Козаалаах бараан туһунан остуоруйа (Тукаай/Кузьмина М.И. тылбааһа)

Козаалаах бараан туһунан остуоруйа[1]


Былыыр-былыр биир дьадаҥы ыал олорбут.
Быстарыы ол ыал олоҕун огдолуппут.
Ырыган козалаах барааны ииппиттэр,
Ыксаан, бэл олорун үүрэргэ тиийбиттэр

Эр киһи эппит: «От аһара сыаналаах.
Илдьэн от атыылыах, ол быдан туһалаах
Козалаах барааны үүртэлээн кэбиһиэх,
Кураанах айах адаҕатын иитимиэх».

Онуоха кэргэнэ тута сөбүлэммит:
«Онто да суох, туһабыт тугуй иитэммит, -
Баар эрэ оппут сыыһын барыыллар арай,
Барааннаах коза бардыннар атах-балай».

Хайыахтарай коза сордоох, бараан муҥнаах,
Хаһаайын талбыта, этэн да хаалыа таах.
Инньэ дэһэн, хаарбах хааһаҕы ылбыттар,
Итиэннэ хонор сир көрдөһө барбыттар.

Атах-балай дьэ бардар баран испиттэр.
Аара кими да көрсүбэтэх эбиттэр.
Аллаах билэр ааспыт суоллара төһөтүн.
Арай, көрө.түспүттэр бөрө төбөтүн

Коза чугаһыан, бөрө төбөтө дьулаан,
Куттанар оннооҕор ордук хоргус бараан!
Арай, аһаҕас хааһах айаҕын аппыт,
Аҕалыҥ диэбиттии аттыларыгар сыппыт.

Коза муҥнаах барааны ааттаһа сатыыр.
Хоргус бараан эмиэ төттөрү сыҥалыыр.
Ким ылыан бүк саллан, «Эн-мин» дэһэн,
Кириэтэһэ турбуттар бэрт өр мөккүһэн,

Онтон, дьэ кэмниэ-кэнэҕэс санаа булан.
Уҥа-хаҥас кулгааҕыттан иккиэ ылан,
Илдьэн, били хааһах иһигэр укпуттар,
Итиэннэ эмиэ бардар бара турбуттар.

Ол курдук сукуһан барбахтаан иһэннэр,
Ойуур быыһынан уоту көрө түһэннэр,—
Барааи олус үөрбүт, аргыһыгар эппит:
«Бара охсуох, көһүннэ дии хонор сирбит.

Уот кутаа таһыгар утуйан туруллуо,
Ол таһыгар бөрө даҕаны суох буолуо»-
Итиэннэ иһиттэ сөбүлүүр саҥаны:
«Ээх,— диэтэ коза.— Баҕардар, барыах даҕаны».

Уокка улам чугаһаан, кэлэн истилэр,
Ол иһэн уолуйан, олоро түстүлэр...
Уоту тула, хааһылаах күөстэрин өрө,
Олороллор эбит хае да торҕон бөрө.

Онтон уолуйан хаалбыт козалаах барааи,
Уоскуйан, тыын ылан, оинэ биир дни санаан,
Чобоотук туттаннар кутааҕа кэлбиттэр,
«Тойоттоор, эһиэхэ эҕэрдэ!» — дэспиттэр.

Барааннаах коза кээлтин көрө-көрөлөр
Баһаамын үөрбүттэр торҕон сур бөрөлөр:
«Бэлэм ас кэлбитин мэтийз оонньуохпут,
Миин иһэн. арыылаах хааһы сиэн хонуохпут!»

Онуоха коза эппит: «Аһы булуллуо,
Ол аһынан бары даҕаны тотуллуо!
Аллайан туруоҥ дуо, аспытын-үөлбүтүн
Аҕала тардый — били бөрө тебөтүн!»

Өлбүт сур бөрө төбөтүн илэ көрөөт,
Үөр бөрө эттэрэ саласпытын өйдөөт,
Эр ылбыт коза сири-буору табыйбыт,
Эбиитин бээҕинии-бээҕинии дьаһайбыт:

«Мээ-мээ! Мээ-мээ! Мээ-мээ! Бэйэҥ да көрбүтүҥ
Били хааһахха уон түөрт бөрө төбөтүн!
Ах, аҥала да бараан, сүөһү кэнэнэ!
Аҕала тарт бөдөҥ бөрө төбөтүнэ!

Ону бараан обургу тута оройдоон,
Укпут били төбөтүн иккиһин хостоон,
Куттаммыт бөрөлөр көрө саллыбыттар,
Кутуруктарын купчуччу туттубуттар.

Олоруоҥ дуо иэдээҥҥэ аһыы-сии?
Оройго биир санаа: күрэнии, тэскилии.
Хас бөрө төбөтүн ол санаа сынньыбыт:
Хайдах гынан куотабыт, ханна барабыт?

Онтон өй булан, Баһылык бөрө
Онолуйбут, ойуур диэки көрө-көрө:
«Арба даҕаны уубут бүттэ этэ дии,
Аҕала охсуох, аһыахпыт чэйдии-чэйдии».

Инньэ диэт, тыаҕа субурус гынан хаалбыт
Ити кэнниттэн өр кэм, элбэх чаас ааспыт . .
Көхсүлэрэ көһүйүөр диэри күүппүттэр
Күүппүт бөрөлөрүн көрө сүтэрбиттэр!

Сур бөрөлөр баһылыктара күрэнэн
Суоһаабыт ыар куттал үөр бөрө үрдүнэн.
Иккис бөрө эппит: «Уу баһа мин барыым, -
Этиэх иннинэ була охсон аҕалыым».

Эмиэ күүтэ сатыыллар торҕон бөрөлөр
Иккис сур бөрө суолун көрө-көрөлөр,
Биллэн турар, иккис бөрө да мэлийбит,
Бэйэтэ куотаары бэлэһин минньиппит.

Үлүгэр бөҕөттөн өлөрдүү куттаммыт
Үһүс бөрө кэнниттэн төрдүс сус гыммыт
Ол курдук, торҕон бөрө үөрдэрин кыйдаан,
Ордон хаалбыт эбиттэр козалаах бараан
 
Уонна, асчыттарга махтана-махтана,
Уот тула олорон, аа-дьуо, тото-хана,
Бэлэм хааһы бэрдин мотуйан барбыттар,
Бэркэ диэн миигэстик утуйан турбуттар.

Бэрт эрдэ, сарсыарда, тыҥ хатыыта туран,
Били бөрө тебөлөөх хааһаҕы ылан,
Эмиэ барбыттар айан суолун арыйан...
Эбии туох диэмий? Бүтэр мин остуоруйам.


<>

  1. Шурале - тыа иччитэ