Кут-сүр үөрэҕэ. Өй-санаа уратылара (Каженкин И.И.-Хааһах Уйбаан)

КУТ - СҮР ҮӨРЭҔЭ Өй-санаа уратылара Дьокуускай 2020

Каженкин, Иван Иванович-Хааһах Уйбаан К 13 Кут-сүр үөрэҕэ. Өй-санаа уратылара / И.И.Каженкин-Уйбаан Хааһах. – Дьокуускай, 2020. – 84 с. Агентство CIP НБР Саха

АННОТАЦИЯ

Сахалар былыргы ойууннара өй-санаа, кут-сүр үөрэҕин дириҥник үөрэтэн сайыннарбыттарын бу кэмҥэ саҥа билинэн, туһанан эрэбит. Сахалар киһи үс куттаах диэн этиилэрэ киһи өйүн-санаатын уратыларын, сайдан иһиитин табатык быһаарар.

Якутские ойууны в древние времена глубоко изучили развития сознания человека. Каженкин Иван Иванович – Хааһах Уйбаан.

ААН ТЫЛ

Сахалар киһи үс куттаах диэн этиилэрэ киһи өйө-санаата сайдыытын, этин-сиинин хамсатарын уратыларын быһаарар. Оҕо улаатан истэҕинэ өйө-санаата сайдан, мунньуллан иһэр уратылаах. Киһи хамсаныылары оҥорор өйө-санаата үс аҥы арахсаннар үс куту үөскэтэллэр: 1. Буор кут. Оҕо хамсаныылары элбэхтик оҥорон үөрүйэххэ кубулутарыттан сайдан, хомуллан, мунньуллан иһэр кута. 2. Ийэ кут. Оҕо саҥаны, уратыны билэн иһэриттэн үөскээн иһэр үгэстэрэ мунньуллан иһэр кута. 3. Салгын кут. Оҕо улаатан иһэн үөрэҕи, билиини иҥэринэр кута. Өй-санаа маннык тус-туспа куттарга мунньуллан иһиилэриттэн киһи хамсаныылары оҥорор өйө-санаата сайдар. Хамсаныылары оҥоруу уустук уонна үс сүһүөхтэнэн оҥорулларыттан өссө уустугурар. Сахалар өй-санаа сайдан куттарга хомуллуутун, мунньуллуутун маннык быһаараллар: 1. Бары үүнээйилэргэ, мастарга, отторго барыларыгар буор куттара кыралаан да буоллар сайдар. Үүнээйилэр бытааннык да буоллар хамсыыллар. 2. Бары тыынар-тыыннаахтарга ийэ кут сайдар. Кыыллары үөрэтиигэ элбэхтик хос-хос хатылаан оҥотторон үөрэҕи үгэс оҥорон иҥэрии туттуллар. 3. Өй-санаа, салгын кут сайдыытын кыыллар, көтөрдөр ситиһэр кыахтара суох. Итилэргэ салгын кут сайдыбат. Мөлүйүөнүнэн сыллар усталарыгар кыыллар уонна көтөрдөр туохтара да уларыйбакка сылдьаллара ону дакаастыыр. Ол курдук киһитийэн иһээччилэр ханна да бааллара биллэ иликтэр. Салгын кут сайдыыта өй-санаа дьоҥҥо олус уһун үйэлэргэ мунньуллан күүһүрүүтүттэн үөскээбит. Бу этии өй-санаа мунньуллан, эбиллэн истэҕинэ күүһүрэн биэрэринэн табатык быһаарыллар. Буор кут оҕоҕо аҕатыттан ордук бэриллэр буоллаҕына, ийэ уонна салгын куттар оҕоҕо ийэтэ иитэриттэн, үөрэтэриттэн улахан тутулуктаахтар. Аныгы наука быһаарбытынан Х хромосоманы оҕо ийэтиттэн ылынар эбит. Өй-санаа геннэрэ Х хромосомаҕа сылдьаллар диэн үөрэхтээхтэр быһаарбыттар. Бу үлэни автор инники тахсыбыт “Кут-сүр үөрэҕэ” диэн үлэлэригэр эбэн биэрэн “Өй-санаа уларыйыыта” диэн үһүс кинигэтин оҥордо. Инники тахсыбыт үлэлэрин Сахалыы википедия иһигэр баар Викитека диэн библиотекаттан булан туһанарга ыҥырар. Автор бу үлэтин бэчээттээн таһаарыыга кыахтара баарынан көмөлөспүт билэр дьонугар истиҥ махталын тириэрдэр.

СЫРДЫК уонна ХАРАҤА ДЬАЙЫЫЛАРА

Сырдык уонна хараҥа, күнүс уонна түүн хардары-таары дьайыылара дьон өйүн-санаатын сайдыытын, үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааралларын төрүттээбит. Онтон сайын уонна кыһын солбуйсан биэриилэрэ эт-сиин сайдыытын, тупсуутун үөскэппиттэр. Киһи үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа араарыыта аан бастаан туох баар барыта хайдах көстөрүттэн тутулуктанан үөскээбит. Киһи сырдыгы, ырааһы, сөбүлүү, таптыы көрөр, үчүгэйдик көстөрү барытын үчүгэй диэн билинэр, оннук сыанабылы биэрэр, онтон хараны, хараҥаны, куһаҕаннык көстөрү куһаҕан диэн сыаналыыра хаһан да уларыйбат, өйгө-санааҕа дириҥник иҥэн сылдьар өйдөбүл буолар. Киһи үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа араарара сырдык күн уонна хараҕа түүн дьайыытынан үөскээбит. Сырдык үчүгэйи аҕаларын иһин үрүҥ диэн тупсаран ааттаммыт, онтон хараҥа куһаҕаны, эрэйи элбэтэрин иһин хара диэҥҥэ кубулуйбут. Айылҕа ити дьайыыларын түмүктэринэн сырдык, үрүҥ үчүгэйи бэлиэтиир, онтон хара куһаҕаны биллэрэр өйдөбүллэммиттэр. Айылҕа киһини сырдыкка үчүгэйдик көрөр гына айбытын быһыытынан олоҕун үгүс өттүн сырдык кэмҥэ атаарар аналлаах. Онон, сырдык, үчүгэй диэки тардыһыы киһиэхэ Айылҕаттан бэриллэн сылдьар биир туһалаах өрүтэ буолар. Сырдык, үчүгэй буолуу күн тахсыытыттан, күн уотуттан быһаччы тутулуктааҕынан уонна киһи үчүгэйи оҥорор баҕа санаата улаханыттан сахаларга Күн таҥараҕа кубулуйбут. Ол курдук Айылҕа киһи өйүн-санаатын төрүттээн тугу үчүгэй, тугу куһаҕан диэн быһаарарын кытта ыйан, олохсутан биэрбит. Дьон эньиэргийэлэрэ күн сарсыарда өттүгэр, эбиэккэ диэри элбэх буолар. Өйдөрө-санаалара уонна эрчимнэрэ сарсыарда эр¬дэттэн, күн тахсыытыттан элбэхтик киирэн үлэлэрэ-хамнастара бу кэмҥэ лаппа таһаарыыланар. Бу быһаарыыны сааһырбыт дьон сарсыарда эрдэлээн туран иһэллэрэ дакаастыыр. Киһи этин-сиинин оҥоһуута, күүскэ үлэлиирэ-хамсыыра күнүскү кэмҥэ сөп түбэһэринэн, күнүскү, сырдык кэмҥэ ордук табыллан, санаата көнөн сылдьар, таһаарыылаахтык үлэлиир кыахтанар. Халлаан хараҥаран барыытыттан туох барыта болоорон, аанньа көстүбэтэ киһиэхэ мөл¬төөһүнү, ыыра кыарааһынын аҕалар. Хараҥа кэмҥэ тугу эмэни ситэ арааран көрбөккө киһи дэҥнэ¬ниитэ, туохха эмэ кэтиллиитэ элбээһиннэрэ ити быһаарыыны бигэргэтэллэр. Түүн хараҥардаҕына киһи этэ-сиинэ эмиэ мөлтөөн сынньаныан баҕата улаатар. Түүҥҥү кэмҥэ киһи этигэр-сиинигэр барар уларыйыы¬лар бары бытаараллар, сүрэҕин үлэтэ бытааран киһи утуйуон, сынньа¬ныан баҕарара киирэр. Киһи утуйбакка, сынньаммакка сырыттаҕына аҕыйах суук¬канан өйө-санаата буккуллан барарыгар тириэрдэр, ол иһин олоҕун үс гыммыттан биирин утуйарыгар уонна сынньанарыгар хайаан да анаатаҕына эрэ олоҕо табыллар. Сырдык уонна хараҥа алтыһыыта, хардары-таары солбуйсан, уларыйан биэриилэрэ киһи өйүн-санаатын уратыларын үөскэтэллэр. “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа төрүт тутулугун дьон сырдык уонна хараҥа уларыйан биэриилэриттэн билэн, арааран олохторугар туһана үөрэммиттэр. Айылҕаҕа туох барыта икки өттүттэн тутулуктаахтар, ол иһин икки өрүттээхтэр. Икки уратыта өрүт баарыттан айылҕаҕа хардары-таары солбуйсан биэрии кэмэ кэллэҕинэ үөскээн иһэр. Ол курдук биир өрүт сайдыыта мөлтөөн ханнык эрэ кээмэйи аһара бардаҕына, эргийэн, утары өттүн кытта солбуйсан биэрэрэ кэлбитин биллэрэр. Дьон өйдөрө-санаалара сайдарынан икки өрүт солбуйсан биэрэр кэмнэрэ кэлэн эрэрин үөрэтэн билэн, эрдэттэн харыстанар быһыылары оҥороллоро, бары быһаарыыларын бу өрүттэр икки ардыларынан, ортотунан көрөн ылыналлара ирдэнэр. Сахалар “Үчүгэй уонна куһаҕан солбуйсан биэрэллэр” диэн этиилэрэ икки өрүт хардары-таары солбуйсаллара тиийэн кэлэрин биллэрэр. Омук уларыйар кэмэ кэлэн иһиитин олус уһун үйэлээх сахалар тыл уларыйыытыттан билгэлээн билэллэр. Омук сайдыытыттан үөскээбит үчүгэй куһаҕаҥҥа уларыйар кэмэ кэлиитин сахалар билэн тылларыгар киллэрбиттэр. Үчүгэй аһара баран үчүгэйтэн үчүгэй кэлбитин кэнниттэн кэрэ диэн көстүү уратытын биллэрэр тыл кэлэрэ уларыйыы кэлэн иһэрин биллэрэр. Кэрэ кэлбитин, кэрэттэн кэрэҕэ кубулуйбутун кэнниттэн кэрээн диэн тылбыт тиийэн кэлэрэ кэрэ кэрээнтэн тахсыыны үөскэтэрин ыйан биэрэр. Кэрэ буолбут киһи оҥорор кэрээнтэн тахсыы диэн быһыыта киһи хаһан да оҥорбот ыар, куһаҕан быһыыта буолар. Кэрэ диэн тыл кэрэтэ диэн этилиннэҕинэ ханнык эрэ кыйыа, кыайан туораммат мэһэй баарын биллэрэр. Күөл кыйыата диэн хаһан эрэ элбэх уу кэлэн күөл таһыма үрдээбитин бэлиэтэ буолар. Кэрэ буолуу кэлиитин кэнниттэн үчүгэй бүтэн, куһаҕаҥҥа эргийэн биэрэр кэмэ кэлэр. Үчүгэй уонна куһаҕан солбуйсан биэрэллэр. Ол аата аны куһаҕаны билэн, ону тупсардахха эрэ олох салҕанара ситиһиллэрэ быһаарыллар. Үчүгэй куһаҕаҥҥа уларыйдаҕына дьон бу куһаҕаны арааран билбиттэриттэн өйдөрө-санаалара сайдан, тупсан бу куһаҕаны үчүгэй оҥоро сатыыллара эбиллэн, улаатан үлэни-хамнаһы сайыннараннар сайдыыны ситиһэр, уларыйбыт кэмнэрэ тиийэн кэлэр. Бары баҕа санаабытыгар сайын, үчүгэй уһуурун кэтэһэбит, сайын кылгаһыттан хомойобут. Кыһын тиийэн кэлиитэ куһаҕан, ыарахан кэлбитин биллэрэр. Урукку кэмнэргэ кыһыны туорааһын “Дьылы туорааһын” диэн ыараханы кыайыы курдук ааттанара. “Сайыҥҥы күн кылгас” диэн сахалар этэллэр. Сайын ордук түргэнник ааһар. Ол иһин кыһыны этэҥҥэ туоруурга сайын күүскэ үлэлээн-хамсаан биэрии эрэйиллэрин сахалар билэллэр. Онон кэмэ кэллэҕинэ үчүгэй куһаҕаҥҥа уларыйан, солбуйсан биэрэрэ сайын кэнниттэн кыһын кэлэрин курдук уталыппакка эрэ кэлэн киһи өйүн-санаатын күүһүрдэллэр, этин-сиинин бөҕөргөтөллөр.

ӨЙ-САНАА УРАТЫЛАРА

Олус былыргы кэмнэргэ сахалар ойууннара түүллэри үөрэтэннэр өй-санаа, кут-сүр үөрэҕин сайыннарбыттара сотору кэминэн дакаастанар кыахтанан иһэр. Ол курдук киһи түүлүгэр былыр үйэлэргэ өлөн хаалбыт дьону көрсөрө, кэпсэтэрэ өлбүт дьон өйдөрө-санаалара ханна да сүтэн хаалбакка чугас сылдьалларын, кэлэр көлүөнэлэрин көрөллөрүн-истэллэрин биллэрэр уонна үгэскэ кубулуйбут өйдөр-санаалар тус-туспа сылдьалларын, олус уһун үйэлээхтэрин, сүтэн, симэлийэн хаалбаттарын быһаарар. Өй-санаа бу уратытын сахалар арааран билэн “Өлбүт киһи өйө-санаата айыы буолан сылдьаллар” диэн этэллэр. Айыылар диэн өлбүт дьон өйдөрө-санаалара ааттаналлар. Өлбүт киһи өйө-санаата тыыннаах дьоҥҥо дьайыыта өй-санаа үөрэҕэ бастаан, инники иһэрин уонна оҕо өйө-санаата кыра эрдэҕиттэн туруктаах буола сайыннаҕына, ийэ кута үчүгэй үгэстэргэ, киһилии быһыылары оҥорууга иитилиннэҕинэ эрэ, олоҕун киһи быһыылаахтык, уһуннук олорор кыахтанарын быһаарар. Сахалыы өй-санаа үөрэҕэ түүлү үөрэтииттэн үөскээн, сайдан иһэр үөрэх буолар. Ол курдук өй-санаа дириҥ тутулуктара, уратылара киһиэхэ түүлүгэр киирэн араас бэлиэлэринэн көстөллөрүттэн олору арааран билии, үөрэтии кыаллар кыахтанар. (1,16). Түүллэри үөрэтии киһи аҥардастыы көрөр уонна бэйэтэ кыттыһар, этэ-сиинэ баара биллэр түүллэрэ тус-туспатык тойонноноллорун арыйыыта, бу түүллэр тутулуктара киһи куттарынан арахсалларын быһаарар. Ол аата түүл көстүүлэрэ киһи куттарыгар тус-туспаларын, өйдөрө-санаалара атын-атын тутулуктаахтарын быһаарар. Сахалар киһи өйүн-санаатын олус дириҥник үөрэтэн баһылаабыт-тарын былыргы кэмнэргэ үөрэтэн билбит, билигин туһана сылдьар кут-сүр үөрэхтэрэ, өй-санаа ордук сайдан истэҕинэ, туһата өссө улаатан биэрэрин быһаарар. Ол курдук түүлү таба тойонноон инники туох быһыы буоларын быһааран билиэххэ сөбө хаһан баҕарар туһалаах. Үгэстэр киһи олоҕор ылар оруоллара олус үрдүгүн, оҕо кыра эрдэҕиттэн үчүгэй үгэстэргэ үөрэннэҕинэ, ол үгэстэри иҥэриннэҕинэ, ийэ кута иитилиннэҕинэ эрэ үчүгэй майгылаах, киһи быһыылаах буола улаатарын сахалар таҥараларын үөрэҕэ дьоҥҥо тириэрдэр. Ол аата оҕо кыра эрдэҕинэ үөскээбит үгэстэрэ, ийэ кута үйэтин тухары салайа сылдьалларын быһаарар. Ол иһин оҕо кыра эрдэҕинэ, ийэ кута иитиллэр кэмигэр төрөппүттэрэ үчүгэй үгэстэри иҥэрэн биэрэргэ кыһаналлара эрэйиллэр. Өй-санаа төрүттэрин үөрэтии оҕо кыра эрдэҕинэ олохсуйбут үгэстэрэ бэйэтин салайалларын быһаарар. Элбэхтик биир санааны санааһын, бу санаа, үгэс буолан уурулларын уонна сол курдук толоруллар кыахтанарын үөскэтэрэ киһи саныыр санааларын эмиэ киһилии санааларга киллэрэн биэрэрэ эрэ туһалыырын биллэрэллэр. Ол аата үчүгэй, үтүө санаалардаах киһи үчүгэй быһыылары, онтон куһаҕан санаалара элбээтэҕинэ, мунньулуннаҕына куһаҕаны оҥорон кэбиһэрин биллэххэ, киһи санаалара эмиэ икки өрүттээхтэрин туһана сырыттахха табыллар. Саныыр санаалара куһаҕан үгэскэ кубулуйан хаалбытын, куһаҕан быһыы оҥоруллубутун кэнниттэн, бу оҥоруллубут быһыыны уларыта, көннөрө сатааһын ордук уустугурар, элбэх эбии үлэни эрэйэр. Ол курдук өйү-санааны ыраастаан, бу олохсуйбут куһаҕан үгэһи суох оҥордоххо, атынынан, үчүгэй санааларынан үөскээбит үгэстэргэ солбуйдахха эрэ куһаҕан санаалартан үөскээбит үгэстэр үчүгэйгэ уларыйар кыахтаахтар. Киһи ханнык өйдөөх-санаалаах эбитин оҥорбут быһыытыттан көрөн, арааран билии кыаллара, көннөрөн үөрэтии хойутаан кэлэрин быһаарар. Ол иһин оҕону үчүгэй быһыылары оҥорорго кыра эрдэҕинэ, өйө-санаата саҥа сайдан иһиитигэр, ийэ кута иитиллэр кэмигэр, өссө кыратык эрдэлээн иитии, үөрэтии ордук туһалааҕа быһаарыллар. Сахалар өй-санаа бу уратытын билэн оҕо кыра эрдэҕинэ үөскүүр, бэйэтин салайар кутун, ийэ кут диэн ийэтин аатынан, кини ылар оруола улаханын быһааран ааттаабыттар. Куһаҕан быһыыны оҥоро үөрэнэн хаалбыт оҕону көннөрүү ол үөскээбит куһаҕан үгэһин көннөрдөххө, тупсардахха, суох оҥордоххо эрэ кыаллар кыахтаах. Билигин “Трудные подростки”, маргиналлар диэн ааттаах эдэрдэрбит элбээн хаалыылара кыра эрдэхтэриттэн олус атаахтык иитэн бэйэмсэх санааны, куһаҕан үгэстэри иҥэрэн кэбиспиттэринэн быһаарыллар. Киһи субу оҥоруохтаах быһыытын аан маҥнай санаатыгар хос-хос оҥорон көрөн, дириҥник сыаналаан баран оҥордоҕуна туһалаах, үчүгэй быһыы буолан тахсыан сөп. Киһи баһын иһигэр, ол аата санаатыгар оҥорон, айан көрүүтэ ай диэн тылынан бэриллэр, онтон ол санаатын илэтигэр оҥорон таһаардаҕына, “ыы” диэн ытааһын сыһыарыыта эбиллэн айыы диэн туспа тылынан бэриллэр. “Ыы” диэн ытааһын сыһыарыыта эбиллэн куһаҕан өрүтэ элбээбитин биллэрэр. Бу саҥаны айыыбыт хайдах көрүҥнэнэн тахсыыта оҥоруутуттан ордук улахан тутулуктанан хайдах айыы; үчүгэй дуу, куһаҕан дуу буолара оҥорулуннаҕына биирдэ быһаарыллар кыахтаах. Олус өр кэмнэр усталарыгар айыы үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана биллибэккэ эрэ сылдьара таба быһаарарга уустуктары үөскэтэр. Бу кэмҥэ көннөрү айыы диэн ааттаатахха табыллар. Улуу Өктөөп өрө туруута үлэһиттэр, дьадаҥылар саҥаны айыылара 74 сыллар кэннилэриттэн куһаҕана, олоххо сайдыыны аҕалбата биллэн хаалан сэбиэскэй былаас эстибитэ. Аныгы үөрэхтээх, билиилээх дьон, бу былаас эстиитэ туохтан сылтанан үөскээбитин таба сыаналыыр кыахтаахтар. Субу оҥоруллубут саҥаны айыы үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана оҥорору кытта кыайан арааран биллибэтэ уустуктары үөскэтэрин таба сыаналааһын эрэйиллэр. Үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана араарыллан биллиэр диэри саҥаны айыы, айыы диэн ааттанар уонна хайа баҕарар өттүгэр уларыйан хаалыан сөбүттэн улахан сэрэниини эрэйэр. Оҥоруллубут саҥаны айыы үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана билиннэҕинэ үрүҥ эбэтэр хара диэн эбии быһаарыылаах этиллэн, оннук туттулуннаҕына эрэ өйгө-санааҕа сөп түбэһэр, үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана быһаарыллар кыахтанарын таба өйдөөһүн, оннук туһаныы ирдэнэр. Айыы диэн тылга быһаарыыны биэрэр; үрүҥ эбэтэр хара диэн тыллар эбиллэн биэриилэрэ киһи өйө-санаата сайдан, тупсан иһиититтэн, үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны арааран, олоҕор туһанарыттан тутулуктанан кэлин, 2 тыһыынча сыллартан, Христос таҥара үөскүөҕүттэн ыла олоххо киирбит өйдөбүл буолар. Олус былыргы, олоҥхо кэмигэр дьон бэйэлэрин, олорор сирдэрин икки эрэ дойдуларга араараллара, бэйэлэрэ айыы уонна абааһы диэн икки аҥы арахсаллара. Бу кэмҥэ абааһы диэн куһаҕаннык ааттаһан, үөхсэн арахсыы аһара күүстээх утарыта турууну, охсуһууну, сэриини үөскэтэрэ. Бу икки өрүттэр эйэлэспэт буола утарыта тураллара, көрсүстэхтэринэ өлөрсөллөрө, өссө сиэһэллэрэ. Кэлин өй-санаа сайдан, тупсан, айыы дьоно элбээн бэйэ, айыы дьоно эмиэ икки аҥы; үчүгэй уонна куһаҕан диэн арахсыылара баара быһаарыллыбыта, үһүс өрүт үөскээн олоххо киирбитин бэлиэтинэн үчүгэй киһи таҥара, Христос таҥара икки тыһыынча сыллар анараа өттүлэригэр үөскээн норуоттарга киэҥник тарҕаммыта. Киһи ыксаан, тиэтэйэн, ситэ толкуйдаабакка, ырыппакка оҥорбут быһыылара табыллыбаттара, сыыһа-халты буолан тахсыылара элбэҕиттэн куһаҕан быһыыга кубулуйан хаалыылара субу оҥоруохтаах быһыытын өйүгэр-санаатыгар элбэх төгүл хос-хос хатылаан хайаан да ырытара ордугун сахалар үөрэхтэрэ быһааран дьоҥҥо тириэрдэр. “Сэттэтэ мээрэйдээн баран биирдэ быс” диэн этии тугу эмэ оҥоруох иннинэ өйгө-санааҕа элбэхтик ырытар, оҥорон көрөр туһалааҕын, ол эрэ кэнниттэн оҥоруллар быһыы табылларын биллэрэр. Бу быһаарыыны тутуһуу, айыыны оҥоруу суолтатын, куһаҕаҥҥа кубулуйара элбэҕин билии, сайдыбыт өйдөөх-санаалаах дьонтон хайаан да ирдэнэр көрдөбүл буолар. Киһи өй-санаа үөрэҕин билэрэ уонна олоҕор туһана сылдьара хаһан баҕарар туһалааҕын билигин да ситэ өйдүү, олохпутугар туһана иликпит. Ол иһин оҕолорбут өйдөрө-санаалара туруктаах, тулуурдаах буола улааталларыгар соччо кыһаммаппыт, аҥардастыы аһатар, харыстыыр, көрөр-истэр уонна айыыны “үчүгэй” диэн этэн, дьон билбэттэрин, оҥорботторун оҥотторо сатыыр өйгө-санааҕа иитэн эстибит сэбиэскэй былаас сыыһа сабыдыалыттан билигин да кыайан тахсыбакка сылдьабыт. Өй-санаа үөрэхтэрин аанньа ахтыбакка сэбиэскэй былаас уһун кэмҥэ ииппитэ, үөрэппитэ билигин да дьайа сылдьарыттан, киһи санаата элбэхтэ хатыланнаҕына, ол аата биири хос-хос санаатахха үгэскэ кубулуйан хааларын, онтон киһини бэйэтин салайарын таба өйдөөн олохпутугар туһаныахпыт этэ. Түүлбүтүгэр бары үчүгэйи, дьолу, баайы-малы биэрэр түүллэри көрүөхпүтүн баҕара саныыбыт да, куһаҕан санаабыт элбэҕиттэн үксүгэр кыаллыбат. Түүллэригэр араас куһаҕаннары, ынырыгы дьон элбэхтик көрөллөр да улахан суолта биэрбэттэр, түүлгэ араас барыта буоларын курдук саныыллар. Билигин даҕаны киһи түүлүгэр үгүстүк бэйэтин үгэс буолбут санааларын көрөр диэни соччо итэҕэйэн туһана иликтэр. Ол курдук түһээн араас куһаҕаннары, олоххо сөп түбэспэттэри көрүү куһаҕан санаа элбээбитин биллэрэр. Түүлгэ киһи бэйэтин санаата атын биллибэт, бэйэтигэр тугунан эмэ маарынныыр киһиэхэ бэриллэн көс¬төрүттэн киһи аттыгар сылдьар бэйэтигэр маарынныыр киһини элбэхтик көрөр. Биллибэт куһаҕан киһини көрдөххө, ол бэйэбит куһаҕан санаабыт туспа арахсан көстөрүн көрөбүт уонна ол киһилиин үгүстүк сөбүлэһимиэхпитин, тапсымыахпытын сөп. Ол курдук түүлгэ көрөр билбэт дьоммут тас көрүҥнэрэ, бэйэбит ис санаабыт хайдаҕын арааран көрдөрөллөр. Куһаҕан дьону, абааһылары, араас кыыллары кытта охсуһуу, өлөртөөһүн, киһи бэйэ¬тин куһаҕан санаалара мунньуллубуттарын кытта быһаарсарын, олортон ыраастана сатыырын биллэрэллэр. Түүлгэ итинник куһаҕаннары кыайыы киһи санаата ырааһыран, бөҕөргөөн, бэйэтэ кыайыыны оҥороругар көмөлөһөллөр. Онтон ити кутталлартан куотуу, быһаарыыны өссө даҕаны кыайан ылына илиги көрдөрөллөр. Түүлгэ туста сылдьар дьону көрдөххө, өйгүт-санааҕыт сөп түбэспэт, толкуйдаргыт тус-туспа ки¬һитиниин сотору кэминэн көрсүһүөххэ сөбүн биллэрэр. Эн тускунан куһаҕаннык санаатахтарына, эттэхтэринэ түһээн тааһынан, мууһунан эбэтэр онон-манан бэйэҕин быраҕаттыыр киһини көрүөххүн сөп. Онтон бэйэҥ куһаҕаны санаатаххына, атыттары кытта тапсыбатаххына, атын дьону тугунан эмэ быраҕаттыаххын сөп. Ити курдук куһаҕан санаалардаах, ол санаалара мунньуллубут киһи куһаҕан түүллэри үгүстүк көрөр. Испитигэр иҥэн сылдьар, үгэс буолбут куһаҕан санааларбыт түүлбүтүгэр киирэн илэ курдук көстөллөр. Ол курдук киһи түһээн араас ынырыктары, ыар көстүүлэри хос-хос хатылаан көрүүтэ куһаҕан санаалара мунньустубуттарын биллэрэрин таба өйдөөн, мунньуллан, эбиллэн эрэр куһаҕан санааларбытын ыраастаан, умнан, хаалларан истэхпитинэ эрэ, куһаҕан быһыылары оҥорон кэбиһэр кыахпыт аҕыйыан, суох буолуон сөбүн туһана сылдьыахпыт этэ. Сахалар таҥараларын үөрэҕэ киһи куһаҕан санааларын ыраастана, умнан, суох оҥороро сылдьарын ирдиирэ, өй-санаа тупсуутугар тириэрдэр соҕотох суол буолар. Киһи ханнык быһыылары оҥоруон сөбүн сыаналыырыттан бэйэтэ санааларын салайан, сорохторун күүһүрдэн, атыттарын умнан, симэлитэн, суох оҥорор кыахтаах. Куһаҕан санаалары умнуу, суох оҥоруу хас биирдии киһиттэн ирдэнэр тутаах көрдөбүл буоларын сэбиэскэй былаас кэмигэр хаалларан сылдьыбыппытыттан кэнники кэмҥэ куһаҕан быһыылары, буруйдары оҥоруу биллэрдик элбээбитэ бэлиэтэнэр. Куһаҕан санаалар мунньустан, күүһүрэн куһаҕан үгэскэ кубулуйдахтарына киһи бэйэтэ, аны ол санааларын толорон кэбиһэр кыахтанарын табан өйдүөххэ, олоххо куһаҕан санаалартан ыраастаныыны туһана үөрэниэххэ. Ол иһин сахалар таҥараларын үөрэҕэ куһаҕан санаалары санаамыахха диэн үөрэтэр. Арыгы бэйэтэ киһиэхэ оҥорор куһаҕана эмискэ дьайбат, арай аһара иһэн кэбиһэн өй көтөн хаалыытыгар тириэрдэрэ, куһаҕан санаалара мунньустубут киһи, ол куһаҕан санааларын бэйэтэ толорон кэбиһиититтэн араас буруйу-сэмэни оҥорооччулар, сыыһа-халты туттааччылар билигин элбээтилэр. Сэбиэскэй былаас кэмигэр киһи санааларыгар суолта биэрбэккэ, өй-санаа, таҥара үөрэхтэрин суох оҥорууттан дьон куһаҕан санааларыттан ыраастамматтарыттан, ол санаалара мунньулланнар үгэс буоланнар, куһаҕан быһыылары оҥороллоро элбээтэ. Билигин Россия дьонугар куһаҕан санаалара мунньуллан сылдьар кэмнэрэ кэлэн турар. Киһи арыгы иһэн итирэн хаалан баран куһаҕан быһыылары оҥороро куһаҕан санаалара элбээбитин, мунньуллубутун, үгэскэ кубулуйбутун биллэрэрин таба өйдөөн дьон санаалара тупсарын туһугар аналлаах ыраастыыр үлэлэри ыытар туһалаах буолуо этэ. Ол курдук киһи куһаҕан санааларын умнан, суох оҥорон ыраастанарын тэҥэ, элбэхтик үчүгэй санаалары санаатаҕына, ол үчүгэй санаалара куһаҕан санааларын солбуйалларыттан санаата тупсар, үчүгэйгэ уларыйар кыахтанарын сахалыы таҥара үөрэҕэ быһааран дьоҥҥо тириэрдэр. Куһаҕан санаалары умнан, хаалларан өй-санаа ыраастаныытын, тупсуутун үөскэтэр сахалар таҥараларын үөрэҕэ өй-санаа сайдыытын таба суолунан салайан иһэрин итэҕэйэн, олоххо туһаныы бары дьонтон барыларыттан ирдэнэр олох тутаах көрдөбүлэ буолар. Онон киһи олоҕо үчүгэй уонна куһаҕан диэн быһаарыылар икки ардыларынан, ортотунан баран истэҕинэ табыллара элбиирин быһааран сахалар Орто дойдуну олохтообуттар.

КӨРСҮӨ, СЭМЭЙ БУОЛУУ

Сахалар көрсүө, сэмэй буолууну ордук сыаналыыллар. “Көрсүө киһи өйө байҕал дириҥин, халлаан үрдүгүн курдук” диэн өс хоһооно көрсүө, сэмэй киһи өйө-санаата сайдыытын таһымын биллэрэр. (2,79). “Саҥата суох киһи көрсүө аатырар” диэн өс хоһооно элбэхтик саҥарар киһи сыыһа-халты саҥаран кэбиһэрэ элбэҕиттэн сахалар сыаналаабаттар. Элбэхтик саҥарыы элбэх сыыһаны үөскэтэрин “Элбэх тылтан элбэх сыыһа тахсар” диэн өс хоһооно чуолкайдыыр. “Баардаах баарын биллэрбэт” диэн өс хоһооно көрсүө, сэмэй киһи майгынын, урутаан түһэн испэтин биллэрэр. Бэйэтин кыаҕын билинэр, үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран олоҕор туһанар киһи сыыһа-халты туттунара аҕыйыырыттан көрсүө, сэмэй буолуу диэн үөрэх сайдан олоххо киирбит. Саха киһитэ бэйэтин өйүн-санаатын ордук сыаналыыр. Ол иһин үчүгэйи уонна куһаҕаны бэйэлэрэ арааран туһаналларын ордороллор, атын киһи тугу да этэн биэриитигэр киирэн биэрбэттэр. Айыы диэн тыл икки өрүттээх өйдөбүллээҕин үлэһиттэр үчүгэйдик билэннэр олохторугар икки өрүттээҕинэн туһаналлар. Көрсүө, сэмэй киһи атын киһи этиитигэр мээнэ киирэн биэрбэт, сыыһа-халты туттубат, быстах быһыыны оҥорбот. Бастаан иһээччи киһи оҥорбут быһыыта үчүгэйэ чахчы билиннэҕинэ эрэ көрсүө, сэмэй дьон үтүктэллэр. Бу быһаарыыны “Вперед батьки не лезь в пекло” диэн өс хоһооно чуолкайдыыр. “Үрүҥү, хараны араарыы” диэн сахалар төрүт үөрэхтэрэ. Оҕону улаатан истэҕинэ үчүгэйи уонна куһаҕаны бэйэтэ арааран билэн олоҕор таба туһанарыгар иитии, үөрэтии итинник ааттанар. Сахалар бары бу үөрэҕи туһана сылдьаллар. Көрсүө диэн киһи быһыытын тутуһар, киһилии быһыылаах, майгылаах киһи ааттанар. Үөрэҕи, билиини көрөн ылынара элбэҕиттэн сыыһа-халты туттунууга киирэн биэрбэт уратылаах киһи буолар. Сэмэй диэн сыыһа-халты туттубат, сиэри аһара барбат киһи буолар. Сэмэйдик, ол аата сэрэхтээхтик туттуу ааттанар. Саха дьоно үлэһиттэр, уустар. Омук уопсай ахсааныттан аҥарыттан лаппа ордуктарын үлэһиттэр ылаллар. Ол иһин омук сайдыытыгар үлэһиттэр ылар оруоллара үрдүгүн аахсан кинилэр олохторун үөрэхтэрэ бастаан иһэрэ ситиһиллэрэ ирдэнэр. Таҥара үөрэҕэ диэн үлэһиттэр үөскэппит көрсүө, сэмэй киһи буолуу үөрэхтэрэ ааттанар. Бу үөрэҕи билигин улахан таҥара үөрэхтэрэ бас билэр салайааччыларын көмөлөрүнэн уларытаннар бэйэлэригэр, ол аата салайааччыларга туһалаах оҥостунан сылдьаллар. Үлэһит киһи олоҕор сыыһа-халты туттунан кэбиһии диэн куһаҕаны оҥорууга, элбэтиигэ бастакы оруолу ыларыттан сэрэхтээх буолуу үөрэҕин үлэһиттэр үөскэтэн сайыннарбыттар. Кумааҕыны эрэ бэрийэр суруйааччылар, тыл үөрэхтээхтэрэ, учуонайдар киһи сыыһа-халты туттунар быһыыта элбэҕин билбэттэриттэн уонна бэйэлэрин “үчүгэй” курдук сананыылара улааппытыттан итэҕэл үөрэҕэр ханнык да сыһыаннара суохтар. Бу дьон элбэх сыыһалардаах “айыы үөрэҕин” айаннар саха үлэһит дьонун өйдөрүн-санааларын сымыйаларынан, албыннарынан буккуйа сылдьаллар. Ол курдук оҕо ийэ кута хантан эрэ халлаантан түһэр диэн этиилэрэ таһы-быһа сымыйалааһын, дьон оҕолорун иитиилэригэр албыннааһыны киллэрэр, ол иһин бу кэмҥэ оҕо иитиитэ мөлтөөтө, атаахтатыы өттүгэр халыйда, эдэрдэр куһаҕан быһыылары оҥороллоро элбээтэ. Тыл үөрэхтээхтэрэ айыыны оҥорууну өрө тутан көрсүө, сэмэй киһини сирэллэр, туората сатыыллар. Өй-санаа сайдыыта икки өрүттээҕин билбэттэриттэн уонна кумааҕыны эрэ туталларыттан аҥардастыы айыыны оҥоруу үчүгэйи эрэ оҥорорун курдук сыыһа санааҕа киирэн сылдьалларынан дьону барыларын буккуйаллар, киһи куһаҕаны оҥороро эмиэ айыы буоларын билбэттэр. Айыы диэн киһи оҥорор быһыыта атыттарга маарыннаабата, уратыта билиннэҕинэ биирдэ итинник ааттанар. Киһи саныыр санаатын илэтигэр оҥорон таһааран атын дьоҥҥо биллэрдэҕинэ, көрдөрдөҕүнэ, атыттар билбэт буолан оҥорботторуттан саҥаны айыы диэн ааттанар. Ол аата ким да оҥорон көрө илик, ураты быһыыта буоллаҕына биирдэ айыы буолар. Кумааҕыга ону-маны, буолары-буолбаты суруйуу, ол-буну этии айыыны оҥоруу буолбатах. Айыыны оҥорууга бэлэмнэнии эрэ буолар, айар, айымньы диэн тылларынан этиллэрэ табыллар. Ол курдук бу суруллубут кумааҕыны хайа тардан, быраҕан кэбиһиэххэ хаһан баҕарар сөп, туох да куһаҕан үөскээбэккэ хаалар. Оҥоруллубут быһыы, айыы буоллаҕына үгэскэ кубулуйан умнулубат турукка тиийэр. Киһи оҥорбут ураты быһыыта, айыыта киһи өллөҕүнэ айыы буолууга уларыйара итинник быһаарыллар. Көрсүө, сэмэй дьон эрэ омугу сайыннараллар. Кинилэр оҕолорун киһи буолууга, киһилии быһыыланыыга иитэннэр, үөрэтэннэр, үлэһит дьону улаатыннараннар омук ахсаанын элбэтэллэр. Көрсүө сэмэй дьон үлэни кыайа-хото үлэлииллэринэн үлэни-хамнаһы сайыннараннар бииргэ олорор атын омуктарын баһылаан барыыны үөскэтэннэр, омук сайдарын үөскэтэллэр. Үлэ эрэ омугу сайыннарар, кыайыылаах үлэ сайдыыны, тупсууну аҕалар. Көрсүө, сэмэй киһи элбэхтик, ырытан, толкуйдаан баран сэмэйдик оҥорбут айыыта ордук табыллан тахсара, туһаны аҕалара биллэр. Саха дьоно уустар. Тугу барытын оҥорууга дьулуурдара, талааннара элбэх. Үлэ эрэ омугу сайыннарарын, уһун үйэлиирин сахалар билэннэр тылларыгар киллэрбиттэр. “Хоро салаҥ”, “хоро таһар” диэн сирэн ааттаабыттарын кэнниттэн хоролор симэлийэн, сахаларга холбоспуттар. “Элбэх оҕолоох буолуу - дьол” диэн этиини тыа үлэһит дьоно тутуһаллар, элбэх оҕолоохтор. Омук көрсүө, сэмэй, үлэһит дьонунан ахсаана эбиллиитин тыа дьоно оҥороллор. Онон көрсүө, сэмэй дьон омугу сайыннаралларын билэн, оҕолору көрсүө, сэмэй буолууга кыра эрдэхтэриттэн иитиини, үөрэтиини олоххо киллэрии эрэйиллэр.

