Киһи буолуу (Каженкин И.И.)

KИҺИ БУОЛУУ Дьокуускай 2005

АННОТАЦИЯ

Санаа күүһэ ситэ үөрэтиллэ илик. Санаа ханна баҕарар олус түргэнник тиийэрэ, тугу барытын курдаттыыра ураты күүстээҕин быһаарар. Ол иһин бары таҥара үөрэхтэрэ санаа аһара барбатын диэн хааччахтыы сатыыллар. Сахалар: «Киһини санаата салайар»,- диэн этэллэр. Автор бу үлэтин санаа уратыларын быһаарыыга аныыр.

Мысли управляют поступками людей. Люди воспитанные на одних хороших мыслях развиты односторонне. Ввиду незнания они не могут управлять навязываемые из вне нехорошими мыслями.

Иван Иванович Kаженкин

ААН ТЫЛ

Сахалар «Аан дойдуну санаа тутан турар» диэн этиилэрин кэҥэтэн ырытыы биһиги бу үлэбит сыала. Аан ийэ дойдубут санаа курдук иннэ-кэннэ, баара-суоҕа биллибэт сүрүн тутулуктаах буолуута материализм уонна атеизм үөрэхтэринэн кыайан быһаарыллыбат этэ. Билигин даҕаны дьон үксүлэрэ санаа туох күүстээх буолуохтааҕын кыайан быһааран өйдөөбөккө олохторун олороллор. Kут-сүр үөрэх сайдан иһиитэ санаа күүһүн быһаарыыга көмөлөһөр.

Сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ киһи санааларыттан үгэс, кут үөскээн киһини салайарын быһаарар. Kиһи бэйэтин санаалара хос-хос хатыланар буоллахтарына туспа куту, ийэ куту үөскэтэллэр, ол олохсуйбут үгэстэр киһини бэйэтин салайаллар.

Сахалар «Kиһи санаа хамначчыта» диэн этиилэрэ киһини санаата салайарын, сирдээн иһэрин эмиэ быһаарар. Ханнык, туох санаалар киһи өйүгэр-санаатыгар олохсуйаллар даҕаны киһи ол санааларын толороору дьулуһан, санааларыгар хамначчыт буолар. Ол аата, оҕоҕо иитии-үөрэтии көмөтүнэн аан маҥнай ханнык өйү-санааны төрөппүттэрэ иҥэрэн, үгэс оҥорон биэрэллэр да, соннук быһыылары оҥорор кыахтанар.

Kиһи ханнык быһыылары үчүгэй уонна куһаҕан диэн арааран быһаарарыттан тутулуктанан өй-санаа эмиэ үчүгэй уонна куһаҕан диэннэргэ арахсаллар. Өй-санаа бу курдук арахсыытыгар Айылҕа көмөтө улахан оруоллаах. Ол курдук сырдык буолуута киһиэхэ хараҕа сырдыырын, үчүгэйдик көрөрүн үөскэтэн, үчүгэйи, кыайыыны аҕаларынан үрүҥ дьүһүн дьоҥҥо үчүгэй өйдөбүллэммит.

Түүн хараҥа, туох барыта дьоҥҥо куһаҕаннык көстөр буолан хара дьүһүн куһаҕан өйдөбүллээх. Өй-санаа бу курдук икки аҥы: үчүгэй уонна куһаҕан эбэтэр үрүҥ уонна хара диэн арахсыытын дьон бары тутуһаннар өйдөрө-санаалара сайдар.

Саха дьонун өй-санаа туһунан үөрэхтэрин аанньа ахтыбат буолууттан эдэрдэр атаахтык иитиллэр буоланнар өйдөрө-санаалара кэнники кэмҥэ туруга суох буолла. Омук сайдан иһиитигэр кэлэр көлүөнэлэри иитии-үөрэтии сахалар «Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс» диэн өстөрүн хоһоонунан сирдэтинэн барара эрэ табылларын биһиги бу үлэбитигэр салгыы быһаарабыт.

Биһиги быстах санаабытыгар ас-таҥас, тиэхиникэ арааһа барыта дэлэй буоллаҕына олох чэпчээн иһэр дии саныыбыт. Өй-санаа тутулуктарын ситэ билбэт буоламмыт сахалар «Олох ыарахан» диэн этиилэрин кыайан олохпутугар туһана иликпит.

Олох сайдан, бары барыта дэлэй буолуута, киһи баҕа санаата аһара барарын үөскэтэн өй-санаа тутулуга суох буоларын курдук өйдөбүлү үөскэтэр. Бу албын өйдөбүл абылаҥар сымнаҕастык иитиллибит, тулуурдара тиийбэт дьон аан маҥнай киирэн биэрэллэр. Ол курдук арыгы кэнниттэн кэлэн иһэр наркотиктар өйү-санааны ордук күүскэ буккуйар буоланнар киһиттэн олус тулуурдаах, дьулуурдаах буолууну ирдиир кэмнэрэ кэлэн иһэллэр. Олус тулуурдаах, дьулуурдаах, наркотик дьайыытыгар өйдөрө-санаалара утарылаһар кыахтаах эрэ дьон олохторун дьоһуннаахтык, киһилии олорон, кэлэр көлүөнэлэри үөскэтэн, сайдыыны ситиһэр кыахтаахтар. Ол иһин кэлэр көлүөнэлэри иитиигэ уонна үөрэтиигэ сахалар оҕону иитиигэ сыһыаннаах «Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс» диэн өстөрүн хоһоонун дьон бары халбаҥнаабакка эрэ тутуһар буоллахтарына эрэ кэлэр көлүөнэлэрэ туруктаах өйдөөх-санаалаах буоланнар олохторо салгыы сайдыытын ситиһэр кыахтаныахтара.

Атын омук батталыгар, өйүгэр-санаатыгар иитиллэр буоламмыт «Омук сайдыыта» диэн этиини сыыһа сыаналыыр буоллубут. Таҥас-сап, ол-бу тирээпкэлэр дэлэй, араас аныгы тиэхиникэлэр барылара баар буоллахтарына олохпут сайдыбыт курдук сыыһа санааҕа кэлэбит.

Омук дьоно ахсааннара эбиллибэт, тулуурдаах, дьулуурдаах, киһилии өйдөөх-санаалаах кэлэр көлүөнэлэри иитэн-үөрэтэн улаатыннаран испэтэхтэринэ сайдар, чэчириир кыахтара суох буолар. Ол иһин кэлэр көлүөнэлэри иитии-үөрэтии төрдүттэн уларыйан, чиҥээн, кытаатан биэриитэ тулуурдаах, дьулуурдаах, киһилии өйдөөх-санаалаах буола улааталларын ситиһиигэ тириэрдэрин биһиги дакаастыыбыт.

Оҕо сайдан иһэр өйө-санаата элбэх саҥаны, дьон туттубаттарын, билбэттэрин оҥоруон баҕата олус элбэх. Дьон билбэттэрин оҥоруу олус сэрэхтээх дьыала, баҕар эмискэ дэлби тэбиэн, күүскэ умайыан да сөп. Ол иһин өй-санаа сөптөөх хааччахтаах буолара наада. Өй-санаа хааччаҕа «Айыыны оҥорума», «Сиэри кэһимэ», «Киһи быһыытын таһынан барыма» диэн сахалыы этиллэр.

Санаа киһини салайар. Ханна да баара, туох күүстээҕэ киһиэхэ биллибэтэр даҕаны инники диэки сирдээн иһэр баҕа санааны үөскэтэр буолан киһини салайар. Сахалар «Киһи буолуу»,- диэн этиилэрин быһаарыыта оҕоҕо киһи буолар баҕа санааны иҥэрэн биэрии буолар. Kиһи барыта ханнык эрэ баҕа санаатын толоро сатыыр, онно дьулуһар. Ханнык баҕа санаалар киһиэхэ иҥэн олохсуйаллар даҕаны киһи соннук быһыылары оҥорор. Ол иһин оҕоҕо үтүө баҕа санаалары олохсутан, үгэс оҥорон биэрии хас биирдии төрөппүттэн ирдэнэр. Эрэллээх, эһиги бары баҕа санааларгытын толорор кыахтаах кэлэр көлүөнэлэрдээх буоларгытыгар ис сүрэхпититтэн баҕарабыт.

ӨЙ уонна САНАА

Киһи төһө уһуннук олорор даҕаны өйүгэр-санаатыгар мунньуллар үөрэхтэрэ элбээннэр, билиитэ-көрүүтэ дириҥээн иһэр. Бу этии хас биирдии киһиэхэ быһаччы сыһыаннааҕын ким да утарбат. Омук олоҕун уһуна хас биирдии киһитин олохторуттан холбонон үөскээн тахсар. Сир үрдүгэр уһуннук олорбут омуктар олох туһунан үөрэхтэрэ төһө эмэ киэҥ, дириҥ буолар, олох бары ыарахан өттүлэрин барыларын үчүгэйдик билэллэр.

Ыраахтааҕы уонна советскай былаас кэмнэрин саҕана саха дьонун олоххо сыһыаннаах туох баар үөрэхтэрин барыларын туохха да наадата суох хойгур кэпсээн курдук этэр буолбуттара. Арай бу билигин кыһалҕа тирээн, сахалар ойууннарын үөрэхтэрин сэҥээрэр буолан эрэллэр. Билигин Россияҕа эдэр дьон өйдөрө-санаалара туруга суох буолуута былыргы сахалар өй уонна санаа туһунан үөрэхтэригэр төн¬нүүнү эрэйэр буолла. Итини тэҥэ олус уһун үйэлээх саха дьонун олохторун үөрэҕэ, олоххо уоппуттара лаппа элбэх буолара сыыйа дакаастанан иһэр.

Сахалар өй - мэйии диэн холбуу этиини элбэхтик тутталлар. Өй-дөөх, мэйиилээх буолан киһи сайдан иһэр диэн этэллэр. Бу этии өй мэйииттэн быһаччы сибээстээҕин бэлиэтиир. Мэйиитэ улахан буоллаҕына өйдөөх, өйө элбэх буолара быһаарыллар. Мэйии 80 бырыһыанын мэйии сарыыта ылар эбит. Киһи мэйиитэ 200 млн сыл устата үс төгүл улааппытын учуонайдар быһаарбыттар. 1,139).

Сахалар өйдөбүллэринэн өй уонна санаа тус-туспалар. Өй мэйиигэ үөскүүр буоллаҕына, онтон тарҕанан, тэнийдэҕинэ санаа буола уларыйар.

Санаа диэн сүүрээн, эниэргийэ, киһи этин-сиинин устун тарҕана сылдьар. Өйбүт сүүрээннэрэ санаа буолан эппитин-сииммитин хамсаталлар. Өйбүт санаа буолан тулабытыгар тарҕана сылдьар. Санаабыт ханна таптаабыт сирбитигэр тиийэ тарҕанар. Сахалар киһи өйүн быһаарарга куруук туттар өй-санаа диэн холбуу этиилэрэ итинник быһаарыллар.

Мэйии быстах кэмҥэ буккуллан ылыытын «Өйө хамсаата» диэн этэл¬лэр. Бу этиигэ өй суолтата быһаччы мэйии диэн буолар. Ол иһин мэ¬йии доргуйан хамсаатаҕына киһи өйө хамсыырын арааран билэр буолан¬нар итинник этэллэр. Медицина үөрэҕин этиитэ итини эмиэ бигэргэ¬тэр. Ол курдук киһи доргуйууттан мэйиитин тас бүрүөһүнүн хамсааһы¬на өйө буккуллан ылыытыгар тириэрдэрэ быһаарыллыбыта. Элбэх арыгыны иһэн кэбиспит киһи мэйиитин тас бүрүөһүнэ эмиэ хамсыыр. Бу хамсааһын сабыдыалынан киһи итирдэҕинэ «Өйө көтөн» хаалар. Медицина наукатын кандидата Б.М.Коган үөрэтиитинэн арыгы киһи мэйиитигэр киирэн тас бүрүөһүнүн тутулугун хамсатар, туруга суох оҥорор. Киһи элбэх арыгыны истэҕинэ мэйиитин тас бүрүөһүнэ хамсыы сылдьар буолар. Туттуна сылдьар быһыыта тосту уларыйан бэйэтэ тугу гынарын билбэт буолан хаалар. (2,17).

Ити курдук киһи өйө хамсааһына уонна көтүүтэ мэйиитин тас бүрүөһүнүттэн тутулуктаах эбит. Ол иһин киһи көтөн хаалар өйө-санаата, салгын кута мэйиитин тас бүрүөһүнүгэр сылдьара быһаарыллар. Мэйии тас бүрүөһүнэ дор¬гуйдахха дуу эбэтэр итирэн дуу хамсаатаҕына киһи өйө, салгын кута көтөр. Бу быһаарыы салгын кут мэйии тас бөрүөһүнүгэр сылдьарын чуолкайдаан биэрэр.

Кут-сүр үөрэҕин быһаарыытынан бары үөрэҕи-билиини баһылааһым¬мыт, кулҕаахпытынан истэн, харахпытынан көрөн үөрэниибит барыта аан маҥнай салгын кут буолар. Бу өйбүт-санаабыт барыта мэйиибит тас бүрүөһүнүгэр сылдьар. Сахалыы мэйии тас бүрүөһүнүн, сарыыта диэн ааттыыллар. Ол иһин мэйии сарыыта төһө элбэх мыччыстаҕастардаах да, соччонон өй-санаа элбэх буолар дииллэрэ кырдьык буолан тахсарыгар тиийэр.

Мэйии ис, дириҥ өттүгэр ийэ кут өйө-санаата олохсуйар. Элбэхтик хос-хос хатылаан үгэс оҥостон үөрэнэр буолан ийэ кут өйө-санаата чиҥ, мэйии ис өттүгэр киирэн олохсуйар. Доргуйууттан уонна арыгы да иһиититтэн бу өй-санаа хамсаабат, уларыйбат, көппөт. Дириҥник олорор. Итирбит киһи «Өйө көтөн», салгын кута баран хаалбытын кэннэ ийэ кутун өйүнэн-санаатынан салаллар. Ол аата киһи итирдэҕинэ уруккуттан үгэс буолбут, элбэхтэ хатылаан оҥоро үөрэммит, үгүстүк санаабыт быһыыларын оҥорор. Бэйэтин этигэр-сиинигэр үчүгэйи оҥоро¬ро элбиир, этин-сиинин баҕа санааларын уруттаан толорор буолар.

Буор кут өйө-санаата мэйии олус дириҥ өттүгэр, түгэҕэр олохсуйа сылдьар. Олус элбэхтик кыра эрдэҕиттэн хос-хос хатылаан үөрэниллэр буолан мэйии лаппа иһирдьэ өттүгэр киирэр. Буор кут өйө-санаа¬та киһиттэн, мэйииттэн хаһан да арахсыбат буолуон сөп.

Сахалар өй-мэйии туһунан билиилэрин бу курдук дьаарыстаатахпытына ким барыта өйдөөн, таба туһанар буолуон сөп. Ол курдук киһиэ¬хэ дириҥ, хаһан да умнуллубат билиини биэриэххин баҕарар буоллах¬хына, элбэхтик хос-хос хатылаан, үгэс оҥорон үөрэтии туттуллуох¬таах. Оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кутугар иҥэриллибит өйдөбүллэр хаһан да умнуллубаттар. Бу өйдөбүллэр киһи өйүн-санаатын төрүтүнэн буо¬лаллар. Кэнники ылынар билиилэрин оҕо бастакы билбитигэр тэҥнээн көрөн туох туһалааҕын быһаарар, онтон биирдэ ылынар. Ол аата ханнык баҕарар саҥаны билиитин урут билбитигэр тэҥнээн көрөн сыаналыыр.

Медицина наукатын кандидата А.М.Полюхов киһи өйүн¬-санаатын дириҥник үөрэтэн баран оҕо мэйиитэ кураанаҕын, аан маҥнайгыттан мунньунан иһэр өйдөбүллэрин көннөрү үтүктэн үөрэнэрин быһаарбыт. (3,24).

Сахалар өй-санаа туһунан өйдөбүллэрэ бу этиигэ эмиэ сөп түбэһэллэр. Ол курдук оҕону иитиини-үөрэтиини аан маҥнай батыһыннаран уонна үтүгүннэрэн үөрэтэр эрэ туһалааҕын сахалар билэллэр. «Бэйэлэ¬рэ үлэһит дьон оҕолоро эрэ үчүгэй үлэһит дьон буола улааталлар»,- диэн сахалар этиилэрэ итини бигэргэтэр. Бу этиини саха тыла эмиэ бигэргэтэр, ол курдук оҕо аан маҥнай иитиллэр онтон биирдэ үөрэнэр.

Санаа туһунан сахалар өйдөбүллэрэ олус киэҥ. Киһи өйүн үлэтин барытын бу тыл быһаарар. Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыты¬гар санаа маннык өйдөбүллэрэ киирэ сылдьаллар.

1. Киһи өйүн үлэтэ, туох эмэ туһунан өйдүүрэ, өйө.

2. Киһи тугу эмэ өйүгэр быһаарыыта, туох диэн өйдүүрэ, туох өйдөбүлү тутуһара.

3. Киһи бэйэтигэр өйүнэн сорук ылыныыта, тугу эмэ оҥорорго, ситиһэргэ сананыыта.

4. Киһи тугу эмэ өйүнэн үчүгэй эбэтэр куһаҕан курдук ылыныыта, өйүнэн билгэтэ, чувствота.

5. Киһи туохтан эмэ улаханнык хомойуута, кими, тугу эмэ аһыйыы-та, санаарҕабыл. (4,145).

Санаа ити курдук киһи өйүн үлэтин барытын быһаарарын таһынан бу өйү наадалаах сиригэр тириэрдэр аналлааҕа быһаарыллар. Санаа ханна эрэ сылдьар, ыраах да тиийэн хаалар кыахтаах.

Ис санаа – киһи иһигэр тута сылдьар санаалара. «Санаатын иһигэр тутар», «Санаатын биллэрбэт» диэн этиилэргэ сөп түбэһэллэр. Бу ис са¬наалар эти-сиинин хамсаталлар, ис уорганнары барыларын салайаллар, сөптөөхтүк үлэлииллэрин хааччыйаллар.

Баҕа санаа - үгүстүк киһи тас өттүгэр сылдьар. Ханна баҕарар тиийэр, ырааттаҕына ыра санаа дойдутугар, ырайга да тиийиэн сөп. Ыра санаа – киһи олоҕор кыаҕа тиийбэт буолан хаһан да кыайан толорбот баҕа санаалара. Сирдээҕи олоххо сөп түбэспэт, кыайан туолбат баҕа санаалары сахалар туспа арааран – ыра санаалар диэн ааттыылар. Ыра санаалар мунньустар дойдулара Ырай итинник үөскээбит.

К.Д.Уткин олоҥхолору үөрэтэн былыргы сахалар киһи өйүн уонна санаатын дириҥник үөрэппиттэрин арыйар. Санаа киһини самнарар эбэ¬тэр кынаттыыр кыахтааҕын биһиги өбүгэлэрбит үчүгэйдик өйдөөбүттэр эбит. Ол аата, киһи үчүгэйи да, куһаҕаны да оҥорор дьайыытыгар төрүөт буолара этиллэн иһэр. Өскөтүн санаа сирдиир, угуйар суолтаҕа туттуллар буоллаҕына, өй тобулар, тыырар хайысханы быһаарар. Yксүгэр өй-санаа бииргэ этиллэллэр, игирэ оҕолуу сиэттиһэн сылдьаллар. (5,77).

Сахалар үксүгэр бу икки тыллары өй-санаа диэн холбуу этэн тут-таллар. Холбуу этилиннэхтэринэ киһи өйүн-санаатын үлэтин ордук то¬лорутук көрдөрөллөрүн иһин тутталлар. Ол курдук өй мэйиигэ үөскээн баран салгыы киһи этигэр-сиинигэр эбэтэр тулатыгар тарҕан¬наҕына санаа диэн ааттанар буолара быһаарыллар.

Үгүстүк биири саныы сырыттахха санаа эмиэ мунньуллар, тууйуллан киһини эрэйдиэн сөп. Ол иһин «Санааҕын аралдьыт» диэн этэллэр. Киһи атыны санаатаҕына, урукку санаата аралдьыйан, тарҕанан, симэлийэн иһэрин сахалар билэллэр. Санааны аралдьытыы киһи куһаҕан санааларыттан ыраастанарыгар хайаан да тутуннаҕына табыллар быһыы¬та буолар. Киһи өйүн-санаатын ыраастыырга, чэпчэтэргэ куһаҕан са-нааларын аралдьытан, суох оҥорон баран, атын үчүгэй санааларынан солбуйан биэрэрэ эрэ туһалыыр.

Ханна эрэ санаа кыыма кыламныыр. Киирэн кэллэ, сырдатта. Умнуллубут курдук санаа эмиэ күөдьүйэн, күүһүрэн кэллэ. Хантан кэллэ бу санаа. Таба туттарбакка симэлийдэ. Санаа ситимэ быстар. Yчүгэй баҕайыны санаан испитим баара быстан хаалла. Сүттэ. Туман курдук симэлийдэ. Умуллубут курдук умнулунна.

Киһи баһыгар араас эгэлгэ санаалар быыстала суох киирэн ааһаллар. Сүүс араас санаалар. Барара-кэлэрэ хааттарбыт киһи ордук санаа алыбыгар ылларар.

Санаалар салайан биэриигэ наадыйаллар. Баспыт иһигэр баппат, таһынан дэбилийэ сылдьар санааларбытын ыга тутан, хаайан, киһи быһыылаах санааларга куруук кубулута сырыттахпытына эрэ табылларын букатын да быраҕан кэбистибит. Былыргыттан баар үөрэхпитин умуннаран кэбиһэннэр дьарыктаммат буоллубут. Атеистар Россия дьонун буорту оҥоруулара итиннэ саһан сылдьар.

Араас үчүгэй баҕа санаалар быыстарыгар биир эмэ да буоллар куһаҕан санаалар киирэн тахсаллар. Сорохторо киирэн баран туох да суола ииһэ суох сүтэн хаалбаккалар араас минньигэс баҕа санаалары үөскэтэллэр.

Санаа. Санаа курдук түргэн, ханна баҕарар тиийэ охсор, уларыйар, күүһүрэр, кыччыыр, умнулла охсор туох да суох. Куруук биири саныы сырыттахха санаа күүһүрэн, үгэскэ, ийэ кукка кубулуйдаҕына киһини бэйэтин салайар кыахтанарын умнан туһаммакка сылдьабыт. Сахалар санаа ити уратыларын былыргыттан билэн «Киһи санаа хамначчыта» диэн этэллэр. Санаа туспа эниэргийэ буолара итинник эмиэ быһаарыллар.

Бары саҥаны арыйыылары киһи аан маҥнай санаатыгар оҥорон көрөн, өр толкуйдаан быһаарар, онтон дьыалатыгар оҥорор. Бу саҥаны арыйар санаатын киһи олус өй кэмҥэ толкуйдаан, уһуннук санаан үгэскэ кубулутар. Ол иһин бу санаата туспа үгэс, айыы буолар кыахтанар.

Өйү-санааны күүһүрдүү, дьарыктааһын, үтүө үгэстэргэ үөрэнии хас биирдии киһиттэн ирдэнэр көрдөбүл буолара наада. Өйү-санааны үөрэтии таҥара үөрэҕэ диэн ааттанар.

Kиһи бэйэтэ быһаарар күүһүн, урукку үгэстэрин туһанан араас элбэх санаалартан талан ылан олоҕор туһанар. Биири эмэ сөбүлүү санаатаҕына оҥорон, толорон кэбиһиэн сөп.

Өй-санаа үөрэҕэ оҕо улаатан өйө-санаата сайдыытыгар сөп түбэһиэхтээх. Улаатан, саҥа ону-маны билэн-көрөн, сатаан туһанарга үөрэнэ сылдьар оҕо өйүн-санаатын салайан, толорон, иитэн биэрии төрөппүттэртэн хайаан да ирдэнэр көрдөбүл буолар. Кинилэр бэйэлэрэ баһылаабыт өйдөрүгэр-санааларыгар, үөрэхтэригэр-билиилэригэр оҕолорун үөрэтэн, өйдөрүн-санааларын төрүтүн олохтоон биэриэхтээхтэр.

Билигин үөрэх-билии арааһа олус элбээтэ. Өйө-санаата сайдыбыт, үөрэҕи-билиини баһылаабыт киһи бэйэтэ олоҕор, өйүгэр-санаатыар сөп түбэһэр үөрэҕи булан туһанарыгар бары-барыта баар. Өй-санаа үөрэҕин ким да соҥнуура табыллыбат. Улахан киһи үөрэҕи бэйэтэ өйүнэн-санаатынан, ис сүрэҕинэн ылынаҕына уонна төрөппүттэрин олохторун уоппута сөп түбэстэҕинэ эрэ иҥэринэр, ылынар. Бу үөрэх сөп эбит диэн батыһар.

Олохтоох өйдөөх-санаалаах киһи быстахтык быһыыламмат. Yтүө үгэстэргэ кыра эрдэҕиттэн үөрэммит киһи өйө-санаата туруктаах, быстах суолга киирэн биэрбэт. Yтүө үгэстэргэ үөрэтии диэн өйү-санааны хааччахтаан, киһилии быһыыга үөрэтии аата. Ол аата оҕо өйүгэр-санаатыгар аан маҥнайгы хааччаҕынан куһаҕаны оҥорбот буолууга үөрэтии буолар.

Бэйэтэ туруга суох өйдөөх-санаалаах киһи быстах киирбит куһаҕан санаа алыбыгар ылларан куһаҕан быһыыны оҥорон кэбиһиэн сөп. Куһаҕан быһыылары оҥорбот буоларга үөрэтиллибэтэх киһи билбэт буолан куһаҕан быһыылары оҥорор кыахтаах.

Kуһаҕан санаалары иитиэхтээн илдьэ сылдьыбакка ыраастанан, чэбдигирэн иһии, куһаҕан санаалары умнан кэбиһии хас биирдии киһиттэн ирдэнэр олус кытаанах көрдөбүл буолар.

Урут Советскай Союзка дьон олоҕо мөлтөх, элбэхтик уонна күүскэ үлэлиир эрдэхтэринэ оҕолорун иитэллэрэ кытаанах, чиҥ этэ. Бу кэмҥэ эдэрдэр бэрээдэктээх этилэр, киһи киһини кырбааһына, халааһына, өлөрүүтэ олох да суох буолара.

Кэлин оҕону иитии-үөрэтии сымнаан, барыта оҕолор тустарыгар диэн буолбутун кэннэ оҕолор атаахтык иитиллэр, бэрээдэктэрэ мөлтөх буола улааталлар, дьону кырбыыр, халыыр, өлөртүүр буолуулара элбээтэ. Ити курдук өй-санаа үөрэҕэ суох буолуута уонна сымнааһына эдэрдэр бэрээдэктэрин кытта быһаччы сибээстээх. Кинилэр өйдөрө-санаалара туруга суох буолан быстах суолга киирэн биэрэллэр. Олох тупсан, сайдан бары-барыта дэлэйэн истэҕинэ биһиги олохпут чэпчээтэ диэн сыыһа санааҕа киирэбит. Бары-барыта эбиллэн иһиитин тэҥэ өйү-санааны буккуйар араас абылаҥнар, эт-сиин баҕа санаалара, арыгылар уонна наркотиктар эмиэ эбиллэллэр. Бу абылаҥнарга киирэн биэрбэт наадаттан өй-санаа өссө күүһүрэн, кытаатан, чиҥээн биэриэхтээҕин таба сыаналаан билэ иликпит. Сахалар «Олох ыарахан» диэн этиилэрэ олох хаһан да чэпчээбэтин быһаарыыта итинник дакаастанар.

Өй-санаа күүһэ эбилиннэҕинэ эрэ киһи сыыһа туттубакка олоҕун киһилии олорор кыахтанар. Өйү-санааны дьарыктыыр олус уустук. Аан маҥнай ханнык баҕарар санааны хос-хос хатылаан үгэс оҥостон иҥэринэн истэххэ эрэ өй-санаа мунньуллар. Ити курдук үөскээн иһэр үгэстэр киһини бэйэтин салайар кыахтаналлар. Ол иһин үчүгэй үгэстэри иҥэриммит оҕо эрэ олоҕун киһилии олорор уонна киһи быһыылаахтык түмүктүүр кыахтанар.

БАҔА САНАА

Күнтэн күн аайы этэ-сиинэ улаатан, күүһүрэн иһэр оҕо өйө-санаата хаалсыбакка сайдан иһэрэ наада. Этэ-сиинэ улаатыытыттан өйө-санаата хаалан хаалбатаҕына киһи буолууну кэмигэр ситиһэр.

Сайдан иһэр өй-санаа элбэх саҥаны, урут туттуллубаты оҥоруон баҕата олус күүстээх. Ол иһин сөптөөх хааччахтаах буолуохтаах. Аһара барбатын наадатыгар. Ол хааччах «Айыыны оҥорума» диэн сахалыы этиллэр. Оҕо өйө-санаата сайдан истэҕинэ таба суолунан баран иһэрин наадатыгар, көннөрөн, ыйан биэрии эрэйиллэр. Итини тэҥэ аһара барар өйдөөх-санаалаах оҕону тохтото, туормастыы түһэн, «Киһи быһыытын» аһара барбатын хааччыйдахха табыллар. «Мөҕүллүбэт оҕо» ону-маны дьээбэни-баабаны оҥороро ордук элбэх буолар. «Сыылла сылдьан сыарҕа быатын быһар»,- диэн оҕо ону-маны оҥоро сатыыр майгынын этэллэр. Аргыыйдык сылдьан эрэ саҥаны, билбэтин оҥорон боруобалыы сатыыр оҕо билбэтигэр тэптэрэн олус улахан сыыһаны оҥорон оннооҕор сыарҕаны алдьатарын бу этии бэлиэтиир.

Ханнык баҕарар төрөппүт оҕотун тас көрүҥэ, өйө-санаата киниэхэ маарынныыр буолуон баҕарар. Тас көрүҥэ маарынныыр буоллаҕына: «Оҕом мин курдук»,- диэн иһигэр үөрэр уонна өйө-санаата эмиэ мин курдук буолуо диэн бүтэйдии эрэнэн кэбиһэр. Ол эрээри маннык быһаччы өйдөбүл ситэтэ суох буолара сыыйа биллэн, арыллан иһэр. Биһиги бу үлэбитигэр киһи тас көрүҥэр өйө-санаата сөп түбэспэт буоларын арыйабыт.

Сахалар уол оҕону «Аҕатын туйаҕын хатарыаҕа» диэн этэллэр. Кэ¬лин кэмҥэ саха дьонугар бу этиини олох көнөтүк өйдөөһүн олохсуйаары гынна. Ол аата уол оҕо баар буолла даҕаны аҕатын курдук буолуохтаах диэн сыыһа өйдөбүл баар буолла.

«Аҕатын туйаҕын хатарыаҕа» диэн этии оҕо төрөөт даҕаны аҕатын курдук буолуо диэн быһаччы эппэт. Арай кини аҕатын курдук буоларын наадатыгар аҕатын суолун, туйаҕын, ол аата кини олорбут олоҕун барытын олордоҕуна, үлэлээбитин курдук үлэлээтэҕинэ уонна өссө эбии хатарылыннаҕына эрэ кини курдук буолуохтааҕа ыйыллар. Сахалар тимир уустара дьон буоланнар хатарыы диэн тыл туох өйдөбүллээҕин бу этиигэ толору туһаналлар. Ол аата, оҕо аҕата иитиллибитин кур¬дук иитилиннэҕинэ, үлэлээбитин курдук үлэлээтэҕинэ уонна өссө итиигэ-буһууга эбии хатарылыннаҕына, кытааттаҕына эрэ биирдэ кини курдук өйдөөх-санаалаах буолуохтааҕын бу этии быһаарарын умнан сылдьабыт.

Коммунистар салайар кэмнэригэр оҕону детсадка, онтон оскуолаҕа үөрэтии өйө-санаата сайдыытыгар толору сөп буолар диэн төрөппүттэр оҕолорун бэйэлэрэ үөрэтэллэрин быраҕан кэбиспиттэрэ. Оҕо төрөппүттэрин көрөн, үтүктэн үөрэнэр кэмэ суох буола сарбыллыбыта. Иитии-үөрэтии үлэтэ барыта олус сымнаан, үгүс оҕолор атаахтык иитиллэллэрэ элбээбитэ.

Ийэ уонна аҕа эйэлээх, бэйэ-бэйэлэрин өйдөһөн, биир тылы булунан оҕолорун үөрэттэхтэринэ оҕолоро кинилэр этиилэрин ылынар буола үөрэнэр. Оҕо өйүгэр-санаа¬тыгар аан маҥнай киирбит өйдөбүл олус дириҥник иҥэн иһэр. Онтон салгыы кини кэлиҥҥи билиитин бу маҥнайгы билбитигэр тэҥнээн көрөн сыаналыыр. Ийэтэ оҕотун аан маҥнай хайдах үөрэтэн, туох билиини иҥэрэн кэбиһэр даҕаны, бу билиитэ соннук иҥэн хаалар. Оҕо маҥнай билбитин кэлин көннөрөн уларытыы олус ыарахан буолара быһаарыллар. Ньуосканы хаҥас илиитинэн аан маҥнай тута үөрэннэҕинэ кэлин көннөрөн үөрэтии олус уустугурар уонна уһуур. Ол иһин оҕоҕо аан маҥнайгыттан үчүгэй өйдөбүллэри иҥэрэн биэрии төрөппүттэртэн эрэйиллэр. Өйө киирэн истэҕинэ урутаан үөрэтэн, биллэрэн биэрэн, иҥэрэн иһиллиэхтээх. Оҕону иитэр диэн бэйэ урут билэн үөрэппит, баһылаабыт өйүгэр-санаатыгар оҕотун үтүгүннэрэн, батыһыннаран: «Бу курдук оҥор»,- диэн көрдөрөн үөрэтиитин аата. Yөрэнии диэн оҕо өйө-санаата сайдан истэҕинэ бэйэтэ билэн-көрөн, боруобалаан көрөн иҥэринэр билиитин аата.

