Култуура тиэкиһин ааҕыы (Санаайа)

Култуура тиэкиһэ диэн бүүс-бүтүннүүтэ бэлиэттэн, бэлиэ тылтан-өстөн таҥыллан сылдьар кистэлэҥ ис хоһоонноох. Алампа этэринии саһыарыылаах санаалаах, биир кэлим ситим, тиһик, ыпсарыы буолар. Алампа ол иһин туой аайы ити ыпсарыы, ыпсыы, ыпсаҕай туһунан, ыпсаҕайдык этэр-саҥарар, ыллыыр-туойар туһунан этэр, оннукка баҕарар.

Ырыам иччитэ ыпсан,
Хоһоонум иччитэ холбоһон,...
Хаппахтыыр хара былыты
Халбарыччы хаһыытаатарбын... —

дииринии, тиэкискэ кистэнэ сылдьары хайа эрэ албаһынан арыйа баттаан арылыс гыннаран, күндү таас курдук далай анныгар саһа сытары көтөҕөн таһааран, күн уотугар күөрэччи тутан күрүөх-билэ дьоммутугар күлүмүрдэтэн көрдөрбүт киһи баар ини диир санаа киһиэхэ киирэр. Интерпретатор диэн кими баҕарар ааттыахха син — өскөтүн кини кими да үтүктүбэккэ, бэйэтин санаатын сатаан сааһылаан, тоһумардаан толкуйдаан, бэйэтэ иддьиритэн өйдөөн-билэн, эргитэ санаан эридьиэстээн этэн таһаарар. Ол гынан баран интерпретация хайдах ааҕан, туох диэн этэ санаан туран сатаан са-лайан таһааран эргитэн эттэххэ, тахсан кэлэр албаһын-ньыматын герменевтика диэн ааттаан, искусство биир көрүҥүн быһыытыншан көрүү баар. Герменевтика диэн идэлээх дьон ньымата. Ордук чуолаан культуролог идэлээх дьон ньымата.

Тиэкиһи ааҕыы диэни бэрт элбэх киһи, аныгыга бүтүн үйэ тухары иҥэн-тоҥон, ирдээн-тордоон туран сатаабыт сатабыллара буолар. Ити 19-с — 20-с үйэлэр устата Дьобуруоппа дьоно тобулан булбут ньымата. Герменевтика диэн Фридрих Шлейермахер, Мартин Хайдеггер, Вильгельм Дильтей, Ханс-Георг Гадамер, Эмилио Бетти, Поль Рикер диэн улууканнаах дьон үйэлэрин анаабыт суоллара буолар.

Оттон биһиги дьоммут, син эмиэ бары омук тэҥэ, толору толкуйунан олорор эрдэххэ, этэр илдьити истэр-билэр этилэр буоллада дни. Тиэкис диэҥҥэ этэр, саҥарар, суруйар, ойуулуур кипи илдьит этэр куолу. Ол идцьитэ хайаан да кистэлэҥ, тиийиэхтээх эрэ киһитигэр анаан тиийэр-тиксэр дириҥ ис хоһоонноох буолар. Оннук хоһоон А.И. Софронов-Алампа «Киһи билбэт кистэлэҥнэрэ» диэн хоһооно буолар:

Күн анныгар
Көннөрү көрөргө
Көстүбэт дьүһүннэр,
Дуораһыйбат дорҕооттор,
Баһаам элбэх бааллар...
Онно
Элбэх дьикти сэһэннэр,
Сытыы, ыраас сырдыктар (сыыһата суох сырдыктар)*
Сыстыһан сылдьаллар...
Ону
Мээнэ киһи
Мэйиитэ билбэт,
Көннөрү киһи
Көхсө сэрэйбэт, (көмүскэтинэн көрбөт)*
Ама киһи
Арааран анаарбат, (Араҥалаан саҥарбат)*
Арай
Атын харадынан
Анаарар аналлаах,
Холобурдаан хоһуйар (холобурдаан истэр)*
Хос куолайдаах, (хос кулгаахтаах)
Имэҥирэн этэр
Илбистээх тыллаах,
Ириэнэх хааннаах —
Итинниги сиһилии
Истэр-билэр...
Оннук киһи
Суруллубут ойууттан,
Тутуллубут дорҕоонтон,
Саҥарбыт тылтан (Саҥарбат тылтан)*
Сатаан булан
Салайан таһааран
Саас тохору салгыппат
Саргылаах саҥаны саҥарар.
1926 с.

  • Хоһоон 2005 сылга бэчээттэммит тиэкиһигэр Алампа илиитинэн суруйбутун В.Г. Семенова киллэрбитэ маннык.

