ОЛОҤХО "МОДУН ЭР СОҔОТОХ" - "МОГУЧИЙ ЭР СОГОТОХ"

уларыт

БОЛҔОМТО! ОЛОҤХО СИТЭРИ ТАҺААРЫЛЛА ИЛИК! ТЕКСТ ПОКА НАХОДИТСЯ НА НАЧАЛЬНОМ ЭТАПЕ ОПУБЛИКОВАНИЯ!

Публикуемая запись текста олонхо была произведена в 1982 году в присутствии слушателей, знатоков и ценителей олонхо, которые с большим интересом отнеслись к процессу сказывания и поддерживали олонхосута возгласами: "Ноо!", "Ох, ужасно!","Да, страшно!" и т.п. Эти восклицания в данной публикации приведены в круглых скобках.

Для расшифровки магнитной записи олонхо привлекался сам олонхосут. Он включал магнитофон и внимательно слушал запись своего исполнения. К местам с быстропроизнесенными или плохо различимыми словами олонхосут неоднократно возвращался, выясняя их смысл.

Текст записи разбит на стихотворные строки. Разбивка песенной части не составила большого труда, так как олонхосут в песнопении конец стиха затягивает, украшая его кылыhах-ом. При разделении на стихи вступительной части, исполняемой речитативом, учитывались интонации олонхосута и ритм. Большую трудность составила разбивка на стихотворные строки описательной части олонхо. Богатырская поездка, единоборство иногда описываются с использованием эпических формул, которые передаются ритмической речью. Поэтому при первой подготовке якутского текста они были выражены прозой со стихотворными вставками. В дальнейшем пришлось отказаться от этого и разделить весь текст на стихи. Исключением является ремарка олонхосута, включенная в текст между стр. 1308 и 1309.

Диалектные особенности языка олонхосута максимально сохранены и подробно объяснены в примечаниях к якутскому тексту. олонхосут часто употреблял архаизмы и слова, которые не зафиксированы в словарях якутского языка. Такие слова прокомментированы самим сказителем и знатоками старины.

Эстетическая ценность олонхо в полной мере проявляется во время исполнения. Слушатели, давая оценку якутским сказаниям, учитывают не только их содержание, но и разнообразие их звуковых образов и мелодии. Из-за невыразительной интонации могут показаться тусклыми, непритягательными эпические герои, воплощенные в них идеалы, а также сюжеты. Неточности, оговорки сказителя, обнаруженные при расшифровке магнитофонной записи, прокомментированы в примечаниях к якутскому тексту. Восстановленные нами пропуски отдельных слов, которые нередко встречаются в устной речи, заключены в квадратные скобки.

Публикуемый текст на якутском языке и в русском переводе разбит на блоки по 10 строк. Перевод сделан по принпипу адекватной передачи смысла и поэтического стиля оригинала. Нумерация стихов перевода соответствует нумерации якутского текста. Лишь в редких случаях для достижекия смысла в переводе потребовалось изменить порядок стихов в пределах поэтических блоков.

В словаре и комментариях к переводу поясняются архаическая лексика, идиоматические выражения, понятия из области мифологии и этнографии, эпическая топонимика. Во вступительной статье, переводе, комментариях и словарях буквы якутского алфавита заменены русскими: Ө на Ё, Ү на Ю, Һ на С, Ҥ на НГ, Ҕ на Г. Долгие гласные и дифтонги сохранены. В переводе курсивом выделены слова, оставленные без перевода.


ПРИМЕЧАНИЯ ИНТЕРНЕТ-РЕДАКТОРА: В оригинале якутский и русский тексты идут , перемежаясь, на разных страницах. Для удобства читателя, на нашем сайте перевод на русский следует параллельно, строка к строке. Нумерация стихов будет восстановлена позднее, сейчас она отсутствует по причине необходимости упростить оцифровку текста.


"МОДУН ЭР СОҔОТОХ"

Былыргы дьылым
Быстар мындаатын
Быдан ынараа өттүгэр,
Урукку дьылым
Охсуһуулаах уорҕатын
Отой аннараа өттүгэр*,
Ааспыт дьылым
Анысханнаах айдааннаах күнүн
Адьас анараа таһаатыгар,
Куоппут дьылым
Кудулҕаннаах кудан өлүү уорҕатын
Куоһаралаах хоҥноҕор
Киһи аймаҕым
Кэпсэтэн билсэ илигинэ,
Саха аймаҕым
Саҥарсан дьааһыйа илигинэ,
Урааҥхай сахам,
Ураһа соннооҕум*,
Уу ньамаан тыллааҕым,
Уһаты уллуҥахтааҕым,
Утарыта көрсөн,
Ол-бу дии илигинэ,
Ичээн эттээҕим,
Куодалаах уҥуохтаахтарым,
Ойуун аймахтарым
Одуулаан көрө иликтэринэ,
Сир ийэ хотунум
Сиэрэй тииҥ тиҥилэҕин саҕаттан
Тэнийэн-тэрбэйэн,
Үүнэн-үөскээн,
Сачарыы табам

"МОГУЧИЙ ЭР СОГОТОХ"