КИҺИ ДИЭН, КИҺИ БУОЛЛАҔА

Сахалар былыргы кэмнэртэн айылҕа “Туох барыта икки өрүттээх” диэн тутулугу тутуһан сайдарын билэннэр тылларыгар киллэрбиттэр. Икки өрүттээх өйдөбүллээх тыллар сахаларга туттулла сылдьаллар. Улахан тыынар-тыыннаахтар икки өрүккэ арахсаллара саха тылыгар киирэн иҥмит: 1. Сүөһү. 2. Киһи. Элбэх сүөһүлэртэн уһун үйэлэргэ сайдан, тупсан, киһитийэн уонна киһи буолан, киһилии быһыыланан киһи туспа арахсан, бэйэтин киһи диэн ааттаммыт, кыыллартан улахан уратытын билиммит. Бу икки өрүтү төһө кыайарбытынан ырытыахпыт: 1. Сахалыы сүөһү диэн тыл баар. Бу тыл тыынар-тыыннаах улахан кыыллары барыларын холбуу ылан, өйдөрүн-санааларын кэмнээн көрдөрөр тыл буолар уонна өйө-санаата киһи буолууга улаханнык тиийбэтин биллэрэр. “Ынах сүөһү”, “сылгы сүөһү” диибит. Арай бу тылынан табаны, ыты кыайан этиллибэт. Аҥардастыы сылгыны уонна ынаҕы быһаарар тыл курдук өйдөнөр. Былыр-былыргыттан ынаҕы уонна сылгыны көрөр-истэр дьон сүөһү диэн тылы тутталлар. Бу тыл ынаҕы уонна сылгыны иитэр кэм саҕана дьон өйө-санаата сайдыыта киһи буолууну ситиспитин, сүөһүттэн туспа уратыламмытын быһаарар. Итини тэҥэ сүөһү диэн тыл ынахха, сылгыга иҥэриллиитэ киһиттэн атын, киһи курдук көрүҥнээхтэр, ол кэмҥэ эстэн симэлийбиттэрин биллэрэр. Бу тыл сүрүн уратытынан киһи өйө-санаата тугунан эмэ киһи быһыытыгар тиийбэтэҕинэ “сүөһү” буолан ыларын бэлиэтиирэ буолар. Биирдэ эмэтэ да буоллар сүөһү буолууга киһи үксэ эмиэ киирсэн ылар кэмнэрдээх. Арай бу кэмнэр быстах бириэмэҕэ киирэн ылалларыттан киһини бэйэтин уларыппаттара быһаарыллар. Киһи сорох кэмҥэ, биирдэ эмэтэ өйө-санаата хайа эрэ өттүнэн киһилии быһыыга тиийбэтэҕинэ, куһаҕан майгыланнаҕына, киһиттэн таһынан быһыыланнаҕына, сыыһа-халты тутуннаҕына сүөһү буолан, ынахха эбэтэр сылгыга тэҥнэнэн ылыан сөп. Сүрэҕэ суох, үгүстүк сытар киһини “Сүөһү курдук сытыма”,- диэн этэн үлэҕэ-хамнаска үөрэтэ, туруоран үлэлэтэ сатыыллар, тугу эмэ туһалааҕы оҥороругар баҕа санааларын тириэрдэллэр. Yлэни-хамнаһы киһи эрэ оҥорор кыахтааҕынан үлэни үлэлээһин киһи буолууну быһаарарын чопчулаан бэлиэтииллэр. Атын дьон санааларын, этиилэрин аахсыбакка бардамнаан, тоҕо көтөн, тоҕо тэпсэн баран иһэр киһини сүөһүгэ холууллар, сүөһү курдук быһыыланар диэн этэллэр, “Кыбыылаах окко киирии” диэн өс хоһоонун оҥорон туһаналлар. Арыгыны элбэҕи иһэн итирэн хаалбыт киһини “Сүөһү курдук” диэн этэллэр, өйө-санаата киһиэхэ тиийбэтин биллэрэллэр. Нууччаларга “скот” диэн бары улахан кыыллары бэлиэтиир тыл эмиэ баар. Куһаҕан, өйө-санаата тиийиммэт, куһаҕаннык быһыыланар киһини “скот” диэн эмиэ этэн ылаллар. “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэринэн киһи аҥар өрүтэ, өйө-санаата тиийбэтэҕинэ сүөһү диэн буолан ыларын нууччалар эмиэ билэллэр. 2. Дьон эттэрэ-сииннэрэ олус өр кэмҥэ сайдан, тупсан киһи курдук көрүҥнэниини, киһитийиини уонна өйө-санаата сайдан киһи буолууну, киһилии быһыыланыыны ситиспиттэрэ. Өй-санаа күүһэ, ол аата киһи буолуу үөрэҕэ киһини хаһан баҕарар тута сырыттаҕына эрэ киһи буолан, киһилии быһыыланыы кыаллар. Киһилии быһыылаах киһи диэн тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорор киһи ааттанар. Олус улаханнык сыыһа-халты туттунан киһи оҥорбот быһыыларын оҥорон кэбистэҕинэ киһи буолан бүтүү кэлиэн сөп. Ол курдук кыыллар быһыыларын быһыыланар киһи “киһи буолбатах” эбэтэр сүөһү диэн быһаарыыга сөп түбэһэн хаалар. Өйө-санаата ситэ тиийбэккэ киһи буолууну кыайан ситиспэтэх киһи аата сүөһү диэн буоларын таба өйдөөһүн эрэйиллэр. Киһи буолуу уонна сүөһү икки ардыларынааҕы кыйыа бэрт кыра, кыратык да сыыһа-халты туттунуу, киһи быһыытын аһара барыы, сиэри тутуспат буолуу киһини сүөһүгэ кубулута охсон кэбиһиэхтэрин сөп. Киһи хаһан баҕарар сыыһа-халты туттунуон сөп. Айыыны оҥоро сатааһын сыыһа-халты туттунууну аһара элбэтэр. Бу сыыһа-халты туттунуулартан аналлаах көмүскэл эрэ баара киһи киһи быһыытын аһара туттубат кыахтанарын үөскэтэр. Сахалар “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн үөрэхтэрэ киһини, ордук эдэрдэри сыыһа-халты туттуналларыттан харыстыыр, көмүскүүр аналлаах. Оҕо кыра эрдэҕиттэн үөскээбит ийэ кута, ол аата үөрэммит үгэстэрэ сыыһа-халты туттунарыттан тохтотор, быыһыыр кыахтаахтар. Көрсүө, сэмэй буолуу үөрэҕэ киһини сыыһа-халты туттунууттан харыстыыр аналлааҕын билэн оҕону кыра эрдэҕиттэн көрсүө, сэмэй киһи буолууга сахалар иитэллэр, үөрэтэллэр. Ханнык эрэ кыра да быһыыны сыыһа-халты туттан кэбистэҕинэ киһи эчэйиэн эбэтэр оҥорор быһыытын куһаҕан быһыыга кубулутуон сөп. Аһара туттан олус улахан куһаҕан быһыыны оҥорон кэбистэҕинэ киһи буолан бүтүү, хаайыыга түбэһии тиийэн кэлиэн сөбүттэн киһи сэрэнэ, харыстана сырыттаҕына эрэ табыллар. Киһи сыыһа-халты туттунарыттан ийэ кута үчүгэй быһыылары оҥорууга иитилиннэҕинэ көмүскэллээх буолар. Кыра эрдэҕинэ үөскээбит ийэ кутун үчүгэй үгэстэрэ кинини сыыһа-халты, аһара туттунартан харыстыыр аналлаахтарын “айыы үөрэҕин” албыныгар балыттаран оҕону иитиигэ туһаммакка сылдьабыт. “Киһи диэн киһи буоллаҕа” диэн сахалар этэллэр. “Киһини аһара кыйахалаабат баҕайы” диэни билэн олохторугар туһаналлар. Аһара кыйахаммыт, кыыһырбыт киһи салгын кута көтөн хааллаҕына, ийэ кутун салайыытыгар киирдэҕинэ, хайдах быһыыланара, туттара-хаптара биллибэт, сүөһү курдук да буолан ылыан сөбүттэн сэрэнии ирдэнэр. Өйө көппүт киһи оҥорор быһыыта барыта ийэтэ, аҕата кыра эрдэҕинэ ийэ кутун хайдах ииппиттэриттэн эрэ тутулуктанар. Оҕо ийэ кутун иитии диэн кыра эрдэҕинэ үчүгэй быһыылары элбэхтик оҥотторон үчүгэй үгэстэри иҥэрэн биэрии ааттанар. Бу кыра эрдэҕинэ иҥмит үгэстэрэ ийэ кут диэн ааттаналлар уонна оҕо улаатан да баран оҥорор быһыыларын хонтуруоллуу сылдьаллар. “Кыыһырбат киһи кыыһырбыта киһиттэн таһынан барар” диэн этии киһи туттунар күүһүн, кыаҕын сүтэрдэҕинэ тугу барытын оҥоруон сөбүн быһаарар. Ол иһин киһи аһара кыыһырартан, кыйаханартан өйүн-санаатын күүһүнэн туттуна сырыттаҕына эрэ табыллар. Киһиэхэ барыларыгар тулуурдаах буолуу, бэйэ быһыытын кэтээн көрөр туттунар күүс диэн баар. Киһи оҥоруон баҕарбат быһыытын оҥорбот, туттунан тохтуур кыахтанара эрэйиллэр. Киһи туттунар күүһэ ийэ кутугар үөскүүр уонна туспа араарыллан сүргэ киирсэр. Киһиэхэ араас баҕа санаата аһара элбэх, ону-маны барытын оҥорон иһиэн баҕарар. Оҥоруон баҕарар быһыытын оҥотторбот, тохтотор күүс киһи ийэ кутугар иҥэн сылдьар. Оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кута иитиллэн аһара барбат, аһара туттубат буола үөрэннэҕинэ бэйэтин туттунар күүһэ үөскүүр. Бу күүс ийэ кут салайар күүһэ буолар. Бэйэбит билбэппитинэн оҥорор быһыыларбытын ийэ куппут салайан, үгэскэ кубулуйбатах быһыыларбытын тохтотор. Оҕо кыра эрдэҕинэ тохтотунар майгыга үөрэтэр судургу, аһара бардаҕына табыталыттан тутан да тохтотуохха сөп. Урукку кэмҥэ сахалар чыпчархайы туһаналлара. Онтон улааппытын кэннэ тохтото сатыыр уустук, тардыалаан көрүү кыаттарбат кэмэ кэлиэн сөп. Сөбүлээбэккэ кыыһыран, тымтан турдаҕына көҥүлэ. Кыра эрдэхтэринэ тохтотор майгыга үөрэммэтэх эдэр дьон элбэхтик аһара туттунууну оҥороллор. Киһи быһыытыттан аһара туттунуу куһаҕан быһыыны элбэтэр. Оҕо маннык аһара барар майгынын сахалар атаах оҕо майгына диэн ааттыыллар. Эт-сиин сүрэҕэлдьиир, сытыан, сынньаныан, утуйуон баҕарар санаата элбэх. Киһиэхэ бу баҕа санааны баһыйар күүстэннэҕинэ эрэ үлэни-хамнаһы кыайар кыахтанар. Бу туох күүһүй? Оҕо кыра эрдэҕинэ туһа киһитэ буолан туһалаабытыттан үөскээбит үчүгэй үгэстэрэ кинини салайаннар үлэлиир, оҥорор, тутар кыахтанар. Оҕо өйө-санаата сайдыыта аан маҥнай киһи буолууну ситиһиигэ туһуланыа этэ. Ол аата оҕо улаатан этэ-сиинэ ситэригэр өйө-санаата хаалсыбакка тэҥҥэ сайдан туох оҥорорун барытын киһи оҥорорун курдук оҥорорго үөрэниитэ киһи буолууну ситиһиитэ диэн ааттанар. Манна тутта-хапта, таҥна-симэнэ сылдьыыны тэҥэ, саҥарар саҥабыт, үлэбит-хамнаспыт уонна өйбүт-санаабыт барыта киирсэллэр. “Киһи диэн киһи буоллаҕа” диир сахалар үөрэхтэрэ. Бу этии киһини аһара өрө ыыппакка, киһиргэппэккэ, аһара “үчүгэйгин” диэн хайҕаабакка, өйө-санаата киһи буолуу кыйыатын иһигэр сылдьарын ситиһии хайаан да ирдэнэрин быһаарар. Ол кыйыабыт аата сиэр эбэтэр киһи быһыыта диэн ааттанар. Сиэр уонна киһи быһыыта диэн бааллара киһи оҥорор быһыылара атын кыыллар, көтөрдөр оҥорор быһыыларыттан атыннарын, туспа уратылаахтарын биллэрэр. “Киһини аһара кыйахалаама”, “Киһиэхэ киһилии сыһыаннас” диэн билэр дьон этиилэрэ киһи буолуу ханнык эрэ кыйыаны ааһа бардахха суох буоларын, кыыллыы быһыы тиийэн кэлэрин биллэрэр. Киһи сыыһа-халты туттунара ыраахтан кэлбэтин саха дьонун өй-санаа үөрэхтэрэ ити курдук чуолкайдык быһаарар. “Хаһан даҕаны сыыһа туттуом суоҕа” диэн этиини хайа да киһи оҥорбото ордук. Хайа баҕарар киһи туттунар күүһэ хам тутан киһи быһыытын аһара барбакка эрэ сылдьар, олоҕун олорор. Ол туттунар күүс мөлтөөтөҕүнэ, суох буолан ыллаҕына сыыһа-халты туттунуулары хайа баҕарар киһи оҥорон кэбиһэр кыахтаах. Киһиэхэ барыларыгар туттунар күүс хайаан да баара ирдэнэр. Бу санаа күүһэ киһини тута сылдьар. Санаата мөлтөөбүт киһи быстах быһыыга киирэн биэрэрэ элбэх. Туттунар күүс үөскээһинэ киһи өйүттэн-санаатыттан быһаччы тутулуктаах. Субу оҥороору турар быһыыта кини санаатыгар куһаҕан быһыы буоларын чуолкайдык биллэҕинэ, ону оҥорбот кыахтанар. Бу быһыы хайдаҕын тугун билэр буолуу куһаҕан быһыыны оҥорууну тохтотор. Оҕо кыра эрдэҕинэ үгүстүк мааныланан, атаахтык иитилиннэҕинэ туттунар күүһэ аҕыйаҕыттан сыыһа-халты туттунара элбээн хаалар. Сыыһа-халты туттунуу, аһара барыы эдэрдэргэ ордук кутталлаах быһыыларга киирсэллэр. “От сумы и от тюрьмы не зарекайся” диэн этии киһи хаһан баҕарар сыыһа-халты туттунуон сөбүн быһаарар. Ол курдук киһи хаһан баҕарар дьадайыан сөбүн курдук сыыһа-халты туттунан хаайыыга эмиэ киирэн хаалыан сөп. Киһи буолуу сиэр көрдөбүлүн аһара бардахха сүтэр, суох буолар. Киһи быһыытын аһара барбыт быһыы кыыл, сүөһү быһыытыгар кубулуйар. Ол курдук туттуммакка киһини охсон кэбистэххэ соҕотохто киһи быһыыта суох киһи буола түһүөххэ сөп. Киһи быһыытын сүтэрбэт туһугар киһиттэн олус улахан тулуур хаһан баҕарар ирдэнэр. Сахалар таҥараларын үөрэҕинэн сиэр диэн өй-санаа хааччаҕа, кыйыата. Киһилии быһыылаах киһи хаһан да, үйэтин тухары сиэри кэһиэ, аһара барыа суохтаах. Айыыны, киһи билбэтин, оҥорботун оҥоруу сиэри кэһии буоларын биллэхпитинэ табыллар. Сиэри кэһэргэ ыҥыран айыыны “үчүгэй” диэн этэр тыл үөрэхтээхтэрэ оҥорбут “айыыларын үөрэҕин” улахан албына итинник арыллар. Тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорор буола үөрэнии киһи буолууга, киһилии быһыыланыыга, сиэри тутуһууга тириэрдэр. Көрсүө, сэмэй буолууга үөрэтэр сахалыы таҥара үөрэҕэ сиэри хайаан да тутуһары эрэйэр. Билигин үгүс эдэрдэрбит хаайыыга киирэн тахсаллар диэн бары айманабыт. Бу оҥорор куһаҕан быһыылара барылара кэриэтэ эдэрдэрбит куһаҕаннарыттан, өйдөрө-санаалара ситэ тиийбэтиттэн буолбакка, кыра эрдэхтэринэ атаахтык иитиллэллэриттэн сыыһа-халты туттунуулары эбэтэр үчүгэйи, саҥаны айыыны оҥоро охсоору тиэтэйэн аһара хамсаныылары, сыыһа туттунуулары оҥороллоруттан үөскээн тахсалларын билиэ этибит. Сахалар үөрэхтэринэн оҕону кыра эрдэҕинэ, өссө бэйэтэ өйдөөбөт эрдэҕинэ ийэ кута иитиллэр кэмигэр киһи быһыытыгар хайаан да үөрэттэххэ эрэ табыллар. Оҕо бэрээдэктээх буолууга кыра эрдэҕинэ, ийэ кута иитиллэр кэмигэр ордук түргэнник уонна тиийимтиэтик үөрэнэрин сэбиэскэй былаас өй-санаа үөрэҕин буккуйбутуттан ыла таба туһаммакка сылдьабыт. Онон өй-санаа үөрэҕэ көнүүтэ, оҕону киһи буолууга, киһи быһыытыгар үөрэтии сахалыы таҥара үөрэҕин тутуһан ыытыллара ирдэнэр көрдөбүлгэ кубулуйда.

ТУЛУУР, ӨҺӨС

Оҕо кыра эрдэҕиттэн өйө-санаата сайдыыта төрөппүттэрэ хайдах көрөллөрүттэн-истэллэриттэн, баҕа санааларын толороллоруттан, ханнык үгэстэргэ иитэллэриттэн тутулуктанан икки өрүттэнэн, тус-туспа хайысхаланан тахсара сахабыт тылынан этиллэ сылдьар: 1. Атаах оҕо. 2. Көйгө оҕо. Оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кутун иитииттэн олоҕо олус улаханнык тутулуктанар. Төрөппүттэр оҕону туох баарынан көрөн-истэн, иитэн, үөрэтэн, хааччыйан улаатыннара сатыыллар. Оҕо төрөппүттэрин өйдөрүттэн-санааларыттан, баайдарыттан тирэх ылан өйө-санаата сайдар. Ол иһин оҕону иитии икки өрүттэнэн тахсар. Оҕону иитии бу икки аҥы уратыларын төһө кыайарбытынан дириҥник ырытан көрүөхпүт: 1. Атаах буола иитиллибит оҕо тулуура аҕыйаҕа бэлиэтэнэр. Туга эмэ тиийбэтэ, сатаммата даҕаны төрөппүттэриттэн көрдөөн иһэрэ элбээн араас көмөлөрүгэр кыра эрдэҕиттэн үөрэнэн хаалар. Оҕо кыра, саҥа улаатан эрдэҕинэ үчүгэйэ ордук элбэх. Онно эбии төрөппүттэр оҕолоругар “үчүгэй” буола сатааннар араас аһынан хатаҕалыыллара, маанылыыллара аһара бардаҕына атаахтатыыга тириэрдэр. Атаах диэн оҕо өйө-санаата бэйэмсэх, бэйэтин көрүнүү диэки халыйан хаалан тулуура суоҕа улахана этиллэр. Атаах оҕо төрөппүтүн этэрин истибэтэ улаатан истэҕинэ эбиллэн иһэр. Итини тэҥэ ыарыһах, тиийиммэт оҕолор аһара көрүллэн хаалалларыттан атаахтык улааталлар. Сэбиэскэй былаас оҕолору атаахтатан, “Барыта оҕолор тустарыгар” диэн ыҥырыыны аһара туһанан, халытан бэлэмҥэ үөрэтэн кэбиһэн, билигин үлэни кыайа-хото үлэлиир дьон отой аҕыйахтар. Үөрэх “үчүгэй” диэн хас да уонунан сыллар усталарыгар этэн, арбаан үлэни куһаҕан диэн өйдөбүллээн кэбистилэр. Ким да үлэлиэн баҕарбата чахчы үөскээтэ. Атаах оҕо үлэлии үөрэммэтиттэн, бэйэтин аһара үрдүктүк сананарыттан сыыһа-халты туттунара элбээн хаалар. 2. Көйгө оҕо кыра эрдэҕиттэн туһа киһитэ буолан үлэлии үөрэнэриттэн барыга-бары тулуурданар, сыыһа-халты туттунара аҕыйыыр, тугу барытын бэйэтэ быһаарынан оҥорор, кыайар кыаҕа улаатар. Үлэлии үөрэнии “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини тутуһа сылдьарга, үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран туһанарга үөрэтэрэ өйө-санаата сайдыытын төрүттүүр. Айылҕа киһини эрчийэрэ ордук тиийимтиэ. Күһүн халлаан тымныйан барыытыттан саҕаланан Улуу тойон таҥара үөрэҕэ дьону тулуурдаах, өһөс буолууга эрчийиитин саҕалыыр. Бытарҕан тымныылаах дойдубутугар Улуу тойон таҥара тулуурдаах буолууга кытаанах үөрэҕэ эрэ үлэни-хамнаһы сайыннарар кыаҕы биэрэр. Ордук тулуурдаах, өһөс майгылаах, кэннинэн кэхтибэт саха дьоно, бу хоту дойдуну баһылаан сайыннарбыттар. Сэбиэскэй былаас умуннарбыт Улуу тойон таҥаратын үөрэҕин олоххо киллэрдэхпитинэ эрэ, аныгы ырыынак ыарахан кэмигэр тулуурбут улаатан сайдыыны ситиһэр кыахтаныахпытын сөп. (3,10). “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн өс хоһооно Улуу тойон таҥара үөрэҕэр киирсэр уонна тулууру, дьулууру улаатыннаран саха омугу сайыннарбыт үтүөлээҕинэн салгыы туһаныы эрэйиллэр. Киһи айылҕатынан олохсуйбут бэрээдэги тутуһа сылдьыан баҕарбат, талбытынан, көҥүлүнэн сылдьар санаата элбэх. Эт-сиин баҕа санаата аһааһын, сынньаныы, баҕа санааны ханнарыы диэки хайысхалаах. Ол иһин өй-санаа тулуура улаатан, туттунар күүһүн улаатыннарара хайаан да ирдэнэр. Сиэр, киһи быһыытын көрдөбүллэрин тулуурун улаатыннаран тутуһа сылдьара эрэйиллэр. Итини тэҥэ бу көрдөбүллэри тутуспат буолуу таҥара накааһын үөскэтэрэ ыган, хаайан тутуһарга күһэйэр. Сахаларга Улуу тойон таҥара тулуурдаах буолууга, ыарахан үлэни үлэлииргэ, олохсуйбут бэрээдэги тутуһарга ыҥырара, үөрэтэрэ сорохторго, аһара барыан санаалаахтарга сөп түбэспэккэ хаалар. Ол иһин бу бэрээдэккэ үөрэтэр таҥараны сорохтор сөбүлээбэттэр, былыргы кэмнэргэ оннооҕор абааһыларга тэҥнээн, Аллараа дойдуга олохтуу сылдьыбыт кэмнэрэ бааллара. Бу сахалар таҥараларын үөрэҕин ордук баһылыыр омугунан ааҕыллар нууччалар сөбүлээбэттэр. Кинилэргэ бас бэриммит, эппит хоту сылдьар кулут өйдөөх-санаалаах дьон ордук туһалаахтар. Онтон Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ тулуурдаах, өһөс, бэйэтин билинэр дьону иитэргэ, улаатыннарарга аналлаах. Сэбиэскэй былаас эстибитин кэннэ тыл үөрэхтээхтэрэ “айыы үчүгэй” диэн этэннэр, айыыны оҥорууну өрө тутаннар бэрээдэктээх, көрсүө, сэмэй дьон туоратылла сылдьыбыттара. Билигин олох оннун булан, үлэни кыайааччылар, күүскэ үлэлээччилэр көрсүө, сэмэй дьон сыаналанар кэмнэрэ кэллэ. Тулуур киһиэхэ хаһан баҕарар туһалыыр. Утуйан хаалары тулуйуу тулуур улааттаҕына эрэ кыаллар. Тулуурдара тиийбэт, айаннаан иһэн утуйан хаалар суоппардар кюветка түһэллэрэ эбэтэр утары иһэр массыынаҕа киирэн биэрэллэрэ биллэр. Эдэрдэр тулуурдара аҕыйаан иһэриттэн маннык абаарыйалар билигин элбээн иһэллэр. Атаах буола улааппыт оҕолор улаатан суоппардаатахтарына өр утуйбатылар даҕаны ууларын кыаммаккалар утуйан хаалан улахан абаарыйаҕа түбэһэллэр. Сахалар оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ туһанар “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн өс хоһоонноро ураты тулуурдаах дьону иитэн улаатыннарарга аналлаах. Тулуур туохха барытыгар туһалыыр. Айылҕа тымныыта уонна итиитэ хардары-таары дьайаннар киһини тулуурга, өсөһө сылдьарга ыган, хаайан үөрэтэллэр. Тымныыны уонна итиини тулуйуу тус-туспалар, утарыта дьайыылаахтар. Айылҕа хааны сиир үөннэрэ кыра ыарыыны тулуйарга эмиэ үөрэтэллэр. Төрөппүттэр бу өс хоһоонун куруук туһана сылдьыахтара этэ. Саха омугу сайыннарбыт баар-суох өйбүт-санаабыт түмүллүүтэ, бу өс хоһоонугар иҥэн сылдьар. Тулуурдаах эрэ киһи олоҕор туох эмэ ситиһиини оҥорор кыахтанар. Саҥаны айыыны туох эмэ ураты, саҥа санаа киирэн кэллэҕинэ киһи оҥорор кыахтанар, онтон бу саҥаны айыыны олоххо киллэриигэ, туһалааҕын атыттарга биллэриигэ өсөһүү, тулуур улахана хаһан баҕарар эрэйиллэрин тэҥэ, баай, харчы көмөтө ирдэнэр. Сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ этэринэн киһи үс куттарын сүрэ хам тутан сылдьарыттан ыһыллан хаалбакка киһи буолууну ситиһэр кыахтанар. Сүр диэн тулуур баарын, туттунар күүһэ төһө кыахтааҕын биллэрэн кут-сүр үөрэҕэр киирэн, киһи буолууну ситиһэргэ тириэрдэр сүрүн бэлиэ буолар. Кыһын тымныы кэмҥэ төрөөбүт оҕолор элбэх сүрдээхтэр. Тымныы киһиэхэ сүрүн элбэтэр. Саха сирэ уһун, улахан тымныылааҕынан олохтоохтор сүрдэрэ, тулуурдара айылҕаттан элбиир. Тулуур баара эккэ-сииҥҥэ уонна өйгө санааҕа иккиэннэригэр туһалаах. Эт-сиин тулуура улааттаҕына араас ыарыылары тулуйарын тэҥэ, ыарахан үлэни-хамнаһы кыайар кыахтанар. Өй-санаа тулуура улааттаҕына өй көтөрө, буккуллара, баайыллара тохтууруттан киһи сыыһа-халты туттунара аҕыйыыр. Онон тулуур баара киһиттэн барыларыттан хайаан да ирдэнэр олох тутаах көрдөбүлэ буолар.

САҤАНЫ АЙЫЫ

Оҕо өйө-санаата саҥаны айыылартан хомуллан үөскээн, үгэстэри үөскэтэн ийэ кутугар мунньуллан иһэр. Ол курдук оҕо саҥа улаатан иһэн тугу көрбүтэ, билбитэ барыта кини өйүгэр-санаатыгар саҥаны айыы курдук дьайыыны оҥорон умнуллубат буолан, мунньуллан ийэ кутун үөскэтэн иһэр. Оҕо кыра, өссө бэйэтэ өйдөөбөт эрдэҕинэ, саҥаны билбититтэн үгэс үөскүүрүттэн ийэ кута сайдар, эбиллэр. Бу үөскээбит үгэстэр оҕо улааппытын да кэннэ кинини салайа сылдьаллар. Ол иһин оҕо кыра эрдэҕинэ, ийэ кута үөскүүр кэмигэр үчүгэй быһыылары элбэхтик оҥотторон үчүгэй үгэстэнэрин төрөппүттэрэ ситистэхтэринэ, үчүгэй быһыылаах киһи буола улаатара кыаллар. Куһаҕан быһыы хаһан баҕарар баар. Киһи хаһан баҕарар куһаҕан айыыны оҥорон кэбиһиэн сөп. Үчүгэй буолуо диэн быстах санааттан оҥорон кэбиспит быһыы табыллыбакка, сатаммакка хаалан куһаҕаны элбэтэрэ ордук үгүс. Манныкка эдэрдэр элбэхтик түбэһэн эрэйгэ тэбиллэллэр. Ол курдук арыгыны төһөнү иһэрин билбэт эдэр оҕо биирдэ айыыны оҥорор санаата киирбититтэн элбэҕи иһэн кэбиһэн итирэн хаалан эрэйгэ тэбиллэрэ баар суол. Ол иһин саҥаны айыыны оҥорууга улахан сэрэхтээх буолууну тэҥэ, элбэх билии-көрүү, экономика таһыма сайдыыта баара туһалыыр. Ай диэн тыл киһи санаатын, салгын кута сайдыытын быһаарар. Санааҕа ону-маны, буолары-буолбаты санааһын ай диэн тылынан этиллэр. Санаа киһи баһын иһигэр сылдьарынан үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана кыайан араарыллыбакка сылдьыан сөп. Куһаҕан да санаалардаах киһи олорун кимиэхэ да биллэрбэккэ эрэ этэҥҥэ сылдьар кыахтаах. Саныыр санаатын киһи илэтигэр оҥорон таһаардаҕына киһи быһыытыгар дьэ кубулуйар, уларыйар. Бу оҥоруллубут быһыы урут дьон билбэт, оҥорбот быһыылара буоллаҕына, айыы, саҥаны айыы диэн ааттанар. Ай диэн санааны эрэ быһаарар тылга “ыы” диэн ытааһыны биллэрэр сыһыарыы эбиллэн куһаҕана элбээбитэ былыргыттан биллэриллэр. (4,20). Айыы диэн киһи оҥорор быһыытын аһара, сиэри таһынан бардахха үөскээн тахсар ураты быһыы буолар. Ол барыта айыы диэн киһи билэ илик, ол иһин оҥорбот быһыыта буоларын, үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана биллэ илигин быһааран куһаҕана элбиэн сөбүттэн сэрэтиллэр. Киһи үчүгэй санааларданнаҕына, үчүгэй быһыылары оҥорор, онтон куһаҕан санаата киирдэҕинэ, куһаҕан быһыыны оҥоруон сөбө хаһан да уларыйбат. Ол иһин айыы диэн тыл икки өрүттээх өйдөбүллээх; үчүгэйдээх уонна куһаҕаннаах. Сахалыы таҥара үөрэҕэ киһи үчүгэй санааларданарын ирдиир, оҕоҕо үчүгэй санаалары үгэс оҥосторугар иитэр, үөрэтэр, ол иһин киһи үчүгэй быһыылары оҥорорун элбэтэр. Кумааҕыга ону-маны, буолары-буолбаты була сатаан суруйуу айыыны оҥоруу буолбатах. Айыыны оҥорууга бэлэмнэнии эрэ буолар, сахалыы айар, айымньы диэн тылларынан этиллэрэ ордук табыллар. “Киһини кырбыам, уоттуом” - диэн сааннахха куһаҕан быһыыны оҥорууга бэлэмнэнии үөскүүр эрээри, өссө даҕаны куһаҕан быһыыга, айыыга кубулуйа илигиттэн сууттуур өссө кыаллыбат. Ол иһигэр араас саҥа, тыл эмиэ бэлэмнэниигэ эрэ киирсэр. Ону-маны, ол-буну, “айыыны оҥор” диэн этээччи киксэрэн биэрээччигэ киирсэр. Сааныы куһаҕан быһыыны оҥорууга бэлэмнэнии буолар. Онтон куһаҕан быһыыны оҥордоххо, дьон урут оҥорон көрө илик быһыылара буоллаҕына, саҥаны оҥоруу, айыы буолан тахсар. Киһи санаата оҥорор быһыытыгар кубулуйан куһаҕаны, ночооту үөскэттэҕинэ суукка биэриэххэ сөп буолар. Олоххо ким эрэ кими эрэ баһыйа, сабырыйа сатыыра хаһан баҕарар баар. Кырата ким да билэр дьонуттан аһара хаалан хаалыан баҕарбат. Атын киһиэхэ туох эмэ баарын эмиэ булуна сатааһын дьоҥҥо барыларыгар баар, сайдыыга тириэрдэр баҕа санаа буоларын иһин туһана сылдьаллар. Атыттартан “үчүгэй” буола сатааһын араас саҥаны айыылары оҥоро сатааһыннар элбииллэрин үөскэтэр. Бука бары саҥаны, урут суоҕу, атыттар билбэттэрин, оҥорботторун оҥоро сатыыр санаабыт, “үчүгэй” буола, атыттары баһыйа сатыырбыт сайдыы кэлэн истэҕинэ эмиэ улаатан биэрэн иһэр. Лаппааки угун токурутан, эбии ырычаахтаан биэрэн, тупсаран оҥорон туһанааччылар бааллар. Бу саҥаны айыыны С.Малоземов хамаандата боруобалаан, төһө туһалааҕын бэрэбиэркэлээн баран, туһалыырынааҕар буору хаһары уустугурдарын быһаарда. (5). Саҥаны айан, олоххо киллэрэн, ол аата айыыны оҥорон сайдыыны ситиһэрбитин бары билэбит, саҥаны айыыны оҥоро сатыыбыт. Бу үтүө диир санаабыт аһара бардаҕына, бары буолар-буолбат, ол-бу саҥаны айыылары оҥоро сатаатахтарына, олоро бары кэриэтэ табыллыбаккалар, сатаммаккалар куһаҕаны элбэтэллэр. Ону тэҥэ бары ыксыылларыгар, тиэтэйэллэригэр оҕустаран сыыһа-халты туттуналлара үксээн табыллыаҕы да куһаҕаҥҥа кубулуталлар. Киһиэхэ салгын кута сайдарынан ону-маны, саҥаны, атыттар билбэттэрин, оҥорботторун, айыыны оҥорон иһэр санаата элбэх. Бука бары туох эрэ уратыны, атыттарга суоҕу булан оҥоро сатааһыннара айыыны оҥоруу буолан иһэрэ, олору оҥороллорун элбэтэр. Дьон өйө-санаата аҥар өттүгэр, айыыны оҥоруу диэки халыйан хааллаҕына туох эмэ саҥаны, атыттар оҥорботторун оҥорон иһии, барыга-бары солумсаҕырыы санаата бары хабыллар ыарыыларыгар кубулуйар. Россия дьоно сайдыыны, тупсууну түргэнник ситиһэ сатыыр санааларыттан, билигин итинник ыарыыга ылларан сылдьаллар эрээри, онтон үлэ оҥорон таһаарыыта эбиллибэт. Була сатаан айыыны оҥоруу уонна ону олоххо киллэрии төрүттэрэ тус-туспалар. Ол курдук дьадаҥы да киһи саҥаны айыыны оҥорбутун иһин, туһаны, барыһы аҕалар айыы туһаҕа тахсарыгар, төһө туһалааҕа быһаарыллар, онтон олоххо киирэригэр элбэх харчы, баай ирдэнэр. Саппаас баайа суох киһи саҥаны айыыны оҥорбутун олоххо киллэрэрэ кыаллыбата элбиир. Тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар, учуонайдар саҥаны айыы ыарыытыгар эмиэ хаптарбыттарын бэлиэтинэн элбэх сыыһалардаах “айыы үөрэҕин” айан саха дьонун барыларын албынныы сылдьаллара буолар уонна саҥа тыллары булбута, оҥорбута буолан, саҥа үгэстэри үөскэтэ сатааннар сайдыы киирэрин атахтыыллара, бытаардаллара эбилиннэ. Саха дьоно онно кыттыһан бары буолар-буолбат саҥаны айыыны оҥоро сатыылларыттан тутаах, сүрүн үлэбитин, сүөһү көрүүтүн быраҕан эрэллэр. Сахалар айыыны оҥоро сатааһын ыарыыта үөскээн дьон олоҕун алдьаппатын туһугар “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн этэн, аналлаах үөрэҕи олохтоон солумсаҕырыыттан көмүскэнэ, харыстана сатыыллар. Бу ыарыы ордук улаатан иһэр оҕолору хабарыттан харыстаан кыра эрдэхтэриттэн “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн этэн хайаан да үөрэтэллэр, оҕо өйө-санаата сайдыытын киһи буолуу суолунан салайаллар. “Айыылаах айыыта таайар” диэн өс хоһооно киһи оҥорбут айыыта хаһан да сүтэн, суола-ииһэ суох хаалан хаалбатын биллэрэр. Бу өс хоһооно оҥоруллубут айыы ханан эрэ дьайан куһаҕан өрүтэ биллэрин бэлиэтиир. (2,56). Онон биир эмэ киһи оҥорбут айыыта табыллан, сатанан туһалаахха кубулуйар, онтон элбэхтэр оҥоро сатыыр айыылара бары кэриэтэ табыллыбаккалар, сатаммаккалар куһаҕаны элбэтэллэриттэн сахалар харыстанан “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн этэн улаатан иһэр оҕолорун үөрэтэллэр.