Оттон бу бастакы тиэкис 1976 сыллаахха Г.Р. Кардашевскай хомуйан оҥоһуутунан сылдьар. Бу икки тиэкиһи тэҥнээн көрдөххүнэ биир тыл, биир этии тиэкис ис хоһоонун хайдах курдук уларытыан сөбүн итэҕэйэрин.

Алампа бу хоһооно сахалыы санааһын, толору толкуй ис кистэлэҥин илдьэ сылдьар сэһэн буолар. Кодовая информация. Маны арыйан аахпыт сахалыы саныыр, толору толкуйдуур диэн тугун унуордуур. Саха эрэ, сахалыы саҥарар эрэ киһи өйдүүр гына суруллубут сэһэн буолар. Онон бэйэм хайдах өйдүүрбүн ситэри-толору арыйа барбакка эрэ, сахалар болҕомтолорун тардаары этэбин. Ким өйдүүр өйдүөҕэ. Өйдөөбүт аһыллыаҕа, арыллыаҕа — арылыс гына түһүөҕэ.

Алампа бу хоһооно киһи мэйиитэ хайдах үлэлиирин билбит билии буолар. Маны наукаҕа структурная антропология диэн ньыма-хайысха дииллэр. Клод Леви-Строс диэн Франция еврейэ арыйбыт ньымата буолар. Алампа Суруллубут ойуу диир. Ити бэлиэ — знак. Култуура знага. Мандар ойуу тыла диирэ. Суруллубут ойууттан булан ылар өйү этэр. Киһи мэйиитэ суруллубут ойууну ааҕар. Сатаан ааҕар гына айыллыбыт. Бу бэлиэ (знак) си курдук ситимнэнэн, ситимнээн өйдөтөрө си бэлиэ (символ) дэнэр. Си бэлиэ си курдук ойуу буолан киһи көрөр мэйиитигэр көстөр, киһи ону илэ көрүмүөн да син. Илэ да көрбөтөр бу маннык си бэлиэ этэн кэлэн уобарас, көстүү буолан көстөн кэлэр. Си курдук ситимнэнэн сүппэккэ силбэһэн киһи ахсын, санаттан сана сүһүөх дьон ахсын си бэлиэ бэриллэн, туттарыллан иһэр. Тыынынан. Удьуор тыынынан. Үрүҥ тыыны үрэн киллэрэр түгэннэригэр. Бу си бэлиэ кипи икки мэйиитэ тэҥинэн солбуйса, эр-биир эрдэн үлэлииллэрин ситимниир Инньэ гынан бу си бэлиэ киһи толору толкуйун олохсутар, олохтуур. Клод Леви-Строс символ туһунан уот харахха маннык этэр.

Аны тутуллубут дорҕоон диир. Дорвоону киһи орто дойду ойуулаах отун-маһын, көтөрүн-сүүрэрин, кыылын-сүөлүн эйгэтиттэн, тыаһыттан-ууһуттан, саҥатыттан-иҥэтиттэн булан тутан ылар. Тутан ылан бэйэтин саҥатыгар баайар. Туттарбат дорҕоон, атын айылҕа дорҕооно диэннэр бааллар. Дорҕоон киһи толкуйун тутар. Киһи мэйиитигэр дорҕоон киирэр. Киирэн си курдук бэлиэ тыас (сигнал) биэрэр. Оччоҕуна киһи толкуйдаан киирэн барар. Киһи толкуйун ийэ дорҕоон тутара чахчы. Саха ийэ дорҕоонун дьүөрэтин сүтэрдэххэ, куоттардахха, тугшатахха саха киһитин толкуйа уларыйара чахчы. Дорҕоону тутар, туттарар диэн баар эбит биир сатыахтаах тус суолбут.

Саҥарбыт тыл. Саҥарбыт тыл баар биир эмиэ туспа тутаах сылдьар тыл. Биир тылга сүҥкэн улахан, дириҥ ис хоһоон угулла сылдьар. Саха мэйиитэ итинник биир тыллаах этиинэн саҥарар ураты тутуллаах. Биир тылга саха санаатын баайбыта элбэх. Биир эрэ тылы этэн баран онон бүтэр. Суос-соҕотох биир тылы. Оннук. Саха биир этиитэ биир тыл буолан симиллэн сылдьар си тыллара саҥа буола сылдьарьш истэри сатыахтаах. Оттон санарбат тыл диэн (невербальный язык) эмиэ баар — ол тыл тугу этэрин эмиэ ис хоһоонноон өйдуөхтээх. Бу тыл күлүүс тыл (ключевое слово), хатыыр, кулугу буолан хатыы сылдьарын сатаан сүөрүөх тустаах ааҕааччы. Ол аата бу тылы булар сорук турар. Күлүүс тылы сөпкө булбут ол аакар кыахтанар.