За дальней далью
конечной вершины
древних моих лет,
далеко по ту сторону
хребта бранных
давних моих лет,
далеко за гранью
буйных суетных дней
канувших моих лет,
за чередой
гибельных хребтов
убежавших моих лет*,
когда человеческие племена,
в разговоры вступая, — не спознались еще,
когда племена якутов,
словами обмениваясь, — не знались еще,
когда — со ступнями продольными ,
многоречивые,
в шубах, словно ураса,
ураангхай саха мои,
друг с другом встретившись,
о том о сем не толковали еще,
когда провидцы мои*,
с меченой костью
сородичи-шаманы мои*
[будущего] не прозревали еще, —
госпожа мать-земля моя,
величиной с пятку серой белки будучи,
расширяясь-растягиваясь,
разрастаясь, рождалась;
подобно вывернутому,
Кулгааҕын сарыытын
Тиэрэ тарпыт курдук,
Сарбайа үүнэн,
Сараадыйа улаатан испитэ эбитэ үһү.
(Ноо!)*
Ол курдук
Тоҥолохтоотор долгуйбат,
Баттыалаатар маталдьыйбат
Баараҕай таһааланан
Туруу чоҕой хара буорум
Туоллан туругуран испит эбит.
Туруу чоҕой хара буорум*
Туруу дьааҥынан тулаланан,
Араат байҕалынан арҕастанан,
Уолбат муоранан улаҕаланан [испит]*
Сэттэ иилээх-саҕалаах,
Сэттэ биттэхтээх
Сир ийэ-аан дойдум
Сити курдук үөскээн испит эбит.
(Ноо!)
Бу
Сир ийэ аан дойдубун
Силиһинэн силбиэһиннээннэр,
Отунан оскуомалааннар,
Маһынан бааччыйаннар,
Хардаҥ эһэ арҕах хастар
Халыҥ хара тыалааннар,
Анабы тайах* арҕастар
Адаар хара тыалааннар,
Аан ийэ дойдубун сол курдук
Айан испиттэр эбит.
Ол курдук
Охтон баранар мастаах,
Уолан суоруйар уулаах,
Хараан төннөр кэҕэлээх,
Ханчылаан* төннөр балыктаах,
Хагдарыйан төннөр мутукчалаах,
Олкураҥнаан төннөр сүөһүлээх,
Ороһулаан төрүүр киһилээх
Орто туруу аан ийэ дойдубун
Сол курдук
Оҥорон-тутан испиттэр эбит.
(Ноо!)
мягкому, как замша, уху
двухгодовалой важенки*
растопыриваясь во все стороны,
постепенно увеличивалась, оказывается.
(Ноо!)
Вот такой:
локтем толкнешь — не дрогнет,
надавишь ее — не прогнется, —
такою крепкою твердью став,
неколебимая черная ширь земная,
мощь свою обретая, рождалась, оказывается.
Неколебимая черная ширь земная,
нерушимыми скалами по краям ограждаясь,
Араат-морем* в середине вспучиваясь,
неубывающими морями вокруг окаймляясь,
семиободная-семикрайная,
с семью подпорками
изначальная мать-земля моя
вот так сотворялась, оказывается.
(Ноо!)
Вот эту
изначальную мать-землю мою
кореньями связывая,
травами укрепляя,
деревьями опутывая,
дремучей черной тайгой покрывая,
где бурый медведь берлогу устраивает,
непроходимой черной тайгой покрывая,
которую для гона матерый лось облюбовывает,
изначальную мать-землю вот так
сотворять продолжали, оказывается.
Вот такои:
с деревьями, которые, падая, — погибают,
с водами, которые, испаряясь, — мелеют,
с кукушками, которые, откуковав, — умолкают,
с рыбами, которые, отнерестившись, — уходят,
с хвоей, которая, пожелтев, — осыпается,
со скотом, который, вырождаясь, — мельчает,
с людьми, которые поздно рождаются,
Среднюю изначальную мать-землю мою*
вот такой
создавать-сотворять продолжали, оказывается.
(Ноо!)
Кистэлэҥэ биллибэт
Киҥкиниир киэҥ халлааммын
Үллэн-тохтон түһүө диэннэр,
Үргэл тойонунан өһүөлээбиттэр.
Ыллан-хайдан түһүө диэннэр,
Ый тойонунан ытаһалааннар,
Көллөн-тохтон түһүө диэннэр,
Күн тойонунан көлөһөлөөннөр,
Тахсар күммүн
Далбарай чыычааҕынан чаһыылааннар,
Киирэр күммүн
Күөрэгэй чыычааҕынан дьөһүөлдьүттээннэр,
Хардастыгас уҥуохтаахтар,
Хара харахтаахтар
Харах ыарыһах буолуохтара диэннэр,
Хараҥа түүннээбиттэр эбит.
(Ноо!)
Түөрдуон* түлүрбэх көтөр төргүүлээх,
Бороҥ куобах болбуоттаах*
Бороҥой хараҥа түүннээн
Боруорсубуттар эбит.
(Ноо!)
Көрүлүөс күргүөм санаалаахтар*,
Көрбүөччү харахтаахтар*
Күн сиригэр
Көччүйэн уөскээтиннэр диэн,
Күндү күлүмнэс сырдыктаан,
Күнүстээбиттэр эбит.
(Ноо!)
Ол курдук
Аҕыс иилээх-саҕалаах,
Атааннаах-мөҥүөннээх,
Айгырдаах-силиктээх
Аҕа бараан дойдубун
Аан бастаан соҕурдук
Айан испиттэр эбит;
Сэттэ иилээх-садалаах,
Сэттэ биттэхтээх
Сир ийэ аан дойдубун
Сэттэ сиикэй муоранан сиксиктээннэр
Ситэрэн-ханаран испиттэр* эбит;
(Ноо!)
Тоҕус иилээх-саҕалаах
Тоҕус биттэхтээх
Тоҕус тоҥмот муора улаҕалаах
Чтобы с непостижимою тайной
широкое гулкое небо,
расшатавшись, не рухнуло, мол,
созвездием Плеяд, как матицей, подперли его*,
чтобы, треснув, не обрушилось, мол, —
почтенным месяцем, как клином, его заклинили,
чтобы, расколовшись, оно не рассыпалось, мол, —
почитаемым солнцем, как обручем, охватили его;
[для его] восходящего солнца
раннюю пташку быть часами определили,
[для его] заходящего солнца
жаворонка в спутники дали,
чтобы [люди] с суставчатыми костями,
с черными глазами
хворью глазной не страдали, мол, —
темную ночь сотворили, оказывается.
(Ноо!)
С тороками из сорока мохноногих сычей,
с упряжью из серых зайцев* —
сумрачно-черной ночью
затемнили. оказывается.
(Ноо!)
Чтобы добрые, с веселым нравом,
ясноглазые [люди]
на солнечной земле
вольготно жили, мол, —
с лучезарным сияющим светом
ясный день сотворили, окаэывается,
(Ноо!)
Вот такую:
восьмиободную-восьмикрайнюю,
с треволнениями-беспокойствами,
в роскошном наряде-убранстве
отчую почтенную страну мою*
изначально вот так
сотворяли, оказывается;
семиободную-семикрайнюю,
с семью подпорками
изначальную мать-землю мою,
семью незамерзающими морями окаймив,
доводить-завершать стали, оказывается;
(Ноо!)
девятиободную-девятикрайнюю,
с девятью подпорками
девятью незамерзающими морями окаймив,


