Киһи, кини майгыта-сигилитэ

Аата, ыраахтааҕы ылгын кыыһа буоллаҕа.

«Аҕал» диэтэххэ антах хайыһар, «ыл» диэтэххэ ымас гынар, «кулу» диэтэххэ курус гынар, «мэ» диэтэххэ мичис гынар.

Айах адаҕата, буоһах бохсуута.

Айах ыла аҕа.

Акаары ахсым, киһиргэс киэбиримтиэ.

Албыҥҥа акаары бараммат.

Алгыс баһа сыалаах, кырыыс баһа хааннаах.

Антах-бэттэх сирэй буолар.

Арбаҕас иһигэр абааһы баар.

Арҕаһыгар баастаах ат ыҥыырын уурдарбат.

Аһаан бүтэн баран атаһын ахтыбыкка дылы.

Аһыырга аллаах, үлэҕэ көлөөк.

Атаҕастыыбын диэн атаххыттан ыллараайаххын.

Ат күрүөнү намыһаҕынан көтөр.

Аттанаары туран ахтатын абырахтаппыкка дылы.

Атырдьах маһы аҥардаһан арахсыахпыт (эбэтэр салаалаах оту).

Аччыгы аһат, тоҥмуту ириэр.


Баай оҕото бардам, тот оҕото дохсун.

Баай дьадаҥыны аһыммат, дьадаҥы баайы аһыммат.

Баай мэник иккигэ халлаан хабарҕатынан, муора тобугунан.

Баҕа бадарааныгар бардам.

Баҕа бэйэтин бадараанын хайгыыр.

Балык уу дириҥин, киһи күн уотун батыһар.

Балык уу дириҥин былдьаһар, киһи күн үтүөтүн көрдөһөр (батыһар).

Барбыт суолгунан төнүннэххинэ махтанаар.

Баһа байҕал, кутуруга куйаар (эбэтэр кута).

Баһыгар быта да суох.

Баһын кырбана олорор.

Биир ылбайы сэттэтэ уоппукка дылы.

Биэрэр илии билэр, ылар илии билбэт.

Бүлүү түгэҕинээҕи киһини кынчарыйбыкка дылы.

Быа синньигэһинэн быстар, быһах уһугунан тостор.

Быста-быста салҕанар, тимирэ-тимирэ күөрэйэр, өлө-өлө тиллэр.

Быт сиэтэҕинэ тарбаныллыа.

Бэҕэһээҥэ диэри ыт буутун ытыра сылдьарыҥ, бүгүн саһыл кутуругун тута сылдьаҕын.

Бэрдэ бэргэһэ саҕа, үтүөтэ үтүлүк саҕа.

Бэрт киһи бэтиэхэлээх, үтүө киһи үгэлээх.

Бэс ыйыгар Бээчээн муннун үлүппүтүгэр дылы.


Дүлүҥ анныгар уу киирбэт.

Дьахтар оронуттан оhоҕор дылы санаата сэттэтэ уларыйар.

Дьүһүнүн көрөн киһини сэнээмэ.


Ийэ-аҕа ырыатын ыллатта.

Икки адьырҕа эһэ биир арҕахха кыстаабаттар.

Илин атах суолун кэлин атах сиппэт.

Иннин тымтыктанан көрбүт суох.

Ис минэ киһи.


Kиллэҥэ ийэтин тэпсибитигэр дылы.

Килэгир харах, көппөҕөр мурун, көҥдөй көҕүс.

Киһи эриэнэ иһигэр, сүөһү эриэнэ таһыгар.

Киһи иккистээн төрөөбөт.

Киһи эриэнэ иһигэр, сүөһү эриэнэ таһыгар.

Киһиргиибин диэн кирсиҥ быстаарай.

Киэҥҥэ киирбэт, баайга баппат киһи.

Көҕөнү тутаары, чөркөйтөн маппыт.

Көмүскэтэрим эрэ көмүскэм уута, харыһыттарарым эрэ хараҕым уута.

Көрдөрөн туран балыырдаах, туттаран туран мэллэхтээх.

Көс ыта көҥөс.

Көтөр өҥүнэн, киhи өйүнэн.

Көтүөхпүн — халлаан ыраах, тимириэхпин — сир кытаанах буолла.

Кулгааҕар куба саахтаабыт.

Кулгааҕа суох кулгаахтаныа, хараҕа суох харахтаныа.

Кулгааҕа-хараҕа кэҥээбит киһи.

Кулгаах - харах көмүстээн этэр.

Kумах мэйии, хоҥхо бас.

Кус быһый, ат бөҕө.

Кус уҥуоҕун кыайан тоһуппат киһи.

Куһаҕан киһи кулгааҕа кутуругун төрдүгэр.

Кутталыгар кута куртаҕар тустэ.

