Мин


Мин чуумпу хоспор олороммун,
Мин соҕотох буолбатахпын,
Мин илиибэр гитарам баар -
Арахсыспат аргыhым.
Мин санаам хайдах баҕарарынан
Ырыа айан ыллыыбын,
Мин дууhам тугу кэпсииринэн
Дьону кытта кэпсэтэбин.

Миигин дьоннор кимиэхэ эрэ
Тэҥнииллэрин сөбүлээбэппин,
Ол да буоллар мин ол дьонтон
Туох да ураты көстүүм суох.
Мин санаам хайдах баҕарарынан
Ырыа айан ыллыыбын,
Мин дууhам тугу кэпсииринэн
Дьону кытта кэпсэтэбин.

Мин чуумпу хоспор олороммун
Мин соҕотох буолбатахпын,
Мин илиибэр гитарам баар -
Арахсыспат аргыhым.
Мин санаам хайдах баҕарарынан
Ырыа айан ыллыыбын,
Мин дууhам тугу кэпсииринэн
Дьону кытта кэпсэтэбин.