Нэми билэн туттунуу (Каженкин И.И.-Хааһах Уйбаан)

Каженкин И.И.- Хааһах Уйбаан

НЭМИ БИЛЭН ТУТТУНУУ. КУТ-СҮР ҮӨРЭҔЭ. Дьокуускай. 2023.

АННОТАЦИЯ

Нэм диэн олус киэҥ өйдөбүллээх тыл киһи үлэни оҥорууга хайдах хамсанарын, туттунарын быһаарар тутаах суолталаах. Хас биирдии үлэ көрүҥэ бэйэтигэр сөптөөх нэми билэн тутуһары ирдиирин үлэһит сахалар былыргы үйэҕэ быһааран олохторугар уонна үлэни оҥороллоругар туһана сылдьаллар.

Бары үлэһиттэргэ ананар.

Народ саха с очень давних времен развил учения о труде.

© Каженкин И.И.-Хааһах Уйбаан.

ААН ТЫЛ

Нэми билэн туттунуу диэн этии араас уустук хамсаныылары табан, сатаан оҥорууга үөрэтэргэ аналлаах үөрэх буолар. Бу үлэһиттэр үөскэппит үөрэхтэрэ күүһү, сөптөөхтүк, ол аата нэмин билэн туһанан үлэни табатык, тупсаҕайдык, сатабыллаахтык уонна талааннаахтык оҥорууну үөскэтэр.

Күүс хаһан баҕарар аһара бара сатыыра элбээн хаалар. Күүс аһара барыыта сыыһа-халты туттунууну үөскэтэн алдьатыыны оҥорууга тириэрдэрин киһи тугу эмэ оҥоро сатаатар эрэ билэр. Ол иһин нэми билэрэ, тутуһара эрэ, бу сыыһа туттунарын аҕыйатар уонна үлэни туһалаахха кубулутарга тириэрдэр.

Үлэни оҥоруу табылыннаҕына эрэ туһаны оҥорон, туһалаах үлэнэн ааҕыллар, онтон салгыы сатаннаҕына ханнык эрэ барыһы киллэрэн атыттар батыһар, үтүктэр үлэлэригэр кубулуйар. Ол иһин сатабыллаахтык оҥоруллар үлэ омук сайдыытын, ахсаана эбиллиитин үөскэтэргэ туһалыыр.

Халы-мааргытык оҥоруллубут, табыллыбатах, сыыһа-халты буолан хаалбыт үлэ куһаҕаны элбэтэр уонна киһи санаатын түһэрэр, кыаҕын кыччатар. “Хоро салаҥ”, “хоро таһар” диэн үлэни кыайбаттарын, сатаабаттарын иһин сирэн ааттаммыт хоролор үлэһит сахаларга холбоһон симэлийэн хаалбыттар.

Нэм диэн олус киэҥ өйдөбүллээх тыл киһи туохха барытыгар сөп түбэһиини буларын, үөскээн тахсар икки өрүттэр икки ардыларыгар тэҥнэһиини үөскэтэрин биллэрэр уонна ханнык баҕарар үлэни оҥорууга күүһү хайдах туһанары быһаарар суолтата олус улахан.

Саха дьоно уһун үйэлэр тухары араас үлэлэри үлэлээннэр нэми билэн туттунуу диэн үлэни оҥорууга хамсаныылары табан туһанарга аналлаах үөрэҕи айан оҕолорун үлэҕэ үөрэтэллэр. Нэми билэн туттунуу диэн үөрэх киһи сыыһа-халты туттунан кэбиһэрин аҕыйатан туһалааҕы, уһун үйэлээҕи оҥорорун элбэтэр аналлаах.

Хас биирдии үлэ көрүҥэ бэйэтигэр сөптөөх нэми тутуһары ирдиирин үлэни баһылаабыт сахалар быһаарбыттара ырааппыт. Бу нэми билэн туттунуу диэн сахалар сыыһа-халты туттубат буолууга үөрэтэр үөрэхтэрэ билигин тупсан, сайдан “Техника безопасности” диэн ааттанан бары үлэлэргэ барыларыгар суруллан туттулла сылдьар.

Саҥа үлэҕэ киирэр киһи, бу “Техника безопасности” диэн үөрэҕи билэн тутуһара ирдэнэр көрдөбүл буолар. Ону тэҥэ, саҥа үлэҕэ киирэр киһиттэн, бу үлэҕэ уопута төһө элбэҕин хайаан да ыйыталлар, үлэни хайдах үлэлиири билиһиннэрэллэр уонна эбии сэрэхтээх буолууга үөрэтэн биэрэллэр.

Ханнык баҕарар үлэни оҥоруу табыллыыта, тупсуута, сатаныыта киһи буор кута төһө сайдыылааҕыттан быһаччы тутулуктааҕын нэми билэн туһаныы үөрэҕэ арыйар. Ол курдук, хамсаныылары хайдах оҥорортон үлэ хаачыстыбата быһаччы тутулуктанан тахсарыттан үлэҕэ ылыыга киһи буор кута төһө сайдыылааҕа биллэрэ табыллар.

Үлэни оҥоруу диэн эрэйэ, хамсаныылары оҥорууга араас көрдөбүлэ элбэҕиттэн кумааҕыга ону-маны була сатаан суруйуу буолбатах. Ол иһин үлэ дьонун тыл үөрэхтээхтэрэ итэҕэлгэ, үлэни хайдах үлэлииргэ үөрэппитэ буолаллара таах сибиэ эрэйдэнии, дьону албыҥҥа киллэрэ сатааһын буолар. Үлэни хайдах оҥорууга уопуттаах үлэһиттэр эрэ үөрэтэллэрэ табыллар.

Күүс уонна кыах диэн тыллар киһи этин-сиинин күүһүн уонна хамсаныылары хайдах оҥорорун быһаараллар. Ханнык баҕарар быһыыны, үлэни оҥорууга ханнык эрэ күүс уонна кыах ирдэнэрин сахалар былыр үйэҕэ быһааран, олору табан туһанарга аналлаах нэми билэн туттунуу диэн үөрэҕи айан араас үлэлэргэ барыларыгар туһана сылдьаллар.

Саха омуга сайдыан баҕарар. Омук этин-сиинин бөҕөргөтөр уонна буор кутун эрчийэр, дьарыктыыр үлэ эрэ омугу сайыннарар. Ол иһин үлэни кыайыылаахтык үлэлиир, сыыһа-халты туттубат кэлэр көлүөнэлэри үөскэтии уонна нэмин билэн туттунарга үөрэтии саха дьонуттан ирдэнэр көрдөбүл буолла.

Сэбиэскэй былаас кэмигэр дьадаҥылар сайдыыта суох, үлэни сирэр буор куттарынан сутуллан хаалбыт дьону саҥалыы үөрэтэн үлэһиттэр сайдыылаах буор куттаахтарын билиниигэ тириэрдии диэн үлэни мин саҕалаан бу үлэни суруйдум.

Таҥара үөрэҕэ диэн өй-санаа үөрэҕэ ааттанар. Сахалыы таҥара үөрэҕэ үлэһиттэр таҥаралара буолар, ол иһин нэми билэн туттунары, көрсүө, сэмэй буолары ирдиирэ үлэни кыайа-хото үлэлээһини ситиһииттэн быһаччы тутулуктанар.

Нэми билэн туттунуу киһи буор кута төһө сайдыылааҕыттан, хамсаныылары хайдах оҥороруттан быһаччы тутулуктааҕыттан Кут-сүр үөрэҕэр киирсэр.

И.И.Каженкин - Уйбаан Хааһах атын үлэлэрин интернеттэн, Национальнай библиотекаттан, библиотека сайтыттан, Сахалыы Википиэдьийэттэн уонна ол иһигэр баар Викитека диэн библиотекаттан булан ылан туһаныахха сөп.

Айылҕаттан талааннаах, хааннааһын диэн былыргы сахалар эмтиир ньымаларын баһылаабыт эмчит Попов Григорий Гаврильевич элбэх дьоҥҥо туһалыыр “Сахалыы эмтээһин киинэ” диэн тэрилтэни арыйан ситиһиилээхтик салайан үлэлэтэр.

Автор бу үлэтин бэчээттээн таһаарыыга спонсордаан көмөлөспүт сахалыы өй-санаа үөрэҕин дириҥник билэр Попов Григорий Гаврильевичка истиҥ махталын тириэрдэр.

ХАМСАНЫЫЛАР

Күүс диэн эт-сиин хамсаныылары оҥороруттан үөскүүр эньиэргийэ ааттанар уонна сахалыы туруору күүс диэн арааран эмиэ этиллэр. Эт-сиин төһө элбэҕиттэн уонна киһи эрчийэ, дьарыктыы сылдьарыттан быһаччы тутулуктанан күүс уларыйан биэрэр. Ол курдук, элбэх ыйааһыннаах киһи, бу ыйааһынын соһо сылдьарыгар сөптөөх күүстээх буолара быһаарыллар. Киһи туруору күүһүн араас суол күрэхтэһиилэринэн былыр-былыргыттан быһаараллар. Манна ордук тааһы, бэрэбинэни көтөҕүү тарҕаммыт көрүҥнэргэ киирсэллэр. Урукку кэмҥэ мас тардыһыытын туруору күүһү быһаарыыга туһаналлара, ол иһин хамсаабакка олорон эрэ тардыһаллара.

Билигин мас тардыһыыта биллэрдик уларыйда, хамсаныылары оҥорууну эбиискэ киллэрэн биэрииттэн улаханнык тэтимирдэ уонна уустугурда, ол иһин дьон сэргээн көрөр күрэхтэһиилэрин көрүҥэр кубулуйда. Хамсаныылары оҥорор өй-санаа эбиллэн биэриитэ диэн араас эмискэ туора-таары тардыылары оҥоруулары уонна туран эрэн тардыыны киллэрэн биэрии табылынна. Ол аата туруору күүскэ хамсаныылары оҥоруу киирэн эбиллэн биэриитэ күрэхтэһиини өссө уустугурдан, ыаратан биэрэрин табан туһаныы мас тардыһыытын дьон сөбүлээн, кэрэхсээн көрөллөрүн үөскэппитэ буолар. Билигин мас тардыһыыта сайдан, тарҕанан Аан дойду үрдүнэн тэнийэн иһэр чинчитэ улаатта.

Олус былыргы кэмнэргэ үөскээбит сахабыт тылыгар күүс араас дьайыылара хамсаныылары оҥорууттан тутулуктанан уларыйан биэрэн иһэллэрэ дорҕоонноругар сөп түбэһиннэрэн иҥмиттэр:

- Бытаан диэн нэһиилэ хамсаныы ааттанар. Былыргы кэмҥэ сахалар олус бытаан хамсааһыны, сыҕарыйыыны “быт хаамыыта”, “кутуйах хаамыыта” диэн быһааран этэллэрэ. Бу хамсаныылар уратыларын быһаарыыттан бытаан диэн кыра хамсаныыны биллэрэр тыл үөскээбит.

- Сыылба диэн бытаантан арыычча түргэн хамсаныы ааттанар. Хамсаныы оҥоруллар эрээри, киһи сыылларын курдук бытаанын биллэрэр суолталаах. Сыыллар диэн бытааннык, аһара сэрэхтээхтик сыҕарыйыыны быһаарар тыл буолар.

- Наҕыл диэн сыылбатааҕар түргэн, ыксаабакка, тиэтэйбэккэ эрэ оҥоруллар хамсаныы ааттанар. Наҕыллык хамсаныы сыыһа-халты буолан хаалара олус аҕыйаҕыттан киһи быһыылаах дьон бары тутта сылдьар хамсаныылара буолар. Ол курдук, наҕыл хамсаныы кэмигэр киһи ону-маны ырытан толкуйдуура, саныыра элбэҕиттэн сыыһа-халты оҥорон кэбиһэрэ биллэрдик аҕыйыыр.

- Сэмэй хамсаныы диэн сэрэхтээх, сыыһа-халты буолбат хамсаныы ааттанар. Киһи оҥорор бары хамсаныыларын сэмэйдик оҥордоҕуна киһи быһыытын тутуһа сылдьара ситиһиллэр. Бары үлэһит дьон туһана сылдьар хамсаныылара буолар.

- Сыыдам диэн тылбыт “сыы” диэн сыыгыныыр тыастан үөскээбит. Айылҕа төрүт тыастарыттан араас хамсаныылар ааттара эмиэ тутулуктанан айыллыбыттар. “Сыы” диэн сэрэхтээх, “ыы” диэн ытааһын дорҕоонунан бүтэр, түргэн сырыыны, хамсаныылары быһаарар тылбыт. Сыыдам хамсаныылар сыыһа-халты буолан хаалаллара элбэҕин, куһаҕаны элбэтиэхтэрин сөбүттэн сэрэнии эмиэ улаатыахтааҕын “сыы” диэн дорҕоонтон сыыһа диэн куһаҕаны, алҕас хамсаныыны быһаарар, олус элбэхтик туттар, сэрэнэр тылбыт үөскүүрэ биллэрэр.

- Түргэн диэн тылбыт “түр” диэн соһуччу тыаһыыр тыаһы үтүктүүттэн үөскээбит. Хамсааһын хайдаҕын быһааран этэргэ анаан саамай дэлэччи туттар тылбыт буолар. Тиэтэйии, ыксааһын, ыгылыйыы түргэнник хамсаныылары үөскэтэллэринэн сыыһа-халты туттунууну элбэтиэхтэрин сөбүн сахалар былыр үйэҕэ быһаараннар киһи быһыытыгар сөп түбэспэттэр диэн этэллэр. Киһи быһыылаах буолууну аһара баран, сыыһа-халты туттубат көрсүө, сэмэй дьон үлэни оҥорууга ситиһэр кыахтара улаханын сахалар таҥараларын үөрэҕэ арыйан төрөппүттэргэ тириэрдэр.

- Хапсаҕай диэн илиитинэн аһара сымсатык, “хап” гына тутан ылар киһини этэллэр. Сахалар тустуулара бу тылынан ааттаммыта аатыгар аһара сөп түбэһэр. Ол курдук, “хап” диэн тутан ылыы буоллаҕына, “саҕай” диэн сыҕарыт, бырах диэн өйдөбүллээх. Олус таба ааттаммыт, дорҕооннорун өйдөбүллэрэ сөп түбэһэр тустуубут салгыы сайдан иһэр чинчилээх.

Туруору күүс уонна хамсаныылартан үөскүүр эбиискэ күүс хамсаныы төһө түргэтээн иһэриттэн тутулуктанан араарыллан биллэр. Күүс бу эбиллэн биэрэр уратытын сахалар быһааран тустуу аатыгар киллэрэн биэрбиттэр. Ол курдук, хапсаҕай тустуутугар элбэх туруору күүстээх киһи мөдөөт, бытаан буолан хаалара быһаарыллар.

Хамсаныылары оҥоруу эт-сиин туругуттан, төһө кыахтааҕыттан ордук улахан тутулуктаахтар. Эт-сиин туругун, хамсаныылары оҥорор кыаҕын холбуу быһаарар тыллар бааллар:

- Бокоойу. Хамсаныылары кыайан имигэстик, түргэнник оҥорбот киһи бокоойу диэн ааттанар. Олох бытаан эрээри, табыллыбат хамсаныылардаах киһини бокоорбут диэн этэллэр.

- Мөдөөт киһи диэн бытааннык хамсанар киһи ааттанар. Мөөдөй диэн эттэхтэринэ туох эрэ улахан уонна хамсаабакка турар сабаҕаланар. Улахан киһи мөдөөт буолар диэн этии сөптөөх.

- Имигэс диэн эт-сиин туруга, араас хамсаныыларга үөрүйэҕэ, уустук хамсаныылары сатыыра ааттанар. Имигэс эт-сиин түргэнник, сымсатык хамсанара имигэстик диэн этиллэр.

- Сымса диэн имигэстик эрээри, ону таһынан түргэнник хамсанар кыахтаах эт-сиин ааттанар. Сымса эт-сиин сымсатык, түргэнник хамсанар кыаҕа улаатар.

- Сылбырҕа диэн олус сымсатык, түргэнник уонна имигэстик хамсанар киһини этэллэр. Тустуугу сылбырҕа диэн эттэхтэринэ таба туттарбат сымса, аһара түргэн хамсаныылардаах киһи буолар.

Сахалыы өй-санаа үөрэҕэ эт-сиин өйтөн-санааттан уратыларын быһаарар, аҥардастыы эти-сиини ырытар тыллара элбэхтэр:

- Дьарамай диэн хатыҥыр уонна иинэҕэс эттээх-сииннээх киһини этэллэр. Дьардьама курдугун иһин итинник эппиттэр. Дьардьама диэн тыл дьа уонна ардьаах диэн тыллартан холбонон үөскээбит киһи уҥуоҕун көстүүтүн быһаарар тыл буолар. Дьа диэн олус былыргы кэмнэргэ өй-санаа ааттанар эбит. Киһи уҥуоҕар өй-санаа баарын биллэрэн итинник эппиттэр.

- Толору диэн этэ-сиинэ бэйэтин улаханыгар сөп түбэһэр буоллаҕына этиллэр.

- Халыҥ диэн бэйэтигэр сөп түбэһэр, элбэх эттээх-сииннээх киһи ааттанар. Эт-сиин киһиэхэ баара туһалааҕын биллэрэн туттуллар.

- Киппэ эттээх-сииннээх диэн эттэхтэринэ кутуллубут курдук модьу-таҕа, көрүҥнээх киһи буолар. Кип диэн чиҥ тыаһы быһаарар тылтан киппэ диэн тыл үөскээбит. Бу тыл эт-сиин туругун, хайдаҕын биллэрэр.

- Модьу диэн суон, уйуктаах, бөҕө-таҕа эбэтэр оннук киэптээх эти-сиини этэллэр. Сүгүүгэ-көтөҕүүгэ ордук кыайыылаах, элбэх ыараханы уйар, кыайар буоллаҕына модьу диэн ааттанар.

Хамсаныыны оҥоруу түргэтээн истэҕинэ күүһүрэн, сыыһа-халты буолан хаалара элбиириттэн сахалар харыстанан нэмин билэн туттунуу диэн үөрэҕи айбыттар.

Нэмий диэн хамсаныыны сыыйа күүһүрдэн, эбэн биэрэн иһии ааттанар. Сэрэхтээх, көрсүө, сэмэй дьон куруук туттар хамсаныылара. Күүһү сэрэхтээхтик туттарга, сыыйа, кэмнээн улаатыннаран, күүһүрдэн иһэргэ аналланарыттан үлэһит дьон бары туһана сылдьаллар. Ол курдук, күүһү-уоҕу туһаныыга сэрэхтээх, аһара туттубат эрэ киһи тугу эмэни алдьатан, буорту оҥорон кэбиспэккэ, туһалааҕы оҥорор кыахтанарын таба өйдөөһүн эрэйиллэр.

“Атах анныттан алдьархай, илии анныттан илдьиркэй” диэн өс хоһооно киһи оҥорор быһыыларыгар барыларыгар быһаччы сыһыаннааҕын таба өйдөөн хаһан баҕарар сэрэхтээхтик хамсанарга, аан маҥнай боруобалаан, холонон көрөн баран күүһү сыыйа эбэн, нэмийэн хамсаныыга оҕону кыра эрдэҕиттэн үөрэтиэхпит этэ.

“Алдьатыы дөбөҥ, оҥоруу уустук” диэн өс хоһооно алдьатыы эрэйэ аҕыйаҕын, түргэнник оҥоруохха сөбүн, онтон туох эмэ туһалааҕы оҥоруу үлэлээҕин, эрэйдээҕин элбэх үлэттэн табылларын биллэрэр.

Былыргы кэмнэртэн туттуллар эйэни харыстыырга, сэрэхтээхтик сыһыаннаһарга аналлаах эйэ-нэм диэн этиибитин олоххо хаттаан киллэрдэхпитинэ эрэ эйэлээх буолуу олоҕурарын туһаныахпыт этэ. Сэбиэскэй былаас албыныгар түбэспит тыл үөрэхтээхтэрэ өй-санаа үөрэҕин билбэттэриттэн сахалары албыннаан эйэ-“дэм” диэн этиини тутуһуҥ диэн этиилэрэ киһини киһиргэтэн, дэбдэтэн биэрэриттэн сыыһа-халты туттунууну элбэтэн эйэбитин алдьата, дэмнии сылдьарыттан эйэлээх буолуубут кыайан кэлбэтиттэн, бу “үчүгэйи” оҥороллор дии саныыр дьоммут сахаларга улахан куһаҕаны оҥоро сылдьаллара быһаарыллар.

Нэмин билэн туттунуу диэн киһи быһыылаах көрсүө, сэмэй дьон бары туттунар быһыылара ааттанар. Күүс сыыһа тутуннахха буортуну, куһаҕаны оҥороро олус элбэх. Ол курдук, сыаналаах тиэхиникэ биир тутаах гайкатын аһара күүскэ эрийэн резьбатын быһа тартаран кэбистэххэ эрэй, үлэ элбии түһэрин тэҥэ, улахан ночоот тахсар кыахтаах. Итини тэҥэ, буору хаһаары күрдьэх угун тосту олуйан кэбистэххэ үлэлээн, көмөлөһөн абыраары эбии үлэни үксэтиэххэ сөп.

Сахабыт тылыгар иҥэн сылдьар өй-санаа тутулуктара айылҕаҕа үөскүүр тыастары кытта быһаччы ситимнээхтэр, онтон тутулуктанан үөскээбиттэр. Тыас, дорҕоон дьайыыта киһи ийэ кутугар быһаччы дьайарыттан, өйүн-санаатын уларытыан сөбүттэн, куһаҕан тыастар, дорҕооннор дьайыыларыттан сэрэнии улаатыа этэ. Ол курдук, олоҥхолорго абааһылар ырыалара барылара куһаҕан куолаһынан, куһаҕан дорҕооннору туһанан ылланаллар. Бу ырыалар атын киһиэхэ куйахата күүрэринэн, онон-манан этэ-сиинэ тымныйан, дьагдьайан ыларынан тиийэллэринэн улахан дьайыыны оҥороллор.

Сахабыт тылыгар киһи күүһэ-кыаҕа өйүттэн-санаатыттан, буор кутуттан тутулуктанан уларыйан, күүһүрэн биэрэр кыаҕа кытта быһаарыллыбыт, барыта тылбытыгар киирэн иҥэн сылдьаллар. Холобурга, сымса диэн эттэхпитинэ эт-сиин имигэһин тэҥэ, буор кута сайдыылааҕыттан, хамсаныылары оҥорор дьоҕура улаханыттан имигэстик хамсанара быһаарыллар. Эти-сиини хамсатар өй-санаа буор кут диэн ааттанар, эккэ-сииҥҥэ бэйэтигэр үөскээн, иҥэн сылдьар, хас биирдии быччыҥнарга араас хамсаныылары оҥороруттан үөскүүр уонна мунньуллан иһэр. Ол барыта эт-сиин хайдах хамсаммытын, быччыҥнар төһө уһаабыттарын, кылгаабыттарын барытын өйдөөн хаалалларынан, онно өй-санаа үөскээн иһэринэн быһаарыллар.

Эт-сиин хамсаныыларга үөрүйэҕэ, дьоҕура буор куттан ордук улахан тутулуктаах. Ол курдук, хамсаныыларга үөрэнии үөрүйэҕи, дьоҕуру үөскэтэрэ эккэ-сииҥҥэ иҥэн кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэр кыахтанарын таба өйдөөн, сааһырбыт, буор куттара сайдыбыт эр дьон эдэр дьахтары ойох ылан оҕолоноллоро аймахтар сайдалларыгар улахан туһалаах. Оҕолор сайдыылаах буор куттаах буолан төрөөтөхтөрүнэ сайдыыны, үөрэҕи ситиһэр, үлэни кыайар кыахтара улаатан иһэрин туһаныы буолар.

Хамсаныылары оҥоруу киһи оҥорор уустук үлэтигэр киирсэр. Дьон бары имигэстик хамсанан, үчүгэйдик үҥкүүлүүр киһини үөрэ көрөллөр. Сатабыллаах, талааннаах буор куттаах үлэһит оҥорбут үлэтин үтүктэн, батыһан үлэлии үөрэнии ордук табыллар.

Үлэни оҥорууга туттуллар араас хамсаныылар “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн икки аҥы арахсаллар:

1. Табыллыбыт хамсаныылары оҥоруу.

2. Табыллыбатах, туһата суох, холус хамсаныылар.

3. Туһалаах үлэни оҥорор нэми тутуһар хамсаныылар.

Үһүс өрүт ханнык баҕарар икки өрүттэр икки ардыларыгар үөскээн тахсар уонна сөп түбэһиини, нэми билиини үөскэтэр уратылаах. Хамсаныылары табатык оҥоруу уустук үлэ. Киһи бары быччыҥнара бэйэ-бэйэлэригэр дьүөрэлээн, сөп түбэһэн хамсаатахтарына эрэ үлэни оҥоруу табыллан туһалаахха кубулуйар.

Оҕону туһалаах хамсаныылары оҥорууга сатыыр киһи бэйэтин үтүгүннэрэн үөрэтэрэ ордук табыллар. Хамсаныыны аан маҥнай көрдөрөн биэрэн баран “Маннык оҥор” диэн үтүгүннэрии, элбэхтэ хос-хос хатылаан оҥотторуу туһалыыр.

Киһи оҥорор быһыылара барылара араас хамсаныылартан үөскээн тахсаллар. Хамсаныылар нэми тутустахтарына эрэ үлэни оҥорууга туттуллан туох эрэ туһалааҕы оҥорууга тириэрдиэхтэрин сөп. Ол курдук, күүс аһара барар уратылааҕыттан табыллыан да сөптөөх хамсаныыны куһаҕаҥҥа тириэрдиэн сөп. Үлэһит киһи тугу барытын оҥороругар нэми биллэҕинэ уонна тутустаҕына эрэ оҥорор үлэтэ табыллар кыахтанар.

Көрсүө, сэмэй киһи нэми тутуһарынан үлэни табыллан үлэлиир кыахтанарын сахалар билэн оҕолорун көрсүө, сэмэй буолууга кыра эрдэхтэриттэн үөрэтэллэр уонна таҥара үөрэҕэр киллэрэн туһана сылдьаллар.

Онон өйү-санааны уонна эти-сиини холбуу сайыннарар буор кут өбүгэлэртэн бэриллэн кэлэн иһэрин харыстаан, өссө тупсаран кэлэр көлүөнэлэргэ биэрэн иһии аймахтары, омугу сайыннарарын иһин дьонтон ирдэнэр тутаах көрдөбүл буолар.

КҮҮС уонна ХАМСАНЫЫ

Киһи этэ-сиинэ ыйааһыннаах. Бу ыйааһыны сүгэ сылдьарыгар сөптөөх күүс этигэр-сиинигэр үөскүүр уонна ону-маны, араас үлэни оҥороругар ол күүһүн туһанар кыахтанар. Ол аата күүс диэн эккэ-сииҥҥэ дьарыктаныыттан, хамсаныылары оҥороруттан үөскүүр өй-санаа мунньустуута, эньиэргийэ ааттанар.

Үлэни оҥоруу хайдах оҥорортон тутулуктанан икки тус-туспа, утарыта көрүҥнэргэ, өрүттэргэ арахсар:

1. Туһалаах үлэ.

2. Табыллыбатах, туһата суох таах хаалар үлэ.

Үлэни хамсаныылар оҥороллор. Бу икки өрүттэр икки ардыларыгар үһүс өрүт, сөп түбэһии өрүтэ, нэми тутустахха эрэ үөскүүр.

Үлэ туһалаахха кубулуйдаҕына эрэ барыһы киллэрэн сайдыыны аҕалар кыахтанар. Оҥоруулара табыллыбатах, туһаны аҕалбат үлэлэр таах хаалан иһэллэр. Күүс уонна хамсаныылары оҥоруулар нэми тутустахтарына эрэ үлэни оҥоруу табыллар кыахтанар.

Сахалар киһи үлэни хайдах оҥороруттан көрөн күүһү тус-туспа араараллар уонна киһиэхэ күүһү тэҥэ, хамсаныылар хайдахтарыттан, төһө түргэннэриттэн тутулуктанан күүс улаханнык эбиллэрин үөрэтэн билэн тылларыгар киллэрбиттэр.

Киһи сүһүөхтэрэ араас элбэх хамсаныылары оҥорор кыаҕы биэрэллэр. Бу оҥоруллар хамсаныылар киһи баҕара санаабытын курдук чуолкайдык, табатык оҥоруллан тахсалларын туһугар элбэх быччыҥнара бэйэ-бэйэлэриттэн тутулуктанан табатык, сөп түбэһэрдик хамсаатахтарына эрэ сатанар.

Хамсаныылары сатаан, табан оҥорууга киһи олус өр кэмҥэ үөрэннэҕинэ, эрчилиннэҕинэ эрэ үчүгэйдик оҥорор кыахтанар. Ол курдук, киһи хас биирдии быччыҥнарыгар хамсаныылартан үөскээн үөрүйэх буолан иҥэн сылдьар буор кута быччыҥы санаа хоту хамсатара олус уустук үлэ буолар уонна онно үөрэнэрэ уһун кэми ыларыттан үлэни табатык оҥоруу ордук уустугурар.

Киһи өйө-санаата үөрүйэххэ кубулуйдаҕына этин-сиинин санаатын хоту хамсатар кыахтанар уонна буор кута үөскээбитэ быһаарыллар. Ол аата хамсаныылары табан, сатаан оҥоруу диэн киһи өйө-санаата сайдыытын үрдүкү таһыма буолар.

Киһиэхэ этигэр-сиинигэр үөскүүр күүстэр дьайар кыахтарын, уратыларын сахалар былыр-былыргыттан арааран билэн тылларыгар киллэрбиттэрин билигин туһана сылдьабыт. Күүс диэн эт-сиин туруору күүһэ этиллэр, бу күүс уларыйыыта, эбиллиитэ эт-сиин туругуттан, төһө элбэҕиттэн быһаччы тутулуктанар:

- Сылаа. Мөлтөх хамсаныыны оҥорор кыра күүс. Аҕыйахтык хамсаныыга эрэ тиийиэн сөп. Сылай диэн кыра аһылыктаах, элбэҕи кыайан аһаабат, күүһэ-уоҕа мөлтөх киһини этэллэр. Сылайдахха, быһыннахха кыайан хамсаммат буолуу киһиэхэ тиийэн кэлэр.

- Сыра диэн киһи этин-сиинин ис күүһэ, быстар хамсаныыларын оҥоруута ааттанар. “Сыра-сылба быһынна” диэн этии киһи аһаабакка, сынньаммакка эрэ кыайан хамсаммат кэмэ кэлиитин биллэрэр. ”Сыралаах үлэ” диэн этии аһара үлэлээһинтэн, элбэхтик хамсаныылартан эт-сиин быстыытын, мөлтөөһүнүн, кыайан чөлүгэр түһэн биэрбэтин биллэрэр.

- Мөлтөх диэн бэйэтин нэһиилэ кыанар, күүһэ-кыаҕа аҕыйах, бытааннык, сэниэтэ суохтук хамсанар киһини этэллэр. Бу тыл эт-сиин күүһүн тэҥэ, өйү-санааны быһаарыыга эмиэ туттуллар.

- Кыанар диэн бэйэтигэр сөптөөх күүстээх киһи ааттанар. Дьон бары кыанан сылдьар буолуохтарын баҕараллар. Кыанар киһи тулуурдаах, бэйэтин туттунар, тохтотунар күүһэ элбэҕин тэҥэ, этин-сиинин кыайа-хото хамсатар кыахтааҕа быһаарыллар.

- Тэтиэнэх диэн син сөбүгэр күүстээх, бэйэтин кыанар, үлэни кыайа-хото оҥорор киһи ааттанар. Үлэни уһуннук уонна түргэн тэтимнээхтик үлэлиир кыахтаах киһини тэтиэнэх диэн этэллэр.

- Күүс диэн эт-сиин хамсаныыны оҥорор дьоҕура, күүһэ. “Күү” диэн элбэх уу үөһээттэн эньиэргийэлээхтик, күүстээхтик, күүгүнэччи түһэр тыаһа. Бу тыаска ыһар, тарҕатар “с” дорҕоон эбиллиититтэн күүс диэн тылбыт үөскээбит. Эт-сиин эрчиллэн эбиллэриттэн күүс улаатара биллэр. Күүстээх диэн эттэхтэринэ киһиэхэ күүс баара уонна элбэҕэ быһаарыллар. Элбэх күүс толору диэн ааттанар, ол иһин лаппа күүстээх киһини “чиэппэрдээх” диэн этэллэр.

- Модун диэн олус элбэх күүс. Бу күүс эккэ-сииҥҥэ сыһыаннааҕа модьу диэн эт-сиин көрүҥүн, күүстээҕин быһаарар тылтан үөскээбитэ буолар. Модьу диэн бөҕө-таҕа көрүҥү этэбит.

Хамсаныы төһө түргэнник оҥорулларыттан, ол аата буор куттан, өйтөн-санааттан тутулуктаах уларыйыылара, дьайыылара күүһүрүүтэ атын тылларынан этиллэн бэриллэллэр.

Хамсаныылары хайдах оҥорортон тутулуктанан күүс олус кыраттан саҕалаан улахаҥҥа диэри уларыйан, сыыйа-баайа эбиллэн иһэрин быһаарар тыллар элбэхтэр:

- Сылба. Улаханнык сылайбыт, илистибит киһи аҕыйаабыт, хамсаныылары кыайан оҥорбот буолбут күүһэ-сэниэтэ сылба диэн ааттанар. “Сылбата быстыбыт”, “Сылбаахы буолбут” диэн кыайан эрчимнээхтик хамсаабат буола сылайбыт, күүһэ-кыаҕа букатын быстыбыт, эстибит киһини этэллэр.

- Сэниэ диэн олус кыра да буоллар киһиэхэ хамсаныылары оҥорорго күүһэ баарын биллэрэр. Сэниэ аһылыктан киирэн эбиллэрэ ордук биллэр. “Сэниэлэнним” диэн аһылык кэнниттэн киирбит соччо элбэҕэ суох күүс ааттанар. Сэниэ кыра, киһиэхэ сөбүгэр, кыанан эрэ сылдьарыгар сөптөөх күүһү биэрэр. “Сэниэлээх” диэн эттэхтэринэ, син бэйэтин кыанар соҕус киһи буолара быһаарыллар. “Сэниэлээх соҕустук хамсанан биэр” диэн этэн бытааннык, мөлтөхтүк хамсаныыны тиэтэтэн, күүһүрдэн биэриэххэ сөп.

- Эрчим диэн сэниэттэн биллэр элбэх күүс. “Эрчимнээх” диэн эттэхтэринэ балачча элбэх, түргэнник хамсанар кыах баара ааттанар. Ол курдук, физика сокуонунан күүскэ түргэнэ эбилиннэҕинэ дьайар күүһэ соччонон улаатара быһаарыллар. Хамсаныылартан күүс уларыйара, соһуччу эбиллиэн кэлиэн сөбө сахабыт тылыгар олус былыргы кэмнэртэн, физика үөрэҕэ үөскүөн быдан инниттэн киирэн иҥмит. Эрчимнээхтик хамсаныы диэн күүстээхтик уонна түргэнник хамсаныы ааттанар.

- Кыах диэн күүс элбэҕин уонна түргэнник хамсанары биллэрэр. Кыахтаах киһи диэн лаппа күүстээх киһи ааттанар Киһи тулуура, туттунар күүһэ кыах, кыахтаах диэн тылларынан эмиэ бэриллэр. Туттунар күүстээх, тулуурдаах, өһөс буолуу киһи олоҕун киһи быһыылаахтык, уһуннук олороругар тириэрдэр саамай тутаах күүһэ, хаачыстыбата буолар. Ол курдук, биир сыыһа туттуу, аһара барыы киһи олоҕун төрдүттэн уларытан кэбиһиэн сөбүн өйдөөх-санаалаах киһи билэрэ, олоҕор тутуһа сылдьара сөп. Кэлэр көлүөнэлэр туттунар күүстээх, тулуурдаах буола улааталларыгар тириэрдэргэ аналлаах “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн өс хоһоонун олоххо тутустахпытына эрэ салгыы сайдар кыах баар буолар. Бэйэтин этин-сиинин, ыйааһынын кыайа-хото, түргэнник хамсатар киһи кыахтаах, кыанар киһи диэн быһаарыллар. Кыаҕы таһынан диэн этии киһи аһара күүскэ хамсанан, этин-сиинин эчэтиэн сөбүн быһааран, аһара барыы кыаллыбатын биллэрэр.