Туруу чоҕой хара буорбун сол курдук
Туруоран испиттэр эбит.
(Ноо!)
Аан ийэ дойдубун
Охтон баранар мастааннар,
Уолан суоруйар уулааннар,
Ороһулаан төрүүр киһилээннэр,
Оккураҥнаан төннөр сүөһүлээннэр,
Орто аан ийэ дойдубун
Айар күннэригэр
Күндүл салгыҥҥа
Көпсөлөнө оонньуур
Көй салгын болбуоттаах.
Күндү нүөлсүн түүлээх
Көтөр кынаттааҕынан
Дьөһүөлдьүттээбиттэр эбит.
Түөрт атаҕынан төгүллээн-чүөмчүлээн хаамар
Түөрт атахтааҕынан
Төгүллээн үөскэппиттэр эбит.
(Ноо!)
Аан ийэ дойдубун
Аан бастаан айар күннэригэр
Аҕыс иилээх-саҕалаах
Атааннаах-мөҥүөннээх
Айгырдаах силиктээх
Аҕа бараан дойдубун
Сол курдук айбыттар эбит.
Маннык бэйэлээх
Аан ийэ дойдум
Улай киинигэр*
Аан дойду кэдэйэр сиһэ,
Дьогдойор саала буоллун диэннэр,
Уордаах мохсоҕолум
Отут хонон
Уоруйан-туоруйан*
Уҥуоргу дьоргул хара тыатын*
Кыайан туттубатах
Урсун дуолай
Улуу тумарык
Алаас олоҕурбут эбит.
(Ноо!)
Бу алаас эбэ хотуммун
Эргийэр киинигэр,
Кэдэйэр саалыгар
Киирэн эрэ тураммын,
неколебимую черную ширь земную
вот так возводить продолжали, оказывается.
(Ноо!)
Изначальную мать-землю мою [наделили]:
деревьями, которые, падая, — погибают,
водами, которые, испаряясь, — мелеют,
скотом, который, вырождаясь, — мельчает,
людьми, которые поздно рождаются.
В дни сотворения
Средней изначальной матери-земли,
чтобы по ее прозрачному небу
на теплых струях весеннего воздуха
легкокрылые парили, —
пернатых
с драгоценным опереньем
в спутники ей дали, оказывается,
чтобы по ней четырьмя ногзми ступающие
частый след оставляли, — четвероногих,
умножая, расплодили, оказывается.
(Ноо!)
Когда изначальную мать-землю мою
Впервые сотворяли, —
восьмиободной-восьмикрайней,
с треволнениями-беспокойствами,
в роскошном наряде-убранстве —
отчую почтенную страну мою
вот такой сотворили, оказывается.
На этой славиой
изначальной матери-земле,
на самой середине ее,
чтобы изначальной страны прогибающейся спиной,
возвышающейся холкой, мол, стал,
[такой, что] грозный сокол мой,
летя изо всех сил,
за тридцать дней
окраинного высокого темного леса
достичь не сможет, —
в необъятной дали теряющийся
великий алаас
расположили [на ней], оказывается.
(Ноо!)
На этот почтенный алаас*
на его вращающуюся середину,
на его выгибающуюся холку
встав,
Тиэрбэс харахпынан
Көрөн дьэргэлдьиттэхпинэ,
Тэргэн кулгаахпыкан
Истэн сэргэлдьиттэхпинэ,
Арҕаа диэки өттүн
Эргитэ көрөн кээспитим,
Араҕас сылгым
Арҕаһыҥ түүтүн
Адаарыччы туппут курдук,
Ардай хара тыалар
Арытыалаан үүнэн киирбиттэр эбит.
Хоту өттүн
Эргитэ көрөн кээспитим,
Куба көтөрүм
Хотоҕойун түүтүн
Холбуу туппут курдук
Хохудал хара тыалар*
Хойдон үүнэн киирбиттэр эбит.
(Ноо!)
Илин өттүн
Эргитэ көрөн кээспитим,
Эрдэҕэс көтөрүм
Түөһун түүтүн
Кэккэлэччи туппут курдук
Эргис хара тыалар*
Эргийэ үүнэн киирбиттэр эбит.
Соҕуруу өттүн
Эргитэ көрөн кээспитим,
Сур сылгым
Сургунньаҕын түүтун
Субуруччу туппут курдук
Суһал хара тыалар
Субуруһан үүнэн киирбиттэр эбит.
(Ноо!)
Маннык бэйэлээх
Аан ийэ дойдубар
Көҥдөй манчаарытын аһылыктананнар,
Күөх отун өллөнөннөр,
Туох бэйэлээх
Хаан сүөл баайын
Ханыылаабыт эбитий,
Чиҥ сүөл баайын
Тэниппит эбитий диэн,
Өйдөөн-дьүүллээн көрдөхпүнэ,
Аһыллаҕас туйахтаах,
своими глазами-кольцами
быстро вокруг посмотрев,
настороженными ушами
чутко вслушавшись, —
западной стороны
окрестности оглядев, я увидел:
будто у рыжей моей лошади
гривастую холку
