОЛУУ

Дьокуускай 2024

АННОТАЦИЯ

Итэҕэл үөрэҕэ икки өрүттээх. Бастакы өрүтэ сахалыы таҥара үөрэҕэ, онтон иккис өрүтэ үрүҥ айыы буолуу диэн ааттаналлар. Сахалыы таҥара үөрэҕэ оҕо сайдан, саҥаны билэн иһэр өйүн-санаатын олохтоон биэрэр, онтон үрүҥ айыы буолуу өрүтэ омук былыргы билиилэриттэн үчүгэйдэрин, үрүҥнэрин, туһалаахтарын талан ылан кэлэр көлүөнэлэргэ тириэрдэр, ол аата аныгы олоххо туһаныыны үөскэтэр. Бары ааҕааччыларга ананар.

Народ саха с давних времен использует учение тангара и үрүҥ айыы.

© Каженкин И.И.-Хааһах Уйбаан. 2024.

ААН ТЫЛ

Итэҕэл үөрэҕэ диэн өй-санаа үөрэҕэ буолар. Ол иһин “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан биэрэн иһэр тутулугун быһаарар этиигэ сөп түбэһэн икки өттүттэн тутуллан тахсан омук үйэтин уһатарыгар туһаны оҥорор:

1. Сахалыы таҥара үөрэҕэ.

2. Үрүҥ айыы буолуу итэҕэлэ.

Оҕо өйө-санаата саҥаны билэриттэн эбиллэн, үгэс буолан сайдан мунньуллан иһэр. Оҕону кыра эрдэҕинэ ийэтин көмөтүнэн үөскүүр ийэ кута баһылаан салайар. Ийэ кут оҕоҕо саҥа үгэстэри үөскэтэн биэрэринэн өйү-санааны иҥэрэринэн саҥалыы сайдан иһэр оҕо өйө-санаата сайдыытыгар таҥара үөрэҕэ бастаан иһэр.

Сахалыы таҥара үөрэҕэ диэн арааран ааттааһын, бу таҥара үөрэҕэ атын таҥара үөрэхтэриттэн быдан эрдэ үөскээбитин уонна биллэр уратылардааҕын; өйү-санааны билиитэ, быһаарыылара табаларын, дириҥин билинии буолар. Атын таҥара үөрэхтэрэ бары сахалыы таҥара үөрэҕиттэн арахсан саҥалыы үөскээбиттэр уонна өйгө-санааҕа сайдыы, тупсуу киирбититтэн биллэрдик уларыйбыттар. Сахалыы таҥара үөрэҕэ сайдан иһэр өйү-санааны үөрэтэр уонна итэҕэл үөрэҕин бастаан иһэр өрүтэ буолар, онтон үрүҥ айыы буолуу итэҕэлэ омук былыргы билиилэрин, үгэстэрин ордук кыһанан харыстыыр аналлаах уонна иккис өрүтүн үөскэтэр.

Айылҕаҕа иккис өрүт үөскээн тахсыыта кэмэ кэллэҕинэ бу икки өрүттэр ылар миэстэлэрэ солбуйсан биэриилэрэ үөскээн тахсарыгар тириэрдэн сайдыыны ситиһиини баһылаан иһии уларыйар. Баһылаан, салайан иһии солбуйсуута сайдыы түргэнник киирэрин үөскэтэр. Итэҕэл үөрэҕин иккис өрүтэ үрүҥ айыы буолуу диэн аата инники олорон ааспыт көлүөнэлэр, өлбүттэр билиилэрин аныгы, элбэхтик уларыйбыт, тупсубут олоххо таба арааран туһаныыны биллэрэр. Итэҕэл бу өрүтэ инники олорон ааспыт көлүөнэлэр араас элбэх билиилэриттэн үрүҥүн, үчүгэйин талан ылан аныгы олоххо туһанары үөскэтэр, онтон былыргылар оҥорбут куһаҕан, хара, туһата суох быһыыларын туспа арааран, хаалларан, умуннаран иһэргэ аналланар.

Саха тыла иччилээх диэн этиини бары билинэллэр. Ол аата хас биирдии тылга дорҕоонноруттан тутулуктаах өй-санаа иҥэн сылдьар. Саамай иччилээх тылынан айыы диэн итэҕэл үөрэҕин үөскэтэр тыл буолар. Бу тыл киһини үчүгэйи, туһалааҕы оҥорууга ыҥырар, угуйар суолтата улаханын таһынан, киһини куһаҕаҥҥа эмиэ угуйан, ыҥыран сыыһа-халты туттунууга тириэрдэрэ элбэҕин быһаараннар былыргылар анаан-минээн бэлиэтээн “ыы” диэн ытааһын дорҕооннообуттар уонна үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран туһанарга үөрэнэ илик оҕолору “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн этэн үөрэтэллэр.

Өй-санаа үөрэҕин уратыларын, дорҕооннор киһиэхэ дьайыыларын билии, бу айыы диэн тыл бары суолталарын, өйдөбүллэрин билииттэн уонна олоххо таба туһаныыттан саҕаланар. Мин бу үлэбэр айыы диэн тыл бары суолталарын быһааран сурукка киллэрдим.

Үрүҥ айыы буолуу сахалар былыргы билиилэрин харыстыыр, уһун үйэлиир сыалын таба толордоҕуна уонна аһара барыыны, халыйыыны үөскэппэтэҕинэ омугу уһун үйэни ситиһэригэр тириэрдэр. Ол иһин өс хоһооннорун, саха иччилээх төрүт тылларын уларыппакка эрэ харыстаатаҕына табыллар. Тыл биир дорҕооно уларыйдаҕына атын суолталаах тыл буолан өйдөбүлэ уларыйан хаа-ларын иһин өй-санаа, итэҕэл үөрэҕэ төрүт тыллары аан бастаан харыстааһыны тутуһан олоххо киллэрэрэ эрэйиллэр.

Айыы буолуу диэн өлбүттэр өйдөрө-санаалара туспа сылдьаллара ааттанарынан үрүҥ айыы буолуу итэҕэлэ араас көстүбэттэри кытта ураты, эйэлээх сыһыаны үөскэттэҕинэ табыллар.

Бу кэмҥэ сахалыы, атыттартан улахан уратылаах өй-санаа үөрэҕин билиигэ уонна тарҕатыыга Иван Иванович Каженкин – Уйбаан Хааһах элбэх үлэлэри бэчээттэттэ. Кини аан бастаан түүл үөрэҕин баһылаабыта уонна дорҕоон киһи өйүгэр-санаатыгар дьайыытын үөрэппитэ сахалар былыргыттан билэр Кут-сүр үөрэҕин оннун булларарыгар улаханнык туһалаата.

Автор үрүҥ айыы буолуу итэҕэлин туһунан үлэтин сахалары сайыннарар уонна уһун үйэни ситиһиннэрэр сыалтан суруйда. Омук уһун үйэни ситиһиитэ диэн олоххо сайдыы, тупсуу киириититтэн атын, сайдыылаах омукка уларыйан хаалбата уонна атын омуктартан хаалыыны үөскэтэн туоратыллыбата буолар.

Каженкин И.И.-Хааһах Уйбаан атын бэчээккэ тахсыбыт үлэлэрин Национальнай библиотека сайтыттан, абонеменыттан, тус-туспа ыстатыйаларынан Сахалыы Википедияттан уонна ол иһигэр баар Викитека диэн библиотекаттан кинигэнэн булан ылан туһаныахха сөп.

Автор бу үлэтин бэчээттээн таһаарыыга кыахтара баарынан көмөлөспүт аймахтарыгар, биир санаалаах көрсүө, сэмэй майгылаах үлэһит дьонугар истиҥ махталын тириэрдэр.

ИТЭҔЭЛ ИККИ ӨРҮТЭ

Итэҕэл өй-санаа үөрэҕэ буоларынан “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан биэрэр тутулугар сөп түбэһэн икки өрүттэнэр. Өй-санаа үөрэҕин бу икки өрүттэрин холбуу ыллахха итэҕэл үөрэҕэ диэн ааттанар уонна омук олоҕор сайдыыны, уһун үйэни ситиһэригэр хайа эрэ аҥар өттүн диэки халыйан хаалыыны үөскэппэт туһугар иккиэн тэҥҥэ туттулла сылдьаллара ирдэнэр. Өй-санаа олоххо уларыйыылары киллэрэр. Ол иһин итэҕэл үөрэҕэ кэмэ кэллэҕинэ олоххо туһалаах уларыйыылары киллэрэн биэрдэҕинэ эрэ атыттартан хаалыы үөскээбэтэ ситиһиллэр. Ону тэҥэ, олох сай-дыытыттан өйгө-санааҕа уларыйыы, эбиллии киириититтэн тутулуктанан итэҕэл үөрэҕэ эмиэ уларыйан, тупсан биэрэн иһэрэ эрэйиллэр.

Сахалар “Киһини санаата салайар” диэн этиини тутуһаннар киһи санаатын тупсарар, үчүгэйи оҥоруу диэки салайар сыалы ылынаннар “Үчүгэй санаалардаах буолуҥ” диэн этиини таҥара үөрэҕэр киллэрэн туһаналлар уонна олох сайдыытыттан тутулуктаах сөптөөх, икки өрүттээх уларыйыылары киллэрэн биэрэн иһэллэр.

Казактар кэлэн сэриилээн кыайыыларыгар сахалар “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа тутулугун тутуһалларыттан аһара баран утарыласпакка, сэриилэһэ сатаабакка бэринии, эйэлээх буолуу суолун тутуһаннар уонна кыттыһа охсоннор, киэҥ сирдэри баһылаабытта-рыгар билиҥҥи көлүөнэлэр махталларын ылыахтарын ылаллар.

Киһи хаһан баҕарар санаата уларыйыан сөп. Атын баҕа санаа үөскээн кэлэрэ тугунан да хааччахтаммат. Киһи санаатын бэйэтэ эрэ уларытар; тупсарар, хаалларар кыахтааҕын сахалыы итэҕэл үөрэҕэ туһанан куһаҕан санаалартан ыраастанар туому ыытар.

Субу кэмҥэ үчүгэй диэн сыаналаммыт сотору кэминэн олохтон хаалан куһаҕан диэҥҥэ уларыйыан сөп. Сахалар ити уларыйыы кэлэрин үөрэтэн билэн “Үчүгэй уонна куһаҕан солбуйсан биэрэллэр” диэн өс хоһоонун былыргы кэмнэртэн оҥорон туһаналлар. Ол иһин үчүгэй уонна куһаҕан киһи олоҕор солбуйсан биэрэллэрэ куруук баар буоларын туһана сылдьаллар. Ону тэҥэ, киһи бэйэтигэр туһалааҕы, барыстааҕы, үчүгэйдик көстөрү үчүгэй диэн ааттаан элбэтэ сатыыра, онтон тугу сирбитин, сиргэнэрин куһаҕаҥҥа кубулутара, хара диэн ааты иҥэрэн умнан, хаалларан иһэрэ хаһан да уларыйбат.

Үчүгэй уонна куһаҕан диэн быһаарыылар киһи олоҕуттан уонна өйүттэн-санаатыттан тутулуктара улахан. Баай дьон тугу үчүгэй диэн этэллэрэ дьадаҥыларга, үлэһиттэргэ ыра санаа буолан хаалара элбиир. Ол курдук, улахан баайдар Канарскай арыыларга тиийэн сынньан-нахтарына үчүгэйдик сырыттыбыт диэн саныахтарын сөп.

Айылҕаҕа туох барыта кэмэ кэллэҕинэ уларыйан, саҥалыы сайдан тахсар кэмнэрдээх. Ол аата айылҕаҕа уларыйбат, тупсубат буолуу диэн суох буоллаҕына сатанар. Омук уларыйбат, тупсубат буолууга тиийэн хааллаҕына уонна былыргы олоҥхо кэмигэр төннө сатаа-таҕына аныгы кэмҥэ түргэнник сайдыыны киллэринэн иһэр олохтон хаалыыта үөскээн атыттартан туоратыллыыга тиийиэн сөп.

Айылҕа уларыйа сылдьар тутулуга “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиинэн бэриллэн дьоҥҥо тиийэн туттулла сылдьар. Ол аата айылҕаҕа туох барыта икки өттүлэриттэн тутулуктаахтарын таба туһана сылдьыы өйдөөх-санаалаах дьонтон ирдэнэр көрдөбүл буолар. Хаһан эрэ бу икки өрүттэр бэйэ-бэйэлэрин солбуйсан, уларыйан биэрэллэрин икки өрүттээх буолуу үөскэтэн иһэрэ олоххо сайдыыны, тупсууну атыттартан тутулуга суох киллэрэн биэрэргэ аналланар.

Сахалар бу икки өрүттээх буолууну олохторугар туһана сылдьалларын туоһутунан айыы диэн тылы икки өрүттээх өйдөбүлүнэн туһаналлара буолар. Бу айыы диэн тылбытын аһара нууччатымсыйан хаалбыттарын билиммэт тыл үөрэхтээхтэриттэн, суруйааччылартан уонна учуонайдартан билигин кэлэн харыстаатахпытына табыллар буолла. Ол курдук, элбэх ахсааннаах үлэһиттэр киһи оҥорор быһыыта оҥорбутун кэнниттэн икки аҥы арахсан; үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсалларын чуолкайдык билэллэр.

Айылҕаҕа күнүс кэнниттэн түүн, сайын кэнниттэн кыһын тиийэн кэлэн иһэллэрэ туох барыта икки өттүттэн тутулуктааҕыттан үөскүүр. Бу икки өрүттэн биир өрүтэ мөлтөөн, бытааран биэрдэҕинэ, иккис өрүтэ солбуйан бастаан иһиини ылар кыахтанара сайдыыны аҕалыыга тириэрдэн олоххо тупсууну киллэриини үөскэтэр.

Сахалар “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини олохторугар тутуһалларын элбэх өс хоһоонноро биллэрэллэр:

- “Үчүгэй уонна куһаҕан солбуйсан биэрэллэр” диэн өс хоһооно үчүгэй кэнниттэн куһаҕан тиийэн кэлэрин биллэрэрин тэҥэ, куһаҕан тупсан, үчүгэйгэ кубулуйан иһэрин быһааран биэрэрэ олоххо улахан суолталаах. Киһи олоҕор биллэр куһаҕаны үчүгэй оҥорон тупсаран биэрдэҕинэ үчүгэй элбиирин үөскэтэрин сахалыы таҥара үөрэҕэ туһана сылдьар. Ол иһин оҕону үөрэтиигэ “Тоҕус айыыны оҥорума” диэн үөрэҕи туһанан аан бастаан дьон оҥорор аҕыйах ахсааннаах куһаҕан быһыыларын билэригэр, олору оҥорботугар уонна саҥа оҥорор быһыытын тиэтэйбэккэ, ыксаабакка, сыыһа-халты туттунан кэбиһэн куһаҕаҥҥа тириэрдибэтигэр үөрэтэр.

- “Уол биир күн ат өрөҕөтүгэр, атын күн ат уорҕатыгар буолар” диэн өс хоһооно куһаҕан үчүгэйинэн солбуллара соччо ырааҕа суоҕун уонна киһи бэйэтин кыаҕынан куһаҕаны тупсаран үчүгэй оҥорорун биллэрэрэ ордук суолталаах. Тыл үөрэхтээхтэрэ сахалары албыннаан этэллэрин курдук куһаҕаҥҥа “аньыы” диэн үчүгэйтэн туспа араарар ураты ааты иҥэрдэххэ, аны уларыйан, тупсан кэлэрэ суох буолан хааларын үөскэтии буоларын биллэххэ табыллар. Ол аата “аньыы” диэн тылы туһаныы өйгө-санааҕа уларыйыы, тупсуу киирэрин суох оҥорон мастыйыыны, “застойу” үөскэтэн кэбиһиигэ тириэрдэр.

- “Үчүгэй уонна куһаҕан сэргэстэһэн сылдьаллар” диэн өс хоһооно үчүгэй уонна куһаҕан киһи өйүттэн-санаатыттан биир тутулуктаах-тарын, арай хайдах оҥорортон уларыйан, уратыланан тахсалларын быһаарар уонна тыл үөрэхтээхтэрэ “аньыы” диэн куһаҕаны арааран туспа ааттыы сатыылара улахан сыыһатын, албыннааһыны үөскэтэ-рин биллэрэр. Бу өс хоһооно “айыы үөрэҕэ” диэн секта төрдүттэн сыыһатын, сымыйатын, айыы диэн тыл куһаҕана элбэҕин билэр сахалары албынныы сатыы сылдьарын чуолкайдаан биэрэр.

- Айыы диэн тыл икки өрүттээх өйдөбүлэ, киһи үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорон кэбиһэрин биллэрэрэ “Туох барыта икки өрүттээх" диэн айылҕа уларыйан биэрэр тутулугун сахалар олохторугар туһана сылдьалларын быһаарар. Ол курдук, киһи оҥорор ураты быһыыта, саҥаны айыыта, оҥорбутун кэнниттэн үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсаллара быһаарыллара хаһан баҕарар баар суол буолар.

Сахалыы өй-санаа, итэҕэл үөрэҕэ “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа төрүт тутулугар сөп түбэһэн икки өрүтү тутуһа сылдьар.

Итэҕэл диэн өй-санаа үөрэҕин икки өрүттэрэ манныктар:

1. Сахалыы таҥара үөрэҕэ.

2. Үрүҥ айыы буолуу. (1,7).

Итэҕэл бу икки өрүттэрин тус-туспа ылан кылгастык ырыттахха өй-санаа сайдыытын, саҥаны киллэриитин уонна харыстаныытын, ол аата омук уһун үйэни ситиһиитин уратыларын быһаарыахха сөп.

Онон сахалар өй-санаа, итэҕэл үөрэхтэрэ “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан иһэр тутулугун тутуһан сайдарыттан хайа да өттүгэр аһара баран халыйыыны үөскэппэт, диктатураҕа тириэрдибэт уонна омук уһун үйэни ситиһэригэр аналланар.

САХАЛЫЫ ТАҤАРА ҮӨРЭҔЭ

Таҥ, хомуй диэн тылтан үөскээбит таҥара диэн тыл олус былыргы өйдөбүллээх. Бу таҥара диэн тыл өй-санаа таҥыллан, тус-туспа үгэстэртэн хомуллан үөскүүрүн биллэрэр суолталаах. Олус былыргы кэмнэргэ өй-санаа мунньуллан тус-туспа үгэстэри үөскэтэрин сахалар арааран билэннэр таҥара диэн өй-санаа үөрэҕин олохтообуттар.

Үрүҥ Аар тойон таҥара диэн аан бастакы киһи таҥара буолар уонна арийдар, аардар салайар кэмнэригэр үөскээбитэ аатыттан бы-һаарыллар. Ол курдук, арийдар диэн омуктар былыргы Индия сирдэ-ригэр үөскээн баран Аан дойду үрдүнэн тарҕаммыттарын остуоруйа үөрэхтээхтэрэ уонна генетиктэр үөрэтэн дакаастыы сылдьаллар.

Таҥара үөрэҕэ оҕо сайдан, эбиллэн иһэр өйүн-санаатын үчүгэй үгэстэринэн толорон биэрэри тутуһарынан дьон киһи быһыылаах буолууну ситиһэллэригэр туһаны оҥорор. Оҕо ийэ кута иитиллэр кэмигэр ийэтэ иҥэрэн биэрбит үчүгэй үгэстэрэ үйэтин тухары туһалыы сылдьалларын сахалыы таҥара үөрэҕэ туһанар уонна бу кэмҥэ оҕо үчүгэй үгэстэргэ иитиллэрэ өйө-санаата туруктаах буола сайдарыгар улахан туһалааҕын быһаарар.

Оҕо улаатан истэҕинэ өйө-санаата сайдан, билиитэ кэҥээн, саҥа үгэстэринэн эбиллэн иһэрин уонна киһи буолууну ситиһэн киһи быһыылаах буола улаатарын сахалыы таҥара үөрэҕэ ирдиир.

Өй-санаа сайдан иһэрэ саҥа, олоххо туһалаах үгэстэри иҥэринэн иһэринэн быһаарыллар. Оҕо үчүгэй үгэстэри кыра эрдэҕинэ ийэ кутугар иҥэриннэҕинэ үчүгэй майгылаах, быһыылаах киһи буола улаатара кыаллар. Бу ийэ кута иитиллэр кэмигэр куһаҕан быһыылары оҥоро үөрэнэн хааллаҕына оннук үгэстэр үөскүүллэриттэн куһаҕан майгылаах, быһыылаах буолан хааларын төрөппүттэр билиэхтэрэ, оҕону кыра эрдэҕинэ ийэ кутун үчүгэй быһыылары оҥотторон иитэн биэриигэ кыһанан дьарыктаныахтара этэ.

Атаах оҕо диэн кыра эрдэҕинэ иитиитэ табыллыбатах, ийэ кута иитиллэр кэмигэр куһаҕан эбэтэр туһата суох үгэстэргэ уонна оонньуу сылдьарга үөрэнэн бэйэмсэҕэ улаатан хаалбыт оҕо ааттанар.

Көйгө оҕо диэн туһа киһитэ буола иитиллэн тулуура улаатан, үлэни үлэлии үөрэммит оҕо буолар. “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн өс хоһооно тулуурдаах, туттунар күүстээх оҕону иитэн, үөрэтэн улаатыннарарга туһаны оҥорор. Сахалыы таҥара үөрэҕэ оҕо кыра эрдэҕинэ Кут-сүр үөрэҕин туһанан үчүгэй үгэстэри ийэ кутугар иҥэрэн биэрэн үчүгэй майгылаах буола улаатарын ситиһэргэ аналланар. (2,70).

Омук сайдыыны ситиһэрин уонна өйө-санаата сайдарын таҥара үөрэҕэ үөскэтэр. Ол курдук, саҥа өйү-санааны оҕоҕо киллэрэн иҥэ-риигэ төрөппүттэр аан бастаан туох үчүгэйин уонна куһаҕанын арааран билэллэрэ эрэйиллэрэ таҥара үөрэҕин уустугун биллэрэр. Оҕо ийэ кута иитиллэр кэмигэр эдэр төрөппүттэргэ кырдьаҕастар, олоххо улахан уопуттаахтар көмөлөрө, этэн, ыйан биэриилэрэ хайаан да ирдэнэр. Ол иһин эдэр ыаллар оҕолорун кыра эрдэҕинэ иитиигэ төрөппүттэрин көмөлөрүнэн туһаналлара эрэйиллэр.

Өй-санаа үчүгэйин, олоххо туһалааҕын быһаарыыга сахалыы таҥара үөрэҕэ сиэр диэн өй-санаа хааччаҕын туһанар. Сиэр диэн үчүгэй быһыыны оҥорууга тириэрдибит санаа ааттанар. Бу санааны тутуһан салгыы оҥоруллар быһыылар үчүгэй буолан тахсаннар, үчүгэйи элбэтэллэрин таҥара үөрэҕэ туһанар.

Омукка урут суоҕу, саҥаны, уратыны киллэрии үчүгэйгэ тириэр-дэрэ эрдэттэн быһаарыллыбыт, биллэр буолара табыллар. Ол иһин сахалыы таҥара үөрэҕэ “Тоҕус айыыны оҥорума” диэн үөрэҕи туһанан оҕо аан бастаан куһаҕан диэни билэрин, олору оҥорботун үөскэтэн үчүгэйи оҥорууну элбэтэр. Айылҕа уларыйан биэрэрэ “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиллэрин тутуһан таҥара үлэһиттэрэ үчүгэй куһаҕаҥҥа уларыйар кэмэ кэлэрин арааран биллэхтэринэ өй-санаа сайдыытын таба суолунан салайар кыахтара улаатар.

Саҥаны билии элбэхтэ хос-хос хатыланан саҥа үгэһи үөскэттэҕинэ киһи өйүттэн-санаатыттан умнуллубат буолара үөскүүрүн сахалыы таҥара үөрэҕэ тутуһар. Хатылаа, хатылааһын диэн үөрэхтэр өй-санаа түргэнник умнуллубат буоларын, ол аата үгэскэ кубулуйарын үөскэтэллэр. “Повторение – мать учения” диэн этии киһи хайдах үөрэ-нэрин, тугу билбитин өссө хатылаатаҕына умнубат буоларын ордук чуолкайдык быһаарар. Ону тэҥэ, “Наглядное пособие” диэн тугу ис-тибити көрөн хатылааһын туһата улаатарын биллэрэр. Сахалыы таҥара үөрэҕэ хас киһиэхэ үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана тус-туспаларын, “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини билинэр. Ол иһин биир киһи баһылааһынын, диктатураны үөскэппэт. Бу быһаа-рыыны "Үчүгэй уонна куһаҕан солбуйсан биэрэллэр" диэн өс хоһооно өссө чуолкайдаан биэрэрин туһана сылдьар.

Былыргылар үйэлээх билиилэриттэн сахалыы таҥара үөрэҕэ өс хоһооннорун туһанар. “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн өс хоһооно оҕо тулуурдаах буоларын улаатыннарарын сахалыы таҥара үөрэҕэ тутуһан оҕону тулуурга үөрэтиигэ туһанар. Тулуурдаах, өһөс санаалаах киһи үчүгэй санаатын олоххо киллэрэр кыаҕа улаатарын туһаныы киһи үчүгэйи оҥороро элбииригэр тириэрдэр. Киһи үчүгэй санаалара элбээн уонна оҥорор быһыылара тупсан иһэллэрин туһугар куһаҕан санааларыттан ыраастана, умна сылдьа-рын таҥара үөрэҕэ ирдиир. Ол курдук, куһаҕаны умнуу, өйү-санааны ыраастана сылдьыы үчүгэй санаа элбиирин үөскэтэр.

Үчүгэй санаалардаах киһи үчүгэй быһыылары оҥорор кыаҕа улаатар. Киһиэхэ үчүгэй санааларын алгыһы истии элбэтэн биэрэрин таҥара үөрэҕэ туһанар. Ол курдук, алгыс диэн үчүгэй баҕа санаалары тыл этэн дьоҥҥо тириэрдии ааттанар.

Сахалыы таҥара үөрэҕэ сиэри тутуһары ирдээн киһи үчүгэй быһыылары оҥорорун элбэтэр. Сиэр диэн үчүгэй быһыыны оҥорууга тириэрдибит санаа ааттанар. Бу санааны хатылаан оҥордоххо үчүгэй быһыы буолан тахсара сиэри тутуһа сылдьыыны үөскэтэр. Сиэри тутуһа сылдьар киһи үчүгэй быһыыны оҥорор кыаҕа улаатарын уонна киһилии быһыылаах буолууну ситиһэрин сахалыы таҥара үөрэҕэ быһааран итэҕэйээччилэргэ тарҕатар. (3,56).

Онон итэҕэл бастакы өрүтэ сахалыы таҥара үөрэҕэ буолар уонна оҕо ийэ кутун иитэн, сайдан, тупсан иһэр өйүн-санаатын сиэри тутуһуннаран киһилии быһыылаах буолууга үөрэтэр аналлаах.

ҮРҮҤ АЙЫЫ БУОЛУУ ИТЭҔЭЛЭ

Айыы буолуу диэн киһи этэ-сиинэ өллөҕүнэ өйө-санаата этиттэн-сииниттэн арахсан, туспа баран сылдьара ааттанар. Сахалар билиилэринэн айыы буолбут өйдөр-санаалар Ол эбэтэр Анараа дойдуга сыл-дьаллар. Кэлин кэмҥэ арҕааҥҥы өй-санаа, таҥара үөрэхтэрин баһыйар сабыдыалларыттан Үөһээ дойдуга бараллар диэн этэллэр.

Өлбүт киһи сүрэ бастаан көтөрүттэн өйө-санаата үрэллэн ыһыллар. Арай үгэстэргэ, үөрүйэхтэргэ кубулуйбут өйдөрө-санаалара үгэстэринэн тус-туспа арахсан бараннар айыы буолан Ол эбэтэр Анараа дойдуга төһө эмэ өр кэмҥэ сылдьар кыахтаналлар.

Өлбүт киһи өйө-санаата айыы буолан туспа барыытын арҕааҥҥы таҥара үөрэхтэрэ икки дойдуга арааран, тус-туспа ыыталлар. Үчүгэй өйү-санааны Ырайга, онтон куһаҕан буоллаҕына Аллараа дойдуга түһэр диэн этэннэр итэҕэйээччилэри албынныыллар. Сахалыы таҥара үөрэҕэ ити араарыы сыыһатын билинэр уонна санаалар сылдьар сирдэрин Анараа эбэтэр Ол дойду диэн икки өрүккэ арааран туһанар. Киһи үйэтин тухары элбэх араас; үчүгэй да, куһаҕан да саҥаны айыылары оҥороруттан айыы буолуу “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа тутаах тутулугар сөп түбэһэн икки өрүттэнэр:

А. Үчүгэйи айыы. Үчүгэй айыыны үрүҥ айыы диэн ааттыыллар уонна кэлэр көлүөнэлэр олохторугар туһаналларыгар аныыллар.

Б. Куһаҕаны айыы. Куһаҕан айыыны хара айыы диэн ааттанар уонна умнан, хаалларан иһииттэн аҕыйыыллара ситиһиллэр.

Үрүҥ айыы буолуу диэн былыргылар, ол аата инники олорон ааспыт көлүөнэлэр элбэх, араас билиилэриттэн үрүҥүн, үчүгэйин, аныгы сайдыылаах олоххо сөп түбэһэрин талан ылан туһаныы, онтон атыттарын харатын, куһаҕанын хаалларыы, умнуу ааттанар. Омук былыргы өбүгэлэрин туһалаах билиилэрин туһана сырыттаҕына, хаалларан, умнан кэбиспэтэҕинэ үйэтэ уһуура быһаарыллар. Итэҕэл эмиэ икки өрүттээх. Омук дьоно итэҕэл икки өрүттэриттэн хайаларын эрэ өрө тутан, ол диэки аһара халыйан барыылара олохторугар улахан уларыйыылары киллэриэн сөп:

- Итэҕэл таҥара үөрэҕин диэки өттүгэр халыйан аһара барыыта саҥаны олус элбэҕи киллэрииттэн омук саҥарар тыла уларыйан хаа-лыытын үөскэтиэн сөп. Ол аата омук өйүгэр-санаатыгар саҥаны олус элбэхтик киллэриитэ, саҥарар тылын була сатаан уларытыыта бэйэтэ уларыйан атын омук буолан хааларыгар тириэрдиэн сөп.

- Үрүҥ айыы буолуу итэҕэлэ аһара бардаҕына омук саҥаны киллэрэрэ быста аҕыйыырыттан атыттартан хаалан хаалыыта үөскээн, туоратыллан, симэлийэн барарыгар тиийэн хаалыан сөп.

Итэҕэл бу икки өрүттэрэ бэйэ-бэйэлэриттэн тутулуктарын араарбакка, сүтэрбэккэ эрэ тэҥҥэ, дьүөрэлээн сайдыыны ситиһэн истэх-тэринэ омук олоҕо туруктаах буолар уонна бэйэтэ сайдыы киириититтэн уларыйан хаалбакка, уһун үйэни ситиһэр кыахтанар. Таҥара итэҕэлэ сайдыыны кэмнээн киллэрэрин үрүҥ айыы буолуу туораппакка, сөбүн көрөн ылынан истэҕинэ омук сайдыыны ситиһэрэ туруктаах буолар. Ол курдук, сайдыыны ситиһии хамсааһыннара аһара баран хаалбаттарын үрүҥ айыы буолуу итэҕэлэ үөскэтэр.

Омук олоҕор улахан уларыйыылар киирэр кэмнэринэн саҥалыы үөскүүрэ уонна мөлтүүр-ахсыыр кэмэ кэлиитэ буолар. Бу кэмнэр кэлиилэригэр итинник уларыйыылар киириилэрин омук “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини тутуһа сырыттаҕына этэҥҥэ аһарынар кыахтанара ордук улахан суолталаах.

Үрүҥ айыы буолуу итэҕэлэ субу кэмҥэ омукка туох үчүгэй, туһалаах баарын, туох ситиһиилэри, кыайыылары оҥорбутун уларып-пакка эрэ харыстаатаҕына уһун үйэни ситиһэрин хааччыйар.

Омук уһун үйэлээх билиилэрин, өйүн-санаатын, үгэстэрин харыстаан уһун үйэни ситиһиннэрии маннык уратылардаах:

1. Омук атыттартан уратыларын биллэрэр төрүт тылларын бука-тын уларыппакка эрэ харыстааһын уонна туһана сылдьыы.

2. Омук үйэлээх үгэстэрин харыстааһын.

3. Сахалыы өй-санаа уратыларын харыстааһын.

4. Иччилэри харыстааһын.

5. Айыылары харыстааһын.

6. Дьарык, идэ үгэстэрин харыстааһын.

Омук үйэтин уһатар аналлаах өйү-санааны харыстааһыннары тус-туспа ыламмыт кылгастык ырытыахпыт:

1. Омук саҥарар тыла ханнык омук буоларын быһаарыыга бастакы оруолу ылар. Ол курдук, саҥарар тылларын уратыларынан омуктар тус-туспа арахсаллара быһаарыллар.

Билигин омук хайа үйэҕэ үөскээбитин быһаарыы кыаллар буолла. Манна омук аата хаһан сурукка киирбитин быһаарыы бастакы оруолу ылар. Биһиги эрабыт буолуо 500 сыл иннинэ грек үөрэхтээҕэ Геродот суругар киирбит саха (сака) омуктар, ол кэмҥэ бааллара биллибит.

Омук тылын үлэ үөскэтэр. Тимири уһаарыыны уонна уһаныыны баһылаабыт сахалар тылларыгар тимири уһаарыы үлэлэрин оҥоруу бары көрүҥнэрэ бааллар. Ол аата тимири уһаарыыттан, уһаныыттан үөскээбит тыллары туһанан саха тыла сайдыбыт кэмин чуолкайдык быһаарыахха сөп. Үөрэхтээхтэр Саха сиригэр тимири уһаарыы уонна уһаныы сайдыбыта 2,5 тыһыынча сыллар анараа өттүлэригэр диэн этэллэриттэн тимир диэн тыл хаһан үөскээбитэ чуолкайданар.

Омук туһана сылдьар тылыгар биир дорҕоону уларытыы атын тыл үөскээн тахсарын үөскэтэн иһэр. Ол аата омук саҥарар тылын харыстааһын диэн субу баарыттан букатын, биир да дорҕоонун уларыппат буолуу ааттанарын тыл үөрэхтээхтэрэ билиэхтэрэ этэ.

Тыл үөрэхтээхтэрэ маат курдук куһаҕан дьайыылаах араас саҥа, киһи тыла өҕүллүбэт тылларын оҥороннор саха тылын алдьаталлар. Ол иһин эдэрдэр саха тылын үөрэтэллэрин быраҕан эрэллэр. Сайдыыны аҕалар киирии тыллары бэйэлэринэн эбэтэр кыратык улары-тан туһаныы сайдыы киириититтэн хаалыыны үөскэппэт.

2. Омук туһана сылдьар үгэстэрэ үйэлэргэ уларыйбаттар. Сахалар үйэлээх үгэстэригэр аан бастаан олоҥхону, ыһыаҕы уонна оһуохайы киллэрии ордук табыллар. Билигин сайын саамай уһун күнүгэр ыытыллар Күн таҥараҕа аналлаах ыһыаҕы оннугар түһэрии табыллан, салгыы сайдар кыахтанна.

Оһуохай саха дьоно биир санааланыыларын, түмсүүлэрин, эр дьон уонна дьахталлар эйэлээх буолууларын үөскэтэрин туһаналлар. Алгыс истиитэ сахалыы таҥара үөрэҕэр киирсэр. Киһиэхэ үчүгэй санаалары киллэрэн, иҥэрэн биэрии үчүгэй быһыылары оҥороругар тириэрдэн сайдыыны аҕаларга туһалыыр.

Күһүҥҥү, балаҕан ыйын 22 күнүгэр ыытыллар Улуу Тойон таҥа-раҕа аналлаах, тулуурдаах буолууну улаатыннарар ыһыаҕы оннугар түһэрии эрэйиллэр. Сахалар былыр-былыргыттан “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн өс хоһоонун тутуһалларыттан кырыалаах кыһыннаах дойдубутугар олоҕу сайыннараллара кыаллыбыт.

Саха дьонугар уоту аһатыы үгэһэ былыргыттан туттуллар. Бу үгэс саха дьонун айылҕаны кытта холбуу сибээстиир. Ол иһин уоту кытта дойду иччилэрин холбуу ахтан аһаталлар. (4,95).

3. Сахалыы өй-санаа атын омуктартан уратылара элбэхтэр уонна күүскэ харыстаннахтарына эрэ саха буолуу уларыйбата ситиһиллэр. Өй-санаа үөскүүр тутулуктарын арааран билии саха омук буолуу өйтөн-санааттан улахан тутулуктааҕын быһаарар. (4,111).

4. Киһи айылҕаҕа соҕотох сылдьар буолбатах. Өлбүт кыыллар, дьон өйдөрө-санаалара туспа баран айыы буолан сылдьаллара иччи-лэр диэн ааттаналлар. Иччи диэн олохсуйбут сиригэр сылдьар өй-санаа буолар. Айылҕаҕа элбэхтик сылдьар, айылҕа күүһүн итэҕэйэр сахалар иччилэри үргүппэккэ, аймаабакка эрэ эйэ-нэмнээхтик сырыт-тахха, олоҕу олоруу табылларын билэллэр.

5. Атын омуктартан сахалыы өй-санаа саамай биллэр уратытынан айыы диэн киһи оҥорор ураты, саҥаны айыытын биллэрэр тыл икки өрүттээх; үчүгэй уонна куһаҕан өйдөбүллээҕэ буолар. Ол курдук, киһи оҥорор ханнык баҕарар быһыыта үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсаллара хойутаан биллэрэ уустуктары үөскэтэрэ олоххо баар суол.

Бу үлэҕэ үрүҥ айыы буолуу итэҕэлэ диэн тугун быһаарыыга айыы диэн тыл бары өйдөбүллэрин толору быһаарыыны киллэрдим. Ол курдук, айыы буолуу диэн айыы диэн тыл саамай уустук, икки өрүттээх, үчүгэйи оҥорон сайдыыны аҕаларын тэҥэ, куһаҕаҥҥа, өлүүгэ тириэрдэр өйдөбүлэ өссө элбэҕэ буолар.

Тыл үөрэхтээхтэрэ тыыннаах киһини "айыы буол" диэн этэллэрэ “Өйүҥ көттүн” диэн улахан куһаҕаҥҥа тириэрдэр өйдөбүллэнэн тах-сар. Ол иһин тыыннаах киһиэхэ анаан этиллибэт этии буолар.

Тыыннаах уонна өлбүт киһи өйдөрүн-санааларын уратыта эт-сиин баарыттан уонна суоҕуттан тутулуктанар. Тыыннаах киһи өйө-санаата этиттэн-сииниттэн эньиэргийэ ыларыттан салайар, уларытар, эбэн биэрэр эбэтэр көҕүрэтэр, суох оҥорор кыаҕа куруук баар.

Киһи этэ-сиинэ өлөрүттэн өйө-санаата туспа баран аны уларыйбат турукка киирэн хаалыыта айыы буолуу диэн ааттанар. Хас киһи өйө-санаата бэйэтин уратытынан, туспатынан, атыттарга маарыннаабатынан айыы буолар диэн этиллэр.

6. Омукка саамай туһалаах үгэстэринэн дьарык, идэ үгэстэрэ буолаллар. Былыргы кэмҥэ саха омугу тимири уһаарыы уонна уһаныы үлэлэрэ атыттартан туспа арааран үөскэппитин умнубатахха табыллар. “Сах” таҥаралаах тимир уустара – сахалар төрүттэрэ буо-лаллар. Ол курдук, олус былыргы кэмнэртэн тимир тэриллэр дьоҥҥо туһаны аҕалаллара билигин даҕаны аҕыйыы илик. (5,22).

Омук тылын үлэни оҥоруу үөскэтэр уонна сайыннаран иһэр. Саҥа тыллары була сатаан оҥоруу уонна өйдөбүлэ сөп түбэспэт тыллары туһана сатааһын диэн быстах санааҕа, албыҥҥа киирэн биэрии буолар. Төрүт үлэтин сүтэрбит, былдьаппыт эбэтэр атынынан солбуйан уларыппыт омук эстэрэ, симэлийэрэ остуоруйалартан биллэр.

Онон омук былыргы олоҕун уонна остуоруйаларын умнан, хаалларан кэбиспэккэ, тылын уларыппакка уһун үйэни ситиһэригэр тириэр-дэр итэҕэл иккис өрүтэ үрүҥ айыы буолуу итэҕэлэ буолар.

ҮРҮҤ уонна ХАРА

Үрүҥ айыы буолуу итэҕэлин аатыгар туттуллар үрүҥ диэн тыл эбиискэ быһаарыыланнаҕына эрэ табыллар. Бу тыл киһи өйө-санаата айылҕаттан улахан тутулуктааҕын биллэрэрэ ордук суолталаах.

Үрүҥ дьүһүн үчүгэйи биллэрэр эбиискэ өйдөбүллээх. Бу өйдөбүл үөскээн дьон өйүгэр-санаатыгар олохсуйарын күн сырдыга үчүгэйэ, сылааһа, бары-барыта үчүгэйдик көстөрө уонна киһи ырааҕы чуолкайдык көрөрө табыллара олук буолан сайыннарбыт.

Үчүгэйи киһи хараҕынан көрөн быһаарара ордук элбэх. Туох баар барыта үчүгэйдик көстөрө хаһан баҕарар үчүгэйинэн ааҕыллар. Киһи хараҕа сырдык кэмҥэ үчүгэйдик уонна ырааҕы көрөрө кэлэрэ хаһан да уларыйбат айылҕаттан тутулуга буолар.

Халлаан сырдаан сырдык буоллаҕына киһи үчүгэйдик, ырааҕы да чуолкайдык көрөр кэмэ тиийэн кэлэр. Бу тиийэн кэлэр үчүгэй, Күн сырдыга киһиэхэ үрүҥ дьүһүнү үөскэтэр. Ол иһин үрүҥ дьүһүн үчүгэй диэн өйдөбүллэммит уонна үчүгэйи бэлиэтээн этэргэ, быһаарарга туттуллар буолан итэҕэл үөрэҕэр киирэн сылдьар.

Киһи хараҕа хайдах көрөрө “Туох барыта икки өрүттээх” диэн быһаарыыга сөп түбэһэн икки өрүттэнэн тахсар:

1. Үчүгэйдик көстөр.

2. Куһаҕаннык көстөр.

Үрүҥ диэн үчүгэйэ быһаарылыннаҕына ааттанар, ол аата куһаҕана хаалларыллан, суох буолбутун бэлиэтээн үрүҥ диэн ааты иҥэрэн биэрэллэр. Үчүгэйин биллэрэн былыргы кэмнэргэ үөскээбит Үрүҥ Аар тойон таҥара аатыгар үрүҥ диэн тыл холбуу туттулла сылдьар. Киһи туох куһаҕаннык көстөрү барытын куһаҕан диэн быһаарар. Ол иһин хараҥа буоллаҕына көрөрө мөлтүүрүттэн хара куһаҕан диэн ааттыыра өйүгэр-санаатыгар иҥэн хаалан үйэлэргэ олохсуйбут.

Олох былыргы кэмнэргэ улахан хаалыылаах этэ. Былыргылар өйдөрө-санаалара ситэ сайда иликтэринэ элбэх куһаҕан быһыылары оҥорор этилэр. Ол иһин кинилэр элбэх араас билиилэриттэн аныгы олоххо сөп түбэһэрин, үчүгэйин, үрүҥүн эрэ талан ылан уларыйбыт, тупсубут кэмҥэ оҕолору үөрэтиигэ туһаныы табыллар. Бу быһаарыыны тутуһан былыргылар аныгы олоххо туһалаах билиилэрин талан ылан үрүҥ айыы диэн ааты иҥэрэн биэрдэххэ табыллар.

Былыргылар билиилэрин аныгы олоххо ылан туһанар итэҕэл аатыгар үрүҥ диэн быһаарар тыл туттуллара, бу айыы үчүгэйин, аныгы олоххо туһаны аҕаларын биллэрэр суолталанар.

Сахалыы таҥара үөрэҕэ айылҕаттан тутулуга улахан. Ол курдук, хара, хараҥа сахаларга куһаҕан өйдөбүллээх. Хара куһаҕан диэн ааттанар буолбута киһи хараҕа хараҥаҕа куһаҕаннык көрөрүттэн тутулуктанан өй-санаа үөрэҕэр киирэн куһаҕаны туспа арааран бэлиэтииргэ анаан туттулла сылдьар.

Киһи хараҕа хараҥаҕа куһаҕаннык көрөр, ырааҕы букатын көрбөт буолар. Хараҥа буоллаҕына киһи көрөрө мөлтүүрэ хара куһаҕан диэн олохсуйбут өйдөбүлү үөскэтэн өйгө-санааҕа киллэрэн иҥэрбитэ үгэс буолбута ырааппыт. Ол иһин киһиэхэ хара куһаҕан диэн өйдөбүлэ айылҕаттан тутулуга буолар уонна хаһан да уларыйбат.

