Мин сулуһум


Үрүт буорга үктэниэхпиттэн
Үрүт өттүбэр үөскээбит,
Үлүгэртэн өрүһүйээччи
Үргэл сулус үөлээннэзх,
Аан дойдуга ананыахпыттзк
Араҥаччы буоларга ан аммыт
Араҥас сулус
Аҥар салаата аргыстаах,
Төбөм оройугар
Төгүрүйэн үөскээбит
Чороҥ соҕотох, дьоллсох
Чолбон сулус доҕордоох,
Баарым тохору
Баһым үрдүгэр
Батыһа сылдьар
Маҥан сулус
Баһылыктаах этим...
Онтукам
Хараҥаҕа мунан,
Харгыска хаптаран,
Санааҕа ылларан
Санньыйар күммэр,
Сандааран биэрэн
Сайыннарар буолара...
Буомчаҕа булларан
Муҥур-соҥур буоллахпына,
Күрүөҕэ хаайтаран
Күүһүм күөйүлүннэҕинэ,
Күндээрэн көстөн
Күүс угар буолара...
Хараҕым сабыллан
Хараҥаҕа харбыалаһан,
Сиппэххэ түбэһэн
Силискэ иҥиинэхпинэ,
Сээкэтийбит санаабын
Сэргэхситэр буолара...
Дьоллоох чолбонуом,
Соргулаах сулуһуом,
Үеһээ өттүбэр
Өрө күндээр!
Чабырҕайым чанчыгар
Чаҕылыйан сандаар!
Хараҥаҕа хаайтарыма,
Харгыска хаптарыма!
Көстө күндээрэн
Көхсүбүн көндүөрүт,
Сандаара сырдаан
Санаабын сайҕаа!..
Элбэххэ эппэппин,
Эйиэхэ эрэнэбин,
Соботох дьолум —
Чолбон сулуһум,
Тосхой, Чугаһаа!
Арахсыма, аргыстас,
Айхал-уруй буоллун...


1921

Антология иһинээҕитэ

Сүрүн сирэйгэ