Оҕо үөрэҕи ылынарыгар сөпкө этэр диэн бэйэтэ итэҕэйэр буоллаҕы¬на эрэ өйүгэр-санаатыгар иҥэрэр. Манна ким эмэ тэптэрэн, сүбэлээн биэрэр буолуута итэҕэйэргэ сүрүн төрүөт буолар. Ол аата биир төрөппүтэ эппитин атына хатылаан, чиҥэтэн биэрэр буоллаҕына эрэ, ол өйдөбүл халбаҥнаабат чин өйдөбүлүнэн ааҕыллар буолар уонна соннук толоруллар. Кэмпиэт сиирин ийэтэ боппут буоллаҕына, аҕатыгар тии¬йэн: «Кэмпиэт сиэм этэ»,- диэн көрдүү охсор эбэтэр: «Ыскааптан ылан кулу эрэ»,- диэҕэ. Манна ийэтэ боппутун аҕата хатылаатаҕына биирдэ эрэ: «Кырдьык бобуллар эбит»,- диэн өйдөбүл оҕоҕо дьэ киирэн иҥиэҕэ.

Төрөппүттэр оҕоҕутугар бэйэҕит таҥара курдук буоларгыт наада. Ол аата кини баҕа санаатыгар эһиги курдук буола сатыырын ситиһии ааттанар. Ол иһин бэйэ-бэйэҕит эппиккитин толоро сатааһын, ким эрэ эппитин хатылааһын, кини таба этэр диэн чиҥэтэн биэрии наада. Эбэ, ийэ оҕолорун аҕаларын дириҥник ытыктыыр буоллахтарына, оҕолорун аҕаҕыт этэрин истиҥ диэн үөрэттэхтэринэ үөрэх чиҥ буолар. Оҕолор сыыһаны оҥордохторуна: «Аҕаҕытыгар этэн көннөттөрөргө тиийэбит»,- диэн этии¬лэрэ букатын табыллыбат быһыыны оҥорбуттарын бэлиэтиирэ аҕа иитэр-үөрэтэр оруолун үрдэтэр.

Оҕо улаатан иһэн эбэтэ уонна ийэтэ сымнаҕастарын билэр. Атаах¬таан ол майгыннарынан туһанар буоларга үөрэнэр. Аҕа майгына кытаа¬нах, оҕо көрдөөн истэҕин аайы мээнэ халбаҥнаабат буоллаҕына, оҕо бэйэтин көрдөбүллэрин тэҥнээн биэрэргэ тиийэр, аһара баран иһэр көрдөбүлэ суох буолан, туох баарын ордук сыаналыырга үөрэнэр.

Кыра оҕо өйдөбүлүгэр аҕата хаһан да сыыспат, куруук табаны этэр, сыыһаны оҥордоххо көннөттөрөр баҕа санаатын киһи¬тигэр кубулуйар. Оҕо улаатан истэҕинэ аҕата бэйэтэ хаһан даҕаны түһэн биэрбэтэҕинэ, оҕо ити өйдөбүлэ үйэтин тухары иҥэн, олохсу¬йан хаалар.

Кыра оҕо өйө көнөтүк сайдан иһэр. Албыны, түөкэйи арааран билбэт. Төрөппүт бэйэтэ албынныы үөрэппэтэҕинэ олох да билимиэн сөп. Кыра да дьыалаҕа оҕону албынныыр букатын табыллыбат. Ханна, хаһан төрөппүтэ албыннаабыта оҕо өйүгэр олус күүскэ иҥэн хаалар. Ол барыта эрэнэр, итэҕэйэр киһитэ албыннаан кэбиспититтэн ордук ди¬риҥник иҥэр, санаата алдьанар. Суох-соҕотох биир албыннааһын оҕо итэҕэйбэт буолуутугар тириэрдэр. Оҕону хаһан да албыннаама, түһэн биэримэ. Кини эмиэ эйигин хаһан даҕаны албынныа суоҕа. Оҕо аҕата ийэлэрин туһунан эмиэ ити курдук өйдөбүллээх буоллаҕына, оҕо ийэтигэр сыһыана эмиэ ити курдук сайдар. Бу быһаарыылар эйэлээх кэргэҥҥэ улааппыт оҕолор өйдөрө-санаалара туруктаах буолуутугар олоҕурар.

Оҕоҕут эһигини көрөн үтүктэн улаатар. Кыра киһи санаатыгар эһиги кур¬дук буолуон эрэ баҕарар. Бэйэҕит тугу үчүгэй дииргитин оҕоҕут бу үчүгэй эбит диэн өйдүүр. Туох куһаҕаны, сыыһаны, маннык табыллыбат диэбиккитин оҕоҕут оҥорбот буоларга үөрэнэн иһэр. Ити курдук сыы¬йа-баайа, үтүктэн-үтүктэн оҕо өйө-санаата эһиги саныыргыт кур¬дук толкуйдуур буолан барыахтаах. Бэйэҕит кыра эрдэххитинэ хайдах үлэлээбиккит курдук үлэлэтэн, хайдах үөрэппиттэрин курдук үөрэт¬тэххитинэ оҕоҕут дьэ эһиги курдук өйдөөх-санаалаах буола улаатыаҕа.

Кыыс оҕо таҥарата - ийэтэ буоларын кыһаннар эрэ ситиһэр кыахта¬нар. Оҕо үтүктэн үөрэнэр дьоҕура олус күүстээх, үтүктэн, үтүктэн ийэтин курдук буоларга толору кыахтаах. Ийэлэр кыыстарын бэйэлэрин үтүгүннэрэн үөрэтэр буоланнар дьахталлар өйдөрө-санаалара эр дьоннооҕор быдан олохтоох, дириҥ тирэхтээх, үгэстэргэ үөрэниилэрэ быстыбакка салгыы баран иһэр кыахтаах. Ол иһин омук өйө-санаата, тыла-өһө, үгэстэрэ ордук дьахталлартан тутулуктаах.

Оҕо бэйэтигэр чугас эрэнэр киһитин үтүктэр. Ханнык баҕарар оҕоҕо холобур буолар, үтүктэр, батыһар баҕа санаатын киһитэ наада. Оҕо бэйэтэ сөбүлээбит киһитэ, батыһар, үтүктэр баҕа санаатын киһитигэр, таҥаратыгар кубулуйар. Ол аата, оҕо таҥарата, баҕа санаатын киһитэ бэрт чугас баар, ол киһи кини төрөппүтэ буоллаҕына, оҕоҕут эһиги курдук буоларыгар толору кыахтаах буолуон сөп. Сахалар киһи олоҕо, тугу оҥороро барыта кини санаатыттан эрэ тутулуктааҕын билэллэр. Санаа күүһэ киһини хамсатар. Күүстээх са¬наалаах киһи ылыммыт сыалын толорор дьоҕура элбэх буолар. Санаатын күүһэ элбэх буолан саҥа суоллары арыйан ситиһиини оҥорор кыаҕа элбиир. Кини санаатын күүһүнэн этин-сиинин кыайа-хото хамсатан бэйэтэ кыайыыны, ситиһиини оҥоруон эмиэ сөп.

Киһи этин-сиинин барытын ис санаатын күүһүнэн хамсатар. Киһи этиттэн-сииниттэн ордон хаалбыт ас тобохторун таһаарыыта «Чэпчэтинии» диэн ааттанар уонна ити аатын курдук киһиэхэ чэпчээһини, кыра да буоллар ис са¬наата туолуутун оҥорор. Чэпчээбититтэн үтүө санаа сүүрээннэрэ киһи этигэр-сиинигэр барытыгар тарҕаналлар. Киһи этин-сиинин санаалара быстах баҕа санаалар, буор эбэтэр ийэ куттар баҕалара буолар. Бу баҕа санаалар киһи этин-сиинин көрдөбүллэрин быһаччы хааччыйаллар. Быстах баҕа санаа сүүрээннэрэ киһи этин-сиинин баҕатын толороллор. Эт-сиин туруга үчүгэй буолуута санаа көнүүтүгэр тириэрдэр. Баҕа санаата туолбут киһи санаата көнөр, дуоһуйар, үчүгэй майгына киирэр.

Оҕо улаатан, улахан киһи буолан истэҕинэ, баҕа санаалара өссө кэҥээннэр салгын кут баҕаларынан туолан бараллар. Салгын кут баҕа санаа¬лара үөрэх-билии төрүттээх буоланнар ордук оҥорор, тутар диэки өттүгэр хайысхалаах буоллахтарына, киһи бэйэтин үйэтигэр элбэх үчүгэйи, бэйэтигэр да, дьоҥҥо да туһалааҕы оҥорор кыахтанар. Ол иһин киһилии баҕа санаалар диэн ааттаналлар.

Киһи олорор олоҕун тупсарарын наадатыгар эбэтэр туох эмэ ситиһиини оҥороругар санаатын бөҕөргөтүү, көтөҕүү наада буолар кэмэ баар буолар. Киһиэхэ баҕа санаа баар буоллаҕына, киһи ол баҕа санаатын толороору, ситиһээри атын дьон кыайбатахтарын кыайыан, олоххо көрсөр араас ыарахаттары барыларын да тулуйуон сөп. Киһини олоҕу олороругар баҕа санаата сирдиир. Ханнык баҕа санаалаах буолар даҕаны, соннук быһыылаах киһи буолар. Төрөппүттэр оҕолоругар бэйэлэрин холобурдарынан көрдөрөн киниэхэ үчүгэйгэ тардыһар баҕа санаалар үөскүүллэрин ситистэхтэринэ, оҕолоро кинилэр олохторун салгыырыгар олук ууран биэрэллэр.

Хайа баҕарар омукка бэйэлэрин эдэр көлүөнэлэрин иитэр-үөрэтэр ньымалардаахтар. Саха дьоно ордук туһанар ньымаларынан «Мин курдук буол» диэн үтүгүннэрэн үөрэтии буолар этэ. Коммунизмы тута сатааһын бириэмэтигэр, дьадаҥы, үлэһит дьон олус эмискэ коммунизмы тута охсоорулар, оҕолорун бэйэлэрин урукку олохторугар үөрэппэт буолан хаалыылара, үтүгүннэрэн үөрэтиини суох оҥорбута. Олус эмискэ үөрэҕи-билиини баһылыы сатааһын, атын омук үөрэҕин киллэрии түмүгэр сахалар бэйэлэрин төрүт үөрэхтэрэ умнууга хаалбыта. Дьон бары оҕолорун үөрэхтээх эрэ киһи оҥороорулар бэйэлэрэ улааппыттарын курдук үөрэппэт буолан хаалыыларыттан оҕолоро бары, үчүгэй үгэс¬тэргэ, үлэлии-хамсыы үөрэммэккэлэр бэрээдэктэрэ куһаҕан, атаах, сүрэҕэ суох буоллулар. Ас-таҥас дэлэй олоҕор олоро үөрэнэннэр үлэлии үөрэнэллэрин бырахтылар, маанытык таҥна-таҥна чэпчэки үлэни экки¬рэтэ сылдьарга тиийдилэр. Билигин эдэр көлүөнэлэр баҕа санаалара итинник буолла. Маннык кыра баҕа санаалаах дьон үлэлээн-хамнаан туох эмэ улаханы, туһалааҕы оҥороллоро саарбах соҕус. Олох чэпчэки өттүн диэки талаһа сылдьаллар.

Атаах оҕо баҕа санаата түктэри өттүнэн сайдар. Кыра эрдэҕиттэн дьонун бэлэмнэригэр, барыта-бары баар буолан иһиитигэр үөрэнэн хаалан, бары баҕата эмиэ туолан иһэригэр баҕарар. Барыта бэлэмҥэ үөрэниитэ баҕа санаата туолбатаҕына атыттары буруйдууругар тириэрдэр. Буруйдуур санаата дьону кытта тапсарыгар мэһэйдиир.

Бэйэ кыаҕын иһинэн баар баҕа санааны, кыратык кыһана түстэххэ кыайтарыан сөптөөх баҕа санааны оҕоҕо үөскэтии бастакы миэстэни ылара наада. Оҕо араас баҕа санаатын бэйэтин кыаҕынан толорор буоларга үөрэниитэ кыайыыны, ситиһиини оҥорор буола үөрэнэригэр тириэрдэр. Туох эмэ үлэттэн, тугу эмэ оҥорбутуттан астынар, санаа¬та туолар буоллаҕына, үлэһит киһи буолар. Оҕо улаатан истэҕинэ баҕа санаата төрөппүтүн курдук буола сатааһынтан үөскээн өйүгэр-санаатыгар олохсуйар. Оҕону куруук батыһыннара сылдьан үтүгүннэрэн үөрэтиинэн бу баҕа санаа, оҕо бэйэтэ көрө сыл¬дьар буолан үксүгэр ситиһиллэр кыахтанар. Киһилии баҕа санаа диэн киһи бэйэтин кыаҕынан, күүһүнэн ситиһэр, олоххо киллэрэр баҕа санаата ааттанар.

Киһи баҕа санаата туох да муҥура суох. Киһи иһигэр тугу барытын баҕара саныыр. «Өйө тиийэринэн» диэн этии баҕа санаа үөрэҕи-би¬лиини баһылааһынтан эбиллэн биэрэн иһэрин бэлиэтиир. Баҕа санаа хайдаҕын быһаарарга аналлаах этии - ыра санаа диэн сахаларга баар. Ыра санаа диэн хаһан да туолбат баҕа санаалар. Kиһи сирдээҕи олоҕор толорботох баҕа санааларым баҕар өлбүтүм кэннэ туолаллара буолуо дии саныырыттан үөскээн олохсубут өйдөбүл ыра санаа диэн буолар. Киһи ити үтүөҕэ тардыһа сатыыр баҕа санаатын арай таҥара дьиэлэрэ табан туһаналлар.

Христианскай таҥара дьиэлэрин үлэһиттэрэ дьадаҥы дьону: «Бу Орто дойдуга куһаҕаннык, ыараханнык олордоххутуна, өллөххүтүнэ анараа дойдуга дьэ талбыккытынан олоруоххут»,- диэн уоскуталлар. Аһара баай дьон таҥараттан тутулуктаахтарын курдук өйдөбүлү үөскэтэннэр таҥара дьиэлэрэ баай дьон тустарыгар ордук үлэлииллэр.

Өй-санаа киһиэхэ мэйиитигэр үөскүүрүн эбэтэр аан маҥнай онно мунньустарын быһыытынан «Ис санаа» диэн киһи туспа бэйэтин өйүнэн оҥорбут, быһаарбыт санаалара буолаллар. Бу санаалары Саха тылын кылгас быһаарыылаах тылдьыта маннык быһаарар – Киһи тугу эмэ дьиҥинэн бэйэтэ хайдах өйдүүрэ, дьиҥнээх санаата. Ис санаатын хаһан да кис¬тээбэт. Ис санаатын киһиэхэ мээнэ биллэрээччитэ суох. (4,80). Ити аата, киһи кистэлэҥ кимиэхэ да эппэт, таһыгар таһааран биллэрэ илик, мэйиитин иһигэр сылдьар санааларын ис санаалара диэн аат¬тыыллар. Бу санааларын киһи таһыгар таһааран, этэн дуу эбэтэр тугу эмэ оҥорон биллэрдэҕинэ эбэтэр олоххо киллэрдэҕинэ ханнык быһыылары биллэрэр санаалар буо¬лаллара биирдэ быһаарыллаллар.

Саха дьоно билинэллэринэн киһи баҕа санаалара икки аҥы көрүҥҥэ арахсаллар. Киһи майгына, өйө-санаата тус-туспа арахсалларын кур¬дук, баҕа санаалара эмиэ икки сүрүн көрүҥҥэ арахсаллар:

1. Быстах баҕа санаалар диэн киһи бэйэтин этигэр-сиинигэр сы- һыаннаах баҕа санааларын туспа бэлиэтээн этэллэр. Киһи быстах баҕа санаалара этигэр-сиинигэр сыһыаннаахтар, ону көрөргө-истэргэ, харыстыырга аналлаахтар. Ол иһин киһи этигэр-сиинигэр дьайар баҕа санааларын барытын манна киллэриэххэ сөп. Киһи этэ-сиинэ сынньанан, сымнаҕастык сылдьарын туһунан баҕа санаалар, бары быс¬тах баҕа санааларга киирсэллэр уонна буор уонна ийэ кут баҕа санаалара буолаллар. Быстах баҕа санаалары маннык көрүҥнэргэ араарыахха сөп:

- Сытарга-сынньанарга баҕарыы.

- Аһыырга-сииргэ, иһэргэ баҕа санаа.

- Эр киһиэхэ эбэтэр дьахтарга баҕара санааһын.

Маннык баҕа санаалары барыларын холбоон, киһи тыыннаах харамайа - сүөһүтэ, баҕара саныыр санаалара диэн ааттыахха сөп. Ол аата ити баҕа санаалар барылара көннөрү тыыннаах харамай, сүөһү баҕара санааһыннара буолаллар. Ол курдук бары улахан кыыллар бары баҕа санаалара итиннэ сөп түбэһэллэр. Ити баҕа санааларга үлэ-хамнас, сайдыы, үөрэх диэки тардыһа сатааһын диэн суох. Хата ол оннугар киһини сүрэҕэ суох оҥорор уонна киһи быстах баҕа санааларын эрэ толоро сылдьар буоларыгар ыҥырыы эрэ баара биллэр.

Киһи этин-сиинин көрдөбүллэрэ куруук эбиллэн өрө баран иһэллэр. Ол курдук киһи сынньана сыттаҕына, өссө сынньаныан, тугу эмэ минньигэһи сиэтэҕинэ, өссө минньигэһи сиэн баҕарара эбиллэн иһэр. Киһи быстах баҕа санааларын уларытан көннөрөрө олус уустук дьыалалар буолалларын быһаарар этиинэн «Итэҕэстээҕи иинин буора эрэ көннөрөр» диэн баара буолар. Бу этии киһи өйүгэр-санаатыгар дириҥник олохсуйан хаалбыт өйдөбүллэрин уларытарыгар, өйүн-санаатын олох төрдүттэн уларыттаҕына эрэ табылларын быһаарар.

Быстах баҕа санаалар аһара эбиллэн барыыларын киһиэхэ салгын кута сайдан, үөрэх-билии этиитинэн олоҕун оҥостор буолан, бэйэтин быстах баҕаларын хааччахтыырга күһэллэрэ эрэ тохтотоллор. Ол аата дьон бииргэ олорууларын бэрээдэгэ, араас үгэстэрэ, сокуоннара, сиэрдэрэ-туомнара эрэ киһи быстах баҕа санааларын хааччахтыыллар.

2. Сахалар «киһилии баҕа санаа» диэн, сайдыыга-үөрэххэ, «киһи буолуу» диэки, үчүгэйгэ тардыһар баҕа санааны ааттыыллар. Киһи бэйэтин олоҕун устата куруук баҕа санааларын ситиһээри охсуһан, сүүрэн-көтөн, үлэлээн-хамсаан тахсар. Араас бэйэтин кыаҕар кыаттарбат баҕа санаалар киирэн сордууллар. Киһи бэйэтин баҕа санааларын, кини бэйэтин кыаҕар тэҥнээн биэриини киһилии өйө-санаата салгын кута оҥорор. Yгүс баҕа санааларын толорууга киһи кыаҕа тиийбэтэ мэһэйдиир. Төһөнөн киһи бэйэтин кыаҕа улаатан иһэр даҕаны, оччонон баҕа санаата эмиэ улаатан, үрдээн, элбээн биэрэн иһэр.

Салгын кут баҕа санаата киһиэхэ киһилии баҕа санааны үөскэттэҕинэ эрэ киһи буолуу диэки олоҕо салаллар. Бэйэтин олоҕор элбэх үчүгэй, дьоҥҥо туһалаах дьыалалары оҥорор кыахтанар. Yлэ -киһини киһи оҥорор. Киһилии киһи - үлэһит. Yлэһит дьон элбэхтэр. Баар дьонтон барыларыттан аҥардарыттан ордуктарын ылаллар. Бу дьон үлэлээн-хамсаан туох эмэ туһалааҕы оҥороннор олоҕу иннин, сайдыы диэки хамсаталлар. Yлэлиир эрэйдээх, эти-сиини хамсатыахха наада. Yлэлиир киһи тулуурдаах, ылыммыт сыалын ситиһээри дьулуурдаах уонна дьүккүөрдээх.

Киһи киһилии өйө-санаата, салгын кута кини көннөрү, быстах баҕа санааларын уодьуганнаан, киһилии майгыга тэҥнээн биэрэ сатыыр. Киһи итинник икки аҥы өйдөөх-санаалаах буолуута түүлүгэр ордук чуолкайданан көстөр. Онно икки тус-туһунан өйдөр-санаалар, куттар тус-туспа дьон буоланнар атын-атыннык быһыыланаллар. Түүлгэ көс¬түүлэри маннык икки тус-туспа көрүҥнэргэ араартыахха сөп:

а. Киһи түүлүгэр үгүстүк этэ-сиинэ суох, көннөрү сылдьан эрэ тугу эрэ көрөр. Ханна эмэ соҕотохто тиийэн баар буолан хаалар, этэ-сиинэ ханна да баара биллибэт. Бу сылдьан эрэ үгүстүк саныыр, ону-маны бэйэтэ быһаарар. Ити көннөрү көрө эрэ сылдьар түүл киһитэ, киһи салгын кута бэйэтэ сылдьар буолуон сөп.

б. Атын түүлгэ киһи бэйэтин көрөр, этэ-сиинэ баара биллэр, ор¬дук илиитэ уонна атаҕа көстөр эбэтэр бэйэтэ таҥнар эҥин, бу бэйэм сылдьабын дии саныыр, бэйэтэ тугу эмэни оҥорор. Маннык түүлгэ көс¬төр киһи, киһи ийэ кута сылдьар буолуон сөп.

Түүлгэ көстөр хайа эрэ биллибэт куһаҕан киһини, абааһыны кыайыы ханнык эмэ баҕа санаа туолуутугар көстөр.

Ханнык баҕарар баҕа санаа туолуута, туох эмэ үчүгэйтэн толору астыныы, дуоһуйуу санаата киһиэхэ дьолу аҕалар. (4,65). Ол аата дьол диэн киһи хайа эмэ баҕа санаатын ситиһиитэ, толоруута буолар. «Дьоллоох киһи» диэн элбэх баҕа санаалара туолбут киһи ааттанар.

Дьол икки, сор икки киһини кытта тэҥҥэ сылдьар курдуктар. Кыра, бэйэтин кыаҕар сөп түбэһэр баҕа санаалаах киһи дьоллоох буолар кэ¬мэ элбэх буолар. Кини бэйэтин баҕа санаатын толорон санаата дуоһуйара, дьоллоох буолара элбиир.

Дьолго баҕарыы диэн баҕа санаа туолуутун ситиһэ сатааһын. Итиннэ киһи бэйэтин санаатыгар оҥорон көрөр дьолун ситиһиитэ, ол аата баҕа санаата туолуута кинини дьоллоох оҥорор. Манна хас биирдии киһи сыала, дьоло төһө ырааҕыттан уонна туох сыала-дьол буоларыттан ситиһии эмиэ уратыла¬нан тахсар. Ол курдук киһи бэйэтигэр сыал туруорунуута уонна ол сыалын ситиһиитэ кинини дьолун ситиһэригэр тириэрдэр. Сыал чугас соҕус, киһи кыаҕын иһинэн баар буолуута, дьол кэлэн иһэрин бэлиэтиир. Оскуоланы үөрэнэн бүтэрии үөрүүтэ оҕо олоҕор маҥнайгы биллэр дьолу ситиһиитэ буолар.

Киһи бэйэтэ санаатыгар оҥорон көрөн ылынар баҕа санаата кинини сирдээн иһэр сулус буолан сыалын ситиһэригэр туһалыыр. Киһи бу ылыммыт сыалын ситиһээри араас ыарахаттары да туоруон, эрэйдэри да тулуйуон сөп. Хас киһи аайы барыларыгар ыҥырар сулус буолан инники диэки сирдиир баҕа санаа хайаан да наада. Ол курдук биир баҕа санаа ситиһиллэн, дьол буолбутун кэнниттэн салгыы атын баҕа санаалар киирэн иһэллэрэ, киһи бэйэтин олоҕор баҕа санааларын ситиһэн куруук өрө тахсан иһэр курдук сананарын үөскэтэр. Баҕа санаа олус күүстээх буоллаҕына киһи бэйэтэ ити баҕа санаа¬тын туолуоҕа диэн итэҕэйэр буолуутугар тириэрдэр. Куруук биири санаатаҕына киһиэхэ бу санаата үгэс буолан олохсуйар, кэлин ити санаатын бэйэтэ итэҕэйэр буолар. Киһи ити курдук инники диэни сирдиир баҕа санаатын итэҕэлгэ кубулуйуон сөп. Киһиэхэ бэйэтигэр сөптөөх итэҕэл баар буолуута кини өйө-санаата туруктаах, ханнык эрэ сыалы ситиһэргэ туруоруммут сыаллаах буолар. Киһи ити сыалларын толорууга бэйэтин олоҕун аныыр буоллаҕына, ити сыалларын ситиһэргэ толору кыахтанар.

Киһини үчүгэй сыаллары ситиһэргэ ыҥырар баҕа санаалары үчүгэйгэ баҕарыы диэн ааттыыллар. Дьон үксэ үчүгэйи баҕара санаатахтарына үчүгэй быһыылары оҥороллоро элбэх буолан олох иннин диэки, сайдыы диэки сыҕарыйар. Үчүгэйи баҕара санааһын, үчүгэй быһыылар элбээн иһиилэригэр тириэрдэр буолан, дьоҥҥо хайаан да наада.

Киһи бэйэтин баҕа санаата, үчүгэйгэ баҕара санааһына таҥарата буолар. Ол аата, таҥара диэн, хас биирдии киһиэхэ өйүгэр-санаатыгар иҥэн сылдьар үчүгэйгэ баҕара санааһына буолар. Үчүгэйгэ баҕара санааһыны киһи бэйэтин өйүгэр-санаатыгар иҥэриититтэн, иитиэхтээн улаатыннарыытыттан быһаччы тутулуктаах. Киһи өйүгэр-санаатыгар үчүгэй туһунан өйдөбүл таҥара буолан дириҥник иҥнэҕинэ, киһи өйө-санаата туруктаах буолан үчүгэйи оҥороро элбэх буолар. Оҕо киһи буолар баҕа санаата киһи, үчүгэй киһи буоларыгар тириэрдэр. Бары таҥаралар ол иһин үчүгэй көрүҥнээх киһиэхэ кубулуйбуттар.

Оҕо өйө-санаата иитиллэн тахсарыгар үөрэҕи-билиини баһылааһына олук буолар. Үөрэҕи-билиини баһылааһын баҕа санаа сайдыытыгар, киэҥ-куоҥ өйдөбүллээх буолуутугар тириэрдэр. Ол аата, баҕа санаа сайдыытыгар киһи бэйэтин олоҕуттан билбитэ, үөрэхтэн эбиммитэ олук буолар. Киһи бэйэтин олоҕуттан тирэнэн баҕа санаата сайдан барар. Ол иһин дьон бары билэр «Бытие - определяет сознание» диэн этиигэ биһиги үлэбит сөп түбэһэр буолан чахчы таба буолуон сөп.

Дьон олоҕор туох үчүгэй уонна куһаҕан баарын билэр буолуу куһаҕан быһыылары арааран билиигэ тириэрдэр. Киһи барыта куһаҕан быһыылары билэр буолан, бэйэтэ оҥорбот буоллаҕына, куһаҕан быһыылар аҕыйаан суох буолан бараллар.

«Баҕата барыта туолбут киһи» диэн баара биллибэт. Киһи байан-тайан кыаҕа эбиллэн истэҕинэ, араас баҕа санаата эмиэ элбээн, ин¬нигэр ыҥыран, угуйан салгыы баран иһэр. Баҕа санааны ситиһиилэр үрдэлтэн үрдэли дабайан өрө тахсан иһиини санаталлар. Баҕа санаа олус ыраах буолбакка киһи кыаҕын иһинэн буолуута, ситиһиигэ тириэрдэр.

БАҔА САНАА ҮӨСКЭЭҺИНЭ

Сахалар оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ туттар тыллара оҕоҕо баҕа санааны үөскэтэллэр. Ол курдук: «Оҕом үчүгэй оҕо буол эрэ»,- диэн ытаабыт оҕону уоскутарга этиллэр тыллар үчүгэй оҕо буолар баҕа санааны оҕоҕо тириэрдэллэр. Оҕо ытаабатаҕына үчүгэй оҕо, онтон үчүгэй киһи буоларын билэн улаатар.

Кыра да оҕоҕо үөрбүт сирэйи көрдөрдөххө үтүктэн үөрбүтүнэн барар. Киниэхэ көрсүһүүттэн үөрэр үгэс олохсуйар. «Yөрбүт киһи – үчүгэй киһи» диэн үөрэтии үчүгэй киһи хайдах көрүҥнээх буоларын быһаарар.

«Куруук кыыһыра сылдьыма»,- диэн быһаарыы куһаҕан киһи уһуннук кыыһырарын биллэрэр. Элбэхтик кыыһырар буолуу куһаҕан майгыга киирсэр.

«Хаһан улахан киһи өйө киирэр»,- диэн этии улахан киһи чахчы өйдөөҕүн быһаарар уонна улахан киһи буолууга ыҥырар. «Оҕону кытта аахсыма», «Оҕо сыыһан-сыыһан үөрэнэр»,- диэн быһаарыы үөрэнии чахчы ыараханын уонна уһунун биллэрэр. Оҕо улаатыар, улахан киһи буолуор диэри боруобалыыр, сыыһаны элбэхтик оҥорор кыахтааҕын быһаарар.

Оҕо улаатан иһэн төрөппүттэрин көрөн, үтүктэн үөрэнэр. Бэйэтин олоҕун кинилэр курдук оҥостон олорорго баҕа санаата үөскээн олох¬суйар, өйүгэр-санаатыгар иҥэн иһэр.

Үчүгэйи баҕарар, киһилии майгылаах саха дьонун олоххо сыһыанна¬ра былыргы өбүгэлэриттэн салҕанан, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн салгыы баран иһэр. Киһилии киһи олоҕун устата тиит олордон, дьиэ туттан, оҕо төрөтөн бэйэтин олоҕун салҕааччыны хаалларан иһиэхтээх диэн этэллэр. Оҕо төрөппүттэрэ ити этиини толорор буоллахтарына, оҕолорун баҕа санаата эмиэ итинник буолар. Олох үөрүйэхтэрэ, үгэс¬тэрэ оҕоҕо төрөппүттэриттэн быһаччы бэриллэн иһиилэрин «Көлүөнэт¬тэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэр» диэн ааттыыллар.

Уһуннук олорбут, миккиллибит төрөппүт бэйэтин олоҕор билбит-көрбүт бары билиилэрин оҕотугар биэрэн, иҥэрэн үөрэтэн иһэр буоллаҕына эрэ былыргы үөрүйэхтэр уонна үгэстэр симэлийэн хаалбакка эдэр көлүөнэлэргэ бэриллэн, кинилэр баҕа санааларыгар кубулуйар кыахтаахтар. Бу өй-санаа бэриллэр ситимэ быстыыта кэлэр көлүөнэ эдэр дьон төрөппүттэрин олохторун билбэт, үлэлэрин-хамнастарын сыаналаабаттарын үөскэтэр.

Саха дьоно оҕолоругар олох үөрэхтэрин тэҥэ, сахалыы тылларын, үгэстэрин уонна итэҕэллэрин үөрэтэллэрин сэбиэскэй былаас утарсар этэ. Ол иһин ити үөрэхтэр умнууга хаала сыспыттара эрээри кэлин кэмҥэ төһө эмэ көнөн үөрэнии салҕанан барыах курдук. Олох үөрэҕин билиигэ эбии биһиги саха омуга буолабыт диэн көрдөбүл киирэн иһэр. Бу көр¬дөбүл саха омуга олус былыргы төрүттээх омук буолуутун билиниититтэн күүһүрэн биэрэр. Итини тэҥэ бэйэбит сирбитигэр-уоппутугар аҕыйах ахсааннаах омук буолан үтүрүллэн хаалаары гыммыппыт ордук улахан хомол¬тону үөскэтэр.

Билигин үгүс саха дьоно тугу оҥордохпутуна саха омукка туһалаах буолуой диэн санааҕа оҕустарар буоллулар. Кинилэр баҕа санаалара хайдах гыннахха саха омук сайдан, чэчирээн тахсыаҕай диэн боппу¬руоһу быһаарыыга элбэхтик үлэлиир буолла.

Сахалар бэйэбит омукпутун харыстыырга турумматахпытына атын ким да харыстыа суоҕа диэни бары билэр буоллулар. Большевиктар, ком¬мунистар баһылаан-көһүлээн, дьаһайан кыра омуктары барыларын ха¬рыстаабыттарын түмүгэр саха дьоно биир мөлүйүөн курдук киһини сүтэрбиттэр эбит. (6,94). Yйэ аҥарыттан ордук кэм устата сахалар ахсааннара биир да киһинэн эбиллибэтэх. Сахалар ахсааннара эбиллибэт буолуутут¬тан хата сорохтор улаханнык хомойумуохтарын сөп. Киэҥ-куоҥ, элбэх сир баайдаах дойду босхолонон, кураанахсыйан иһэрэ, сир аннынааҕы баайын тоҕо хаһан, харса-хабыра суох таһан ыларга ордук табыллыах курдук.

Саха дьонугар итэҕэл туһаны аҕалыа диэн этэллэр. Итэҕэл кырдьык омуктар түмсүүлэригэр олус улаханнык туһалыыр. Бы-лыргы улахан итэҕэллэр аан маҥнай үөскүүллэригэр улахан сэриилэр көмөлөспүттэрэ. Атын дойдулары сэриилээн ылан итэҕэли тарҕатыыга эмиэ сэриилэр туһалаабыттара. Билигин олох көнөн, улахан сэриилэр уурайаннар, билии-көрүү кэҥээн турдаҕына сайдыахтаах саҥа итэҕэл атыттартан ураты буолуохтаах. Итэҕэл үчүгэйгэ ыҥырар эрэ буоллаҕына омук сайдыытыгар туһалыан сөп. Ол аата бу итэҕэл саха дьонугар үчүгэйгэ, үтүөҕэ тардыһар баҕа санааны үөскэтэрэ наада. Дьон баҕа санааларын ситиһээри элбэх кыайыылары оҥороллоругар кыахтарын үрдэтэр буолан итэҕэл ордук сахаларга наада буолла.