Былыргылар оҥорбут элбэх быһыылара аныгы, тупсубут олоххо сөп түбэспэттэр. Ол курдук, өй-санаа ситэ сайда, тупса илигинэ дьон өлөрсөллөрө элбэҕэ, өссө бэйэлэрин сиэһэн кэбиһэллэрэ. Ол иһин былыргылар оҥорбут куһаҕан быһыыларын хара диэн ааттаан эрдэттэн туоратыы, умуннарыы хайаан да туттуллара эрэйиллэр.

“Үрүҥү, хараны араарыы” диэн сахалыы таҥара үөрэҕэ туттар туһалаах үгэһэ үчүгэй быһыылар үгүстүк хатыланан элбииллэрин, тарҕаналларын, онтон куһаҕан быһыылары оҥоруулар умнуллан, хаалан иһэллэриттэн аҕыйыылларын үөскэтэр.

Өлбүт дьон оҥорбут араас элбэх быһыылара аныгы дьонунан таба быһаарыллан үрүҥ, үчүгэй эбэтэр хара, куһаҕан диэн арааран, тус-туспа сыаналаналлара эрэйиллэр. Ол курдук, үчүгэйэ биллэр быһыыны хатылаан оҥордоххо үчүгэй буолара табыллар, онтон хара куһаҕан быһыыны оҥорбокко хаалларан, умнан истэххэ аҕыйаан барарыттан үчүгэй быһыылар элбииллэрэ ситиһиллэр кыахтанар.

Өлбүт киһини ахтыыга кини оҥорбут элбэх быһыыларыттан үрүҥүн, үчүгэйин талан ылан ахталлар, кэпсээн оҥостоллор. Ол аата кини оҥорбут быһыыларыттан үчүгэйин талан ылан үрүҥ айыы оҥороллор уонна кэлэр көлүөнэлэри иитиигэ, үөрэтиигэ туһаналлар.

Киһи оҥорбут куһаҕан быһыыларын ахтыбат буолуу умнууга, хаалларыыга тириэрдэр. Ол иһин сахалыы таҥара үөрэҕэ куһаҕан быһыылары умуннаран, өйү-санааны ол быһыылартан ыраастаан биэриини оҥорон үчүгэй быһыылар элбииллэрин үөскэтэр.

Үрүҥ диэн үчүгэйи быһааран биллэрэр тыл аан бастаан Күн таҥараны тупсарыыга анаан туттуллубута биллэр. Үрүҥ Күн таҥара диэн этии, бу таҥара өссө үчүгэйин биллэрэр. (6,118).

Үрүҥ Аар тойон таҥара диэн сахалар аан бастаан үөскэппит киһи таҥараларын аата буолар. Таҥара аатын үрүҥ диэн тыла, бу улахан тойон киһи оҥорбут элбэх араас быһыыларыттан үчүгэйин, үрүҥүн эрэ талан ылан аныгы, сайдыбыт, тупсубут олоххо туһаныы табыл-ларын биллэрэр, онтон куһаҕаны, хараны оҥорбута хаалан, умнуллан иһэрэ куһаҕан аҕыйыырын үөскэтиигэ аналланар.

Үчүгэй быһыылар үксээн иһэллэриттэн куһаҕан быһыылар аҕыйыылларын сахалыы таҥара үөрэҕэ туһанан үчүгэй санаалардаах буолуҥ диэн үөрэтэн үчүгэй быһыылар элбииллэрин үөскэтэр.

Сахалыы итэҕэл иккис өрүтэ үрүҥ айыы буолуу диэн ааттанара ити быһаарыыга тириэҕирэр уонна былыргылар, өлбүттэр оҥорбут үчүгэй да, куһаҕан да быһыыларыттан куһаҕанын хаалларан, умнан, онтон үчүгэйин, аныгы олоххо туһалааҕын эрэ талан ылан кэлэр көлүөнэлэри үөрэтиигэ туһаныы табылларын биллэрэр.

Былыргылар элбэх билиилэриттэн куһаҕаннарын талан ылан ыраастаан үрүҥ айыы оҥорботоххо уонна олору тутуһа сырыттахха былыргы, сайдыыта суох олоххо өй-санаа төннөн хаалыыта үөскүөн, куһаҕан быһыылар элбиэхтэрин сөп. Сайдыыны ситиһэн иһэр саха дьонуттан ким даҕаны былыргы кэм курдук саах сыбахтаах бала-ҕаҥҥа сүөһүлэри кытта бииргэ олорорго сөбүлэһиэ суоҕун сөп. Киһи өйүн-санаатын бэйэтэ эрэ салайар, ол аата туох үчүгэйин эбэтэр куһаҕанын арааран билэрэ эрэйиллэрин ааһан, тутаах көрдөбүл буолар. Ол иһин сахалыы таҥара үөрэҕэ оҕо улаатан иһэн аан бастаан дьон оҥорор аҕыйах ахсааннаах куһаҕан быһыыларын билэригэр анаан “Тоҕус айыыны оҥорума” диэн үөрэҕи туһанар.

Тоҕус эрэ ахсааннаах содулу үөскэтэр куһаҕан быһыылары оҕо билэр буоллаҕына, олору оҥорбот кыахтанара үчүгэйи оҥорорун элбэтэр. Ол аата, бу быһыы куһаҕан диэни киһи билэр буолуута куһаҕаны оҥорорун тохтоторугар туһалыыр. (3,56).

Үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа арааран билиигэ сахалыы таҥара үөрэҕэ "Үрүҥү, хараны араарыы" диэн үөрэҕи туһанар. Бу айылҕа тутулуктарын туһаныыттан үөскээбит дириҥ өйдөбүллэр киһи өйө-санаата сайдыытын таба суолунан салайаллар. Дьон өйүгэр-санаатыгар үрүҥү, хараны, ол аата үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа арааран туһаныы улахан уустуктары үөскэтэр. Уһун үйэлэргэ улахан таҥара үөрэхтэрэ салайааччылар бас билии-лэригэр киирэннэр уонна “Сначало было слово” диэн албыны туту-һаннар итэҕэйэр дьоҥҥо үчүгэй бу баар, маны туһаныҥ, онтон куһаҕаны “грех”, “харам” диэн туспатык ааттаан баран олору оҥорума диэн этэн, үөрэтэн бэйэлэрин диктатураларын үөскэтэн сылдьаллар.

Сахалыы таҥара үөрэҕэ “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан биэрэн иһэр тутулугун тутуһарынан уонна “Киһини санаата салайарын” билэринэн итинник халыйыыны оҥорбот. Ол курдук, итэҕэл айыы диэн тыла икки өрүттээх өйдөбүллээҕэ киһи оҥорор быһыыта оҥорбутун кэнниттэн икки аҥы арахсан; үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсалларын табатык быһаарарын тутуһар. Оҕо үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран билэн олоҕор туһана үөрэннэҕинэ киһи буолууну ситиһэр кыахтанар. Киһи буолуу үөрэҕэ өйгө-санааҕа үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран туһаныыны уонна балар кэмэ кэллэҕинэ уларыйан, солбуйсан биэрэллэриттэн өссө улахан уустугу үөскэтэллэрин таба арыйан дьоҥҥо тириэрдэр.

Итэҕэл, өй-санаа үөрэҕин баһылаабыт дьон сүрүн уратыларынан, бу олоххо кэмиттэн кэмигэр омуктар саҥалыы үөскээһиннэриттэн сайдан кэлэр өй-санаа уларыйыытын уонна солбуйсан биэриитин табатык быһааран итэҕэйэр дьоҥҥо тириэрдэллэрэ буолар.

Онон сахалар итэҕэллэрэ айылҕа уларыйан биэрэн иһэр уратыларыттан улахан тутулуктааҕын үчүгэйи үрүҥ диэн, онтон куһаҕаны хара диэн ааттаан тус-туспа араарара биллэрэр.

АЙЫЫ ДИЭН ТЫЛ ӨЙДӨБҮЛЛЭРЭ

Саха тыла иччилээх диэн этэллэр. Дорҕоон киһи мэйиитигэр оҥорор дьайыыта өйү-санааны үөскэтэр. Ол аата хас биирдии саха тылыгар дорҕоонноруттан үөскээн тахсар өй-санаа иҥэн сылдьар.

Саамай иччилээх тылынан айыы диэн тыл буолар. Бу тыл киһини ыҥырар, угуйар суолтатын, киһини ыксатан, тиэтэтэн куһаҕаҥҥа, сыыһа-халты туттунууга, ытааһыҥҥа тириэрдэрэ элбэҕин былыргылар үөскэтэр кэмнэригэр чуолкайдык быһаарбыттар уонна анаан-минээн бэлиэтээн “ыы” диэн ытааһын дорҕоонноон биэрбиттэр.

Өй-санаа үөрэҕин билии, таба туһаныы бу тыл бары суолталарын, өйдөбүллэрин билииттэн уонна олоххо таба туһаныыттан саҕаланар. Айыы диэн тыл бары суолталарын, өйдөбүллэрин таба арааран туһаммат дьон итэҕэл, өй-санаа үөрэҕэр ханнык да билиилэрэ, сыһыаннара суохтарын билинэн атынынан дьарыктаныахтара этэ.

Саҥаны айыы диэн киһи оҥорор ураты, быһыыта буолар. Киһи оҥорор быһыыта атыттар өссө билбэт, ол иһин оҥорбот быһыылара буолан таҕыстаҕына саҥаны айыы диэн ааттанар. Ол иһин икки өрүттэнэн; үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсара быһаарыллар. Ону тэҥэ, саҥаны айыыны оҥоруу үгүстүк табыллыбакка, сатаммакка хаалан куһаҕаны элбэтэр, ону тэҥэ, киһи айыыны, ол аата уратыны, саҥаны, урут суоҕу оҥоро охсоору сыыһа-халты туттунара тиэтэйэ-риттэн уонна ыксыырыттан өссө элбээн хаалан куһаҕаны үксэтэр.

Айыы диэн тыл бары өйдөбүллэрэ манныктар:

1. Үчүгэйи, олоххо туһалаах саҥаны айыыны оҥоруу.

2. Куһаҕаны, буортулааҕы, уратыны, атыттар билбэт буолан оҥорботторун уонна олоххо туһата суох саҥаны айыыны оҥоруу.

3. Урут суоҕу, дьон өссө билбэт буолан оҥорботторун, ол аата саҥаны айыыны оҥоро сатааһын туга эрэ табыллыбакка, сатаммакка хаалара элбэҕиттэн куһаҕаны үксэтэн кэбиһиитэ.

4. Үчүгэй буолуо диэн быстах санааттан оҥорулла охсубут саҥаны айыы сыыһа буолан тахсан куһаҕаны элбэтиитэ.

5. Саҥаны айыыны, уратыны, дьон оҥорботторун киһи оҥоро охсоору тиэтэйэн, ыксаан сыыһа-халты туттунара элбиириттэн үчүгэй буолуон да сөптөөҕүн куһаҕаҥҥа кубулутан кэбиһиитэ.

6. Өлбүт киһи өйө-санаата этиттэн-сииниттэн туспа барыыта уонна уларыйбат турукка киириитэ айыы буолуу диэн ааттанар. Айыы диэн тыл бу суолтатынан үрүҥ айыы буолуу итэҕэлигэр туттуллар.

Айыы диэн тыл бу өйдөбүллэрин төһө кыайарбытынан кэҥэтэн, дириҥник ырытан быһаарыахпыт:

1. Олоххо туһаны аҕалар саҥаны айыыны оҥордоххо эрэ сайдыы, тупсуу кэлэр. Дьон ыксыыр, тиэтэйэр өттүлэрэ саҥаны айыыны элбэхтик уонна түргэнник оҥоро сатыырга ыҥыраллар. Ол эрээри, олоххо туһалаах саҥаны айыыны оҥоруу диэн олус элбэх үлэттэн, билииттэн тахсар уустук, улахан эрэйдээх, ыарахан үлэ буолар. Бу ыарахан үлэни биир эмэ сатабыллаах, талааннаах киһи оҥорон дьоҥҥо туһаны аҕаларын арааран билии эрэйиллэр. (7,134).

Айыы диэн тыл бары суолталарыттан биир эрэ үчүгэйгэ тириэрдэр, онтон атыттара бары куһаҕаны элбэтэн кэбиһэллэр. Ол иһин биир эмэ киһи олоххо туһаны аҕалар саҥаны айыыны оҥорор уонна олоххо киллэрэн туһаҕа таһаарар кыахтанар. Саҥаны айыыны оҥо-рууга уонна олоххо киллэриигэ улахан бэлэмнээх уонна ураты сэрэхтээх буоллахха эрэ туһаҕа таһаарыы табыллар.

Сахалар олоххо туһалаах саҥаны айыыны оҥорууга “Кэс тыл” диэн үгэһи туһаналлар. Ол аата кырдьаҕас, олоххо элбэх уопуттаах киһи кэс тыл диэн ааттаан, саҥаны айыыны, кэһиини маннык оҥор диэн эдэр киһиэхэ этэн биэриитин тутуһан эрэ оҥоруллар айыы табыллан, сатанан дьоҥҥо туһаны аҕаларын биллэрэр. (8,110).

2. Куһаҕан диэн олоххо хаһан да суох буолбат, куруук баар буола турар. Киһи тугу сирбитэ, сөбүлээбэтэҕэ уонна куһаҕаннык көстөрө барыта куһаҕан диэн ааттанарыттан куруук баар буолан иһэр.

Биир эмэ киһи анаан-минээн куһаҕан буоллун диэн оҥороро суох буола илик. Улахан сэрии сэптэрин оҥоруу дьоҥҥо куһаҕаны оҥо-рууга бэлэмнэнии буолар. Өссө ыарахан, улахан дьайыылаах дьааттары оҥорон боруобалыыллар. Нууччалар “Новичок” диэн дьааты оҥорбуттара уонна боруобалыы сылдьыбыттара Аан дойдуга биллэр.

Куһаҕаны оҥоруу судургу, боростуой, ол иһин улаатан иһэр оҕолор куһаҕаны элбэҕи оҥорон кэбиһэллэриттэн сахалыы таҥара үөрэҕэ оҕону харыстаан “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн үөрэтэр. Табааҕы тардыы, арыгыны иһии, наркотиктары боруобалааһын оҕоҕо саҥаны айыыны оҥоруу буоланнар угуйар, ыҥырар кыахтара улаатан хааларыттан төрөппүттэр оҕолорун кыһанан, саха-лыы таҥара үөрэҕин туһанан харыстыахтара этэ.

3. Дьон бары саҥаны айыыны оҥоруохтарын баҕараллар эрээри, бары оҥоро сатыыр айыылара табыллыбаккалар, сатаммаккалар куһа-ҕаны элбэтэн кэбиһэллэр. Ол курдук, саҥаны айыы туга эрэ табыллыбата, сатаммата да куһаҕаҥҥа кубулуйар уратылаах. Аһара элбэх табааҕы биирдэ тардыбыт уол уҥан хаалбыта биллэр. Наркотигы аһара элбэҕи туттан кэбиһэн өлөөччүлэр эмиэ бааллар. Айыыны оҥоруу угуйар, ыҥырар кыаҕа улаханынан ситэ сайда, үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны таба арааран билэ илик оҕо онно киирэн биэрэр кыаҕа улаатан хааларын сахалар тохтото сатаан “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн этэн үөрэтэллэр. (7,24).

4. Киһи бэйэтэ тугу оҥорорун “үчүгэй” диэн саныыра, быһаарара хаһан баҕарар элбэх, тугу барытын оҥордоҕуна “үчүгэй” диэн ааттаан кэбиһиэн сөп. Ол иһин киһи оҥорбут ураты быһыытын, саҥаны айыытын атыттар билэн, көрөн эрэ баран сыана биэрэллэрэ, үчүгэйин эбэтэр куһаҕанын быһаараллара таба сыаналааһын буолар. Уоруйах уорбута табылыннаҕына “үчүгэй” диэн быһаарара атыттарга, уордарбыттарга куһаҕан буолан тахсара хаһан да уларыйбат.

Киһи үгүстүк быстах, “үчүгэй буолуо” диэн санаатыгар киирэн биэрэн туох эрэ уратыны, саҥаны айыыны оҥоро охсон баран куһаҕан буолан тахсыбытыттан соһуйан хаалара, хомойоро биллэр.

Тугу эмэ уратыны, саҥаны айыыны оҥорорго эрдэттэн туох быһыы буолан тахсарын билэ сатааһын эрэйиллэр. Ол курдук, киһи оҥорор быстах быһыыта элбэхтик куһаҕан буолан тахсара биллэр.

5. Айыыны, уратыны, дьон билбэттэрин, ол иһин оҥорботторун оҥоруу киһини тиэтэтэрэ, ыксатара элбэҕиттэн сыыһа-халты тутту-нууга тириэрдэрэ үксүүр. Киһи элбэх куһаҕаны тиэтэйэриттэн, ыксыырыттан уонна киһиргиириттэн оҥорор. Бу киһини элбэхтик сыы-һа-халты туттунууга тириэрдэр майгы уратыларын сахалыы таҥара үөрэҕэ хааччахтаан улахан туһаны оҥорор. Аһара түргэнник айанныы сатаабыт суоппар абаарыйаҕа түбэһиэн сөбө улаатан хаалар.

6. Айыы диэн тыл өлбүт киһи өйүн-санаатын быһаарар аналлаах айыы буолуу диэн өйдөбүлэ ордук куһаҕан дьайыылаах, эдэрдэри угуйар, ыҥырар күүстээх. Бу дьайыы күүһүттэн киһи саҥаны айыыны оҥорор санаата улаатан хааларыттан ол-буну булан оҥоро сатыырын тэҥэ, уратыны оҥороннор бэйэлэригэр тиийинээччилэр элбииллэр.

Өлбүт киһи өйө-санаата айыы буолар диэн сахалар этэллэр, ол аата этиттэн-сииниттэн эньиэргийэ ылара тохтоон, аны уларыйбат турукка киирэрэ уонна туспа баран уһуннук сылдьара бэлиэтэнэр. Айыы буолууга кубулуйбут өй-санаа Ол эбэтэр Анараа дойдуга ыһыллан, атыттарга буккуллан сүтэн хаалбакка уһун кэмҥэ сылдьар. Ону өлбүт дьон түүлгэ киирэн көстөллөрө быһаарар. (9,71).

Тыыннаах киһи өйө-санаата уларыйа, эбиллэ, көҕүрүү турарынан кыайан айыы буолбат, арай оҥорбут быһыыта атыттар билбэт, оҥор-бот быһыылара буоллаҕына биирдэ айыы диэн ааттанар.

Ураты, атыттарга маарыннаабат саҥа быһыыны киһи оҥордоҕуна атыттар билбэттэринэн, оҥорботторунан уратыланан саҥаны айыы буолан тахсар. Ол аата тыыннаах киһи саныыр санаата буолбакка оҥорбут быһыыта саҥаны айыы буолар уратылаах.

Өлбүт киһи ханнык да быһыыны оҥорботунан уонна өйө-санаата уларыйбат турукка киирэринэн үгэс буолбут өйө-санаата атыттарга маарыннаабат уратытынан айыы буолан өр кэмҥэ сылдьар, сүтэн, симэлийэн хаалбат, атыттарга буккуллубат кыахтанар.

Былыргылар үөрэхтэрин тутуһар итэҕэл иккис өрүтэ үрүҥ айыы буолуу диэн ааттанар. Итэҕэл дьоҥҥо туох суолталааҕа аатыгар этил-лэн сылдьара ордук табатык өйдөнөрүн үөскэтэр.

Үрүҥ диэн итэҕэл аатын бастакы тыла үчүгэйи биллэрэр. Ол аата бу тыл былыргылар оҥорбут араас элбэх быһыыларыттан куһаҕанын, харатын хаалларан баран, үчүгэйин, үрүҥүн эрэ талан ылан оҕолору үөрэтиигэ туһанары быһаарар тутаах суолталаах.

Айыы буолуу диэн былыргылар, өлбүттэр эттэриттэн-сииннэриттэн арахсан, уларыйбат турукка тиийэн көҥүл сылдьар өйдөрө-санаалара ааттанар. Былыргылар билиилэринэн бу айыы буолбут өйдөр-санаалар Ол эбэтэр Анараа дойдуга сылдьаллар.

Итэҕэл диэн тыл өй-санаа үөрэҕин биллэрэр. Итэҕэйии диэн ханнык эрэ өйү-санааны иҥэринэн сылдьыы ааттанар. Сахаларга итэҕэл үөрэҕэ бастакы Хотой таҥара үөскүүр кэмиттэн ыла сайдан барбыта быһаарыллар. Таҥара диэн үгэс буолбут баҕа санаа буол-лаҕына, ону итэҕэйии, олоххо туһаныы итэҕэли үөскэтэр.

Үрүҥ айыы буолуу итэҕэлигэр айыы диэн тыл бары суолталарын арааран билии уонна киһи оҥорор быһыыта икки аҥы арахсан үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсан икки өрүттээх өйдөбүлү үөскэтэрин быһааран табатык туһана сылдьыы эрэйиллэр. (10,8). Айыы диэн тыл киһини угуйар, ыҥырар күүһэ элбэҕиттэн ханнык эрэ саҥаны айыыны оҥороору сыыһа-халты туттунуу элбээн хаалара эрдэлээн өлүүгэ тириэрдэриттэн улахан хомолтону үөскэтэр.

Айыыны оҥоро сатааһын туруга суох өйдөөх-санаалаах киһини бэйэтигэр тиийинэрин үөскэтиэн сөп. Ол курдук, айыы диэн тыл ыҥырар, угуйар күүһэ элбэҕиттэн, туох эрэ уратыны, саҥаны айыыны оҥороору, онно киирэн биэрэн куһаҕаҥҥа тиийэн хаалыы үөскүөн сөп. Бу быһаарыы албын, сымыйа “айыы үөрэҕэ" диэн секта эдэрдэр быстах санааларыттан бэйэлэригэр тиийинэллэрэ элбээһинин үөскэтэрин чуолкайдаан биэрэр. Сахаларга эдэрдэр бэйэлэригэр тиийинэл-лэрэ элбээбитин суруйааччы, социолог У.А.Винокурова суруйбута.

Итэҕэл үрүҥ айыы буолуу диэн ааттанар былыргылар, өлбүттэр өйдөрүн-санааларын тутуһар өрүтэ сахаларга итэҕэл иккис, өйү-санааны харыстыыр, уларыппат өрүтүгэр кубулуйан сылдьар. Былыр-гылар аҕыйах да буоллар аныгы олоххо туһалаах билиилэрин, үрүҥ айыыларын уларыта сатаабакка харыстааһын уонна туһаныы саха омук уһун үйэни ситиһэрин үөскэтиигэ көмөлөһөр.

Онон айыы диэн тыл сахалар итэҕэллэрин, өй-санаа үөрэхтэрин төрүтэ буоларын уонна икки өрүттээх өйдөбүллээҕин суох оҥоро сатыыр элбээн хаалбыт тыл үөрэхтээхтэриттэн, бу тылы таба туһанар үлэһиттэр харыстаатахтарына табыллар кэмэ кэллэ.

ҮРҮҤ АЙЫЫНЫ ҮӨСКЭТИИ

Үрүҥ айыы буолуу үөрэҕэр айыы диэн тыл өлбүт киһи өйүн-санаатын биллэрэр суолтатынан туттуллар. Өлбүт киһи өйө-санаата этиттэн-сииниттэн арахсан туспа баран өр кэмҥэ сылдьар кыахтанара айыы буолуу диэн өйдөбүлү үөскэппит. Ол курдук, үгэс буолбут өй-санаа бэйэтэ туспа сылдьарын түүлгэ көрөрбүт ону быһаарар.

Былыргылар өйдөрүгэр-санааларыгар иҥмит билиилэрэ айыы буолан сылдьалларын аныгы, сайдыбыт, тупсубут олоххо таба туһаныыны үрүҥ айыы буолуу итэҕэлэ оҥорор. Ол курдук, олус былыргы, олоҥхо саҕанааҕы кэмнэргэ дьон өйө-санаата бэрт намыһах этэ.

Элбэхтик өлөрсөллөрө, уоттаан кэбиһэн күллэри көтүтэллэрэ, сорохтору “Тыал буолбуттарга” кубулуталлара, үчүгэй быһыы диэни аҕыйахтык оҥороллоро. Ол иһин былыргылар элбэх билиилэриттэн аныгы олоххо сөп түбэһэрин үчүгэйин, үрүҥүн эрэ талан ылан туһаныыны үрүҥ айыы итэҕэлэ оҥоро сылдьара табыллар.

Үрүҥ диэн тыл үчүгэйи, сырдыгы биллэрэр өйдөбүллээх. Олус былыргы кэмнэргэ халлаан сырдааһына, күн тахсыыта дьоҥҥо үчүгэйи аҕаларын бэлиэтээн итэҕэл үөрэҕэр киирэн иҥмит.

Итэҕэл үрүҥ айыы диэн ааттанара былыргылар, өлбүттэр элбэх араас билиилэриттэн үчүгэйин, үрүҥүн эрэ талан ылан туһанарга аналлааҕын быһаарар. Бу быһаарыы итэҕэл үөрэҕин уустугун, уратытын биллэрэр. Ол аата, бу араас, үчүгэй да, куһаҕан да билиилэртэн куһаҕана, харата ыраастаммыт, туоратыллыбыт, анаан-минээн хаалла-рыллыбыт буолан, үчүгэйэ ордон аныгы сайдыбыт, улаханнык тупсубут олоххо туһалыыра табылларын биллэрэр.

Сахалыы итэҕэл үөрэҕэ үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа арааран туһаныыга айылҕа уларыйан биэрэр тутулугун быһаарар “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини тутуһа сылдьар уонна уһун үйэлэригэр олох уопутун элбэхтик мунньуммут кырдьаҕастар билии-лэрин “Кэс тыл” диэн ааттаан эдэрдэри үөрэтиигэ туһанар.

Өлбүт киһини тиһэх суолугар атаарыыга олоҕун устата туох үчүгэйи, туһалааҕы оҥорбутун ахталлар, саныыллар. Ол аата оҥорбут үчүгэйин ахтан, кэпсээн оҥостон умнуллубат турукка киллэрэн биэрэн үрүҥ айыы оҥороллор. Бу үчүгэйдэрэ быһаарыллыбыт туһа-лаах билиилэри атыттар ылан олохторугар туһанар кыахтаналлар.

Киһи өлбүтүн кэннэ ахтыытыгар оҥорон кэбиспит куһаҕан быһыыларын букатын ахтыбаттар, хаалларан, умуннаран кэбиһэллэр. Бу ахтыбат буолуу оҥоруллубут куһаҕан быһыы хааларын, умнулларын үөскэтэргэ аналланар. Куһаҕан умнуллан, хаалан, аҕыйаан истэҕинэ олоххо үчүгэй элбиирин сахалыы таҥара үөрэҕэ туһанар.

Өй-санаа үгэскэ кубулуйдаҕына умнуллубат буоларын тэҥэ, туспа сылдьар кыахтанар. Киһи түүлүн көстүүлэрин онно көстөр үгэстэр өйдөбүллэринэн быһааран таба тойоннуон сөбө итини быһаарар. Түүлгэ туох эмэ көһүннэҕинэ, бу көстүүнү быһаарыыга анаан иҥэн сылдьар үгэс өйдөбүлүнэн туһанан таба тойоннуохха сөп.

Киһи үгэс буолбут өйө-санаата өлбүтүн кэннэ туспа баран айыы буолан өр кэмҥэ сылдьар кыахтанара үрүҥ айыы буолуу итэҕэлэ үөскээбит төрүтүн быһаарар. Сахалыы өй-санаа, таҥара үөрэҕэ өлбүт киһи өйө-санаата этиттэн-сииниттэн туспа баран сылдьарын быһааран айыы буолуу диэн өйдөбүлү үөскэппит.

Айыылар диэн өлбүттэр өйдөрө-санаалара ааттанар. Тыыннаах сылдьар дьон, бу айыы буолбут өйдөрү-санаалары харыстыыллара, үргүппэттэрэ, аймаабаттара эрэйиллэр. Дьон бу быһаарыыны тутуһа сылдьалларын кылабыыһаларга айдаарбаттара уонна өлбүт дьон ааттарын улаханнык ааттаан ыҥырбаттара биллэрэр.

Тыыннаах диэн быһаарыы киһи этин-сиинин туругун; салгыны тыынан ыларын уонна сүрэҕэ үлэлиирин биллэрэр. Киһи тыыннаах эрдэҕинэ өйө-санаата этиттэн-сииниттэн эньиэргийэ ылан туһана сыл-дьарыттан хамсаан; эбиллэн эбэтэр көҕүрээн биэрэр кыахтаах уонна санаатын хоту талбытынан уларытара кыаллар.

Өлбүт киһи өйө-санаата этиттэн-сииниттэн арахсан, эньиэргийэ ылара суох буолан аны уларыйбат, эбиллибэт, көҕүрээбэт турукка киирэн хаалар. Өй-санаа бу уларыйыытын уонна атыттартан ураты-тын сахалар арааран билэн айыы буолуу диэн ааттаабыттар.

Тыыннаах киһи этэ-сиинэ уонна өйө-санаата Бу дойдуга сылдьал-лар диэн сахалар билинэллэр. Кэлин өй-санаа, үлэ сайдыыта уонна тупсан иһиитэ киһи оҥорор быһыытын үчүгэй уонна куһаҕан диэн икки аҥы араарыыны үөскэппитэ Бу дойду диэн былыргы ааты уларытан Орто дойду диэн саҥа ааты иҥэрэн олоххо киллэрбитэ.

Өй-санаа туохтан да иҥнибэт, хааттарбат. Киһи түһээтэҕинэ өйө-санаата Анараа дойдуга тиийэ сылдьыан сөп. Онтон Бу дойдуга сылдьара “Көм эттэн кымаахтаан көрдөххө биллэр” диэн этэллэр. Ол аата киһи ыарыыны билэр буоллаҕына, Бу дойдуга эттээх-сииннээх сылдьара быһаарыллар. Онтон бу кэмҥэ ыарыы биллибэтэҕинэ киһи өйө-санаата Ол эбэтэр Анараа дойдуга сылдьар буолуон сөп.

Сахалар Ол эбэтэр Анараа дойду диэн өлбүттэр өйдөрө-санаалара сылдьар туспа дойдутун ааттыыллар. Бу дойдуга араас; үчүгэй да, куһаҕан да өйдөр-санаалар бииргэ сылдьаллар. Бииргэ сылдьалларын быһааран айыы диэн тыл икки өрүттээх өйдөбүллээҕинэн туттуллар уонна киһи үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорон кэбиһэрэ солбуйсан биэрэр кэмнээхтэрин быһаарар суолталаах.

Санаа үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана бу диэн араарыллан быһаарыллара кыаллыбат буолуон сөп. Ол курдук, санаа үчүгэй да, куһаҕан да буоллар киһи баһын иһигэр сылдьарынан ханнык да биллэр хамсааһыны, быһыыны оҥорботуттан хайдаҕа кыайан араарыллар кыаҕа суох. Киһи ханнык баҕарар; араас үчүгэй да, куһаҕан да санаалары санаталаан ылара кыайан бобуллубат, хаайыллыбат. Сахалар өй-санаа, таҥараларын үөрэҕин быһаарыытынан киһи санаата хайдаҕа ханнык быһыыны оҥорбутуттан эрэ биллэн тахсар. Ол курдук, үчүгэй санаа диэн үчүгэй быһыыны оҥорууга тириэрдибит санаа ааттанар. Куһаҕан быһыыны оҥорууга тириэрдибит санаа куһаҕана быһаарыллан тахсан умнуллар, хаалларыллар.

Өлбүт дьон айыы буолбут өйдөрүттэн-санааларыттан куһаҕанын, харатын умнан, хаалларан иһии куһаҕан аҕыйыырын, онтон үчүгэй быһыылары ахтыы, санааһын үчүгэй элбиирин үөскэтэр. Өлбүт киһи оҥорбут үгүс быһыыларыттан куһаҕанын, харатын умнуу, хаалларыы, онтон атын үчүгэйи оҥорбутун ахтыы, санааһын уонна кэпсээһин өйүн-санаатын үрүҥ айыы оҥоруу диэн ааттанар. Киһи үйэтин тухары оҥорбут араас элбэх быһыыларыттан үчүгэйин, үрүҥүн талан ылан аныгы, сайдыылаах олоххо туһаныыны үрүҥ айыы буолуу итэҕэлэ быһааран олоххо киллэрэр.

Өлбүт дьон өйдөрө-санаалара айыылар диэн ааттаналлар. Бу айыылар диэн ааттааһын өлбүттэр оҥорбут араас элбэх быһыылара үчүгэйдэрэ уонна куһаҕаннара барылара холбуу сылдьалларын биллэрэр. Айыылартан билиилэри ылынан аныгы олоххо туһанар туһугар үчүгэйдэрин, үрүҥнэрин хайаан да туспа арааран, талан ылыы эрэйиллэр. Бу уустук үлэни үрүҥ айыы буолуу итэҕэлэ олоххо уопу-турбут кырдьаҕастар көмөлөрүнэн оҥороро ордук табыллар.

Киһи бэйэтэ үрүҥ айыы буолбат. Кини оҥорбут быһыыларын өлбүтүн кэнниттэн атыттар ырытан, сыаналаан баран үрүҥ айыы оҥороллор. Ол курдук, былыргы кэмнэргэ үчүгэй диэн ааттаммыт, бу кэмҥэ куһаҕаҥҥа кубулуйан сылдьар буолуон сөп. Сэбиэскэй былаас эстиитигэр “үчүгэй” диэн ааттана сылдьыбыт дьадаҥылар куһаҕаннара олох уопутунан быһаарыллан тахсан, бу былаас уларыйбыта. Ол кэмҥэ туоратыллыбыт, куһаҕанынан ааттаммыт баайдар билигин үчүгэйгэ кубулуйан, дойдуну салайыыны баһылаан сылдьаллар.

Айыы диэн тыл “үчүгэй” тыл буолбатах. Киһини угуйан, ыҥыран элбэх куһаҕаны оҥорууга тириэрдэн кэбиһиэн сөп. 1993 сыллаахха тыл үөрэхтээхтэрэ тиэтэйэн, ыксаан, урутаан түһэн албын, сымыйа “айыы үөрэҕэ” диэн сектаны айаннар бу кэмҥэ итэҕэллээх буолуох-тарын баҕарар сахалары барыларын албынныы сылдьаллар. (9,60).

Былыргы кэмнэргэ охсуһуу, этиһии, киһини өлөрүү үгүстүк “үчүгэй” диэн ааҕыллар эбит буоллаҕына, билигин аныгы олоххо ол куһаҕан, ыар быһыы буолар. Ол иһин былыргылар, оччотооҕу кэмҥэ тугу үчүгэй уонна тугу куһаҕан диэн этэн олохторугар туһаналларын билигин чопчулаан, чуолкайдаан биэрии эрэйиллэр.

Үрүҥ айыы буолуу итэҕэлин тутаах сыаллара манныктар:

1. Былыргы төрүттэри умнубакка, хаалларбакка харыстааһын.

2. Саҥарар тылы харыстааһын, төрүт тыллары уларыппат буолуу.

3. Үгэстэри харыстааһын.

Бу сыаллары мантан салгыы дириҥник ырытан быһаарыахпыт. Үрүҥ айыы итэҕэлэ бу сыаллары толордоҕуна омук уһун үйэни ситиһэр кыаҕын үөскэтэн биэрэн туһаны оҥорор.

Киһи олоҕун тутаах сыалынан куһаҕан, хара, ыар айыылары оҥорбот буолуута ааҕыллар. Олоҕор улахан хара, куһаҕан айыыны оҥорон кэбиспит киһи ол быһыыта уонна бэйэтин аата-суола умнуллар, хаалар дьылҕаланаллар, ону тэҥэ, саҥа төрөтөр оҕолоро куһаҕан үөрүйэхтээх буолан хаалыахтарын сөбүттэн атын аҥардар ыал буолуу үгэстэрин туһанан харыстаналлара эрэйиллэр.

Киһи үйэтин тухары дьоҥҥо туһалаах, уһун үйэлээх дьыалалары оҥордоҕуна аата-суола үрүҥ айыы буолан кэлэр көлүөнэлэри иитиигэ, үөрэтиигэ туттуллар кыахтанар. Ол иһин сахалар үйэлэрин тухары куһаҕан быһыылары оҥорбокко кыһаналлар.

Онон былыргылар, ааспыт көлүөнэлэр, өлбүттэр араас элбэх; үчүгэй да, куһаҕан да быһыылары оҥорбуттарыттан үчүгэйин, үрүҥүн талан ылан аныгы, сайдыбыт, тупсубут олоххо туһаныыны үрүҥ айыы буолуу итэҕэлэ оҥорон дьоҥҥо тириэрдэр.

ӨС ХОҺООННОРУГАР АЙЫЫ ДИЭН ТЫЛ ӨЙДӨБҮЛЭ

Былыргыттан саха дьоно айыы диэн тылы икки өрүттээх; үчүгэй-дээх уонна куһаҕаннаах өйдөбүлүнэн туһана сылдьаллар. Ол барыта киһи оҥорор быһыыта оҥорбутун кэнниттэн биирдэ үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан, икки аҥы арахсан тахсалларынан быһаарыллар. Ол аата өй-санаа үчүгэй уонна куһаҕан диэн быһаарыыта киһи оҥорбут быһыыларыттан хойутаан, кэнники биллэн тахсар уратылаах. Бу быһаарыы тыл үөрэхтээхтэрэ куһаҕаны туспа арааран “аньыы” диэн эрдэттэн ааттыы сатыыллара улахан сыыһатын; сымыйалыы, албынныы сылдьалларын биллэрэр. Сэбиэскэй былаас саҕана “куһаҕан” диэн ааттана сылдьыбыт баайдар билигин үчүгэй буолууну ситиһэннэр араас үлэлэри оҥоруу сайдан иһэр кыахтанна.

Туохха эмэ куһаҕан, “аньыы” диэн ааты биэрэн иҥэрдэххэ, аны бу аат иҥэн хааларыттан “аньыы” диэн ааттаммыт көнөн, тупсан үчүгэйгэ кыайан уларыйбата кэлэриттэн “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа тутаах тутулугар сөп түбэспэти үөскэтии буолар.

Киһиэхэ быстах санаа киириититтэн оҥоро охсубут саҥаны айыыта куһаҕан буолан тахсара элбээн хаалар. Бу өй-санаа улары-йара, киһи “үчүгэй буолуо” диэн санааҕа оҕустаран оҥоро охсон кэбиспитэ үгүстүк куһаҕан буолан тахсара үчүгэй, олоххо туһалаах үрүҥ айыыны оҥоруу уустугунан уонна элбэх үлэттэн, билииттэн оҥоруллара табылларынан быһаарыллар.

Өй-санаа, итэҕэл үөрэҕин улахан уустуга диэн киһи оҥорор быһыытыттан өйө-санаата сайдан, тупсан иһэрин таба быһаарарынан уратыланар. Киһи санаата оҥорор быһыыларыттан бастаан, инники баран иһэринэн сахалыы итэҕэл үөрэҕэ аан бастаан саныыр санааны тупсаран биэриигэ анаан сиэр диэн хааччаҕы үөскэтэн туһанар.

Олоххо саҥаны айыыны оҥордоххо эрэ сайдыы, тупсуу кэлэрин киһи барыта билэр. Бары айыыны оҥоро сатыыллар эрээри, биир эмэ эрэ табыллан олоххо туһаны, үчүгэйи аҕалар. Онтон атыттара бары сыыһа-халты буолан хаалан табыллыбаккалар, сатаммаккалар куһаҕаны элбэтэн кэбиһэллэр. Ону тэҥэ, куһаҕаны оҥоруу боростуой, судургу буолан эдэрдэр үгүһү оҥорон кэбиһиэхтэрин сөп.

Айыы диэн тыл бу икки өрүттээх өйдөбүлүттэн куһаҕан өрүтэ быдан элбээн тахсар, ол иһин куһаҕан тылга киирсэр. Былыргылар ону билэн өссө бу айыы диэн тыл саҥа үөскүүр кэмигэр “ыы” диэн ытааһын дорҕоонноон биэрбиттэр. Билигин бу айыы диэн тылы ол-бу буолар-буолбат саҥаны айыыны оҥоро сатыыллара элбээн сылдьар тыл үөрэхтээхтэриттэн харыстааһын эрэйиллэр буолла. Ол курдук, айыы диэн тыл икки өрүттээх өйдөбүлүн уларыппат буолуу, харыстааһын сахалыы ураты өйү-санааны уһун үйэлээһин буолар.

Киһи оҥорор ураты, атыттар өссө билбэт, ол иһин оҥорбот быһыылара саҥаны айыы диэн ааттаналлар. Ол иһин саҥаны айыы киһи оҥорбутун кэнниттэн биирдэ үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана арыллан тахсар уратылааҕын сахалар былыр үйэҕэ арааран билэннэр, бу тылы икки өрүттээх өйдөбүлүнэн туһаналлар.

Айыы диэн тыл куһаҕана элбэҕэ “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥо-рума” диэн оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ сахалыы таҥара үөрэҕэр тут-туллар этиилэртэн өссө чуолкайданар. Бу этиилэри саха кырдьа-ҕастара бары билэллэр эрээри, сэбиэскэй былаас уонна тыл үөрэх-тээхтэрин албыннарыгар баһыттаран туһаммакка сылдьаллар.

Былыргы сахалар төһө да суруктара суоҕун иһин киһи өйүн-санаатын үөрэтиигэ дириҥ билиилэрин өс хоһоонноро оҥороннор кэлэр көлүөнэлэрэ туһана сылдьалларын үөскэппиттэр:

- “Халыҥ айыы, хара буруй”. (11,51). Бу өс хоһооно айыыны оҥоруу олус куһаҕан, улахан буруйу оҥоруу буолан тахсарын быһаа-рар. Олоххо туһаны аҕалар, барыһы киллэрэр саҥаны айыыны оҥоруу олус элбэх үлэттэн уонна билииттэн биир эмэ сатабыллаах киһи оҥорбута табыллар кыахтанар. Онтон үгүстэр була сатаан буолар-буолбат саҥаны айыыны оҥоро сатааһыннара табыллыбакка, сатам-макка хаалара уонна сыыһа-халты буолара элбэҕинэн куһаҕаны оҥо-рууну үксэтэн кэбиһэрин, бу өс хоһооно биллэрэр.

- “Айыылаах айыыта таайар” диэн өс хоһооно айыыны, уратыны оҥоруу киһи өйүн-санаатын түргэнник уларытарын быһаарар. Улахан куһаҕаны оҥоруу киһи өйүн-санаатын куһаҕан өттүгэр түргэнник уларытан кэбиһэрин уонна умнуллубат буоларын, бу өс хоһооно биллэрэрэ ордук улахан суолталаах. Ол аата куһаҕаны, айыыны оҥорбут киһи, ол куһаҕанын өссө хатылаан оҥорор кыахтанан хаалыан сөбө быһаарыллан тахсар. Ол иһин араас маньяктар диэн ааттанар куһаҕаны оҥорбуттарын өссө хатылаан оҥорон иһэр дьон суох буолбаттар, баар буола тураллар.

- “Үрдүк таҥараҕа айыы, бар дьоҥҥо саат”. Бу өс хоһооно айыыны оҥоро сатааһын киһини сыыһа-халты тутуннаран кэбиһэрэ элбэҕинэн улахан куһаҕан быһыы буолан тахсарын уонна табыллыбакка, сатаммакка хаалан сааты үөскэтэн кэбиһэрин биллэрэр. Сахалар саҥаны айыыны оҥорууга кырдьаҕас, олоххо элбэх уопуттаах киһи эдэрдэргэ анаан “Кэс тылы” этэрин тутуһаллара сыыһаны-халтыны оҥорон кэбиһэллэрин аҕыйатарга аналланар.

- “Күн сирэ көҥдөй, айыы суола аһаҕас” диэн өс хоһооно күн сирэ диэн тыыннаахтар сылдьар сирдэрин биллэрэр, онтон айыы суола аһаҕас диэн этиитэ өлүү суола хаһан баҕарар аһаҕаһын этэрэ өлүү диэн судургутун, боростуойун быһааран биллэрэр.

- “Киһи ойоҕо ойох буолбат” диэн өс хоһооно дьахталлар ура-тыларын быһаарар. Ойох диэн ыраас кыыһынан эргэ тахсыбыт дьахтар ааттанар. Кыыс оҕо кыыһын сүтэриитэ улахан, умнуллубат саҥаны айыыны оҥоруута буолар. Кыыһын эрдэ сүтэрбит дьахтар эр киһини утумнуур оҕону кыайан төрөппөт, ол иһин ойох диэн ааттаммат, кэргэн диэн буолар. Арай иккис оҕото эр киһини маарынныыр, утумнуур буолуон сөп. Билигин эдэр дьахталлар элбэхтик күүлэйдээн баран эргэ тахсалларыттан кэргэн диэн тыл туттуллара үксээбитин тэҥэ, төрүүр оҕолор эр киһини утумнууллара аҕыйаан үлэни кыайар күүстээхтэр, кыахтаахтар суох буолан иһэллэр.

