Күүтэбин
Күнтэн көлбөрүйэр
Күчүмэҕэй күммүн.
Баҕардар,
Күн уота
Күлүмнүү көрөн
Көхсүбүн көччүппэтин.
Баҕардар,
Тохтор хааным
Толору тоҕуоруйара
Тотточчу тоңнун…
Сырыттым сытаабатым,
Олордум ордубатым,
Баарбынан баһыйбатым.


1926

Алампа

Сүрүн сирэйгэ