- Дохсун диэн күүстээх, түргэн эрээри, хайдах буолан тахсара биллибэт хамсаныы ааттанар. Маннык хамсаныылары оҥоруу сыыһа-халты буолан хаалара элбиэн сөп. Спортсменнар кыайыыны ситиһээри дохсун хамсаныылары оҥоро сатыырга дьулуһаннар сэрэхтээх, нэми тутуһар үлэни оҥорууга соччо сыһыана суохтар.

- Күдэх диэн олус түргэнник оҥоруллар хамсаныыны быһаарарын тэҥэ, олус элбэх күүс соһуччу киириитин быһаарар. Күүс-күдэх диэн холбуу этиини элбэхтик туттабыт. Соһуччу кутталтан киирэр күүһү быһаарыыга күдэх диэн тыл сөп түбэһэр. Бу ыксаллаах кэмҥэ дьоҥҥо соһуччу күүстэнэн-күдэхтэнэн хаалыы элбэхтик бэлиэтэнэр. Ол курдук, киһи улахан кутталтан куотаары киэҥ, дириҥ көҥүһү үрдүнэн ойон кэбиспит эбэтэр адьырҕаттан быыһанаары үрдүк тииккэ ыттан тахсыбыт түбэлтэлэрэ биллэллэр.

Күүс бу курдук хамсаныылары оҥоруу түргэниттэн улаханнык эбиллэр уратытын үрдүкү кылаастаах тустууктар, спортсменнар табан туһаныахтара этэ. Сайдыылаах буор куттаах киһи хамсаныылары оҥороро табатын уонна түргэнин былыргылар үөрэтэн билэн тылларыгар киллэрбиттэр.

Үйэтигэр хотторботох тустуук Мас Мэхээлэ утарсааччытын убаастаан тэҥнэһэ сатаабытын киһитэ өйдөөбөккө, кыайыыһыбын диэн санааҕа киирэн салгыы тустарга эппитигэр, хатылаан тустубуттарыгар киһитэ соҕотохто уларыйан, этэ-сиинэ мастыйан, сылбырҕата эбиллэн кыайыыны ситиспитэ биллэр. Итини тэҥэ, турукка киирии диэн өй-санаа уратытын үгүс күрэстэһээччилэр күрэхтэһэ киирэллэригэр бэлэмнэниигэ туһаналлара табыллыа этэ.

Киһи туруору күүһэ уонна хамсаныылары оҥоруу түргэниттэн эбиллэр күүс бииргэ туттуллалларын биллэриигэ анаан саха тылыгар холбуу этиилэр бааллар:

- Сыра-сылба быһынна диэн эт-сиин сылайан, быстан ханнык да хамсаныыны оҥорбот буолара этиллэр.

- Күүс-сэниэ диэн күүскэ эбии хамсаныы түргэнэ эбиллэн биэрбитин биллэрии буолар. Сэниэлээх хамсаныы диэн хамсаныы түргэтээбититтэн өссө күүһүрбүтүн бэлиэтээһин ааттанар.

- Күүс-кыах диэн холбуу этиини туһанан күүһү тэҥэ, өссө кыах диэн хамсаныылары оҥоруу түргэнэ, сыыдама эбиллэрин быһаарыы туттулларын биллэрэллэр. Кыахтаах хамсаныы диэн хамсаныы өссө түргэтээбититтэн күүһүрэн биэрэрин биллэрэр.

- Күүс-күдэх диэн этэннэр күүс дьайыыта өссө түргэтээбитин, ол иһин күүһэ өссө эбиллибитин ыйан биэрэллэр. Күдэх диэн киһи оҥоруон сөптөөх саамай түргэн хамсаныыта этиллэр.

Хамсаныылары оҥоруу уустугун, элбэх быччыҥнар бэйэ-бэйэлэрин кытта дьүөрэлээн хамсаатахтарына эрэ табылларын үлэһит сахалар үөрэтэн быһааран нэми билии үөрэҕин арыйбыттар. Хамсаныыны оҥоруу төһө түргэниттэн уонна өссө түргэтээн иһэриттэн уларыйан биэриитин үөрэтэн билэн саха тылыгар киллэрбиттэрин билигин туһана сылдьабыт.

Онон күүс бэйэтэ эмиэ “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэр. Туруору күүс баара тас көрүҥтэн син биллэр, онтон хамсаныылары хайдах оҥорууттан эбиллэн биэрэр туспа күүс эмиэ баарын былыр үйэҕэ сахалар быһаараннар тылларыгар киллэрэн туһана сылдьаллар.

ТУҺАЛААХ ХАМСАНЫЫЛАР

Киһи араас элбэх хамсаныылары оҥорор кыахтаах. Хамсаныылары оҥорууну киһи хас биирдии быччыҥар иҥэн сылдьар буор кута салайар. Хас биирдии быччыҥнар сөбүлэһэн хамсаныыларыттан туһалаах хамсаныы үөскээн тахсар. Сайдыылаах буор куттаах киһи түргэн, сыыдам эрээри, таба буолан сатанан тахсар хамсаныылары оҥороруттан атыттартан быдан уратыланар.

Сахалар ол иһин киһи хамсаныылары оҥорор кыаҕын быһааран буор куту араас таһымнарга араараллар. Буор кут үөскээһинэ оҕо кыра эрдэҕиттэн муҥнаах диэнтэн саҕаланан баран талааннаах диэҥҥэ диэри сайдыыны ситиһэр. Талаан диэн киһи буор кутун, хамсаныылары оҥорор кыаҕа муҥутуурдук сайдыбытын биллэрэр.

Табатык оҥоруу диэн олус былыргы кэмнэргэ таба таҥара буолар кэмигэр сайдан тугу барытын табатык, ол аата сөп түбэһэр гына оҥорор дьон баар буолууларын үөскэппит. Оҕо тугу оҥорорун барытын табатык оҥорор буолууга олус өр кэмҥэ үөрэнэр.

Хамсаныылары оҥоруу олус уустук. Киһи өйө-санаата буор кута үөрүйэхтэргэ үөрэнэн сайыннаҕына эрэ хамсаныы табыллара ситиһиллэр. Оҕо кыра эрдэҕинэ буор кута олус түргэнник сайдар. Илиитинэн ону-маны хам тутан ылары сатыырын тэҥэ, биир сааһыгар диэри быччыҥнарын табан хамсатан хаамарга үөрэнэрэ кыаллар.

Хаамыы уонна сүүрүү диэн киһи оҥорор быһыыларыттан саамай уустуктара буолаллар. Киһи быччыҥнарын тэҥнээн хамсатан көнөтүк туттунары ситиһэрэ ордук үлэлээх. Оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кута иитиллэр кэмигэр тугу барытын табатык оҥорор буолууга үөрэнэр кыаҕа улаханын сахалар туһанан хамсаныыларга, үлэлииргэ туһа киһитэ оҥорон үөрэтэллэр. Оҕо туһа киһитэ буолан үлэлииргэ үгэстэри иҥэриммитэ үлэлииргэ баҕа санаатын үөскэтэн элбэхтик хамсаныылары оҥоро үөрэнэн үлэһит буоларыгар тириэрдэр. Бары хамсаныылары оҥорууга бу кэмҥэ үөрэнэрэ ордук табыллар.

Көрсүө, сэмэй киһи оҥорор хамсаныылара наҕыллык оҥоруллар хамсаныылары үөскэтэллэр. Наҕыллык, ыксаабакка, тиэтэйбэккэ эрэ сэмэйдик оҥоруллар хамсаныылар таба буолан тахсаллара элбэҕиттэн үлэһит сахалар көрсүө, сэмэй буолууну туһалааҕынан ааҕаннар ордук сөбүлээннэр оҕолорун үөрэтэллэр.

“Илии анныттан илдьиркэй, атах анныттан алдьархай” диэн өс хоһооно киһи оҥорор быһыылара табыллыбакка хааллахтарына куһаҕаны, алдьатыыны үөскэтэн таһааралларын биллэрэр. Хамсаныы табылыннаҕына эрэ киһи туох эмэ туһалааҕы оҥороро кыаллар.

Хамсаныы сыыһа-халты буолан хаалыыта куһаҕаны үөскэтэрэ олус элбэх. Быһаҕынан сатаан туттуна үөрэнэ илик оҕо тарбаҕын быһыан сөп. Киһи кэһэйииттэн үөрэҕи ылынара төһө да түргэнин иһин, оҕо аан маҥнай үөрэнэригэр саллан хаалыытын үөскэтэриттэн үөрэнэрин бытаардыан сөп. Ол иһин уопуттаах улахан киһи быһааран, көрдөрөн биэрэрэ үлэҕэ үөрэниигэ ирдэнэр көрдөбүл буолар.

Сахалар туһалаах хамсаныылары оҥоруу ыараханнарын ырытан үөрэтэннэр киһи буор кута сайдыытын таһымнарын арыйаннар Кут-сүр үөрэҕэр киллэрбиттэр.

Киһи буор кута төһө сайдыылааҕыттан хамсаныылары хайдах оҥороро быһаччы тутулуктанар. Хамсаныылар хайдахтарыттан үлэни оҥоруу тутулуктаах. Былыргы кэмнэртэн үлэһит сахалар бу тутулугу үөрэтэн билэн, буор кут сайдыытын таһымнарга арааран тылларыгар киллэнэн туһана сылдьаллар:

1. Муҥнаах. Оҕо кыра эрдэҕинэ буор кута сайда илигиттэн тугу эмэ оҥоро сатыыра табыллыбата элбэҕиттэн муҥнаах диэн буолар.

2. Муҥкук. Улаатан иһэр оҕо тугу эмэ оҥоро сатаабыта табыллан испэтиттэн санааргыыра, өссө хатылаан ылсыбакка быраҕан кэбиһэрэ муҥкук буолуутугар тириэрдэр.

3. Дьадаҥы буор куттаах киһи хамсаныылары оҥорорго сүрэҕэ суоҕуттан уонна табатык кыайан оҥорботуттан тугу оҥорбута барыта халы-мааргы буолан тахсаллар, ону тэҥэ, үлэни үлэлиири сөбүлээбэтиттэн чэпчэкини көрдүү сатыыра хаһан да хаалан хаалбат.

4. Үлэһит буор куттаах киһи куруук үлэлии, оҥоро сылдьар, тугу оҥорбута барыта табыллар, сөп түбэһэр буолан тахсарыттан элбэх туһалааҕы оҥорор кыахтанар.

5. Дьоҕурдаах буор куттаах киһи үлэһит киһи оҥорбутунааҕар тупсаҕай гына оҥорон таһаарар кыахтанар. Саҥаны, уратыны табан оҥорууга дьоҕурдаах киһи ордук табыллар.

6. Сатабыллаах буор куттаах киһи тугу оҥорбута барыта сатанар, атыттар сөбүлээн үтүктэр үлэлэрэ буолан тахсарыттан туох эмэ барыһы киллэриниэн сөп.

7. Талааннаах буор куттаах киһи тугу оҥорбута барыта үчүгэй буолар, атыттар хайгыыллар уонна үтүктэ, батыһа сатыыллар. Билигин талааннаахтар элбээннэр үчүгэйтэн үчүгэйи оҥоро сатааһын үксээн сылдьар.

Сахалар киһи буор кутун сайдыыларын бу таһымнарын тус-туспа арааран былыр үйэҕэ тылларыгар киллэрэн туһаналлара, ол кэмнэртэн үлэни хайдах үлэлээтэххэ ордук табылларын үчүгэйдик баһылаабыттарын биллэрэр.

Киһи күүстээх буолан араас туһалааҕы оҥорор. Үлэни оҥоруу күүһү тэҥэ, хамсаныылары тэҥнээн туһаннахха эрэ табыллар, сатанар кыахтанар. Күүс хамсаныылары кытта дьүөрэлэһэн, нэмин билэн үлэни оҥордоҕуна үлэ үчүгэйтэн үчүгэй буолан тахсара ситиһиллэр.

Буор кут диэн өй-санаа кэлэр көлүөнэлэргэ утумнаан бэриллэн иһэриттэн аймахтар уонна омук сайдыыны ситиһэллэрин түргэтэтэр аналлаах. Эр киһи үйэтин тухары үлэлиириттэн буор кута сайдан иһэр. Бу сайдыыны ситиспит буор кутун кэлэр көлүөнэлэргэ биэрэрин ыраас кыыс оҕону ойох ыллаҕына олоххо киллэрэр кыахтанар.

Эр киһи сайдыылаах буор кута кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэрин ыал буолуу үгэстэрэ оҥороллор. Бу үгэстэри тутуһуу эр киһи буор кута кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэрин олоххо киллэрэр.

Кыыс оҕо эргэ тахсарыгар энньэтин бэлэмнэнэн баран эр дьон, күтүөттэр кэлэн ыйыталаһалларын кэтэһэр. Күтүөт кэллэҕинэ төрөппүттэрин көмөлөрүн уонна төрүччү үөрэҕин туһанан сайдыылаах буор куттаах эр киһини талан ылара аймахтар, ону тэҥэ, омук сайдан иһэрин олоххо киллэрэргэ аналланар. Билигин сахалар сайдан иһэллэринэн бу олоххо туһалаах ыал буолуу үгэстэрин туһаныы ирдэнэр көрдөбүл буолла. (1,52).

Сайдыылаах буор куттаах оҕо эрэ аймахтары, омугу сайыннарар кыахтанар. Ол иһин кыыс оҕо ыалы тэрийэригэр күтүөттэри таба талан ылара таптал диэн туспа тылы үөскэппит. Айылҕаттан кыыс оҕо ыалы тэрийэн аймахтары, омугу сайыннарар уонна оҕо төрөтөн ахсааннарын элбэтэр аналлаах. Таптал диэн тылы таба тал диэн тыллартан үөскэппиттэр уонна сайдыылаах буор куттаах күтүөтү таба талан ыларга анаан туттуллар.

Аймахтары уонна омугу үлэ эрэ сайыннарар. Үлэни оҥоруу киһи хамсаныылары хайдах оҥороруттан быһаччы тутулуктанар. Араас уустук хамсаныылары табан, сатаан оҥорор киһи ханнык баҕарар үлэни кыайар кыаҕа улаатар.

Онон үлэһит сахалар киһи хамсаныылары оҥорорго аналлаах буор кута төһө сайдыылааҕын, үлэни хайдах оҥороруттан булан үөрэтэн былыр үйэҕэ быһааран туһана сылдьаллар.

ТАБЫЛЛЫБАТАХ ХАМСАНЫЫЛАР

Хол диэн киһи араас хамсаныылары оҥорор тутаах чааһа. Ханнык баҕарар хамсаныылары оҥоруу аан бастаан табыллара, табыллыбата биллибэт уратылааҕыттан улахан сэрэхтээх быһыы буолар.

Холоон көрүү диэн хамсаныылары өссө оҥоруох инниттэн маннык буолан тахсыан сөп диэн эрдэттэн быһаара сатааһын ааттанар. Холоон көрүү кэнниттэн оҥорор быһыы үчүгэйэ дуу, куһаҕана дуу барыллаан быһаарыллыан сөп. Холоон көрүүнү үгүстүк хараҕынан тэҥнээн көрөн быһаарыллар.

Холонон көрүү диэн хамсаныылары хайдах оҥоруохха сөбүн боруобаланан, эрдэттэн хамсанан, үтүктэн көрүү ааттанар. Холонон көрүү кэнниттэн оҥоруллар быһыы хайдаҕа, үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана чуолкай соҕустук быһаарыллар кыахтанар.

Сахалар саҥа, урут туттулла илик хамсаныылары оҥорууну эрдэттэн холонон көрөн боруобалаан баран оҥорууну тутуһаллар. Ол иһин хамсаныы сыыһа-халты буолан хааларын аҕыйаталлар.

Холонон көрбөккө эрэ оҥоруллар хамсаныылар хайдах оҥорортон тутулуктанан тус-туспа арахсаллар:

1. Холус хамсаныылар.

2. Холуон хамсаныылар.

3. Харса суох эбэтэр аһара барар хамсаныылар.

Хамсаныылары хайдах оҥорортон үлэни оҥоруу олус улахан тутулуктаах, таба эбэтэр сыыһа буолан хаалыахтарын сөп. Сыыһа-халты буолан хаалар уонна үлэни куһаҕаҥҥа кубулутан кэбиһэр хамсаныылартан холус хамсаныылар үөскээн тахсаллар.

Холус хамсаныылар диэн туохтара эрэ табыллыбатах, кыратык аһара барыылаах хамсаныылар ааттаналлар, сыыһаны, куһаҕаны оҥорууга тириэрдэн кэбиһиэхтэрин сөп.

Киһи атын киһиэхэ сыһыаныгар киһи быһыытын аһара барар хамсаныылары оҥорор киһини “муостаммыт” диэн этэллэр. “Муостаах муостааҕы көрсүөҕэ” диэн өс хоһооно киһи оҥорор быһыытыгар онно сөп түбэһэр утары өттүттэн хамсааһын баар буоларын, үөскээн тахсарын биллэрэр. Муостаныы диэн атын дьоҥҥо сыһыан аһара баран киэптээһиҥҥэ кубулуйбутун, киһи быһыытын таһынан барар хамсаныылары оҥорор кыахтаммытын, ол аата сүөһү өйүгэр-санаатыгар түһүүнү көрдөрөр бэлиэ буолар.

Ыксааһын уонна тиэтэйии киһи сыыһа-халты, мүлчү туттунарын элбэтэннэр нэми тутуспатын үөскэтэн оҥоро сылдьар үлэтин туһата суохха кубулутуохтарын сөп.

Үлэни оҥорууга киһиргэс буолуу, дэбдэйии куһаҕаҥҥа тириэрдэрэ элбэх. Ол курдук маннааҕар үчүгэйдик оҥоробун диэн киһиргэнии кэнниттэн үлэ табыллыбакка хаалара элбиэн сөп.

Хамсаныылары оҥоруу диэн киһи элбэх быччыҥнарын дьүөрэлээн хамсатарыттан, ол аата буор кута төһө сайдыылааҕыттан тутулуктаах уустук быһыы буолан үлэни оҥорууга тутаах көрдөбүлүнэн ааҕыллар.

Холус хамсаныылар диэн бэрт кыранан табыллыбатах, кыра сыыһалаах хамсаныылар ааттаналлар. Чэй испит чааскыны остуолга тыастаахтык ууруу, чааскылаах чэйи тоҕуу холус хамсаныылартан үөскээн тахсар кыра куһаҕаны оҥорууга тириэрдэр быстах быһыылар буолаллар.

Холус хамсаныылардаах киһи быһаҕы ыллаҕына тарбаҕын быһыан эбэтэр кытаанах мастаах харандааһы кыайан уһуктаабакка элбэхтик тоһута сылдьыан сөп.

Киһи сааһыран истэҕинэ араас хамсаныылары оҥоруута холус буолан иһэр. Бу уларыйыы ордук киһи хайдах хаамарыттан биллэр. Сааһырбыт киһи хайдах эрэ түөрэҥэлээн, тирэҕэ суохтук хаамара эбиллэн иһиэн сөп. Ол иһин имигэстик хаамары ситиһэргэ киһи куруук хаамыынан дьарыктана сылдьара эрэйиллэр. Холус хамсаныылар элбээһиннэрин харах көрүүтэ дьиримнээһинэ уонна илии салҕалааһына үксэтэн биэрэллэр. Ону тэҥэ, сүһүөхтэр аанньа хамсаабаттарыттан мастыйыылара эбиллэн эрэйдиэхтэрин сөп.

Холус хамсаныылар аһара барыылара холуон хамсаныылары оҥорууга тириэрдэллэр. Холуон диэн түргэнник оҥоруллар уонна табыллыбатах, оҥорор үлэни куһаҕаҥҥа кубулутар хамсаныы ааттанар. Биир холуон хамсаныы оҥоруллар үлэни буортулуон сөп.

Киһи холуон хамсаныылары оҥорорун арыгыны элбэхтик иһии улаатыннарар. Ол иһин арыгыны элбэхтик иһииттэн киһи холуон хамсаныылары оҥороро элбиирин холуочук диэн тыл биллэрэр.

Холуочук диэн холуон хамсаныыларын оҥорор киһи ааттанар. Арыгыны иһииттэн сыыһа-халты туттубат туһугар киһи кыратык холуочуйуор диэри иһэн баран тохтуура табыллар. Тулуура улахан, туттунар күүстээх киһи, бу арыгыны иһии биллэр кээмэйин аһара барбат кыахтанара ордук туһалаах.

Холуон хамсаныылар аһара барыылара, киһи өйүнэн-санаатынан кыайан салаллыбат турукка тиийиилэрэ харса суох хамсаныыларга тириэрдиэхтэрин сөп.

Харса суох хамсаныылары оҥоруу өй-санаа салайара тохтууруттан, күүһү табан туһамматтан, аһара ыытан кэбиһэртэн үөскүүр. Харса суох хамсаныылар таба, туһалаах буолан тахсаллара отой аҕыйаҕыттан куһаҕан хамсаныыларга киирсэллэр.

Сорох майгы уратылара киһи оҥорор хамсаныыларын куһаҕаҥҥа кубулутан кэбиһиэхтэрин сөп:

- Тиэтэйии, ыксааһын. Киһи тиэтэйдэҕинэ, ыксаатаҕына сыыһа-халты туттунара элбээн хаалара куһаҕаҥҥа тириэрдэр.

- Киһиргээһин. Киһиргээбит, дэбдэйбит киһи бэйэтин кыаҕын сыыһа сыаналааһыныттан оҥорор быһыытын куһаҕаҥҥа кубулутуон сөп.

Үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны арааран билбэт буолуу куһаҕан быһыылар элбииллэригэр тириэрдэр. Оҕо улаатан иһэн куһаҕан диэни билбэт буолуута улахан куһаҕаны оҥорууга тириэрдиэн сөп. Уолаттар охсуһан баран утарылаһааччыларын алдьаммыт олоппос атаҕынан баска биэртэлээн кэбиһэн өлөртөөбүттэрэ биллэр. Киһини баска маһынан охсуу диэн олус куһаҕан быһыы буоларын, киһи өлөн хаалыан сөбүн билбэттэриттэн, алҕаска киирэн биэрбиттэр.

Киинэлэргэ элбэх сымыйаны, албыны көрдөрөллөр. Эдэрдэр ону билбэттэриттэн киирэн биэрэллэрэ элбээн сылдьар. Киинэ “супер” геройа улахан да маһынан баска биэртэлээбиттэрин кэнниттэн, кыратык дөйө түһэн баран салгыы охсуһарын үтүктэ сатааһын аһара барыыны үөскэтии буолар. Уолаттар куһаҕаны үтүктэр сыыһатын билэллэрэ буоллар киирэн биэриэ суоҕа этилэр.

Киһи бэйэтэ куһаҕаны арааран билэр буоллаҕына, ол куһаҕаҥҥа киирэн биэрбэт кыахтанар. Ол иһин сахалыы таҥара үөрэҕэ оҕону үөрэтэргэ аҕыйах ахсааннаах дьон оҥорор куһаҕан быһыыларын урутаан билэрин үөскэтэн “Тоҕус айыыны оҥорума” диэн этиини тутуһан үөрэтэн, үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран туһаныыны тургэнник үөскэтэр. Сайдыылаах буор куттаах киһи оҥорор хамсаныылара имигэс, көрүөхтэн үчүгэй буолан тахсалларын дьон бары көрөн билэллэр уонна хамсаныылары оҥоруу өйтөн-санааттан, буор куттан быһаччы тутулуктаахтарын атеистар сымыйа үөрэхтэригэр баһыттараннар аахайбакка, хаалларан сылдьаллар.

Онон хамсаныылары хайдах оҥороруттон киһи оҥорор быһыыта, үлэтэ өйүттэн-санаатыттан, буор кутуттан быһаччы тутулуктаахтарын сахалар үөрэтэн билэн Кут-сүр үөрэҕэр киллэрбиттэр.

НЭМ

Үлэни оҥорууга элбэх хамсаныылары, быһыылары табан, сатаан оҥордоххо эрэ үлэ табыллара, сатанара үөскээн тахсар. Туох эмэ быһыы, ханнык эрэ хамсаныы табыллыбакка, сатаммакка хааллаҕына үлэни оҥоруу кыаллыбакка таах хаалан хаалыан сөп.

Сахалар киһи оҥорор быһыылара хайдахтарын быһаарыыга нэм диэн тылы, өйдөбүлү былыр-былыргыттан туһаналлар. Киһи күүһүн уонна өйүн-санаатын холбуу туһанарын үлэ эрчийэн сайыннарбытын, бу нэм диэн өйдөбүл туттулла сылдьара быһаарар.

Нэми быһаарыыга үлэ “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн икки аҥы өрүккэ арахсарын туһаныы эрэйиллэр:

1. Илиинэн үлэ. Эти-сиини, элбэх быччыҥнары хамсатан, күүһү туһанан үлэлэнэр үлэ илии үлэтэ диэн ааттанар. Үлэ бу көрүҥэ нэми билииттэн, күүһү табан туһаныыттан олус улаханнык тутулуктанар. Киһи сыыһа-халты, аһара туттубатаҕына уонна күүһэ тиийбэт буолан хаалбатаҕына эбэтэр аһара барбатаҕына эрэ туох эмэ туһалаах үлэни оҥороро кыаллар.

Нэм диэн туохха барытыгар сөп түбэһэр кээмэйи булуу ааттанар. Туохха барытыгар икки өрүт үөскээн тахсан иһэрин таба туһаныыга, үһүс өрүтү үөскэтиигэ нэми билии туттуллар. Кыра да, улахан да үлэни оҥорууга сөп түбэһиини үөскэтэр үһүс өрүтү таба арааран билии нэми булан туһаннахха эрэ табыллар.

Тугу барытын оҥорорго күүс туттуллар. Сорох үлэҕэ олус кыра, тарбахтар төбөлөрүн эрэ хамсатар күүс туһалыан сөп, онтон атыттарга элбэх күүс туттуллара ирдэнэр. Ол аата ханнык баҕарар үлэҕэ сөп түбэһэр күүс таба туттуллуута нэми билииттэн үөскүүр уонна үлэ табылларыгар тириэрдэр.

Нэми билии күүһү табан, сатаан туһаныыны үөскэтэн үлэни оҥорууга туһаны оҥорор. Киһи ыйааһыннаах буолан күүстээх. Этин-сиинин, ыйааһынын илдьэ сылдьарыттан этигэр-сиинигэр күүс, эньиэргийэ үөскүүр. Элбэх ыйааһыннаах, күүстээх киһи элбэх үлэни оҥоруон сөп. Күүс ханнык баҕарар дьайыыны, үлэни оҥорууга туттулларыттан нэми билии үлэһиттэн эрэйиллэр көрдөбүл буолар. Ол иһин үлэ арааһыттан көрөн төһө кэмнээх күүһү туһанары нэми билии үөскэтэрин үлэһиттэр туһаналлар.

2. Өй үлэтэ. Өй үлэтигэр кумааҕыга суруйуу уонна компьютер мышкатын хамсатыы бастаан иһэллэринэн нэми тутуһуу, күүһү мээрэйдээһин онно киирсибэккэ, суолтата суох буолан хаалла. Ол иһин үөрэхтэммит өй-санаа үлэһиттэрэ нэм диэн баарын букатын умнубуттара ыраатан эрэр.

Кумааҕыга суруйууга урукку кэмҥэ бөрүөнү эбэтэр харандаас уһугун хам баттаан алдьатан кэбиһэн куһаҕаны оҥоруу баара мөҕүллүүгэ тириэрдэрэ. Билигин тугу да суруйдахха ханнык да уларыйыы тахсыбата кумааҕы үлэһиттэрин өйдөрүн-санааларын “үчүгэйдэрин” диэки өттүгэр халытан сылдьар. Ол аата тугу да биллэр куһаҕаны оҥорботторуттан бэйэлэрин “үчүгэйдик” сананаллара улаатан, тугу суруйбуттарын барытын “үчүгэй” диэн сыыһа сыаналыырга тиийэн хаалбыттар. “Кумааҕы тугу барытын уйуоҕа” диэн этии суруйааччылар үлэлэрэ туһалааҕын дуу, туһата суоҕун дуу быһаарарга туттуллара сөп буолар кэмэ тиийэн кэллэ.

Киһи оҥорор быһыылара элбэхтэр уонна “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан биэрэр тутулугун быһаарар этиигэ сөп түбэһэн, хаһан баҕарар икки өрүттэнэн; үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсан иһэллэриттэн, нэм эмиэ киэҥ өйдөбүллээх, киһи оҥорор бары быһыыларыгар хайа да өттүгэр аһара барбаты үөскэтэн сөбүлэһиини, тэҥнэһиини олохтуурга аналланар.

Киһи оҥорор быһыыта барыта оҥоруллубуттарын кэнниттэн икки өрүттэнэн; үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсаллара хаһан да уларыйбат. Ол иһин, бу икки өрүттэр солбуйсан биэрэр уратыларын таба быһааран айыы диэн киһи оҥорор быһыытын быһаарар тылы сахалар икки өрүттээх өйдөбүллээх тутталлар.

Киһи бэйэтэ оҥорбут быһыытын үчүгэй диэн быһаарара, атыттартан ордуктук сыаналыыра хаһан баҕарар элбээн тахсар. Ол иһин киһи бэйэтигэр үчүгэйи оҥорору үчүгэй диирэ уларыйбатыттан оҥорбут быһыытын бэйэтэ буолбакка, атыттар билэн, үөрэтэн эрэ баран сыаналаатахтарына таба буолар, сөптөөҕө быһаарыллар, кырдьыга чуолкайданар кыахтанар. Киһи оҥорбут ураты быһыыта, атыттар өссө билбэт, ол иһин оҥорбот быһыылара, саҥаны айыы буолан тахсар уонна оҥоруллубутун кэнниттэн эрэ атыттар быһаарыыларынан, таба сыаналааһыннарынан, тэҥнээн көрүүлэринэн үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана быһаарыллара табыллар. Бу саҥаны айыы икки өрүттэнэн тахсыан сөбө хаһан баҕарар уустуктары үөскэтэр уонна кырдьыктаах быһаарыыны атыттар оҥороллоро табатын биллэрэр. Ол иһин оҥоруллубут саҥаны айыы хайдаҕа; үчүгэйэ дуу, куһаҕана дуу хойутаан, кэнники биллэн тахсарыттан айыы диэн тыл икки өрүттээх өйдөбүллээҕэ айыы итинник уларыйарын табатык быһаарар.

Тыл үөрэхтээхтэрэ киһи оҥорор быһыыта икки аҥы арахсан; үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсалларын өссө билэ иликтэр, ону тэҥэ, “айыы үөрэҕэ” диэн албын, сымыйа сектаны оҥороннор итэҕэллээх буолуохтарын баҕарар сахалары барыларын албынныы сылдьаллар.

Сэбиэскэй былаас дьадаҥылар былаастара этэ, бу былаас итэҕэһэ, куһаҕана, сайдыыттан хаалан хаалыыны үөскэтэрэ уонна хаһан да кэлбэт, сымыйа “коммунизмынан”, бары-барыта босхо буолуо диэн албынныы сылдьыбыта 74 сыллар кэннилэриттэн биллэн тахсан эйэлээхтик уларыйбыта.

Сахалыы айыы диэн тыл киһи оҥорор ураты, атыттар өссө билэ илик, ол иһин оҥорбот быһыыларын аан бастаан оҥорууну биллэрэр уонна икки өрүттээх өйдөбүллэнэн тахсар. Ол барыта бу айыы үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсара кэнники биллэриттэн эрдэттэн таба быһаарыы табыллыбат.

Оҥоруллубут быһыы үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсара, бу икки өрүттэр тус-туспа хайысхалаахтарынан уонна солбуйсан биэрэллэрэ кэлиэн сөбүнэн киһи оҥорор быһыытын тосту, үчүгэйтэн куһаҕаҥҥа уларытан кэбиһиэхтэрин сөп. Ол аата маҥнай үчүгэй курдук буолан баран кэнники куһаҕана биллэн тахсар саҥаны айыылар элбэхтэр. Арыгыны “үчүгэй” дии санаан элбэхтик иһэ сылдьыбыт киһи кэлин арыгыһыт буолан хаалара айыыны оҥоруу үчүгэйтэн куһаҕаҥҥа уларыйан хаалара тиийэн кэлэрин биллэрэр.

Нэми билэн туттунуу бу икки өрүттэр; үчүгэй уонна куһаҕан икки ардыларынан үһүс, сөп түбэһии өрүтэ баарын арыйыыттан үөскээбит уонна “Туох барыта үһүстээх” диэн этиини үөскэтэн олоххо киллэрбит. Бу быһаарыыны тутустахпытына арыгыны иһии нэмэ аһара элбэҕи иһимэ диэн буолан тахсарын тутуһа сылдьыы эрэйиллэр.

Киһи оҥорор быһыыта күүһүн хайдах туһанарыттан тутулуктанан икки өрүттэнэн тахсар. Нэми билэн туттунуу бу икки өрүттэр икки ардыларыгар сөп түбэһии, тэҥнэһии өрүтүн үөскэтэр.

Өйө-санаата сайдыбыт киһи бу икки; үчүгэй уонна куһаҕан диэн ааттанар өрүттэр туохха тириэрдэллэрин арааран билэн оҥорор быһыыларын балар икки ардыларынан, ортолорунан түбэһиннэрэн оҥороруттан үһүс өрүтү үөскэтэн таһаарар:

1. Киһи оҥорор быһыытыгар барытыгар аһара барыыта, күүһүн аһара туттунууга тириэрдэн алдьатыыны, куһаҕаны үөскэтиэн сөп.

2. Киһи оҥорор быһыыта киһи быһыытыгар тиийбэт буолан хаалыыта күүс тиийбэтиттэн улаханнык тутулуктанар уонна эмиэ куһаҕаны үөскэтэр, бу быһыы табыллыбатыгар тириэрдэр. 3. Киһи нэми билэн, күүһүн кэмнээн туттунуута үгүс өрүтү үөскэтэр уонна оҥорор быһыыта табылларын үөскэтэр.

“Туох барыта икки өрүттээх” диэн этии айылҕа уларыйан биэрэр тутулугун быһаарыы буолан эрдэлээн үөскээбит, ол иһин бу икки өрүттэр бэлиэтэнэр ньүөмэрдэрэ бэйэлэринэн сылдьаллара буккууру таһаарбакка табатык өйдөнөллөрүгэр туһалыыр. Онтон үһүс өрүт диэн саҥа үөскүүр сөп түбэһии, нэми билии өрүтэ, бу икки өрүттэр икки ардыларыгар, ортолоругар төһө эрэ кэминэн хойутаан, дьон өйдөрө-санаалара сайдыытыттан, тупсуутуттан үөскээн, сайдан, оннун булунан тахсыбыт. Ол иһин бэлиэтэнэр ньүөмэрэ үсүһүнэн сылдьара таба өйдүүргэ ордук улахан туһаны оҥорор.

Өй-санаа бу быһаарыыта сахалар үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа арааран дьон таба өйдүүрүн үөскэтээри Үөһээ уонна Аллараа дойдулары айан баран ортолоругар, икки ардыларыгар Орто дойдуну үөскэтэн туһана сылдьалларыгар сөп түбэһэр.

Киһи оҥорор быһыыларыгар барыларыгар хамсаныылары оҥороругар күүс аһара барыыта уонна тиийбэккэ хаалыыта хаһан баҕарар баар буола тураллар. Ол иһин, бу быһыылар икки ардыларыгар, ортолоругар сөп түбэһиигэ тириэрдэр хамсаныы нэми билииттэн үөскээн тахсар. Ол аата нэм диэн киһи тугу оҥороругар барытыгар сөптөөх быһаарыыны ылынарыгар уонна хамсаныылары табатык оҥороругар күүһүн кэмнээн; аһара да барбакка, тиийбэт да буолбакка туһанарын быһаарар тутаах өйдөбүл буолар.

Киһи тугу оҥороругар барытыгар күүһүн туһанар, ол иһин нэми билэн туттунара ирдэнэр көрдөбүлгэ киирсэр. Нэми билэн туһаннаҕына эрэ оҥорор быһыыта табыллан туһалаахха кубулуйар.

