М.Ю. Лермонтов "...Выхожу я на дорогу" хоһооно саха поэттарын тылбааһыгар

М.Ю. Лермонтов хоһооно саха поэттарын тылбааһыгар
Выхожу один я на дорогу;
Сквозь туман кремнистый путь блестит;
Ночь тиха. Пустыня внемлет богу,
И звезда с звездою говорит.
В небесах торжественно и чудно!
Спит земля в сияньи голубом…
Что же мне так больно и так трудно?
Жду ль чего? жалею ли о чём?
Уж не жду от жизни ничего я,
И не жаль мне прошлого ничуть;
Я ищу свободы и покоя!
Я б хотел забыться и заснуть!
Но не тем холодным сном могилы…
Я б желал навеки так заснуть,
Чтоб в груди дремали жизни силы,
Чтоб дыша вздымалась тихо грудь;
Чтоб всю ночь, весь день мой слух лелея,
Про любовь мне сладкий голос пел,
Надо мной чтоб вечно зеленея
Тёмный дуб склонялся и шумел.

Иван АРБИТА тылбааһа:
Соҕотоҕун тахсабын суол устун;
Субуллар адаардаах уһун суол;
Ньим түүн. Сулус кэпсэтэр сулустуун,
Айыы тылын сэргиир куйаар дуол.

Дьиктитик да дьиппиэрбит киэҥ халлаан!
Сир утуйбут көҕөрө кыыһан...
Тоҕо мин өстүм санааҕа хааллан?
Тугу күүтэн? Туохпун аһыйан?

Суох, олохтон күүтэрим суох аны,
Аһыйа барбаппын ааспыппын;
Көрдүүбүн көҥүлү, сынньалаҥы!
Уоскуйа таалыахпын баҕардым!

Суох эрэ буоллун иин тымныы тыына...
Уһун уубун утуйан хаалыым,
Түөспэр олох уота нуктуур гына
Аргыый сыккырыы сыттын хааным;

Түүнүн-күнүһүн тыыммын манньытан,
Кэрэ куолас тапталы туойдун,
Үрдүбэр күөх төбөтүн санньытан
Үйэлээх дууп суугунуу турдун.
("Арассыыйа уран тылын сүмэтэ" кинигэттэн ылылынна Бичик, 2015 с.)

Наталья ХАРЛАМПЬЕВА тылбааһа:
Соҕотоҕун суолга мин тахсабын,
Тумаҥҥа таастаах суол кылбачыйар,
Түүн чуумпу, куйаар Таҥараны истэр,
Сулус сулустуун кэпсэтэр.

Үрдүк мэҥэ халлаан дьикти!
Сир нуктуур күөххэ куустаран...
Оттон мин тоҕо муҥатыйа сордонобун,
Тугу күүтэбин, туохтан кэмсинэбин?

Мин олохтон аны тугу да эрэйбэппин,
Ааспыты да аймана аһыйбаппын,
Мин көҥүлү, бокуойу ирдиибин,
Утуйан баран уһуктубаппар баҕарабын.

Ол эрэн, мин баҕарбаппын утуйуохпун
Иин тымныы уутугар үйэлэргэ,
Түөспэр олох баар буолуон баҕарабын,
Баҕарабын тыыным түөспүн өндөтүөн.

Түүнү быһа, күнү быһа таптал туһунан
Баҕарабын минньигэстик ыллыахтарын,
Хараҥа дууп мас үрдүбэр төҥкөйөн
Мэлдьи сирэм күөҕүнэн суугунуоҕун.
("Арассыыйа уран тылын сүмэтэ" кинигэттэн ылылынна. Бичик, 2015 с.)

САЙА тылбааһа:
Соҕотох мин суолга тахсабын.
Очурдаах айаны тумаҥҥа таайабын.
Уу чуумпу. Сир ийэ Айбыкка бэринэр,
Сулуһум сулустуун сипсиһэр.