АЙЫЫ САНАА ДИЭН СЫЫҺА ЭТИИ

Хас биирдии сахабыт тылыгар өй-санаа өйдөбүллэрэ иҥэн сылдьалларыттан тыл суолтата үөскүүр. Тыл үөрэхтээхтэрэ диэн ааттанар дьон тыл суолтатын билбэттэриттэн тылбытын харыстаабат буоллулар. Тылы суолтатынан туһамматтара элбээн иһэр. Ол курдук “айыы санаа” диэн сыыһа этиини оҥорон туһана сатыыллар. Айыы диэн тылбыт киһи биирдэ эмэтэ оҥорор ураты быһыытын, саҥаны айыытын, бу быһыы киһи быһыытын, сиэри таһынан баран ыларын биллэрэр. Ол иһин айыы диэн тылбыт куһаҕан өрүтэ элбэх буолан тахсарынан, улахан сэрэхтээх, элбэхтик туттуллубат, дьыбардаахха саҥарыллыбат тыл буолар. (4,20). Санаа киһи баһын иһигэр сылдьарынан, ол аата оҥорор быһыыга өссө кубулуйа илигиттэн кыайан айыы буолбат. Айыы диэн тыл киһи оҥорор быһыытын быһаарар. Тыл үөрэхтээхтэрэ булан туһана сатыыр “айыы санаа” диэн өйдөбүллэрэ сахалыы өй-санаа үөрэҕэр, киһи оҥорор быһыытыгар сөп түбэспэт. Айыы диэн тыл биирдэ эмэ табыллар суолтатын да туһаннахха “айыы санаа” диэн этии син-биир өйгө-санааҕа сөп түбэспэт. Ол курдук бу тыллар сылдьар сирдэрэ тус-туспалар, санаа ол дойдуга сылдьар, онтон оҥорор быһыы бу дойдуну, илэ оҥорууну биллэрэр. Ол иһин кыайан бииргэ холбоспоттор, өйдөбүллэрэ, сылдьар сирдэрэ сөп түбэспэттэр. Санаа диэн киһи баһын иһигэр сылдьар, ол иһин куһаҕана кыра, биллибэккэ да сылдьыан сөп. Биирдэ эмэтэ киирэн кэлэр ураты, атыттарга маарыннаабат, сиэри кэһэр, таһынан барар санаа син-биир санаа диэн ааттанар. Арай ураты санаа диэн атыттартан туспатын арааран бэлиэтиэххэ сөп. Санаабыт санааны илэтигэр оҥорон таһаардахха эрэ киһи быһыытыгар кубулуйар, үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана быһаарыллар кыахтанар. “Айыы санаа” диэн этэн тыл үөрэхтээхтэрэ туһана сатыыллара өй-санаа үөрэҕэр сөп түбэспэт этии буолар, киһи өйүн-санаатын букатын билбэттэрин биллэрэр. Киһи араас санаалара киһи быһыытын аһара баралларыттан, хаһан да туолбат ыра санааҕа кубулуйаллара элбэх. Ол курдук киһи бэйэтин кыаҕынан, сатабылынан санаабыт санаатын оҥорон таһааран олоххо киллэрэрэ, туох эмэ туһалаахха кубулутара олох сайдыытыттан улахан тутулуктаах. Ол иһин былыргыттан остуоруйаҕа кэпсэнэр ыра санааларыгар баар көҥүлүнэн көтөр көбүөрү дьон оҥороллоро өссө биллибэт. Тыл үөрэхтээхтэрэ элбэх сыыһалардаах “айыы үөрэҕин” айаннар уонна айыы диэн тыл ураты өйдөбүллэрин билбэттэригэр тэптэрэннэр “айыы санаа”, “айыы киһитэ” диэн сыыһа, өй-санаа өйдөбүллэригэр сөп түбэспэт этиилэри туһана сатыыллар. Ол курдук киһиэхэ араас санаалар куруук баалларыттан, биирдэ эмэтэ кылам гынан киирэн кэлэр саҥаны айыыны оҥоро сатыыр санаа, быстах санаа диэн ааттанар уонна үчүгэй дуу, куһаҕан дуу буолан тахсара биллибэт уратылааҕыттан сэрэнэри син-биир ирдиир. Айыы диэн тыл саҥаны айа сатыыр санаа киһи оҥорор быһыытыгар кубулуйбутун биллэрэр. Ол иһин “ыы” диэн ытааһын бүтүүлээх, бу оҥоруллубут быһыы куһаҕан өрүтэ элбээн тахсарын быһаарар. Онтон санаа өссө оҥорулла илик буоллаҕына санаа диэн ааттанар. Бу икки тыллар кыайан бииргэ холбоспот өйдөбүллээхтэр. “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн, бу санаа үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорууга тириэрдэр буолуон сөп. Ол иһин санаа аҥардастыы үчүгэй буолар диэн этии сыыһа, киһи оҥорор быһыылара үгүстүк куһаҕан быһыыга кубулуйалларыттан айыы диэн тыл куһаҕана элбиирэ быһаарыллар. Айыыны, дьон билбэттэрин, оҥорботторун оҥоруу киһи олоҕор биирдэ эмэтэ эрэ кыаллар, туһаны оҥорор быһыы буолар. Олоххо туһалаах саҥаны айыыны оҥорбут аҕыйах дьон биир эмэ патент, сертификат ылаллар, учуонай буолаллар. Атыттар бары оҥоро сатыыр саҥаны айыылара табыллыбаккалар, сатаммаккалар куһаҕан быһыылары элбэтэллэр. (6,23). Дьон айыыны оҥорор санааларын күөртээһин сыыһа-халты туттуналларын элбэтэн куһаҕаны үксэтиигэ тириэрдэр. Айыы диэн тыл элбэх дьоҥҥо анаан этиллэр алгыска туттуллубатаҕына табыллар. Суруйааччы эбэтэр кумааҕы үлэһитэ тугу эмэ булан суруйбута саҥаны айыы буолбатах, онно бэлэмнэнии эрэ буолар, айар, айымньы диэн тылларынан этиллэрэ эрэ табыллар. Арай ким эмэ бу суруллубут курдук быһыыны үтүктэн куһаҕаҥҥа тириэрдэр саҥаны айыыны оҥордоҕуна суруйааччы бэйэтэ кигэн биэрээччигэ кубулуйан бииргэ сууттаныан сөп. (7,132). Оҕо өйө-санаата саҥаны билиилэриттэн мунньуллар, сайдар. Саҥаны айыыны оҥоруон баҕалаахтар элбэхтэр. Айыыны, дьон билбэттэрин, оҥорботторун оҥоруу биирдэ эмэтэ эрэ табыллан туһалаах буолар, онтон атыттара бары сыыһа-халты буолан тахсалларыттан куһаҕан быһыылары элбэтэллэр. Бука бары дьон оҥорор куһаҕан быһыылара аҕыйыахтарын баҕарабыт. Бу баҕа санаабыт туоларын туһугар оҕо улаатан, өйө-санаата сайдан үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билэ илигинэ сахалар таҥараларын үөрэҕэ “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн бобуутун туһаннахпытына эрэ табыллар. (7,28). Төрөппүттэр элбэх сыыһалардаах “айыы үөрэҕин” албыннарыгар киирэн биэрбэккитигэр ыҥырабыт. Бу сыыһа “үөрэх” оҕону иитиигэ ордук улахан куһаҕаны оҥорор. Сахалар “Айыы диэмэ”, “Айыыны диэн үөрэхтэрин туһаныы эрэ оҕону сыыһа-халты туттунарыттан харыстааһын буолар. Ол курдук оҕо улаатан иһэн ону-маны, буолары-буолбаты, айыыны оҥоро үөрэммитэ үгэс буолан иҥнэҕинэ куһаҕан майгыланан хааларын тэҥэ, сыыһа-халты туттунуулары оҥоруон сөбүттэн сэрэтэбит. Киһиэхэ ханнык санаа киирэрэ кыайан бобуллар кыаҕа суох. Ону-маны айа сатыыр санаа диэн биирдэ эмэтэ киирэн кэлэр, табыллара табыллыбата биллибэт саҥа санаа ааттанар. Киһи бэйэтин өйүнэн-санаатынан арааран, улаханнык этэн айдаарбакка эрэ, бу санааларын хааччахтыы сылдьара эрэйиллэр. Айыы диэн киһи оҥорор быһыылара ааттаналлар. Санааны этэргэ айыы диэн тылы туттуллубат, айар диэн тыл туттуллар. Үчүгэй дии санаан айыыны оҥоруу биирдэ эмэ табылларын таһынан сыыһа-халты буолара элбэҕинэн куһаҕаҥҥа тириэрдэрэ элбэх. Алгыска киһи буол, үчүгэй майгылаах буол, үөрэ-көтө сырыт, киһилии быһыылан, сыыһа-халты туттума диэн алҕааһын табыллар. Ол курдук киһини сыыһа-халты туттунума диэн харыстаан алҕааһын ордук табыллар. Үрүҥ Күн саҕаламмытыгар, тахсыбытыгар үөрүөххэ, үчүгэйи, үрүҥү элбэтиэххэ диэн баҕа санааны тириэрдиэххэ. Онон “айыы санаа” диэн тыл үөрэхтээхтэрэ булан туһаннара сатыыр тыллара сымыйа өйдөбүлү үөскэтэр, киһини албынныыр тыллар. Ол иһин туттубаккытыгар сүбэлиибит.

АЙЫЫ СУОЛА

Тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар, учуонайдар өй-санаа тутулуктарын букатын билбэттэригэр тэптэрэн “айыы суола” диэн этиини алгыстарыгар кытта туһана сатыыллара улахан сыыһа. Биһиги өй-санаа үөрэҕэр тирэҕирэн онно сөптөөх эппиэти биэрэбит. Киһи өйө-санаата “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн икки өттүттэн тутулуктаах: 1. Тыыннаах киһи өйө-санаата. 2. Өлбүт дьоннор өйдөрө-санаалара. Сахалар олус былыргы кэмнэргэ өй-санаа бу икки аҥы арахсыытын арааран билэн, тус-туспа дойдуларга олохтообуттар. Ол дойдулары бу уонна ол эбэтэр анараа дойдулар диэн арааран ааттаабыттар. Бу дойдуга тыыннаах киһи эттээх-сииннээх уонна уларыйа, эбиллэ сылдьар өйдөөх-санаалаах, араас саҥаны айыылары оҥорор кыахтаах олоҕун олорор, онтон ол эбэтэр анараа дойдуларга өлбүт дьон өйдөрө-санаалара уларыйбат турукка киирэн сылдьаллар, эт-сиин хаалар, көмүллэр, өй-санаа эньиэргийэ ылара суох буолар. Өй-санаа бу икки өрүтэ туох уратылаахтарын төһө кыайарбытынан дириҥник ырытан көрүөхпүт: 1. Тыыннаах киһи диэн Орто дойдуга олорор салгыны тыынар, инчэҕэй эттээх-сииннээх уонна өйдөөх-санаалаах; араас майгылаах, үс куттаах киһи ааттанар. Тыыннаах буолуу диэн эт-сиин тутаах уратыта, онтон майгы араастара уонна үс кута өй-санаа уратылара буолаллар. (8,76). Эт-сиин тыыннаах эрэ киһиэхэ баар айылҕаттан тутулуктаах сүрүн чааһа буолар. “Илэ дуу, түүл дуу диэн буккуллан ыллахха көм эккиттэн кымаахтаан көрөр буол” диэн сахалар үөрэхтэрэ этэр. “Этин ыалдьар буоллаҕына, бу дойдуга сылдьар буолуоҥ” диэн этии быһаарыы эттээх-сииннээх киһи, бу дойдуга эрэ сылдьарын биллэрэр. Тыыннаах киһи эттээх-сииннээх, ол эттэн-сиинтэн эньиэргийэ ыларыттан өйө-санаата сайдар, саҥа үөрэхтэри, билиилэри иҥэринэн эбиллэр, үөрүйэхтэри үөскэтинэн этин-сиинин уларытар кыахтанар. 2. Былыр үйэҕэ өлбүт дьон өйдөрө-санаалара Үөһээ дойдуга айыы буолан сылдьалларын айыылар диэн ааттарыттан арааран саха киһитэ барыта билэр. Кинилэр тыыннаах эрдэхтэринэ оҥорбут дьыалалара, олохторун үөрэхтэрэ өлбүттэрин кэннэ, айыылар эбэтэр айыы суола диэн ааттаналлар. Үөһээ дойдуга үчүгэйи да, куһаҕаны да оҥорбут дьон өйдөрө-санаалара бары уларыйбат турукка киирэн, айыы буолан сылдьалларыттан араас үчүгэй, үрүҥ да, куһаҕан, хара да айыылар бааллар. Ол иһин айыылар билиилэриттэн үчүгэйин, үрүҥүн, аныгы сайдыылаах улаханнык уларыйбыт, тупсубут олоххо сөп түбэһэрин, табылларын эрэ талан ылан, үрүҥ айыы диэн ааттаан туһаныллара хайаан да ирдэнэр. Үрүҥ айыы итэҕэлэ диэн ити талан ылыы улахан оруолун быһааран итэҕэл аҥар өрүтүн ааттаабыттар. Билигин сайдыылаах олоххо аҥардастыы айыы суолун тутуһуу өссө сайдан иһэр олохтон хаалан хаалыыны үөскэтиэн сөп. Бары саҥа кэлэн иһэр билиилэри хос сахалыы тылбаастаан, саҥа тыллары үөскэтэн туһана сатааһын, саҥа үгэстэри үөскэтэргэ тириэрдэринэн сайдыыттан хаалыыга тириэрдэр. Ол иһин сайдыыны түргэнник ситиһиэн баҕарар омук айыы суолун аһара тутуспата, кэһэрэ, саҥалыы оҥороро ирдэнэр. Саха дьоно кэс тыл диэн этиилэрэ урукку, олохтон хаалбыт үгэстэри кэс, атыннык, саҥалыы оҥор диэн өйдөбүллээх. (9,110). Айыы суола – өлүү суола. Бу этии дакаастабыллара манныктар: 1. Дьон бары саҥаны айыыны аһара элбэҕи оҥоро сатаатахтарына сыыһа-халты буолара үксүүрүттэн алдьатыыны элбэтэллэр. 2. Наар саҥаны айыылары өрө тутуу, эккирэтэн оҥоро сатааһын дьон көтүмэхтэрин, солумсахтарын улаатыннарарыттан сүрүн, тутаах үлэлэрэ хаалан хаалыыларыгар тириэрдэр. 3. Өлбүт дьону үтүктүү үчүгэйгэ тириэрдибэт. Бэйэлэригэр тиийиммит дьон аймахтара эмиэ бэйэлэригэр тиийинэр кутталлара улаатан хааларыттан умнулларга аналланаллар. 4. Айыылар диэн өлбүт дьон өйдөрө-санаалара Үөһээ дойдуга сылдьаллара ааттанар. Бахсы айыыта, Болугур айыыта былыргы кэмнэргэ олорон ааспыт, өлбүт дьон өйдөрө-санаалара буолаллар. Айыылары аһара элбэхтэ ахтыы үчүгэйгэ тириэрдибэт, туруга суох өйдөөх-санаалаах дьону, аны онно ыҥыран ылыахтарын эмиэ сөп. Тыыннаах, эттээх-сииннээх буолан Орто дойдуга олорор дьону айыы киһитэ буолууга, айыы суолугар, өлүүгэ-сүтүүгэ сахалар ыҥырбаттар. Айыы диэн улаханнык саҥарыллыбат, куһаҕан өрүтэ элбээн хаалар, сэрэхтээх тыл, ону таба туһаныы эрэйиллэр. Төһө да биир эмэ туһаны аҕалар айыыны “үчүгэй” диэн санаабыппыт иһин, дьон бары саҥаны айыыны элбэҕи оҥорууга туруннахтарына куһаҕаны эмиэ элбэтэн кэбиһэллэрин билиэ этибит. Айыы куһаҕана билигин илэ дакаастанан эрэр. Дьон бэйэлэрэ саҥаны айыыны оҥорон улахан атомнай буомбалары оҥорбуттарыттан билигин бэйэлэрэ куттананнар ханна баран саһыах сирдэрин булбакка эрэйдэнэн эрэллэр. Онон айыы суола – өлүү суола. Өлбүт киһи өйө-санаата атыттартан уратытынан, маарыннаабатынан туспа айыы буолар. Айыы буолуу диэн киһи өллөҕүнэ, өйө-санаата туспа баран Үөһээ дойдуга таҕыстаҕына биирдэ кэлэр.

САХАЛАРГА “АНЬЫЫ” ДИЭН ТЫЛ СУОХ

Бука бары сахабыт тылын харыстыахха диэн санаабыт күүһүрэн иһэр. Арай хайдах харыстыыры билбэппит, сатаан туһаммаппыт, бу харыстыы сатыыр үлэбитин халыйыыга киллэрэн, буортуну оҥорорго тириэрдэрэ эдэрдэр тылы үөрэтэллэрин харгыстыыр. Саха тылын харыстааһын диэн былыр-былыргыттан баар, туттулла сылдьар тыллары була сатаан уларыппат, саҥа тыллары оҥоро сатаабат буолуу, саҥа, атын омуктан киирэр тыллары дорҕооннорунан сөп түбэһиннэрэн сыыйа сахатытыы ааттанар. Олус былыргы кэмнэргэ үөскээбит сахабыт тылыгар өйү-санааны быһаарар саҥа, урукку кэмҥэ суох, “аньыы” диэн тылы нууччалары үтүктээччилэр “грех” диэн тылы тылбаастаарылар булан сахабыт тылын тылбыт үөрэхтээхтэринэн буккуйтаран, алдьатан эрэллэр. Кэлин оҥоро сылдьар саҥа тылдьыттарыгар “аньыы” диэн тылы киллэрэ сатыыллар. Үөрэх-билии, сурук-бичик сайдыбыттарынан омук тыла барыта араас тылдьыттарга мунньуллан ууруллубуттара өр буолла. Сахабыт тыла мунньуллар бары тылдьыттарыгар сэбиэскэй былаас кэмигэр тыл үөрэхтээхтэрэ уонна суруйааччылар булан билигин да туһаҕа киллэрэ сатыыр “аньыы” диэн тылларын көрдөөн көрөбүт да булбаппыт. Ханнык да билигин туһанылла сылдьар тылдьыттар-бытыгар “аньыы” диэн тыл суох. 1968 сыллаахха тахсыбыт “Русско-якутский словарь” сахалыы “айыы” диэн тыл нууччалыы “грех” диэн куһаҕан тылга сөп түбэһэр диэн быһааран суруйбута. (10,118). 1994 сыллаахха бэчээттэнэн тахсыбыт “Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта” “айыы” диэн тыл икки утарыта турар, үчүгэй уонна куһаҕан өйдөбүллээҕин таба арыйан быһаарар. Бу тылдьыкка “аньыы” диэн тыл суох. (11,16). 2004 сыллаахха таһаарыллыбыт “Саха тылыгар көмө тылдьыкка” “айыы” диэн тыл икки өрүттээх өйдөбүллээҕэ ордук чуолкайдык быһаарыллар. Бу тылдьыкка “аньыы” диэн тыл эмиэ суох. (12,9). Соторутааҕыта 2008 сыллаахха бэчээттэнэн тахсыбыт “Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьытыгар” айыы диэн тылбыт икки утарыта; үчүгэй уонна куһаҕан өйдөбүлүн холбуу иҥэринэн сылдьара суруллубут. Манна “аньыы” диэн тыл эмиэ суох. (13,32). Сахалар таҥараларын үөрэҕэр “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн былыр-былыргыттан иҥэн сылдьар этиилэр бааллар. Бу этиилэр сүрүн өйдөбүллэрин сахалар таҥараны итэҕэйэр кэмнэригэр суруллубут “Словарь якутского языка” диэн саха тылын сүмэтин, өйүн-санаатын барытын түммүт улахан, үс туомнаах Э.К.Пекарскай үлэтиттэн ыллахпытына ордук табатык өйдөнөллөр. Оччотооҕу кэмҥэ айыы диэн тыл өйдөбүлэ маннык эбит: 1. всякий противный принятым правилам, обрядам, обычаям, законам и религии поступок, вина, проступок, преступление, прегрешение, согрешение, грех; соблазнь, искушение; (буруй-хара); (айыыта суох)- без вины; (айыы-хара)- темные дела; 2. дурные последствия, наказание, страдание; 3. айыыбын – (о, грешно! о, грех мой). (14,57). Бу тылдьыт суруллар кэмигэр сахалар тылларын атын омук тылыгар буккуйбакка бэйэтинэн туттар кэмнэригэр айыы диэн тыл куһаҕан өрүтэ лаппа элбэх эбит. Ол кэмҥэ сахаларга “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн этиилэр оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ быһаччы туттуллар эрдэхтэринэ сокуону, бэрээдэги кэһэр, сиэргэ баппат, куһаҕаннык быһыыланар эдэрдэр ончу кэриэтэ суох эбиттэр. Арай бу тылдьыкка айыы диэн тыл биир өйдөбүлэ, үчүгэйи оҥорууга эмиэ туһалыыра суруллубакка хаалбыт. Ол барыта оччотооҕу сахалары баттыыр, аанньа ахтыбат кэмҥэ туһалаах, үчүгэй айыылары нууччалар эрэ оҥороллорун курдук санааһынтан үөскээбит. Ол иһин үчүгэй өрүтүн киллэрбэтэхтэр. Тылбыт үөрэхтээхтэрэ саҥа оҥоро сылдьар улахан тылдьытта-рыгар “аньыы” диэн сахалары албынныыр, сымыйа тылы киллэрдилэр. Бу тылы аан бастаан православнай таҥара дьиэтин үлэһиттэрэ нууччалар таҥараларын үөрэҕин “грех” диэн тылын сахалыы тылбаастаарылар туттубуттара. Сэбиэскэй былаас кэмигэр 1956 сыллаахха П.А.Ойуунускай үлэлэрин хаттаан бэчээттээн таһааралларыгар тыл үөрэхтээхтэрэ бу тылы сурукка киллэрбиттэрэ. Элбэх сыыһалардаах “айыы үөрэҕин” айааччылар өйү-санааны арааран этиигэ бэйэлэрин сыыһаларын, “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа тутулугун билбэттэрин саптынаарылар, бу “аньыы” диэн тылы булан тутта сатыыллар. Ай диэн өй-санаа баспыт иһигэр, мэйиибитигэр үөскүүрүн быһаарар тылбыт. Бу тылбыт соҕотох эрэ, мэйиибит биирин курдук биир. Бу тыл баспыт иһигэр саныыр санаабытын быһаарар буолан куһаҕан өрүтэ араарыллан биллэрэ уустук. Ол эрээри хайа баҕарар киһи араас санаалары саныыра баа буолан бобуллар, биллэр кыаҕа билигин даҕаны суох. Ол иһин сахалар “Киһи эриэнэ иһигэр, ынах эриэнэ таһыгар” диэн киһи ханнык санаалардааҕа биллибэтин быһааран этэллэр. Куһаҕан да санаалардаах киһи олорун биллэрбэккэ эрэ сылдьар кыахтааҕын билинэрбитигэр тиийэбит. Баспыт иһигэр, мэйиибитигэр санаабыт санааларбытыттан талан ылан, бу туһалаах дии санаабыппытын илэтигэр оҥорон таһаардахпытына, бу оҥорбуппут ким да оҥорон көрө илик, билбэт быһыыта буоллаҕына, айыы буолан тахсар, сиэри кэһэр, таһынан барар. Бу оҥорон таһаарбыт быһыыбыт, айыыбыт дьоҥҥо туһалаах, үчүгэйи оҥордоҕуна, үрүҥ айыы, онтон туһата суох, куһаҕаны оҥоруу буолан хааллаҕына, куһаҕан, хара айыы буола уларыйар, киһи оҥорор быһыыта буолан икки өрүттэнэр. Айыы диэн тыл бэйэтэ куһаҕана элбэх тыл. Киһи айыыны оҥоро охсоору сыыһа-халты туттунарын үксэтэринэн куһаҕана элбээн тахсар. Бу тыл киһи куһаҕаны, буруйу оҥорор майгынын, кыаҕын эмиэ холбуу ылан улаатыннарара куһаҕана элбииригэр тириэрдэр: 1. Бу айыы диэн тыл куһаҕан дьайыытыттан оҕолор, эдэрдэр ордук эрэйдэнэллэр. Кинилэр үгүстүк саҥаны айыыны оҥоро охсоору сыыһа-халты туттуналлара элбээн хааларыттан, куһаҕаны оҥороллоро элбииригэр тириэрдэр. Биһиэхэ маннык кэм кэлэн эрэр. Эдэр уолаттарбыт отучча бырыһыаннара хаайыыга киирэн тахсалларын тыл үөрэхтээхтэрэ, учуонайдар билбэтэҕэ буола сылдьаллар. 2. Эдэр оҕолор бэйэлэригэр тиийинэллэрэ элбээһинэ “айыы үчүгэй”, “айыы буолуҥ” диэн этииттэн, үөрэтииттэн быһаччы тутулуктаах. Үөрэхпит министерствота өй-санаа бу халыйыытын таба өйдөөн ыаллар баар-суох оҕолорун куһаҕан майгыга үөрэтиэхтэрэ суоҕа этэ. Өлбүт дьон өйдөрө-санаалара Үөһээ дойдуга үөр, айыы буолан сылдьаннар, туруга суох өйдөөх-санаалаах эдэрдэри ыҥырар, угуйар кыахтаахтар. Айыы буола сатаан эдэрдэр онно киирэн биэрэр, бэйэлэригэр тиийинэр, наркотиктарга ылларар кыахтара улаатан хааларын үөрэҕи баһылаабыт дьон билэн, аҕыйата сатыахтара этэ. 3. Бэрээдэктээх дьон бары сокуоннары, сиэри, киһи быһыытын тутуһаллар, онтон балары кэһэр, толорбот киһи киһи оҥорбот, билбэт быһыытын оҥорор, ол аата уратыны, урут суоҕу, саҥаны айыыны оҥорор, сиэри кэһэр. Сиэри кэһии сахалар өй-санаа үөрэхтэригэр сөп түбэспэт. Сиэри, сокуоннары тутуспат, дьон оҥороруттан уратытык оҥорор майгылаах киһи кырата куһаҕан быһыылаах киһи буолар, онтон улааттаҕына ыар, хара айыылары оҥоруон сөп. 4. Эдэрдэр саҥаны айыыны оҥоро сатыыр санаалара элбиириттэн табаах тардаллар, арыгы иһэллэр. Билигин ордук араас наркотиктары боруобалыы оонньуу сылдьаннар ылларан иһэллэриттэн эдэр наркоманнар элбии тураллар. Өй-санаа үөрэҕин бассабыыктар, коммунистар суох оҥоруулара киһи өйө-санаата сайдыытын сыыһа сыаналааһыҥҥа тириэрдэн кэбистэ. Ол курдук оҕо тугу барытын үчүгэй киһи оҥорорун курдук оҥорорго, үчүгэй майгыга, көрсүө, сэмэй буолууга аан бастаан үөрэниэхтээҕин, ол аата аан маҥнай үчүгэй майгылаах, үчүгэй киһи буола улаатыахтааҕын умнан, хаалларын кэбиһэбит. Киһи буолууну ситиспит эдэр киһи өйө-санаата өссө сайдан саҥаны айыылары оҥордоҕуна, элбэх киһи быһыылаах саҥаны айыылар үөскээннэр үгүс туһаны аҕалыахтарын сөп. Омук сайдыыны ситиһиитэ элбэх саҥаны айыылары олоххо туһаннаҕына эрэ кыаллыан сөбүн бары билэбит. Сайдыыны ситиһээри элбэх саҥаны айыылары оҥоро сатыыбыт. Сэбиэскэй былаас үөскээһинэ омук олоҕор олус улахан саҥаны айыыны оҥоруу буоллаҕына, 74 сыл кэнниттэн ону төттөрү, урукку оннугар түһэрэ сатыы сылдьарбытын таба өйдүөххэ, олус элбэх саҥаны айыылартан туһалааҕа, үчүгэйэ биир эмэ буоларын билиэххэ. “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этии өйгө-санааҕа быһаччы сыһыаннаах. Ол иһин сир-дойду үрдүгэр аҥардастыы үчүгэй диэн букатын суох. Үчүгэй аһара үчүгэйгэ кубулуйан, алдьархай эбэтэр ынырык үчүгэй диэҥҥэ уларыйдаҕына куһаҕаҥҥа кубулуйара, эргийэн биэрэрэ тиийэн кэлиэн сөп. Элбэх буолар-буолбат саҥаны айыылар сыыһа-халты буолан тахсаллара элбээһиниттэн куһаҕан быһыыга кубулуйаллара үксүүр. Ол иһин айыыны оҥоруу кэмнээҕэ-кэрдиилээҕэ, туспа араарыылааҕа үрүҥ айыы диэн этиинэн бигэргэнэр. Дьоҥҥо туһалаах саҥаны айыы үрүҥ айыы диэн ааттанар. Онтон куһаҕаны айыы, хара айыы диэн туспа араарылларын хайаан да туһаннахпытына өй-санаа сайдыыта оннугар түһэн, үчүгэйи оҥоруу элбээһинэ дьэ үөскүүр кыахтанар. Сахалар нууччалар буолбатахпыт. Биһиги сахалыы өйбүт-санаабыт “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа төрүт тутулугун билинииттэн, олоххо ону тутуһууттан үөскээбит. Ол иһин айыы диэн тылбыт бэйэтэ икки өрүтү, үчүгэйи уонна куһаҕаны оҥорууну иккиэннэрин холбуу иҥэринэн сылдьар тыл буолар. Билигин биһиги итэҕэлбитин сыыһа үөрэтээччилэр, тыл үөрэхтээхтэрэ уонна нуучча тылын учууталлара киһи куһаҕаны оҥорор быһыытын үчүгэйи оҥороруттан туспа арааран, “грех” диэн тылы үтүктэн, “аньыы” диэн тылынан ааттаары оҥостоллор, онно-манна суруйа, хайыы сатыыллар. Бу бэйэлэрин олус “үчүгэйбит” дии сананар, биһиги эрэ таба суолу тутуһабыт дэнээччи коммунистар суруйааччылара булан киллэрэ сатаабыттара. Бу тылы аан маҥнай П.А.Ойуунускай үлэлэрин репрессия кэнниттэн бэчээттээн таһаарыыларыгар туттубуттара, ону билигин биһиэхэ аҕалан, аны ордук нууччатымсыйбыттарын көрдөрөөрү соҥнуу сатыыллар. Нууччалар өйдөрө-санаалара икки аҥы арахсыбыт дьон. Кинилэр үчүгэйи – “хорошо”, онтон куһаҕаны – “грех” диэн тус-туспа тылларынан ааттыыллара олохсуйбута ырааппыт. Өй-санаа икки аҥы арахсыыта үчүгэйгэ тириэрдибэт. Омук арахсар, саҥалыы үөскүүр кэмигэр аһара күүстээх хайдыһыыны үөскэтэн, эстэригэр тиийиэхтэрин сөп. Биһиги тылбыт үөрэхтээхтэрэ уонна учууталлар сахалыы өй-санаа уратыларын билбэттэриттэн быһалыы нууччалары үтүктэн “грех” диэн тыл оннугар ити “аньыы” диэн тылы булан туһана сатыыллара сахалыы өйгө-санааҕа букатын сөп түбэспэт. Сахалар олус былыргы үөрэхтэрин, билиилэрин, бу кэмҥэ диэри уларыппакка, бэйэтинэн илдьэ сылдьар бэлиэлэринэн айыы диэн тылбыт биирэ буолар. “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн бу тыл үчүгэйи уонна куһаҕаны киһи айан оҥорорун холбуу ылан быһаарар. Киһи баһа, мэйиитэ биириттэн тугу өйдөөн-санаан оҥороро биир мэйииттэн айыллан тахсарын чопчу бэлиэтээн айыы диэн тылбыт соҕотох эрэ буолара табыллар. Ол аата ханнык баҕарар киһи үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорор кыахтааҕын, бу айыы диэн тылбыт быһаарара өй-санаа уратыларыгар сөп түбэһэр уонна хайа да өттүгэр аһара барыыны суох оҥорор кыахтааҕын таба өйдөөн туһаныы эрэйиллэр. Сахаларга “аньыы” диэн тыл былыр да суох этэ, билигин да суох буолара өй-санаа үөрэҕэр сөп түбэһэр. “Ань” диэн тыл төрүтүттэн өйү-санааны быһаарар, биллэрэр тыл сахаларга хаһан да үөскээбэт. Айыы диэн тылы сатаан саҥарбатаҕа буолан, ньаамырҕаан куһаҕан өрүтүн туспа арааран “аньыы” диэҥҥэ уларыта сатааһын сахалыы өй-санаа тутулуктарын букатын билбэттэн үөскүүр уонна төрүт тыллары уларыта сатааһын буолар. Бу тылы тутта сатыыр дьон сахалыы өй-санаа тутулуктарын үрэйэ, алдьата сатыыллар. Ол иһин “аньыы” диэн тылы төрүт туттумаҥ диэн сүбэлиибит. Айыы диэн тылбыт бэйэтэ куһаҕаны уонна үчүгэйи оҥорууну бэлиэтиирин холбуу иҥэринэ сылдьар тыл буолар. “Аньыы” диэн тылы хос туһаннахха даҕаны айыы диэн тыл иҥэринэ сылдьар куһаҕана ханна да барбат, симэлийбэт. Ол иһин бу тылы туһанарга үчүгэйин үрүҥ айыы, онтон куһаҕана билиннэҕинэ хара айыы диэн быһаарыылаах туһанар сахалыы өйгө-санааҕа, туох барыта икки өрүттээҕин таба туһаныыга сөп түбэһэр. Өй-санаа икки аҥы арахсыытын үөскэтии олус улахан сыыһа, халыйыы буолар. Олох ханнык эмэ ыарахан, уустук кэмигэр өй-санаа икки аҥы арахсыыта ордук күүһүрэн, букатын эйэлэспэккэ тириэрдэн омук икки аҥы арахсыытын, үрэллиитин үөскэтиэн сөп. Ол иһин өй-санаа арахсыытын үөскэтиини, “аньыы” диэн тылы тутта сатааһыны, бу кэмтэн ыла тохтотуохха. Онон айыы диэн тылбытын тыл үөрэхтээхтэрэ була-сатаан уларыта сатыылларыттан харыстааһын, уларыппакка икки өрүттээх өйдөбүлүн илдьэ сылдьарын ситиһии саха тылын, өйүн-санаатын харыстааһын, саха омугу уһун үйэлээһин буолар.