Куттас бэйэтин күлүгүттэн куттанар.

Кутуругун быһа кыбына сылдьар.

Күлүгэр ырдьыгынаабыт ыкка дылы.

Күн киһитэ көмүскэс, айыы киһитэ аһыныгас.

Күнүм буолла, күөнэҕим таҕыста, күөрэгэйим ыллаата.

Күөх оту тосту үктээбэт киһи.

Күөххэ көппүт, бэлэмҥэ бэрт.

Кыната сарбыллыбыт.

Кынатын куурпут (бүлүүлүү — хотоҕойун куурпут).

Кыптый кырадаһыннаспыкка дылы.

Кырдьан баран кылыыһыт буолбукка дылы.

Кэтээбитэ кэргэнэ, манаабыта балаҕана.

Кэччэгэйтэн кэлтэгэй хамыйахтаах баһар.

Кэччэгэй кэриэһэ суох.

Кинээс ойоҕо кэтэхтээх, уус ойоҕо улаатымсык, ойуун ойоҕо улаҕалаах

Ойуун ойоҕо дархан, кинээс ойоҕо халааннаах

Киһи иннигэр тыһы кылы көрөр, бэйэтин иннигэр бэрэбинэни даа билбэт

Киһи киһиэхэ тэҥнэспэт, сүөһү сүөһүгэ тэҥнэспэт

Киһи өһөөбүтэ томторго, таҥара өһөөбүтэ ахпаҕа

. Көҕөнүн ытабын диэн чуркуйуттан маппыт

Көҕүлүн илбийэн баран кэтэҕин кэрпит

Көҥдөй оҕото көтүө дуо!

Көрдөрөн туран балыырдаах, туттаран туран мэллэхтээх

Көхсүгэр оноҕостоох, муннугар сыттаах

Кулгаах ырааҕы истэр, харах чугаһы көрөр

Куһаҕан киһи кулгааҕа кутуругун төрдүгэр

Кутургуйа талбытыгар тахсар, тойон таптаабытын дьүүллүүр


Маc баттах барда.

Миэхэ туулаама, чалбахха туулаа.

Мээнэҕэ кыыһырыма - эрдэ кырдьыаҥ.

Муҥхатын хараҕа кэҥээбит киһи.

Муора тобугунан, халлаан хабарҕатынан.

Мыыныык оҕо үүтүн тоҕор.


Саары баттаһар, сампай уопсар.

Салаҥ киһиэхэ хара тыа маһа ытыыр.

Салаҥ киһиэхэ хара тыа маһа ытыыр.

Салаҥ сабы барыыр.

Саҥата суох киһи көрсуө аатырар.

Саһыл курдук ньылаҥнас, ыт курдук ырдырҕас.

Сатабыллаах саһыл саҕалаах.

Сатаабат сата баһын тардар, өйдөөбөт үөдэни хаһар.

Саха сахатынан кэрэ.

Си барыга сысса сыалыйа, бырахса мыаннарык буоллаххыный.

Сиик хоту сигилилээх, салгын хоту санаалаах.

Силин быһа ыньыстар.

Сип гыммыты ситиигэ, сап гыммыты сапка тиһэр.

Сир быта киһи.

Сириксэн силлибиккэ түбэһэр.

Сирэйигэр суорат бырдаҥалаабыт (баҕадьыта).

Сирэйигэр суорат кутан салыаҥ суоҕа.

Сирэн-сирэн сирэҕэскэ түбэһиэҥ, талан-талан тараҕайга табыллыаҥ.

Сокуона сутуругар, эппиэтэ илиитигэр.

Солуну солбуйбут, саҥаны сахсыйбыт.

Суол киһитэ тутулуктаах, айан киһитэ тардылыктаах.

Суор хараҕын сиэбит киһи.

Сургунах суруксута, мыаннарык быыбарнайа.

Суулуу туппут сууҥ киһи, эрийэ туппут эмэх киһи.

Сүөһү күрүөлээҕэ, киһи төбөлөөҕө үчүгэй.

Сүрэҕэ суох сүүс сүбэлээх.

Сүүһүгэр түптүрдээх, хараҕар хаппахтаах.

Сыа анныгар үтэһэ буспатаҕар дылы.

Сыа хаары быспат, уу долгуратын хамнаппат, күөх оту тосту үктээбэт киһи.

Сыалыһар сыа быардаммытыгар дылы.

Сылдьыбыт сыыһы булар.

Сымыйанан эппэтэҕинэ иһэ ыалдьар.

Сымыйаччы кэрэһиттээх, түөкүн хонуктаах.

Сымыйаччы туоһулаах.

Сытар ынаҕы туруорбат киһи.

Сымыыттааҕар бүтэй, балыктааҕар кэлэҕэй.

Сыылла сылдьан сыарҕа быатын быhар.