Бу итэҕэл омуктар сайдан-үүнэн бараннар, кэхтэр-мөлтүүр кэмнэрин таба учуоттуур буолуохтаах. Төттөрү баран атын омуктартан арахсыы, туспа олоруу, тылы-өһү араарыы диэки ыҥырар итэҕэл кэлин тиһэҕэр улахан буортуну оҥоруон сөп. Аҕыйаан эрэр ахсааннаах омук дьоно бэйэлэрэ эрэ туспа арахсан бардахтарына бэрт сотору кэминэн «Аймахтаһыыга» оҕустаран дьэ букатын сүтэр суолга киирэн хаалыах¬тарын сөп.

Айылҕа ити сокуонун хайа да омук кыайан кэспитэ суох курдук. Сир үрдүгэр олорор бары кырдьыбыт омуктар сайдыыттан хааланнар, ахсааннара аҕыйаан кытыы, хаардаах, тымныы эбэтэр хайалардаах сир¬дэргэ үтүрүллэн олороллор. Сир-дойду үтүө, ордук туһалаах өттүлэрин кыахтаах, сайдыылаах норуоттар ылбыттар.

Сир үрдүгэр дьон-норуот ахсааннара эбиллэннэр аһара баран хаа¬лыах курдуктар. Сиргэ үүнэр ас-үөл саппааһа ситэ тиийбэтиттэн бу балаһыанньа ыараан иһиэх чинчилээх. Сайдыылаах норуоттар, бэйэлэрэ ахсааннара элбэх буолан дьон аһара элбээбэттэригэр ордук кыһанар курдуктар. Ол иһин хас биирдии ыаллар аҕыйах оҕолоох буолуулары¬гар ыҥыраллар. Бу ыҥырыы аҕыйах ахсааннаах норуоттарга киэҥник тарҕаммата буоллар ордук этэ.

Кэнники кэмҥэ аҕыйах оҕолоох дьон элбээн хаалыылара үгүс дьон санаатын быһаарааччылар аны кинилэр буолалларыгар тириэртэ. Бука бары түмсэммит биир эбэтэр икки оҕону үчүгэйдик көрүөххэйиҥ диэн ыҥыраллар. Билигин саха сиригэр оҕолоох дьахталлартан 28 бырыһыаннара эрэ суох аҥардас дьахталлар буоллулар. Оҕону үчүгэйдик көрүөххэ диэн ыҥырыыларын кытта бэйэлэрин эмиэ үчүгэйдик көрдөрүөхтэрин баҕара саныыллар. Бу ийэлэр оҕолоро улааттахтарына биир баҕа санааларынан кимиэхэ эмэ бэйэбитин көрдөрүөххэ диэн буолара букатын да саарбахтаммат. Итинник баҕа санаалар үөскээһиннэрэ омук сайдан иһиитигэр букатын көмөлөспөт буолуохтарын сөп.

Хос быһаарыылар.

1. В.А.Кондаков. Ойууннааһын эйгэтин кистэлэҥнэрэ. Ойуун эмтиир ньымалара.- Дьокуускай: Бичик, 1998.- 144 с.

2. Журнал «Здоровье». N 12, 1986.

3. Журнал «Здоровье». N 7, 1986.

4. П.С.Афанасьев, П.А.Слепцов, В.И.Лиханов и др. Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта. / П.С.Афанасьев редакциятынан - Дьо¬куускай: «Бичик» нац.кинигэ, кыһата, 1994.- 264 с.

5. Уткин К.Д. Сах саҕаттан.- Дьокуускай: Бичик, 2000.- 288 с.

6. У.А.Винокурова. Сказ о народе саха. Якутск: Нац. кн. изд-во «Бичик», 1994.- 144 с.

ЫРА САНАА

Сахалар «Санаа киһини салайар» диэн этэллэр. Санаата инни¬ки баран иһэр буолан киһини сирдээн иһэр. Ситиһэ, толоро сатыыр санаата - баҕа санаата буолар. Хайа баҕарар киһиэхэ баҕа санаа баар. Сороххо элбэх, онтон атыттарга аҕыйах эрэ буолар уратылаах. Арай бу баҕа санаалар киһи кыаҕын иһинэн буоллахтарына, киһи бэйэтэ то¬лоруон сөп. Баҕа санаа киһини олоххо иннин диэки сирдээн иһэр, ыҥырар туспа күүс буолар. Элбэх үчүгэйгэ ыҥырар баҕа санаалардаах киһи элбэх ситиһиини, кыайыыны, саҥаны арыйыылары оҥорор кыахтанар.

Баҕа санаа киһини сирдээн иһэр күүһүн сөптөөхтүк, табан туһа-ныы киһини киһи буолуутугар тириэрдэр быһыы буолар. Оҕо кыра эрдэҕиттэн олохсуйбут баҕа санаалаах буоларын ситиһии хас биирдии төрөппүт ытык иэһэ буоларын ситэ сыаналаабат буоллубут. Ол оннугар оҕолорбут кыра эрдэхтэринэ олус элбэх аптаах дьон, араас кыыллар тустарынан сымыйа остуоруйалары кэпсээммит оҕолорбутугар хаһан да туолбат ыра санаалар үөскээһиннэрин төрүттүүбүт. Оҕолор ол ыра санаалара кыайан туолбаттарыттан санаалара түһэн, олоххо интэриэстэрин сүтэрэр буолуулара биһиэхэ кэлин кэмҥэ биллэрдик элбээтэ.

Сорох дьоҥҥо киһи кыаҕа хаһан да тиийбэт баҕа санаалара элбэх буолаллар. Сахаларга хаһан да туолбат баҕа санааны туспа арааран бэлиэтиир өйдөбүл баар. Ол өйдөбүл «ыра санаа» диэн ааттанар.

Олус элбэх хаһан да туолбат ыра санааларга оҕустарыы киһи сир¬дээҕи олоҕор кыайан ситиһиллибэт суоллар буолаллар. Ол курдук хан¬тан да халлаантан түһэн кэлэр баай-мал, санаа хоту көтөр көбүөр самолеттар суох буолуулара, аптаах остуоруйалар оҕолорго хаһан да туолбат ыра санаалары үөскэтэллэрин бигэргэтэллэр.

Олус элбэх ыра санаалардаах киһи түүлэ бэйэтэ туспа уратылар-даах буолар. Ол курдук бу киһи түһээн олус үөһээ халлааҥҥа көтөн кырдьык да ыра санаатын олус баай дойдутугар илэ баарын курдук тиийэ сылдьыан сөп. Кини өйүгэр-санаатыгар ыра санаалара олохсуйан хаалбыттара ол дойду чахчы баарын курдук өйдөбүллэри үөскэтэр. Ол иһин ол дойдутун түһээн элбэхтэ көрүөн сөп.

Түүлгэ көстөр киһи үс эбэтэр хас да атахтаах буолуута эмиэ ыра санаа буолуон сөп. Түүлгэ киһи атаҕа элбэх буоллаҕына баҕа санаа¬та, оҥоруон баҕарара эмиэ элбэх буолан хаалан хайаларын да кыайан ситиспэтин бэлиэтиир. Бу көстүү олоххо «Икки куобаҕы тэҥҥэ эккирэтимэ» диэн киһи санаатын биир сыалы толорууга уурара ордук буоларын бэлиэтиир этиини бигэргэтэр курдук.

Бэйэтэ кыаҕа тиийбэт киһи элбэх ыра санааларга ылларар. Ол курдук киһи олоҕо ыарахан, бэйэтэ дьадаҥы буоллаҕына ханнык да баҕа санаалара туолбаккалар барылара хаһан да туолбат ыра санааларга ку¬булуйаллар. Олус үгүстүк ол киһи бэйэтин санаатынан бэйэтин уоскутунар, олоҕор ситиспэтэх былааннарын ыра санаа оҥостор быһыыта иҥэн олохсуйан хаалыан эмиэ сөп.

Христианскай итэҕэлгэ сахалар ыра санааларын дойдута илэ бэйэ¬тинэн Ырай буола сылдьар. Бу Ырай диэн өйдөбүлгэ киһи өллөҕүнэ эрэ туолар баҕа санаалара мунньулла сылдьаллар. Ол курдук сирдээҕи олоҕор элбэх эрэйи-муҥу көрсүбүт киһи дьэ өлөн, ырайга тиийдэҕинэ сынньана, көҥүл сылдьыахтаах диэн өйү-санааны христианскай итэҕэл тарҕатар. Бу таҥараны итэҕэйэр дьон үксүн си¬тиһэ сатыыр баҕа санаалара Ырайга тиийии буолар. Бэйэлэрэ мөлтөх, олоххо соччо ситиһэ сатыыр сыаллара суох дьон тугу да гыммакка эрэ сынньалаҥнык, сыламныы сылдьыан баҕалаахтар эмиэ бааллар. Ол аата ис, дьиҥнээх баҕа санаалара толору арыллан тахсыыта итинник. Атыннык эттэххэ ырайга тиийии буолуон сөп.

Ыра санаа дойдута – олоххо хаһан да туолбат баҕа санаа¬ дойдута буолар. Киһи бэйэтэ баҕа санаатынан оҥорон көрөр дой-дута. Орто дойдуга бэйэ кыаҕынан баҕа санаата ситиһиллэр буоллаҕына, киһилии баҕа санаа дэнэр. Сахалар киһилии баҕа санаа диэн киһи бэйэтин кыаҕынан ситиһэр баҕа санаатын ааттыыллар.

Үгүс остуоруйаҕа, кэпсээҥҥэ олоҕурбут баҕа са¬наалар сорохторо хаһан эмэ да буоллар туолан хаалыахтарын эмиэ сөп. Ол курдук наука уонна тиэхиникэ сайдыылара өбүгэлэрбит ыра санаалара туоларыгар тириэртэ. Өйдөөн кэлиэҕиҥ эбээт ыйга тиийэ сылдьар кыыс оҕо туһунан остуоруйаны. Билигин киһи ыйга көппүтэ син быданнаата.

Киһи олорор кэмигэр оҥоруллар, толоруллар кыаҕа суох баҕа санааларга оҕустарыы, фантазияҕа ылларыы сирдээҕи олоххо соччо туһата суох быһыылар. Ол эрээри элбэх ыралаах, баҕа санаалаах киһи айар, туох эмэ саҥаны арыйар. Ол аата киһи баҕа санаата эмиэ ханнык эрэ кээмэйи аһара барбат буоллаҕына, киһи бэйэтин кыаҕынан ситиһэр кыахтаах буоллаҕына эрэ табыллар. Баҕа санаа ыра санааҕа кубулуйан хаалыыта киһи олоххо туох да туһалааҕы ситиспэт буолуутугар, өйүн-санаатын туох да туһата суохха аныырыгар тириэрдэр.

Хаһан да кыайан туолбат баҕа санаалары сахалар ыра санаалар диэн ааттыыллар. Элбэх ыра санаалар мунньустубут киһилэрэ сирдээҕи олоҕу үрдүттэн көрөр, ханнык эрэ аптаах остуоруйаҕа сылдьар киһи курдук сананар. Сахалар хаһан да туолбат баҕа санааларынан, ыра са¬нааларынан салайтара сылдьар дьон киһилии майгыттан уратылаах буо¬лалларын бэлиэтииллэр. Сирдээҕи олоххо кыайан туолбат баҕа санаа¬лар киһи олоҕор буортуну оҥороллор. Итинник баҕа санаалардаах дьон хаһан да санаалара туолбат буолан, дьоллоох буолуу диэни букатын билбэттэр.

Сахаларга баар «Ыра санаа» диэн өйдөбүл, хаһан да туолбат баҕа санааны бэлиэтиир этии буолар. Ол эрээри ыра санааны толорорго дьулуһуу, киһини сирдиир, ыҥырар бэлиэ буолан, сайдыыны ситиһэргэ эмиэ тириэрдиэн сөп. Киһи бары кыаҕын, күүһүн түмнэҕинэ, ыра санаатын сирдьит гыныан сөп.

Оҕолор өйдөрүгэр-санааларыгар ыра санаалар аптаах остуоруйалар¬тан үөскээн олохсуйаллар. Киһи өйүн-санаатын быстах кэмҥэ аралдьытар аналлаах, олох ыараханын умуннара түһэр буоланнар, былыргы кэмҥэ дьадаҥы дьон олус үлүһүйэ сылдьыбыттар. Ол курдук туохтара барылара тиийбэт-түгэммэт дьадаҥылар ону-маны ыралана санаан бэйэ¬лэрин уоскутуналларыгар ордук туһалаах эбиттэр. Ону тэҥэ дьадаҥылар аптаах остуоруйалары итэҕэйэннэр эбэтэр «Анараа дойдуга» үчүгэйдик олоруоххут диэн таҥара үлэһиттэрин этиилэрин истэннэр аһара баай, салайар дьонтон эбии тугу да көрдөөбөттөрүгэр аналлаахтар.

Киһи бэйэтин кыаҕын тас өттүнэн ыра санааҕа оҕустарыыта кылгас кэмҥэ бэйэтин уоскутунарыгар эрэ туһалыыр. Маннык баҕа санаалары аанньа утуйбат буолбут дьадаҥы киһи, бэйэтин уоскутунан үчүгэйдик утуйарын туһугар туһаныан сөп.

Сорох таҥара үөрэхтэрэ дьадаҥы дьон өйдөрүн-санааларын букку¬йан: «Бу олоххутугар куһаҕаннык олордоххутуна, өллөххүтүнэ ырайга тахсан дьэ дьоллоохтук олоруоххут»,- диэн дьадаҥы, тиийиммэт-түгэммэт дьону быһаччы албынныыллар. Илэтигэр хаһан да туолбат баҕа санааларынан дьон өйдөрө-санаалара туолан хаалыыта сирдээҕи олох¬торугар уларыйыылар тахсаары гыммыттарын бэлиэтиир көстүү буолар.

БАҔА САНАА ТУОЛУУТА

Оҕо кыра эрдэҕинэ баар-суох баҕа санаатынан төрөппүттэрин курдук буолуу буолар. Kөрөн, үтүктэн үөрэнэн иһэр. Улаатан истэҕинэ, өйө-санаата эбиллэн баҕа санаата үрдээн, эбиллэн биэрэр. Улахан киһи буола охсор баҕа санаата өйүн-санаатын, билиитин-көрүүтүн элбэтэригэр тириэрдэр. Киһи олоҕор баҕа санаата сирдиир, ыҥырар, угуйар.

Бу быһаарыыны өссө дириҥэттэхпитинэ киһи олоҕун сыала киниэхэ баҕа санаата буолан сылдьар. Сорох киһи бу баҕа санаатын олус түр¬гэнник, улахан эрэйэ суох ситиһиэн, онтон атыттар үйэлэрин тухары ситиһэ сатаан баран кыайымыахтарын, баҕа санаалара хаһан да туол¬бат ыра санаалар буолан хаалыахтарын сөп. Киһи саныыр санаатын ситиһиитэ, олоҕун сыалын толорон иһиитигэр тэҥнэнэр. Ханнык баҕа санаалардаах буолар даҕаны соннук дьыалалары оҥорор. Ол иһин киһиэхэ үчүгэй, киһилии, сырдык, сайдыы диэки тардыһыылаах баҕа санаалары иҥэрэн биэрии бары төрөппүттэртэн уонна иитээччилэртэн ирдэнэр сүрүн көрдөбүл буолар.

Баҕа санааны толоруу, ситиһии икки араастаах:

1. Киһи бэйэтин үлэтинэн-хамнаһынан, оҥорон-тутан, туох баар кыаҕын туһанан баҕа санаатын ситиһиитэ. Ол аата, бэйэтигэр да, дьоҥҥо да туһалааҕы оҥорон баҕа санаата туолуутун олоҕор дьиҥнээхтик ситиһиитэ буолар.

Бу быһаарыы киһи кыаҕар олоҕурар. Сахалыы «Кыах» диэн киһи күүһэ-уоҕа, бэйэтэ тутан-хабан оҥорор дьоҕура ааҕыллар.

2. Киһи бэйэтин санаатыгар, оҥорон көрөн, урукку баҕа санаатын намтатан, туолбут курдук санааһына. Киһи санаата ханна баҕарар тиийэринэн туһанан, киһи ханнык баҕарар баҕа санаатын туолбут, си¬тиспит курдук сананыыта, киһи баҕатын толорон уоскуппут курдук буолан санаатын сымнатар. Ол аата, киһи баҕа санаатын бэйэтин са¬наатыгар эрэ толоруута диэн ааттанар.

Киһи киһи буолбутун быһаарар бэлиэнэн ханнык баҕа санаалардааҕа буолар. Киһилии баҕа санаалардаах киһи – киһи буолар. Киһи баҕа санаалара киһи быһыытын иһинэн, сиэри кэспэт буолуохтарын наада. Ол аата бэйэтин кыаҕын иһинэн баҕа санаалардаах киһи – киһи буолар уонна баҕа санаатын толорон дьолу ситиһэр кыахтанар. Баҕа санаа киһи кыаҕын иһинэн буоллаҕына эрэ киһи дьолу ситиһэр. Дьол эмиэ киһи бары быһыыларын, баҕа санаатын курдук икки сүрүн араастардаах. Бу араастар бэйэ бэйэлэрин кытта холбуу ситимнэһэн хаалбыттарын да иһин сүрүн бэлиэлэринэн арахсаллар:

- Быстах дьол. Быстах баҕа санаа туолуута астыныыны, дуоһуйууну, быстах кэмнээх дьолу аҕалар. Астыныы, дуоһуйуу өйдөбүлэ ордук эти-сиини кытта сибээстээх. Спордунан дьарыктаныы төһө да эти-сиини сылаппытын иһин киһини кыайыылары оҥорорго тириэрдэр буолан астыныыны, дуоһуйууну биэрэр. Үлэ эмиэ итинник. Kүүстээх үлэ кэнниттэн киһи үлэлээн оҥорбутуттан улаханнык астынар, дуоһуйар. Астыныы ордук эккэ-сииҥҥэ сыһыаннаһар өйдөбүл. Астан-үөлтэн киһи аан маҥнай астынар, онтон дуоһуйар. Астык ас диэн чахчы үчүгэй ас ааттанар.

- Дьол. Баҕа санаа туолуута киһиэхэ дьолу аҕалар. Кыра баҕа санаа туоллаҕына - кыра дьол ситиһиллэр. Улахан баҕа санаа туолуута улахан дьол кэлиити¬гэр тириэрдэр.

Дьоллоох буолуу диэн киһи баҕа санаатын ситиһэн санаата туолан дуоһуйуутун аата. Ханнык эмэ баҕа санаа, уруккуттан саныы сылдьыбыт былаан туолуута киһиэхэ санаатын толорон дьоллоох буолуу са¬наатын аҕалан, дуоһуйууну үөскэтэр.

Баҕа санаа аһара баран ыра санааҕа кубулуйан хаалбатын киһилии өй-санаа эрэ ситиһэр кыахтаах. Ол аата ханнык баҕарар баҕа санаа киһи оҥорор кыаҕын иһинэн буоллаҕына эрэ киһи толорор кыахтаах. Киһилии өй-санаа киһи бэйэтин кыаҕын билинэрин, кыаҕын таһынан, аһара барбатын хааччыйар. Ол иһин өй-санаа хааччаҕа буолар уонна сахалыы киһи быһыыта диэн ааттанар.

ӨЙ - САНАА УЛАРЫЙАР

Саха дьоно киһи сирдээҕи олоҕо олус уустугун, киһи үйэтин туха-ры үөрэннэҕинэ эрэ олох хааман иһиититтэн хаалан хаалбакка өйүн-санаатын сайыннаран биэрэн иһэрин бэлиэтээн этэллэр. Саас ыраатан истэҕин аайы киһи этэ-сиинэ уларыйан, мөлтөөн-ахсаан истэҕинэ, киһи өйө-санаатэ эмиэ ула¬рыйан биэрэн иһэрэ ирдэниллэр. Сахалар «Кырдьаҕаһы хааһахха сүгэ сылдьан үөрэнэ сырыт»,- диэн этиилэрэ киһи кырдьан истэҕинэ өйө-санаата уларыйан, олох үөрэҕэр саҥалыы үөрэнэн биэрэн иһиэхтээҕин бигэргэтэр.

Эр дьон уонна дьахталлар өйдөрө-санаалара тус-туспа буолуутун эттэрин-сииннэрин туругун уратылара эмиэ быһаараллар. Ол курдук эр дьон санаабыт санааларын ситиһиигэ быдан көнөтүк, түргэнник уонна дьулуурдаахтык баран иһэллэр. Онтон дьахталлар эттэрэ-сииннэрэ сымнаҕаһын курдук санаабыт санааларын ситиһиигэ эмиэ сымнаҕастар, талымастар, атын сиринэн эргийэ барыыга быдан дөбөҥнөр.

Дьахтар санаата төттөрү-таары уларыйан иһэрэ түргэнин туһунан сахалар олус таба этиилэрдээхтэр: «Дьахтар оһоҕун чанчыгыттан оронугар кэлиэр диэри санаата уонна уларыйар», «Дьахтар санаата аһынааҕар кылгас»,- диэннэр. Былыргы кэмҥэ сахалар дьахталлары са¬лайар үлэҕэ букатын да чугаһаппаттара биллэр. Оччотооҕу кэмҥэ ким кыахтаах-күүстээх баһылыыр үйэтигэр кинилэр са¬наалара сымнаҕаһыттан уонна сотору-сотору уларыйан биэрэн иһэрит¬тэн салайар былааска кыттыспатах буолуохтарын сөп.

Саха дьоно былыр-былыргыттан эр дьон баһылааһыннарынан олорон кэлбит буоланнар эр дьон ылыммыт сыалларын толорууга ордук дьүк¬күөрдээхтэрин, санаалара уларыйан испэтин сыаналыыллар. Государстволары салайыыга кинилэр таба суолу тутуһан олорбуттарын маннык холобур дакаастыыр.

Билигин Аан дойду үрдүнэн дьон бииргэ олорор сокуоннарын оҥо¬рооччулар барылара кэриэтэ эр дьон буолаллар. Бу уустук, санаабыт санааны туруулаһан көмүскүүр, дьону ылыннарар, итэҕэтэр үлэҕэ кинилэр санаа¬лара бөҕө, уларыйа охсон биэрбэт, ылыммыт сыалларын халбаҥнаабак¬ка толорор буоланнар тулуйан үлэлииллэр.

Сахалар олохторун үөрэҕин үөрэппэккэ сылдьыбыт буоламмыт сорох өс хоһооннорун суолталарын билигин саҥа быһааран эрэбит. Ол курдук «Уу чугаһа, уруу ырааҕа ордук»,- диэн өс хоһоонун ааспыт үйэлэр тухары араастаан быһаара сатаан бараммыт дьэ саҥа таптыбыт быһыылаах. Бу өс хоһооно омук сайдан, этэ-сиинэ күүһүрэригэр анал¬лаах. Ол иһин ыраах сиртэн кэргэн ыл, урууҥ ыраах буоллун, чугастан кэргэн ылан аймахтаһыыны таһаарыма диэн өйдөтөр. Урукку кэмнэргэ саха дьоно ити өс хоһоонун табатык сыаналыыр эрдэхтэринэ бары ыраах сирдэртэн кэргэн ылан, ыал буола сатыыллар этэ. Саха омуга олус уһун үйэлээх буолуутугар бу өс хоһоонун табатык өйдөөн туһана сылдьыбыттара олус улахан көмөлөөх буолбута саарбаҕа суох.

Дьоҥҥо бу өс хоһоонун курдук олус дириҥ өйдөбүллээх өс хоһоонноро эмиэ бааллар. Арай олору табатык сыаналааһын ситэ кыалла илик курдук. Былыргы дьон олоххо быһаччы сыһыаннаах этиилэрин ситэ сыа¬налаабат буолуу туохха тириэрдиэн сөбө өссө биллэ илик. Ол эрээри кэнники кэмҥэ Айылҕаҕа туох барыта саҥалыы эргийэн кэлэрин кур¬дук, дьон олохторо эмиэ эргийэн хаалыан сөбө сабаҕаланар буолла.

«Благими намерениями вымощена дорога а ад»,- диэн этии баар буолуута олох олус уустугун өссө бигэргэтэр. Бу этии дьон эрэйгэ тэбиллэллэрэ, өлөн-сүтэн, аакка барыылара оннооҕор туохтан сылтаан кэлэрин эмиэ чуолкайдык быһааран биэрэр. Аакка барыы диэн биһиги дьоммут санааларыгар өлүү-сүтүү, эстии-быстыы дойдута. Ол эстии-быстыы дойдутугар барыы суола хантан саҕаланарын бу этии ордук чуолкайдык булан көрдөрөр, быһаарар.

Ол курдук бу этии саҕаланыыта «Благими намерениями ...» диэнэ сахалыы ула¬рыттахха «үтүөнү баҕарыыларынан» диэн буолан тахсар. Ол аата, аҥар¬дастыы үтүө санаалар, үтүөнү баҕарыылар дьону аакка, өлүүгэ сирдииллэрэ чуолкай этиллэр.

Олус дириҥ өйдөбүллээх этии умнуллан сылдьар. Олох сайдан дьон олохторо тупсан аҥардастыы үтүө санаалар эрэ баар буоллахтарына уонна бары ол диэки таластахтарына дьон-аймах аакка барыылара, өлүүлэрэ кэлиэ диэн сэрэтэр этии буолар. Биһиги бу этиини төһө кыайарбытынан дириҥник ырытан көрөрбүтүгэр сахалар киһи үс куттара тус-туспалар диэн этиилэрэ көмөлөһөр уонна өй-санаа уратыларын арыйан биэрэрэ олук буолар.

Билигин араас өй-санаа үөрэхтэрэ олус элбээтилэр. Араас элбэх секталар киһи өллөҕүнэ даҕаны иккистээн олоҕу олорор диэн үөрэтэр буоллулар. Өлбүт киһи өйө-санаата кэлэн кыра, саҥа төрөөбүт оҕо өйүгэр киирэн хаттаан олох үөрэҕин барар диэн бэйэлэрэ билэн, үөрэтэн кэл¬бит курдук этээччилэр эмиэ бааллар. Эбэтэр ханнык эрэ үөһээҥҥи күүстэр өлбүт киһи өйүн-санаатын тутан ылан саҥа төрөөбүт оҕо мэйиитигэр уган биэрэн баран, урукку өйүн-санаатын умуннаран кэбиһэллэр үһү диэн үһүйээн курдук эмиэ кэпсии сылдьаллэр.

Үөһээ дойду, Ырай олоҕо олус үчүгэй, онно дьон талбыттарынан олороллор. Онно олус үчүгэйэ бэрт буолан барбыт дьон төннүбэттэр диэн эмиэ этэллэр. Бу этии сыыһатын, дьону өлүү суолугар сирдиирин биһиги урукку үлэбитигэр Ырай дойдута диэн ырытыыбыт чуолкайдык быһаарар.

Ырай олоҕо үчүгэй диэн ыҥырар үөрэхтэр дьону өлүү-сүтүү диэки ыҥыраллар. Бэйэлэрэ сылдьан көрбөтөх Үөһээ дойдуларыгар барыыга ыҥырыылара улахан буруйу оҥорууга тэҥнэнэр быһыы буоларын аныгы үөрэх көмөтүнэн ситиһиэххэ сөп этэ.

Үөһээ дойдуга «Үчүгэй - онно барыахха» диэн ыҥырыы эдэр дьону наркоман буолууга, өйдөрө-санаалара, салгын куттара көппүт кэмигэр киирэ сатыылларыгар тириэрдэр. Ол курдук киһи салгын кутун өйө-са¬наата көттөҕүнэ, өйө-санаата ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар түһэр, ол иһин Үөһээ дойдуга, өй-санаа дойдутугар тиийэн хаалар. Онон, «Үөһээ дойдуга сылдьыы – үчүгэй» диэн дьону ыҥырар буолуу элбэх наркоманнары үөскэтиигэ ти¬риэрдиэн сөбө быһаарыллар.

Наркотик дьайыытыттан киһи өйө көттөҕүнэ - өйө-санаата эмиэ Үөһээ дойдуга сылдьар буолар. Түүлгэ курдук бу кэмҥэ кини ханна баҕарар көтө, истиэнэлэри курдаттыы түһэ сылдьар курдук буолар. Син-биир түһүү сылдьар киһи курдук кэмҥэ киирэр. Наркоман бэйэтэ өйө көтөн этэ-сиинэ куул курдук сытар буоллаҕына, өйө-санаата бос¬хо баран, көҥүл көтө, Үөһээ дойдуга — өй-санаа дойдутугар сылдьар. Эт-сиин таах быраҕыллар, хаалар, сирдээҕи олох үчүгэйэ умнуллар дьылҕаланар.

Өй-санаа албыҥҥа киирэн биэрэр. Санаатыгар онно көтө сылдьар үчүгэй курдук. Ханнык да хааччах суох, ким да туппат, мөхпөт, ону-маны оҥор диэ¬бэт. Аһыыр, таҥнар онно эмиэ наадата суох. Эгэ таптал наада буолуо дуо? Суох буоллаҕа дии.

«Благими намерениями вымощена дорога в ад» диэн өс хоһооно ор¬дук оҕо иитиитигэр суолталааҕын ситэ өйдөөбөккө сылдьабыт. Саха дьонугар оҕону хайдах иитэр уонна үөрэтэр туһунан олус таба этии баарын букатын да умуннубут. Ол этии «Атаах оҕо» диэн этэ.

Урукку социализм кэмэ саҥа туругуран эрдэҕинэ дьадаҥы дьон өйдөрүгэр былыргы баай дьон оҕолоро атаах буола иитиллэллэрин туһунан өйдөбүл баара. Былыргы элбэх кэпсээннэр атаах буола иитиллибит баай дьон оҕолоро олохторун ситэ олорбокко быстах суолга киирэн биэрэллэрин арыйаллара. Сэбиэскэй былаас улаханнык көмөлөһөн кэлин дьон үксүлэрин олохторо лаппа көнөн аны бэйэлэрэ оҕолорун атаах гына иитэр кыахтаммыттара. Ол иһин атаах оҕо туһунан өйдөбүл үгүс дьон өйүт¬тэн сүппүтэ. Оҕону атаах гына иитии эмиэ үтүө санааттан, аҥардас¬тыы үчүгэйи эрэ баҕарыыттан оҥоруллар. Оҕобор үчүгэй эрэ буоллун диэн төрөппүттэр кыһаналларыттан атаах оҕолор буола улаатан тахсаллар. Атаах буола иитиллибит киһи өйө-санаата түктэри буолан тахсарын саха кырдьаҕастара билигин да билэллэр.

Билигин саха дьонугар олох ыарахана хантан үөскээн, сайдан тах¬сарын таба быһааран ону суох оҥорорго дьулуһан, олоххо киллэрии сүрүн сыал буолара наада. Биһиги үлэлэрбит барылара ити сыалы бу¬лууга уонна толорууга аналланаллар.

Сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ быһаарыытынан киһи өлбүтүн кэннэ өйө-санаата толору бэйэтинэн Үөһээ дойдуга сылдьыбат буолуон сөп. Үгүстүк түүлгэ көстөр өлбүт дьон көрүҥнэрэ эрэ көстөр, биирдэ эмэ майгыларын уратытын биллэриэхтэрин сөп. Өй-санаа быстах чаастара, үгэс буолбут өйдөбүллэр эрэ онно-манна тэбиллэн сылдьалларын түүлбүтүгэр көрөбүт. Ханнык да түүл киһиэхэ толору өйдөбүлү биэрбэт. Түүлгэ көстөр дьон бэйэлэрин майгыларын уратыларынан арахсаннар биир буолан хаалаллар. Ол курдук түүлгэ биир билэр киһибин көрөбүн дии санаабытыҥ тойонноотоххо атын киһи буолан хаалар. Арай бу түүлгэ көстөр киһи уонна илэ киһи маарынныыр өрүттэрин, өйдөрүн-санааларын тэҥнээн көрдөххө эрэ тус-туспа дьон буолалларын арааран билиэххэ сөп. Онон, Үөһээ дойдуга киһи өйө-санаата баар бэйэтинэн сылдьар диэн этии сыыһа, киһи өйүн-санаатын быстах чаастара, тус-туспа үгэстэрэ, куттар эрэ ордон онно-¬манна ыһыллан сылдьаллар. Ол иһин түүлү тойоннуурга былыргыттан үгэс буолбут өйдөбүллэр, тус-туспа бэлиэлэр туһалыыллар.

Өй-санаа ити уратытын саха дьоно билэллэрин куһаҕаннык өлбүт киһи үөр буолар диэн этэллэрэ буолар. Ол аата, өй-санаа үрэллэн ыһыллыытын аата үөр буолуу диэн ааттанар. Сахалыы үөр буолуу диэн үрэллии, ыһыллыы, бөлөх буолуу аата. Бу бытарыйбыт, ыһыллыбыт санаалартан, куттартан куһаҕан санаалара аймах-билэ дьонноругар көстөн, биллэ сылдьалларын бэлиэтии көрөннөр үөр диэн ааттаабыттар.

Сахалар: «Олоҕу олоруу алааһы туорааһын буолбатах»,- диэн этиилэрэ өй-санаа аҥардастыы аҥар өттүн диэки сайдар кыаҕа суоҕун эмиэ быһаарар. Биир өттүн диэки барыы кыаллыбат. Өй-санаа киэҥник, кэлимник сайдар. Бу сайдыы хайысхатын киһи оҥорор быһыылара барылара «Иккилии өрүттээх» буолуулара арыйар.

АҺЫНАР САНАА

Хас киһи барыта бэйэлэрэ тус-туспа эттээх-сииннээх, куттаах-сүрдээх буолуулара, өйдөрө-санаалара эмиэ тус-туспа буоларыгар тириэрдэр. Киһи бэйэтин өйүн-санаатын атын дьон сабыдыалларыттан сатаан харыстыыр, көмүскүүр күүстээх санаалаах буолара наада. Күүстээх санаалаах киһи бэйэтин хаһан баҕарар көмүскэнэр кыахтаах буолар.

