Мунньах (Күннүк Уурастыырап)

Үҥсэн кыайтарыаҕыттан ыла Аадаҥ аанньа утуйбат буолбута. Түүнү быһа оҕонньор түүлээх холбукатыгар араас санаалар көбөн-күөрэйэн, атан тахсыбыт балыкка мустубут тыыраахылардыы үөмэхтэһэн тахсаллара. Ол былаһын тухары кини санаатын эргийэр киинэ мэлдьи Туоллума буола турара. Кыайтарбыт кыһыытынааҕар да, саатынааҕар-суутунааҕар даҕаны оҕонньору ночоото ордук долгутара. Ити быһа анньыллан барбыт сүүс сэт-тэ уонча дэһээтинэ сириттэн үс гыммыт иккитин кэри-ҥин ото, эргийэн-эргийэн, сыл аайы Аадаҥ мэй гыныы-тыгар киирэрэ. Онтукаҥ, тарда эттэххэ, үс тыһыынча түөрт сүүсчэкэ бугул, эбэтэр сүүс сүүрбэччэ ынах сүөһү сыллааҕы аһылыга.

Оҕонньор, маҥнайгы омунугар, ааһыныан санаталаан сылдьыбыта. Куоракка киирэн, соруйан анаан-минээн туран, үчүгэй албакаат булунуохха, улахан дьыала оҥотторуохха наада этэ. Оннукка быһаарынныҥ да манньатын-сулуутун, кэһиитин-тутуутун, атын да ороскуотун кэрэйиэ суохтааххын. Бэркэ буоллаҕына биэс-алта мө-һөөх барыаҕа. Ону уйунаргар тиийэҕин, «ороскуот куус-тааҕа үчүгэй»,— диэн өс хоһооно, оҕус да дугдуруй — барыта биир! Ити туһунан Аадаҥ кимиэхэ да эппэккэ, кистэл оҥостон, иһигэр иитиэхтии сылдьыбыта. Бэл, уолугар Сургунуохха биир тылы быктарбатаҕа.

Ааһыннарбын эрэ — кыайабын диэн, истиэнэ курдук эрэнэрэ. Ол иһин дьыаланы хайдах тэрийэр үүт-хайа-ҕас була, суол-иис тобула, оҕонньор куораттаабыта. Он-тукатын билээччилэр биирдэ тоҕо этэн кээспиттэрэ. Се-нат диэн күн ыраахтааҕы үрдүкү суута быһаарбыт дьыалата үһү. Онон Сенат уурааҕын, ыраахтааҕыттан ураты, туох да ааттаах кыайан көтүрүөн сатаммат баҕайыта диэн буолан тахсыбыта. Арамаан оҕонньор ааһынар былаана, Туоллуманы төннөрөр эрэлэ, тэстибит хабах курдук, хапсыс гынан хаалта.

Ол эрээри Аадаҥ онон муҥурдамматаҕа. Туоллуманы тугунан эмэнэн хайаан да солбуйдахха табыллар. Ардыгар, аһары боростуой да суол быһаарыыта тута-хаба көстөн биэрбэккэ эрэйдээччи. Субу илииҥ иһигэр баар, букатын кэбирэх да суолу таба тайанан булбакка, сыра бөҕө быстааччы. Бу да сырыыга эмиэ оннук буолан тахсыбыта.

Муҥур Уола, туохтан эрэ сэдиптээн, Күндүлү көһөрүөх баара диэбитигэр, оҕонньор өрө татакалыы түспүтэ. «Дьэ, хата, ити баар эбит, эргиппэт эрэл суол!» — диэн оҕонньор үөрүү-көтүү бөҕө буолбута. Күнү-дьылы ыыппакка, кинээскэ этэн, биир, түөрт уон сыл устата оттуур ходуһа оҥосторго, нэһилиэктэн көҥүллэтэ охсуохха. Көһөрүүтэ диэн, турары-турбаты ордорбокко үнтү хомуйан ыллахха, аҕыйах хонуктаах үлэ. Хас да үрэх анньыһар бастарыгар, сүрдээх үрдүк сис оройугар, бэйэтэ тоҕо түһэн хаалыахха айылаах, быччалдьыйа-быгыахтыы олорор дойду буолуохтаах. Уута бүтүннүү бардаҕына, кээмэйэ биллибэт киэҥ ходуһа диэн, дьэ киниттэн кэлиэхтээх. Туох иһин «Көс усталаах Күндүл эбэ хотун!»—диэн тойукка туойуллуой?! Уолбас аатгааҕа, от баһаама, уйгу дэлэгэйэ киниэхэ сытар эбит!