СОҺУЧЧУ КӨСТҮҮЛЭР

Оҕо, киһи өйө-санаата, ийэ кута саҥаны айыылартан, олору умнубакка өйдөөн, үгэс оҥорон иҥэринэн иһиититтэн сайдан иһэр диэн кут-сүр үөрэҕэр быһаарбыппыт. Оҕо туох саҥаны, уратыны, урут билбэтин, оҥорботун оҥорбута барыта ордук күүстээхтик, хаһан да умнуллубат гына иҥэн, өйдөнөн хаалан иһэр. Ол аата саҥаны билии, айыыны оҥоруу барыта үгэскэ кубулуйан быһалыы ийэ кукка ууруллан иһэр уратылаах. Оҕо, киһи итинник уратыны, саҥаны айыыны оҥорбутун хаһан да умнубат, өйдүү сылдьар. Бу быһаарыыны аныгы наука эмиэ бигэргэтэр. Ол курдук киһи саҥаны билиитэ мэйиигэ саҥа нейроннар холбоһууларын үөскэтэрин быһаарбыттара. Итини тэҥэ оҕо 3 саастааҕар мунньуллубут өйө-санаата, тугу билбитэ мэйиитигэр туспа ууруллан сылдьарын арааран билбиттэр. Ол иһин сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ табата аныгы науканан дакаастана сылдьар чахчы буолар. Оҕо, киһи өйө-санаата сайдыыта, ийэ кута иитиллэрэ барыта саҥаны билииттэн, олору оҥорууттан үөскүүр, ол иһин өйдөнөн хаалара ураты күүстээх, хаһан да умнуллубат. Сорох кэмҥэ киһи өйүгэр-санаатыгар ийэ кута, ол аата умнуллубат өйдөбүллэр биирдэ көрөрү, истэри уонна оҥорору кытта үөскээннэр үгэстэргэ кубулуйаллар. Бу өйдөбүллэри манныктарга араарыахха сөп: 1. Ынырык, ыар, соһутар көстүүлэр. 2. Хаһан да оҥорботоҕу, айыыны оҥоруу. Киһиэхэ хаһан да умнуллубат өйдөбүллэр түргэнник үөскэһиннэрин арыыйда киэҥник ырытан көрүөхпүт: 1. Олус соһуччу хаһан да көрбөтөҕү көрүү, истии киһи өйүгэр-санаатыгар олус дириҥник хатанар, хаһан да умнуллубат өйдөбүлү үөскэтэр. Ынырык, киһи өйүгэр-санаатыгар иҥэн хаалар көстүүлэри көрүүнү сахалар “Киһи түүлүгэр киирэр ыар көстүү” диэн ааттыыллар. Түүл үөрэҕин быһаарыытынан киһи түүлүгэр көрөр бэлиэлэрэ үгэскэ, ийэ кутугар кубулуйдахтарына эрэ чуолкайдык көстөллөр. Куһаҕан, ыар быһыыны көрүү киһиэхэ хаһан да умнуллубат гына өйдөнөн хаалыан сөп. Маннык быһыыны көрүүнү кырдьаҕастар соһуччу “Түүлгэр киирэн хаалыа” диэн сэрэтэллэрэ. Куһаҕан, ыар быһыы биирдэ көрөрү кытта өйгө-санааҕа киирэн иҥэн киһи түүлүгэр көстөр уратылаах. Итини тэҥэ киһи олус улаханнык соһуйбута, муодарҕаабыта, куттаммыта түргэнник, биирдэ көстөөт даҕаны түүлүгэр киирэн иҥэр. Өй-санаа бу курдук түргэнник уларыйар кэмнэрдээҕэ олоххо улахан уустуктары үөскэтиэн сөп. Куһаҕан, ынырык көстүүттэн киһи олус соһуйдаҕына, уйулҕата хамсаатаҕына өйүгэр-санаатыгар олус дириҥник, умнуллубат буола хатанан хаалар. Ол курдук хаһан да умнуллубат түүллэр бааллар. 2. Хаһан да оҥорботоҕу, билбэти, саҥаны айыыны оҥоруу киһи өйүгэр-санаатыгар олус дириҥник хатанар, хаһан да умнуллубат. Оҕо аан маҥнай тугу эмэ билбитэ кини өйүгэр-санаатыгар саҥаны айыы буолан ордук күүскэ иҥэн ууруллар. Тоҕо диэтэххэ өйгө-санааҕа урут суох, саҥаны билии, саҥаны айыы ураты өй-санаа буолан туспа ууруллар, мэйии ситимнэригэр саҥа сибээстэри үөскэтэр, дириҥник хараллар, ол иһин өйдөнөн хаалар. Аан маҥнай испиискэни умаппыт оҕо өйүгэр-санаатыгар бу уматыыта олус дириҥник иҥэр. Онно эбии тарбаҕын уокка салаттаҕына сааһын тухары умнубат гына өйдөөн хаалар, испиискэттэн сэрэнэрэ үөскээн олохсуйар. Тугу барытын аан маҥнай оҥоруу киһи өйүгэр-санаатыгар ордук дириҥник өйдөнөр. Бу быһыыны сааһырбыт киһи ордук чуолкайдык билэр. Ол курдук киһи урукку олоҕуттан ону-маны өйдүү сатаатаҕына туох эмэ уһулуччулаах, биирдэ эмэтэ буолан ааспыт түбэлтэлэр, саҥаны арыйыылар, айыылар өйдөнөн хаалбыттарын ахта саныыр, умнуллубатахтарын бэлиэтиир. Сорох ыар быһыылар киһи олоҕор биирдэ эмэтэ да буоллахтарына, хаһан да умнуллубат гына иҥэн, өйдөнөн хаалыахтарын сөп. Бу быһаарыыны элбэх киһини өлөрөр маньяктар бааллара быһаарар. Ол курдук киһини өлөрүу диэн олус ыарахан, ыар саҥаны айыы буоларынан, өйгө-санааҕа умнуллубат, дириҥ бэлиэлэри хааллара-рынан, киһини өлөрөн баран түбэспэтэх, тутуллубатах өлөрүөхсүт, бу ыар быһыытын өссө хатылаан оҥороро, өй-санаа хатыланар уратытынан быһаарыллар. Ким тугу эмэ, хаһан эрэ эппитин умнубат дьон эмиэ бааллар. Бу этии суолтата уонна хайдах этиллибитэ умнуллубатыгар ордук улахан оруоллаах. “Үөҕүү умнуллубат” диэн этэллэр. Ол аата, бу этии дорҕооннорун дьайыылара киһи өйүгэр-санаатыгар ордук дириҥник хатаналларыттан умнуллубата улаатар. Киһи өйүгэр-санаатыгар үгэс буолан иҥмит, умнуллубат буолбут өйдөбүллэр түүлгэ киирэн көстөллөрүн бары билэбит. Ол аата өй-санаа үгэс буолан иҥмитин бэлиэтинэн, түүлгэ көстүүлэри ааҕыахха сөп. Тапталлаах киһи мөссүөнэ түүлгэ киирэн көстүүтэ таптал үөскээн, олохсуйан эрэрин биллэрэр. Улаханнык соһуйуу, олус куттаныы киһи өйүгэр-санаатыгар хаһан да умнуллубат гына хатанан хаалыахтарын, түүлгэ киирэн көстүөхтэрин сөп. Өй-санаа үөрэҕин быһаарыытынан киһи түүлүгэр уһун кэмҥэ үгэс буолбут өйдөбүллэрин, бэлиэлэри көрөр. Киһи өйө-санаата аныгы компьютер курдук үлэлиир. Ол аата эрдэттэн ууруллубут программалары, кыра эрдэҕинэ үгэс буолбут ийэ кутун өйүн-санаатын толоро сылдьар. Ол программа сахалыы аата үгэс диэн. Хас биирдии быһыыны хос-хос хатылаан оҥордоххо үгэс үөскүүр. Киһи төһө элбэх үчүгэй үгэстэрдээх даҕаны үчүгэй быһыылаах киһи буолан үчүгэй быһыылары оҥороро элбиир. Оҕо кыра, бэйэтэ өссө өйдөөбөт эрдэҕинэ ийэ кута иитиллэр кэмигэр үгэстэргэ ордук түргэнник уонна умнубат гына үөрэнэр. Өй-санаа дьайыытын уратытынан киһи саҥа билэр быһыылара, саҥаны айыылара олус күүскэ өйдөнөн хаалар уратылаахтар. Оҕо аан маҥнай билбитэ-көрбүтэ, ол аата айыыны оҥорбута ордук күүскэ, умнуллубат гына өйдөнөр кыахтаахтар. Оҕо өйө оннук уратылаах. Олус улаханнык соһуйуу ордук күүскэ өйдөнөр. Бу өйдөр-санаалар мунньуллан оҕо ийэ кутун үөскэтэллэр. Эккэ-сииҥҥэ ыарыы үөскээһинэ хаһан да умнуллубат өйдөбүлү иҥэрэр. Сахалар эмискэ ыарыы буолуутун “Айыы-айа” диэн этэллэр, урут билбэт, саҥа быһыыта, айыы буоларын анаан биллэрэллэр. Киһиэхэ хамсаныылартан, ыарыылартан үөскүүр өйө-санаата буор кутун үөскэтэр. Буор кут эккэ-сииҥҥэ бэйэтигэр иҥэн сылдьар, ол иһин хаһан да умнуллубат. Киһи оҥоро үөрэммит хамсаныытын хаһан баҕарар оҥорор кыаҕа хаалан хаалбат. Сахалар киһини оҕону соһутары, куттууру, оннооҕор кыра оҕо баарыгар улаханнык саҥарары сөбүлээбэттэр, “Кута көтүө” диэн сэрэтэллэр. Ол барыта оҕоҕо соһуччу куһаҕан үгэс; соһумтаҕай, куттаҕас буолуу үөскээн хаалбатын иһин оҥоруллар туһалаах, харыстыыр быһыы буолар. Былыргы сахалар оҕону иитиигэ “Хара харахтаахха көрдөрбөккө” кыһаналлара ити уратынан уонна бу кэмҥэ ийэ кута үөскээн эрэринэн быһаарыллар. Онон саҥаны билэн, сайдан иһэр оҕо өйө-санаата, ийэ кута иитиллэрэ ураты харыстанан, сөптөөхтүк, үчүгэй быһыылары иҥэриигэ анаан нэмин билэн оҥоруллара ирдэнэр.

КӨӨЧҮК

Сахаларга олус дириҥ суолталаах, өйгө-санааҕа сыһыаннаах дьайыылаах көөчүк диэн тыл баар. Бу тыл дьайыыта туолбут ыйтан тутулуктаах уонна ый туолбут кэмигэр олус күүһүрэр. Ону маннык былыргы үгэс баара бигэргэтэр. Киһи сирэйигэр, илиитигэр үөн тахсара олус куһаҕан. Илиигэ таҕыстаҕына хайыта баран ыалдьан, хаанныран эрэйдиир. Бу үөнү туолбут ыйга көөчүктээн көрдөрөн баран “Көөчүк, көөчүк, эйиэхэ маннык суох” диэн эттэххэ, төһө эмэ кэминэн үөн суох буолан хаалар. Киһи баҕа санаата этигэр-сиинигэр дьайар күүһүн бу көөчүк баара биллэрэр. Ол курдук туһата суоҕа биллибит, элбэхтик мэһэйдиир үөн суох буолан, симэлийэн хаалыыта эт-сиин көннөрүнэр, ыраастанар үлэтин түмүгэ буолан үөн сүтэр. Көөчүк диэн киһини, оҕону ымсыырдыы, туох эрэ уратыны, урут көрбөтөҕүн көрдөрөн үтүгүннэрии майгына, саҥа, урут суох баҕа санаалары үөскэтэн биэрии ааттанар. Улаатан эрэр оҕо дьоно арыгыны үрүүмкэҕэ кутта-кутта охсуһуннаран, лыҥкыначчы тыаһата-тыаһата истэхтэринэ, үөрдэхтэ-ринэ-көттөхтөрүнэ оҕо онно ымсыырар, арыгы исиһиэн баҕара саныыр, хаһан улаатарын, арыгы исиһэрин кэтэһэрэ аһара күүһүрэр. Оҕо көөчүк дьайыытыттан арыгы иһэр баҕа санаата улаатан ордук түргэнник куһаҕан, арыгыны иһэр үгэскэ үөрэнэ охсон хаалыан сөбүттэн төрөппүттэр сэрэниэ этилэр. “Көөчүк, көөчүк” диэн баран тугу эмэ билбэтин, көрбөтөҕүн, саҥаны көрдөрдөххө оҕо ымсыырар, оннук эмиэ киниэхэ баар буолуон баҕарар, ону булар-талар баҕа санааны үөскэтинэ охсор. Бу көөчүк үчүгэйгэ, тупсууга ыҥырдаҕына, үчүгэй быһыы буолар, үчүгэйгэ тардыһыннарар, ону ситиһэр баҕа санааны үөскэтиэн сөп. Онтон оҕо көрөрүгэр арыгы иһиитэ, үөрүүтэ-көтүүтэ, хурустаал таас үрүүмкэлэри охсуһуннарыы лыҥкынас тыаһа куһаҕаны, арыгы иһэр үгэһи көөчүктээн үөскэтии буолар. Оҕо кыра эрдэҕиттэн арыгы иһэргэ баҕа санааланан хааллаҕына улаатан баран элбэхтик арыгы иһэн арыгыһыт буолан хаалыан сөбүн төрөппүттэр билиэхтэрэ этэ. Оҕоҕо арыгынан көөчүктээн, арыгы иһэр баҕа санааны үөскэтэн кэбиһиини билигин биһиги төрөппүттэрбит дьиэлэрин иһигэр арыгы иһэргэ күһэллибиттэриттэн куруук оҥороллор. Туспа турар арыгы иһэр, аһыыр дьиэлэр суохтарыттан, кинилэр дьиэлэригэр эрэ арыгыны иһэргэ күһэллибиттэрэ кыра оҕолоро көрөн, үтүктэн арыгы иһэр үгэһи үөскэтинэн кэбиһэллэригэр тириэрдэриттэн, эдэр арыгыһыттар элбээн иһэллэрэ аҕыйаабат. Оҕо ымсыыран, арыгы иһэр баҕа санааны үөскэтинэн кэбиһэрин киниэхэ анаан кыратык бэрсэн биэрии суох оҥорор. Ол курдук арыгы амтана куһаҕаныттан оҕо амсайа да барбат, “Бу ас куһаҕан эбит” диэн өйө-санаата олохсуйан, ымсыырар санаатын баһыйан суох оҥорор. Былыргы сахалар оҕолоругар арыгы кутан бэрсэн, санаатын дуйдаан биэрэн, улааттаҕына арыгы иһэргэ баҕарар куһаҕан үгэһэ суох буоларын үөскэтэллэр этэ. Билигин эдэр арыгыһыттары төрөппүттэрэ дьиэлэригэр иитэн, көөчүктээн, арыгы иһэр үгэскэ үөрэтэн улаатыннаран баран, хантан кэлэн эдэрдэр бары арыгыһыт буолан хаалаллар диэн мунаахсыйаллар, атыттары буруйдуу сатыыллар. Аан бастаан саҥаны билии, соһуйа көрүү киһиэхэ ийэ кутун соҕотохто үөскэтэр, үгэс буолан ууруллар. Киһи бу соһуйбутун, кэрэхсии көрбүтүн, долгуйбутун хаһан да умнубаттык өйдөөн хаалар. Ол иһин кыра оҕоҕо аан маҥнайгы билиилэрэ үчүгэйгэ сыһыаннаах, үчүгэйи оҥорууга аналланалларын сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ ирдиир уонна оҕо ийэ кутун иитии диэн ааттыыр. Кыра оҕоҕо тугу эмэ көрбөтөҕүн, билбэтин, саҥаны көрдөрөн баран биэрбэт буолуу көөчүктээһин диэн ааттанар. “Оҕоҕо биэрбэт аата көөчүктээмэ” диэн кырдьаҕас Лөкүө эбэбит этэрэ. Тугу эмэ солуну, билбэтин, саҥаны көрдөрдөххө оҕо ону ылар, көрөр санаата аһара улаатар, былдьаһан, ытаан барыан сөп. Көөчүктээһин диэн оҕоҕо тугу эмэ билбэтин, саҥаны көрдөрөн, ону булууга баҕа санааны үөскэтии ааттанар. Аныгы рекламалар көөчүктээһин араас көрүҥнэрэ буоланнар киэҥник тарҕаннылар. Дьон саҥаны, солуну көрөн-истэн баран, олору булунууга туруналларын үөскэтэринэн реклама сайдыы кэлэригэр туһата олус улахан. Көөчүктээһин “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн икки өрүттээх дьайыылаах: 1. Үчүгэйи, саҥаны, олоххо туһалааҕы оҥорууну үтүктүүгэ, батыһыыга тириэртэҕинэ үчүгэй диэн ааттанар. 2. Олоххо туһата суоҕу, буортулааҕы, куһаҕаны үтүктүүгэ, тарҕатыыга туһуланнаҕына туоратыллар. Киһи өйө-санаата сайдарынан үчүгэйи уонна куһаҕаны оҕо кыра эрдэҕиттэн таба арааран туһанарга иитиллэрэ, үөрэтиллэрэ ирдэнэр. Бу ирдэбил сахалыы “Үрүҥү, хараны араарыы” диэн ааттанар уонна “Тоҕус айыыны оҥорума” диэн сахалыы таҥара үөрэҕэр киирсэр. Ол курдук тоҕус эрэ ахсааннаах куһаҕан быһыылары оҕо улаатан иһэн арааран билэн оҥорбот кыаҕа улаатар. Куһаҕаны билэн оҥорбот оҕо үчүгэйи оҥороро элбиир. Үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран олоҕор туһанарга үөрэннэҕинэ эрэ, оҕо киһи буолууну ситиһэр кыахтанар. Аныгы реклама диэн көөчүктээһин сайдыбыта, тупсубута, элбэх дьоҥҥо дьайыыта тиийиитэ буолар. Дьон аан бастаан соһуйа, долгуйа көрбүттэрэ, истибиттэрэ өйдөрүгэр-санааларыгар кытаанахтык иҥэн хааларынан реклама, атыыга-эргиэҥҥэ туһата олус улаатар. Онон көөчүктээһин диэн икки өрүттээҕин билэн олоххо сайдыыны, тупсууну киллэриини түргэтэтэр өттүн салгыы сайыннарыы эрэйиллэр.

ОТОХ КИҺИ

Киһи бэйэтэ; этэ-сиинэ уонна өйө-санаата “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэллэриттэн оҕо улаатан иһэн өйө-санаата сайдыыта этин-сиинин улаатыытыттан хаалан хаалбакка сайдан, билиитэ кэҥээн иһэрэ эрэйиллэр. Оҕо өйө-санаата ситэ сайдыбатаҕына, эбиллэн испэккэ сайдыыттан улаханнык хаалан хааллаҕына даҕаны этэ-сиинэ кэмигэр улаатан улахан киһи курдук көрүҥнээх буолан тахсарын сахалар быһааран “Киһи курдук көрүҥнээх” эбэтэр олус куһаҕан майгыланнаҕына “Киһи буолбатах” диэн этэллэр. Эт-сиин улаатан киһи курдук көрүҥнэниитин киһитийии, онтон өй-санаа сайдан, тупсан иһиитэ киһи буолуу диэн ааттаналлар. Киһи буолуу диэн киһилии быһыыланыыга, майгыланыыга тириэрдэр өй-санаа тутаах өйдөбүлэ буолар. Төрөппүттэр оҕо өйө-санаата сайдыытын этэ-сиинэ улаатыытыттан хаалларан кэбиспэттэрин ситиһэргэ аналланар “Отох киһи” диэн этии баар. Сахалар өй-санаа сайдыытын ити уратыларын билэллэриттэн оҕолорун кыра эрдэҕиттэн өйүн-санаатын сайыннарыыны, тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорорго этэн, үөрэтэн, модьуйан ситиһэллэр. Киһи оҥороруттан атыннык оҥоруу, айыыны оҥоруу сыыһа-халты буолан хаалара элбэҕиттэн оҕолорун харыстаан “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн үөрэтэллэр. “Отох киһи” диэн оҕо өйө-санаата сайдыыта, билиитэ-көрүүтэ этин-сиинин улаатыытыттан кыра соҕустук хаалан хаалбыта билиннэҕинэ этэллэр. Бу хаалан хаалыы көнөр кыахтааҕын “Отох киһи отутугар өйдөнүөҕэ” диэн этиини туһанан төрөппүттэргэ биллэрэллэр. Бу этии кыра эрдэҕиттэн өйүн-санаатын сайдыыта, үгэстэрин үөскээһинэ хойутаан хаалбытын, улаатан баран бэйэтэ үөрэнэн, үлэлээн ситиһиннэрэр кыахтааҕын биллэрэр. Оҕо улаатан этэ-сиинэ ситиитигэр улахан киһи оҥорор бары быһыыларын таба оҥорорун ситиһиитэ киһи буолуу диэн ааттанар. Улаатан иһэр оҕо өйүн-санаатын быһаарыыга сахалар “Отох киһи” диэн этиини элбэхтик туһаналлар. Тугунан эмэ буомуран эбэтэр олоҕун усулуобуйата куһаҕаныттан аанньа улааппатах, өйө-санаата ситэ сайдыбатах киһи отох киһи диэн ааттаныан сөп. Сахалар өй-санаа туһунан билиилэрэ олус дириҥин “Отох киһи отутугар диэри үөрэнэр” диэн этии биллэрэр. Биһиги бу этии суолтатын арыйыыга үгэстэргэ үөрэниини кут-сүр үөрэҕэ уонча сылы ылар диэн этиитин туһанныбыт. Ол курдук кыра эрдэҕинэ ийэ кута иитиллибэтэх оҕо улаатан өйө-санаата, салгын кута сайдан бэйэтин сүүрбэччэ сааһыгар салайар кыахтаннаҕына кыра эрдэҕинэ үөрэммэтэх үгэстэригэр эбии үөрэнэригэр өссө уонча сыла сүттэҕинэ сааһа отут сыл буолан тахсара кырдьык. Оҕо кыра, ийэ кута иитиллэр кэмигэр ийэ кута олус түргэнник сайдарыттан үгэстэрэ түргэнник үөскээн өйүгэр-санаатыгар олохсуйаллар. Оҕо саҥаны билбитэ, көрбүтэ, соһуйбута барыта өйүгэр-санаатыгар соҕотохто иҥэн ийэ кутун үөскэтэн иһэллэр. Саҥаны билииттэн ийэ кута түргэнник сайдар. Сахалар оҕону иитэр үөрэхтэрэ оҕо аан маҥнай, кыра эрдэҕиттэн бэрээдэккэ, көрсүө, сэмэй буолууга үөрэнэрин ирдиир. Ол иһин ийэ кута иитиллибит оҕо диэн оскуолаҕа киирэр сааһыгар киһилии майгылаах, бэрээдэк, киһи киһиэхэ сыһыанын арааран билэр, үлэ-хамнас туһунан олохсуйбут үгэстэрдээх буолар. Билигин оҕону кыра эрдэҕинэ ииппэккэ, үөрэппэккэ эрэ ол-бу туһата суох кылапачыгас оонньуурдарынан, компьютерынан, планшетынан оонньото сылдьыы, үөрэҕинэн эрэ дьарыктаннарыы олоҕуран, үлэҕэ-хамнаска, киһи киһиэхэ сыһыаныгар, киһилии майгыга үөрэтии букатын да хаалан сылдьар. Үлэҕэ-хамнаска, тугу эмэ оҥорорго бу курдук хойутаан отутугар диэри үөрэнии “Отох киһини” үөскэтэрин умнан сылдьабыт. Үөрэхтээх буолууну аһара ыытан үлэни-хамнаһы, бэрээдэктээх буолууну хаалларан кэбистибит. Билигин оҕону төһө кыратыттан ыла үөрэтиллэр даҕаны үөрэҕи ситиһэр кыаҕа улаатан биэрэр диэн этии дакаастана сылдьар. Кэлин аҕыйах саастаах оҕолор үөрэҕи-билиини түргэнник ситиһэллэрэ чахчы быһаарылынна диэххэ сөп. Арай оҕо кыра эрдэҕинэ бэрээдэккэ, көрсүө, сэмэй буолууга ииттэххэ, үлэҕэ үөрэттэххэ улааппытын кэннэ туһаны аҕалара улаатарын сахалар үөрэхтэрэ төрөппүттэргэ тириэрдэрин туһаныа этибит. Бэрээдэккэ, үлэҕэ-хамнаска оҕону кыра эрдэҕиттэн иитэр, үөрэтэр оннугар аҥардастыы үөрэҕи эрэ өрө тутуу өй-санаа халыйыытын, отох киһи буолуутун үөскэтэр. Сахалар “Кут-сүр үөрэхтэрэ” оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кута иитилиннэҕинэ, бэрээдэктээх буолууга үөрэннэҕинэ үйэтин тухары бэрээдэктээх киһи буолар диэн үөрэтэрин туһаныахпыт этэ. Оҕо улаатан, олох үөрэҕэр үөрэнэн киһи буолууну ситиһэрэ уһун кэми ылар. Сахалар бу кэм сороҕор олус хойутаан кэлэрин биллэрэн “Отох киһи отутугар диэри үөрэнэр” диэн этэллэр. “Кут-сүр үөрэҕэ” диэн үлэбитигэр оҕо кыра эрдэҕинэ өйө-санаата олус күүскэ уонна түргэнник сайдарын, барыны-бары билэрэ-көрөрө күнтэн-күн эбиллэн иһэрин быһаарбыппыт. Онтон кыра эрдэхтэринэ туһалаах быһыыга үөрэммэккэ куруук туһата суох оонньууну оонньоон улааппыт оҕолор улаатан өйдөрө-санаалара киирдэҕинэ эбиискэ үөрэнэн биэрдэхтэринэ эрэ тугу эмэни сатыыр, туһалааҕы оҥорор дьон буолан тахсаллар. Кыра эрдэҕинэ үлэлии-хамсыы, оҥоро-тута үөрэммэккэ хаалбыт эдэр киһи тугу эмэни сатыыр, кыайан оҥорор буолар кэмэ отут сааһыгар биирдэ кэлэрин былыргылар үөрэтэн билбиттэр эбит. Ол курдук оҕо ийэ кута сайдар кэмигэр үчүгэй, туһалаах үгэстэргэ үөрэммэккэ хааллаҕына, бэйэтин өйө-санаата сиппитин кэннэ үгэһи үөскэтинэрэ өссө уонча сылы ылар. Өй-санаа сайдыыта хойутуур. Оҕо кыра эрдэҕинэ тугу эмэ аҕыйахта хатылаабыта үгэс буолан өйдөнөн хаалан иһэр уратылаах. Кыра эрдэххэ үөскээбит үгэстэр киһи ийэ кутун үөскэтэллэр уонна үйэтин тухары умнуллан хаалбаттар, киһини бэйэтин салайыыга кыттыһаллар диэн биһиги дакаастыыбыт. Киһи буолуу үөрэҕэ диэн киһи оҥорор быһыылара барылара икки өрүттээҕин; үчүгэйдээҕин уонна куһаҕаннааҕын арааран билэн, быһааран, хайа да өттүн диэки аһара барбакка ортотунан көрөн оҥорорго үөрэнии аата буолар. Ол аата куһаҕан диэн куһаҕана биллэр буоллаҕына, аһара үчүгэй буолуу кэрэ диэҥҥэ тиийдэҕинэ куһаҕаҥҥа кубулуйбута арыллан, биллэн тахсар. Ол курдук кэрэ киһи үлэлээбэт, кэрэтин эрэ көрдөрө сатыырыттан үлэ-хамнас хаалыыта саҕаланар, кэрэ буолуу куһаҕана быһаарыллар. Тыабыт сирин үлэтин-хамнаһын кэрэ буола сатыыр дьахталлар бырахпыттара ыраатта. Таҥара үөрэҕэ диэн үчүгэй санаалары үгэс оҥостуу, өйү-санааны салайан киһи буолуу суолунан сирдиир үөрэх буолар. Ол аата оҕо кыра эрдэҕинэ тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорорго үөрэннэҕинэ, соннук үгэстэр үөскээннэр, киһи быһыылаах, үчүгэй майгылаах киһиэхэ кубулуйар. Киһи дьон оҥороруттан атыннык, тиэрэтик оҥордоҕуна киһи билбэтин оҥоруу, саҥаны айыы буолар. Бу саҥаны айыыбыт хайдах буолан тахсара оҥорору кытта кыайан биллибэт, баҕар олус куһаҕан айыы буолан хаалыан эмиэ сөп. Ол иһин сахалар таҥараларын үөрэҕэ оҕону “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн үөрэтэр. Айыы куһаҕан буоларын бу тыл бэйэтэ дорҕооннорун охсууларынан эмиэ биллэрэр. Айыы диэн тыл бэйэтэ куһаҕан бүтүүлээх, “ыы” диэн ытааһын сыһыарыытынан түмүктэнэр. Бу тыл дорҕооннорун охсуулара ытааһыҥҥа тириэрдиэн сөп. Ол иһин сахалар “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн оҕолорун үөрэтэллэр. (7,24). Инники олорон ааспыт көлүөнэлэр үөрэтэн билбит, баһылаабыт билиилэрин быһалыы иҥэринии үрүҥ айыылартан билиини ылыныы диэн ааттанар уонна үрүҥ айыы итэҕэлин үөскэтэр. Үрүҥ айыы итэҕэлин оҕо киһи буолууну баһылаан баран үөрэтэн ылынара ордук. Ол курдук былыргылар өйдөрө-санаалара өссө тупса иликтэринэ элбэх куһаҕан быһыылары оҥороллор этэ. Ол иһин былыргылар олохторун үөрэҕиттэн үчүгэйин уонна куһаҕанын тус-туспа арааран үчүгэйин, үрүҥүн, туһалааҕын эрэ ылан аныгы олоххо туһаныахха сөбүн табатык өйдүөхпүт этэ. Ол иһин былыргылар билиилэрин итэҕэйии үрүҥ айыы итэҕэлэ диэн ааттанар. Оҕо улаатан киһи буолууну, ол аата тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорору баһылыы илигинэ саҥаны оҥороро, айара дьоҥҥо туһаны аҕалара олус аҕыйах. Оҕо оҥорорго туох судургутун, түргэнник оҥорулларын, бэйэтигэр үчүгэйин булан оҥоро сатыыра сыыһа-халты буолара элбэҕиттэн ордук кутталы үөскэтиэн, куһаҕаҥҥа тириэрдиэн сөп. Уол пугач бэстилиэти оҥостон, саҥаны айан сыал ыппытыгар туруупкатын хайа тэбэн сирэйин буорахха салаппытыгар ким эппиэттиирий? “Айыы үчүгэй”, “айыыны оҥор” диэччилэр аан бастаан эппиэккэ тардыллыахтарын сөп. Yгэстэргэ үөрэтиллибэтэх, ийэ кута иитиллибэтэх, ол аата чиҥ билиитэ-көрүүтэ суох оҕо быстах быһыылаах киһи буола улаатар. Бу киһи тугу эмэ санаатар эрэ оҥоро охсоро быстах быһыыны элбэхтик оҥороругар, сыыһаны-халтыны элбэтэригэр тириэрдэр. Санаатыгар туох көтөн түспүтүн оҥоро охсор киһини “Санаабычча быһыылаах киһи” диэн этэллэр, бу киһиттэн сэрэнэ сатыыллар. Кыра эрдэҕиттэн үлэлии-хамсыы, оҥоро тута үөрэммэтэх эдэр киһи тугу эмэ оҥороору сананнаҕына ордук эрэйдэнэр, билбэтэ, сатаабата улаханнык охсоруттан оҥорон таһаарыыта биллэрдик аҕыйыыр. Тугу эмэ маһынан уһанаары оҥоһуннаҕына мээрэйдиириттэн ордубат. Онон отох киһи буолбат туһугар оҕо кыра эрдэҕиттэн үчүгэй, туһалаах үгэстэргэ үөрэнэрэ, киһи буолууну кэмигэр, хойутаабакка эрэ ситиһэрэ эрэйиллэрин төрөппүттэр билиэ этилэр.

АТААХ ДЬАХТАР

Сахалыы өй-санаа үөрэҕэ олус былыргы, олоҥхо кэмин быдан иннинэ үөскээбитэ киһи уонна сүөһү диэн тыллар үөскээн туттулла сылдьалларыттан биллэр. Бу өй-санаа үөскээһинигэр уонна дьоҥҥо тарҕаныытыгар олох туһунан былыргыны кэпсиир кэпсээннэр, үһүйээннэр, олоҥхолор улахан оруолу ылаллар. Былыргы олохпут кэпсээнигэр Омоҕой Баай мааны, атаах кыыһа Ньыкаа Харахсын Эллэй Боотур сирбититтэн, кэргэн ылбатаҕыттан санаата түһэн, ыйанан өлөн хаалар диэн этиллэр. Былыргы кэпсээҥҥэ, бу соһуччу уларыйыы туохтан сылтанан үөскээбитэ төһө да этилиннэр, киһи бэйэтин баҕатынан олохтон туорааһына диэн сахалыы өйгө-санааҕа сөп түбэспэт, ыар быһыы буолар. Эдэр киһи бу өлүүтэ, олохтон барыыта туох биричиинэттэн буолбутун өй-санаа, кут-сүр үөрэҕин туһанаммыт быһаарар кыахтанныбыт. Олус уһуннук олорбут Омоҕой Баайдаах икки кыыстаахтар, бу кыргыттар иккиэн иитиилэрэ тус-туһунаннар; биирдэрэ атаах, мааны, көрүҥүнэн үчүгэй, иккиһэ көйгө, мара соҕус дьүһүннээх, үлэлии-хамсыы үөрэммит, кыайа-хото үлэлиир уонна доруобуйата үчүгэйин, бөҕөтүн былыргы ньыманы туһанан Эллэй быһаарар. Оҕо иитиитигэр маанылааһын, киэргэтии, киһиргэтии, бэлэмҥэ үөрэтии аһара бардаҕына оҕо атаах буола улаатарын сахалар билэллэр, оҕолорун аһара атаахтаппакка кыһана сатыыллар. Атаах оҕо үлэлээбэт, үлэ диэни билбэт, төрөппүттэрин бэлэмнэригэр олорор ураты өйдөөх-санаалаах оҕо буола улаатар. Онтон көйгө оҕо диэн мааныламмат, киэргэтиллибэт, киһиргэтиллибэт, арай кыаҕа баарынан куруук үлэлии сылдьар оҕо ааттанар. Бу кылгас кэпсээҥҥэ дьахтар олоххо анала, аналын толорууга кыаҕа толору быһаарыллан ыйыллар. Эллэй Боотур биллэр бэлиэлэри туһанан доруобуйата бөҕө, көйгө кыыһы, Аан Чаҥыйаны талан, кэргэн ылан элбэх уолаттары төрөтөн, улаатыннаран сахалары сайыннарар, ахсааннарын элбэтэр. Билигин Омоҕой Баай кыыһыттан төрөөбүттэрин умнан Эллэйтэн эрэ төрүттээхпит диэн этинээччилэр элбээтилэр. Дьахтар көйгө буолуута, доруобуйата бөҕөтө, үлэни-хамнаһы кыайара олоххо аналын толоруутугар, оҕо төрөтөн улаатыннарыытыгар туһата улаханын, бу кэпсээммит биллэрэрин кэргэн ылааччылар бары таба өйдөөн туһана сылдьыахтара этэ. Атаах буола иитиллибит дьахтар омук сайдыытыгар, аймахтар элбээһиннэригэр туох да туһаны аҕалбатын бары билэр былыргы кэпсээммит биллэрэрин таба өйдөөн олохпутугар туһанарбыт эрэйиллэр. Ол курдук бу кэпсээҥҥэ атаах кыыс бэйэтигэр тиийинэн өлөрө, олохтон туоруура, олох ыараханын тулуйбата, атаах буола иитиллибит дьахталлар кэлэр көлүөнэлэри хаалларбаттарын, аһара киэргэнэн, кэрэ буола сатаан, омук сайдыытыгар үлэлэринэн-хамнастарынан туох да туһаны оҥорботторун биллэрэр аналлаах. Сэбиэскэй былаас кэмигэр дьахталлары өрө тутуу, арбааһын аһара барбытынан, билигин дьахталлар үөрэҕи-билиини кыайа-хото баһылааннар салайар үлэҕэ өрө тахсан иһэллэр. Салайааччы буолуу, байыы-тайыы, биллии-көстүү өйү-санааны уларытара былыргыттан биллэрэ дьахталларга ордук улаханнык дьайар уратылаах: 1. Байбыт, хотун буолбут дьахталлар төрүүллэрэ аҕыйаан омук ахсаана эбиллибэт, аҕыйаан барыыта кэлэр. 2. Эр дьону баһылыыр, салайар санаалара элбээһиниттэн биир тылы булуналлара, тапсаллара суох буолар. Кэргэнниилэр арахсыы-лара элбээһинэ, ыал буолан олох олоруу уустугуруута баһылыыр оруолу былдьаһыыттан улаатан хаалар. 3. Дьахталлар баһылааһыннарынан оҕо иитиитэ сыыһа хайысхаланар, атаахтатыы, көрөн-истэн харыстааһын өттүгэр уларыйара буруйу-сэмэни, сыыһаны-халтыны оҥорооччулары элбэтэрин тэҥэ, үлэни-хамнаһы кыайааччылары аҕыйатар. Дьахтар бэйэтин улаханнык сананара улаатыыта, атыттартан үрдүктүк тутта сатыыра оҕотун өйүн-санаатын куһаҕан өттүгэр күүскэ уларытар. Бэйэтин билиммит дьахтар оҕотун иитиитэ “Мин оҕом саары чаккылаах” диэн этиини тутуһан атаахтатыы, бэйэмсэх, улаатымсык оҥоруу өттүгэр салаллар. Бэйэтин үрдүктүк сананар дьахтар оҕотун тупсара, атыттартан үрдүктүк тута сатыыр санаата аһара барарыттан оҕото бэйэмсэх, атыттары букатын аахсыбат өйдөөх-санаалаах буола улаатар кыахтанар. Буруйу, куһаҕаны оҥорбут оҕону көмүскэһии, атын оҕолору “куһаҕаннар” диэн этии бэйэтин улаханнык сананар дьахтарга ордук элбээн хаалара оҕото аһара бара, аһара туттуна сылдьар өйдөнөрүн-санааланарын үөскэтэн улаатыннарар. Ол курдук оҕо тугу да оҥордохпуна көмүскүөхтэрэ диэн санаатыттан куһаҕаны оҥороро, сыыһа-халты туттунара элбиэн сөп. Аҥардас дьахталлар биир эмэ оҕолорунан омугу сайыннарыахтара диэн санаа сымыйа, албыҥҥа киирэн биэрии буолар. Ол курдук биир оҕо атаах буола улаатара былыргыттан биллэриттэн, аҥардас дьахтар бэйэтин биир эмэ оҕотун атаахтатарыттан, киһилии майгыга, үлэҕэ кыайан иитэр кыаҕа суоҕуттан, кэлэр көлүөнэлэрин сайдыыта атахтанар кыахтанар. Аҥардастыы үлэни өрө тутан бэйэлэрин ааттарын-суолларын үрдэтинэр, баайдарын-малларын элбэтинэр дьахталлар олохторун сыалын уларытаннар, оҕо төрөтөллөрө аҕыйыыр. Үлэҕэ-хамнаска баттаппыт дьахталлар биир эмэ оҕолоно сатыыллар. Арай бу соҕотох оҕо байбыт, кыахтаах төрөппүттэр иитэллэриттэн атаах буола улаатара ханнык да саарбаҕа суох буолар. Сэбиэскэй былаас кэмигэр оҕону иитиини государство бэйэтин илиитигэр ылыытыттан, өй-санаа, таҥара, кут-сүр үөрэҕин суох оҥорбуттарыттан, оҕолор бары дьааһылаларга, детсадтарга сылдьалларыттан, оҕо бэйэтэ иитиллэрин, сылдьан эрэ улаатарын курдук өйдөбүл дьоҥҥо үөскээн олохсуйан хаалбыт. Бу сэбиэскэй үөрэх сабыдыалынан элбэх сыыһалардаах “айыы үөрэҕин” айааччылар, оҕо ийэ кута хантан эрэ халлаантан түһэрин курдук билигин да этэ сылдьаллар, саха дьонун барыларын албынныыллар. Өйдөөх-санаалаах, элбэх үөрэҕи-билиини баһылаабыт да дьахталлар уол оҕолору кыайан киһилии быһыыга ииппэттэрин билиниэхтэрэ этэ. Эр киһи суоҕун оҕо араас баҕатын толоруунан ситиһэ сатааннар атаахтатан, маанылаан кэбиһэллэр, бэйэмсэҕин улаатыннараллар. Элбэх буруйу-сэмэни оҥорооччулар аҥардас дьахталлар ииппит атаах оҕолоруттан тахсалларын полиция үлэһиттэрэ үчүгэйдик билэллэр. Хас биирдии дьахтарга оҕото үчүгэй, олус үчүгэй буоларын дьон бары билэллэр. “Мин үчүгэйбиттэн, оҕом өссө үчүгэй” диэн санаа бэйэтин үчүгэйдик, үрдүктүк сананар дьахталларга аһара барар кыахтанара оҕотун өйүн-санаатын, бэйэмсэҕин улаатыннаран буорту оҥорор. Бу дьонтон үрдүктүк сананар санаа дьахтартан оҕоҕо бэриллэригэр өссө улаатан, аһара барар кыахтанар. Дьон баайдарыттан-малларыттан тутулуктаах тус-туспа араҥаҕа арахсыылара өйдөрүгэр-санааларыгар уратылары киллэрэрэ элбэх. Аһара баай дьон дьадаҥылары, үлэһиттэри дьонунан да аахпаттара былыргыттан биллэр. “Баай дьадаҥыны уруурҕаабат” диэн өс хоһооно ити өйү-санааны биллэрэр. Баай баар буолуута үлэһит дьонтон үрдүктүк сананыыны үөскэтэн сайыннарара оҕолорун иитиитигэр аһара атаахтатан кэбиһэллэригэр тириэрдэн буортуну, куһаҕаны оҥорор. “Бил баһыттан сытыйар” диэн өс хоһооно ити атаахтатыы оҕо өйүгэр-санаатыгар оҥорор куһаҕанын быһаччы арыйан, байбыт аймахтар үйэлэрэ аҕыйах көлүөнэнэн түмүктэнэрин биллэрэр. Атаах дьахталлар киһиргэтиини, хайҕааһыны ордук сөбүлүүллэрэ оҕолорун киһиргэтэн иитэллэрин, үөрэтэллэрин үөскэтэрэ майгылара туруга суоҕун үөскэтэн сыыһа-халты туттуналларын элбэтэр. Былыргы кэпсээммит атаах дьахтары олохтон туоратан, атаахтааһын туһата суоҕун бигэргэтэн биһиэхэ тириэрдэрин таба өйдөөн оҕо иитиитигэр туһаныа этибит. Атаах дьахтар биир эмэ оҕотун атаахтатан кэбиһэн дьон олоҕор уустуктары үөскэтэрэ элбэҕиттэн сахалар урукку кэмнэргэ сэрэнэллэр, дьахталлары аһара ыыппакка харыстана сатыыллар этэ. Аҥардас дьахталлар оҕолонон хаалаллара былыргы да кэмнэргэ баарынан аналлаах “Тулаайах оҕо”, “Аҥардас дьахтар оҕото” диэн үөрэҕи оҥорон тулаайах оҕолору иитиигэ-үөрэтиигэ анаан-минээн туһаналлара, ханнык эрэ эр дьон аймахтарыгар сыһыаран иитэн, үөрэтэн улаатыннараллара. Онон атаах дьахтар омук сайдыытыгар туох да туһаны аҕалбатын саха эр дьоно билэннэр кэргэн ылбаттар уонна кэлэр көлүөнэлэрин атаахтаппакка иитэ-үөрэтэ сатыыллар.