Халлааҥҥа дьоро түүн суһумнуур.
Ый тунал сырдыгар сир нуктуур.
Мин тоҕо бу курдук дьиктитик ыалдьабын?
Туох буолуон күүтэбин? Аһыйа ахтабын?

Суох, дьиҥэ, тугу да күүппэппин,
Ааспыты аһыйа барбаппын;
Көҥүлү эрэ мин күүстээхтик көрдүүбүн!
Түүл буолан түүн үөһүн умнуохпун түстүүбүн!

Ол эрэн тоҥ ииҥҥэ мууһуруу буолбатын...
Баҕарыам үйэлээх да уубар сытаммын
Сүрэхпэр дьулуурум өспөккө тиллиэҕин,
Тыынарым мин түөспэр аргыыйдык биллиэҕин,

Түүннэри, күннэри кулгаахпын минньитэ
Ким эрэ миэхэҕэ тапталы ыллыаҕын,
Хаһыҥҥа бэриммэт күөх маһым үрдүбэр
Чыпчаалын хоҥкута суугунуу туруоҕун.
("Тыыннаах тылбаас" кинигэттэн ылылынна, Көмүөл, 2018 с.)

Оһуохай Уолун тылбааһа:

<poem>

Тахсабын соҕотох айаҥҥа турунан.
Тумаҥҥа суол көстөр тыргылла кылбайан,
Чуумпу түүн. Алааһым Айыылыын сипсиһэр,
Чуор сулус сулустуун сэлэһэ кэпсэтэр...

Халлааным үөрбүтүөн, дьэргэлгэн дьүһүйэ...
Суһумҥа бигэнэн утуйар сир ийэ...
Хом санаа бу тоҕо, ньүөлүттэ дууһабын?
Суоҕу мин күүтэммин, кэмсинэ саныыбын???

Олохтон тугу да эрэйэ күүппэппин,
Ааспыты аһыйан аймана иэйбэппин,
Көрдүүбүн көҥүлү, уоскулаҥ иэйиини!
Олоччу умнаммын утуйуох түгэни!

Ол эрэн өлүөхпүн баҕарбат курдукпун...
Быраман дьылларга утуйуох эбиппин,
Түөспүнэн олоххо баҕабын имэҥнии,
Тыыннаҕым аайытын төлүтэ түллэҥнии:

Түүннэри-күннэри кулгаахпын сымната
Тапталы хоһуйуон күөрэгэй ырыата,
Үрдүбэр аар хатыҥ оргууйдук суугунаан
Үйэлээх ууларбын бигиэҕин, харыстаан.

Сырдаана тылбааһа:

<poem>

Соҕотох тахсаммын турабын таас суолга;
Тумарык быыһынан аартыгым  кылбайар;
Уу-чуумпу. Айбыты иһиллиир бу дуолга
Мичиҥнии сипсиһэр эбиттэр сулустар.

Үрдүбэр халлааҥҥа дьиктитэ ураты!
Суһумҥа бигэнэн сир ийэ тунаарар...
Тоҕо мин барыттан санньыйа ыараатым?
Туох күүтэр? Эбэтэр ааспыт кэм мунчаардар?

Дьэ кэлэн олохтон үтүөнү күүппэппин,
Ааспыты суохтааммын турбаппын аһыйа;
Көҥүлү, нууралы баҕарар эбиппин!
Түлүк уу туруга ымсыырдар баһыйа!

Тымныы иин хаппахчы уоскулаҥ буолбатын...
Буор кутум букатын бу сиртэн сүппэтин,
Уһуктар кыаҕа суох утуйа сыттарбын,
Бар дьоммор айымньым дьайара бүппэтин.

Түүннэри-күннэри тапталы айхаллаан,
Ким эмит аттыбар ырыата ыллаатын,
Ардахтан-силлиэттэн күөҕүнэн хаххалаан,
Үрдүбэр чээл маһым аргыыйдык тыаһаатын.

  *Дьуур тылбааһа*:

Соҕотох таҕыстым айаммар;

Лэҥсиэлээх ыллыгым кылбайар

Түүн чуумпу.Куйаарым иһийэр,

Сулуһум сулустуун сипсиһэр.