Ырыынак кэмигэр харчы күүһэ баһылыыр буолан, элбэх харчылаах киһи атын киһини баһылыыр, салайар буолуутугар толору кыах бэриллэр. Дьон кыахтаах өттүлэрэ бэйэлэрэ бас билэн салайар дьонноох буолуулара кыаллар буолла. Ырыынак сокуоннара киһи киһиэхэ сыһыаннарын төһө эмэ кытаатыннаран, ордук аһынымтыата суох, дьэбир оҥордулар. Бэйэ иннин аан маҥнай көрүнэр буолуу ордук сайынна, «Бэйэ ырбаахыта этиттэн чугас буолара» чахчы билиннэ.

Киһи бэйэтин кыаҕын кыра эрдэҕиттэн сайыннаран, күүстээх санаа¬лаах буола улаатара олох ирдэбилэ буолла. Бэйэ кыаҕа суох буолуута атын дьон сабыдыалларыгар киирэн биэриигэ тириэрдэр буолан ордук уустуктары үөскэтэр. Ол курдук кыаҕа суох киһи хайа сабыдыалга киирэн биэрэрин бэйэтэ да билбэккэ хаалара элбээтэ.

Киһи бэйэтэ атын киһи баһылааһыныгар аһара киирэн биэрбэтэ ордук. Бэйэтэ өйдөөх-санаалаах киһи ханнык баҕарар уустук кэмнэргэ бэйэтин өйүнэн-санаатынан салаллар буола үөрэнэрэ кыра эрдэҕиттэн наада. Кыра оҕону аһынан «Эн кыраҕын дии, кыайбаккын» диэн үөрэтии оҕо өйүн-санаатын хам баттааһыҥҥа тэҥнэнэр. Дьулуура, тулуура суох киһи оҥорор, барытыгар-бары атын киһи көмөтө, аһынара наада буолан иһэр. Аһынар санаа киһиэхэ «Бэйэм мөлтөх эбиппин» диэн өйдөбүлү иҥэрэр буолан кыра оҕону үөрэтэргэ олох да туттуллубата буоллар ордук буолуо этэ. Дөлбү түһэн тугун эмэтин өлөрбүт оҕону аһынан: «Оҕом буорайда»,- диири кытта дьэ ытаан тоҕо барар. Санаатын көтөҕөн имэрийэ түһэн баран: «Тулуйдахха ааһааччы»,- диэн үөрэттэххэ оҕо тулуура улаатар. Аһыннара үөрэммит киһи туох эмэ быһаарыыны ылы¬нар кэм тирээн кэллэҕинэ атын киһи өйүгэр-санаатыгар киирэн биэрэрэ олус элбэх. Атын киһи аһынарыгар, көмөтүгэр үөрэммит буолан анараа киһитэ эппитин толорооччу буолан хаалара ордук хомолтолоох.

Төрөппүттэр кыра оҕолорун аһара аһынан, ымманыйан «Оҕом кыра, кыаммат» диэн этиилэрэ, үөрэтиилэрэ оҕолорун өйүгэр-санаатыгар куһаҕаны, «Бэйэм мөлтөхпүн» диэн өйдөбүлү үөскэтэн кэбиһэр. Аһыннара үөрэммит оҕо сыппах, атын дьон көмөлөрүгэр, аһыналларыгар наадыйар киһи буола улаатан хаалар. Төрөппүттэр оҕолоругар үтүөнү, үчүгэйи оҥорор сыалтан, өйүн-¬санаатын сайдыытын хааччахтаабат наадаҕа, аһара аһынар санааларын истэригэр туталлара ордук туһалаах буолуо этэ.

Атын киһи өйүгэр-санаатыгар баһыттарбат наадаҕа, анараа киһи этиилэрин бары өттүнэн сыаналаан көрөргө үөрэниэххэ, кини этиитигэр быһаччы киириммэт буолуу өй-санаа баһыттарбатын бэлиэтэ буолар. Ол аата, анараа киһи этиитэ бэйэҕэ төһө туһалаах буолуутун, бу этииттэн туох уларыйыылар тахсыахтаахтарын аан маҥнай быһаа¬ран, ырытан баран сөбүлэһэр ордук буолуохтааҕа быһаарыллар.

Киһи атын киһи баһылааһыныгар киириитин биир холобурунан аһынар санаа буолар. Бэйэтэ олус үчүгэй санаа. Хас киһи аайы бэриллибэт үтүө майгы буолар. Ол эрээри киһи барыта биир буолбатынан, бу аһы¬нар санааны бэйэлэрин тустарыгар туһаныахтарын баҕарар дьон баар буолаллар. Туохтара барылара кыаттарбатын туһунан дьоҥҥо кэпсээн кинилэргэ аһынар санаа үөскүүрүн ситиһэллэр. Атын киһиэхэ аһынар санаа үөскүүрүн ситиһии аһыннарыы диэн ааттанар.

Киһи киһини аһынар буолуута кини баҕатын толорорго тириэрдэр. Ол аата, аһынар санааттан анараа киһи бары баҕатын толоруу, кини эппитин курдук оҥоруу, кини баһылааһыныгар толору киириини көрдөрөр. Аһынар санаа киһи өйүн-санаатын арыйар. Көмүскэлэ суох оҥорор. Урут харыстана сылдьыбыт санаата суох буолан өйө-санаата арыллар.

Дьоҥҥо аһыннара сатыыр дьон, бэйэлэрэ аһынар киһини бас билиилэригэр киллэрэ сатыыллар. Ханан эмэ аһыннаран, тугу эмэни көрдүөххэ диэн санаалара киирэр. Аһыннара сатыыр киһи олус элбэх араас көрдөһүүлэрэ барылара кини баҕатын курдук толоруллан иһэллэригэр баҕарар. Кини бары баҕатын эппитин курдук толорон иһии кини толору баһылааһыныгар киирэн биэриини бэлиэтиир.

Аһыннара сатааһын атын киһини бэйэ өйүгэр-санаатыгар киллэрии биир көрүҥүнэн ааҕыллар. Аһынар киһи көмөлөһө сатыыр, анараа киһи баҕатын кыаҕа баарынан толорор. Аһыннарар киһи баҕата эбиллэн иһэрэ кини бэйэтин баһылааһыныгар киллэрэ сатыырын чуолкайдыыр. Бэйэмсэх киһи куруук бэйэбэр эрэ үчүгэй буоллун диэн санаата хаһан баҕарар баһыйа сылдьар, аһыннаран бэйэлэрин тустарыгар туһанар санаалара элбэх буолар.

Төһө да аһыннар даҕаны бэйэтин санаатын бас бэриннэримиэн баҕарар киһи, анараа киһи баҕатыгар өйүнэн-санаатынан утарсан иһиэхтээх. «Маннык буолбат» эбэтэр «Мин бу курдук оҥоробун» диэн бэйэ өйүн-санаатын араарына сылдьар буоллаҕына анараа киһи баһылааһыныгар киирэн биэрбэт.

Дьон бары өйдөрө-санаалара тус-туһунаннар. Олус бэйэмсэх, миэхэ бэйэбэр эрэ үчүгэй буоллун диэн санаалаах төрөппүттэр оҕолоругар олус аһыннаран кинилэринэн бэйэлэрин араас баҕаларын барытын толорторо сатыыллар. «Бары барыта кэмнээх буолуохтаах» диэни саха дьоно билэллэр. Ол иһигэр аһыныы эмиэ киирсэр. Аһынар санаа элбэх буоллаҕына аһыннарыан баҕалаах элбиир.

Аһынар санаа - үтүө, үчүгэй санаа. Киһи киһиэхэ сыһыаныгар аһынар санаа баар буолара ордук. Киһи барыта биир тэҥ күүстээх, кыахтаах буолбатах. Бэйэттэн мөлтөх, кыаҕа суох дьону кытта сыһыаҥҥа аһынар санаа бастакы миэстэни ылара ордук туһалаах буолуо этэ. Кыахтаах дьоҥҥо элбэх аһынар санаа баар буолуута киһи киһиэхэ сыһыанын лаппа тупсарыа этэ. Дьону барыларын сөптөөх кэмээйинэн аһынар буолуохха, үчүгэй санаалаах дьону ордук аһыныахха.

Аһыныы диэн ким эмэ кыһалҕатыттан уйадыйа санааһыны, кыһалҕатын өйдүүр буолууну этэллэр. Киһи аһына санаатаҕына эниэргийэтэ көҕүрүүр. Элбэх эниэргийэлээх дьон аһыныгас буолаллар, аһынар санаалара күүстээх. Киһини аһынар санааҕа киллэрэн аһыннара сатыыр дьон аһынар дьонтон эниэргийэлэрин эбинэллэр, күүс-кыах ылаллар. «Аһыныгас киһи» диэн чахчы кыахтаах, элбэх эниэргийэлээх киһини этэллэр. Кини аһынар санаата элбэх киһиэхэ холкутук тиийэр буолан итинник ааты иҥэрэллэригэр кыахтаах буолар.

Ыарахан олоххо үөскээбит дьон аһыныгас буолаллар. Кинилэр бэйэлэрэ кыһалҕалаах олоххо үөрэммит буоланнар атын киһи кыһалҕатын таба өйдүүр буоларга үөрэммиттэр. Ол иһин туох баалларынан барытынан көмөлөһө сатыыллар. Сөптөөх кэмигэр көмөлөһө сатааһын киһи санаатын көтөҕөр, күүс биэрэр буолан ураты суолталаах. Кыаҕа суох буолбут, санаата түспүт киһиэхэ көмөлөһүү кэнниттэн саҥа күүс киирэн бэйэтин кыанар буолан барыан сөп.

Онон, аһынар санаа уонна аһыннарыы диэн бэйэ-бэйэлэриттэн үөскээн тахсар утарыта өйдөбүллэр буолаллар. Киһи киһиэхэ сыһыаннарыттан үөскээн тахсар буоланнар дьон олохторугар куруук баар буолаллара наада. Ол эрээри дьон олохторун сиэрин быһыытынан хайалара да аһара барбаттара ордук туһалаах буолуохтара этэ.

БЭЙЭМСЭХ САНАА

Киһи санааларын үгүс араастарын саха дьоно былыр-былыргыттан үөрэтэн билэн тус-туспа араартаабыттар. Киһи бэйэтин «Мин» диэн биир курдук билиннэр даҕаны этэ-сиинэ уонна өйдөрө-санаалара, куттара тус-туспа буоланнар санаалара эмиэ тус-туһунаннар, бэйэ-бэйэлэригэр сөп түбэспэттэр.

Бэйэмсэх буолуу диэн хас биирдии киһиэхэ баар майгы көрүҥэ буолар. Киһи «Мин» диэн бэйэтин атын дьонтон туспа араарынар буолуоҕуттан сайдан барар бэйэтигэр, ордук этигэр-сиинигэр туһалаах хаачыстыба. Бэйэ кыаҕын билинэр буолуу, бэйэни дьон тэҥинэн тутта сылдьыы, бэйэни көрүнүү-истии барылара ити хаачыстыбаҕа киирсэллэр. Арай киһи бары майгыларын курдук аһара баран хаалбатаҕына, сиэри таһынан буолбатаҕына, үчүгэйгэ тириэрдэр өй-санаа буолар.

Бэйэмсэх буолуу аһара баран хаалыыта «Мин эрэ» диэн этиинии эл¬бээн барыытыттан саҕаланар. Ол аата, киһи тугу оҥороругар, урут оҥорбутугар барытыгар ити этии бастаан иһэр уонна «Мин эрэ билэбин», «Миэнэ эрэ», «Мин эрэ эппитим курдук буолуохтаах» диэн этииниилэргэ тиийэн хааллаҕына, бэйэмсэх буолуу аһара барбыта бэлиэтэнэр.

Ханнык баҕарар майгы аһара баран хаалыытын сахалар сөбүлээбэттэр. Бэйэмсэх да киһи төрөппүт буоларын Айылҕа утарбатын быһыытынан биһиги бу майгы оҕо иитиитигэр хайдах дьайарын ырыта сатыахпыт.

Кэлин кэмҥэ улаатан иһэр оҕолор майгылара куһаҕан өттүгэр ула¬рыйан иһэр диэн айманаллар. Кырдьык даҕаны обургу оҕолор олус ыар буруйдары оҥортууллара элбээтэ. Куоракка оскуолаҕа үөрэнэр кыргыттар биир саастыылаахтарын уонна кыра оҕону өлөрүүлэрэ ордук киэҥ аймалҕаны тарта.

Арҕааҥҥы дойдулар сабыдыаллара, үөрэх-билии эккирэтиитэ дьайан ыаллар барылара кэриэтэ билигин биир эбэтэр икки оҕолоох буолуулара тэнийдэ. Ыалга оҕо аҕыйах буолуута төрөппүттэр үлэлэрин аҕыйатан, бэйэлэрэ лаппа сынньалаҥнык сылдьалларыгар тириэрдэр, бэйэмсэх санааларын күүһүрдэр. Үлэ оҥорон таһаарыыта мөлтөөһүнэ хамнас аҕыйаҕын үөскэтэн ыаллар дьа¬дайыыларыгар тириэрдибитэ аны аҕыйах оҕолоох буолууларыгар эмиэ төрүөт буолар курдук.

Ыал буолуу сүрүн өйдөбүлүнэн киһилии быһыылаах кэлэр көлүөнэлэ¬ри иитэн-үөрэтэн улаатыннарыы буоларын ким да умнубат. Арай социализм кэмин саҕана оҕолору иитиини-үөрэтиини государство аҥардастыы бэйэтигэр ылыыта кэлэр көлүөнэ дьон олохторун сыалын, соруктарын уларытан кэбиспитэ. Төрөппүттэр оҕолорун син-биир государство көрүө-истиэ диэн санааттан киһилии майгыга, сиэргэ-туомҥа, үгэстэргэ үөрэтэллэрин бырахпыттара.

Биһиги урукку үлэлэрбитигэр салгыы оҕо майгына үөскээн сай-дыытыгар төрөппүттэр өйдөрө-санаалара олус улаханнык сабыдыаллыы¬рын ырытыахпыт. Кыра оҕо өйө-санаата, ийэ кута сайдыытыгар аан маҥнай ийэ ылар оруола олус үрдүк. Оҕону киһилии майгыга иитиигэ уонна үөрэтиигэ ийэ оҕотун туһунан тугу саныыра олус улахан оруо¬лу ылар. Кини оҕотун «Эн улахан киһи буоллуҥ», аны улахан киһилии быһыылан»,- диэн этэн, үөрэтэр буолуута оҕотун өйүн-санаатын уларытан, улахан киһи, киһилии киһи өйө-санаата, бэйэтин бэйэтэ көрүнэрэ, атыттарга көмөлөһөрө үөскүүрүн көҕүлүүр.

Ийэ оҕотун итинник этэн үөрэтэр, бэйэтигэр көмөлөһүннэрэр буол¬лаҕына, оҕотун өйө-санаата түргэнник сайдан, бэйэтэ быһаарыыны ылынар кыаҕа улаатан иһэр. Билигин биһиги ийэлэрбит оҕолоро улаа¬тан хас сааһыгар тиийдэҕинэ итинник этэр буолар эбиттэрий? Бу боппуруоһу быһаарыы кэлин кэмҥэ оҕо иитиитигэр тахсыбыт уларыйыылары таба быһаарар кыаҕы биэрэр. «Отох киһи отутугар диэри улаатар» эб¬этэр «Отутугар диэри өйө киирбэт» диэн этиилэр бааллара муомурбут киһи кырдьык да хойутаан сайдарын, өйө киирэрин быһаарар.

Урукку кэмҥэ элбэх оҕолоох ыаллар улахан оҕолоро бэйэтэ тугу эмэни кыайар буолуоҕуттан ыла «Улахан киһи» ааттанар, көмөлөһөр, үлэлиир. Бэйэтин бэйэтэ салайынан сылдьар буоларга, кыра бырааттарын-балтыларын көрөргө олох кыра эрдэҕиттэн эрчиллэр, үөрэнэр. Бу курдук иитиллибит оҕо киһилии майгылаах буола улаатарын урукку кэмҥэ улааппыт, билигин кырдьаҕас дьон киһилии майгылаахтара дакаастыыр. Ол кэмҥэ ийэ улааппыт, сиппит оҕотун «Эн кыраҕын, кыаммаккын»,- дии-дии эккирэтэ сылдьара букатын да биллибэт. Оҕолор эрдэ ситэн улахан дьон буола охсоннор, кэргэн ылан, дьиэ¬-уот тэринэ охсоллоро кэпсээннэргэ киирбиттэр.

Билигин биир эбэтэр икки оҕолоох эдэр, эмньик ийэлэр оҕолорун хаһан даҕаны, бытыктарын үктүөхтэригэр да диэри, «Улахан киһи буоллуҥ, бэйэҥ тугу эмэни быһаар, оҥор»,- диэбэттэр. Барытыгар бары бэйэлэрэ көмөлөһө, этэн биэрэ сатыыллар. Аны кинилэр эппиттэрин курдук оҥорботохторуна букатын да табыллыбат, хомойоллор, хоргуталлар. Оҕолорун куруук «Эн кыраҕын, кыаммаккын, мин эрэ көрдөхпүнэ-иһиттэхпинэ табыллаҕын»,- диэн үөрэтэллэр. Төрөппүттэр бэйэмсэх, «Мин оҕом» диэн санаалара оҕолорун өйүн-санаатын хам баттыыр, ситэ сайыннарбат, улахан киһи өйө-санаата киирэрин мэһэйдиир. Ити курдук бэйэлэрэ куруук көрө-истэ сылдьалларыгар оҕолорун үөрэтэн, өйүн-санаатын сайыннарбакка, муомурдан кэбиһэллэр.

Айылҕа бары тыынар-тыыннаахтарыгар курдук оҕолоох ийэҕэ бэйэм¬сэх санаа үөскээн олохсуйар. Оҕолоох ийэ ити бэйэмсэх санаата оҕо¬тун иитиитигэр уонна үөрэтиитигэр оҥорор буортуларын бу үлэбитигэр кыайан быһаардахпытына улахан кыайыыны оҥоруохпутун сөп. Тоҕус ыйы быһа оҕотун иһигэр илдьэ, иитиэхтии сылдьан төһө элбэхтэ «Мин оҕом, бэйэм эрэ киэнэ»,- диэн санаабыта буолуой? Ийэ түүннэри, күннэри иһигэр итинник саныы сылдьарыгар тиийэр. Бу санаата олус элбэхтэ хатыланан кини ийэ кутугар ууруллан хаалбыта ийэ өйүн-санаатын уларытан, оҕотун бэйэтэ бас билэрин курдук өйдөбүлү иҥэрэн, бэйэмсэх санаалаах оҥорор. Ийэ итиннэ эбии аны бэйэтэ бэйэмсэх соҕус буоллаҕына ити санаата ордук күүстээх буоларыгар тиийэр.

Биир эбэтэр икки оҕону иитиигэ ийэ бэйэмсэх санаата уларыйбакка бэйэтинэн сылдьар. Бу бэйэмсэх санаа оҕо улаатан, өйө-санаата ула¬рыйан иитиитин аахсыбат буолан, оҕону иитиигэ биллэр уратылары киллэрэр. Ол курдук оҕо улаатан истэҕинэ ийэ сыһыана эмиэ улары¬йан, оҕотун туспа киһи, улахан киһи курдук көрөн киниэхэ сыһыанын уларытан биэрэр кэмэ син-биир кэлиэхтээх. Оҕо улаатан бэйэтэ туспа ыалы тэрийэр аналлаах. Бу өйү-санааны, аналы бэйэмсэх ийэ билиммэт. Оҕо өйүн-санаатын уларыйыыта кэмигэр, этин-сиинин сайдыытын кытта тэҥҥэ кэлэн иһиэхтээҕин ийэ аахсыбат. Кини санаатыгар оҕото син-биир кыра кыаммат курдуга хаһан да хаалбат. Оҕото куруук кини көмөтүгэр наадыйар, тугу да сатаабат, кыайан оҥорбот, кыаммат кур¬дук буолан иһэрэ хаһан да уларыйбат.

Ийэ бэйэмсэх санаата оҕотун ордук күүскэ көрөрүгэр-истэригэр тириэрдэр. Ийэ аһара көрөрө, маныыра оҕотун өйүн-санаатын хам баттаан бэйэтэ быһаарынар күүһүн мөлтөтөр. Үгүстүк атын киһи этиитин ылына уонна толоро үөрэммит киһи дьону батыһан сыыһа суолга үктэнэн хаалара элбээн тахсар. Куруук көрүүгэ-истиигэ үөрэнэн «Отох киһи отутугар диэри үөрэнэр» диэн этиигэ кырдьык сөп түбэһэр киһиэхэ кубулуйар.

Үһүс оҕотун кэнниттэн ийэ аһара бэйэмсэх санаата дьэ сүтэр. Үһүс оҕотун кыайан көтөҕө сылдьыбат буолан улахан оҕотун туспа, сиэтэ сылдьарыгар тиийэр. Кыһалҕа кыһайан улахан оҕотун «Эн улахан киһи буоллуҥ, аны миэхэ көмөлөс»,- диэн этэн дьэ үөрэтэр. Улахан оҕото кыра оҕолору көрүүгэ-истиигэ көмөлөһөр буолан сайдара, улахан киһи өйө-санаата киирэрэ түргэтиир. Олус улахан эппиэтинэстээх буолууга кыра эрдэҕиттэн эрчиллэр. Кыра бырааттарын дуу, балтыларын дуу көрүү-истии киниэхэ салайар дьоҕурун сайыннарар. Кинини, улахан оҕону көрөн үтүктэн кыралар эмиэ түргэнник өйдөрө-санаалара сай¬дар, улахан киһи, киһилии киһи буолууга үөрэнэллэр.

Үөрэтэр киһи оҕоҕо сыһыана кини майгытын төрүттүүр. «Эн улахан киһи буолан иһэҕин»,- диэн үөрэтии оҕо улахан киһи буолууга тардыһар өйүн-санаатын сайыннарар, олох бары ыарахаттарын тулуйар буолуутугар үөрэтэр. Сахалар «Олох ыарахан» диэн ааттыыллар. Бу этии барыта киһи өйүгэр-санаатыгар сыһыаннаах. Кыра эрдэҕиттэн барыта бэлэмҥэ үөрэммит киһиэхэ кыра туга эмэ тиийбэт эбэтэр суох буолуута кинини улахан трагедияҕа тириэрдэр.

Оҕону куруук «Эн кыраҕын, кыаммаккын»,- диэн этэ сырыттахха кырдьык кыаммат, мөлтөх, туохха барытыгар көмөҕө наадыйар киһи буола улаатарыгар олук ууруллар.

Оҕо этэ-сиинэ сайдан, үүнэн истэҕинэ, өйө-санаата эмиэ дириҥээн элбэҕи толкуйдуур буолара эбиллэрин таба сыаналаан, бириэмэтэ кэлэн истэҕинэ «Эн улахан киһи буолан иһэҕин, киһилии майгыланан ис»,- диэн этэн үөрэтии киирэн биэрэн иһэрэ наада. Итинник этэн үөрэтии улахан киһи буолар баҕа санаа үөскүүрүгэр көмөлөһөр. Биһиги ийэлэрбит хойутаппакка эрэ, оҕолоро улаатан истэҕинэ, көрөр-истэр майгыларын арыыйда аҕыйатан, бэйэтэ бэйэтин билинэн сылдьарын ситиһэ сатыыллара буоллар, туһалаах буолуо этэ. Ийэлэр өйдөрүгэр-санаала¬рыгар ити өйдөбүл төһөнөн эрдэ киирэр да, киһилии майгылаах кэлэр көлүөнэлээх буолууларыгар олук ууруллар. Ол курдук урукку кэмнээҕи киһилии майгылаах дьон кыра эрдэхтээҕи кэмнэрин санааталлар эрэ, олохторо ыарахан, тиийиммэт эбиттэрин, эрдэттэн үлэлээн-хамнаан барбыттарын ахталлар. Кыра эрдэххэ олох ыарахан буолуута оҕо майгына үчүгэй, киһилии буолуутун хааччыйар.

Бэйэмсэх буолуу «Мин эрэ туспар» диэн өйдөбүлэ оҕо иитиитигэр олус улахан токуруйууну таһаарар. Ол курдук улахан киһи, төрөппүт итинник санаата оҕотун бэйэтигэр олус бас бэриммит киһи оҥорор. Кини тугу эппитин барытын оҕото толорон иһэрин ирдиир буолан оҕо өйө-санаата киниэхэ утарылаһар, сөп түбэспэт буолуутун үөскэтэр. Бэйэмсэх ийэ оҕотун иитэригэр ордук бобуу, хаайыы өттүгэр салаллар. Маннык иитии-үөрэтии оҕо кыра кыаммат эрдэҕинэ төһө да үчүгэйин иһин, кэлин улаатан истэҕинэ төрүт сөп түбэспэт үөрэх буолар. Ол курдук улааппыт киһи көрдөбүлэ уларыйан биэриитин итинник ийэ аахсыбат. Итинник иитии-үөрэтии көрдөбүлгэ сөп түбэспэт буо¬луута туруга суох өйдөөх-санаалаах эдэр көлүөнэ иитиллэн улаатан тахсарыгар тириэрдэр.

Ыал соҕотох оҕото бэйэмсэх буола улаатарыгар олук ууруллар. Төрөппүттэрэ тугу үлэлээн-хамсаан булбуттара-талбыттара барыта оҕолоругар тиксэр, кини баҕатын толорууга туһаныллар буолан бэйэмсэх, миэнэ эрэ диэн өйдөбүлэ уруттаан иһэр. Икки төрөппүт уонна түөрт эһэ, эбэ буоланнар соҕотох оҕону аһара көрөн-истэн, маанылаан атаахтатан кэбиһэллэр.

Кыра эрдэҕиттэн соҕотоҕун иитиллибит оҕо бэйэтэ улааттаҕына, биир оҕоттон ордук оҕоломмот кыахтанар. Кини өйүгэр-санаатыгар хас да оҕолоох буолуу өйдөбүлэ кыайан киирбэт. Оннук өй-санаа оҕоҕо кыра эрдэҕиттэн иҥэриллибэтэх буолан, кэлин киирэн иҥэрэ уустук боппуруоска кубулуйар. Ол курдук аҥардас ийэ ииппит оҕото кэргэнэ суох сылдьара быдан элбэхтик бэлиэтэнэр.

Биир оҕолоох ийэ аны бэйэтэ эмиэ бэйэмсэх санааҕа оҕустарар. Ол курдук оҕотун бас билэр, миэнэ эрэ диир санаата олус күүстээх буо¬лан оҕото улаатан истэҕинэ аһара сабардаан, бэйэтин бэйэтэ кыайан салайыммат киһини улаатыннарар.

Олох сайдан, бары барыта дэлэй буолан иһиитэ оҕону иитиигэ уонна үөрэтиигэ улахан уустуктары киллэрэр. Төрөппүттэр оҕолорун иитиилэригэр сымнаан, аһара маанылаан, көрөн-истэн, атаахтатан кэбистэхтэринэ оҕолоро бэйэлэринээҕэр мөлтөх, аһара бара сылдьар санаалаах буола улааталлар.

Аныгы биир эбэтэр икки оҕолоох ийэлэргэ ордук чиҥ, кытаанах санаалаах буолуу эрэйиллэр. Оҕону чиҥник, дьиппиэнник, ол эрээри хам баттаабакка, бэйэтин өйүн-санаатын сайыннаран, сайдыы-үүнүү диэки тардыһыннаран иитиэххэ, үөрэтиэххэ наада. Ийэлэргэ бу курдук өй-санаа киириитэ, былыргы дьон быһаарыыларынан олох ыараатаҕына эрэ киирэр. Ол аата «Олох ыараатаҕына - омук күүһүрэр» диэн этэллэр. Билигин өй-санаа сайдыбыт кэмигэр, киһи үөрэҕи-билиини салгын ку¬тунан ылынан сайдар буоллаҕына, ийэлэр бэйэмсэх санааларын суох оҥорон, оҕолорун киһилии өйдөөх-санаалаах киһи оҥоруохтарын эмиэ сөп курдук. Ийэ оҕото улаатан, өйө-санаата сайдан иһиитин учуоттуур буолара хайаан да эрэйиллэр көрдөбүл буолар.

КУҺАҔАН САНАА

Киһи ханнык баҕарар санаата, дьайыыта, быһыыта хайа эрэ кээмэйи аһара бардаҕына куһаҕан өттүгэр кубулуйар. Ол курдук өһөс санаа тулуурдаах, дьулуурдаах буолууну үөскэтэр, ол иһин үчүгэйгэ киирсэр. Онтон аһара баран ньоҕойго, ньоҕойдоһууга кубулуйдаҕына куһаҕан санаа буолар. Иэстэһэр санаа бэйэтэ куһаҕан буоллаҕына өссө аһара баран өһүөннэһиигэ тиийдэҕинэ хара санааҕа кубулуйуон сөп.

Сахалар олохторун үөрэҕэ өй-санаа ханнык да хааччаҕа суох барарын көҥүллээбэт. Оҕо улаатан истэҕинэ маҥнайгы бобуу: «Аһара барыма»,- диэн ааттанар. «Аһара ытаама», «Аһара мэниктээмэ»,- диэн этиилэр туох барыта кэмнээҕин, кэрдиилээҕин быһаараллар. Өссө улаатан истэҕинэ: «Куһаҕаны оҥорума»,- диэн ыһыллыбыт оонньууру хомуттараллар, иһити-хомуоһу алдьаттарбаттар, бэрээдэги тутуһуннараллар, куһаҕан быһыы диэн тугун билэргэ үөрэтэллэр.

Оҕо өйө-санаата сайдан иһэринэн хайаан да тугу эмэ оҥорор. Куһаҕаны оҥоруу хаһан баҕарар чэпчэки. Оҕо аан маҥнай хайа чэпчэкитин, түргэнник кыайарын оҥоро сатыыр. Онтон туох чэпчэки барыта алдьатыы, куһаҕаны оҥоруу буолар. Ол иһин «Куһаҕаны оҥорума», «Айыыны оҥорума»,- диэн хааччах оҥоруллар. Оҕо өйүн-санаатын көҥүлүнэн ыытыллыа суохтаах. «Көҥүлүнэн барбыт оҕо»,- диэн киһи буолууга үөрэммэтэх, аһара бара сылдьар майгылаах оҕону этэллэр.

Оҕо улаатан тугу эмэ оҥорор буолан истэҕинэ үчүгэй быһыыны маннык оҥор диэн көрдөрөллөр, үтүгүннэрэллэр. Yчүгэйи оҥоруу үлэлээх. Yлэлээтэххэ үчүгэйи оҥоро үөрэнэр. Yчүгэйдик оҥордоҕуна хайгыыллар: «Yчүгэй оҕо»,- дииллэр, манньа да биэриэхтэрин сөп. Оччоҕуна эрэ оҕо туох эмэ үчүгэйи оҥорор. Yчүгэйи оҥорорго дьэ үөрүйэх буолар. Yгэс үөскүүр.

Куһаҕан быһыылары дьон бары билэллэр. Ыалтан ыалга тарҕанан иһэр бастакы солуннар, куһаҕан солуннар буолаллар. «Куһаҕан солун сымыйа буолбат»,- диэн этии куһаҕан ордук тарҕанымтыатын уонна уларыйа охсубатын бэлиэтиир.

Оҕо ураты истигэн буолар. Улахан дьон кэпсэтиилэрин бэйэтэ ситэн өйдөөбөтөр даҕаны истэ сылдьар. Дьон туох куһаҕан быһыылары оҥороллорун оҕо өйө тиийэринэн билэн иһэрэ наада. Оҕо билэр буоллаҕына эрэ куһаҕан быһыылары оҥорбот.

Сахалар оҕолорун: «Куһаҕан быһыылары оҥорбот буолуҥ»,- диэн үөрэтэллэр. Киһи оҥорор быһыыларыгар сөп түбэспэт быһыылар – саҥаны айыылар, куһаҕан быһыылар буолаллар.

Оҕону үөрэтии биир сүрүн көрдөбүлүнэн «Айыыны оҥорума» диэн буолар. Ол аата дьон билбэттэрин, оҥорботторун оҥорума диэн өйдөнөр.

Саха дьоно былыр-былыргыттан киһи санаатыгар олус улахан оруолу уураллар этэ. «Куһаҕаны саныы сылдьыма, аны туолан хаалыа», «Куһаҕан санааны санаама, бэйэҕэр куһаҕан буолуо»,- диэн кырдьаҕастар сөбүлүүр, үчүгэйи саныыр, эрэнэр, олохторун салгыыр баар суох киһилэригэр сэрэтэн, үөрэтэн этэр тыллара таах хаалар тыллар буол¬батахтар. Бу тыллар былыргы сахалар киһи өйүн-санаатын ордук ди¬риҥник билэллэрин быһаараллар.

Киһи оҥорор быһыыларын үчүгэй уонна куһаҕан диэҥҥэ араартааһын олус былыргы кэмнэргэ буолбут буолуон сөп. Остуоруйаҕа кэпсэнэр Yчүгэй Yөдүйээн уонна Куһаҕан Хочугур саҕанааҕы кэмнэртэн ыла саҕаламмытыгар сөп. Yчүгэй уонна куһаҕан диэн араартааһын киһи майгынын уратыларын быһаарар.

Киһи оҥорор ханнык баҕарар быһыылара, үчүгэй да, куһаҕан да буоллахтарына биир мэйииттэн быһаарыллан тахсан оҥоруллаллар. Ол иһин биирдик: «Айыы»,- диэн ааттаналлар.

Өй-санаа үчүгэй уонна куһаҕан диэннэргэ арахсыыта аан маҥнай үрүҥ уонна хара диэн тылларынан бэриллэр. Киһи өйө-санаата сайдыытыгар үрүҥ дьүһүн үчүгэй диэн өйдөбүллээх.

Атеизм үөрэҕэ баһылаан салайбыт кэмнэригэр киһи санаатыгар хан¬нык да суолта бэриллибэт буолбута. Таҥара, айыылар киһи олоҕор ылар оруолларын аҥардастыы албыннааһын эрэ курдук көрүү олохсуй¬бута. Уларыта тутуу кэнниттэн өй-санаа үөрэхтэрэ салгыы сайдар кыахтара улаатта.