- “Үрүҥү хара диир” диэн өс хоһооно үчүгэйи уонна куһаҕаны кыайан таба араарбат буолууну биллэрэр. Дьон өйүгэр-санаатыгар айылҕа, күн сырдыгын дьайыыта үрүҥ дьүһүн - үчүгэй, онтон хара, хараҥа – куһаҕан диэн өйдөбүллэри үөскэтэн өйүн-санаатын төрүт-тээбит. Бу өйгө-санааҕа үөскүүр тутулуктар киһи айылҕа уларыйан биэрэрин олоххо туһанарыттан үөскээбиттэр. Үчүгэйи уонна куһа-ҕаны бэйэтэ арааран билэн олоҕор таба туһаммат киһи атыттар албыннарыгар, тугу эрэ “үчүгэй” диэн этэллэригэр, хайа эрэ диэки ыйалларыгар киирэн биэриэн сөбүн, бу өс хоһооно быһааран биэрэр.

- “Ат таппат айыыта, оҕус таппат буруйа” диэн өс хоһооно айыыны оҥоруу куһаҕаҥҥа, буруйга тэҥнэнэрин биллэрэр. (11,180). Айыыны оҥоруу диэн олус улахан, ыарахан куһаҕаны, буруйу оҥоруу буолара уонна бу элбэх таһаҕаһы соһор сүөһүлэр күүстэрин улаханнык баһыйара, таһынан барара өс хоһоонугар этиллэр.

- “Үтэһэтэ туолбут диэбиккэ дылы” диэн өс хоһооно киһи кыра-кыралаан да буоллар куһаҕаны элбэхтик оҥоро сырыттаҕына, ол куһаҕаннара мунньулланнар кэлин олус улахан куһаҕаны оҥорууга тириэрдэн кэбиһиэхтэрин сөбүн биллэрэр. Ол курдук, киһи куһаҕаны оҥорор быһыыта элбэхтэ хатыланнаҕына үгэскэ кубулуйан хааларыттан, бу куһаҕаны өссө оҥорор кыахтанан хаалыан сөп. Бэйэлэрэ итэҕэл, өй-санаа үөрэҕэр ханнык да сыһыаннара суох тыл үөрэхтээхтэрэ элбэх халыйыылаах православнай таҥара үөрэҕин “грех” диэн тылын үтүктэ сатаан “аньыы” диэн сахаларга суох тылы булан куһаҕаны үчүгэйтэн туспа арааран ааттыы сатыыллара сахалыы өйгө-санааҕа букатын сөп түбэспэт сыыһа быһыы буолар.

Үлэһит сахалар бэйэлэрэ тугу эмэ сыыһа-халты оҥордоххо куһа-ҕан буолан тахсарын билэллэр. Ол аата үчүгэйтэн куһаҕан хайдах оҥорууттан тутулуктанан үөскээн тахсан иһэрэ тохтообот. Олус былыргы кэмнэртэн өй-санаа үөрэҕин баһылаабыт сахалары сэбиэскэй былаас тобохторо, тыл үөрэхтээхтэрэ албынныы сатааһыннарын сиэргэ баппат олус улахан куһаҕан быһыынан ааҕыахха сөп.

Ханнык эрэ тыл үөрэхтээхтэрэ, кумааҕыны эрэ марайдааччылар үлэһит дьону өй-санаа үөрэҕэр кыайан үөрэппэттэрэ албынныы, сымыйалыы сылдьалларыттан биллэр. Тугу эрэ кумааҕыга суруйбуттарын саҥаны айыыны оҥоруу курдук сыыһа, албыннана саныыл-ларыттан итинник халыйыыга киирэн сылдьаллар. Саҥаны айыыны оҥорууга кумааҕыга суруйан, ойуулаан көрөн сыыһатын-халтытын көннөрүү, тупсаран биэрии бу саҥаны айыы табылларын үөскэтэр.

Киһи оҥорор ураты, саҥа, атыттар өссө билэ илик быһыылара айыы диэн ааттанар. Кумааҕыга тугу эмэ суруйуу айар диэн тылынан этиллэр уонна айыыны оҥорууга эрдэттэн бэлэмнэнии эрэ буолан тахсарын тыл үөрэхтээхтэрэ өссө да билэ иликтэр.

Айыы диэн ким да өссө оҥорон көрө илик быһыыта буолар уонна оҥоруллубутун кэнниттэн атыттар үөрэтэн билэн баран үчүгэйин эбэтэр куһаҕанын табатык быһаарар кыахтаахтара өй-санаа үөрэҕэр уустуктары оҥорор. Ол иһин сахалыы таҥара үөрэҕэ оҕо аан маҥнай дьон оҥорор куһаҕан быһыыларын билэн, олору оҥорбот буоларыгар иитэрэ, үөрэтэрэ улахан туһалаах. Куһаҕан диэни билэр оҕо олору оҥорбото үөскүүрүттэн үчүгэйи оҥороро элбиирин бу үөрэх тутуһар.

Дьон бары туһалаах саҥаны айыыны оҥорон олохторун тупсара охсуохтарын чахчы баҕараллар. Ол иһин айыы диэн тыл дьону угуйар, ыҥырар дьайыыта олус улаханын тыл үөрэхтээхтэрэ туһанан атеист буолан хаалбыт сахалары албынныы сатыыллар.

Олоххо туһалаах саҥаны айыыны оҥордоххо эрэ сайдыы, тупсуу, уларыйыы кэлэр. Сахалар саҥаны айыыны оҥоруу элбэх үлэттэн, эрэйтэн үөскээн тахсарын уонна туһаны оҥорор кыахтанарын билэллэриттэн саҥаны айыыны оҥорууга “Кэс тыл” диэн этиини туһаналлар. Кырдьаҕас, олоххо элбэх уопуттаах киһи саҥаны айыыны маннык оҥор диэн этэн биэриитин туһанан эрэ оҥоруллар айыы олоххо туһалаах буолан тахсарын билэннэр туһана сылдьаллар.

Саҥаны айыыны оҥоруу уонна олоххо киллэрии диэн тус-туспалар, улахан уратылаахтар. Бэйэтэ дьадаҥы, туга да суох киһи саҥаны айыыны оҥоруон сөп. Ол аата саҥаны айыыны оҥоруу аан маҥнай өйтөн-санааттан тутулуктааҕыттан улахан ороскуота суох оҥоруллуон сөп. Арай бу саҥаны айыы биллибитин, арыллыбытын кэнниттэн олоххо киирэн дьон бары туһаныылара диэҥҥэ тиийэригэр элбэх баайы, харчыны эрэйэрэ биллэн тахсар.

Саҥаны айыыны олоххо киллэрии диэн экономика сайдыы-тыттан, төһө баай баарыттан ордук улахан тутулуктанан тахсар. Россия курдук дьадаҥы дойдуга төһө эмэ элбэх саҥаны айыылары оҥоро сатаабыттарын иһин экономика сайдыыта суоҕуттан, кыайба-тыттан олоххо киллэрии кыаллыбатыттан таах хаалан иһэллэр эбэтэр омуктар ылан туһаҕа таһаараннар бэйэлэригэр туһаналлар.

Онон саха дьоно айыы диэн киһи оҥорор ураты быһыытын биллэрэр икки өрүттээх тылы табатык өйдөөн тыл үөрэхтээхтэрин албыннарыгар киирэн биэрбэттэрэ ирдэнэр көрдөбүл буолар.

БЫЛЫРГЫ ТӨРҮТТЭРИ УМНУМУОХХА

Олох салҕанан истэҕинэ сайдыы, тупсуу киирэн иһэриттэн омук өйүгэр-санаатыгар эмиэ уларыйыылар киирдэхтэринэ эрэ табыллар. Бу киирэр уларыйыылар аһара баран хааллахтарына омугу бэйэтин уларытан кэбиһиэхтэрин сөп. Ол иһин омук уһун үйэлээх буолууну ситиһиитэ былыргы төрүттэрин умнубакка үһүйээннэрин, олоҥхолорун, остуоруйаларын харыстаатаҕына эрэ салҕанан иһэр кыахтанар. Омук былыргы төрүттэрэ олоҥхоҕо, остуоруйа кэпсээннэригэр, араас үһүйээннэргэ ахтыллан сылдьаллар. Олору умнубатаҕына эбэ-тэр атыны булан уларытан кэбиспэтэҕинэ эрэ аныгы үйэҕэ түргэнник сайдыы, тупсуу киириититтэн бэйэтэ уларыйан, атын ааттаах омугунан солбуллан хааларыттан харыстанар кыахтанар. Былыргы төрүттэри умнубат буолуу диэн омук төрүт, былыргы тылларын уларыппакка харыстаан уһун үйэни ситиһэрин хааччыйыы буолар.

Олоххо сайдыыны ситиһии киирэн истэҕинэ эрэ атын омуктартан хаалан хаалыы үөскээбэт. Сайдыыны ситиһии элбэхтик атын омук тылын үөрэтииттэн киирэрэ тарҕаныытын түргэтэтэр. Ол аата сай-дыылаах омук тылын үөрэтэн бэлэм билиилэри, үгэстэри иҥэринэн истэххэ сайдыыны ситиһии түргэтиирэ кыаллар.

Атын омук тылын үөрэтии диэн сайдыыны, саҥаны киллэрии, бэлэм үгэстэри иҥэринии буолар. Омук олоҕор сайдыыны ситиһии атын омук тылын үөрэтииттэн эрэ киирдэҕинэ табыллар, ол аата саҥа тылы үөрэтии уонна саҥарар тылга киллэрэн туһаныы омук бэйэтин тылыгар элбэх уларыйыылары үөскэтэрэ туттулла сылдьар тылын харыстааһыҥҥа икки өрүттээх буолууну тутуһарын эрэйэр.

Сахалыы итэҕэл үөрэҕэ омукка саҥа киирэр уларыйыылары кэмнээн киллэрэн омук уларыйан хаалбатын үөскэтэргэ туһалыыр. Бу саҥа киирэр уларыйыылар омугу уларытан кэбиспэттэрин туһугар үрүҥ айыы буолуу итэҕэлэ былыргы билиилэрин аан бастаан харыс-тыырыттан уһун үйэни ситиһэригэр улахан туһаны оҥорор.

Олоххо “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини тутуһуу омук уһун үйэни ситиһэр кыаҕын улаатыннарар. Бу быһаарыыны сахалар "Биирэ табыллыбатаҕына, атына сатаныа” диэн этиилэрэ бигэргэтэр. Казактар тиийэн кэлиилэригэр сэрии суолун тутуспакка, эйэлэһии өттүн тутуһаннар сахалар сайдыыны ситиһэллэрэ кыаллыбыта.

Саха омук былыргы олоҕун кэпсээннэрэ остуоруйа диэн аатта-наллар. Бу остуоруйалары билэн, олоххо туһана сырыттахха саха омугун былыргы олоҕун кэпсээннэрин үөрэтии табыллар уонна кэлэр көлүөнэлэргэ тириэрдиллэр кыахтаналлар.

Ос, туор уонна уйа диэн тус-туспа тыллартан холбонон остуоруйа диэн төрүт тыл үөскэтиллэн омук былыргы олоҕун кэпсээннэрэ уларыйан хаалбаттарын биллэрэр суолталанар:

- Ос диэн тыл улахан баас оспут суола сүппэккэ ойууланан хааларын биллэрэрэ, төрүт суолтатыгар ордук сөп түбэһэр.

- Туор диэн бэлиэтээн хааллар диэн суолталаах.

- Уйа диэн олохсуйбут олорор сир ааттанар.

Бу үс тыллар дорҕооннорун суолталарын холбоон остуоруйа диэн тыл үөскээбит уонна саха омук былыргы олоҕун суола сүппэтин туһунан аныгы дьоҥҥо тириэрдэр дириҥ өйдөбүллэммит. Ол иһин омук уһун үйэни ситиһэригэр, сайдыы киирдэҕинэ уларыйан хаал-батыгар олус улахан суолталаах остуоруйа диэн тылы, тыл үөрэх-тээхтэрэ булан сахаларга туһаннара сатыыр “устуоруйа” диэн албын тылларыгар уларыппакка эрэ, күүскэ харыстааһын эрэйиллэр.

Билигин тыл үөрэхтээхтэрэ саха омугу харыстаабат, уһун үйэлээбэт санаалара аһара баран сылдьарын саҥа “устуоруйа” диэн саха-ларга суох тылы булан остуоруйа диэн төрүт тылы солбуйа, уларыта сатыылларыттан биллэр. Бу остуоруйа диэн тылы умнан, атынынан солбуйан хаалларан кэбиһии саха омук былыргы олоҕун умнарыгар, саҥа тылга, ол аата саҥа омук буолууга көһөрүттэн саха омугун быраҕан кэбиһэригэр тириэрдиэн сөп.

Остуоруйа диэн ааттанар былыргы олоҕун умнубут омук эстиигэ, симэлийиигэ, атыттарга баһыттарыыга тиийэн хааларын оннооҕор арҕааҥҥы үөрэхтээхтэр билэллэрин, бу үөрэхтээх, сахалары харыстыыр ааттаах дьон билбэт буолбатахтар. Ол аата бу остуоруйа диэн тылы, сахалар былыргы төрүттэрин умуннарыыны, симэлитиини тыл үөрэхтээхтэрэ анаан-минээн, соруйан оҥороллор.

Сэбиэскэй былаас сахалары, кыра омуктары нууччаларга холбоон симэлитэ сатаабыта. Ол үлэҕэ тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар уонна учуонайдар кыттыһаннар төрүт тыллары куһаҕан өйдөбүллээх тылларынан уларыппыттара. Мин кинилэр сахалары куорҕаллыыр үлэлэрин арыйан дьоҥҥо барыларыгар тириэрдэбин.

Уһун үйэлэр тухары бу остуоруйа кэпсээннэрэ бары кэриэтэ уларыйыылары тупсарыылары ылынан сылдьаллар. Остуоруйаларга өй-санаа иҥэн сылдьарынан уһун үйэлэргэ икки өрүттэнэн хаалбыттарын таба өйдөөн салгыы туһаныы эрэйиллэр:

1. Аптаах остуоруйалар.

2. Олоххо чахчы буолбуту кэпсиир остуоруйалар.

Остуоруйа диэн тыл уһун үйэлэргэ үөскээбит бу икки өрүттэрин төһө кыайарбытынан дириҥник ырытыахпыт:

1. Аптаах остуоруйалар барыта сымыйалар диэн этии сыыһа буолар. Бу остуоруйалар былыргы кэмнэргэ дьоҥҥо баар буола сылдьы-быт ыра санаалары биллэрэллэрэ, кэпсииллэрэ улахан суолталаах. Оччотооҕу кэмнэргэ дьоҥҥо баар ыра санаалары кэпсииллэрэ бу кэмҥэ сайдыы төһө киирбитин быһаарарга туһалыыллар. Ол курдук, киһи ыра, баҕа санаатын ситиһээри олоҕун олороро, үлэни сайыннарара, тупсууну оҥороро былыргыттан биллэр.

Киһи санаата хаһан баҕарар аһара бара сылдьара элбэҕиттэн үгүстүк ыра санааларга кубулуйан таах хаалалларын тэҥэ, бу ыра санаалар остуоруйаҕа киирэннэр аптаах остуоруйаларга кубулуйан сылдьаллар. Саха киһитигэр былыргыттан баар ыйга тиийэр баҕа санаата билигин туолан космонавтар онно тиийбиттэрэ биллэр. Сотору кэминэн көҥүл көтө сылдьар көбүөр оҥоруллара чугаһаан эрэр.

Киһи уруккуну, ааспыты кэпсииригэр араас тупсарыылары, эбэн биэриилэри оҥороро хаһан баҕарар баар. Ол иһин остуоруйалартан сорохторо аһара тупсаннар, урутаан сайданнар аптаах остуоруйаларга кубулуйбуттар. Ол барыта дьон араас баҕа санааларын ыра санааҕа кубулутан ыралана сылдьалларынан табатык быһаарыллар.

2. Үгүс остуоруйалар буолан ааспыт олоҕу хайдах баарынан, бэйэтинэн көрдөрөллөрүн таһынан син-биир кыра-кыралаан улары-йан, тупсан хаалбыттар. Ол барыта кэпсээнньиттэр кыратык да буоллар тупсарыыны киллэрэн иһэллэриттэн салҕанан барар. Сахалар остуоруйаларыгар баай киһи дьадаҥыны, үлэһити элбэхтик баттыыра, балыйара кэпсэнэрэ төһө да элбэҕин иһин, баайы дьадаҥы киһи өйүнэн-санаатынан баһыйан кыайара үгүстүк ахтыллар.

Остуоруйаларга араас кыыллар кэпсэнэллэр. Бу остуоруйалар олус былыргы кэмнэргэ киһи өйө-санаата кыыллар, сүөһүлэр өйдөрүттэн-санааларыттан сайдан, тупсан тахсан баран арахсыбытын сахалар билэллэрин биллэрэллэр. Ол курдук, киһи тугунан эрэ өйө киһиэхэ тиийбэт буоллаҕына, ханнык эрэ кыылга маарыннаан хаалара арыллар. Киһилии өйө тиийбэт киһи үгүстүк ыкка холонон кэпсэнэр.

Омук былыргы төрүттэрин билэр, умнубат буоллаҕына сайдыы киирэн иһиититтэн уларыйан, солбуллан хаалбакка тэҥҥэ барсан иһэр кыахтанар. Ол иһин сахаларга остуоруйа диэн тыл ордук улахан суолталааҕын, омук уһун үйэлэнэрэ бу тылтан улахан тутулуктааҕын билэн күүскэ харыстаатахха табыллар буолла. (12,37).

Былыргы остуоруйалары биллэххэ омук урукку, ааспыт олоҕун билиини ситиһии буолар. Үрүҥ айыы буолуу итэҕэлэ аан бастаан омугу харыстыырга, уһун үйэлииргэ аналланар, ол иһин остуоруйа диэн тылы уларыппакка, урукку оннугар киллэрэргэ үлэлиир. Ол аата саха дьоно тыл үөрэхтээхтэрин албыннарыттан босхолоннохторуна эрэ сайдыы киириититтэн омуктара уларыйбакка бэйэтинэн хаалан салгыы сайдара ситиһиллэр кыахтанар. Бу остуоруйа диэн тыл ула-рыйбатыттан омук уһун үйэни ситиһэр кыаҕа тутулуктанар.

Былыргы украинецтар төрүттэрэ олус былыргы үйэҕэ сахалартан арахсан туспа, арҕаа диэки баралларыгар остуоруйа диэн тылы ула-рытан, “история” диэн саҥа тылланан, саҥалыы историяланан бар-быттар. Онно тиийэн сайдыыны ситиһэннэр саҥа нууччалары үөс-кэппиттэрэ билигин кэлэн былыргы төрүттэрин букатын умнан, украинецтартан арахсаннар, аны төрүтэ суох хааллылар. Ону тэҥэ, үөскээбит, олохсуйбут сирдэрэ суоҕа быһаарыллан билигин Россия иһигэр бырадьаага буолан симэлийэргэ тиийэн сылдьаллар.

Сахалар былыргы төрүттэрэ Саха сиригэр олорбуттарын Сомо-ҕотто дакаастыыра ордук олохтоох. Ол курдук, сайдыы киириититтэн омук аата да уларыйбытын иһин олорор сирэ оннунан хаалыан сөп. Саҥа сирдэри баһылааһыннары булчуттар оҥорбуттар. Олус былыргы кэмҥэ биирдиилээн булчуттар сылдьар эрдэхтэрин саҕанааҕы кэмнэр сатыы олоҥхолорго кэпсэнэллэрин Сомоҕотто суруйар. Биир биллэр төрүппүт Үрүҥ Аар тойон таҥара буолан сылдьарын билэбит. Аардар, арийдар диэн ааттаммыт омуктары салайа сылдьы-быт тойон таҥара буолбут. Тойон, салайааччы киһи таҥара буолбута оччотооҕу кэмнэргэ былаастара улаханын биллэрэр.

Элбэх таҥараларбыт ааттара уларыйан иһэллэрэ сайдыыны, үлэни хайдах сайыннаран испиппитин чуолкайдаан биэрэллэр. Ону тэҥэ, элбэх таҥараны билэрбит олох сайдыытын, тупсуутун таһымнарын барыларын кэрийэн баһылаан испиппитин уонна ол кэмнэри умна, хааллара иликпитин дакаастыыр чахчы буолар.

Остуоруйа диэн тылбытын харыстааһын, уларыппат буолуу былыргы өбүгэлэрбитин умнубакка, харыстыы сылдьарбытын биллэрэ-рин өйдөөн тыл үөрэхтээхтэрин албыннарыгар киирэн биэрбэтэххэ табыллар. Тыл үөрэхтээхтэрэ омукка сайдыыны аҕалыахтара диэн этии албына уонна сымыйата итинэн дакаастанар кыахтанна. Ол курдук, аныгы, түргэнник уларыйар олоххо олус былыргы кэмнэргэ үөскээбит саха тыла сайдыыны аҕалбат, арай төрүт тыллары букатын уларыппакка эрэ туһанан, улаханнык харыстаан үйэтин уһатыы эрэ кыаллар кэмэ кэллэ. Омук төрүт тылларын уларыппатаҕына бэйэтэ уларыйан хаалбакка сайдыыны саҥалыы ситиһэр кыахтанар.

Эстибит сэбиэскэй былаас дьадаҥы буор куттаах үөрэхтээхтэрэ сахаларга үчүгэйи аҕалбат санаалаахтарын, олоххо туһалааҕы оҥор-ботторун, бу остуоруйа диэн төрүт тылы “устуоруйа” диэн бэйэлэрэ булбут саҥа тылларыгар солбуйан, уларытан сахалар былыргы төрүттэрин умуннара сатыыллара биллэрэр.

Онон остуоруйа диэн тылы, омук былыргы олоҕун кэпсээннэрин “устуоруйа” диэн сахаларга суох, саҥа тылы булан тыл үөрэхтээхтэрэ солбуйа сатааһыннара сахалары эстиигэ, симэлийиигэ тириэрдэ сатааһын буоларыттан харыстаатахпытына табыллар буолла.

ОМУК САҤАРАР ТЫЛА

Омук саҥарар тыла олус күүскэ харыстаннаҕына, ол аата сайдыы киириититтэн уларытан кэбиспэтэххэ эрэ, уһун үйэлэнэр кыахтааҕын биллэххэ сатанар. Омук саҥарар тылын харыстааһын диэн этии төрүт тыллар биир да дорҕооннорун уларыппат буолууну ситистэххэ эрэ кыаллар. Тыл биир дорҕооно уларыйан хааллаҕына атын суолталаах, өйдөбүллээх тыл буолан хааларын биллэххэ табыллар. Хамсаа диэн тыл киһи тугу эрэ туһалааҕы өйдөөн-санаан баран оҥорорун биллэрэр, онтон хамнаа диэн тыл таах хамныыры быһаарар.

Бу кэмҥэ тыл үөрэхтээхтэригэр айыы диэн тыл куһаҕан суолтата дьайыытыттан ол-бу саҥаны киллэрбитэ буолар санаалара аһара улаатан араас саҥа, сахаларга суох тыллары оҥоро сатаан саҥарар тылы уларытан, онно иҥэн сылдьар өйү-санааны кытта тутулугун алдьатар буоллулар. Номуука, бакылтыат, үнүстүтүүт диэн атын өйдөбүллээх, киһиэхэ маат курдук куһаҕан дьайыылаах тыллары үөскэтэн улахан буортуну оҥороллор уонна үчүгэйи аҕалар курдук туттан дьону албынныыллар. Бу куһаҕан тыллар дьайыыларыттан эдэрдэр саха тылын үөрэтэллэрин букатын быраҕан эрэллэр.

Былыргы кэмнэргэ үөскээбит саха тылын биир эмэ дорҕооно уларыйдаҕына атын өйдөбүллээх тыл буолан хаалар. Ол курдук, биир дорҕоон уларыйыытыттан тыл барытын суолтата уларыйар. Холо-бурга, тыл үөрэхтээхтэрин этиилэрин тутуһан ийэ диэн тылы “нь” дорҕоону киллэрэн биэрэн ньаамырҕаан саҥаран “иньэ” диэҥҥэ уларыттахха, “й” дорҕоон “нь” дорҕооҥҥо уларыйыыта, бу тыл өйгө санааҕа хамсааһын баарын биллэрэр улахан дьайыылааҕын суох оҥорор, ньаамыргыыры үөскэтэн албынныы сатыырга тириэрдэр. Ол аата бу “иньэ” диэн тыл оҕо атаахтыырын саҕалаан кэбиһэр.

Солун диэн сол диэн тылтан үөскүүр тылы “сонун” диэҥҥэ уларытыы сон диэн төрүккэ киллэрэн кэбиһэринэн тылы төрдүттэн уларытан атын тыл оҥорор. Ол курдук, “сонун” диэн тыл солуну, саҥаны билиигэ туох да сыһыана суох буолан хааларын тэҥэ, бу төрүт тыл дорҕоонун уларытан улахан албыны оҥороннор тыл үөрэхтээхтэрэ сахалары барыларын солумсах оҥорон сылдьаллар.

Икки кырдьаҕас омуктар уһун кэмҥэ эйэлээхтик бииргэ олордох-торуна икки ардыларыгар бааһынайдар үөскээн ахсааннара эбиллэн бараллар. Ол иһин саҥа үөскүүр омук кырдьаҕас омуктарыттан элбэх тыллары ылынан бэйэтин тылыгар киллэрэн туһанар.

Былыргы кэмнэргэ сахалартан арахсан үөскээбит түүр омуктар элбэх сахалыы тыллары илдьэ сылдьаллар. Ону тэҥэ, ахсааны ааҕыы сороҕо үгүстэргэ ордон сылдьара эмиэ биллэр. Сахалартан үөрэнэн тимири уһаарыыны уонна уһаныыны баһылаабыт түүр омуктар билигин даҕаны тимир диэн тылы кыратык уларытан туһаналлар.

Сайдыы, уларыйыы киирэриттэн саҥарар тыл уларыйарын аһара ыыппат кыах дьоҥҥо баар. Ол курдук, саха төрүт, билигин туһана сылдьар тылларын төрүт уларыппат буолуу омук үйэтин уһатар кыахтаах. Саха буолуу ийэ, аҕа, эбэ, эһэ диэн тыллартан саҕаланар уонна атын төрүт тыллары оҕо уларыппакка эрэ саҥара үөрэннэҕинэ сахалыы саҥарары баһылаан саха буолар кыахтанар.

Омук саҥарар тылын харыстааһын диэн былыргы баарыттан уларыппат буолуу ааттанар уонна уһун үйэлэргэ уларыйан хаалбатын үөскэтэн туһаны оҥорор. Хас биирдии тыл дорҕооннортон хомуллан үөскүүр. Ол курдук, дорҕоонноро суолтатыгар сөп түбэспэт саҥа тыллары оҥоро сатааһын омук тылын тутулугун, ол аата өйтөн-санааттан уонна үлэттэн үөскүүрүн алдьатыы буолар.

Мин саха тылын харыстааһыҥҥа аналлаах үлэни 2004 сыллаахха суруйан “Чолбон” сурунаалга бэчээттэппитим. Онно саха төрүт тылларын букатын уларыппат буолуу уһун үйэлэргэ харыстанарын үөскэтэрин быһааран ааҕааччыларга тириэрдибитим. (13,61).

Омук саҥарар тылын маннык үс көрүҥҥэ араарыы харыстыырга көмөлөһөр уонна уһун үйэлэнэр кыаҕын улаатыннарар:

1. Омук төрүт тыллара. Айылҕаҕа, киһиэхэ бэйэтигэр, кыылларга, сиргэ-уокка сыһыаннаах уонна билигин туттулла сылдьар тыллар киирсэллэр. Бу тыллары барыларын саха омук төрүт тылларынан ааттыахха уонна күүскэ харыстаан уларыппатахха табыллар.

2. Үөрэх, билии тыллара.

3. Үлэ тыллара.

Омук саҥарар тылын маннык үс бөлөххө арааран баран тус-туспатык харыстааһыны туһаныы киирии тыллар саха тылыгар буккуллан хаалалларын кыччатарга туһаны оҥорор:

1. Бу тыллар үс улахан бөлөхтөрүттэн омук бэйэтигэр ураты сыhыаннааҕынан бастакы бөлөх тыллар буолаллар. Итилэр омугу бэйэтин уонна омук дьоно бэйэ-бэйэлэригэр хардарыта сыhыаннарын арааран көрдөрөр тыллар буоланнар, бу омук уратытын, ол аата дьиҥнээх бэйэтин көрдөрөллөр уонна уратыларын быһаараллар.

Саха омук буолууну ийэ, аҕа, эбэ, эһэ диэн төрүт тыллары туһаныы атыттарга биллэрэр. Төрөппүттэрин ити курдук ааттаан улааппыт оҕо саха буолара быһаарыллан тахсар.

Биһиги омукпут тылын саппааһын маннык бөлөхтөргө араартаан ба¬ран тус-туспатык харыстаатахпытына, биһиги тылбыт ордук уһун үйэлээх буолуо этэ. Тоҕо диэтэхпитинэ, киһиэхэ бэйэтигэр уонна айылҕаҕа сыһыан¬наах тыллар биһиги омукпут уратытын ордук чуол-кайдыыллар. Ити тыллар эрэ ким ханнык омук буоларын быһааран биэрэллэр. Ол иһин ити тыллары омук баар-суох, төрүт тылларынан ааттаан баран, ураты күүскэ, уларыппакка харыстаатахпытына табыллар. Төрүт тыллары күүскэ харыстааһынтан эрэ саха омук уларыйбакка, эстибэккэ сайдан иһэрэ ситиһиллэр кыахтанар.

Бастакы бөлөх тыллар хас биирдии омук аайы тус-туспа уратылаах¬тар, арай былыргы төрүттэрэ биир омуктар ханнык эмэ бөлөх тыллара ордук улаханнык маарыннаhаллар эбэтэр олох даҕаны биир буолаллар. Биhиги саҥарар тылларбытын маннык үс улахан бөлөх-төргө араарарбыт хайаан даҕаны улахан туһалаах буолара чугаhаан иhэр. Кэнники кэмҥэ Сир үрдүгэр олорор норуоттар бэйэ-бэйэлэрин кытта сибээстэрэ тупсан, араас эргиэн, атыы-тутуу кэҥээн иhэр. Кинилэр саҥарар тыл¬ларыгар аҕыйах да буоллар атын омуктар сайдыыны аҕалар тыллара кыбыллан сыыйа эбиллэн биэрэллэр.

Бастаан иһэр сайдыылаах омук тылын үөрэтэн баһылааһын кинилэр ситиһиилэригэр, экономикаларыгар кыттыһарга кыаҕы биэрэр. Ол иһин сотору кэминэн экономика тутаах көрүҥнэригэр уонна наука эҥэригэр үгүс омуктар туттар тыллара биир сүрүн сайдыылаах омук тыла буолан иһэллэр. Ити курдук үлэҕэ - хамнаска уонна үөрэххэ-билиигэ сыһыаннаах тыллар, омуктар сайдан, бииргэ үлэлиир буолан истэхтэрин аайы холбоһон хаалаллар. Ити иһин туспа омук буолары айылҕаҕа, дьиэҕэ-уокка, киһиэхэ бэйэтигэр уонна итэҕэлгэ сыһыаннаах тыллар эрэ быһаараллара чахчы дакаастанан иһэр.

2. Үөрэх-билии тыллара билиҥҥи кэмҥэ сайдыылаах омуктан ылыллар буоланнар сотору-сотору уларыйан биэрэн иһиэхтэрин эмиэ сөп. Ол курдук, экономикаҕа уһун кэмҥэ сайдыыны ситиһии ханнык даҕаны омукка кыаттарбат суол буоларынан, ити тыллар эмиэ уларыйан биэрэн иһэллэр. Холобур, урут бастаан Аан дойдуга биллэр сайдыыны аҕалбыт тылларынан грек омук тыла, онтон латынь тыла этэ, билигин английскай тыл туттулла сылдьар.

Тыл үөрэхтээҕэ академик В.В.Радлов үөрэтиитинэн саха тыла хас даҕаны омук тыллара холбоспуттарыттан хомуллан үөскээбит. Кини быһаарыытынан саха тылын 32,5 бырыһыана түүр, 25,9 бырыһыана монгол, онтон 41,6 бырыһыана биллибэт омук тыллара эбиттэр.

Омук атын омугу кытта эйэлээхтик бииргэ олордохторуна, биир омук атын омуктан үөрэҕи-билиини ылынан истэҕинэ тылын саппааһыгар сайдыылаах омук тыла киирэн эбиллэн биэрэр. Саха дьоно нууччалартан үөрэҕи-билиини ылбыттарын тэҥэ, элбэх тылларын эмиэ ылан туһана сылдьаллар. Кэнники кэмҥэ нуучча тылыттан киирии тыллар төһө элбээн эрэллэрин Радлов курдук ким да ааҕа илик эрээри, нуучча тылын туһанан сайдыыны ситиһиибит тэҥнэһэн эрэр.

Билигин омуктар ураты күүскэ сайданнар бэйэ-бэйэлэрин кытта сибээстэрэ тупсан, араас атыы-тутуу дьыалаларын бииргэ оҥорор буоланнар уонна үгүс саҥа оҥоруллубут сайдыылаах техникаларын бииргэ тутталларынан уопсай саҥарар тыллаах буолан тахсаллар. Холбуу туттар тыллара ханнык омук техникатынан туһаналларыттан олус тутулуктанар. Кинилэр бастаан иһэр сайдыылаах омук оҥорон таһаарар туһата элбэх техникаларын тутталларын сөбүлүүллэр. Ол аата сайдыылаах омук саҥарар тыла оҥорор техникаларыгар иҥэн хааларыттан баһыйар оруолланан тахсар. Саҥаны билии сайдыылаах техникалар көмөлөрүнэн киирэрин олох сайдыытын төттөрү ыытар кыаллыбатын курдук, уларытар эмиэ табыллыбат.

Ханнык эмэ сайдыыны ситиһиэн баҕарар омук бэйэтин тылыгар сайдыыни-билиини аҕалар омук тылын, наука, саҥа технологиялар тылларын, киллэрдэҕинэ эрэ сатанара быһаарыллар. Арай итиннэ ханнык тыллары уонна төһө кээмэйдээхтик киллэрдэххэ омук бэйэтин тыла уларыйан хаалбатын эрэ быһаарыы туһалыа этэ.

Тыллары маннык бөлөхтөргө араартааһын уонна тус-туспатык харыс¬тааһын саха омугу бэйэтин уларыппакка эрэ салгыы сайдыыны ситиһэригэр тириэрдиэ этэ. Тоҕо диэтэххэ, сайдыылаах омуктан үөрэҕи-билиини ылыныы, үлэҕэ-хамнаска экономикаҕа кыттыһыы ити омук тылын бэйэ тылыгар киллэрии, саҥа үгэстэри иҥэринии буолан иһэр. Ол аата, ханнык эмэ омуктан туох эмэ саҥаны, үчүгэйи, урут бэйэҕэ биллибэти, суоҕу ылыныы, бу омук тылын холбуу бэйэ тылыгар киллэрэн иһиигэ тириэрдэр.

Төрүт тыллары ордук күүскэ харыстаатахпытына, саха дьоно нуучча омуктуун холбоһууларын кэнниттэн саха тыла баһылыыр, сүрүн оруолун сүтэрбэккэ ордон хаалыан сөп. Оччоҕуна саҥа омук дьоно биһиги сахабыт диэн ааттаныахтарын, сахалыы саҥара сыл-дьыахтарын сөп. Омук сайдыыта маннык көрүҥнээхтик сайдан бардаҕына саха омук өссө сайдан үрдээн иһиэ этэ. Дьэ ити иһин хара маҥнайгыттан, бу кэмтэн саҕалаан омук төрүт, баар-суох тылларын харыстыырга турунарбыт эрэйиллэр. Хас биирдии харыстанан ордон хаалбыт төрүт тыл, саха омук үйэтэ уһууругар тириэрдэр кыахтаах.

Айылҕа халбаҥнаабат сокуонун быһыытынан хас биирдии киһи төрүүр, улаатар, онтон кырдьар уонна өлөр. Ол иһин үтүө санаалаах киһи бэйэтин кэнниттэн оҕолоро салгыы сайдан кини оҥорон испит дьыалаларын салҕааччы буолуохтарын баҕарар. Бу киһи бэйэтэ төһө улахан суолта¬лаах дьыаланан дьарыктанар даҕаны оҕолоругар туруорар көрдөбүллэрэ улаатан иһэллэр. Ол курдук, үйэтин тухары үлэлээн-хамнаан туох эмэ баайы-малы мунньунан бэйэтин оҕолоругар хаалларыан баҕарар киһи оҕолоро кини курдук өйдөөх-санаалаах, үлэни кыайар дьон буолуохтарын баҕарар санаата улаатан биэрэр.

3. Саҥа тылы үлэ үөскэтэр. Бастакы тыллары киһи хамсаныылары оҥоруута уонна айылҕа тыастарын үтүктэрэ үөскэппит. Мэ, ыл, тут, уур, быс диэн бастакы тыллар киһи ханнык эрэ үлэни оҥорорун, ол үлэҕэ үөрэнэрин биллэрэллэр. Ону тэҥэ, тас, тыс, хар, булк диэн элбэх тыллар айылҕа тыастарын үтүктүүттэн үөскээбиттэр.

Булчуттар тыллара былыргынан ааҕыллара сөп. Булчуттар бастакы үлэһиттэр уонна сэрииһиттэр. Ай диэн тыл аан бастакы айаны оҥостууну, онтон ыт диэн тыл киһи ох сааны оҥостон онон бултаабытын биллэрэллэр. Ону тэҥэ, ыт диэн булчут ыт ааттанара эмиэ ох курдук булду бултууруттан тутулуктанан үөскээбит.

Табаны миинии, көлүнүү тыллара атын омуктартан ылыммыттара элбэхтэр. Арай таба таҥараҕа кубулуйуута киһи тугу барытын таба-тык оҥоро сатыырга баҕа санаата үөскээһиниттэн ордук улахан тутулуктааҕа таба диэн саха тыла буоларын биллэрэр.

Тимири уһаарыы уонна уһаныы үөскэппит элбэх тыллара саха буолууну биллэрэллэр. Ол курдук, тимир уустарын “Сах” диэн аат-таах таҥараларын аатынан саха омуга бэйэтин ааттаммыт.

Үлэ сайдан иһиитэ саҥа тыллары үөскэтэн иһэр. Булчуттар аналлаах тылларын кэнниттэн араас сүөһү көрөөччүлэр уонна тимир уустара туһанар тыллара сахаларга үөскээн баран атын омуктарга тарҕаммыттар. Билигин компьютер үлэтэ саҥа үөскэтэр тыллара сайдыы киириитин уонна ону ситиһэн иһиини биллэрэллэр.

Билигин сахалар саҥа үлэ көрүҥүн арыйан, саҥа тыллары үөскэтэллэрэ уустук суолга кубулуйан аҕыйаата. Үгүс үлэ көрүҥнэрин баһылаан үлэлииргэ туһанаары атын сайдыылаах омуктартан киирии тыллары ылан эбинэргэ тиийиллэр кэм кэлэн турар.

Ханнык баҕарар омук бэйэтин туспа омугунан ааҕынар буоллаҕына төрөөбүт тылын харыстыахтаах диэни бары билэбит. Ол гынан баран билиҥҥи кэмҥэ сайдыыны ситиһии кэлэр суола уларыйан омукка ордук суолталаах, киниэхэ бэйэтигэр чугас турар төрүт тыл-ларын ордук күүскэ харыстаатахха эрэ туспа омук буо¬лар уратылары сүтэримиэххэ сөп. Онтон атын үөрэххэ-билиигэ, наукаҕа уонна үлэҕэ-хамнаска туттуллар тыллар бэйэлэринэн даҕаны сырыттахтарына эбэтэр дорҕоонноро сөп түбэстэхтэринэ бүтүүлэрин сахалыыга уларытан туттуохха сөп. Сайдыы киирэрин таба туһанан дьиҥнээхтик саха тылын харыстааһын диэн маннык үлэ ааттаныа этэ.

Омук тылын үөрэтии улахан уустуга уонна уһуна суох. Билэр дьон үс ыйынан атын омук тылынан саҥарар буолуохха, онтон икки сылынан толору баһылыахха сөп диэн этэллэр. Ону тэҥэ, сахаларга “Мин эттим, эһиги иһиттигит” диэн тылы үөрэтиигэ уонна толорууга аналлаах этии баар. Бу этии аҕа оҕотугар туруорар көрдөбүлүн быһаарара ордук суолталаах. Субу кэмтэн ыла “Миигин аҕа, ийэҕин ийэ диэн ааттаа” диэн эттэҕинэ сонно толоруллар кыахтанар.

Тылы үөрэтии уһуна икки сылынан кэмнэнэр буоллаҕына атын омук дьонунан сайдыыны ситиспит омук эбиллэн иһэр кыаҕа улаатар.

Онон үрүҥ айыы буолуу итэҕэлэ омук саҥарар төрүт тылларын букатын уларыппакка эрэ харыстааһыны туһанан сахалар уһун үйэни ситиһэр кыахтарын улаатыннарарга көмөлөһөр.

САХАЛЫЫ ӨЙҮ-САНААНЫ ХАРЫСТААҺЫН

Өй-санаа элбэхтэ хатыланан умнуллубат турукка тиийдэҕинэ үгэстэри үөскэтэр. Сахалыы өйү-санааны харыстааһын диэн омук олохсуйбут үгэстэрин харыстааһын, уларыппат буолуу ааттанар.

Олус былыргы төрүттээх саха омук буоларбытынан өйбүт-санаа-быт уратылара атын омуктартан туспа араарыллан биллэллэр. Ол уратылар бары холбоһон сахалыы өйү-санааны үөскэтэллэр. Сахалыы өйү-санааны харыстааһын сахалар уһун үйэни ситиһэллэрин үөскэ-тэринэн үрүҥ айыы буолуу итэҕэлин сүрүн үлэтинэн буолар.

Өйбүт-санаабыт хайа да арҕааҥҥы омуктар үөрэхтэригэр маарын-наабат уратыларын бу кылгас ыстатыйаҕа хомуйдубут. Бу былыргы билиилэрбитин харыстааһыны үрүҥ айыы буолуу итэҕэлэ оҥороро ордук табыллар. Өй-санаа бу уратылара сахалыы туспа өйү-санааны үөскэтэн омук уһун үйэни ситиһэригэр тириэрдэллэр.

Сахалыы өй-санаа үөрэҕин уратыларын атын омук тылыгар, нууччалыы эмиэ тылбаастаабат буолуу сахалыы өйү-санааны харыс-тыан, уһун үйэни ситиһэригэр тириэрдиэн сөп. Ол курдук, элбэх уратылардаах өй-санаа үөрэҕин атыттар баһылаарылар сахалыы тылы үөрэттэхтэринэ туһанааччылар ахсааннара элбээн иһиититтэн саха омук ахсаана үксээһинигэр тириэрдэр кыахтанар.

Уһун үйэлээх өйбүтүн-санаабытын, үгэстэрбитин атын омуктарга былдьаппатахпытына эрэ аныгы, уларыйыы түргэнник киирэр үйэ-тигэр сайдыыны ситиһэр кыахпыт улаатар. Бары уһун үйэлээх кистэлэҥ билиилэрбитин атын омук тылыгар тылбаастаатахпытына, ол омук билиитэ-көрүүтэ буолан хаалара биһигини, аҕыйах ахсааннаахтары мэлитэн, кураанах хаалларан улаханнык ночоотурдуон сөбүттэн сэрэниэхпит этэ. Ол курдук, аҕыйах ахсааннаахпытыттан билиибит-көрүүбүт элбэх ахсааннаахтарга ыһыллан, тарҕанан түргэнник уларыйан симэлийэрэ, сахалар билиилэрэ буолбат кыахтанан хаалара тиийэн кэлэриттэн харыстаатахпытына табыллар. Саха омук уһун үйэлээх буолан кистэлэҥ, атыттартан ураты билиилэрэ элбэхтэр. Ол курдук, биһиги сахалар эрэ билэр, олох-путугар туһана сылдьар ураты билиилэрбит манныктар:

1. Кут-сүр үөрэҕин оҥорон олоххо туһаныы. Киһи өйүн-санаатын үс кукка араарыы санаа сайдан иһэр уонна мунньуллар уратыларыгар сөп түбэһэр. Киһи куттарын үс аҥы араартаан; буор, ийэ уонна салгын куттар диэн тус-туспа арааран ааттааһын киһи этигэр-сиинигэр үөскүүр өйү-санааны табатык быһааран салгыы сайыннарыыны уонна таба суолунан салайыыны ситиһиигэ тириэрдэр.

2. Салгын кут бары тыынар-тыыннаахтартан киһиэхэ эрэ үөскээн сайдарын быһааран олоххо туһаныы. Киһи уонна кыыл, сүөһү өйө-санаата тус-туспа арахсыылара ханна баарын табатык быһаарыы өй-санаа сайдыытыгар, тупсуутугар туһалыыр. Өй-санаа бу арахсыыта киһини эрэ туспа арааран киһи диэн ааттааһыны сахаларга үөскэппит.

