* * *



Кимиэхэ
Илиибин биэрэн,
Истиҥник саҥаран,
Иһилэх өйбүн этиэмий?..

Кимиэхэ,
Сүрэхпин туттаран,
Сөбүлэтэ көстөн,
Сүлүһүммүн сүөкүөмүй?..

Кимиэхэ,
Киһилии кэмэлдьилэнэн,
Кэрэхсэтэ санатан,
Кистэлэҥмин кэпсиэмий?..

Ким,
Таптыырдаах буолан,
Талланнаах олохпор
Талаһа гыныамый?..
 
Ким,
Ордуктаах буолан,
Одурууннаах олохпор
Оҥочо оҥостуомуй...


1924

Алампа

Сүрүн сирэйгэ