Көрдөһөбүн, көмөлөс (Айыы Уола)

Көрдөһөбүн, көмөлөс


Билбэппин мин олохпор
Хас алҕас онорбуппун.
Билбэппин мин олохпор
Хас үтүө өҥөлөөхпүн.
Эйигиттэн көрдөһөн,
Мин тобукпар турабын,
Бу ырыабын ыллыыбын
Ырыабынан үҥэбин...

Көрдөһөбүн - көмөлөс!
Ааттаһабын - абыраа!
Сырдык Айыы Танара -
Үрдүк күүс, көмөлөс...

Мин ардыгар түүн кистээн,
Сонньуйаммын ытыыбын.
Ааспыт кэммин эргитэн,
Бу баар курдук саныыбын...
Эйигиттэн көрдөһөн,
Бу тобукпар турабын.
Туой аньыыбын-харабын
Бырастыы гын, бырастыы..

Көрдөһөбүн - көмөлөс!
Ааттаһабын - абыраа!
Сырдык Айыы Танара -
Үрдүк күүс, көмөлөс...