3. Оҕо өйө-санаата сайдан истэҕинэ үгэстэртэн үөскүүр ийэ кута төрүт өй-санаа буолан атын билиилэрин салайар уонна сиэри тутуһан киһи буолууну ситиһэригэр туһалыыр. Ол иһин оҕо улаатыар диэри үөрэнэн ситиһэр киһи буолуутун үөрэҕин олохтообуттар уонна Киһи таҥара үөрэҕэр киллэрэн туһана сылдьаллар.

4. Оҕо улаатан иһэн киһи буолуу үөрэҕин түргэнник ситиһэрин туһугар сиэр уонна киһи быһыыта диэн өй-санаа аһара барыытын тохтоторго аналлаах хааччахтарын тутуһарын ирдииллэр.

5. “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан биэрэн иһэр тутулугун олохторугар тутуһаллар. Бу үөрэх айылҕа төрүт тутулуктарынан дакаастанар уонна олоххо, туохха барытыгар дьайыыта тиийэрин быһааран туһаналлар. Бу быһаарыы өй-санаа уонна киһи оҥорор быһыыта икки аҥы арахсан; үчүгэй эбэтэр куһаҕан өрүттэнэн тахсалларын арыйарын сахалар олоххо туһана сылдьаллар.

6. Оҕо өйө-санаата сайдыытыгар, майгынын уратыларыгар уонна туруктаах буолуутугар туһалаах икки таҥараны үөскэтэн туһаналлар:

- Үрүҥ Аар тойон таҥара. Бу таҥара үөрэҕин киһи бэйэтин сайдан иһэр өйүнэн-санаатынан үөрэнэн иҥэринэр кыахтаах.

- Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ. Бу таҥара үөрэҕэ оҕо ийэ кута иитиллэр кэмигэр улахан киһи иҥэрэн, үөрэтэн биэрэр туһалаах өйүн-санаатын, үчүгэй үгэстэрин быһаарар. (14,10).

7. Үчүгэйи – үрүҥ, онтон куһаҕаны – хара диэн тус-туспа арааран ааттааһын үөскээн олоххо киириитэ айылҕа уларыйан биэрэр тутулу-гун быһаарар уонна күн сырдыга үчүгэйин туһаныыттан үөскээбит. Дьон икки өрүккэ арахсыылара аһара барыыта “Үрүҥү хара диир” диэн этиинэн быһаарыллара эйэлэһии кэлэрэ ыараабытын биллэрэр.

8. “Туох барыта үһүстээх” диэн этиини үөскэтэн олоххо туһаныы. Бу этии үлэни хайдах оҥорууттан тутулуктанан үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсарын быһаарыыттан үөскээн тахсан “Туох барыта ортотунан тоҕоостоох” диэн өс хоһоонун олоххо киллэрбит. Бу быһаарыыны тутуһан Орто дойду диэни үөскэтэн туһана сылдьаллар.

9. Киһи этэ-сиинэ өллөҕүнэ өйө-санаата; үгэстэрэ уонна үөрүйэхтэрэ этиттэн-сииниттэн эньиэргийэ ылаллара тохтоон туспа баран айыы буолан сылдьалларын сахалар олохторугар туһаналлар.

Биһиги бу билиилэрбитин олохпутугар быһаччы туһанар кыахпыт баар. Бу билиилэри сурукка киллэрии мин олоҕум сыала буолан хомуйан дьон билиитигэр таһааран иһэбин. Олус уһун үйэлээх саха омук буолуубутун уонна салгыы сайдар кыахпытын туһанан өйбүтүн-санаабытын харыстыырбыт, ыскайдаабаппыт эрэйиллэр.

Сахабыт тылын төрүт тутулуктарын ситэ билбэттэриттэн сорох тылларбытын уларытаары, атын сөп түбэспэт өйдөбүллээх тылларынан солбуйа сатыыр тыл үөрэхтээхтэрэ уонна сэбиэскэй былаас тобохторо билигин да бааллар. Сэбиэскэй былаас саха дьонун өйүн-санаатын буккуйууга оҥорбут олус улахан буортутунан сэбиэскэй норуоту үөскэтэ сатаан сахалары уонна да атын кыра омуктары симэлитии, суох оҥоруу политикатын күүскэ ыыппыта буолар. Бу сахалары эһэр политиканы уһун сылларга анаан-минээн ыытарга анаан сахалыы өйү-санааны буккуйууну ол кэмҥэ саҕалаабыттара.

Саха тылын сыыйа-баайа уларытан онно иҥэн сылдьар өйү-санааны буккуйууну, атын алдьатар өйдөбүллээх тыллары туһаннара сатааһыны тыл үөрэхтээхтэрин, учуонайдарын, нуучча тылын учууталларын уонна элбэхтик мааныланан, хайҕанан өрө тутуллубут суруйааччылар көмөлөрүнэн өй-санаа төрүттэрэ иҥэн сылдьар тылларын уларытыынан сахалары симэлитиини ситиһэ сатаабыттара. Ол киллэрбит, уларыппыт тыллара бу бааллар:

А. Сахалар эйэлээх буолууларын алдьатыыга аналлаах эйэ-“дэм” диэн киһиргэтэр холбуу этиини киллэрэн туһаннарыы, былыргыттан баар, туттулла сылдьар, эйэлээх буолууну төрүттүүр уонна харыстыыр аналлаах эйэ-нэм диэн этиини хаалларыы, умуннарыы буолар.

Саха дьоно түмсүүлээх, эйэлээх буолууларын утаран, суох оҥо-роору эйэ-нэм диэн эйэни харыстыыр, көмүскүүр былыргыттан туттулла сылдьыбыт этиибитин уларытан эйэ-“дэм” диэн дэбдэтэр, сахсатар, киһиргэтэр этиини туттуҥ диэн этэллэр. Бу куһаҕан “дэ” диэн киһиргэтэр, дэбдэтэр, күүркэтэр дорҕоонноох тыл куһаҕан дьайыытыттан биһиэхэ эйэлээх сыһыаммыт кыайан олохсуйа илигин тэҥэ, үрэллэ, алдьана сылдьара улаатта. (15,39).

Б. Туһалаах, уһуннук үлэлэнэр үлэттэн-хамнастан дьону тэйитэр, аралдьытар сыалтан солун диэн ону-маны саҥаны билиини биллэрэр, аһара бардаҕына солумсах диэн куһаҕан өйдөбүллээх тылы үөскэтэр тылбытын суох оҥоро сатаан “сонун” диэн саҥа тылы булан туһаннарыыларыттан дьон бытархайдьыт, саҥаттан саҥаҕа көтүөккэлээн, аралдьыйан иһэр буолуулара үөскээн аһара баран эрэр. Солун диэн тылбытын “сонун” диэҥҥэ уларытыы солумсах буолууну суох оҥорбут курдук сымыйа санааны киллэрэн саха дьонун барыларын солумсах оҥордо, ол иһин бииртэн-бииргэ көтүөккэлии сылдьар санаалара улаатыытыттан ыаллар олохторо алдьанара элбээтэ уонна үлэни-хамнаһы кыайбаттарыгар тириэртилэр. (12,40).

В. Айыы диэн куһаҕан өйдөбүлэ элбэх тылы аҥардастыы үчүгэй эрэ оҥоро сатааһын, куһаҕан айыыны туспа арааран “аньыы” диэн ааттааһын, өй-санаа икки өрүттээх тутулугун суох оҥороруттан аҥар өттүгэр аһара барыыны, халыйыыны таһааран туруга суох өйдөөх-санаалаах дьону үөскэтэрин саха дьонугар тарҕата сатыыллар.

Өйдөрө-санаалара буккуллубут, киһи үчүгэйи тэҥэ, куһаҕаны эмиэ оҥорон кэбиһэрин билиммэккэ оҥорор быһыытын икки аҥы араарбыт, “Туох барыта икки өрүттээх” диэн үөрэҕи тутуспат буолан диктатуралары үөскэппит омуктар улахан таҥараларын үөрэхтэрин халыйыыларын быһалыы үтүктэ сатааһын сыыһатын, сахалыы өйү-санааны буккуйарын таба өйдөөһүн ирдэнэр.

“Аньыы” диэн саха тылыгар төрүт суох саҥа тылы оҥорон киллэрээччилэр сахалыы өйү-санааны, айыы диэн тыл бэйэтэ икки өрүттээх өйдөбүллээҕин анаан-минээн буккуйаллар, сахалар өйдөрүттэн-санааларыттан суох оҥороору оҥостоллор. Ол курдук, айыы диэн бэйэтэ икки өрүттээх өйдөбүллээх; киһи куһаҕан эбэтэр үчүгэй быһыыны, айыыны оҥорон кэбиһэрин биллэрэр соҕотох тылбытын икки аҥы араараары, икки тус-туспа тыллары туһанаары кыһаналлар.

Г. Киһи диэн өй-санаа иҥмит баар-суох өйдөөх-санаалаах киһини эрэ быһаарар тылбытын атын кыыллары кытта холбуу ааттаан, ону-маны барытын киһититэ сатаан буккуйууну оҥороллор. Ол аата сахалар киһини эрэ туспа арааран “Ким”, “Кини”, “Кимий?” диэн ааттаан ыҥырыыларыгар өй-санаа, салгын кут үөскээһинин, сайдыытын билэллэрэ иҥэн сылдьарын суох оҥоро сатыыллар. Сахалар өй-санаа үөрэхтэринэн киһиэхэ өйдөрө-санаалара тиийбэт бары кыыллар, көтөрдөр “Ол”, “Бу”, “Тугуй?” диэн ааттаналлар, оннук ыҥырыллаллар. Ол аата баларга салгын куттара сайдыбата, ол иһин өйдөрө-санаалара намыһаҕа, киһиэхэ букатын тиийбэтэ быһаарыллар.

Ыты, араас кыыллары “кини”, “уол”, “кыыс” диэн киһи курдук, ол аата өйүнэн-санаатынан киһиэхэ тэҥнээн ыҥырыыны киллэрэн өйө-санаата сайдар, сайдыылаах киһини ыкка-куска тэҥнэбили оҥорууну нууччалары үтүктээччилэр киллэрэ сатыыллэр.

Д. Остуоруйа диэн тылбытын “устуоруйа” диэн тылга уларыта сатааһын саха омугу хаалларан, быраҕан ыраас “устуоруйалаах” саҥа омугу үөскэтэ сатааһын, былыргы төрүттэрин, кинилэр олохторун, үлэлэрин умуннарыы, ол аата сахалары үрэллиигэ, ыһыллыыга тириэрдиигэ бэлэмнэнэ сылдьалларын бэлиэтэ буолар.

Е. Салалта диэн салайар диэн тылтан үөскээбит салайыыны биллэрэр тылбытын “саламта” диэҥҥэ уларыта сатыыллара бу тылга иҥэн сылдьар өйдөбүл уларыйан хааларын аахсыбаттарыттан бары салайааччылар үлэлэрин намтатан кэбиһэллэр.

Ж. Ийэ диэн саха тыла киһиэхэ ийэ кут диэн өйө-санаата төрүт кута буоларын биллэрэр. Бу ийэ диэн тылбытын “иньэ” диэн ньаа-мырҕаан албынныы сатыыр тылга уларытан тыл үөрэхтээхтэрэ сахалыы өйбүтүн-санаабытын төрдүттэн уларытан сахалары симэли-тэр санаалаахтара чуолкайдык быһаарыллан тахсар.

Сахаларга былыр-былыргыттан баар төрүт тылы уларыта сатааһын, бу тылга иҥэн сылдьар өйү-санааны буккуйар, уларытан кэби-һэр. Тылбыт үөрэхтээхтэрэ олус кыһанан харыстыахтаах тылларын бэйэлэрэ уларыта сатыыллара сэбиэскэй былаас саҕаттан сахалары симэлитэр санаалаахтара хаала илигин быһаарар. Төрүт тыллар уларыйаллара омугу бэйэтин уларытыан сөбүттэн, бу кэмҥэ саҥарар тылларбытын уларытан өйбүтүн-санаабытын буккуйар, симэлийиигэ, үрэллиигэ тириэрдэ сатыыр дьону тохтотор кэм кэллэ.

Сахабыт тыла олус былыргы кэмнэргэ үөскээбит тыл буолан, онно иҥэн сылдьар өйдөбүллэр өйү-санааны кытта тутулуктаахтар, дорҕооннорун дьайыытыгар сөп түбэһэр суолталаахтар. Тылы уларытыы диэн аҥардастыы буукубаларын эрэ уларытан биэрии буолбатах, бу тылларбытыгар иҥэн сылдьар сахалыы өйбүтүн-санаабытын буккуйуу, дорҕооннорун туһалаах дьайыытын суох оҥоруу буолар. Омукпут уларыйбатын туһугар төрүт тылларбытыгар иҥэн сылдьар өйдөбүллэри букатын уларыппакка эрэ салгыы туһаннахпытына саха омугу симэлитэ сатааһын тохтуо этэ. Ол иһин тылы туһаныыга иҥэн сылдьар сахалыы өй-санаа аан маҥнай харыстанара ирдэнэр.

И. Саха дьоно, кэлэр көлүөнэлэрэ тулуурдаах, өһөс, олох бары ыараханнарын тулуйар кыахтарын улаатыннарар аналлаах “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн өс хоһоонун тыл үөрэхтээхтэрэ умуннаран, хаалларан сылдьыбыттара. Билигин, ырыынак ыарахан олоҕун тулуйар кыахтаах кэлэр көлүөнэлэри иитэн, үөрэтэн улаатыннарыы ирдэнэр кэмэ кэллэ, ол иһин бу өс хоһоонун бары төрөппүттэр оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ туһаныахтара этэ.

70-тан тахса сыллар усталарыгар Россия норуоттарыгар дьадаҥылар, үлэһиттэр былаастара диэн ааттанар сэбиэскэй былаас уһун кэмнээх эксперимени боруобалыы сатаан баран диктатура диэки халыйан, кыайан сайдыбат турукка тиийбититтэн билигин бэйэтэ быраҕылынна, эһиннэ. Салайар былаас төрдүттэн уларыйан, аны баайдар баһылыыр былаастара олоҕурда. Бу былаас уларыйыыта эйэлээхтик барбытынан урукку сэбиэскэй былаас үөрэхтээхтэрэ, үлэһиттэрэ бэйэлэринэн хаалан билигин да олороллор, өссө оҕолору үөрэтэллэр, ол сылдьан эрэ сахалыы өйбүтүн-санаабытын букку-йалларын, уларыта сатыылларын хаалларбакка, тохтоппокко салҕаан иһэллэр. Сэбиэскэй былааһы төнүннэрэ сатыыр күүстэр, бу ордубут тобохтору туһанаары харыстыыллар, олоххо сыыһа хайысхалаах үлэни ыыталларыгар кыһаммат буола сатыыллар. Сэбиэскэй былаас дьон өйдөрүгэр-санааларыгар, оҕону иитиигэ уонна үөрэтиигэ оҥорбут халыйыылара саха дьонун олохторугар туох куһаҕаҥҥа тириэрдибитин ырытан быһаарыахпыт:

а. Оҕолору атаахтатыы.

б. Үөрэҕи эрэ эккирэтии.

в. Дьахталлары кыра хамнастаах үлэһит оҥостуу.

Бу халыйыылар түмүктэринэн билигин кэлэн Россия дьоно эстэн, ахсааннара аҕыйаан, ханнык да туһалаах үлэни-хамнаһы кыайа-хото үлэлээбэт, чэпчэки үлэни, үөрэҕи эрэ эккирэтэ сатыыр дьоҥҥо кубулуйдулар. Манна ордук оҕолору атаахтатыы, маанылааһын аһара барыыта быстах быһыылаах буола улааталларын сайыннаран уонна “айыы үчүгэй” диэн сымыйа этиини оҥорбуттарын тутуһан ол-бу араас саҥаны айыылары оҥоро сатаан бэйэлэрэ оҥорор сыыһа-халты туттунууларыттан эдэр эрдэхтэринэ олохтон туорууллара элбээтэ.

Дьахталлары кыра хамнастаах, эппит хоту сылдьар үлэһиттэргэ кубулутууну сэбиэскэй былаас үлэлииргэ көҥүлү биэрэбит, эр дьону кытта тэҥниибит диэн албыннаан олоххо киллэрбитэ. Бу көҥүл ыытыы аныгы дьахталлар кыратык үлэлээн абыраары биир эмэ оҕолонор буолууларыгар тириэрдэн Россия дьоно сыл аайы аҕыйаан иһэллэрин үөскэппитин тэҥэ, дьадаҥылар сүрэҕэ суох буор куттара дьоҥҥо барыларыгар тарҕаммытыттан уонна үлэһиттэри хаалларбыттарыттан ханнык да үлэни үлэлээһин кыаттарбат буолла. (2,52).

Дьахталлар төрөөн абыраатахтарына босхо харчы биэрии, бу халыйыы өссө улаатан, букатын аһара барбытын биллэрэр. Оҕо бэлэмҥэ иитиллэн улааттаҕына, бэлэми туһанар өйө-санаата урутаан сайдарыттан ханнык да үлэни-хамнаһы кыайа-хото үлэлээбэт киһи буола улаатарын сэбиэскэй былаас босхоҕо үөрэтэн кэбиспититтэн ыла аахайбат буола сылдьабыт. Итини тэҥэ, аҥардас дьахталлар оҕолоно сатыыллара үксээбитэ өйдөрө-санаалара туруга суох, үлэни-хамнаһы кыайбат оҕолор төрөөн элбээһиннэригэр тириэрдэр.

Сэрии кэнниттэн олох ыарахан этэ. Дьон чааһынайдарыгар сүрүн үлэлэрин кэнниттэн эбиискэ үлэлии сатыыр этилэр, сирэ суох эрээри сүөһү эҥин туталлара. Аныгы дьон үлэни сирэр, кыайа-хото үлэлээбэт буолуулара улаатан билигин төһө эмэ көҥүл, сир бэриллэн, чааһынайга үлэлииргэ төһө эмэ кыах баарын үрдүнэн үлэлии-хамсыы сатыыр дьон аҕыйаан сылдьаллар. Ол түмүгэр солумсах буолбут дьон тыа сириттэн куоракка көһөн киирэллэрэ элбээн иһэр.

Сахалары харыстааһын диэн сахалыы өйү-санааны уонна саҥарар тылы харыстааһынтан, уларыппаттан саҕаланарын умнумуохха. Үрүҥ айыы буолуу итэҕэлин олоххо киллэрии уонна сайыннарыы сахалары харыстааһыны күүһүрдүө, оннун булларыа этэ.

Онон олоххо сахалыы өйү-санааны тутуһуу омук сайдыытыгар, өйдөөх, үлэни-хамнаһы кыайар кыахтаах кэлэр көлүөнэлэрэ элбээһи-нигэр тириэрдэр аналын таба өйдөөн олохпутугар туһаныа этибит.

ОМУК САЙДЫЫНЫ СИТИҺИИТЭ

Үрүҥ айыы буолуу итэҕэлэ омукка былыргылар, өлбүттэр өйдөрүн-санааларын киллэрэн биэрии буоларынан омук былыргы төрүт-тэрин харыстааһынын улаатыннаран уһун үйэни ситиһэригэр тириэрдэр аналланар. Ол да буоллар итэҕэл бу өрүтэ сахалыы таҥара үөрэҕэ омукка саҥаны, туһалааҕы киллэрэн сайдыыны ситиһэригэр көмөнү оҥороро уонна аһара баран хаалыыга тириэрдибэтэ эрэйиллэр.

Саха омук сайдыыны ситиһиэн баҕарар. Омук сайдыыны ситиһэрэ “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан биэрэр тутулугар сөп түбэһэриттэн икки өрүттэр бэйэ-бэйэлэриттэн тутулуктарын сүтэрбэтэхтэринэ, тэҥнэһиини тутуһа сырыттахтарына табыллар.

Сайдыыны ситиһиини киллэрии икки өрүттэрэ манныктар:

1. Омук дьонун этин-сиинин бөҕөргөтүү.

2. Өй-санаа сайдыытын ситиһии. Саҥаны, сайдыыны киллэрэр атын омук тылларын саҥарар тылыгар киллэринэн туһаннаҕына эрэ атыттартан хаалан хаалбакка сайдыыны ситиһэн иһэрэ кыаллар.

Олоххо уларыйыы, сайдыы киирэриттэн үөскүүр бу икки өрүттэри төһө кыайарбытынан дириҥэтэн ырытан көрүөхпүт:

1. Сайдыыны ситиһиигэ омук дьонун эттэрэ-сииннэрэ бөҕөтө уонна ахсааннара эбиллэн иһэрэ улахан туһаны оҥорор. Ол иһин сайдан иһэр омук дьоно сахалар ыал буолуу үгэстэрин олоххо киллэрэн туһаннахтарына эрэ сайдыыны ситиһэллэрэ кыаллар. Көрсүө, сэмэй, үлэһит дьон омук ахсаанын элбэтэллэр. Ол курдук, аһара барар өйдөөх-санаалаах киһи сыыһа-халты туттунан олоҕун бэйэтэ кылгатан кэбиһэрэ уустук кэмҥэ киирэн кэлэриттэн омук уопсай эбиллэригэр ханнык да туһаны оҥорбокко хаалар. Дьон ахсаана эбиллэн иһэрэ биллэр баттааһыны оҥорон омук сайдыыны ситиһэр кыаҕын улаатыннарар. Элбээн иһээччилэргэ өссө үгүс араас барыта эрэйиллэр буолан иһэрэ атын, кэккэлэһэ олорооччуларга баттааһыны, үтүрүссүүнү үөскэтэрэ сайдыыны аҕалар.

Омук этэ-сиинэ бөҕөтө ахсаана эбиллэн иһэрин үөскэтэр. Эт-сиин бөҕөргүүрүн, тупсарын “Хаан тупсарыыта” диэн сахалар билэр, олохторугар туһанар үгэстэрэ оҥорор. Ол курдук, туспа омук дьонуттан төрүүр бааһынайдар эттэрэ-сииннэрэ атыттардааҕар бөҕө буоларын сахалар былыргыттан билэллэр уонна ыал буолуу үгэстэригэр киллэрэн туһанан ахсааннарын элбэтэ сылдьаллар.

Биир хаан аймах дьон эттэрэ-сииннэрэ мөлтөөһүнэ 300 сылтан соччо ордубатын улахан династиялар кэмэ кэллэҕинэ эстиилэрэ бил-лэрэр. Россияны өр кэмҥэ салайбыт Романовтар династиялара 305 сылынан сууллан, суох буолбута. Кытайдары салайа сылдьыбыт династиялар эмиэ кэмнэрэ кэллэҕинэ уларыйан биэрбиттэрэ биллэр.

2. Омук сайдыыны ситиһэригэр биллэр уустуктар бааллар. Ол курдук, бааһынайдар элбээн истэхтэринэ саҥарар тыллара уларыйан барыыта саҕаланара уустуктары улаатыннарар.

Бааһынайдар икки омук тылын буккуйан саҥаралларыттан саҥа омук тыла, буруттаан саҥарыы үөскээн сыыйа тарҕанан барар. Ол аата саҥа омук тыла диэн икки кырдьаҕас омуктар тылларыттан буккуллан үөскээбит төрүттээх тыл буолар.

Уһун үйэлээх сахалар икки омук тылынан буккуйан саҥарыыны буруттуур диэн ааттыыллар. Бурут диэн икки омук тылын холбуу буккуйан саҥарар киһи ааттанар. Остуоруйа наукатыгар Бурут диэн ааттаах дьон атын сирдэргэ баар буола сылдьыбыттара биллэр.

Саха омуга сайдыан баҕарар. Ол курдук, билигин сахалар икки омук тылын баһылааннар өйдөрө-санаалара сайдыытын үрдүкү таһы-мын ситиһэн сылдьаллар. Икки омук тылын баһылааһын уонна дьиэҕэ-уокка, үлэҕэ холбуу туһаныы өй-санаа икки төгүл эбиллэрин үөскэтэрэ толкуйдуур, быһаарыыны ылынар кыаҕын улаатыннаран үөрэҕи, сайдыыны түргэнник ситиһэригэр тириэрдэр.

Икки омук тылын баһылааһын кэнниттэн омуктар арахсар кэмнэрэ тиийэн кэлэригэр хайа омук тыла баһылаан барара быһаарыллара ирдэнэрэ кэлэр. Бу кэм кэлиитэ “Туох барыта үһүстээх” диэн этиинэн чуолкайданар уонна ким бастыырын быһаарсыыга тириэрдэр. Омук сайдыыны ситиһэр кэмигэр саҥарар тылын, төрөөбүт тылым диэн ааттаан уларыппат санаата улаатан икки тыллана сылдьыыта тохтуур кэмэ кэлэр. Бу кэмҥэ хайа омук буолууну быһаарыыга төрүт тыллары туһаныы бастакы оруолу ылара тиийэн кэлэр:

А. Омук тыла айылҕа тыастарыттан, кыыллар саҥаларыттан, дор-ҕооннорун дьайыытыттан төһө тутулуктааҕа уонна өйгө-санааҕа дьа-йыыта улахана бастаан иһэрин быһаарар оруолу ылар.

Б. Омук тыла киһи оҥорор быһыытыгар сабыдыала.

В. Тыл саҥарарга төһө судургута, боростуойа бастаан тахсар.

Тыл өйү-санааны атыттарга тириэрдээччи буолар. Өйгө-санааҕа төһө туһалааҕын, дьайыылааҕын уонна төрүт тутулуктарын кыайар-бытынан дириҥник ырытан, быһааран көрүөхпүт:

А. Омук тыла айылҕаттан тутулугун дорҕоонноругар иҥэн сыл-дьар өйдөбүллэрэ уонна ханнык тыастартан үөскээбитэ быһаарар:

- “Нь” дорҕоон араастаан ньаамырҕаан саҥарыыны үөскэтэринэн оҕолору, дьахталлары албынныы сатыырга куруук туттуллар.

- “С” дорҕоон ыһар, тарҕатар суолталаах дорҕоон, киһини ыскай-дааһыҥҥа, матайдааһыҥҥа тириэрдэрэ элбээн хаалар.

- “Ыы” дорҕоон ытааһыны үөскэтэр дорҕоон, оҕо “ыы” диэн оонньоотоҕуна сотору ытааһына кэлэрин биллэрэрэ ордук суолталаах.

- “Рр” дорҕоон кыыһырыыны үөскэтэр дорҕоон. Бу ырдьыгы-нааһыны үөскэтэр дорҕоону саҥарар тылыгар элбэхтик туттар киһи кыыһырымтаҕай буолара быһаарыллар.

- “Хар” диэн туох эрэ алдьанар, хампы барар тыаһа буолар. Бу тылтан үөскүүр тыллар харыыны, хааттарыыны биллэрэллэр.

- “Па” диэн сахалар саамай сиргэнэр, сирэр дорҕоонноро буолар. Нууччалары үтүктэн “па-па” диэн куһаҕан дорҕооннордоох тылынан аҕалары ааттааһын кинилэри мөлтөтөр, санааларын түһэрэр. Саха эр дьоно күүһүрдэхтэринэ, бэйэлэрин билиннэхтэринэ итинник түһэрэн, намтатан ааттыыры сонно тохтотуохтарын сөп. (12,5).

Эппит тылы толоруу “Мин эттим, эһиги иһиттигит” диэҥҥэ тиийдэҕинэ хайаан да толоруллара ирдэнэр кэмэ кэлэр. Саха эр дьоно күүһүрдэхтэринэ, кыаҕырдахтарына бэйэлэрин аҕа диэн ааттатар толору бырааптаахтар. Ол курдук, оҕо аҕата этэрин истэригэр уонна толороругар тыл дьайыыта улахан туһаны оҥорор.

Б. Саха оҕото аан маҥнай “мэ” диэн тылга үөрэнэр, бэйэтиттэн биэрэр, көмөлөһөр өйө-санаата урутаан сайдар. Ол аата тугу эмэ бэйэтэ оҥорор кыаҕа эрдэлээн сайдарыттан үлэһит буола улаатан атыттарга көмөлөһөр кыаҕа элбиир.

Нууччалыы саҥарар оҕо чэпчэкитик саҥарыллар “дай” диэҥҥэ аан бастаан үөрэнэр, ол аата ким эрэ тугу эмэ биэрэрин кэтэһэриттэн атаахтыырга түргэнник үөрэнэн хаалара бэйэмсэҕин улаатыннарар.

Оҕо аан маҥнайгы хамсаныыта хам тутуу буолар. Тут диэн оҕо аан маҥнай илиитинэн тута үөрэнэр, быччыҥын хамсатарга туһалаах үөрэҕэ бу тылтан саҕаланар. Ол аата саха тыла туһалаах, үлэни оҥорор хамсаныыларга аан бастаан үөрэтэр суолталаах.

Мэ, ыл, тут, быс диэн соруйар тыллар оҕону аан бастаан тугу эмэ туһалааҕы оҥорууга тириэрдэннэр үлэлии үөрэнэр үгэһи иҥэрэллэр.

В. Оҕо саҥара үөрэнэригэр хайа тыл саҥарарга боростуойун, судургутун талан саҥарар. Чэ диэн судургутук саҥарыллар тыл, ол иһин атын омуктарга түргэнник тарҕанан сылдьар.

Тыл төһө уустук, саҥарарга эрэйдээх да быраҕыллан хаалар дьылҕата улаатан хаалар. Тыл үөрэхтээхтэрэ тугу эрэ саҥаны оҥор-бута, айбыта буола сатааннар араас киһи тыла өҕүллүбэт саҥа тылларын оҥорон саха тылын уустугурдан кэбиһэннэр эдэрдэр саха тылын үөрэтэллэрин быраҕалларыгар, хаалларалларыгар тириэрдэн эрэллэрин иһин, бу дьону тохтото охсуу ирдэнэр буолла.

Омук тыла сайдан, тупсан иһэригэр атын сайдыылаах омуктартан саҥа тыллары киллэрэн туһаннаҕына эрэ табыллар. Ол аата бэлэм тыллар бэлэм сайдыыны, билиини аҕалаллар. Ол иһин бу тыллары бэйэлэринэн туһаныы сайдыы түргэнник киирэрин үөскэтэр.

Сайдыы киириитэ икки өрүттэнэр:

а. Сайдыы киириитэ олоххо тупсууну аҕалар. Ону тэҥэ, омукка уустук кэм сайдыыны ситиһииттэн үөскүүр. Ол курдук, хаан тупса-рыыта диэн үгэс бааһынайдар элбииллэрин үөскэтэрэ саҥарар тыл уларыйарыгар тириэрдэрин төрүт тыллары харыстаан кыччаттахха табыллар. Ол да буоллар хаан тупсарыыта омук дьонун эттэрин-сииннэрин сайыннарарыттан, тупсарарыттан үлэни кыайар уонна уһун үйэни ситиһэр кыаҕы биэрэрэ улахан туһаны оҥорор.

б. Саҥа тыллар киириилэриттэн омук саҥарар тыла уларыйар, буккуллар. Тыл уларыйан хаалыыта омук дьонун өйдөрө-санаалара уларыйан барарыгар тириэрдиэн сөп. Ол иһин өйү-санааны үгэстэри үөскэтэн сайыннарыы омук дьонуттан ирдэнэр көрдөбүл буолар. Туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх буолар, ол иһин “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини сайдыыны ситиһиигэ эмиэ тутустахха эрэ табыллар. Саҥарар тыл уларыйан хаалыа диэн кутталтан киирии тыллары хааччахтыы, тылбаастыы сатааһын түргэнник киирэн иһэр сайдыыттан хаалан хаалыыны, атыттартан үтүрүттэриини үөскэтэн өссө улахан куһаҕаҥҥа тириэрдиэн сөп.

Онон омук сайдыыны, тупсууну ситиһэригэр үөскээн тахсар, бу икки өрүттэри иккиэннэрин туһана сырыттаҕына эрэ табыллар.

ӨС ХОҺООННОРУГАР ИККИ ДОЙДУ АХТЫЛЛЫЫТА

Үрүҥ айыылартан ылынар, аныгы, сайдыылаах, тупсубут олоххо уларыппакка, тупсара сатаабакка эрэ туһаммытынан барар билии-лэрбит өс хоһоонноро буолаллар. Омук дьоно уһун үйэлэргэ үөскэппит билиилэрэ олохторун үөрэхтэрэ буолан өс хоһоонноругар кубулуйан умнуллан хаалбакка туһалыы сылдьаллар.

Тыыннаах уонна өлбүт дьон өйдөрө-санаалара икки өрүтү үөс-кэтэн тус-туспа дойдуларга сылдьаллар диэни сахалар билинэллэр. Ону туоһулаан үгүс өс хоһоонноругар өй-санаа икки тус-туспа дойдуларга сылдьаллара араарыллан этиллэллэр. Ол курдук, өй-санаа сылдьар икки дойдулара маннык арахсаллар:

1. Бу дойду. Тыыннаах дьон өйдөрө-санаалара сылдьар дойдулара Бу дойду диэн ааттанар. Бу дойдуга өй-санаа үчүгэй да, куһаҕан да өрүттэрэ иккиэн сылдьалларын тэҥэ, солбуйсан биэрэн уларыйан; эбиллэн, көҕүрээн кэлэр уонна сайдыыны ситиһэр кыахтаахтар. Өй-санаа үөрэҕэ сайдан, тупсан иһиитэ Бу дойду аатын уларытан Орто дойду диэни үөскэппитэ олоххо киирэн билигин туттуллар.

2. Ол эбэтэр Анараа дойду. Бу дойдуга өлбүт дьон өйдөрө-санаа-лара, үчүгэйдэрэ эбэтэр куһаҕаннара холбуу сылдьаллара биллэр. Киһи өллөҕүнэ этэ-сиинэ көмүллэр, хаалар, онтон өйө-санаата туспа арахсан айыы буолан Анараа дойдуга барарын сахалар билэллэр.

Өй-санаа үөрэҕэр тупсуу киириитэ Үөһээ уонна Аллараа дойду-лары үөскэтэн эбэн биэрбитэ эрээри, сахалар өй-санаа үөрэхтэрэ ону ылыммат. Тоҕо диэтэххэ, өй-санаа төһө да икки аҥы арахсыбытын иһин, сылдьар дойдута биир эрэ буоларын “Үчүгэй уонна куһаҕан куустуспутунан сылдьаллар” диэн өс хоһооно биллэрэр. Өс хоһоонноруттан уонна “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини тутуһан Ол дойдуну сахалар Үөһээ дойду диэн ааттыыры ылынан сылдьаллар.

Тыыннаах уонна өлбүт дьон өйдөрүн-санааларын уратылара бу икки дойдуларга араарыллан сылдьаллар. Ол курдук, тыыннаах, эттээх-сииннээх киһи өйө-санаата уларыйар, тупсар кыахтаах буол-лаҕына, өлбүт киһи этэ-сиинэ суоҕуттан өйө-санаата туспа баран айыы буолан, аны уларыйбат турукка тиийэр уратылаах.

Өс хоһооннорун харыстааһын уонна өйдөбүллэрэ сөп түбэһэринэн көрөн аныгы, сайдыбыт, тупсубут олоххо туһаныы омук былыргы билиилэрин харыстаан үйэтин уһатыы буолар:

- “Күн сирэ көҥдөй, айыы суола аһаҕас” диэн өс хоһооно сир-дойду икки өрүттээҕин арааран биллэрэр. Сахалар тыыннаах уонна өлбүт дьон өйдөрө-санаалара сылдьар сирдэрин икки аҥы араарыыларын бу өс хоһоонугар киллэрэн этэн, быһааран биэрэллэр. Күн сирэ диэн тыыннаах, эттээх-сииннээх киһи сылдьар, олоҕун олорор сирэ ааттанар. Сахалар баһылаабыт сирдэрэ киэҥэ-куоҥа ыйыллан “Күн сирэ көҥдөй...” диэн этиинэн бэриллэр уонна хайа баҕарар диэки, төһө баҕарар ыраахха барыахха сөбө быһаарыллар. Өс хоһоонун салгыыта “... айыы суола аһаҕас” диэн этиитэ айыылар диэн өлбүт дьон өйдөрө-санаалара эттэриттэн-сииннэриттэн туспа арахсан Ол дойдуга баралларын быһаарар. Ол аата айыы суола диэн өлүү суола, онно барар суол ааттанар. Олоххо холоотоххо өлөн хаалыы диэн быдан дөбөҥ, судургу. Өлүү бэйэтэ да тиийэн кэлэр, өлүүттэн киһи ханна да баран куоппат. Москваҕа да олоро барбыт дьон өлөн хааланнар, тиэллэн кэлэн көмүллэллэр. Киһи хаһан баҕарар өлөн хаалыан сөп, ол иһин айыы суола аһаҕас диэн этиллэр.

- “Күн киһитэ көмүскэс, айыы киһитэ аһыныгас” диэн өс хоһооно эмиэ икки тус-туспа дойдулары, онно иҥэн сылдьар өйү-санааны биллэрэр. Көмүскэһии диэн күн киһитин сыала, олоҕор оҥорор үлэтэ буоллаҕына, айыы киһитэ аһыныгас диэн этии өлбүт дьоҥҥо аан маҥнай сыһыаннаһар. Ол курдук, атыттары аһыныы диэн үчүгэй майгы бэйэҕэ эргийэн кэллэҕинэ уонна аһара баран аһыныгас диэҥҥэ тиийэн хааллаҕына дьону мөлтөтөр, олох иһин охсуһалларын суох оҥоруон сөп. Ону тэҥэ, киһи аһынар киһитигэр кубулуйуу диэн улаханнык мөлтөөһүн кэмэ кэлиитинэн ааҕыллар.

Аһыныы диэн киһи быһыыта баарын иһин аһара баран аһыныгас диэҥҥэ тиийэрэ куһаҕаҥҥа кубулутар. Бу быһаарыыны аныгы кэмҥэ Россияҕа ыт боппуруоһун уустуга, кыайан таба быһаарыллыбакка сытыырхайан хаалбыта толору дакаастыыр. Ол курдук, араас ыттары барыларын аһыныы тарҕанан хаалыыта бэйдиэ сылдьар ыттар аһара элбээһиннэрин үөскэппитэ дьону сииллэрэ үксээһинигэр тириэртэ.

- “Бодорустахха бодоҥ биллэр, кэргэннэстэххэ кэмэлдьи биллэр” диэн өс хоһооно киһи өйүн-санаатын уратылара хойутаан биллэн кэлэллэрин быһаарар улахан суолталаах. Бу өс хоһооно киһи куһаҕан майгына үөрүйэххэ кубулуйан хаалбыта өр кэмҥэ билсистэххэ эрэ биллэн тахсарын табатык сыаналааһын эрэйиллэр.

Бодоҥ диэн эт-сиин араас ыарыылара үөрүйэххэ кубулуйбуттара, онтон кэмэлдьи диэн өй-санаа куһаҕан үөрүйэхтэрэ буор куту үөс-кэппиттэрэ иҥэн сылдьаллара ааттаналлар.

Кэм уонна мэлдьи диэн тыллар холбоһон кэмэлдьи диэн куһаҕан майгы үөрүйэххэ кубулуйбутун биллэрэр тылы үөскэппиттэр. Куһа-ҕан майгы уһуннук дьайа сылдьыыта үөрүйэҕи үөскэтэн кэбиһэрин уонна уһуннук дьайарын бу тыл биллэрэр. Кэмэлдьи куһаҕан өттүгэр аһара бардаҕына кэдэрги кэмэлдьи диэн ааттанар. Ол аата киһи быһыытыттан туора, атын, кэдэрги хайысханы тутуспут өй-санаа үөрүйэхтэрэ буолбуттара быһаарыллан этиллэр.

Өй-санаа олохсуйбут, эккэ-сииҥҥэ иҥэн хаалбыт үөрүйэхтэрин сахалар олус былыргы кэмнэргэ арааран билэн ыча, сигили, кэмэлдьи диэн ааттаабыттар. Бу үөрүйэхтэртэн ыча төһөнөн кэҥээн иһэрэ киһи үчүгэйи оҥороро элбиирин биллэрэр, онтон сигили уонна кэмэлдьи икки өрүттээх өйдөбүллэрин илдьэ сылдьаллар.

Куһаҕан майгы куруук хатылана сырыттаҕына үөрүйэх буолууга кубулуйан буор куту үөскэтэн, эти-сиини уларытан иһэриттэн кэлэр көлүөнэлэргэ, оҕолорго бэриллэрин сахалар билэннэр үйэлэрин тухары куһаҕан быһыылары оҥорбокко уонна куһаҕан майгылара баарын биллэрбэккэ, олохсуппакка кыһаналларын ыал буолуу үгэстэрин олохторугар туһана сылдьаллара быһаарар.

Сахалар таҥараларын үөрэҕэ “Куһаҕаны санаама” диэн үөрэтэрэ киһи куһаҕан майгына киирэн кэлиитин умнууга, хаалларыыга ти-риэрдэн үчүгэйи санааһына элбиирин үөскэтэрэ туһаны оҥорор.

Оҕо кыра эрдэҕиттэн куһаҕан майгылара биллэн кэлиилэрин тохтотон, хааллаттаран истэххэ, бу майгылар олохсуйбакка, умнуллан иһэллэриттэн үчүгэй майгына элбиэн сөп.

- “Киэһээҥҥи аһыырдаах киһи чугаһаабат киһитэ” диэн өс хоһооно куһаҕан майгылаах киһиэхэ улахан наадата суох чугаһыы сатааһынтан туһа тахсыбатын биллэрэр.

- “Киһи итэҕэһигэр төрөөбүт киһи” диэн өс хоһооно куһаҕан майгы кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэрин биллэрэрэ ордук суолта-лаах. Киһи итэҕэһэ салгыы оҕолоругар бэриллэн иһэрин быһаарар.

- “Сытынньаҥ дүлүҥ умайбат” диэн өс хоһооно куһаҕан майгы элбээн, мунньуллан үөрүйэххэ кубулуйан сытынньаҥы үөскэттэҕинэ уот да ыраастыыра кыаллыбатын биллэрэр.

- “Тиэтэйиэҥ да бытаарыаҥ” диэн өс хоһооно тиэтэйии, ыксааһын сыыһа туттунууну үөскэтэн үлэни оҥорууну бытаардарын биллэрэр.

- “Тиэтэйбит сыарҕа сыыр анныгар хаалар, тиэтэйбэтэх сыарҕа сыыр үрдүгэр тахсар” диэн өс хоһооно ханнык баҕарар уустук үлэни, саҥаны айыыны оҥорууга тиэтэйбэтэххэ, ыксаабатахха эрэ бүтэрии, туһаҕа таһаарыы кыалларын этэн биэрэр. (11,204).

- “Ынах эриэнэ таһыгар, киһи эриэнэ иһигэр” диэн өс хоһооно ынах дьүһүнэ көстө сылдьарын курдук, киһи өйүн-санаатын көрө түһээт билии кыаллыбатын биллэрэр. Ол иһин саха дьоно киһи өйүн-санаатын туруга хайдаҕын билиэхтэрин баҕардахтарына төрөппүттэрин, былыргы өбүгэлэрин төрүччүлэрин сиһилии үөрэтэллэр.

Саха омук былыргы билиилэрин, өс хоһооннорун уларыта сатааһыны тыл үөрэхтээхтэрэ оҥоро сатыыр буоллулар. Былыргыттан икки өрүттээх өйдөбүллээх айыы диэн тылы тупсаран биир “үчүгэй” эрэ өрүттээри оҥостоннор айыы диэн тыл куһаҕаны биллэрэрин оннугар “аньыы” диэн сахаларга суох тылы булан киллэрэ сатаан өс хоһоонун суолтатын уларытан онно-манна суруйаллара элбээтэ.

- “Икки атахтаах эриэнэ иһигэр, көтөр эриэнэ таһыгар” диэн өс хоһооно киһи өйүн-санаатын көрөн билии кыаллыбатын, онтон көтөр хайдах дьүһүннээҕэ көстөн биллэрин быһаарар. (16,64).

- “Уу” диэбитэ – хаар, “хаар” диэбитэ – уу” диэн өс хоһооно көрдөрөн туран сымыйалыыр, албынныыр киһини быһааран биэрэр.

- “Кэрээн киһи кэҥээбэт, ордугурҕас киһи уһаабат” диэн өс хоһооно киһи майгынын куһаҕан уратылара оҥорор быһыытын эмиэ куһаҕан өттүгэр уларытан кэбиһэллэрэ өй-санаа киһини салайарын быһаарар уонна сайдыыны ситиһэрэ кыаллыбатын биллэрэр.

- “Киһи киэнигэр баҕарыма, бэйэҥ киэниттэн матыаҥ” диэн өс хоһооно баҕа санаа аһара барара куһаҕаҥҥа тириэрдэринэн эмиэ хааччахтаннаҕына эрэ туһаны оҥорорун чуолкайдаан биэрэр. Сахалар сиэр диэн үөрэхтэрэ өй-санаа аһара барарын хааччахтыыра дьон киһилии быһыылары оҥороллорун үөскэтиигэ, элбэтиигэ туһалыыр.

- “Туох да иэстэбилэ суох буолбат” диэн өс хоһооно киһи оҥорбут быһыытыгар эппиэтэ хайаан да кэлэрин биллэрэр. Дьону албынныы сылдьыбыт киһи албына арылыннаҕына иэстэбилэ тиийэн кэлэрин билэ сылдьыа этэ. (16,77). Билигин “айыы үөрэҕин” албына арыллан сахаларга, оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ туох куһаҕаны оҥороро быһаарыллыбытын кэннэ, бу сымыйа үөрэҕи итэҕэйээччилэр, албыҥҥа киирээччилэр суох буоланнар албын секта хаалыа этэ.

