Мин санаам ыарахан тимирэ
Долгуну туоруурга сорунан,
Киэҥ үөскэ тимирэ-тимирэ
Күөрэйдэ тыын быстар сорунан.
Силлиэ тыал часкыйан ытыырын
Улахан куттал диэн көрбөккө
Туораатым күрүлгэн ытыырын
Харахпын кэннибэр көрбөккө.
Этиҥнээх буурҕабыт аhынна,
Мин буллум үрдүк таас хайабын.
Тыал тоҕо бу миигин аhынна? -
Биллэҕэ мин киммин-хайабын.
Дьэ куоттум дьиктибин айаммын...
Туох баарай бу мантан ыар, этиҥ?
Көрдүгүөт, баламат айаммын -
Күөх долгун, таллан таас, ыар этиҥ!
Оол, миигин куоттаран , кыhыйан,
Эбэккэм хараҕын симмэхтиир,
Кырылас кумаҕын кыhыйан,
Кыллырҕас кутта5ар симмэхтиир.
Уотунан кытыастан, кытаран
Силлиэ тыал күрэнэ турбута.
Сүрэ5эр үөрүүтүн кытаран
Биэрэккэ поэт уол турбута.
Киэҥ халлаан аhаҕас уолугар
Буурҕа тыал күрэнэн хааллар да,
Тыл ууhа тойуксут уолугар
Бэйэтин бэлиэтин хаалларда.
Ол бэлиэ сүрэхтэн сууллубат...
Мин үрдүк ыллыкпын ыйыаҕа,
Буурҕаттан охтубат, сууллубат
Маягын үрдүбэр ыйыа5а.