Аадаҥ иҥсэтэ көбөн, кыыла туран: «Нэһилиэги мунньа оҕус!»— диэн Лэкээриһи уот үрдүгэр үктэннэрбитэ. Мунньах сарсын буолаары турдаҕына оҕонньор түһээбитэ. Аҕатыгар Накыйбахха хоолдьуга гыммыт хоҥор кугас атын миинэн Күндүлгэ тиийбит этэ. Күөл көһөн, аттаах киһини иҥэһэ тэбэринэн үкэр от өрө үтэн үүммүт. Уолбас сорҕотун оттуур эбиттэр. Иннигэр сүүнэ бэйэлээх кырыы от кэбиһиллибит. Оҕонньор онно хаамтаран сургулдьутан тиийбитэ — били ото сабыс-саҥа хоруоп буолан хаалта. Соһуйан, баттатан уһуктубута эрээри, Аадаҥ түүлүн баарды оҥостубатаҕа. Кэбиһиилээх оту үп-харчы, баай-тот түһэ буоллаҕа диэн үөрбүтэ. Оттон хоруобу, «ээ, түүл иигэ-сааҕа баҕайы ини» диэн, соччо күттүөннээн тойоннуу да барбатаҕа...

«Буордаах мунньах буолар үһү» диэн сурах тарҕаммыта хас да хонно. Үс аҕа ууһун үс дэһээтинньигэ нэһилиэк ыалыттан биири да ордорбокко тилийэ сүүрдүлэр. Куойалаах үрэҕэр кыстаан олорор Силтэһиҥҥэ Сээдьэҥкэ таҕыста.

Киһитэ-сүөһүтэ суох хара тыа быыһын манаан олорор муҥнаах, Силип дэһээтинньиги сэргэхсийэ көрүстэ. Мотуруона чаанньыпын үрдүгэр түһэн, тоҥ хайахтаах чээйи, буспут куобах этин, үөлбүт балыгы остуолу өрөһөлүү тардан кэбистэ.

Балай эмэ буолан, атын хабыалатан, бэйэтэ тото-хана аһаан, ирэн-хорон баран, Силиби тиэйэн, Сээдьэҥкэ ити күн түүннэри төнүннэ. Нөҥүө күнүгэр кини, дэһээтинньик сололоох тойон, мунньахха эрдэ барбыта. Хоноһото Силтэһин, ыалга эҥин сылдьан, кыһыҥҥы кылгас күн биллэ санньыйыыта сугулаан дьиэ турар Андылаах алааһын арҕаа сыырын өҥөс гына түспүтэ. Олбуорга ат-атыыр бөҕө мунньустубут. «Хойутаабытым иһин мөҕүллэр киһи буоллаҕым» диэн Силтэһин ырдырҕана санаата.

Силтэһин хойутаабытыгар ким да кыһаммата. Кини киирээт, хаҥас оһох чанчыгар дугуйданна. Кыараҕас баҕайы дьиэҕэ олус үгүс киһи ыга симсэн, таһыттан киирдэххэ, ыарахан сыт саба биэрэр. Дьон баттаҕа күкээрэн көстөр гына хойуу табах буруота түннүк үөһээ сэҥийэтинэн ыйаанан турар. Бастакы мунньахсыттар сарсыарда ынах ыытыллыан иннинэ кэлбиттэрэ. Ол эрдэлээбиттэр көнчөйө көһүйүөхтэригэр диэри көһүтэн, хайдах эрэ сылайбыт, салгыдыйбыт көрүҥнээхтэрэ. Аан уҥа өттүнээҕи үрдүк ороҥҥо олорор дьон улаҕаларыгар утуйа сытар киһи муннун тыаһа баччыгыныыр. Сорохтор, бэйэ-бэйэлэригэр өйөнсөн, утуктаан хоҥкуһан олороллор. Оннооҕор Аадаҥ бэйэтинэн тулуйбакка, бастыҥ ороҥҥо эһэ үллүккэ тиэрэ түһэн сытар. Кини таһыгар быыпсай кинээс Хараҕа суох Хаппытыан, торуоскатыгар сүүһүн өйөөн, бүк түопүт. Нэһилиэк иккис хараҕа суоҕа Имииһит Миитэрэй диэн тоҕус уончалаах оҕонньор уҥа оһох чанчыгар туой ыстаан наччыҥната олорор.

