Кэҕэ (Ырыа)


Кэлэҕэйдиир куоластаах
Кэҕэлиирэ кыылларбыт
Кэтит кэскил олохтоох
Кэрэлиирэ сайыммыт
Кэлэригин кэпсиирэ
Кэрэкэтин эбитин...
   Һу-һуо, һу-һуо, һу-һуо!..
Күлүмүрдэс күннэрдээх,
Көҥүлүктүүр олохтоох
Күөхтүүрүгэ сайыммыт
Күөрэйэр-көстөр күннэрин
Күөгэлдьийэ олорон
Күүгүнүүрэ күндүтүн...
     Һу-һуо, һу-һуо, һу-һуо!..
Уһуор ойуу оттордоох
Уруй-туску сайыммыт
Устар-унаар күннэрин,
Уйгу-быйаҥ олоҕун
Ууран-тутан олорон
Уруйдуура олуһун...
     Һу-һуо, һу-һуо, һу-һуо!..
Итии илгэ эҥэрдээх,
Иллэҥ-босхо олохтоох
Эриэкэстиир сайыммыт
Эргийээхтиир күннэрин
Этэ-тыына олороро
Эриэккэһин эбитин...
     Һу-һуо, һу-һуо, һу-һуо!..
Сибэккилиир оттордоох,
Сиэдэрэйдиир олохтоох
Сэлэлиирэ сайыммыт
Ситэн-хотон иһэрин
Сэгэртэйдиир кыылларбыт
Сэһэргиирэ сэргэҕин...
    һу-һуо, һу-һуо, һу-һуо!..



Антология иһинээҕитэ

Сүрүн сирэйгэ