Куһаҕан санаа хайдах кубулуйан, уларыйан киһиэхэ бэйэтигэр тиийэн куһаҕаны оҥорорун сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ быһаарар кыахтанна. Бу этии эмиэ киһи бэйэтин санаата хос-хос элбэхтик хаты¬ланнаҕына, үгүстүк саныы сырыттахха үгэс буолан киһи ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар умнуллубат гына ууруллан хааларыгар олоҕурар.

«Үгэс» диэн үгүс диэн тылтан үөскээбит. Тугу барытын үгүстүк, хос-хос хатылаатахха үгэс буолан киһи ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар умнуллубат гына ууруллан иһэр. Киһи өйүн-санаатын бу курдук, кут-тарынан тус-туспа арааран быһаарыы сахалар кут-сүр үөрэхтэринэн быһаарыллан кыаллар буолла.

Атын киһиэхэ куһаҕан буоллун диэн санааһын олус элбэхтэ хатыла¬нан үгэскэ кубулуйдаҕына, киһи хаһан эмэ сыыһа туттаран ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар киирэн хаалбыт кэмигэр толоруллан хаалар кутталлаах. Ол иһин куһаҕаны куруук санааҕа тутан, хос-хос хатылыы сылдьыы, куһаҕаны санааһын бэйэҕэ куһаҕаны оҥорууга тириэрдэр.

Киһи саныыр санаата хайдах көрүҥнээхтик туолара билигин кыайан быһаарылла илик. Сорох учуонайдар киһи санаата туох эрэ күүстээх буолан бэйэтэ араас хамнааһыны таһаарыан сөп дииллэр. Арай киһи санаата ханнык эрэ эниэргийэ буолара быһаарыллан эрэр. Ол курдук күүстээх санаалаах экстрасенс киһи хайа эмэ ыраах сиртэн олорон санаатын түмэн уулаах баанка дьүһүнүн уларытар кыахтаах. Саха ойууннара киһи санаата туспа кут буолан сылдьарын быһаар¬быттара букатын быданнаабыт. Бу кут бэйэтэ туспа сылдьар буолуута ханнык эрэ туспа эниэргийэлээх буоларын быһаарар. Кут ыһыллан хаалбакка олус өр бириэмэҕэ бэйэтинэн сылдьыан сөп. Ол аата, киһи санаата бэйэтэ күүстээх. Yгэс буолбут санаа күүһүрэр.

Биһиги куһаҕан санааны быһаарыыбыт санаа бэйэтин күүһүн быһаа¬рыыга олоҕурбат. Арай киһи санаата, олус элбэхтэ хос-хос хатыланнаҕына, дьиппинийэр, чиҥиир. Кэлин үгэс буолан ийэ кут өйүгэр-санаатыгар уларыйан олохсуйар кыахтааҕар олоҕурар. Киһи үгэс буолбут санаатын бэйэтэ хаһан эрэ ийэ кутун салайар кэмигэр киирэн хаал¬лаҕына, толорон кэбиһэр кыахтанарын сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ быһаарар.

Уу киһи өйүн-санаатын ыраастыыр аналлаах. Ытааһын, харах уута тахсыыта, ыраастаныы бэлиэтэ. Куһаҕан санаа, мунньуллубут санаа харах уутун кытта тахсан өй-санаа ыраастанар, дьэгдьйэр. Ол иһин түүлгэ олус улаханнык ытааһын үөрүү, санаа туолуута кэлэн иһэрин бэлиэтиир.

Куһаҕан санаалартан ыраастанарга тымныы ууну туһаныы, эти-сиини эмискэ тымнытан ылыы туһалаах. Эмискэ тоҥууттан киһи этэ-сиинэ ыгыллыытыттан өйө-санаата кураанахтанан, дьэгдьис гына түһэр. Бу кэмҥэ куһаҕан санаалары ылан быраҕыы, ыраастаныы киһиэхэ ордук табыллар. Эмискэ тымныы ууну куттан эбэтэр тымныыга тахсан өйү-санааны ыраастаан баран салгыы куһаҕан санаалары санаабат буолуу өйү-санааны ыраастыыр, чэбдигирдэр, үтүө, үчүгэй санаалар киириилэригэр миэстэни бэлэмниир. Ити курдук куһаҕан санаалары санаабат буолуу, өйтөн-санааттан ылан быраҕыы, умнуу өй-санаа ыраастаныытыгар тириэрдэр. Сахалыы «Дьэгдьийии»,- диэн өйдөбүл ити быһаарыыга олоҕурар уонна өй-санаа ыраастаныытыгар туһалыыр.

Өлбүт киһи оҥорбут куһаҕан быһыыларын ахтар, саныыр көҥүллэм¬мэт, бобуллар. Бу аата, кэлэн иһэр көлүөнэ дьон куһаҕан быһыылары ахта, саныы сылдьалларын суох оҥорон, кинилэр өйдөрө-санаалара ыраас, үчүгэй быһыылары оҥоруу диэки хайысхалаах буолалларын төрүттүүр.

Атеизм баһылаан, салайан олорбут кэмнэригэр киһи санаатыгар ханнык да суолта бэриллибэт буолара. Материализм өйө-санаата баһы¬лаан иһэрэ. Ол кэмҥэ оҕолору иитиигэ-үөрэтиигэ куһаҕан санаалары санаабат буолуу, куһаҕан санаалартан ыраастаныы хайа да көрүҥэ оҥоруллубат буолара. Киһи олоҕор быһаччы сыһыаннаах өйүн-санаатын сайыннарыыга суолта биэрбэт буолуу эдэр көлүөнэлэр иитиилэрэ мөл¬төөһүнүн үөскэттэ.

КУҺАҔАН САНАА ҮӨСКЭЭҺИНЭ

Саха дьоно киһи өйүн-санаатын үөрэтиинэн олус өр кэмҥэ утум-наахтык дьарыктаммыттар. Кэлин кэмҥэ сахалар үөрэхтэрин быраҕан арҕааҥҥы омуктар үөрэхтэрин киллэрии эдэрдэрбит өйдөрүн-санааларын буккуйан букатын туруга суох оҥорон эрэрин, араас буруйу оҥоруулар элбээбиттэрин дьон бары билэллэр.

Тыл киһи өйүгэр-санаатыгар оҥорор күүһүн билэннэр саха¬лар оҕолорун «Куһаҕаннык тыллаһыма» диэн үөрэтэллэр. Элбэхтик куһаҕан тыллары тылластахха, бу тыл өйдөбүлэ киһи бэйэтин өйүгэр-санаатыгар, ийэ кутугар иҥэн, умнуллубат гына өйдөнөн хаа-лар. Киһи өйүн-санаатын бу уратытын билэннэр саха дьоно оҕо куһаҕаннык тыллаһарын тохтото, бобо сатыыллар.

«Куһаҕаны санаама», «Куһаҕан санааны иитиэхтээмэ», «Өр кыыһыра сылдьыма» диэн сахалар оҕолорун үөрэтэллэр. Бэйэ өйө-санаата ыраас буоларын наадатыгар «Өр кыыһыра сылдьыма»,- диэн куһаҕан са¬нааттан түргэнник ыраастанан иһии туһалааҕын бэлиэтээн этэллэр.

Уһун кэмҥэ хос-хос хатылаан куһаҕаны саныы сылдьар киһи өйүгэр¬-санаатыгар, ийэ кутугар ол саныы сылдьар куһаҕан быһыылара иҥэн хаалаллар. Киһи ийэ кутугар дириҥник иҥэн хаалбыт санаалар хаһан да умнуллубаттар. Эдэр дьоҥҥо өлөрөр-өһөрөр, куһаҕан, хара санаа¬лар иҥэн хаалыыларыттан, бу дьон итирэн «Өйдөрө көтөн» хаалбыт кэ¬мигэр араас ыар буруйдары оҥорон кэбиһэллэрин сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ быһаарар. Ол аата, киһи итирэн, ийэ кутун салайыытыгар киирбит кэмигэр, куһаҕан са¬нааларын дьэ өйдөөн кэлэн, ол санааларын толорон кэбиһэр кыахтанар.

Билэр киһибит «Киэһэ аһылыкка кэлиэм, кэтэһээриҥ»,- диэн эрэн-нэрэн баран даачатыгар тиийэн табаарыстара массыына оҥоро сылдьал¬ларыгар кыттыһан, арыгылаан итирэн хаалбыт. Ол да буоллар киэһэ аһылык чугаһаабытыгар, били кэлиэм диэбитин өйдөөн, массыынатыгар олорон дьиэтигэр бараары гыммыт. Ону доҕотторо итирэн баран онно-¬манна түбэһиэҕэ диэн ыытымаары тута сатаабыттар. Онтон сылтанан айдаан, кыыһырсыы буолбут, өссө охсуһуу да буола сыспыт. Хата ары¬гы испэтэх табаарыстара кэлэн массыынатынан дьиэтигэр илдьэннэр айдааны биирдэ тохтоппуттар.

Итирбит киһи өйүгэр ханнык санаалар киирэллэрин быһаарарга бу быһыы туохха олоҕурарын билии улахан оруолу ылар. Киһи итириэн иннинэ оҥостубут былааннарын итирэн да баран толоро сатыы сылдьара ити быһылаантан көстөр. Бу курдук быһыылар хатыланан иһэллэрэ арыгы иһэр дьоҥҥо барыларыгар биллэр суол.

Биирдэ үлэтигэр арыгылаан баран улахан итирик да буоллар дет-садка тиийэн кыра кыыһын ылаары гыммытын детсад үлэһиттэрэ итирик¬кин диэн оҕотун биэрбэтэхтэр. Чахчы буруйданан кэргэнэ көрдүү кэ¬лиэр диэри кэтэһэ сылдьыбыт.

Үгүс арыгыһыттар төһө да итирдэллэр, охтон хаала иликтэринэ дьиэлэригэр тиийэллэрин туһунан олохсуйбут өйдөбүл баар. Дьиэтин-уотун үчүгэйдик саныыр, дьиэлээхтэрин ытыктыырын быраҕа илик киһи дьиэтигэр тардыстар. Итирбитин, өйө көппүтүн кэннэ ити санаата күүһүрэн кэлэр буолан дьиэтигэр син-биир тиийэ сатыыр.

Кырдьаҕастар итирэн да хааллахтарына ханнык да киһи быһыытыгар сөп түбэспэт быһыылары оҥорботтор этэ. Кинилэр өйдөрүгэр-санааларыгар, ийэ куттарыгар куһаҕан санаалары иитиэхтээн иҥэриммэтэх буоланнар, итирдэхтэринэ даҕаны бэрээдэктэрин ыһыктыбакка сылдьаллар, хата өйдөрө-санаалара чэпчээбитин бэлиэтинэн ырыа-тойук аргыстаах буолаллар этэ.

Биһиги кэтээн көрүүбүт түмүгүнэн үгүстүк бобууга-хаайыыга сылдьыбыт эдэр киһи итирдэҕинэ майгына куһаҕан, аһара бара сылдьар буолар. Кини баҕа санааларын аһара бобоннор, иһигэр бу бо¬бууну утарса саныыр, үгүстүк бобуулары суох оҥорор иһин туруулаһар өйү-санааны мунньунар. Ол мунньуммут өйө-санаата ийэ кутугар олохсуйан, иҥэр. Бу киһи итирдэҕинэ бары киһилии быһыыны аһара бара сылдьар гына туттунар киһи буолан, төрөппүттэрин кытта кыайан тапсыбата үксүүр.

Куһаҕан санаа үөскээн киһи өйүгэр-санаатыгар олохсуйан хаалыыта хайа да киһиэхэ үчүгэйи аҕалбат. Киһи уһун үйэтин тухары куруук салгын кутунан салаллан, үөрэх-билии этиитинэн сылдьара кыаллыбат кэмнэрэ элбэх эбиттэр. Бу кэмнэр киһи «Өйө баайыллан», «Өйө көтөн» ылар кэмнэрэ диэн сахалыы ааттаналлар. Киһи олоҕор үгүс уустуктары көрсөрүнэн ити кэмнэр хаһан баҕарар кэлиэхтэрин сөп. Ити кэмнэр тиийэн кэллэхтэринэ киһи ийэ кутун салайыытыгар киирэн хаалар. Ол иһин олохсуйан хаалбыт куһаҕан санааларын толорон кэбиһиэн сөп буолар.

Өй-санаа үөрэхтэрэ элбэхтэр. Бары таҥара үөрэхтэрэ киһи үчүгэйи оҥороро элбэх, онтон куһаҕаны оҥорботугар ыҥыраллар. «Вор в законе» диэн нууччаларга баар өйдөбүл уоруйахтар майгыларын хайгыыр, бэрээдэктэрин үчүгэйин кэпсиир. Олох ыарахан кэмигэр бу өйдөбүл эдэрдэр үтүктэн боруобалаан көрөллөрүгэр, уоруйахтар аҕыйаабаттарыгар олук буолар.

Атын киһи туох эмэ ситиһиитигэр, табыллыытыгар ымсыырыы, ордугурҕааһын, ордук санааһын диэн ааттанар. Бу санаа аһара барбатаҕына кыайыылаах дьону батыһарга, үтүктэргэ үөрэтэр буолан сайдыыны ситиһэргэ туһалыыр. Онтон аһара баран барыны-бары ордугурҕааһыҥҥа тиийэн хааллаҕына өйү-санааны хааччахтаан, намтатан, ситиһиини оҥорор кыаҕы аҕыйатан иһэр.

Кэлин, перестройка кэмин кэнниттэн эмискэ байбыт дьон элбээһиннэрэ уонна үксүлэрэ салайар былааһы кытта сибээстээхтэрэ салаллар, батыһар дьон ордугургуур санааларын үөскэтэн, эдэрдэр эмискэ байыы, баайы-малы эрэйэ суох, үлэлээбэккэ-хамсаабакка эрэ булуу диэки салаллыыларын таһаарда. Бу быстах санаалар эдэрдэри уоруу, алдьатыы, халааһын диэки салайаллар, быстах суолга киирэн биэрэн олохторугар уустуктары көрсөллөрүгэр тириэрдэллэр.

Саха дьоно куһаҕан санаалары санаамаҥ, куһаҕаннык тыллаһымаҥ диэн оҕолорун үөрэтэ сатыыллар. Киһи куһаҕан санаалары иитиэхтээн илдьэ сылдьыбакка, ыраастанан, атын, үчүгэй санаалары саныыр буол¬лаҕына эрэ туруктаах олохтоох буолара быһаарыллар. Аймах-хаан дьон салгыы сайдан иһэллэрин наадатыгар эдэр көлүөнэлэрин туруктаах өйдөөх-санаалаах, олох бары ыарахаттарын тулуйар, үлэни-хамнаһы кыайар, эттэрэ-сиинэрэ эр¬чиллиилээх буолалларын ситиһэллэрэ ити иһин наадалаах.

ИЭСТЭҺЭР САНАА

«Иэс төлөнүөхтээх» диэни саха киһитэ барыта билэр. Иэскэ киирэн баран төлөөбөт буолуу куһаҕан майгыга киирсэр, утарар иэстэһэр санааны хардары үөскэтэр. Иэстэһэр санаа аһара бардаҕына өһүөҥҥэ кубулуйар. Куһаҕан санаалар аһара барбаттарын хааччыйыы киһи буолуу сүрүн сыала буолар.

Сахалар хайаан да иэстэһэр санаалаах киһини «Өһүөннээх» диэн ааттыыллар. Иэстэһэр санаа аһара барыытын суох оҥорор сыалтан «Өһүөннээмэ» диэн оҕолорун үөрэтэллэр.

Киһи санаата киһини ыҥыран, инники олоҕор сирдээн иһэрин саха¬лар «Санаатын сорук оҥостон» диэн бэлиэтээн этэллэр. Ханнык баҕарар дьыаланы киһи оҥоруоҕун баҕардаҕына аан маҥнай санаатыгар оҥорон көрөр, бары өттүттэн ыараҥнатан, дириҥник толкуйдаммыт дьыаланы олоххо киллэрии быдан судургу буолар.

Атаҕастаммыт, баттаммыт киһи куһаҕан, иэстэһэр санаалары да са¬наталыыра баа буолан бобуллар кыаҕа суох. Ол эрээри киһи бэйэтин өйүгэр-санаатыгар куһаҕан, иэстэһэр, өлөрөр-алдьатар санаалары ку¬руук саныы сырыттаҕына, бу санаалара элбэхтэ хос-хос хатыланар буоланнар ийэ кутугар иҥэн ууруллан хаалалларынан хаһан баҕарар бэйэтигэр куһаҕаны оҥоруохтарын сөп. Киһи ийэ кутугар иҥмит өйдөбүллэрин өйө көппүт эбэтэр өйө баайыллан ыллаҕына хаһан баҕарар өйдөөн кэлэн толорон кэбиһиэн сөп.

Куһаҕан, өлөрөр-алдьатар санаалар киһи ийэ кутугар иҥэн хаалыы¬ларыттан бары алдьархайдар саҕаланаллар. Ол курдук ыар, араас си¬тиһэр, өлөрөр-өһөрөр санаалар иҥмит киһилэрэ итирэн «Өйө көтөн» эбэтэр «Өйө баайыллан» хааллаҕына ийэ кутун салайыытыгар киирэрэ улахан уустуктары оҥорор. Ол иһин арыгы иһэн итирбит дьон олус куһаҕан быһыылары оҥорон кэбиһэллэрэ элбэх.

Киһи санаатын күүһүнэн бэйэтин ийэ кутугар аналлаах программа¬ны, былааны оҥорон уурунан кэбиһэр. Итирбит кэмигэр киһи салгын кута көтөн, өйүн-санаатын туормастара босхо бараллар. Урукку бэ¬рээдэк, сиэр-туом диэн билиилэрэ, үөрэхтэрэ соҕотохто умнуллан хаалаллар. Бу кэмҥэ киһи ийэ кутугар ууруммут араас былааннарын табылыннар эрэ хаһан баҕарар толорор кыахтанар. Киһи өйүгэр-санаатыгар итинник былааны илэ оҥостуутун уонна итирбит кэмигэр олоххо киллэриитин холобурун маннык түбэлтэттэн билиэххэ сөп. Итирэн вытрезвительгэ түбэһэн баран тахсарыгар сурунаалга суруйалларыгар биир да до¬кумуона суох эбит. Аатын-суолун ыйыппыттарыгар фамилиятын эҥин этэн баран: «Улуустан киирэ сылдьабын», диэн эбэн биэрбит. Хата ыстараабын төлүүргэ харчылаах уонна итирэн баран уулуссаҕа хаама эрэ сылдьыбыт буолан, улаханнык ыйыталаһан эрэйдээбэккэлэр эрэ ыытан кэбиспиттэр.

Ити быһыытын ырытан толкуйдаан баран, аны түбэһэр түбэлтэҕэ букатын атын фамилияны этэн биэриэххэ сөп эбит диэн быһаарыммыт. Холобур, «Сивцев»- диэтэххэ ордук табыллыан сөп эбит. Хайа да улууска тарҕаммыт фамилия буоллаҕа дии. Эстэн-быстан дьиэлээн иһэн айанын кэмигэр ити быһаарыыны ылынан кэбиспит.

Төһө эмэ өр кэм буолан баран вытрезвительгэ эмиэ түбэспит. Та-баарыһынаан ыаллары кэрийэн аһаан баран дьиэлээн истэҕинэ туппуттар. Ороҥҥо сытан эрэ өйдөнөн кэлбит. Утаппыта олус буолан уу иһээри тура сылдьыбыт. Кини турбутун харабыллар көрөннөр: «Сивцев»,- диэн ыҥырбыттар. Киһибит миигин ыҥырбаттар дии санаан баран төттөрү сытынан кэбиспит. Хата урут тугу быһаарыммытын таһы-быһа умнубут. Ырааппыта да бэрт буоллаҕа дии. Икки сылтан лаппа ордубут буолуон сөп.

Өссө уу иһээри турбутугар ыҥыран ылан аатын-суолун ыйыппыттар. Хайдах баарынан кэпсээн биэрбит. Арай эмиэ тыаттан сылдьабын диэбит.

- Хайа доҕоор, онтон бэҕэһээ фамилияҕын бу «Сивцев» диэн суруттарбытын сылдьар дии,- диэн ыйыппыттарыгар соһуйан мух-мах барбыт эрээри:

- Итирик буоламмын алҕас эттэҕим дии,- диэн аһарына сатаабыт.

- Докумуонун суох дии. Барсаммыт докумуоҥҥун көрдөхпүтүнэ табыллар буолла,- диэбиттэр.

Таҥна сылдьан бинсээгэ суоҕуттан бэйэтэ да муодарҕаан:

- Докумуонум бинсээкпэр баар этэ, билигин суох дии,- диэн быһаарсан көрбүт да ылымматахтар.

Арай диэтигэр тиийбиттэрэ эдьиийэ баар эбит. Сүтэн хаалбыт киһилэрэ аны милиция арыалдьыттаах тиийэн кэлбитигэр улаханнык соһуйбуттар. Докумуоннаах бинсээк манна да көстүбэтэх.

- Оччоҕо ханна хаалбыта буолаарай?- диэн милиционер ыйыталаһан көрбүт. Онуоха киһитэ:

- Киэһэ ханна-ханна сылдьыбыппын өйдөөбөппүн ээ, бинсээгим букатын да сүппүт быһыылаах,- диэн чахчы буккуллубутугар атаарааччыта хаалларан баран барарыгар эрэ тиийбит.

Киһи бэйэтин санаатынан ийэ кутугар аналлаах программа оҥосту¬нан уурунан кэбиһэрин холобура итинник буолар. Куруук иэс-тэһэр, кырбыыр, охсуһар санаалаах киһи итирэн өйө көтөн хаалбыт кэмигэр, эрдэттэн мунньуммут, ууруммут санааларын толорор. Иэстэһэр, өлөрсөр санаалар киһиэхэ мунньустан хаалбыттара хаһан баҕарар, түгэн түбэстэр эрэ тахсан хаалыахтарын сөп. Оннук түгэннэр киһи олоҕор олус элбэхтик буоллалларын холобурдары аҕалан дакаастаан көрүөхпүт.

Ыга кыыһырбыт киһи өйө баайыллан хааллаҕына сорох хамнаныылары оҥорбутун өйдөөбөккө хаалар. Хаһыытыы түһэн баран чааскыны элитэн кэбиһэр дьону элбэхтик кэпсииллэр. Сорох улахан да тойоттор остуо¬лу охсон дьону соһуталлара биллэллэр. Ити кыра хамсаныылар үчүгэй санаалаах дьон кыыһырдахтарына туттар сымнаҕас быһыыларыгар киирсэллэр уонна сотору умнуллан хаалаллар. Куһаҕан, өлөрөр-алдьатар, иэстэһэр санаалары элбэхтик өйүгэр оҥорон көрөн саныы сылдьар киһи өйө баайыллан ылбытын кэнниттэн киһи өлүгүн тутан олорор буолан хаалара элбэхтик кэпсэнэр буолла. Үгүстэр куһаҕан быһыыны хайдах оҥорбуттарын бэйэлэрэ өйдөөбөккө хаалаллара кэнники кэмҥэ элбээтэ.

Саха дьоно куһаҕан, иэстэһэр, өлөрөр-алдьатар санаалары санаабат буолуҥ диэн оҕолорун үөрэтэ сатыыллар. Аналлаах бэлэмнэниини баран киһи бэйэтин куһаҕан санааларыттан ыраастанар буоллаҕына эрэ үчүгэй санаалар киирэннэр үчүгэйи оҥорор кыахтанар. Кэлин кэмҥэ арҕааҥҥы үөрэх баһыйан оҕолору кыра эрдэхтэриттэн итинник үөрэппэт буолан хаалыы тэнийдэ. Эдэр көрүөнэ дьоммут туруктаах өйдөрө-санаалара суох буолуулара аҕыйах ахсааннаах саха дьонугар ыар охсуулары оҥороллор. Кыайа-хото үлэлиэх-хамсыах, сайдыыны аҕалыахтаах дьоммутун ситэ үөрэппэккэ хаалар кутталлаахпыт. Kыра эрдэхтэринэ ийэ куттарын туруктаах өйгө-санааҕа үөрэппэппит быстах дьыалаларга киирэн биэрэллэрин үксэтэр.

ӨЙҮ - САНААНЫ ЫРААСТААҺЫН

Төрөппүттэр уонна учууталлар социализм кэмигэр биир тылы булунаннар оҕолору, коммунизм дьонун иитиигэ тула өттүттэн тула хаач¬чахтаан оҕо өйүгэр-санаатыгар куһаҕан санаалар, быһыылар киирбэт¬тэрин ситиһэ сатаабыттара. Атын дойдулары кытта кыраныыссаны «тимир эрэһиэҥкэнэн» бүрүйэн ол дьон сабыдыалларын суох оҥорбуттара. Оччотооҕу кэмҥэ информация аҕыйах кэми¬гэр бобон, хаайан куһаҕан быһыылар баалларын соччо билбэт оҕолору иитэн улаатыннарар кыах баар эбит буоллаҕына, ол билигин кыайан си¬тиһиллибэт буолан турар. Дьон оҥорор бары үчүгэй да, куһаҕан да быһыыларын улаатан эрэр оҕоттон кыайан кистиир кыаллыбат буолла. Ханнык да хааччахтар, кыраныыссалар кыайан хаайбаттар, туппаттар. Радио, телевизор, видик уонна интернет биһиги олохпут тутулуктара буолан бары билиини-көрүүнү итилэртэн ылынар буоллубут. Ол иһин оҕо бэйэтин өйүн-санаатын күүһүнэн куһаҕан быһыылары арааран билэр буолан, оҥорбот буоларын ситиһии билигин төрөппүттэртэн ирдэнэр сүрүн көрдөбүл буолла.

Киһиэхэ куһаҕан санааларыттан ыраастанар күүстээх буолуохтаах. Ол иһин кыра эрдэҕиттэн тулуурдаах, дьулуурдаах буоларга, ханнык куһаҕан быһыылары дьон оҥороллорун билэргэ үөрэнэрэ хайаан да наада. Бу куһаҕан быһыы диэн билэр эрэ киһи ол быһыыттан ыраастанан, оҥорбот буолар кыахтанарын билэр кэм кэллэ.

Оҕоҕо ханнык баҕарар бобуу, ол бобууну кыайар, хайдах эрэ тумнар санааны үөскэтэр. Кини ситиһэ сатыыр баҕа санаата ол бобууну кыайыыга түмүллэр. Өй-санаа, таҥара үөрэхтэрэ оҕоҕо сөптөөх, олоххо кыайыыны ситиһэр баҕа санаалары үөскэтэр буоллахтарына дьон итэҕэйэллэр, батыһаллар.

Куһаҕан санааттан ыраастаныы диэн ол санаалары аны санаабат буолуу, умнуу ааттанар. Сахаларга баар «Айыы этэн ыраастаныы» диэн өйдөбүл атын киһиэхэ куһаҕаны саныы сылдьартан ыраастаныы, умнуу аата. «Куһаҕан тылы тыллаһыма» диэн этии эмиэ куһаҕаны санаама диэн өйдөбүллэнэр. Оҕо кыра эрдэҕинэ этэр тылын суолтатын билбэккэ эрэ мээнэ саҥара сылдьара баар буолар. Ол иһин бу тыл суолтата оҕо ийэ кутугар иҥмэтин наадатыгар кыра оҕону куһаҕан тылы тыллаһыма диэн үөрэтэллэр. Онтон оҕо улаатан тыл суолтатын билэр буоллаҕына саҥарыан иннинэ аан маҥнай санаан, өйүгэр оҥорон, толкуйдаан көрөр, ол кэнниттэн биирдэ саҥарар. Куһаҕан санаалара суох киһи куһаҕан быһыылары оҥорбот. Киһи тугу оҥороору гыммытын аан маҥнай санаатыгар оҥорон көрөр, бэлэмниир, онтон эрэ оҥорор кыахтаах. Урут, хаһан эрэ элбэхтик саныы сылдьыбыт санаата ийэ кутун өйүгэр¬-санаатыгар түһэн ууруллан хаалбытын кэлин умнан кэбиһэн баран, итирбит эбэтэр кылгас кэмҥэ өйө-баайыллыбыт кэмигэр оҥорон кэбис¬пититтэн бэйэтэ да соһуйан хаалар түбэлтэлэрэ элбэхтэр.

Куһаҕан быһыылары умнубат, куруук саныы сылдьар буолуу киһиэхэ бэйэтигэр тоҕо куһаҕан буоларын быһааран билии аныгы үөрэх-билии сайдыбыт кэмигэр улахан уустуга суохтук ситиһиллэр кыахтаах. Арай былыргы сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ оруннаах, киһи өйүн-санаатын олус табатык быһаарар диэн итэҕэйиэххэ эрэ наада. Бу үөрэххэ киһини итэҕэтэр дакаастабыллар элбэхтэр. Ол курдук киһи куһаҕан быһыыны хос-хос саныы, өйүгэр оҥорон көрө сылдьар буоллаҕына, бу быһыы кини ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар үгэс буолан ууруллан хаалар. Онтон кэлин, хаһан эмэ бу киһи ийэ кутун салайар кэмигэр киирэн хаалбыт кэмигэр бу куһаҕан быһыытын өйдөөн кэлэн толорон кэ¬биһиэн сөп. Куһаҕаны уһун кэмҥэ саныы сылдьар буолуу бэйэҕэ тиийэн куһаҕаны оҥорор буолуутун сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ итинник дакаастыыр.

«Кто старое помянет - тому глаз вон» диэн нууччалыы өс хоһооно аһара барыылаах буолан ситэ өйдөммөт курдук эрээри этэҥҥэ ааспыт быһыылары умнан иһэр ордук буоларын өйдөтөр. Итиннэ холоотоххо сахалыы «Былыргыны былыт саптын»,- диэн этии быдан көнөтүк уонна ордук киһиэхэ тиийимтиэтик, сымнаҕастык өйдөнөр. Киһи уһун олоҕун тухары араас элбэх куһаҕан да, үчүгэй да быһыылары көрсүһэр. Бу быһыылартан барыларыттан үчүгэй өттүн бэйэтигэр иҥэринэн, онтон куһаҕанын барыларын ылҕаан ылан өйүттэн-санаатыттан быраҕар, умнар кыахтаах буоллаҕына, киһилии олоҕу олорор кыахтанар.

Куһаҕан тыллары тыллаһа эбэтэр куһаҕан быһыылары оҥорор киһини дьон сөбүлээбэттэр, сэрэнэллэр, сыыйа-баайа туораталлар. Онтон куһаҕан санаалардаах киһини атын дьон билэн быһаарар кыахтара аҕыйах. «Киһи эриэнэ иһигэр, ынах эриэнэ таһыгэр»,- диэн сахалар былыргыттан этэллэр. Куһаҕан санааларыттан киһи бэйэтэ эрэ, өйүн-санаатын күүһүнэн ыраастанара туһалаах. Ол иһин хас киһи барыта ханнык быһыы куһаҕан буоларын, онтон хайалара үчүгэйин кыра эрдэх¬тэриттэн арааран билэр буолаллара наада. Киһи уһун олоҕун устата өйүн-санаатын сайдан иһиитэ итинник быһаарыыны хайаан даҕаны ир¬диир. Бу быһаарыы быһаччы төрөппүттэргэ аналлааҕын кэлин кэмҥэ, советскай былаас кэминэр умнан кэбиспиппит, эдэр көлүөнэлэрбит үчүгэйи, куһаҕаны арааран билбэт дьон буола улааттылар. Кинилэр олохторугар сыыһа-халты туттунуулара барылара төрөппүттэрэ үчүгэйи, куһаҕаны арааран билэргэ кыра эрдэхтэринэ үөрэппэтэхтэриттэн буолар.

Күүстээх, үчүгэй санаалаах киһи үгүс дьоҥҥо үтүө санааны эбэн биэриигэ алгыс көмөтүнэн дьайар. Сахалар алгыс этиилэрин суолтата итиннэ саһан сылдьар. Итини тэҥэ күүстээх санааларын көмөтүнэн куһаҕан санаалартан ыраастанарга быһаччы көмөлөһүөхтэрин эмиэ сөп. Киһи олоҕун киһилии олорорун туһугар куһаҕан санааларыт¬тан ыраастанан, умнан, суох оҥорон иһэрэ наада. Куһаҕан санаа киһиэхэ олохсуйан, үгэс буолан иҥэн хаалбатын ситиһии хас биирдии киһиттэн ирдэнэр сүрүн көрдөбүл буолар.

Онон, өйү-санааны ыраастааһын диэн киһиэхэ кииритэлээн ылар куһаҕан санаалары хос-хос хатылаан санаабат буолуу, умнан кэбиһии, өйгө-санааҕа туппакка суох оҥоруу ааттанар. Куһаҕан санаалары санаабат буоллаххытына, куһаҕан быһыылары оҥорбот буолуоххут диэн этэбит. Күҥҥэ иккитэ, сарсыарда уонна киэһэ чуумпуран олоро түһэн, өйү-санааны дьаарыстаан, куһаҕан санаалары быраҕан, санаабат буолан, умнан иһиэххэ. Куһаҕан санаалартан ыраастаныыны тымныы уунан кутта сылдьан таарыччы оҥордоххо эбэтэр тымныыга тоҥон ыллахха ордук тиийимтиэ. Соһуччу тымныы уунан кутуннахха эт-сиин тоҥон, ыгыллан ылыытыттан киһи өйө-санаата дьэгдьийэн ырааһырара, кураанахтанара ордук табыллар. Ол кэнниттэн үчүгэй санаалары санаталаан, бэйэҕэ сөптөөх баҕа санааны ылынан үлэни-хамнаһы салгыы сайыннарар кыах улаатар. Бу кэмҥэ атын дьоҥҥо үчүгэйи баҕара санааһын киһи өйүгэр-санаатыгар үтүө санаата элбииригэр тириэрдэр. Элбэх үтүө, үчүгэй санаалардаах киһи - үчүгэй быһыылары оҥорор кыахтанар.