- “Күөскүн эрдэттэн өрүнүмэ” диэн өс хоһооно киһиргээһин таах хаалар үлэни оҥорууга тириэрдэрин биллэрэр. Ол курдук, күөс уута оргуйуор диэри тугу эмэни булан аҕалан уган биэриэм диэн киһиргэнии кыайан туолбата элбэҕин этэн биэрэр. Киһиргээһин кыайан толоруллубат быһыыны толоруом диэн быһа этиниигэ тириэрдэн кэбиһэрэ атыттар итэҕэллэриттэн тахсыыны үөскэтиэн сөп. Киһиэхэ майгы диэн былыргы өбүгэлэриттэн бэриллэн иһэр өй-санаа түмсүүлэрэ, үөрүйэхтэрэ бааллар. Саха дьоно киһи өйүн-санаа-тын үөрэтэн уһун үйэлээх билии оҥорбуттара ыча диэн ааттанан билиҥҥи көлүөнэлэргэ бэриллэн сылдьар. Ыча диэн майгы уратылара үгэскэ, үөрүйэххэ кубулуйбуттара ааттанар уонна бу уратылар кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэллэрин сахалар билэн туһаналлар.

Онон өс хоһоонноро диэн былыргылар олохторун устата үөскэппит уһун үйэлээх билиилэрин үрүҥ айыы буолуу итэҕэлэ кэлэр көлүөнэлэри иитиигэ уонна үөрэтиигэ таба туһанара эрэйиллэр.

ҮЙЭЛЭЭХ ҮГЭСТЭРИ ХАРЫСТААҺЫН

Өй-санаа олус элбэхтэ хатыланан умнуллубат турукка тиийдэҕинэ уонна киһини хамсатар кыахтаннаҕына үгэскэ кубулуйар. Ол аата киһи үгэскэ кубулуйбут санаатын бэйэтэ оҥорон кэбиһэр кыахтанара тиийэн кэлэрэ санаа киһиэхэ дьайыыта улаханын биллэрэр. Былыргы сурук-бичик суох кэмигэр сахалар өй-санаа үөрэхтэрин үгэстэргэ кубулутан уһун үйэлэргэ умнуллубат өс хоһоонноро оҥор-буттара, бу кэмҥэ тиийэн кэлэн биһиэхэ туһалыы сылдьаллар.

Омук төрүт үгэһэ, киһи культурата туспа омук буоларын мэктиэтэ буолар. Киһи атын омуктартан уратытын көрдөрөр “уникальнай кода”. Кини сомоҕолуур, түмэр, омугу биир өйгө-санааҕа аҕалар тыыннаах күүс. Онон, төрүт үгэс сүтүүтүн-симэлийиитин омук эстиитин быһыытынан сыаналыахха сөп. Ону туоһулуур холобур элбэх. Холобур, Сэбиэскэй былаас 74 сыл устатын тухары омугунан араар-бакка, мөлүйүөнүнэн дьону биир нация оҥорорго дьулуспута, оннук бэлиитикэни ыыппыта. Ол түмүгэр кырдьык, үгүс омук төрүт культурата, үгэһэ, ону кытта сорохтор, бэл тыллара умнулла сыспыта. Бэйэ киэниттэн тэйии саҕаламмыта. Ол эрээри, ити иэдээнтэн биһи-гини 1990-с сс. буолбут тосту уларыйыылар өрүһүйбүттэрэ.

Ол саҕана биһиги саҥаттан омук буоларга, бэйэбитин туспа омук быһыытынан билинэргэ үөрэммиппит. Хайдах? Төрүт үгэспитин, культурабытын, тылбытын, итэҕэлбитин, остуоруйабытын сөргүтэн. Онон этиллибитин курдук, ити ааттаммыт суоллар туспа омук буолуу мэктиэтэ буолаллар. (17,10). Сахалар, биһиги, уһун утуммутун, дьылҕабытын санаатахпытына, улуу олоҥхолорбут, ыһыахтарбыт, үгэс-тэрбит көстөн кэлэллэр. (18,40).

Культурология науката быһаарарынан, ыччаттан ыччакка сүһүөх-сүһүөх хаалларыллан, бэриллэн иһэр олох бары көстүүлэрэ омук үгэстэрин үөскэтэллэр. Өй-санаа, дьарык-идэ, быһыы-майгы, сыһыан, онтон да атын төрүт культура хайысхаларынан олохсуйбут үгэстэр бааллар диэн К.Д. Уткин быһаарар.

Олус былыргы кэмнэртэн уларыйан хаалбакка сылдьар саха омук уһун үйэлээх үгэстэригэр манныктары киллэриэххэ сөп:

1. Ыһыах үгэстэрэ уонна оһуохайдааһын.

2. Ыал буолуу үгэстэрэ.

3. Дьарык, идэ үгэстэрэ.

4. Олох, дьиэ-уот үгэстэрэ

5. Итэҕэл икки өрүттэрэ бэйэ-бэйэлэрин кытта тэҥнэһиини тутуһа сылдьыылара; сахалыы таҥара үөрэҕэ өй-санаа сайдыытын, онтон үрүҥ айыы буолуу итэҕэлэ омугу харыстааһыны үөскэтэр.

Ыһыах уонна оһуохай үйэлээх үгэстэрэ билигин оннуларыгар түһэн эрэллэриттэн харыстанар кыахтара улаатта. Күн саамай уһуур кэмигэр ыытыллар ыһыахтар Күн таҥараҕа аналлаахтар. Ол иһин сахалар үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа араарар, күнтэн туту-луктаах үөрэхтэрэ айылҕаттан сибээһин сүтэрбэккэ эрэ сылдьар.

Билигин күһүн ыытыллар ыһыаҕы оннугар түһэрии ирдэнэр. Күһүн балаҕан ыйын 22 күнүгэр ыытыллар ыһыах Улуу Тойон таҥараҕа аналланар. Ол курдук, күһүҥҥү ыһыах кырыалаах кыһыны, дьылы туоруурга киһиэхэ тулуурун, өһөс санаатын улаатыннарарга күүһүгэр-күүс эбэн биэриигэ көмөлөһөргө аналлаах ыытыллар.

Кырыалаах кыһыны этэҥҥэ туорааһын диэн былыргы саха киһитигэр олус кытаанах тургутан көрүү буолар этэ. Ол курдук, сыл икки аҥы арахсара, олортон кыһыны туорааһын дьылы туорааһын диэн туспа ааттанара уонна олус уһуна, ыарахана быһаарыллара. “Дьылы туорааһын” диэн этии былыргы сахаҕа олох биир, ураты ыараханын этэҥҥэ туорааһынын биллэрэринэн киһиэхэ биир сааһа эбиллэн биэрэрэ. Ол аата дьылы туорааһын сыл бүтүүтүн биллэрэрэ.

“Күөххэ тиийии” диэн үөрүүлээх кэм дьылы этэҥҥэ туораатахха биирдэ кэлэрэ саха дьонугар улахан үөрүүнү аҕалара уонна сааскы Ньукуолун бырааһынньыга буолан бэлиэтэнэрэ.

Оһуохай омукка түмсүүлээх буолууну тэҥэ, эйэлээх буолууну түстээн биллэрэр. Ол курдук, дьахталлар уонна эр дьон бииргэ үҥкүүлээһиннэрэ эйэлээх буолууну аан бастаан көрдөрөр. Онтон эр дьон туспа оһуохайдааһыннара олох ыарахан кэмнэригэр буолаллар.

Омук сайдыыны ситиһэригэр уонна ахсаана эбиллэригэр саамай туһалаах үгэстэринэн ыал буолуу үгэстэрэ ааттаналлар. Сэбиэскэй былаас дьадаҥылары өрө тутан уонна дьахталлары көҥүллэринэн эргэ тахсалларын олохтоон сахалар ыал буолуу үгэстэрин суох оҥорбутун содула билигин өссө улааппыта бэлиэтэнэр.

Бу ыал буолуу үгэстэрин суох оҥоруу сабыдыалынан билигин эдэр ыаллар арахсыылара аһара элбээтэ. Дьахталлар хайа эр киһиттэн оҕоломмуттарын билбэт буолуулара үөскээбитэ омук эстиитигэр тириэрдиэн сөбүттэн, аны харыстаныы ирдэнэр буолла. Үрүҥ айыы буолуу итэҕэлин биир сыалынан ыал буолуу үйэлээх үгэстэрин оннугар түһэрии буолар. Билигин былыргылар туһалаах билиилэрин олоххо туһана сатааччылар элбээннэр ыал буолуу үгэстэрин олоххо киллэрии улахан уустуга суох ситиһиллэр кыахтаах. Омук, аймахтар сайдыыны ситиһэллэрэ кыыс оҕолоох ыаллартан улахан тутулуктааҕынан сахалары сайыннарыыга, ахсааннарын элбэ-тиигэ бу үгэстэри туһаныы биллэр туһаны аҕалыа этэ.

Омук сайдыытын, эттэрэ-сииннэрэ күүһүрэн, тупсан иһиитин ыал-лар үөскэтэллэр уонна аймахтары элбэтэллэр. Ыал олоҕо төһөнөн туруктаах да омук сайдыыны ситиһэр кыаҕа улаатар. Омук сайдыыны ситиһэрэ ыал олоҕуттан маннык тутулуктардаах:

А. Омук дьонун ахсааннара эбиллэн иһиитэ.

Б. Үлэни кыайар, сайдыылаах буор куттаах дьон элбээһиннэрэ.

Бу тутулуктары тутуһууну ыал буолуу үгэстэрэ үөскэтэллэрин сэбиэскэй былаас бобон-хаайан, хаалларан кэбиспитин куһаҕан дьа-йыытыттан билигин дьон ахсааннара эбиллиитэ аҕыйаата уонна таһаарыылаах, барыһы киллэрэр үлэлэр кыаттарбат кэмнэрэ кэлэн хаалла. Дьахталлар эргэ тахсыыларыгар көҥүллэринэн барыылара дьадаҥылар салайар былааһы ылбыттарынан тарҕанан сайдыыта суох буор куттаах оҕолору төрөтөллөрө элбииригэр тириэртэ.

Ыаллар оҕолорун хайдах иитэн, үөрэтэн улаатыннараллар даҕаны омук сайдыыта онтон тутулуктанар уонна икки өрүттэнэр:

1. Оҕону кыра эрдэҕиттэн атаахтык иитии, үөрэтии аймахтар уонна омук дьоно майгылара куһаҕан буоларыгар тириэрдэн, бэйэм-сэхтэрин улаатыннаран үлэни кыайбаттарын үөскэтэр. Үлэни кыайбат буолуу аймахтары, омугу эстиигэ, симэлийиигэ тириэрдэр.

2. Оҕону көйгөтүк, ол аата кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ үөрэтэн иитии, үөрэтии аймахтар уонна омук сайдыытын үөскэтэр. Ол курдук, омук сайдыыны ситиһэрэ араас үлэни кыайарыттан эрэ кэлэр.

Бу оҕону иитии, үөрэтии үйэлээх үгэстэрин сахалар былыргы кэмнэртэн олохторугар туһана сылдьаллар, ол иһин саха омуга олус уһун үйэлээх омук буоларын тэҥэ, аныгы үйэҕэ араас көрүҥнээх сайдыыны ситиһэн иһэрэ улаханнык эбилиннэ.

Онон үйэлээх үгэстэри харыстааһын диэн омугу харыстааһын, уһун үйэни ситиһэрин уонна салгыы сайдарын үөскэтии буолар.

ОЛОХ ҮӨСКЭППИТ ҮГЭСТЭРЭ

Үгэс диэн уһун кэмҥэ умнуллубат буолбут өй-санаа ааттанар. Үгэс үөскээн умнуллубат турукка тиийдэҕинэ киһи түүлүгэр киирэн илэ курдук көстүөн сөп. Холобурга, түүлгэ саха быһаҕа көһүннэҕинэ уол оҕо төрүөн эбэтэр үлэҕэ ситиһии кэлиэн сөп.

Олус уһун үйэлээх саха омугар олох үөскэппит үгэстэрэ олус элбэхтэр. Бу үгэстэри маннык арааран наардыахха сөп:

1. Айылҕа үөскэппит үгэстэрэ.

2. Олох үөскэппит үгэстэрэ.

Бу тус-туспа тутулуктары тутуһан үөскээбит туһалаах үгэстэри төһө кыайарбытынан дириҥэтэн ырытан көрүөхпүт:

1. Айылҕаҕа халлаан сырдааһына киһи ырааҕы үчүгэйдик көрөрүн үөскэтэн үчүгэй диэни быһаарарга аналлаах үгэһи үөскэппит. Хараҥа, тымныы, араас элбэх кутталлардаах түүн кэнниттэн киһиэхэ халлаан сырдыырыгар баҕа санаата үөскээн олохсуйбута үчүгэйгэ, сырдыкка баҕарар санаа баар буоларыгар тириэрдэрэ киһи үчүгэйи оҥорорун элбэппит. Халлаан хараҥарыыта киһи көрөрүн мөлтөтөн, ыырын кыччатан куһаҕан, ыарахан кэм кэлэригэр тириэрдэрэ хара, хараҥа куһаҕан буоларын биллэрэр өйдөбүлү үөскэппит.

Айылҕаҕа сырдык уонна хараҥа алтыһыыта киһиэхэ “Үрүҥү уонна хараны араарыы” диэн үгэһи үөскэппитэ үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа арааран туһанарга билигин туттулла сылдьар.

Өй-санаа “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан биэрэр тутулугар сөп түбэһэн үчүгэй уонна куһаҕан диэн икки өрүт-тэнэн тахсара быһаарыллыбыт. Үчүгэйи уонна куһаҕаны дьон таба арааран туһаналларын Күн таҥара үөскэппит. (8,52).

Киһи күүһэ-кыаҕа айылҕаҕа холоотоххо олус кыра. Дьон уоту табан туһана үөрэниилэрэ улахан сайдыыны ситиһии буолар. Айыл-ҕаҕа улахан уот барара олус кутталлааҕа дьон уоттан улаханнык сэрэнэллэригэр үөрэппит. Сэрэхтээх буолуу диэн айылҕа үөрэҕин дьон тутуһа сырыттахтарына эрэ олохторо табыллар. (19,24).

2. Дьон өйдөрө-санаалара сайдан истэҕинэ олоххо туһалаах үгэстэри үөскэтэн тутуһа сылдьарга үөрэммиттэр. Олоххо сайдыыны ситиһэн иһии саҥа, урут суох үгэстэри, таҥаралары үөскэтэн олоххо киллэрэн иһэрэ уларыйыылар киириилэригэр тириэрдэр. Ол иһин олох үгэстэрэ сыыйа-баайа, кыралаан да буоллар уларыйан, тупсан иһэллэрин таба туһаныыны “Кэс тыл” диэн этии биллэрэр. Сахалар ыалы кыыс оҕо тэрийэрэ туһалааҕын билэннэр олохторугар туһаналлар. Сааһа ситэригэр төрөппүттэрин көмөлөрүнэн энньэтин хомунан кыыс оҕо эргэ барарга бэлэмнэнэр, кыыһын харыстанар. Ол аата эргэ барыыга кыыс ыраас буолара ирдэнэрэ эр киһи сайдыылаах буор кутун оҕолоругар тириэрдэргэ аналланар.

Кыыс энньэтигэр ыал олоххо туһанар араас баайа-мала барыта киирсэллэриттэн ыалы тэрийээччинэн кыыс буолар.

Күтүөт буолуон баҕарар уол оҕото кыыһы көрөн сөбүлэстэхтэринэ халыымын киллэрэн, кыыс энньэтигэр холбоотоҕуна ыал буолуулара саҕаланар. Сахалар ыал буолуу үгэстэригэр көрөөт да сөбүлээбитим диэн быһаарыыны элбэхтик тутуһаллар. Билигин олох уопутунан, бу быһаарыы үгүстүк таба буолара билиннэ.

Дьиэ үлэтин үйэлээх үгэстэрэ диэн олус былыргы кэмнэргэ, ыал баар буолуоҕуттан үөскээбиттэр уонна олох сайдан, тупсан истэҕинэ эмиэ уларыйан биэрэллэр. Бу үгэстэри оҕо кыра эрдэҕинэ иитэр, үөрэтэр дьахтар баһылаан салайара ордук табыллар:

а. Аһылык үгэстэрэ.

б. Дьиэ иһинээҕи үлэлэр үгэстэрэ.

в. Дьиэ таһынааҕы үлэлэр.

Бу үгэстэри төһө кыайарбытынан дириҥник ырытыахпыт:

а. Аһылык үгэстэрэ омук уратытын биллэрэллэр. Аһааһыны тэри-йиигэ дьахтар ылар оруола улахана быһаарыллар. Киһи олоҕор саа-май улахан ороскуотунан аһылык буолар. Ол курдук, киһи күҥҥэ үстэ аһаабатаҕына олоҕо табыллыбата кэлиэн сөп.

Сахалар аһылыктарын үгүс өттө айылҕаҕа үүнэр, үөскүүр аһылык буолар уонна аһылыкка аналлаах тыынар-тыыннаахтартан хомуллар. Аһылыкка туттуллар тыынар-тыыннаахтары булт уонна дьиэ кыыл-лара диэн тус-туспа араараллар. Булт диэн айылҕаҕа көҥүлүнэн үөс-кээн улаатар буоллаҕына, элбэх дьиэ кыылларын аһылык оҥостоору анаан иитэллэр эбэтэр көлө оҥостон туһаналлар.

Аһылыгы бэлэмнээһин диэн олус уустук үлэ. Дьахтар талаана аһылларын быһаарар үлэ буолар. Ол курдук, аһылык туһалааҕын таһынан амтана табыллыбыт буолара ирдэнэр. Тот киһи хаһан баҕа-рар үлэни кыайара уонна майгына үчүгэй буолара биллэр. (20,5).

б. Дьиэ иһинээҕи үлэлэри дьахтар тэрийэрэ табыллар. Сууйуу, сотуу, ыраастааһын дьиэ иһинээҕи сүрүн үлэлэр буолалларын тэҥэ, айылҕа уларыйан биэрэр усулуобуйатыгар тэҥнээн дьону таҥыннарыы эмиэ киирсэр. Сатабыллаах дьахтар тугу оҥорбута барыта табыллара ыал олоҕун тупсарыыга тириэрдэр.

в. Сахалар бэйэлэрэ бас билэр дьиэлэригэр олороллорун ордороллор. Толору хааччыллыылаах дьиэ куруук көрдөххө, кэтии сырыт-тахха табыллар. Дьиэ таһынааҕы үлэлэри оҥоруу, уһаныы ордук эр киниэхэ сөп түбэһэр. Эр киһи кыра оҕону көрүүгэ сыһыана кырата ыалы тугунан барытынан хааччыйар кыаҕын улаатыннарар.

Сахалар ыал баһылыгын, оҕолор аҕаларын аҕа диэн ытыктабыллаахтык ааттыыллар. Ыал баһылыга аҕа диэн ааттанара олоххо элбэх уопуттааҕы биллэрэринэн оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ ордук улахан суолталаах. Аҕа диэн ааттаах эр киһи ыал олоҕо туруктаах буоларын туһугар эппиэтинэһэ улаханын билинэрэ үөскүүр. Ыаллар дьиэлэрэ уокка умайара олус улахан иэдээн. Ол барыта аҕа диэн ааттанар, ойоҕун уонна оҕолорун тустарыгар улахан эппиэтинэстээҕин билинэр киһи суоҕуттан үөскээн тахсар иэдээн буолар.

Онон омукка олох үөскэппит туһалаах үгэстэрэ үрүҥ айыы буолуу итэҕэлин харыстабылыгар сылдьаллара табыллар.

ЫАЛ БУОЛУУ ҮГЭСТЭРЭ

Оҕо улаатан киһи буолууну ситиһиитэ ойох ыллаҕына эбэтэр эргэ таҕыстаҕына, ол аата саҥа ыалы үөскэттэҕинэ туолар диэн ааҕыллар, бу кэмтэн ыла оҕо буолан бүтүү кэлэр. Эдэр киһи өйө-санаата тосту уларыйар кэмэ урууну оҥоруунан бэлиэтэнэр. Төһө да хомолтолооҕун иһин киһи олоҕо бүтэр, муҥурданар кэмэ тиийэн кэлэринэн эдэрдэр саҥа ыалы үөскэтиилэрэ кэлэр көлүөнэлэри төрөтөн, улаатыннаран аймахтары элбэтэн, омугу сайыннаран иһиигэ аналланар.

Үрүҥ айыы буолуу итэҕэлэ ыал олоҕун көмүскүүр, харыстыыр аналлаах. Ыал буолууну сахалар тэрийиилэрэ “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа төрүт тутулугар сөп түбэһэн икки өрүттэнэр:

1. Кыыс уонна уол сөбүлэһиилэрэ.

2. Энньэни уонна халыымы туһаныы.

Бу икки өрүттэри арыыйда кэҥэтэн ырытыахпыт:

1. Оҕо этэ-сиинэ улаатан ситтэҕинэ атыҥҥа баҕарар санаата ула-хан дьайыыны оҥорор. Сахалар ыал буолууну тэрийиигэ саастарын сиппит эдэрдэр атын аҥардарын сөбүлүүр санаалара улаатарын уонна “Көрөөт да сөбүлээбитим” диэн этиини туһаналлар. Ыал буолуу уол уонна кыыс эттэрин-сииннэрин баҕа санаатын ханнарыыга, толорууга аналланар уонна кэлэр көлүөнэлэри үөскэтиигэ, киһилии өйү-санааны иҥэрэн улаатыннарыыга туһуланар. Оҕону иитии, үөрэтии ыал оло-ҕуттан тутулуктанан олох салҕанан иһиитин үөскэтэр.

Ууһааһын диэн эт-сиин айылҕаттан ылыммыт баҕа санаата ыал буолууну үөскэтэн кэлэр көлүөнэлэри элбэтэргэ аналланар.

2. Сахалар үөрэхтэрэ ыал буолууга энньэни уонна халыымы эбии киллэрэн биэрэн үлэттэн үөскүүр өй-санаа көрдөбүллэрин, киһилии быһыыны уонна өйү-санааны тутуһууну эбиискэ киллэрэн биэрэн икки өрүттээх тутулугу үөскэтэн өссө бөҕөргөтөн биэрэр.

Энньэ уонна халыым ыал баайа-мала эбиллиитин үөскэтэннэр, эбиискэ тутулук буолан, таптал умсулҕана аҕыйаатаҕына ыал арах-сан, ыһыллан хааларын тохтоторго улаханнык туһалыыллар.

Ыал буолуу сүрүн сыалынан оҕо төрөтөн кэлэр көлүөнэлэри үөскэтии буолар. Төрүүр оҕо бары хаачыстыбатын; этин-сиинин, буор кутун тупсарыыга ыал буолуу былыргы үгэстэрэ туһалыыллар:

А. Оҕо этин-сиинин тупсуутун, доруобуйата бөҕөргүүрүн сити-һиини ыал буолуу үгэстэрэ сайдыылаах буор куттаах эр киһини талан ылыыны туһанан ыал өссө тэриллэ илигиттэн саҕалыыллар.

Б. Оҕону кыра эрдэҕинэ иитиигэ, үөрэтиигэ ийэ кутун аан бастаан иитэн, сайыннаран өйүн-санаатын төрүттээн биэрэллэр.

Оҕо этэ-сиинэ тупсан төрүүрэ атын аймахтары, омуктары кытта холбоһууттан үөскүүрүн сахалар былыргыттан үөрэтэн билэн “Хаан тупсарыыта” диэн аналлаах үөрэҕи олохтоон ыал буолуу үгэстэригэр киллэрэн эр киһини таба талан ылыыга анаан туһана сылдьаллар.

Былыргы сахалар оҕо ыал буоларыгар улахан суолтаны биэрэн аналлаах үгэстэри үөскэтэн туһаналлар. Бу үгэстэри тутуһуу аан маҥнай ыал төрүүр оҕото бөҕө эттээх-сииннээх уонна сайдыылаах буор куттаах буоларын ситиһиигэ аналлаахтар, ол иһин төрөппүттэри талан ылыыга туттулла сылдьаллара ирдэнэр. Таптал диэн ыал буолааччылары таба талан ылыыны биллэрэр аналлаах тылы дьахталлар билигин имэҥ аһара барбытын быһаарыыга көһөрөн эрэллэр.

Удьуордааһын диэн кэлэр көлүөнэлэргэ төрөппүттэрин эттэрин-сииннэрин уратылара, онтон утумнааһын диэн хамсаныылары оҥо-рууга дьоҕурдара, буор куттара уонна өй-санаа атын үөрүйэхтэрэ бэриллэн иһиилэрэ ааттаналлар. Төрөппүттэртэн оҕолоругар эттэрэ-сииннэрэ, буор куттара уонна үчүгэй үөрүйэхтэрэ бэриллэн иһэллэрин салҕаан биэрэргэ ыал буолуу үгэстэрэ туһалыыллар. (21,52).

Олус былыргы кэмнэртэн уһун үйэлээх сахалар ыал буолууга анаан тутуһар үгэстэрэ өс хоһоонноро буолан сылдьаллар:

- “Уруу ырааҕа, уу чугаһа үчүгэй” диэн өс хоһооно киһи ыраах сирдэртэн ойох ыларын эбэтэр эргэ тахсарын ситиһиигэ аналланан ыаллар оҕолоро доруобай буоларын хааччыйарга туһалыыр.

- Сахалар ыал буолууга аналлаах “Хаан тупсарыыта” диэн үгэһи туһана сылдьаллара атын аймахтары, омуктары кытта холбоһууларын сайыннаран иһэриттэн эттэрэ-сииннэрэ тупсара, күүстэрэ-кыахтара эбиллэрэ аҕыйаабат уонна үйэлэрэ уһуур кыахтанар.

Хаан тупсарыыта диэн туспа хааннаах аймахтары кытта холбоһуу эти-сиини тупсаран, бөҕөргөтөн омук уһун үйэни ситиһэригэр туһалыыр. Тупсарыллыбыт хааннаах бааһынайдар эттэрэ-сииннэрэ, тас көрүҥнэрэ тупсан, уҥуохтара көнөн, улаатан иһэрин тэҥэ, өйдөрө-санаалара тобуллаҕаһын сааһырбыт дьон арааран билэллэр.

Ыал буолууга эт-сиин ылар оруола улаханынан бөҕө, доруобай эттээх-сииннээх дьон элбэх оҕону төрөтөр кыахтаахтарын туһаныы эрэйиллэр. Былыргы төрүппүт Эллэй Боотур бөҕө доруобуйалаах, көйгө, үлэни кыайа-хото үлэлиир кыыһы ойох ылан сахалары элбэп-питин билэн эр дьон бары туһана сылдьыахтара этэ. (22,30).

- “Тэҥнээҕи булунуу” диэн үөрэх оҕо иитиитигэр, үөрэтиитигэр ордук сыһыаннаах. Тэҥнээхтэр төрөппүт оҕолоро өйө-санаата турук-таах буола улаатарын төрүттүүрүн сахалар тутуһаллар.

Удьуор диэн оҕо төрөппүттэрин, өбүгэлэрин этин-сиинин уратыларын иҥэринэн төрүүрэ ааттанар. “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн удьуордааһын эмиэ икки өрүттэнэр:

а. Төрөппүттэрин үчүгэй, үлэлииргэ туһалаах хаачыстыбаларын удьуордаан иҥэриммит оҕо сайдыыны ситиһэрэ түргэтиир.

б. Эккэ-сииҥҥэ буортуну оҥорор хаачыстыбалар, араас бодоҥнор, ыарыылар кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһиилэрин тохтотууга ыал буолуу үгэстэрин уонна төрүччү үөрэҕин тутуһуу туһалыыр.

Күүс диэн эт-сиин уратытын, үлэни оҥорор кыаҕын быһаарыы ааттанар. Күүстээх эттээх-сииннээх киһи оҕото удьуордаан төрөөтө-ҕүнэ кини курдук көрүҥнээх уонна күүстээх буолара быһаарыллар.

Утумнааһын диэн төрөппүтүттэн оҕотугар буор кута, хамсаныы-лары оҥорор кыаҕа уонна атын, үөрүйэх буолбут өйдөрө-санаалара бэриллиитэ ааттанар. Буор кут диэн киһи хамсаныылары оҥорор өйө-санаата, кыаҕа буоларынан уонна хас биирдии быччыҥҥа иҥэн сылдьарынан кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэр. Оҕо хамсаныылары оҥороро түргэнник сайдан, тупсан иһиилэрин үөскэтэр аналлаах. Хас биирдии быччыҥҥа иҥэн сылдьар өй-санаа, бу быччыҥы киһи санаатын хоту күүскэ хамсатара буор кутуттан, кыаҕыттан тутулук-танар. Ол аата дьадаҥы, үлэни кыайбат буор куттаах киһи оҕото өссө мөлтөх буор куттаах буолан төрүүрэ быһаарыллар.

Буор кута сайдыыта суох, кыаҕа аҕыйах киһи хамсаныылары оҥороро бытаан, сыылба да буолуон уонна сатаан, табан хамсанымыан сөп. Ол иһин кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэр буор кут олус күүскэ харыстанарын быһааран ыал буолуу үгэстэрэ туттулла сылдьаллар.

Сайдыылаах буор куттаах киһини атыттар үлэни хайдах үлэлии-риттэн көрөн быһаараллар. Үлэһит киһи аҕыйах саҥалаах, көрсүө, сэмэй буолара былыргыттан биллэр. Киһиргэһэ суох киһи бэйэтин арбанан кэпсэнэрэ аҕыйаҕынан эдэрдэр ыал буолууларыгар анаан үлэһит сахалар суорумньу көмөтүн элбэхтик туһаналлар.

Айылҕа “Туох барыта икки өрүттээх” диэн уларыйан биэрэр тутулугун быһаарар этиигэ буор кут эмиэ сөп түбэһэр:

I. Сайдыылаах уустук, күүстээх хамсаныылары оҥорор кыахтаах буор кут кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн истэҕинэ эрэ аймахтар, омук сайдыыны ситиһиитэ салҕанан иһэр уонна тарҕанар.

II. Дьадаҥы, хамсаныылары сатаан, табан оҥорбот, сүрэҕэ суох, элбэхтик кыайан хамсаммат буор кут эмиэ кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэриттэн омук мөлтүүр кэмэ тиийэн кэлиэн сөп. Ол иһин үлэһит сахалар дьадаҥылары кытта ыал буолан холбоспоттор.

Буор кут диэн быччыҥнары хамсатарга аналлаах өй-санаа хас да көлүөнэлэр усталарыгар сайдан иһэр. Ол иһин утуму харыстааһын диэн аймахтар сайдыыларыгар ордук улахан суолталаах. Күүс диэн эт-сиин күүһэ, онтон кыах диэн өй-санаа, буор кут уратыта, хамса-ныылары оҥорор дьоҕура ааттанар. Буор кут хамсаныылары хайдах оҥороро кыаҕа элбэҕиттэн улаханнык тутулуктанар.

Сайдыыта суох буор куттаах дьону туспа арааран ыалы тэрийиэх инниттэн туоратыыны сахалар “Тэҥнээҕи булунуу” диэн былыргы үгэстэрэ оҥорор. Ол курдук, үлэһит дьон оҕолоро үлэһиттэри кытта ыал буолан холбостохторуна, үлэһит, сайдыылаах буор куттара кэлэр көлүөнэлэригэр бэриллэн өссө сайдар кыахтанарын ситиһэллэр.

Ыал буолууга туттуллар былыргыттан олохсуйбут үгэстэри кыах баарынан арыыйда кэҥэтэн ырытыахпыт:

- Ыал буолааччылар билсиһиилэрин саҕалыахтарын иннинэ төрүччүлэрин ыраахха диэри үөрэтэллэрэ уонна онон ыйдаран эттэрин-сииннэрин баҕа санааларын салайан биэрэллэрэ ирдэнэр көрдөбүл буолар. Ол курдук, эт-сиин баҕа санаата быстах баҕа санаа буолара хаһан да уларыйбатыттан туттуна сылдьыы куруук эрэйиллэр.

- Кыыс оҕо атын эр киһини өссө билэ илигин төрөппүттэрэ туоһулууллар. Эр киһи утумун, сайдыылаах буор кута кэлэр көлүө-нэтигэр бэриллэн иһэрин үөскэтэр туһугар, бу үгэс туттуллар.

- Уол уонна кыыс сөбүлэһиилэрэ.

- Энньэни уонна халыымы быһаарсыы.

Ыал буолааччылар билсиһиилэригэр төрүччү үөрэҕэ хайаан да туттуллара кэлэр көлүөнэлэр сайдыыларын үөскэтэргэ аналланар.

“Бодоҥтон бодоҥ төрүүр” диэн этии араас ыарыылаахтар, дьадаҥылар оҕолоро соннук бодоҥноох буолан төрүүллэрин быһаарарынан уонна олору туоратар аналынан төрүччү үөрэҕин туһата улаатар.

Уол уонна кыыс сөбүлэһиилэрэ аан маҥнай эт-сиин баҕа санаатын көрдөбүллэриттэн тутулуктанар. Ол аата ыал буолууга айылҕаттан көрдөбүл бастаан иһэр. Онтон үлэ баайы-малы үөскэтэринэн, энньэ уонна халыым эбиискэ киириитэ ыал буолууга киһилии быһыыны, үлэни оҥорууну киллэрэн биэрэр аналлаахтар.

Ыал буолуу кыыс, дьахтар өйүн-санаатын улаханнык уларытара саха тылынан бэлиэтэнэн этиллэ сылдьар:

- Ойох. Ыраас кыыһынан эргэ тахсыбыт кыыс ойох диэн ааттанар. Ойох уонна атын дьахталлар уратыларын “Киһи ойоҕо, ойох буолбат” диэн өс хоһооно баара биллэрэр. (11,165). Итини тэҥэ, бу ойох диэн тыл “ой-ох” диэн саҥа аллайыыттан үөскээбитэ, бу тыл үөскээбит уратытын, бүрүөһүн алдьаныытын биллэрэрэ ордук суолталаах.

Күтүөт уол болдьообут кэмигэр кэлбэтэҕиттэн нэһилиэктэрин баайдара: “Кулубабыт кыыһа дэлэ киэбирбэтэҕэ. Орто дойдуга хо-лооннооҕо суоҕун курдук туттара. Хата ханнык эрэ суол киһитэ хоонньоһон аастаҕа, саатта! Билигин хайа баҕарар уолга эргэ барыан баҕарбытын да иһин, киһи ойоҕо буола сылдьыбыт дьахтары ким ылыай!” – дэһэр буолбуттара. (23,55).

Ойох эрэ эр киһини утумнуур оҕону төрөтөрүн былыргылар билэннэр кыыс оҕону кыһанан харыстыыллара, эргэ тахсарыгар улахан суолтаны биэрэллэрэ, киэргэтэллэрэ, симииллэрэ, энньэтин толору хомуйаллара уонна сааһа ситтэр эрэ эргэ биэрэ охсоллоро. Ол барыта эт-сиин баҕата эмиэ элбэҕиттэн уонна “Дьахтар кулгааҕынан таптыыр” диэн өс хоһооно кыыс бэйэтэ быһаарыыны ылынарыгар араас албыҥҥа киирэн биэрэрэ элбэҕин биллэрэрин туһанан, уһаппакка эрэ оннун буллара охсорго төрөппүттэрэ кыһаналлара.

Омук сайдан иһэр кыаҕын харыстааһын диэн кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэр удьуорун, этин-сиинин уонна утумун, буор кутун харыстааһын ааттанар. Ити үтүөҕэ тириэрдэр баҕа санаалары толорор кыахтааҕын иһин саха эр дьоно ыраас кыыһы эрэ ойох ылаллар.

- Кэргэн. Олус былыргы кэмнэргэ үөскээбит кэргэн диэн тыл билигин даҕаны сүппэккэ, туттулла сылдьара кыыстарын хайа эр киһиэхэ биэрбиттэрин билбэт дьахталлар элбэхтэриттэн тутулуктаах. Ол курдук, кыыһа суох эргэ тахсыбыт дьахтар кэргэн диэн ааттанара былыргыттан олохсуйбут. Кэргэн ыал олоҕун үгэстэрин тутустаҕына иккис оҕотуттан салгыы оҕолоро эр киһини утумнуохтарын сөп.

Баайдаах, кыахтаах эр киһи иккис кэргэнин ылан кэбиһэрин сахалар утарбаттара сааһырбыт, элбэх туһалаах үөрүйэхтэрдээх киһи сайдыылаах буор кута төрөтөр оҕолоругар бэриллэн иһэриттэн тутулуктанар. Ол иһин маҥнай тэриллибит ыал арахсан, үрэллэн хаалыылара суох буолан салгыы эбиллэн иһэр кыахтаналлар.

- Күүлэйдиир дьахтар. Бэйэтин быстах баҕа санааларын толоро сылдьар дьахтар ааттанар. Сайдыылаах буор куттаах оҕолору төрөп-пөттөрүттэн ыал буолар аналлара суох буолан хаалар. Араас сэлээрчэхтэр, дьэгээрбэлэр, соруохалар ыал буолууга аналлара суох-тар уонна сахаларга даҕаны элбээн ылар кэмнээхтэрин ити тыллар бааллара биллэрэр. Дьахталлар көҥүллэринэн, бэйэлэрэ эр киһини талан ылан эргэ тахсаллара эдэрдэригэр элбэхтик күүлэйдииллэригэр тириэрдэр. Күүлэйдиир дьахталлар элбээтэхтэринэ омук ахсаана аҕы-йыыра, уларыйара, атын омугунан солбуллара тиийэн кэлиэн сөп.

Ыал буолуу былыргы үгэстэрэ эр киһи удьуорун, утумун харыстыылларыттан омук үйэтэ уһуурун үөскэтэллэр. Эр киһи эдэр ойохтоох буоллаҕына, саастара үллэстэн тэҥнэһэн хаалалларын тэҥэ, оҕолоро эр киһиттэн ылыммыт сайдыылаах буор куттаах, үчүгэй үөрүйэхтэрдээх буолан төрүүрэ ситиһиллэр кыахтанар.

Ыал буолуу “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэр. Ол курдук, эр киһи уонна дьахтар дьон икки өрүттэрин үөскэтэллэр. Кинилэр биир тылы булунан сөбүлэһэн, холбоһон олоҕу олорууларыттан ыал буолуу үөскүүр уонна бу ыаллар оҕолорун хайдах иитэллэриттэн, үөрэтэллэриттэн аймахтар уонна омук сайдан иһиитэ тутулуктанар. Оҕо буор кута аҕатыттан тутулуктаах, онтон ийэ кута, өйө-санаата ийэтэ иитэн биэрбит үгэстэриттэн хомуллар.

Омуктар сайдан иһиилэрэ биирдиилээн ыаллар олохторуттан быһаччы тутулуктаах. Ыал кэлэр көлүөнэлэри үөскэтэр уонна иитэр, үөрэтэр аналлааҕыттан аймахтар, омуктар сайдыыларын төрүттүүр. Кэлэр көлүөнэлэр киһи быһыылаах, көрсүө, сэмэй, үлэни-хамнаһы кыайа-хото үлэлиир кыахтанан улааттахтарына омук ахсаана эбиллэр уонна үлэни кыайарыттан сайдыыны ситиһэр кыахтанар.

Сахалар оҕо өйө-санаата сайдыытын, улаатан киһи буолууну ситиһиитин биир тутаах бэлиэтинэн ыалы тэрийэрин ааҕаллар. Оҕо улаатан этэ-сиинэ уонна өйө-санаата ситтэҕинэ, үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран туһанар кэмэ кэллэҕинэ, киһи буолуу өйүн-санаатын баһылаатаҕына, ситистэҕинэ бэйэтэ төрөппүттэриттэн туспа баран саҥа ыалы тэрийэр кыахтанар.

Киһи этэ-сиинэ уонна өйө-санаата сайдыыта уһун үйэлэргэ уларыйбаттарынан ыал буолуу үгэстэрэ былыргытынан хааларын үрүҥ айыы буолуу итэҕэлин тутуһааччылар хааччыйаллар.

Онон аныгы сайдыылаах диир үйэбитигэр ыал буолуу үгэстэрэ үрүҥ айыы буолуу итэҕэлин харыстабылыгар киирэр аналлаахтар.

КӨСТҮБЭТТЭРИ КЫТТА АЛТЫҺЫЫ

Киһи өйүн-санаатын тутулуктарын; үс куттара, сүрэ хайдах үөс-күүллэрин уонна айыы буолуу уратыларын билэ сылдьара, үгэс оҥостунара эрэйиллэр. Өйү-санааны үөрэтэн киһи өллөҕүнэ өйө-санаата туспа баран айыы буолууга тиийэрин билии олоххо көстү-бэттэри кытта алтыһа сылдьыы хаһан баҕарар баарын биллэрэр.

Сир үрдүгэр олус былыргы кэмнэртэн үөскээбит араас элбэх өйдөр-санаалар айыы буолан сылдьаллар. “Аан дойдуну санаа тутан турар” диэн сахалар этиилэрэ ону бигэргэтэр. Элбэх дьон санаалара эйэлээх буолуу дуу, сэрии диэки дуу салаллар даҕаны оҥорор быһыылара ол диэки халыйан, салаллан бараллара быһаарыллар.

Айыылар диэн өлбүт дьон өйдөрө-санаалара ааттаналлар. Өлөн хаалбыт эттэн-сиинтэн өй-санаа туспа баран айыы буолан өр кэмҥэ, атыттарга буккуллан симэлийэн хаалыар диэри сылдьар.

Айыы буолуу диэн киһи өллөҕүнэ тиийэн кэлэр өй-санаа уларыйбат турукка тиийиитэ буолан тыыннаах киһиэхэ олус куһаҕан өйдөбүлү үөскэтэр. Ол иһин айыы диэн тыл олус сэрэхтээх, тыыннаах киһи улаханнык саҥарбат, куһаҕаҥҥа тириэрдэрэ элбэх тыл буолар.

Айыылары кытта сыһыан олус сэрэхтээх, албына уонна аһара барыыта суох буоллаҕына эрэ табыллар. Сахалар айыыны оҥоро сатааһын бэйэтэ да киһи сыыһа-халты туттунарын элбэтэрин билэн “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн этэн оҕолорун үөрэтэллэр.

Былыргыттан өлбүт дьон элбэхтэринэн айыы буолбут өйдөр-санаалар Аан дойдуну бүрүйэн сылдьаллар. Өйү-санааны үөрэтии көстүбэттэри кытта алтыһыыга тириэрдэр. Ол иһин сахалар көстүбэт эйгэни кытта сыһыаны эйэлээхтик быһаарса сатыыллар.

Түүлү көрүү көстүбэт эйгэни кытта алтыһары үөскэтэрэ киһи санаатыгар улахан суолтаны биэрэ сылдьарын эрэйэр. Түүлгэ киһи хаһан баҕарар өлбүт киһини көрөрүнэн таба быһаарыыны ылынар кыаҕа улаатан биэрэр. Ол курдук, үгүс түүллэр киһини харыстыыр, быстах быһыыга түбэһииттэн сэрэтэр суолталаахтар.

Өлбүт киһи өйө-санаата уларыйбат турукка киирдэҕинэ айыы буоларынан үрүҥ айыы буолуу итэҕэлэ көстүбэттэри кытта эйэлээх сыһыаны олохтоотоҕуна эрэ табыллар. Олоххо туох эмэ табыллыбат буолуута үөскээһинин көстүбэттэр биллэн кэлиилэрэ сэрэтиэн сөп.

Түүлгэ өлөрө чугаһаабыт киһини хайа эрэ өлбүт аймаҕа, төрөп-пүтэ кэлэн ыҥыран ылара уонна илдьэ барара дьоҥҥо барыларыгар биллэр. Ол көстүүнү көрүү кэнниттэн киһи олоҕор улахан уларыйыы киирэрэ тиийэн кэлиэн, өлүү да буолуон сөп.

Айылҕаҕа киһи соҕотох сылдьар буолбатах. Сахалар ону үөрэтэн былыр-былыргыттан өйдөр-санаалар тус-туспа дойдуларга сылдьал-ларын арааран билэн атын-атын ааттары иҥэрэн туһаналлар:

А. Бу дойду. Бу дойду диэн тыыннаах киһи өйө-санаата сылдьар сирин ааттаабыттар. Тыыннаах киһи өйө-санаата баҕатын хоту хаһан баҕарар уларыйа сылдьарынан өлбүт киһи уларыйбат, айыы буолбут өйүттэн-санаатыттан уратыланар. Дьон өйө-санаата сайдан иһэринэн Бу дойдуну Орто дойду диэн ааттааһын олоххо киирэн сылдьар.

Б. Ол эбэтэр Анараа дойду диэн көстүбэттэр өйдөрө-санаалара сылдьар сирин туспа араараллар. Этиттэн-сииниттэн арахсыбыт, айыы буолбут өй-санаа аны уларыйбат турукка киирэр. Атын таҥара үөрэхтэригэр Үөһээ уонна Аллараа дойдулары айаннар үчүгэй уонна куһаҕан санаалар тус-туспа сылдьаллар диэн сыыһа этэллэр.