САХАЛАР АХСААННАРА ЭБИЛЛЭР

Саха омуга ахсаан өттүнэн эбиллэн иһиитэ кэнники, сүүрбэһис үйэҕэ олох бытааран хаалла. Бу дьон тоҕо маннык эбиллэн испэттэрин биричиинэлэрин араас учуонайдар тус-туспатык быһаараллар. Ол быһаарыылартан сүрүннэрэ манныктар: 1. Нууччалар сэриилээн кыайан аҕыйатыылара уонна араас урут биллибэт сыстыганнаах ыарыылар тарҕаныылара. (15,25). 2. Саха сиригэр буолан ааспыт гражданскай сэриигэ, ол кэнниттэн күүһүлээн ыытыллыбыт холбоһуктааһыҥҥа, репрессийэлэргэ уонна Аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэриигэ саха эр дьонун чулуулара баран өлүүлэрэ, олохтоох нэһилиэнньэ сэрии кэмигэр хоргуйан уонна ыарыыга ылларан өлөн аҕыйааһыннара. Советскай былаас кэмигэр саха дьонун ити сүтүктэрэ барылара холбоон 1 мөл. киһи буолбута диэн сабаҕалыыллар. (16,94). 3. Кэнники кэмҥэ дьон олохторун таһыма үрдээн, үөрэхтэрэ-билиилэрэ кэҥээн, аҕыйахтык оҕолононуулара. (17,106). Бу биричиинэлэр саха дьонун олохторугар дьайыыларын билиҥҥи кэмҥэ учуонайдар дириҥэтэн үөрэтэ сылдьаллар. Ол эрээри кэнники кэмҥэ баларга эбии саҥа биричиинэлэр көстүбүттэрин биһиги үөрэхтээхтэрбит бэйэлэрэ билэр эрээрилэр, арыйа сатаабаттар. Ол биричиинэлэр манныктар: 4. Аҥардастыы үөрэҕи эккирэтии. Бу биричиинэ сүрүн төрүтэ эдэр кыыс сааһа ситэн, тапталын көрсөн, оҕолонор-урууланар кэмигэр үөрэҕи эккирэтэн, дьиэ-уот тэ¬ринэрэ уонна оҕолорун улаатыннарара хойутаан хааларыгар олоҕурар. Кэнники “сайдыылаах социализм” кэмигэр маннык биричиинэни “Бары бүттүүн үрдүк үөрэхтээһин” диэн онно суох ыҥырыы олус тэниппитэ. Эдэрдэр бары, үөрэххэ кыанар да, кыаммат да өттүлэрэ, ыал-уруу буолалларын таһы-быһа быраҕан, араас туһалаах да, туһата суох да үөрэҕи ылаары улахан куораттары булбуттара. Тыа сирин эдэр ыччаттара бэйэлэрин үөскээбит айылҕаларыттан эмискэ тэйэн, улахан куораты булуулара, кинилэр ыал-уруу буолар дьоҕурдарын улаханнык намтатара кэнники билиннэ. Билигин кэлэн статистика дааннайдарын ааҕан көрдөххө, сааһыран эрэр эргэ тахсыбатах дьахталлар уонна кэргэн ылбатах уолаттар ахсааннара сир аайы аһара элбэх. Манна ордук биллэр уратынан кыргыттар ахсааннара куоракка элбээтэ, онтон уолаттар, ханна да барбакка тыа сиригэр үлэлии олорон хаалбыттар. Бу быһаарыы чуолкайын үрдүк үөрэхтээх дьахталлар эр дьоннооҕор лаппа элбэхтэрэ ордук ылыннарыылаахтык дакаастыыр. Маннык аҥардастыы үөрэҕи эккирэтии түмүгэр эдэр дьон бэйэ-бэйэлэрин кыайан билсиспэккэлэр уонна аанньа өйдөспөттөрүттэн кыайан холбоһон ыал буолбакка хаалаллар. Кинилэр холбоһон ыалы тэрийиилэригэр ордук улахан мэһэйинэн, бу дьон умсугуйан туран тапталга ылларар саастара үөрэҕи эккирэтэр кэмнэригэр ааһан хаалан, талымастара, сириксэннэрэ киирэрэ буолар. Биирдиилээн ааҕан көрүү түмүгүнэн аҥардастыы дьахталлары үөрэхтээһин саха дьонугар туһаны аҕаларынааҕар буортулаах буолан тахсара билиннэ. Ол курдук үөрэхтээһин түмүгүнэн саха эр дьонун уонна дьахталларын икки ардыларыгар кэргэн, ыал буолууга өйдөспөттөрө ордук улаханнык мэһэйдиир. Аны¬гылыы майгылаах, хас да үрдүк үөрэҕи бүтэрбит дьахталлар хара үлэһит эр дьоҥҥо эргэ тахсан ыалы тэрийиилэрэ лаппа аҕыйаата. Үөрэҕи ылбыт дьахталлартан аҕыйах эрэ өттүлэрэ, хойутаан да буоллар ыал буоланнар, биирдии-иккилии оҕолонон олороллор. Онтон тыаҕа олохтоох эдэр уолаттар арыычча кыргыттара үөрэхтэнэннэр куораты булан хааланнар, иллэҥсийэн, кимиэхэ да наадата суох курдук сананыыларыттан, арыгыга аралдьыйаллара үксээбитэ. Уолаттартан үгүс өттүлэрэ аһара бараннар арыгыга ыллардылар, онтон сорохторо, аны табан сылдьыбаккалар, сыыһа-халты туттаннар хаайыы олоҕун билэн, өссө улахан туоратыыга түбэһэллэр. Итинник чопчулаан быһаарыы кэнниттэн, бу төрдүс биричиинэ саха дьонун аҕыйатыыга туох оруолу ыларын чуолкайдыахпыт. Ол аата, аһара үөрэҕи эккирэтии, эдэр дьон саастарын ситэн, маҥнайгы тапталы билэн ыал-уруу буолан, оҕо-уруу тэнитэр кэмнэрин аһаран кэбиһэр. Ол кур¬дук кыыс оҕо оскуола кэнниттэн саамай дьиэ-уот тэринэр уонна оҕо төрөтөр кэмигэр үөрэххэ киирээри улахан куоракка баран хаалар. Эдэр кыыс манна хайдах сылдьарыттан салгыы олоҕо, ыал буолара дуу, буолбата дуу, доруобай оҕолоноро дуу, суоҕа дуу улаханнык тутулукта¬нар. Кинилэр араас суол сыыһа-халты туттууларга киирэн биэрэллэрэ бэрт элбэхтик суруллар. Маннык, ыал-уруу буоларга айылҕа анаабыт кэмин атын сыалга туттуу кинилэргэ бэйэлэригэр ордук эрэйдээхтик ааһар, аборт оҥорооччулар үлэлэрэ эбиллэн иһэр. Ити курдук, үөрэх аралдьытан, эдэр дьон ыал-уруу тэринэр кэмнэрэ ааһан хаалыыта, үгүстэрин салгыы олохторугар оҥорор охсуулара олус ыар буолар. Ыччаттар үгүстэрэ ити охсуулартан тэмтэрийэн салгыы ыал-уруу тэринэллэрэ букатын даҕаны хаалан хааларыгар тиийэр. Тапталга ылларыы кэмэ, киһи олоҕун эмиэ биир кэрдиис кэмэ, бириэмэтигэр кэлэр уонна аастаҕына ааһан, мөлтөөн барар. Ити иһин сааһырбыт дьон ыал буолуулара лаппа уустуктук быһаарылларын бары билэллэр. Ол иһин эдэр дьону ыал оҥортооһуну, Айылҕа биэрбит кэмин аһарбакка эрэ, былыргы курдук, төрөппүттэр ытык эбээһинэстэрэ буоларын үөскэтии саха дьоно элбииллэригэр улаханнык туһалыа этэ. Эдэрдэр ыал буолууларыгар төрөппүттэр күүскэ ылсыһалларын ситиһэргэ кинилэргэ бэйэлэригэр бары өттүлэринэн маарынныыр “Туйах хатарааччылара” хайа эмэ сиэннэриттэн баар буоларын билэллэрэ туһалыа этэ. Ол иһин төрөппүттэр бэйэлэрин олохторун салҕааччылары, кэлэр көлүөнэлэрин кэмнэрин аһарбакка эрэ күн сиригэр баар буолан иһиилэрин ситиһэ сатыыллара ордук этэ. Kэлин “сайдыылаах социализм” саҕана үтүө, үчүгэй киһи буолуу өйдөбүлэ үөрэхтэниини кытта арахсыспат сибээстэммитэ. Төрөппүттэр оҕолоругар үтүөнү баҕарар санааларыгар барыларын үрдүк үөрэхтээх оҥоро сатааһыннара партия “Бары бүттүүн үрдүк үөрэххэ” диэн ыҥырыытынан доҕуһуолламмыта. Ол эрээри биһиги сайдыыта суох дойдубутугар бары үрдүк үөрэхтэммит дьон сөптөөх үлэни булан үлэлиир кыахтара суоҕун ырыынак сыһыаннаһыылара быһаардылар. Бюджет үлэһиттэрин хамнастара аҕыйаҕа үгүс үөрэхтээхтэр атыы-эргиэн үлэлэригэр көһүүлэрин таһаарда. 5. Өй-санаа туруга суох буолуута. Билигин эдэрдэр оҥорор буруйдара-сэмэлэрэ аһара элбээтэ диэни бары билэбит. Оҕону кыра эрдэҕиттэн атаахтатан, маанылаан иитии, үөрэтии сэбиэскэй кэмнээҕи курдук салҕанан баран иһэриттэн, ити куһаҕан быһыылар аҕыйаабаттар. Оҕолор ийэ куттарын кыра эрдэхтэринэ үчүгэй быһыылары оҥорууга ииппэттэн улаатан баран арыгы истэхтэринэ сыыһа-халты, аһара туттунар майгылара киирэриттэн эдэр олохторун бэйэлэрэ кылгаталларэ элбээн иһэр. Манна “айыы үөрэҕин” куһаҕан сабыдыалын эбии ааҕыахпыт этэ. Оҕолор айыыны оҥоро охсоору тиэтэйэллэриттэн, ыксыылларыттан сыыһа-халты туттуналлара элбээн уонна “айыы үчүгэй” диэн ыҥырыы тардарыттан Үөһээ дойдуга тиийэ охсоору, айыы буолаары эдэр олохторун кылгаталлар, бэйэлэригэр тиийинэллэрэ элбээтэ. Эдэр кыргыттар айыыны оҥорор санаалара элбээһиниттэн кыыстарын харыстаабаттарыттан кэлэр көлүөнэлэр буор куттара буккулла турар. Итини тэҥэ эдэрдэр атаахтык иитиллэллэриттэн бэйэ-бэйэлэригэр кырыктара, өһүөннэрэ улаатта. Ол курдук элбэх буолан көмөлөөн кыаттарбыт киһини үлтү тэпсэн өлөрөллөрө элбээн иһэр. Ыаллар мааны, атаах оҕолоро онно-манна быстах суолга түбэһиилэрэ, сыыһа-халты туттунуулара кыра эрдэхтэринэ ийэ куттара иитиллиититтэн, майгылара уратытыттан тутулуга улахана, олоҕу киһи быһыылаахтык олороллорун мэһэйдиир. Аныгы ырыынак кэмэ кэлэн көмөлөһөн, оҕону иитии, үөрэтии кытааттаҕына уонна дьоҥҥо “Оҕолорум иитиэхтэрэ” диэн өй-санаа тарҕаннаҕына сахалар ахсааннара эбиллиэн сөп. Сахалыы таҥара үөрэҕэ оҕо өйө-санаата туруктаахтык сайдарыгар тириэрдэрриттэн эрэйиллэр, туттуллар кэмэ кэлбитин биллэрэр. Онон сахалар аһара үөрэхтээһинтэн уонна өй-санаа туруга суох буолуутуттан ахсааннара аҕыйахтык эбиллэр.

БААЙ уонна ДЬАДАҤЫ

Дьон үлэҕэ хайдах сыһыаннаһалларыттан тутулуктанан “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн, баайдарга уонна дьадаҥыларга олус былыргы кэмнэргэ арахсыбыттар: 1. Баайдар. Үлэни тэрийээччилэр, дьону үлэлэтээччилэр, баайы-малы салайааччылар байыыны ситиһэллэр. (18,61). 2. Баайдар уонна дьадаҥылар, икки өрүттэр икки ардыларыгар үгүс ахсааннаах үлэһиттэр бааллар. Үчүгэй үлэһиттэртэн баайдар үөскээн тахсалларын тэҥэ, куһаҕан үлэһиттэр, сүрэҕэ суохтар дьадаҥылары элбэтэллэр. 3. Дьадаҥылар. Үлэни кыайа-хото үлэлээбэттэр, сүрэҕэ суохтар, өйдөрө-санаалара татымыттан дьадаҥы буолаллар. “Ыт хасааһа суох” диэн этиини дьадаҥылар үөскэппиттэр. Тугу булбуттарын барытын иһэн-аһаан суох оҥороллоруттан туох да баайы-малы кыайан мунньумматтар. Дьадаҥы өй-санаа арыгыһыт буолууну үөскэтэр кыаҕа аһара улахан. Туох булбуту барытын иһэн, аһаан кэбиһии диэн дьадаҥы киһи өйө-санаата. Ол иһин арыгыны элбэхтик иһэн кэбиһэриттэн, тобоҕун да ордорон хаалларбатыттан арыгыһыт буолара түргэтиир. Дьадаҥылар өрө туран баайдартан былааһы былдьаан ылыыларын холобурун Улуу Өктөөп өрө туруута кыайыытыттан булан ыларбыт табыллар. Ыраахтааҕы былааһа аһара баайдар диэки халыйбытыттан үлэһиттэри аһара баттаан барыларын дьадаҥыларга кубулуппута. Ону иэстэһэн үлэһиттэр былааһы ылан бараннар баайдары, православнай таҥара дьиэтин үлтү сыспыттара, ыраахтааҕыны бэйэтин үлэһит дьону ытыалаппытын курдук ытан кэбиспиттэрэ. “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этии баайдар уонна үлэһиттэр, дьадаҥылар икки ардыларыгар тутуһулла сырыттаҕына эрэ табыллар. Ол курдук баайа бараммыт киһи кыайа-хото үлэлээбэтэҕинэ дьадаҥылары элбэтэрэ икки өрүт солбуйсан биэрэллэрин биллэрэр. Дьадаҥылар, үлэһиттэр былааһы ылыылара омукка улахан уларыйыылары үөскэппитэ. Сэбиэскэй былаас Россия дьонун олоҕор үлэһиттэргэ көмөлөһөн уонна ыгыы, хаайыы көмөтүнэн туһанан улахан хамсааһыны оҥорбута. Былааһы дьадаҥылар, үлэһиттэр ыллахтарына тоталитаризм диэки халыйан хаалар кыахтара улаатар. Ол курдук олоҕу тупсарыыны түргэнник, биир салайааччы киһи үйэтигэр оҥоро охсор санааҕа оҕустараннар, биир киһи салайар тоталитарнай былааһын аһара күүһүрдэн кэбиһэллэр. Олоххо уларыйыы хаһан баҕарар киирэн иһэр. Салайар былаас өр кэмҥэ уларыйбатаҕына баайдар аһара байыылара улаатар, былаастарын күүһүрдэллэр. Үлэһиттэр бары дьадайаллар, ол иһин өрө туруу үөскүүр кэмэ тиийэн кэлэр. Үлэһиттэр, дьадаҥылар былааһы өрө туран, күүстэринэн уларыттахтарына аһара баайдары кэһэтэллэр, баайдарын былдьыыллар, бэйэлэрин туораталлар. Салайар былаас эйэлээхтик кэмигэр уларыйан иһиитигэр баайдар оруоллара ордук үрдүгүн билиниэхтэрэ этэ. Ол курдук былаас тосту уларыйыыта кинилэри быһа ааспат, хайаан да хаарыйар. Баайдар салайар былааһы уларытан иһии суолтатын таба сыаналыахтара, былаас кэмигэр уларыйарын ситиһиэхтэрэ этэ. “Бил баһыттан сытыйар” диэн өс хоһооно былааска өр кэмҥэ олорбут салайааччылар түбэһэр ыарыыларын биллэрэр. Сытыйыы ыар ыарыы. Салайар былаас сытыйдаҕына тойоттору барыларын уларыттахха эрэ эмтэнэр кыахтанар. 300 сыл былааска олорбут ыраахтааҕы үлэһиттэр, дьадаҥылар тустарынан букатын да умнубутун, саллааттарынан ытыалатарын, казактарынан таһыйтарарын иэстэһэн бэйэтин ыппыттара. Олох бу үөрэҕин аныгы салайааччылар умнуохтара суоҕа этэ. Информация сайдыытын үйэтэ кэлбитинэн аныгы салайааччылар хайдах байбыттарын дьон бары истэ-билэ сылдьаллар. Баайдар аһара байыыларыттан үгүстэр дьадайыылара элбээн иһэрэ иэстэһии кэмэ кэлэрин түргэтэтэр. Баай салайааччы уонна үлэһит, дьадаҥы икки ардыларыгар ылар хамнас араастаһыыта баар буолуута уонна тутуһуллара арахсыы, охсуһууга тиийбэтин үөскэтэр. Сайдыылаах дойдуларга бу арахсыы 8 төгүлтэн ордубат диэн суруйаллар. Сиртэн хостонор баай эрэ атыылаан үп киллэринэр Россияҕа бу араастаһыы 20-ҕэ тиийэн сылдьар диэн этэллэр. Сахалыы таҥара үөрэҕин билэр уонна олохторугар туһанар дьадаҥылар, үлэһиттэр баай дьону ордук санаабаттар, үйэлэрэ кылгаһын кут-сүр үөрэҕин туһанан билэллэр, кинилэри үтүктэллэригэр бэйэлэригэр чахчы туһалааҕын, үчүгэйин, үрүҥүн эрэ талан ылыналлар. Ол курдук баай дьон оҕолорун иитэр, үөрэтэр уратыларынан атаахтатыы, маанылааһын туттулларынан туруга, тулуура суох өйдөөх-санаалаах эдэрдэри улаатыннараллар. Бу эдэрдэр аһара барар өйдөрө-санаалара улаатарыттан сыыһа-халты туттуналлара элбэҕиттэн, олохтон эрдэ туораан биэрэллэрин үлэһиттэр билэллэр. Кыра эрдэхтэн үлэлии үөрэнии, ол аата сахалар үөрэхтэринэн көйгө буолуу оҕо өйө-санаата туруктаахтык сайдарыгар, тулуура, өсөһө улаатарыгар тириэрдэрэ улаатан баран сайдыыны, тупсууну ситиһэр кыаҕын улаатыннарар. Көрсүө, сэмэй үлэһиттэр үлэни-хамнаһы кыайалларыттан династиялара үйэттэн-үйэҕэ сайдан, ахсааннара эбиллэн иһэллэрэ хаһан да быстыбат, кэлэр көлүөнэлэрэ салгыы сайдан иһэллэр. Сахалыы таҥара үөрэҕэ үлэһиттэр үөрэхтэрэ. Оҕо көрсүө, сэмэй буолуутун ситиһии сайдыыны ситиһэр, сыыһа-халты туттубат кыаҕын улаатыннарар. Көрсүө, сэмэй киһи олоҕун устата оҥорор быһыылара сыыйа-баайа олоххо тупсууну ситиһии диэки хайысхалаахтар. Онон дьоҥҥо баай уонна дьадаҥы диэн арахсыы былыргы кэмнэртэн ыла баар уонна бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннара кэмиттэн-кэмигэр уларыйан биэрэр кэмнэрдээх.

ДЬАДАҤЫ ДИЭН БУОР КУТ ЫАРЫЫТА

Дьадаҥы диэн урукку ыраахтааҕы баарын саҕанааҕы кэмҥэ куһаҕан өйдөбүллээх тыл этэ, мөлтөх, кыаммат, өйө-санаата тиийбэт, аанньа ахтыллыбат дьону бэлиэтиирэ. Үлэни-хамнаһы кыайбаттар, сүрэҕэ суохтар, ыарыһахтар, бодоҥнор оччотооҕу, ырыынак олоҕун кэмигэр бары дьадаҥы буолар эбиттэр. Сэбиэскэй былаас кэмигэр баайа-мала суохтар баһылаан салайбыттарыттан дьадаҥы диэн тыл “үчүгэй” диэн сыыһа өйдөбүллэнэ сылдьыбыта. Бары салайааччылар, улаханныын кыралыын уонна суруйааччылар дьадаҥы өбүгэлэринэн киэн тутталлара, онон өҥнөллөрө, улахан уратыларын, “үчүгэйдэрин” курдук этинэллэрэ, дьадаҥы буолууга ыҥыраллара. Өй-санаа, кут-сүр үөрэҕин сайыннарыы бу тыл дириҥ, буор куттан тутулуктаах, өйгө-санааҕа дьайыылаах суолтатын булууга туһалаата. Үлэни-хамнаһы кыайа-хото үлэлээбэт, сатаан-табан хамсаммат, сүрэҕэ суох киһи дьадаҥы буолара билигин биллэн таҕыста. Ол курдук государство өттүттэн сиэрэ суох элбэх көмө баарын үрдүнэн үлэни-хамнаһы кыайан үлэлээбэттэн, ас-таҥас тиийбэтиттэн сэбиэскэй былаас эстибитин табатык өйдөөһүн эрэйиллэр. (19,50). Дьон бары кэриэтэ үөрэҕи-билиини баһылыыр кыахтаахтарын иһин, үгүстэрэ күүстээх үлэни-хамнаһы кыайбаттар, доруобуйалара да мөлтөх. Үлэни-хамнаһы кыайбат, кыайа-хото хамсаммат, сүрэҕэ суох киһи дьадаҥы буолара билигин ырыынак кэмигэр билиннэ. Дьадаҥы буолуохпутун бары баҕарбаппыт эрээри, үлэни-хамнаһы баһылыы сатаабаппыт. Бу баар биһиги сыыһабыт. Буор кут киһи хамсанарыттан сайдан үөрүйэххэ кубулуйдаҕына эрэ, киһи сатаан, табан хамсана, сатаан үлэлии үөрэнэр. Былыргы кэпсээннэргэ ахтылларынан уус буолууга киһи олус өр кэмҥэ үөрэнэрин таһынан өбүгэлэрэ эмиэ уустан төрүттээхтэрэ ирдэнэр көрдөбүлүнэн ааҕыллара. Ол аата өбүгэлэртэн бэриллэр буор кут көмөлөстөҕүнэ эрэ улахан уус буолууну ситиһии кыаллара быһаарыллар. Үлэҕэ-хамнаска оҕолорун үөрэппэт, үөрэҕи эрэ эккирэтиннэрэ сатыыр төрөппүттэр оҕолоро дьадаҥы буолар дьылҕаланаллар. Кыра эрдэхтэн үлэлии үөрэнии эрэ дьадаҥыттан үлэһиккэ, онтон баайга киһини кубулутар кыахтааҕын, билигин да арааран билбэккэ, туһаммакка сылдьабыт. Ол курдук үрдүк да хамнас сорохтору баайга кыайан кубулуппат, төрүттэрин дьадаҥылара тардарынан ыһан, тоҕон, аһаан-сиэн, матайдаан туох эмэ баарын суох оҥорон иһэллэр. Билигин баай уонна дьадаҥы диэн арахсыы баарыттан, бу дьон өйдөрүн-санааларын уратыларын арааран билии уонна олоххо быһаччы туһаныы ирдэнэр. Ол курдук улахан баай дьон үчүгэй диэн санаалара дьадаҥылар үчүгэй санааларыттан букатын уратыланал-ларыттан, баайдар элбэх этиилэриттэн үлэһиттэр, дьадаҥылар бэйэлэригэр туһалааҕын эрэ булан ылыныа этилэр. Бу быһаарыы билигин улаханнык байбыт депутаттары, салайааччылары талыыга киэҥник туһаныллыа этэ. Баай уонна дьадаҥы дьон икки ардыларыгар үлэһиттэр сылдьаллар. Арай үлэһит, үлэни-хамнаһы кыайыы эрэ дьадаҥы буолартан быыһыыр кыахтааҕын туһаныы эрэйиллэр. Оҕо кыра эрдэҕиттэн истэр сымыйа, албын, аптаах остуоруйаларын дьайыыларыттан дьадаҥыттан соҕотохто байа-тайа охсорго баҕа санаа үөскүүр, бэлэми, ким эрэ аҕалан биэрэрин кэтэһэ сылдьарга үөрэнэр. “Умнаһыт бурдугун тыал көтүтэр” диэн сахалар дьадаҥы киһи өйүн-санаатын, оҥорор быһыытын дириҥник быһааран эппиттэрин таба өйдөөн тутуспаттан уонна баар баайы-малы харыстаабаттан, ыскайдаан суох оҥоруу элбээтэ. Буор кут диэн эти-сиини хамсатарга аналлаах, хас биирдии быччыҥҥа иҥэн сылдьар өй-санаа мунньуллуута ааттанар. Буор кут мөлтөөтөҕүнэ киһи боростуой да хамсаныылары кыайан оҥорбот турукка киириэн сөп. Эт-сиин үгүс ыарыылара быччыҥнар кыайан хамсаабаттарыттан тутулуктаахтар. Бу өй-санаа, буор кут ыарыыларын сахалар кыахтаах ойууннара эмтиир этилэр. Үлэлиэн, хамсыан баҕарбат, сүрэҕэлдьиир, сытарын, сынньанарын, уһуннук утуйарын сөбүлүүр киһи олоҕор дьадаҥы буолара былыргыттан биллэр. Кини хамсаныылары оҥорорго аналлаах буор кута ситэ сайдыбатаҕыттан хамсаныылары оҥорор кыаҕа аҕыйыырыттан үлэни-хамнаһы кыайбат кыахтанар. Дьадаҥы диэн өй-санаа, буор кут ыарыыта, хамсаныыларга дьоҕурун сүтэриитэ ааттанар. Бу ыарыы ситэ сайдыбатах буор куту кытта көҥүлүнэн барбыт дьахталлар көмөлөрүнэн тарҕанан баран, тэнийэн кэлэр көлүөнэлэргэ барыларыгар бэриллэн иһэр, хас да көлүөнэлэр усталара күүстээх үлэттэн-хамнастан эрэ нэһиилэ көннөҕүнэ эрэ тупсуон сөп. Бу быһаарыы сахалар “Төрүт уус” диэн этиилэрэ хас да көлүөнэ уустары быһаарарынан бигэргэтиллэр. Сэбиэскэй былаас дьадаҥылары өрө тутан, арбаан, хайҕаан, киэҥник тарҕатан, билигин Россия дьоно бары, бу дьадаҥы диэн өй-санаа, буор кут ыарыытынан ыалдьалларыттан, хамсаныахтарын, үлэлиэхтэрин баҕарбаттарыттан Россияҕа үлэ-хамнас оҥорон таһаарыыта букатын таҥнары түстэ. Бу, дьадаҥы буолуу ыарыыта Россия дьонугар тарҕаммыта маннык уларыйыылартан биллэр: 1. Ханнык да үлэни үлэлээһин кыаттарбат буолуута. 2. Баар баайы-малы ыһыы-тоҕуу дэлэйиитэ. Аҥардастыы үөрэҕи эрэ эккирэтии, ону “үчүгэй” диэн өрө тутуу, хас да көлүөнэлэр усталара үөрэхтээх дьон буола сатааһын, буор куту дьадаҥы буолуу ыарыытыгар тириэрдэн кэбистэ. Ол курдук үлэттэн кэлээт дьыбааҥҥа сытар киһи оҕото сытара өссө эбиллэринэн хамсаныылары оҥорорго аналлаах буор кута мөлтөөн, ыарыы буолан барар. Буор куттара мөлтөөбүт аймахтар кэлэр көлүөнэлэрэ дьадаҥы буолар дьылҕаланаллар. Ол курдук куорат мааны үөрэхтээхтэрин оҕолоро илии үлэтигэр чахчы мөлтөхтөр. Дьадаҥыттан дьадаҥылар төрүүллэр. Былыргы ыал буолуу үгэстэрин туһаммакка хаалларан кэбиһииттэн Россия дьоно барылара дьадаҥылар буор куттарынан сутуллан хааллылар. “Баай дьадаҥыны уруурҕаабат” диэн өс хоһоонун хас биирдии үлэһит, кэлэр көлүөнэлэрэ сайдыахтарын баҕарар киһи билэн олоҕор туһаныа этэ. Бу өс хоһооно сайдыылаах, үлэһит буор кут дьадаҥыны кытта холбостоҕуна күүһүн сүтэрэрин, хааларын биллэрэр. Баар баайы-малы ыскайдаан бүтэрии дьадаҥы буолуу сүрүн бэлиэтэ буолар. “Умнаһыт бурдугун тыал көтүппүт” диэн этии умнаһыкка төһөнү да биэрдэххэ син-биир суох оҥоруо, күдэҥҥэ кубулутан тыалга көтүтүө диэн өйдөтөрүн таба өйдүөхпүт этэ. Ол аата умнаһыты аан маҥнай үлэлэтэн, харыстыырга үөрэтэн баран ону-маны биэриэххэ сөп буолар. “Олох ыараатаҕына омук күүһүрэр” диэн этии буор кут сайдыытыттан быһаччы тутулуктаах. Ол курдук олох ыараатаҕына киһи элбэхтик хамсанара, үлэлиирэ эбиллэринэн буор кутун эрчийэрэ улаатарыттан сайдыыны ситиһэрэ эбиллэр. “Сүрэҕэ суох буолума, дьадаҥы буолуоҥ” диэн этии оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ быһаччы сыһыаннаах. Оҕо кыра эрдэҕиттэн элбэхтик хамсанан, туһа киһитэ буолан үлэлии үөрэннэҕинэ, буор кутун эрчийдэҕинэ, дьарыктаатаҕына үчүгэй үөрүйэхтэри үөскэтинэн буор кута сайдар кыахтанар. Үлэни үлэлээһин хамсаныылара барылара нэмин билэн, сэрэхтээхтик оҥоруллалларынан күрэхтэһии хамсаныыларыттан быдан атыннар. Ол иһин аҥардастыы күрэхтэһиилэр, спорт буор куту эрчийиилэрэ кэлтэйдии баран хаалыахтарын сөп. Ол курдук күүһүн элбэхтик дьарыктаабыт спортсмен тарбаҕын төбөтүнэн тутан тугу эмэ оҥороро улахан эрэйи үөскэтиэн, букатын да кыаллымыан сөп. Онон үлэ, үлэлии үөрэнии эрэ киһи буор кутун нэмин билэн дьарыктаан, үөрүйэх оҥорон киһини киһи буолууга тириэрдэр кыахтааҕа быһаарыллар. Оҕону кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ-хамнаска сыһыаран үөрэтии эрэ дьадаҥы буолууттан харыстыыр кыахтааҕын төрөппүттэр билэн, оҕо кыра эрдэҕиттэн туһа киһитэ буолан үлэлиир үгэстэри ийэ кутугар иҥэринэрин ситиһиэ этилэр.

ИДЭ ТҮҺҮҮТЭ

Эт-сиин өбүгэлэртэн, төрөппүттэртэн бэриллэн, ууһаан, тэнийэн иһэр айылҕаттан быһаччы тутулуктаах киһи сүрүн чааһа буолар. Ол иһин эт-сиин айыылартан, өбүгэлэртэн тутулуга олус улахан. Эккэ-сииҥҥэ иҥэн сылдьар буор кут, араас үөрүйэхтэр; үчүгэйдэриттэн, куһаҕаннарыттан тутулуга суох, бары кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэллэр. Киһи уһун үйэтин тухары үөрүйэхтэри үөскэтинэн, иҥэринэн, буор кутун сайыннаран кэлэр көлүөнэлэрин, оҕолорун, сиэннэрин өйдөрө-санаалара кини сайдыыны ситиспит таһымыттан намтаабатын, саҥаны ситиһэрэ түргэтиирин үөскэтэр аналлаахтар. Элбэхтик үлэлээбит, үгүс үөрүйэхтэрдээх киһи оҕото, ол үөрүйэхтэри, буор куту иҥэринэн төрүүрүттэн үлэни-хамнаһы сатыыр, баһылыыр кыаҕа биллэрдик улаатар. Ийэ, салгын куттар оҕо өйө-санаата сайдыытын кытта тэҥҥэ сайдан, иҥэн иһэллэр. Ол курдук оҕо кыра эрдэҕинэ үгэстэри үөскэтинэрэ олус түргэн, биирдэ эмэтэ соһуйа көрбүтэ, истибитэ, оҥорбута үгэс буолан хаалыан сөп, ону тэҥэ тугу эмэ оҥорбутун хатылаатар эрэ соннук үгэһи иҥэринэн, саҥа үгэстэнэр кыахтаах. Ол иһин оҕону кыра эрдэҕинэ ийэ кутун иитии, үчүгэй үгэстэри үөскэтэн, иҥэрэн биэрии биир тэҥник, уһаты-туора халбаҥнаабакка эрэ салгыы баран иһэрин сахалар үөрэхтэрэ ирдиир. Оҕо улаатан истэҕинэ ону-маны оҥороруттан, туттарыттан көрөн ханнык идэҕэ сыһыаннаах буолуон сөбүн быһаараллар. Араас хамсаныылары табатык, сыыдамнык оҥоруу буор кут сайдыытыттан тутулуктаах. Буор кут дьайыыта оҕо улаатан, үлэҕэ сыһыаннаах хамсаныылары оҥорор буолан истэҕинэ сыыйа биллэн иһэр. Бу кэми туспа арааран идэ түһүүтэ диэн ааттаабыттар. “Уус оҕото – уус буолар” диэн сахалар этиилэрэ оҕо улаатан истэҕинэ биллэн иһэр. Ону-маны оҥорорго дьулуура, сыһыамаҕа сыыйа биллэн барар. Туттунуута-хаптыныыта төрөппүтүн курдук буоллаҕына, чахчы маарынныыр диэн быһаараллар. “Аҕатын курдук сыыдам туттунуулаах” диэтэхтэринэ аҕатыгар маарынныыр, киниттэн бэриллибит буор куттаах, сыыдам, таба хамсаныылаах үтүө, үлэһит киһи буолара быһаарыллар кыахтанар. Оҕо, киһи хамсаныылары хайдах оҥороруттан буор кута төһө сайдыылааҕын быһаараллар: - Сыыдам эрээри табатык хамсаныылары улахан сайдыылаах буор куттаах оҕо оҥорор кыахтаах. Хамсаныы олус табылларын имигэс диэн этии чуолкайдык быһаарар. - Нэс, бытаан хамсаныылаах киһи элбэҕи тутан-хабан оҥороро аҕыйах буоларын бары билэбит. - Нүксүгүр киһи оҕото улаатан баран нүксүччү түһүөн сөп. - Тиэрэ үктээн хаамар киһини киһи барыта бэлиэтии көрөр. Оҕото аҕатын курдук буор куттаннаҕына тиэрэ үктээн хаамыан сөп. Хамсаныылары таба оҥорууну хас биирдии быччыҥҥа иҥэн сылдьар буор кут салайар. Буор кут дьайыыта биллиитин идэ түһүүтэ диэн ааттыыллар. Эти-сиини, быччыҥнары таба хамсатыы сыыйа-баайа үөрүйэхтэргэ кубулуйуутуттан буор кута үөскүүр. Киһи өр кэмҥэ үөрүйэхтэргэ үөрэнэн буор куту үөскэтиммитэ кэлэр көлүөнэлэригэр бэриллэн иһэр. Урукку кэмҥэ сахалар өй-санаа, буор кут киһи сааһырдаҕына эбиллэн иһэрин үөрэтэн билэн, эр киһи хас да кэргэни ыларын көҥүллүүллэр этэ. Сааһырбыт эр киһи сайдыылаах буор кутун кэлэр көлүөнэлэргэ биэрэрин ити курдук туһаналлар этэ. Саха дьонун эдэрдэргэ баҕа санааларынан “Идэлээх буол” диэн буолар. Бу быһаарыы учуутал оҕото учуутал, быраас оҕото быраас, уус оҕото уус буолара элбэҕин быһаарар. Уус киһи оҕото улаатан уһаннаҕына, аҕатын утумнаабыта биллэн барар. Лып-лап курдук табан хамсанарыттан, уһанарыттан, тугу оҥорбутуттан үөрэриттэн аҕатын утумнаабыта биллэр. Ол аата оҕоҕо ону-маны кыайарын, оҥотторон көрүү эрэ утумнаабытын быһаарар. Сахалар бары кэриэтэ тимир, мас ууһа төрүттээхтэр. Оҥоруу, тутуу үлэлэригэр ордук сыһыамахтара буор кут дьайыытынан быһаарыллар. Оҕолор төрүттэрин дьарыктарынан дьарыктамматахтарына, үлэлэринэн үлэлээбэтэхтэринэ буор кут дьайыыта биллибэккэ эрэ сылдьыан, төрүт да хаалан хаалыан сөп. Кырдьан иһэн талааннарын дьэ арыйбыт дьон бааллар. Буор кут лаппа сайдыбыта талааны үөскэтэр. Талаан эти-сиини кытта бииргэ сылдьар. Талаан арыллар. Талаан өйтөн-санааттан тутулуктааҕын баар да, суох да буолан хаалыан сөбө быһаарар. “Талааннаах тарбахтаах” диэн туохха эмэ эмискэ түбэһэ түһэр, туһаны таһаарынар киһини эмиэ этэллэр. Буор кут сайдыылааҕа дьоҕурдаах диэн тылынан бэриллэр. Дьоҕур хаһан да эмискэ кэлбэт. Дьоҕуру киһи уһуннук үлэлээн-хамсаан үөскэтинэр, сайыннарар кыахтаах. Дьоҕур диэн эт-сиин туһалаах хамсаныылары оҥорор кыаҕа ааттанар, ол иһин төрөппүттэриттэн буор кутун кытта быһаччы бэриллэр кыахтаах. Айылҕаттан өйдөөх, сайдыылаах буор куттаах оҕо иитиигэ, үөрэтиигэ наадыйара аҕыйах. Этэн, көрдөрөн биэрииттэн эбэтэр бэйэтэ да булан туһалаах, үчүгэй быһыылары оҥоруон сөп. Дьоҕуру сайыннарбакка таах хаалларан кэбиһии кэлин кэмҥэ элбээтэ. Аҥардастыы үөрэҕи эрэ баһылаары былыргы өбүгэлэрбит үөрүйэхтэрин быраҕан кэбиһии тэнийдэ. Төрүттэриттэн уус, тимир ууһа идэлэрин быраҕан, уларытан кэбиспит эдэрдэр элбэхтэр. Кинилэр саҥа баһылыыр идэлэригэр табылын булбакка эрэйдэнэллэрэ, быраҕан да кэбиһэллэрэ эмиэ элбээтэ. Идэтин таба талбатаҕыттан санаата туолбакка арыгыга ылларааччылар бааллар. Үлэлии үөрэммит, баһылаабыт үлэттэн туоратыы омугу эстиигэ, симэлийиигэ тириэрдэр кыахтаах. Атын омуктар баһылаабыт үлэлэригэр саҥалыы сыһыара сатааһын хаалыылаах үлэһит буолууга тириэрдэр. Оҥорор, тутар уус идэбитин букатын да бырахтараары оҥостоллор. Тимири уһаарар идэбитин тохтоппуттара ыпаатта. Сэбиэскэй былаас саҕаттан олоххо туһата аҕыйах ханнык эрэ гуманитарнай идэлэргэ саха дьонун көһөрө сатааһыны оҥоро сатаабыттара, билигин да салҕанан иһэр. Дьоҕурдаах буолуу утары, иккис өрүтэ салаҥ диэн ааттанар. Салаҥ диэн сатаан туттубат, оҥорбот, табан хамсаммат, буор кута кыайан сайдыбатах киһини ааттыыллар. “Салаҥтан хара тыа маһа ытыыр” диэн этии кыайан уһаммат киһи элбэх маһы туһата суох хаалларан, буорту оҥорорун биллэрэр. “Хоро салаҥ” диэн олус улахан салаҥ. Сайдыыттан, олох хаамыытыттан хаалан хаалбыт аһара былыргыларын тутуһан олорбут хоро омуктары сэнээн, туоратан этии буолар. Бу этии хоролор симэлийиилэригэр, сахаларга кубулуйууларыгар тириэрдибитэ. Сааһыран истэххэ өй-санаа уларыйара ирдэнэр. Эт-сиин эдэр эрдэҕинээҕиттэн уларыйан, мөлтөөн барыытын таба сыаналааһын эрэйиллэр. Ол курдук дьахтар төрүүр сааһа аастаҕына, эмээхсиҥҥэ уларыйдаҕына үлэ-хамнас атын өрүттэринэн эр дьонтон итэҕэһэ суохтук, ситиһиилээхтик дьарыктанар кыахтанар. Онтон дьахтар эрдэҕинэ оҕону төрөтүүнэн, иитиинэн, үөрэтиинэн дьарыктанара ордук туһалаах диэн сахалыы өй-санаа үөрэҕэ этэр. Кыыс оҕолор бары ийэлээхтэриттэн үчүгэй үгэстэргэ кыра эрдэҕиттэн утумнаахтык үөрэтиллэр дьахталлар оҕону үчүгэй үгэстэргэ иитэр, үөрэтэр кыахтара эр дьоннооҕор улаханын сахалар туһаналлар. Дьахталлар былыргы сахалар ыал буолуу үөрэхтэрин тутустахтарына ыраас кыыстарынан эргэ таҕыстахтарына эрэ, эр киһини утумнуур, киниттэн бэриллэр буор куттаах оҕону төрөтөллөрө кыалларын билиэ этилэр. Ол аата кыыс оҕо кэргэн тахсыар диэри атын эр киһилиин сылдьыспатаҕын сайдыылаах буор куттаах аймахтар ирдиэхтэрэ этэ. Онон саҥа төрүүр оҕолор сайдыылаах буор куттаахтарын ситиһии төрөппүттэр ытык иэстэрэ буолуо этэ.

