Күҥҥэ куйахтар күлүмнээннэр (Моисей Ефимов)
Күҥҥэ куйахтар күлүмнээннэр
Күөн көрсүһэ көтүттүлэр.
Өһөгөйдөөх өркөн үҥүүлэринэн
Өтөрүтэ түһүстүлэр.
Хатан батыйалар хапсаннар
Хааҥҥа суудайан бардылар.
Илбистээх идэмэр кылыстар
Итии субайга сууннулар.
Мин бараллаа саастааҕым
Биир боотураат суулунна,
Хайа эрэ биис-ууһун ааттааҕын
Атын анныгар оҕунна.
Оттон өстөөҕө аттыгар
Оххо табыллан мөҕүстэ,
Үрдүгэр кэлэн, халыйар
Хааннаах түөһүнэн саба түстэ.
Аар-татай! Туох сүдү өһүөнэй?
Кэм да хам баттыыр санаалаах.
Оо, тохтоо! Оо, тугун дьиктитэй?
Ол киһи кэмсинэр саҥалаах:
"Туох иһин? Бу тугу былдьаһан,
Эйиигин суорума суоллаатым..." —
Уонна тымныйбыт уоһунан
Өлөрбүт боотурун уураата.
Харахтыы да илик киһитин
Хааннаах өстөөх диэбитин,
Өһөхтөөх усхайга киирбитин
Өйдөөтө өлөн иһэн билигин...
Өлөн иһэн кини кыраата
Кырыктаах кыргыс үйэтин.
Кэлэр көлүөнэни алҕаата:
"Эйэ кинилиин эҥэрдэстин".