Күннүүн аргыстастым (Күннүк Уурастыырап)

Аммабыттан сарсыарда
Айан суолун тутарбар,
Аламайкаан күнүкэм,
Аламаҕай кыыс курдук:
«Арҕаа барар буолларгын,
Аргыстаһыах!» — диэбитэ.

Алыс сыыдам сырыылаах
Аптамабыыл аппынан
Алааһынан, сыһыынан
Айаннатан иһэрбэр,
Алаарыйар халлаантан
Аралыйа тыкпыта.

Симилэхтээх систэргэ
Сирдиргэтэн киирбиппэр:
«Силис-мутук охсуоҕа,
Сэрэн, оргууй!» — диэбиттии,
Сэбирдэҕи силэйэн,
Сипсийэргэ дылыта.

Куула-күлүк суолунан
Куугунатан барбыппар,
Куоттараары гынным диэн
Хомойбуттуу туттунан,
Хоннохторго тоһуйан,
Кууспаҕалыыр курдуга.

Этэҥҥэтик эргиллэн
Элиэнэбэр кэлбиппэр:
«Эбэбитин биһиги
Эмиэ бииргэ туоруох!» — диэн,
Эрэһэлээх долгуҥҥа
Эрдиилэнэн испитэ.
 
Киэһэ, суолбун түмүктээн,
Кэргэттэрбин булбуппар,
Кэрэ Чочур-Мураантан:
«Кэлэр күҥҥэ дылы!» — диэн,
Кэтэҕириин түннүкпэр
Килбиэннэнэ кыыспыта.

Үйэлэргэ өрүүтүн
Үтүөтүнэн үөдүйэр
Үрүҥ күнүм — аргыһым —
Үчүгэйэ бэрдиттэн —
Үөрүүбүттэн, дьолбуттан
Үөһэ тыынан ылбытым...