Намҥа


(Ольгаҕа)

Эн Намы көрбөккө да сылдьан,
Бэйэҥ Нам аатын ыллыҥ.
Билэ5иэн ол Тулагы-Киллэм
Туруору үрдүк аартыгын?

Айаннаан истэххэ, аара,
Аартык үрдүттэн — биһиэнэ:
Өрүс киэҥ хочотун тунаара,
Күөх налыы дойду иэнэ.

Иннигэр элбэх дьиэлэрдээх,
Тула бэс чагда мастаах,
Сыыр анныгар саһар үрэхтээх,
Ити — аатырар Хомустаах.

Былыргы Дьэкиим баай олоҕор,
Билигин дьон-норуот холбоһон,
Кыайыылаах «Жданов» колхозка
Үлэлии, сайда олорор.

Ол — Никольскай дэриэбинэтэ,
Онно, уот сэрии саҕана,
Кэмэ суох сэрии эстибитэ,—
Бандьыыт күүһүн улахана.

Оттон бу «Ленин» колхоз
Киэҥ бөһүөлэгэ кэллэ.
Манна дьон баайдык олороллор,
Балысханнык үлэлииллэр.

Ол Нам киин сирэ көһүннэ:
Утум-ситим дьиэлэринэн,
Омуна суох, сатыы көһүнэн
Тайаан олорор дэриэбииэ.

Ол томтор үрдүгэр турар,
Уопсай дьиэ бэрдэ буолан
Мин былыр оҕо сааспар
Иитиллибит оскуолам.

Оттон саҥа олох дьиэлэрэ
Ол бачыгыраһан тураллар,
Кинилэр үрдүктэрэ, киэҥнэрэ
Киһи хараҕар быраҕыллар.

Бу самналлан кэлээхтээтэ
Эһэ-эбэ нэһилиэстибэтэ —
Чуолҕан саҕа түннүктэрдээх
Биһи дьиэбит элээмэтэ.

Билсиһэн кэбис, доҕоруом,
Бу мин төрүөбүт күүлэм —
Бары хаан-уруу дьоннорум,
Бииргэ үескээбит дьүөгэм.

Аартыгы дабайан, түһэн,
Көнө суолунан көтүтэн,
Айаннаан дьалкытан кэллэхпит
Бу түргэнин эриэхсит!

Бу суол былыр омоох суол этэ,
Эриэн кыыллыы эриллэрэ.
Тоҕус сорунан кэлиэҥ этэ
Якутскайтан Намнга диэри,

Ол курдук олохпут чэпчээтэ,
Олуга-хардыыта кэҥээтэ,
Күннэри-түүннэри күүрэ сайдан,
Кини сэбэрэтэ уларыйда.

Эйэҕэс, күндү доҕоруом,
Эн хонук-хонон, күн өрөөн,
Мин төрүт дойдубар олоруоҥ,
Үксэ үтүөнү эн көрүөҥ.


1949

Антология иһинээҕитэ

Илья Дорофеевич Винокуров - Чаҕылҕан

Сүрүн сирэйгэ төнүн