Дьиэ иһэ бадыа-бүдүө хараҥаран барар. Аадаҥ ыксаабыттыы олоро түһэр. Уонна кинээскэ суон куолаһынан этэр:

— Хайа, бу дьонуҥ бука бары утуйан эрэллэр дии. Кими күүтэҕин? Мунньаххын ас.

— Кэлээччи, кырдьык, бүтэн барда быһыылаах, — кинээс, уҥа-хаҥас элээр-мэлээр көрө-көрө, айаҕын киэҥник атан, саҥа таһаарбакка эрэ дьааһыйан баран, кириэстэнэн ылла.— Мунньаҕы аһабын. Нэһилиэк кырдьаҕастара, чаччыыналар, бэттэх кэлэн, олоххутун булунуҥ. Бу дьон, бу Кыбытыы Дьөгүөр эҥин курдуктар, үөһэ-аллара туран биэриҥ, хаҥас диэми барыҥ, манна мэһэй-таһай буолумаҥ!

Дьон бастаахтара ааттаахтар остуолга чугаһыыллар, дьон атах-бытах өттө тэйэн биэрэллэр. Арыый сэргэхсийэн, сэк-сук буолан, сорохтор соннорун тимэҕин сүөрэллэр, сорохтор курдарын өрө тардыналлар, сорохтор көхсүлэрин этитэллэр. Силтэһин атаҕар атаҕын хатыйа ууран, туох да саҥата-иҥэтэ суох иһийэн олордо.

Кинээс дьону чуумпурдар уонна саҥаран барар:

— Нэһилиэкпит кырдьаҕаһа, Арамаан оҕонньор, эһиэхэ көрдөһүү киллэрэр. Ити Харыйалаах сиһигэр баар Күндүл күөлү көһөрөн, уолбас таһааран ходуһа оҥостуон баҕарар. Ону туох диирбитин манна мустубут кырдьаҕастар кэпсэтэн быһаарыах тустаахпыт. Хайа, туох диигит, этэн-саҥаран иһиҥ.

— Кинээс, эн бэйэҥ туох дии саныыгын? Биһиги эйиигин истиэхпитин баҕарабыт.— Имииһит Миитэрэй тайаҕын төбөтүнэн буору суруйбахтыыр.

— Миигин истиэххитин баҕарар буоллаххытына,— кинээс көхсүн этитэр,— мин биэриэххэ диибин.

— Хас сылга биэрээри гынаҕын?

— Хас сылга даа? Хас сылга көрдүүрүн оҕонньор бэйэтэ этиэ буоллаҕа дии.— Лэкээрис Аадаҥ диэки хайыһар.— Хас сыл диигин, Арамаан оҕонньор?

Аадаҥ, кинээһи кынчарыйан кэбиһэн баран, санаата табыллыбатахтык дьэбин уоһуйан, туран кэлэр.

— Кыра да суолу сатаан дьүүллээн быһаарбат буол-бут киһигин. Бу нэһилиэк сирин-уотун ити Имииһит Миитэрэй бас билэр буолан, манна кэлэн хадьардаһан хабыргыы олорор дуо? Эн кинээскин дуу, кини дуу?!

Итини истээт, Сабыах Сааба ойон турар.

— Тыллаах, тыыннаах киһи, мунньахха ыҥырыллан баран хайдах саҥарбат буолуоҕай — саҥардаҕа, ыйыттаҕа дии. Эн, Арамаан оҕонньор, ол күөлү хас сылга көрдүүргүн этэриҥ тоҕо сатамматый? Мунньах аата мунньах буоллаҕа дии.

— Оҕонньоор, түксү, үгүһү-элбэҕи куолулаама. Хас сылга ыларын кырдьаҕас бэйэтэ этиэ буоллаҕа дии.

— Үөлээннээҕим Сааба, тохтуу түс. Нэһилиэкпит аҕа баһылыгын, мэһэйдэспэккэ, сүгүн истиэҕиҥ.— Лобуох уус Аадаҥ диэки чоҥхоччу көрөн кэбиһэр.

— Миэхэ ол сиргитин биэрэр буоллаххытына, түөрт уон сылтан итэҕэһэ суох кэм устатыгар биэриэхтээххит. Күөлү көһөрүү диэн оҕо оонньуута буолбатах. Онуоха миэнэ төһөлөөх-эмэлээх көлөһүнүм тохтуо, эрэйим барыа.