ЫЧА

Киһи олоххо ылар миэстэтин быһаарыыга сахалар ыча диэн быһаарыыны тутталлар. “Ычата кыра” диэн эттэхтэринэ, бу киһи өйө-санаата бу таһымыттан кыайан өрө, тупсуу диэки сайдар кыаҕа суоҕун, кыранан дуоһуйарын быһаараллар. Өй-санаа сайдыыны, үүнүүнү ситиһэр кыаҕа ыча диэн ааттанар. Ол аата киһи тугу эмэ оҥорор төрүт кыаҕа, күүһэ ыча диэн буолар. Ычата кыра диэн кыаҕа-күүһэ, тулуура тиийбэккэ туох эмэ суолталааҕы, улахан туһалааҕы оҥорууга мүччү, сыыһа-халты туттунан, буортулаан, туһата суохха кубулутар киһи аата. Кыра ычалаах диэн улахан булка, тайахха хаама сылдьан чугас олорон биэрбит бочугураһы ыта охсон кэбиһэн, ойуур кэннигэр тохтообут тайахтары үргүтэр киһини ааттыыбыт. Улахан булка, тайахтыы сылдьан, бу киэһэ сиирин эрэ туһунан быстах санааҕа баһыттаран бочугураһы ытар киһи кыра ычалаах диэн ааттанара сөп. Саа тыаһа ойуурга бэрт ыраахха диэри дуораһыйарынан улахан булт барыта халбарыйан, баран биэрэригэр тириэрдиэн сөбүн аһыан баҕарбыт киһи умна охсон кэбиһэрэ ычатыттан тутулуктаах. Киһи тулуурдаах, төһө эрэйиллэринэн кэтэһэр кыахтанара ордук. Туох туһалаах дьыала барыта аптаах остуоруйаҕа кэпсэнэр курдук, түргэнник оҥоруллан испэт, оҕо баҕа санаатын курдук аҕыйах хонукка улаата, этэ-сиинэ ситэ охсубат, ол иһин киһи тулуйар, кэтэһэр күүстэннэҕинэ, олоҕор ситиһиилэри оҥорор кыахтанарын ыча быһаарар оруола улахан. Туох эмэ улахан дьыалаҕа кыттыһа сылдьан ыксыыр, тиэтэйэр киһини “Ыт ыксаан-ыксаан икки хараҕа суох оҕону төрөтөр” диэн этэн тулуурун, кэтэһэр күүһүн улаатыннара сатыыллар. Ол курдук хараҕа суох ыт туохха да туһата суоҕун курдук, тиэтэйэн, ыксаан сылдьан оҥоруллубут дьыала табыллыбакка, сатаммакка уонна сыыһа-халты буолан эрэйдиирэ элбиир. Ыча диэн киһи өйүн-санаатын туругун, тулуурун, төһөнү иҥэринэр дьоҕурун биллэрэр уонна быһаарар аналлаах мээрэй буолар. Ычата кыра киһи ымсыырар, тиэтэйэр санаата улаханыттан, “Туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх” диэн этиини тутуспатыттан элбэх сыыһа-халты туттунуулары оҥорор кыахтаах. Ол курдук төһө эмэ ырыынак сыһыаннаһыылара үөскээн туох барыта атыыланар буолан эрэр кэмэ кэлэн истэҕинэ, сир сыаната үрдүүрэ дьэ чугаһаан эрдэҕинэ, харчыга улаханнык наадыйбат да эрээри, даачаларын атыылыыр дьон бааллар этэ. Билигин кэлэн куорат иһигэр учаастак сирэ балтараа мөлүйүөҥҥэ тиийбитин кэннэ кэмсиммит иһин хайыаҥ баарай. Барбыт аны төннүбэт буоллаҕа. Кыра ычалаах киһи атыы-эргиэн дьыалатыгар халты оҕустарара ордук дөбөҥ буолуон сөп. Ол курдук ханнык баҕарар табаар бэйэтин туһааннаах кэмигэр эрэ атыыга барарын дьарыктанар киһи таба сыаналаан, кэтэһэн туһаҕа таһааран барыстаныа этэ. Эти-сиини кыра ыарыылары тулуйарга үөрэтии, эрчийии киһи тулуура улаатан, өйө-санаата өссө үрдүк таһымы ситиһэригэр, ычата кэҥииригэр кыах биэрэр. Биирдэ тото аһаат даҕаны, барыта үчүгэй диэтэххэ, кыра ычалаах киһи буолан хаалыахха сөп. Эдэр киһи ычата кыратыттан, билбэтигэр тэптэрэн биирдэ эмэтэ сыыһа туттан, элбэҕи иһэн, итирэн хаалара баар суол. Арыгыны элбэхтик иһэн куруук итирэр киһи ычата кырата, тулуура суоҕа биллэн хаалыан сөп. Кыра ычалаах киһи кыра арыгыттан итирэр, өйө көтөр. Кыра ычалаах киһи көрдөбүлэ кыра, бэйэтигэр эрэ сөп буолар. Итини тэҥэ бэйэтин кыаҕынан толоруллубат баҕа санаата аһара элбэх уонна биири эмэ оҥороругар тулуура тиийбэтиттэн сыыһа туттунан буортулуур киһи кыра ычалаах диэн ааттаныан сөп. Байыыны кыра ычалаах киһи ситиһэр кыаҕа кыра диэххэ сөп. Ол курдук кэтэһэр, күүтэр санаата тиийбэккэ хааларынан ситиһиини, байыыны оҥороро аҕыйыан сөп. Өр кэмҥэ күүскэ үлэлээтэххэ, бардахха-кэллэххэ, хамсаатахха байыы ситиһиллэрин кыра ычалаах, тугу булбутун ыскайдаан иһэр киһи кыайбата кырдьык. “Ычата тардар” диэн этии ыча өбүгэлэртэн бэриллэн иһэрин биллэрэр уонна киһи бэйэтин өйүнэн-санаатынан, биир киһи үйэтигэр уларыйар кыаҕа кыратын быһаарар. Ыча туһунан суруйааччылар маннык суруйаллар. “Ычата кырата бэрт, ханна ыраатыаҕай?” – диэн сэнэбиллээх этиини биирдэ эмит истибитиҥ буолуо. Ол аата ыыра кыараҕас, балаҕаныттан ырааппатах, түҥкэтэх киһи диэн. Ыча – киһи олоҕун устата иҥэриммит итэҕэлин, көһүтүүтүн, билиитин, санаатын, сыһыанын, адьынатын, үөрүйэҕин, толкуйдуур халыыбын бүттүүнүн хабар өйдөбүл. (20,31). Биһиги быһаарыыбытынан киһи төрүттэриттэн, өбүгэлэриттэн бэриллэн иһэр буор кутун уратыта ыча диэн ааттанар. Киһи үөрэҕи ылыныытыттан саҥа үгэстэри, үөрүйэхтэри үөскэтинэриттэн ычата кэҥээн иһэр. Ыча кэҥээһинэ кэлэр көлүөнэлэр үөрэҕи, сайдыыны ситиһиилэрэ элбээһиниттэн үөскээбитэ биллэр. Ыча кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэр. Ол курдук “Хос эһэтэ хамначчыт этэ” диэтэхтэринэ, ханнык эрэ хамначчыт өйө киирэн кэлэриттэн саҥаны ылынарын хааччахтыан сөп. Төрүттэрэ дьадаҥы дьон салайар үлэҕэ таҕыстахтарына элбэх харчыны таба салайан туһаналлара уустуга, кыаллыбата ычалара кыратыттан, төрүттэрэ дьадаҥыларыттан быһаччы тутулуктаах. Ол иһин Россияҕа коррупцияҕа ылларыы аһара элбэх. Кыра ычалаах киһи салайааччы буоллаҕына эбэтэр байан хааллаҕына бэйэтин улаханнык, үрдүктүк сананара аһара түргэнник улаатан хааларыттан атыттары аннынан саныыра улаатыан сөп. Үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран олоххо туһаныыга ыча көмөтө улахан. Ол курдук тиэтэйбит, ыксаабыт санааҕа куһаҕаны “үчүгэй” диэн кэбиһии ыча кыратын биллэрэр. Субу күннээҕинэн эрэ олоруу ыча кыратыттан улахан тутулуктаах. Дьон үксүлэрэ күннээҕи үлэҕэ-хамнаска үтүрүттэрэн, ырааҕы, кэлэри, олохторугар буолар уларыйыылары санааларыгар да оҕустаран көрбөттөр, кэлэр көлүөнэлэрин аһатар уонна таҥыннарар туһугар үлэлии сатыыллар, онтон өйдөрө-санаалара сайдарыгар, тулуурдара улаатарыгар кыһамматтар. Аптаах остуоруйалар оҕоҕо баҕа санаа үөскүүрүгэр көмөлөрө улахан. Арай аһара барбакка, оҕо, киһи ситиһэр кыаҕын иһинэн кэпсииллэрэ баҕа санаа туолуутугар тириэрдэн киһи дьолу билэрин үөскэтэрин умнубатахха табыллар. Баҕа санаа үгэс буолан үөрүйэххэ кубулуйдаҕына ычаны кэҥэтэр, киһи саҥаны оҥорор майгынын улаатыннарарын туһаныы эрэйиллэр. Онон ыча диэн өй-санаа туругун, билиини-көрүүнү иҥэринэр кыаҕын быһаарыыга туттуллар аналлаах мээрэй буолар. Ыча кыра уонна киэҥ диэн мээрэйдэр икки ардыларынан уларыйарынан киһи өйүн-санаатын туругун толору быһаарар аналлаах.

САНААНЫ КӨТӨҔҮҮ

Сахаларга санаа туһунан билиилэрэ олус киэҥ уонна дириҥ, “Аан дойдуну санаа тутан турар” диэн этии ону быһаарар. Дьон санаата хайа диэки салаллар даҕаны, олохторо ол диэки халыйан барарын бу этии биллэрэр. Россия атыттары кытта бэрт былдьаһан сэриитин сэбинэн киэптиирэ, саҥа сэрии сэбин оҥосторо элбээһинэ дьон санаатын сэрии диэки халытан кэбиһэр кэмэ кэлэн иһэр. Сахалыы таҥара үөрэҕэ киһиэхэ үчүгэй санаалары киллэрэн, иҥэрэн биэрэринэн, олору ситиһэригэр анаан сыалы үөскэтэринэн туһата олус улахан. Үтүө, үчүгэй баҕа санаалардаах киһи үчүгэй быһыылары оҥорор кыаҕа улаатарын таҥара үөрэҕэ үөскэтэр. Санааны олус кыра курдук сыыһа саныыбыт. Ол барыта биир эмэ санаа сыыһа кылам гынан баран сүтэн, симэлийэн хааларыттан тутулуктаах. Хатылаан хос-хос санаатахха санаа күүһэ өссө эбиллэр, умнуллубат буолууга кубулуйан иһэр. Санаа элбэхтэ хос-хос хатыланнаҕына улаханнык күүһүрэр, умнуллубат турукка тиийэн үгэскэ кубулуйар. Биир санааны ылыныы диэн санааны өссө күүһүрдүү, оҥорор быһыыга кубулута сатааһын ааттанар. Санаа элбэхтэ хатыланнаҕына үгэскэ кубулуйан киһини бэйэтин салайар кыахтанар, санаабыт санаатын толоруон сөп. Санаа бу уларыйар уратытын билэн сахалар “Киһини санаата салайар” диэн этэллэр. Киһи баҕа санаатын толороору олоххо ситиһиилэри оҥороро итини быһаарар. “Киһиэхэ кыра да наада” диэн этии санаа күүһүн биллэрэр. Санаа олус кыра, биллибэт курдук да буоллар, киһи санаата көтөҕүлүннэҕинэ кыайбатын да кыайыан сөбүн биллэрэр. Санаа көтөҕүллүүтэ киһиэхэ күүһүгэр күүс эбэр. Бу эбиллэр күүс таҥара үөрэҕэ оҥорор туһатын быһаарар. Күүһүгэр күүс киирбит киһитэ кыайбатын да кыайыан сөбө соргу көтөҕүллүүтүн үөскэтэр. Соргу диэн киһи олоҕор көрсөр эрэйи, сору кыайыытыттан санаата көтөҕүллүүтэ, күүһүрүүтэ, оҥорор кыаҕа эбиллиитэ ааттанар. Сахалар киһи санаатын көтөҕүү оҥорор дьайыытын былыр-былыргыттан билэллэрин өй-санаа үөрэҕин баһылаабыт ойууннар дьону эмтээһининэн, санааларын көтөҕүүнэн дьарыктаналлара биллэрэр. Аҕыйах да буоллар эмтээһинтэн үтүөрэн хаалбыт дьон бааллара атыттар итэҕэйэллэрин үөскэтэр. Былыргы кэмнэргэ дьону эмтээһининэн отоһуттар уонна ойууннар эрэ дьарыктаналлара. Отоһуттар биллэр көмөнү бэйэлэрэ оҥорор эмтэрин көмөлөрүнэн чахчы ситиһэллэр, онтон ойууннар өйү-санааны күүһүрдэн, киһи этэ-сиинэ бэйэтэ бөҕөргүүрүн, тупсуутун үөскэтэн туһалаах көмөнү оҥороллор. Туох да атын булкааһа, туустара суох ыраас ууну иһэрдэн эмис дьон ыйааһыннарын түһэрэн боруобалаан көрбүт Сергей Малоземов санаа күүһүн итэҕэйэргэ кыах биэрэр. 10 киһи боруобаҕа кыттыспытыттан 9 киһи ыйааһынын түһэрбит, онтон биир итэҕэйбэт киһи ыйааһына түспэтэх. (21). Арай бу боруобалаан көрүүгэ олус ыраас уу киһиэхэ тириэрдэр күүһэ аахсыллыбакка хаалбыт. Сахалар муус уутун иһэллэрэ бу быһаарыыга сөп түбэһэр. Санааны көтөҕөргө анаан арыгы иһиитэ элбээһинэ түргэнник арыгыга ылларыыга тириэрдэр кыахтаах. Ол курдук киһи санаата түһэрэ, хамсыыра элбэҕиттэн, арыгы иһиитэ эмиэ элбээһинэ арыгыга ылларыыны түргэтэтиэн сөп. Дьон олохторун тупсарар санаалара эбиллэрин туһугар үлэлиир үлэлэрэ туох эмэ биллэр барыһы биэрэрэ, олорор дьиэлэрин тупсарыылара, оҕолорун иитэллэригэр, үөрэтэллэригэр кыахтара тиийэрэ улахан оруолу ылар. Киһи тугу эмэни ситистэҕинэ, оҥордоҕуна санаата көтөҕүллэр, өссө оҥорор санаата улаатар. Тугу да ситиспэт, оҥорбот киһи санаата түһэриттэн салгыы тугу да оҥорбот буолан хаалыан сөп. Оҕону үлэҕэ үөрэтиигэ аан маҥнай кыра, кыайар үлэтиттэн саҕалаан үөрэтии туһалыыр. Тугу эмэ суолталааҕы оҥордоҕуна, аҕалан биэрдэҕинэ хайҕанара, манньа ылара үлэлии үөрэнэригэр олук, тирэх буолар. Оҥорбутуттан санаата көнөрүттэн, өссө оҥорор кыаҕа улаатан биэрэр. Үлэҕэ үөрэтэргэ “Оҕону кыраҕын, сатаабаккын” диир сыыһа, ол оннугар “Кыратык кыаттарбатах” диэтэххэ өссө оҥорор, үөрэнэр санаата ханнан хаалбат. Ханнык эмэ оонньууга оҕону үөрэтэргэ маҥнай кыаттарбыта буолан санаатын көтөхтөххө үөрэнэр, кыайыыны ситиһэр санаата улаатар. Кыайыыны ситиһии үөрэнэр кыаҕын улаатыннарар. Киһи оҥорор быһыытын санаата көннөҕүнэ, көтөҕүлүннэҕинэ өссө хатылаан оҥорон үгэскэ кубулутан туһанар кыахтанар. Ол иһин санаа көтөҕүллүүтэ киһиэхэ олус туһалаах. Санаата түһэ сылдьар киһи тугу да оҥорумуон, туохха да үөрэнимиэн сөп. Үтүө, үчүгэй тыллардаах алгыһы истии, бу тылларга иҥэн сылдьар өйү-санааны иҥэринии хас биирдии киһиэхэ туһалаах. Сахалыы таҥара үөрэҕэ киһиэхэ үчүгэй санаалары иҥэрэн биэриини, баҕа санаалары үөскэтиини алгыһы туһанан оҥорор. Онон сахалар таҥараларын үөрэҕэ этэринэн киһини санаата салайарын куруук туһана сылдьыы эрэйиллэр.

БИЛИИ-КӨРҮҮ

Билии-көрүү кэҥээн иһэр. Олоххо туох саҥа баарын барытын киһи билэрэ уустугурда, кыаллыбата элбээтэ. Үрдүттэн, саба быраҕан элбэҕи билэ сатааһын көтүмэх буолуу, солумсаҕырыы улаатарын үөскэтэриттэн сэрэнии, харыстаныы ирдэнэр кэмэ кэллэ. Тугу барытын билэр курдук кэпсэниини сахалар сөбүлээбэттэр, “Уу-хаар тыллаах” диэн итэҕэйбэттэр, туораталлар. Үөрэх, билии эбиллэн иһиититтэн өй-санаа сайдан, тупсан иһэр. Тугу, хайдах оҥорору оҕо билбэтэ өйө-санаата ситэ сайда илигин, билиитэ кэҥии илигин биллэрэр. Бу хаалан хаалыыны сахалыы таҥара үөрэҕэ улахан, барыны-бары сатыыр киһини үтүгүннэрэн үөрэтэн ситиһиннэрэрэ ордук табыллар уонна ситиһии кэлэрин түргэтэтэр. “Киһи киһиттэн үөрэнэр” диэн этии итинник дакаастанар. Уһун үйэлэргэ киһи оҥорор быһыылара тупсан, сайдан бу таһымын ситиспиттэр. Бу таһым киһи быһыыта диэн сахалыы ааттанар уонна сиэри үөскэтэр. Ол аата киһи оҥорор быһыылара барылара былыр-былыргыттан үчүгэйдэрэ туспа араарыллан, киһи быһыыта диэн аналлаах үөрэх үөскээбит уонна сиэр диэн кэһиллибэт, аһара барбат кыйыаламмыт. Тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥордоххо сыыһа-халты буолан тахсара олох аҕыйыыр. Бу үөрэҕи тутуһар киһини сахалар киһи быһыылаах диэн ааттыыллар уонна олохторугар туһанан оҕолорун киһи быһыылаах буолууга иитэллэр, үөрэтэллэр. Өй-санаа үөрэҕэ библияҕэ суруллубута элбэх. Онно “Прости им, ибо не ведают, что творят” диэн суруллар. Библия бу этиитэ оҕолору үөрэтиигэ ордук улахан суолталаах. Ол курдук оҕо өйө-санаата ситэ сайда, билиитэ кэҥии илигинэн тугу оҥорорун кыайан таба сыаналаабакка, туох содул үөскүүрүн быһаарбакка эрэ оҥорон кэбиһэрэ элбэҕиттэн сыыһаны-халтыны үгүһү оҥоруон сөбүттэн сэрэтэ сатыыр этии буолар. Сыыһа туттубут оҕону мөҕө түһэн, аны маннык оҥорума диэн этэн баран тохтуурга тиийиллэр, тоҕо диэтэххэ бу быһыыта үчүгэй дуу, куһаҕан дуу буоларын билбэтиттэн оҥорон кэбиспит буолуон сөп. Ол иһин өссө эбии үөрэтэн, такайан биэрии эрэйиллэр. Оҕо туохха барытыгар киһи оҥорорун курдук оҥоро үөрэннэҕинэ сыыһа-халты туттунара аҕыйыырын сахалыы таҥара үөрэҕэ тутуһар. Оҕо тугу эмэ сыыһа тутуннаҕына, алҕаһы оҥорбутун бэйэтэ да билэр, санааргыыр. Онно эбии аһара мөҕөн кэбистэххэ ону-маны, туһалааҕы да оҥорор санаата аҕыйыан сөп. Билбэт оҕону, киһини мөҕөртөн да туһа тахсыбат. Туохтан мөҕүллүбүтүн да билбэккэ хаалан, атаҕастыыллар, туораталлар диэн санаата улаатыан, хомойуон сөп. Оҕону аан маҥнай үчүгэй быһыылары оҥорорго иитиллэр, үөрэтиллэр, онтон сыыһа оҥордоҕуна көннөрүллэр, маннык оҥоруллар диэн эбии үөрэтиллэр. Киһи оҥорор быһыыта тупсарыгар, үөрэх бастаан иһиэхтээх диэни дьон бары билэллэр, үөрэнэ, билиилэрин кэҥэтэ сатыыллар. Дьон сыыһа-халты туттунууларын үөрэтэн, олору оҥорбокко кыһаналлар. Аныгы кэмнэргэ туттулла сатыыр, сокуону билбэт буолуу эппиэтинэстэн туораппат диэн этии төрдүттэн сыыһа, дьону балыйыы буолар. Бу этии өй-санаа көрдөбүлүнэн табыллыбат. Аан маҥнай библия этиитигэр сөп түбэспэт. Ону тэҥэ киһи өйө-санаата сайдыытыгар үөрэх бастаан иһиэхтээҕин буккуйар. Бары сокуоннары барыларын дьон билиилэригэр таһаарбыты тэҥэ, хас биирдии киһиэхэ эбии быһааран, өйдөтөн биэрии оҥорулуннаҕына эрэ табыллар. Сокуон дьайыыта үгэскэ кубулуйдаҕына эрэ дьон бэйэлэрин кыахтарынан толоруохтарын сөп. Куһаҕан буолан тахсыа диэн билбэтиттэн оҥорон кэбиспит киһини эбии үөрэтэн, такайан биэрии эрэ, бу быһыыны көннөрөр, тупсарар кыахтааҕын туһаныы ирдэнэр. Билии элбээтэҕинэ эрэ сыыһа-халты туттунуу аҕыйыыр кыахтанар. Аныгы массыыналар аһара күүһүрэннэр, түргэтээннэр суоппар сэрэҕэ, быраабылалары тутуһара өссө улаатарын ирдииллэр. Суол абаарыйаларыгар олус элбэх эдэрдэр өлөллөрө, инбэлиит буолан хаалаллара дьону санаарҕатара улаатта. Суол быраабылаларын кэһээччилэр элбэхтэр, кинилэри эбии үөрэтэн, такайан биэрии аан маҥнай ирдэнэрин тутуһуохпут этэ. Быраабыланы кэһэн иккистээн түбэспит суоппары бэйэлэрин харчыларыгар хайаан да эбиискэ үөрэтиини киллэрэн биэрии эрэйиллэр. Бу үөрэҕи үгэс буолан умнуллубат турукка тиийиэр диэри үөрэтии туһатын улаатыннарар. Биир быраабыланы үһүстээн кэһии куһаҕан үгэһи үөскэтиэн сөбүттэн массыына ыытар праваны былдьыырга да сөп буолар. Дьон өйө-санаата ситэ сайда, билиилэрэ кэҥии илигиттэн туттуллар сокуоннары билбэттэр. Биирдэ иһиттэхтэринэ даҕаны аахайбакка хааллараллар. Ону тэҥэ араас элбэх олоххо туһата суох сокуоннары дьон арааран билэллэриттэн соруйан толорботтор. Ол иһин хайаан да бу сокуоннары барытын үөрэтии, дьоҥҥо тириэрдии эрэйиллэр көрдөбүл буолар. Тэлэбиисэр араас элбэх программаларыгар аналлаах сокуоннары билиһиннэрэр, дьоҥҥо тириэрдэр, үөрэтэр передачалар куруук баар буолуо этилэр. Сахалар таҥараларын үөрэҕэ “Тоҕус айыыны оҥорума” диэн үөрэҕэ оҕо улаатан иһэн киһи оҥорор куһаҕан быһыыларын аан бастаан арааран билэ үөрэннэҕинэ, олору оҥорбот кыаҕа улаатарын табан туһанар. Лаппа аҕыйах ахсааннаах куһаҕан быһыылары билэн, олору оҥорботоҕуна үчүгэй быһыылары элбэҕи оҥоруон сөп. Оҕо, киһи оҥорор куһаҕан быһыыларын аҕыйатарга аан маҥнай аҕыйах ахсааннаах куһаҕан быһыылары билии туһата улахан. Оҕону үөрэтии түргэнник уонна тэтимнээхтик барар кыахтанар. Ол курдук оҕо, киһи туохтан эмэ кэһэйдэҕинэ, ыарыыланнаҕына үөрэҕи ылынар кыаҕа аһара улаатарын, куһаҕаны урутаан билии үөскэтэр. Өй-санаа бу тиийимтиэтин улаатыннарар уратытын сахалыы таҥара үөрэҕэ оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ “Тоҕус айыыны оҥорума” диэн үөрэҕи туһанан иҥэрэр. Онон үөрэҕи, билиини сайыннарыы уонна дьоҥҥо тириэрдии бу кэмҥэ ордук туһалаах. Арай олоххо туһалаах, туттуллар, сайдыыны аҕалар сокуоннары айан олоххо киллэрии эрэйиллэр.

ҮЛЛЭСТИИ

Дьон олоҕор тугу эмэ үллэстии диэн куруук туттуллар быһыы буолар. Государство оҥорон таһаарар баайын тэҥнээн үллэстиини туһанан уһуннук олорбут сэбиэскэй былаас кэмигэр ону-маны, табаары, аһы үллэстии элбэх буолара. Сиртэн хостонор баайы, гааһы, ньиэби билигин дэлэччи атыылыыр Россияҕа салайааччылар, баайдар үллэстиини бэйэлэрэ баһылааннар аһара байаллара элбээтэ. Сахаларга булду үллэстии диэн быһыы элбэхтик туттуллар. Бары кыттыһан бииргэ бултаан баран тэҥ гына үллэстэн кэбиһии былыргы кэмнэргэ үөскээн баран, билигин да куруук туттуллар. Урукку кэмҥэ аймахтыылар бэйэ-бэйэлэриттэн ордук кытаанахтык тутуллар эрдэхтэринэ тэҥнээн үллэстиини куруук туһаналлара. Хайа эрэ ыал быйыл идэһэтэ суох хааллахтарына, ыалларын идэһэлэриттэн тииһинэр, амсайар кыахтаналларын үллэстии үөскэтэрэ. Идэһэтэ суох ыалга хатаҕалаан бэрсэллэрэ. Үллэстии киһи быһыытыгар киирсэр ураты өйдөбүллээх. Ол курдук кыыллар үллэстибэттэр, бэйэлэрин иннилэрин эрэ көрүнэллэр, ким кыахтаах барытын хабан ылыан сөп. Киһи өйө, аһынар, харыстыыр, көмүскэһэр санаата үөскээн сайдыбытынан үллэстиини таба сыаналаан туһанар кыахтаммыт. Оҕону кыра эрдэҕиттэн тугу эмэ үллэстэргэ иитии, үөрэтии хайаан да ирдэнэр. Туппутун ыһыктыбат киһи хайҕаммат, дьону кытта бииргэ олорууга ыарахаттар үөскүөхтэрин сөп. Үллэстэр үгэскэ иитиллибэтэх, үөрэтиллибэтэх оҕо аһара бэйэмсэх, аһыныгаһа суох майгыланан хаалыан сөп. Ол иһин сахалар кыра оҕоҕо тугу эмэни биэрэн баран бытарытан, үллэстэргэ кыра эрдэҕиттэн үөрэтэллэр. Тугу эмэ биэрдэҕинэ “Оҕом бэристэ” диэн үөрэллэр, хайгыыллар, онно эбэн “Бачча улахан буол” диэн улаханы көрдөрөн, улаатан иһэргэ баҕа санааны үөскэтэн биэрэллэрэ ордук улахан туһаны оҥорор. Оҕоҕо улаатан иһэргэ баҕа санаата саамай туһалаах, киһи буолууну ситиһэригэр тириэрдэр баҕа санаа буолар. Бу баҕа санаа “Улахан киһи буол” диэҥҥэ тиийдэҕинэ оҕо улаатарга, киһи буоларга, киһилии быһыыланарга баҕа санаалаах, ол аата киһи таҥаралаах, ону ситиһэргэ сыаллаах буола улаатар кыахтанар. Баҕа санаата сыалы, киһи буолууну үөскэтэрин бэйэтэ ситиһэрэ эрэ хаалар. Эрдэттэн оҥоруллубут биэс, уон сыллаах былааннар быһыыларынан сайдар сэбиэскэй государство төһө барыһы киллэрбиттэрин уонна ороскуоттаабыттарын ааҕаллара, суоттууллара уонна тэҥнээн кэриэтэ бары үллэстэллэрэ. Туох ордубутун барытын промышленность сайдыыны ситиһэригэр аныыллара, ол иһин ССРС сэрии кэмигэр олус күүскэ сайдыбыта. Сэбиэскэй былаас кэмигэр дьон бары бииргэ үлэлээн муспуттарын холбоон баран бары тэҥҥэ кэриэтэ, төһө үлэни-хамнаһы оҥорбуттарыттан көрөн үллэстэллэрэ, хамнас аахсаллара, пиэнсийэ ылаллара. Салайааччылар хаһан баҕарар бэйэлэригэр элбэҕи ылыахтарын сөбүттэн, ылар хамнастара аналлаах аһара барбат хааччахтааҕа, ол оннугар араас элбэх босхо көмөлөрүнэн туһаналлара. Кириэмил кырдьаҕастара коммунизм олоҕор олороллор диэн этэллэрэ чахчы этэ. Барыта кэриэтэ бэлэмҥэ олорбуттара. Бу былаас үлэһиттэр былаастара буоларын бэлиэтинэн ханнык баҕарар үлэ кыра да соҕус буоллар сөптөөх хамнастаах, пиэнсийэ кээмэйэ орто хамнастан кыранан кыра этэ. Ол оннугар бары дьону барыларын ыган-хаайан үлэлэтэллэрэ уонна кыра да соҕус буоллар сөптөөх хамнаһынан хааччыйаллара. Бэлэм, кыра да буоллар куруук кэлэр хамнаска дьон үөрэнэн хааланнар уонна мөлтөхтүк үлэлиир элбэх ахсааннаахтары үтүктэннэр үлэ оҥорон таһаарыыта сыыйа намтаан испитэ. Бэйэ оҥорон таһаарар оҥоһуктара быста аҕыйаабыттара, саҥа массыыналары, табаардары араас фондаларынан эрэ түҥэтэргэ тиийбиттэрэ. Маҕаһыыннарга ханнык да сыаналаах, туһалаах табаар атыыламмат буолбута, аналлаах толуоҥҥа эрэ тиксэр кэмэ тиийэн кэлбитэ. Кэлин сэбиэскэй былаас эстиитигэр туох да ас маҕаһыыҥҥа суох буола симэлийбитэ. Ньиэп, гаас атыытыттан киирэр харчыны үллэстиинэн салайтаран олорор государство үрэллибитэ, ыһыллыбыта. Ньиэп сыаната түспүтүгэр үллэстэр харчы аҕыйаан бары тус-туспа барыылара саҕаламмыта, государство тутула, былаас уларыйбыта, сыыйа ырыынак сокуоннара киирэн барбыттара. Дьон бары тэҥ буолбатахтар. Дьону тэҥнии сатаабыт сэбиэскэй былаас эстибитэ ону дакаастыыр. Уопсай баайга элбэхтик үлэлээн биэрэр оннугар аҕыйахтык үлэлиир санаа дьон өйүн-санаатын сабардаабыта, үлэ оҥорон таһаарыыта быста аҕыйаабыта. Үлэ оҥорон таһаарыыта мөлтөөһүнүгэр үлэлиэхтэрин баҕарбаттары күүһүлээн үлэлэтэ сатааһын улахан оруолу ылбыта. Үүрүллэ сылдьан үлэлээччилэр хаһан да таһаарыылаахтык үлэлээбэттэр, аатыгар эрэ саллаҥныыллар. Ол иһин үлэ оҥорон таһаарыыта быста намтаабыта. Үллэстии бэлэми кэтэһэ сылдьары сайыннарар, улаатыннарар. Кыратык да үлэлээтэххэ сөптөөх хамнас үллэстииттэн тиийэн кэлэрэ үлэ оҥорон таһаарыытын намтатан иһэр. Үллэстииттэн тииһинии төһө да үчүгэйин иһин, дьону бэлэмҥэ үөрэтэрэ куһаҕан. Бэлэмҥэ үөрэнии үгэс буолан хааллаҕына киһи ону кэтэһэриттэн туһалааҕы оҥороро биллэрдик аҕыйыыр. Онон дьоҥҥо үллэстиини кээмэйин билэн туһаныы ирдэнэр.

