Көбүөхтүүрүн аанньа күөх киһиргэс (Күн Дьирибинэ)

Көбүөхтүүрүн аанньа күөх киһиргэс

уларыт

Күндэлэс күн уотуттан
Көмүс мөһүүрэ курдук
Күлүмнүү умайбыт күөннээх,
Күтүр улахан
Күөлтэн тахсан,
Ырбайбыт айахтаах,
Ынайбыт истээх,
Тырайбыт атахтаах,
Тымныы эттээх
Баҕа үөн баҕайы
Бадараан устун
Бал-пал түһэн,
Күөгэйэн хамсыыр
Күех от диэки
Көтөн-ойон истэ.
Халлааннаахпын диэн
Хантаарыҥнаамына истэҕинэ,
Хантан да кэлбитин билбэтэ,
Хара Тураах обургу,
Хааҕырҕаабытынан,
Хамсык холоруктуу серөөн,
Ханна да хамсаппакка,
Харбаан ылан,
Ойор күннэри,
Орто дойдулары,
Уҥан хаалан,
Умнуор диэри,
 
Уһун тумсунан
Оройго биэрэн,
Ортотуттан ытыран,
Бултаабыт киһи быһыытынан
Бокуойа суох сапсыйан,
Күөлү ортотунан
Көппөх уйатын диэки
Көтөн тарыкынайда.
Баҕа үөн баҕайы
Баһа эргийбитэ ааһан,
Өйдөнөн кэлэн,
Өлбет сүбэтин була истэ:
— «Хата мин куттанным
Хайа баҕайы харбаата диэн,
Хайҕалга киирбит
Хара Тураах эбиккин дуу!
Көрсүөхпүн баҕарбытым
Күтүр да өр буолла»,— диэтэ.
Айаҕын аппакка эрэ,
Антах, бэлэһин түгэҕэр:
«Ээх»,— диэтэ
Илдьэ иһэр эристиин.
— «Күтүр уһун үйэбэр
Көтөр кынаттаах бииһин
Көрдүм-биллим ини даа,
Эйиэхэ тиийэ эриэккэһи
Экчи-быһа билбэтим.
Сурукка киирбит
Соломуон Муударайдыы —
Үгүс дьиибэ өйгүнэн,
Үлэҕинэн-хамнаскынан,
Үтүө майгыгынан,
Үрдүк күөх халлаан
Үрүмэ долгун салгыйын
Өрө тыыран көтөр
Үгүс-билэ аймаххыттан
Үтүмэх устата
Үрдүккүн»,— диэтэ.
Үтүө тыл буолаарай диэн,
Өрө салыы истэ,
Бадарааҥҥа барҕарар
Баҕа үөн баҕайы.
 
Тураах эристиин,
Турулус-тарылыс көрен,
Тумсун ыһыктыбакка эрэ,
Таалбахтаан баран,
Таҥалайын хамнатан
«Таах» — диэтэ.
«Күлүм-чаҕыл күннээх,
Күөх дьүрүс халлаан
Көстүбэт салгыныгар
Көҥүл уста сылдьар
Көтер кынаттаах ууһуттан
Ырыаһыккынан даҕаны
Ыраах бастыҥнараҕын
Кэрэ күөгэл тыам
Кэрдиис чыпчаал кэтэҕиттэн
Килбиэн тырым күнүм,
Киистэтэ сарайан
Кэлэрин эҕэрдэлээн,
Күндү кэрэ баҕайытык
Күүгүнээн ылдыыргын,
Хас сассыарда аайы,
Хараҥа ууттан тахсан,
Хара бадараан үрдүгэр
Таалалаан сытаммын,
Таптаан иһиллиир этим.
Өлөр-хаалар күммэр
Үөрэ-көтө барыахпын,
Күөгү көмүс күөмэйгин
Көбүөхтэтэн күндүлээ!» — диэтэ,
Бары албына бараммыт,
Ба§а үөн баҕайы.
Хара төрүөҕүттэн
Хайҕал диэни билбэтэх
Хара Тураах акаары,
Хаана хамнаан,
Хараҕа дьиримнээн,
Улаханнык үөрэн,
Уобан иһэрин умнан,
Ырыаһыт киһи буолан,
Ыллаан ыыра барда:
«Даах... дарараах» — диэтэ
Даллах-даллах дайбаата.

 
Ыллыыбын диэн
Ыһыктан кэбиспитэ,
Баҕа үөн баҕайы
Баран ууга түһэн сылдьан:
«Даллаҥныырыҥ аанньа,
Далай акаары,
Көбүехтүүрүҥ аанньа
Күөх киһиргэс,
Эйиэхэ бу баар!!» — диэн,
Иһин эриэнин кердөрөн,
Көмүс уоругар,
Күөх ньамахха,
Уу түгэҕин диэки
Умсан хаалла.
Кыһыйбытыҥ иһин
Кырдьыгы кистиэҥ дуо,
Син ити курдук, эриэккэс
Сэбиэскэй үлэһиттэри
Баай аймах
Бастарын охсоро,
Баар суол, атастарыам!

1928

Сүрүн сирэйгэ