Иэйэхсит ырыата (А,Д. Винокуров тылыттан С. Боло суруйуута)

Ийэ сибиир
Илин туҕалдьытын диэкиттэн
Итии снккирэс тыал тыалырда,
Эргиллэ хайыһан көрбүтүм:
Илин итириктээх уулаах,
Иһэгэйдээх мастаах,
Имэҥнээх оттоох
Итии муора
Ис модьоҕотуттан
Тыалырбыт эбит.
Соноҕос ат уйбат
Соргулаах
Сэттэ халлаан
Симиэтэлээх хотуна
Ньэлэйэр Иэйэхсит яйэбит
Ийэ сибииргэ
Эргиллэр күнүгэр
Итии сиккирэс тыалынан
Илдьиктээтэ,
Ибнр дьаҕыл былытынан.
Эркээйи туруорда.
Миннэр миҥэтэ
Аҕыс мэгэһик
Кыһыл көмүс
Кыраап хайа
Оттоку дьоллоох состуойугар,
Бэлэмнэммнт барымтатыгар,
Баччыр оҕо баттаан ылбытын курдук,
Бар дьаҕыллаах эбит;
Курбуһаҕар, куоттуктаах курунан
Курбуулуу охсубут курдук,
Кустук дьаҕыллаах эбит;
Чаҕыллаах харахтаах,
Тараах туйахтаах,
Ньалака сиэллээх-кутуруктаах;
Эр киһи эрбэҕинэн
Экчи баттаабытын курдук,
Эмэгэттэй дьүһүннээх
Эдьэн кэрэ биэ сылгы
Элбэй Иэйэхсит
Миинэр миҥэтэ бэлэмнэммит.
Ыматтыбат ыҥыырын
Ыҥыырдаммыт,
Холборуйбат холунун
Тардыммыт,
Күрэҥ көрдөөх сайыҥҥа
Күрэҥ кытыт көйөлгөтүн
Күөгэччи көтөллөммүт,
Дьаҕыл кытыт салырыымык
Дьалкыччы ындыыламмыт,
Toҕyc чуор киил хараҕалаах
Тоҕой сэлэни
Туора төргүүлэммит
Элбэй Иэйэхсит
Эргийэ хааман кэллэ,
Ийэ сибииргэ
Эргиллэр кунэ буолла.
Үүс-киис caҕынньаҕын
Эгийэ кэппит,
Тойон кыыл
Нуоҕайдаах бэргэһэтин
Туорайдыы ууруммут,
Оһуордаах уостаах
Ойуулаах үтүлүгүн
Уоһунан таһаарбыт,
Дьоллоох уол оҕо
Куттаах-сүрүн
Тойон түүлээх ох гынfy
Торуоска тутуммут,
Өрөгөйдөөх кыыс oҕo
Куттаах-сүрүн
Бүтэй быалаах
Мөгүрүөн көмүс
Кылдьыы гынан кэппит,
Дохсун кулун
Куттаах-сурун
Уҥа хонноҕун анныгар
Түү мээчик гынан уктубут,
Иэдьэгэй эриэнин илгэтин
Хаҥас хонноҕун анныгар
Иһэгэй мээчик гынан иҥэрбит,
Чахчырҕа кулунун
Куттаах-сүрүн
Көмүстээх көҕөн гынан
Уҥа тoҥолogop иилиммит;
Toнoҕoc эриэн торбоһум
Куттаах-сүрүн
Симэхтээх-томторук оҥостон
Хаҥас тоҥолоҕор иилиммит;
Күн аннынан
Күөх буурай былытынан
Кулүктэнэн,
Көрдөөх куөх сайын
Күөннэннэ,
Ийэ Сибииргэ эргилиннэ,
Итэҕэлэ бнлнннэ.
Мутукчалаах титиригинэн
Сүргүүтээтэ
Сэбирдэх хахыйаҕынан
Дапсыыр оҥоһунна,
Аан ийэ дойдуну
Ааһа барда,
Apҕaaҥҥы
Аҥаарыйар салгын тыыннаах,
Аллымахтыыр уулаах,
Аҥаардас хочолоох,
Адаархай былыттаах
Араат байхалга тиийэн
Атын хантаччы тардан турбут.
Аан дойду иччитин үс төгүл
Үөйэн-кыланан ылбыт,
Торуой ийэ сибиир
Тобураабыт диэн,
Маны тугунан
Тупсарыахпыный диэн,
Кэпсэтэ турбут эбит,
Доҕоттoop!..

Чурапчы оройуона, Одьулуун нэһилиэгэ, А. Д. Винокуров тылыттан суруйбута С. Боло, 1939 с.

Саха норуотун айымньыта. Якутскай, 1942, стр. 122—124.