Сыылла сылдьан сыарҕа быатын быһа кэймиир (кэрбиир).

Сэнээбиккиттэн сэттэҕин ылыаҥ.


Талыы собо курдук дьон.

Талан-талан тараҕайга табыллыаҥ.

Тарбаабыт ынах курдук.

Тииһимэ тиҥэһэ, тыыныма тыһаҕас, болҕой борооску.

Тимир илии, кытаҕас ытыс.

Тимир тириитин кэппит.

Тиэргэнигэр тиргэлээбит, суолугар туһахтаабыт, ааныгар айалаабыт.

Топпутун тобуга уйбат.

Тоттум даа тойон оҕото буоллум!

Тохтор хаана суох, быстар этэ суох киһи.

Тохтор хаана суох, ыалдьар этэ суох, быстар тыына суох.

Тоҥтон толлубат (торуллубат), ириэнэхтэн иҥнибэт.

Төрдө суох чөҥөчөк киһи.

Тумсун дулҕаҕа сотунна.

Түөкүн киһи үс күлүктээх.

Түөкүн мэлдьэҕин, ыт тииһин эрэнэр.

Түптүрдээх күөстэммит, туҥнэри хайыспыт.

Тыла айаҕар баппат, атаҕа суолга баппат.

Тыла мүөттээх, сүрэҕэ муустаах.

Тыллаах эппитин, кырыыстаах кыраабытын курдук.

Тэбэр сүрэхтээх, тардар тымырдаах, оонньуур хааннаах киһи.

Тэбэр туйах чэрчитэ, үҥэр муос өргөһө, уһун кутурук оҥоһуута.


Уйатыгар уу киирбит.

Улар мэйии, куба олоороҥ.

Уҥуох үүттээх, эт саастаах киһи.

Уол оҕо биир күн ат өрөҕөтүгэр, биир күн ат үрдүгэр.

Уолугунан тыыммыт, уһугунан догуммут, оройунан оонньообут.

Уохтаах буору сиэмэ сөбүлүүр, үтүө киһини дьон сөбүлүүр.

Урукку иҥсэ убаҕас, хойукку иҥсэ хойуу.

Устан барар уу киһитэ, ааһан барар айан киһитэ буолбатах.

Утаппыкка ууну көрдөрүмэ, аччыктаабыкка аһы көрдөрүмэ.

Уулаах олорон кэпсиир (хайгыыр).

Уута уҥуор, бэһэ бэттэх.


Үрүҥү көрбөтөх үрүмэччигэ дылы.

Үс өргөстөөх, аҕыс кырыылаах киһи.

Үтүө ат биир кымньыылаах, үтүө киһи биир тыллаах.

Үтүө киһи биир тыллаах.

Үтүө киһи үөлэһэ кыымнаах, өтөҕө төҥүргэстээх.

Үтүө киһи хараҕа үс.

Үүтүн тохпут оҕоҕо дылы.

Үөл мастан үөннээн сиэбит, аһаах мастан астаан аһаабыт.

Үчүгэй майгыҥ - көтөр кынатыҥ.


Хаарга хаампыт, сииккэ сиэлбит.

Хаахыныыр мас охтон биэрбэт.

Хабдьытааҕар хара, тураахтааҕар маҕан.

Хагдаҥ оттоох сиргэ олоруо суох күтүр.

Хайҕанабын диэн хараайаҕын.

Халаабыһа хапсыйда, кутуйалааҕын курданна.

Халлааны саппаҕырдан, сири киртитэн, дойдуну буортулаан.

Халлааны харбаан, хайыһары миинэн, хаары ытыһан хаалбыт.

Халлааҥҥа туойан кэбистэ.

Халлааҥҥа хардаҕастаммыкка дылы, былыкка быһахтаммыкка дылы.

Харыйаны таҥнары соспут курдук.

Хаһынара хараҕа, оҥосторо уоһа.


Чыҥыс хаан ыйааҕа, одун хаан оҥоһуута.


Ыал киллэрбэт, ыт үрбэт буолбут.

Ыарыһах таҥараһыт, дьадаҥы уруумсах.

Ылар илии билбэт, биэрэр илии билэр.

Ынах маҕыраһан билсэр, сылгы кистэһэн билсэр, киһи кэпсэтэн билсэр.

Ытаабат оҕону эмсэхтээбэттэр.

Ытыһын соттон хаалла.


Эһэ уордаах да, арҕахха сытар.

Эрдиитэ суох тыыга олорто.

Эриэн ыт элэгэ, күөт ыт күлүүтэ буолбут.

Эрэйдээх этигэс, муҥнаах булугас.

Эрэйэ миэхэ, эгэйэ эйиэхэ.

Эһиилги бил баһын мин сиэм диэбиккэ дылы.