Көтө-дайа кустуктана,
Көрө-истэ туллуктана
Хоспор куруук кииримэ,
Куппун-сүрбүн иирдимэ.
Ол эрэн эн сэрэнэҥҥин,
Оргууй аҕай үктэнэҥҥин,
Чуумпу хоспун сэгэтээр,
Ньургуһунна бэлэхтээр!
Көмүс куорсун кыталыктар
Көмүс сааспын илдьэ баартар,
Чаҕылыҥнас кырыалар
Чанчыктарбын саппыттар.
Ньургуһунум баҕар эмиэ
Дууһам уотун тилиннэриэ,
Умнубуту санатыа,
Уйадыта ыллатыа.
Ол эрэн эн сэрэнэҥҥин,
Оргууй аҕай .үктэнэҥҥин,
Чуумпу хоспун сэгэтээр,
Ньургуһунна бэлэхтээр!