взъерошили-вздыбили —
черные леса-перелески
окружили его, оказывается.
Северной стороны
окрестности оглядев, я увидел:
будто у лебедя-птицы
маховые перья
в пучок собрали —
гладкоствольные черные леса
плотно к нему подступили, оказывается,
(Ноо!)
Восточной стороны
окрестности оглядев, я увидел:
словно грудное оперение
глухариной самки
на ряды разделили —
густые черные леса
со всех сторон его окружили, оказывается.
Южной стороны
окрестности оглядев, я увидел:
словно пучки волос на хребте
бурой моей лошади*
один за другим разложили —
колки темных лесов
вереницей растянулись, оказывается.
(Ноо!)
На такой славной
изначальной моей родине
трубчатой осокой вскормленное,
на зеленой траве нагуляное
кто же такое
изобильное богатство
размножил, мол,
благодатное богатство
умножил, мол, —
внимательно стал присматриваться:
с раздвоенными копытами,
Атырдьах муостаах,
Анахсыт Айыы Хотун айбыта
Ханнын сааҕын аалыстаҕына,
Хаан таммалыыр
Хаан-сүөл бу дойдуга
Ханыылаабыт эбиттэр
Сыһыытын толору
Сырпай сиэллээхтэр*
Сырсыбыттар эбит.
(Ноо!)
Маннык бэйэлээх
Аан ийэ дойдубун,
Ханнык бэйэлээх
Айылҕалаах эбитий диэммин
Өйдөөн-дьүүллээн көрбүтүм:
Туруйа көтөр
Тохтоон тэһийэн олорботох
Тумара дьэллик
Толооннордоох эбит.
Куба көтөрүм
Тохтоон ааһар
Холбороҥ маҥан
Хонуулардаах эбит.
Бороҥ куобах
Буккулла ооннъуур
Буодарай* таас
Булгунньахтардаах эбит.
(Ноо!)
Эчэйбити эмтиир,
Өлбүтү өрүһүйэр
Анды сымыытынан
Алла таммалыыр
Араҕас илгэлээх
Аан ийэ дойдум
Манна буолан биэрдэ.
(Ноо!)
Дьаҥ-дьаһах дьааһыйбатах,
Дьады-баалы
Дьаадарай маҥан толооннорун*,
Тумуу сөтөл тохтооботох
Тумара дьэллик толооннорун
Арҕаа диэки өттүн
Эргитэ көрөн кээспитим,
Ханнык бэйэлээх дьоннорум
Ыал буоланнар,
с развильчатыми рогами
творения Анахсыт Айыы Хотун
так трутся тугими боками,
что кровь начинает капать, —
такое изобильное множество их
скучилось в этой стране, оказывается,
долины заполонив,
долгогривые*
гоняются друг за другом, оказывается.
(Ноо!)
"Такая славная
изначальная мать-земля моя
какую же, мол,
природу имеет", —
стал рассуждать, приглядываясь:
такие, что журавль-птица моя
никак угнездиться не может,
необъятно-бескрайние
долины имеет она, оказывается,
такие, что лебедь-птица моя
без отдыха перелететь не может,
обширные белые
поляны имеет, оказывается,
такие, что серый заяц вволю
поиграть-порезвиться может,
каменистые
холмы имеет, оказывается.
(Ноо!)
Увечных — исцеляющая,
усопших — воскрешающая,
величиной с яйцо турпана
каплями благодатного илгэ
истекающая
изначальная мать-эемля моя
находится здесь, оказывается.
(Ноо!)
На необъятные просторы
белоснежных долин,
тде нечисть-хворь пасти не раскрывала,
на бескрайние долины,
где немощь-болезнь не удерживалась,
западной стороны
окрестности оглядев,
"какие же славные люди, мол,
хозяйством обзаведясь,
Ыыр уктээннэр
Олороллор эбитий диэн,
Тиэрбэс харахпынан
Көрөн дьэргэлдьиппитим:
Куба көтөрүм түөһүн уҥуоҕун
Умсары ууран кээспитим курдук
Үрүҥ өндүрүүт* дьиэлээх
Ыал бөҕөлөөх
Бу дойдуга олорор эбит.
(Ноо!)
Хайа бэйэлээх дьоннорум
Ыал буоланнар,
Ыыр үктээннэр,
Буруо таһаараннар
Олорбуттар эбитий диэн,
Өйдөөн-дьүүллээн көрдөхпүнэ:
Сир Сабыйа Баай Тойон оҕонньор диэн
Сабыйа Баай Хотун эмээхсин диэн
Ыал буоланнар,
Ыыр үктээннэр
Үйэлээх саастарыгар
Аҕа баһыгар аатыраннар,
Дойду баһыгар сураҕыраннар
Субу курдук олорбуттар эбит.