Халлааным дьиримнээн кэрэтиэн!

Сир ийэ утуйбут суһумҥа...

Тоҕо бу мунчаарыы кууһарый!

Тугу күүтэбин? Хараастабын?

Тугу да олохтон күүппэппин,

Ааспыты аһынан ылбаппын;

Көрдүүбүн көҥүлү,чуумпуну!

Баҕардым умнан-утуйуохпун!

Ол эрэн өлбүттүү буолбатах...

Үйэни уҥуордаан даҕаны

Мин түөспэр олоҕум ис кыаҕа,

Өрүүтүн баҕара сытыаҕа;

Уһун түүн,күнүһүн истиэҕин,

Тапталбыт туһунан тойугу,

Үрдүбэр өрүүтүн күп-күөх

Баараҕай дуб маһым төҥкөйүөн.

  • Даайа тылбааһа*


Туман быыһынан тунаарар ыллыкка,
Соҕотох тахсабын иһийбит түүҥҥэ;
Куйаар чуумпу айыылардыын сипсиһэ,
Сулус имнэнэр сулуска тардыһа.

Көҥүл, дэлэгэй кыырайар үрдүккэ!
Көҕөрөр суһумҥа нуктуур сир ийэ...
Тоҕо, туохтан туоххаһыйа мунчаардым?
Тугу кэтэһэн бачча моруу буоллум?

Аймана аһыйбаппын ааспыт кэми,
Аны күүппэппин олохтон кэрэни,
Көрдөһөбүн дууһабар уоскулаҥы!
Туохха да кыһаммат улук туругу!

Утуйуом уһуннук...ииҥҥэ буолбакка...
Истиҥ баҕабын ис куппар кистэнэ,
Сүрэҕим тэбиитэ аргыый битийэ,
Сүрээннээх салгынтан түөһүм көппөйө.

Аттыбар мэлдьитин аанньал куолаһа
Абылыы туойдун тапталтан көнньүөрэ,
Үрдүбэр күөх дууп баараҕай лабаата
Өксүөнтэн хаххалыы үүннүн чэлгийэ.

  • Тарабукина Катя тылбааһа*


Айаммар соҕотохпун

Аартыкпар суос соҕотох тахсабын;
Ый туман быыһынан ыйар суолбун;
Түүн чуумпу. Куйаар Таҥараны эрэ истэр,
Сулус ол сулустуун эрэ сэһэргэһэр.

Үөһээ күөх халлаан дьикти кэрэтиэн!
Ол күөх чуумпуга сир утуйбут бигэнэн...
Тоҕо миэхэ бары барыта ыарыылааҕый?
Тугу мин күүтэбин? Туохтан кэмсинэбин?

Ончу тугу да саҥаны олохтон күүппэппин,
Ааспыты да аһыйан ытамньыйбаппын.
Мин көҥүлү, уоскуйууну көрдүүбүн эрэ!
Мин барыны бары умнан утуйуом этэ!

Ол эрэн мин өлөрүм өссө да эрдэ...
Арай утуйбут киһи дии өр кэмҥэ,
Итии хааным тохтообокко эргийэ,
Түөспэр сүрэҕим аргыый наллаан тэбэ;

Уонна түүммүн,күнүспүн да киэргэтэн,
Тапталы эрэ кэрэ куолас туойуохтун,
Үрдүбэр мэлдьи чээлэй күөх дуубум,
Лабаатынан далбаатана туруохтун.


<poem>

  • Григорьева М.З. тылбааҺа


«Суолга тахсабын соготох»
 (көҥүл тылбаас)

Соҕотохпун, тахсабын суолга;
Уеһэттэн сырдык килбэйэр;
Чуумпуга суугунас куйаарга
Сулустуун сулус кэпсэтэр.

Алыптаах өрөгөй халлаанна
Сир суһум биһиккэ утуйар…
Бу тоҕо ыар-нуһэр курдугуй?
Тугу бу кэмсинэ куутэбин?

