Сүүс киһиэхэ сүгүрүйэн
Тоҥхоруҥнуох кэриэтэ
Бэргэн буулдьа аһылыга
Буолбут быдан, быдан ордук.
Сүүс омукка үтүрүллэн
Хам баттаныах кэриэтэ
Кырыктаахтык кыргыспыппыт
Быдан ордук, оннук ордук.
Көҥүл! Көҥүл! Көҥүл!
Биһиэхэ күндү!
Көҥүл! Көҥүл! Көҥүл!
Биһиэхэ үрдүк!
Былаҕайга былдьаммакка,
Быстах суолу тутуспакка,
Хааччах суолу тумна куота
Сатаабыт быдан ордук, оннук ордук.
Олохпутун сөхсүнэммит,
Омукпутун сөргүтэммит,
Очуос тааска бары бииргэ
Ыттыбыппыт быдан ордук,
Оннук, оннук.
Көҥүл! Көҥүл! Көҥүл!
Биһиэхэ күндү!
Көҥүл! Көҥүл! Көҥүл!
Биһиэхэ үрдүк!