Москва (М.Н.Тимофеев-Терешкин)

Москва (Поэматтан быһа тардыы)




Саха омук дойдутуттан,
Сандал Москва, ыраах да турдаргын,
Салгын устун саҥаҥ кэлэр,
Саха ону үерэ истэр.

А5ЫС үйэ устатыгар
Ааттаfх дойду арҕаһыгар,
Айгыраабат силистэрдээх
Аал дууп мастыы сириэдийэн,
Аатыран тураҕын эн, Москва!

Үтүө Русь киэҥ дойдуларын
Үмүрү тардан холбооҥҥун,
Уһун кыраай уорҕалаах,
Унаарар кэтит туоралаах,
Улуу дойду оҥороҥҥун,
Араас элбэх омуктары
Албан Союзка түмэн,
Уон алта бырааттыы оҕолоргун
Доҕордоһуунан бигэлээн,
Дуолан баараҕай күүстээҥҥин,
Хоһуун ийэлии биэбэйдиигин,
Коммунизмҥа сирдиигин.

Хаарыаннаах үтүө сырдыгыҥ
Халлаан урсунунуу күндээрэрин
Көрбөт бэйэм, харахтанан,
Көрергө дылы гынабын,
Үрдүк таһымы ситиһэр
Үлэҥ дирбиэнэ-дарбаана
Өндүл халлааҥҥа эҥсэрин
Үөрэ-көтө иһиллиибин.

Пятилетка сүҥкэн былаанын
Болдьоҕун иннинэ толоро5ун,
Ол ситиһииҥ хас хардыыта
Олоҕу уйгу кэскиллиир.
 
Өҕүллүбэт үктэллэрдээх,
Өрүү күүрэр хамнааһыннаах,
Кэтит, уһун уулуссалардаах,
Кэккэлэспит таас дьиэлэриҥ
Хайа курдук күндээрэллэр,
Хараҕы халтарыталлар.

Кремль эркинин аттыгар
Гений Ленин сытар сирэ —
Аан дойду дьоллоох олоҕун
Айар үөрэҕин санатар.

Хайа киһи сүрэҕэ
Хамсыа суоҕай манна туран?!
Үөрэхтэри баһылаабыт,
Үрдүк кэскиллээх үлэлээх,
Үгүс-элбэх киһилэрдээх
Үтүө куораппыт, Москва — эн,
Үрүҥ күннээх орто дойду
Үтүө киэргэлэ буола5ын!

Күөмчүлэммит омуктарга
Көҥүл саҥаны күүрдэ5ин,
Атомнай буомба ахтыллар
Аймалҕаннаах күннэригэр
Суон сурахтаах албан аатыҥ
Суолу ыйар сулус буолла.

Манна Советскай былааһы
Ленин бастаан айбыта,
Маркс — Ленин үөрэхтэрэ
Мантан тарҕана тураллар.

Аныгы, саҥа аан дойду
Аал сырдыга буоллуҥ, Москва!
Кремль рубин сулустарын
Килбэйэр уотун дьиримэ
Алгыстаах коммунизмҥа
Айан аартыгын сырдатар,
Үтүө куорат, кутуҥ-сүрүҥ
Үлэһити өрө күүрдэр,
Үөрэхтээх өйүн сырдатар,
Үгүс омук дьоннорун
Доҕордоһууга ыҥырар,
Дойдуну таптыырга иитэр
Дуолан Москва куораппыт.

Ыраах саха дойдутуттан
Ытык Москваны уруйдаан,
Ырыа ыллаан айхаллыыбын,
Ыччаттарбар мин этэбин:
Москва — коммунизм биһигэ,
Москва — өй-үлэ сайдыыта.

Москваны көрөн үтүктүҥ!
Ытыктааҥ, улуу куораты,
Ыллааҥ, баараҕай дьулуурун!
Москва — өстөөҕү өһөрүө,
Москва — өрүү ерөгөйдүө!
Москва — үөрүү үктэллэннин,
Модун күүһэ үйэлэннин!

 


1947