Онон нэм диэн киһи ханнык баҕарар хамсаныылары оҥороругар хайа да өттүгэр аһара барбакка, кэмнээн, сөп түбэһэр хамсаныылары оҥороро ааттанар.

НЭМИ БИЛИИ

Киһи өйө-санаата сайдан ханнык баҕарар үлэни оҥороругар төһө күүһү туһанарын нэми билэн туһаныы үөскэтэр. Сахалар нэми билэллэриттэн оҥорор быһыылара, үлэлэрэ ордук табыллан атыттар үтүктэр сатабыллаах үлэлэригэр кубулуйар кыахтаналлар.

Үлэни олус былыргы кэмнэртэн баһылаабыт сахалар нэми билэн туттунуу үөрэҕин киһи быһыыта диэн таҥара үөрэҕэ үөскүөн быдан инниттэн туһана сылдьыбыттар. Ол барыта нэми тутуһуу киһи оҥорор быһыыларын быһаарыыга үлэни табатык үлэлии үөрэнэр кэмиттэн ыла сайдыбытынан дакаастанар. Ону тэҥэ, нэми тутуһуу икки өрүттэр икки ардыларыгар сөп түбэһиини, үһүс өрүтү үөскэтэринэн “Туох барыта үһүстээх” диэн этиини салгыы үөскэтэн олоххо киллэрбит.

Дьон үчүгэйи уонна куһаҕаны оҥороллоро быһаарыллыбытын кэнниттэн нэми тутуһуу туһата өссө чуолкайданан, бу икки өрүттэр икки ардыларыгар сөп түбэһии, сөбүлэһии, ол аата тэҥнэһиини үөскэтэр үһүс өрүт баарын арыйан таһаарбыт.

Үчүгэй уонна куһаҕан “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн икки өрүтү үөскэтэн тус-туспа хайысханы тутуһаллар. Бу икки өрүттэр икки ардыларыгар, ортолоругар хайа да өттүн диэки аһара барбат нэми тутуһуу эбэтэр киһи быһыыта диэн өйдөбүл үөскээн тахсар уонна “Туох барыта үһүстээх” диэн этиигэ сөп түбэһиини олохтуур. Ол аата нэми тутуһуу эбэтэр киһи быһыыта диэн сыыһа-халты буолан тахсара суох буолбут быһыылар ааттаналлар.

Нэми тутуһар киһи хайа да өттүгэр аһара барыылары оҥорбокко киһи быһыытын тутуһа сылдьар киһи буолар.

Билигин киһи оҥорор быһыылара маннык тус-туспа арахсаллар:

1. Үчүгэй быһыылары оҥоруу.

2. Куһаҕаны оҥоруу.

3. Киһи быһыытын, нэми тутуһуу.

Киһи оҥорор быһыыларын бу уратыларын арыыйда кэҥэтэн ырытыахпыт:

1. Дьон бары үчүгэй дии саныыр, бэйэлэригэр туһалаах быһыылары оҥоруохтарын баҕараллар уонна оҥоро сылдьаллар. Ол иһин үчүгэй эбиллэн иһэр уратылаах, үчүгэйтэн үчүгэй кэнниттэн кэрэ буолуу тиийэн кэлиэ диэн баҕа санааны тутуһуу өй-санаа кэмэ кэллэҕинэ эргийэн, солбуйсан биэрэрин үөскэтэрин сахалар билэн, кэрээнтэн тахсыы диэн үөрэҕи арыйан сэрэтэллэр.

Туох барыта хайа эрэ өттүгэр аһара барыыга тиийэн хааллаҕына эргийэн биэрэрэ тиийэн кэлэр. Ол курдук, үчүгэй аһара бардаҕына улахан куһаҕаҥҥа кубулуйан хаалар уратылааҕын биллэххэ табыллар. Дьон кэрэ буола сатыыллара үчүгэйтэн үчүгэйи аһара барыы буоларынан өй-санаа эргийэн биэриитин үөскэтэр.

Бары кэрэ буола сатаатахтарына үлэ хаалар кэмэ кэлэр, дьон кэрэлэрин атыттарга көрдөрө сылдьар кэмнэрэ кэлэриттэн үлэни быраҕаллар. Бу кэм кэллэҕинэ омук эстиитэ, уларыйыыта, атын үлэһит омугунан солбуллуута саҕаланан барар.

Туох барыта үчүгэйтэн үчүгэйи аһара барыыта кэрэ буолууга тиийдэҕинэ кэрэ буолбут дьон кэрээннэриттэн тахсыылара үөскээн атыттарга сыһыаннаах олус улахан куһаҕан быһыылары оҥороллоругар тириэрдиэн сөп. Ол курдук, олус “үчүгэйдэргэ” кубулуйбут немец фашистара атын омуктары суох оҥоро, симэлитэ сатаабыттара да, кыаттарбыттара. Онон кэрэ буолуу диэн омук уларыйара тиийэн кэллэҕинэ үлэни сирэриттэн уонна атыттары туората сатыырыттан үөскээн тахсар, үчүгэй куһаҕаҥҥа уларыйарыгар тириэрдэр өйдөбүл буолар.

2. Дьон куһаҕаны оҥоруохтарын баҕарбаттар, ол иһин куһаҕан аҕыйыыр эрээри, суох буолбат, хаһан баҕарар баар буола турар. Ол курдук, дьон тугу сирбиттэрин, сөбүлээбэтэхтэрин куһаҕан диэн ааттыыллара суох буолан хаалбат, ону тэҥэ, биир сыыһа туттунуу, бу үчүгэй диэн ааттаммыты соҕотохто куһаҕаҥҥа кубулутан кэбиһэриттэн куһаҕан эбиллэн иһэрэ тохтообот.

Нэми билэн туттунуу киһи күүһүн сатаан, кэмнээн туһанан куһаҕаны оҥорботун үөскэтэр аналлаах. Ол иһин тугу эмэ оҥороругар, үлэлииригэр күүһүн билэн, кэмнээн туһанара нэмин билии диэн ааттанар. Нэмин билии диэн үөрэх күүс оҥорорунааҕар алдьатан, кээрэтэн кэбиһэрэ элбээн хааларыттан киһи харыстана сылдьарын үөскэтэринэн улахан туһаны оҥорор.

Куһаҕан быһыылар элбээһиннэригэр киһи сыыһа-халты туттунара, күүһүн сатаан туһаммата тириэрдэрэ элбэх. Ол иһин сахалар нэми билэн туттунуу диэн үөрэҕи айаннар киһи күүһүн табан туһанан сыыһа-халты туттунарын аҕыйата сатыыллар.

3. Киһи быһыыта. Киһи оҥорор үчүгэй уонна куһаҕан быһыыларын икки ардыларыгар, ол аата ортолоругар киһи быһыыта үөскээн тахсар. Ол аата үчүгэй да, куһаҕан да буолбатах, нэми билииттэн табыллыбыт, сөп түбэһэр быһыылар киһи быһыытын үөскэтэллэрин билэн тутуһа сылдьыы эрэйиллэр.

Киһи быһыытын тутуһуу, киһи быһыылаахтык олоҕу олоруу уһун үйэни ситиһэр кыаҕы улаатыннарар. Киһи быһыытын тутуһар дьон уһун үйэни ситиһэннэр омугу уһун үйэлииллэр. Ханнык баҕарар үлэни оҥорууга аналлаах нэмин билэн туттунуу туһалыыр. Нэми билии оҥоруллар уустук үлэ көрүҥүттэн тутулуктанан тус-туспа буолар. Холобур, тутуу үлэтиттэн саамай уустуктара мас кэрдиитэ буолар, бу үлэҕэ элбэх сыыһа туттунуулар үөскүүллэр.

Элбэх үүнэн турар мастартан тутуу маһын талан ылыы улахан уопуту эрэйэр. Тутууга туттуллар мас көнөтө, суона, мутуга аҕыйаҕа, төрдүгэр эмэҕэ суоҕа барыта сыаналанар. Маһы талан баран кэрдэн охторуллар. Урукку кэмҥэ сүгэнэн олуктуу охсон кэрдии буолара. Бу үлэҕэ сүгэнэн күүскэ уонна сүгэ суолугар сөп түбэһиннэрэн таба охсуу эрэйиллэр. Уопуттаах мас кэрдээччи сүгэтин олуга халыҥ буолар. Ол барыта хас оҕустаҕын аайы сүгэтин суолугар сөп түбэһиннэрэриттэн уонна күүскэ батары охсоруттан ситиһиллэр. Тиити сууллар диэки өттүттэн сирэйдии олуктанар, онтон кэтэҕин кэрдиллэр эбэтэр эрбэниллэр.

Мас охторуута улахан сэрэхтээх үлэ буолар. Утары турар маска түһэн хааллаҕына мутук тостон кэрдээччигэ кэлэн түһүөн сөбүн тэҥэ, мас төбөтө тостон төттөрү ыстанан кэлэн дэҥниэн сөп. Ону тэҥэ, маска ыйанан хаалбыт тиити хайдах эрэ охторуу хайаан да эрэйиллэр үлэ буолар. Тиит кэтэх өттүн кэрдиигэ уҥа эбэтэр хаҥас өттүн урутаан кэрдэн хайа диэки охторору салайыахха сөп.

Нэми тутуһуу киһи оҥорор быһыытыгар барытыгар быһаччы сыһыаннаах. Ол курдук, ханнык баҕарар быһыыны оҥоруу бэйэтигэр аналлаах нэми тутуһары эрэйэр. Нэми билии үлэҕэ эрэ буолбакка киһи оҥорор бары быһыытыгар барытыгар сыһыаннаах. Нэм дьону кытта сыһыаны быһаарар уратытын эйэ-нэм диэн этии баара биллэрэр. Эйэ нэми тутустаҕына эрэ эйэни харыстыыр, уһун үйэлиир кыахтанар.

Дьон элбэхтик кэпсэтэллэр, бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннарын быһаарсаллар, олохтууллар. Эйэ-нэмнээх кэпсэтии диэн этиинэн эйэни тутуһар буолуу чуолкайданар.

Киһи киһиэхэ сыһыана хайдаҕын сөбүлээһин уонна таптал баара быһаарар. Таптыыр киһиэхэ үчүгэйи оҥорор баҕа санаа үөскээн улаатан иһэриттэн таптал киһиэхэ үчүгэйи оҥорорго, үчүгэйгэ тардыһарга санаатын элбэтэрэ быһаарыллар.

Сөбүлээһин тапталга кубулуйуута дьон бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннара уларыйан, өссө чугаһаабытын биллэрэр. Сөбүлээһин кэнниттэн талан ылыы үөскээн кэлэрин таптал диэн тыл быһаарар. Ол курдук таба тал диэн тыллартан таптал диэн тыл үөскээбит уонна ыал буолууга, киһи киһиэхэ сыһыаныгар эргэ тахсар кыыс сайдыылаах буор куттаах эр киһини таба талан ылыыта улахан суолталааҕын, туһалааҕын арыйар.

Таптал олус кэбирэх, нэмин билэн, сэрэхтээхтик сыһыаннастахха эрэ табыллан уһун үйэлэниэн сөп. Биир алҕаска этиллибит тыл тапталы сойутуон сөп.

“Уоттаах таптал” диэн күүстээх, күүдэпчилэнэр имэҥи, тапталы ааттыыллар. Умайыы уһуннук барбат, сотору бүтэрэ тиийэн кэлэр. Бары дьахталлар уоттаах тапталга баҕараллар эрээри, таптал диэн таба талан ылыы ааттанарын билиэ этилэр. Ол аата таптал таба талан ылыыттан тутулуга олус улахан.

Уоттаах таптал диэн имэҥ күөдьүйбүтэ ааттанар. Тапталы имэҥ күөдьүтэр. Таптал өйтөн-санааттан, сайдыыны ситиһииттэн улахан тутулуктаах буоллаҕына, имэҥ айылҕаттан тутулуктаах, эттэн-сиинтэн үөскээн тахсар.

Имэҥ диэн эт-сиин ураты, атын аҥарга баҕарар санаата ааттанар уонна уһуннук барбатын быһаарбыттара ырааппыт. Дьахтар оҕотун улаатыннарар кэмигэр имэҥэ мөлтүүр. Имэҥ мөлтөөтөҕүнэ таптал уота сойон барар, арай сөбүлээһин уонна араас эппиэтинэстэр эрэ ордон хааланнар ыал олоҕо салҕаныан сөп.

Таптал мөлтөөн иһиитэ сойбут диэн этиинэн бэриллэрэ табыллар, бу тыл уоттаах таптал умуллубутун биллэрэрэ ордук суолталаах. Маны быһаарыыга өссө солуйбут диэн тыл туттуллар уонна атыҥҥа, солуҥҥа аралдьыйбыт диэн өйдөбүллээх.

Ыал олоҕор уоттаах таптал аҕыйахтык туһалыыр, араас эрэйдэр, үлэлэр элбээннэр имэҥи сойуталларыттан киһини тулуура, туттунар күүһэ элбэҕэ, үлэни кыайара эрэ быыһааннар киһи быһыылаахтык олоҕун олороро табыллар.

Эдэр эрдэхтэринэ эргэ барбакка күүлэйдии сылдьыбыт дьахталлар эр дьоҥҥо үчүгэйдик көстөр санаалара аһара улаатан хаалан араас подиумнарга тахсаллара уонна таҥастарын аҕыйатан иһэллэрэ нэми таһынан барарыттан өйдөрүн-санааларын, бэйэлэрин уратыларын билиниилэрин ыарыыга кубулутан кэбиһэллэр. Ону тэҥэ, дьахталлар көҥүллэринэн барыылара бэйэмсэхтэрин улаатыннаран оҕоломмот буолууларын элбэтэн омук ахсаана аҕыйыырын үөскэтэр.

Омук дьонун ахсааннара сайдыылаах буор куттаах оҕолорунан эбиллэн иһэрин туһугар ыал буолуу үгэстэрин тутуһуу эрэйиллэр. Ол аата кыыс айылҕаттан анала оҕо төрөтүүтэ буоларын тутуһан ыалы тэрийэн аймахтар ахсааннарын элбэтэн иһиэ этэ.

Күүһү аһара туттунан кэбиһии куһаҕаҥҥа тириэрдэрэ элбэх. “Хаахыныыр мас охтубат” диэн өс хоһооно ыалдьан төһө да этэ-сиинэ мөлтөөтөр нэми билэрэ үөскээбититтэн аһара туттунан кэбиһэрэ суох буолбут киһи үйэтэ уһуурун биллэрэр.

Киһи бары оҥорор быһыыларыгар барытыгар нэми билэрэ, аһара да барбата, итэҕэс да туттубата киһи быһыытын тутуһарын үөскэтэр.

Онон киһи бары оҥорор быһыытыгар нэмин билэн сыһыаннаһара, туттунара олох ирдэнэр көрдөбүлэ буолар.

НЭМИЙ

Үлэни табан үлэлииргэ күүһү сатаан туһаныы улахан суолталаах. Кыратык да аһара туттунан кэбиһии үлэ табыллыбатын, сатамматын үөскэтэриттэн күүһү нэмин билэн туһаныы хас биирдии үлэһиттэн ирдэнэр көрдөбүл буолар.

Хамсаныы төһө түргэтээн биэрэн иһэр даҕаны күүһэ эбиллэн кэлэр уратылааҕын сахалар быһааран нэми билэн туттунуу үөрэҕин арыйбыттар. Ол аата ханнык баҕарар хамсаныыны оҥоруу икки өрүттээх тутулуктааҕын билэн туттунуу табылларын үөскэтэр:

1. Күүс дьайыыта.

2. Хамсаныы түргэнин дьайыыта.

Бу икки күүстэр холбоһоннор, бииргэ дьайаннар киһи оҥорор туһалаах хамсаныыларын үөскэтэллэр. Түргэн хамсаныылар сыыһа-халты буолан хаалаллара элбэҕиттэн киһи үлэни нэмин билэн туттунан үлэлээтэҕинэ эрэ табылларын сахалар билэллэр, онтон бытаан уонна мөлтөх хамсаныылар аны үлэни кыайан оҥорботтор.

Үлэни оҥорууга эт-сиин күүһүн кэмнээн туһанары тэҥэ, хамсаныылары табан оҥорууга буор кута сайдыылааҕа үлэһиттэн хайаан да эрэйиллэр. Буор кут диэн өй-санаа хас биирдии быччыҥҥа араас хамсаныылары элбэхтик оҥоруута үөрүйэх буолууну үөскэтэн, мунньуллан иһэллэриттэн үөскүүр.

Хамсаныылары оҥорор хас биирдии быччыҥ элбэхтэ хамнанан үөрүйэхтэри үөскэтиннэҕинэ эрэ табатык, сыыдамнык хамсаныыны оҥоруу ситиһиллэр. Ол иһин буор кут сайдыыта хас да көлүөнэлэр усталарыгар таһымтан таһымҥа диэри сайдан барар. Буор кут сайдара бытаан, дьадаҥы буор куттаах киһи үйэтин тухары үлэлээн, элбэхтик хамсанан үлэһит буор куту үөскэтиниини ситиһиэн сөп.

Буор кут үөскээһинин бу уратыларын сахалар үөрэтэн билэн үлэһиттэри тус-туспа араарыылары туһаналлар. “Хос эһэтэ хамначчыт этэ” диэн эттэхтэринэ, бу киһи буор кутун сайдыыта өссө да намыһаҕа бигэргэтиллэр.

Үлэһит хамсаныылары табатык, сыыдамнык оҥороро буор кута төһө сайдыылааҕыттан тутулуктааҕа сахалар үөрэхтэринэн чуолкайдык быһаарыллан саха тылынан этиллэн сылдьаллар: 1. Муҥнаах. Кыра оҕо буор кута сайда илигиттэн муҥнаах диэн ааттанар. Араастаан хамсана сатыыр да туох да табыллыбатыттан муҥнаах буолар. Үлэни, хамсаныылары кыайан оҥорбот буолуу улахан да киһини муҥнаах оҥорор.

2. Муҥкук. Оҕо саҥа үлэлииргэ үөрэнэригэр тугу оҥорорун билбэтиттэн уонна хамсаныылары табан оҥорботуттан муҥкук буолар. Улахан уопуттаах киһи хайдах оҥорору көрдөрөн, үтүгүннэрэн үөрэтэн биэрдэҕинэ, ону үтүктэн тугу эмэ оҥорор кыахтанар.

3. Дьадаҥы. Хамсаныылары кыайан, табан оҥорбот сайдыыта суох буор куттаах, үлэлиэн баҕарбат, сүрэҕэ суох, тугу оҥорбута барыта табыллыбат, сатаммат киһи дьадаҥы диэн ааттанар.

4. Үлэһит. Нэми билии үөрэҕин үлэһиттэр оҥорбуттар. Ол курдук, көрсүө, сэмэй киһи сыыһа-халты, аһара туттубакка сыыйа нэмийэн күүһүн эбэн биэрэр үөрэҕэ нэми билиини үөскэппит. Үлэһит киһи тугу оҥорбута барыта табыллар, сөп түбэһэр буолар.

5. Дьоҕурдаах. Дьоҕурдаах киһи өссө кыһаннаҕына үчүгэйдик көстөрү, атыттар сөбүлүүллэрин оҥоруон сөп, тугу оҥорбута барыта табыллар, тупсаҕай көрүҥнээх буолар. 6. Сатабыллаах. Сатабыллаах киһи үчүгэйдик сыаналанар үлэни оҥорон ханнык эрэ барыһы киллэрэр кыахтанар. Тугу оҥорбута барыта табыллар, сатанар, кини оҥорбутун атыттар үтүктүөхтэрин, батыһыахтарын сөп.

7. Талааннаах. Талааннаах киһи оҥорбута барыта үчүгэйтэн ордук сыаналанар, бары көрөн үөрэллэр, санаалара көнөр. Кини оҥорбутун үтүктэ, барыһа сатаан сайдыыны ситиһэллэр, хамсаныылары оҥорор буор куттарын сайыннараллар.

Үлэһиттэри маннык тус-туспа араарыы үлэ хамсаныыларын уонна үлэни хайдах оҥороллоруттан быһаччы тутулуктанар. Ол иһин киһи буор кута төһө сайдыылааҕын быһаарыыга үлэни туһаныы табыллар.

Эр киһи буор кута араас хамсаныылары оҥороруттан, үлэлиириттэн үйэтин тухары сайдан иһэр. Сааһырбыт эр киһи сайдыбыт буор кутун оҕотугар биэрэр кыаҕа эдэр, төрүүр кыахтаах дьахтары ойох ыллаҕына салҕанан иһэр кыахтанар. Былыргы сахалар буор кут бэриллэр уратытын арааран билэллэриттэн эр киһи эдэр дьахтары ойох ыларын туһаналлар этэ.

Ханнык баҕарар үлэҕэ сөп түбэһэр күүһү туһаныы ирдэнэр көрдөбүл буолар. Сүгэнэн мас кэрдэргэ аһара күүскэ охсуолуу сатаабакка, таба охсуу, сүгэ суолугар сөп түбэһиннэрии ордук хотоойулаахтык кэрдэргэ тириэрдэр. Күүскэ уонна табатык охсууну оҥоруу сүгэнэн мас кэрдиитигэр кыахтаахтык үлэлиири үөскэтэр хамсаныылар буолаллар. Киһи күүстээх, ол иһин оҥорор быһыылара, үлэтэ барыта күүһүн хайдах туһанарыттан олус улахан тутулуктаахтарын сахалар былыргы кэмнэртэн быһааран үлэни үлэлээһин үөрэҕин арыйбыттар уонна нэмин билэн туттунуу диэн ааттаабыттар.

Саха дьоно уһун үйэлэрин тухары элбэх үлэлэри үлэлээннэр, тутууну, уһаныыны баһылааннар күүһү тэҥэ, хамсаныылары оҥоруу тутулуга баарын арыйаннар анаан-минээн үөрэппиттэр уонна нэми билэн туттунуу диэн үөрэҕи оҥорон туһаналлар. Ханнык баҕарар үлэҕэ онно сөптөөх күүһү туһаннахха эрэ үлэ табылларын, сатанарын бу үөрэх быһаарар. Аһара туттунан кэбиһии диэн күүһү кыайан кэмнээн туһаммакка аһара ыытан үлэни буорту оҥорон кэбиһии ааттанар. Күрдьэх угун олуйа баттаан тоһутан кэбистэххэ үлэ атахтанара сонно биллэр. Ол иһин үлэни оҥорууга сөп түбэһэринэн күүһү кэмнээн туһаныы ханнык баҕарар үлэҕэ эрэйиллэр. Оннооҕор кумааҕы үлэтигэр харандаас уһугун тосту баттаан кэбиһии эмиэ баар буолааччы.

Аны күүс тиийбэккэ хааллаҕына үлэ эмиэ табыллыбат, букатын да кыаллыбакка хаалыан сөп. Тугу эмэ көтөҕүүгэ күүс тиийбэккэ хааллаҕына көтөҕүү кыаллыбата итини чуолкайдык быһаарар. Онтон кыраны көтөҕүүгэ аһара күүскэ хамсаныы эмиэ табыллыбат, көтөҕүү аһара барыыта үөскээн тахсыан сөп.

Нэми билэн туттунуу үөрэҕэ нэмий диэн тылтан үөскээн, сайдан тахсыбыт уонна нэмийиини үөскэтэр. Нэмий диэн күүһү сыыйа, үлэни оҥорууга сөп түбэһэринэн тэҥнээн, сыыйа эбэн биэрэн ис диэн өйдөбүллээх тылы нэми билии үөрэҕэ үөскэппит.

Сахалар айылҕа “Туох барыта икки өрүттээх” диэн тутулугу тутуһан сайдыбытын уонна бу икки өрүттэр тэҥнэһиилэринэн тутуллан туралларын билэннэр нэми билии үөрэҕин олохтоон туһаналлар.

Онон ханнык баҕарар үлэҕэ онно сөп түбэһэр күүһү туһаныыны нэмий диэн тыл үөскэтэр.

НЭМИ БИЛЭН ТУТТУНУУ

Оҕо улаатан иһэн барыны-бары билэ-көрө, үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран туһанарга, хамсаныылары нэмин билэн оҥоро үөрэнэ илигиттэн сыыһаны-халтыны оҥорон кэбиһиэн сөп. Ол иһин оҕо куһаҕаны оҥорон кэбистэҕинэ төрөппүттэрэ ситэ үөрэтэ иликтэриттэн эппиэти сүгэллэрин сахалар тутуһаллар.

Улаатан да баран сыыһа-халты туттунара элбэх киһини “Оҕо курдук” диэн этэллэр. Оҕо киһи буолуор, тугу барытын улахан киһи оҥорорун курдук оҥорорго үөрэниэр, ол аата киһи буолууну ситиһиэр диэри үөрэннэҕинэ, элбэхтик боруобалаан көрдөҕүнэ, сыыстаҕына уонна олорун көннөрдөҕүнэ эрэ таба оҥоро үөрэнэрэ кыаллар. Оҕо өссө киһи буолууну ситиһэ, тугу барытын киһи быһыылаахтык оҥорор буола илигиттэн оҕо диэн ааттанар.

Эрдэлээн улахан киһи буолууну ситиһии диэн өйдөбүл баар. Оҕо кыра эрдэҕиттэн элбэхтик араас үлэлэри үлэлии үөрэннэҕинэ, эрэйи-кыһалҕаны биллэҕинэ, тулуура улааттаҕына өйө-санаата эрдэлээн сайдан, үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран туһаннаҕына улахан киһи буолууну эрдэ, сааһын ситэ илигинэ баһылыыр кыахтанар. Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии кэмин оҕолоро, ыарахан эдэр саастара дьайан, кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ эриллэннэр, эрдэлээн улахан киһи буолууну ситиспиттэрэ уонна күүскэ үлэлээн-хамсаан сэрии содулун кылгас кэмҥэ суох оҥорбуттара.

Саха дьонун олохторун үөрэҕэр “Нэми билэн туттунуу” диэн этии баар. Бу этии дириҥ суолтатын бэйэлэрэ оҥорор, тутар дьон ордук билэллэр, олохторугар туһаналлар. Ол курдук, биирдэ сыыһа туттунуу киһи өр кэмҥэ оҥорбутун, туһалаах саҥаны айыыны оҥоро сатаабытын барытын суох оҥорон кэбиһиэн сөбүттэн нэми билии, нэмин билэн туттунуу эрэ харыстыыр, көмүскүүр кыахтааҕын билии эрэйиллэр. Бу быһаарыыны нууччалыы “Ложка дегтя портит бочку меда” диэн өс хоһооно ордук чуолкайдыыр. Киһи тугу барытын оҥороругар күүһүн хайдах туһанарыттан тутулуктанан оҥорор быһыылара уларыйан тахсаллар:

1. Аһара туттунан кэбиһии. Киһи тугу эмэ оҥороругар аһара туттунар уратыта ордук элбэх, өйө-санаата аһара барыыта, солумсаҕа улаатыыта сыыһа туттунарын үөскэтэр. 2. Тиийбэт гына туттунуу. Хамсаныылары хайдах табатык оҥорору баһылыы илигинэ киһи тиийбэт гына туттунара элбээн хаалар. Оҕо күүһэ тиийбэтиттэн үгүстүк кыайан оҥорбокко үлэни хаалларыан сөбүттэн муҥнаах диэн ааттанар.

3. Нэми билэн туттунуу. Үлэни оҥорууга аһара да барбат, тиийбэт да буолбат, сөптөөх күүһү туһаныы үлэ табылларын үөскэтэр уонна нэми билэн туттунуу диэн ааттанар. Нэм диэн туохха барытыгар сөп түбэһэр кээмэйи булуу ааттанар. Туохха барытыгар, кыраны да, улаханы да оҥорууга сөп түбэһии баар буолара хайаан да ирдэнэр.

Нэм “Туох барыта үһүстээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн ортокуну, сөп түбэһиини булан ылыыга аналланар. Киһи оҥорор быһыыларын барыларын аһара туттубакка, үчүгэй уонна куһаҕан быһыылар икки ардыларынан, ортотунан, нэмин билэн туттунара эрэйиллэр. Уустук тиэхиникэ кыра гаайкатын аһара күүскэ эрийэн резьбатын быһа тардан кэбиһии туһаны оҥорордооҕор улахан алдьатыы буолан тахсарын билиэ этибит. Ол аата нэми билэн туттубат киһи туһаны оҥорорунааҕар алдьатыыны элбэхтик оҥоруон сөп.

Нэми билэн туттунуу диэн аһара туттубат, сэрэхтээх буолуу ааттанар. Көрсүө, сэмэй киһи нэми билэн туттар кыаҕа улахан. Киһи күүһэ, ыйааһына элбэҕиттэн аһара хамсаннаҕына, тутуннаҕына тугу барытын алдьатыан, буорту оҥоруон сөп. Ол иһин тугу барытын оҥорорго, хамсанарга ханнык эрэ, онно сөп түбэһэр мээрэйи аһара барбат буолуу, өйдөөх-санаалаах дьонтон хайаан да ирдэнэр көрдөбүл буолар. Бу көрдөбүлү толоруу нэми, сэрэхтээх буолууну үөскэтэр. Ол курдук, буспут дьэдьэни хомуйа сылдьан аһара ыга тутан кэбиһии илдьи тутууга тириэрдэринэн дьэдьэни хомуйууга күүһү нэмин билэн туһаныы эрэйиллэрин биллэрэр. Тарбахтары имигэстик уонна түргэнник хамсатан биир да буспут дьэдьэни хампы туппакка элбэҕи хомуйары сайдыылаах буор куттаах киһи оҥорор кыахтанар.

Тарбахтарын имигэстик хамсатан уустук үлэлэри оҥорор киһи сайдыылаах буор куттаах буолар. Илии үлэтин маастардара өйдөрө-санаалара биллэрдик сайдыбыт дьон буолалларын бары билэллэр.

Сахалар бары эйэлээх, түмсүүлээх буолуохпутун баҕарабыт. Нэми билии, тутуһуу эйэлээх буолуубутугар ордук улаханнык туһалыа этэ. Ол курдук, эйэ олус намчы, харысхаллаах, көмүскэллээх сыһыаны эрэйэрин таба өйдүөхпүт этэ. Ол иһин эйэ-нэм диэн этиибитин куруук туһаннахпытына, урукку оннугар түһэрдэхпитинэ табыллабыт.

Эйэ-“дэм” диэн тыл үөрэхтээхтэрин сыыһа этиилэрин аны туттубатахпытына эрэ, эйэлээх буолуубут кэлэр кыахтааҕын билиэхпит, онно кыһаныахпыт, бу үөрэхтээх ааттаах дьон оҥоро сылдьар элбэх сыыһаларын, куһаҕаннарын сахалыы өй-санаа үөрэҕэр буккууру киллэриилэрин көннөрүөхпүт этэ.

Киһи оҥорор быһыыларыгар барыларыгар, тугу барытын оҥорууга, тутууга нэмин билэн туттунуу баар буоллаҕына эрэ табыллар. Ол курдук, үлэлии үөрэнэ илик эдэр киһи биирдэ буор хаһан абыраары күрдьэх угун тосту олуйан кэбиһэрэ, кини туһалааҕы оҥорорунааҕар алдьатыыны оҥоро охсорун быһааран биэрэр. Киһи нэмин билэн, харыстаан туттуннаҕына эрэ алдьатыыны оҥорбокко, туох эмэ туһалааҕы оҥорор кыахтанарын биллэххэ табыллар.

Киһи ханнык баҕарар оҥорор быһыыларыгар нэмин билэн туттунуута харыстааһыны оҥорорун биллэрэр. Эмискэ тураары остуолу тоҕо көтөр киһини бары сөбүлээбэппит, бэрээдэккэ үөрэммэтэх, холус хамсаныылаах киһи диэн ааттыыбыт, кыайан сэрэнэн хамсамматыттан сэрэнэ сырыттахпытына табыллар.

Нэмий диэн сыыйа-баайа баттааһыны улаатыннар, күүһүрдэн биэр диэн өйдөбүллээх, киһи оҥорор быһыыларын сыыйа күүһүрдэригэр ыҥырар сүрүн тылбыт буолар. Бу тылы туһана сылдьыы туохха барытыгар аһара барыыны суох оҥорорго аналланар. Ол курдук, аһара барыы, сыыһа туттуу эмискэ хамсаныыттан тутулуга улахан буоллаҕына, нэмий диэн хамсаныыны сыыйа күүһүрдэри эрэйэр, ол иһин киһини сыыһа туттунууттан харыстыыр аналлаах.

Ыһыы-тоҕуу, алдьатыы, аһара туттунуу киһилии майгы буолбатаҕа быһаарыллыбыта олус ырааппыт буолуон сөп. Ыспат-тохпот, ыскайдаабат буолуу киһилии майгыга киирсэр уонна харыстааһын диэн ааттанар. “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн бу майгы аһара барбатаҕына, кэччэгэй, харам диэн куһаҕан майгыга кубулуйбатаҕына, олоххо туһаны аҕалара элбиир. Нэми билэн туттунар киһи ыспат-тохпот, алдьаппат кыаҕа улаатарыттан оҥорор, тутар күүһэ улаатар.

Айылҕаҕа сыһыаҥҥа ыксааһын, тиэтэйии кэлин улахан содуллаах буолуохтарын сөп. Бүлүү өрүскэ быһыты тутууга тиэтэйэн, саҥаны айыыны оҥоро охсоору ыксаан ууга тимириэхтээх маһын-отун ыраастаабакка эрэ, улахан быһыты тута охсон элбэх ууну мунньубуттара билигин сытыйан, фенол диэн дьааты тарҕатар, өрүс уутун уһун кэмҥэ буортулуур. Бу тиэтэйэн, ыксаан саҥаны айыыны оҥоро охсуу куһаҕан содула буоларын билиниэхпит этэ.

Өй-санаа сайдан иһиитэ биир тэҥник барбакка, хардары-таары, үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорор кыаҕа улаатан эбэтэр кыччаан биэрэр кэмнэрдээхтэр. Ол курдук, өй-санаа уларыйбакка эрэ өр кэмҥэ кыайан турбат, үчүгэйэ уонна куһаҕана хайалара эрэ баһыйара үөскүүрүттэн эргийэн, солбуйсан биэрэр кэмнэрэ тиийэн кэлэрин сахалар билэн “Үчүгэй уонна куһаҕан солбуйсан биэрэллэр” диэн өс хоһооно оҥорон туһана сылдьаллар.

Өй-санаа үөрэҕинэн дьарыктанааччылар олоххо маннык кэм кэлэн иһиитин арааран билэн, өй-санаа үөрэхтэригэр уларыйыылары, эбиилэри, тупсарыылары кэмигэр киллэрэн биэрэллэрэ ирдэнэр.

Сэбиэскэй былаас кэмигэр дьадаҥы буолуу “үчүгэйинэн” ааҕыллар этэ. Бары салайааччылар дьадаҥы төрүттэринэн арбаналлара. Билигин ырыынак олоҕор аны баайдар үчүгэйгэ кубулуйдулар. Өй-санаа бу тосту уларыйыытын, эргийэн биэриитин тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар уонна учуонайдар билигин да билэ иликтэр.

Өйө-санаата туруга суох киһи оҥорор быһыыларыттан, сыыһа-халты туттунара элбэҕиттэн куһаҕаны оҥоруута элбээн тахсарын сахалар былыр-былыргыттан арааран билэн “Атах анныттан алдьархай, илии анныттан илдьиркэй” диэн өс хоһооно оҥорон туһана сылдьаллар. Бу аата сайдыыта суох буор куттаах киһи бэйэтэ илиитинэн тутан-хабан алдьархайы оҥороро элбиирин, алдьатара үксүүрүн дьоҥҥо быһааран биэрии буолар. Ол иһин сыыһа-халты, аһара туттубат буолууга үөрэнии, үөрүйэх оҥостон буор куту үөскэтинии, киһи буолууну ситиһии хас биирдии киһилии быһыылаах киһиттэн ирдэнэр көрдөбүлгэ киирсэр. Оҕо улаатан иһэн киһи буолууну ситиһэрин сахалар таҥараларын үөрэҕэ ирдиир.

Үлэлии-хамсыы сылдьар киһи сыыһа туттара улахан содуллаах буолан тахсыан сөп. Мас кэрдээччи сүгэнэн биирдэ сыыһа охсон атаҕын дэҥнээн кэбистэҕинэ өр кэмҥэ эрэйдэниэн, оҥорон испит үлэтэ тохтоон хаалыан сөп.

