Көҥүл ырыата (Айыы Уола)

Көҥүл ырыата


Кэпсээ миэхэ, доҕорум,
Ханна көҥүл сир баарын,
Ханна киhи көҥүллүк
Өрө тыынарын?..
Ханна, хайа дойдуга
Киhи көҥүл сылдьарын,
Ханна киhи толору
Дьоллоохпун диирин?

Оооо, оооо, ооой,
Дьоллоохпун диирин?
Ооо, ооо, ооо, уоо,
Дьоллоохпун диирин?

Ыллаа миэхэ, чыычаҕым,
Ыллаа, ыраах дьиэрэтэн,
Ыраас халлаан анныгар
Күөрэйэн тахсан.
Ханна эн куттаммакка,
Дьонтон үргэн куоппакка,
Ыллыыр хонууҥ ханнаный,
Туоhулаан эн туой.

Оооо, оооо, ооой,
Туоhулаан эн туой.
Ооо, ооо, ооо, уоо,
Туоhулаан эн туой.

Ыллаа миэхэ, гитарам,
Ыраас ыра сананнан,
Кэлэр олох дьолугар,
Эрэнэ көрсө.
Ылла өссө элбэҕи,
Дьол, үөрүү, кэрэ туhунан,
Ыллыа миэхэ дьиэрэтэн
Көҥүл ырыатын.

Оооо, оооо, ооой,
Көҥүл ырыатын.
Ооо, ооо, ооо, уоо,
Көҥүл ырыатын.