Манчаары (Моисей Ефимов)
Түһээммин Манчаарыны көрбүтүм.
Турар эбит хара маска тиириллэн.
Тулатыгар дьон бөҕө үмүөрбүт.
Оруоска ыйылаан иһиллэр.
Дьон саҥа аллайар: "Абытай!"
Өһөхтөөх кыа-хаан ыһыллар.
Ол ахсын Манчаары хараҕыттан
Сырдык кыым сардыргыы саҕыллар.
Сыыйыллар сардаҥа буоланнар,
Тыргылла көтөннөр ол кыымнар
Үмүөрэн турар дьон сүрэҕэр
Тиийэннэр хатана түһэллэр.
Сандаара чаҕыллан ол аайы
Сүрэхтэр умайан бараллар.
"Кырдьыгым — ити, — диир
Манчаары, —
Уот-төлөн буолан сыдьаайар".
Итиэннэ кэлгиэтин киэр илгэн
Кытыастар кутаа үөһүттэн
Дьэргэс гына түһэр эмискэ
Сытыы кылааннаах кылыстыы.
Түһээммин Манчаарыны көрбүтүм:
Көҥүл күлүмнүүр төлөнүн
Бар-дьон сүрэҕэр күөдьүтэ
Уот сындыыс буолан көппүтэ.