Эрэйбэппин олохтон - тугу,
Ааспыты сайыһыам дуо аны ;
Көрдуубун мин көҥул чуумпуну!
Утуйдарбыан, тардан эрэли!

Уһук ууга тимирбэт чэбдик,
Дирин, бүтэй уунан утуйуом.
Олох тыына эппэҥнии нуктуо,
Ис кутум сынньана налыйыа.

Түүн-күнүс нуураата биэбэйдии,
Таптал ырыата бигээтэр дуу.
Кырдьаҕас дуб маһым аттыбар
Куеҕунэн суугунаан тыалырдар.

               М.З.Григорьева
               Якутск
               25.03.2020 сыл

Соҕотох туруннум мин суолга тахсаммын;
Тумаҥҥа сууланан таас суолум кылбайар;
Чуумпу түүн . Кумах куйаар таҥараҕа үҥэр,
Онтон сулус сулустуун кэпсэтэр.
Халлааным дьиктитик уоскуйбут!
Ийэ сир халлаанныын утуйбут...
Туох миигин долгутар санньыардык?
Тугу күүтэбин?Туохтан дьиксинним?
Тугу да күүппэппин ээ,бу олохтон,
Кэннибэр хаалбыттан кэмсиммэппин;
Көрдүүбүн олохтон көҥүлү,чуумпуну!
Барытын умнаммын ,утуйуом этэ мин!
Суох хоруопка буолбатах ,оо кэбис...
Утуйуом этэ мин турбаттыы,
Мин түөспэр олох күүһэ сынньана түһүөхтүн,
Мин түөһүм тыынарын биллэрэн түллүөхтүн;
Түүннэри,күннэри кулгаахпын сымната,
Тапталы сипсийэр куолаһы истиэхпин,
Мин үрдүбэр мэлдьи чэчирии көҕөрдүн
Хараҥа дууп нөрүйдүн суугунуу барыйа.

Көҥүл тылбааска холонно Арыллаана , 2020 Дьокуускай

Михаил ЛЕРМОНТОВ 1841 г.

КӨҤҮЛ Тылбаас

Соҕотох тахсабын киэҥ суолга;
Тумарык быыһынан таас ыллык кылайар
Чуумпу түүн. Киэҥ куйаар иһийбит
Сулустар күлүмнүү оонньууллар.

Халлааҥҥа киһи сөҕүөх кэрэтэ!
Сир-ийэ чаҕылыйа көҕөрбүт...
Туохтан маннык тууйулуннум мин?
Тугу күүтэбин? Туохтан кэмсинним?

Олохтон күүппэппин тугу да,
Ааспыттан суҥхарбат эбиппин;
Көрдүүбүн көҥүлү, эйэни!
Утуйбут киһи, кытаанахтык!

Утуйуом этэ,уһун уубун үйэлэргэ,
Орто дойду буорун түөспэр сылытан,
Оргууй сылаас тыалынан тыына
Тымныы иин аргыарын саба баттаан.

Оо, оччоҕо түүннэри күнүстэри истиэм
Айылҕам барахсан дьиэрэтэр тойугун
Мэлдьи күөх бэс маһым үрдүбэр
Сиккиэр тыалы кытта сипсиһиэ.

Мойуу Кыыһа
25.03.2020

Соҕотох тахсабын айанныыр аартыкка,
Туманы быыһынан сур суолум кылбайар,
Бу чуумпу түгэҥҥэ куйаар иһийэр,
Сулус сулустуун сипсиһэн аалсыһар.

Халлааным өрөгөй тыына дьиктитиэн!
Сир ньуура көҕөрөр күөххэ сууламмыт,
Оттон миэхэ тоҕо бу ыараханый?
Тугу күүтэбин,аһыйан ылабын?

Олохпуттан тугу да күүппэппин,
Ааспыты да сайыһа хаалбаппын,
Көҥүлгэ,сынньалаҥҥа тардыстым,
Нуктуохпун,утуйуохпун баҕардым.