ТҮҮЙЭР

Сахалар “Киһи - айылҕа оҕото” диэн киһи айылҕаттан тутулугун быһаарар этиини үөскэтэн халбаҥнаабакка эрэ тутуһаллар, киһи айылҕа иһигэр сылдьарын арааран билэллэриттэн айылҕаны атыттартан ордук кыһанан харыстыыллар. Уһун үйэлэр тухары сахалар айылҕаны кытта атааннаспакка, биир тылы булунан олохторун олороллор. Киһи айылҕаттан элбэх тутулуктардааҕын билэннэр харыстыыр, уларыппат санаалара атыттардааҕар улахан уонна ханнык да таҥара айылҕаны айбыта диэн этиини букатын билиммэттэр. Сэбиэскэй былаас өй-санаа, таҥара үөрэҕин суох оҥорон, ойууннары туоратан сахалар былыргы билиилэрин төһөтүн суох оҥорбутун кыайан ааҕан ситиллибэт. Киһи айылҕаттан тутулуга улаханын былыргы ойууннар билэр, таба туһанар этилэр. Киһи айылҕаны кытта биллэр тутулуктара манныктар: 1. Айылҕа салгынынан тыыныы. 2. Айылҕаттан ылан ууну иһии. 3. Айылҕаҕа үүнэр астарынан аһааһын. 4. Хааны сиир үөннэр бары тыынар-тыыннаахтары холбуу сибээстииллэр. Ханнык эрэ тыынар-тыыннаахтар ыалдьаннар хааннара буорту буоллаҕына, ол ыарыы бары тыынар-тыыннаахтарга тарҕанар кыахтанар. 5. Санаа ситимнэринэн тутулуктаныы. Манна араас иччилэр, үөрдэр көстүүлэрэ киирсэллэр. Түүлү көрүү бу сибээс, тутулук баарын биллэрэр. Үөһээ дойду өйө-санаата Аан дойдуну бүрүйэн турарыттан сахалар “Аан дойдуну санаа тутан турар” диэн этиилэрэ табата билигин дакаастанан эрэр. Бу биэс тутулуктарынан бары тыынар-тыыннаахтар айылҕаны кытта холбуу тутуллан сылдьаллар. Айылҕа киртийиитэ барыларыгар дьайыыта тиийэр, куотан да, саһан да быыһанар кыахтара суох, арай айылҕа айбытын тутуһан уларыйан биэрэр кыахтаахтар. Саха тылыгар былыргы билиилэр иҥэн сылдьаллар. Онно түүйэр диэн тыл киирсэр. Сэбиэскэй былаас өй-санаа үөрэҕин төһө да суох оҥоро сатаатар айылҕа киһиэхэ дьайыыта хаһан эмэ биллэн тахсарыттан, бу билии сүппэккэ хаалбыт. Киһи айылҕа иһигэр сылдьар, олоҕун олорор. Айылҕа киһиэхэ сыһыана биллэрдик уларыйыыта эбэтэр киһи олоҕор хамсааһын киирэн эрэрэ түүйэр диэн тылынан бэриллэр. Булчут киһиэхэ булт кэтэһэн турар курдук элбэхтик түбэһиитэ эбэтэр тыҥырахтаах көтөр буулааһына түүйэр диэн ааттанар. Манныкка түбэспит киһи сэрэхэдийиэ этэ. Соһуччу өлгөмнүк бултуйуу киһи бэстилиэнэй булда буолан хаалара элбэхтик бэлиэтэнэр. Кырдьаҕас киһи бултаан бүтэригэр куска сытар кыра күөлүгэр аҕыс анды түһэн биэрэн бултаппыттара биллэр. Айылҕаҕа сабыдыаллаах киһи, улуу ойуун өллөҕүнэ тыал, силлиэ соһуччу түһэрин дьон билэллэр. Дьиэ таһыгар кэлэн кэҕэ этэрин саха дьоно сөбүлээбэттэр. Уһуннук, тохтообокко, кэлэ-кэлэ эттэҕинэ “Тугу эрэ түүйэн эрэр” диэн санааҕа ыллараллар, тугу эмэ тыаһатан киэр үүрэллэр. Киһи айылҕаны кытта үгүс элбэх тутулуктардааҕын сахалар билэн олохторугар туһаналлар, кэлэр көлүөнэлэрин айылҕаны кытта сэрэхтээхтик сыһыаннаһарга үөрэтэллэр. “Үһүүрдэххэ тыал түһэр”,- дииллэр сахалар. Сайын куйаас күҥҥэ окко тиритэ-хорута үлэлии сылдьан кырдьаҕастар истибэттэригэр сэрэнэн үһүүрдэххэ даҕаны кыра да буоллар тыал түһээччи, сөрүүн илгийэн үөрдээччи. “Салгыны мээнэ хамсатыма” диир сахалар үөрэхтэрэ. Эриэн талаҕынан салгыны кускуйдахха ардах, күүстээх тыал түһүөн сөп. Үһүүрүү хайа баҕарар омуктарга куһаҕан дьайыылааҕын билэллэр. Нууччаларга “Үһүүрдэххэ харчыҥ суох буолуо” диэн быһаччы быһаарар, айылҕаттан тэйитэр этии баар. Айылҕа туга эмэтэ, биллибэтэ, көстүбэтэ арахсыбакка биллэ сылдьыытын буулаабыт диэн этэллэр. Ордук ханнык эрэ абааһылар буулаабыттара ахтыллаллар. Туох барыта буулуон сөп, кыыллар, көтөрдөр эмиэ онно киирсэллэр. Сахалар “Киһи айылҕа оҕото” диэн этэллэр. Бу этии айылҕаны ханнык да таҥара айбатаҕын чуолкайдык дакаастаан дьоҥҥо тириэрдэр. Сири-дойдуну, дьону, айылҕаны таҥара айбыта диэн этии сымыйа, таҥараны аһара улаатыннаран диктатураны үөскэтэ сатааһыны сахалар билиммэттэр. Айылҕа бэйэтэ киһини харыстыыр, ыарахан кэмнэригэр көмөлөһөр, күүс эбэн биэрэр. Оҕолору ордук харыстыыр. Айылҕа көмөлөһөн мумматах оҕолор кэпсээннэриттэн билиэххэ сөп. Отоннуу сылдьан дьонун сүтэрэн баран көрдүү баран истэҕинэ киис кыыл сахалыы саҥаран тохтоппут уонна утуппут. Онтон аҕатын сирдээн аҕалан булларбытын Харысхал Татаринов. “Дьикти көрсүһүү” диэн кэпсээнигэр суруйар. (22,36). Үлэлээн, кэлэн-баран сылайбыт оҕоҕо эбэтэ түүлүгэр киирэн көрө-харайа, аһаабыт остуолун хомуйа сылдьара көстүбүтэ “Эбэбин көрбүтүм” диэн кэпсээҥҥэ суруллар. Ийэ түүлгэ киирэн көстүүтэ доруобуйаны көрүнэ сылдьар кэм кэлбитин биллэрэр. Саха дьоно айылҕаны ханнык да таҥара айбатаҕын билэн өс хоһооно оҥорон туһана сылдьаллар. “Сири ким да төрөппөтөҕө, сир бүттүүммүт сирэ” диэн өс хоһооно сири ким да айбатаҕын чуолкайдаан биэрэр. (23,80). Онон киһи айылҕа иһигэр чахчы сылдьарын, олоҕун олорорун түүйэр диэн тыл биллэрэр.

ТЫЫННААХ БУОЛУУ уонна ӨЛҮҮ УРАТЫЛАРА

Элбэх сыыһалардаах “айыы үөрэҕин” куһаҕан сабыдыалынан билигин тыыннаах уонна өлбүт киһи өйдөрүн-санааларын уратыларын буккуйа сатааһын баран эрэр. Сахалар кут-сүр уонна түүлү тойоннуур үөрэхтэрэ өлбүт киһи кутун санаата үчүгэйтэн куһаҕаҥҥа уларыйбыта түүлгэ көстүүтэ биллэрдик уларыйарыттан тутулуктааҕын быһаарыыта бу боппуруоһу чуолкайдыыр кыахтанна. Өлбүт киһи түүлгэ ыксаабыт эбэтэр куһаҕан көрүҥнээх көһүннэҕинэ ханнык эрэ соһуччу быһыы мэһэйи үөскэтиэн эбэтэр баҕа санаа туолуута харгыстаныан сөп. Өй-санаа үөрэҕэ тыыннаах уонна өлбүт киһи өйө-санаата туох уратылаахтарын табатык быһааран туһаннаҕына эрэ табыллар. Орто дойдуга, сиргэ олорор уонна салгынынан тыынар киһи тыыннаах диэн ааттанар. Тыыныы диэн эт-сиин тыыннаах буоларын туһугар оҥорор тутаах үлэтэ буолар. Тыын диэн салгыны тыынан тыыннаах буолууну биллэрэр тыл суолтата улахан. Киһи тыынар салгына сиргэ эрэ баар. Тыыныы киһи айылҕаны кытта биир сүрүн тутулуга буолар. Айылҕа салгынын тыымматаҕына киһи 7 мүнүүтэнэн өлөр диэн быһаараллар. Салгыны кытта киһи кислороду тыынан иһигэр киллэрэр. Киһи этэ-сиинэ кислорода суох тыыннаах сылдьыбат. Кислорода элбэх салгыны сахалар “Ыраас салгын” диэн ааттыыллар. Салгын кислорода тыҥаҕа киирэн хааны толорон биэриигэ туттуллар. Хаан кислороду эт-сиин бары килиэткэлэригэр тириэрдэр. Айылҕаҕа тыынар-тыыннаахтар диэн ураты көрүҥ ааттанар. Бары салгыны тыыналлар. Киһи эмиэ салгыны тыынарынан бары тыынар-тыыннаахтарга холбуу киирсэр. Тыыннаах диэн эт-сиин тыыннааҕын, салгыны тыынарын биллэрэр сүрүн бэлиэтэ буолар. “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа тутулугун быһаарар этиигэ киһи эмиэ сөп түбэһэн икки өрүттэнэр: 1. Эт-сиин. Эт-сиин киһи сүрүн, тутаах чааһа. Тыыныы, тыыннаах буолуу эт-сиин сүрүн тутулуга, уратыта буолар. 2. Өй-санаа. Өй-санаа үс; буор, ийэ, салгын куттарга уонна сүр диэҥҥэ арахсар. Киһи этэ-сиинэ өллөҕүнэ өйө-санаата ыһыллан, туспа барар, ураты, айыыны үөскэтэр өттүлэрэ айыы буолан Үөһээ дойдуга уһуннук сылдьыахтарын сөп. Тыыннаах киһи диэн эттээх-сииннээх уонна үс куттара сүрүн күүһүнэн хам тутуллан бииргэ сырыттахтарына эрэ киһи диэн ааттанар. Ол аата бу икки өрүттэр; эт-сиин уонна өй-санаа холбоһон, бииргэ тутуллан сырыттахтарына эрэ киһи буолан сылдьыы кыаллар. Өйө-санаата суох эбэтэр киһи таһымыгар улаханнык тиийбэтэ билиннэҕинэ эт-сиин сүөһү диэн ааттанар. Тулуур төһө улахан да өй-санаа эттэн-сиинтэн тутулуга улаатар. Өй-санаа көтөн, буккуллан, баайыллан хаалыыта эттэн-сиинтэн арахса сылдьыбытын биллэрэр. Тулуура улахан, өһөс киһи өйө хаһан да көтө охсон, буккуллан, баайыллан хаалбат. Бу быһаарыыны арыгыны элбэхтик иһэн итирии уонна түөһэйии диэн өй-санаа уларыйыылара бааллара бигэргэтэр. Бары тыынар-тыыннаахтар; кыыллар, көтөрдөр өйдөрө-санаалара икки кукка; буор уонна ийэ кукка арахсаллар. Итилэргэ салгын кут диэн кыайан сайдыбат. Киһи атын тыынар-тыыннаахтартан биллэр уонна улахан уратытынан салгын кута сайдан, өйө-санаата түргэнник эбиллэрэ, саҥаны айан айыыны оҥороро буолар. Салгын кут сайдыыта киһи буолууну ситиһиигэ тириэрдэн оҥорор быһыы, майгы тупсуутугар тириэрдэн, билигин үчүгэй киһи буолуу таһыма ситиһиллэн эрэр. Киһи өйө-санаата сайдан тугу оҥороро, оҥорор быһыыларыттан быһаччы тутулуктааҕынан үс куттара баһылаан иһэллэр. Ол иһин сахалар киһи өйө-санаата үс кукка арахсаллар диэн этэллэр. Бу үс кут арахсыытын өйгө-санааҕа дьайыыны оҥорор үөрэх, үгэс уонна үөрүйэх диэн тыллар бааллара өссө чуолкайдаан, чиҥэтэн биллэрэр. Киһи өлүүтэ этэ-сиинэ өлүүтүнэн, тыынара тохтооһунунан быһаарыллар. “Тыын быстыыта”, “Тыын тахсыыта” киһи өлүүтүгэр тириэрдэр. Ол аата өлүү диэн эт-сиин туруга тосту уларыйыытын, олох олорон бүтүүтүн быһаарар өйдөбүл буолар. Эт-сиин өлүүтэ өйгө-санааҕа ураты дьайыылаах. Үс куттара эттэн-сиинтэн эньиэргийэ ылаллара тохтууруттан, туспа бараллар, аны уларыйбат турукка киирэллэр. Өй-санаа бу уларыйыытын сахалар айыы буолуу диэн аттыыллар. Айыы буолуу киһи оҥорбут быһыыларын уратыларын тутуһан, икки өрүттэнэр, икки аҥы арахсар: 1. Үчүгэйи оҥоруу – үрүҥ айыы диэн ааттанар уонна кэлэр көлүөнэлэри иитэргэ, үөрэтэргэ туттуллар кыахтанар. 2. Куһаҕаны оҥоруу – хара айыы диэн ааттанар уонна умнуллууга, хаалыыга аналланар. Дьоҥҥо туһалаах, барыһы киллэрэр саҥаны айыыны оҥоруу үрүҥ айыы диэн ааттанар, хайҕанар. Үрүҥ айыыны оҥоруу олус үлэлээх, уһун кэмҥэ оҥоруллар, элбэх билиини эрэйэр уустук үлэ буолар. Үрүҥ айыы төһө туһата улаатар да соччонон уһуннук оҥоруллар. Дьоҥҥо туһалаах үрүҥ айыыны оҥоруу биир эмэ киһиэхэ кыаллар. Дьон бары кэриэтэ үрүҥ айыыны оҥоро сатыыллар эрээри, олоро табыллыбакка, сатаммакка хааланнар куһаҕаны элбэтэн кэбиһэллэр. Ону тэҥэ дьон бэйэлэрэ сыыһа-халты туттунаннар, тиэтэйэннэр, ыксааннар табыллыаҕы да куһаҕаҥҥа кубулутар уратылаахтар. Ол иһин киһи оҥорор куһаҕан быһыылара аҕыйыыллара уустук, айыыны оҥоруу элбээтэҕинэ эбиллэн иһэр уратылаахтар. Ол барыта куһаҕаны оҥоруу чэпчэкититтэн, судургутуттан ордук улахан тутулуктаах. Киһи өллөҕүнэ үгэскэ, үөрүйэххэ кубулуйбут өйдөрө-санаалара айыы буолан ордон хаалаллар. Киһи үйэтигэр элбэх үчүгэйи оҥордоҕуна, ол оҥорбуттарын үрүҥ айыы оҥороннор кэлэр көлүөнэлэри иитэргэ, үөрэтэргэ туһаналлар. Киһи тыыннааҕар элбэх туһалаах, үчүгэй айыылары оҥорон, ол айыылара үрүҥ айыы ааттанан кэлэр көлүөнэлэри иитэргэ, үөрэтэргэ туттуллуохтарын баҕараллар. Киһи соруйан эбэтэр, сыыһа туттунан оҥорбут куһаҕан быһыыларын хара айыы диэн ааттаан умналлар, хааллараллар. Ол иһин киһи өллөҕүнэ туох үчүгэйи оҥорбутун эрэ ахтан, эдэрдэргэ тириэрдэн үрүҥ айыы оҥороллор. “Киһи үчүгэйэ өллөҕүнэ эрэ тахсар” диэн этии киһи үчүгэйи эрэ оҥорбутун ахтары, умнубаты, үрүҥ айыы оҥорору быһаарар. Киһи үс кутуттан ураты майгы диэн сүртэн тутулуктаах өссө киэҥ өйдөөх-санаалаах. Майгы диэн өй-санаа киһи тугу оҥороругар быһаччы кыттыспатыттан куттартан биллэр уратыланар, оҥорор быһыыларга быһаччы дьайыыта суохтар. Үөрүйэххэ кубулуйа илик майгы уратылара киһи өллөҕүнэ ыһыллан, симэлийэн, солбуллан суох буолан иһэллэр. Православнай таҥара дьиэтэ сахалар кут-сүр үөрэхтэрин быһаарыыларын, үс куту үс төгүллээн атаарыыны билигин да тутуһа, толоро сылдьар. Бу быһаарыы чуолкай дакаастабылынан өлбүт киһи ахтыыта үс төгүллээн, хатылаан оҥоруллара буолар. Өлбүт киһини үс төгүллээн ахтыы, атаарыы бу кэмнэргэ оҥоруллар: 1. Үһүс хонугар көмөллөр уонна салгын кутун атаараллар. 2. Тохсус хонугар ийэ кутун ахтыы, атаарыы оҥоруллар. 3. Түөрт уонус хонугар буор кутун ахтыллар, атаарыллар. Бу ахтыылар, атаарыылар уочаратынан кэлэн ааһалларын дириҥэтэн ырытыыбытын атын ыстатыйаларга салгыы аҕалыахпыт. Нууччалар православнай таҥаралара билигин биир “душа” диэн өй-санаа баарын эрэ билинэр эрээри, былыргы кэмнэргэ сахалар таҥара үөрэхтэрин билэллэрин уонна ону олоххо билигин да тутуһа сылдьалларын өлбүт киһини үс төгүллээн, куттарынан тус-туспа арааран атаараллара биллэрэр. Итини тэҥэ, кинилэр киһи куттарын үс төгүллээн атаарыыны тутуһаллара сахалыы өй-санаа, кут-сүр үөрэҕэ табатын дакаастабыла буолар. Киһи өйүн-санаатын, куттарын маннык тус-туспа арааран атаарыы сахалар кут-сүр үөрэхтэрин халбаҥнаабакка тутуһуу, куттар үөскүүр уратыларын билэн атаартааһын буолар. Арҕааҥҥы дойдулартан эргийэн кэлбит Христос итэҕэлин ылыммыт православнай таҥара үөрэҕэр киһи өйүн-санаатын үс кукка араарыы суох буолбут эрээри, өлбүт киһини үс төгүллээн атаарыы туома ордон хаалбыт. Өлбүт киһи туох эмэ куһаҕаны оҥорбуттаах буоллаҕына, ону умнан, хаалларан кэбиһэллэр, букатын ахтыбаттарыттан бу куһаҕан быһыы умнуллар. Бу анаан-минээн оҥоруллар быһыы киһи оҥорбут куһаҕан быһыыларын умуннаран аҕыйатарга, хаалларарга аналланар уонна “Куһаҕаны ахтыбаттар” диэн этиинэн билигин тутуһулла сылдьар. Куһаҕан быһыылары умнан хааллардахха үчүгэй быһыылар элбиир кыахтара улаатарын туһаныллар. “Киһи өллөҕүнэ үтүөтэ биллэр” диэн өс хоһооно киһи өлбүтүн кэннэ үйэтин тухары туох үчүгэйи оҥорбутун бэлиэтээн ахталларын биллэрэр. Киһи оҥорбут үчүгэй быһыыларын ахтыы, бу быһыылары үрүҥ айыы оҥорууга, умнубакка кэлэр көлүөнэлэри иитиигэ, үөрэтиигэ туһаныыга аналланар. Онон хас биирдии сааһырбыт киһи эт-сиин уонна өй-санаа бу курдук уларыйыыларын билэн, тутуһа сылдьара эрэйиллэр.

ҮҺҮС ХОНУГАР АТААРЫЫ

Сахалар кут-сүр үөрэхтэринэн бары тыынар-тыыннаахтартан киһиэхэ эрэ салгын кута сайдар. Салгын кут үөрэҕи түргэнник ылынарынан киһи өйө-санаата түргэнник сайдар, билиини ылынар, саҥаны айыылары оҥорор кыахтанар. Ай диэн тыл салгын кут саҥаны айыыны оҥорор үлэтин быһаарар. Санаа элбэх үлэтэ, ырытара, сыымайдыыра айар, арыйар, айымньы диэн тылларынан этиллэр. Бары тыынар-тыыннаахтартан киһиэхэ эрэ салгын кута сайдарыттан саҥаны, урут суоҕу, биллибэти, саҥаны айыыны оҥорон олоҕун тупсаран, үлэни сайыннаран иһэр. Ол иһин аан маҥнай саныыбыт, санаабытыгар ырытан көрөбүт, тылбытынан этэн, кумааҕыга суруйан өссө тупсарабыт, онтон илэтигэр оҥорон таһаардахпытына үчүгэй, киһилии быһыы буолар кыахтанар. Ай диэн өй-санаа үлэтин быһаарар тылга “ыы” диэн ытааһын сыһыарыыта эбиллэн айыы диэн киһи оҥорор быһыытын биллэрэр тыл үөскүүр. Киһи оҥорор быһыыта үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсалларынан, бу айыы диэн тыл икки өрүттээх өйдөбүллээх. Үөрэх, билии диэн тыллар өй-санаа, салгын кут сайдыыны ситиһиитин биллэрэллэр. Үөрэҕи хос-хос хатылаатахха билии үөскүүр, умнуллара биллэрдик аҕыйыыр, туһаны аҕалар кэмэ кэлэр. Кинигэттэн ааҕан үөрэҕи ылыныы билиини иҥэринии буолар. Киһи кыаҕа араас. Санаата эмиэ элбэх өрүттээх. Олоро кыайан толороруттан көрөн икки аҥы арахсаллар: 1. Баҕа санаа. 2. Ыра санаа. Баҕа санаа диэн киһи бэйэтин кыаҕынан, күүһүнэн кыайан толорор, оҥорон таһаарар санаалара ааттаналлар. Бу санаалар быстах уонна киһилии санаалар диэн икки аҥы арахсаллар. Ыра санаа диэн сахалар киһи хаһан да толорбот, санаатын аралдьытынар эрэ араас санааларын ааттыыллар. Араас буолар-буолбат ыра санааларга ыллара сылдьар киһи туһалааҕы, олоххо туттуллары оҥорор кыаҕа аҕыйыыр. Ол иһин аһара элбэх ыра санааларга ыллара сылдьыы киһи быһыыта буолбатах. “Дьадаҥы киһи остуоруйаһыт” диэн өс хоһооно кыаҕа аҕыйаҕыттан, олоҕор тугу эмэ туһалааҕы ситиһэрэ кыаллыбат киһи ыра санаатыгар ону-маны оҥорон көрө сатыыра элбэҕин биллэрэр. Дьадаҥы киһи бэйэтин албыннанар, сымыйа, оҥорон көрөр ыра санаалара аһара элбиир уратыларын өс хоһооно арыйан биһиэхэ тириэрдэр. Христианскай таҥара дьиэтэ элбэх дьадаҥы дьону албыннаары Ырай диэн ыра санаа дойдутун анаан-минээн олохтообут. Дьадаҥы дьон, ол дойдуга өллөхтөрүнэ тиийэн, баҕа санааларын дьэ толорон көҥүллүк олороллор диэн быһаччы албынныыллар. Сахалар ыра санаа диэн үөрэхтэриттэн ылан Ырай диэни үөскэтэн дьадаҥылары, үлэһиттэри албыҥҥа киллэрэллэр. Салгын кут ыра санааларын көстүүлэрэ элбэхтэ хатыланан үгэскэ кубулуйдахтарына киһиэхэ Ырай диэн ааттанар албын дойдуну бу баар курдук көрдөрөллөр. Ыараханнык ыалдьан өлө сыһан баран үс хонук иһинэн өйдөнөн кэлбит дьон бэйэлэрин баҕа санааларын чахчы баарын курдук көрбүттэрин кэпсииллэрэ ону дакаастыыр. Салгын кут түүллэрэ киһиэхэ хантан эрэ туораттан көрүү курдук көстөллөр. Ханна эрэ соһуччу тиийэн хаалбыт курдук сананар, ону-маны көрөр, бэйэтэ туга да баара биллибэт. Маннык түүллэр хас киһи араас, ураты баҕа санааларыттан тутулуктара улаханыттан таба тойонноноллоро үксүгэр кыаллыбат. Киһи санаатыгар оҥорон көрбүтүн, айбытын илэтигэр оҥорон таһаардаҕына, ханнык эрэ быһыыга кубулуттаҕына, ким да оҥорон көрө илик быһыыта буоллаҕына биирдэ айыы буолан тахсар. Ай диэн тылбытыгар “ыы” диэн ытааһын сыһыарыыта эбиллиитэ, бу тыл быһыыга кубулуйарыттан куһаҕан өрүтэ элбиирин биллэрэр. Олоххо, дьоҥҥо туһалаах айыыны оҥоруу биир эмэ табыллар. Киһи олоххо туһаны аҕалар, үлэни сайыннарар биир эмэ саҥаны айыыны оҥорон олоҕу иннин, сайдыы диэки хамсатар, сыҕарытар. Олоҕун устата киһи элбэх араас айыылары оҥоруон сөп. Олортон үгүстэрэ кыайан табыллыбаккалар, сатаммаккалар куһаҕаҥҥа кубулуйаллар, куһаҕаны элбэтэллэр. Ону тэҥэ, киһи ыксыырыыттан, тиэтэйэриттэн бэйэтэ сыыһа-халты туттунан, үчүгэй да буолуон сөптөөҕү куһаҕаҥҥа кубулутан кэбиһиэн сөп. Ол иһин киһи оҥорор элбэх саҥаны айыыларыттан биир эмэ туһаны оҥорон, олоххо туттуллар кыахтанар. Ол иһин айыы диэн тыл куһаҕана элбэҕин “ыы” диэн ытааһын сыһыарыылааҕа биллэрэ сылдьар. Саха тылын үөскэппит ойууннар, үрүҥ айыылар бу тыл суолтатын быһаарыыга сыыспатахтара итинник дакаастанар. Оҕо улаатан иһэн үчүгэйи уонна куһаҕаны ситэ арааран билэ, олоҕор таба туһана үөрэнэ илигинэн саҥаны айыыны оҥороро ордук элбэхтик сыыһа-халты буолан тахсаллар. Сахалар ол иһин оҕону онно-манна түбэһиэ, сыыһа-халты туттунуо диэн харыстааннар, сэрэтэннэр “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн үөрэтэллэр. Киһи уратыны, дьон билбэттэрин, оҥорботторун, ол аата айыыны оҥороругар олус улаханнык сэрэниэхтээҕин, элбэҕи билиэхтээҕин сахалар ирдииллэр. Бу ирдэбиллэрин “Кэс тыл” диэн айыыны оҥорууга аналлаах үөрэхтэригэр киллэрбиттэр. (9,110). Салгын кут өйө-санаата диэн өссө үгэскэ кубулуйа илик үөрэхтэр, билиилэр ааттаналлар. Ол иһин өлбүт киһи салгын кута бастакынан, үс хонугунан ыһыллар, үрэллэр. Өлбүт киһи өйө-санаата куттара ыһылланнар, айыы буолан Үөһээ дойдуга баралларын сахалар билэллэр. Үөһээ дойду өйө-санаата ыраас, куһаҕан санаалар онно тиийбэттэрин туһугар, өлөөччү киһи өйө-санаата куһаҕан санааларыттан ыраастанара эрэйиллэр. Ол иһин сахалар таҥаралара “Айыы этиитэ” диэн үгэһи толорор. Өлөөрү сытар киһи оҥорбут хара айыыларын этэн, куһаҕан санааларыттан ыраастанан баран өйө-санаата анараа дойдуга барарын өй-санаа, таҥара үөрэҕэ ирдиир. Ол курдук киһи куһаҕан санаалардаах өлөн хааллаҕына, өйө-санаата куһаҕан санааларын тардыһыыларынан кыайан ыһыллан хаалбакка, үөр буолан аймахтарын эрэйдиэн сөп. Өлбүт киһини үс хоннорон баран көмүү олус былыргы кэмнэртэн олохсуйбут. Үс хонукка өлбүт курдук буолан баран өйдөнөн кэлбит дьон бааллар. Ол иһин үс хонук кэтэһиннэрии диэн ааттанар уонна куруук туттулла сылдьар. Үс хонук иһинэн өйдөнөн кэлбит дьон өйдөрө-санаалара ханан да уларыйан хаалбакка үтүөрэллэрэ, олоххо төннөллөрө биллэр. “Өлбүт киһи аһыыта үс хонуктаах” диэн өс хоһооно өлбүт киһини үс хонук устата ахталлара, аһыйаллара элбэҕин биллэрэр. Үс хонугунан киһини көмөн кэбистэхтэринэ, тэйсии улаатан ахтыы, аһыйыы аҕыйыырын өс хоһооно бэлиэтиир. (2,176). Эт-сиин үс хонуктан уһаатаҕына сытыйар, сыт тахсан барар. Ол иһин үс хонуктан уһаппакка эрэ көмөллөр. Ону тэҥэ үс хонукка киһи салгын кута көтөр, өйө-санаата ыһыллар. Үс хонук иһинэн өлбөккө өйдөнөн кэлбит дьон бааллара, онтон атыттар толору өйдөммөттөрө, өй-санаа, салгын кут үс хонук кэнниттэн ыһыллалларын биллэрэр. Өлбүт киһини көмүүгэ, атаарыыга бары аймахтара, билэр дьоно, бииргэ үөрэммиттэрэ, үлэлээбиттэрэ сылдьаллар. Онон үс хонук кэнниттэн өлбүт киһи көмүллэр уонна салгын кута үрэллэн ыһылларыттан атаарыы, ахтыы оҥоруллар.

ТОХСУС ХОНУГАР АТААРЫЫ

Ийэ кут диэн киһи өйүн-санаатын төрүт кута. Бу өй-санаа оҕо кыра эрдэҕиттэн үгэстэртэн хомуллан үөскүүрүттэн төрүт кут диэн ааттанар. Оҕо аан маҥнай билбит үгэстэринэн ийэтин көмөтүнэн иитиллэриттэн ийэ кут диэн ааттаммыт уонна оҕо өйө-санаата сайдарыгар ийэ ылар улахан оруолун биллэрэр. Ол иһин ийэ кут иитиллэр диэн бэлэм билиилэринэн толорулларын этэллэр. Оҕо кыра, өссө бэйэтэ өйдөөбөт эрдэҕинэ, ийэ кута тугу саҥаны билбититтэн, көрөн соһуйбутуттан үөскээн үгэс буолан өйүгэр-санаатыгар мунньуллан иһэр. Ийэ кут маннык үөскээһинин сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ эрэ табатык быһаарар. Сахалар оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кута иитиллэрин билэллэриттэн “Хара харахтаахха көрдөрбөккө” улаатыннараллар этэ. Ол аата оҕо иитиитин бэйэлэрэ эрэ оҥороллор, үчүгэй диир быһыыларын элбэхтик оҥотторон үчүгэй үгэстэнэрин ситиһэллэр. Үчүгэй үгэстэрдээх киһи үчүгэй быһыылары элбэҕи оҥорор кыахтанарын туһаналлар. Киһи үйэтин тухары билбит үөрэҕэ, билиитэ өссө дириҥээтэҕинэ, хатыланнаҕына үгэскэ кубулуйан иһэр. Дириҥ билии диэн үгэскэ кубулуйбут билиилэр ааттаналлар. Үгэстэр өссө үөрэх, билии хос-хос хатыланыытыттан эмиэ үөскээн эбии мунньуллаллар. Ол иһин киһи сааһыран истэҕинэ үгэстэрэ эбиллэн иһэллэр. Үгэскэ кубулуйбут билии умнуллубат буолар. Кырдьыбыт киһи оҕо, эдэр эрдэҕинээҕитин букатын умнубакка өйдүү сылдьара, ол билиилэрэ үгэскэ кубулуйбуттарын биллэрэр. Санаа үгэскэ кубулуйдаҕына, уларыйдаҕына эрэ киһини табатык хамсатар кыахтанар. Быччыҥнары үгэс буолбут өй-санаа хамсатар кыахтанан үөрүйэх буолбут хамсаныылары үөскэтэр. Тоҕус хонугунан киһи ийэ кута, өйө-санаата, үгэстэрэ үрэллэн, ыһыллаллар. Биир эмэ, үөрүйэххэ кубулуйбут ордон хаалыан сөп. Өй-санаа бу үрэллиитин кэмэ баара экстрасенстар сүппүт киһини хаартысканан көрөн билиилэринэн чуолкайданар. Хаартысканан көрөн киһи өлбүтүн дуу, тыыннааҕын дуу быһаарыы тоҕус хоммутун кэннэ биирдэ биллэр, хаартыска көрүҥэр уларыйыы тахсар диэн этэллэр. Сиэркилэҕэ аһара элбэхтик көрүннэххэ киһи көрүҥэ онно иҥэн, олорон хаалар диэн өйдөбүл баар. Эт-сиин өлбүтүн кут билбэтиттэн, мээнэ көрдүү сылдьан сиэркилэҕэ иҥэн хаалбыт көрүҥүн көрөн онно хаалан хаалыан, үөр буолуон, бу ыалы аймыан сөп. Киһи өлбүтүн кэннэ 9 хонуга туолуор, ол аата ийэ кута үрэллиэр, барыар диэри сиэркилэни хара таҥаһынан сабыы үгэһэ ити быһаарыыга олохсуйар. Өлбүт киһи ийэ кута этиттэн-сииниттэн арахсан туспа, Үөһээ дойдуга барарын сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ быһаарара аныгы науканан дакаастанан эрэр чахчы буолар. “Коллективное бессозна-тельное” диэн З.Фрейд арыйбыт дьон өйө-санаата мунньуллар сирэ баарын бары билинэн эрэллэр. Сахалар Үөһээ дойду диэн ааттыыр өлбүт дьон өйдөрө-санаалара айыы буолан мунньуллар сирэ баарын былыргыттан, олоҥхо кэмиттэн ыла билэллэр. Былыргы кэмнэргэ ол эбэтэр анараа дойду диэн ааттыыллара. Ойууннар кыыран өй-санаа уларыйбыт туругар киирэн, Үөһээ дойдуга тахсан, онно олорор барыны-бары билэр араас айыылартан манньа биэрэн, ыйыталаһан туох баҕарбыттарын барытын билэллэр эбит. Түүлгэ киһи үгэс буолбут өйдөрүн-санааларын илэ курдук көрөр. Бу уратыны өссө чуолкайдаан биэрдэххэ түүлгэ үгэстэр, ол аата бу көстөр бэлиэҕэ иҥмит өйдөбүллэр көстөллөр. Ол иһин түүллэр бэлиэлэринэн, онно иҥмит өйдөбүллэринэн тойонноноллоро син элбэхтик табыллар. (1,19). Туох эмэ бэлиэ түгэн, аһара куттаныы, уолуйуу биирдэ көстөөт да үгэһи үөскэтэллэрэ, түүлгэ киирэн көстөллөрө биллэр. “Түүлгэ киирэн хаалыа” диэн төрөппүттэр кыра оҕолорго куһаҕан көстүүлэри көрдөрбөккө кыһаналлар. Үгэстэр “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа төрүт тутулугар эмиэ сөп түбэһэн икки аҥы арахсаллар: 1. Үтүө, үчүгэй, олоххо туһаны аҕалар үгэстэр. 2. Киһини куһаҕаҥҥа тириэрдиэхтэрин сөптөөх үгэстэр. Баҕа санаа диэн киһи олоҕун сирдьитэ. Киһиэхэ үчүгэй баҕа санаалар бааллара хайаан да ирдэнэр көрдөбүл буолар. Үчүгэй баҕа санаалары үгэс оҥостуу таҥараны үөскэтэр. Олохсуйбут үгэстэртэн таҥаралар үөскүүллэр. Үчүгэй үгэстэрдээх киһи таҥаралаах киһи, олоҕор ситиһэ сатыыр сыаллардаах буоларыттан киһи быһыытын, сиэри тутуһар кыаҕа улаатар. Үгэс буолбут өйдөр-санаалар киһи ийэ кутун үөскэтэллэр. Өлүү диэн киһи этэ-сиинэ өлөр, хаалар, көмүллэр. Киһи өллөҕүнэ өйө-санаата, ийэ кута, үгэстэрэ ыһыллан Үөһээ дойдуга тахсан айыы буолан сылдьаллар. Манна ханнык айыы; үрүҥ, үчүгэй дуу эбэтэр хара, куһаҕан айыы буолаллара киһи үйэтин устата оҥорбут быһыылара хайдахтарыттан эрэ тутулуктанар. Айыылар диэн өлбүт, биһиги иннибитинэ олорон ааспыт дьон өйдөрө-санаалара, оҥорбут ураты быһыылара, айыылара үгэс буолан сылдьаллара ааттанар. Айыылар икки аҥы арахсалларыттан билигин тыыннаах, баар дьоҥҥо туһалыылларынан үрүҥ айыылар ааттаналлар, онтон хара, куһаҕан айыылар умнуллар аналлаахтар. Дьон бары өллөхтөрүнэ үрүҥ айыы буолан кэлэр көлүөнэлэригэр туһалыахтарын баҕараллар. Ол барыта олохторун устата оҥорбут быһыыларыттан тутулуктанарын билиэхтэрэ этэ. Киһи үйэтин тухары элбэх үчүгэйи оҥорбутун ахтаннар, кэпсээннэр, оҥорбут быһыыларын кэлэр көлүөнэлэргэ анаан үрүҥ айыы оҥороллор. Киһи үтүө, үчүгэй үгэстэрин үрүҥ айыы диэн ааттаан кэлэр көлүөнэлэри иитэргэ, үөрэтэргэ анаан туһаныы сир үрдүгэр үчүгэй быһыылар элбииллэригэр тириэрдэр. Өлбүт киһи өйүн-санаатын үрүҥ айыы оҥоруу нууччалар “святой” диэн өйдөбүллэригэр сөп түбэһэр. Өлбүт киһи куһаҕан үгэстэрин умналлар, ахтыбаттар, ол иһин хаалан хаалар. “Айыы этиитэ” диэн үгэс киһи куһаҕан санааларын кимиэхэ эмэ этэн Орто дойдуга хаалларарын үөскэтэр, ол иһин Үөһээ дойду өйө-санаата ыраас, куһаҕан үгэстэрэ суох буолалларыгар аналланар. Үөһээ дойду өйө-санаата, өлбүт дьон көстүүлэрэ, дьоҥҥо түүллэригэр киирэн ийэ куттарын салайыан сөбүттэн үчүгэй үгэстэр онно мунньуллаллара туһатын улаатыннарар. Өлбүт киһини атаарыы тохсус хонугар аймахтара уонна үчүгэйдик билэр табаарыстара сылдьаннар оҥорбут үчүгэй быһыыларын ахтан ааһаллар, үрүҥ айыы оҥороллор. Онон киһи өлбүтүн тохсус хонугар атаарыы диэн туспа барар, ыһыллар, Үөһээ дойдуга тахсар ийэ кутун атаарыы ааттанар.

