Киэһээ айан (Алтан Сарын)

Күһүҥҥү киэһээ (Алтан Сарын) Алтан Сарын
Киэһээ айан (Алтан Сарын)
Алтан Сарын
Үрэх баһын тыата (Алтан Сарын)


Киэһээ буолла — күн дьааһыгырда, от-мас күлүгүрэн көстөр буолан барда. Ыраах, Дьааҥылар төбөлөрүгэр күрэ-нэн эрэр күн уота, кыбыстыбыкка дылы, кылабаччыйа көстөн хаалла. Арҕаа халлаан улаҕата күрэнэн эрэр күнү гытта, кутаалаах уотунан кырбаһан, кыһыл солкону тиирэ тарпыт көрдүк, кытара буста.

Онон-манан, утуу-һубуу уоттаах сулустар уһулута ойон таҕыстылар. Сындыыс уоттар, тыһы кылы сыыйыта тардан кээспит көрдүк, сытыытык сыыйыллан сырыстылар.

Борук-сорук буулаан, бадыа-бүдүө баһыйан тиийэн кэллэ.

Арҕаа диэки хайа адаархай арҕаһа, аҕам киһи аргынньахтыы түһэн олорорун көрдүк, аргыый аҕай аастыйан түһэн барда. Илин диэки эҥэр хайа иҥнэккэй иэдэһэ, эмээхсин дьахтар энэлийэ туойа олорорун көрдүк, эҥээрийэ кэхтэн түстэ.

Кэтэх хайа кирбии таастара, кэтэспиккэ дылы кэри-куру буолан, кистэнэр анныгар киирдилэр. Күндү күөх халлаан, күрүҥ сылгы көтөгөйүн түүтүн көрдүк, күдэн хара күлүктэннэ.

Киһи санаата салыттар сай-күдүө тыыннаах, куйахата күүрэр күрүҥ хара дьүһүннээх, этэ салаһар эҥсэ-обот эркиннээх, эппит тыл энэлгэн тойук буолар иҥсэлээх киэһээбит элиэтээн тиийэн кэллэ. От-мас, улам-улам күлүгүрэн, чугаһаан, хойдон көстөр буолла. Аппа сир алыс элбээтэ, тэхтир эниэ дьэ дэлэйдэ.

Сыарҕаларбыт сыҥаахтарын тыаһа хайдах эрэ иҥсэлэнэн, энэлгэннэнэн иһиллэр буолла. Саҥарбыт саҥа саталанан сатараан барар сааскы дьыбар түстэ. Табаларбыт туйахтарын тыастара, сытыы анньыы көрдүк, чыбырҕаан түһэн иһилиннэ. Иһиллээбиккэ дылы эҥсэлээх киэһэ буолла: кыра да саҥа сатараан иһиллэр, оччугуй да тыас дорҕооннонон барар имэҥнээх этигэн киэһэ кэллэ.

Куобах кыыл ходуһата буолбут, хобдоҕурбукка дылы хоҥкуйа куурбут куруҥ хара тыа устун куугунатан түстүбүт. Халлаан хара суора эрэ хам-түм хаһытаан ааһар хара сис ыһытыыр арҕаһын быһан, нөҥүө үрэх баһа, хайыһар төбөтүн көрдүк, өрө иэҕиллэн, ыйаастан түһүүтүгэр киирдибит.

Ол икки ардыгар тумус хайа дьулайыттан кэлтэгэй бараан ыйбыт тиэрэ эргийэн, дьэргэйэн тахсан кэллэ. Алтан аалыытын көрдүк, сандаьалаах ыйдаҥата таҥнары саккы-раан түһэн, ии хайа иэдэһигэр ирибинэччи-дьирибинэччи иҥмэхтээтэ, тумустаан турар томтор сирдэри дьуккурута көрдө, ыарҕа төбөтүн аайы ыйааммахтаата, мутук аайы мунньуһунна, эҥэр хара тыаҕа ирим-дьирим иилиллим-мэхтээтэ. Тарын мууһугар чаҕылыччы тыкпыта — уот көрдүк күндээрдэ, сулус көрдүк дьирибинээтэ, сындыыс көрдүк сырыбынаата. Көмүрүө хаарга күндээриччи тыкпыта-күндээркэй сырдыгынан көҥсүөрбүт санааны көнньүөртэ, саппаҕырбыт санааны саймаархай сандаҕатынан сайдаата.

Дьэ доҕоттоор! Аҕам киһи санаарҕаан санньылыйар, оҕо киһи уйадыйа уулар үүт-тураан тунаархай сырдыгынан толоону тунуйда. Сүрэҕи өрүкүтэр, быары манньытар дьэргэлгэннээх үүт ыйдыҥа түһэн дьирибинээн, салгын устун салыбырыы-чаһылыйа, дьырыбыныы, күлүмүрдүү турда.

Табаларбыт хонук сирдэрэ чугаһаабытын билэннэр, сар-сур тэбинэн, оту-маһы быыһынан, дьэргэлгэн көрдүк элэ-гэлдьистилэр. Сыарҕаларбыт халыр-босхо баран, хабыс-хата суох халыһыйан сүүрдүлэр. Мууһу таҥнары бокуойа һуох бурҕаҥнатан, эниэни таҥнары эрэйэ һуох элэгэлдьитэн, хонук сирбитигэр дылы үрүмэтчилии көтүтэн, бөрөлүү харбатан түстүбүт.