Лена


Эҥсиллэ сытар эбэбит Лена —
Эрэһэ эбир долгуннаах иэнэ,
Эҥкээрэн көстөр эйгэтин киэҥэ,
Көстүбэт иилээх далайын күөнэ.

Үтүмэн сылга үс саха бииһин
Аһаппыт-сиэппит кытылын бигии,
Күн ыраас уутун сүүрүккэ биэрэн,
Айгыста сытар эбэбит Лена.

Көрбүтүҥ былыр: сүппүт ыар үйэ
Күн уотун бүөлүүр кыргыһыы мэйин:
Көрбүтүҥ: сахаҥ буорайбыт ыалын,
Хараҕа туолбат хара сут дьылын.

Билигин, эбээ, эн кыйаар дуолуҥ
Биэбэйдээн ииппит эн ыччат дьонуҥ,
Биэрэккэ киирэн, олохпут дьолун
Дьиэрэтэ ыллаан туойдахпыт буоллун!


1937

Антология иһинээҕитэ

Илья Дорофеевич Винокуров - Чаҕылҕан

Сүрүн сирэйгэ төнүн