ТҮӨРТ УОНУС ХОНУГАР АТААРЫЫ

Буор кут диэн киһи хас биирдии быччыҥнарыгар иҥэн сылдьар өй-санаа ааттанар. Киһи бу өйө-санаата аҥардас хамсаныылартан эрэ үөскүүр буолбатах. Өй-санаа, үгэс элбэхтэ хатыланан, эти-сиини үөрүйэххэ кубулуттаҕына буор кукка эмиэ уларыйар. Араас тыастар дьайыылара киһиэхэ олус былыргыттан иҥэн сылдьаллар. Ол курдук тааһы кыһыйар, кычыгырыыр тыаһы элбэх киһи тулуйан истибэт, куйахата кычыгыланар. Бу олус былыргы, таастан туттар сэби аалан оҥорор кэмтэн ыла үөскээбит үгэс үөрүйэххэ уларыйан, билигин да дьоҥҥо буор кут буолан иҥэн сылдьара тулуйан истибэти үөскэтэр. Буор кут киһи этин-сиинин уларытарыттан кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэрин сахалар билэллэр. Генофондаларыгар, ол аата эттэрин-сииннэрин тутулугар элбэх мутациялаах омуктар – олус былыргы омуктара быһаарыллан тахсар. Сахалар айылҕаттан тутулуктара улаханын билинэллэр, “Киһи – Айылҕа оҕото” диэн этэллэр. Бу этии айылҕа киһини бэйэтин айбытын билинэр этии буолар уонна таҥараны аһара улаатыннаран айылҕаны, киһини айбыта диэн этии таһы-быһа сымыйатын дакаастыыр. Тыл үөрэхтээхтэрэ биир таҥараны үөскэтэ сатыыллара сахалары быһаччы албыннааһын буолар. Саха итэҕэлигэр түөрт уон ахсаан суолтата улахан. Түөрт уон ахсаан сахаларга былыргыттан, нууччалар кэлиэхтэрин инниттэн туттулларын бултаммыт түүлээҕи 40-нуу гына холбуу баайан улахан баайыы оҥороллоруттан биллэр. “Сорок сороков соболей” диэн дьаһаах хомуйар сурукка элбэхтик суруллубут. Сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ этэринэн 40 хонугунан өлбүт киһи буор кута үрэллэн ыһыллар. Бу кэм устата өлбүт киһи буор кута кини урут сылдьыбыт сирдэринэн көҥүл сылдьар, билэр дьонун батыһар эбит. Ол иһин бу 40 хонук устата өлбүт киһи чугас аймахтара олус сэрэхтээхтик сылдьаллара эрэйиллэр. Манна ордук элбэх киһилээх үөрүүнү-көтүүнү оҥорботу тэҥэ, булка, айылҕаҕа сылдьыы хаарчахтарын сахалар билэн тутуһаллар. Л.П.Лиханов кэргэнэ сүрэҕэ ыалдьан соһуччу өлбүтэ. Кырдьаҕас киһини сиэр быһыытынан көммүттэрэ. Сотору кэминэн Л.П.Лиханов сэттэ уон сааһын туолар үөрүүлээх үбүлүөйэ тиийэн кэлбитэ. Киниэхэ Саха сирин үтүөлээх тутааччытын үрдүк аатын иҥэрбиттэрэ. Аймахтара мустан кэргэнин өлбүтэ түөрт уон хонуга ааһа илигинэ дьону ыҥыран бырааһынньык, бэлиэтээһин оҥорбуттара. Сылтан эрэ ордук этэҥҥэ сылдьан баран Л.П.Лиханов сүрэҕэ ыалдьара биллибитэ, эмтэнэ сатаабыта, онтон ытын күүлэйдэтэ сылдьан охтон хаалан өлбүтэ. Биир аймахтар ийэлэрэ өлбүтүн 40 хонуга туола илигинэ куоракка оҥоробут диэн ааттаан эрдэттэн былааннаабыт сыбаайбаларын кэмин уларыппакка оҥорбуттар. Сыбаайба этэҥҥэ ааспыт. Ийэлэрэ өлбүтүн 40 хонуга биир түүнүнэн туола илигинэ саалана, кустуу барбыт уолаттара, аймахтара аймалҕаҥҥа түбэспиттэр. Биир киһилэрэ сааҕа дэҥнэнэн, атаҕын хорук тымыра быстан суорума суолламмыт. Итириктэригэр уонна соһуйбуттарыгар тэптэрэн кыайан бэрэбээскилии, хаанын тохтото охсубатахтар. Киһилэрэ хаана баран өлбүт. Уолуйан хаалбакка өрүһүйэ, бэрэбээскилии сатаабыттара буоллар өрүһүйүөхтэрин сөп эбит. Сахалар олохторун үөрэҕэр өлбүттээхтэр; чугас аймахтара эбэтэр, буорун үлэтигэр үлэлээбиттэр “кирдээхтэр” диэн ааттаналлар. Бу дьон 40 хонук устата эбэтэр саҥа ый тахсыар диэри бултууллара, балыктыыллара көҥүллэммэт, бобуллар. Булт ханнан, бултаппат буолан хаалар диэн ааттыыллар. Сэбиэскэй былаас кэмигэр сахалар олохторун үөрэҕин итэҕэйбэт дьон элбээбиттэриттэн тыа, күөллэрин бултара ханнан, бултаппат буолан хаалара элбээтэ. Бу кэм иһигэр өлбүт киһи буор кута аймахтарын батыһан тиийэн булду куттаан, үргүтэн кэбиһэрин иһин ити бобууну олохтообуттар. Түөрт уон хонугунан киһи буор кута үрэллэн ыһыллар. Үөрүйэхтэрэ үрэллэн ыһыллаллар, айыыны үөскэтэр ураты үөрүйэхтэр эрэ ордон хаалан Үөһээ дойдуга сылдьалларын айыы буолуу диэн ааттыылар. Өй-санаа бу ыһыллан бүтэр кэмин бэлиэтээн киһи өлбүтэ түөрт уон хонугар атаарыы аһылык тэрийэллэр. Үчүгэйи оҥорбутун чопчу бэлиэтээн, ахтан үрүҥ айыы оҥороллор, кэлэр көлүөнэлэри иитэргэ, үөрэтэргэ аныыллар. Өлбүт киһи түөрт уон хонуктаах атаарыытыгар чугас аймахтара сылдьаллар. Бу кэм устата киһи үөрүйэх буолбут өйө-санаата буор кута үрэллэн ыһыллар. Буор кут үгүс өттө киһи уҥуоҕар хаалар. Аймахтыылар бэйэ-бэйэлэриттэн чугас, кэккэлэһэ да, көмүл-лүөхтэрин баҕараллар, ону көмөөччүлэр кыахтара баарынан толоро сатыыллар. Бу быһаарыы аймахтыылар буор куттарын тардыһыы-тынан быһаарыллара оруннаах. Саҥа сири арыйан киһини көмнөххө атын киһи өлүүтэ тахсыа диэн сэрэнэллэр. Ону тэҥэ, киһи өлбүтүн кэнниттэн үс сыл иһинэн аймаҕа киһи өллөҕүнэ “Батыста”, эбэтэр “Илдьэ барда” диэн этэллэр. Бу быһаарыы киһи өлбүтүн кэнниттэн араас сиэрэ-туома үс сылынан оҥоруллан, толоруллан бүтэллэрин биллэрэр. Киһи өлбүтэ биир сылын туолуутугар ахтыы оҥороллор, уҥуоҕар сылдьаллар, пааматынньыгын, уҥуоҕун оҥоруутун кэпсэтэллэр. Өлбүт киһи уҥуоҕун бары оҥоруутун; пааматынньыгын, күрүөтүн үс сыл иһинэн уһун үйэлээхтик турар гына оҥорон бүтэрэллэр. Сахалар киһини атаарыы үһүс сылын бэстилиэнэй атаарыы диэн ааттыыллар. Аймахтар мустаннар уҥуоҕун оҥоруутун көрөллөр, үчүгэй быһыылары оҥорбутун ахтан ааһаллар. Бу кэнниттэн улахан наадата суох уҥуоҕар тахса сылдьыбаттар, буор кутун үргүппэттэр, аймаабаттар, өлбүт киһи айыы буолбут өйүн-санаатын кытта түүллэринэн хаһан баҕарар сибээстэһэ сылдьалларын билэллэр. Онон өлбүт киһи буор кутун атаарыы түөрт уон хонуктаах атаарыыта диэн ааттанар.

САХАЛАР АЙЫЫ АЙМАХТАРА

Сахалар былыргы кэпсээннэригэр уонна олоҥхолоругар айыы аймахтарынан ааттаналларын элбэхтик истэбит. Аймах диэн тылы сахалыы кылгас тылдьыкка: “Биллэр биир төрүттээх дьон, оннук дьон уруулуу сыһыаннара”,- диэн быһаараллар. Айыы аймахтарабыт диэн этинии сахалар былыргы төрүттэрин үөрэхтэрин, үлэлэрин-хамнастарын, дьон-норуот туһугар тугу оҥорбуттарын умнубаттарын, кинилэр оҥорбут дьыалаларын салҕааччыларын билинэллэрин илэ бааччы биллэрэр. Тыыннаах киһи айыы буолбат. Айыы аймаҕа эрэ буолар. Айыы аймахтарынан ааттанар саха дьоно бэйэлэрэ айыы буолбатахтарын билинэллэр. Ол иһин бэйэлэрин айыы аймахтарынан ааттаналлар. Ол аата былыргы төрүттэрэ, сорохтор эһэлэрэ, эбэлэрэ эбэтэр төрөппүттэрэ өлөн өйдөрө-санаалара үрүҥ айыы буолан Yөһээ дойдуга сылдьаллар, онтон тыыннаахтар былыргы төрүттэрин, төрөппүттэрин үөрэхтэрин, өйдөрүн-санааларын салҕаан илдьэн иһэллэрин билинэллэр. Айыы хаан аймахтара, айыы аймахтара диэн этиниилэр саха дьону¬гар элбэхтик иһиллэллэр. Бу этиниилэр саха дьоно өбүгэлэрин саҥаны арыйар, тупсарар, сайыннарар дьыалаларын салҕаан иһээччилэрин биллэрэр. Саха дьоно айыы аймахтара диэн ааттаныылара аан маҥнай тимири уһаарыыны уонна уһаныыны баһылааннар элбэх саҥаны арыйыылары, айыыны оҥорбуттарыттан төрүөттээх буолуон сөп. Ол курдук бу саҥаны айыылар дьон олохторугар улахан хамсааһыннары таһаарбыттарын, тимир сэрии сэбин туһанан хууннар Европаны барытын кэриэтэ сэриилээн баһылаабыттарын остуоруйа чахчылара бигэргэтэллэр. Айыы аймахтара диэн ааттаныы бэйэ айыы буолбатаҕын бигэргэтэр. Бу этии хайа баҕарар киһи ханнык эрэ аймаҕа, төрөппүтэ, эһэтэ, эбэтэ өлөннөр өйдөрө-санаалара айыы буолан Үөһээ дойдуга сылдьалларын биллэрэр. Итини тэҥэ, киһи бэйэтэ, хаһан эрэ өллөҕүнэ эмиэ айыы буолуохтааҕын эрдэттэн сэрэтэр, өйүн-санаатын бэлэмниир. Киһи хаһан даҕаны өлөрүттэн кыайан куоппат. “Киһи биирдэ өлөр” диэн этэллэр. Ол иһин хаһан эрэ син-биир өйө-санаата айыы буолара хаалан хаалбат. Ол иһин айыы аймаҕабын диэн этинии олоххо киирэр уларыйыылары биллэрэр. Тыыннаах, бэйэтэ Орто дойдуга олорор киһини “айыы буол” диэн этии, онно ыҥыра сатааһын олус улахан сыыһа. Тыл үөрэхтээхтэрэ сахалыы өй-санаа үөрэҕин букатын билбэттэрин биллэрэр. “Өйүҥ көтөн Үөһээ дойдуга таҕыстын, бэйэҥ өл” диэн кыраабыкка тэҥнэһэр олус куһаҕан быһыы буолар. Саха тыла олус былыргы тутулуктарын сүтэрбэккэ эрэ сылдьар соҕотох тыл буолар. Ол иһин саха тылын уларыта сатаабакка бэйэтинэн туттар ордук буолара быһаарыллар. Төрөппүт өйө-санаата, кута өлбүтүн да кэннэ оҕолорун көрө-истэ, харыстыы сылдьарын кут-сүр уонна түүл үөрэхтэрэ дакаастыыллар. Төрөппүт түүлгэ көстөр көрүҥэ ханнык быһыы-майгы оҕотун иннигэр кэтэһэрин биллэрэр. Күүстээх куттаах-сүрдээх аймах киһи кута үрүҥ айыы буолан бары аймахтарын көрө-истэ сылдьарын сахалар билэннэр туһаналлар, көмө көрдөөн санааларын бөҕөргөтөллөр. Айыылар Yөһээ дойдуга олороллор. Yөһээ дойду диэн тугун биһиги “Түүл - Үөһээ дойду өйө-санаата” диэн үлэбититтэн булуохха сөп. (24,29). Бу боппуруоска ханнык да мөккүөр тахсыбат. Былыр үйэтинээҕитэ өлөн да хаалбыт дьону киһи түүлүгэр хаһан баҕарар, өссө тупсаран эттэххэ, халлаан уларыйаары гыннар эрэ көрөр. Өлбүт дьон куттара, ол аата айыылар Yөһээ дойдуга сылдьалларын сахалар былыр-былыргыттан билэллэр. Орто дойдуга киһи, дьон олороллор, онтон айыылар олох туспа Yөһээ дойдуга сылдьаллар. Тыыннаах киһи айыы буолара ол иһин хайдах да табыллыбат. Киһи өллөҕүнэ өйө-санаата Yөһээ дойдуга көттөҕүнэ туспа баран, бэйэтин уратытынан араарыллан айыы буолар. Бу айыы буолбут өй-санаа, куттар Орто дойду дьонун өйдөрүгэр-санааларыгар түүллэригэр киирэн көстөн араас көрүҥнээхтик дьайыахтарын сөп. Сахалар бэйэлэрин айыы аймахтарынан ааҕыналлар. Бары олоҥхолоругар, былыргы кэпсээннэригэр үөһээ айыылартан төрүттээхтэрин, тутулуктаахтарын куруук ахталлар. Сахалар айыылар аймахтара буолалларынан олус киэн тутталлар. Ол аата саха дьоно өлбүт дьоннорун кэриэстэрин, баҕа санааларын толороллорунан киэн тутталлар, кинилэри ытыктыылларын биллэрэллэр, үөрэхтэрин, үгэстэрин, тылларын салҕаан илдьэ иһэллэр. Былыргы кэпсээннэргэ айыылар Орто дойду дьонугар өй-санаа уган көмөлөспүттэрин туһунан элбэхтик ахтыллар. Биллэр көмөнү ылбыт дьон бары түүллэригэр Аан дойду иччитин кырдьаҕас эмээхсини эбэтэр оҕонньору, Байанайы көрсөн сүбэ-ама ылбыттарын уонна ол сүбэлэрэ көмөлөспүттэрин, олохторугар туһалаабыттарын кэпсииллэр. Киһи түүлүгэр төрөппүтүн көрдөҕүнэ, кини көстөр көрүҥүттэн ханнык быһыылар буолаары туралларын эндэппэккэ эрэ билэр. Киһи өйө-санаата Yөһээ дойду өйүн-санаатын кытта куруук сибээстэһэ, тутулла сылдьар. Саха дьоно ити тутулугу былыргыттан билэннэр айыылартан тутулуктаахпыт дииллэр. Өлбүт аҕаҥ түүлгэр киирэн кыыһырар, сөбүлээбэт буоллаҕына, ханнык эрэ санааҕын уурбут дьыалаҥ табыллыа суоҕа, үлэҕэр мэһэйдэр үөскүөхтэрэ диэн түүл үөрэҕэ этэр. Онтон өлбүт ийэҥ көрө-харайа сылдьара доруобуйаны көрүнэ сылдьарга ыҥырар. Айыылары кытта сибээс диэн түүлүнэн сибээстэһиини, тутулугу этиллэр. “Үөһээттэн көнтөстөөхпүт” диэн этинии киһи Үөһээ дойду өйүттэн-санаатыттан олус улахан тутулуктааҕын биллэрэр. Көнтөс диэн аты тутан, хам баайан сылдьарга аналлаах бөҕө быа ааттанар. Ол иһин сахалар үөһээттэн тутулуктара кытаанаҕын билинэллэр. Кэлин кэмҥэ Россия дьонун өйдөрө-са¬наалара мөлтөөһүнэ оҕо кыра эрдэҕинэ, бэйэтэ өйдөөбөт кэмигэр ийэ кутун өйүн-санаатын ииппэт, үөрэппэт буолууттан тутулуктаах. Оонньото эрэ сырытыннараннар ийэ кутун ииппэккэ аһаран кэбиһэллэр. Былыр-гылар этэллэринэн омук эстээри гыннаҕына, мөлтөөтөҕүнэ эбэтэр уларыйан саҥалыы үөскүүр кэмэ кэллэҕинэ, оҕолорун атаахтык иитэн итинник ыарахан балаһыанньаҕа киирэрин “Эстэн эрэр ыал сүөһүтэ харсыһыылаах” диэн өс хоһооно оҥорон сэрэтэллэр. Саха ойууннара киһи түһээн инникини өтө көрөн билэрин былыргыт¬тан билэллэрэ уонна олору таба тойонноон сөптөөхтүк туһаналла¬ра. Ойуунтан ханнык баҕарар киһи кэлэн: “Миэхэ инникибин төлкөлөөн кулу”,- диэн көрдөстөҕүнэ утуйан туран баран тугу түһээбитин тойон¬ноон, киниэхэ бэйэтигэр кэпсээн биэрэр эбит. Маннык түһээн билбитин ойуун түстэтэр киһиэхэ кэпсээтэҕинэ атын дьоҥҥо биллэримээр диэн сэрэтэрэ үһү. Yөһээттэн, айыылартан көмөнү ылыыга сурукка киирбит, ол аата чуолкай буолбут быһыылары холобур быһыытынан аҕалыахпыт. Өй үлэтинэн үлэлии сылдьар дьон кыайан арыйбакка өр муҥнана сылдьар үлэлэригэр түһээн бэлэм эппиэти ылбыттара биллэр. Маннык бэлэм эппиэти ылан Д.Менделеев оҥоро сылдьар периодическай табли¬цатын бүппүт көрүҥүн көрөн үтүгүннэрэн оҥорбут. Археолог Генрих Шлиман улахан арыйыыны оҥоруон иннинэ хас да төгүллээн хатыланар түүллэри көрбүт уонна ол түүллэрин көстүүлэрин саҥаны арыйыытыгар туһаммыт. Эмиэ итинник арыйыыны Г.Гилпрехт түһээн көрөн оҥорбута чуолкайдык суруллубут. Кини түһээн көрөн былыргы суруктаах туой таблица сороҕун булбут уонна өссө түүлүгэр көстүбүт жрец киһи киниэхэ, бу таблица суругун ааҕан биэрбит. (25,32). Түүлгэ сүдү көрүҥнээх маҕан баттахтаах оҕонньор саҥа атаҕар турбут оҕону саҥарарга үөрэтэр. Оҕото уоһун төгүрүччү тута-тута: “Yү”,- диэн саҥара сатыыр. Оҕонньор: “Оҕону саҥа саҥаран эрдэҕинэ сахалыы үөрэтиллэр”,- диэн этэр. Ийэлэр хайдах саҥарда үөрэтэллэр да оҕо оннук саҥарар. Саха тыла дьахталлартан тутулуга улахан. Ити курдук өйүн-санаатын, билиитин барытын түмэн дьоннорго туһалаах үлэни оҥорор киһиэхэ түүл илэ аҕалан көрдөрөн көмөлөспүт уонна сорох алдьархайга түбэһээри гыммыт киһини сэрэппит түбэлтэлэрэ элбэхтэр. Олус былыргы кэмнэргэ өлбүт үөрэхтээх дьон өйдөрө-санаалара, салгын куттара Үөһээ дойдуга эрэ ордон хаалан уһуннук сылдьыахтарын сөп. Үөһээ дойду өйө-санаата ордубут дьон өйдөрүгэр түүл буолан киирэн, кинилэри сайдыы, үөрэҕи-билиини баһылааһын диэки сир¬диэҕин, олохторун оҥостоллоругар, саҥаны арыйалларыгар өй уган биэрэн көмөлөһүөҕүн сөп. Билигин түүлү үөрэтээччилэр билинэллэринэн элбэх саҥаны арыйыы¬ларга түүллэр көрдөрөн биэрэн туһалаабыттар. Түүллэригэр көрөн ба¬ран саҥаны арыйыыларыгар туһаммыт дьон сурукка киллэрэннэр, ити көстүүлэр дьиҥнээхтик дакаастаммыттарынан ааҕыллыахтарын сөп курдуктар. Ити барыта түүл илэ көрдөрөн биэриитэ диэн ааттанар уонна сахалыы Үөһээ дойду өйө-санаата киириитэ диэн ааттаныан сөп. Онон тыыннаах киһи айыы буолбат, өллөҕүнэ өйө-санаата Үөһээ дойдуга көттөҕүнэ биирдэ айыы буолар. Тыл үөрэхтээхтэрэ тыыннаах киһини айыы буолууга ыҥыра сатыыллара олус улахан сыыһа.

ОЛОХ УУСТУГА

Аан дойдуга туох барыта кэмэ кэллэҕинэ уларыйан, саҥанан солбуллан иһэллэрин туох да кыайан тохтоппот. Сайын кэнниттэн кыһын син-биир кэлэр. Итии уонна тымныы хардары-таары дьайан эти-сиини дьарыктыыр, эрчийэр аналлаахтар. Сахаларга “Эт киһи элэйэр, сыа киһи сылайар” диэн өс хоһооно баар. Бу өс хоһооно эт-сиин мөлтүүрүн, сылайарын, кэмигэр сынньанара, онтон солбуллара тиийэн кэлэрин биллэрэр. Биир киһи олоҕун уһуна биир үйэнэн ааҕыллар. Биир үйэ диэн сүүс сыл ааттанар. Киһи олоҕо биир үйэнэн бүтэр, онтон кэлэр көлүөнэлэрэ хаалан сир үрдүгэр олох салҕанара ситиһиллэн иһэр. Аҥардас дьон холбоһон, ыалы үөскэтэн оҕолору төрөтөн иитэн, үөрэтэн улаатыннараллар. Ахсааннара элбээн истэҕинэ аҕа, ийэ уустарыгар арахсаннар үгүс аймахтары үөскэтэллэр. Элбэх араас аймахтар холбоһууларыттан биир омук үөскүүр. Олох сайдан истэҕинэ омук дьоно атын омуктардыын эйэлээхтик бииргэ олорор кэмнэрэ кэлиэн сөп. Бииргэ олорор омуктар хардары-таары ыал буолууларыттан бааһынайдара үксээн көрүҥнүүн маарыннаан, икки омук тылын, өйүн-санаатын үөрэтэн билэн, баһылаан саҥарар тыллара холбоһон, буккуллан иһэллэр. Кырдьаҕас омуктар икки ардыларыгар саҥа омук үөскээн, сайдан, ахсааннара эбиллэн иһэриттэн икки аҥы ыгыталаан бардаҕына хамсааһыннар үөскүүллэр. Бу хамсааһын эмиэ айылҕа кэмэ кэллэҕинэ уларыйарын курдук омуктарга уларыйыыны киллэрэр. Сахалар омук үйэтин уһунун быһаарар этиилэринэн “Омук 9 үйэнэн уларыйар” диэн баара биллэр. Бу быһаарыыны тутуһан биһиги сайдыыны үс түһүмэххэ араарыахпыт: 1. Омук саҥалыы үөскээһинэ. Атын омуктуун бииргэ олоруу, холбоһуу кэмэ. 300 сыл курдук кэми ылар. 2. Сайдыы, күүһүрүү кэмэ. 300 сыллар усталарыгар омук бэйэтин билинэр, кыайыылары ситиһэр, атыттартан уратытын билинэр. 3. Омук мөлтөөһүнүн кэмэ. Атыттарга баһыттаран барыы, үрэллии кэмэ. 300 сыл устата сыыйа кэлэн иһиэн сөп. Омук үйэтин уһунун киэҥник биллэр омук үйэтигэр тэҥнээн, холобурдаан көрүү чуолкай дакаастабыл буолар. 1237 сыллаахтан монголларга кыаттаран саҥалыы үөскээһиннэрэ саҕаламмыт нууччалар 1537 сыллаахтан сайдан, күүһүрэн, бэйэлэрин билинэн, кыайыылары ситиһэн бараннар, 1900 сыллаахтан мөлтөөн, араас уларыйыыларга түбэһэн 22-с үйэҕэ уларыйар, симэлийэр кэмнэригэр киирэн олороллор. Бу кэмҥэ өй-санаа буккуллуута бара турар, араас уларыйыылар киирэн иһэллэр. Бу быһаарыы табатын кэнники үйэлэргэ нуучча омук олоҕор, үлэтигэр маннык уларыйыылар киирбиттэрэ дакаастыыр: 1. Омук дьонун ахсааннара аҕыйаан барыыта. 2. Үлэ оҥорон таһаарыыта мөлтөөһүнэ. 3. Омук дьонугар биир тылы булуу кыаллыбат кэмэ кэлиитэ, тус-туспа барыы өйө-санаата сайдыыта. Бу уларыйыылары дириҥник ырыттахпытына: 1. Кырдьыбыт омук ахсаана эбиллибэт буолар. Эт-сиин мөлтөөн иһиитэ кырдьыбыт омук дьонун оҕолоро үгүстүк кыыс оҕолор буолалларын үөскэтэн дьахталлара элбээн хаалыыларыгар тириэрдэр. Онно эбии дьахталларын атын тула олорор омуктар кэргэн ылаллара элбээһиниттэн омук дьоно өссө аҕыйыыллар. Омук мөлтүүр, ахсаана аҕыйыыр, ол иһин эстэр, симэлийэр куттала улааттаҕына бэйэтин көмүскэнэ сатаан “Улуу омук” буоларга дьулуһар санаата улаатар. Бу дьулуһуу аан маҥнай атыттартан тугунан эмэ “үчүгэй” буола сатааһынтан саҕаланар. “Үчүгэй” буолуу өйө-санаата аһара барыыта атыттар куһаҕаннарын үөскэттэҕинэ, утарыта туруу улаатан барар. Манна өйдөһүү кыайан тахсыбатаҕына улахан сэрии күөдьүйэн тахсара кэлиэн сөп. Нууччалар ахсааннара хас сыл аайы аҕыйаан иһэрэ биллибитэ ыраатта. Кэккэлэһэ олорор кыра омуктар дьоннорун эбинэннэр аҕыйаабыттарын өссө толорунар курдуктара, билигин олохтоохтор сайдыылара түргэтээн кыаллыбат кэмэ кэллэ. Омук бэйэтин улуутук, атыттартан үрдүктүк сананыыта улаатыыта атын омуктардыын холбоһон, хааннарын тупсарыыларын суох оҥорон эттэрин-сииннэрин мөлтөтөрүттэн ахсааннара аҕыйыыр. 2. Омук дьонун эттэрэ-сииннэрэ, буор куттара мөлтөөһүнэ, ыалдьаллара элбээһинэ үлэлэрэ-хамнастара быста мөлтөөһүнүгэр тириэрдэр, кыайа-хото үлэлиир-хамсыыр дьон аҕыйыыллар. Буор кут диэн диэн эт-сиин хамсаныылары оҥорор кыаҕа, күүһэ ааттанар. Сэбиэскэй былаас кэмигэр дьахталлар көҥүллэринэн эргэ барыылара олохсуйан дьон буор куттара дьадаҥылар буор куттарынан буккуллан үлэни-хамнаһы кыайбат буолуу сайдыбыта. Нуучча омук спортсменнара тустуу курдук күүстээх спорт көрүҥэр мөлтөөһүннэрэ буор кут буккуллуутуттан быһаччы тутулуктаах. Тиийбэт буолбут күүһү-уоҕу допины туһанан үрдэтэ сатааһыннара тутуллан 2020 сыллаах олимпиадаҕа былаахтаах киирэллэрин тохтоппуттара, ити мөлтөөһүнтэн тутулуктаах. 3. Биир тылы булуммат буолуу үөскээһинин саба тута сатааһын биир киһи салайар былааһа сайдыытын үөскэтэр. Россия билигин конституцияны уларытан диктатураҕа киирэн эрэр, арай салайар былааһы ким ылара биллибэт. Быстах дьыалалары тэрийэн дьон санаатын бэйэ диэки тарда сатааһын оҥорулла турар. Кырыымы Украинаттан былдьаан ылыы быстах үөрүүтэ ааспыта ыраатта. Сиирийэттэн кыайыыны-хотууну аҕалыахпыт диэн санаа улахан сыыһалардааҕа билиннэ. Өй-санаа биллибэт курдук тутулуктардаах. Үс сүүстэн тахса сыллар усталарыгар Россияны салайбыт Романовтар династиялара арыгыны бобууттан эстиитэ түргэтээбитэ, онтон сэбиэскэй былаас эмиэ ону бобууттан эстибитэ, билигин даҕаны арыгыны бобуу оҥорулла турар. “Аан дойдуну санаа тутан турар” диэн сахалар таҥараларын үөрэҕэ этэр. Дьон санаата хайа диэки салаллар даҕаны дойду олоҕо ол диэки халыйан барар. Айылҕаҕа туох барыта ханнык эрэ кээмэйин аһара бардаҕына куһаҕаҥҥа кубулуйан хааларын сахалар билэн “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этэллэр. Аһара үөрүү, алларастааһын сотору кэминэн ытааһыҥҥа кубулуйан хаалара элбэх. Ол иһин “Аһара үөрүмэ, аны ытыырыҥ кэлээрэй” диэн сэрэтэр этии үөскээбитэ икки өрүттээх буолуу хаһан баҕарар туттулла сылдьарын биллэрэр. Олоххо уустугу, кэмэ кэллэҕинэ саҥа омук үөскээн, ахсааннара эбиллэн иһэрэ үөскэтэр. Омуктар уһун кэмҥэ, үйэлэргэ эйэлээхтик бииргэ олордохторуна, икки ардыларыгар бааһынайдар үөскээн, ахсааннара биллэрдик элбээн, кырдьаҕас омуктары икки аҥы үтүрүйтэлээн, сирдэриттэн үүрэн, сыҕарытан бараллар. Саҥа омук үөскээн кырдьаҕастары үтүрүйэн барарын сахаларга сиртэн тутулуктанан үөскээбит үөхсэр тыллар бааллара биллэрэр: - Сиргидэх диэн атын омук киһитигэр эргэ тахсыбыт дьахтары үөҕэр тыл. Бу тыл олорор сири былдьаһыыттан атааннаһыы, үтүрүссүү тахсарыттан үөскээбит. - Сирэҕэс диэн дьахтары үөхсэр тыл. Бу тыл хайаҕас диэн тылы кытта бииргэ туттулуннаҕына табатык өйдөнөрө үөскүүр. Сирэр диэн тыл сир ирэр диэн тыллартан үөскээбит. Хоту сиргэ олохтоох дьоҥҥо ирбэт тоҥноох сирдэрэ ириитэ, бадараан, бырыы буолан сиҥнэн түһүүтэ саамай куһаҕаны, улахан эрэйи, көһүүнү үөскэтэриттэн сирэр диэн тыл быһаччы тутулуктаах. Саха омуга олус уһун үйэлээх. Омук үйэтин устата үөскээбит сайдыы уонна мөлтөөһүн кэмнэрин биллэрэр өс хоһоонноро элбэхтэр. “Уол оҕо биир күн ат уорҕатыгар, онтон атын күн ат өрөҕөтүгэр буолан ылар” диэн өс хоһооно куһаҕан кэмнэр аастахтарына, үчүгэй кэмнэр тиийэн кэлэллэрин биллэрэр. “Кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбат, арыы үрдүгэр уу дагдайбат” диэн өс хоһооно олоххо кырдьык хаһан баҕарар кыайарын, кэмэ кэллэҕинэ балар солбуйсан биэрэллэрин чуолкай холобуру ылан дакаастыыр. (1,61). “Олох олоруу ыраас хонууну туорааһын буолбатах” диэн өс хоһооно олох ыараханын, элбэх очурдааҕын-чочурдааҕын биллэрэн киһи тулуурун, өсөһүн улаатыннарар аналлаах. (2,149). Олох сайдыыта, экономика күүһүрүүтэ дьон өйдөрүн-санааларын, тулуурдарын сымнатан, оҕону атаахтатан, маанылаан иитиигэ тириэрдэринэн өй-санаа төннүүтүн үөскэтэрэ, атын үлэни-хамнаһы кыайар, оҕолорун атаахтаппат омуктарга баһыттаран, үтүрүттэрэн барыыларыгар тириэрдэр. Соҕуруу, сылаас дойдулар дьонноро өйдөрө-санаалара мөлтүүрэ, тулуурдара аҕыйыыра хоту сир ыарахан олохтоох дьонунааҕар эрдэлээн кэлэр. Аҕыйах көлүөнэлэринэн мөлтөөн-ахсаан барыылара саҕаланан эстиигэ, симэлийиигэ тиийэллэр. Хотуттан, Саха сириттэн эрэ кэлбит дьон сайдыыны илдьэ кэлэр кыахтаналлар. Дьулуурдаах, тулуурдаах хоту дойду дьоно соҕуруу дойдулары сайыннараллара итинэн саҕаланар уонна Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ баарынан бигэргэтиллэр. Омуктар икки ардыларыгар хамсааһын үөскээн иһэр. Олох уустуга диэн кэмэ кэллэҕинэ кырдьаҕас омуктар икки ардыларыгар саҥа омук үөскээн тахсан, ахсааннара эбиллэн, сир былдьаһан араас хамсааһыннары үөскэтэн иһэрэ ааттанар. Онон омук сайдыытыгар тулуурдаах, өһөс, үлэни-хамнаһы кыайар көрсүө, сэмэй дьон ордук улахан туһаны оҥороллор. Көрсүө, сэмэй, бары үлэни кыайар дьон саҥа омук үөскээһинигэр бастаан иһэр оруолу ылар кыахтаналлар.

ТУҺАНЫЛЛЫБЫТ ЛИТЕРАТУРА

1. Каженкин И.И. Түүлү тойоннооһун. – Дьокуускай: Бичик, 2004. – 112 с.

2. Саха өһүн хоһоонноро=Якутские пословицы и поговорки. – Якутск: Бичик, 2017. – 256 с.

3. Каженкин И.И. Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ. – Дьокуускай: Компания “Дани АлмаС”, 2012. – 144 с.

4. Каженкин И.И. Дорҕооннор өйгө-санааҕа дьайыылара. – Дьокуускай: ГБУ РС(Я) “Бизнес-инкубатор”, 2013. – 108 с.

5. “НТВ” передачата “Чудо техники”. 22.07.2018.

6. Каженкин И.И. Үрүҥ айыы буолуу. – Дьокуускай: ГУ РИМЦ, 2006. – 88 с.

7. Каженкин И.И. “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума”. – Дьокуускай: Компания “Дани АлмаС”, 2012. – 152 с.

8. Каженкин И.И. Кут-сүр үөрэҕэ. – Дьокуускай: Бичик, 2004. – 128 с.

9. Каженкин И.И. Күн таҥара үөрэҕэ. – Дьокуускай: ГБУ РС(Я) “Бизнес-инкубатор”, 2016. – 148 с.

10. Русско-якутский словарь под редакцией П.С.Афанасьева и Л.Н.Харитонова. Москва: Изд-во “Советская энциклопедия”, 1968.- 720 с.

11. П.С.Афанасьев, П.А.Слепцов, В.И.Лиханов и др. Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта. Дьокуускай: “Бичик” нац. кинигэ кыһата, 1994.- 264 с.

12. И.К.Попов. Саха тылыгар көмө тылдьыт. Дьокуускай: Бичик, 2004. - 128 с.

13. Афанасьев, Петр Саввич. Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта. – Дьокуускай: Бичик, 2008. – 680 стр.

14. Э.К.Пекарский. Словарь якутского языка. Т. 1. Выпуски 1-4. Академия Наук СССР, 1958. - 642 с.

15. Якутия. Хроника. Факты. События. 1612 - 1917 гг. Сост. А.А. Калашников. Якутск: Бичик, 2000.- 480 с.

16. Винокурова У.А. Сказ о народе саха. Якутск: Нац.кн.изд-во “Бичик”, 1994.- 144 с.

17. Попов Б.Н. Изменение семьи народов Якутии. Якутск: Министер¬ство образования Республики Саха (Якутия), 1994.- 140 с.

18. Каженкин И.И. Үлэ – олох үөрэҕэ. – Дьокуускай: УПК ТРИ, 2010. – 100 с.

19. Каженкин И.И. Кут-сүр үөрэҕэ. Үс кут. – Дьокуускай: РГ “MEDIA+”, 2017. – 156 с.

20. Умсуура. Соргу: дьолу, тапталы, ама буолууну, баайы-дуолу тардар дьикти ньымалар. – Дьокуускай: ОАО “Медиа-холдинг “Якутия”, 2013. – 148 с.

21. НТВ. Передача “Чудо техники”. 17.01.2016.

22. “Чолбон” сурунаал. 3 / 2018.

23. Саха таабырыннара, өс хоһоонноро, чабырҕахтара / хомуйан оҥордо И.К.Попов. – Дьокуускай: Бичик, 2006. – 112 с.

24. Каженкин И.И. Түүл – Үөһээ дойду өйө-санаата. – Дьокуускай: Бичик, 2014. – 160 с.

25. Каженкин И.И. Сахаларга түүлү тойоннооһун. – Дьокуускай: Бичик, 2000. – 80 с.

ИҺИНЭЭҔИТЭ

Аан тыл

Сырдык уонна хараҥа дьайыылара

Өй-санаа уратылара

Көрсүө, сэмэй буолуу

Киһи диэн, киһи буоллаҕа

Тулуур, өһөс

Саҥаны айыы

Айыы санаа уратыта

Айыы суола

Сахаларга “аньыы” диэн тыл суох

Соһуччу көстүүлэр

Көөчүк

Отох киһи

Атаах дьахтар

Сахалар ахсааннара эбиллэр

Баай уонна дьадаҥы

Дьадаҥы диэн буор кут ыарыыта

Идэ түһүүтэ

Ыча

Санааны көтөҕүү

Билии-көрүү

Үллэстии

Түүйэр

Тыыннаах буолуу уонна өлүү уратылара

Үһүс хонугар атаарыы

Тохсус хонугар атаарыы

Түөрт уонус хонугар атаарыы

Сахалар айыы аймахтара

Олох уустуга

Туһаныллыбыт литература

Иһинээҕитэ