Быһаҕас тыынан,
Быччары көрөннөр,
Баай байаннар, тот тотоннор,
Халлааннаах таҥараҕа
Хардаҕастанан хантаҥнаан,
Былыттаах таҥараҕа
Быһахтанан быччаҥнаан,
Тоҕус үрэх баһыгар сураҕыраннар,
Аҕыс үрэх баһыгар аатыраннар,
Дойду сиһэ буолан,
Олорбуттар эбит.
(Ноо! Дьэ!)
Ол да буоллар,
Кэлин астара кэрэмэстийиэр диэри,
Илин астара элэмэстийиэр диэри,
Илин тиистэрэ көтүллүөр диэри
Оҕо диэни төрөппөтөхтөр эбит.
(Сөп! Дьэ! Ноо!)
Кэмниэ кэнэҕэс,
Хомнуо хойут
Кэтэһэн-кэтэһэн
тропы пробив,
живут, мол", — подумал, —
круглыми глазами
быстро вокруг посмотрел:
будто грудную кость лебедя-птицы моей
торчком поставили —
в такой высокой белой обители
ну и богатые же хозяева
в этой стране живут, оказывается!
(Ноо!)
"Какие же славные люди,
хозяйством обзаведясь,
тропы пробив,
дымы пуская,
живут, мол, здесь", —
стал рассуждать, приглядываясь:
старик Сир Сабыйа Баай Тойон,
старуха Сабыйа Баай Хотун,
хозяйством обзаведясь,
тропы пробив,
за свой долгий век
среди всех родов прославившись,
на всю страну именитыми став,
так вот жили, оказывается.
От богатства и сытости
одышкой страдать стали,
пучеглазыми сделались,
к ясному небу
головы задирая, поленом грозить ему стали,
на облачное небо
глаза тараща, ножом грозить ему стали,
по верховьям девяти речек прославившись,
по верховьям восьми речек именитыми став,
опорой земли сделавшись,
[Так] жили, оказывается.
(Ноо! Вот!)
Между тем,
хоть волосы сзади у них посерели,
хоть волосы спереди у них поседели,
хоть передние зубы у них выпали, —
дитя еще не заимели, оказывается.
(Верно! Вот! Ноо!)
Вот наконец
поздным-поздненько, —
когда от долгого ожидания
Кинигэлэрэ тардыбытын кэннэ,
Күүтэн, күүтэн,
Күүстэрэ быстыбытын кэннэ,
Эмээхсин дьахтар
Арай биир кэмнэ
Хат буолан ханаҥнаабыт,
Буос буолан мотоҥнообут,
Ыйа кэлэн ынаҥнаабыт,
Күнэ кэлэн көдөҥнөөбүт.
(Ноо! Буот! [Күлсэллэр])
Оҕонньор киһи буоллаҕына, мантан үөрэн,
Үллэр үйэбэр, саллар сааспар,
Өлөр үйэбэр, кырдьар сааспар
Оҕолоноору гыннаҕым диэн,
Үөрүүтэ-көтүүтэ өрөгөйдөөн,
Субу курдук олорбут эбит.
(Ноо! Дьэ!)
Эмээхсин дьахтар
Быыһанар күнэ кэлэн быччаҥнаабыт,
Төрүүр күнэ кэлэн төртөҥнөөбүт.
Ол сытан эрэ
Субу курдук диэн саҥалаах,
Сити курдук кэпсэллээх
Ынчыктыы-ыҥырана сыппыт эбит.
(Ноо! Дьэ!)
(Сабыйа Баай Хотун:)
"Дьэ-һэ-һэ!
Айакалаах-дьойокобун,
Амырыын да буолар эбит.
Доҕорум, Сир Сабыйа Баай Тойон оҕонньорум,
Отто киллэрэн
Оттоох ороҥҥор олордуоххун
Төһөлөөх буолуоҕай, доҕор,
Төрүүллэрэ-ууһууллара диэн,
Кытаанах-ынырык да буолар эбит», — диэн,
Ытыы-соҥуу, ыллыы-туойа сыттаҕына,
Арай, эмээхсин дьахтар иһигэр:
"Оттонон-мастанан айгыраамаҥ", — диэн,
Саҥа иһиллибитигэр,
Оҕонньор киһи соһуйан, олоро түһэн баран,
Сүөһүтүн-аһын хаайар бүтэйэ чугас буолан,
Нэһиилэ онно өйөнө түспүтэ.
Ол кэнниттэн оҕонньор киһи,
Эмээхсинэ хайдах буолбутун билбэккэ
Сол курдук дөйөн турбут.
сухожилия у них стянуло уже,
когда от тягостного ожидания
силы их истощились уже, —
вот тут-то однажды
старая женщина,
став беременной, — живот выпятила,
став брюхатой, — живот выставила,
месяц настал — пузо ее заострилось,
день пришел — пузо ее отвисло.
(Ноо! Вот! [Смеются])
А старый-то человек, этому радуясь:
"На исходе долгой жизни, в преклонном возрасте,
на грани смерти, на старости лет моих
ребенка, видно, я заимею", —
возликовал-возрадовался,
вот так он жил, оказывается.
(Ноо! Вот!)