Ол эрэн букатын,өлбүттүү буолбатах...
Утуйуом этэ нухарыйыы быһыынан,
Мин түөспэр олох кыаҕа тиҥийдин,
Эдэрдии эппэҥнии мөҕүстүн.

Түүнү быһа кулгаахпар иһиллэ
Минньигэс куолас тапталы туойдун,
Мин үрдүбэр күөҕүнэн сөхтөрө
Баараҕай дууп мас суугунуу турдун.

Валентина Яковлева-Чэлгийээнэ

  • Марта-Мария тылбааһа:*

✨✨✨✨✨✨✨
Соҕотох тахсабын суол тоҕойугар:
Туман быыһа айан суола туртайар,
Сулус сулустуун сэһэргэһэр түүнүгэр
Таҥаралыын куйаар бэккэ сипсиһэр.

Халлаан дьиибэ туругунан куоһанар,
Кини көҕөрүмтүйэр иэнигэр сир утуйар...
Онтон санаам туох айылаах муунтуйар,
Тугу күүттэрэн ол ааспыты аһыйар?

Күүппэппин ээ, мин олохтон тугу да,
Ааспыт олохпун кыратык да аһыйбаппын:
Миэхэ билигин көҥүл уоскулаҥ наада!
Утуйуом этэ, тугу барытын умнаммын.

Ол гынан баран, ииҥҥэ сытар буолбакка...
Үйэм тухары утуйуом тыыннаах турукка,
Түөһүм иһигэр олох күүһэ иһийдин,
Оргууй аҕай үөһэ тыынан билиннин.

Түүн, күнүс мин иэйэр куппун сымнаттын,
Таптал туһунан нарын куолас ылластын,
Онтон үрдүбэр мэлдьи күөххэ сууланан,
Төҥкөйдүн дуу, дууп лабаата, суугунаан.

  • Мыычаар тылбааһа:*

Соҕотох мин суолга тахсабын...

Соҕотох мин суолга тахсабын;
Туманнаах, суол тааһа дьиримниир;
Чуумпу түүн. Киэҥ куйаар Айбыттыын алтыһар,
Ол сулус сулустуун сэлэһэн,

Халлааҥҥа өрөгөй үрдээтэ,
Күөх сирэм биһигэр сир ийэ утуйда.
Бу туохтан ис кутум ыалдьарый ?
Кэмсинэ, мин тугу күүтэбин ?

Олохтон мин аны тугу да күүппэппин,
Ааспыты сайыһа барбаппын;
Чуумпуну, көҥүлү көрдүүбүн!
Баҕардым утуйан хаалыахпын!

Ол эрэн өлбүттүү буолбатах...
Уһуннук утуйбут киһилии,
Мин түөспэр күүс-күдэх кыламныан,
Тыынартан мин түөһүм эппэҥниэн;

Түүн, күнүс кулгаахпын минньитэ
Ким эрэ тапталы туойуоҕун,
Үрдүбэр модун дууб нөрүйэн
Күөх нуоҕай сэбирдэх суугунуон.
03. 20

  • Хоһуунай тылбааһа:*

Тумарык нөҥүө тыйыс аартык килбэйэр,
Тахсабын, мин соҕотох айан суолугар:
Чуумпу, курус түүн.Таҥараҕа биһиктэммит,
Арай, сулус сулустуун чуумпутук сипсиспит.

Үрдүк халлаан үтүөтэ үгүһүн, дьиктитин!
Дьэргэлгэн суһумугар суулана, сир ийэ утуйар...
Онтон миэхэ ыарахан, тоҕо ыалдьабын?
Тугу эрэ кэлтэй күүтэбин? туохтан эрэ хараастабын?

Күүппэппин мин бу олохтон тугу даҕаны,
Аһыйан ылбаппын ол ааспыт кэмнэри;
Мин көрдүүбүн ээ уоскулаҥы, көҥүлү!
Баҕарабын, барыны умнуохпун, утуйуохпун!

