Көрүлүүр көҥүлбүн көлүйэн
Биир сиргэ мин мэлдьи кэлэбин,
Көстүбэт күрүлгэн үрүйэм
Күндү кытылын кэрийэбин.
Элбэх сибэккилэр бааллара...
Эриэннэр, маҕаннар, кыһыллар.
Көрбүтүм – үөһээттэн аллара
Күндэлэс күрүлгэн ыһыллар...
Көстүбэт үрүйэ төрдүгэр
Күрүлгэн көрүлүү турара,
Умайар сибэккиим үрдүгэр
Убаҕас көмүһүн кутара.
Элбэхтэн онно биир сибэккии
Мин өйбүн-санаабын туппута;
Мэйиибэр мичээрии бэлэхтии
Турбута, турбута, турбута.
Дьоннорго ол аптаах амулет
Дьолго дэҥ көстөрүн билэбин.
Булларбын, арай ол абырыа –
Күрүлгэн иһигэр киирэбин.
Үрдүбэр – күндэлэс күрүлгэн,
Анныбар аллараан ытыллар,
Халысхан дьигискэнэ бэргээн
Кытаанах уорааннар ытыыллар.
Долгуттар туос тыыбын мээчиктээн
Салгын дьэргэлгэнин харбыыллар,
Кустуктаах бырдааты көөчүктээн
Фонтаннар санаабын сайгыыллар.
Ол курдук мин сааһым тухары
Биир суолу көрдүүрдээх буолбуппун,
Ол ону – бу чугас турары,
Бу манна, бу баары – булбаппын.