Көҥүл ырыата (Ойуунускай)

Көҥүл ырыата


Дирбиэн-дарбаан күннэргэ
Дирбийэн-дарбыйан тураммыт
Көнөр көҥүлү көрдүөхпүт,
Көмүс солону көмүөхпүт...

Тибиилээх-тиһиктээх күннэргэ
Тибийэн-табыйан тураммыт
Баай дьон батталын барыахпыт,
Барбах дьоннор барҕарыахпыт...

Саталаах-саргылаах күннэргэ
Сатайан саҥаран тураммыт
Саха дьону салайыахпыт,
Сааппат-саспат саргылыахпыт...

Хаарыан-харамай күннэргэ
Хаһыытаан-ыһыытаан тураммыт
Түрбүөн бөҕөнү түһэриэхпит,
Түрмэ бөҕөнү түҥнэриэхпит...

Килбик-кичимэҕэй күннэргэ
Кичэйэн-хачайан тураммыт
Ордук соргуну булуохпут,
Олох дьолун оҥоруохпут...

Көҥүл дохсун күннэргэ
Көрүлээн-нарылаан тураммыт
Өйү, күүһү үрдэтиэхпит,
Өлгөм дьолу төрөтүөхпүт...

Дорҕоон-долгун күннэргэ
Долгуйан-оргуйан тураммыт
Кыра норуот кыайыахпыт,
Кырыыс баһын быһыахпыт...

Кыыһар сардаҥа уотугар,
Кыһыл үйэбит дьолугар
Уһун тускул тутуохпут,
Уруй-айхал этиэхпит...


1922