Бу үһү (бэлиэни, дорЕоону, тылы) киһи хакас мэйиитэ истэр даҕаны, этэр даҕаны, ол аата билэр. Хаҥас мэйии күлүүһүн тыла бу үс. Хаҥас мэйиитэ хатанары бу үс тутар. Аллараанны хатыыр (хатааһын), намыһах баайыылаах (уустуга суох — судургу) хатыыр (низшие коды) дэнэр. Киһи өйдөөбүтүн умнубат гына, өйүгэр-мэйиитигэр хатыыр айылҕалаах. Хаҥас мэйиини саха эт мэйии диир быһыылаах.

Уна мэйии дэнээччигэ, мэйии уҥа аҥаарыгар, уу дьулайга дуу, уу мэйиитэ дуу үөһээҥҥи, үрдүкү этитии, уустук хатыыр (высшие коды) тута сылдьааччыта киирэр. Бу мэйии ону билэр. Этии уонна ис хоһоон (фразы и смыслы). Өскө киирбит ис хоһоон. Холобура, өс хоһоонугар итинник үйэлээх өскө киирбит дириҥ ис хоһоон хатана сылдьар. Ону сүөрэн өйдүүбүт. Саха этэр этиитэ эбэтэр биир соҕотох тыл, эбэтэр этэн бара турар бүппэт уһун биир этии буолар. Саха эҕилдьитэн этэр идэлээх. Эҕили-бугулу этэн ис хоһоонун кистээн-кистээн, саһыаран-саһыаран кэбиһэр, саха эрэ өйдүүр гына саҥарар. Ол күлүүһүн тылын, хатыырын уҥа мэйии тутар.

Алампа этэринии, бу хатыыры сүөрбүт саас тухары салгыппат саргылаах саҥаны саҥарар. Сатаан булан салайан таһаарар. Ону саҥа дии саныыбыт, дьиҥэр эргэ эппитэ буоллаҕа дии. Эргэни эргитэн аҕалан саҥартахха эрэ саргыланары этэр. Уонна, биир курдук, салгыппат саҥа диэн киһи эрэ иһиттэр истэ туруох саҥата — саха салбырҕастаах, дьэрэкээн ойуу курдук саҥаттан саҥа дэгэтэ арыллан иһэр саҥата.

Билигин наука интерпретация хайдах оҥоһулларын быһаарбытын хайдах өйдүүрбүнэн хомуйан нууччалыы биэрэбин. Сурукпут нууччалыы эрэ буоллаҕына табыллар курдуктаах. Наука тыла сахалыы тылбаастанара олуура элбэх, улахан аҥаара син-биир наука терминин бата барар. Онон судургутук омуктуу аҥаардаан нууччалыытьш биэриим уонна хос сахалыы быһаарыам.

Алгоритм интерпретации культурного текста: Найти текст как целое со входящими в целое частями (притом, вхождение частей в целое имеет три случая: 1) части уже находятся, содержатся внутри текста, 2) части входят в текст со стороны, 3) части, соединяясь, объединяясь друг с другом, образуют текст как целое);

Войти в состояние предчувствования, предпонимания и совершить прыжок вовнутрь герменевтического круга и суметь выйти из этого круга;

Вжиться в текст, жить в языке текста, войти в состояние вчувствования в жизнь, сопереживания, пережить то, что пережил автор текста, многократно совершив челночное движение от осмысления частей к осмыслению целого и обратно; сделать набросок первичной и вторичной интерпретации;

Выяснить с помощью вербальных и невербальных ключевых символов содержащуюся в тексте информацию, ее отправителя и адресата;

Найти контекст, прочитав подтекст и скрытый глубинный смысл текста;

Выйти на полное понимание и осмысление текста, проделав поэтапно или в целом следующие интуитивные мыследействия: интуитивный целенаправленный поиск и нахождение текста — предпони-мание — вчувствование, вживание — символическое понимание — полное понимание и осмысление. * Притом принять во внимание, что целостное мышление есть синтез рациональной рефлексии и иррационального переживания, заключающееся в асимметрии од¬новременной работы левого и правого полушарий головного мозга человека. Интерпретатор входит в состояние синкретии, первобы-тия, первобытного, то есть целостного, мышления. Интерпретатор конгениален автору, понимает автора лучше, чем автор понимает самого себя. Интерпретатор выступает в качестве соавтора текста. Он автор своей интерпретации.

Уонна ити герменевтик автордары ааттаатым — ити дьон үлэлэрин, кинилэр тустарьшан культурология учебнигар суруйбуту ааҕан, сирдэтэн «истолкование, осмысление, интерпретация» диэ-ни хайдах оҥорору толору тутуһан, идэлээх дьон курдук идэбит анал ньыматын туһанан тиэкиһи ааҕарга үөрэниэҕиҥ.

2008 с.

Санаайа айымньыларыгар

Сүрүн сирэйгэ төннүү