Тоҕустуу түптүрдээх түүнүктээх түрмэни
Төлүтэ көппүтү, Аҕыстыы хаппахтаах хараҥа хаайыыны
Хайыта тэппити, Манчаары туйгуну билэҕиэт, доҕоттоор?
Толооку-томтору тумнара сабардыы
Тоҥуу хаар иэнинэн Тоҕустуу хаамыынан чүөмчүлээн бырдааттыыр,
Быыппастар быччыҥнаах Быһыйкаан дазаны атахтаах дэһэллэр.
Бардам баай тэриммит ыаҕастаах күлүүһүн
Кетүрү тардыбыт, Дохсун баай эрэммит болгуолаах олуурун
Тоһута анньыбыт Ньыгылкаан даҕаны ытыстаах дэһэллэр.
Адаҕа тимиртэн, сатара кымньыыттан
Таҥнары кербөтөх, Кылырдыыр чыьтнардаах кырыктаах тойонтон
Толлору билбэтэх Уот чолбон даҕаны харахтаах дэһэллэр.
Ырыаҕа ылланар Манчаары Баһылай
Дьоһуннаах сураҕа: Күүстээхтэн туйгуна, быһыйтан бастыҥа,
Телөннеөх сүрэҕэ — Эр бэрдин телөннөех сүрэҕэ дэһэллэр.
Сирэйдээх үтүөтэ, уҥуохтаах кенөтө
Манчаары Баһылай Суохтааҕы халаабыт, мөлтеҕү муҥнаабыт
Буруйа суох этэ... Сүрэхтээх ырааһа — Манчаары дэһэллэр.
Батыйа күөрэтэн, баайдары уолутан Булбутун барытын:
Кылааннаах түүлээҕи, өрүөллээх харчыны —
Бар дьоҥҥо түҥэтэн, Суохтаахха түҥэтэн үргэҥниир дэһэллэр.
«Сүһүөхпүт сүүрээнин, харахпыт ууларын
Уулааннар уойаллар. Баай үбэ барыта — бар дьоммут сүмэтэ!
Манчаары аатыгар Туһаныҥ, доҕоттоор!» — диир үһү дэһэллэр.
Тордуоктаах тумустаах тойон кыыл дойдута
Сис тыабыт үөһүгэр Манчаары Баһылай керсүһэр дэһэллэр.
Эр бэрдэ киһиэхэ, уотугар олорсон,
Олоҕу сураһар: «Төрөебүт дойдубун, үөскэзбит дойдубун,
Бар дьоммун ахтабын... Ахтабын, доҕоччуок!» — диир үһү дэһэллэр.
«Тымныыга күрэтэр күн уота күлүмнээн,
Күөх сирэм кэлиэҕэ. Оччоҕо эргиллиэм!»— диир үһү дэһэллэр.
Эр бэрдэ киһиэхэ, бэрт эдэр киһиэхэ,
Уотугар олорсон, Сис тыабыт үеһүгэр, таас дьааҥы үрдүгэр
Доҕордуу арахсан Килбэҥниир болоту далбаатыыр дэһэллэр.
Саас буолан көҕерөн мутукча хамсаарай,—
Тахсаммыт керүөҕүҥ! Күөх сирэм чэлгийэн, Манчаары кэлээрэй,—
Уруйдаан көрсүеҕүҥ, Манчаары Баһылай кэлиэҕэ дэһэллэр...