Сэбиэскэй былаас сыыһа өйүгэр-санаатыгар үөрэнэммит оҕо төрөөтөр эрэ “үчүгэй киһи” буолар диэн алҕас санааҕа иитиллибиппитин билигин даҕаны оччотооҕу учууталларбыт, учуонайдарбыт салҕаан иһэллэр. Арай куһаҕан, буруйу оҥорор дьон хантан кэлэн, кимтэн төрөөн баар буолалларын кыайан быһаарбакка эрэйдэнэллэр.

Сахалар Кут-сүр үөрэхтэрэ этэринэн кыра эрдэҕинэ ийэ кута киһилии быһыыга иитиллибэтэх, атаахтыы сылдьыбыт оҕо улааттаҕына сыыһа-халты туттунара, киһи быһыытын аһара барара элбэх буолан хаалыан сөп. Ол иһин оҕону кыра эрдэҕинэ ийэ кутун үчүгэй үгэстэринэн иитии ордук улахан суолталааҕын итэҕэйиэхпит, оҕону иитиигэ Кут-сүр үөрэҕин туһаныахпыт, көрсүө, сэмэй буолууга иитиэхпит, үөрэтиэхпит этэ. (2,36).

Буор кут диэн киһи араас хамсаныылары оҥорор өйө-санаата, бу хамсаныылары оҥорор кыаҕа ааттанар. Күүһү кэмнээн, нэмин билэн туһаныы хас киһиттэн барыларыттан ирдэнэр көрдөбүл буолар. Тугу эрэ баайаары синньигэс быаны быһа тардан кэбистэххэ, саҥаны булан хатылаан баайыы, аһара туттуу куһаҕанын биллэрэр. Онон нэми билэн туттунуу диэн киһини харыстааһын, кини сыыһа-халты, аһара туттунарын суох оҥоруу уонна “Харыстас” таҥара үөрэҕэр киирсэр биир тутаах көрдөбүл буолар.

НЭМ ӨЙГӨ-САНААҔА ДЬАЙЫЫТА

Өй-санаа эккэ-сииҥҥэ үөскүүр уратыларын Кут-сүр үөрэҕэ эрэ таба быһаарар. Бу үөрэх сахалар “Киһини санаата салайар” диэн этиилэриттэн саҕаланар уонна киһи өйө-санаата сайдыытын, санаа үгэскэ, онтон үөрүйэххэ кубулуйан буор куту үөскэтэрин арыйар.

Киһи өйө-санаата хаһан баҕарар аһара бара сатыыра элбээн хаалар. Ай диэн өйү-санааны, салгын кут үлэтин быһаарар тыл киһи саҥаны, уратыны айа сатыыра хаһан баҕарар баарын биллэрэр. Бу аһара барыы элбээтэҕинэ, улааттаҕына араас аптаах остуоруйалары уонна ыра санаалары киһиэхэ үөскэтэн туһаны оҥорор үлэттэн аралдьытан, сааратан кэбиһиэн сөп.

“Киһини санаата салайар” диэн сахалар этэллэр. Санаа аһара барыыта киһи оҥорор быһыылара эмиэ аһара баралларын үөскэтэн таһааран иһэр. Өй-санаа бу уратытын сахалар былыр үйэҕэ арааран билэннэр өй-санаа аһара барарын хааччахтыырга аналлаах сиэри үөскэтэн туһана сылдьаллар. Ол аата киһи санаата аһара барара тохтоотоҕуна эрэ тугу эмэ туһалааҕы оҥорор кыахтанарын быһааран сиэр диэн аналлаах хааччаҕы оҥорон туһаналлар.

“Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа төрүт тутулугар санаа эмиэ сөп түбэһэн икки өрүттэнэрэ быһаарыллар:

1. Үчүгэй, олоххо туһаны оҥорууга аналлаах санаалар.

2. Куһаҕан, туһата суох санаалар.

3. Сиэр. Өй-санаа үһүс өрүтэ сиэр диэн ааттанар. Бу икки өрүттэр икки ардыларыгар, ортолоругар үөскүүр үчүгэйи, туһалаах быһыылары оҥорууга тириэрдибит уонна куһаҕан буолбатах санаалары тутуһан оҥоруллар быһыылар сиэри тутуһууну үөскэтэллэр.

Дьон уһун үйэлэр тухары араас элбэх быһыылары оҥороннор киһи үчүгэй уонна куһаҕан быһыылары оҥорон кэбиһэрин эбэтэр оҥорбут быһыыта үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсалларын арыйан өй-санаа үөрэҕэр киллэрбиттэр. Ол аата киһи оҥорор быһыылара икки аҥы арахсан тахсаллара былыргы кэмнэргэ быһаарыллыбыт. Ону чуолкайдаан сахаларга айыы диэн киһи оҥорор ураты, урут билбэт быһыыларын оҥорууну биллэрэр тыл икки өрүттээх өйдөбүллээх; үчүгэйдээх уонна куһаҕаннаах туттулла сылдьар. Ол барыта киһи оҥорбут быһыылара, саҥаны айыылара оҥоруллубуттарын кэнниттэн, атыттар быһаарыыларынан үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана хойутаан арыллан тахсарыттан тутулуктанар.

Киһи бэйэтэ тугу оҥорбутун барытын кэриэтэ “үчүгэй” диэн сыаналыыра хаһан баҕарар бастаан иһэр. “Плохой да свой” диэн этии ону биллэрэр. Ол иһин киһи оҥорбут быһыыта хайдаҕын атыттар сыаналыыллара таба, олохтоох буолар.

Үчүгэй быһыылары оҥорууга тириэрдибит санаа сиэри үөскэтэр уонна ол санааны тутуһан оҥорор быһыылара үчүгэй быһыылары элбэтэллэр. Ол аата сиэри тутуһуу диэн киһи оҥорбут үчүгэй быһыытын батыһан, үтүктэн оннук быһыыны оҥоруу ааттанар уонна салҕанан киһи быһыытын үөскэтэн таһаарар.

Киһи күүстээх, кыахтаах. Ол иһин киһиэхэ күүһү аһара туттунан кэбиһии диэн эрэй үөскээн кэлэрэ уустуктары үөскэтэр. Бу киһи бэйэтэ үөскэтэр эрэйин бэйэлэрэ үлэлиир, оҥорор, тутар дьон билэннэр, күүстэрин сэрэнэн, кэмнээн, нэмин билэн туттуна сатыылларыттан нэми билии үөрэҕэ сайдыбыт.

Нэм диэн аһара туттунууну, аһара барыыны тохтоторго аналлаах тыл. Киһи күүһэ-кыаҕа элбэҕиттэн аһара туттунан кэбиһэрэ элбээн хааларын нэмин билэн хамсаныы суох оҥорор. Сыаналаах тэрили сыыһа туттунан хампы түһэрэн кэбистэххэ, улахан ночоот тахсарыттан киһи күүһүн уонна хамсаныытын сэрэнэн, нэмин билэн туһанара эрэ туһаны оҥорууга тириэрдэрин биллэрэр.

Оҕо улаатан ыйааһына элбээн истэҕинэ күүһэ эбиллэн иһэр. Бу кэмтэн саҕалаан күүһү табан, нэмин билэн туһаныыга үөрэнэн истэҕинэ табыллар. Улаатан иһэр оҕо бэйэтин ыйааһынын таскайдааһыныттан күүһэ эбиллэн иһэрэ үөскүүр. Үгүс ыйааһыны көтөҕөлөөн, анньыалаан спортсменнар күүстэрин эбэллэрин тэҥэ, эттэрэ-сииннэрэ, быччыҥнара эбиллэрин ситиһэллэр.

Үлэни оҥорууга аналлаах күүһү сатаан, табан туһаныыны нэмин билии үөскэтэр. Ол аата, бу хамсаныыга төһө күүс сөп буоларын киһи эрдэттэн, кыра-кыратык боруобалаан көрөн билэн, күүһүн сыыйа эбэн биэрэн иһэрэ эрэйиллэр.

Үлэни оҥорорго күүһү сыыйа эбэн биэрэн иһии нэмий диэн тылынан этиллэр уонна нэмийэн биэриинэн ситиһиллэр.

Нэмийии диэн күүһү сыыйа эбэн биэрэн иһиини биллэрэр. Аһара барар элбэх күүһү сатаан туһамматахха куһаҕаны, алдьатыыны оҥоруон сөп. Күүс сыыйа эбиллэн иһиитэ үлэни туһалаах оҥорууга тириэрдэр. Ол иһин үлэни оҥоруу эмиэ икки өрүттэнэн тахсар:

1. Үчүгэйдик, тупсаҕайдык оҥоруллубут үлэ.

2. Куһаҕаннык оҥоруллубут, таах хаалар үлэ.

3. Нэмин билэн туттунуу үлэни туһалаахха кубулутар. Үчүгэйгэ тиийбэтэҕинэ даҕаны, куһаҕан буолбатах үлэ туһалааҕы үөскэтэр.

Табан, сатаан туттунарга үөрэнии диэн уһун кэмҥэ үөрүйэҕи үөскэтэн ситиһиллэр, буор куту үөскэтэр үөрэх буолар. Бары үлэҕэ барытыгар табан, нэмин билэн туттунуу эрэйиллэр.

Нэмин билэн туттунуу күүс аһара барыытын хааччахтаан сиэри тутуһууну үөскэтэр. Ол аата күүс аһара элбэх эбэтэр аҕыйах да буолбакка, бу үлэни оҥорууга сөптөөх буолара хайаан да эрэйиллэр.

Күүс элбэх буолан хаалыыта, аһара барыыта алдьатыыга тириэрдэр. От охсооччу хотуур угун тоһутан кэбиһэрэ күүһэ элбэҕин биллэрэрин таһынан сатаан, табан хамсамматын быһаарара ордук суолталаах.

Аҕыйах күүс баара үлэ кыаллыбатын үөскэтэр. Ыарахан сыарҕаны соһорго кыра ыйааһыннаах киһи улаханнык ночоотурар, элбэх күүһүн ороскуоттуурун таһынан кыайбакка хаалларыан сөп.

Күүһү нэмин билэн туттунуу диэн эмискэ хамсаныы буолбакка, күүһү сыыйа улаатыннаран таба, туһалаах хамсаныыны оҥорууга тириэрдии ааттанар. Эмискэ хамсаныы туһаны оҥорорунааҕар алдьатыыны, куһаҕаны оҥорон кэбиһэрэ уонна сыыһа-халты туттунууга тириэрдэрэ элбээн хааларыттан нэмин билии харыстыыр аналлаах.

Ыараханы эмискэ көтөҕө сатааһынтан сис быстыыта, өрөһө хайдыыта тиийэн кэлэн аһара хамсаныы чахчы куһаҕанын сонно биллэриэхтэрин сөп. Сахалар ону билэн “Ис хайдыыта” диэн киһини сэрэтэр этиини оҥорон туһаналлар. Аһара күүстээхтик эмискэ хамсаныыттан киһи этэ быстара эбэтэр иһигэр грыжа тахсан кэлэрэ элбэхтик бэлиэтэнэр. Ону тэҥэ, эмискэ, күүскэ хамсаныыттан туттар тэрил алдьаныыта таҕыстаҕына, үлэ атахтанара үөскээн ночооту аҕалыан сөп.

Нэмий диэн күүһү сыыйа-баайа, үлэни оҥорууга төһө көрдөнөрүнэн эбэн биэрэн ис диэн өйдөбүллээх тыл. Ханнык баҕарар үлэни оҥорорго онно сөптөөх күүһү туһаныыны нэмий диэн тыл быһаарар уонна күүһү сэрэхтээхтик туһанары үөскэтэр аналлаах.

Сиэри тутуһуу нэми билэн туһаныыны үөскэтэр. Сиэри тутуһар сахалар ыксаабаттар, тиэтэйбэттэр, “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини тутуһан, оҥорор быһыыларын, бу икки өрүттэр икки ардыларынан, ортолорунан түбэһэрин ситиһэллэр. Сиэри таһынан бара сатааччылар, тыл үөрэхтээхтэрэ “дэм” диэн киһиргэтэр, дэбдэтэр тылы туһананнар, саха дьонун эйэлэрин алдьата сылдьалларын тэҥэ, “айыы үчүгэй” диэн сымыйанан этэннэр сиэри тутуспаты үөскэтэн саха дьонугар тарҕата сатыыллар.

Саха дьоно уһун үйэлэргэ сиэри тутуһалларыттан, сайдыыны ситиһэн иһэллэр, бары үлэҕэ нэмин билэн сыһыаннаһалларыттан табылларын, сатанарын үөскэтэллэр. Үлэлии үөрэнии эрэйдээҕин, табан хамсаннахха кыалларын уонна уһун кэми ыларын “Сата таас” диэн таҥара оннугар туттулла сылдьыбыт өйдөбүл баар буола сылдьыбыта биллэрэр.

Уустук, эрэйдээх үлэни табан, атыттар үтүктэллэрин курдук үчүгэйдик оҥорууну сатабыллаах киһи ситиһэр. Маннык уустук үлэни оҥорор үлэһит киһи буор кутун сайдыыта сатабыл таһымыгар диэри сайдыбытын биллэрэллэр. Уустук үлэни оҥоруу киһи буор кута үрдүк сайдыыны ситиспититтэн тутулуктанар.

Киһи күүһүн хаһан баҕарар кэмнээн, сөп буоларынан, нэмин билэн туттунара оҥорор быһыытыгар сиэри тутуһарыттан үөскээн тахсар. Ол аата сиэри тутуһуу нэми билэн туттунууну үөскэтэр.

Былыргы кэмнэртэн үлэлиири, тутары баһылаабыт сахалар үлэни үлэлииргэ ыксаабакка, тиэтэйбэккэ эрэ сөп түбэһэр хамсаныылары оҥорор туһалааҕын быһааран “Нэми билэн туттунуу” диэн үөрэҕи туһана сылдьаллар. Нэм диэн туохха барытыгар киһи аналлаах кээмэйин аһара барбакка туттунарын ирдиир мээрэй ааттанар.

Эйэ олус кэбирэх, биирдэ куһаҕаннык көрүүттэн, биир куһаҕан тылтан алдьаныан, үрэллэн хаалыан сөп. Ол иһин эйэҕэ нэмин билэн, харыстабыллаахтык, сэрэхтээхтик сыһыаннаһыы хаһан баҕарар ирдэнэр көрдөбүл буоларын сахалар тутуһалларын эйэ-нэм диэн холбуу этиини туһана сылдьаллара биллэрэр.

Былыргыттан дьадаҥы төрүттээх тыл үөрэхтээхтэрэ үлэни оҥорууну уонна өй-санаа тутулуктарын билбэттэриттэн эйэ-“дэм” диэн этиини оҥорон туһаннара сатаан сахаларга эйэлээх буолуу үөскээһинин суох оҥоро сатыыллар. Бу быһыы уонна сиэри таһынан барыы өйгө-санааҕа дьайар суолталарын таба өйдөөн, бу куһаҕаны оҥоро сылдьар дьоҥҥо сыһыаны тосту уларытар кэм кэллэ.

Онон сиэри тутуһа сылдьыы нэми билэн туттунуу диэн үөрэҕи үөскэтэр уонна киһи өйө-санаата аһара барарын хааччахтаан оҥорор быһыыта табылларыгар, сатанарыгар тириэрдэр.

ЭЙЭ – НЭМ

Тыл киһиэхэ дьайар күүһэ бу тыл ис суолтатыгар уонна иһиллэр дорҕооннорун дьүөрэлэһиилэригэр саһан сылдьарын суруйааччылар таба туһанан истиэхтэн кэрэ айымньылары айаллар. Дьүөрэлэһэр тыллар суолталара кытта сөп түбэһэллэрин таһынан хайдах холбуу иһиллэллэ¬рэ улахан суолтаны ылаллар.

Биһиги бу үлэбитин эйэни харыстыырга аналлаах эйэ-нэм дуу эбэтэр эйэ-“дэм” дуу диэн холбуу этиилэри быһаарыыга аныыбыт.

Бу холбуу этии эйэ диэн бастакы тыла ханнык да хос быһаарыыны үөскэппэт киэҥник биллэр, үчүгэй суолталаах тыл. Киһи киһиэхэ, омук омукка сыһыаннаһыыларыгар ордук киэҥник туһаныллар буолан, бу тылы таба туһаныыны дьон бары¬ билэллэр.

Холбуу этии иккис тыла эбиллэн, бу бастакы тылы эбии быһааран, күүһүрдэн, тупсаран биэриэхтээх. Эйэ-дьол диэни эл-бэхтик туттабыт. Бу биир суолталаах тыллар буоланнар бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн, толорсон биэрэллэрэ ураты үчүгэйдик иһиллэр, киһиэхэ дьайыылара күүһүрэр. Эйэ улаат¬таҕына дьолго тириэрдэрин бэлиэтиир этиигэ кубулуйан ордук тупсан, киэркэйэн биэрэр.

Саха дьонун кырдьаҕас өттүлэрэ эйэ-нэмнээх диэн этиини элбэх-тик тутталлар этэ уонна билигин да итинник этэллэр. Киһи киһиэхэ сыһыана хайдах сайдан барыытын быһаарарга аналлаах бу тыллары су¬руйааччылар эмиэ киэҥник тутталлара. (3,15).

Сахалар куруук туттар этиилэрэ нэмин билии диэн оҥорор быһыыны таба сыаналаан, сөптөөҕүн көрөн туттунууну биллэрэр. Нэмин билэн тутун диэн этии кыратык да аһара барбакка, алдьаппакка, сэрэхтээхтик туттуу аата. Тугу барытын оҥорорго сылыктаан, сыыһа туттубакка аналлаах сэрэтэр этии буолар. Бу тыл олоҕо “нэм” диэн. Ол аата нэм диэн сэрэхтээхтик, харыстаан тутун диэн өйдөбүллээх.

Нэмнэрин билсибит диэн бэйэ-бэйэлэрин үчүгэйдик, дириҥник билсибит дьон ааттаналлар. Нэмий диэн тыл тугу эмэ улам кыах ылан, улам иһигэр киирэн оҥор диэн өйдөбүллээх. (4,123).

Кут-сүр үөрэх кыһата “Туймаада саҥата” хаһыакка нэм диэн тыл киһи киһиэхэ сыһыанын үөскэтэргэ ураты улахан суолталааҕын быһаарар. Киһи киһиэхэ сыһыана нэмҥэ эрэ олоҕуран үөскүүрүн арыйар. (5,21).

Эйэ-нэмнээх диэн икки тылтан үөскээбит холбуу этии. Иккиэн биир суолталаах тыллар холбуу этилиннэхтэринэ иккис тыл суолтата эбил¬лэн биэрэр буолан, бу этии өссө күүһүрэр, суолтата улаатар.

Холбуу этиигэ киирсэр тыллар суолталара бэйэ-бэйэлэригэр сөп түбэспэт түбэлтэлэригэр бастакы тыл суолтата түһэр, намтыыр. Эйэ-“дэҥ” диэн хаһан да эппэппит. Сатаммат. Өйдөбүллэрэ сөп түбэспэттэр. Бэйэ-бэйэлэрин суолталарын утарса сылдьаллар. Эйэ холбуур оҥорор, онтон дэҥ – бааһырдар, алдьатар. Иһиллэр дорҕоонноро эмиэ кыайан дьүөрэлэспэттэр.

Билигин Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьытыгар тыл үөрэхтээхтэрэ, бу эйэ-нэм¬нээх диэн этиини уларытаннар эйэ-“дэмнээх” диэни туттуҥ диэн сэбиэскэй былаас саҕаттан ыла суруйаллар. Нэм диэн тылы “дэм” диэҥҥэ тэҥнээн кэбиспиттэрин билигин дьон бары тутта сатыы сылдьаллар, ол иһин үөскүү сатыыр эйэбитин алдьаталларын бэйэлэрэ да билбэттэр. Ону тэҥэ, нэм диэн тылы суох оҥороннор үлэни табан, нэмин билэн үлэлиири ситиһэри кыаллыбакка тириэрдэллэр.

Эйэҕэ сыһыаннаан холбуу тылы туттуу эйэбит хайдах сайдан иһэрин түстүөхтээх. Бу холбуу этии билигин тыл үөрэхтэхтэрэ эйэҕэ хайдах сыһыаннаһалларын көрдөрө сылдьар. Билигин саха дьонугар эйэтэ суох буолуу ордук дэлэйдэ, өссө тэнийээри гынна диэн этэллэр. Эйэ дьыалата мөл¬төөһүнүгэр тыл үөрэхтээхтэрэ эйэҕэ хайдах сыһыаннаһаллара, эйэбитин туох диэн ааттыыллара ордук улахан куһаҕан оруолу ылара быһаарыллар кыахтанна.

Эйэбитин кытта холбуу туттуҥ диэн тыл үөрэхтээхтэрэ этэр тыллара “дэм” диэн сыыһа-халты туттууну көрдөрөр тыл буолар. Бу тыл эйэни кытта букатын да холбуу туттул¬луо суоҕун сөп этэ. Эйэбитин ордук алдьаныы өттүгэр үтүрүйэр. Эйэҕэ сэрэхтээхтик, харысхаллаахтык нэмин билэн сыһыаннаһар ордук буолуохтааҕын суох оҥорор.

“Дэ” диэн киһиргэтэр дорҕоон, туохха барытыгар киһиргиири, дэбдэйэри үөскэтэр. Сахалар киһиргэс буолууну үлэни оҥорууга куһаҕанынан ааҕан туораталлар.

Дэм диэн тыл тылдьыкка киирбит суолталара манныктар:

Дэм - Туох эмэ табыла, туохха эмэ ордук табыллар кээмэйэ, ба-лаһыанньата (сүнньүнэн тардыы форматыгар туттуллар). Дэмэ билли¬бэт. Дэмин ылбаппын. Быһаҕы охсобун даҕаны хатарыытыгар дэмин ыл¬баппын. Кэмнээбэккэ эрэ быстаххына дэмин ылыаҥ суоҕа.

Дэм - Син оруннааҕы эбии күүркэтэн, эбэн кэпсээһин. Күүстээҕин да иһин сүүрбэ бууттаах оҕуһу көтөхпүтүм диирэ дэм ини.

Дэмнээ - Тугу эмэ эбии улаатыннаран биэр (хол., туох эмэ алдьанан эрэрин). Хайдаары сылдьыбытын дэмнээтим быһыылаах. Туох эмэ оруннааҕы эбии күүркэтэн, эбэн кэпсээ. Олус дэмнээн кэпсээтиҥ.

Дэм диэн тыл төһө эмэ элбэх суолтатын хомуйан баран сыаналаан көрдөххө, бу тыл туох эмэ табылын булбаты, алдьатары бэлиэтиирин үлэни оҥорууну билбэт тыл үөрэхтээхтэрэ таба сыаналаабакка сылдьаллар. Соччо үчүгэйэ суох суолталаах, киһиргэтэр, дэбдэтэр өйдөбүллээх тылы эйэни кытта холбуу сатыыллар. Эйэ диэн тылы кытта дорҕоонноро эмиэ дэҥ диэн тыл курдук сөпкө дьүөрэлэспэттэр, утарыта охсуулаахтарын биир да поэппын диэн ааттанар киһи этэн, быһааран көрө илик.

Үлэттэн тэйбит тыл үөрэхтээхтэрэ оҥорбут тылдьыттарын сыыһа ыйыыта маннык: Эйэ-“дэмнээх” - эйэни кэспэт, иирээнэ суох. Эйэ-дэмнээх кэпсэтии. (4,59). Эйэбитин дэмнээн кэбиһэбит, ордук күүскэ харыстаан биэрэрбит оннугар, күүр¬кэтэн, дэбдэтэн өссө ыһабыт, үрэйэбит. Бу тылларбыт холбуу этилиннэхтэринэ эйэ¬битигэр туох да туһаны, үчүгэйи аҕалбаттар. Ол курдук, дэм күүркэтэр, алдьа¬тар суолтата эйэбитин мөлтөтө, сахсата сылдьар.

Бу курдук ырытан дэм уонна нэм диэн тылларбыт суолталарын булан тэҥнээн көрдөхпүтүнэ тылларбыт букатын даҕаны сөп түбэспэт өссө утарыта турар суолталаахтара быһаарыллан тахсар.

Эйэни харыстыырга, ордук сыаналыыр, сэрэхтээхтик сыһыаннаһар буоларга, бу нэм диэн тыл туттуллара ордук табыллар. Сахалыы санаан көрдөххө баар эйэбитин ордук көрөн истэн биэбэйдээн, бары өттүттэн сөбүлэһэн, нэмин билэн сыаналаан харыстыырга ордук ыҥырар суолталанар. Нэм эйэни харыстыыр, сөптөөҕү булар суолталаах буолан ордук көмүскүүр, күүһүрдэр уонна эйэҕэ сэрэхтээхтик харыстаан сыһыаннаһары эрэйэр, көрдүүр.

Нэм диэн тыл эйэни кытта бииргэ дьүөрэлэһэн туттуллара суолта¬тын өссө дириҥэтэр. Эйэ ордук харыстаныллыахтааҕын, эйэҕэ олус сэрэнэн, сыаналаан, нэмин билэн сыһыаннаһыы ордук туһалааҕын дьоҥҥо тириэрдэр.

Эйэ диэн тылы кытта нэм эрэ диэн тыл холбуу туттуллар аналлаах. Эйэни харыстыахха, нэмин билэн, аһара туттубакка, сымнаҕастык сыһыаннаһыыга ыҥырар буолан эйэни бөҕөргөтөр аналлаах.

Саха дьоно эйэлээх олоххо дьулуһабыт. Эйэбитин ордук харыстыырга, көрөргө-истэргэ, күүһүрдэргэ кыһаныахпыт этэ. Ол иһин эйэбитигэр эбэн үтүө тылы нэм диэни эбиискэ туттарбыт ордук буолуо этэ. Киһи киһиэхэ, омук омукка сыһыана эйэ-нэмнээх буоллаҕына, ордук бөҕө, уһун үйэлээх, бэйэ-бэйэни ытыктаһыыга олоҕурар буолуоҕа, эйэбит ордук бөҕөргүөҕэ, күүһүрүөҕэ.

Эйэ-“дэм” диэн этиини тылдьыкка киллэрэн туһаннара сатыыр тыл үөрэхтээхтэрин дьиҥнээх, ис санаалара, сахаларга туһаны, үчүгэйи оҥорботторо, бу дэм диэн тыл суолтатыттан арыллан тахсар.

Сэбиэскэй былаас кэмигэр сахалары симэлитэ сатааһыҥҥа күүскэ үлэлээн мааныламмыт суруйааччылар, тыл үөрэхтээхтэрэ уонна учуонайдар эйэ-“дэм” диэн этиини саха тылыгар киллэрэн сахалар эйэлэрэ үөскүүрүн атахтыы, мэһэйдэһэ сылдьаллар. Кинилэр төрүттэрэ дьадаҥыларыттан, үлэни кыайан үлэлээбэттэриттэн нэм диэн тыл үлэни оҥорууга суолтатын билбэттэриттэн, бу тылы суох оҥоро, симэлитэ сатыыллар. (6,39).

Онон сахалар тыл үөрэхтээхтэрин албыннарын арыйан, ол албынтан босхолоннохторуна эрэ эйэлээх буолуулара үөскүүрүн ситиһэр кыахтаныахтара.

ЭЙЭ-НЭМНЭЭХ КЭПСЭТИИ

Нэми тутуһар сыһыан хас биирдии киһи икки ардыларыгар үөскээһинэ омукка эйэлээх буолууну үөскэтэр. Ол курдук, нэми тутуһуу диэн күүһү кэмнээн туһаныы киһи киһиэхэ сыһыаныгар эйэлээх буолууну үөскэтэриттэн омук олоҕо тутулуктанар.

Нэмнэрин билсибит дьон диэн этиини элбэхтик истэбит. Ол аата туох үчүгэйдээхтэрин, куһаҕаннаахтарын уонна майгылара хайдаҕын барытын билсибиттэрэ ырааппыта эйэлээх сыһыаннарыгар ордук улахан суолталаахтарын дакаастабыла буолар.

Сахалар эйэ-нэмнээх кэпсэтии диэни баһылаабыттара, олохторугар туһана сылдьыбыттара ырааппыт. Маннык кэпсэтиини билигин дипломаттар бэйэ-бэйэлэрин сыаналыыр кэпсэтиилэриттэн булан ылыахха сөп. Дьон олоҕор икки аҥы арахсыы, икки өрүттэнии хаһан баҕарар баар буола турарынан, бу икки өрүттэр икки ардыларыгар эйэ-нэмнээх кэпсэтиилэр сотору-сотору ыытылла тураллар.

Дьон бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннара уларыйан биэрэн иһэллэр. Кинилэр икки ардыларыгар икки, утарыта хайысхалаах өрүттэр куруук үөскээн тахсаллар. Олус уһун үйэлээх сахаларга, бу икки өрүттэр арахсыылара билигин уҥа уонна хаҥас өрүттэр диэн арахсыыга тиийэн турара олорор дьиэлэрин иһин уҥа уонна хаҥас диэн өссө былыргы кэмнэргэ арааран туһаналларыттан биллэр.

Икки өрүттэнии, икки аҥы арахсыылар дойдулар истэригэр эмиэ бааллар. Дьон тус-туспа партиялары үөскэтэллэриттэн арахсыылар тахсан сайдан иһэллэрэ салҕанан баран иһэр. Бу икки утарыта өрүттэр бэйэ-бэйэлэрин өйдөһөллөрө, биир санааланаллара төһө да уустугун иһин омуктарын сайыннарар иһин биир сыалланнахтарына уопсай тылы булунар кыахтаналлар. Дойдулар икки ардыларыгар маннык икки аҥы арахсыы үөскүүрүн билигин уһуннук олорор салайааччылар бэйэлэрин тустарыгар аан бастаан туһанаарылар улаатыннаран кэбиһэллэр:

1. Демократия тутулун тутуһааччылар салайааччылар төһө эрэ кэминэн уларыйан иһэллэрин бары бүттүүн быыбардары туһанан ситиһэллэр. Салайааччылар кэмиттэн-кэмигэр уларыйыылара, атыттарынан солбуллан биэрэн иһиилэрэ араас коррупциялар аҕыйыылларыгар тириэрдэн уонна салайыыга саҥалыы сүүрээни киллэрэн биэрэн иһэллэриттэн омук сайдыыны ситиһэрин түргэтэтэр туһалаах быһыы буолар. Билигин дьон өйө-санаата сайдан иһэринэн бу өрүтү элбэхтэр уонна сайдыыны ситиһээччилэр тутуһаллар.

2. Салайааччылар төһө баҕарбыттарынан уһуннук, талбыттарынан дьаһайа олорууларын тутуһа сатааччылар иккис өрүтү үөскэтэн таһаараллар. Дойдулары салайааччылар диктатуралары үөскэтэн аһара байыылара, талбыттарынан сылдьыылара уонна уһуннук, үйэлэрин тухары олоро, салайа сатыыллара аҥар өрүтү үөскэтэн омук сайдыыны ситиһэригэр “застойу”, хаалыыны киллэрэн кэбиһэр.

Билигин бу икки өрүттэр информация сайдыытын туһанан нэмнэрин, ол аата күүстэрин, кыахтарын билсэннэр эйэлээхтик кэпсэтэ, бэйэ-бэйэлэрин “үчүгэйдэрин” тылларынан уонна оҥорор дьыалаларынан итэҕэтэ сатыыллар.

Нэмнэрин билсибит дьон үөрэ-көтө көрсөн кэпсэппиттэрин кэнниттэн биир тылы булуу кыаллыбата диэн этэллэрэ кэпсэтии өссө да табыллыбатаҕын, олоххо киирбэтэҕин биллэрэр. Билигин үөрэх, билии сайдан информацияны булан ылыы түргэтээбитинэн дьон бары бэйэ-бэйэлэрин кытта билсэллэрэ элбээтэ. Нэми билсии диэн төһө күүс, кыах баарын чуолкайдык билиини тэҥэ, өй-санаа уратыларын быһааран туһаныы ааттанар.

Дьон бэйэ-бэйэлэрин сыһыаннарыгар кэпсэтии бастакы оруолга тахсан иһэр. Туох эмэ туһунан кэпсэтии ханнык эрэ дуогабары үөскэтиигэ, сөбүлэһиигэ тириэртэҕинэ эйэ-нэмнээх кэпсэтии табылынна диэн ааттанар. Ол аата кэпсэтээччилэр бэйэлэрин тустаах көрдөбүллэрин кыччатан биэрэллэриттэн, ортолорунан түбэһэр биир тылы булунан нэми үөскэппиттэрин уонна тутуһалларын биллэрэр.

Кэпсэтээччилэр икки ардыларыгар сөбүлэһиини, биир тылы булунууну нэми тутустахтарына эрэ ситиһэр кыахтаналларын өйдөрө-санаалара сайдыбыт дьон бары билинэллэр. Киһи киһиэхэ сыһыана нэмҥэ олоҕурдаҕына эрэ тэҥнээх, бэйэ-бэйэни өйөһөр сыһыаннаһыы үөскээн олохсуйар. Ол курдук, биир сыыһа этиллибит тыл дьон сыһыаннарын үчүгэйтэн куһаҕаҥҥа кубулута охсон кэбиһиэн сөп.

Сахалар ол иһин “Саҥарыаҥ иннинэ санааҥ көр” диэн өс хоһоонун үөскэтэн туһаналлар. Бу өс хоһооно киһи саҥарар тылыгар улахан суолтаны биэрэрэ ордугун биллэрэрин таһынан тыл киһи санаатыттан үөскээн тахсарын уонна быһаччы тутулуктааҕын биллэрэрэ ордук улахан суолталаах.

Кэпсэтии сиэри, нэми тутустаҕына, хайалара эрэ күүһүнэн киэптээн ханнык эрэ өттүгэр аһара барбатаҕына эйэ-нэмнээх кэпсэтии диэн ааттанар. Икки өрүттэр тус-туспа сыаллары ситиһэ сатыылларыттан хайаларын эрэ кыччатан, ортотун диэки булларан биэрдэхтэринэ эрэ кэпсэтии ситиһиилээх буолар кыахтанар.

Кэпсэтии төһө да эйэ-нэмнээҕин иһин икки өрүттэр ситиһэ сатыыр сыалларын кыайан тэҥнээбэттэриттэн, ортотун тутуспаттарыттан табыллыбакка хаалыан сөп.

Сахалар элбэхтик сиэр-туом диэн холбуу этиини олохторугар туһаналлар, холбуу этиллэр тус-туспа тыллар өйдөбүллэрэ холбоһон суолталара өссө улаатарын үөскэтэллэр. Бу быһаарыы эйэ-нэм диэн холбуу этиини ырыттахха өссө чуолкайданан тахсар:

- Эйэ диэн биллэр тыл. Эйэлээх буолууттан олох тутуллар. Эйэни бары сөбүлүүллэр, тутуһа сылдьаллар, бэйэлэрин икки ардыларыгар эйэлээх сыһыаны олохтууллар. Эйэ харыстаннаҕына, эйэҕэ сэрэхтээхтик, харыстабыллаахтык сыһыаннастахха табылларын, биир куһаҕан тыл эйэни алдьатарын, үрэйэрин сахалар билэллэр.

- Нэм диэн нэмин билэн, сэрэхтээхтик туттууну үөскэтэр тыл. Күүһү аһара туттубакка, нэмин билэн, ол аата кээмэйдээн туттунарга ыҥырар. Киһи сыыһа-халты туттунан кэбиһэрэ күүһүн аһара туттарыттан үөскүүрэ олус элбэҕин нэми билии аҕыйатар.

Эйэ-нэм диэн холбуу этии эйэҕэ нэмин билэн, сэрэхтээхтик, харыстабыллаахтык сыһыаннаһар туһалааҕын биллэрэр. Биир кыра да сыыһа саҥарыыттан, туттунууттан эйэ алдьанан хааларын уонна өр кэмҥэ кыайан көммөтүн таба сыаналыыры үөскэтэр.

Саха дьонугар эйэлээх буолуу кэлбэтин, үөскээбэтин тыл үөрэхтээхтэрэ анаан-минээн оҥоро сылдьаллар. Кинилэр эйэ-нэм диэн холбуу этии оннугар эйэ-“дэм” диэн этиини туһаннара сатааннар саҥа үөскүү сатыыр сахалар эйэлэрин алдьатан иһэллэр.