Олох ханнык эрэ уустук, туох эмэ уларыйыылар киирэн эрэр кэмнэригэр көстүбэттэр Бу дойдуга кэлэн тыыннаахтарга көстө сыл-дьаллара биллэр. Ол иһин сахалар көстүбэттэри кытта эйэлээх сыһыа-ны олохтууру билэн аналлаах үгэстэри туһана сылдьаллар:

1. Кэһии, манньа биэрии. Бу үчүгэй быһыылар өйү-санааны тупсаралларын, хамсааһыны үөскэтэн үчүгэй өттүгэр аҕалалларын бы-лыр-былыргыттан сахалар туһаналлар. Айылҕаҕа сылдьар кэмҥэ сири, уоту аһатыынан билсиһиини, сыһыаны тупсарыыны оҥороллор.

2. Үүрүү. Туспа өйдөрү-санаалары уоту туһанан үүрэллэр. Үөрүү диэн үөрү үүрүү буоларын уонна үөрүүнү аҕаларын былыргы үйэҕэ быһаараннар тылларыгар киллэрбиттэр. Бу быһыы уоттан, буруоттан атын өйдөр-санаалар баран биэрэллэрин туһаныыга олоҕурар.

3. Кыахтаах, күүстээх санаалаахтар атын өйү-санааны тэйитэр кыахтарын туһанан куһаҕан дьайыылаах сирдэри, суоллары сабаллара уонна дьиэлэри олортон ыраастыыллара туһалаах көмөнү оҥорор.

Бу быһаарыылар күүстээх санаалаахтар сахалары харыстыырга, уһун үйэлииргэ кыттыһар кыахтаахтарын биллэрэллэр. Ол курдук, дьон санаалара тупсуута, үчүгэйгэ баҕарыылара улаатыыта сайдыыны ситиһэллэрин үөскэтэрин туһаныы буолар.

Үрүҥ айыы буолуу диэн итэҕэл иккис өрүтэ бу быһаарыылары туһанан көстүбэттэри кытта эйэлээх сыһыаны олохтуур уонна дьон олоҕун харыстыыр үлэни ыытар. Өлбүт киһи өйө-санаата туспа баран айыы буолан сылдьарынан үрүҥ айыы буолуу көстүбэттэри кытта сыһыаны салайара табыллар. Күүстээх санаалаахтар үрүҥ айыы итэҕэлигэр кыттыһаллара ордук улахан туһаны оҥоруо этэ.

Үөр буолуу диэн өлбүт киһи куһаҕан, хатааннаах санаата тар-дыһар күүстэнэн хааларынан, ыраах кыайан барбакка чугас сылдьан аймахтарыгар көстөн эрэйдиирэ, биллэн кэлэрэ ааттанар.

Куһаҕан санааларын илдьэ барбыт өлөөччүлэр өйдөрө-санаалара үөр буолан хаалаллар. Араас быстах быһыыга түбэһэн өлбүттэр уонна бэйэлэригэр тиийинээччилэр элбээн хаалыылара үөрдэр үксээн хааланнар дьоҥҥо биллиилэригэр тириэрдиэн сөп.

Бэйэҕэ тиийинии диэн быстах санаалаах киһи оҥорор саамай куһаҕан, ыар быһыыта буолан өлбүт киһи өйө-санаата куһаҕан санаа-ларынан туоларыттан үөр буолууну үөскэтиэн сөп.

Үөр диэн куһаҕан санаатын илдьэ сылдьар өлбүт киһи өйө-санаата ааттанар. Куһаҕан санаа тардыһар, туһааннаах сириттэн арах-сыбат күүһүнэн тутуллан сылдьарыттан сыһыаннаах дьонуттан кыайан тэйэн ыраах барбатыттан үөр буолуу диэн туспа өй-санаа ула-рыйыыта үөскээн биллиитин сахалар арыйан туһаналлар.

Айыылар диэн өлбүт дьон өйдөрө-санаалара ааттанар. Итэҕэл аҥар өрүтэ үрүҥ айыы буолуу диэн ааттанара өлбүт дьон өйдөрүн-санааларын кытта эйэлээх сыһыаны олохтуурга аналланар уонна өлбүт киһи куттарын атаарыыга ылар оруолун быһаарар.

Өлбүт киһи куттарын атаарыыга Кут-сүр үөрэҕин туһана сылдьыы хайаан да ирдэнэр. Киһи өйө-санаата өллөҕүнэ айыы буола-рынан аналлаах сиэри-туому тутуһан үс куттарын тус-туспа кэмҥэ атаарыыны сахалар туһаналлар. (24,93).

Киһи салгын кута диэн өссө үгэс буола илик санаалара, билиилэрэ элбэҕинэн быһаарыллар. Ол иһин өлбүт киһи салгын кута 3 хонугунан ыһыллар, үрэллэр. Улаханнык ыалдьан өлбүт курдук буолан хаалбыт киһи үс хонук иһинэн өйдөнөн кэллэҕинэ өйө-санаата урукку чөлүгэр түһүөн сөбө ити быһаарыы үөскээһинигэр тириэрдибит, онтон үс хонукка кыайан өйдөммөккө хааллаҕына өйө улаханнык мөлтүөн, урукку таһымын кыайан ситиһимиэн сөп.

Киһи ийэ кута үгэстэртэн хомуллан үөскүүр. Ол иһин өллөҕүнэ туспа баран айыы буолан өр кэмҥэ сылдьыан сөп. Киһи өлбүтүн кэннэ 9-с хонугар ийэ кута арахсан туспа барара быһаарыллар.

Өлбүт киһи 40-с хонугар буор кута үрэллэр. Буор кут үгүс өттө киһи уҥуоҕугар хаалар. Ол иһин өлбүт дьон уҥуохтарын тыыппаттар уонна өйдөрүн-санааларын тыаһаан-ууһаан аймаабаттар.

Өлбүт киһини атаарыыга үйэтин устата туох үчүгэйи оҥорбутун ахтыы, санааһын оҥорбут үчүгэй быһыыларын үрүҥ айыы оҥоруу буолан туттулла сылдьар, онтон куһаҕан, хара быһыылары оҥорбутун букатын ахтыбакка хаалларан атыттартан умуннаран кэбиһэллэрэ куһаҕаны оҥоруулар аҕыйаан иһэллэригэр тириэрдэр.

Сахалар “Кэриэс этии” диэн үгэстэрэ өлбүт киһи баҕа санаатын толорууга аналланар. Өлөөрү сытар киһи бүтэһик баҕа санаатын эттэҕинэ уонна ону ким эрэ толоруом диэн эрэннэрдэҕинэ ону кэтэһэ сылдьара быһаарыллар. Эрэннэрбит тылы толорбокко хаалыы кэн-ниттэн иэстэбилэ тиийэн кэлиэн сөп. Түүлгэ төрөппүт куһаҕан көрүҥнээх көстүүтэ баҕа санаа туоларыгар улахан мэһэйдэр баал-ларын биллэрэр суолталаах. Киһи өйө-санаата көстүбэттэртэн улахан тутулуктааҕынан “Өлбүтү кытта өлүмэ” диэн сахалар үөрэхтэрэ үйэтин уһатарыгар улахан туһалааҕа быһаарыллар.

Онон киһи өйө-санаата өлбүтүн кэннэ үөр буолан хаалбатын ситиһиини үрүҥ айыы буолуу итэҕэлэ оҥорор.

АЙЫЫ ЭТИИТЭ

Айыы этиитэ диэн үгэс киһи оҥорбут куһаҕан быһыыларын билинэн өйүн-санаатын ыраастаан биэриитэ, тупсарыылары, улары-йыылары киллэриитэ буолар. Киһи айыытын эттэҕинэ, ол аата бу оҥорбут куһаҕан быһыытын билинэн, аны оннук куһаҕаны оҥорбот кыахтанарын сахалыы таҥара үөрэҕэ туһанар.

Киһи сыыһа өйүн-санаатын көннөрүүгэ аналлаах айыы этиитэ улахан туһаны оҥорор. Ол курдук, киһи аан бастаан куһаҕаны оҥорон кэбиһэригэр тириэрдибит сыыһа санаатын уларыттаҕына уонна саҥа үчүгэйи оҥорууну үөскэтэр санааны элбэхтэ хос-хос санаан үгэскэ кубулуттаҕына оҥорор быһыыта көнөрүн, тупсарын ситиһэрин сахалар быһаараннар “Киһини санаата салайар” диэн этэллэр.

Киһи өйө-санаата өллөҕүнэ айыы буоларын уонна Ол эбэтэр Анараа дойдуга барарын үрүҥ айыы буолуу итэҕэлэ туһанан итэҕэ-йээччилэр өйдөрүн-санааларын салайан үчүгэйи оҥоруу элбииригэр тириэрдэр. Ол эбэтэр Анараа дойдуну аныгы үөрэҕинэн Үөһээ уонна Аллараа дойдуларынан солбуйбуттара эрээри, ол уларытыы өй-санаа туспа барарын уонна биир дойдуга сылдьалларын кыайан тохтоппот. Бары үчүгэй саҥаны айыыны элбэхтик оҥорон сайдыыны ситиһэ сатыыбыт эрээри, элбэхтэрэ куһаҕаҥҥа кубулуйан хаалаллар.

Үөһээ эбэтэр Анараа дойдуга өлбүт дьон өйдөрө-санаалара айыы буолан өр кэмҥэ сылдьаллар. Бу өйдөр-санаалар хас тыыннаах киһи өйүгэр-санаатыгар түүл буолан киирэн биллиэхтэрин сөп.

Өлөн эрэр киһи өйө-санаата ыраастанан, айыытын этэн өллөҕүнэ куһаҕан санаалара туспа арахсан хааланнар айыы буолар өйө-санаата ырааһырарын үрүҥ айыы буолуу итэҕэлэ туһанар. Ол аата киһи өлүөн иннинэ итэҕэйэр киһитигэр, таҥара үлэһитигэр этэн куһаҕан санааларыттан ыраастанара эрэйиллэр көрдөбүл буолар. Үрүҥ айыы буолуу итэҕэлэ киһи өйүн-санаатын ыраастыыр үлэни ыытара Анараа дойду өйө-санаата тупсарыгар олус улахан туһаны оҥорор. Куһаҕан санаалар ыраастанан симэлийэн, хаалан истэхтэринэ Анараа дойду өйө-санаата ырааһыран, хаалар дьоҥҥо үчүгэйинэн дьайара улааттаҕына сиргэ үчүгэй санаалар элбииллэрэ ситиһиллэр кыахтанар. Ол эбэтэр Анараа дойдуну кытта киһи үгэс буолбут санааларынан кытаанахтык тутуллан сылдьарын сахалар былыргы үйэҕэ чуолкайдык быһааран “Үөһээттэн көнтөстөөхпүт” диэн этинэллэр.

Көнтөс диэн ханнык да аты хайа да диэки, туора-маары хамсаппат бөҕө быа буоларынан киһи өйө-санаата Ол эбэтэр Анараа дойду өйүн-санаатын кытта кытаанах, ханна да халбаҥнаппат тутулуктааҕын биллэрэр. Бу тутулук өссө чуолкайданан биэрэн айыылар тыыннаах, Орто дойдуга олорор киһиэхэ дьайыылара улаханын биллэрэр.

Айыы буолуу диэн өйдөбүл “святой” диэн христианскай итэҕэл өйдөбүлүн үөскэппит. Ким баҕарар бэйэтин олоҕор дьоҥҥо элбэх туһалааҕы оҥорон хааллардаҕына, өлбүтүн кэннэ аата ааттанан, үтүөнү оҥорбут кута үрүҥ айыы буолар. Үтүө дьыалалары оҥоро сылдьан өлбүт киһи өйө-санаата эмиэ үрүҥ айыы буолуон сөп. Кини оҥорон испит дьыалаларын кэннигэр хаалбыт дьон билинэн кэлэр көлүөнэлэрин иитиигэ-үөрэтиигэ туһаннахтарына, бу киһи өйө-санаата, кута үрүҥ айыыга кубулуйар. Ол аата, дьоҥҥо үчүгэйи оҥорор санаалаах кута хаһан баҕарар, кэлэр көлүөнэлэригэр күүс-көмө буолан, үчүгэйи оҥороллоругар ыҥырар, ыйар суолталанар. Айыылар диэн дьон эбэтэр кыыллар куттара ааттаналлар. Бу тылга икки өрүттээх өйдөбүл иҥэн сылдьарынан олору тус-туспа араарыы, үчүгэйдэрин эбэтэр куһаҕаннарын быһааран туһаныы эрэйиллэр:

1. Элбэх дьоҥҥо үтүөнү, үчүгэйи оҥорбуттарын ахта-саныы сыл-дьаарылар, эдэр көлүөнэлэрин үтүө быһыыга үөрэтээрилэр, үчүгэй быһыыны туспа арааран, бэлиэтээн үрүҥ айыы оҥороллор. Билигин сахаларга республикабытын аан маҥнай тэрийсибит улуу дьоммут үлэлэрин-хамнастарын саҥаттан сыаналаан, кэлэр көлүөнэлэри үөрэтиигэ туһаныы ситиһиилээхтик баран иһэр.

2. Дьон куһаҕаны оҥорбуттарын туспа арааран хара айыы диэн ааттааһын, бу куһаҕан айыы умнулларын түргэтэтэр. Куһаҕан, хара айыылар умнуллан хаалан истэхтэринэ аҕыйаан баралларын үрүҥ айыы буолуу итэҕэлэ үөскэтэн эдэрдэргэ тириэрдэр.

Онон, айыылар диэн өлбүт дьон куттара, кинилэр ураты өйдөрө-санаалара, саҥаны айыылара Yөһээ эбэтэр Анараа дойдуга сыл-дьаллара ааттанар. Күүһүрэн, туспа үгэс буола кубулуйбут саҥаны айыы өйө-санаата уһун кэмнэргэ үрэллэн, ыһыллан хаалбакка сылдьыыта айыы буолуу диэн өйдөбүлү үөскэтэр. Ол иһин айыы буолуу өйдөбүлэ сахаларга былыр-былыргыттан баар. Былыргы үчүгэй салайааччыларын, бас-көс киһилэрин үтүө санаалаах куттарыттан көмө, тирэх көрдөөрүлэр айыыны таҥара оҥостоллор.

Айыы буолууну итинник быһаарыы кэнниттэн хара айыыны дьон оҥорбуттара ханна баран суох буолалларый диэн ыйытыы үөскүүр. Арҕааҥҥы таҥара үөрэхтээхтэрэ киһи оҥорбут куһаҕан быһыылара, хара айыылара Аллараа дойдуга мусталлар диэн этэллэр эрээри, сахалыы таҥара үөрэҕэ санаалар сылдьар сирдэрэ биирин, Үөһээ эбэтэр Анараа дойду буоларын билинэн туһанар. Тыыннаах киһи санаатын бэйэтэ салайарын, умнан, хаалларан кэбиһэрин туһанан сахалыы таҥара үөрэҕэ “Куһаҕан санаалартан ыраастаныы” диэн туому толорон үчүгэй санаалары элбэтэр.

Дьон үчүгэйи оҥороллорун тэҥэ, олус куһаҕан быһыылары эмиэ оҥороллор. Өйдөөх дьон оҥорор куһаҕан быһыылара, хара айыылара олус улахан содуллаах буолан тахсаллара эмиэ биллэр. Билигин даҕаны улахан уоппуттаах, элбэҕи уорбут уоруйаҕы тутарга, хаайарга бэрээдэги көрөөччүлэр улахан эрэйи көрсөллөр.

Сахалар олус куһаҕан быһыыны, хара айыыны оҥорон өлбүт киһини төрүт ахтыбакка эрэ көмөллөр. Урукку кэмҥэ бэйэлэригэр тиийинэн өлбүт дьону туспа, дьон сылдьыбат чиэски сирдэригэр кистээн көмөллөрө. Ол аата, бу киһи оҥорбут куһаҕан быһыытын үгүс киһи билбэтин, аата ааттамматын үөскэтэллэр. Kиһи аата умнулларын тэҥэ, оҥорбут куһаҕан быһыыта эмиэ умнуллар кыахтанар, ол иһин куһаҕан быһыылар аҕыйаан иһэллэрэ ситиһиллэр.

Хара айыы диэн олус куһаҕан саҥаны айыы, дьоҥҥо буортулааҕы оҥоруу аата буолар. Итинник быһыыны оҥорбут киһи аата - хара айыылаах киһи диэн буолар. Дьон олохторо иннин диэки, сайдыы диэки баран иһэрин туһугар хара айыыны оҥоруу суох эбэтэр бука-тын аҕыйах буолара эрэйиллэр. Айыы-хара аҕыйах буоларын ситиһэ сатаан сахалар таҥараларын үөрэҕэ “Айыы диэмэ, “Айыыны оҥо-рума” диэн улаатан эрэр оҕолорго этэ, үөрэтэ сатыыр.

Айыы диэн сэрэхтээх тылы тыыннаах, Бу эбэтэр Орто дойдуга олорор киһи аҕыйахтык туттара уонна дорҕоонноохтук саҥарбата ирдэнэр көрдөбүл буолар. Бу икки өрүттээх өйдөбүллээх тыл киһини угуйан, ыҥыран сыыһа-халты тутуннарара элбээн хаалыан сөп. Оҕо төрөтүүтэ диэн дьахтар оҥорор олус улахан саҥаны айыыта ааттанар. Былыргы кэмнэргэ оҕону төрөтүү барыта айылҕа биэрби-тинэн баран иһэрэ суолтатын өссө улаатыннарара уонна айыы диэн тыл аҥардастыы “үчүгэйин” курдук өйдөбүлү киллэрэрэ. Айхал диэн дьахтар оҥорбут саҥаны айыытын, оҕону төрөппүтүн бэлиэтиир тыл буолар. Бу тыл Ай уонна хат диэн тыллартан холбонон үөскээбит. Дьахтар бу айыыны оҥороругар, үчүгэй, туһалаах айыы буолан тахсарыгар анаан эрдэттэн бэлэмнэнэрин уонна эр киһини таба талан ыларыгар анаан ыал буолуу үгэстэрин туһаныы ирдэнэр.

Айыыһыттар диэн дьахтар төрүүрүгэр Анараа дойдуттан кэлэр көмөлөһөөччүлэри этэллэр. Айыыһыттары ахтыы олоххо туттулла сылдьар былыргы үгэстэри тутуһууну быһаарар. Киһи хайа эрэ өлбүт төрөппүттэрэ; ийэлэрэ, эбэлэрэ айыыһыттар диэн ааттаналлар уонна кырдьык көмүскүү, харыстыы, көмөлөһө сатыыллара түүлгэ киирэн көстөллөрүттэн, туһалааҕы этэн биэрэллэриттэн биллэр.

Онон “Айыы этиитэ” диэн үгэс өлөн эрэр киһи айыы буолар өйө-санаата ыраас, үчүгэй диэки тардыһыылаах буоларыгар тириэрдэр.

КЭРИЭС ЭТИИ

“Кэриэс этии” диэн үгэс сахаларга баарын Эрилик Эристиин “Кэриэс туолуута” диэн сэһэнигэр суруйбута. Кыра Хабырыыс өлүөр диэри көмүскүү сатаабыт сэбиэскэй былааһа элбэх ахсааннаах үлэ-һиттэр баҕа санааларын толоруутун туһунан бу сэһэҥҥэ кэпсэнэр.

Кут-сүр үөрэҕин баһылаабыт ойууннарга киһи өйө-санаата өлбү-түн кэннэ ханна сылдьарын быһаарыы улахан уустуга суох буолуон сөп. Киһи түһээн былыр үйэҕэ өлөн хаалбыт дьону хаһан баҕарар көрөр. Арай бу өлбүт киһи хайдах көрүҥнээх көстөрө кини аймахтара, оҕолоро-уруулара төһө үчүгэйдик сылдьалларыттан тутулуктанар. Ол курдук, түүлгэ көстөр өлбүт киһи көрүҥэ үчүгэй буоллаҕына, олох төһө да ыараханын иннигэр кини оҕолоро, сиэннэрэ кыайа-хото үлэлии-хамсыы сылдьыахтара диэн түүл үөрэҕэ быһаарар.

Киһи бэйэтэ өлбүт төрөппүтүн көрөр буоллаҕына, кини хайдах көрүҥнээх көстөрө олус улахан оруолу ылар. Төрөппүт киһи көрүҥэ уларыйан, мөл¬төөн көһүннэҕинэ, ханнык эрэ дьыалаҕа табыллыбат буолуу тахсыан эбэтэр эн оҥорор дьыалаларгын кини сөбүлээбэтин бэлиэтэ буолуон сөп. Киһи ханна да сырыттаҕына, өлбүт төрөппүттэрин куттара, айыы буолан сылдьар өйдөрө-санаалара көрө - истэ сылдьалларын түүл ити көстүүлэрэ толору дакаастыыллар. Оҕо кыра эрдэҕинэ киһи сирэйин олус сирийэн көрөр. Үөрбүт сирэйи көрдөҕүнэ - үөрэр, онтон сирэйгин куһаҕаннык тутуннуҥ даҕаны оҕо мөлтүүр, санаата түһэр, букатын ытаан тоҕо барыан сөп буолар. Ити курдук киһи сирэйин көрүҥэ оҕоҕо олус күүстээх дьайыылаах. Бу кэмҥэ кини ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар сылдьар буолан, төрөппүтүн сирэйин көстүүтэ кини салгыы хайдах быһыыланарын быһаарар, оҥорор быһыытын хайысхатын ыйан биэрэр суолталанар. Түүл киһи ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар киирдэҕинэ көстөрүттэн сирэй хайдах көрүҥнээҕэ олус улахан дьайыыны оҥороро быһаарыллар.

Сайдыылаах буор куттаах, үлэһит эр киһи элбэх оҕолонон, сиэн-нэнэн аҕа ууһун үөскэттэҕинэ бары биир буор куттаах буола улаа-таллар. Хаан аймахтыылар үгүстүк биир санааланыыны ситиһэллэрэ, ити буор куттара оҥорор дьайыыта биириттэн тутулуктанар. Киһи олоҕо төрөппүттэрин кытта биир ситиминэн, буор куттарынан холбуу баайылла сылдьалларын ити курдук быһааран барам-мыт салгыы кэриэс этиини быһаарар¬быт ордук оруннаах буолуоҕа. Ол курдук, төрөппүт киһи бэйэтин кэннигэр хаалар ыччаттарыгар анаан кэриэс тылын этиитэ хайаан да ылыныллыахтааҕын уонна толоруллуохтааҕын түүл ити көстүүлэрэ эмиэ дакаастыыллар. Киһи хаһан баҕарар түүлү көрөрүн быһыытынан бэйэтин төрөппүтүн хайаан да түһээн көрүөн сөп. Кэриэс этиитэ туолбат буоллаҕына төрөппүтүн куһаҕан, санаата түспүт көрүҥэ сотору-сотору түүлүгэр көстүөн сөбө, бу киһиэхэ толорботох кэриэс этиитин өйдөтө сылдьыан сөп.

Өлөөрү сытар киһи бэстилиэнэй баҕа санаатын, кэриэс этиитин бэйэтин оҕолоро, ыччаттара толоруулара кини өйүн-санаатын, кутун баҕата туоларыгар тириэрдэр буолан санаата уоскуйар, тардыһа сылдьара суох буолар. Баҕа санаата туоллаҕына кини кута уоскуйан, көрүҥэ тупсан оҕолорун түүлүгэр үчүгэй көрүҥнээх көһүннэҕинэ кинилэр үтүө баҕа санаалара туолуохтарын сөп.

Кэриэс этии туһааннаах киһиэхэ биллэр дьайыыны оҥорорун туһунан олоххо буолан ааспыт маннык холобурдартан билиэххэ сөп.

Кэргэнэ өлүөн биир күн иннинэ Ленаҕа эппит: - Кэриэспин толоруом диэ... – нэһиилэ ыган-ыган саҥарбыт. - Толоруом. - Кэргэн эрэ тахсымаар. Ким да мин курдук күүскэ таптыа, харыстыа, аһыныа, көмөлөһүө суоҕа. Хомото сылдьыахтара. Хомо-туохтарын баҕарбаппын, ол иһин бэйэбэр ыҥыран ылыаҕым,- диэн нэһиилэ саҥаран иһиллэр-иһиллибэттик эппит. Кэриэс этиини умнан толорбокко кэргэн тахсыбыт. Саҥа кэргэнэ автомобиль авариятыгар түбэһэн өлбүт. Похорона кэнниттэн Лена бастакы кэргэнин түүлүгэр көрбүт. Киһитэ: “Эн кэргэн тахсыа суох буолбутуҥ. Саҥа кэргэниҥ эйигин атаҕастыыр, хомотор”,- диэбит. Түүлүн кэнниттэн Лена бастакы кэргэнигэр аны кимиэхэ да эргэ тахсыам суоҕа диэн эрэннэрбитин санаан ааспыт.

Биэс сыл кэнниттэн эмиэ кэргэн тахсыбыт да, Лена саҥа кэргэнэ муостаттан охтон үлтү түспүт. Бу хомолтолоох быһыы кэнниттэн бастакы кэргэнэ түүлүгэр киирэн эмиэ сэрэппит. Эппити, эрэннэрбити толорбот буолууну тыыннаах киһи араас биричиинэ булан тоҕо толорботоҕун быһаарар буоллаҕына, өлбүт киһи санаата уларыйбат. Сахалар итэҕэллэринэн өлөөрү сытар киһиэхэ тугу эмэ эрэннэрэн баран толорбот буолуу хайдах да табыллыбат. Эрэннэрбити толор-доххо эрэ санаата туолан көрүҥэ тупсар. Ол барыта сахалар ойууннара былыр-былыргыттан киһи өйө-санаата өлбүтүн да кэннэ ханна сылдьарын, туох санаалааҕын кытта билэллэригэр олоҕурар.

Арай өлөөрү сытар киһи баҕатын толорорго ханнык да кыах суох буоллаҕына эрэннэримиэххэ сөп курдук.

Биир эдэр дьахтар ийэтэ өлөөрү сытан кыыһыгар эппит:

- Эргэ тахсаргар тиэтэйимэ, ылаллар эрэ диэн тахсыма.

- Тахса охсор киһим да суох.

- Ол киһи сотору көрсүөҕэ. Мин кини аатын кытта билэбин. Киниэхэ тахсаар,- диэн баран аатын эмиэ этэн биэрбит.

Оннук ааттаах киһини Ольга билбэт эбит. Арай ийэтэ өлбүтүн биир сыла туолуутугар кылабыыһаҕа сылдьан баран төннөн иһэн метроҕа көрсөн билсиспит. Киһитэ аатын эппитэ сөп түбэспититтэн олус соһуйдар даҕаны, бу киһини олус сөбүлээн кэргэн тахсыбыт.

Өлбүттэр өйдөрө-санаалара айыы буолан тыыннаах, Орто дойдуга олорор дьон өйдөрүгэр-санааларыгар дьайа сылдьалларын сахалар билэн олохторугар туһанан “Кэриэс этии” диэн үгэһи үөскэппиттэр. Өлөөрү сытар киһи кэриэс этиитигэр сахалар олус итэ-ҕэллээхтик сыһыаннаһаллар, кыахтара баарынан толороллор.

Сахалар “Кэриэс этии” диэн үгэстэрин хууннар Европаҕа диэри тириэрдэн уонна элбэхтик сэриилэһэн, хотторон сылдьаннар Христос таҥара үөрэҕэр кубулуппуттар. Былыргы өбүгэлэрин бииргэ түмээри “Кэриэстэс” диэн ыҥырыыны үйэлэргэ туһана сылдьыбыттара, кэлин Христос диэн таҥара үөрэҕин аатыгар уларыйан хаалбыт.

Онон кэриэс этии диэн былыргы үгэс дьону көстүбэттэри уонна өлбүт төрөппүттэри кытта холбуу ситимнииринэн кырдьаҕас киһи кэриэс этэрин хаалааччылар толороллоро ирдэнэр көрдөбүл буолар.

ИЧЧИЛЭРИ ХАРЫСТААҺЫН

Айылҕа сүрүн тутулуктара уонна уларыйан биэрэн иһэр уратыта “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиинэн бэриллэн дьоҥҥо ти-риэрдиллэрин сахалар тутуһа сылдьаллара, аныгы демократия тутулугар сөп түбэһэр. Киһи этэ-сиинэ уонна өйө-санаата; куттара, сүрэ тус-туспаларын тэҥэ, сайдан, тупсан иһиилэрин уратыларын биллэҕинэ айылҕаны харыстыыр санаата улаатар кыахтанар. Сахалар “Туох барыта иччилээх” диэн этэллэр. Бу этии сахалыы өй-санаа, Кут-сүр үөрэҕинэн толору дакаастанар. Ол курдук, тыыннаах күөх айылҕа бары үүнээйилэрэ, отторо-мастара, кыыллара, көтөрдөрө уонна дьонноро бары куттаахтарын тэҥэ, өйдөрө-санаалара тус-туспатык сайдан иһэллэрэ үс таһымҥа арахсар.

Айылҕаҕа үүнэр үүнээйилэр, тыынар-тыыннаахтар уонна киһи өй-санаа сайдыытын ситиһэр кыахтарынан тус-туспа арахсаннар, кут-тара төһө таһымҥа тиийэ сайдалларынан уратыланаллар:

1. Үүнээйилэр, оттор-мастар бары эттэрин-сииннэрин хамсатарга, көрөргө-истэргэ аналлаах буор куттаахтар. Бытаан да буоллар эттэ-рин-сииннэрин күн уотун батыһа хамсаталлар, бааһырдахтарына оһоруналлар. Былыргылар билиилэринэн от-мас иччилэрэ “Ойуу-бичик оҕолорунан” ааҕыллаллар, оннук көстөллөр эбит. Ол барыта от-мас иччилэрэ өй-санаа сайдыытын кыра, намыһах таһымыгар сыл-дьалларынан, биир эмэ хамсаныыны оҥорор буор эрэ куттаахтарынан быһаарыллар. Буор кут диэн эккэ-сииҥҥэ, бары быччыҥнарга хамса-ныылары оҥорон уһууруттан, кылгыырыттан үөскээн иһэр, иҥэн хаалар уонна үөрүйэххэ кубулуйан олору хамсатарга аналлаах өй-санаа ааттанар. Үөрүйэх буолууга тиийэ сайдыбыт буор кут эти-сиини, быччыҥнары киһи санаатын хоту хамсатар кыахтанар.

2. Айылҕа бары тыынар-тыыннаахтара; кыыллара, көтөрдөрө эттэриттэн-сииннэриттэн тутулуктаах, онно иҥэн сылдьар буор уонна ийэ куттаахтар. Тыынар-тыыннаахтарга икки; буор куттарын тэҥэ, өй-санаа өссө үрдүкү таһыма – ийэ куттара сайдар. Ийэ кут үгэстэртэн хомуллан үөскүүр уонна хамсаныылары оҥорууну салайар кыаҕы биэрэр, ол иһин тыынар-тыыннаахтар араас хамсаныылары оҥорор уонна сыыйа тупсаран биэрэн иһэр кыахтаналлар.

3. Киһи сайдыыны ситиһэргэ ураты кыахтааҕынан ааҕыллар. Дьоҥҥо үс; буор, ийэ уонна салгын куттара сайдаллар. Киһиэхэ салгын кута сайдарыттан өйө-санаата араас үөрэхтэри, билиилэри олус түргэнник ийэ кукка кубулутарынан сайдыыны ситиһэр кыаҕа атыттартан биллэрдик улаатар. Итини тэҥэ, сахалар киһи өллөҕүнэ өйө-санаата, куттара туспа баран ыһыллалларын; үөр, айыы буолан Ол эбэтэр Үөһээ дойдуга көтөллөрүн арааран билэллэр.

Аныгы наука, өй-санаа бу таһымнара сиргэ-дойдуга сылдьалларын, дьоҥҥо көстөллөрүн “тонкий мир”, “фантом” диэн ааттыыр буоллулар. Сахалар олору көстүбэт эйгэ диэн киһи хараҕар мээнэ көстүбэттэрин, ураты эньиэргийэ көрүҥэ буолалларын бэлиэтээн аат-тыыллар. Талааннаах экстраценстар бу эньиэргийэни билэн урукку кэмҥэ буолан ааспыт быһыылары арааран билэр кыахтанан эрэллэр. Сахалар бу эньиэргийэни былыр-былыргыттан билэн тылларыгар киллэрэн санаа диэн ааттаабыттарын билигин туһана сылдьабыт.

Эт-сиин биир эрэ үйэлээх буоллаҕына, өй-санаа, куттар төһө уһун үйэлээхтэрэ быһаарыллар кыаҕа суох. Ол курдук, киһи хаһан эрэ быданнааҕыта өлөн хаалбыт киһини уонна олус былыргы кэмнэри түүлүгэр көрөр кыахтааҕа суох буолан хаалбат.

Айылҕаны харыстааһын сахалар Кут-сүр үөрэхтэрин тутуһан сайыннаҕына эрэ табыллар. Ол курдук, бу үөрэҕи туһана сырыттахха оттору-мастары, көтөрдөрү, кыыллары табатык харыстыырга кыах улаатар. Кут-сүр үөрэҕэр этиллэринэн киһи этэ-сиинэ уонна өйө-санаата “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэннэр икки өрүтү үөскэтэллэр. Өй-санаа куттарга уонна сүргэ арахсар.

Киһи этэ-сиинэ өлбүтүн кэннэ өйө-санаата, куттара этиттэн-сииниттэн арахсан туспа сылдьар кыахтаналларын, үөргэ, айыыга, иччигэ кубулуйалларын сахалар билэллэриттэн айылҕаны харыстыыр санаалара атын омуктардааҕар ордук күүстээх. Ол курдук, айылҕаҕа сылдьар араас өйдөрү-санаалары, куттары харыстааһыны аан бастаан оҥорон туһаналларыттан эйэлэһиини үөскэтэллэр.

Иччи диэн тугуй? Көстөн хаалбатаҕына киһиэхэ биллибэккэ эрэ сылдьар. Иччи диэн өй-санаа баара илэ көстүүтэ ааттанар. Хараҕы көрүүттэн биллэр кыахтанар. Ону тэҥэ, харах көрүүтэ атын киһиэхэ биллиэн сөп. Ол курдук, киһи кэнниттэн ким эрэ тобулу көрөрүн сэрэйэн билэн эргиллэ түһүөн сөп. Иччилээх харах диэн өйдөөх, болҕомтолоох, сырдык сыдьаайдаах, дириҥ түгэхтээх харах ааттанар.

Биирдэ-эмэтэ киһи олоҕор тосту уларыйыы кэлэн иһэрин биллэрэн иччи илэ көстөн кэлиэн сөп. Иччилээх балаҕаннар, ампаардар, хотоннор бааллара кэпсээннэргэ киирбиттэр. Өлөн баран кыайан көмүллүбэккэ, хараллыбакка хаалбыт киһи уҥуоҕун булан көмөн кэбистэхтэринэ, ол иччи сүтэрэ эмиэ биллэр. Буор кут эти-сиини кытта бииргэ сылдьарыттан киһи уҥуоҕа барыта иччилээх.

Иччилээх саҥа диэн киһи өйүн-санаатын долгутар саҥа ааттанар. Саха тыла иччилээх дииллэр. Ол барыта саха тылын дорҕооннорун суолталара тыл өйдөбүлүгэр сөп түбэһиннэрэн оҥоруллубуттарыттан буолар. Тылга иҥэн сылдьар дорҕоон дьайыыта тыл суолтатын, өйдөбүлүн үөскэтэр. Саҥа дорҕоонноро иччилэннэхтэринэ киһи өйүгэр-санаатыгар тыллар оҥорор дьайыылара ордук күүһүрэллэр. Иччилээх түүл диэн киһи өйүгэр-санаатыгар дьөлө хатанар, хаһан да умнуллубат, инникини билгэлиир түүл ааттанар. Түүл киһиэхэ үгэстэртэн үөскээн көстөрүнэн дьайыыта улаатан биэрэр.

Иччитийии диэн арахпат буолуу, биир сиргэ эбэтэр биир киһиэхэ баайыллан хаалыы ааттанар. Иччи иҥэн хаалбыт сирин чугаһыгар куруук кэриэтэ көстүөн сөп. Ыт саҥа хаһаайыныгар иччитийиэр диэри төһө эмэ уһун кэмҥэ аһата, көрө-истэ сылдьыы туһалыыр.

Иччитэх дьиэ диэн этии иччитэ суох буолбут диэн өйдөбүллээх уонна дьоно бары көһөн барбыттарын биллэрэр суолталаах.

Онон иччи диэн тылбытыгар иҥэн сылдьар өйдөбүллэрин ырытан быһаардахпытына, тыыннаах киһиттэн, дьонтон ураты, туспа сылдьар кыахтаах өй-санаа мунньуллуута буолара быһаарыллар. Өлбүт дьон өйдөрө-санаалара, куттара этиттэн-сииниттэн туспа баран ыһыллан ханнык эрэ малга, дьиэҕэ-уокка иҥэн, олохсуйан иччи эбэтэр ханна эмэ быралгы баран үөр, айыы буолан өр кэмҥэ сылдьар кыахтаналлар. Ол иһин айылҕаны харыстааһын аан маҥнай иччилэри, айыылары кытта сыһыаны тупсарыыттан саҕаланара табылларын сахалар үөрэтэн билэн олохторугар туһана сылдьаллар.

Иччилэри, абааһылары, айыылары ахтыы, ыҥырыы, өлбүт дьон куттарын сүгүн сытыарбакка тыаһаан-ууһаан аймааһын тыыннаах сылдьар дьоҥҥо туох да үчүгэйи аҕалбат. Эдэрдэр билбэт сирдэригэр, дойдуларыгар сылдьан аһара айдаарбыттарын, оонньообуттарын, күл-бүттэрин-үөрбүттэрин кэннэ иччилэр илэ биллэн ааһалларын туһунан сэрэтэр суруйуулар элбэхтэр. Сири-дойдуну сирбити, мыыммыты этэн биллэрии кэнниттэн иччилэр биллэ сылдьыахтарын сөп.

“Үс сыл ааспытын кэннэ киһи уҥуоҕар сылдьыма” диэн сахалар үөрэхтэрэ тыыннаах дьону өлбүттэртэн туспа араарар, өйдөрүн-санаа-ларын харыстыырга, көмүскүүргэ аналлаах этии буолар. Ол курдук, аһара айманнахха, ытаатахха өлбүт дьон буор куттара көҥүл барыы-лара тардыллан хаалан тыыннаах дьоҥҥо туох да үчүгэйи, туһалааҕы аҕалбаттарын сахалар былыргы кэпсээннэрэ туоһулууллар.

“Өлбүтү кытта өлүмэ” диэн этии өлбүттэр уонна тыыннаахтар өйдөрө-санаалара улахан уратылаахтарын тэҥэ, сылдьар сирдэрэ эмиэ тус-туспаларын, аныгы үөрэҕинэн Үөһээ, Аллараа уонна Орто дойду диэн арахсан ааттаналлара быһаарар. Ол курдук, Үөһээ уонна Аллараа дойдуларга өлбүт дьон өйдөрө-санаалара үөр, айыы буолан сылдьар буоллахтарына, тыыннаах, эттээх-сииннээх киһи өйө-санаата Орто дойдуга эрэ олоҕун олорор кыахтааҕын билиниэхпит этэ.

Манна кэлэн кылгас быһаарыыны киллэрэн биэрии табыллар. Ол курдук, сахалар өй-санаа, таҥара үөрэхтэрэ олус былыргы кэмнэргэ айыллан үөскээбитинэн дьон өйдөрө-санаалара сылдьар сирдэрин икки тус-туспа дойдуларга арааран уратыларын быһаарар:

1. Бу дойду. Бу дойдуга тыыннаах, эттээх-сииннээх дьон өйдөрө-санаалара сылдьаллар уонна бэйэлэрэ олохторун олороллор.

2. Ол эбэтэр Анараа дойду. Бу дойдуну сахалар көстүбэттэр дойдулара диэн ааттыыллар уонна онно араас иччилэри тэҥэ, өлбүт дьон өйдөрө-санаалара айыы буолан сылдьаллар.

Мин маҥнай саҕалааһыммар түүл үөрэҕин чинчийэн үөрэтэммин өй-санаа уларыйар уратыларын үөрэтэн, арааран баран ити өйдөр-санаалар сылдьар сирдэрин сахалар икки дойдуга араарыылара ордук табатын быһаараммын сурукка киллэрэбин.

Икки тыһыынча сыллартан саҕалаан киһи үчүгэйи уонна куһа-ҕаны оҥорон кэбиһэрэ быһаарыллыбытын кэннэ үчүгэйи туспа араа-ран Үөһээ дойдуга олохтооһун, онтон куһаҕаннары барыларын Аллараа дойдуну оҥорон, онно мунньан аҕыйата сатааһыны сорох таҥара үөрэхтэрэ олоххо киллэрэн туһана сылдьаллар. Бу икки дойдулар икки ардыларыгар Орто дойду баар уонна онно дьон бэйэлэрэ үчүгэйдэрин тэҥэ, куһаҕаннарын кытта бииргэ олохторун олороллор диэн быһаарыыны үөскэтэн сахалар олоххо киллэрбиттэр.

Киһи буолууну ситиһэн, киһи быһыылаахтык олоҕу олоруу тыыннаах дьоҥҥо Орто дойдуга эрэ кыалларын билиэхпит, онтон бары үрүҥ, хара айыылар Ол эбэтэр Үөһээ дойдуга, тыыннаах киһи кыайан олорбот дойдутугар сылдьалларын арааран өйдүөхпүт этэ.

Тыыннаах дьону Үөһээ дойдуга “үчүгэй”, “айыы үчүгэй” онно барыахха диэн ыҥырыы олус куһаҕан, өлүүгэ тиийэн хаалыыга ыҥырар быһыы буолар. Бу быһыы кыра оҕолору үөрэтиигэ туттуллар буоллаҕына, улахан куһаҕаҥҥа үөрэтиигэ тэҥнэнэн суукка бэриллэр кыахтанар. Ол курдук, саҥа сайдан эрэр, үчүгэйи уонна куһаҕаны ситэ арааран билэ илик оҕо өйүн-санаатын сыыһа, сымыйа үөрэҕинэн буккуйан куһаҕан, аһара барыы өттүгэр халытан кэбиһии хаһан баҕарар бобуллар кыахтааҕын албыны үөрэтэ сатааччылар өйдүөхтэрэ этэ. Быһаччы эттэххэ, үчүгэйи уонна куһаҕаны ситэ арааран билэ илик оҕолору куһаҕан, киһи оҥорбот быһыыларын, айыыны оҥоруҥ, киһи быһыытын, сиэри аһара барыҥ диэн ыҥырбыкка тэҥнэнэр быһыы буоларын төрөппүттэр билэн элбэх сыыһалардаах “айыы үөрэҕэ” диэн сектаны хаалларыа, быраҕыа этилэр.

Өй-санаа уратыларын, Үөһээ, Орто уонна Аллараа дойдулар туох кээмэйинэн кэмнэнэн тус-туспа арахсалларын, тыыннаах, эттээх-сииннээх киһи тутулун туһунан аныгы, үөрэҕи-билиини баһылаабыт дьон билэллэрэ, олохторугар туһана сылдьаллара ордук этэ. Ол кур-дук, бу өй-санаа дойдулара бэйэ-бэйэлэригэр оҥорор сабыдыаллара хас киһини барыларын хаарыйар кыахтаахтар.

Былыргы христианнар абааһылары, иччилэри, үөрдэри кытта аһара куудьуспуттары, олор сабыдыалларыгар киирбиттэри, эҥэрдэс-питтэри бэйэлэриттэн киэр кыйдыыллара, үүрэллэрэ. Ордук улахан сабыдыаллаахтарын тутан ылан уокка уматаллара. Оннук быһыылар төһө да ыараханнарын иһин тыыннаах дьон өйдөрүн-санааларын харыстааһынтан оҥорулла сылдьыбыттарын өйдүөхпүт этэ.

Үөр, айыы тыыннаах, Орто дойдуга олорор киһиэхэ биллиитэ суола, сабыдыала суох хаһан да ааспат. Туох эмэ соһуччу быһыы, уларыйыы, быһылаан кэлэн иһэрин итилэр аан маҥнай билэннэр айманан, дьоҥҥо көстөн кэлэннэр эбэтэр тугунан эмэнэн биллэн сэрэтэллэр. Билиннэхтэринэ туох да сабыдыала, толуга суох төннүбэттэрин билии тыыннаах киһиттэн эрэйиллэр.

Бүлүүһэ сүүрдүүтүгэр былыргы үйэлэргэ олорон ааспыт араас айыылары, үөрдэри ыҥырыы, үргүтүү билигин үөдүйэн тарҕаммыта куһаҕаҥҥа тириэрдиэн сөп. Маны быһаарыыга А.Гаврильева “Туймаада уоттара” хаһыакка суруйбута туһалыа этэ. Алтан Айыытын ыҥыран ыйытыы кэнниттэн айанньыттар автобус абаарыйатыгар түбэһиилэрэ быһаччы сибээстээх буолуон сөп. (25,14).

