Култуура тиэкиһин ааҕы туһунан аны биирдэ (Санаайа)

Култуура тиэкиһин ааҕыы диэн тугун өссө төхтүрүйэн эридьиэстии түһэбит. Аныгы бөлүһүөктэр, культурологгар «части входят в целое» дииллэрин ааспыт сырыыга үс көрүҥнээх буолар диэбиппин санаттахха, маннык: бастакыта, тиэкис чаастара-өлүүскэлэрэ, сорҕото дэнэрэ ол тиэкис иһигэр бэйэлэрэ киирэ сылдьар буолаллар. Холобура, олоҥхо олуктара оннук таҥыллыбыттар — олук өлүүскэлэрэ, чаастара олук иһигэр этиллэ, угулла сылдьаллар. Ону эридьиэстээ да, бу олук ис хоһооно арылыс гына түһэр. Ону этэллэр ити — олоҥхо синкретическэй, бүтүннүү, бүтүнүнэн сылдьар айымньы диэн.

Иккипэ, тиэкис туспа бэйэтэ баар буолар. Киниэхэ туораттан хомуллан кэлэн өлүүскэлэрэ-чаастара киирэллэр, киирэн кэлэллэр. Бу холобурун көрдөрөөрү Алампа хоһооннорун биир холбуутун уһуйар оҕолорбунан аахтарбытым. «Төрөөбүт дойду» диэн хоһоон иһигэр кэлэн үс хоһоон киирэн хаалбыттара. Ханнык үс хоһоонуй диэтэргит — «Атын дайдыттан» диэн 1925 сыллаахха от ыйыгар суруйбут хоһооно. Аны — «Аан дайды ахтылҕана» диэн 1914 сыллаахха иэйэ эймэһийбитэ. Уонна — «Дойдум, дорообо!» диэн 1933 сыллаах эмиэ от ыйыгар Дьокуускайыгар көстөн эргиллэн кэлээт ис-иһиттэн төлө биэрбит ахтылҕана. Ити үсүһэ. Бу үс хоһоон «Төрөөбүт дойду» иһигэр оруобуна ортотугар кэлэн лып курдук киирэн хаалаллара баар биир дьикти. Оччоҕуна дьэ ситэр киһи дойдутун ахтарын, таптыырын, кини аатын өрө тутарын, кини кэскилигэр эрэнэрин-итэҕэйэрин ирэ-хоро, иэйэ-туойа ийэ тылынан этэрэ-кэпсиирэ. Бу тиэкис ис хоһоонун киһи оччоҕуна дьэ ситэри-толору арыйар, өйдүүр, ылынар, иһигэр иһирэҕэр-истиҥэр итэҕэйэн киллэрэр.

Уонна үсүһэ, тиэкис чаастара тус-тупунан баран сылдьаллара эмиэ бэйэлэрэ холбоһон биир буолан ис хоһооннонон тиллэн этэн кэлэллэр. Оннук холбоһуу, ситимнэһии холобурун былырыын эмиэ «Хомуһунум» оҕолорунан «Ойуун сэһэнэ» диэн дьүһүйүүнү сахам дьонугар тириэрдибитим буолар. Бу сэһэҥҥэ эмиэ үс хоһоон киирбитэ эрээри, атына диэн илэ суох тиэкис ол холбоһууттан дьэ хомуллан тахсан кэлбитэ. Дьиктитэ диэн ол. Өксөкүлээх, Алампа, Ойуунускай үһүөн ойуун туһунан хоһоонунан айымньылаахтара холбоһо түһэн биир тиэкис буолан хаалбыттара мин өйбөр-сүрэхпэр уһуктубутун тутан ыламмын оҕолорбор туттарбыппын, сонно холбуу тутан ылан этэн кэбиспиттэрин илдьитин дьон истибитэ. Онон этэбин ити — тиэкис чаастара үс араастаан тиэкис иһигэр киирэллэр. Маны болҕойуо этигит. Оччоҕо тиэкиһи көрдөөн булуу уусту-гуттан атахтатыа, эрэйдэниэ суоҕа этигит. Аны биир дьиктини кэпсиим. Ити 14 күн сарсыарда Өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей оҕолоругар, бэйэбит бакылтыаппытыгар Алампабыт хартьшнатын аттыгар, Саха араадьыйатыгар хоһооммутун үс төгүллээн ааҕан баран дьэ били Алампадьыыстарбытыгар тиийэн, Атос Реасович Кулаковскай салайар мусуойугар — Оҕолор ситиһиилэрин көрдөрөр өрөспүүбүл үкэтээҕи мусуойга — аахтыбыт-эттибит. Хоһооммут иччитэ дьэ холбоһон, ырыабыт иччитэ дьэ ып-сан дьүһүйүүбүт дьэ төрөөн, бу сырыыга ирэн-хорон туран илэ аахтыбыт. Онуоха биир киһи (Александр Бурцев-Салҕааһын поэт, хаһыаччыт, эколог, уопсастыбанньык) туран кэллэ уонна эттэ: «Эһиги ити дьэ аахтыгыт. Сөп. Оттон манныгы иһиттэххитинэ хайдах буолуой?» — диэн баран сиэбиттэн түөрт гына бүк тутуллубут илиистэри хостоон таһааран баран: «Төрөөбүт дойду. Алампалыы» — диэтэ. Уонна ааҕан барда. Аргыый аҕай хаамтаран, улам нэмийэн эттэр этэн истэҕин аайы биһиги соһуйдар-соһуйан дуу, сөхтөр-сөҕөн дуу, дьиксиннэр-дьиксинэн дуу истибит. Биир тылы эппэккэ бүтүннүү иһиттибит.