“Дэ” диэн дорҕоон киһиргэтиини, дэбдэтиини саҕалыыр. Киһиргээбит киһи сыыһа-халты туттунара элбээн, бэйэтин үрдүктүк сананара үрдээн хааларыттан атыттары кытта эйэлэһэрин, биир тылы булунарын аҕыйатар, кыччатар.

“Сымыйыаччы этэрин итэҕэйимэ” диэн этии сымыйалаан биирдэ түбэспит киһи атын этиилэрэ барылара эмиэ сымыйа буолуохтарын сөбүн биллэрэр. Тыл үөрэхтээхтэрин сымыйалара айыы диэн былыргыттан икки өрүттээх; үчүгэй уонна куһаҕан өйдөбүллээх саха төрүт тылын икки аҥы араара сатыылларыттан чуолкайдык дакаастанар. Ол курдук, киһи оҥорор быһыылара оҥорбутун кэнниттэн икки аҥы арахсан, үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсалларын быһаарар айыы диэн тыл куһаҕан өрүтэ элбэҕиттэн аҥардастыы “үчүгэй” эрэ буолан хаалара хайдах да табыллыбат. Ол иһин тыл үөрэхтээхтэрэ “аньыы” диэн тылы булан куһаҕаны туспа арааран этэ сатааһыннара сахалары албынныы сатааһын буолар.

Дьон бэйэ-бэйэлэрин кытта уһуннук билсистэхтэринэ, үлэлээтэхтэринэ майгыларын уратыларын билсэллэр. Нэмнэрин билсибиттэр диэн этии бэйэ-бэйэлэрин бары кыахтарын, күүстэрин, мөлтөх өрүттэрин билэллэрин холбуу ылан быһаарар.

Үлэттэн, сыыһа-халты туттунууттан үөскээн тахсар эрэйдэри кумааҕыны эрэ бэрийэр суруйааччылар, тыл үөрэхтээхтэрэ уонна учуонайдар билбэттэриттэн нэм диэн эйэни, үөскэтэр, харыстыыр аналлаах тылбытын, “дэм” диэн алдьатыыга, күүркэтиигэ тириэрдэр тылга уларыта сатыыллар.

Бу сахалар сайдалларыгар улаханнык туһалыыллар дии саныыр үөрэхтээхтэрбит өй-санаа үөрэҕин билбэттэриттэн эйэ-нэм диэн холбуу этии оннугар эйэ-“дэм” диэни киллэрэ, туһаннара сатыыллар. Дэм диэн күүркэтэр, алдьаныыга, табыллыбат буолууга тириэрдэр тылы, эйэ диэн сымнаҕас, харыстабыллаах сыһыаны эрэйэр тылга холбуу сыбааннар, эйэбитин алдьатыыга тириэрдэллэр уонна өссө абыраабыта буолан албынныы сылдьаллар.

Хаһан да эйэ-“дэм” диэбэт ордук. Дорҕоонноро сөп түбэспэттэрин тэҥэ, суолталара эмиэ утарылар. Дэм алдьатар, дэмниир, тиэтэтэр, күүркэтэр, киһиргэтэр суолталаах тыл. Бу тылы туһаныыттан биһиэхэ, сахаларга эйэбит өссө да кэлэ, үөскүү илик. Төһө эмэ элбэх поэттар, дорҕооннору дьаарыстаан хоһооннору айар дьон бааллар эрээри, бу тыллар дорҕооннорун дьайыылара сөп түбэспэттэрин, утарыта охсуулаахтарын өссө билэ иликтэр, тыл үөрэхтээхтэрин сымыйаларыгар киирэн биэрэн сылдьаллар.

Нэмнээх диэн нэмин билэн туһаныыны эрэйэр киһи оҥорор быһыыта ааттанар. Нэми тутуһуу киһи киһиэхэ харыстабыллаахтык сыһыаннаһарын үөскэтэринэн ордук улахан туһалаах. Ол иһин сахалар эйэ-нэмнээх диэн холбуу этиини тутталлар. Эйэ-нэмнээх кэпсэтии диэтэхпитинэ, икки кэпсэтэр өрүттэр икки ардыларыгар сыһыаннара нэми тутуһан, сымнаҕастык, эйэлэрин харыстаан баран иһэрин биллэрэр.

Онон сахаларга эйэлээх буолуулара үөскүүрүн өй-санаа үөрэҕин билбэт тыл үөрэхтээхтэрэ утарса, буортулуу сылдьалларын арааран билии эрэйиллэр.

УУСТУК ҮЛЭЛЭР НЭМНЭРЭ

Сахалар олус былыргы кэмнэртэн араас үлэлэри табатык уонна сатабыллаахтык үлэлиири баһылааннар киһи оҥорор быһыыларыгар, үлэлэригэр төрүттэриттэн, төрөппүттэриттэн бэриллэн иһэр хамсаныылары оҥорорго аналлаах буор кутун сайдыыта улаханнык туһалыырын быһаарбыттар.

Оҕо улаатан иһэн үлэ уустук хамсаныыларын табатык оҥоро үөрэнэригэр сайдыылаах буор куттааҕа биллэн, быһаарыллан тахсар. Ханнык баҕарар үлэни үлэлии үөрэнэригэр уонна түргэнник баһылыырыгар төрөппүттэриттэн бэриллэн иһэр буор кута улаханнык туһалыыр. Үлэни хайдах оҥорору биирдэ көрөөт даҕаны үтүктэн табатык оҥоро үөрэнэр оҕо сайдыылаах буор куттааҕа быһаарыллар.

Сахалар үлэни оҥорууга сайдыылаах буор куттаахтарын, олус уустук алмааһы кырыылыыр үлэни ситиһиилээхтик баһылыыр кыахтаахтарын перестройка уларыта тутуутун кэнниттэн аҕыйах сыл иһинэн дакаастаабыттара, оҥорор бриллианнара атын омуктартан тугунан да хаалсыбаттара түргэнник ситиһиллибитэ.

Талааннаах буор куттах киһи эрэ кыайар быраас, хирург үлэтин сахалар кыайа-хото баһылаан сылдьаллар. Бу уустук үлэ киһи хамсаныылары нэмин билэн оҥорор кыаҕын таба быһаарар.

Ханнык баҕарар үлэ киһи күүһүн таба туһаннаҕына эрэ кыаллар, табыллар. Үлэ нэмэ диэн бу үлэҕэ сөптөөх күүһү таба туһаныы ааттанар. Хас биирдии үлэ уратыларыттан тутулуктанан нэмэ уларыйан иһэр. Элбэх күүһү эрэйэр үлэ нэмин куруук тутуһа сырыттахха эрэ үлэни оҥоруу табыллар кыахтанар.

Үлэ нэмин быһаарыыны боростуой үлэлэртэн саҕалыыр ордук табыллар. Икки биэдэрэнэн ууну баһан илдьии нэми тутустахха эрэ кыалларын ууну тохпокко эрэ тириэрдии быһаарар. Биэдэрэлээх уулары тохпокко эрэ төһө кыалларынан түргэнник ыраахха илдьэри киһи лаппа эрчилиннэҕинэ эрэ кыайар уустук үлэтэ буолар. Ол курдук, уулаах биэдэрэни тутарга күүһү туһаныыны таһынан ууну дьалкыппакка эрэ түргэнник хаамарга үөрэнии ирдэнэр.

Бэлэсипиэт тэбиитэ бэйэтэ уустук үлэ. Уруулу хамсатан ыйааһыны тэҥнээн тутан охтубаты тэҥэ, өссө педалын хардары-таары үктүөлээн түргэнник барыыны ситиһии эрэйиллэр. Бу уустук үлэни эдэрдэр бары баһылаабыттарын да иһин, сорох сааһырбыттар кыайан тэбэ үөрэммэтэхтэрэ биллэр.

Бэлэсипиэт тутааҕар икки биэдэрэ ууну иилэн баран тэбэн илдьэри баһылааһын элбэхтик дьарыктаныы кэнниттэн эрэ табыллар. Ыраах күөлтэн ууну баһан аҕалыыга бэлэсипиэти туһаныы үлэни чэпчэтэр уонна түргэтэтэр этэ.

“Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа тутулуга киһи оҥорор бары быһыыларыгар үөскээн тахсан иһэр. Үлэни оҥорууга туттуллар күүс уонна хамсаныы икки өрүтү үөскэтэллэриттэн балар икки ардыларыгар үһүс өрүт, нэми билии үөскүүр. Бу нэми арааран билэн таба туһаннахха эрэ үлэни оҥоруу табыллар.

Үлэни оҥорууга икки өрүт үөскээн тахсара хаһан баҕарар баар буола турар. Ол курдук, киһи оҥорор быһыыта икки аҥы арахсан; үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсаллара хаһан да уларыйбат.

Үлэни түргэнник оҥоро сатаатахха, элбэх күүһү туһаннахха, аны туга эрэ табыллыбата тахсан кэлэн моһуоктуур. Ол иһин үлэни оҥорууга тэҥнэһиини тутуһа сылдьыы нэми биллэххэ эрэ табыллар. Харандаас уһугун тоһутар киһи күүһэ элбэҕин да иһин, хамсаныылары табан оҥорботуттан кэмнээн туттубата, буор кута дьадаҥыта, сайдыыта суоҕа биллэн тахсар.

Нэми билэн туттунуу үөрэҕэ өссө сайдан аныгы кэмҥэ “Техника безопасности” эбэтэр сэрэхтээх буолуу үөрэҕэ диэн ааттанан бары уустук үлэлэргэ барыларыгар үлэһиттэр туһана сылдьаллар.

Онон бары уустук үлэлэри үчүгэй хаачыстыбалаахтык оҥорууга нэми билэн туһаныы хайаан да ирдэнэр көрдөбүл буолар.

Мас кэрдиитин нэмэ

Тыаҕа тутуу маһын кэрдии үлэтэ уустук уонна сыыһа тутуннахха киһини дэҥнэниигэ тириэрдиэн сөптөөх сэрэхтээх үлэ көрүҥэ буолар. Ол иһин уопуттаах, сэрэхтээх буолуу үөрэҕин тутуһар үлэһиттэр мас кэрдиитигэр үлэлииллэрэ табыллар.

Урукку кэмҥэ маһы сүгэнэн эрэ кэрдэллэрэ. Сүгэнэн мас кэрдиитигэр мас хайа диэки охтуон сөбүн быһаарыы улахан оруолу ылар. Манна тыал хантан үрэрин быһаардахха эрэ табыллар. Мас иҥнэритин, хайа өттүгэр мутуга элбэҕин үөрэтэн баран тиити хайа диэки охтуон сөбүн быһааран баран кэрдиллэр.

Тиит охтор диэки өттүн олуктаан кэрдии сирэйдээһин диэн ааттанар уонна хайа диэки охторуу хайысхатын быһаарар тутаах суолталаах.

Сүгэнэн мас кэрдии нэмэ диэн күүскэ охсууну тэҥэ, хамсаныыны сатаан, табан оҥорон сүгэ суолугар сөп түбэһиннэрэн иһии буолар. Күүскэ уонна таба оҕустахха эрэ мас кэрдиитэ табыллар.

Кыайан мас кэрдибэт киһи сүгэтин олугун кэрдиистээн кэбиһэрэ маһы охторуу букатын да кыаллыбатыгар тириэрдэн кэбиһиэн сөп. Сыыһа охсуулартан сүгэ олуга кэҥээн хаалыыта үлэни сатаабат киһи эрэйин элбэтэрин тэҥэ, мас хайа диэки охтуутун салайары суох оҥорон атын сиргэ суулларыан сөп.

Мас сирэй өттүн кэрдэн баран кэтэҕин арыычча үрдүк соҕуһунан кэрдиллэр. Кэтэх өттүн кэрдиигэ уҥа эбэтэр хаҥас өттүн урутаан кэрдэн хайа диэки охторугар салайан биэриэххэ сөп. Мас охторугар аналлаах уһун маһынан анньан биэрэн көмөлөһүөххэ сөп.

Маһы сирэйдээһини уонна кэтэҕин кэрдиини табатык, сөп түбэһиннэрэн оҥордоххо эрэ мас ыйыллыбыт сирин диэки охторо ситиһиллэр. Маһы алҕаска утары турар тииккэ түһэрэн кэбистэххэ тостон, эҥиннээн дэҥнэнии тахсыан сөбүн тэҥэ, атын тииккэ ыйанан хааллаҕына эбиискэ үлэни таһаарыан сөп.

Мас кэрдиитин нэмэ диэн сүгэнэн күүскэ охсууну тэҥэ, таба охсууну туһаныы буолар. Сүгэтин суолугар таба охсон иһэр киһи маһы хотоойулаахтык кэрдэрэ биллэр.

Уһаныы нэмэ

Саха дьоно бары уустар. Улуус диэн киэҥник биллэр тыл улуу уонна уус диэн тыллар холбоспуттарыттан үөскээбит. Ол аата уус киһи оҕолоро, аймахтара элбээннэр, тэнийэннэр улуу ууһу, улууһу үөскэтэллэр. Олус былыргы кэмнэртэн улуустар бааллара билигин даҕаны ааттарыттан биллэ сылдьаллар; Хаҥалас, Мэҥэ, Боотур Уус улуустара, Бахсы, Байаҕантай нэһилиэктэрэ бааллар.

“Удьуордаан туран уустар” диэн эттэхтэринэ, бу аймах дьон бары төрүттэриттэн ыла удьуордаан, утумнаан уһанар дьоҕурдаахтарын, уустарын бэлиэтээн этэллэр. Уус буолуу диэн уһанарга туһалыыр үөрүйэхтэри, буор куту иҥэринии, ол аата уһаныыны оҥорорго туттуллар уустук, нэмин билэр хамсаныылары табан оҥоруу ааттанар.

“Уус оҕото – уус буолар” диэн этии уус төрүтүн сайдыылаах буор кута оҕотугар бэриллэн иһэрин сахалар билэллэрин биллэрэр. Ол иһин саҥа ыалы тэрийиигэ сайдыылаах буор куттаах эр киһини талан ылыыны туһана сылдьаллар.

Сахаларга уус улахан ойууҥҥа тэҥнэнэр. Ол барыта өйдөрө-санаалара, тулуурдарын сайдыыта тэҥнэһэрин биллэрэр. Бу тэҥнэһии туттулла сылдьара уус уонна ойуун былыргы төрүттэрэ биир эбитин дакаастабыла буолар.

Ууска үөрэнии олус уһун кэми, кырата уонча сылы ыларын бэлиэтээн суруйаллар. Араас үлэҕэ үөрэнииттэн ууска үөрэнии уһун кэми ылара анаан-минээн бэлиэтэнэр. Ууска үөрэниигэ төрүттэртэн бэриллэн иһэр буор кут улаханнык туһалыырын “Уус оҕото – уус буолар” диэн этии биллэрэр.

Оҕо улаатан ону-маны оҥорор кэмэ кэллэҕинэ тугу булан оҥоро сатыырыттан уонна хамсаныылары хайдах оҥороруттан буор кута төһө сайдыылааҕа, кими утумнаабыта быһаарыллар кыахтанар.

Хамсаныылары оҥорууга сатаан туттунуу, күүһү кэмнээн туһаныы нэми билииттэн үөскүүр уонна уус үлэтигэр бастаан иһэр хаачыстыба буолар. Тимиринэн уһанан баран хатарыытын оҥоруу олус уустук, нэми кытаанахтык тутуһары эрэйэр үлэ буолар. Хайа эрэ өттүгэр кыратык да аһара туттуу үлэ табыллыбатыгар тириэрдиэн сөп.

Бары уустар нэми тутуһан оҥорбут үлэлэрэ табыллан, сатанан тахсалларыттан атыттар үтүктэр, батыһар үлэлэригэр кубулуйар.

От охсуутун нэмэ

Хотуурунан от охсуута улахан уустук уонна күүстээх үлэҕэ киирсэр. Үлэ улахан уустуга икки өрүт үөскээн тахсарыттан биллэр:

1. Хотууру талан ылыыга, сатаан таптайыыга уонна бэйэҕэ тэҥнээн угун оҥостууга от охсуутун табыллыыта саһан сылдьар.

2. Киһи этин-сиинин туруга, хамсаныылары табан, сатаан оҥорон оту охсуута иккис өрүтү үөскэтэр.

Бу икки өрүттэри тэҥнээн, нэмин билэн табан туһаннахха үчүгэй от охсооччу буолуохха сөп.

Сытыы хотууру оҥорууну тимир заводтара сатаан оҥорор буолбуттара ырааппыт. Былыргы кэмҥэ “Буускап” хотуура диэн аатырбыт хотууру оҥороллорун үтүктэн син маарынныыр хотуурдары оҥороллоро. Хотуур тимирэ аһара кытаанах буолбакка биир тэҥник тапталлара сытыы уонна уһуннук туттулларыгар тириэрдэр.

Таптайыы диэн хотуур биитин кырыылаах кыстыкка ууран баран өтүйэнэн охсуолаан чарааһатан биэрии ааттанар. Биир тэҥник тапталлыбыт хотуур биитэ тыҥырах көхсүнэн сыыйа тартахха долгуннурар уонна ханан да быстыбатах буоллаҕына табыллар.

Хотууру угар олордууну киһи күүһүттэн, кыаҕыттан көрөн быһаарыллар. Хотуур угар олордуута киһини умсары тардыбат буолара ордук. Хантаччы олордуллубут хотуур киэҥник ыларын охсооччу ыарырҕатыан сөп. Бэйэ күүһүгэр, кыаҕар тэҥнээн биэрэн умсары соҕус олортоххо хотуур чэпчэкитик хотор буолар.

Хотуур угун чэпчэки, тэтиҥ маһынан оҥороллор. Угун уһунун бэйэҕэ тэҥнээн биэриини дуускатын сыҕарытан биэрэн ситиһиллэр.

От охсооччу сатабыллаах уус буоллаҕына хотуурун үчүгэйдик таптайарыттан, угун оҥосторуттан үлэтин ыарырҕаппакка сайыны быһа даҕаны таһаарыылаахтых үлэлиири ситиһиэн сөп.

От охсуутун нэмэ диэҥҥэ хотууру оҥостууну сатыыры тэҥэ, хамсаныылары кыахтаахтык, табан оҥоруу киирсэр. Эрчимнээхтик, кыахтаахтык хамсанан хотууру сири кырсынан ыытан оту охсууну оҥоруу уустук хамсаныыга киирсэр. Ону тэҥэ, төттөрү далайыыга хотуур кэтэҕинэн охсуллубут от өйөнө охтубутун хаһыйан биэрдэххэ от хотуурга ыйанара аҕыйыырыттан оту охсуу чэпчиир.

Охсуллубут хадьымал ырааһа охсооччу хайдаҕын быһаарар. Сирин кырсынан ыраас гына охсор киһи үчүгэй охсооччу диэн ааттанар. Уһун сайыны быһа от охсооччулар биригээдэлэригэр кыайа-хото үлэлээһини ситиһии киһи төһө кыахтааҕын уонна сайдыылаах буор куттааҕын быһаарар.

Чахчы кыахтаах, быстан хаалбат иҥиирдээх киһи хотуурун үчүгэйдик оҥостор буоллаҕына үчүгэй охсооччу буолар кыахтанар. Ол аата от охсуута диэн күүһүн уонна сайдыылаах буор кутун хамсаныылары оҥорор кыаҕын табан, нэмин билэн туһанар киһи кыайар үлэтэ буолар.

От кэбиһиитин нэмэ

Оту кэбиһии сыралаах, уһуннук үлэлэнэр от үлэтин түмүктүүр үлэнэн ааҕыллар. Үрдүк, үчүгэй көстүүлээх, толору түстээх кэбиһиллибит оту киһи барыта сөбүлүү көрөр. Охсуллубут от куурдаҕына мунньуллар, бугулланар. Үчүгэйдик сааһыланан оҥоруллубут бугул туран эрэ чиҥиир. Чиҥээбит бугул атырдьахха үчүгэйдик баһылларыттан оту кэбиһиини түргэтэтэр. Оту бугуллаан баран ый курдук туруоран чиҥэтэн баран кэбиһэллэрин аналлаах атырдьах ыйа баара биллэрэр.

Оту атырдьахха иилэн, иҥиннэрэн ылыы таба уонна имигэс хамсаныылары оҥордоххо эрэ табыллар. Тэпсэн чиҥэтэн, ханан эрэ эрийэ тутан биэрдэххэ элбэх от иилиллэн тахсыан сөп.

Элбэх оту атырдьахтаан ылан үөһээ көтөҕөн таһааран кэбиһиилээх от үрдүгэр таба ууруу үгүс күүһү эрэйэр үлэ буолар. От кэбиһиллэн бүтүөр диэри элбэх атырдьахтааһыны оҥоруу эрэйиллэр.

От кэбиһиитин нэмэ диэн күүһү туһанан элбэх оту атырдьахтаан ылан кэбиһиилээх окко таба, миэстэтигэр ууруу буолар. Ол курдук, оту атырдьахтаан ылан кэккэлэччи ууран уонна ортотугар атыны быраҕан баттатан иһииттэн кэбиһиилээх от үрдээн иһэрэ ситиһиллэр.

От кэбиһиитэ диэн тыа сирин үлэлэриттэн уустуктара, ыараханнара буолар. Тыа сиригэр сайыны быһа от кэбиһиитигэр үлэлээһин уустук, ыарахан үлэни баһылааһыны биллэрэр.

Тутуу үлэтин нэмэ

Араас элбэх мас тутууну оҥорууну сахалар олус былыргы кэмнэргэ баһылаабыттарын балаҕан дьиэ тутуута көрдөрөн биэрэр. Икки, үс киһи үлэлиир кыаҕар сөп түбэһэринэн, биирдиилээн ыаллар кыахтарын иһигэр киирсэн балаҕан тутуута киэҥник тарҕаммыт.

Ыарахан бэрэбинэни көтөҕүү, ыраахха илдьии тутуу үлэтин ыараханын, элбэх күүс көрдөнөрүн биллэрэр. Көтөҕүү, сүгүү, таскайдааһын үлэлэрэ тутууга элбэхтэр. Киһи ыараханы көтөҕөрүгэр нэми биллэҕинэ эрэ салгыы үлэлиирэ табыллар. Эмискэ аһара күүскэ хамсанан кэбиһии сис быччыҥа быстыытыгар, өрөһө хайдыытыгар тириэрдиэхтэрин сөп. Араас уустук хамсаныылары эмискэ оҥорууттан кырата эттэрэ быстааччылар элбэхтэр.

Нэм диэн туоххэ эмэ сыһыаннаах кээмэйи, мээрэйи билии ааттанар. Ол иһин киһи төһө ыараханы холкутук, эрэйдэммэккэ көтөҕөрүн билэ сылдьара нэми билэрин, тутуһа сылдьарын үөскэтэр.

Урукку кэмҥэ маһынан тутууну оҥорорго сүгэнэн табатык, сатабыллаахтык туһаныы тутуу үлэһититтэн ирдэнэрэ. Сүгэнэн сэрэхтээхтик туттууну, маһы таҥастааһыны, суорууну тутуу үлэһитэ лаппа баһылаатаҕына табыллар. Киһи төрүттэриттэн бэриллибит сайдыылаах буор куттааҕа уустук хамсаныылардаах тутуу үлэтин сатабыллаахтык оҥороругар кыаҕы биэрэрэ тутууга үлэлээтэҕинэ биллэн тахсар.

Хос эһэм Тиэхээн Каженкин ыраахтааҕы баарын саҕанааҕы кэмҥэ дэриэбинэҕэ бэдэрээккэ элбэх тутууну туппута. Таҥара дьиэтин тутуспута, оскуола дьиэтин босхо тутан биэрбитэ. Ол үтүөлэрин иһин ыраахтааҕы үс мэтээлинэн наҕараадаламмыта.

Оскуола кэнниттэн тутууга үлэлиирбэр сүгэнэн хайдах туттарбын кэтээн көрөөччүлэр бааллара. Хос эһэм аатын ааттатар кыахтааҕым быһаарыллан “Сиэн уол” диэн ааты иҥэрбиттэрэ.

Күүһү уонна хамсаныыны табан туһаныыны тутуу үлэтигэр элбэхтик бэлиэтиэххэ сөп. Бэрэбинэни суорарга аһара күүскэ охсуолааһын кэнниттэн кылааккайдыы, тэҥнии сатааһын үлэтэ уһаан биэрэрэ суорууну бытаардан кэбиһиэн сөп.

Сайдыылаах буор куту харыстааһын, кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэрин ситиһии оҥоруллар үлэ хаачыстыбатын үрдэтиигэ улаханнык туһалыырын тэҥэ, омук сайдыыны ситиһэрин үөскэтэр.

Массыынанан айаннааһын нэмэ

Киһи күүһүн уонна кыаҕын табан сыаналааһына нэми билиигэ тириэрдэр. Ол курдук, киһиэхэ күүһэ уонна кыаҕа аһара эбиллэн кэлэр кыахтара суоҕуттан ханнык баҕарар киһи күүһүн туһанар үлэни оҥорууга нэми тутустаҕына эрэ табыллар.

Олох сайдан иһиитэ дьон бары массыынанан сылдьалларыгар тириэртэ. Элбэх массыыналар суолга абаарыйата суох уонна бэйэ-бэйэлэригэр мэһэйдэспэккэ эрэ сылдьалларын туһугар аналлаах суол быраабылаларын оҥорон туһаҕа киллэрэн сылдьаллар.

Суол быраабылалара сиэри тутуһууттан оҥоруллубуттар уонна нэми эмиэ тутуһарга тириэрдэллэр. Быраабыланы тутуспакка аһара барыы сиэри таһынан барарын тэҥэ, нэми эмиэ тутуспат.

Онно-манна тиийэ сатыырга, айаннааһыҥҥа туһаны оҥорорунан массыына киэҥник тарҕанан сылдьар. Ыраах сирдэргэ айаны түргэтэтэрэ бастакы оруолу ыларыттан улахан кыахтаах, күүстээх массыыналар элбээн иһэллэр.

Массыынанан айаннааһын аһара түргэтээбэккэ эбэтэр наһаа бытааран хаалбакка нэми тутустаҕына эрэ табыллар. Ол курдук, аһара түргэнник айаннааһын суол абаарыйата элбииригэр тириэрдэр, онтон наһаа бытаарыы атыттарга мэһэйдиири таһааран эмиэ абаарыйаны үөскэтиэн сөп. Ол иһин суолунан айаннааһын нэмэ диэн бу суолга сөптөөх түргэни таба туһаныы буолар.

Саҥа күүстээх массыыналар элбээн иһиилэрэ уонна эдэрдэр аһара барар санаалара улаатыыта, айыыны оҥоро сатыыллара элбээһинэ айаннааһын нэмин тутуһууну хаалларан суолунан айаннааһыны уустугурдар буолла. Суол быраабылаларын тутуспат буолуу, аһара түргэнник айаннааһын саҥаны айыыны, дьон билбэт, оҥорбот быһыыларын оҥоруу буолан тахсарын арааран билии эрэйиллэр. Ол иһин “айыы үчүгэй”, айыыны элбэхтик оҥоруҥ диэн этэр тыл үөрэхтээхтэрэ эдэрдэр араас абаарыйаҕа түбэһэллэрин элбэтэллэрин билиэхтэрэ этэ. Үтүө санаалаах, эдэрдэри харыстыыр дьон тыл үөрэхтээхтэрин албыннарыгар киирэн биэрбэккэ бары быраабылалары тутуһан сылдьаллара киһи быһыытын тутуһууну үөскэтэн абаарыйалар аҕыйыылларыгар тириэрдэр.

Массыынанан айаннааһыҥҥа нэми тутуспат буолуу абаарыйалар элбииллэрин үөскэтэр. Ол иһин айаннааһыҥҥа нэми тутуһуу диэн сөптөөх түргэни тутуһан, ол-бу саахалга түбэспэккэ туһааннаах сиргэ кэмигэр тиийии буолар.

АҺЫЛЫККА НЭМИ ТУТУҺУУ

Нэм диэн өй-санаа үөскэтэр ханнык эрэ кээмэйэ, киһи олоҕо, үлэтэ табылларын туһугар тутуһа сылдьар уонна аһара барбатаҕына туох эмэ туһалааҕы оҥороругар тириэрдэр кыйыата ааттанар. Аһааһын элбээн хаалан аһара бардаҕына киһи уойара тиийэн кэлэрэ аһылыктан туттунууга, ол аата нэми тутуһарыгар тириэрдэр.

Аһылыкка нэми тутуһууну киһи өйө-санаата сайдыыта, тулуура, туттунар күүһэ улаатара уонна “Туох барыта икки өрүттээх” диэн быһаарыыны тутуһара үөскэтэр.

Аһылык киһиэхэ дьайыыта икки өрүттээх:

1. Аһылык элбээтэҕинэ киһи күүһэ эбиллэрин тэҥэ, уойан барар.

2. Аһылык аҕыйаатаҕына киһи бэйэтин этиттэн-сииниттэн көҕүрэтэн иһэрэ үөскээн ыйааһына чэпчиирин тэҥэ, күүһэ-сэниэтэ аҕыйаан барара саҕаланар.

Бу икки өрүттэртэн хайалара баҕарар аһара бардахтарына куһаҕаҥҥа тириэрдэллэр. Аһара аһааһын уойууга тириэрдэрэ араас ыарыыларга ылларарын үөскэтэр, онтон аһара аҕыйахтык аһааһын киһи сэниэтэ суох буоларын үөскэтэн кыайарын да оҥорботугар тириэрдиэн сөп.

Аһылыкка нэми тутуһуу диэн киһи өйүн-санаатын күүһүнэн, тулуурунан туһанан, бу икки өрүттэр икки ардыларынан түбэһэр быһаарыыны ылынан аһыыр аһылыгын кээмэйдиирэ, ол аата бэйэтэ ороскуоттууругар сөп түбэһиннэрэрэ ааттанар.

Аһара аһаан кэбиһии, уойуу диэн сааһырбыт дьон тулуурдара, өһөс санаалара тиийбэтиттэн эбиискэ, бэйэлэрэ булан ылар эрэйдэрэ ааттанар. Эдэр, кыанар, элбэхтик үлэлиир, хамсанар кэмнэрин курдук тото аһыы сылдьаннар уойан хаалбыттарын билбэккэ хаалаллар. Этэ-сиинэ доруобай киһи аһылыга ороскуоттуурунааҕар элбэх буоллаҕына уойан барар. Ол барыта айылҕа айбытынан эт-сиин аһылык элбээтэҕинэ ордугун сыаҕа кубулутан хаһаанан, мунньунан иһэринэн быһаарыллар.

Киһи элбэхтик олорон эрэ үлэлээтэҕинэ эбэтэр сааһырдаҕына хамсанара, барара-кэлэрэ аҕыйаан, бытааран эньиэргийэтин ороскуоттуура аҕыйыыр, ол иһин аһыыр аһылыга эмиэ кыччаан биэрэрин өйө-санаата оҥоруохтаах көрдөбүлэ буолар.

Элбэҕи аһаан кэбиспэт буолууну киһи тулуура улааттаҕына эрэ кыайар кыахтанар. Тулуура улахан киһи аһыыр санаатын хам тутан, аһара аһаабаты хаһан баҕарар ситиһиэн сөп. Улаатан иһэр оҕо элбэх аһылыгы ирдиир. Кини этэ-сиинэ улаатарыттан уонна өһөс санаата, тулуура өссө аҕыйаҕыттан аһылыктан туттунар кыаҕа кыччыыр. Ол иһин аһаабакка сылдьары оҕо ыарырҕатар, аһылыгы көтүттэҕинэ эрэйдэнэр.

Тулуура, туттунар күүһэ аҕыйах киһи аһыырга баҕатын, ол аата иҥсэтин, оботун кыайан туттуммакка элбэҕи аһыы сылдьыан сөп. Уойан барыы ханнык эрэ кээмэйи аһара баран хааллаҕына киһи туттунар күүһэ туһалаабат кэмэ кэлэн хаалыан сөп.

Аһылыктан туттуна үөрэнэргэ эбии көмө быһыытынан аһыыр аһыгыгы эрдэттэн кээмэйдээн бэлэмнээһин диэни киллэрэн биэриэххэ сөп. Ол аата хас аһылыкка анаан-минээн эрдэттэн бэлэмнэммит, калория төһөтө суоттаммыт аһылыгы аһааһын ордук табыллар.

Киһи бу кэлэр аһылыкка төһөнү аһыырын эрдэттэн кээмэйдээн бэлэмнээн кэбистэҕинэ аһара аһаан кэбиһэрэ суох буолар. Ол курдук, киһи куртаҕа аһылык киирэриттэн “тоттум” диэн бэлиэ биэрэрэ хойутаан кэлэриттэн киһи хаһан баҕарар аһара аһаан кэбиһиэн сөп. Ол иһин хайа аһылыкка төһөнү сиири эрдэттэн бэлэмнэнэр ордук туһалаах уонна киһи ону кыайар кыаҕа улаатар.

Киһи бэйэтин ыйааһына эбиллиитин билэ сылдьара эрэйиллэр. Ол курдук, күһүн, кыһын ыйааһын кыратык эбиллэрэ ханнык да кутталы үөскэппэт. Бу эбиллибит ыйааһын сайын аҕыйахтык аһыыр, эти сиэбэт кэмҥэ көҕүрээн, оннугар түстэҕинэ киһи сыл устата ыйааһынын биир тэҥник тута сылдьара кыаллар кыахтанар.

Сахалар куйаас сайыҥҥа аҕыйахтык аһыыллар, эти биирдэ эмэтэ сииллэр уонна элбэх ууну иһэ-иһэ, үрүҥ аһы аһыы сылдьан күүскэ үлэлээн элбэхтик тиритэллэриттэн эттэрэ-сииннэрэ араас кирдэртэн ыраастанан, кыһын устата эбиллибит ыйааһыннара урукку оннугар түһэн иһэрин ситиһэллэр.

Аһылыкка нэми тутуһууну, ол аата аһара аһаабаты дьоро уонна ньыха киэһэлэр бааллара үөскэтэр. Дьоро диэн эти, балыгы тото сиир, онтон ньыха диэн эти сиэбэт, араас хааһыны сиир киэһэлэр ааттаналлар. Бу икки өрүттэри нэми туһанан тэҥнээн биэрдэххэ киһиэхэ холестерин оннун булуута үөскүөн сөп. (7,29).

Олох тупсан араас иҥэмтэлээх аһылыктар элбээн иһиилэрэ оҕо улаатан иһэн аһара аһаан кэбиһэрэ үксүүрүгэр тириэрдэр буолла. Аныгы оҕолор уҥуохтара улаатан иһиитэ аһылык элбэҕиттэн уонна иҥэмтэтэ эбиллибититтэн тутулуктаах. Урукку кэмҥэ элбэх оҕолоох ыаллар оҕолорун саастарынан көрөн кэккэлэччи туруордахха кыралар улаатан иһэллэрэ көстөн биллэрэ итини дакаастыыр.

Аһара аһаабат буолууга аныгы оҕону үөрэтии хайаан да ирдэнэрэ табыллар. Ол курдук, улахан холодильник куруук толору астаах турара уонна оҕо дьиэтигэр соҕотоҕун хаалара үксээһинэ, туттунар кыаҕа улаата илигиттэн аһара аһаан кэбиһэрин үөскэтэрэ элбээһинэ уойбут оҕолору үксэттэ.

Аһааһын нэмин билии киһи өйө-санаата сайдыытыттан тутулуга улахан. Ол курдук, өй-санаа киһиэхэ тулууру, туттунар күүһү үөскэтэриттэн аһыырга нэми тутуһууну киһи сааһыран иһэн кыайар, тутуһар кыахтанар. Аһааһын кэнниттэн остуолтан турууга киһи өссө аччык соҕус буолара табыллар диэн этиини тулуура улахан киһи куруук тутуһа сылдьар кыаҕа улаатар.

Сахалар олус былыргы кэмнэртэн Кут-сүр үөрэҕин олохтоон өйдөрө-санаалара сайдыытыгар туһана сылдьаллар. Өй-санаа үгэскэ, онтон үөрүйэххэ кубулуйдаҕына буор куту үөскэтэн кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэр кыахтанар. Киһи этигэр-сиинигэр үөскээбит үчүгэй да, куһаҕан да үөрүйэхтэр буор куту кытта кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэллэрин утумнааһын диэн ааттыыллар уонна төрөппүттэр билэн оҕолорун иитэллэригэр, үөрэтэллэригэр туһаналлара эрэйиллэр.