Сахалар былыр-былыргыттан үөрдэри, айыылары тыыппакка, уһугуннарбакка, аймаабакка тыыннаах киһи Орто дойдуга олорор аналлааҕын этэллэр, эдэрдэр ити үөрэҕи тутуһалларыгар үөрэтэллэр. Ону баара ол дьоҥҥо бэйэлэрэ кэһэйдэхтэринэ, туохха эмэ соһуччуга түбэстэхтэринэ эрэ туһалаах өй-санаа хойутаан киирэр кыахтанара улахан уустуктары үөскэтэр. Автобус суолтан охтуута оннук, кэһэтэр дьайыы кэлэн ааспытын бигэргэтэр буолуон сөп.

Иччилэр, айыылар киһи түүлүгэр киирэн элбэхтик көстөллөр. Иччилээх түүллэри киһи биирдэ эмэтэ да буоллар көрөр уонна умнан кэбиспэт. Бу түүллэр киһи өйүгэр-санаатыгар дьөлө хатанан, ханнык эрэ дьайыыны оҥорон өйүн-санаатын уларытар күүстээхтэрин сахалар билэллэр. Ол иһин иччилэри харыстааһын, үргүппэт буолуу уонна эйэлээх сыһыаны олохтооһун туһаны аҕалара ордук элбэх. Үрүҥ айыы буолуу итэҕэлэ сир үрдүгэр дьон эрэ буолбакка араас элбэх иччилэр эмиэ баалларын билинэн олору кытта сыһыаны тупсарарга уонна харыстааһыҥҥа улахан суолтаны биэрэр.

Онон иччилэри харыстааһын диэн күөх айылҕаны ордук күүскэ харыстаан уһун үйэлэргэ уларыйбакка турарыгар тириэрдии буолар уонна үрүҥ айыы буолуу итэҕэлин үөрэҕэр киирсэр.

АЙЫЫЛАРЫ ХАРЫСТААҺЫН

Үөһээ дойду өйө-санаата Орто дойдуга олорор дьон өйдөрүн-санааларын түүл дьайыытын көмөтүнэн салайар диэн этэр сахалар үөрэхтэрэ. Ол иһин Үөһээ дойду өйө-санаата үчүгэй, үчүгэйи оҥоруу диэки өттүгэр тардыстыылаах буоларыгар саха дьоно баҕараллар уонна харыстыырга аналлаах ньымалары туһаналлар:

- Үөһээ дойду өйүн-санаатын харыстыырга анаан үрүҥ айыылары үөскэтэн туһаныыны өлбүт киһини тиһэх суолугар атаарыы аайы оҥоро сылдьаллар. Өлбүт киһи оҥорбут араас элбэх быһыыларыттан үчүгэйин талан ылан ахталлар, саныыллар, ол аата үрүҥ айыы оҥороннор кэлэр көлүөнэлэр үтүктэн туһаналларыгар аныыллар.

- Киһи өлүөн иннинэ үрүҥ айыы буолуу итэҕэлин үлэһитин ыҥыран үйэтин тухары мунньуллан сылдьар куһаҕан санааларыттан ыраастанарын, умнарын үөскэтэн бэриллэр. Бу туһалаах үгэс олус былыргы кэмнэртэн туттуллар уонна “айыы этиитэ” диэн ааттанар.

Айыы этиитэ диэн киһи оҥорбут ураты, куһаҕан быһыыларын билиниитэ уонна олортон өйүн-санаатын ыраастааһына ааттанар. Өлбүт киһи ыраастаммыт өйө-санаата Үөһээ дойдуга таҕыстаҕына атын дьоҥҥо үчүгэйинэн дьайар кыахтанарыттан Орто дойду дьонун өйдөрө-санаалара тупсарын сахалыы таҥара үөрэҕэ туһанар.

“Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан биэрэн иһэр тутулугар сөп түбэһэн итэҕэл үөрэҕэ эмиэ икки өрүттээх:

1. Сахалыы таҥара үөрэҕэ. Итэҕэл олоҕу баһылаан, сирдээн иһэр уонна саҥаны олоххо киллэрэр өрүтэ таҥара үөрэҕэ буолар. Ол аата саҥа, урут суох үгэстэри оҕо үөскэтинэригэр уонна киһи буолууну ситиһэн, киһи быһыытын аһара барбатыгар таҥара үөрэҕэ көмөлөһөр.

2. Үрүҥ айыы буолуу. Итэҕэл бу өрүтэ былыргылар билиилэриттэн тутулуктааҕын иһин, үрүҥ айыы буолуу диэн ааттанар. Былыргылар, өлбүттэр элбэх билиилэриттэн үрүҥүн, үчүгэйин, аныгы олоххо туһаны аҕаларын куһаҕаныттан, харатыттан туспа арааран ылан туһана сылдьарга аналланар. Бу элбэх билиилэри ылан аныгы кэмҥэ туһаныынан өйдөрүн-санааларын туппут, үчүгэйи уонна куһаҕаны бэйэлэрэ таба арааран билэр, элбэх уопуту мунньуммут дьон дьарыктаналлара атыттарга туһатын улаатыннарар. Саха дьоно ол иһин, олоххо элбэх уопуттаах кырдьаҕастары ытыктыыллар, этэр тылларын болҕойон истэллэр уонна толороллор.

Айыылар Ол эбэтэр Үөһээ дойдуга олороллор диэн өйдөбүл сахаларга былыр-былыргыттан баар, урукку, ыраахтааҕы баарын са-ҕанааҕы кэмҥэ куруук туһаналлар этэ. “Көхсүттэн көнтөстөөх” диэн былыргы кэмҥэ үөскээбит этии киһи Үөһээ дойдуттан өйүнэн-санаатынан тутулла сылдьарын, ханна да арахсан барар кыаҕа суоҕун биллэрэр. Ол курдук, түүлгэ куһаҕан диэн сыаналанар киһини көр-дөххө туох эрэ табыллыбат буолуута, санаа түһүүтэ кэлиэн сөп.

Дьон олоҕо Үөһээ дойду өйүттэн-санаатыттан олус улахан тутулуктаах. Киһиэхэ өлбүт төрөппүттэрин айыы буолбут өйдөрө-са-наалара хаһан баҕарар түүлүгэр көстөн араас ыарыыттан эҥин сэрэтэллэрэ, көмүскүүллэрэ биллэр. Ол иһин дьон айыылары харыс-тааһын уонна Үөһээ дойду өйүн-санаатын ыраастааһын диэн сиэр-дэри-туомнары олохторун устата толоро сылдьаллара ирдэнэр:

А. Айыылары харыстааһын диэн итилэри үргүппэт, уйаларын ыспат, улаханнык ыҥыран уйгуурдубат, аймаабат буолуу ааттанар. Биһиги тулабытыгар араас иччилэр, айыылар ханна эрэ сылдьалларын билэн, олору харыстааһын, араас улахан тыастарынан туһанан уйгуурдубат буолуу эрэйиллэр көрдөбүл буолар.

Үөһээ дойду диэн ааттыыр, ыраах баар буолуо дии саныыр дойдубут бэйэбит тулабытыгар, эргийэн, бүрүйэн сылдьар. Көрбүөччү киһи хаһан баҕарар көрүөн, билсэ сылдьыан сөп. Үгүстэр Үөһээ дойду өйүн-санаатын кытта түүлү көрөн билсиһэллэр.

Айыылар диэн өлбүт дьон өйдөрө-санаалара киһи өлбүтүн кэннэ туспа баран сылдьаллара ааттанар. Хас биирдии киһи өйө-санаата атыттартан туспалаах, хаһан да маарыннаабат уратылардаах. Ол иһин өй-санаа атыттартан уратытын, туспатын бэлиэтээн айыы буолуу диэн ааттаабыттар. Үгүс дьон айыылары, өлбүт дьон өйдөрүн-санааларын кытта түүллэригэр көрсөн билсэллэр, кэпсэтиэхтэрин, араас билгэлээ-һиннэри кытта билиэхтэрин, билиини ылыныахтарын сөп.

Ыраах сылдьар өлбүт киһи кутун ыҥыран, чугас аҕалан араас сэрэбиэйдэри ыйыталаһыы куһаҕана элбэх. Урукку олоҕуттан хоҥнон кэлбит кут аны ким эрэ кутугар сыстан барымаары эбэтэр кыайан барбакка, хаалаары сорунара эмиэ баар буолуон эбэтэр ким эмэ кутун илдьэ барыан сөп. Ханнык баҕарар өлбүт киһини кытта барсыы олус куһаҕан түүл буоларын таба өйдөөһүн уонна өлбүттэртэн харыстана, тэйиччи сылдьа сатааһын тыыннаах киһиттэн эрэйиллэр.

Сахалар өлбүт дьон ааттарын да улаханнык ааттаан, ыҥыран куттарын аймаабаттар, уйгуурдубаттар этэ. Манна өлбүт киһи туһу-нан куһаҕаны этимэ диэн үөрэҕи тутуһа сылдьаллара куһаҕан санаа арахсыбакка тардыһар дьайыылааҕынан быһаарыллар.

Айыылары харыстааһын диэҥҥэ өлбүт киһи уҥуоҕун тыыппат буолуу бастакынан киирсэр. Урукку кэмҥэ тарбаҕынан ыйыы бобуллара. Өлбүт киһи кута уҥуоҕун харыстыырын, тыыттахха, алдьаттахха араас тыаллары, холоруктары түһэрэрин кэпсээннэртэн билэбит. Киһи уҥуоҕар мунньуста-мунньуста арыгылааһын, улаханнык айдаарыы, аһара баран ытааһын-соҥооһун кутун харыстааһыҥҥа сөп түбэспэт. Ол иһин сахалар киһи өлбүтэ үс сыла ааспытын кэнниттэн улахан соруга суох уҥуоҕар тахса сылдьыбаттар уонна айыы буолбут өйүн-санаатын кытта түүллэринэн билсиһэллэр.

Б. Киһи өллөҕүнэ өйө-санаата этиттэн-сииниттэн туспа баран ханнык эрэ; үрүҥ эбэтэр хара айыы буолан сылдьарын бары сахалар билэллэр. Өлбүт этиттэн-сииниттэн арахсан туспа барбыт өй-санаа Үөһээ дойдуга тахсар диэн, бу дойду үөһээ диэки баарын курдук арҕаа дойдулар өй-санаа, таҥара үөрэхтэригэр этиллэр.

Киһи үйэтин тухары оҥорбут араас айыытын-харатын этэн өйүн-санаатын ыраастанан баран өллөҕүнэ Үөһээ дойду өйө-санаата ыраас буолар аналланар. Киһи өйүттэн-санаатыттан куһаҕан санаалара хаа-лан ыраастаннахтарына эбэтэр кимиэхэ эмэ этиллэн хааллахтарына Үөһээ дойдуга тахсыбаккалар ыһыллан, хаалан иһэллэриттэн Үөһээ дойду өйө-санаата ырааһырар кыахтанар. (4,120). Өй-санаа төһө ыраах барарын ханнык санаалардааҕа быһаарар. Ол курдук, куһаҕан санаа тардыһар күүһэ улаханыттан ханна да ыраах барбакка чугас сылдьан, оннооҕор көннөрү дьоҥҥо биллиэн сөп. Өй-санаа маннык турукка киириитин үөр буолуу диэн ааттанар. Үөр аймахтарга урут-бастаан биллэр уратылаах.

Өйү-санааны үөр буолууга кубулуппат туһугар киһи өлүөн иннинэ санаата ыраас, хантан да тардыспат гына арахсыбыт буолара ирдэнэр көрдөбүл буолар. Ол иһин өлөөрү сытар киһи бэйэтэ итэҕэйэр, эрэнэр киһитигэр “айыы этиитэ” диэн сиэри-туому толороро туһалаах. Бу сахалар таҥараларын үөрэҕин сиэргэ-туомҥа кубулутан билигин православнай таҥара дьиэтэ киэҥник туһана сылдьар. Киһи ханна да сырыттаҕына Үөһээ дойду өйүттэн-санаатыттан кыайан харыстанан, хаххаланан хаалар кыаҕа суох, бу өй-санаа сири бүтүннүүтүн бүрүйэн турар. Үөһээ дойду өйө-санаата куруук биллэ, түүл буолан киирэ сылдьарын бары билэбит.

Үөһээ дойду өйө-санаата ыраас, үтүөҕэ, үчүгэйгэ ыҥырара элбэх буоллаҕына, сиргэ, ол аата Орто дойдуга дьон өйө-санаата тупсан эйэлээх олоххо тардыһаллара улаатан туһалаах үлэни кыайаллара эбиллэн олоҕу сайыннарар кыахтаналлар. Аан дойду иккис сэриитин кэнниттэн дьон өйдөрө-санаалара тупсан эйэлээх олох уһаата.

Киһи өлүөн иннинэ айыытын-харатын этэн өйүн-санаатын ыраас-тыыра Үөһээ дойду өйө-санаата ыраас, үтүө буоларын хааччыйарга аналланар. Өлүөх иннинэ таҥараҕа тиксии диэн айыыны этэн сиэри-туому толоруу буолар уонна өйү-санааны ыраастыырга туһалыыр. Ол курдук, киһи санаата атын кимиэхэ эрэ эттэххэ биллэн тахсарынан, өйүгэр-санаатыгар хаатыйаланан сылдьыбыт санаалара тахсаннар, ыһылланнар өйө ырааһыран үчүгэй санаата элбиир кыахтанар.

Өй-санаа ырааһырдаҕына, санаа-оноо туохтан да тардыспат буол-лаҕына ыраах барар, тэйэр, ол иһин өлбүт дьон өйдөрө-санаалара мунньустар Үөһээ дойду өйө-санаата ырааһырар уонна тыыннаах дьоҥҥо үчүгэйинэн дьайыыны оҥорор кыахтанар.

Былыргы сахалар Үөһээ дойду өйө-санаата диэн билиилэрин аныгы наука үөрэҕэ билинэн эрэр. “Коллективное бессознательное” баар диэн З.Фрейд быһаарбытын тутуһааччылар элбээтилэр. Ол кур-дук, киһи өллөҕүнэ ханнык эрэ эньиэргийэ тахсан барара быһаа-рыллан сылдьар. Бу үтүө үгэс олоххо киирбитин үрүҥ айыы буолуу итэҕэлин тарҕатааччылар туһаныахтара этэ.

Былыргы сахалар билиилэринэн өлбүт дьон өйдөрө-санаалара билигин ханнык эрэ; үрүҥ эбэтэр хара айыыга кубулуйан хаалан сылдьалларынан олору тус-туспа арааран үчүгэйдэрин харыстааһын, онтон куһаҕаннарын умнуу, хаалларан иһии тыыннаах, олохторун салгыы олорор дьонтон эрэйиллэр көрдөбүл буолар.

Онон айыылары харыстааһын диэн өлбүт дьон өйдөрүн-санааларын үрүҥ айыылары оҥорбуттарын атыттарга биллэрии, олоххо кэмигэр таба туһаныыны киллэрэн уһун үйэлээһин уонна былыргыттан олохсуйбут үгэстэри, сиэри-туому тутуһуу ааттанар.

УОТУ АҺАТЫЫ ҮГЭҺЭ

Олоххо билигин да туһалаах, куруук туттулла сылдьар былыргы үгэстэри уларыппакка харыстааһыны итэҕэл үрүҥ айыы буолуу өрүтэ оҥоро сылдьара ситиһэ сатыыр сыалыгар ордук табыллар.

Сахаларга өй-санаа үөрэҕэ былыргыттан сайдыбытын хардары-таары кэһиини бэрсии үгэһэ туттуллара биллэрэр. Кэһии биэрии ылааччы санаатын тупсарар, көннөрөр уратытын аан маҥнайгынан үрдүктүк сыаналаан куруук туһана сылдьаллар эбит.

Киһи саамай сөбүлүүр, таптыыр киһитин үөрдээри, санаатын көтөҕөөрү оҥорор бадаарагынан, биэрэр кэһиитинэн бэйэтэ саамай сөбүлүүр, үчүгэй дии саныыр малын тэҥэ, анараа киһитэ ордук сөбүлүүр буолара бадаарак, кэһии табыллыбытын, санаа көнүүтүгэр улахан туһаны аҕаларын биллэрэр. Ол аата кэһии биэриибит “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ эмиэ сөп түбэһэр буоллаҕына, иккиэннэрин үөртэҕинэ туһалаах дьайыыта улаатар:

1. Кэһии биэрээччи биэрбит кэһиититтэн астынара, дуоһуйара үөскүүрэ бэйэтин киһилии санаатын улаатыннарар.

2. Бу кэһии ылааччыга үөрүүнү, санаата тупсуутун, көтөҕүллүү-түн үөскэттэҕинэ табыллыбыта, туһаны аҕалара быһаарыллан тахсар.

Кэһиини биэрэргэ анаан талан ылыыга үгүстэр аҥардастыы бэйэ-лэрэ сөбүлүүллэрин булан ылан биэрэн кэбиһэллэрэ кэһии сыанатын түһэрэн табыллыытын, ылааччы санаатын көтөҕөрүн суох оҥорор. Туһата суох, мэһэй буолар, таах хаалар бадаарактар, бырааһынньык-тарга бэриллэр кэһиилэр билигин ыал аайы дэлэйэн иһэллэр.

Уот биһиги саамай сөбүлүүр, таптыыр иччибит, Хатан Тэмиэ-рийэ диэн ааттыыбыт. Аһара тымныылаах дойдуга олорорбутуттан уот сылааһын илиитин иһигэр баарбытын билигин да билинэммит уоту ытыктыырбыт былыргыттан аҕыйыы илик. Ол иһин уоппутун аһатаары, ол аата харысхалыгар киирээри, ону тэҥэ үөрдээри, күлүм аллатаары, мичик гыннараары бэйэбит саамай сөбүлүүр, харыстыыр, олус күндүтүк саныыр мааны аспытыттан күндүлүүбүт, бэрсэбит.

Олус былыргы да буоллар өйгө-санааҕа туһалаах үгэстэри харыс-тааһын аныгы дьонтон эмиэ ирдэнэр. Үгэстэри харыстааһын диэн, бу үгэһи уруккутуттан уларыппакка эрэ туһана сылдьыы, ону-маны була сатаан эбэн биэрбэт буолуу ааттанар. Хас киһи барыта тус-туспа өйдөөҕүттэн-санаалааҕыттан, туох аһылыгы үчүгэй дии саныырыттан уокка тугу бэрсэрэ тутулуктанара уларыйбатаҕына табыллар. Ол аата уоту аһатыы диэн киһи бэйэтэ саамай сөбүлүүр, олус күндүтүк саныыр уонна субу аһылыкка бэлэмнэммит аһыттан уокка бэрис-тэҕинэ уот үөрүүтэ өссө улаатарын туһаныы буолар. (4,95).

Уокка ас биэрии “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэринэн уот баҕа санаатын эмиэ аахсар буолуу ирдэнэр. Уот араастаан умайар, эмиэ күөдьүйэр, намырыыр, умуллар кэмнэрдээҕэ санаата, аһылыга табылларыттан улаханнык тутулуктанар. Уот түр-гэнник умайар, сандаарар тугу эмэ биэрэри сиирин сөбүлүүр, ол аата күүскэ умайары бэристэххэ санаата түргэнник көнөр, тупсар, күө-дьүйэн, күүһүрэн кэлэриттэн көмөнү оҥорор кыаҕа улаатар.

Кэриэрэри, хоруорары, аанньа умайбаты, араас биллибэт куһаҕан сыттары таһаарары уокка биэрбэтэххэ табыллар. Бу тахсар куһаҕан сыттарынан сирдэтэн араас абааһылар, иччилэр уһуктуохтарын, тиийэн кэлиэхтэрин, куһаҕан санаалаахтар мунньустуохтарын эмиэ сөп. Ол курдук, араас абааһылар, дьоҥҥо куһаҕаны оҥорооччулар бары олус куһаҕан сыттаах буолаллара кэпсээннэртэн биллэр.

Алгыырга, тугу эмэ көрдөһөргө уокка биэрэр туох эмэ ураты, үчүгэй сыты таһаарар буолара ордук. Сылгы араас дьүһүннээх сиэлин ол сыалга сахалар былыр-былыргыттан ыла туһаналлар, ону тэҥэ, араас үчүгэй сыттары таһаарар оттору уматаллар. Мин өссө сыт туох оруоллааҕын ситэ үөрэтэн билэ иликпин эрээри, куһаҕан абааһылар, иччилэр аһара куһаҕан, киһи аҕынньыта төллөр сыттаах буолаллара уонна оннук сыттары сөбүлүүллэрэ былыргы кэпсээннэртэн биллэр. Кэриэ, хоруо эмиэ олус куһаҕан сыттааҕын бары билэллэр, ол иһин туох да аһы буһарарга хоруордубакка кыһаналлар.

Уоту аһатыыны биир халыыпка киллэрии, аҥардастыы алаадьынан эрэ аһатыы кэрэгэй, эрдэттэн бэлэмнээтэххэ табылларынан субу кэмҥэ туһаныыга итэҕэс, өй-санаа уларыйан иһэр уратытын сатаан туһамматы биллэрэр. Алаадьы сииргэ төһө да үчүгэйин, бэлиэ кэмҥэ буһарылларын иһин уокка сүгүн умайбат, хоруорар, буруолуур уонна кэриэрбит сыты таһаарар. Уоту умуруорар, хоруорар астары уокка букатын биэримиэххэ, уоту умуруорумуохха, мөлтөтүмүөххэ, санаатын түһэримиэххэ. Уот бэйэтэ сөбүлүүр, үөрэ-көтө сиэн күөдьүйэр, ол аата үчүгэйдик умайар астарыттан кыратык да биэрдэххэ үөрэрэ-көтөрө, күлүмнүүрэ, сандаарара биллэрдик улаатарыттан араас уустук көмөлөрү оҥорор кыаҕа эбиллэр.

Уоту умуруорар тугу барытын уокка бэриллиэ суохтаах. Уоту умуруоран кэбиһэрин иһин кымыһы уокка букатын кутуллубат, уот умуруорары куттахха төрүт сөбүлээбэт, хомойор, санаата түһэр. Кымыс ыһыахха сири аһатыыга, ыһыахтыырга эрэ туттуллара сөп. Арыы уокка да үчүгэйдик умайар, сыт да таһаарар үчүгэй ас. Уоту аһатыыга саамай табыллар, былыр-былыргыттан туттуллар ас буолар. Элбэх арыыны кыра алаадьыга ууран биэриэххэ сөп.

“Байанай арыгыһыт буолбут” диэн этии сымыйа, булчуттары түһэрэн этии буолар. Ол курдук, ыраах тайҕаҕа сылдьар булчуттар саамай бочуоттуур, тоҥортон харыстыыр, күүс-уох биэрэр баар-суох мааны астарынан үрүҥ арыгы буолара саарбаҕа суох. Бу мааны, аҕыйах, кэмчилэнэр, үчүгэйдик умайар астарыттан күндүлэттэҕинэ, уот чахчы үөрэр, сылааһа эбиллэр, умайара күүһүрэр, санаата көнөр.

Киһи бэйэтэ үчүгэй дии саныыр, олус харыстыыр, кэмчилиир аһылыгыттан кыратык да бэриһиннэрдэҕинэ уот санаата көнөр, үөрэр, кыымынан ыһыахтанар, үөрбүтэ биллэр, күүскэ умайар, киһи көрдөһөр санаатын толорор кыахтанар. Ол иһин уоту аһатар ас уоту бэйэтин эмиэ үөрдэр, үчүгэйдик умайар буолара хайаан да ирдэнэр.

Аал уот иччитин аата Хатан Тэмиэрийэ. Сахалар олус ытыктыыр, харыстыыр уонна аһара барбатын көрөр-истэр, сэрэнэр иччилэрэ. “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этии быһаарарынан хайа да өттүгэр аһара барыы куһаҕаҥҥа тириэрдэрин курдук уот аһара барыыта алдьархайы үөскэтэр. Ол иһин “Таҥара сэрэҕи таптыыр” диэн этиини таба өйдөөн уоттан олус улахан сэрэхтээх буолуу син-биир ирдэнэр.

Тайҕаҕа уот барара олус кутталлаах. Уоту туһаныы олус улахан сэрэхтээх буолууну ирдиирин хаһан да умнубатахпытына табыл-лабыт. Биһиги дойдубутугар хас киһи барыта уоту туһаныыга сэрэхтээх буолуу үөрэҕин баһылыыра, олоҕор туһанара ирдэнэр. Оҕолору оскуолаҕа уоту сэрэхтээхтик туһаныыга үөрэтии аналлаах экзаменнаах буолара туһатын улаатыннарыа этэ.

Билигин айылҕаҕа быһаччы сылдьарбыт төһө даҕаны аҕыйаабытын иһин улахан тымныыттан уот итиитэ эрэ быыһыыр, уоппутун син-биир оттобут. Уоппутугар аспытын буһарабыт, уот киһини айыл-ҕаны кытта холбуу сибээстиир суолтата уларыйа илик.

Уокка ас бэрсии – олус былыргы үгэс, айылҕаны, иччилэри кытта сибээһи олохтуур. Бу үгэс уот тымныыттан харыстыырын, аһылыгы буһарарын иһин олус улахан ытыктааһын бэлиэтэ буолар. Итини тэҥэ, тимир уустара сахалар, үлэлэрэ-хамнастара уоттан ордук улаханнык тутулуктанан сылдьара ити үтүө үгэһи салгыы сайыннарбыт. Киһи бэйэтэ илдьэ сылдьар олус күндүтүк саныыр аһыттан бэрсэн, аан маҥнай уот иччитин Хатан Тэмиэрийэни күндүлүүр. Урут арыгы дэлэйэн, күндү аска кубулуйбут кэмигэр дьон бары арыгы иһээри бэлэмнэннэхтэринэ эбэтэр көннөрү кэһии оҥостон уокка арыгы биэриилэрэ тарҕанан тэнийэ сылдьыбыта.

Билигин уокка арыгыны биэримэҥ диэн дьахталлар этэ сатыыллар. Арыылаах алаадьы Хатан Тэмиэрийэҕэ сөп буолар диэн этэллэрэ сыыһа. Аҥардастыы бэйэлэрин эрэ алаадьыны сөбүлүүр санааларын өрө туталларын биллэрэр. Ол курдук, алаадьы уокка аанньа умайбат, хоруорар, буруолуур. Ол аата уот сөбүлээбэтин биллэрэр. Ону биһиги дьахталларбыт бэйэлэрин “үчүгэй” курдук сананыылара аһара улаатан хаалбытыттан аахсыбат буола сылдьаллар.

Булчуттарга, үлэҕэ сылдьар дьоҥҥо арыгы үчүгэй ас буолан бүтэрэ ыраах, суох да буолуо. Ким тугу үчүгэй, баар-суох күндү аһым диэн санаатыттан тугу биэрэрэ, бэрсэрэ тутулуктааҕын, баар-суох үчүгэй дэнэр астан бэриһиннэрдэҕинэ уот эмиэ үөрэрин алаадьыны биэр, кымыһы кут диир дьоммут хата аахсыбаттар.

Кэһии биэрии, бэрсии икки өрүттэр санааларын иккиэннэрин таба сыаналыыр, иккиэннэригэр үчүгэйи оҥорор буоллаҕына ордук табыллар, санааны көтөҕөн туһаны оҥороро улаатар. Былыр-былыргыттан сахалар уокка бэрсэр күндү аһылыктарынан үчүгэйдик, өр умайар арыы буолар этэ. Кыра алаадьыга эбэтэр кириэп тооромоһугар элбэх арыыны сыбаан бэрсэннэр уоту үөрдэллэрэ, санаатын көтөҕөллөрө.

Онон уокка туох үчүгэйдик умайарын биэрдэххэ үөрэр уонна көмөлөһөр санаата улаатар, ол иһин уокка арыыны биэрэр үгэһи харыстыахха, оннугар түһэриэххэ сөп этэ.

ДЬАРЫГЫ, ИДЭНИ ХАРЫСТААҺЫН

Олус уһун үйэлээх сахалар баһылаабыт дьарыктара уонна идэлэрэ элбэхтэр. Бастакы булчуттар үөскүөхтэриттэн ыла өйдөрө-санаалара сайдыбытын Хотой таҥара баара биллэрэр. Ол курдук, дьон хотой кыайа-хото бултуурун курдук бултууру ситиһэргэ аналлаах баҕа санааны үөскэтинэннэр Хотойу таҥараҕа кубулуппуттар.

Үлэни үлэлээһин туспа омугу үөскэтэр. Былыргы кэмнэргэ дьон бары баһылаабыт сүрүн үлэлэринэн тус-туспа арахсаннар омуктары үөскэппиттэр. Бу үлэ тутаах көрүҥэ уларыйыыта омук бэйэтэ эмиэ уларыйарыгар тириэрдэн кэбиһиэн сөп. Ол иһин кыра омугу элбэх ахсааннаахтарга булкуйан симэлитиэхтэрин, суох оҥоруохтарын баҕалаахтар атын үлэни булан төрүт үлэлэрин солбуйа сатыыллар.

“Таба суох буоллаҕына, табалаах омуктар эстэллэр” диэн этии табата билигин Россияҕа быһаарыллыыга киирдэ. Ол курдук, туунда-раҕа олохтоох таба көлөнү туһанар, көлүнэр аҕыйах ахсааннаах омуктар аан бастаан симэлийэр кутталга киирэн сылдьаллар.

Саханы саха оҥорбут идэлэр, үлэлэр манныктар:

1. Булчуттар, маҥнайгы сэрииһиттэр.

2. Табаны иитэн туһанааччылар.

3. Ынах сүөһүнү көрөөччүлэр.

4. Сылгыны иитэн туһанааччылар.

5. Тимири уһаарааччылар уонна уһанааччылар.

6. Бары үлэһиттэр - уустар.

Бу быһаарыылары кылгастык ырытан көрүөхпүт:

1. Булчуттар. Булчуттар диэн аан бастакы үлэһиттэр уонна сэрииһиттэр. Бултуурга туттуллар тыллар, араас туттар сэптэр олус былыр-гылар, сэриигэ туттуллаллар уонна билигин да уларыйбакка сылдьаллар. Ол курдук, ыт диэн тыл ох саанан ытары тэҥэ, булчут ыты биллэрэрэ ыты иитэн, үөрэтэн бултааһыҥҥа туһаныы олус былыргы кэмнэргэ сайдыбытын биллэрэр. Саха сириттэн 15 тыһыынча сыллар анараа өттүнээҕи кэмнэр диэки өлбүт ыт өлүгэ көстүбүтэ.

Ай диэн тыл айа диэн бултуур тэрили үөскэппит. Айыы-айа диэн этии соһуччу буолар ыарыыны биллэрэрэ былыргы кэмнэргэ айаҕа табыллан эрэйдэнээччилэр элбэх эбиттэрин быһаарар.

Киһини киһи оҥорбут, кыыллартан туспа араарбыт үлэнэн бултааһын буолар. Киһи атын кыыллары бултаан аһылык оҥостон туһаҕа таһаарынан бэйэтин туспа араарынара олоххо киирбит. Элбэх кыыллар, көтөрдөр булт диэн туспа араарыллан киһиттэн тэйитиллибиттэр.

Киһи өйө-санаата сайдыыта Кут-сүр үөрэҕин арыйан олоххо киллэрбит. Кут-сүр үөрэҕин баһылааһын киһиэхэ салгын кут диэн баарын уонна түргэнник сайдарын арааран билиини үөскэтэн кыыллары, көтөрдөрү киһиттэн туспа араарыыга туһаны оҥорбут.

Бултааһын үгэстэрэ сахалар бу хоту дойдуларыгар олус былыргы кэмнэртэн ыла олохсуйбуттарын биллэрэллэр. Ол курдук, муус аннынан муҥхалааһын уонна сааскы кэмҥэ куйуурдааһын собо эрэ балыкка ананар үлэлэр буолаллар. Бу үлэлэр манна олохтоохтору собо балык баар буолбут букатын былыргы кэмнэриттэн ыла, ити үлэлэри баһылаабыттарын туоһулуу сылдьаллар.

Бултааһын үйэлээх үгэстэрэ билигин да уларыйа иликтэр. Арай бултуурга буорахтаах саа туттуллууга киириитэ саа диэн тыл ох сааттан көһөн хос быһаарыылаах өйдөнөрүн үөскэппит.

Булка туттуллар араас сэптэр бары сэриигэ туттуллар аналлаахтар. Ол иһин олус былыргы булчуттар аан бастакы сэрииһиттэр эбиттэр. Кыахтаах булчуттар атын сирдэри сэриилээн ылан бултуур сирдэрин кэҥэтиини оччотооҕу кэмнэртэн оҥоро сылдьыбыттар. Булт тэриллэрин оҥостуулар олоххо киириилэрэ киһи өйө-санаата сайдан истэҕинэ тупсан, күүһүрэн испиттэрин тэҥэ, саҥа сирдэри баһылааһыны салгыы ыыппыттар. Тимиртэн саҥа сэрии сэбин оҥостубут булчуттар киэҥ сирдэри сэриилээн ылан элбэх саҥа дойдулары үөскэтэн сайдыыны ситиһиини киэҥник тарҕаппыттар.

2. Табаны олоххо туһаныы. Олус былыргы кэмнэргэ үөскээн олоро сылдьыбыт сака омуктар таба көлөлөөхтөрө сурукка киирбит буолан чахчынан ааҕыллар. Сака диэн тыл таба диэн эбит. Таба көлөлөөхтөр киэҥ сирдэри баһылыы сылдьыбыттара остуоруйа үөрэҕиттэн биллэр. Таба кыылы көрүү-истии үлэлэрэ үгэскэ кубулуйбуттарын билигин даҕаны табалаах дьон туһана сылдьаллар. Саха дьоно үлэни-хамнаһы баһылаан, оҥорор-тутар үлэни сайыннаран истэхтэринэ тугу барытын оҥорбуттарын сөпкө, таба оҥоро сатыыр санаалара улаатан табаны таҥараҕа кубулуппуттар.

3. Ынах сүөһү көрүүтэ. Олус былыргы кэмнэргэ сахалар ынах сүөһү көрүүтүгэр баһылаан иһээччи буолбатахтар эбит. Ынах сүөһүгэ хороҕор муостаах диэн ааты хоролор биэрэн иҥэрбиттэр. Ону тэҥэ, Хоро оҕонньор куруук оҕус миинэ сылдьара былыргы остуоруйаларга ахтыллар. Хоролор тыал буолан сахаларга холбоспуттарын кэнниттэн саха дьоно ынах сүөһүнү көрүүнү бэйэлэригэр ылыммыттар.

Ынахсыт таҥара диэн ынах сүөһү таҥарата ааттанарын оннооҕор биһиги көлүөнэлэр билэбит. Урукку сайылыктарга синньигэс ураҕас-таах кыра дьэрэкээн ойуулаах күрүөлэр бааллар этэ. Ынахсыт таҥараны оннугар түһэрдэххэ ынах сүөһү көрүүтэ-истиитэ былыргы үгэстэри тутуһан барара ситиһиллэн ахсааннара эбиллиэ этэ.

Хоро оҕонньор оҕуһу миинэ сылдьара элбэхтик кэпсэнэр буоллаҕына сыарҕаҕа көлүйэргэ туттуллар тэриллэр бары сахалыы аат-таахтар. Сыарҕа, ураҕас, бурҕалдьы диэн тыллар саха тыллара. Бу тыллар олус былыргы кэмнэргэ оҕуһу сыарҕаҕа сахалар көлүйэн үлэҕэ туһаммыттарын биллэрэ сылдьаллар.

4. Сылгыны иитии уонна туһаныы. Сылгы сүөһүнү көрүү сахалар биир сүрүн дьарыктара буолар. Олус былыргы кэмнэртэн сылгы көлөнү олохторугар туһана сылдьан баран нууччалар кэлиилэригэр сыарҕаҕа өссө да көлүммэттэр, наар миинэн уонна ыҥыырдаан туһаналлар эбит. Ол дакаастабылынан сылгыны сыарҕаҕа көлүйэргэ туттуллар тэриллэр бары нууччалыы ааттаахтара буолар.

Хомуут, дуҕа, сөдүөккэ уонна муоһа диэн тыллар нууччалартан киирбиттэр. Ол аата үлэ бу тутаах көрүҥүн нууччалар аан бастаан баһылааннар саҥа, сылгыны сыарҕаҕа көлүйэргэ аналлаах тыллары үөскэтэн олоххо киллэрбиттэрин билигин туһана сылдьабыт. Тыл үөскээһинин бу быһаарыыта саҥа тылы үлэ эрэ, туох эмэ саҥаны айыыны, уратыны оҥордоҕуна үөскэтэрин уонна олоххо кил-лэрэрин чуолкайдаан биэрэр. Ол аата тыл үөрэхтээхтэрэ тылы үөскэтэр дорҕооннору талбыттарынан саҥалыы дьаарыстаан, урут суох, саҥа тылы оҥоро сатыыллара таах сибиэ дьону албыҥҥа киллэрэ сатааһын, саха тылын алдьатыы буолар уонна маат курдук туһата суох тыллары үөскэтэн баран таах хаалара быһаарыллан тахсар.

Бас быата, көнтөс, үүн, тэһиин, ыҥыыр диэн саха тыллара. Бу тыллары олус былыргы кэмнэргэ сахалар үөскэппиттэр уонна бу тэриллэри аан бастаан бэйэлэрэ айан оҥорбуттара, атыттар иннилэринэ олохторугар туһаммыттара быһаарыллан тахсар.

5. Сахалар тимири уһаарыыны уонна уһаныыны баһылааннар олоххо киллэрэн омуктарын аата сака диэнтэн, тимир уустарын “Сах” диэн уот таҥараларын аатынан, саха диэҥҥэ уларыйбыт. Баһылыыр үлэ таҥаратын аата саха омук аатыгар көһөн иҥэн хаалбыт.

Саха омук тимир уустарын “Сах” таҥараларын аатын ылан саҥалыы үөскээн тахсан үрдүк сайдыыны ситиспит. Олус былыргы кэмнэргэ дьон олохторугар сайдыыны ситиһэллэригэр тимир ууһа ылар улахан оруолун сабыдыала саха омугу сайыннарбыт. (5,22).

Тимир, балта, кыһа диэн тыллар саха төрүт тыллара. Үлэ бу көрүҥнэрин аан бастаан баһылааннар саҥаны айыыны оҥороннор, саҥа тыллары үөскэтэн туһаҕа таһаарбыттар. Бу тыллары кэлин сахалартан үөскээн арахсыбыт түүр омуктар бары туһаналлар.

Тимир ууһун саамай туһалаах уонна уустук үлэтинэн тимири хатарыы диэн буолар. Саха тимир уустара сайдан иһэр монголларга хатарыылаах тимири уһааран оҥорон биэрэннэр улахан сэриилэргэ барыларын кыайбыттарын арҕааҥҥы үөрэхтээхтэр билигин да билинэ иликтэр. Арай оҕунан ытан куйахтаах киһини табалларын туһунан кэнники кэпсэтэн эрэллэр. Хатарыылаах тимир ох сиикэй тимир куйаҕы хоторун, дьөлө көтөрүн туһанан монголлар элбэх кыайыылары ситиспиттэр. Хатарыы диэн саха тыла, ол иһин сахалар аан бастаан тимири хатарыыны оҥорон туһаҕа таһаарбыттара биллэр.

Саха ууһа оҥорбут тимир быһаҕын Россия бары сирдэриттэн археологтар булаллар. Олоҥхо кэмин саҕана сахалар киэҥ сирдэри баһылыы сылдьыбыттара биллэр буолан эрэр.

6. Бары үлэһиттэр - уустар. “Төрүт уус” диэн холбуу этии сахалар төрүттэрэ уустарын биллэрэр. Уус диэн уһанар дьоҕурдаах, сатабыллаах уонна талааннаах буор куттаах үлэһит киһи ааттанар.

Биир үлэһит, уус киһи ойох ылан элбэх оҕолору төрөттөҕүнэ аймахтара эбиллэн иһэллэрин үөскэтэр. Бу аймахтар өссө элбээн испиттэриттэн улуу уустар – улуустар үөскээн тахсыбыттар.

Үлэни кыайан үлэлээбэт омук эстэр, атыттарга үлэлиир миэстэтин былдьатан үтүрүттэрэр. “Хоро салаҥ”, “хоро таһар” диэн сирэн ааттаммыт хоро омуктар эстэн, симэлийэн сахаларга холбоспуттар.

Саҥаны оҥоруу үлэни эрэ оҥорууттан ситиһиллэр уустук, ыарахан үлэ буолар. Саҥаны оҥоруу саҥа тылы үөскэтэр. Ол иһин тыл үөрэхтээхтэрэ буукубалары холбооттоон оҥоро сатыыр саҥа тыллара туох да туһата суох, була сатаан дьону албыннааһыны туһаныы, аралдьытыы буолан тахсаллара быһаарыллар. Билигин сайдыыны ситиһии элбээбит кэмигэр тыл үөрэхтээхтэрин ити улахан албын-нарыттан босхолонуу саха дьонуттан ирдэнэр буолла.

Оҕоҕо кыра эрдэҕиттэн туһа киһитэ оҥорон үлэлииргэ үгэстэри ийэтэ иҥэрэн биэрдэҕинэ эрэ үлэһит буола улаатарын сахалар билэн оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ туһана сылдьаллар. (26,29). Бу кыра эрдэҕинэ ийэ кутугар иҥэриллэр үгэстэрэ улааттаҕына баҕа санааҕа кубулуйаннар үлэни кыайар киһи буоларын үөскэтэллэр.

Онон үлэ эрэ омугу сайыннарарын билэн бары күүһү, көмөнү үлэни сайыннарыыга аныахха, үлэлииргэ үгэстэри оҕо кыра эрдэ-ҕиттэн иҥэриэххэ диэн үрүҥ айыы буолуу итэҕэлэ үөрэтэр.

КУҺАҔАН ҮГЭСТЭРИ УМНУУ, ХААЛЛАРЫЫ

Куһаҕан үгэстэри умнуу, хаалларыы диэн үрүҥ айыы итэҕэлин сүрүн уратыта, тутаах үлэтэ буолар. Ол курдук, куһаҕан аҕыйаан истэҕинэ эрэ үчүгэй эбиллэрин быһааран сахалыы таҥара үөрэҕэ куһаҕаны тупсаран, үчүгэйгэ кубулутууну үөскэтэн тарҕатар. Куһаҕаны хара диэн намтатан, түһэрэн, куһаҕанын биллэрэн ааттаан биэрии умнуллан хааларын түргэтэтэр суолталаах. Хара диэн куһаҕаны ааттааһын айылҕаттан уонна киһи хараҕа хараҥаҕа куһаҕаннык көрөрүттэн тутулуктанан үөскээбит. Ол иһин умнулларга, хааларга аналлаах куһаҕаннары туспа арааран хара диэн намтатан ааттааһын олоҕуран итэҕэл, өй-санаа үөрэҕэр киирбит.

Санаа олус кырата бэрдиттэн уонна сотору умнуллан хааларыттан киһи суолта биэрбэккэ эрэ сылдьар. Ол эрээри, санаа элбэхтэ хатыланнаҕына умнуллубат буолууга тиийэн “Биир санааҕа” кубулуйдаҕына күүһүрэр уонна үгэскэ уларыйарыттан киһини бэйэтин хам-сатар кыахтанан оҥорор быһыытын уларытан кэбиһиэн сөп.

Үгэскэ кубулуйбут санаа киһи майгынын уларытар. Куһаҕан майгылар элбэхтэ хатыланан үгэскэ кубулуйан хааллахтарына киһини сыыһа-халты туттунууга тириэрдэн кэбиһиэхтэрин сөп. Ол курдук, аһара кыыһырбыт, уордайбыт киһи сыыһа туттунара киирэн кэлэрэ дьоҥҥо барыларыгар биллэр. Ол иһин аһара кыыһыра сылдьыы киһи быһыытыгар киирсибэт, куһаҕан майгы аһара барыыта буолан хаа-ларыттан туттуна сырыттахха эрэ табыллар.

Үгэскэ кубулуйбут санаалара киһини бэйэтин салайаллар. Ол иһин сахалыы таҥара үөрэҕэ “Үчүгэй санаалардаах буолуҥ” диэн этэн үөрэтэр. Оҕо улаатан иһэн дьон оҥорор куһаҕан быһыыларын аан бастаан билэн, олору оҥорбот буоллаҕына, үчүгэйи оҥороро элбии-рин сахалыы таҥара үөрэҕэ туһанар. Үчүгэй санаалардаах буолуу үчүгэй үгэстэри үөскэтэн оҥорор быһыылары тупсарар. Киһи үгэстэр хаһан үөскүүллэрин билэн таба туһана сылдьара эрэйиллэр.

“Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан биэрэн иһэр тутулугар сөп түбэһэннэр үгэстэр икки аҥы арахсан тахсаннар икки өрүтү үөскэтэн таһааран иһэллэрэ киһиэхэ уустуктары үөскэтэр:

1. Олоххо туһалаах, үчүгэй үгэстэр.

2. Куһаҕан, буортуну оҥорор үгэстэр.

Үгэстэр икки өрүттэнэн тахсалларыттан киһи үчүгэй санаалана сатыыра, оҥорор быһыытын барытын тупсара, үчүгэй оҥоро сылдьара ирдэнэр көрдөбүл буолар. Ол курдук, куһаҕан санаалары элбэхтик саныы сырыттахха эбэтэр куһаҕаны оҥордоххо куһаҕан үгэстэнэн хаалыахха сөбүн киһи билэ, туттуна сылдьара эрэйиллэр.

