Нарынныр эрэ тарбаххын...(Алампа)


Нарынныр эрэ тарбаххын,
Наскыйар эрэ бэйэ5ин
Хатыңныыр эрэ мастарга
Ханыылыы эрэ хайгыыбын!

Субуллар эрэ суһуоххун
Халлааным эрэ кустугар
Ханыылыы эрэ саныыбын,
Хай5аллаах эрэ киэргэлиэм!

Томтойор эрэ түөстэргин
Толорукаан эрэ кутуллубут
Чорооннордоох эрэ кымыска
До5уйабын эрэ, то5ойуом!

Күөгэлдьигэс эрэ бэйэ5ин
Күлэн эрэ күөмчүлүүр
Күүһүм эрэ суохуйа,
Күөкэйдиир эрэ көмүһүөм!



Сүрүн сирэйгэ