Мин баҕарабын үйэ - саас утуйуохпун,
Ол эрээри ииҥҥэ, тыйыс уубар буолбатах...
Өрө тыына, түөспэр толору тыыныахпын,
Ис куппар, олоҕум күүһэ тэҥҥэ нухарыйыан;

Улук күн, уһун түүн, мин иэйиибин имэрийэ,
Имэҥ куолас миэхэ таптал ырыатын ыллыаҕын,
Мин үрдүбэр өрүү күөххэ бигэнэ
Аарыма харыйа хоҥкуйа, суугунуу туруоҕун.

  • Евдокия Попова-Айыына тылбааһа:*

Соҕотох туруннум мин суолга,
Хойдубут туманым үөһүттэн
Уһун суол лиэнтэлии субуллар.
Уу - чуумпу сатыылыыр түүннэрэ..
Куйаарга абылаҥ
иһийэр,
Сулуһум - сулустуун сипсиһэр.

Киҥкиниир киэҥ
халлаан кэрэтиэн!
Көҕөрөр суһумҥа
сигэнэ
Ийэ сир утуйар
иһийэ.
Тоҕо сүрэҕим
ыалдьарый,тургута?
Тугу олохтон
күүтэбин муунтуйа?

Олохтон тугу да
күүппэппин,
Ааспыты аһыйа барбаппын.
Арай көрдүүбүн
көҥүлү,уоскулаҥы!
Барыны тумнан,
утуйуом этэ умнан!

Ол эрэн,өлбүттүү
ииҥҥэ буолбакка
Көннөрү уһуннуук - уһуннук...
Түөспэр олоҕу
билэ эппэҥнии,
Түөспүнэн тыына
түллэҥнии.

Түүннэри - күннэри атаахтата,
кулгаахпын манньыта,
Таптал туһунан
талбаарда,минньигэс ырыа
дьиэрэйдин,
Үрдүбэр өрүүтүн
күөх дууп мас,
Лабаатын суугунуу хоҥкуттун.
2020 с.

  • Дьулу Уус тылбааһа*

Соҕотох тахсаммын айаҥҥа турунабын.
Туманы курдат чокуур таастаах суол кылбачыйар,
Түүн нуурал. Кумах куйаар сэргиир таҥаратын,
Ону тэҥэ сулус сулуска тугу эрэ сэһэргиир.

Үөһээ халлаан сүр бодо уонна бэртээхэй!
Далайын күөҕэр сир утуйбут бигэнэн...
Тоҕо кутум ыалдьан, ыар баттаатаҕай?
Тугу эрэ кэтэһэн ду? тугу эрэ аһыйан?

Олохтон дьиҥэ тугу да кэтэспэппин,
Уонна ааспыт туохтан да кэмсиммэккэ,
Бэйэбэр көҥүл уонна уоскулаҥ көрдүүбүн!
Мин арай, барыны умнан туран, утуйуом этэ!

Ол эрэн араҥас тиһэх уутунан буолбакка...
Утуйуом да этэ мин, үйэлэри туххары,
Сүрэхпэр олох күүһэ нуктуо эрэн утуйбакка,
Барбах тыынан түөһү эрэ хамсатардыы.

Ол онно түүнү-күнү быһа бүөбэйдии,
Кылыһах күөмэй тапталбын туойдун,
Арай үйэлэргэ от күөҕүнэн суугунуу,
Хараҥа дууп мас үрдүбэр нөрүйдүн.

  • Куочун. Сатай тылбааһа:*

Тахсабын мин суолга соҕотох
Дьапталҕа айан суола иннибэр тэлгэнэр
Чуҥкунуур чуумпу , түүн. Кураайы, тулам иһийэр
Сулустар сулустуун сипсиһэллэр

Халлаан дьикти туруктаммыт
Сир утуйбут күөххэ сууланан
Тоҕо миэхэҕэ ыараханый, ыарыылааҕый
Тугу күүтэбиний, туохтан кэмсинэбин

