Миигин тоҕо ыллаппаккын? (Алампа)

* * *



Миигин
Тоҕо ыллаппаккын?
Ыллыым ээ, ыллыым!
Эн
Уйгулаах уугун
Уйгуурдуом суоҕа,
Эн айылгылаах санааҕын
Аралдьытыам суоҕа,
Эн
Хоргус санааҕын
Куттуом суоҕа...
Суох!
Аргыый-аргыый,
Аччыгыйдык, айаҕым иһигэр
Ыллыым ээ, ыллыым!
Мин
Эйигин
Куһаҕаны хоһуйан
Курутутуом суоҕа,
Ыстырыыһы ыллаан
Ытатыам суоҕа.
Улаханнык ордоотоон
Уһугуннарыам суоҕа,
Суох!
Аргыый-аргыый,
Аччыгыйдык, айаҕым иһигэр
Ыллыым ээ, ыллыым!
Тоҕо ыллаппаккын!
Мин ыллыам:
Эн
Утуйа сытар
Уйгулаах ньуургун,
Намчы солко
Ньалҕахай баттаххын,
Субуйуу солко
Субуллар суһуоххун,
Хара хааһыҥ ханыытынан
Харанан
Хаһылыччы көрөр
Арылхай хараҕыҥ
Арылыйа арылларын,
Сииктээх сир сибэккитин
Сэбирдэҕин курдук
Тэтэркэй имнэргин,
Ойуу курдук
Оччугуй уоһуҥ
Аргыый аһыллан,
Көмүс тииһиҥ
Күлүмнээн көстөрүн.
Күндү түөһүҥ
Көппөҥнөөн көбүөхтүүрүн,
Нарын-нарыннык
Талбааран хамныырын
Тоҕо ыллаппаккын?
Аргыый-аргыый,
Аччыгыйдык, айаҕым иһигэр
Ыллыым ээ, ыллыым!
Мин ыллыам:
Эйигин
Үрүҥ күн анныгар,
Үктэл буор үрдүгэр,
Баайдааҕар бастатан,
Үптээҕэр үрдэтэн,
Күҥҥэ көстөр
Күндүттэн күндүргэтэн,
Этим-хааным ирэн,
Эт сүрэҕим эймэнийэн
Таһыччы таптыырбын...
Эн иннигэр
Кытыаста умайар
Кытарар уокка
Кытта умайыам.
Будулуйар боруоктаах
Буккуллар муораҕа
Төбөбүнэн түһүөм,
Үөрбэ тимиргэ
Өтөрү үөлүллүөм,
Сынтарыйбат-сымнаабат
Сытыы буулдьаҕа
Түөспүнэн көрсүөм,
Өлүөхпэр дылы
Өһүргэтиэм суоҕа,
Сааһым тухары
Санаарҕатыам суоҕа,
Тоҕо ыллаппаккын?
Аргыый-аргыый,
Аччыгыйдык, айаҕым иһигэр
Ыллыым ээ, ыллыым!..


5—V—29 c.


Алампа

Сүрүн сирэйгэ [[Категория:Алампа]