Кэриэс


Аһыыны аһаама,

Айыыны саҥарба.

Таҥараны таптаама,

Абааһыны ахтыма.

Уруккуну ороомо,

Уорбалыы санаама.

Улаханы ордорума,

Кыраны кыччатыма.

Бэйэҕин бэрдимситимэ,

Бэккин билинимэ.


1926

Сүрүн сирэйгэ