Тугу да күүппэт курдукпун олохпор мин
Кэмсиммэппин ааспыт олохпуттан
Мин талаһабын көҥүлгэ уонна уоскулаҥҥа
Баҕарабын барыны умнуохпун, утуйуохпун

Баҕарбаппын тоҥ сир анна, иин иһигэр иһийэ
Тугу да билбэккэ сытыахпын
Баҕарыам этэ уһун уубун утуйуохпун
Түөспэр олох кыыма иһийиэн , биллэ биллибэккэ тэбиэлии

Уһун күн уонна түүн устата мин кулгаахпар
Нарын куолас таптал туһунан ыллыан
Мин үрдүбэр куруук көҕөрө аарыма дууп
Төбөтүн хоҥкута лабаата суугунуон
     25 . 03 . . 20 . с

  • Тупсууна Нам.тылбааһа:*

Соҕотох таҕыстым мин суолга;
Тумарык быыһынан суолум суһумнуур;
Чуумпу түүн. Хараҥарыы көҥүл күөнэ,
Арай сулус сулустуун кэпсэтэр.

Үөһэ Айыыларга үтүө, олус кэрэ!
Ийэ сир иһийэр күөх халлаан суһумугар...
Тоҕо ыарыылааҕый, олус ыараханый?
Тугу күүтэбиний? Туохтан кэмсинэбиний?

Олохтон тугу да күүтэ сатаабаппын,
Ааспыт кэмнэрбин мин олох аһыйбаппын;
Мин көрдүүбүн көҥүлү, холкутуйууну!
Мин баҕарабын умнулла, утуйууну!

Ол эрэн иин тымныы тыыныныы буолбатах...
Баҕарабын сылаас тыын утута кууһуоҕун,
Олох күүһүн түөскэ ыксары тутуоҕун,
Толору тыынынан оргууй суулуоҕун;

Түүннэри, күнүстэри миигин угуттуу,
Таптал туһунан намыын куолас ыллыаҕын,

  1. утаарыы [[

Мин үрдүбэр өрүү күөҕүнэн чэлгийэ
Хараҥа дууп мас хоҥкуйа суугунуоҕун.

                               Вячеслав Хон тылбааһа
Соҕотох тахсабын мин суолга …

<poem>

Соҕотох тахсабын мин суолга…

Үөһэттэн алгыстаах киэҥ дуолга.

Чуумпу түүн. Тумаҥҥа килбэйэр таас эрэ,

Сулустар сипсиһэр кэмнэрэ.

Халлааҥҥа дьол таалбыт кэрэтэ!

Сир нуктуур көҕөрөр тунаарга…

Туох ыарык санаабын кээрэтэр?

Күүтүү дуу, аһыы дуу үксээтэ?

Олохтон мин тугу күүтүөмүй,

Ааспыты аһыйан өллөмүй;

Суохтуубун көҥүлү, бокуойу!

Кууһууй эн, уоскутар утуйуу!

Сир аннын тымныыта буолбатах...

Үйэҕэ сыттарбын ол уубар,

Сылааспын мин түөспэр бигээммин,

Тыыннаахпын, тыынарбын билэммин;

Күннэри-түүннэри истэммин

Тапталы уруйдуур куолаһы,

Үрдүбэр кэхтибэт дууп маһым

Хаһан да уурайбат сипсиэрин.

<<poem>>

<poem>

  • Суһум тылбааһа:*

Иннибэр айаным суола тыргыллар
Соҕотох тахсабын мин суолбар.
Чуумпу түүн.
Иһийбит барыта.
Сулус сулустуун кэпсэтэр.

Халлааҥҥа дьикти да кэрэ!
Сир ийэ утуйар күөҕүнэн суһумнуу...
Бу туохтан долгуйар ис кутум?
Бу туохтан кэмсинним,
Олохтон мин тугу күүтэбин?

Олохтон тугу да күүппэппин,
Ааспыты аһыйбат эбиппин,
Көҥүлү,уоскулаҥ санааны!
Барытын умнуохпун уонна
Утуйуохпун баҕардым.

