Мин бүгүн кынаттаах аппынан
Былыкка куйаардан эрэрдии,
Хомуhун кубулҕат аппынан
Хоhоонум кутуллан эрэр дии!
Таптыыбын бу манна бааллары -
Бу күөҕү, бу халлаан саҕаҕын,
Эҥсиллэр иҥсэлээх бааллары,
Кирис тыам! Эн кэрии саҕаҕын.
Таптыыбын күөх быйан сааhынан
Ньургуhун сибэкки тылларын,
Бу тойук маннык саас-сааhынан
Суккуллар дьиэрэҥкэй тылларын.
***
Аттыбар кыракый көлүйэ,
Анныбар Лена биир салаата.
Көбүөхтүүр күүстэрин көлүйэ
Күөх долгун биэрэги салаата.
Көрүлээ, күүгүнээ, чэ, Лиэнэ!
Эн уоргун, уо, дьэ туох тохтотуой!
Киэргэннэ биэрэгиҥ чэл иэнэ,
Киниэхэ күөх уунан тохто туой!
Таас хайа! Кылбайар кырыыгын
Көй долгун сууйбатах муҥунан,
Көбүөхтүүр сүүрүгү кырыыгын
Күрбэ таас күөмэйин муҥунан.
Эйиэхэ бокулуон уураары
Элиэнэ бэккэ да кыhаллар
Эн уоттахх уостаргын уураары
Долгуннар таастары кыhаллар.
Турдулар бараммат баараҕай
Көбүөхтүүр долгунныар. О, Лиэнэ,
Эн түллэр бардамыҥ баар аҕай
Уордайда кэл киэбин ол иэнэ.
Силлиэ тыал, силлиэрдин, баҕардар!
Синэ биир - бар ытаа, бар ыллаа.
Эбиитин элбэххэ баҕардар,
Эрэй уон арааhын барыллаа.
Хаhыырар буурҕалаах сатанан
Ыар былыт халлааны сабыыта,
Сылдьыбыт сырыым дьэ сатанан
Суйданна саарбах өй сабыыта.
Мин уҥуор биэрэккэ бараммын
Уоттаах түүн кистэлин уордарбын
Ол мүөтүн ыймахтаан бараммын
Уоскутуох этим ыар уордарбын.
***
Мин санаам ыарахан тимирэ
Долгуну туоруурга сорунан,
Киэҥ үөскэ тимирэ-тимирэ
Күөрэйдэ тыын быстар сорунан.
Силлиэ тыал часкыйан ытыырын
Улахан куттал диэн көрбөккө
Туораатым күрүлгэн ытыырын
Харахпын кэннибэр көрбөккө.
Этиҥнээх буурҕабыт аhынна,
Мин буллум үрдүк таас хайабын.
Тыал тоҕо бу миигин аhынна? -
Биллэҕэ мин киммин-хайабын.
Дьэ куоттум дьиктибин айаммын...
Туох баарай бу мантан ыар, этиҥ?
Көрдүгүөт, баламат айаммын -
Күөх долгун, таллан таас, ыар этиҥ!
Оол, миигин куоттаран , кыhыйан,
Эбэккэм хараҕын симмэхтиир,
Кырылас кумаҕын кыhыйан,
Кыллырҕас кутта5ар симмэхтиир.
Уотунан кытыастан, кытаран
Силлиэ тыал күрэнэ турбута.
Сүрэ5эр үөрүүтүн кытаран
Биэрэккэ поэт уол турбута.
Киэҥ халлаан аhаҕас уолугар
Буурҕа тыал күрэнэн хааллар да,
Тыл ууhа тойуксут уолугар
Бэйэтин бэлиэтин хаалларда.
Ол бэлиэ сүрэхтэн сууллубат...
Мин үрдүк ыллыкпын ыйыаҕа,
Буурҕаттан охтубат, сууллубат
Маягын үрдүбэр ыйыа5а.
***
Хараҕым иирдэ дуу? Суох, атын -
Халлааҥҥа көтөллөр парустар -
Ол уордаах Елүөнэ суо-хатын
Аныардаах үөһүттэн паар устар.
Долгун! Биир чаас баран эрээри
Кыл тыыннаах сордонор сорунуу,
Сотору да бүтүөх эрээри
Суоhурдун - ол быстах сорунуу.
Айылҕам! Утуйан аҥаарый...
Бу сири дьиктилээх сир дииллэр,
Халлааҥҥа дьаарбайдын аҥаар ый,
Кинини дьай тыыннар сирдииллэр.
Күөх биэрэк дьэҥкэрэ түhээтин
Киэргэлгэ киэргэлин эппитэ,
Утуйбут түүлүгэр түhээтин -
Санаа5а бу курдук эппитэ:
"Дьэргэлгэн үҥкүүлүүр сирэ мин
Киэҥ кыраай бараммат баайабын,
Мин тыыннаах айылҕа сирэммин
Тырымныыр букеты баайабын".
О, чахчы, дойҕохтоох сир, бэккин.
Уус тылтан күндү таас кыhыллар,
Күн сирин киэргэлин сирбэккин,
Көстөллөр бу күөхтэр, кыhыллар.
***
Кэрэ түүн кээмэйдээх чааhынан
Кинини кэтэhэн турабын,
Ол кэми кэтиирим чааһынан
Сүүс төгүл мин туойан турабын.