Куһаҕан санаалартан ыраастанан, өйгүтүн-санааҕытын үтүө, үчүгэй санааларынан толороргутугар баҕарабыт!

Куһаҕан санаалартан ыраастаныы «Айыы этиитэ» диэн ааттанар. Буруйу оҥорбут киһи сыыһатын көннөрүнэрин наадатыгар оҥорбут буруйун билинэрэ эрэ туһалыыр. Ол иһин буруйдаах киһи «Айыытын этэрин» саха дьоно ирдииллэр.

Киһи бэйэтэ куһаҕан санаалартан ыраастана, ол санаалары умнан истэҕинэ эрэ киһи киэбин сүтэрбэккэ эрэ сылдьар. Куһаҕан санаалары умнубат буолуу, бэйэҕэ иҥэринэн, хаатыйаланан сылдьыы бу куһаҕан санаалар киһиэхэ үгэс буолан ийэ кутугар ууруллууларын үөскэтэр.

Ийэ кут өйө-санаата киһини хаһан баҕарар салайар. Салгын кут кыайан салайбат буолан ылар кэмнэригэр киһини ийэ кута салайар. Ол иһин куһаҕан санаалардаах киһи бу санааларын өйө-санаата уларыйар кэмигэр толорон кэбиһэр кыахтанар. Сахалар «Олох ыарахан» диэн этиилэрэ өй-санаа ити уратыларынан быһаарыллар. Ол курдук кыра эрдэҕиттэн өйүн-санаатын, ийэ кутун туруктаах өйгө-санааҕа үөрэппэтэх киһилэрэ кыра аайыттан сыыһа туттан, олус ыар быһыылары оҥорон кэбиһиэн сөп.

Киһи буолуу сүрүн өйдөбүлүнэн куһаҕан санаалартан ыраастанан иһии буолар. Куһаҕан санаалары санаабат буолуу – умнуу ханнык баҕарар киһиттэн ирдэнэр. «Былыргыны былыт саптын» диэн сахалар итини этэллэр. Өйү-санааны ыраастааһыҥҥа элбэх ньымалары туһаныахха сөп.

Киэһэ утуйуох иннинэ бары санаалары дьаарыстаан, чуумпуран олоро түһүөххэ, куһаҕан санаалартан ыраастаныахха.

- Ханнык куһаҕан санаалары санаталаабыккын ааҕытаан көрүөххэ.

- Куһаҕан санаалары санаама диэн этиниэххэ.

- Куһаҕан, туһата суох санаалары өйтөн ылан быраҕыы – умнуу.

- Хайа эрэ киһиэхэ куһаҕан санаалардаах буоллахха олору умнан, ол киһиэхэ үчүгэйи баҕарыыны ситиһиэххэ.

- Yчүгэйдик утуйарга, сынньанарга баҕарыахха.

Yчүгэйи баҕарар баҕа санаалар дьайыыларынан киһи өйө-санаата ырааһыран, сынньанар, үчүгэйдик утуйар. Куһаҕан санаалартан ыраастаныыга тымныы ууну эбэтэр тымныыга сылдьыыны киллэриэххэ сөп. Эмискэ тымныы дьайыытыттан, тоҥууттан киһи этэ-сиинэ кумуччу тардан бары санаалара көтөллөр. Өй-санаа итинник ырааһырыытын кэнниттэн бары куһаҕан санаалары умнан, суох оҥорон, үтүө, үчүгэй санаалары хос-хос санаталаан оннуларын буллартаан, саҥалыы дьаарыстаан, дьиппинитэн биэриэххэ.

Yтүө, үчүгэй санаалары элбэхтэ хос-хос санаатахха күүһүрэннэр үгэскэ кубулуйдахтарына киһи үчүгэй быһыылары оҥорор, үчүгэй быһыылаах киһиэхэ кубулуйар. Yчүгэй санаалардаах буолууну дьоҥҥо үчүгэйи баҕарыынан ситиһиллэр.

КИҺИ уонна СYӨҺY

Таас үйэтин саҕанааҕы кэмнэргэ киһи үлэни-хамнаһы сатаабат эрдэҕинэ кыыл курдук бултаан эбэтэр оту-маһы үргээн эрэ аһыыр этэ. Бу кэмҥэ киһи өйө-санаата улахан кыыллар өйдөрүттэн туох да улахан уратыта суоҕа. Ким күүстээх, кыахтаах дьон үөрдэрин баһылаан салайара.

Өй-санаа сайдан киһи үлэни-хамнаһы сатыырга сыыйа үөрэнэн испитэ биллэр. Олус былыргы таас туттар тэриллэри археологтар хаһан, булан таһааран хас тыһыынча сыллардаахха дьон бу тэриллэринэн туһаммыттарын дакаастыыллар. Туттар тэриллэр сайдан иһиилэрин тэҥэ дьон өйө-санаата эмиэ сайдан иһэр. Yлэ-хамнас уустуктара киһи өйүн-санаатын салгыы сайыннараннар кыыл өйүттэн-санаатыттан арахсан киһи буолууну ситиһии кыаллыбыта.

Киһи диэн өй-санаа сайдыытын көрдөрөр тыл. Бу тыл өй-санаа сайдан сиэринэн, сокуоннарынан салаллан олоҕу олорор, кыыл өйүттэн-санаатыттан арахсан суобастаныыны, кэмсиниини, бэрээдэктэниини, быһалыы киһи буолууну бэлиэтиир. Олус былыргы дьон таҥаралара араас кыыллар уонна көтөрдөр. Бу кыыллар уонна көтөрдөр туһалаах хаачыстыбаларын бэйэлэригэр иҥэринээри таҥара оҥостубуттар.

Былыргы дьон таҥаралара киһи уонна сүөһү икки ардыларынан көрүҥнээх, төбөтө, сирэйэ киһи курдук, онтон илиилэрэ, атахтара сылгыга маарынныыр буолуулара, дьон өйү - санааны, итэҕэли ылы¬ныылара сыыйа кэлэн испитин быһаарар. Ол курдук таҥа¬ра киһи курдук төбөлөөх уонна бэйэтэ сылгы курдук буолуута, киһи өйүн сайдыыта сүөһүттэн саҕаланан барбытын бэлиэтиир көстүү буолар. Cахалар киһи уонна сүөһү диэн тыллары сороҕор бииргэ холбоон киһи-сүөһү диэн бэлиэтээн тутталлар. Кинилэр былыр-былыргыттан киһи майгына, өйө-санаата икки өрүттээҕин билэр буоланнар, оҕолорун үөрэтиигэ киһи майгынын ити уратыларын анаан-минээн, бэлиэтээн туһанар эбиттэр.

Саха суруйааччылара, Николай Якутскай, Дмитрий Таас, Далан киһи майгына икки өрүттээҕин таба туһананнар бэйэлэрин үлэлэрэ дьоҥҥо ордук тиийимтиэлэр. Кинилэр ити үлэлэригэр киһи элбэхтик үлэлээтэҕинэ, үөрэннэҕинэ эрэ киһилии майгылаах киһи буола улаатарын арааран бэлиэтииллэр.

Саха дьоно киһи өйүн-санаатын аҥар өттүн быһаарарга «киһи» диэн тылы бэйэ¬тин тутталлар. Кинилэр этэллэринэн киһи аҥар өттө - дьиҥнээх киһи бэйэтэ буолар. Маны быһаарыыга «киһилии оҥор», «киһилии быһыылан», «киһи курдук буол» диэн этиилэр туттуллаллар. Онтон ити этиилэр барылара киһи майгынын, өйүн-санаатын быһаарар этиилэр. Ити аата киһи аҥар өттө - киһилии өй-санаа өттө. Киһилии өйү-санааны урук¬ку олох уоппуттара уонна аныгы үөрэх холбоһоннор үөскэтэн таһаа¬раллар. Бу киһилии өй-санаа киһи саҥалыы өйүн-санаатын быһаарар. Ону тэҥэ, «улахан киһи курдук буол» диэн этии өй-санаа оҕо төһө үөрэҕи ылынан истэҕин аайы өйө-санаата эбиллэн иһиитин эмиэ бэлиэтиир. «Киһилии быһыылаах» диэн этии киһи күннээҕи олоҕор, аныгы үөрэх этиитинэн уонна атын, «киһилии быһыылаах» дьону үтүктэн, киһилии өйүнэн-санаанан салайтаран олорорун чуолкайдыыр.

Киһи олоҕо дьон-сэргэ ортотугар үөскээбит үчүгэй уонна куһаҕан майгылар икки ардыларынан баран иһэр. Оҕо кыра эрдэҕиттэн ханнык майгыны тутуһан өйө-санаата сайдан барыытын төрөппүттэрэ иҥэрэллэр. Кинилэр тугу үчүгэй эбэтэр тугу куһаҕан диэн этэллэрэ оҕолорун өйүгэр-санаатыгар иҥэн хаалан иһэр. Ити курдук төрөппүттэр оҕо бэйэтэ ону-маны оҥорор буолан эрдэҕиттэн саҕалаан өйүн-санаатын оҥкулун оҥорон олохсуталлар.

Сахалар оҕону үөрэтиигэ куруук туттар ньымаларынан үчүгэй, киһилии дьон холобурдарын туһаныы буолар. Манна төрөппүттэр хардары-таары бэйэ-бэйэлэрин үчүгэй холобурдарын туһаналлара оҕолоругар ордук тиийимтиэ. Ол курдук ийэ холобур туттар киһитэ оҕолор аҕалара буоллаҕына уонна оҕолорун кинини үтүктэргэ ыҥыран үөрэттэҕинэ, бу ыаллар оҕолорун иитэллэригэр уустук боппу¬руостар букатын даҕаны үөскээмиэхтэрин сөп.

«Оҕом үчүгэй киһи буол»,- диэн үөрэтии сүрүн төрүтүнэн үчүгэй киһи хайдах буолуохтааҕын билии, кини тугу оҥорорун, хайдах тут-та-хапта сылдьарын үтүктүү буолар. Маннык үөрэтиигэ үчүгэй киһи бэйэтин холобура үтүктэргэ хайаан даҕаны баара ордук. «Куһаҕан киһи курдук буолума»,- диэн хааччахтаан үөрэтэргэ куһаҕан киһи үчүгэй киһиттэн туох уратылардаах буоларын арааран үөрэтии уонна оннук быһыылары оҥорбот буолуу көрдөнүллэр.

Оҕону «киһилии быһыылаах» буола улаатан иһэрин ситиһэргэ үчүгэй киһи куһаҕан киһиттэн туох уратылаах буоларын чуолкайдык арааран биэрии оҥоруллан иһиэхтээх. Оҕо төһөнөн кыра даҕаны үчүгэй киһи уонна куһаҕан киһи арахсыылара биллэр бэлиэлэрдээх, букатын чуолкай буолуохтаах. Ол курдук «куһаҕан оҕо» ийэтэ этэрин истибэт, онтон «үчүгэй оҕо» ийэтэ этэрин барытын истэр, кини эппитин курдук оҥорор буолар эбэтэр «куһаҕан оҕо» бүтүннүү буорга буккуллар буол¬лаҕына, «үчүгэй оҕо» буорга буккуллубата ордук.

Онон, киһилии өй-санаа диэн, дьоҥҥо кэлин үөскээбит уонна күннэтэ түргэнник сайдан-үүнэн иһэр, омук-омукка, бэйэ-бэйэҕэ хайдах сыһыаннаһыыларыттан уларыйан биэрэр, үөрэх, билии, сайдыы барыта холбоммут киэҥ өйдөбүлэ буолар. Киһи бу өйүнэн-санаанан салайтаран сылдьыыта, «киһи буолуу», «киһилии сылдьыы», «киһилии киһи», «киһилии быһыылаах» диэн сахалыы туспа бэлиэтээн ааттаналлар.

Сахалар киһи утары өттүн, иккис өйүн-санаатын чуолкайдык арааран сүөһү диэн бэлиэтээн этэллэр. Сүөһү диэн улахан кээмэйдээх, тыынар-тыыннаах эрээри бэйэтэ өйө-санаата суох харамайы барытын ааттыыллар. Бу быһаарыыга сорох кэмҥэ биир эмэ киһи эмиэ киирсэн ылар, ол аата сороҕор өйө-санаата тиийбэтэҕинэ эбэтэр төрүт суох буоллаҕына, дьиҥнээх «сүөһүгэ» кубулуйар. Онтон киһи бэйэтин көнө сүнньүнэн «сүөһүгэ» кубулутуута итирэн өйө көттөҕүнэ буолар. Киһи итирэн өйө көппүт кэмигэр өй-санаа икки аҥы араастаныытын көстүүлэрэ ордук чуолкайданан биллэллэр. Маны кытта сөбүлэстэхпитинэ, өйө суох киһи - сүөһү буолан тахсара быһаарыллар. Сахалар сүрэҕэ суох киһини «сүөһү курдук сытыма» диэн туруоран тугу эмэ оҥотторо сатыыллар. Итини тэҥэ киһи бэйэтэ ханнык эмэ быһыыга сыыһа тутуннаҕына «сүөһү курдук буолума» диэн, бэрээдэгин көннөрүнэрин наадатыгар этэллэр. Онон киһиэхэ сүөһүгэ тэҥнэнии диэн саамай куһаҕан бэрээдэктэниигэ, дьону кытта сатаан тапсыбат буолууга туттуллар этии буолар.

Киһи киһиэхэ сыһыаныгар татым, быстах майгынын биллэрдэҕинэ киһи ыкка холонор. «Ыт майгына майгыламмыт»,- дииллэр. Кыра аайыттан кыыһыран иһэр киһини: «Ыт курдук ырдьыгынас»,- диэн быһаараллар.

Куһаҕан киһи майгынын быһаарыыга саха дьоно киэҥ көҕүстээхтэ¬рин, холку, кэтэһэр майгылаахтарын көрдөрөллөр. Сөбүлээбэтэх киһилэрин майгынын быһаараары гыннахтарына «киһилии майгына суох» эбэтэр олус сирдэхтэринэ «киһи буолбатах» киһи диэн ханарытан этэ сатыыллар. Киһини маннык харыстааһын ханнык баҕарар сыыһа туттуу көнөр кыахтааҕынан уонна киһи үөрэнэр дьоҕура хаһан баҕарар баары¬нан быһаарыллар. Ол аата киһи тыыннаах сырыттаҕына өйө-санаата уларыйар кыахтааҕын билинии буолар.

Ити курдук киһи өйүн аҥар өттө улахан кээмэйдээх тыыннаах хара¬май өйө буолар. Киһи бу өйө, Айылҕаттан бэриллибит өйө-санаата, сайдыыны-үөрэҕи олус бытааннык ылынар уонна төрөппүттэриттэн оҕо¬лоругар үгэс буолан бэриллэн иһэр. Бу өй-санаа, төрүт өй-санаа буолан, кини быһаччы дьаһайар салааларыгар, киһи көннөрү тыыннаах буолуу иһин олоҕун олоруута, бэйэтин харыстаныыта уонна бал-бааччы, быстахтык быһаарыныыта, дьону кытта тапсыбат буолуута - барыта киирсэр эбиттэр. Ити курдук бу өй-санаа киһи сүөһүлүү өйүн-санаатын өттө буолара быһаарыллар уонна сахалыы быстах санаалар диэн туспа араа¬ран ааттаналлар. Быстах санаалаах киһи араас баҕа санаалара быстах баҕа санаалар буолаллар уонна бэйэтин этигэр-сиинигэр эрэ үчүгэй буоларыгар урутаан баҕараллар.

Киһи сүөһүтэ эмиэ бэйэтэ өйдөөх санаалаах. Бу өйү-санааны сахалар сороҕор буор уонна ийэ кут диэн холбуу ааттыыллара аһара оруннаах. Ханнык баҕарар харамайга бэйэтин харыстанар өй-санаа айылҕаттан бэриллэр. Буор уонна ийэ куттар киһини көрөр-харайар уонна харыс¬тыыр аналлара ордук чуолкайдык быһаарыллар. Ол курдук илиитин итиигэ таарыйбыт киһи, соҕотохто толкуйдаабакка эрэ сулбу тардан ыла охсор. Сороҕор куттаммыт дьон үрдүк тиит төбөтүгэр хайдах ыттан тахса охсон хаалбыттарын өйдөөбөккө да хаалаллар, итини тэҥэ сорохтор кэтит уонна дириҥ аппаны үрдүнэн ойбут түбэлтэлэрэ эмиэ бааллар. Буор уонна ийэ-кут диэн киһиэхэ Айылҕа бэйэтэ биэрбит ха¬рыстанарга, бэйэтигэр үчүгэйи оҥорорго аналлаах күүс-уох уонна өй-санаа буолаллар.

Айылҕа айбытын быһыытынан киһи биир сирдээҕи тыынар-тыыннаах харамай. Бу харамай бэйэтин дьиҥнээх өйө-санаата, төрөппүттэриттэн бэриллибит төрүтэ бииргэ холбононнор буор уонна ийэ кут диэни үөскэтэллэр.

Саха дьоно бэйэлэрин кыыллартан туспа араарыналлар. Кыылтан өйдөрө-санаалара ордугун, уратылааҕын билинэллэр. Бу билинии саха тылыгар «Ким», «Туох» диэн ыҥырыыга этиллэр. Сахалар: «Кимий?»- диэн дьону, киһини эрэ ыҥыраллар. Онтон: «Тугуй?»- диэн ыҥырыыга кыыллары, көтөрдөрү, араас малы-салы барытын холбуу киллэрэллэр. Ити курдук кыыллартан туспа араарыныы уонна ону бэлиэтээн этинии киһилии өй-санаа сахаларга сайдыбыта олус ырааппытын бэлиэтинэн буолар.

Кыыллары кытта тэҥнэһэ сатааһын, олору араастаан киһиэхэ эрэ ананар тылларынан ааттааһын өй-санаа төннүүтүн, кэннинэн барыытын быһаарар. Киһи өйө-санаата көттөҕүнэ, суох буоллаҕына кыылларга тэҥнэнэр. Куһаҕан майгылаах киһини ыкка тэҥнээһини сахалар ордук элбэхтик тутталлар. Ыт киһиэхэ эрэ тиийбэт өйдөөх харамай, ол иһин киһи өйө тиийбэтэҕинэ ыкка холууллар.

Оҕо улаатан иһэн бэйэтин быстах баҕа санааларын кыайан баһыйа тутан салайбат буоллаҕына, киниэхэ сүөһүтүн өйө-санаата баһыйар. Ол аата, кини тоҥорун-хатарын да тулуйбат, ордук тугу эмэ минньигэһи сиэри эбэтэр иһээри гыннаҕына, букатын кыатаммат, туттуммат хайаан даҕаны сиэтэҕинэ эбэтэр истэҕинэ эрэ та¬быллар уонна мин эрэ билбитим, миэхэ эрэ наада диэн санаалаах буоллаҕына, сүөһүтүн өйө-санаата сити көрүҥнэргэ баһылаан иһэр буолар.

Итинник быһаардахпытына, тулуурдаах буолууга үөрэммэтэх киһи бэйэтин быстах баҕа санааларын, ол аата сүөһүлүү өйүн-санаатын кыайан кыана туттубат киһи буола үөрэнэр. Тулуура суох буола үөрэммит дьонтон үгүстэрэ арыгыга ыллараллар эбэтэр аһыыр-сиир баҕаларын иҥсэлэрин кыаммаккалар аһара уойаллар. Кинилэр: «Иһиэх¬пин баҕардым» эбэтэр «Сиэм этэ»,- диэн быстах, сүөһүлүү баҕа санааларын кыайан кыана туттубаккалар арыгыны иһэ сылдьалларын, аһара аһыылларын бырахпаттар.

Сүөһү майгына кыбыылаах окко киирдэҕинэ ордук арылхайдык арыллар. Кыралары үтүрүйүү, өрүсүһүү, тэпсии, үчүгэйин эрэ талан сиэһин курдук майгылаахтара биллэн тахсар.

Олох сайдан иһиитэ ас-үөл дэлэйэн иһиитин үөскэтэр. Киһиэхэ өйө-санаата сайдыбыта аан маҥнай аһылыкка сыһыаныттан биллэр. Элбэх, иҥэмтэлээх аһылыгы дэлэччи сиир буоллахха эт-сиин уойан барар. Киһи этэ-сиинэ уойарыттан аһылыктан туттунар өйө-санаата сайдар. Элбэх аһылыктан сөбүлээн көрөн, туһалааҕын сиир буолуу киһилии майгы баарын бэлиэтэ. Онтон сүөһүгэ аһылыктан туттунар санаата суох буолан сыалаах эти дэлэччи сиибит.

Аһылыгы хааччахтаан эт-сиин аһара уойбатын ситиһии киһи олоҕор ситиһэр биир кыайыыта буолар. Киһилии өй-санаа быстах баҕа санаалары баһыйа тутан салайарга үөрэннэҕинэ эрэ киһи буолуу ситиһиллэр. Аһыырга-сииргэ баҕа санаа киһи этин-сиинин баҕата – быстах баҕа санаата буолар.

Бары таҥара үөрэхтэрэ киһи аһыырга-сииргэ баҕатын хааччахтыы сатыыллар. Араас постары, аҕыйахтык аһыыр кэмнэри айаннар бэйэлэрэ кыайан туттуммат дьону аҕыйахтык аһыырга күһэйэн үөрэтэллэр. Дьону тулуурдаах буолууга үөрэтии олус уустук. Христианскай таҥара үөрэҕэ сайдыбыта икки тыһыынча сыл буолла эрээри аһылыктан туттунуу соччо кыаттара илик.

Ас-үөл үлэлээтэххэ эрэ оҥоруллар. Киһи бэйэтэ үлэлээн оҥорбутун ордук харыстыыр, ыспат-тохпот, тэпсибэт. Yлэлиир эрэ дьон тулуурдара эбиллэн быстах санааларын кыанар кыахтаахтар.

Олус былыргы кэмнэргэ үлэ-хамнас таһаарыыта суох уонна сахалар ол кэмҥэ сири оҥоруунан киэҥник дьарыктаммат эрдэхтэринэ ас-үөл аҕыйах этэ. Ол иһин дьоҥҥо уойан ыалдьар буолуу суох кэриэтэ этэ.

Бу ааспыт үйэ бүтүүтүгэр эрэ саха сиригэр ас-үөл эбиллибит курдук эрээри син-биир аһара элбээбитэ биллибэт. Биһиги олус тымныы, кылгас сайыннаах дойдубутугар ас-үөл дэлэччи баар буолара билигин да ыраах курдук. Ол иһин сахаларга аһылыктан туттунуу туһунан үөрэх өссө да сайда илик.

KИҺИ БУОЛУУ

Сахалар этэллэринэн кыра оҕо улахан киһиттэн туспа араарыллан «Оҕо» диэн ааттанар. Бары кыыллар, көтөрдөр оҕо-лоро эмиэ оҕолор диэн ааттаналлар.

Оҕо улааттаҕына киһи буолар. Улаатыар диэри иитиллэн, үөрэнэн улахан киһи оҥорор бары быһыыларын дьэ таба оҥорорго үөрэнэр. Этэ-сиинэ улаатан ситиитигэр өйө-санаата эмиэ сайдан, киһилии өйү-санааны иҥэриннэҕинэ киһи буолары ситиһэр.

Былыргы дьыллар мындааларыттан саҕаламмыт олохторун үөрэҕин сурукка-бичиккэ киллэрэн тиһэн испэтэхтэриттэн саха дьонун олохторун үөрэҕэ өс хоһооннорунан, холбуу этиилэринэн бэриллэллэр. Биһиги куруук туттар тылларбытыгар, этиилэрбитигэр өй-санаа төрүттэрэ иҥэн сылдьалларын өйдөөн туһана иликпит. «Киһи» диэн биллэр тылы ыллахпытына оҕо «Киһи буолууну» өйө-санаата сайдан, улаатыар диэри иитиллэн уонна үөрэнэн ситиһэр. Сорохтор өйдөрө-санаалара ситэ сайдыбатаҕына киһи диэн үрдүк ааты сүгэри кыайан ситиһимиэхтэрин эмиэ сөп. Ол аата киһи диэн өй-санаа сайдыытын, баарын дуу, суоҕун дуу быһаарар сүҥкэн суолталаах тыл.

Былыргы сахалар «Киһи үйэтин тухары үөрэнэр» диэн этиилэрэ оҕо киһи буолууга, онтон киһи быһыы¬тын сүтэрбэккэ олоҕу олорууга үйэтин тухары үөрэннэҕинэ эрэ та¬былларын быһаарар. Оҕо улаатан өйү-санааны ситиһэригэр аан маҥнай төрөппүттэрин үтүктэн үөрэнэр. Ол иһин киниэхэ үтүктэр, батыһар киһитэ хайаан да наада.

Дьон оҥорор бары быһыыларын оҥоруу «Киһи быһыыта» диэн ааттанар. Оҕо улаатан улахан дьон оҥорор бары быһыыларын оҥорорго үөрэннэҕинэ «Улахан киһи», дьэ буолан киһи буолууну ситиһэр. Саха дьоно «Kиһи буолуу» диэн өйдөбүллэрэ оҕо киһини, төрөппүттэрин үтүктэн үөрэнэн киһи буоларын, киһилии өй-санаа киирэрин быһаарар. Ол аата киһи буолуу диэн оҕо киһи оҥорор быһыытын барытын киһи оҥорорун курдук оҥорор өйгө-санааҕа үөрэниитэ буолар.

Кэлин кэмҥэ үөрэх диэн тылбытын олох үөрэҕэр сыһыаннааҕын умнан аҥардастыы үөрэхтээһиҥҥэ эрэ сыһыаннаах курдук өйдөөһүн баар буолла. «Киһи үйэтин тухары үөрэнэр» диэн этии аан маҥнай олох үөрэҕэр сыһыаннааҕын кэлин аахайбат буоллубут.

Билигин үөрэнии диэн тылы үчүгэй буолуу, билиини-көрүүнү баһылааһын диэн эрэ өйдөбүл¬лээх туттуллар. Олох үөрэҕэр үөрэнии диэн этии букатын да хаалан сылдьар. Сахалыы олох үөрэҕэр үөрэнии «Үөрүйэх» диэн аатта¬нар уонна үгэстэргэ үөрэнии салгыы сайдан эти-сиини үөрэттэҕинэ эрэ иҥэр. Киһи олох үөрэҕэр куруук үөрэнэ, эбинэ сылдьыахтаах. Сааһа баран истэҕин аайы этин-сиинин көрдөбүллэрэ уларыйан биэриилэригэр өйүн-санаатын тэҥнээн биэрэн истэҕинэ эрэ табыллар. Ол иһин киһи хаһан баҕарар, хас күн аайы да буоллун, үчүгэй санаалаах буолууга үөрэнэ сылдьыах¬таах. Үчүгэй санаалаах буолууну ситиспит киһи дьэ биирдэ «Киһи киһитэ», «Киһилии киһи» диэн буолар. Оҕо улаатан истэҕинэ сайдан, үөрэнэн-үөрэнэн «Киһилии киһи» буолары ситиһиэхтээх. Дьон-сэргэ сөбүлүүр, үтүө быһыыларын оҥорор, дьону кытта тапсар киһини «Киһи киһитэ» диэн ааттыыллар, ытыктабыллаахтык сыһыаннаһаллар.

Саха дьоно киһи олоҕун сыалын, олоҕор тугу ситиһиэхтээҕин чуол¬кайдык быһааран этэллэр. Ол сыал «Киһи буо¬луу», онтон салгыы «Киһи быһыылаахтык олоҕу олоруу» диэн буолар. Онтон үчүгэй быһыылары оҥорор, дьон бары сөбүлүүр киһилэрэ «Киһи киһитэ» буолар. Kиһи буолуу өйдөбүлэ сахаларга былыр-былыргыттан баар. Улаатан иһэр оҕо баҕа санааларын барытын түмэн «Kиһи буолууну» ситиһэр. Онтон салгыы уһун олоҕун устата киһи буоларын түһэн биэрбэт туһугар охсуһар, олоҕун олорор. Олох уустук балаһыанньаларыгар быстах санааҕа баһыттаран киһи быһыытын таһынан быһыыны оҥорон кэбиһии кэлин кэмҥэ элбээтэ.

Сахалар «Олох ыарахан» диэн этэллэр. Ол аата, киһи өйө-санаата быстах быһыыларга киирэн биэрбэт, сыыһа туттубат, туруктаах буолара чахчы ыараханын бэлиэтиир. Ол иһин олоҕу олоруу уустук уонна ыарахан. Уһуннук дьоллоохтук олоҕун олорбут киһини тиһэх суолугар атаарыыга «Kиһи быһыылаахтык олоҕун олордо» диэн атаараллар.

Онон, киһи олоҕо төрүөҕүттэн, оҕо буолан иитиллэн, үөрэнэн киһи буолууну ситиһэн, аны бүтүөр диэри киһи быһыылаахтык олорон ааһарынан бүтэр.

Сахалар оҕолорун үөрэтэр этиилэринэн аан маҥнай «Yчүгэй оҕо буол», онтон «Улахан киһи буол», «Үчүгэй киһи буол» диэн этиилэр буолаллар. Бу үөрэтии сүрүн төрүтүнэн үчүгэй киһини үтүктүү, кинини батыһыы, кини курдук буолууга баҕа санаа үөскээһинэ уонна ону ситиһэргэ дьулуһуу буолар. Маннык үтүгүннэрэн үөрэтии ордук түргэн уонна дириҥник иҥэр.

Оҕо кыра эрдэҕиттэн такайыллан, үтүктэн үөрэнэн үчүгэй киһи курдук буола сатааһын өйдөбүлэ киниэхэ баҕа санаа буолан өйүгэр-санаатыгар иҥэр. Бу өй-санаа олус элбэхтэ хатыланан үгэс буолан өйүгэр-санаатыгар иҥнэҕинэ үчүгэй быһыылары оҥорор, үчүгэй киһи буола улаатар. Kиһи өйүгэр-санаатыгар үөскээбит ити баҕа санаатын олус күүскэ баҕардаҕына аны хараҕар илэ көрөн, соннук мөссүөнү хараҕар кытта көрөн ааһар буолуон сөп.

Үчүгэй киһи буолуу баҕа санаатыттан, өйдөбүлүттэн олус үчүгэй киһи - Христос үөскээн тахсыбыт. Дьон баҕа санааларын үчүгэй ходуоһунньуктар уруһуйдаан, тупсаран олус үчүгэй киһини оҥорон таһаарбыттар. Бу уруһуйдаммыт үчүгэй киһи мөссүөнэ элбэх киһи баҕа санааларыгар, киһи буолар баҕаларыгар сөп түбэһэр. Итини тэҥэ кини оҥорбут үтүө быһыыларын кэпсээн оҥостоллор. Былыргы үөрэх сайдыы, сурук-бичик аҕыйах кэмигэр дьон улахан киһини, үчүгэй киһини үтүктэн өйү-санааны ситиһэр кэмнэригэр маннык үтүктэр, батыһар киһи баара ордук табыллар. Ол иһин Христос таҥара киэҥ сирдэргэ тарҕаммыт.

Yчүгэй быһыылаах киһини көрдөрөр маҥнайгы таҥаранан илиҥҥи омуктарга үөскээбит Будда таҥара буолар. Онтон Христос таҥара, кэлин соҕуруу омуктарга Магомет таҥара үөскээбиттэр.

Онон, киһи курдук таҥаралар үөскээһиннэрин быһаарыыта үчүгэй киһини үтүктүү, кини курдук буола сатааһын, кини оҥорбут быһыыларын үтүктүү буолар. Таҥаралар, баҕа санаа дьоно ити курдук «Киһи буолуу» баҕа санаатыттан үөскээбиттэр.

Улахан таҥаралар олус уһун кэмҥэ уорааннаах сэриилэр кэннилэриттэн атын омуктары сэриилээн кыайыыттэн ордук тэнийбиттэрэ. Таҥаралар бэйэлэрэ улааттахтарына күүстээх диктатуралары, империялары үөскэтэллэр. Бу империялар бары дьон өйдөрүн-санааларын баһылыы сатааннар атыннык саныыр дьону барыларын суох гынан, симэтитэн кэбиһиигэ кытта тиийэр кыахтаахтар.

Саха дьонун оҕолорун үөрэтэр үчүгэй киһилэринэн былыр-былыргыттан хайа эрэ төрөппүт эбэтэр чугас аймах киһи буолар этэ. Ол иһин төрөппүтү үтүктүү, кини курдук буола сатааһын, кинилэри таҥара оҥостуу саха дьонугар тарҕаммыт. Төрөппүт оруола үрдээн биэриитэ ити өйдөбүл өссө улаатан, чиҥээн биэриитигэр тириэрдэн иһиэн сөп. Күүстээх куттаах-сүрдээх киһи өйүн-санаатын, үөрэҕин айыы оҥостон кэлэр көлүөнэлэри иитэргэ-үөрэтэргэ эмиэ туһаналлара.

Сахаларга үчүгэй киһи хайдах буолуохтааҕа эмиэ биллэр. Үчүгэй киһи куһаҕан, хара айыыны оҥоруо суохтаах, куруук үчүгэй быһыылары оҥорор үчүгэй, үтүө санаалардаах, дьоҥҥо үчүгэйи баҕарар буолуохтаах. Kиһи олоҕун устата өйүн-санаатын харыстаан тоҕус айыыны оҥоруо суохтаах диэн этэллэр:

1. Албыннаама.

2. Оттомо суох буолума, киһиргээмэ.

3. Ымсыырыма, ордук санаама.

4. Kуһаҕан кыдьыктаныма, содурдаама.

5. Уорума.

6. Өһүөннээмэ.

7. Иирсээни тардыма.

8. Өлөрүмэ.

9. Алдьатыма.

Yчүгэй киһи бэйэтин кутун-сүрүн харыстыыр. Куту-сүрү харыстааһын диэн куһаҕан санаалары санаабат буолуу, куһаҕан санаалартан өйү-санааны ыраастаан иһии, чэбдигирдии буолар.

Киһи күүстээх санаалаах буолууну ситиһиэхтээх. Күүстээх санаа тулуурдаах, өһөс буолууттан үөскүүр. Тымныыны-итиини, араас ыарахаттары тулуйар буола үөрэнииттэн киһиэхэ күүстээх санаа үөскээн олохсуйар.