Иинтэн аргыйар уһуун да уунан утуйуу буолбатах...
Тыынарбар мин түөһүм
Эппэҥнии хамсыаҕын,
Түөспэр баар күүһүм
Эрчими эбиэҕин.

Санаабын манньыта
Түүннээх күнүһүн
Таптал туһунан минньитэ
Өрүү күөх маһым суугунуу кэпсиэҕин.

Турабын мин суолга соҕотох: Тумарык быыһынан ыйдаҥа тыгар: Уу-чуумпу. Куйаар айбыкка бэринэр, Сулус сулустуун алтыһар. Халлааҥҥа барыта дьикти, чиҥ! Сир ийэ ньимийэ иһийбит... Тоҕо мин дууһам айманар? Туохтан туоххаһыйан ылар? Аны олохтон тугу да күүппэппин. Ааспыты да аһыйа кэмсиммэппин: Мин көҥүлү, уоскуланы таламмын Уһуннук утуйуохпун баҕарабын! Ол эрээри тыбыс тымныы Түлүк ууга баҕарбаппын... Тыыннаахпын биллэрэн Түөспэр олох тыына илгийдин. Түүннэри -күннэри тапталы уруйдаан Аттыбар кэрэ куолас ыллаатын, Үрдүбэр ерүүтүн үрдүккэ талаһа Баараҕай мас көҕөрө чэлгийдин!

Маргарита Габышева

Сэгэлдьийэ Чээлэй тылбааһа:

Тахсабын айан аартыгар соҕотох;
Тумаҥҥа килбэчийэр таас суолум;
Чуҥкуйбут ый Күн айыылыын алтыста;
Сулус сулуска мичийэ хардарда.

Куйаар кэрэ, дьикти, чаҕыл күүрээнэ!
Сир ийэ күөх нууралга сууламмыт...
Сүрэх тоҕо ыар баттыкка бэриннэ?
Ахтылҕан кыната тоҕо хам кууста?

Кэмсиммэппин ааспыт олох күннэрин,
Кэтэспэппин олох ураты кэмин.
Тардыстым көҥүл уоскулаҥ туонатыгар
Тугу барытын умнан иһийиэхпин!

Үйэлэргэ утуйуохпун баҕардым,
Өлүнньүк уҥуоҕар сүгүрүйүмэҥ...
Мин түөһүм күүскэ өрүтэ түллэҥнээн
Олох күүһүгэр бигэнэн сыламныа;

Кырдьаҕас чиргэл дууп мас миигин таптыы
Хоҥкуйуо сэргэхтик, сэмээр сэһэргиэ,
Күн-дьыл эргииригэр миигин бүөбэйдээн
Минньигэс дорҕоон ырыанан күндүлүө

<poem>

Тахсабын соҕотох мин суолга Тумарык быыһынан таастаах суол килбэйэр. Чуумпу түүн.Кумахтаах куйаара Таҥара айбытын бүтүннүү ылынар, Сулустуун сулуспут кэпсэтэр.

Халлааммыт үрдүктэн дьиктитик киэмсийэр! Күөх нуурал анныгар сир ийэ утуйар... Бу тугу аһыйан, долгуйа күүтэн дуу, Бу тоҕо миэхэҕэ барыта уустугуй?

Олохтон тугу да эрэйэр санаам суох, Ааспыты даҕаны аһыйан туһа суох; Арай,мин көҥүлү көрдүүбүн ! Утуйуох этим мин,тугу да умнаммын !

Ол эрэн өлбүттүү тымныы иин билбэккэ... Үйэ саас сыттарбын утуйбут кэриэтэ, Түөспэр мин бу олох күүстэрин уоскута, Тыыныаҕым чуумпутук биир тэҥник,нуурайа;

Түүннэри-күннэри истиэҕи баҕара, Тапталы туойары, манньытар куолаһы, Баҕарыам, үрдүбэр өрүүтүн көҕөрөн, Модун дууп хоҥкуйа суугунуу туруоҕун.

Айылҕаана Чурапчы <\poem>