Кистэлэҥнээх ыраахха (Моисей Ефимов)

(Мантан: Кистэлэҥнээх ыраахха көстө)

Батыйалар


Айанньыттар, тардан биэриҥ,
Ээй, чэйиҥ, көрдө-нарда!
Якутскайтан сарсын Беринг
Аттанарга быһаарда.

Алгыһынан ыраах суолга
Атаараллар сахалар,
Бэлэхтэрин командорга
Саҕынньых туттараллар.

Ытыллыаҕа хаардаах-муустаах
Хабырынар тыал-буурҕа.
Онно эһэ саҕынньахтаах
Витус Беринг тахсыаҕа.

Онно ахта санаарыҥ
Амарах сахалары,
Дьоллоох уһун айаны
Баҕара хаалбыттарын.

Кистэлэҥнээх кый ыраахха
Командоргут тиэтэтэр.
Арылла илик Аляска,
Биллибэт сир көһүтэр.

Онно тиийэн тиирээриҥ
Россия былааҕын,
Толорооруҥ Витус Беринг
Кэриэс тыллаах ыйааҕын.

Эй, эрэттээр, тардан биэриҥ
Ырыата, көрдө-нарда!
Камчаткаҕа сарсын Беринг
Айанныырга быһаарда.