«Үлэлиир киһи сыыһаны оҥорор, тугу да оҥорбот киһи хаһан даҕаны сыыспат»,- диэн этии баара киһи быһыылаах киһи өйдөбүлүгэр сыһыаннаах. Ол аата, киһи үлэтигэр-хамнаһыгар, олоҕор даҕаны кыра сыыһалары, киһи быһыытын аһара барбат, сиэри таһынан барбатах быһыылары хаһан баҕарар оҥоруон сөп. Бу быһаарыы өй-санаа тыыннааҕын тухары уларыйа, хамсыы, эбиллэ эбэтэр көҕүрүү турарыттан, киһиэхэ араас санаалар киирэ охсон ааһалларыттан үөскээн тахсар. Өй-санаа куруук хамсыыр, түргэнник уларыйар. «Киһи буолуу» өйдөбүлүгэр ханнык эрэ кыра сыыһалары, айыылары оҥоруу, киһи быһыытыттан уонна сиэртэн аһара барбат буол¬лаҕына хаһан баҕарар көҥүллэнэр. Сахалар өйдөбүллэринэн тугу да оҥорбот, үчүгэйи да, куһаҕаны да оҥорбот буолуу дьэ биирдэ «Айыы киһитэ буолууга» тириэрдэр. Ол аата, киһи өллөҕүнэ, өйө-санаата мастыйдаҕына, уларыйар кыаҕа уурайдаҕына, аны тугу да оҥорбот буоллаҕына биирдэ эрэ «Айыы киһитэ буолар». Айыы буолуу өй-санаа өлбүтүн кэннэ үөскүүр. Киһи өлбүтүн кэннэ өйө-санаата уларыйбат буоллаҕына, кэлэр көлүөнэлэр таба сыаналаатахтарына, олохпутугар туһалаах диэн аахтахтарына биирдэ «Айыы буолууга» кубулуйар. Билигин саха дьонугар республикабытын тэрийсэн салайбыт П.А.Ойуунускай өйүн-санаатын айыы оҥоруу үлэтэ ситиһиилээхтик баран иһэр.

Киһи буолан баран кыра эмэ мөлтөх өрүттэрдээх буолууну дьон бы¬растыы гыналлар. Арай бу мөлтөх өрүттэрбит киһи быһыытын, сиэрин аһара барбат буолаллара ирдэниллэр. Кыратык сыыһа-халты туттуу «Киһи буолан баран»,- диэн быһаарар этиилээх. Хаһан да, кыратык да сыыһаны-халтыны, айыыны оҥорбот тыыннаах киһи диэн суох. Ол аата, киһи буоллахха, кыра, улахан суолтата суох, сиэри кэспэт, киһи быһыытыттан таһынан барбатах кыра алҕастары, саҥаны арыйыылары оҥоруу киһиэхэ көҥүллэнэр. Ол аата, киһи өйдөөх-мэйиилээх буолан айыыны оҥорбот буолара эмиэ табыллыбат. Дьон саҥаны арыйаннар олоххо кил¬лэрэн иһэллэр. Киһи айыыны оҥороро эмиэ көҥүллэнэр. Ол эрээри ол айыыбыт сиэри таһынан барбатаҕына эрэ олоххо туһаны аҕалар. Ол иһин сиэри аһара барбат, сиэри иһинэн айыы аата айыы-сиэр диэн буолар. Айыыны оҥорбот дьон элбэхтэр. Кинилэр бары киһилии быһыылаах дьон диэн буолаллар. Ол аата, айыыны оҥорор, саҥаны арыйар киһи диэн отой аҕыйах, онтон киһи быһыылаах дьон олус элбэхтэр, ол иһин дьон үксүлэрэ киһилии быһыылаах буолууга дьулуһаллар.

Сахалар олохторун үөрэҕэр элбэхтик туттуллар «Киһи быһыыта» диэн өйдөбүл, аналлаах кыйыа, хайа да өттүгэр, үчүгэй да, куһаҕан да өттүлэригэр киһи олоҕун устата туораабатын, аһара барбатын хааччы¬йар аналлаах. Киһи олоҕун устата киһи быһыытын кэспэккэ олоҕун олордоҕуна, киһи быһыылаахтык, олоҕун сиэрдээхтик олордо диэн этэллэр.

Ити курдук киһи быһыытын кыйыата, кыраныыссата сахалыы сиэр диэн ааттанар. «Сиэрдээх быһаарыы» диэн олус таба, сөптөөх, дьон өйүгэр-санаатыгар сөп түбэһэр быһаарыыны ааттыыллар. «Сиэри таһынан» диэн киһи быһыытын аһара барбыт быһыы ааттанар.

«Киһиттэн таһынан» диэн этии киһи быһыытыттан ураты, сөп түбэспэт быһыылары оҥоруу ааттанар. Киһиттэн таһынан быһыылар үгүс дьон өйдөрүгэр-санааларыгар сөп түбэспэттэр. Холобур, концерт кэмигэр айдаарар эбэтэр бырааһынньыкка итирэр киһини дьон сөбүлэээбэттэр, туората көрөллөр.

Сиэр диэн сахалар олохторун сокуона буолар. «Сиэри кэһимэ», «Сиэри таһынан барыма» дииллэр. Ол аата, киһилии быһыыны аһара барыма диэн буолар. Киһи олоҕо сиэри тутуһан, сиэри иһинэн буолуохтаах.

Билигин өй-санаа, кут-сүр үөрэҕэ сайдан иһэллэр. Киһи оҥорор бары быһыылара кини өйүттэн-санаатыттан, мэйиититтэн, куттарыттан тутулуктаах буолаллара быһаарыллан иһэр. Киһи биир мэйиитинэн толкуй¬даан куһаҕаны эбэтэр үчүгэйи оҥорон кэбиһэрэ ханна да ырытыллыбат чуолкай буолара быһаарыллар, ол иһин өй-санаа үөрэҕин буккуйуу таһаарыллыа суохтаах.

Кут-сүр үөрэҕэ билинэринэн киһи оҥорор быһыылара икки аҥы арахсаллар. Ол аата киһи оҥорор бары дьыалалара барылара үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥоруу диэн буолаллар. Үчүгэйи оҥоруу - үрүҥ айыыны оҥоруу буолар, онтон куһаҕаны оҥоруу - хара айыыны оҥоруу диэн ааттанар.

Хара айыыны оҥоро охсон киһи быһыытын сүтэрбэт туһугар оҕо кыра эрдэҕиттэн үтүө үгэстэргэ үөрэнэн ийэ кута иитиллэрэ наада. Тулуура суох киһи олоҕор олус куһаҕан, сиэргэ-бап¬пат сыыһалары оҥорон кэбиһэрэ ыраахтан буолбатах. Киһиэхэ олус күүстээх тулуур наада. Ол курдук чэпчэки олоҕу тутуһуу, барыта бэлэмҥэ үөрэнии олох чэпчэкитин курдук санаалары үөскэтэн эдэр киһини сыыһа туттууларга үтүрүйүөн сөп.

Киһи быһыытын өйүн-санаатын тутуһан олох олоруу киһи олоҕун сүрүн сыала. Киһи олоҕун устатын тухары киһи быһыытын суолуттан сыыһа-халты туттан туораабакка, киһи быһыылаахтык сылдьыыта кини сүрүн кыайыыта, өйө-санаата туруктаах буолуутун көрдөрөр.

Оҕо төрүөҕүттэн уһуннук иитиллэн, үөрэтиллэн уонна улаатан киһи буолууну ситиһэр. Төрөппүттэрэ хайдах иитэллэр уонна үөрэтэллэр даҕаны соннук киһи буолар диэни саха киһитэ барыта билэр. Киһини билиэхтэрин баҕарар буоллахтарына сахалар кини төрөппүттэрин туһунан ыйыталаһаллар этэ. Советскай былаас кэмигэр оҕолору аһара көрүү-истии, үөрэхтээх дьон оҥороору атын, сымнаҕас олоххо үөрэтии түмүгэр оҕолор өйдөрө-санаалара билигин туруга суох буолла. Оҕо кыра эрдэҕинэ, бэйэтэ өйдөөбөт кэмигэр, аҥардастыы оонньотуу уонна тугунан таптаабытынан, көрдөөбүтүнэн, ымсыырбытынан дэлэччи хааччыйыы оҥорул¬лара оҕону атаахтык иитэргэ тириэрдэр. Ол иһин эдэрдэр олоххо оннуларын булунуулара уустугурда, өйдөрө-санаалара туруга суох буолан арыгыга ылларыылара элбээтэ. Оҕо төрөппүтүн курдук буолуохтаах диэн өйдөбүлү олус көнөтүнэн, быһаччы өйдүүрбүтүттэн оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кутун иитэрбитин хаалларан кэбистибит. Оҕону иитии-үөрэтии оҕо ороҥҥо туора сытар эрдэҕиттэн саҕаланарын букатын да умуннубут.

Хойутаан да буоллар оҕо ийэ кутун бэйэ өйүгэр-санаатыгар ииттэххэ-үөрэттэххэ эрэ табылларын кэлин син билэн иһэбит.

Киһи буолууну оҕо олох кыра эрдэҕиттэн туруктаах өйгө-санааҕа иитилиннэҕинэ уонна үөрэннэҕинэ эрэ ситиһэн иһэр. Улаатан, өр кэмҥэ үөрэнэн-үөрэнэн өйө эбилиннэҕинэ биирдэ ситиһэр уһун уонна ыарахан үөрэҕэ буолар. Онтон салгыы уһун үйэтин тухары этин-сиинин эрчийэн, үөрэнэ сырыттаҕына эрэ киһи быһыылаахтык олоҕун олороро табыллар.

«Тыыннаах киһи тугу эмэ оҥорор» диэн этии баара, киһи хаһан баҕарар араас быһыылары, үчүгэйи даҕаны эбэтэр куһаҕаны эмиэ оҥорор кыахтааҕын бэлиэтиир. Тыыннаах киһи сыыһаны дуу, табаны дуу хаһан баҕарар оҥоруон сөп. Ол аата, сыыһаны, куһаҕаны оҥорортон ким да аналлаах хааччаҕа суох. Арай бу куһаҕаны, сыыһаны киһи өйүнэн-санаатынан билэн, онон салайтаран оҥорбот буоллаҕына эрэ киһилии киһи буолара быһаарыллар.

Бу быһаарыы ордук нууччалыы өс хоһоонунан чуолкайданар. Ол курдук «От сумы и от тюрьмы не зарекайся» диэн өс хоһооно киһи хаһан даҕаны киһибин диэн үрдүктүк туттубакка, аһара барбакка бэйэтин кыана тутта сырыттаҕына эрэ табылларын быһаарар. Сыыһа-халты туттуу ханнык баҕарар тыыннаах киһиэхэ баар буолуохтаах быһыы буоларын уонна онтон киһи бэйэтэ, өйүн-санаатын күүһүнэн эрэ харыстанар кыахтааҕын бэлиэтиир.

Үчүгэй санаалаах, үчүгэйи оҥоруон баҕарар киһи куһаҕаны оҥорбот, тардынар, үчүгэй киһи буолуон баҕата үчүгэйи оҥороругар көмөлөһөр. Киһиэхэ ханнык баҕарар таҥара көмөтө диэн үчүгэйгэ ыҥырар баҕа санаа үөскээн олохсуйара буолар. Ити курдук саха дьонун олохторун үөрэҕэ оҕо кыра эрдэҕиттэн өйүн-санаатын сайдыытын уонна олоҕун сыалын табатык быһаарар.

БЫЛЫРГЫ ТАҤАРАЛАР

Аан дойду үрдүгэр таҥаралар элбэхтэр. Сорох кыра таҥаралары аҕыйах киһи итэҕэйэр, ол иһин олору секталар диэн намтатан ааттыыллар, он¬тон элбэх дьон итэҕэйэр таҥаралара улаатан, күүһүрэн улахан үөрэх, бэйэлэрэ туспа империя буолан сылдьаллар.

Сахалар таҥара диэн былыр-былыргыттан бэйэлэрин итэҕэллэрин ааттыыллар. Омуктар күүһүрбүт, сайдыыны баһылаабыт кэмнэригэр бэйэлэрин таҥараларын, итэҕэллэрин атын омуктарга тарҕаталлар. Урукку колониялары сэриилээн ылыы саҕана сайдыылаах, кыайбыт омуктар таҥараларын кыайтарбыт омуктарга күүстэринэн соҥнууллара.

Элбэх киһи баҕа санааларын биир сыалга түмнэхтэринэ санаалара күүһүрэрин былыргыттан билэллэр. Бары баҕа санааларын итэҕэйэр буолуулара эбиллэр, санаалара өссө күүһүрэр. Элбэх киһи санааларын күүһүн түмүллүүтүн табан туһаныы итэҕэйэр дьон элбээн иһиилэригэр тириэрдэр.

Билигин хас биирдии таҥара туһунан үөрэхтэр бэйэлэрэ таҥарала¬рын туһунан өйдөбүллэри оҥостон туһаналлар. Саха тылын кылгас быһаарыылаах тылдьытыгар таҥараны бу курдук быһаараллар. Таҥара диэн итэҕэл үөрэҕинэн бүтүн Аан дойдуну айбыт уонна дьаһайар, киһи курдук мөссүөннээх үрдүкү айыы. Таҥара хаптаһыҥҥа, холустаҕа ойууламмыт, металга быһыллан оҥоһуллубут мэтириэтэ. (1,179). Бу таҥараны быһаарыылартан иккиһэ сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ билэр иччи, түүктүйэ, эмэгэт диэн өйдөбүллэригэр сөп түбэһэр. Ол курдук үтүө, үрүҥ санаалаах киһи кута иҥэриллибит бэлиэ маллара аймах-билэ дьонугар көмөлөөх буолалларын сахалар билэллэр. Былыр-былыргыттан үтүө киһи кута иҥэриллибит мала-сала батыһар, өйдүүр киһиэхэ көмөлөөхтөрүн бэлиэтииллэр.

Былыр-былыргыттан сахалар таҥаралара киһи кутун итэҕэйиигэ олоҕурар. Айылҕаҕа куттар араас көрүҥү ылыммыттара биллэллэр; кут бэйэтэ сылдьар, кут туох эмэ малга иҥэр, куту ханнык эмэ бүтэй иһиккэ хаайан илдьэ сылдьаллар. Бу көрүҥнэри маннык араартыахха сөп:

1. Иччилэр. Киһи эбэтэр кыыл кута туохха эмэ иҥэн эбэтэр олох-суйан сылдьыыта. Дьиэ иччитэ, мас иччитэ, хайа иччитэ эҥин диэн буолаллар.

2. Үөрдэр. Киһи кута бэйэтэ бэйдиэ сылдьарын бэлиэтэ.

3. Туос түүктүйэлэр эбэтэр туой көһүйэлэр. Үтүө киһи кутун ити иһиттэргэ хаайан илдьэ сылдьыы ааттанар.

4. Эмэгэттэр. Кут ханнык эмэ матырыйаалга иҥэриллэн уһун кэмҥэ сылдьарын итинник ааттыыллар. Бу көрүҥҥэ маска уруһуйдаммыт таҥара мөссүөнэ эмиэ киирэр.

Бу сахалар итэҕэйэр таҥаралара киһи кута туох уратыны ылым-мыттарынан эрэ уратыланаллар. Бары таҥаралар дьайар күүстэрэ кыахтаах киһи кута буолар. Кут ханнык иһиккэ хаайыллыбытыттан эбэтэр иҥмититтэн уларыйан хаалбат. Хаптаһыҥҥа уруһуйдаммыт мэтириэттэр, маһынан оҥоруллубут эмэгэттэр эмиэ куту уларыппаттар. Арай бу кут бэйэтэ төһө күүстээҕэ, кыахтааҕа эрэ быһаарар оруолу ылар.

Атын омуктар таҥараларын күлүктэригэр иҥэриллибит үтүө дьонно¬рун куттара бэйэлэрин курдук санаалаах дьоҥҥо көмөлөһөллөр, атын өйдөөх-санаалаах дьону туораталлар. Сахалар атын омуктары баттаан, симэлитэн, сирдэрин-дойдуларын былдьыыр өйдөрө-санаалара былыр-былыргыттан суох. Ол бэлиэтинэн саха дьонугар таҥаралара элбэх. Сахаларга хол¬боспут, саха буолбут булчуттар Байанай, сылгы көрөөччүлэр Дьөһөгөй таҥараларын илдьэ сылдьаллар. Арай ынах сүөһүнү көрөөччүлэр Ынахсыт таҥаралара баһыттаран аата-суола улаханнык ахтыллыбат. Былыргы сайылыктарга Ынахсыт тардыыта диэн сиэр-туом толоруллар бэлиэлэрэ билигин да бааллар. Нууччалар атын омуктары баһылыырга ыҥырар таҥараларын өйдөрө-санаалара саха дьонун таҥараларын суох оҥоро сатыыра үөрэхтээх дьон өйдөрүгэр-санааларыгар хайа да өттүнэн сөп түбэспэттэр.

Таҥара мөссүөннэрин быһаарыыга былыргы ойууннар тимир, алтан киһи кутун аанньа сыһыарбаттар диэн этэллэрин ылыныахха сөп. Кут Айылҕа бэйэтин эттиктэригэр эрэ күүстээхтик иҥэрин былыргы кэп¬сээннэр бигэргэтэллэр. Ол курдук мас эмэгэттэр, туос түүктүйэлэр куту иҥэринэн харайа сылдьарга ордук туһалыыллар.

Таҥара диэн үчүгэй, үтүө санаа түмсүүтэ буолар. Хас биирдии киһи таҥарата кини үчүгэй уонна куһаҕан диэн өйдөбүллэригэр саһан сылдьар. «Тоҕо бу таҥара саһан сылдьарый?»- диэн боппуруос быһаарарга аһара уустук. Хас биирдии киһи бэйэтин олоҕуттан үөскээн тахсар өйдөбүл буолан кини өйүгэр-санаатыгар саһан, иҥэн сылдьар. Киһи бэйэтин олоҕуттан үөскээн тахсар үчүгэйгэ баҕарар санааларын түмсүүлэрэ кини таҥарата буолар.

Маннык быһаардахпытына, хас биирдии киһи таҥаралара тус-туһунаннар. Кини бэйэтин олоҕуттан уонна онтон үөскээн тахсар өйүт¬тэн-санаатыттан, үчүгэй уонна куһаҕан диэн өйдөбүллэр үөскээн тах¬саллар. Бу өйдөбүллэртэн үтүөҕэ, үчүгэйгэ баҕара санааһына кини таҥарата буолар.

Биирдиилээн дьон мунньустаннар дьон-аймаҕы үөскэтэллэр. Дьон-аймах үтүө, үрүҥ санааларын мунньубуттара кинилэр таҥаралара диэн ааттанар. Дьон биир санаалаах бөлөхтөрүн үчүгэйгэ тардыһар санаалара биир буоллаҕына биир таҥаралаах буолаллар. Тус-туһунан баҕа санаалаах дьон таҥаралара туспа буоларыгар тиийэр. Баай уонна дьадаҥы дьон баҕа санаалара, таҥаралара хаһан да сөп түбэспэттэрэ итинэн, үчүгэй уонна куһаҕан диэн өйдөбүллэрэ сөп түбэспэтинэн эмиэ быһаарыллар.

Сахалар таҥара туһунан өйдөбүллэрэ православнай таҥара дьиэтин үөрэхтэрин кытта хайдах да буккуһар кыахтара суох. Сахалар таҥара туһунан өйдөбүллэрэ Айылҕаны, куту-сүрү кытта сибээстээх буолан¬нар атын таҥара үөрэхтэрин кытта кыайан буккуспаттар. Былыргы кэмтэн ыла сахалар бэйэлэрин итэҕэллэрин атын омуктары баһылыырга туһулаабат буоланнар, дьон бары биһиги, сахалар итэҕэлбитин хайаан да итэҕэйиҥ диэбэттэр. Ол иһин сахалар иччи, түүктүйэ уонна эмэгэт диэн итэҕэллэрэ Аан дойдуну айбыттара диэн өйдөбүллэрэ суохтар. Арай былыр-былыргыта сахалар киэҥ сири-дойдуну баһылыы сылдьыбыттарын Үрүҥ Аар тойон, Үрүҥ Айыы тойон диэн итэҕэллэрэ баар буола сылдьыбыттара биллэрэр. Ол курдук маҥнайгы Аардар, Айыылар Орто дойду үөскүөҕүттэн бааллара олоҥхолорго ойууланаллар.

«Айыылаах-таҥаралаах» диэн үчүгэй, үтүө, үрүҥ санаалаах буолуу аата. Үтүөҕэ, үчүгэйгэ тардыһар өйдөөх-санаалаах буолууну, таҥаралаах диэн бэлиэтээн этии буолар.

«Айыым-таҥарам абыраа» диэн үтүө санаалаах төрүтүм, быыһаа-абыраа диэн көрдөһүү аата.

Бу икки өйдөбүллэр төһө даҕаны бииргэ этилиннэллэр суолталара тус-туспалар. Ол курдук айыы диэн өйдөбүл өлбүт киһи өйүттэн-санаатыттан үөскүүр буоллаҕына, таҥара диэн киһи бэйэтин өйө-санаата, баҕа санаата, ону итэҕэйиитэ буолар.

Саха дьонун итэҕэллэрэ куту-сүрү итэҕэйииттэн үөскээн тахсар. Киһи өллөҕүнэ салгын кута арахсан барарын сахалар былыргыттан билэллэр. Дьон салгын куттара киһи этиттэн-сииниттэн арахсан Үөһээ дойдуга сылдьаллар диэн этэллэр. Үтүө санаалаах тумус киһилэрин кутун түүктүйэҕэ хаайан, илдьэ сылдьаннар таҥара оҥостоллоро эмиэ баар.

Саха дьоно былыр-былыргыттан түүктүйэ таҥараны итэҕэйэллэр. Түүктүйэ таҥара диэн ааттаан үчүгэй, үтүө санаалаах төрүттэрин кутун түүктүйэҕэ хаайан баран илдьэ сылдьаллар эбит. Туос Түүктүйэ таҥара буолар эбит. Былыргы саха таптыыр киһитин үөрүн ойуунунан дьүһүттэрэн бүтэй тигиилээх, түөрт муннуга сиэллээх, ойуулаах туоска хаайтаран кэриэстээн, олорор дьиэлэригэр бэйэлэрин кытта илдьэ олороллоро үһү. Туос Түүктүйэ таҥара куруутун тыаһыы дыыгы¬ныы турар буолара.

Туос Түүктүйэ таҥараны арыынан, умунуохтаан маанытык туталлара үһү, оннооҕор саха андаҕайдаҕына: «Туос таҥара тобулу көрдүн, таас таҥара таҥнары көрдүн, мас таҥара батары көрдүн»,- диирэ үһү. (2,206).

Православнай христианскай итэҕэл баай дьоҥҥо туһалыыр итэҕэл буолбутун В.И.Ленин бэйэтин үөрэҕинэн толору арыйбыта. Бу итэҕэли ол иһин былыргы ыраахтааҕы саҕана тойоттор ордук сөбүлүүлэр этэ. Бу итэҕэл үөрэҕэ «Аҥар иэдэскин оҕустахтарына, атыҥҥын тоһуйан биэр» диэн этиитэ дьадаҥы киһи баайтан атаҕастаннаҕына саҥата суох тулуйар буоларыгар ыҥырар.

Сахалар тойон-хотун өттүлэрэ православнай таҥараны итэҕэйэ ох¬суу диэки салаллыылара, бу итэҕэл тойон, салайар дьон диэки тардыһыылааҕыттан, кинилэргэ элбэх туһаны аҕаларыттан буолбута. Баай дьоҥҥо тойон киһи үөһээттэн таҥараттан тутулуктаах диэн этэллэрэ дьадаҥы дьону салайарга олус туһалыыр эбитин оччолорго да арааран билэ охсубуттар.

Өр сыллар усталарыгар православнай христианскай итэҕэл салайар эргимтэлэрэ олус байбыттар, итэҕэйээччилэр сиэртибэ хо-муйан биэрэллэрэ тиийбэт буолан, государство харчытыттан эбии көр¬дүүллэр. Үлэһиттэр, хамначчыттар, дьадаҥы дьон В.И.Ленин ыйыытынан сирдэтинэн баай дьон таҥараларын, Православнай таҥара дьиэтин туох да харысхала суох үлтү сыспыттара.

Тойон киһи бэйэтин үйэтигэр элбэх үчүгэйи да, куһаҕаны да оҥо-руон сөп. Саха дьоно тойон итинник майгынын арааран билэллэр. Тойон оҥорбут дьыалаларыттан үчүгэй өттүн туспа арааран «Үрүҥ Айыытын» ылан таҥара оҥостон оҕолорун үөрэтэргэ туһаналлар. Ол аата, тойон киһи элбэх дьыалалары оҥорбутуттан үчүгэй, үрүҥ өттүн эрэ ылан кэлэр көлүөнэлэри үөрэтэргэ туһаныахха сөп буолар. Киһи бэйэтин олоҕор оҥорбут дьыалаларын мунньан ыйааһыннаан, тэҥнээн көрүү сахаларга былыргыттан баар. Ойуун киһи кутун ылан ыйааһыҥҥа ууран тэҥнээн көрөр. Бу киһи олоҕор элбэх үчүгэйи дуу эбэтэр куһаҕаны элбэҕи оҥорбут дуу диэни ыйааһын хараҕынан тэҥнээн көрөн быһаарар.

Kиһи үйэтигэр оҥорбут быһыыларын ыйааһын хараҕынан тэҥнээн көрүү сахалар итэҕэллэрэ. Үчүгэйи элбэҕи оҥорбут киһи кута чэпчэки буолан Үөһээ дойдуга аттанар диэн ааҕаллар. Онтон куһаҕаны элбэҕи оҥорбут киһи кута ыараан, ыарахан буолан Аллараа дойдуга, абааһыларга түһэр дииллэр.

Элбэх оҕолоох ыаллар саха дьонун санааларыгар саамай үтүө ыал¬лар буолаллар. Бу ыаллар оҕолорун киһилии өйгө-санааҕа иитэн-үөрэтэн, бэйэлэрин курдук үлэһит, кэргэннии олоҕу ытыктыыр дьон гына улаатыннардахтарына бары дьон хайҕалларын ылаллар. Аймах-дьону төрүттээбит киһи бэйэтин олоҕун холобура кэлэр көлүөнэлэригэр илэ үөрэх буолан иҥэриллэрин туһугар кини кутун-сүрүн туос дуу, туой дуу түүктүйэҕэ хаайан ууруна сылдьыы – былыр таҥара буолар эбит.

Эмэгэт - ойуун анал кута-сүрэ, араҥаччыта буолбут тыын. Урут өлбүт ойуун дууһата. Былыргы дьон илдьэ сылдьан үҥэр-сүгүрүйэр ханнык эмэ иччи эбэтэр абааһы дьүһүнүн үтүгүннэрэн маһынан дуу, туоһунан дуу оҥорбут оҥоһуктара. (1,254). Олохторугар элбэх үчүгэйи оҥорбут аймах, үтүө киһилэрин кута иҥмит туох эмэ бэлиэ тэрилин эмэгэппит диэн ааттыыллар. Былыргы сахалар эмэгэти дьиэлэригэр уура сылдьан харысхал оҥостоллор эбит.

Былыргы сахалар маһынан оҥоруллар эмэгэккэ итэҕэллэрэ салгыы сайдан улахан Будда итэҕэлигэр кубулуйбут буолуон сөп. Ол курдук Будда итэҕэлин сүрүн төрүтүнэн бу улахан эмэгэт куттаах диэн өйдөбүл буолар. Кытайга хас биирдии ыалга бэйэлэрин Буддалара баар диэн этэллэр. Бу өйдөбүл сахалар эмэгэттэригэр олус сөп түбэһэр.

Христианскай итэҕэл үчүгэй көрүҥнээх, үчүгэй майгылаах Христос таҥарата сахалар «Kиһи буолуу», «Kиһи быһыылаах»,- диэн сахалар киһи өйүн-санаатын быһаарар өйдөбүллэриттэн үөскээн олохсуйбут уонна үчүгэй киһи көрүҥнээх буолбут.

Сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ сахалар иччи, түүктүйэ уонна эмэгэт диэн өйдөбүллэрэ биир суолталаахтарын быһаарар. Бу өйдөбүллэр бары киһи эбэтэр ханнык эмэ кыыл куттарыттан үөскээн тахсаллар. Арай бу куту хайдах харайалларыттан эрэ уратыланаллар. Күүстээх куттаах ойуун киһи кута хаһан баҕарар аймах-билэ дьонугар көмөлөөх буола¬рын сахалар былыргыттан билэллэр. Үтүө киһи бэйэтин олоҕор ситиспит ситиһиилэрин уонна кыайыыларын өйдөбүллэрэ ордук эдэр көлүөнэ¬лэри үтүгүннэрэн, батыһыннаран үөрэтэргэ туһалыыллар уонна Үрүҥ Айыы диэн ааттаналлар.

Саха дьонун кут-сүр үөрэҕэ эрэ бииргэ түмүөн сөп. Дьон бары биир са¬нааланнахтарына итэҕэллэрэ биир буолар. Сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ бары баар итэҕэллэр төрүттэрэ буолар. Аан дойду үрдүгэр баар итэҕэллэр бары кут-сүр үөрэҕиттэн сайдан-үүнэн тахсыбыттар. Ол эрээри кэлин кэмҥэ бары улахан итэҕэллэр дьон санаатын баттыыр империяларга кубулуйан сылдьаллар.

Онон, саха дьонун таҥаралара диэн бэйэлэрин үйэлэригэр үлэлээн-¬хамсаан, олохторун дьоһуннаахтык олорбут, элбэх ыччаттары иитэн-үөрэтэн улаатыннарбыт үтүө төрүттэрин куттара буолар. Үтүө төрүт кута-сүрэ бэйэтин аймахтарын көрө-истэ сылдьарын саха дьоно былыргыттан билэллэр уонна итэҕэйэллэр.

ТАҤАРА

Биһиги сахалар олус уһун үйэлээх омук буоларбытын саҥа билинэн эрэбит. Саха дьоно тимири уһаарыыны уонна уһаныыны баһылааннар тула олорор омуктартан өй-санаа сайдыытын үрдүк таһымын ситиһэннэр олох араас ыарахан кэмнэрин туораан баччаҕа кэлэн олоробут. Аан дойдуну атыйах¬таах уу курдук аймаабыт хунн омук, «Ураа» хаһыытаабыт урааҥхай омук ханна бааллара, олорон ааспыттара биллибэт буолбуттара ыраатта. Сахалар аҕыйах да буолларбыт, эйэлээх олоҕу тутуспут, оҕолорбутун үтүөҕэ, үчүгэйгэ тардыһар санаалаах, киһи быһыылаах гына иитэр буоламмыт үһүс тыһыынча сыллар¬га сайдыы суолугар үктэннибит.

Бу ааспыт үйэлэргэ атын омук өйүгэр-санаатыгар сахалары үөрэтэ сатааһын түмүгэр эдэр ыччаттарбыт бэрээдэги кэһэллэрэ, өйдөрө-санаалара туруга суох буолуута үксээтэ. Билигин бэйэбит таҥарабыт үөрэҕин чөлүгэр түһэрэн салгыы сайыннар¬дахпытына, кэлэр көлүөнэлэрбитин туруктаах өйгө-санааҕа үөрэттэхпитинэ, түмсүүлээх буолан, салгыы сайдан-үүнэн барыахпытыгар сөптөөх балаһыанньа үөскээтэ.

Киһи өйүттэн-санаатыттан үөскээн тахсар быһыылары, үчүгэйин, куһаҕанын дириҥник быһааран, олохтоохтук, таҥара үөрэҕэр киллэрии билиҥҥи саха дьонуттан ирдэнэр көрдөбүл буолла.

Таҥара үөрэҕэ тугу туһалыырый? Олус былыргы кэмнэргэ айыылаах, таҥаралаах буолуу өйү-санааны сайыннаран киһи буолууга тириэрдэринэн сайдыыны ситиһии диэн өйдөбүллээх этэ. Онтон кэлин наука уонна тиэхиникэ сайдан истэхтэринэ таҥара үөрэҕэ өй-санаа сайдыытын хааччахтыыр диэн этэллэрэ. Билигин өй-санаа сайдыыта аһара түргэтээтэ. Киһи этэ-сиинэ өйө-санаата сайдыытын сиппэккэ быраҕыллар кутталга киириитэ, өй-санаа хааччахтаах буоллаҕына эрэ киһи киһилии быһыылаах буолан Орто дойдуга олоҕу олорорун быһаарар.

Бары таҥара үөрэхтэрэ өйү-санааны хааччахтаан, киһи буолуу суолунан салайан биэрэллэр. Айылҕаны, сири-дойдуну, киһини, кыыллары, көтөрдөрү барыларын таҥара айбыта диэн этии киһи өйө-санаата таҥараттан аһара барбатын, онно тиийбэт буолуохтааҕын быһаарар.

Билигин биһиэхэ сахаларга өй-санаа үөрэҕэ оннун була илик. Урукку таҥарабыт үөрэҕин сурукка киллэрэ иликпитинэн туһанан «Сахаларга таҥаралара суох»,- диэн этэллэр. Таҥара диэн тыл уонна айыылаах-таҥаралаах диэн өйдөбүл сахаларга былыр-былыргыттан баарын билбэтэҕэ буолааччы, саарбахтааччы билигин да элбэх. Айыылаах-таҥаралаах буолуу өй-санаа язычествоттан өссө үрдүкү таһымы ситиспитин, сахаларга таҥара былыр-былыргыттан баарын бэлиэтэ буоларын ситэ сыаналаабакка сылдьабыт.

Саха дьоно таҥара үөрэҕин айан туһанар буолбуттара биэс хас тыһыынча сыл буолан эрэр. Бу үөрэх остуоруйа кинигэлэригэр тенгрианство диэн ааттанан сурукка киирбитэ ыраатта. Хас эмэ сүүс сыллаах ыраахтааҕы, онтон коммунистар ыар батталларын, туоратыыларын кэнниттэн туох эмэ кыра өйдөбүллэр, өс хоһоонноро, холбуу этиилэр дьон өйүгэр-санаатыгар ордон хаалбыттарын билигин саҥалыы хомуйан эрэбит. Итиннэ эбии перестройка кэмин кэнниттэн тыл үөрэхтээхтэрэ урутаан түһэн булкууру киллэрэ сатыыллар.