У старой женщины
неминуемый день родин наступил,
неумолимый день родов настал,
так вот лежа,
такие слова говорила,
такие речи вела
сквозь стенания-стоны, оказывается.
(Ноо! Вот!)
(Сабыйа Баай Хотун:)
"Дьэ-хэ-хэ!
Ой ты, боль моя, ой, страданье мое,
как это ужасно, оказывается!
Друг мой, Сир Сабыйа Баай Тойон-старик,
сена внести
да на подстилку из сена меня усадить*
надо бы, друг мой.
Рожать-разрешаться
как трудно и тяжко, оказывается», — так говоря,
плача-рыдая, причитая-стеная, пела.
Вдруг из утробы старой женщины:
"Не хлопочите о сене!" —
послышался голос.
Старик, вздрогнув от неожиданности, чуть не сел —
едва успел прислониться
к изгороди для загона скота.
После этого старик,
не зная, что стало с его старухой,
стоял как оглушенный.
Өр турбалаата быһылаах,
Хойут, дьэ, өй булан,
Дьиэтигэр ыстанан киирбитэ —
Эмээхсин дьахтар быыһанарын быыһаммыт,
Төрүөҕун төрөөбүт быһыылаах да,
Оҕо диэн ханна да суох эбит.
(Ноо!)
Ыйдаҥаны ытыһан, кураанаҕы кууһан:
"Бу ханна бардаҕай,
Оҕо төрөөбүт буоллаҕына,
Оҕо баар буолуохтаах этэ", — диэн
Оҕонньор дуумай бөҕөҕө түһэр.
Эмээхсин дьахтар:
"Оҕо төрөөбүтэ да, ханна да барбытын
Билбэппин", — диэн хоруйдаабыта
(Ноо!)
Ол кэнниттэн
Үлүскэннээх үрдүк маҥан халлаан диэкиттэн
Дьэс алтан күөһү түҥнэри уурбут курдук
Кыһыл эбир түһэн кээспитин кэлин өттүттэн,
Үөһээнэн кыталык көтөр көтөн кэлэн,
Субу курдук диэн саҥалаах,
Сити курдук диэн кэпсэллээх
Буола сылдьыбыта эбитэ үһү.
(Кыталык:)
«Дом, дом силик буоллунууй,
Айхалбына-дьаралык!
Ээй, ээй! Оой, оой!
Сир Сабыйа Баайдыырбына Тойоммуна оҕонҥьор,
Этэрбинэ эттиир нуурай тылларбын
Истэ баҕас кэрэхсээриий, нойонум,
Хантан хааннаах,
Туохтан туймуулаах,
Киһи кэлэн
Кэпсэл баҕас кэпсээтиҥ диэҕийиктээн
Ыйыппалыыр буолларгын,
Үөһээ халлаан домньута
Айыы Дьаргыл удаҕан диэн
Тиийтэлээн кэллим баҕас, оҕолоор!
Туохпуна наадалаах буолуталаан,
Сорук буолан тоҕоостуҥ,
Ыллык муҥнаан тубэстиҥ,
Диэҕийиктэн ыйыталыыр буоллаххына,
Нойонугум, төрөппүтэ оҕолоргун,
Үөһээ халлаан буойуттара түһэннэр,
Долго стоял, видно,
потом, опомнившись,
вскочил в дом:
старуха-то родить родила,
разрешиться-то разрешилась,
но ребенка-то нигде не было, оказывается.
(Ноо!)
Ухватив лунный свет, обняв пустоту*:
"Это куда же девался [ребенок]?
Если ребенок родился,
то ребенок должен быть", —
удивился очень старик.
Старая женщина:
"Ребенок родился,
но куда подевался — не знаю".
(Ноо!)
После этого
свирепое высокое белое небо,
словно дно медного опрокинутого котла,
красной рябью покрылось, а затем
птица-стерх, сверху спустившись,
вот такими словами,
вот такими речами
заговорила, оказывается.
(Стерх:)
"Дом, дом, да будет все прекрасно,
да будет слава и счастье!
Э-эй, э-эй! О-ой, о-ой!
Старик Сир Сабыйа Баай Тойон ли мой,
в добрые ли мои слова ли
вслушайся же вдумчиво, нойон мой,
если спрашивать станешь,
какого роду, мол,
какого племени,
кто такая, прибыв,
сказ вот этот ведет, мол, —
[то] ворожея Верхнего мира*
по имени Айыы Джаргыл-шаманка
прибыла вот сюда, ребятушки!
За какой же такой надобностью,
выбрав время, сюда явилась,
отыскав тропу, сюда попала,
если спросишь ты, — так вот
твоего ли родного ребенка, нойон ли мой,
воины Верхнего мира, спустившись.
Ылан илдьэн, иитэ-харайа сыталлар.
Тостубат уҥуохтаан,
Тохтубат хааннардаан,
Силлибэтэ сирдэртэн силбэһиннээн,
Киһи ханнык гынаталыы
