Көтөр аал (Өксөкүлээх Өлөксөй)

Көтөр аал


Күүтэн-күүтэн
Күөйүүлээх кынатын
Көтөр аал
Көтөн-күлэн,
Көй салгыны
Күөммүтүнэн үтүрүйэн,
Көтөн куугунуур,
Көрүлүүр күммүт
Күүтэбилэ туолан,
Көрөн-күөрэйэк
Кэллэ көрдүк!!!
Саха сиригэр
Салгынынан сылдьаары,
Сабыаскай былаас
Санаа булан
Сахсыйан аҕалан,
Санаабатах суолбутун
Салайан эрэригэр,
Сайдан эрэбит диэн
Санаабыт чэпчиир.
Көтөр аал
Күүстээх туһатын
Көрөн тураммыт,
Күүс тиийэринэн
Көмөлөһөн иһэрбит
Күндү буолуо!!!
Салгын аала
Саха сиригэр
Сатаан сырыттын,
Саргыта улааттын!!!


1924, Дьокуускай к.