— Бүтүн нэһилиэк үлэлиэ буоллаҕа дии,— хаҥас диэкиттэн ким эрэ тыл быраҕар.

— Ол эһиги миэхэ босхо үлэлиэххит дуо?! Босхо, бука, бүтэй да тоһоҕотун саадьаҕайдаабат дьон буолуоххут.

— Түөрт уон сыл диэн олус уһуна бэрт буолсу!— Имииһит бу сырыыга алҕас хаһыытаан кэбиһэн баран, кутталыттан, тылын былтас гыннарда.

— Оҕонньор, бу эн тохтуу түс эрэ, эйиигиттэн ким да сүбэ ыйыппат.— Лэкээрис кыйаханан Имииһити дьаҕырыйда.

— Бээрэ, кинээс тойонум, оччоҕо миэхэ тылла аҕал! — дьон быыһыттан Дьаҥсал Дьаакып оронон туран кэллэ. Икки атах туохха даҕаны иһитэ туолбат, баҕата хаммат диэн дьон сөпкө да этэллэр эбит. Ити Арамаан оҕонньор бастыҥ кылаас өлбүгэлээх аатыран, бүтүн нэһилиэккэ собус-соҕотоҕун түөрт күрүө сирдээх. Онтукатыгар Кулуһуннаах, Тииҥэй, Кыыл Манаабыт, Алаас Истээх диэн, биирдиилэра хастыы эмэлии уоннуу дэһээтинэлээх, үтүөкэннээх ходуһаларбытын ылан олорор. Аны үс хары күрүөлээх, икки кириппииһинэй күөллээх, итиниэхэ барытыгар маҥалайа туолбакка, аны Күндүлү көһөрөн мэй гыныа үһү.

— Ити оҕонньор адьас сыыһа тылы тыллаһан барда.— Хараҕа суох Хаппытыан тайаҕынан чээччилээн остуол диэки дьулуруйда.— Биһиги ол хара суор хаһыытыыр, хардаҥ эһэ часкыйар халыҥ сис тыатыгар саһан сытар күөлү — Күндүлү эмиэ тоҕо харыстаһабытый? Биһиэхэ, дьиҥинэн чөччүөк да саҕа туһата суох дойду. Саатар, биирдэ муҥхалаан балыгыттан тииһиммиппит суох. Үгүстэр көрбөтөх да күөлбүт. Ону баран харысыһан диэн. Арамаан оҕонньор барахсан, кыах-күүс муҥутаан, хастаран — уутун ыытар буоллаҕына ыыттын, өлбүгэ таһаарынар буоллаҕына таһаарыннын. Ону биһиги тоҕо бопсобут, бопсумуоҕуҥ!

— Сөп, сөп, бопсумуоҕуҥ! Сыла туоллаҕына, болдьоҕо кэллэҕинэ, нэһилиэк хата босхо сирдэнэн хаалыыһы.— Лобуох уус алын сыҥаах буола олордо.

— Ити ырааҕы кыайан эргитэн өйдөөбөт дьон тылларын истимэҥ.— Дьаакып оҕонньор иккиһин турда.— Хаар-самыыр түһүүтүнэн, кыһын-сайын сибикитинэн, күн-дьыл эргийиитинэн сабаҕалаатахха, оччугуйа — отут, түөрт уон сыллаах улахан кураан иһэр, сут буолаары турар. Бу сут кэллэҕинэ, кыра-хара дьон, отчут-масчыт бииһин ууһа, биһиги хайдах буолабыт? диэн мин эһигиттэн ыйытыам этэ. Хайа оччоҕо оҕонньор бүтүн нэһилиэги босхо иитимээрэй? Саҥа иэскэ тэптэрии, хабалаҕа хаптарыы, бырыһыаҥҥа быстарыы хайа онтон тахсаарай?! Саатар кини ити күөлү уон-сүүрбэ сылга көрдөөбөт. Мин билэрбинэн, күөлү түөрт уон сылга ходуһа оҥостон туһанарга болдьохтоон көһөрүү — былыргы Мөрүөн Хамыыһыйа саҕаттан бобуллан турар буолуох тустаах этэ. Ол сокуон хаһааҥҥыттан уурайбытай, ким кинини көтүрбүтэй?! Онон мин бу күөлү бу оҕонньорго биэрбэккэ, бүтүн нэһилиэк күүһүн холбоон, бэйэбит көһөрөн, оттуур ходуһа таһаарынан, кэлэр кураантан куотарбыт буоллар — үчүгэй буолуо этэ диэн баҕа санаабын этэбин.

