Мин таммахпын (В. Потапова)

Поэттарга (В. Потапова) Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
[[|ааптар]]
[[]]→




Мин таммахпын.
Мин олус утатабын.
Уулуу сатыыбын Сири —
Угуттуубун сиигинэн.
Утатабын син биир.
Мин олус утатабын.
Сир сылайар миигиттэн,
Куота сатыыр кураанынан.
Мин үөһэ көтөбүн
Чап-чараас туманынан.
Быралгы былыттары сырсабын.
Мин олус утатабын.
Үрүйэ буолан сүүрэбин,
Айаас долгуну миинэбин,
Үрүҥ хайаларга үҥкүрүйэбин,
Таас хаспахтары үлтүрүтэбин.
Мин олус утатабын.
Долгуна суох дэбилийбит
Чөҥөрө чүөмпэни аймыыбын —
Тыалтан куота оонньуубун,
Ситэн турар күөх ойууру
Кууһабын, ытатабын,
Ала хатыҥ сөрүүн түөһүгэр
Саһабын, хараастабын,
Мин олус утатабын.
Оо, күн, айхаллан!
Эйиэхэ утары барабын
Эн уот утаххын ууруубун...
Аны таммах буолбатахпын,
Аны мин утаппаппын.
Оо, күн, аһын!
Утатыахпын баҕарабын!