Үгэстэри таба арааран олоххо туһанарга киһи үчүгэйи уонна куһаҕаны бэйэтэ арааран билэрэ улахан туһаны оҥорор. Ол иһин сахалыы таҥара үөрэҕэ оҕо улаатан иһэн “Тоҕус айыыны оҥорума”, “Үрүҥү, хараны араарыы” диэн үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран туһанарга аналлаах үөрэхтэри билэн олоҕор туһанарыгар үөрэтэр.

Дьон үчүгэй диэн этэллэрин элбэхтик оҥороллоруттан үчүгэй аһара элбээбит, онтон куһаҕаны оҥорууну хааччахтыы, умна, хаалла-ра сатыылларыттан куһаҕан быһыылар аҕыйаан иһэллэр. Ону тэҥэ, дьон тугу үчүгэй, тугу куһаҕан дииллэрэ тус-туспаларыттан киһи бэйэтигэр үчүгэйи оҥорору эрэ үчүгэй диэн ааттыыра быһаарыллар.

Куһаҕаны элбэхтик саныы сылдьартан ол санаа умнуллубат буолан баҕа санааҕа уларыйар, онтон үгэскэ кубулуйан хаалыан сөп. Үгэскэ кубулуйбут куһаҕан санаатын киһи бэйэтэ оҥорон кэбиһэрэ тиийэн кэлиэн сөбө санааны эмиэ үчүгэйин уонна куһаҕанын тус-туспа арааран баран үчүгэйин туһаныы табылларын эрэйэр.

Үчүгэй санааны элбэхтик санаатахха үчүгэй үгэс үөскүүрүттэн киһи үчүгэй быһыыны оҥороро эбиллэр. Ол иһин сахалыы таҥара үөрэҕэ үчүгэй санаалардаах буол диэн этиини тутуһар уонна киһи оҥорор быһыыларыгар сиэри тутуһа сылдьарыгар үөрэтэр.

Сиэр диэн үчүгэй быһыыны оҥорууга тириэрдибит санаа ааттанар. Бу санааны тутуһан хатылаан оҥоруллар быһыы үчүгэй буолан тахсара эрдэттэн быһаарылларын иһин сахалар туһаналлар. Ол иһин сиэри тутуһа сылдьыы үчүгэй быһыылары элбэтэргэ аналланар. Куһаҕаны хара диэн сирэн ааттааһын, бу быһыы куһаҕанын биллэрэн умнуллан хааларын үөскэтэр. Ол курдук, хара, хараҥа киһиэхэ айылҕаттан куһаҕаны аҕаларынан итинник түһэрэн, намтатан ааттааһын умнулларын түргэтэтэрин туһаныы буолар.

Куһаҕан санааны умнуу, хаалларан иһии өйү-санааны ыраастыы-рын, атын үчүгэй санаа киирэрин элбэтэрин туһана сылдьыы эрэ-йиллэр. Бу туһалаах үгэһи сахалыы таҥара үөрэҕэ тарҕатар. (3,47).

Дьоҥҥо куһаҕан үгэстэр диэн олус элбэхтэр. Бу куһаҕан үгэстэр киһиэхэ төһө улахан куһаҕаннаахтарын быһааран билии эрэйиллэр. Киһи быһыытын аһара барыыга тириэрдэр куһаҕан быһыылар содулу үөскэтэллэр. Ол иһин сахалар олору хааччахтыыллар:

- Табаах тардыытыгар аһара барыы диэн суоҕун кэриэтэ. Аһара элбэх табааҕы тардыы киһиэхэ бэйэтигэр эрэ куһаҕаны оҥорор. Ол иһин табаҕы кытта охсуһуу диэн таах-сибиэ туһата суохха дьону аймааһын, албыннааһын, салайааччылар бэйэлэрин “үчүгэйдэрин”, туһалаахтарын көрдөрө сатааһыннара буолар.

- Арыгыны элбэхтик истэххэ киһи оҥорор быһыытын аһара барыыга тириэрдэн куһаҕаны оҥорорун элбэтэр. Аһара барыы улахан содулу үөскэтиэн сөп. Ол иһин арыгыны аһара иһэн кэбиһээччилэр баалларыттан арыгы хааччахтана сылдьара ирдэнэр көрдөбүл буолар.

- Наркотиктары туһаныы аһара барыыны, өй көтүүтүн үөскэтэрэ улахан содуллаах куһаҕаны оҥорууга элбэхтик тириэрдэр. Аһара тут-тунан кэбиһэн өлөөччүлэр бааллара биллэр.

- Киһи кыыһырбытыттан аһара хамсанан кэбиһэрэ үөскээтэҕинэ кыыһырар майгына үгэскэ кубулуйбутун биллэрэр. Ол аата кыыһыран баран сыыһа-халты туттунуу үөскээтэҕинэ киһи куһаҕан майгынын көннөрө сатаатаҕына эрэ табыллар.

Сахалыы таҥара үөрэҕэ киһи быһыытын аһара барыылары анаан-минээн хааччахтыыр, ол иһин сиэр уонна киһи быһыыта диэн хааччахтары олохтоон тутуһа сылдьары ирдиир.

Дьон үчүгэйи эрэ оҥоро сатыылларыттан үчүгэй быһыылар аһара элбэхтэр, кыайан ситэн ааҕыллыбаттар, онтон куһаҕан быһыылары анаан-минээн оҥороллоро отой аҕыйах. Ол иһин оҕону үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билэргэ үөрэтиигэ аҕыйах ахсааннаах куһаҕан быһыылары аан бастаан биллэрии туһатын улаатыннарар.

Сахалыы таҥара үөрэҕэ “Үрүҥү, хараны араарыы” диэн үөрэҕэр ити быһаарыыны туһанар. Ол иһин “Тоҕус айыыны оҥорума” диэн этэн оҕону үөрэтэр. Тоҕус эрэ ахсааннаах дьон оҥорор содулу үөс-кэтэр куһаҕан быһыыларын оҕо билэн, олору оҥорбот буолара сити-һилиннэҕинэ киһи буолууну баһылыыр кыахтанар.

Сэбиэскэй былаас кэмиттэн оҕолору үөрэхтээх эрэ оҥороору атаахтатан иитии олохсуйан төрөппүт бэйэтин олоҕун туһалаах үгэс-тэригэр үөрэппэт буолан хаалбытыттан аныгы дьон өйдөрө-санаалара туруга суоҕа улаатан сылдьар. Ол улаатыы бэлиэтинэн кыыһырыы аһара барыыта дьону олус куһаҕан быһыыны оҥорууга тириэрдэн кэбиһэрин тэҥэ, быстах быһыылар элбээһиннэрин үөскэттэ. Айылҕаҕа олус улаханнык кыыһырааччынан эһэ буолар. Ол уратыны бэлиэтээн эһэ уордаах, кыыһыран иһэр диэн этэллэр, киһи кыыһыран иһэр майгына куһаҕанын эһэҕэ холуйан биллэрэллэр.

Куһаҕан үгэстэр хара айыыга кубулуйан умнуллан, хаалан истэхтэринэ эрэ үчүгэй үгэстэр элбээннэр сайдыы, тупсуу кэлэрэ сити-һиллэр кыахтанар. Ол иһин үрүҥ айыы итэҕэлин үлэһиттэрэ дьон куһаҕан диэн тугун арааран билэн, олору оҥорбот буолууларыгар үлэлэрин аныылларын таҥара үөрэҕэ ирдиир.

Онон киһи куһаҕан диэн тугун арааран билэн, олору оҥорбото-ҕуна үчүгэйи оҥороро элбиирин үрүҥ айыы буолуу итэҕэлэ туһанар.

КУҺАҔАНЫНАН ААТЫРЫЫ

Дьон бары бэйэлэрэ үчүгэй диэн ааттыыр, билинэр быһыыларын үгүһү оҥороллоруттан үчүгэй быһыылар ахсааннара биллибэт буола элбээбиттэр. Ол иһин сахалыы таҥара үөрэҕэ дьон оҥорор аҕыйах ахсааннаах куһаҕан, хара быһыыларын оҕо билэн, олору оҥорбот буоллаҕына, киһи буолары ситиһэрин, ол аата оҥорор быһыылара киһилии быһыыга сөп түбэһэллэригэр тириэрдэрин туһанар.

Дьон үчүгэйи, туһалааҕы, уһун үйэлээҕи оҥорон ааттара-суоллара киэҥник тарҕанар буоллаҕына, олору кыайан оҥорбот эрээри, биллэр ааты-суолу ситиһиэхтэрин баҕалаахтар дөбөҥнүк оҥоруллар олус улахан куһаҕаны оҥорон аатыра сатыыллара баар буола турар.

Биир эмэ киһи улахан куһаҕаны оҥорон, онон аатыра сатыыра билигин өссө элбээбит курдук буолла. Онно видик, телевизэр ордук тарҕаммыта олук буолар. Түргэнник, улахан эрэйэ суох аатырыыны ситиһэ сатааччылар куһаҕаны оҥорон аатыра сатыахтарын сөп.

Аҕыйах ахсааннаах куһаҕан, хара быһыылары дьон оҥорон кэби-һэллэрэ кыайан суох буолбаттар. Киһи куһаҕаны оҥоруута өйө-санаата маннык халыйыытыттан тутулуктанар:

1. Куһаҕан буоллун диэн ааттаан, анаан-минээн оҥоруу. Дьон билэ-билэ куһаҕаны оҥороллоро өссө да суох буолара биллибэт.

2. Тиэтэйэн, киһиргээн сыыһа-халты туттунан куһаҕаны оҥоруу дьон өйүн-санаатын туругуттан улаханнык тутулуктанар.

3. Оҥорор быһыы табыллыбакка, сатаммакка хаалан куһаҕаҥҥа кубулуйуута ордук элбэхтик бэлиэтэнэр.

Куһаҕан быһыы элбэхтэ хатыланнаҕына үгэскэ эмиэ кубулуйар. Ол иһин куһаҕан үгэстэр умнуллан, хаалан иһиилэрин ситистэхтэринэ эрэ омук дьонун өйдөрө-санаалара тупсан, үчүгэй, туһалаах үгэстэрэ эбиллэн үчүгэйи оҥороллоро үксүүр кыахтаналлар.

Үрүҥ айыы буолуу итэҕэлэ дьон куһаҕаны оҥорбуттарын умнары, хаалларары тутуһара үчүгэй быһыылар элбииллэрин үөскэтиигэ туһа-лыыр аналлаах. Куһаҕан быһыы хара диэн ааттанан умнуллан хаалан истэҕинэ эрэ үчүгэй быһыылар элбииллэрэ ситиһиллэр.

Куһаҕанынан аатырыы диэн баара улахан куһаҕаны оҥоруу атыттарга дьайыыны оҥороро улаханыттан, аны үтүктэр, батыһар дьон баар буолууларын үөскэтиэн сөп. Билигин дьоҥҥо элбэх киһини биирдэ ытыалаан өлөрүү үксээн тарҕанан сылдьар. Араас дойдуларга маннык ытыалааһыны оҥорор дьон баар буолан иһэллэр. Россияҕа эдэр уолаттар дьону ытыалаабыт түбэлтэлэрэ эмиэ биллэллэр.

Оҕону иитии, үөрэтии атаахтатыы диэки халыйыыта улааттаҕына эдэрдэр өйдөрө-санаалара куһаҕаны оҥоруу диэки халыйан барар.

Сахалар куһаҕаны оҥоруу куһаҕанынан төлөнөрүн сөбүлээбэттэр, киһи быһыытын уратытыгар сөп түбэспэтинэн ааҕаллар. Куһаҕаны оҥоруу куһаҕанынан төлөнүүтэ куһаҕан аҕыйаан иһэригэр тириэрдибэт, өссө аһара баран элбиирин үөскэтиэн сөп.

Өлбүт киһини ахтыыга туох куһаҕаны оҥорбутун ахтыбакка, санаабакка хаалларан кэбиһиини сахалар туһаналлар. Ол аата хара, куһаҕан быһыыны умнууга, хаалларыыга, аҕыйатыыга аналланар туһалаах быһыыны оҥоро сылдьаллар. Куһаҕан аҕыйаатаҕына эрэ үчүгэй элбиир кыахтанарын сахалыы таҥара үөрэҕэ тутуһар.

Ыар хара быһыыны оҥорон бэйэтигэр тиийиммит киһини көмүүгэ хоруобугар умсары уган кэбиһэллэр уонна дьон сылдьыбат сиригэр көмүүнү оҥороллор. Ол барыта оҥоруллан хаалбыт ыар, куһаҕан быһыы дьон өйүттэн-санаатыттан сотуллан симэлийэрин, умнулла-рын, хааларын үөскэтии буолан туттулла сылдьар.

Үрүҥ айыы буолуу итэҕэлэ куһаҕан быһыылар аҕыйыылларын үөскэтэн үчүгэй быһыылар элбииллэригэр тириэрдэр аналлаах. Ол иһин куһаҕан, хара быһыылары кэмэ кэллэҕинэ умнарга, хаалларарга үөрэтэрэ дьоҥҥо улахан туһаны оҥорон үчүгэйи элбэтэр.

Онон дьон олохторугар куһаҕан, хара быһыылары оҥоруулара аҕыйаатаҕына үчүгэй, үрүҥ быһыылары элбэҕи оҥорууну ситиһэллэрин үрүҥ айыы буолуу итэҕэлэ үөскэтэн тарҕатар.

КЫРДЬАҔАСТАР ҮӨРЭХТЭРЭ

Саха дьоно кырдьаҕастары улаханнык ытыктыыллар уонна олоххо ситиспит үчүгэй үгэстэрин, үөрүйэхтэрин таба сыаналаан олохторугар туһаналлар. Ол курдук, киһи сааһыран истэҕинэ өйө-санаата эбиллэн, буор кута мунньуллан иһэрин араас уустук хамсаныылары оҥорор кыаҕа улаатара, ол аата үөрүйэхтэрэ эбиллэн биэрэллэрэ биллэрэр. Бу олоххо туһалаах уопуттартан хомуллан олох үөрэҕэ үөскүүр. Кырдьаҕастар олоххо, үлэҕэ уопуттарын эдэрдэргэ кэпсээн, билиһиннэрэн иһэллэрин тэҥэ, суруйан, ахтыы оҥорон хааллараллара кинилэр кэлэр көлүөнэлэригэр биэрэн иһэр улахан баайдара буоларын билиэхтэрэ этэ. Элбэх уопуттаах дьон олоххо туһалаах холобурдарын эдэрдэр туһаныыларын үрүҥ айыы итэҕэлэ оҥоро сылдьар.

Киһи оҥорор элбэх араас быһыыларыттан үчүгэйин, үрүҥүн талан ылыыны олохсуйбут, ол аата элбэхтэр үчүгэй диэн өйдөбүллэригэр тирэҕирэн оҥоруу олох уопутун үөскэтэр. Ол курдук, дьон бэйэлэрэ үчүгэй диэн саныыр быһыыларын үтүктэ, оҥоро сатыыллара хаһан да уларыйбакка салҕанан баран иһэриттэн үчүгэй элбиирэ ситиһиллэр.

Олохторун киһи быһыылаахтык, уһуннук олорбут кырдьаҕас дьон туһалаах уопуттарын, билиилэрин эдэрдэргэ тириэрдэллэрэ олох үөрэҕэ тарҕаныыта диэн ааттанар. Бу олох үөрэҕин сахалар туһана сылдьаллара кырдьаҕастары ытыктыылларыттан биллэр.

“Кэс тыл” диэн тугу эмэ уларыт, кэс, тупсар диэн баҕа санааны эдэрдэргэ тириэрдии, саҥаны айыыны оҥорууга ыҥырыы уонна ону хайдах оҥорорго сүбэ, ыйан биэрии ааттанар. Ол курдук, киһи оҥорор саҥаны айыыта хайдах оҥорортон олус улахан тутулуктааҕыттан туһалаах сүбэ, этэн биэрии табылларыгар тириэрдэр. Үчүгэй да буолуон сөптөөх быһыыны сыыһа-халты оҥорон кэбистэххэ куһаҕан буолан хаалара элбиириттэн саҥаны айыыны оҥоро сатааһыннар табыллыбаттара, сатамматтара үксээн хаалар. Төрөппүт оҕотугар үчүгэйи баҕарар санаатын “Кэс тылбын этэбин” диэн этиинэн тириэрдэр. Бу этии олоххо уларытыыны, саҥаны айыыны киллэр, уруккуну кэс, тупсар диэн суолталааҕын иһин, мин, олоххо уопуттаах киһи этиибин ылын уонна онно олоҕуран тугу эмэ уларыт, кэһиини киллэр диэн быһаччы өйдөбүллээх. (8,111).

Оҕо өйө-санаата саҥаны, уратыны билэн, көрөн иһэриттэн сайдан, эбиллэн, мунньуллан иһэр. Ол иһин саҥаны айыыны оҥоро сатааһын диэн оҕо сайдан иһэр өйүн-санаатын үлэтэ буолар. Арай бу саҥаны айыыны оҥоро сатааһыннар оҕо уопута суоҕуттан бары кэриэтэ куһаҕаҥҥа кубулуйан хаалар уратылаахтар.

Саҥаны айыыны эдэр киһи оҥоро сатаатаҕына уопута, билиитэ тиийбэтиттэн табыллыбакка, сатаммакка хаалара элбиир, ону тэҥэ, тиэтэйэрэ, ыксыыра киирэн кэлэриттэн сыыһа-халты туттунара эбил-лэн, табыллыан да сөптөөҕү куһаҕаҥҥа кубулутара үксүүр. Кэс тылы этиини тутуһан оҥоруллар саҥаны айыы табыллан, сатанан дьоҥҥо туһаны оҥорор кыаҕа улаатарын тэҥэ, олоххо элбэх уопуттаах кырдьаҕас киһи билиитигэр олоҕурар буолан сыыһа-халты буолан тахсара аҕыйыырын туһана сылдьыы эрэйиллэр.

Сахалыы таҥара үөрэҕэ оҕону кыра эрдэҕиттэн көрсүө, сэмэй буол диэн үөрэтэр. Көрсүө, сэмэй дьон ыарахан да үлэни сатаан үлэлиир кыахтара улаханынан уонна холкуларын туһанан сыыһа-халты туттубаттара уһун үйэни ситиһэллэригэр тириэрдэр.

Уһун үйэни ситиһии “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн оҕо хайдах иитиллибититтэн тутулуктанан икки өрүттэнэр:

1. Элбэх дьахталлар уһун үйэни ситиһэр кыахтара улахан.

2. Үгүс уолаттар кырдьар саастарыгар тиийбэккэ эрдэ өлөллөр.

Олоххо дьон уһун үйэни ситиһэр кыахтара икки өрүттэнэн тахсар уратыларын арыыйда кэҥэтэн ырытыахпыт:

1. Оҕо барыта ийэлээҕиттэн кыыс оҕолор кыра эрдэхтэринэ иитиилэрэ табыллан аһара атаахтаабакка эрэ улаатыахтарын сөп. Ону тэҥэ, ийэтэ батыһыннара сылдьан бэйэтэ үлэлиир үгэстэригэр үөрэтэн иһэриттэн тулуурдаах буолара улаатар кыахтанар. Кыыс оҕо улааттаҕына атын аймахтары сайыннарар, ахсааннарын элбэтэр аналлаах. Ол иһин кыыс оҕо омугу элбэтэр, үлэни кыайан сайыннарар кыахтаах, сайдыылаах буор куттаах кэлэр көлүөнэлэри төрөтөрө эрэйиллэр. Ону ситиһэригэр кыра эрдэҕиттэн көрсүө, сэмэй, бэрээдэктээх буолууга утумнаахтык үөрэтиллэрэ туһалыыр.

Кыра эрдэхтэриттэн көрсүө, сэмэй буолууга иитиллэр, үөрэтиллэр дьахталлар олохторун устата куһаҕан быһыыны оҥорбокко, сыыһа-халты туттубакка уһун үйэни ситиһэр кыахтара улаатар.

2. Уол оҕо аймахтар сайдыылаах буор куттарын илдьэ сылдьааччы уонна тарҕатааччы буолар. Ол иһин үлэһит ыаллар бары уол оҕо-лонуохтарын ордук баҕараллар. Олох тупсуута, баай эбиллиитэ бу үтүө баҕа санааны атаахтатыы, маанылааһын диэки салайан, халытан кэбиһэрэ куһаҕаҥҥа тириэрдэрэ биллэр буолла.

“Муоһа, туйаҕа туллубут” диэн өс хоһооно сыыһа-халты туттунан кэһэйэн баран дьэ көрсүөтүгэр, сэмэйигэр түспүт уолу биллэрэрин таба өйдөөн туһаныы эрэйиллэр. Мөлтөөн хаалбыт уол олоххо туһаны оҥороро аҕыйыырын, бу өс хоһооно биллэрэр. Кыра эрдэҕинэ атаахтык иитиллибит уол улаатан баран сыыһа-халты туттунара элбээн хааларыттан сахалыы таҥара үөрэҕэ төрөппүттэри сэрэтэр.

Уол улааттаҕына үлэни кыайан, сайыннаран ыалы хааччыйар аналлаах. Бу аналын толорор туһугар уол кыра эрдэҕиттэн көрсүө, сэмэй туһа киһитэ буолан үлэлии үөрэнэрэ эрэйиллэр.

Баттах маҥхайыыта диэн киһи сааһыран истэҕинэ тиийэн кэлэр айылҕа оҥорон биэрэр көстө сылдьар бэлиэтэ буолар. Кырдьаҕас киһи баттаҕа маҥхайара олоххо уопута элбээбитин, билиитэ кэҥээбитин атыттарга биллэрэр аналлаах. Маҕан баттахтаах киһи сыыһа-халты туттунан кэбистэҕинэ “Баттаҕа маҥхайыар диэри өй киирбэтэх" диэн этэн улахан хомолтолорун биллэриэхтэрин сөп. (27,69). Олох үөрэҕэ кырдьаҕастар олохторун уопутуттан, билиилэриттэн мунньуллан иһэр үөрэх буолар. Ол аата олох үөрэҕин тутуһуу диэн кырдьаҕастар билиилэринэн олоххо сирдэтинии ааттанар.

“Эдэртэн эйэтин, кырдьаҕастан алгыһын ыл” диэн өс хоһооно олоххо элбэх уопуттаах кырдьаҕас киһи этэрин иһит, ылын диэн өйдөтөр аналлаах. Ол иһин кэс тылы тутуһан оҥоруллар саҥаны айыы табыллан, сатанан дьоҥҥо туһаны оҥорор кыахтанар.

Онон олох үөрэҕин кырдьаҕастар үйэлэрин устата баһылаан, сайыннаран баран эдэрдэргэ, кэлэр көлүөнэлэригэр салгыы биэрэн истэхтэринэ эрэ олох сайдан, салҕанан иһэрэ ситиһиллэр кыахтанар.

АРҔААҤҤЫ ОМУКТАР ӨЙ-САНАА ҮӨРЭХТЭРИН СЫЫҺАЛАРА

Россия дьонун өйдөрө-санаалара улаханнык буккуллара былыргы олохторун үөрэҕин сэбиэскэй былаас суох оҥоруута уонна билигин арҕааҥҥы өй-санаа үөрэҕин сыыһалара сөп түбэспэттэриттэн ордук улаатан тахсар буолла. Бу сөп түбэспэт быһаарыылары булан дьон билиитигэр таһаарыы эйэлэһии үөскүүрүгэр тириэрдиэн сөп.

Олус былыргы кэмнэргэ үөскээбит сахалыы өй-санаа үөрэҕэр арҕааҥҥы үөрэхтэр бу кэмҥэ туттар быһаарыыларын тэҥнии тутан көрүү туох уратылаахтарын таба быһаарарга көмөлөһөр:

А. Сахалар өй-санаа, таҥара үөрэхтэрэ Кут-сүр үөрэҕиттэн саҕаланан киһи өйүн-санаатын туругун быһаарар. Бу үөрэх киһи өйө-санаата үс кукка уонна сүргэ арахсаллар диэн үөрэтэр:

1. Буор кут. Киһи хас биирдии быччыҥа хайдах хамсыырыттан тутулуктанан үөскээн, элбэхтик хатыланнаҕына үөрүйэххэ кубулуйан иһэр өйө-санаата буор кут диэн ааттанар. Буор кут үөрүйэххэ тиийэ сайыннаҕына киһи быччыҥын санаатынан хамсатар кыахтанар.

2. Ийэ кут. Ийэ кут диэн оҕо кыра, өссө бэйэтэ өйдөөбөт эрдэҕинэ ийэтэ иҥэрэн биэрэр үгэстэриттэн хомуллан үөскүүр өйө-санаата буолар. Бу кут киһини хаһан баҕарар салайыыга кыттыһар. Ол иһин киһи олоҕун ийэ кута хайдах иитиллибититтэн тутулуктанан олорор.

3. Салгын кут. Үөрэҕи билииттэн киһиэхэ үгэстэри үөскэтэн биэрэн сайдыыны ситиһиннэрэр кута салгын кут диэн ааттанар. Сай-дыыны, үөрэҕи түргэнник ылынарынан киһи араас саҥаны айыылары, урут суоҕу оҥорон олоҕун тупсаран иһэрин үөскэтэр.

Бу үс куттар бары сүр диэн санаа күүһүнэн холбуу тутуллан сылдьалларыттан киһи буолууну ситиһии уонна туох эмэ туһалааҕы оҥоруу киһиэхэ кыаллар. Ол курдук, салгын кут көтөн, баран хаалыыта киһини кыыл, сүөһү өйүгэр-санаатыгар түһэрэн кэбиһэрэ өй-санаа тутулуктара уустугун уонна кэмэ кэллэҕинэ эргийэн, атын өрүтүнэн солбуллан биэриэн сөбүн биллэрэр. Өй, салгын кут көтүүтэ киһи буолан бүтүүгэ, кыыл, сүөһү өйүн-санаатын таһымыгар түһүүгэ тириэрдэриттэн сэрэнэ, харыстана сырыттаҕына табыллар.

Киһи өйүн-санаатын, үс куттарын уратыларынан атын тыынар-тыыннаахтартан биллэр уратылаах. Ол курдук, киһиэхэ эрэ салгын кута сайдар, ол иһин киһи эрэ саҥаны айыыны оҥорон олоҕор тупсарыылары киллэрэн сайдыыны ситиһэн иһэр кыахтанар.

Б. Сахалар таҥараларын үөрэҕэ оҕо өйө-санаата сайдыытыгар ийэ кута ылар улахан оруолун таба туһанан кыра эрдэҕинэ ийэ кутун үчүгэй быһыыларынан иитэн, үчүгэй үгэстэнэрин ситиһиннэрэр. Кыра эрдэҕиттэн үчүгэй үгэстэргэ иитиллибит оҕо улааттаҕына киһи буолууну ситиһэрэ түргэтиирин таҥара үөрэҕэ туһанар.

В. Үчүгэйи оҥорууга тириэрдибит санаа сиэри үөскэтэр. Ол аата бу санааны тутуһан оҥоруллар быһыы үчүгэй буолан тахсара эрдэт-тэн, оҥоруох инниттэн быһаарыллар. Сиэр диэн үчүгэй санааттан оҥоруллар быһыы үчүгэй буолан тахсарын быһааран киһи сиэри тутуһа сылдьарын ирдииринэн сахалыы таҥара үөрэҕэ атын таҥара үөрэхтэриттэн улаханнык уратыланар. Сиэри тутуһа сылдьар киһи үчүгэй быһыылары оҥорор кыахтанарын туһанан сахалыы таҥара үөрэҕэ дьон үчүгэй быһыылары оҥороллорун элбэтэр.

Г. Оҕо улаатан өйө-санаата сайдан истэҕинэ оҥорор быһыылара тупсаннар киһи быһыытыгар сөп түбэстэхтэринэ киһи буолууну ситиһэрин сахалыы таҥара үөрэҕэ тутуһар. Ону тэҥэ, киһи буолууну ситиһии киһи оҥорор быһыылара киһи быһыытын аһара барбаттарын үөскэтэр. Киһи быһыыта диэн таҥара үөрэҕэ тутуһар хааччаҕа оҥорор быһыы аһара барбакка киһи быһыылаах буоларыгар тириэрдэр.

Д. Сахалар өй-санаа үөрэҕин былыргыттан баһылааннар өй-санаа халыйыытын, аҥар өттүн диэки аһара баран хаалыытын үөскэппэттэр. Кинилэр өй-санаа икки өрүккэ арахсарын таба туһаналлар:

1. Тыыннаах киһи өйө-санаата.

2. Өлбүт киһи өйө-санаата.

Өй-санаа икки аҥы өрүккэ арахсыыта уларыйар уонна уларыйбат уратыларыттан тутулуктанар. Ол курдук, тыыннаах киһи өйө-санаата этиттэн-сииниттэн эньиэргийэ ылан иһэриттан эбиллэр, көҕүрүүр кыахтанар, ону тэҥэ, бэйэтин ханнык баҕарар санаатын сөбүлээбэтэҕинэ уларытар, атынынан солбуйар кыахтаах, онтон өллөҕүнэ этэ-сиинэ өлөрүттэн эньиэргийэ ылара суох буолан туспа барар уонна уларыйбат турукка киирэн айыы буолан сылдьар.

Бу өйдөр-санаалар туох уратылаахтарын үөрэтэн билэн сахалар сылдьар сирдэрин тус-туспа дойдуларга араараллар:

1. Тыыннаах киһи өйө-санаата сылдьар сирэ Бу дойду эбэтэр Орто дойду диэн ааттанар. Олус былыргы кэмҥэ Бу дойду диэн ааттыыллар этэ. Билигин Христос таҥара үөрэҕин сабыдыала киирэн Орто дойду диэн үлэни оҥоруу уратытын туһанан тупсаран ааттыыллар.

2. Өлбүт дьон өйдөрө-санаалара сылдьар туспа дойдулара олус былыргы кэмнэргэ Ол эбэтэр Анараа дойду диэн ааттанар этэ. Билигин Христос таҥара үөрэҕин сабыдыалыттан икки аҥы арахсан Үөһээ уонна Аллараа дойдулар диэн ааттана, үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа сирдэргэ мунньарга аналланан сылдьаллар.

Сахалар өй-санаа үөрэҕин олус былыргы кэмнэргэ үөрэтэн баһылаабыттарынан өй-санаа үчүгэй уонна куһаҕан диэн арахсан тус-туспа дойдуларга сылдьалларын ылымматтар. Ол иһин сахалар Бу уонна Ол эбэтэр Анараа дойдуларыгар үчүгэй уонна куһаҕан, үрүҥ уонна хара өйдөр-санаалар бииргэ сылдьалларын “Үчүгэй уонна куһаҕан куустуспутунан сылдьаллар” диэн өс хоһооно биллэрэр.

Киһи оҥорор быһыыта үчүгэй уонна куһаҕан диэн арахсара оҥорбутун кэнниттэн эрэ быһаарыллан тахсарын айыы диэн тыл икки өрүттээх өйдөбүллээҕэ биллэрэр. Ол аата аан маҥнай ханнык эрэ саҥаны айыы оҥоруллар, ол кэнниттэн үчүгэйэ, үрүҥэ эбэтэр куһаҕана, харата элбэхтэр үөрэтэн билэн баран быһаардахтарына чуолкайданан тахсарынан туһалыыр эбэтэр быраҕыллар, хаалар. Христос таҥара үөрэҕэ үөскүүр былыргы кэмигэр дьон үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран туһаналларын үөскэтэр туһугар Үөһээ уонна Аллараа дойдулары айан олоххо киллэрбиттэр. Аллараа дойду диэн куһаҕаннар мунньуллар сирдэрин олохтоон, ол дойдунан дьону куттаан үчүгэй быһыылары элбэҕи оҥороллорун үөскэппиттэр.

Өйдөрү-санаалары тус-туспа дойдуларга олохтооһун, бу өйдөр-санаалар аны уларыйан, солбуйсан биэриилэрэ табыллыбатын, куһа-ҕан диэн ааттаммыт көнөн, тупсан үчүгэйгэ уларыйарын суох оҥорон кэбиһэри биллэрэр. “Үөһээттэн үргүөр үргүйбэтин, алларааттан аргыар аргыйбатын, Орто дойду олоҕо туруктаах буоллун” диэн өс хоһооно ону дакаастаан биһиэхэ тириэрдэр. Үчүгэй үөһээ диэки, онтон куһаҕан аллараа өттүгэр сылдьара син-биир уларыйбат.

Арҕааҥҥы дойдулар өй-санаа үөрэхтэрэ былыргы кэмнэртэн салайааччылар бас билиилэригэр киирэннэр итэҕэйэр дьону бас бэриннэрэ сатыыр өйдөрө-санаалара улаатан сылдьар. Аһара улахан таҥара дьиэлэрин тутуу, киэргэтии, көмүһүнэн кылбатыы кыра, үлэ-һит дьон санааларын хам баттыырга аналланар.

Өй-санаа үөрэҕин төһө эрэ кэминэн салайааччылар бас билиилэригэр ылан бэйэлэрин өйдөрүн-санааларын иҥэрэн атыттары баһы-лыырга, бас бэриннэрэргэ туһаналлар. Кэлин бу үөрэҕи бас билии салайааччылар диктатуралара үөскээһинигэр тириэрдибитэ киһи үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорон кэбиһэрин тус-туспа тылларынан ааттыыры олоххо киллэрбиттэриттэн биллэр.

Арҕааҥҥы өй-санаа үөрэхтэригэр Христос, Аллах уонна православнай таҥара үөрэхтэрэ киирсэллэр. Бу улахан үөрэхтэр уһун үйэ-лэргэ салайааччылар бас билиилэригэр киирэннэр улахан халыйыылары үөскэппиттэрин булуталаан ылыахпытын сөп:

а. Арҕааҥҥы дойдулар өй-санаа үөрэхтэрэ киһи биир “душалаах” диэн үөрэтэрэ өй-санаа сайдыытын, уларыйан иһэр уратыларын кыа-йан толору быһаарбат итэҕэс өйдөбүл буолар. Ону тупсара сатаан православнай таҥара үөрэҕэ өссө “духтаах” диэн этэрэ киһи өйүн-санаатын сүрүн кытта холбуу буккуйан кэбиһэр.

б. Киһи өллөҕүнэ өйө-санаата Ырайга көтөр диэн этии таһы-быһа сымыйа. Ырай диэн дойду албын, була сатаан айыллыбыт дойду. Сахалар ыра санаа диэн албын, киһи бэйэтэ кыайан толорбот санаатын этэллэрин уонна ыра диэн тылы туһанан Ырай диэн ааттаах албын дойдуну айан оҥороннор дьадаҥы, олохторугар эрэйдэнэ сылдьар дьону өллөххүтүнэ онно тиийэн сынньаныаххыт диэн быһаччы албынныыллара араас уларытыылары оҥорботторугар тириэрдэр.

в. Аллараа дойду диэн эмиэ албын өйдөбүл. Сахалар Аат дойдута диэн кыайан олорбот буолбут сирдэрин ааттыылларын тупсаран Аад дойдута диэн ааты иҥэрбиттэр. Куһаҕан санаалаах өлбүт киһи өйө-санаата туспа баран, аллараа түһэн олус куһаҕан Аад дойдутугар тиийэр диэн, ол дойдунан куттаан, салыннаран үчүгэйи оҥороллорун элбэтээри айбыт сымыйа дойдулара буолар. Итэҕэйэр дьон үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран туһаналларын уонна үчүгэйи элбэхтик оҥороллорун үөскэтээри таҥара үөрэҕин салайааччылара өйдөрүттэн булан айан олоххо киллэрэн сылдьар дойдулара буолар.

г. “Сначало было слово” диэн сымыйа этиини туһананнар киһи этэр тыла баһылыыр оруолун үөскэтэннэр салайааччылар тугу эппит-тэрин толорууну бастатан кэбиһэннэр өй-санаа, таҥара үөрэхтэрин бэйэлэрин диктатураларыгар кубулутан сылдьаллар. Өй-санаа үөрэхтэрэ бу халыйыылартан босхолоннохторуна эрэ киһи өйө-санаата сайдыытын табатык быһааран дьоҥҥо туһаны оҥорор кыахтаныахтарын сөп. Сахалыы таҥара үөрэҕэ “Киһини санаата салайар” диэн этиини уонна “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан биэрэн иһэр уратыларын тутуһарыттан итинник халыйыыга киирэн биэрбэт уонна диктатураны олохтуу сатаабат. Онон арҕааҥҥы дойдулар өй-санаа, таҥара үөрэхтэрэ уһун үйэлэргэ салайааччылар бас билиилэригэр киирэн хааланнар бэйэлэригэр туһалаах улахан халыйыылары үөскэтэн туһана сылдьаллар.

Алҕас, сыыһа баара билиннэҕинэ дьон олору оҥорбот буолуулара үөскээн тахсарыттан туоратыллан, хаалан барыыта саҕаланар. Ол аата олоххо кырдьык сымыйаны, албыны кыайыыта, баһыйыыта хайаан да тиийэн кэлэр. Ханна, ханнык алҕас, сыыһа баарын биллэхтэринэ олору туоратарга бары кыһаналлар уонна киһилии суолу тутуһаллар.

Дьон бэйэлэрин тустарыгар туһанаары ханнык баҕарар албыны үчүгэй, туһалаах курдук көрдөрө сылдьыахтарын сөп. “Коммунизм” албына дьадаҥы дьону 74 сыллар тухары бары-барыта босхо буолуо диэн албынныы сылдьыбыта. Араас элбэх улахан үөрэхтээхтэр ити албыҥҥа киирэн биэрэн сылдьыбыттара. Бу быһаарыы салайааччылар туһанар үөрэхтэрэ олоххо киллэрэ сатыыр бэйэлэрэ үөскэтэр албыннарын булан арыйыыга букатын да туһата суох буоларын биллэрэр.

Билигин сэбиэскэй былаас тобохторо; суруйааччылар, тыл үөрэх-тээхтэрэ уонна учуонайдар аны албын, сымыйа “айыы үөрэҕэ” диэн сектаны айан оҥорон бэйэлэрэ итэҕэллэниэхтэрин баҕарар сахалары барыларын албынныы сатыы сылдьаллар. Үлэһит сахалар киһи оҥорор быһыыта бэйэтэ икки аҥы арахсан; үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсалларын билэллэриттэн, ити албыҥҥа киирэн биэрбэттэр. Ырыынак олоҕун кэмигэр дьон үлэни кыайа-хото үлэлииллэрэ эбиллэн сахалыы таҥара итэҕэлэ дьон билиилэригэр тахсан иһэр.

Сахалыы таҥара үөрэҕэ диэн олох үөрэҕэ, үлэһиттэр, эр дьон үөрэхтэрэ буоларыттан билигин тус-туспа ааттанан Аан дойдуга ба-рытыгар тарҕанна. Бу үөрэх киһи быһыылаах буолууну уонна үлэни сайыннарыыны дьоҥҥо тириэрдэрэ байыыны ситиһэ сатыыр баҕа санааларыгар сөп түбэһэриттэн киэҥник тарҕанан сылдьар.

Өй-санаа үөрэҕин салайааччылар бас биллэхтэринэ бэйэлэрин тустарыгар туһанаары араас албыннары киллэрэллэр. Бу албыннары арыйыы элбэх үлэттэн, билииттэн кыаллар уонна олох уопутун туһаныынан көнөр, тупсар кыахтанара кырдьык кыайарын үөскэтэр.

Онон өй-санаа, үрүҥ айыы буолуу итэҕэлин туһатынан киһи өйө-санаата сайдыытыгар, үлэни сайыннарыытыгар сөп түбэһэрэ буолар уонна сахалар уһун үйэни ситиһэллэригэр тириэрдэр.

ТУҺАНЫЛЛЫБЫТ ЛИТЕРАТУРА

1. “Ил Түмэн” хаһыат. 26.10.2007.

2. Каженкин И.И. Кут-сүр үөрэҕэ. Үс кут. – Дьокуускай: РГ “MEDIA+”, 2017. – 156 с.

3. Каженкин И.И. Киһи буолуу. – Дьокуускай: Издательский дом “Якутия”, 2005. – 80 с.

4. Каженкин И.И. “Харыстас” таҥара үөрэҕэ. – Дьокуускай: ГБУ РС(Я) “Бизнес-инкубатор”, 2015. – 128 с.

5. Каженкин И.И. Үлэ – олох үөрэҕэ. – Дьокуускай: УПК ТРИ, 2010. – 100 с.

6. Каженкин И.И. Кут-сүр үөрэҕэ. – Дьокуускай: Бичик, 2004. – 128 с.

7. Каженкин И.И. Улуу тойон таҥара үөрэҕэ. “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума”. – Дьокуускай: Компания “Дани АлмаС”, 2012. – 152 с.

8. Каженкин И.И. Күн таҥара үөрэҕэ. – Дьокуускай: ГБУ РС(Я) “Бизнес-инкубатор”, 2016. – 148 с.

9. Каженкин И.И. Үрүҥ айыы буолуу. – Дьокуускай: ГУ РИМЦ, 2006. – 88 с.

10. “Саха сирэ. Эдэр саас” хаһыат. 14.02.2007.

11. Саха өһүн хоһоонноро = Якутские пословицы и поговорки. – Якутск: Бичик, 2017. – 256 с.

12. Каженкин И.И. Дорҕооннор өйгө-санааҕа дьайыылара. – Дьокуускай: ГБУ РС(Я) “Бизнес-инкубатор”, 2013. – 108 с.

13. “Чолбон” сурунаал. 2 / 2004.

14. Каженкин И.И. Улуу тойон таҥара үөрэҕэ. – Дьокуускай: Компания “Дани АлмаС”, 2012. – 144 с.

15. Каженкин И.И. Тыл санааны салайар. Дьокуускай: Триада, 2003. – 76 с.

16. Саха таабырыннара, өс хоһоонноро, чабырҕахтара / хомуйан оҥордо И.К.Попов. – Дьокуускай: Бичик, 2006. – 112 с.

17 “Кыым” хаһыат. 5№ 2022 с. Олунньу 10 күнэ.

18. Уткин К.Д. Хомуурунньук. 16 кинигэ. 2-һэ: Төрүт культура: утумнар, ситимнэр. – Дьокуускай: Бичик, 2004. – 272 с.

19. Каженкин И.И. Айылҕа бэйэтин ыраастанар. – Дьокуускай: ГУ РИМЦ, 2008. – 78 с.

20. Каженкин И.И. Аһылык уратылара. – Дьокуускай: РИМЦ, 2007. – 84 с.

21. Каженкин И.И. Ыал буолуу үгэстэрэ. – Дьокуускай: РГ “MEDIA+”, 2022. – 137 с.

22. Ксенофонтов Г.В. Эллэйада. – М.: Издательство “Наука”, 1977. – 248 с.

23. Якутскай Н. Төлкө. – Якутск: Кн. изд-во, 1973. – 768 с.

24. Каженкин И.И. Кут-сүр үөрэҕэ. Өй-санаа уратылара. – Дьокуускай: РГ “MEDIA+”, 2020. – 116 с.

25. “Туймаада уоттара” хаһыат. №49, 15.12.2011.

26. Каженкин И.И. Оҕо өйө-санаата сайдыыта. – Дьокуускай: РГ “MEDIA+”, 2021. – 152 с.

27. Каженкин И.И. Киһи быһыыта. – Дьокуускай: РИО ГУ РИМЦ, 2005. – 92 с.

ИҺИНЭЭҔИТЭ

Аан тыл........................................................................................3

Итэҕэл икки өрүтэ......................................................................5

Сахалыы таҥара үөрэҕэ.............................................................8

Үрүҥ айыы буолуу итэҕэлэ.....................................................10

Үрүҥ уонна хара.......................................................................14

Айыы диэн тыл өйдөбүллэрэ..................................................18

Үрүҥ айыыны үөскэтии..........................................................22

Өс хоһоонноругар айыы диэн тыл өйдөбүллэрэ..................26

Былыргы төрүттэри умнумуохха...........................................31

Омук саҥарар тыла..................................................................35

Сахалыы өйү-санааны харыстааһын......................................41

Омук сайдыыны ситиһиитэ....................................................47

Өс хоһоонноругар икки дойду ахтыллыыта.........................51

Үйэлээх үгэстэри харыстааһын..............................................55

Олох үөскэппит үгэстэрэ........................................................58

Ыал буолуу үгэстэрэ................................................................61

Көстүбэттэри кытта алтыһыы................................................67

Айыы этиитэ............................................................................70

Кэриэс этии..............................................................................73

Иччилэри харыстааһын...........................................................76

Айыылары харыстааһын.........................................................81

Уоту аһатыы үгэһэ...................................................................85

Дьарыгы, идэни харыстааһын................................................89

Куһаҕан үгэстэри умнуу, хаалларыы....................................93

Куһаҕанынан аатырыы...........................................................96

Кырдьаҕастар үөрэхтэрэ.........................................................98

Арҕааҥҥы омуктар өй-санаа үөрэхтэрин сыыһалара........100

Туһаныллыбыт литература...................................................105

Иһинээҕитэ.............................................................................107