Киһиэхэ төрүттэриттэн бэриллэр буор кута хас да көлүөнэлэр усталарыгар дьайа сылдьарын сахалар билэллэр. Ыраах да төрүттэрэ дьадаҥы буолан элбэхтик аччыктаабыттара, астара тиийбэккэ эрэйдэммиттэрэ, муҥнаммыттара оҕолоругар бэриллэн иһэр буор куттарыгар ууруллан сылдьарыттан кэлэр көлүөнэлэрэ ас дэлэйбитинэн туһанан элбэхтик аһыыр-сиир баҕа санаалара улаатан аһара барыан сөп.

Билигин экономиката сайдыбыт, байбыт, астара дэлэйбит Америкаҕа уойбут дьон аһара элбээбиттэр. Былыргы кэмнэргэ кулут, чаҕар буолан элбэхтик аччыктыы сылдьыбыт негрдэр кэлэр көлүөнэлэрэ үчүгэй олоххо тиийэн ас дэлэйбитинэн туһанан аһара аһыыр буолбуттар. Америкаҕа негрдэр аһара уойаллара элбээбитэ ити быһаарыыга сөп түбэһэр.

Буор кут дьайыыта хас да киһи үйэтигэр тиийэр диэн сахалар үөрэхтэрэ итинэн дакаастанар уонна “Хос эһэтэ дьадаҥы этэ” диэн этиинэн өссө чуолкайданар. Ол аата киһиэхэ хос эһэтин өйө-санаата, буор кута син-биир баар буоларын биллэрэр.

Дьон өйө-санаата мөлтөх сирин, аһара аһаан кэбиһэрин улахан таҥаралар үөрэхтэрэ билэн араас аһылыктан туттунар постары оҥорон төһөнү аһыылларын бэйэлэрэ билбэт итэҕэйээччилэри күөйэ-хаайа, өйдөтө сатыыллар. Православнай таҥара үөрэҕэ кыһын саамай тымныы кэмҥэ дьоҥҥо эти сиэппэт буола сатыырын сахалар букатын ылымматтар, ол иһин бу таҥараны итэҕэйбэттэр.

Аныгы дьон тутуһа сатыыр араас элбэх диеталара таҥара үөрэҕин аһылыктан туттунар буолууга үөрэҕэр сөп түбэһэллэр уонна аһылык үөрэҕин тупсубута буолан солбуйар кыахтаахтар. Ол аата эдэрдэр диеталары тутуһа сылдьыылара аһара аһаабаттарын үөскэтэр.

Саха сиригэр аһылык саппааһа аҕыйаҕыттан, дьон дьылы туоруур аһылыктарын саппааһын нэһиилэ булан хаһааналларыттан былыргы кэмнэргэ аһылыктан туттунуу аналлаах үөрэҕэ сахаларга сайдыбатах эрээри, аһылык тиийбэтэ уонна айылҕа куйааһа дьайыыта сөптөөх билиилэри үөскэппитин туһана сылдьаллар.

Дьоро уонна ньыха киэһэлэр диэн аһылык араастарын быһаарыылар бааллара сахалар эти аһара элбэҕи сиэбэти куруук туһана сылдьалларын биллэрэллэр. Бу билии билигин туттуллар холестеринтан харыстаныы үөрэҕэр сөп түбэһэр.

Сахалар саас уонна сайын аҕыйахтык аһыыллар, бу кэмнэргэ эти биирдэ эмэтэ сииллэр. Сайыҥҥы кэмҥэ эти сиир туһата аҕыйаҕын быһааран билэн, бу кэмҥэ эти хара диэн түһэрэн, намтатан ааттааннар аҕыйахтык сиири үөскэтэллэр.

Аныгы кэмҥэ киһиэхэ эттэн, сыаттан холестерин мунньуллуута диэн ыарыы баар буолла. Бары эти, сыаны сиэбэт буола сатыыллара элбээтэ. Ону тэҥэ, араас элбэх диеталары оҥорон тыл үөрэхтээхтэрин көмөлөрүнэн солумсах буолан хаалбыт дьону бииртэн-биир албыҥҥа киллэрэн иһэллэр.

“Сааскы киһи салбаммытынан, күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн” диэн өс хоһооно сахалар аһылыктарын үөрэҕин быһаарар. Ол курдук, бу өс хоһооно саас аһылык тиийбэтиттэн киһи аччыктыырын, салбана сатыырын биллэрэрин тэҥэ, күһүн ас-үөл элбээн, киһи тотон үөрэрэ кэлэрин биллэрэр суолталаах.

Сахалар күһүн уонна кыһын эти, сыаны элбэҕи сииллэр. Ол барыта улахан тымныыны тулуйарга аналлаах уһун үйэлэргэ үөскээбит үөрүйэхтэрэ буолар. Киһи тириитин аннынан сыаны үөскэтинэн тымныы дьайыытыттан харыстанара үөскүүр.

Улахан тымныыны тулуйар туһугар арыыны уонна сыаны сиэһин ордук туһалаах. Этимсэх диэн эти сиирэ үөрүйэх буолбут киһи ааттанар. Сахалар сайын устата эти биирдэ эмэтэ сииллэр. Ол иһин бу кэмҥэ эттэрэ-сииннэрэ кыһын устата мунньуллубут сыаттан, холестеринтэн ыраастанан кэбиһэрэ ситиһиллэр.

Саха дьоно уһун үйэлэрин тухары билэн-көрөн үөскэппит аһылык туһунан үөрэхтэрин билигин да туһана сылдьыахха сөп. Кыһыҥҥы тымныы кэмҥэ эти элбэҕи сиэн баран сайын устата үрүҥ аһылыгы элбэҕэ аһаатахха уонна эти сиэбэккэ сырыттахха аһылыкка нэми тутуһуу үөскээн киһи олоҕо табыллар.

Онон аныгы олоххо ас-үөл дэлэйбит кэмигэр аһара аһаабат буолуу, аһылык нэмин тутуһуу үөрэхтэммит киһиттэн ирдэнэр көрдөбүл буоларын сахалар тутуһа сылдьаллар.

КУТ-СҮР ҮӨРЭҔЭ

Киһи барыта кэриэтэ түүлү түһүүр. Сахалар өй-санаа үөрэҕин үөрэтиини түүлү үөрэтэн саҕалаабыттар уонна Кут-сүр үөрэҕин айан олоххо киллэрбиттэр. Түүл көстүүлэрэ уонна хайдах тойонноноллорун уратылара киһи куттара тус-туспаларын быһаарар.

Салгын кут түүлүгэр киһи ону-маны көрөр эрэ, соҕотохто ханна эрэ тиийэн дьону уонна да атыттары көрөр, сыаналыыр, сөбүлүүрүн дуу сөбүлээбэтин дуу биллэриэн сөп. Ийэ кут түүлүгэр киһи бэйэтэ баарын, тугу эрэ көрөрүн билинэр, быһаарыыны ылынар, онно эбии тугу эмэ оҥоруон сөп.

Буор кут түүлүгэр киһи бэйэтэ баар, илиитэ, атаҕа быччыҥнара бааллара биллэр, сүүрэр, хаамар, ону-маны оҥорор.

Киһи көрөр эрэ, салгын кут түүллэрэ таба тойонноноллоро уустук. Хас киһи барыта өйдөрө-санаалара уратылара олус элбэхтэриттэн көрбүт түүллэрин маарыннаабат өрүттэрэ өссө элбииллэр. Киһи сааһыран истэҕинэ бу уратылары арааран билэн түүлүн бэйэтэ тойоннуура ордук табыллар.

Ийэ кут уонна буор кут түүллэригэр киһи бэйэтэ баар, тугу эмэ оҥорор буоллаҕына, түүл бэлиэлэрин туһанан таба соҕустук тойоннуон сөп. Түүл бэлиэлэрэ диэн үгэскэ кубулуйбут быһыылар уонна үгэс иҥмит араас тэриллэрэ ааттаналлар. Ол аата түүл үгэстэр өйдөбүллэринэн таба тойоннонор кыахтанар.

Хамсаныылары оҥоруу уустугун Кут-сүр үөрэҕин туһаннахха эрэ таба быһаарыы кыаллар. Уустук хамсаныылары сайдыылаах буор куттаах киһи оҥорор кыахтанар. Ол курдук, эт-сиин уонна өй-санаа тус-туспаларыттан туһалаах хамсаныылары оҥороллоро улахан үлэнэн, элбэх быччыҥнар дьүөрэлээн хамсыылларыттан ситиһиллэр.

Кут-сүр үөрэҕин быһаарыытынан киһи бэйэтин икки өрүттэрэ маннык арахсаллар:

I. Этэ-сиинэ. Сүрүн чааһа.

II. Өйө-санаата. Өй-санаа үс кукка уонна сүргэ арахсар.

Бу икки өрүттэр бэйэ-бэйэлэриттэн тутулуктарын сүтэрбэккэ, аһара барбакка, нэми үөскэтэн сырыттахтарына эрэ киһи олоҕо табыллар, уһун үйэни ситиһэр кыахтанар. Ол иһин бу икки өрүттэри төһө кыайарбытынан дириҥник ырытыахпыт:

I. Былыргы дьыллар мындааларын анараа өттүгэр киһи айылҕаҕа баар улахан кыыллартан талыллан, этэ-сиинэ тупсан киһи курдук көрүҥнээх буолууну тыһыынчанан сылларга ситиспит. Киһи этэ-сиинэ, тас көрүҥэ киһи курдук көрүҥнээх буолууну ситиһиитэ олус былыргы кэмнэргэ кыаллыбыт уонна сахалыы өй-санаа үөрэҕинэн киһитийии диэн ааттанар. Икки тус-туспа уратылардаах эрээри, маарынныыр көрүҥнээх эр киһи уонна дьахтар холбоһон иһэллэриттэн икки ардыларыгар бааһынайдар, ол аата мутаннар үөскээннэр эбиллэннэр дьон киһитийиини ситиһэллэрэ түргэтээбит.

Киһи этэ-сиинэ айылҕаҕа баар эттиктэриттэн хомуллан үөскүүр уонна төрөппүттэриттэн кэлэр көлүөнэлэригэр бэриллэн иһэрэ удьуордааһын диэн ааттанар.

Эт-сиин бары үчүгэйдэрин тэҥэ, араас куһаҕаннара, ыарыылара эмиэ бэриллэн иһэллэрин тохтотоору дьон өйдөрө-санаалара сайдыбытын кэнниттэн аналлаах ыал буолуу үгэстэрин олохтоон туһаналлар. Элбэх араас ыарыылардаах дьону ыал буолуу үгэстэрэ төрүччү үөрэҕин туһанан туоратан, салгыы сайдан тарҕанан иһэллэрин тохтотоллор. Ол курдук, эргэ барар, сааһын сиппит кыыс кэлэн ыйыталаһар күтүөттэртэн талан ыларыгар төрөппүттэрин көмөлөрүнэн мөлтөх төрүччүлээхтэр, элбэх уу-хаар тыллаахтар, үлэни кыайбаттар, сүрэҕэ суохтар бары эрдэттэн туоратыллан иһэллэрэ ситиһиллэр.

Ыал буолуу үгэстэрин сэбиэскэй былаас суох оҥорбутун урукку оннугар көннөрүү билигин, ырыынак кэмигэр дьон кэлэр көлүөнэлэрин киһилии хаачыстыбаларын тупсарар санаалара улааппытын кэнниттэн кыаллар кыахтанна. Дьахталлары көҥүллэринэн эргэ тахсалларын олоххо киллэриини оҥорбут сэбиэскэй былаас үлэни кыайан үлэлээбэт дьадаҥылар элбииллэрин үөскэтэн уонна аһара ыытан бэйэтэ эстибитэ. Сайдыыны ситиһиэн баҕарар омук дьоно, бу быһаарыыны тутуһан ыал буолуу үгэстэрин олоххо киллэриэхтэрэ этэ.

II. Киһи өйүн-санаатын үөрэтиини сахалар түүллэрин үөрэтэннэр үрдүк таһымҥа таһаарбыттар, Кут-сүр үөрэҕин олохтоон туһана сылдьаллар, киһи үс куттаах уонна сүрдээх диэн быһаарыыны өй-санаа үөрэҕэр киллэрэн тутуһаллар.

Сахалар киһи өйүн-санаатын олус былыргы кэмнэртэн түүллэри үөрэтэн сайыннарбыттар. Кут-сүр үөрэхтэригэр киһи үс куттаах диэн этиллэрэ атын омуктар өй-санаа үөрэхтэриттэн биллэр уратыны үөскэтэр уонна киһи өйө-санаата сайдыытын уратыларын табатык быһаарарын туһана сылдьаллар:

1. Буор кут. Киһи хамсаныылары элбэхтик оҥороруттан хас биирдии быччыҥар өй-санаа үөскүүр уонна хос-хос хатыланарыттан үгэһи үөскэтэр, онтон эти-сиини хамсата үөрэтэн үөрүйэххэ кубулутарыттан буор кута сайдар. Киһи хамсаныылары оҥорор кыаҕа буор кута хайдаҕыттан, төһө сайдыылааҕыттан тутулуктанар. Буор кут кэлэр көлүөнэлэргэ утумнаан бэриллэн иһэриттэн аймахтар уонна омук түргэнник сайдан иһэллэрин үөскэтэр.

2. Ийэ кут. Ийэ кут диэн өй-санаа элбэхтэ хатыланан үгэһи үөскэтэриттэн сайдан, мунньуллан иһэр. Оҕо кыра эрдэҕиттэн, ийэтин таба көрөр кэмиттэн 5 сааһыгар диэри күүскэ сайдан ийэ кута үөскээн өйүн-санаатын төрүтүн олохтуур.

3. Салгын кут. Киһи көрөн, истэн үөрэҕи билэн иһэриттэн салгын кут үөскээн сайдар. (8,19).

Итини тэҥэ, киһи тулуурдаах буолуутун үөскэтэр уонна бары куттарын холбуу тута сылдьар сүр диэн өй-санаа күүһэ баарын сахалар үөрэтэн билэн туһаналлар. Киһи үөрүйэх буолбут майгынын уратылара сүргэ киирсэллэр. (9,61).

Киһиэхэ өй-санаа үс куттарга арахсан сайдыытын билэн таба туһаныы эрэйиллэр. Ол курдук, сайдыылаах буор кут көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэрин аатырбыт снайпер И.Кульбертинов хаан аймаҕа С.Артахинова оҕунан ытыыга олимпиадаҕа кыттан боруонса мэтээли ылбыта дакаастабылынан буолар.

Кыыс оҕо эргэ тахсан оҕолору төрөтөр айылҕаттан аналлаах. Ол иһин ыалы кыыс оҕо тэрийэр. Сайдыылаах буор куттаах эр киһини, күтүөтү талан ылыыны эргэ тахсар кыыс оҥорор кыахтанарын ыал буолуу үгэһин тутуһуу үөскэтэр. Ол курдук, эргэ тахсар сааһын сиппит кыыс энньэтин бэлэмнээн баран, эр дьон, күтүөттэр кэлэн ыйыталаһалларын кэтэһэр. Бу кэмҥэ төрөппүттэрин көмөлөрүнэн төрүччү үөрэҕин туһанан кыыс оҕо сайдыылаах буор куттаах күтүөтү таба талан ылар кыахтанар.

Киһиэхэ буор кута киһилии хаачыстыбаларын үөскэтэр. Ол курдук, саха дьоно олус былыргы кэмнэртэн үлэни үлэлээннэр туһалаах үлэни оҥорон таһаарыы буор кут сайдыытыттан, ол аата хамсаныылары хайдах оҥороруттан быһаччы тутулуктаахтарын быһаарбыттар.

Буор кут кэлэр көлүөнэҕэ бэриллэн иһэрин билигин тустууктар дакаастыыллар. Тустууктар династиялара салгыы сайдан иһиитэ аатырбыт тустуук З.Чукров уолаттара улахан ситиһиилээхтик тустубуттарыттан биллэр.

Сайдыылаах буор куттаах оҕо төрүүрүн кыыс оҕо ыалы тэрийэригэр күтүөттэри талан ыларынан үөскэтэр. Омукка төһө элбэх сайдыылаах буор куттаах оҕолор төрүүллэр даҕаны араас үлэлэри барыларын кыайаллара ситиһиллэр кыахтанар.

Сэбиэскэй былаас дьахталлары көҥүллэринэн эргэ тахсалларын олохтоон ыал буолуу үгэстэрин суох оҥорбуттарыттан элбэх уу-хаар саҥалаахтары, сүрэҕэ суох дьадаҥылары төрөтөллөрө элбээбитэ. Чэпчэки үлэни эккирэтэ сатааччылар элбээннэр, туһаны аҕалар үлэлэр хаалыылара үөскээбититтэн, бу былаас бэйэтэ эстибитэ.

Билигин ырыынак кэмигэр үүрүллэ сылдьар дьон буолбакка, бэйэлэрин бастарын билинэр, сайдыылаах буор куттаах дьон ордук табыллаллар. Кинилэр кыайа-хото үлэлээн баайы-малы мунньунан омугу сайыннаралларын туһаныахпыт этэ.

Омугу үлэ эрэ сайыннарар. Сайдыыны ситиһэн иһэр омукка сайдыылаах буор куттаах үлэһит дьон ордук улахан туһалаахтар. Ол иһин ыал буолуу үгэстэрин олоххо киллэрэн туһаныы ирдэнэр.

Онон сахалыы Кут-сүр үөрэҕин баһылаан олоххо туһаныы омук сайдан иһиитигэр улахан туһаны оҥорор.

БУОР КУТ ТАҺЫМНАРА

Омугу үлэ эрэ сайыннарар. Буолан баран кыайыылаах үлэ, атыттар батыһар, үтүктэр үлэлэрэ эрэ омук сайдыытын, ахсаана эбиллиитин аҕалар. Бу быһаарыы ырыынак кэмигэр өссө чуолкайданан билиннэ. Ол курдук, үлэни кыайбаттар туоратыллан, үлэлэрин миэстэтин кыахтаах үлэһиттэргэ былдьатан иһэллэриттэн олорор сирдэриттэн үтүрүллэн барыылара саҕаланыан сөп.

Үлэ элбэхтик хамсаныыны үөскэтэринэн киһи этин-сиинин уонна өйүн-санаатын тэҥҥэ сайыннарар. Киһи сайдан иһэрин туһугар “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа тутулугун тутустаҕына, бу икки өрүттэрин тэҥнээн сайыннардаҕына эрэ табыллар.

Киһи бу икки өрүттэрэ бэйэ-бэйэлэриттэн тутулуктарын сүтэрбэккэ эрэ сайдыыны ситиһэн истэхтэринэ эрэ тугу эмэ туһалааҕы оҥороро кыаллар. Ол курдук, өй-санаа саҥа үөрэҕи баһылаан иһэриттэн аһара баран сайдыыта этэ-сиинэ мөлтөөһүнүгэр тириэрдэрэ араас ыарыыларга ылларан олоҕо табыллыбатын үөскэтэрин тэҥэ, бэйэтэ сынньалаҥнык сылдьарын көрөн үтүктэн оҕолоро үлэни мөлтөххө кубулуталларыгар тириэрдэр.

Эт-сиин киһи сүрүн, тутаах чааһа. Өй-санаа үөрэҕи-билиини баһылаан уонна онон туһанан эти-сиини эрчийиитэ, утумнаахтык дьарыктааһына киһиттэн айылҕата ирдиир тутаах көрдөбүлэ буолар.

Үлэ эти-сиини аан бастаан хамсаныыларынан эрчийэр уонна быччыҥнарга күүһү сайыннарарын тэҥэ, өйү-санааны, буор куту үөскэтэн хамсаныылары оҥорууну тупсаран иһэр аналлаах. Ол иһин үлэ эрэ эти-сиини эрчийэринэн уонна буор куту үөскэтэринэн омугу сайдыыга тириэрдэрэ быһаарыллар. Ол курдук, үөрэх аҥардастыы өйү-санааны, салгын куту сайыннарарынан киһи этэ-сиинэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ мөлтөөн иһэригэр тириэрдэр. Ону тэҥэ, үгүстүк өй көтөн, суох буолан хаалара тиийэн кэлэрэ киһи өйүн-санаатын олус улаханнык харыстыырын эрэйэр.

Нэми билэн туттунуу диэн үлэни хайдах табатык үлэлиири быһаарар аналлаах үөрэххэ улахан сыһыаннааҕынан хамсаныылары оҥорорго быһаччы туһалыыр буор кут туһунан дириҥник ырытыы хайаан да эрэйиллэр.

Оҕо кыра эрдэҕиттэн сытан эрэ илиитин, атаҕын элбэхтик хамсатар. Этэ-сиинэ элбэхтик хамсаныылары оҥороруттан өйө-санаата сайдан уонна үөрүйэхтэр үөскээннэр илиитин, атаҕын санаатын хоту хамсатар кыахтанар.

Тарбахтарын хамсата үөрэтэн оонньууру таба тутан ылара табылыннаҕына маҥнайгы улахан ситиһиитэ кэлэн тарбахтарын санаатын хоту хамсата үөрэтэрэ биллэр. Тугу эмэ таба көрөн тутан ылар кыахтаннар эрэ аны тардыалаабытынан барар, илиитин барытын хамсата үөрэтэр. Бу тардыалааһыҥҥа аан маҥнай ийэ баттаҕа, ачыкыта, ытарҕата элбэхтик түбэһэллэр.

Медицинэ науката оҕо сытан эрэ умсары эргийэрин бэлиэ кэминэн ааҕан хамсаныылары оҥорор дьоҕурун анаан билгэлииллэр.

Оҕо олорору баһылаан баран салгыы сыыллан барбытынан барар. Сылдьар сирэ кэҥиирин ситиһэр. Ат буолан дьиэни барытын кэрийэр кыахтанар. Бу кэмтэн элбэхтик чохчоохойдоон атаҕын быччыҥнарын эрчийэрин саҕалыыр. Дьонун көрөн үтүктэн атаҕар туран хаамар санаата үөскээн олохсуйан хаамары ситиһэр кыахтанар.

Биир саастарыгар оҕолор бары хаамары ситиһэллэр. Элбэхтик хаамар, барар-кэлэр баҕа санаалара үөскээбитин таба туһанан сахалар оҕону туһа киһитэ оҥорон, ону-маны таскайдатан, аҕалтаран-илтэрэн үлэлиир үгэстэри, бу кэмҥэ иҥэрэн биэрэллэр.

Бу кыра, өссө бэйэтэ өйдөөбөт эрдэҕинэ үөскээбит үгэстэрэ олус кытаанахтык иҥэллэр уонна ийэ кутун үөскэтэллэр. Бу туһалаах, үчүгэй үгэстэр дьайыыларыттан оҕо улаатан баран бэрээдэги тутуһар, үлэни сөбүлүүр, үлэһит киһи буола улаатара кыаллар.

Арҕааҥҥы омуктар үөрэхтэрэ киһи үс куттааҕын билбэттэриттэн оҕо ийэ кута иитиллэр, үлэҕэ, бэрээдэккэ үөрэнэр кэмин хаалларан, туох эрэ туһата суох оонньуурдарынан оонньото сылдьыылара олоҕуран хаалла. Төрөппүттэр сахалыы өй-санаа, Кут-сүр үөрэҕин билинэн оҕо бу өйө-санаата сайдар, ийэ кута иитиллэр, үчүгэй үгэстэрэ үөскүүр кэмин аһаран кэбиһиэхтэрэ суоҕа этэ. Туһа киһитэ буолан үлэлииргэ үөрэммит үгэһэ баҕа санаа буолан оҕону үлэни сөбүлүүрүн үөскэтэриттэн улааттаҕына үлэһит киһи буолар кыахтанара барыта ийэ кутун кыра эрдэҕинэ хайдах иитэртэн быһаччы тутуллар.

Быччыҥнары хамсатар өй-санаа буор кут диэн ааттанар. Эти-сиини элбэхтик хамсатан үөрүйэх буолуор диэри эрчийбит өй-санаа буор кукка уларыйар уонна киһи санаатын хоту быччыҥы хамсатар кыахтанар. Ол аата өй-санаа үөрүйэххэ кубулуйдаҕына быччыҥы санаа хоту хамсатара кыаллар кэмэ кэлэр.

Быччыҥ хайдах хамсыыра уустук үлэни оҥорууга олус улахан суолталаах. Биир эмэ быччыҥ буолбакка уустук хамсаныылары оҥорууга элбэх быччыҥнар тэҥнэнэн, нэмин билэн үлэлээтэхтэринэ, хамсаатахтарына эрэ хамсаныы табыллар. Бу быччыҥнар бэйэ-бэйэлэриттэн тутулуктанан хамсаатахтарына киһи хамсаныыта табыллар, сатанар, имигэс буолар кыахтанар. Ол иһин үлэһит сахалар киһи буор кутун сайдыытыгар улахан оруолу уураллара ыал буолуу үгэстэрэ баалларыттан биллэр.

Үлэһит эр киһи хамсаныылары элбэхтик оҥороруттан буор кута үлэтин тухары сайдан, тупсан иһэр. Эр киһи оҕону оҥорор кыаҕа үлэтин тухары баарыттан сайдыылаах буор кута утумнааһын нөҥүө оҕолоругар, кэлэр көлүөнэлэригэр бэриллэн иһэр. Ол иһин кыахтаах эр киһи хас да кэргэннээх буолара сайдыылаах буор куттаах оҕолор төрүүллэрин үөскэтэриттэн аймахтар уонна омук сайдалларыгар улахан туһаны оҥорор.

Өй-санаа бу, кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэр, сайдыыны ситиһиини түргэтэтэр аналлаах уратытын сахалар быһааран олохторугар туһаналлар. “Сааһырбыт дьон оҕолоро өйдөөх буолар” диэн этии ити быһаарыыттан тирэх ылан үөскээбит.

Сахалар ыал буолуу үгэстэригэр эргэ барар кыыс оҕо күтүөтү талан ылыытыгар төһө үлэһит төрөппүттэрдээҕин ыйыталаһан, төрүччүтүн үөрэтэн буор кута төһө сайдыылааҕын быһаарыыны туһаналлар.

Үлэһит дьон дьадаҥылары кытта холбоһон ыал буолбаттар. Ол барыта төрөтөр оҕолоро сайдыылаах буор куттаах, үлэһит буоларын ситиһэргэ аналланар. Дьадаҥылары кытта ыал буолуу сайдыылаах буор куту буккуйан кэбиһэриттэн анаан-минээн харыстаналлар.

Киһи хамсаныылары хайдах оҥороруттан үлэни оҥорор кыаҕа биллэн тахсар. Сыыдам хамсаныылардаах киһи ханнык баҕарар үлэни кыайа-хото үлэлиир кыахтааҕа быһаарыллар. Сэбиэскэй былаас кэмигэр дьадаҥылар салайар былааһы ыланнар сайдыыта суох буор куттарын дьоҥҥо барыларыгар тарҕатан кэбиспиттэриттэн Россия дьоно бары үлэни кыайбат, үлэлиэхтэрин баҕарбат буоланнар, бу былаас бэйэтэ эстибитэ.

Билигин ырыынак кэмигэр саха дьонун олохторун сыалынан сайдыылаах буор куттаах, үлэни кыайар кыахтаах кэлэр көлүөнэлэри үөскэтэн аан маҥнай аймахтары, онтон омугу сайыннарыы буолар. Бу үлэбитин буор кут үлэни оҥорууга быһаччы сыһыаннаах таһымнарын ырытыыга анаатыбыт.

Киһи буор кута сайдан иһэриттэн үлэни оҥоруута тупсан иһэрин сахалар үөрэтэн билэннэр тус-туспа таһымнарга араараллар:

1. Муҥнаах.

2. Муҥкук.

3. Дьадаҥы буор кут.

4. Үлэһит буор кут.

5. Дьоҕурдаах буор кут.

6. Сатабыллаах буор кут.

7. Талааннаах буор кут.

Буор кут бу ситиһэн иһэр таһымнарын төһө кыайарбытынан мантан салгыы ырытыахпыт. Бу таһымнар биллэр уратыларынан үлэни хайдах; табан, сатаан оҥороллоро буолара быһаарыллар.

Ханнык баҕарар үлэни оҥоруу табыллыыта, тупсуута, сатаныыта киһи буор кута төһө сайдыылааҕыттан быһаччы тутулуктааҕын нэми билэн туһаныы үөрэҕэ арыйар. Ол курдук, киһи хамсаныылары хайдах оҥороруттан үлэтин хаачыстыбата быһаччы тутулуктанар.

Талааннаах дьон оҥорбут үлэлэрин бары сөбүлээн үтүктэ, батыһа сатыыллар, үчүгэй үҥкүүһүттэри, ырыаһыттары, уруһуйдьуттары батыһа сылдьан көрөллөр, истэллэр. Элбэх сатабыллаах, талааннаах үлэһиттэрдээх сахалар аныгы үйэҕэ сайдыыны ситиһиигэ атыттартан ордон тахсар кыахтаахтарын туһаналлара эрэйиллэр.

Онон буор кут диэн киһи хамсаныылары хайдах оҥорорун үөскэтэр кута буолар уонна кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэриттэн улаханнык харыстанар аналлаах.

МУҤНААХ

Оҕо кыра эрдэҕинэ буор кута саҥа үөскүүрүттэн муҥнаах диэн ааттанар. Ол аата тугу да туһалааҕы оҥорор кыаҕа суоҕа быһаарыллар. Бу кэмҥэ оҕо араас хамсаныылары саҥа оҥоро үөрэнэн илиитин, атаҕын элбэхтик хамсатан үөрүйэхтэри үөскэтинэн туһалаах хамсаныылары оҥорор кыахтанан иһэр.

Оҕо оҥорор аан бастакы туһалаах хамсаныыта тугу эрэ тутан ылыы буолар. Тут диэн тыл оҕо өйдөөн-санаан туран аан маҥнайгы оҥорор быһыытын биллэрэр. Элбэхтик эрэйдэнэн тугу эмэ тутан ылара кыаллар. Ийэ баттаҕын хам тутан ылан тардыалаатаҕына бастакы туһалаах хамсаныыта саҕаламмытын бэлиэтэ буолар.

Оҕо араас хамсаныылары оҥорорго үөрэниитэ оонньооһун диэн ааттанар. Ол барыта оҕо оҥорбута барыта кэриэтэ табыллыбатыттан үгүстүк хос-хос оҥоро сатыырынан быһаарыллар. Тугу эрэ оҥоро сатаабыта табыллыбатаҕына ыһан кэбиһэн баран атыны оҥороро оонньооһуну үөскэтэр. Элбэхтэ оонньоон сыыйа-баайа тугу эмэ оҥоро үөрэнэрэ кыаллыан сөп. Хамсаныылары табатык оҥоро үөрэнии уһун кэми ылар. Ийэ кута иитиллэр кэмигэр оҕо хамсаныылары табан оҥорорго олус түргэнник үөрэнэр. Оонньооһун диэн ону-маны оҥоро сатыыры тэҥэ, хамсаныылары табатык оҥорорго үөрэнии ааттанар.

Оҕо ийэ кута иитиллэр кэмигэр, ол аата 5 сааһыгар диэри хамсаныылары оҥоро үөрэнэрэ ордук табыллар. Ол курдук, оҕо биир сааһыгар диэри ураты уустук үлэни, атаҕар туран хаамары баһылыыр, онтон сүүрэн барыан сөп.

Хаамары баһылаабыт оҕо барар-кэлэр кыаҕа улаатан, сылдьар сирэ кэҥээн барар, ону тэҥэ, барар-кэлэр санаата элбиир. Бу баҕа санаа элбээбитин туһанан оҕону туһа киһитэ оҥорон, ону-маны таскайдатан үлэлииргэ үгэстэри иҥэрэн биэрии табыллар кэмэ кэлэр. Сахалар бу кэми аһаран кэбиспэккэ таба туһанан оҕону туһа киһитэ оҥорон үлэлиир үгэстэри иҥэрэн биэрэллэр.

Кыра эрдэҕинэ ийэ кутугар үөскээбит үлэлииргэ үгэстэрэ оҕону улааппытын кэннэ үлэлииргэ баҕа санаалаах үлэһит киһи буоларын төрүттүүллэр. Ол курдук, кыра эрдэҕинэ үөскээбит ийэ кута киһини үйэтин тухары салайа сылдьар.

Тугу оҥорбута барыта табыллыбат киһи муҥнаах диэн ааттанар. Маннык киһини өссө тупсаран “Оҕо курдук” диэн этэллэр. Ол аата тугу эрэ оҥоро сатыыра, муҥнанара таах хаалара элбэҕин биллэрэллэр. Муҥнаах киһи тугу оҥорорун билбэтиттэн атыттартан ыйыталаһара, ыйдарара элбэҕиттэн сабыдыалларыгар киирэн хаалыан сөп.

Киһи этэ-сиинэ уонна өйө-санаата “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа тутулугар сөп түбэһэн икки өрүтү үөскэтэллэр:

1. Эт-сиин кыайбата, куһаҕаннык хамсанара эрэйдэнии диэн ааттанар. Эрэй диэн эт-сиин ыарыыта буолар.

2. Өй-санаа ыарыыта, хамсаныылары кыайан, табан оҥорбото киһи муҥнанарын үөскэтэр. Муҥ диэн өй-санаа ыарыыта.

Сахалар өй-санаа үөрэхтэрэ “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини куруук тутуһарын өс хоһоонноро арааран быһаараллар:

- “Эрэйдээхтэн эрэй арахпат, муҥнаахтан муҥ арахпат” диэн өс хоһооно араас эрэйдэр, муҥнар киһиттэн арахсыбакка өр кэмҥэ эрэйдээтэхтэринэ үгэскэ кубулуйан хаалалларын биллэрэр. Эрэй үгэскэ кубулуйбута эрэйдээх диэн киһини үөскэтэр, онтон муҥ үгэскэ кубулуйдаҕына муҥнаах диэн киһи аһынар киһитэ буолар.

Муҥ диэн өй-санаа буолан киһиэхэ эрэ дьайыыта тиийэрин “Муҥ маһы кэрийбэт, киһини кэрийэр” диэн өс хоһооно биллэрэр.

Үлэлии сылдьар киһиттэн күүстээхтик, эрчимнээхтик хамсанара эрэйиллэр кэмэ үгүстүк кэлэрэ ыараханы көтөҕөртөн биллэр. Муҥунан диэн киһи бары күүһүн-кыаҕын барытын түмэн күүстээх хамсаныыны оҥоруута ааттанар.

Муҥутуур хамсаныы диэн киһи кыаҕын таһынан бара сыһар хамсаныыны оҥорон кэбиһиэн сөбүн быһаарар.

Онон муҥнаах диэн хамсаныылары табатык оҥороро кыаллыбат, өссө сайда илик буор куттаах киһи ааттанар.

МУҤКУК

Оҕо улаатан иһэн тугу оҥорбутун табатык сыаналыы үөрэннэҕинэ үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорбутун билэрэ, араарара үөскүүр. Кыра эрдэҕинэ, ийэ кута иитиллэр кэмигэр үчүгэй быһыыны оҥорбута хайҕаннаҕына, төрөппүттэрэ, үөрэтээччилэрэ сөбүлээбиттэрин биллэрдэхтэринэ өссө хатылаан оҥороруттан, бу быһыыта үгэскэ кубулуйара үөскүүр. Ону тэҥэ, бу кэмҥэ куһаҕаны оҥорума диэн төрөппүттэрин үөрэхтэрэ оҕо куһаҕаны оҥорорун суох оҥорор.

Сахалар таҥараларын үөрэҕэ оҕо үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран туһаныытыгар “Тоҕус айыыны оҥорума” диэн үөрэҕи туһанар. Ол аата тоҕус эрэ ахсааннаах дьон оҥорор куһаҕан быһыыларын билэр уонна олору оҥорбот буоллаҕына, оҕо киһи буолууну ситиһэр кыахтанар. Үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билбэт оҕо тугу оҥорорун таба быһааран билбэтиттэн муҥкук буолар.

Аан маҥнай ханнык быһыылар куһаҕаннарын оҕо арааран билбэтэҕинэ, тугу оҥорорун билбэтиттэн муҥкук буолан хаалыан сөп. Атын дьонтон ону маны ыйыталаспат, саҥаны, уратыны билэ-көрө сатаабат буолуу муҥкук буолууга тириэрдэн кэбиһэр. Муҥ уонна кут диэн тыллартан муҥкук диэн муҥнана сылдьар өй-санаа диэн өйдөбүллээх тыл үөскээн буор кут таһымын быһаарыыга туттуллар.