Коммунистар таҥараны, өй-санаа үөрэхтэрин сымыйанан ааҕаллара. «Ханнык да таҥара суох»,- диэн этэллэрэ уонна үөрэтэллэрэ. Кинилэр үтүөнү баҕарар санааларыгар киһи барыта биир тэҥ өйдөөх-санаалаах уонна үчүгэйи эрэ оҥорорго аналлаах этэ. Маннык «Киһи барыта тэҥ»,- диэн өйдөбүл оҕо төрөөтөр эрэ эмиэ киһи буоларын курдук өйдөбүлү үөскэппитэ билигин өй-санаа үөрэҕэр эмиэ булкууру киллэрэр.

Таҥарабыт былыр-былыргыттан баар, аата-суола элбэхтик туттуллар курдук эрээри ханна баарын саҥа була сатыыбыт. Ол иһин бэйэбит былыргы итэҕэлбитин дириҥник үөрэтэн билэн, оннун булларан салгыы сайыннарар кэммит кэллэ. Итэҕэли, өй-санаа үөрэҕин, былыргы төрүттэрин булкуйа, саҥаны ары¬йа сатаабакка, урукку бэйэтин салгыы сайыннарар ордук туһалаах буолуо этэ. Сахалар таҥараларын итэҕэлэ былыргы ойууннар өй-санаа, кут-сүр үөрэхтэриттэн салгыы сайдан хас да тыһыынчанан сыллар тухары чочул¬лан киһи өйүн-санаатын олус табатык быһаарара син билиниллэн эрэр.

Ол курдук наука саҥа үөрэтэн билинэн эрэр реинкарнация диэн быһаарыытын саха ойууннара былыр үйэҕэ үөрэтэннэр киһи өйө-санаата, куттара өлбүтүн кэннэ туспа баран Yөһээ дойдуга сылдьалларын уонна улуу ойууннар күүстээх куттара кыра оҕо өйүгэр-санаатыгар киирэннэр хаттаан төрөөһүн курдук өйдөбүлү үөскэтэллэрин быһаарбыттар.

Сибииргэ олохтоох тенгрианецтэр диэн аатынан остуоруйаҕа биллэр дьон сахалар буолалларын таҥара итэҕэлэ биһиэхэ баара туоһулуур. Таҥара Илин Сибиир олохтоохторуттан биһиэхэ эрэ суолтатын сүтэрбэккэ куруук туттулла сылдьар.

Сахалар таҥараларын үөрэҕэ бэйэ-бэйэлэрин кытта тутулуктаах уонна салгыы сайдан иһэр түөрт чаастардаах:

1. Кут-сүр үөрэҕэ. Ойууннар үөрэхтэриттэн салгыы сайдан иһэр, киһи куттара тус-туспаларын быһаарар.

2. Киһи буолуу. Оҕо өйө-санаата иитиллэн, үөрэнэн киһи буолууну ситиһиитэ.

3. Киһи быһыыта. Киһи үйэтин тухары үөрэнэр, билиитин кэҥэтэр, олохтон хаалан хаалбатын ситиһэр, киһи быһыылаахтык олоҕун олорор.

4. Айыы буолуу. Киһи өлбүтүн кэннэ өйө-санаата кэлэр көлүөнэлэргэ туһата.

Таҥара үөрэҕин бу чаастарыгар кырдьаҕас омук олох туһунан үөрэхтэрэ, үгэстэрэ, сиэрдэрэ-туомнара, ойууннааһыннара барылара холбуу киирсэ сылдьаллар. Омук уһун үйэтин тухары мунньуммут олоҕун бары үөрэхтэрэ, итэҕэллэрэ бары холбоһоннор биир итэҕэлгэ кубулуйаллар.

Нууччалар кэлиэхтэриттэн саха дьонугар православнай христианскай таҥара дьиэтин итэҕэлин киллэрэ сатаабыттара. Ыраахтааҕы баарын саҕана, былаас уонна итэҕэл бииргэ үлэлиир эрдэхтэринэ, ол¬-бу араас манньалары биэртэлээн, түһээннэртэн уонна нолуоктартан босхолоон туран христианскай итэҕэлгэ киллэрбиттэрэ. Ол эрээри саха дьоно бу итэҕэли хаһан даҕаны ылымматахтара, суолтатыгар эрэ, тойотторго үчүгэй буолаары эбэтэр тугу эмэ туһанаары ымыммыта буолаллара.

Сахалар былыр-былыргыттан таҥара диэн тугун бэйэлэрэ билэр, итэҕэйэр буоланнар, атын, кэлии таҥара олохтоох дьоҥҥо туох да туһаны аҕалбатын билэр эбиттэр. Ол иһин ээл-дээл сыһыаннаспыттар. Ол курдук нуучча таҥаратын мөссүөнүгэр иҥмит кута-сүрэ аан маҥнай нуучча дьонугар үтүө санаатын биллэрэрин арааран билэннэр аанньа ахтан көрдөспөттөрө. Бу быһыы баҕар саха дьонуттан христианскай итэҕэлгэ элбэх «Светойдар», ол аата айыылар бааллара эбитэ буоллар уларыйыа эбитэ буолуо. Оччоҕо аны православнай итэҕэлбит бэйэтэ уларыйан сахалыы буолан хаалыа этэ. Ол курдук бу итэҕэллэр киһи, үчүгэй киһи буолуу туһунан өйдөбүллэрэ төрдүттэн биирдэр. Саха дьоно бэйэлэрин айыыларын харысхалларыгар сылдьалларын билигин да билинэллэр.

Православнай христианскай итэҕэли саха дьоно ылымматтарын өссө биир биричиинэтинэн бу итэҕэл үчүгэй уонна куһаҕан диэн өйдөбүллэрин атын кыра норуоттарга сыһыаннаан көрдөххө, кинилэр баҕа санааларыгар сөп түбэспэттэрэ буолар. Ол курдук таҥара дьиэтэ кыра омуктары бас бэриннэрэр, нуучча оҥорор санаатын хаһан да бырахпат. Саха дьонун санааларыгар бас бэринии, кулут буолуу өйдөбүлэ хаһан да бастары¬гар кыайан баппат куһаҕан өйдөбүлгэ киирсэр. Саха киһитэ бэйэтин сиригэр-уотугар бэйэтэ толору хаһаайын буолуоҕун былыргыттан баҕарар. Нууччалар кэлэн кыайан-хотон сахалары бэйэлээх бэйэлэрин сир-дэригэр-уоттарыгар «инородецтарынан» оҥорон кэбиспиттэрин кытта өйдөрө-санаалара төрүт сөбүлэспэт. Kэлии дьон баһылыыр былаастарын таҥара дьиэтин көмөтүнэн күүһүрдүөхтэрин баҕараллар. Православнай христианскай итэҕэл урукку өйүттэн-санаатыттан билигин да аккаастана илигин биллэрэр бэлиэлэрэ уларыйбакка сылдьаллар. Сахалары баттыыр, намтатар, өссө язычниктарынан ааттыылларын быраҕа иликтэр. Ол курдук таҥара дьиэтин үлэһитин «Владыка» диэн аата былыргы империя өйүн-санаатын тарҕатара уурайбат.

Кыра омук дьонугар улахан итэҕэлгэ кыттыһыы туох да барыһы биэрбэт, арай ночоокко эрэ түһэрэр кыахтаах. Улахан итэҕэлгэ кыт-тыһыы кыра омук дьонугар аан маҥнай төрөөбүт тылларын умналлары¬гар, олохторун үгэстэрин быраҕалларыгар, сиэрдэрин-туомнарын уларыталларыгар тириэрдэр. Омуктан ити бэлиэлэр барылара сүтүүлэрэ туспа омук буолууну букатыннаатык суох оҥорор быһыы буолар. Ол иһин сахалар ити итэҕэли ылымматтар.

Православнай христианскай итэҕэл олус күүстээх тоталитарнай ту¬тулуктаах, былыргы империя саҕанааҕы өйдөбүллэрин халбаҥнаппакка илдьэ сылдьар. Саха көҥүлү таптыыр, көҥүл иһин охсуһар, туспа республиканы оҥостуохтарын баҕарар дьонугар былыргы империя саҕанааҕы баттал эргиллэн кэлиитэ хайдах да сөбүлэтэр кыаҕа суох.

Кэлин кэмнэргэ нуучча государствота, Россия экономиката мөлтөөн, сайдыыта хаалан барыытыгар православнай христианскай таҥара дьиэтэ ордук сыһыаннаах. Орто үйэтээҕи хаалбыт өйү-санааны, куолакал дарбыйар тыаһын аныгы дьоҥҥо сыһыара сатааһын олоҕу сайдыы диэки буолбакка, төттөрү, кэннин диэки, хаалбыт өйгө-санааҕа соһор майгы буолар.

Саха дьоно бэйэлэрэ олус уһун үйэлээх омуктар буолаллара да-каастанан эрэр. Уһун үйэлээх буоланнар бэйэлэрин олохторун үөрэҕэ быдан киэҥ, дириҥ. Бу үөрэхтэрин саҥалыы сайыннаран биэрдэхтэринэ элбэх саҥа үөскээбит омуктар батыһыахтарын сөп этэ. Сахалар уһун үйэлэр тухары олох ыараханын билэннэр, олоҕу таба сыаналыы «Олох ыарахан» диэн этэргэ үөрэммиттэр. «Күн сырдыга баҕалаах» диэн этиилэрэ олох чахчы үчүгэйин, сырдыгын уонна ханна да атын сиргэ суоҕун быһаарар. Эйэлээх буолуу, олох салҕанан барыытын сүрүн төрүтэ буоларын саха дьоно умнубакка туһаналлар.

Кэнники кэмҥэ арҕааҥҥы үөрэхтэр олус сабырыйаннар сахалар оҕолорун былыргылыы, чиҥник, «Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс» диэ өс хоһоонугар сөп түбэһиннэрэн үөрэтэллэрин быраҕан кэбистилэр. Ол иһин эдэр көлүөнэлэр олоҕу ситэ сыаналаабат буолан, олус бэлэмҥэ, мааныга үөрэнэн, атаах буолан хаалбыттарын түмүгэр майгылара куһаҕан өттүгэр уларыйда. Оҕону иитии-үөрэтии олус сымнаан, кэхтэн, атаах оҕолору иитэн улаатыннарар буолууттан кэлэр көлүөнэ сайдар кэскилэ саарбахсыйда, эдэрдэр быстах быһыыга түбэһэллэрэ элбээтэ.

Дьон-норуот туһугар элбэх үтүөлэри, үлэни-хамнаһы оҥорбут дьом¬мут туһунан аҕынныбыт даҕаны аан бастаан кинилэр эрэйдээх олоххо үөскээбиттэрин, барылара-бары тиийбэт эбитин ахтабыт. Эрэйдээхтик, тиийиммэттик иитиллибит оҕолор улааттахтарына бэйэлэрин олохторугар ордук элбэх үчүгэйи, ситиһиилэри, дьон туһугар үлэни оҥороллор. Кинилэр кыра эрдэхтэриттэн өйдөрө-санаалара ситиһиини, кыайыыны оҥоруу өттүгэр тардыһыылаах, баҕа санаалаах буола үөрэниититтэн олохторугар элбэх ситиһиилэри оҥороллоро кыаллар.

Онон, былыргылар этэллэринэн баай-талым олох киһи өйүн-санаатын буорту оҥорор, мөлтөтөр, сымнатар. Киһи салгын кута күүһүн сүтэрэр, этин-сиинин, буор уонна ийэ куттарын дьаһайар кыаҕа суох буолар, киһи быстах баҕа санааларын урут толоро сылдьарыгар тиийэр.

Саха тыла олус былыргы тыл буолан киһи өйүн-санаатын былыргы өйдөбүллэрин билигин да илдьэ сылдьаллар. Итиннэ эбии түүллэри үөрэтии киһи өйө-санаата - куттара тус-туспа буолалларын арыйда. Киһи санаата күүһүрэн хос-хос хатыланан үгэс, кут буола кубулуйдаҕына киһини бэйэтин салайар кыахтаныыта арылынна. «Киһи санаа хамначчыта»,- диэн этии киһини санаата салайарын быһаарар.

Сахаларга киһи диэн олус үрдүктүк сыаналанар кэрэ тыл. Бу тыл суолтата, өйдөбүлэ ордук дириҥ. Былыргы кэмнэргэ дьон өйдөрө-санаалара саҥа сайдан, үлэлээн-хамсаан, систэрэ көнөн киһи буолан, киһилии быһыыланар буолан эрдэхтэринэ киһи өйө-санаата ордук үрдүктүк сыаналанар этэ. Ол аата дьон кыыл, сүөһү майгытыттан уларыйан киһилии майгыланалларын быһаарар ураты тыл эбит. Быһалыы эттэххэ сүөһү өйүттэн-санаатыттан өссө үөһээ диэки, киһи буолууга диэри сайдыыны ситиспити көрдөрөр тыл буолар.

Биһиги былыргы сахалар олохторун үөрэҕин ситэн үөрэтэ иликпит. Таҥарабыт аата олохпутугар күн аайы сүүстэ туттар тылбытыгар иҥэн сылдьарын өйү-санааны үөрэтии түмүгүнэн булан чуолкайдаатыбыт. Сахалар, биһиги таҥарабыт аата – «Киһи» диэн буолар. Бу киһи – баҕа санаа киһитэ. Баҕа санаа киһитэ - көннөрү киһиттэн үчүгэй, үтүө майгылаах, дьон барыта сөбүлүүр, итэҕэйэр, киһилии киһи, киһи киһитэ буолар. Оҕо улаатыар диэри бары кыаҕын, дьулуурун мунньунан ситиһэр, кини курдук буола сатыыр, үтүктэр үчүгэй, баҕа санаатын киһитэ – кини таҥаратынан ааттанар. Ол аата оҕо киһи буолууга баҕа санаата – кини таҥарата буолар. Киһи буолуу диэн оҕону үөрэтэр үөрэхпит аата. «Киһи буол», «Киһи оҥорорун курдук оҥор»,- диэн этэн үтүгүннэрэн үөрэтэбит. Оҕо өйө-санаата сайдан истэҕинэ «Улахан киһи» буола сатыыр. Бары кыаҕын, күүһүн мунньунан төрөппүттэрин курдук буолаары кыһанар. Оҕо үтүктэр күүһэ улаханын кини сатаан хаамарга үөрэниитэ быһаарар. Киһи буолуу үөрэҕэ көнөтүк туттан хаамыыттан саҕаланар. Көнөтүк туттарга, турарга үөрэнии оҕо бастакы кыайыыта буолар. Турар буоллар эрэ атаҕын эрчийбитинэн барар, анаан-минээн чохчоохойдуу оонньуур, илииттэн тутуһан хаамарга үөрэнэр.

Киһи курдук бэйэтэ хаамарга үөрэнээри оҕо бары кыаҕын уурар. Охтон да түстэр, ыарыыланнар санаатын түһэрбэккэ туран хаама сатыыр, нэһиилэ да уйуттан турдар тутуһан турар илиитин ыытынан кэбиһэн баран маҥнайгы хардыыларын оҥортуур. Оҕо төрөппүттэрин көрөн үтүктэр күүһэ киһи буолары ситиһэригэр кыах биэрэр. Көнөтүк туттан хаамарыттан сүнньэ көнөр, сүрэ үөскүүр.

Улахан киһи оҥорор бары быһыыларын сатаан оҥорор буолууга үөрэнии аата «Киһи буолуу» диэн ааттанар. Саха дьонугар «Киһи буолуу» диэн үрдүк сыал. Оҕо улаатан иһэн өр кэмҥэ иитиллэн-үөрэнэн, өйө-санаата эбиллэн киһи буолары ситиһэр.

Киһи буолуу өйүн-санаатын ситиһэн олоҕу «Киһи быһыылаахтык» олоруу биһиги сирдээҕи сыалбыт буолар.

Киһи буолууну ситиһии кэнниттэн «Yчүгэй киһи» буолуу үөрэҕэ киирэр. Оҕо барыта үчүгэй киһи буолууга дьулуһар санаалаах буоллаҕына ол баҕа санаатын ситиһэр кыахтанар. Ол аата оҕоҕо аан маҥнай баҕа санаа баар буолуутун ситиһии, ол баҕа санаатын ситиһэригэр кыах биэрии наада. Таҥара суолтата итиннэ саһан сылдьар.

Оҕо кыра эрдэҕинэ батыһар, үтүктэр киһитэ төрөппүтэ буолар. Кыра эрдэҕиттэн кини курдук буола, улаата сатыыр. Билигин даҕаны саха дьонугар оҕо төрөппүтүн курдук өйдөөх-санаалаах буолар диэн итэҕэл баар. Бу итэҕэл оҕону кыра эрдэҕиттэн иитиигэ уонна үөрэтиигэ олоҕурар. Оҕону иитиигэ ыаллар, ийэ уонна аҕа иккиэн тэҥ оруолу ылалларын сахалар сөбүлүүллэр. Толору ыалга иитиллибит оҕо өйө-санаата туруктаах буолар кыахтанар.

Таҥара дьоҥҥо тугу туһалыырый? Билигин өй-санаа үөрэхтэрэ сайдыбыттарын кэнниттэн уонна түүллэри үөрэтии түмүгүнэн киһини санаата салайар диэн быһаарыы таба буолара билиннэ. Ол иһин киһиэхэ үтүөҕэ, үчүгэйгэ ыҥырар баҕа санаалары үөскэтэн, үгэс, кут оҥорон иҥэрэн биэрии хайаан да наада.

Yтүөҕэ, үчүгэйгэ ыҥырар баҕа санаалар киһи өйүгэр-санаатыгар эрэ сайдаллар. Дьон өйдөрө-санаалара таас үйэтиттэн ыла сайдан иһиилэригэр таҥаралаах буолуу сайдыы үрдүкү таһымын ситиһии буолара. Кыыл өйүттэн-санаатыттан киһи уратыта ити буолар. Үтүө, үчүгэй санаа – таҥара диэн ааттанар. Үтүөҕэ, үчүгэйгэ баҕарыы, киһи буолууга дьулуһуу – таҥаралаах буолуу аата. Үтүөҕэ, үчүгэйгэ баҕарыы – алгыс тылларынан этиллэр. Алгыһы истии, ылыныы – таҥараҕа тиксии буолар.

Саха дьонун таҥаралара диэн үтүөҕэ, үчүгэйгэ баҕара санааһын-нара, киһи буолууга дьулуһуулара, үчүгэй киһи буола сатааһыннара буолар. Бу баҕа санааны толорорго, ситиһэргэ үтүө ааттаах-суоллаах бэ¬йэлэрин аймах-билэ киһилэрин үтүктүү, кини олоҕун үөрэҕин батыһыы ордук туһалаах. Оҕо улаатан өйө-санаата сайдыытыгар батыһар, үтүктэр киһитэ хайаан да наада. Оҕону үчүгэй быһыыга, үчүгэйи оҥорууга үтүгүннэрэн үөрэттэххэ эрэ табыллар. Ол иһин үтүктэр киһитэ баар буолуохтаах.

Төрөппүт эбээһинэһэ оҕотун бэйэтин курдук киһи оҥоруу буолар. Оҕо аан маҥнай төрөппүтүн курдук буоларын ситиһии кини өйө-санаата туруктаах буолуутун үөскэтэр. Төрөппүтүн өйүн-санаатын таһымын, үлэтин-хамнаһын ситиһэн баран салгыы сайдыбыт оҕо туруктаах өйдөөх-санаалаах буола улаатар. Өйө-санаата салгыы сайдан барыыта төрөппүтүн билиитигэр-көрүүтүгэр тирэҕирэр буолан кини өйө-санаата туруктаах буолар. Ол аата оҕо ийэ кута үтүө үгэстэргэ төрөппүтүн көмөтүнэн үөрэнэн өйө-санаата туруктаах буоларыгар тиийэр.

Yчүгэй киһи күүстээх кутун туос түүктүйэҕэ хаайан, эмэх маска иҥэрэн оҕолору, кэлэр көлүөнэлэри иитиигэ-үөрэтиигэ сахалар туһаналлара былыр-былыргыттан биллэр. Билигин саха дьонун киһи буолууга үөрэхтэрэ ситэ сайдыбакка нууччалар Христос таҥараларыгар саба баттатан сылдьар. Сахалар таҥаралара уруттаан, эрдэ үөскээбит буолан анал аата суох. Көннөрү - киһи диэн. Ол эрээри киһи диэн үтүө тыл, үрдүк сыал буолуута, оҕо улаатан өйө-санаата эбилиннэҕинэ эрэ ситиһэр кыахтааҕа «Yчүгэй киһи» таҥара аата буоларын бигэргэтэр.

Киһи буолуу үөрэҕэ сахалар хоту сиргэ көһөн кэлиилэриттэн, олоҕу олоруу тымныыны кытта охсуһууттан олус ыараабытыттан уонна сахалар атын омуктары баһылаан кинилэри бэйэлэрин өйдөрүгэр-санааларыгар киллэрэ сатаабатахтарыттан, биһиги эрэ үөрэхпит таба диэн диктатураны олохтооботохторунан салгыы сайдыбакка, күүһүрбэккэ сахалар бэйэлэрин оҕолорун эрэ киһи буолууга үөрэтэллэр. Сахалар үчүгэй киһи буолууларын үөрэҕин атын омуктар Тибиэккэ уонна Европаҕа салгыы сайыннараннар Будда уонна Христос диэн ааттаах таҥараларга кубулуппуттара. Ол курдук Бөгдьө улахан киһи буолуу, онтон Кэриэстэс үчүгэй киһи буолуу өйүттэн санаатыттан үөскээн сайдыбыттар.

Киһи эрэ барыта киһи буолуу өйүн-санаатын кыайан ситиспэт үрдүк сыала буолар. Сорох дьон киһи буолары кыайан ситиспэттэр. Өйдөрө-санаалара ситэ тиийбэт. «Киһи буолуо дуо», «Киһи буолаахтаан»,- диэн ситэ өйө-санаата сайдыбатах, бэйэтэ бэйэтигэр сылдьар киһини этэллэр.

Олоххо эт-сиин эчэйиитэ баар суол. Эт-сиинэ мөлтөх соҕус да эрээри өйө-санаата сайыннаҕына киһи буолууну ситиһэр кыах кимиэхэ баҕарар баар. Эт-сиин итэҕэстэрин кыайан, олору билиннэрбэккэ олоххо ситиһиилэри оҥорор киһи ордук сыаналанар, өйө-санаата ордук күүстээх буолар.

«Киһи бөҕөтө»,- диэн куһаҕан майгылаах, дьону кытта кыайан тапсыбат, биир тылы буларга ыарахан киһини этэллэр. «Киһи буолбатах»,- диэн этии өйө-санаата букатын сайдыбатах, киһилии майгына суох, сыыһа туттан быстах быһыыны оҥорор киһи буолар. Ол аата киһи курдук көрүҥнээх эрэ буолан баран сүөһү курдук майгыланан ылар киһини этэллэр.

Таҥара дьоҥҥо баҕа санаа үөскүүрүгэр көмөлөһөр, ыйан биэрэр су¬лус буолан сирдиир күүстээх. Бу үөскээбит баҕа санаа көмөтүнэн киһи бэйэтин кыаҕынан уонна күүһүнэн олоҕун оҥостор. Үтүөҕэ, үчүгэйгэ сирдиир, ыҥырар таҥара киһиэхэ хайаан да наада. Үтүө, үчүгэй ханна баарын, хантан кэлэрин киһи умуннаҕына, атын, куһаҕан сыаллары ылы¬ныан эмиэ сөп. Онон, таҥара суолтатынан киһиэхэ үтүөҕэ, үчүгэйгэ сирдиир, ыҥырар баҕа санаалары иҥэрэн олоҕун үчүгэйи оҥорого аныырыгар аналлаах.

Саха дьонугар таҥара итэҕэлэ сайдарыгар биир санааҕа түмсүү наада. Оҕону иитиигэ бары кыаҕы ууруу, эрэллээх кэлэр көлүөнэлэри улаатыннарыы уонна Айылҕаны харыстааһыҥҥа турунуу саха дьонун биир санааҕа түмүөҕэ. Оҕону үчүгэй киһи буолууга үөрэтии төрөппүттэр кыахтарын иһинэн баар суол. Кэлэр көлүөнэлэрин туһугар ис сүрэхтэриттэн кыһанар, өйдөрө-санаалара сайдыбыт төрөппүттэр бары кыахтарын уурунан сахалар олохторун үөрэҕин иҥэриннэхтэринэ омукпут салгыы сайдарын хааччыйыахтара.

Билигин сахаларга үчүгэй киһи уобараһа баар буолла. Дьадаҥы, аас-туор тиийиммэт олоххо иитиллэн, өйө-санаата түргэнник сайдан, үөрэҕи-билиини ситиһэн, республикабытын тэрийсэн, ону салайыыга тиийэ өйүн-санаатын сайыннарбыт улуу убайбыт П.А.Ойуунускай олоҕун, үлэтин холобура сирдиир, ыҥырар сулус, айыы буолар кыахтаах.

Сахалартан аан бастаан П.А.Ойуунускай оҥорбут, айбыт үлэлэрэ үйэлэргэ умнуллубат саҥаны арыйыылар, айыы буоланнар кэлэн иһэр көлүөнэлэри сирдээн, ыҥырар күүстээхтэр. Бу үлэлэр саха дьонугар суолталара олус сөҕүмэрдэр. Билигин саха дьоно бэйэлэрэ государстволаах буолар баҕа санааларыгар П.А.Ойуунускай тэрийсибит уонна салайбыт республикатын салгыы сайыннарыы сөп түбэһэр. Саха дьоно былыр-былыргыттан айыылаах-таҥаралаах диэн ааттаахтар. «Таҥара», «Айыы» диэн тыллар, өйдөбүллэр иҥэн сылдьаллар. Куруук туттуллар буоллулар. Таҥаралаах буолуу өй-санаа сайдан, өссө үрдүкү таһымҥа тахсыбытын бэлиэтэ. Таҥара үөрэҕэ диэн киһиэхэ үчүгэйгэ баҕара сатааһыны үөскэтии уонна ону ситиһэргэ өйү-санааны, эти-сиини салайан биэрии буолар.

Саха ойууннара былыр-былыргыттан өйү-санааны сайыннарыыга уонна өй-санаа күүһүн туһаныыга үлэлэрэ олус суолталаахтар. Таҥара итэҕэлэ киһиэхэ үтүө, үчүгэйгэ ыҥырар баҕа санааны үөскэтэр буолан киһи олоҕун сирдьитэ, ыҥырар, угуйар сулуһа буолар. Саха дьонугар итинник баҕа санаа баар. Ол баҕа санаа «Киһи буолуу» диэн ааттанар. Бу санааны күүһүрдэн, эбэн, тупсаран эрэ биэриэххэ наада.

Бары үтүө, үчүгэй санаалаах буоларгытыгар баҕарабыт! Кэлэр көлүөнэлэргит киһилии өйдөөх-санаалаах буоланнар дьон-сэргэ махталын ыллыннар!

Билигин саха дьонугар саҥа олоххо сөп түбэһэр өйдөбүллээх, ол аата оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ уонна Айылҕаны харыстыырга аналлаах таҥара үөрэҕэ наада буолла. Таҥараны элбэх дьон итэҕэйэр буолалларын наадатыгар ханнык эрэ көмөлөһөр күүс наада. Сахаларга таҥаралара баар эрээри билигин күүһэ суох буолан баара биллибэт.

Онон, саха дьонун таҥараларын сайыннарарга ханнык эрэ күүстэр наадалар. Билиҥҥи кэмҥэ ол күүстэринэн эрэллээх кэлэр көлүөнэлээх буолууга дьулуһуу уонна Айылҕаны харыстааһын буолаллар.

Олохпут сайдыытын сыыһа сыаналыырбытыттан оҕолорбут олус бэлэмҥэ үөрэнэр буоланнар өйдөрө-санаалара мөлтөөн, сымнаан, быстах санааларыгар баһыттара сылдьар буолуулара олоҕу киһилии олороллоругар кыахтарын кыччатар. Кыра эрдэхтэриттэн үчүгэй үгэстэргэ чиҥник үөрэппэт буолуу биирдэ сыыһа туттан быстах быһыыларга киирэн биэрэллэрин элбэтэр. Ол иһин оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ кут-сүр, таҥара үөрэҕин туһанар буолуу эрэйиллэр.

Таҥара үөрэҕэ өйү-санааны хааччахтыыр үөрэх. Киһи өйө-санаата көҥүлүнэн, талбытынан сайдар кыаҕа суох. Ханнык эмэ таҥараны билинэр буоллаххына ол таҥара үөрэҕин тутустаххына табыллар. Сахалар таҥараларын үөрэҕэ өйү-санааны хааччахтыыр сокуона – сиэр. Саха киһитэ барыта сиэри тутуһар. Сиэри таһынан ким да барбат.

Өй-санаа куһаҕан өттүгэр сайдарын таҥара үөрэҕэ хааччахтаан, үчүгэй өттүгэр салайан биэрэр. Таҥара дьоно: Киһи, Будда, Христос, Магомет олус үчүгэй дьон, барыны-бары таба оҥороллор. Таҥараны итэҕэйээччилэр бу дьону үтүктэннэр үчүгэй быһыылары оҥорорго үөрэнэллэр.

Онтон саха оҕотун таҥарата төрөппүтэ буолар. Оҕо аан маҥнай төрөппүтүн үтүктэн, кинини батыһан өйүн-санаатын сайыннарар. Россия сир баайдаах хаһааһын курдук буолбуппутунан дойдубутун сирбитин тоҕута хаһан, үлтү тэпсэн, хара буорунан көрдөрөн бүтэрээри гыннылар. Айылҕаны харыстыыр өй-санаа сайдара буоллар саха дьоно түмсүөхтэрэ этэ. Сахалар Айылҕаны харыстыыр өйдөрө-санаалара атын омуктар¬дааҕар күүстээх. Элбэх киһи түмсэн, санаалара биир буоллаҕына, ол санаалара күүһүрэр. Айылҕаны харыстыыр санаа күүһүрүүтэ кэлин атын омуктарга эмиэ тарҕаннаҕына өссө күүһүрэн барыаҕа. Дьон-аймах са¬наалара тупсан, саҥа олоҕу тутуу диэки салаллан барыахтарын сөп этэ.

Ол иһин Айылҕа харыстабылыгар алгыстары анааһын, Аан дойду ич¬читин Аан Алахчын хотуну уоскутуу, алдьаммыт-кээрэммит сири-дойду¬ну чөлүгэр түһэрэр үлэлэр ыытыллыылара сахалыы сиэринэн-туомунан барыылара саха таҥаратын күүһүрдэн иһиэҕэ. Саха дьоно Айылҕаны ха¬рыстыырга түмүстэхпитинэ, санаабыт күүһүрэн таҥарабыт сайдыаҕа!

Сахалар аҕыйах ахсааннаах да буоллаллар омуктарын күүһүрүөхтэ¬рин баҕараллар. Түмсүүлээх, таҥаралаах, итэҕэллээх буоллахпытына, ол баҕа санаа ситиһиллэригэр кыах баар буолуо.

Ол да буоллар саха дьоно омук хаһан күүһүрэрин бэйэлэрэ да би¬лэллэр. Ол билиилэрэ: «Олох ыараатаҕына, омук күүһүрэр» диэн этии¬гэ чопчу ыйылла сылдьар. Биһиги эмиэ саха омугу күүһүрдүөхпүтүн баҕарар буоламмыт ити этиини бары өттүттэн ырытан көрүөхпүт. Ол иһин аан маҥнай олох ыарааһына диэни быһаарыахха наада.

Олох хаһан ыарыырый? Айылҕа содулларыттан, государство ис тутула уларыйыытыттан эбэтэр атын туохтан эмэ тастыҥ күүстэн үлэ-хамнас таһаарыыта суох буолуута ас-таҥас тиийбэтин үөскэтэн дьон олоҕо ыарыыр. Олох ыарааһына оҕо иитиитигэр быһаччы дьайар. Атаах, мааны оҕолор диэн суох буолаллар. Оҕолор кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ үөрэнэн, эрчиллэн барыны-бары кыайар дьон буола улааталлар. Бу улааппыт оҕолор бары түмсэннэр өссө күүскэ үлэлээннэр омуктарын күүһүрдэллэр.

Россия экономиката мөлтөөһүнэ, олох-дьаһах ыарааһына бэлэмҥэ үөрэммит дьоҥҥо эрэ ыарахаттары үөскэтэр. Ырыынак сыһыаннара үөскээһиннэрэ бэйэтэ кыанар, үлэҕэ-хамнаска үөрэммит, тулуурдаах, дьулуурдаах киһи бэйэтин кыаҕынан олоҕун оҥосторугар кыах биэрэр. Ыарахаттары тулуйарга үөрэниигэ биһиэхэ айылҕабыт тымныыта эмиэ көмөлөһөр. Тулуурдаах, дьулуурдаах киһи ханнык баҕарар ситиһиини оҥорор кыахтаах.

Хос быһаарыылар.

1. П.С.Афанасьев, П.А.Слепцов, В.И.Лиханов и др. Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта.- Дьокуускай: «Бичик» нац. кинигэ кыһата, 1994.- 264 с.

2. Сэһэн Боло. Лиэнэҕэ нуучча кэлиэн иннинээҕи саха олоҕо. Дьокуускай: «Бичик» нац. кинигэ кыһата, 1994.- 352 с.

ИҺИНЭЭҔИТЭ

Аан тыл

Өй уонна санаа

Баҕа санаа

Баҕа санаа үөскээһинэ

Ыра санаа

Баҕа санаа туолуута

Өй-санаа уларыйар

Аһынар санаа

Бэйэмсэх санаа

Куһаҕан санаа

Куһаҕан санаа үөскээһинэ

Иэстэһэр санаа

Өйү-санааны ыраастааһын

Киһи уонна сүөһү

Киһи буолуу

Былыргы таҥаралар

Таҥара

Иһинээҕитэ