Марина (Слепцов Анатолий Игнатьевич)
- Дьонтон хаалыма - алдьархай ситиэ.
- Дьонтон урутаама - алдьархайы ситиэҥ.
- К.М. Давыдов.
Тымныы кыһын тыйыс тыына сири-дойдуну тоҥорон турдаҕына, биир куһаҕан сурах тиийэн кэллэ, сүүрбэ сыллааҕыта оскуолаҕа бииргэ үөрэммит үөлээннээхтэри түмэ тарта. Уон сыл бииргэ үөрэммит кыыстара Марина, былаҕайга былдьанан тыына быстыбытын бастакынан истэннэр, Митээлээх Былаадьык бииргэ үөрэммиттэригэр ыар сонуну биллэрэр соруктаннылар.
Тиһэх суолугар атаарарга сиэр быһыытынан, ким баарынан түмсэн, бокуонньук сытар дьиэтигэр тиийдилэр, Марина тулаайахсыйбыт эдьииймгэр күүс-көмө буоллулар, тиһэх остуолу тзрийистилэр.
Митээ хаста даҕаны хоско киирэн, Марина аттыгар олордо... Марина төһө да ыарахан олоҕу олордор, бу билигин, Митээ иннигэр, сүүрбэ сыпь төрүт мэлдьэспит курдук сытар. Оскуолатааҕы кэмнэригэр курдук хатыҥыр, кыра үҥуохтааши. Баттаҕын бөрөчүөасэтэ да уларыйбатах куредк. Арай таҥаһа мөкү соҕус быһыылаах... Сарсын оҕолоро кэлэллэр диэтилэр... Үс оҕо ийэтэ бу сыттаҕа... Арай бэҕэһээ эрэ курдук Митээ санаата биир түгэни: онус кылааска сылдьан Сэбиэскэй Аармыйа кунүн Тонялаах дьиэлэригэр ылбыттара. Онно Митээ, олоҕор бастакытын, кыыһы вальска ынырбыта. Оччолорго ама маннык буолуо диэн билиэхтэрэ дуо!
Митээ билигин, төһө даҕаны олох чыпчаалларын дабайбатар, син дьон тэҥэ сылдьар курдук сананар: үлэлээх, дьиэлээх-уоттаах, биир оҕолоох. Кини билэринэн, Марина үөрэҕэр төһө да кыахтааҕын иһин, оскуоланы бүтэрэригэр үрдүк үөрэххэ барар путевкаҕа тиксибэтэҕэ. Ийэтэ муоста сууйааччы буолан атаҕастаабыттара эбитэ дуу?.. «Оскуола-производство-үрдүк үөрэх» диэн девизкэ оҕустаран, хотоҥҥо үлэлээн, устунан атын дойду уолугар кэргэн тахсан, оҕолонон, үөрэҕэ суох хаалаахтаабыта. Кэргэнэ кырбанан өлбүтэ, Марина үс оҕотунаан соҕотох хаалбыта... Устунан арыгыһыт буолан, оҕолорун кэргэнин дьонугар былдьатан, дойдутугар төннөр моһолломмута. Төрөөбүт сиригэр кэлэн баран, оскуолатааҕы доҕотторун тумна сатыыра: үөлээннээхтэрэ бары олохторун оҥостубут курдуктара, арай кини эрэ туга да табыллыбатах курдук этэ...
Кыыстарын кистээбит күннэригэр Митээлээх Былаадьык бииргэ дьиэлээтилэр. Өр соҕус саҥата суох айаннаан баран Митээ эттэ: «Былаадьык, өйдүүгүн бу суолунан Маринкалыын аргыстаһарбытын? Кини наар ортоку хаамара дии уонна биһигини күлүү гынара: «Бу да уолаттар, атаххы-тынан саллырҕайдаан түһэҥҥит! Икки ардыгытыгар мин суолум суоҕа буоллар, сарсын сарсыарда дьон үлэлэригэр баран иһэн, Туһалыыр Мэхээлэ тыраахтара бэлиэр күөлү мууһунан туораабыт диэхтэрэ этэ». — диирэ. Киһитэ саҥарбатаҕар тулуйбата: «Доҕоор! Мин бүгүн туох эрэ аньыыны оҥорбут курдук санаалаах иһэбин. Маринка тиһэх остуолугар биир өттүгэр дэриэбинэ улуу арыгы-һыттара олордулар, нөҥүө өттүгэр биһиги, бииргэ үөрэммит оҕолоро, олордубут. Остуол биир өттүгэр наар Марина абырахтаабытын, хаһан эрэ пии-бэлээх кэлэн абыраабытын туһунан кэпсэтэллэр. Биһиги өттүбүтүгэр наар Марина арыллыбатах кыаҕын, билиигэ тардыһыылааҕын, комсорг бы-һыытынан ирдэбиллээҕин туһунан кэпсээтибит. Хайдах эрэ бүгүн биир ииҥҥэ икки киһини көмпүт курдук буолбатахпыт дуо?» Былаадьык саҥата суох тохтоон, өр соҕус табаҕын уматтыбыта буола турда, онтон эттэ: «Биһиги аньыыбыт диэн... Марина олоҕо, мин саныырбынан, куоракка олорор атастарбытынан сарбылынна. Кинилэр үөрэххэ путевкаҕа тиксэн, туһанан баран, ол талбыт идэлэринэн биирдэрэ да толору үлэлээбэтилэр. Бары иккис үөрэх, иккис идэ, иккис олох: Арай оччолорго Маринка үөрэххэ киирбит буоллун...»
Митээ Былаадьыгы тохтото сатаата: «Оччотооҕуга биһиги бары оҕолор буоллахпыт дии. Ким билиэй маннык буоларын... Онно барытын төрөппүттэрбит быһаардахтара дии!»
«Чэ, кытаат, оскуолатааҕы кэммэр төрөппүттэрим барытын дьаһайбыттара, аармыйаҕа сылдьан, андаҕайбыт судаарыстыбам бэйэтэ миигин таҥнаран суох буолбута, барытыгар бары буруйдаахтар, арай мин эрэ ырааспын диэ! - Былаадьык хатыылаах хараҕынан доҕорун диэки көрдө, - биһиги бары оҕо эрдэҕинээҕи суолбутун көнөтүнэн суорбакка, наар тиксибит кэммитигэр сөп түбэһэ сатаан айаннаан кэллибит. Ол буолар, биһиги аньыыбыт... Маринка бэйэтин олоҕун сатыырынан олорон аастаҕа, ону эн икки киһини көмтүбүт диигин... Бүгүн Маринка биһигини түмэн, олорбут олохпутун ырыҥалатта, уруккуну уонна билиҥҥини көрдөрдө. Эн биири өйдөө: бүгүн оҕо сааспытынаан тиһэх көрсүһүүбүт этэ. Онно сорохторбут кэлбэтилэр, соло булбатылар, суолта биэрбэтилэр...»
Митээ туох диэн билбэтэ, нүксүччү туттан, табаарыһын кытта сэргэстэһэ хааман барда. Сүүрбэ да сыл аастар уолаттар аргыстаһар суоллара биир - иккиэн төрөөбүт тэлгэһэлэригэр дьиэ туттан олороллор. Арай икки ардыларыгар Марина суола суоҕун курдук суох...