Күндү кэммит эргийдэ,
Күммүт уота сылыйда,
Күөрэгэйдиир чыычаахпыт
Көтөн-дайан күөрэйдэ.
Сааскы күммүт тахсыыта,
Саха дьиэтин үрдүнэн
Көмүс куолас көтөрбүт
Көтөн дьырыбынаата.
Саас кэлбит үөрүүтүгэр,
Саха омук сиригэр
Итии күннээх кыраайтан
Эҕэрдэлии ыллаата.
Үтүө ырыатын иһиллии
Үмүөрүһэн тахсаннар,
Кырдьаҕастыын-эдэрдиин
Көрүлүүрүн көрдүлэр.
Уһун ууга утуйбут
Улуу дойду обургу
Эҕэрдэлээх ырыаҕа
Үөрэ-көтө өндөйдө.