Оҥоруохпут диэтилэр.
Санаарҕаахтаан санньыйымаҥ,
Ээй, ээй дом силик буоллунууй,
Оҕолоотор оҕоҕутун
Кимниир ханнык диэхэйиктээн
Ааттыырыга иҥэрэллэр диэтэргин,
Босхо хара тыакаллабын
Моойдордоохуй баһынан куотуталыыр
Моҕул кугас аттардаахый
Модуммуна Эр Соҕотох диэҕийиктээн,
Аллаах атым
Кыайыталаан тардыталаан дьалкыппат
Албан дьаһах аттардаахый буолуоҕа,
Соноҕостой сылгыкайым
Соһуталаан дьулуруйбат
Сонун дьолуо сурахтаныа,
Чээй, быдан дьылларыкка
Быралыйар бараһаайа буоллунууй!» — диэн.
(Ноо!)
Удаҕан дьахтар,
Сити курдук кэпсээн баран,
Кыталык көтөр буолан,
Төттөрү көтөн күүгүнүү турбута.
(Ноо!)
"Күн туллубатах эбит,
Күһэҥэ быстыбатах эбит
Ол да иһин үөһээҥи айыыларбыт
Айыы Дьаҥсаар Тойон оҕонньор
Биһиги ыччаппытын
Сол курдук гыныахтаахтар этэ", — диэн
Оҕонньор киһи дьэ көҥүл буолан,
Арыый аҕай "һуу" гынан,
Эмээхсинин бүөбэйдээн,
Сол курдук, кэтэһэн олорбуттар эбит.
(Ноо!)
Бу бириэмэлэр ааспыттарын кэннэ,
Ол курдук кэтэһэн олордохторуна,
Энискэннээх* илин халлаан
Истиэнэтин аннын диэкиттэн
Илигириир тыал тыалыран
подобрали и воспитывают-вскармливают.
"С неломающимися костями,
с непроливающейся кровью,
с нервущимися связками —
таким вот человеком
воспитаем его", — сказали.
Потому от печали не сокрушайтесь,
э-эй, э-эй, дом, да будет же все прекрасно!
Родимое ваше дитя же
каким же таким
именем нарекли, если спросите, —
Могучий ли Эр Соготох ли,
владеющий ли темно-рыжим конем ли
с гривастою головой ли
выше темного леса-колка ли,
таким, что даже резвый конь мой
сдвинуть не сможет,
славным именем будет владеть,
такой, что даже молодой конь мой
тащить не в силах,
великой славой прославится.
Ну, а теперь на многие годы,
надолго прощайте», — сказала.
(Ноо!)
Женщина-шаманка,
такое вот рассказав,
стерхом-птицей став,
с шумом-гулом назад полетела.
(Ноо!)
"Значит, кюн не упала еще,
кюсэнгэ не оборвалась еще*, оказывается.
Конечно, верховные божества,
сам старик Айыы Джангсаар Тойон
с нашим ребенком
должны были так поступить", — подумав,
старик с облегчением
"Уф!" выдохнул
и начал старуху свою выхаживать.
Вот так стали жить они в ожидании [сына].
(Ноо!)
Через некоторое время,
когда они в ожидании жили,
из-под ската
просторного восточного неба
трепещущий ветерок
Илибирэтэн барбыта.
Сир үрдэ сиккиэрдэммитэ,
Дойду үрдэ холоруктаммыта,
Хойут хойуккунан
Аҕыс ааннарын хаххалаабыта,
Түөрт үөдэннэрин бүөлээбитэ,
Тыһаҕас ынах саҕа тибиилэммитэ,
Бургунас ынах саҕа
Буотама* таас буркуннаммыта,
Сордоҥ балык тахсан туһахха иҥнибитэ,
Куобах кыыл тууга киирбитэ,
Олус алдьархайдаах,
Аҕыс таталҕалаах
Ала дьалхаан холорук
Таҥнары сатыылаабыта,
Түөрт түрүлүөкэлээх
Түтүм дьүккүөр холорук
Түҥнэри сөрөөн тиийэн кэлбитэ.
Туох ааттаах алдьархайа буоллаҕай диэн,
Оҕонньордоох эмээхсин
Таһырдьа сүүрэн тахсан көрбүттэрэ:
Тус илин диэкиттэн
Киэҥ халлаан аҥаарын
Саба халыйар
Үс бастаах
Аалан Өксөкү
Көтөн түөллэн кэлэн,
Тоҕус тиити холбуу тардан,
Олороору гыммыта,
Кыайан уйбатаҕын,
Уонча тиити холбуу тардынан ылан,
Олоро түспүтүн,
Түтүм бараан төрөлүн,
Хаан чаҕаан сэбэрэтик
Өйдөөн дьүүллээн көрбүттэрэ:
Чаан олгуй саҕа төбөлөөх,
Чааскы айаҕын саҕа харахтаах,
Кырыылаах аалыы тумустаах,
Кырыйыы балаһа кынаттаах,
Тимир чыллырыыт түүлээх,
Өлөр өлүү абааһы көтөрө кэлэн,
Лөксөйөн олорор эбит.
(Ноо! Дьэ сүрдээх кыыл эбит!)
Ол олорон эрэ
начал веять,