Оҕону үчүгэй үгэстэргэ үөрэтии диэн үчүгэй быһыылары кыра эрдэҕиттэн оҥотторо үөрэтии уонна олору хос-хос хатылаан үгэскэ кубулутуу ааттанар. Оҥорор быһыыны элбэхтик хатылаан оҥоруу үгэскэ кубулуйарыгар тириэрдэр уонна ийэ кутун үөскэтэр. Онтон ийэ кут диэн киһи оҥорор быһыытын барытын, хаһан баҕарар хонтуруоллуур төрүт өйө-санаата буолар.

Киһини үгэстэр хамсаталлар. Үгэс буолбут быһыылары киһи хаһан баҕарар оҥорор кыахтанар. Ол иһин оҕону туохха эмэ үөрэтиигэ ол быһыытын үгэс оҥосторугар тириэрдии туһалыыр.

Үлэлиир үгэстэргэ үөрэммэтэх киһи тугу оҥорорун билбэтиттэн, табыллыа суоҕа диэн буккуллар санаатыттан муҥкук буолар. Кэҥэтэн өйдүүрү кыайбат, тобулугаһа, сайаҕаһа суох өйдөөх киһи үлэлии үөрэнэрэ ыарахан, ону тэҥэ, тугу эмэ үлэлии үөрэммэтэҕиттэн оҥороро табыллыбакка эрэйдиирэ, муҥнуура элбээн хаалар.

Муҥкук диэн тыл Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьытыгар маннык быһаарыллар. Кыһалҕатын, кырдьыгын да чобуотук эппэт, дьорҕоото суох, килбик, муҥутах. (10,307).

Оҕо улаатан иһэн хамсаныылары кыайан оҥорботуттан, үлэни табатык оҥорууну кыайбатыттан санааргыы сылдьара муҥкук буоларыгар тириэрдэр. Аҕата суох улаатан иһэр оҕо үлэҕэ үөрэниитэ хаалан хааларыттан тугу эмэ оҥороруттан саллар санааланан хаалыан, ол санаатын олохсутан кэбиһиэн сөп.

Умсары көрө сылдьыы муҥкук буолууну биллэрэр. Сахалар көнөтүк, утары көрөрү сөбүлүүллэр. “Өрө көрүү” диэн үөһээнэн көрө сылдьар буолуу аһара барар быһыыны оҥорууга тириэрдэрин билэллэр.

Үлэлииргэ сүрэҕэ суох, ханнык да хамсаныылары оҥоруон баҕарбат киһи муҥкук буолар. Ол курдук, баҕа санаа киһини хамсаныылары оҥороругар тириэрдэриттэн, бу санаа суох буолуута хамсаныы табыллыбатын үөскэтэр. Маны кыайбаппын, ону сатаабаппын диэн санаа киһи кыайарын да кыайбатыгар кырдьык тириэрдэр.

Үөрэнии, билиини кэҥэтии, эти-сиини эрчийии, дьарыктаныы араас хамсаныылары, үлэлэри оҥорууну баһылааһын оҕо муҥкук, муҥутах санаатын суох оҥоруохтарын сөп. Хамсаныылары оҥорууга үөрэнии икки өрүттэрэ манныктар:

1. Эти-сиини эрчийии.

2. Өйү-санааны дьарыктааһын.

Бу үөрэнии икки өрүттэрин арыычча дириҥник ырытыахпыт:

1. Эт-сиин эрчилиннэҕинэ, хамсаныылары оҥорууга үөрэннэҕинэ эрэ хамсаныы табыллар кыахтанар.

Эрчиллии диэн эти-сиини, сүһүөхтэри хамсаныылары табатык оҥорууга үөрэтии, бу быһыыны элбэхтик хос-хос хатылаан үгэстэри үөскэтинии ааттанар. Киһи этэ-сиинэ, хас биирдии сүһүөхтэрэ араас хамсаныылары имигэстик, табатык оҥороллоро эрчиллии, дьарык көмөтүнэн ситиһиллэр кыахтаналлар.

2. Өй-санаа, буор кут дьарыктаннаҕына, араас хамсаныылары элбэхтэ оҥорон үөрүйэххэ кубулуттаҕына эрэ имигэстик, сылбырҕатык оҥорор кыахтанар. Өй-санаа, буор кут сайдыытын бу уратытын тустууктар табатык туһаналлар, хас биирдии приему, быраҕыыны оҥороллоругар элбэхтик хос-хос хатылаан сылбырҕатык оҥорууга тириэрдэллэр.

Дьарык диэн киһи элбэхтик оҥоро үөрэммит, сөбүлүүр быһыыта ааттанар. Дьарык диэн тыл дьар уонна ык диэн тыллартан холбонон үөскээбит. Дьар диэн тымныы, ыарахан биллиитэ ааттанар, онтон ык диэн эрэйдэн, тулуйа үөрэн диэн өйдөбүллээх. Ол иһин бу тылбыт киһи сөбүлээбэт да суолун тулуйа үөрэннэҕинэ, элбэхтик дьарыктаннаҕына тупсан кэлиитэ үөскүүрүн биллэрэр.

Үлэни дьарыкка кубулутуу тупсан иһэрин үөскэтэр. Дьарыктаах буолуу киһиттэн ирдэнэр көрдөбүл буолар уонна киһи буолууну бэлиэтиир. Кыах тиийэринэн спорду дьарык оҥостуу киһи этин-сиинин эрчийэн уонна өйүн-санаатын дьарыктаан, тулуурун улаатыннаран улахан туһаны оҥорор.

Дьарыктаныы диэн хамсаныылары оҥорууга өйү-санааны, буор куту үөрэтии, элбэхтик хос-хос хатылааһын, бу быһыыны үөрүйэххэ кубулутуу ааттанар. Дьа диэн олус былыргы кэмнэргэ өй-санаа ааттанар эбит. Бу тылтан бары өйү-санааны быһаарар тыллар үөскээн туттулла сылдьаллар.

Онон хамсаныылары кыайан табатык оҥорбот киһи буор кута сайдыыта суоҕуттан муҥкук буолар, оҥорор үлэтэ табыллара, сатанара аҕыйаан хаалар.

ДЬАДАҤЫ БУОР КУТТААХ КИҺИ

Сахалар өй-санаа үөрэҕин дириҥник баһылаан, ол аата былыргы кэмнэртэн үгэс оҥостон тылларыгар киллэрэн сылдьалларын дьадаҥы диэн тыл баара биллэрэр. Ыраахтааҕы былааһын кэмигэр ырыынак сокуоннара туттуллар эрдэхтэринэ дьадаҥы диэн ааттаммыт киһи куһаҕан үлэһит, үлэни үлэлиэн баҕарбат, баайа-мала аҕыйах уонна сатабыла суох хаһаайын буолара быһаарыллан биллэрэ.

Сэбиэскэй былаас кэмигэр дьадаҥылар былааһы ыланнар бары салайааччылар дьадаҥы, умнаһыт төрүттэринэн киэн туттар кэмнэрэ кэлэн ааспыта. Бу кэмнээҕи үөрэхтээхтэр бары кэриэтэ дьадаҥы төрүттээхтэр. Үлэни кыайан үлэлээбэт быстар дьадаҥылар, бу былаас кэмигэр үөрэҕи элбэҕи баһылааннар уонна кумааҕы бэрийэр үлэҕэ көһөннөр буор куттара сайдыбакка хаалыыта үөскээн төрүүр оҕолор үлэҕэ сыһыаннара быста мөлтөөбүтүттэн былаас бэйэтэ эстибитэ.

Дьадаҥы диэн киһи буор кута сайдыыта суоҕун быһаарар тыл дьа уонна даҥ диэн тыллар холбоспуттарыттан үөскээбит. Үлэһит ыаллар Кут-сүр үөрэҕин тутуһалларыттан дьадаҥылары кытта ыал буолан оҕолорун холбооботтор этэ.

Дьа диэн олус былыргы кэмнэргэ өй-санаа ааттана сылдьыбыт. Ону дьай диэн өй-санаа дьайыытын биллэрэр тыл баара быһаарар. Билигин даҕаны бу тыл өй-санаа баарын биллэрэр суолтатын сүтэрбэккэ сылдьар.

Даҥ диэн дьиэ, араас тутуулар үрдүлэригэр кутуллар буор ааттанар. Бу кутуллар буор биллэр уратытынан таах сытара буолар. Дьадаҥы киһи хамсаныылары кыайан, табан оҥорботуттан, үлэлииргэ сүрэҕэ суоҕуттан элбэхтик сытарын сөбүлүүрүн, бу тыл бэйэтэ быһааран биэрэр.

Дьадаҥы киһи тугу оҥорбута барыта халы-мааргы көрүҥнээх, туоҕа эрэ табыллыбат буолар уратылаах. Дьадаҥы үлэһит туһунан “Күөх көппө” диэн кэпсээни Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон суруйбута, бу дьон өйдөрүн-санааларын уратыларын, үлэҕэ хайдах сыһыаннаһалларын табатык быһаарбытын тэҥэ, үлэни хайдах үлэлииллэрин биллэрбитэ.

Эдэр эрдэҕинэ “Уулаах суоппар” диэн хос ааттаммыт киһи оҕолоро бары кыайа-хото үлэлээбэт буолуулара, арыгыга ылларыылара буор кут утумнаан бэриллэн иһэрин дакаастабыла буолар.

“Даҥ курдук буолуу” диэн үчүгэйи, куһаҕаны сэҥээрбэт, туохха да таарыйтарбат бүтэй дууһалаах буолуу ааттанар. Ону тэҥэ, даҥ курдук буолбут дьон сэмэни-суҥханы мээнэ тыас эрэ курдук истэн кэбиһэллэр диэччилэр диэн суруйааччы суруйбута биллэр.

Салаҥ диэн буор кута сайдыыта суоҕуттан тугу оҥорбута барыта табыллыбат, сатаммат киһи ааттанар. Хамсаныылары кыайан табан оҥорботуттан оҥоро сатаабыта табыллыбакка хааларын бэлиэтээн ити ааты иҥэрбиттэр. “Салаҥтан хара тыа маһа ытыыр” диэн өс хоһооно сатаан уһаммат, оҥорбот салаҥ киһи элбэх маһы туһата суох хаалларан буорту оҥорорун ыйан биэрэр.

Олус былыргы кэмнэргэ саха сиригэр хоролор диэн туспа омуктар олохторо элбэхтэрэ биллэр. Үлэни кыайбаттарын иһин “хоро салаҥ”, “хоро таһар” диэн сирэн, туоратан ааттаабыттарын кэнниттэн хоролор эстэн, симэлийэн сахаларга кубулуйан хаалбыттар. Бу быһаарыы үлэни кыайбат буолуу омугу эстиигэ тириэрдэрин биллэрэр.

Үлэни үлэлииргэ биллэр уратылар баалларын киһи бэйэтэ билинэрэ атыттарга ордук өйдөнөр. Суруйааччы С.Руфов ол туһунан маннык суруйар:

- Олох ууһа суох этим, салаҥмын. Харандааһы да эрэйдэнэн уһуктуубун, тоһута-тоһута. Дьоммор сэлээннээммин дьиэ үлэтигэр кыһаллааччым суох, билигин да оннукпун. (11,275).

Найылыыр, сэлээнниир диэн киһи сөбүлээбэтин үрдүнэн тугу эмэни уустугу, эрэйи үөскэтэр үлэни ыган биэрии ааттанар.

Сэбиэскэй былаас кэмигэр күөх көппө курдук дьадаҥылар өрө тутуллан арбананнар уонна дьахталлар көҥүллэринэн эргэ тахсыыларын олохтооннор сайдыыта суох буор куттарын дьоҥҥо барыларыгар киэҥник тарҕаппыттара. Кыайыылаах үлэһиттэр сайдыылаах буор куттарын туһунан өбүгэлэр билиилэрэ таах хаалбыттара, умнуллубуттара. Ону тэҥэ, киһини үөрэх салайарын туһунан сымыйа үөрэхтэри оҥорон туһаммыттара.

Былыргыта дьадаҥы төрүттэрдээх киһини билигин харчыны хайдах туттарыттан арааран быһаарыахха сөп. Харчыны сатаан туһаныы баайы үөскэтэр уратылаах. Хамнаһыгар ылар харчытын ол-бу туһата суохха туттан, ыскайдаан барыыр уонна аһылыгы кэмнээн аһыыр диэни билиммэт, үлэни табан үлэлээбэт киһи дьадаҥы буор куттаах буолара биллэн тахсар. Дьадаҥы өйдөөх-санаалаах дьон эрэйэ суох, үлэлээбэккэ, тугу да оҥорбокко эрэ түргэнник байа охсор санааларыттан элбэх араас харчыны эргитэр пирамидаларга киирэн биэрэллэрэ үгүстүк бэчээккэ суруллубуттара.

Дьадаҥы диэн тыл киһи өйө-санаата тиийбэтин уонна буор кута сайдыыта суоҕун биллэрэр. Ол курдук, бэйэтэ үчүгэйи уонна куһаҕаны кыайан арааран билбэтиттэн атыттар, бу “үчүгэй” диэн ыйан, этэн биэрбиттэрин эккирэтэ сатыыр киһи өйө-санаата дьадаҥыта биллэн тахсар. Бэйэтэ быһаарынан туһалаах үлэни булан үлэлээбэккэ атыттарга кыра хамнаска киирэн үлэлээһин эмиэ дьадаҥы буолууга тириэрдэр. Ол аата дьадаҥы киһи үлэлээн оҥорон таһаарыытынан туһанан атыттар байыахтарын сөп.

Хамначчыт диэн бэйэтин өйө-санаата намыһах, үлэни кыайан тэрийбэт, салайбат, атыттар этэн, ыйан биэриилэрин толорор киһи буолар. Атын дьоҥҥо хамнаска үлэлээһин хамначчыт буолууну үөскэтэр. Атыттар элбэх хамнаһы хаһан да биэрбэттэриттэн хамнаска үлэлиир дьон үгүстэрэ дьадаҥы буолар аналлаахтар.

Дьадаҥы диэн ааттанар киһи буор кута ситэ сайдыыта суох буолар, ол аата хамсаныылары табан, сатаан оҥорботун тэҥэ, олору оҥороро сыылбата, олус бытаана уонна үлэлиэн баҕарбата быһаарыллар. Хамсаныылары оҥороро табыллыбатыттан санаата түһэн үлэни оҥорорун сөбүлээбэтэ үөскээн, олохсуйан хаалыан сөп.

Дьадаҥылар сүрэҕэ суохтара эбилиннэҕинэ муҥкук буолан хаалан син кыайар үлэлэрин үлэлиири эбэтэр үөрэниини да кыайбаттара үөскүөн сөп. Сүрэҕэ суохтара улааттаҕына баҕа санаалара кытта аҕыйыырыттан тугу эмэни билэ-көрө сатыыллара суох буолан күннээҕинэн эрэ сылдьарга тиийиэхтэрин сөп.

Аныгы кэмҥэ дьадаҥы буор куттаах дьон үлэни үлэлээбэккэ бич буолан таах хаамса сылдьалларын сөбүлүөхтэрин сөп. Сэбиэскэй былаас кэмигэр элбэх дьадаҥылар үөрэхтэнэн хаалбыттара солумсах буолууларын аһара улаатыннаран туһалаах, өр кэмҥэ үлэлэнэр үлэлэри үлэлээбэттэрин чахчы үөскэтэн сылдьар.

Бэйэлэрэ дьадаҥы төрүттээх тыл үөрэхтээхтэрэ солун диэн солумсах буолууну үөскэтэр тылы анаан-минээн “сонун” диэн сахаларга суох тылга соруйан уларытаннар киһи аһара баран ол-бу солуну билэ, батыһа сатыыра солумсах буолуутун үөскэтэрин кистээн кэбиспиттэриттэн дьадаҥы дьон солумсахтара аһара улаатан таҕыста. Бииртэн-бииргэ, атынтан-атыҥҥа солумсаҕыра сылдьалларыттан тыа үлэтин ыарахан диэн ааттаан кэбиһэннэр быраҕан эрэллэр. Бу быһаарыыны салгыы сайыннардахпытына тыл үөрэхтээхтэрэ сахалар сайдыыны ситиһэллэригэр туһаны буолбакка, куһаҕаны оҥороллоро биллэн тахсар.

Уустук, элбэхтик быһаардахха кыаллыан сөптөөх дьыалаҕа быстах быһаарыыны ылынан кэбиһэри дьадаҥы буор куттаах киһи оҥоруон сөп. “Күннээҕинэн эрэ олорор” диэн этии дьадаҥы, уһуну-киэҥи быһаарбат өйдөөх-санаалаах киһини биллэрэр.

Билигин ырыынак кэмэ кэлэн төрөппүттэр байа-тайа сатыыр санаалара улаатан оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ үөрэтэн туһалаах хаачыстыбаларын, буор куттарын сайыннара сатыыр санаалара биллэрдик улаатта. Бу үтүө, омугу сайыннарар баҕа санаа туоларын туһугар Кут-сүр үөрэҕин олоххо киллэрэн оҕо ийэ кутун кыра эрдэҕинэ үчүгэй үгэстэринэн иитэн, туһа киһитэ оҥоруу туһалыырын билиэ этилэр.

Дьадаҥы буор куттаах киһи табан туттубатыттан уонна үлэлииргэ сүрэҕэ суоҕуттан үлэни кыайа-хото үлэлиирэ кыаллыбат. Ханна эрэ хамначчыттаан хамнас ыллаҕына даҕаны туһата суохха ыскайдаан суох оҥорон иһиэн сөп.

“Умнаһыт бурдугун тыал көтүппүт” диэн өс хоһооно дьадаҥы буолууга ыскайдааһын улахан дьайыылааҕын, бурдук курдук улахан суолталааҕы да суох оҥорон кэбиһэрин биллэрэр. Туһалаах, барыһы биэрэр үлэни үлэлээһин кэнниттэн, бу үлэ тугу эрэ оҥорон таһаарбытын табан, сатаан туһаҕа таһаардахха уонна ыскайдаабатахха байыы эбиллэн иһэрэ үөскүүр кыахтанарын дьадаҥы буор куттаах киһи туһаммакка хаалларан кэбиһэр.

Быстар дьадаҥы төрүттээх суруйааччылар, тыл үөрэхтээхтэрэ уонна сэбиэскэй былаас учуонайдара сахалары сайыннарар кыахтара суоҕун билиннэхтэринэ табыллар кэмэ кэллэ. Бу омук сайдыытыгар туһата суох дьон элбэх сыыһалардаах “айыы үөрэҕэ” диэн сектаны айан, эдэрдэр айыыны оҥорор санааларын аһара күөртээн, элбэхтик сыыһа-халты туттуналларын, бэйэлэригэр тиийинэллэрин үөскэтэллэрин тэҥэ, ыал олоҕун алдьаныыга тириэрдэллэрэ элбээтэ, ол иһин омук сайдыыны ситиһэрин суох оҥороллоро быһаарыллар. Бу эстибит былаас үөрэхтээхтэрэ өссө да салайа олороллоруттан кыыс оҕолору оскуолаҕа уһуннук үөрэтэллэр уонна көҥүллэринэн ыытаннар кыыстарын харыстаабаттарыгар тириэртилэр. Онно эбии сымыйа “айыы үөрэҕэ” диэн секталара “айыы үчүгэй” сымыйанан этиини тарҕатан айыыны оҥорор санааларын аһара күөртээн биир сатыыр айыыларын оҥоро охсоллорун, эр дьон буор куттарын буккуйалларын үөскэттилэр.

“Аҕыйах тыл минньигэс, элбэх тыл сымсах” диэн өс хоһооно тыл аҕыйах буоллаҕына туһаны оҥорорун, онтон элбээтэҕинэ, тылга тииһиигэ тириэрдэн туһата суох буоларын тэҥэ, куһаҕаны оҥорорун биллэрэр. Бу өс хоһооно тылга тииһии, элбэхтик саҥарыы туһалааҕы оҥорууга тириэрдибэтин ыйан биэрэр.

Онон дьадаҥылар, сайдыыта суох буор куттаах дьон төһө да үлэлии сатаабыттарын иһин, ол үлэлэрэ оҥорон таһаарбытынан кыайан, табан туһамматтарыттан, омукка сайдыыны аҕалбаттарын сэбиэскэй былаас эстиитэ чуолкайдык дакаастыырын итэҕэйэн, бу сыыһаны көннөрүү эрэйиллэр.

ҮЛЭҺИТ БУОР КУТТААХ КИҺИ

“Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа тутулугар сөп түбэһэн үлэ эмиэ икки аҥы арахсар:

1. Оҥорон таһаарар үлэ. Бу үлэни үлэлээһин барыһы киллэрэн сайдыыны, тупсууну аҕалыыга туһалыыр.

2. Көмө үлэлэр. Бу элбэх ахсааннаах үлэлэр барыһы киллэрэр үлэни оҥорор дьон олохторугар, үлэлэригэр көмөнү оҥороллор.

Үлэ бу биллэр уратылара ырыынак кэмигэр чуолкайдык арыллан тахсаллар. Ырыынак олоҕо кытаанах тутулуктардаах. Барыһы киллэрэр үлэ, ол киллэрбит барыһын суотугар сайдар кыахтанар, онтон барыһы киллэрбэт үлэ кыайан сайдыыны аҕалбатыттан хаалан иһэр аналланар уонна үлэ бастакы көрүҥүттэн тутулуктанар.

Үлэни хайдах үлэлииртэн хаачыстыбата, оҥорон таһаарыыта улахан тутулуктаах. Хаачыстыба диэн нуучча тыла үлэни хайдах оҥорууну быһаарыыга туттуллан; табыллар, тупсубут, сатанар диэн саха тылларын холбуу ылан быһаарарынан оннун булуммут.

Үлэһиттэр үлэни оҥорорго баҕа санаалара төһө элбэҕиттэн көрөн икки аҥы арахсаллар:

1. Сүрэхтээх үлэһиттэр.

2. Сүрэҕэ суох үлэһит.

Киһиэхэ үлэлииргэ баҕа санааны өссө кыра эрдэҕинэ туһа киһитэ оҥорон иҥэрэн биэрии туһалааҕын сахалар билэллэр уонна оҕо ийэ кутун иитиигэ, буор кутун үөскэтиигэ туһаналлар. (8,24).

Туһа киһитэ буолан кыра эрдэҕиттэн үлэлии үөрэнэн үгэстэри иҥэриммит киһи үлэлииргэ баҕа санаалаах, сүрэхтээх үлэһит буолар кыахтанар. Үлэлииргэ баҕа санаалаах киһи ханнык баҕарар үлэни бэйэтэ булан үлэлиир, тугу эмэ туһалааҕы, үчүгэйи оҥорор кыаҕа улаатар. Куруук илиитин араарбакка бииртэн-биир үлэни булан үлэлии сылдьар киһи үлэһит диэн ааттанар. Ол аата үлэлии сылдьара үөрүйэх буолбута быһаарыллар.

Сүрэҕэ суох үлэһит ким эрэ соруйбутун нэһиилэ толоруон, атыттарга хамначчыт буолуон сөп. Үлэлииргэ баҕа санаата суоҕуттан бэйэтэ үлэни булан үлэлиирэ кыаллыбатын тэҥэ, бытаан, сыылба үлэһит буолар. “Саллаҥныыр эрэ” диэн нэһиилэ хамсанан үлэлээбитэ буолар киһини этэллэр. “Саллаҥ үлэ” диэн чаһыынан кэмнэнэр, тугу эмэ оҥорбута буолар үлэ ааттанар.

Үлэлииргэ баҕа санаата суох, үлэлиэн, хамсаныан баҕарбат киһи дьадаҥы буор куттаах киһи буолар. Үүрүллэ сылдьан тугу эмэ үлэлээбитэ буолара, аны табыллыбакка хаалара элбэҕиттэн туһаны оҥороро отой аҕыйах буолуон сөп.

Оҥорбут үлэлэриттэн киирбит барыһы табан туһаналларыттан эбэтэр ыскайдаан, суох оҥорон кэбиһэллэриттэн көрөн үлэһиттэр эмиэ икки аҥы арахсаллар:

1. Кыанар үлэһиттэр.

2. Дьадаҥы үлэһиттэр.

Футболга элбэх кыайыылары ситиһэн киллэрбит барыһын таба туһанан Пеле диэн аатырбыт футболист баай киһи буолбута, онтон бииргэ сылдьан кыайыылары аҕалсыбыт табаарыһа Гарринча тугу булбутун барытын ыскайдаан, күүлэйдээн суох оҥорон кэбиһэриттэн дьадаҥытынан өлбүтэ биллэр.

Былыргы кэмнэргэ, ол аата ыраахтааҕы баарын саҕана саха дьонун үгүстэрэ бэйэлэрин кыанар хаһаайыстыбалардаах ыаллар эбиттэр. Бу үлэлэригэр оҕолорун кыраларыттан көмөлөһүннэрэн, үлэлииргэ үөрэтэн үгэстэри иҥэрэн биэрэн улаатыннаран көлүөнэттэн көлүөнэҕэ сайдан иһэллэрин ситиһэллэрэ. “Төрүт уус ыал” диэн этии үлэһит ыаллары арааран быһаарыыттан үөскээбит.

Билигин ырыынак кэмигэр сахаларга сайдыыны ситиһии суола диэн алаастарынан тарҕанан кыахтаах хаһаайыстыбалары тэринэн, ыалларынан тус-туспа олоруу буолар. Сири бас билии бэйэтэ улахан баай буоларын табан туһаныы эрэйиллэр кэмин ырыынак олоххо киирбитэ аҕалла. Ону тэҥэ, куруук үлэлии сылдьар төрөппүттэрин көрөн оҕо үтүктэн үөрэнэн үлэһит киһи буола улаатара аймахтар сайдан, элбээн иһэллэрин үөскэтэрин туһаныы эрэйиллэр.

Атын дьоҥҥо үлэлээһин хамнас төһө улаханыттан биллэр тутулуктаах. Ылар хамнас төһө улахана үлэни таһаарыылаахтык үлэлииртэн быһаччы тутулуктанар. Элбэх хамнастаах үлэһит кыанар ыалларга киирсиэн сөп.

Үлэһиттэр олохторо ылар хамнастарыттан быһаччы тутулуктанан хаалара хаһан баҕарар баар буола турар. Аҕыйах хамнастаах үлэһиттэр дьадаҥы үлэһиттэргэ киирсэллэр. Үлэһит буолуу элбэхтик хамсаныылары оҥорорго тириэрдэрэ киһи этин-сиинин эрчийэн уонна өйүн-санаатын дьарыктаан иһэр. Өй-санаа дьарыктаныыта диэн киһиэхэ тулууру уонна буор куту үөскэтии буолар. Эр киһи үйэтин тухары үлэлээн, элбэх араас хамсаныылары оҥорон үөрүйэхтэрэ үөскээннэр буор кута кырдьыар диэри сайдан иһэр. Эр киһи сайдыылаах буор кутун ыраас кыыһы ойох ыллаҕына оҕолоругар биэрэр кыахтанарын туһаныы эрэйиллэр.

Үлэһиттэр оҥорбут үчүгэй быһыыларын үтүктүүттэн, холобур туттууттан киһи быһыыта диэн үөрэх үөскээбит. Ол аата тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥордоххо таба буолан тахсарын туһаныы сыыһа-халты оҥорууну суох оҥорор. Бу үөрэх сахалыы таҥара үөрэҕин төрүтэ буолан Аан дойдуга тарҕаммыт.

Сэбиэскэй былаас диэн ааттаах биир партия салайар диктатуратын кэмигэр бары-барыта босхо буолуо, “коммунизм” кэлиэ диэн быстах санаалаах атеист буолан хаалбыт дьадаҥы дьону албыннааннар, үөрэҕи эрэ эккирэтиини өрө тутаннар, үлэни быраҕалларыгар тириэрдибиттэрэ, үлэни үлэлииргэ сайдыылаах буор кут баара туһалыырын букатын да умуннарбыттара.

Билигин ырыынак кэмигэр элбэх таһаарыылаахтык үлэлиир дьон бааллара эрэйиллэр буолла. Кыахтаах үлэһиттэр тиийбэттэриттэн кэлиилэр элбээн иһиилэрэ үөскээбитэ сотору кэминэн салайар былааһы былдьаһар араас хамсааһыннарга тириэрдиэн сөп.

Үлэһит киһи оҥорон таһаарыыта табыллыыны, сөп түбэһиини, нэми тутуһууну үөскэтэр уонна төһө табыллан тахсарынан олоххо туһаны оҥорон сайдыыны аҕалар.

Үлэһит эр киһи сайдыылаах буор кутун ыраас кыыһы ойох ыллаҕына эрэ кэлэр көлүөнэлэригэр салгыы биэрэр кыахтанара сайдыыны ситиһии бэриллэрэ түргэтиирин үөскэтэрин туһаныы эрэйиллэр. Ыал буолуу үгэстэрин тутуһуу эр киһи сайдыылаах буор кута оҕолоругар бэриллэн иһэрин үөскэтэрин билигин ырыынак кэмигэр олоххо киллэрии ирдэнэр көрдөбүл буолла.

Омук сайдыыны ситиһэригэр ыал буолуу үгэстэрин тутуһан, кыыс оҕону сааһын ситтэр эрэ эргэ биэрэн сайдыылаах буор куттаах оҕолору төрөтүү бастакы оруолу ыларын ситистэххэ эрэ кэлэр көлүөнэлэр сайдыылара салҕанан иһэр кыахтанар. Дьахтар олоҕун сыалын ситиһиитэ оҕото оҥорор туһалаах үлэлэринэн сыаналанар. Онон үлэ эрэ омугу сайыннарарын билиннэххэ табыллар, ол аата дьон эттэрин-сииннэрин тупсуутун уонна өйдөрүн-санааларын сайдыытын үлэ холбуу оҥороруттан омукка сайдыыны аҕалар.

ДЬОҔУРДААХ БУОР КУТТААХ КИҺИ

Киһи баҕата уонна ол баҕа санаатын илэтигэр оҥорон таһаарар кыаҕа тус-туспалар. Ол курдук, баҕа санаа куруук аһара бара сылдьарыттан арааска барытыгар “идеалы”, аһара барбыт “үчүгэйи” көрдүү сатааһын диэн куруук баар буола турар.

Баҕа санааны элбэхтик саныы сылдьартан идеал оҥостон кэбиһии дьоҥҥо барыларыгар баар суол. Ол курдук, баҕа санаа элбэхтик хос-хос хатыланнаҕына үгэскэ кубулуйан хаалан киһиэхэ идеалын, ыра санаатын үөскэтэр.

Идеал уонна ол баҕа санааны илэтигэр оҥорон таһаарыы улахан уратылаахтар. Баҕа санаа идеалы үөскэтэр буоллаҕына, ол баҕа санааны олоххо киллэриигэ оҥорон таһаарыы нэми тутустаҕына табыллар. Ханнык эрэ кырааскалаах картинка курдук тутууну оҥоро сатаабыт кэнниттэн кыра курдук эрээри, биллэр уратылар баар буолан хаалыахтарын сөп.

Тугу барытын оҥорон таһаарарга “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини тутуһа сылдьыы эрэйиллэр:

1. Баҕа санаа.

2. Оҥорон таһаарыы.

Баҕа санаа хаһан баҕарар урутаан, инники баран иһэр, араас ыра санаалары үөскэтэн иһиэн сөп. Араас суоҕу да баар курдук санааҕа киирэн үгэс оҥостунан кэбиһии ыра санааны үөскэтэр. Ол аата баҕа санаа албыны, ол аата киһи илэтигэр бэйэтин кыаҕынан кыайан оҥорботун үөскэтэрэ элбэх буоларыттан киһи харыстана, аһара бара сылдьар баҕа санаатын хааччахтыыра эрэйиллэр.

Сахалар сиэр диэн үөрэҕи туһаналлара аһара барар санаалартан киһини харыстыыр аналлаах. Сиэр киһи оҥорор үчүгэй эбэтэр куһаҕан быһыыларын икки ардыларыгар үөскүүрүнэн киһи быһыытын тутуһууга тириэрдэр. Ону тэҥэ, өй-санаа аһара барара сыыһа-халты туттунууну үөскэтэрин нэми билии хааччахтаан киһи быһыытыгар киллэрэн биэрэр. Ол аата араас элбэх баҕа санаалары киһи күүһэ, кыаҕа тиийбэтиттэн кыайан оҥорбото олох сайдан иһэриттэн эмиэ тутулуктанар уонна киһи быһыытын тутуһууну үөскэтэр.

Көбүөр самолет диэн дьон олус былыргы кэмнэргэ үөскэтиммит баҕа санааларын оҥорон олоххо киллэрэллэрэ чугаһаан эрэр. Элбэх кыра көтөр тэриллэртэн көбүөр, тэллэх курдугу хомуйдахха киһи көтөрө кыаллара буолуо.

Тугу эмэ оҥорон таһаарыы куруук баҕа санааҕа тиийбэт буолан тахсар, биирдэ эмэ сөп түбэһэрэ кыаллыан сөп. Ол аата бу икки өрүттэр икки ардыларыгар, ханнык эрэ ортотунан барар сөп түбэһии нэми билии өрүтэ баар буолара табыллар.

Киһи баҕа санаата аһара барар көрдөбүллэрин уонна бэйэтэ оҥорон таһаарар күүһүн, кыаҕын уратыларын сахалар ааҕан билэннэр буор кут сайдан иһиитин хас да таһымнарга араарбыттарын билигин үөрэтэн туһанан эрэбит.

Дьа диэн тыл өй-санаа баарын биллэрэр. Дьоҕур диэн киһи хамсаныылары оҥороро үлэһит киһиттэн ордук табылларын уонна тупсубутун быһаарыы буолар. Араас уустук хамсаныылары табан оҥорор, тупсарыылары кэллэрэн биэрэр өйдөөх үлэһити дьоҕурдаах диэн ааттыыллар.

Дьон хас да көлүөнэлэр усталарыгар араас үлэлэри үлэлээннэр үөрүйэхтэри үөскэтинэннэр буор куттара үлэһиттэн салгыы сайдан дьоҕурдаах буолууну ситиһиигэ тиийэрин билэллэр.

Дьоҕурдаах диэн үлэһит киһи оҥорбутуттан арыыйда ордугу, тупсубуту, үчүгэйи оҥорор киһи ааттанар. Тугу оҥорбута барыта табыллар, тупсаҕай буолан тахсар уратылааҕынан дьоҕурдаах киһи үлэһиттэн ордон, туспа арахсар.

Дайааркалар ынах ыыр олоппосторун, күрдьэхтэрин урукку кэмҥэ эр киһилэрэ оҥорор этэ. Онно ким уһаныыга төһө дьоҕурдааҕын оҥорбут тэриллэриттэн көрөн быһаарыы судургутук кыаллар этэ.

Киһи олоҕун сыала диэн тугу барытын өссө тупсаран оҥоро сатааһына буолар. Тугу барытын субу баарыттан тупсаран иһиини дьоҕурдаах буор куттаах дьон ситиһэллэр. Дьоҕурдаах киһи буор кута үлэһиттэн өссө сайдыылааҕын уонна оҥорор быһыылара, үлэлэрэ тупсаҕай буолан тахсалларын оҥорор үлэлэрэ биллэрэллэр. Тутуу үлэтин уустук чертежтарын харандааһынан уруһуйдааһын кэнниттэн киһи төһө дьоҕурдааҕа сонно быһаарыллан тахсара.

Урут оҥоруллубуту өссө тупсаран оҥоруу тупсаҕай буолан иһэрин үөскэтэр. Тугу барытын, тупсан көстөр гына оҥорор киһи өйө-санаата сайдыбытын туоһулаан дьоҕурдаах диэн ааттаабыттар.

Киһи оҥорор оҥорууларыгар өй-санаа иҥэн сылдьарын “дьа” диэн тыл биллэрэр. Тугу эмэ оҥоруу тас көрүҥэ табыллыбатаҕына, иҥнэри эҥин буолан таҕыстаҕына дьоодьоҕор диэн ааттанар. Ону таһынан өссө кытаанах буолбакка хамсыы, иҥнэҥнии сылдьардаах буоллаҕына дьаадьаҥныыр диэн буолар.