Ол хоһоону «Хомуһуммар» уһуйулла сылдьар Дьууруй Бэрииһэп-Хомуһун дьоҥҥо араадьыйанан ааҕан иһитиннэрбитэ. Дьууруйу эһиги билэҕит. Дьууруй олоҥхоһут, оҕо эрдэҕиттэн, одун сааһыттан бэйэтэ этитэн олоҥхолуур идэлээх. Хоһоонньут. Тылбаасчыт идэ-тигэр үөрэнэр. Таарыччы Алампа хоһооннорунан «Төрөөбүт дойду» диэн дьүһүйүүбүн кимнээх аахпыттарын этиим. Алампа үс бараа күлүгэ үһүөн көрөрүн бу хоһоонноругар истэн-көрөн туран суруй-бутун билэммин-таайаммын оннук аахтарбытым — Алампам үс бараа күлүгүн үһүөннэрин үөтэн ылан этиттэрэн. Эһиги ону арааран истибиккит эбитэ дуу? Дьууруй Алампа урукку олоҕор олорбут күлүгэ көрөрүн эппитэ. Афанасьев Гаврил диэн культуролог идэти-гэр үөрэнэр, Абыйтан сылдьар уол Алампа кэлэр кэминээҕи күлүгэ көрөрүн эппитэ. Оттон Алампа бэйэтэ илэ олорбут кэминээҕи көстөр күлүгэ көрөрүн-истэрин, билэрин Анатолий Гуляев диэн Халыма сахата, саха тыльш идэтин ылан эрэр уол эппитэ-тыыммыта. Уолаттарга кутурук салайааччынан, араҥаччыһытьшан өрүү кыргыттары арыаллатарбын 6aҕap бэлиэтии көрөргүт-истэргит буолуо. Бу да сы-рыыга Алампа саха норуотугар туһаайыытын кыргыттарьшан этитэн чаҕылыннаттардым. Бу дьүһүйүүнү Саха араадьыйатын уонна Саха тэлэбидиэнньэтин буондатыгар уурдулар. Онон хаһан баҕарар истэр-көрөр кыах баар. Оҕолорум улахаттарбыт хомуһуннаах хоһооннорун унуохтарын куодаһыныгар уктан, истэригэр иҥэринэн, тастары-гар араҥаччыланан таҕысталлар чахчы дьонноругар-норуоттарыгар туһалаах, сахаларын тылыгар салгыы тыын угар дьоһун дьон буолан тахсыахтара диэн бигэ эрэллээхпин.

Биһиги туох да үлэҕэ-болдьоҕо суох мустан маны этэн таһаардыбыт. Этэргэ диэри бото-болдьох туолбут эбит буоллаҕа буолуо. Айымньы тиллэрэ, тиэкис этэн кэлэрэ диэн баара илэ-чахчы. Култуура диэн, тыл диэн тыыннаах эйгэлэр дииллэрэ эмиэ илэ. Тыын диэни куттаах сүрбүтүгэр уган, үрэн киллэрэн ыыппыттара чахчы. Кыл саҕа кылча тыыммыт баарын тухары ийэ тылбыт этэрин истэр буолуоҕуҥ. Оччоҕо истибэтэхпитин истиэхпит, өйдөөбөтөхпүтүн өйдүөхпүт, өрүһүнэр суолбутун булуохпут. Этээччи — тыл баар. Этитээччи — киһи бэйэтэ.

2008 с


Сүрүн сирэйгэ төннүү

Санаайа айымньыларыгар