Кулун Куллустуур бухатыыр ("Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур" олоҥхоттон)

Кулун Куллустуур бухатыыр


Былыргы дьыл
Быдан мындаатыгар,
Урукку дьыл
Кулан уорБатыгар,
Түөрт саха
Төрүү илигинэ,
Үс саха
Үөскүү илигинэ,
Икки саха
Иитиллэ илигинэ,—
Кулгааҕар кураҕаччы кыыллаах,
Кэтэ5эр кэҕэ кыыллаах,
Өттүгэр өтөҥ кыыллаах,
Санныгар сар кыыллаах,
Көхсүгэр көҕөн кустаах,
Борбуйугар борчук куобахтаах,
Үөһээ сибииргэ ааттаммыт аата
Төбөтүнэн оонньуур
Чүмэчи кугас аттаах,
Аллара дойдуга ааттаммыт аата
АтаБынан оонньуур
Айдаар кугас аттаах,
Орто дойдуга ааттаммыт аата
Кутуругунан оонньуур
Кунньалык Куйаар кугас аттаах
Куруубай хааннаах
Кулун Куллустуур диэн
Бухатыыр киһи үөскээбитэ эбитэ үһү.


Хаан чаҕаан сэбэрэтин,
Дьүдьүн бараан үскэлин
Өйдөөн көрөн турдахха:
Уркуускай куорат
Уҥа өттүнээҕи
Ойдом хара тыаҕа саһан үөскээбит
Буурай-кэрэмэс саһыл кыылы
Ойута-хайыта бысталаан
Уос-тиис оҥорбут курдук,
Обугур-чобугур
Уостаах-тиистээх эбит;
Хамчаакы куорат
Хаҥас өттүнээҕи
Халбаҥ хара тыаҕа саһан үөскээбит
Хара саһыл кыылы
Хайыта-тырыта бысталаан
Харах-хаас оҥорбут курдук,
Халбалдьыгас хара көмүс
Хаастаах-харахтаах эбит.
Хастаабыт тиит курдук,
Сылбараҥ маҥан харылаах,
Суллаабыт тиит курдук,
Ньондо хаан сотолоох,
Тоҕус мастаах хойуук оҥочону
Туруору туппут курдук,
Буу-хаан көҕүстээх,
Сэттэ мастаах лип-хаан халҕаны
Тиэрэ кэбэн кээспит курдук,
Кэтит нанаҕар түөстээх,
Үс былас
Үөкэйэр өттүктээх,
Биэс былас
Биэкэйэр бииллээх,
Алта былас
Дарайар сарыннаах,
Түөрт былас
Куллугур моойдоох,
Бөҕө мөссүөннээх,
Быһый быһыылаах,
Киһиттэн кириһинэн ордук,
Сахаттан саалынан ордук,
Бухатыыртан сүөмүнэн ордук,
Киһи киэнэ кэрэмэһэ эбит.


Кимтэн даҕаны
Кииннээҕин билбэт,
Туохтан даҕаны
Тууралааҕын толкуйдаабат эбит.
Үс дойду
Үөлэһин үрдүнэн
Өрүкүйэн күдээрийэн көстүбүт,
Күлүгэ биллибэтэх,
Күөх унаар хаплаан
Толонноон тохтор
Томоон хара самыырын кытары
Торолуйан үөскээн,
Тоҕо суккуллан түһэн
Томтойон олорорун
Тобулан оломтотун булбатаҕа үһү.
Эбэтэр,
Хаһыытаатар ханталдьыйбат,
Үөгүлээтэр өндөлдьүйбэт,
Кэтиэлээтэр кэдэлдьийбэт,
Кэҥириир кэтит үөдэн түгэҕэр
Кэри-куру күннээх,
Кэмсиин-кумсуун сыттаах,
Ньуу-ньаҥаа саҥалаах,
Сутуруо быатын саҕа соллоҥноох,
Бэргэһэ быатын саҕа мэнэҕэйдээх,
Барыамах алаастаах,
Таҥнастыгас харбааһыннаах
Илиэһэй улууһун ыраахтааҕьҥа буолбут
Буор Маҥалай оҕонньор,
Буор-Сүргэй Тойон киэҥ ыырыттан —
Аллараа дойдуттан,
Арахсыылаах аймаҕыттан
Айыллан тахсан,
Аатыран олорорун лабын булбатах.
Күдэн муора алыннаммыт,
Күр муус түгэхтэммит,
Буорунан оҥоһуллубут,
Туойунан дуйдаммыт,
Симилиэһинэн иһэрдиллибит,
Тимиринэн сиксиктэммит,
Алтанынан ардайдаммыт,
Көмүһүнэн көпсөлөммут,
Кумаҕынан кунустаммыт,
Сиэрэй хара тыанан эҥэрдэммит,
Аккырыытынай таас хайанан хадьааһыннаммыт
Көҥдөй муоранан тулаламмыт,
Күөх отунан таманнаммыт,
Сир ийэттэн
Үүнэр отун-маһын кытта
Үөскээн-үөдүйэн тахсыбытым эбитэ буоллар,
Уллуҥаҕым ортотугар
Биэстээх харчы саҕа
Буордаах буолуом этэ диэн
Мунаахсыйар киһи буолта үһү.


Киис киэнин киргиллээҕинэн,
Түнэ киэнин түүнүктээҕинэн,
Сарыы киэнин тыйыһынан
Таҥныбыт киһи эбитэ үһү.
Хатыан-имиэн дойду
Хатыҥынан хатыҥнаммыт,
Томуон-имиэн дойду
Туоһунан туостаммыт,
Китиэн-имиэн дойду
Киилинэн кииллэммит,
Ала күндэлэй балык
Хабаҕа силимнээх,
Аҥаат балык
Саннын уҥуоҕа чаачардаах,
Киит балык
Иэнин иҥиирэ киристээх,
Улуу үрэх
Тоҕойдообутун курдук,
Көрүлүүр
Көр муос саалааҕа үһү.
Сэттэ кырыылаах
Тимир тиҥсирики оноҕостоох,
Тоҕус кырыылаах
Кутаа уот кустуктаах,
Хардаҥ эһэ саҕа
Хара дьайдаах
Саабылалаах-батыйалаах,
Эрдэҕэс күөс саҕа
Кутаа уот илбистээх
Кыырыктаах үҥүүлээх,
Тоҕус уон бууттаах
Чомпо тимир сүлүгэстээх,
Биэс уон бууттаах
Бэриэспэ таас мээчиктээх эбитэ үһү.


Тоҕус субан маҕаас
Туруйа кыыл
Тоҕус сылы мэлдьи
Тула көтөн,
Тулатын булбатах
Туман маҥан дойдуга,
Аҕыс тыһы маҥан
Кыталык кыыл
Аҕыс сылы мэлдьи
Кырыйа көтөн,
Кытыытын булбатах
Кылбаа маҥан дойдуга
Иитиллэн-тэриллэн үөскээбит киһи эбит.



«Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур» диэн И.Г. Теплоухов-Тимофеев суруйтарбыт олоҥхотуттан.