Кыра-дьадаҥы өттө үксэ Дьаакып этиитин сэргии, биһирии түһэр.

— Кырдьык, кырдьык!

— Оҕонньор бэрт сөпкө этэр!

— Бэйэбит, бэйэбит көһөрүөҕүҥ!

Күүстээх силлиэттэн куттаммыт үөр сүөһү курдук, саҥата-иҥэтэ суох ыга симсэн олорбут дьон хамсанан, мөхсөн сүүгүн-сааҕын буолан барар. Бэл оннооҕор дьон бастааҕынан ааҕыллааччы кырдьаҕастар ортолоругар кыра соҕус мөккүөр тахсар. Күндүлү көһөрөн баран сүүрбэ сылга, сүүрбэ биэс сылга, отут сылга ходуһа оҥоһуннун диэн хайдыһыылар буолаллар. «Түөрт уон сылга ыллын» диэн этээччи биир да көстүбэт. Ол иһин Арамаан оҕонньор, аатын билбэт гына кыыһыран, тыл ылар:

— Кэбис, сиргитин биэрэн абыраамаҥ! Улахан сиэтин! Мин онон, биирдэ баран эттэххэ, туох буолдр үһүбүн. Мин иннибинэ, хайа, бэйэҕит сутаайаҕыт. Дьаҥсал, сааһыҥ тухары куһаҕан санаалааххын, мөкү ыралааххын. Эн ыҥырар, ыралыыр уот курааныҥ кэллэҕинэ, хас өлбүтү өрүһүйэргин, хаалбыты харыһыйаргын көрүллүө. Эйиигиттэн итинтэн ордук тахсыа дуо? Тыллаах-сыҥааххынан наһаа тыыланыма, эйигин да көрөн-истэн иһиллиэ!

Оҕонньор силбҥэтэнэн бүтээт, үтүлүктээх бэргэһэтин үрдүгэр түһэн, дьону ортотунан тоҕо хааман, тахсан барар. Кинээс, кырдьаҕастар сирэй-сирэйдэрин көрсөн кэбиһэллэр. Итинэн мунньах туох да быһаарыыны ылбакка, ыһыллар кэриэтэ, тарҕаһан хаалар. Күнү мэлдьи аһаабакка аччыктаабыт, олоро көһүйбүт дьон сулбу-халбы таҥныбытынан бараллар. Силтэһин утуйа олорон уһуктан, «иһинкиһи кэннигэр хаалан, хоонньуттан үтүлүгүн, бэргэһэтин хостонно. Кини мунньахха туох буолбутун аанньа билбэт: дьон мөккүөрүн уутун быыһынан, түүл-бит курдук истибитэ. «Хайа, Силиэп, Күндүлү хайыыр буоллугут — Арамаан оҕонньорго биэрдигит дуу, суох дуу?»—диэн ыйытар киһи баара эбитэ буол-лар, «Ээ, ким билэр, хайаатыбыт буолла?»—диэн Силип хардарыа эбитэ буолуо, бука. Силип нэһилиэк уопсай мунньаҕын, ити да буоллар, көтүппүтэ суох: дэһээтинньик эттэр, илдьит тиийдэр эрэ, баран иһэр. Тиийэн, мас киһи курдук, олор да олор буолар.

Аадаҥ, Лэкээрис кинээс, Хараҕа суох Хаппытыан, Дьаҥсал Дьаакып курдуктар мунньах аайы айдааран тахсаллар: этиһэллэр даҕаны, иллэһэллэр даҕаны. Силтэһин онуоха эрэ кыһаммат. Билигин дьиэбэр эбитим буоллар ону гыныам, маны оҥоруом хааллаҕа диэн, туой кэлбитин кэмсинэн тахсааччы. Субу бүгүҥҥү да мунньахха: «Хонук маспын хайыппатах эбиппин, эрэйдэннэхтэрэ буолуо»,— диэн кэргэттэрин саныы олорон устунан утуйан хаалбыт.

Сотору сукулаан дьиэ таһыгар ыт да охсор киһи хаалбата. Хоту, соҕуруу, илин, арҕаа барар суолларынан сыарҕа аттаахтар сырылата, сатыы дьон чоочурҕаһа турдулар.