над землей легкий ветер поднялся,
над страной вихрь пронесся,
и вот потом
с восьми [сторон] входы их закрыло,
с четырех [сторон] выходы их завалило*,
с двухгодовалую телку снежные наносы намело,
с трехгодовалую телку каменные завалы
сильным ветром нанесло,
щука-рыба, вынырнув, в силки угодила,
заяц-зверь в верши попал —
такой сокрушительный,
восьмикратным громом сопутствуемый,
буйный вихрь
сверху низринулся,
четырехтревожный
бешеный вихрь,
все опрокидывая, обрушился.
"Что за напасть нагрянула?" — думая,
старик со старухой,
во двор выбежав, увидали:
прямо с восточной стороны,
половину широкого неба
крыльями застилая,
трехглавая
огромная Ёксёкю-птица,
подлетев величаво,
верхушки девяти лиственниц вобрав в [когти],
сесть хотела,
но они не выдержали,
[тогда] верхушки десяти лиственниц вобрав в [когти],
уселась,
к страшной этой громадине,
к грозному виду ее
внимательно пригляделись:
с головой величиной с огромный котел,
с глазами величиной с чашу,
с острым граненым клювом,
с крыльями, словно скроенными из широких полос,
с чешуйчатыми железными перьями
смерти-гибели птица-абаасы, прилетев,
взгромоздилась, оказывается*.
(Ноо! Страшная какая птица, оказывается!)
Вот так усевшись,
Сахалыы саҥалаах,
Киһилии кэпсэллээх
Киһи дьаҥсайа олорбута эбитэ үһү.
(Бай!)
Өксөкү ырыата [Дара Буурай]:)
«Ээй даа, доҕор!
Сир Сабыйа Баай Тойон оҕонньор,
Тускулаах бэйэҕэр
Дорообуйа буоллунууй!
Хайа бэйэллээх киһи кэлэҥҥин,
Толоон хаба ортотуттан
Дорооболоон тоҥхойдуҥ,
Баһыыбалаан матаҥнаатыҥ диэҥҥин
Ыйытар буоларгын,
(Ноо!)
Били маары
Аллараа аҕыс биис ууһун
Алдьархайдаах атамаана
Буор Бурҕаалдьын Тойон оҕонньор
Аҕа курдук аҕалаахпын,
Бурҕаалдьын Хотун диэн
Ийэ курдук ийэлээхпин,
Албан аатыҥ,
Сонун сураҕыҥ кимий диэҥҥин
Ыйытар буолларгын, нокойум,
(Ноо!)
Таас Дьаантаар Дара Буурай диэн,
Албан ааппын,
Аҕыс дойдуга араҥастаабыттара буолуоҕа,
Тоҕус дойдум
Сул туоһугар кытта
Суруйбуттара буолуоҕа, нойоон.
Туох наадалаах буолаҥҥын,
Суол муҥнаан тоҕоостуҥ,
Ыллык муҥнаан түбэстиҥ диэҥҥин
Ыйытар буолларгын да, нойоон,
Чэй эрэ, эһиги оҕоҕутун,
Босхо хара тыаны
Моойдоох* баһынан куотар
Моҕул кугас аттаах
Модун Эр Соҕотох диэн,
Үөһээҥҥи айыыларга
Биһигини судуллуун* суох оҥоттороору,
Улуу бухатыыры оҥоро сыталлар.
(Ноо!)
по-якутски заговорила,
по-человечески речь повела,
требовательным голосом стала вещать.
(Да ну!)
Песня Ёксёкю [Дары Буурая))
«Эй ты, дружище
старик Сир Сабыйа Баай Тойон!
К тебе обращаясь,
"здорово!" говорю.
Какой такой человек
с самой середины поляны
поклоны отвешивает, мол,
на благодарность расщедрился, мол,
если ты спросишь —
я тот самый, кому
(Ноо!)
страшный атаман
восьми племен Нижнего мира
старик Буор Бургаалджын Тойон
отцом приходится,
кому Бургаалджын Хотун
матерью приходится;
о моем славном имени,
о моей славе-известности
если спросишь, нокой мой, —
(Ноо!)
я Таас Джаантаар Дара Буурай,
славное имя мое
в восьми странах, должно быть, уже отметили,
в девяти краях
на чистой бересте,
должно быть, уже написали, нойоон.
За какою надобностью
изо всех дорог на эту дорогу свернул,
изо всех троп на эту тропу ступил, мол,
если спросишь, нойоон, —
ну так вот, вашего сына,
Могучего Эр Соготоха,
владеющего темно-рыжим конем
с гривастою головой
выше темного леса-колка,
чтобы нас извести под корень,
у верховных айыы
великим богатырем воспитывают.
(Ноо!)