Күкүр уус ырыата (Суорун Омоллоон)

Күкүр уус ырыата уларыт

Көр даа бу! Көр даа бу!
Көрөллөр, көрбөттөөр!!!
Аҕыс уон айыыһыт сатыылаан ааһар
Аан дайдытыгар арҕаҕырбыт курдук санаабытым,
Тоҕус уон айыыһыт тохтоон ааһар
Толонноох туонатыгар дуурдаммыт курдук
толкуйдаабытым,
Толору дьоллоох орто туруу дойдуга
Олоҕурбут курдук ууруммутум,
Ситэри кэскиллээх сир-буор ийэҕэ
 
Сириэдийбит курдук сиэрдэммитим;
Бу көстөр күлүмнүүр күҥҥэ
Баайтан ордук баарын бадахтаабатаҕым,
Бу күлүгэ-күөнэ оонньуур кэмҥэ
Үптэн ордук күүстээҕи өйдүөбэтэҕим;

Үрдүктэн аналлаах үтүө идэбин
Атыылаан тураммын,
Улахантан ууруулаах уран өйбүн
Ууран тураммын,
Үптээх күлүгүн эмэгэт гынан үҥэрим,
Астаах атаҕар таҥара гынан сүгүрүйэрим,
Сүүһүм көлөһүнүн тобукпар аҕыырым,
Тобугум көлөһүнүн сүүспэр аҕыырым,
Тотор оннугар — хоргуйарым,
Аһыыр оннугар — ааһарым,
Ыллыыр оннугар — ынчыктыырым,
Ытыыр оннугар — ымаҥныырым.

Аллараа ийэ сиргэ «ыраахтааҕы» диирим,
Үөһээ үрдүк халлааҥҥа «таҥара» диирим.
Онтукам баара —
Үйэ тухары үҥпүт таҥарам — үтүгэн эбит,
Саас тухары албаабыт айыым — албын эбит.
Баҕарбыт баайдарым бассыабай эбиттэр.
Туттубут тойотторум торҕон эбиттэр.
Үтүө диэбитим,
Үрдэ үүт тураан гынан баран,—
Үлүгэрдээх өлүү түгэҕин үөннзрэ эбиттэр.
Хайгыы санаабытым,
Харах көрөрүгэр халааннаах гынан бараннар,
Хаан олбохтоох, хара бөлүөх эмсэхтээх
Хара дьайдар эбиттэр.
Аанай-туонай абам даа баар эбит, оҕолоор!
Бу-
Ааһар былыт албыннарыгар — абылаппыт аньыым,
Көһөр былыт көлдьүннэригэр — күүһэппит өлүүм:
Аймах-билэ дьоммуттан
Антах хаамаммын,
Күрүөх-билэ дьоммуттан
Күрээн бараммын —
Хара тыыннаммытым,
 
Хараҥа күлүктэммитим,
Үтүебүн — үлтүрүтэргэ үлүһүйбүтүм,
Айыыбын— алдьатарга дьалыһыйбытым,
Абаккайын-алдьархайын ини, оҕолоор!!!
Кимнээх буоламмын —
Умса баттаан ыламмын,
Уодьуганнарын тардыамый!
Абаккайбын-алдьархайбын нии, оҕолоор!!!
Кимнээх буоламмын —
Ситэ баттаан ыламмын,
Сир-буор сирэйдиэмий!
Ир суолларын ирдээммин,
Имнэри быһыамый!
Тоҥ суолларын тордооммун,
Тобохтору эһиэмий!
Умса уураммын
Уһун уҥуохтарын урусхаллыамый?!
Иттэнэ уураммын,
Истэрин тыырыамый?!
Уу-субай хааннарын
Оһол Уолугар
Оботторо оонньуомуй?!
Итии-буһуу хааннарын
Илбис Кыыһыгар иһэрдэ оонньуомуй?!
Сибилигин, силбиктээх илиибинэн
Чиккэйэн турар Сиһин үөһүн
Тир гына быһа тардыам баарай?!
Аата аанай-туонай абам даа баар эбит оҕолоор!
Абаккабын, алдьархайбын, сорбун-муҥмун ини,
-доҕоттоор!!!