Олох табыллыбатах, сатамматах оҥоруу эбэтэр киһи оҥорор быһыыта дьаабы диэн ааттанар. Бу быһаарыылар сахалар үлэни, тугу эмэ туһалааҕы оҥорууну саха тыла саҥа үөскээн эрдэҕинэ баһылаабыттарын уонна тылларыгар киллэрэн үгэс оҥостубуттарын биллэрэр.

Онон үлэһит киһи буор кутун өссө сайыннаран дьоҕурдаах буолууну ситиһэрэ олоҕун сыала буолар.

САТАБЫЛЛААХ БУОР КУТТААХ КИҺИ

Киһи буор кута көлүөнэттэн көлүөнэҕэ үлэни үлэлиириттэн сайдан, хамсаныылары оҥорор кыаҕа тупсан иһэрин тэҥэ, оҥорор быһыыта өссө түргэтээн биэрэрэ ситиһиллэр. Сыыдам хамсаныылардаах диэн үлэни түргэнник оҥорор кыахтаах киһини этэллэр.

Хамсаныылары табатык оҥоруу диэн уустук үлэ, уһуннук эти-сиини эрчийдэххэ, дьаныардаахтык дьарыктаатахха эрэ үлэһит буолуу ситиһиллэр уонна салгыы сайдан иһэр кыахтанар.

Төрөппүттэриттэн бэриллибит үлэһит буор куттаах киһи өссө элбэхтик дьарыктанан тугу барытын тупсаҕайдык оҥорууну ситиһэн буор кутун дьоҕурдаах буолууга тириэрдиэн уонна салгыы сайыннаран сатабыллаахтык оҥорууну баһылыан сөп.

Сатабыллаах буор куттаах киһи уһуннук эрчиллэн, элбэхтик үлэлээн оҥорбут үлэтин дьон билиитигэр, атыыга таһааран туһаны, барыһы киллэриниэн сөп.

Буор кут сайдыыны ситиһэрэ, таһымтан саҥа таһымҥа сайдара элбэх эрэйтэн, үлэттэн, дьарыктаныыттан кыаллыан сөп. Дьоҕурдаах үлэһит киһи өссө элбэхтик үлэнэн дьарыктаннаҕына, үгүһү оҥордоҕуна, хамсаныыларын тупсардаҕына сатабыллаах буолууну ситиһэр кыахтанар.

Киһи тугу барытын табан, сатаан оҥорбутун атыттар үчүгэй диэн сыаналыыллара сатабыллаах буолууну үөскэтэр. Сатабыллаах киһи тугу оҥорбута барыта үчүгэйтэн ордук сыаналаныахтарын сөп уонна атыттар үтүктэллэрин, батыһалларын үөскэтэр.

Дьон үлэни табан, сатаан оҥорууга олус уһун кэмҥэ үөрэммиттэрин “Сата таас” диэн өйдөбүл баара биллэрэр. Ол курдук, хантан эрэ сата тааһын булуммут киһи тугу оҥорбута барыта табыллан, сатанан иһэрэ үөскүүрэ кэпсээннэргэ киирэн үлэни сатабыллаахтык оҥорооччулар аҕыйахтарын биллэрэр. Сата таас диэн өйдөбүл аат-суол тарҕаныыта киһи оҥорор туһалаах дьайыытын, үлэтин атын дьоҥҥо тириэрдэр аналлаах үөскээбит.

Сатабыл диэн киһи буор кутун сайдыыта дьоҕурдаахтан өссө сайдыбытын, бу киһи тугу оҥорбута барыта сатанан үчүгэй диэн сыанабылы ыларын уонна ол үчүгэй атыттар үтүктэр оҥорууларыгар кубулуйарын биллэрэр.

Дьон бары сатабыллаах оҥорууну үтүктэллэрэ үөскээтэҕинэ, саталанна диэн этэн киэҥник тарҕаммытын быһаараллар.

“Сата баһын тардыма” диэн этии туһата суоҕунан арбанан биллэ-көстө сатаама диэн биллэр суолталаах. Бу этии ону-маны, туһата да суоҕу булан киэҥник биллэ, аатыра сатааччылар син-биир баар буола туралларын биллэрэрэ ордук суолталаах.

Сахалар сатабыллаах тимир уустара буолалларын олус былыргы кэмнэргэ оҥоруллан туһаҕа киирбит саха быһаҕа билигин да баара, туттулла сылдьара биллэрэр. Маһы кыһарга анаан аҥар өттүттэн сытыыланара хаһан баҕарар туһалыыр. Тимир ууһа буолууга үөрэнии олус уһун кэми ыларын бары бэлиэтииллэр. Бэйэтэ дьоҕурдаах киһини талан ылан олус уһуннук үөрэтэн сатабыллаах уус оҥороллор.

Тимир ууһа тимири талан ылан кытардан баран сатаан балталаан, таптайан быһаҕы оҥорор, онтон өссө кытардан баран олус уустук хатарар үлэни сэрэхтээхтик, нэмин билэн оҥордоҕуна эрэ быһаҕа табыллыан, атыттар сөбүлүөхтэрин сөп.

Көмүһү уулларан кутан араас киэргэллэри, иһиттэри оҥоруу өссө уустук үлэ буолар. Киэргэли оҥоруу барыта табылыннаҕына эрэ сатанар. Аан бастаан тас көрүҥэ быһаарар оруолу ылар. Ол кэнниттэн ханнык матырыйаалынан оҥоруллубута быһаарыллар.

Үгүс үлэттэн уонна дьону сатабыллаахтык салайыыттан байыыны ситиһии кыаллар кыахтанар. Байыыны ситиһиини сатабыллаах киһи оҥорор кыаҕа атыттартан улаатар. “Сатабыллаах саһыл саҕалаах” диэн өс хоһооно сатабыллаах киһи атыттартан тугунан эмэ биллэринэн ордон тахсарын, туохха эмэ тииһинэрин, байыыны ситиһэрин быһаарар суолталаах. Ол курдук, сатабыллаах киһи оҥорбутун атыттар үтүктэр, батыһар кыахтара улаатар, атыыга таҕыстаҕына элбэхтэр атыылаһыахтарын, ол иһин ханнык эрэ барыһы киллэриниэн сөп. (12,57).

“Сатабыллаах ыпсыыта кыттыбаты ыпсарар, холбонуо суоҕу холбуур” диэн өс хоһооно хамсаныылары сатаан, нэмин билэн оҥорор, элбэх үлэни оҥоро үөрүйэх, сатабыллаах киһи кыаллыбаты да кыайан оҥорорун биллэрэр.

“Сатаабаты үөрэт, билбэти өйдөт” диэн өс хоһооно киһи үөрэнэн, дьарыктанан сатабыллаах буолууну ситиһэр кыахтааҕын быһаарар.

Үөрэҕи билии салгын куту сайыннарарынан, онтон улааттаҕына үгэстэри үөскэтэн ийэ кукка кубулуйуон сөбүнэн киһи хамсаныылартан үөскүүр буор кутугар дьайыыта аҕыйах. Дьадаҥы буор куттаах киһи үөрэхтэммитэ биирдэ эмэ буолар субуотунньукка тахсан хааман саллаҥныырынан уонна тугу эмэ оҥоро сатыыра барыта кумааҕыга суруйарынан бүтүөн сөп.

Үөрэх биир киһи үйэтигэр эрэ тиийэр. Үөрэхтэммит киһи бу үөрэҕэ биэрэр барыһынан бэйэтэ эрэ туһанар. Ол курдук, бу киһи оҕолоро төрөппүттэрэ олорорун, сытарын көрөннөр, үтүктэннэр ханнык да үлэҕэ сүрэҕэ суох буола улаатан хаалыахтарын сөп.

Үөрэхтээх киһи оҥорор үлэтэ буор кутун сайыннарбат, эрчийбэт. Ол иһин, бу киһи бэйэтин үйэтигэр араас ыарыыларга, ордук сүһүөх ыарыыларыгар ылларара элбээн хаалыан сөп. Туох баар үлэни үчүгэйдик, дьон сөбүлүү көрөллөрүн курдук оҥорууну сатабыллаах киһи оҥорор. Ол иһин кини оҥорбутун атыттар үтүктэллэриттэн, батыһалларыттан омукка сайдыыны аҕалаллар.

Бары үлэһиттэр ситиһэ сатыыр, дьулуһар баҕа санааларынан тугу барытын сатабыллаахтык оҥоруу ааҕыллар. Сатабыллаах буолуу таһымын бары үлэһиттэр ситиһэн байыыны ситиһэр кыахтаахтар.

Онон сатабыл диэн буор кут сайдыытын, киһи тугу барытын табан, сатаан оҥорорун биллэрэр бэлиэ, мээрэй буолар. Дьон бары сатабыллаах буолууга дьулустахтарына омукка сайдыыны ситиһии кыаллар кыахтанар.

ТАЛААННААХ БУОР КУТТААХ КИҺИ

Киһи буор кутун сайдыыта хас да көлүөнэлэр олохторун усталарыгар салҕанан баран иһэр, эти-сиини дьарыктааһынтан, утумнаахтык эрчийииттэн уонна таһаарыылаахтык үлэлээһинтэн сайдан, тупсан биэрэр. Үгүстүк үлэлиир киһи буор кута сайдан, хамсаныылары оҥороро тупсан дьоҕурдаах буолууну, онтон сатабыллаахтык үлэлээһини ситиһиэн сөп.

Буор кут сайдыытын үрдүкү таһыма талаан диэн ааттанар. Чахчы талааннаах дьон аҕыйахтар. Дьон талааны айылҕа биэрэрин курдук саныыллара итэҕэс өйдөбүлү биэрэр. Ол курдук, сатабыллаах үлэһит киһи өссө элбэхтик эрчиллэн, дьарыктанан талааннаах буолууга диэри буор кутун сайыннарыан сөп.

Талаан киһиэхэ баара билиннэҕинэ талааннаах диэн ааттанар. Тугу барытын оҥорбутун атыттар сөбүлүү көрөр, үтүктэр буоллахтарына талааннаах киһи оҥорбута биллэн тахсар. Үчүгэйтэн үчүгэй диэн сыанабылы талааннаах киһи оҥорбута ыларыттан кини оҥорбутун, туппутун атыттар үтүктэллэрэ үөскүүр. Элбэх талааннаах үлэһиттэрдээх омук сайдыыны баһылаан барар кыахтанара ити быһаарыыттан үөскээн тахсар.

Араас омуктар биир сиргэ мунньустан олордохторуна талааннаах үлэһиттэрдээх омук дьоно оҥорбут туһалаах үлэлэрин үтүктээччилэр элбииллэриттэн, бу дьон ахсааннара эбиллэн барара быһаарыллар. Элбэх талааннаах, сатабыллаах үлэһиттэрдээх омук сайдыыны баһылаан атыттартан инникилээн барара саҕаланар.

Бу быһаарыы үлэ эрэ омугу сайыннарарын, ахсааннарын элбэтэрин чуолкайдаан биэрэр. Ол курдук, омукка эбиллэн иһэр бааһынайдара хайа кырдьаҕас омук диэки буолан оҕолорун улаатыннараллара, ханнык тылы үөрэтэллэрэ үлэни кыайан, талааннаахтык үлэлииртэн быһаччы тутулуктанар.

Бары үлэҕэ барытыгар талааннаахтар бааллара быһаарыллар:

- Талааннаах сыбааркаһыт оҥорбут үлэтэ үрдүктүк сыаналанарын дьиэни ититиигэ тимир турбалар туттуллар эрдэхтэринэ бары билэллэрэ. Мөлтөх үлэһит оҥорбута онон-манан тэстэ сылдьарынан үлэни оҥоруу улахан уратылара биллэн тахсара.

- Талааннаах токарь станокка чочуйан оҥорбут болтата ханнык да саккааҕа суох буолан тахсарынан уратыланарын тэҥэ, элбэҕи оҥорон кэбиһиэн сөп.

- Былыргы кэмҥэ саха ыала элбэх араас мас иһиттэринэн туһаналлара. Талааннаах мас ууһа оҥорбут иһиттэрэ билигин даҕаны дьон үөрэ көрөллөрүн үөскэтэллэр.

- Талааннаах эмчит диэн буор кута үрдүк сайдыылааҕын тэҥэ, айылҕаттан бэриллибит эньиэргийэтэ элбэҕэ быһаарыллар.

- Дьахталлар элбэхтик иистэнэр эрдэхтэринэ талааннаахтар эмиэ элбэхтэр эбит. Сарсыарда кэтиллэн барар этэрбэстэри бу киэһэтигэр тигэн бүтэрээччилэр дьиэ аайы баар эбиттэр.

Талаан эмиэ икки өрүттээх буоларын өс хоһоонноро биллэрэллэр:

1. “Талааннаах тарбахтаах” диэн өс хоһооно туох эмэ тарбаҕынан оҥорор үлэни атыттардааҕар чахчы үчүгэйдик, бары сөбүлүүллэрин курдук оҥорор киһини быһаарар. Талаан тарбаҕы хамсатыылартан үөскүүрүн биллэрэрэ ордук суолталаах.

2. “Тарбаҕар талааннаах” диэн өс хоһооно тугу эмэ талан ылыыга биирдэ эмэ табыллыыны, түбэһэ түһүүнү биллэрэр суолтата ордук улахан. Ханнык эрэ лотереянан эбэтэр хаартыга улахан сүүйүүнү тарбаҕар талааннаах киһи оҥоруон сөп. Бу өс хоһооно талаан тарбахха түспүтүн, баар буолбутун биллэрэр уратылаах.

Билигин талааннаахтар диэн ырыаһыттары, үҥкүүһүттэри, уруһуйдьуттары этэллэрэ элбээн сылдьара үлэһиттэр үксүүллэрин үөскэппэт. Сынньалаҥнык сылдьар, чэпчэки үлэни үлэлиир үлэһиттэри арбыырга туһуланан хааларыттан оҥорон таһаарар үлэһиттэри аҕыйатыы, намтатыы буолан тахсан омук сайдыытыгар мэһэйи оҥорууга кубулуйар.

Оҥорон таһаарар, туох эрэ барыһы киллэрэр үлэһиттэри арбааһын, хайҕааһын, кинилэри бастакы миэстэҕэ тутуу туһаны оҥорор үлэ сайдарын үөскэтэр, ол аата омугу сайыннарарга туһалыыр.

Ырыынак кэмигэр туох барыта харчынан сыаналанар. Билигин үчүгэй үлэ диэн хамнаһа улахан үлэ ааттанар. Омук сайдыыны ситиһэрин туһугар уһун үйэлэргэ үлэлиир үлэтэ табатык, сөптөөхтүк сыаналанара, оҥорор табаара атыыга барара уонна ханнык эрэ барыһы киллэрэрэ эрэйиллэр көрдөбүл буолар.

Үлэ хас биирдии көрүҥэр дьиҥнээх талааннаахтары быһаарыы ыытыллан иһэрэ буоллар дьон үлэҕэ ылсыһаллара сайдыы диэки тардыһыылаах буолуо этэ. Буор куту дьарыктааһын, эрчийии сайдыыны ситиһиннэрэн талааҥҥа тириэрдэрин билэн эти-сиини утумнаахтык дьарыктыы, эрчийэ сылдьыыны дьон туһаныахтара этэ.

Эр киһи буор кута сайдыыны ситиһэрэ, үчүгэй үөрүйэхтэри иҥэринэрэ үйэтин тухары салҕанан баран иһэр. Бу үөскээбит үөрүйэхтэрин, сайдыылаах буор кутун кэлэр көлүөнэлэригэр биэрэн иһэр кыахтаах, эдэр дьахтарга оҕо оҥорор кыаҕа үйэтин тухары хаалан хаалбат. Бу быһаарыы омугу кыахтаахтык үлэлээн эр дьон сайыннараллар диэн этии дакаастабыла буолар.

Талааннаах дьон ахсааннара аҕыйах. Атын ортоку баайыылаах дьон салайааччы буолан хааллахтарына үлэ туһааннаах көрүҥэр баһыттараллара биллэн тахсарыттан чахчы талааннаахтары туоратан, хайа эрэ диэки үтүрүйэ, туората сатааһыннара үөскүөн сөп.

Талааннаахтар икки ардыларыгар күөнтэһии үөскээн тахсарынан талааны сайыннаран, тупсаран иһии эрэйиллэр. Киһи ханнык эрэ көрүҥҥэ талаана баарын арыйан, эрдэттэн таба быһааран сайыннаран иһэрэ эрэйиллэр уонна барыһы киллэрэрин таба туһанан байыыны ситиһэр кыаҕа улаатар.

Билигин талааннаах үлэһиттэри быһаарыыга нууччалартан киирбит заслуженнай диэн быһаарыыны туһанабыт. Бу үрдүк ааты-суолу иҥэриини салайааччылар бас билиилэригэр ылан бэйэлэригэр уонна атын туһаны оҥорор эрэ дьоҥҥо иҥэрэллэрэ элбээн сылдьар.

Баһылаабыт үлэлэригэр атыттартан биллэрдик ордор, чахчы талааннаах үлэһиттэри ортоку баайыылаах салайааччылар туоратан бочуоттаах аакка тииһиннэрбэккэ, кытыыга хаалларан иһэллэрэ элбэх. Ол курдук, бэйэтэ туспа көрүүлэрдээх, үлэтигэр талааннаах киһи салайааччылары батыһа сылдьыбата онно олук буолар.

Сэбиэскэй былаас саҕана чахчы үлэһиттэргэ эрэ иҥэрэргэ анаммыт заслуженнай диэн үтүө ааты иҥэриигэ киһи оҥорбут үлэлэрэ атын дьоҥҥо туһалаах дьайыыларын таба ааҕыы туһалыа этэ.

Онон киһи сайдыыны ситиһэн иһэрэ диэн буор кутун утумнаахтык дьарыктаан, эрчийэн талааннаах буолууну ситиһэрэ буолар.

КИҺИ КИҺИЭХЭ СЫҺЫАНА

Олус былыргы кэмнэргэ тайҕа тыа быыһыгар биир эмэ киһи сылдьар эрдэҕинэ киһи киһиэхэ сыһыана диэн үөрэх суох этэ. Бу кэмҥэ киһи кырдьык көҥүлүнэн, тугу баҕарбытынан, талбытынан сылдьар курдук сананара сөп эбит.

Дьон ахсааннара эбиллэн уонна өйдөрө-санаалара сайдан киһи киһиэхэ сыһыанын үөрэтэн аналлаах нэм үөрэҕин туһанар буолбуттар. Ол аата нэм үөрэҕэ киһи киһиэхэ сыһыаныгар туохха барытыгар сөптөөх кээмэйи тутуһа сылдьарын быһаарар.

Сахалар киһи киһиэхэ сыһыаныгар нэми тутуһа сылдьалларын хаһыакка суруйаллара биллэрэр:

- Тоҕо диэтэххэ, араас биллибэт ньүдьү-балай ньаҕайдары таһыахтааҕар бэйэ нэмин билсибит дьонун таһар быдан ордук! (13,40).

Билигин дьон бары киһи быраабын туһанар буолбут кэмнэригэр эйэ-нэмнээх сыһыан диэн сахалар үөрэхтэрэ ис киирбэхтик иһиллэр уонна эйэлээх буолууну үөскэтэр аналлаах. Саха тыла саҥа үөскүүр олус былыргы кэмнэригэр эйэлээх сыһыаны, нэми олохтооһун туһунан билэн туһаналларын биллэрэр.

Киһи киһиэхэ сыһыана “Туох барыта икки өрүттээх” диэн үөрэххэ сөп түбэһэн икки өрүттэнэн хааларыттан үһүс, нэми билии өрүтэ баар буолара элбэхтэргэ туһалыыр, сыһыаны тупсарарга аналланар:

1. Эйэлээх, сөбүлэһэр сыһыан.

2. Тымныы сыһыан, сөбүлэспэт буолуу.

3. Эйэ-нэмнээх сыһыан.

Эйэ-нэмнээх сыһыаны олохтуурга нэми билии туһата улаатар. Ол курдук, эйэлээх, сөбүлэһэр сыһыаны барыларын кытта тутуһуу кыаллара уустугунан уонна сөбүлэспэт, тымныы сыһыаннаах дьон баалларынан элбэхтэри кытта сыһыаҥҥа нэми тутуһа сылдьыы баар буолара табыллар.

Төһө да эйэлээх сыһыаны киэҥник олохтуу сатаабыт иһин сөбүлэспэт дьон син-биир баар буола тураллара “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан биэрэр сокуонугар сөп түбэһэр. Өй-санаа хайа да өттүгэр аһара барыыта киһи киһиэхэ сыһыаныгар үчүгэйи оҥорбот, арахсыыга, тэйсиигэ тириэрдиэн сөп.

Араас буолар-буолбат саҥаны айыыны оҥорон атыттартан ордор, аһара барар санаалардаах киһи бэйэтиттэн мөлтөхтөрү үрдүлэринэн бара сатыыра улаханыттан эйэлээх сыһыаны олохтуурга мэһэйдэри оҥороро элбээн хаалар. Ол курдук, айыыны оҥоруу сиэри уонна киһи быһыытын таһынан барарынан олоххо үөскээбит эйэлээх сыһыаны алдьатыыга тириэрдиэн, буортулуон сөп.

Саҥаны айыыны оҥорон арыгыны аһара иһэн кэбиспит киһи арааһы саҥарарыттан уонна сыыһа-халты туттунарыттан дьону кытта эйэлээх сыһыаннарын сонно буортулуон сөп. Арыыйда тиийиммэт, мас көнө өйдөөх-санаалаах киһини атыттар туһана сатыыр санаалара элбээһинэ эйэлээх сыһыан үөскүүрүгэр тириэрдибэт. Тиийиммэт өйдөөхтөр-санаалаахтар элбээтэхтэринэ үтүктүү аһара барарыттан ханнык эрэ диктатура, биир киһи баһылыыр былааһа сайдан барар кыахтанар.

Атеистар диэн киһи оҥорор быһыыларыгар өйө-санаата бастаан, ыйан биэрэн иһэр диэн быһаарыыны билиммэт дьон ааттаналлар. Сэбиэскэй былаас кэмигэр таҥара үөрэхтэрин туоратаннар Россия дьонун барыларын атеистарга кубулуппуттара. Өйдөрө-санаалара тиийбэт, бэйэлэрэ быһаарынар кыахтара аҕыйах атеистар салайар былааска “үчүгэй” буола сатааннар диктатураны үөскэппиттэрэ.

Бу дьон тобохторо ордон сылдьаллара ким эрэ эппитин толорорго үөрэнэн хаалбыттара тардарыттан, “айыы үчүгэй” диэн сымыйа үөрэх албыныгар киирэн биэрэн сылдьаллар. Ол иһин тыл үөрэхтээхтэрэ “аньыы” диэн сымыйа, сахаларга суох тылы булбуттарын үтүктэн бары оннук саҥара, суруйа сатыыллара элбээн сылдьар.

Дьадаҥы төрүттээх дьон ырыынак олоххо киирэр кэмигэр эмискэ байан хаалбыттара өссө байар санааларын улаатыннаран аһара баран иһэллэригэр тириэртэ. Сир баайын атыылааһынтан киирэр баайы салайааччылар бас билэннэр уонна бэйэлэрэ үллэстэннэр Россияҕа аһара баайдар элбээтилэр.

Дьон бэйэ-бэйэлэрин баһыйса сатыыр санаалара хаһан баҕарар баар буола турар. Ыраастык, чиэһинэйдик баһыйбат буоллахтарына араас албыны, була сатааһыны туһаныахтарын сөп. “Айыы үөрэҕэ” диэн албын үөрэх үчүгэй ханна баарын билэбит диэн быһааран куһаҕаны туспа арааран “аньыы” диэн сахаларга суох тылынан ааттыы сатыыллара албыннарын өссө улаатыннарар.

Сахалар киһи оҥорор быһыыларын быһаарар айыы диэн тыллара бэйэтэ икки өрүттээх өйдөбүллээх. Ол курдук, киһи тугу оҥорбута барыта икки аҥы арахсан; үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсаллара хаһан да уларыйбат.

Атеистар диэн өйдөрүгэр-санааларыгар үйэлээх үгэстэрэ суох дьон буолаллар. Өйдөрө-санаалара анньа сайдыбатыттан, үчүгэйи уонна куһаҕаны кыайан араарбаттарыттан, бу дьон атыттар албыннарыгар киирэн биэрэр кыахтара улаатан хаалар. Православнай таҥара дьиэтин суулларыы Россия дьоно бары атеист буолалларын үөскэппитэ уонна өй-санаа бу сатарыйыытын туһанан “коммунизм” кэлиэ диэн албыннааһыны ситиһиилээхтик туһаммыттара.

Билигин бу сэбиэскэй былаас тобохторо; тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар уонна учуонайдар була сатаан оҥорбут элбэх сыыһалардаах “айыы үөрэҕэ” диэн секталарын албыннарыгар саха дьоно киирэн биэрэн сылдьалларыттан босхолоноллоро эрэйиллэр. Ол курдук, бэйэлэрэ көннөрбөтөхтөрүнэ даҕаны өй-санаа үөрэҕин сыыһатыттан сэт үөскээн тахсан иэстэбили оҥорон, бу сыыһаны көннөрөрө тиийэн кэлиэн сөп.

Салайар былаас диктатураҕа, аҕыйахтар баһылааһыннарыгар көһүүтэ элбэх сымыйалааһыны үөскэтэр. Атын дьон интэриэстэрин тардаары буолар-буолбат сурахтары, солуннары туһанар кыах бэчээт сайдыбытынан олус улаатта.

Демократия тутулуктарын дойдуга киллэрэ сатааһыны сэбиэскэй былаас тобохторо утарсалларыттан салайар былаас эмиэ диктатура диэки халыйыыта үөскээтэ. 2020 сыллаахха буолбут быыбарга конституцияҕа уларытыылары киллэрии биир киһи былааһын улаатыннаран диктатураны үөскэтиигэ аналланна.

Үгүс үлэлэрин сахалар сайдалларын туһугар анаан саха тылынан суруйбут учуонай Б.Н.Попов киһи киһиэхэ сыһыанын дириҥник үөрэтэн үлэ суруйбута туһата элбэх. (14,43). Сахалар киһи киһиэхэ сыһыаныгар тэҥнэһиини куруук олохтуу сылдьалларыттан кэпсэтиигэ эн диэн тылы тутталлар. Ол аата атын киһиттэн тугунан да ордубаттарын чуолкайдаан биэрэллэр.

Нууччалар атын киһини кытта билсэллэригэр “вы” диэн тылы туһаналлар. Бу тылы туһаныы киһи киһиэхэ тэҥэ суоҕун билинии буолар уонна улаатымсыйыыны үөскэтэр. Ол курдук, улаханы, үрдүгү уратытык этэн бэлиэтээһин анаан оҥоруллар.

Киһи бу атыттартан үрдүктүк сананыытын сэриилээн кыайыы, бас бэриннэрии үөскэппитин туһана сатааһын билигин, демократия олоҕор табыллыбат кэмэ кэлэн турар. “Вы” диэн тылы билигин туһана сатааһын диктатураны үөскэтиигэ тириэрдиэн сөп.

Онон киһи киһиэхэ сыһыана нэми тутуһа сылдьара аныгы демократия үөрэҕэр сөп түбэһэр.

АЙЫЫНЫ ОҤОРУУ УРАТЫТА

Ай диэн саха төрүт тыла. Бу тыл киһи санаата салгын кутун үөскэтэрин быһаарар ураты суолталаах. Ол курдук, атын кыылларга, көтөрдөргө салгын куттара кыайан сайдыбат. Ол иһин өйдөрө-санаалара сайдыыта, оҥорор быһыыларын уларыйыыта дьонтон улаханнык хаалан иһэрин биллэрэр.

Ай диэн тыл киһи санаатын быһаарар. (15,23). Ол иһин үчүгэйэ уонна куһаҕана кыайан араарыллыбат уратылаах. Киһи үчүгэйи да, куһаҕаны да саныыра хаһан баҕарар баар уонна кыайан бобуллубат. Ол курдук, санаа туохтан да иҥнибэт, туохха да хааттарбат.

Арай сахалар таҥараларын үөрэҕэ санаа хайдах үгэскэ уларыйарын билэн өй-санаа үөрэҕэр туһанарыттан “Куһаҕаны санаама” диэн үөрэтэр. Ол аата куһаҕан санааны элбэхтик санаан үгэскэ кубулутан кэбистэххэ, киһи бэйэтэ ол куһаҕан санаатын оҥорон кэбиһэрэ ордук улахан куһаҕаны үөскэтиэн сөбүттэн харыстаныы буолар. Ол аата сахалыы таҥара үөрэҕэ киһи куһаҕаны оҥорон кэбиһэриттэн харыстыыр аналлааҕа быһаарыллар.

Саныыр санаа туохтан да иҥнибэт, тугунан да тутуллубат, туохтан да хааттарбат, ханна баҕарар саныыры кытта тиийэн хаалар уратылаах. Ол иһин санаа атын, туспа, Анараа дойдуга сылдьара биллэн тахсар.

Илэ диэн сахалар Орто дойдуга сылдьары уонна ону-маны көрөрү, билэри, оҥорору ааттыыллар. Киһи саныыр санаатын оҥорон туох эмэ быһыыга кубулуттаҕына, санаа илэҕэ кубулуйар, атыттар көрөр, билэр уонна сыаналыыр кыахтаналлар.

Оҥоруллубут быһыы хайдаҕын; үчүгэйин дуу, куһаҕанын дуу атыттар сыаналаан быһаараллара таба буолар. Ол курдук, киһи бэйэтэ оҥорбут быһыытын үчүгэй диэн сыаналыыра хаһан баҕарар элбээн хаалар уратылаах. Ол иһин, бу оҥоруллубут быһыы хайдаҕын; үчүгэйин дуу, куһаҕанын дуу атыттар, элбэхтэр сыаналыыллара таба буолан тахсарын сахалар туһаналлар. “Дьон тугу этиэхтэрэй?” диэн ыйытыыны эрдэттэн быһааран баран туох эмэ ураты быһыыны оҥороллоро ону биллэрэр.

Санааны элбэхтик ырытан, сыаналаан көрүү, тупсарыы, атыттарга тэҥнээн көрүү айар диэн тылынан этиллэр. Ол аата санаа өссө оҥорор быһыыга кубулуйа илигинэ элбэхтик, ырытыы, быһаарыы туһаны оҥорорун сахалар туһаналлар.

Ай уонна ар диэн тыллартан холбонон айар диэн тыл үөскээбит. Ар диэн ырдьыгыныыры, бэйэҕэ чугаһаппаты, тэйитэри биллэрэр тыл. Бу тыл киһи ураты, саҥаны айар санаатын атыттартан харыстыырын, кистиирин биллэрэрэ ордук суолталаах. Саха киһитэ ону оҥоруом, маны оҥоруом диэн эрдэттэн кэпсэнэ сылдьыбатын, бу айар диэн тыл суолтата үөскэтэр.

Суруйааччы ону-маны, буолары-буолбаты була сатаан кумааҕыга суруйбута саҥаны айыы буолбатах, ол аата оҥорор быһыыга өссө кубулуйа, уларыйа илигиттэн айар диэн тылынан этиллэр. Санааны кумааҕыга суруйуу буолан сыыһатын-халтытын көннөрүүгэ туһалыыр.

Саҥаны айыы диэн киһи оҥорор быһыыта олоххо туох эмэ уларытыыны киллэрдэҕинэ ааттанар. Ол аата кумааҕыга ону-маны суруйуу диэн саҥаны айыыга эрдэттэн бэлэмнэнии, санааны оҥорор быһыыга кубулутуох иннинэ өссө төгүл бэрэбиэркэлээһин, тупсарыы, сыыһатын-халтытын көннөрүү буолар уонна айар диэн тылынан этиллэрэ өй-санаа үөрэҕэр табыллар.

Сахаларга суруйааччы үлэтин биллэрэр айымньы диэн аналлаах тыл баар. Ай уонна ымньаа диэн тыллартан холбонон үөскээбит айымньы диэн тыл, бу суруйар үлэҕэ кыра, ымньанар эрэ курдук саҥаны айа сатааһын баарын биллэрэр.

Киһи ону-маны айар санаатын илэтигэр оҥорон таһаардаҕына, ким да билбэт, ол иһин оҥорбот быһыыта буолан хааллаҕына айыы диэн саҥаны айыыны биллэрэр тыл үөскүүр уонна туох эрэ уларыйыыны бэлиэтиир. Ай диэн тылга “ыы” диэн ытааһын сыһыарыыта эбиллиитэ айыы диэн тылы үөскэтэр уонна бу оҥоруллубут быһыы куһаҕан буолан тахсара элбэҕин быһаарар.

Саҥаны айыы үгэһи үөскэтэр, ол иһин умнуллубат өйдөбүлгэ кубулуйар. Киһи айыыны, уратыны оҥорбутун хаһан да умнубат. Ол иһин айыы диэн өй-санаа үрэллэн, ыһыллан хаалбакка өр кэмҥэ сылдьара айыы буолуу диэн өлбүттэр умнуллубат өйдөрүн-санааларын үөскэппит.

Айыы буолуу диэн өлбүттэр өйдөрө-санаалара өлөн хаалбыт этиттэн-сииниттэн арахсан, туспа баран Үөһээ дойдуга көтөн сылдьалларын сахалар билэллэр уонна үрүҥүн, ол аата үчүгэйин, туһалааҕын эрэ талан ылан кэлэр көлүөнэлэри иитэргэ, үөрэтэргэ анаан туһаналлар. Ол аата айыыны үрүҥ айыы диэн ааттааһын, бу саҥаны айыыны кэлэр көлүөнэлэр туһаналларыгар сөп түбэһэр диэн бэлиэ оҥорон биэрии буолар.

Айыы диэн киһи билбэт буолан оҥорбот ураты быһыыта ааттанар. Онтон киһи билэр, оҥорор быһыылара барылара киһи быһыыта диэн араарыллан ааттаналлар, ол аата бары киһи оҥорор быһыыларыгар кубулуйан сылдьаллар. Киһи быһыытын тутуһалларыттан саха дьоно киһи быһыылаахтык олохторун олороллор уонна оҕолорун киһи буолууга үөрэтэллэр.

Элбэх саҥаны айыыны оҥоро сатааһынтан үгүс куһаҕан быһыылар үөскээн тахсаллар. Ол курдук, айыыны оҥоруу аан бастаан оҥорору кытта табыллыбата, сатаммата элбээн тахсар, ону тэҥэ, киһи сыыһа-халты туттунарыттан үчүгэй да буолуон сөптөөҕү куһаҕаҥҥа кубулутар уратыта хаһан да аҕыйаабат. Табыллыбатах, сатамматах саҥаны айыылар куһаҕаны элбэтэн иһэллэр.

Айыыны оҥоруу диэн олохсуйбут үгэстэртэн туорааһын, бэрээдэги, быраабылалары тутуспатахха, аһара бардахха үөскээн тахсар ураты быһыы буолар. Ол иһин сиэри таһынан барар, нэми тутуспат буолууну үөскэтэр быһыы буоларыттан сахалар сөбүлээбэттэр. Суоппар суол быраабылатын тутуспакка айаннааһына айыыны оҥоруу буолар. Эдэрдэр була сатаан саҥаны айыыны оҥорон иһэллэрэ элбээһинэ массыына абаарыйаларын үксэтэр.

Элбэх саҥаны айыыны оҥорууттан уонна олору олоххо киллэрииттэн омукка сайдыы кэлэрин таба сыаналааһын эрэйиллэр. Бары ыксаабыт санаабытыгар элбэх саҥаны айыыны оҥоро охсон сайдыыны атыттартан урутаан ситиһиэхпитин баҕарабыт эрээри, биир эмэ саҥаны айыы табыллан, сатанан туһаны оҥорорун биллэххэ табыллар. Саҥаны айыыны оҥоро сатааһын баҕа санаата төһө да үчүгэйин иһин ситиһиллиитэ, ол аата оҥоруута уонна олоххо киллэриитэ улахан уустуктарданан тахсарын сахалар былыргы үйэҕэ быһааран “ыы” диэн ытааһын сыһыарыылаабыттар.

Биир эмэ киһи элбэхтик үлэлээн оҥорбут саҥаны айыыта табыллан, сатанан дьоҥҥо туһаны оҥорор. Дьоҥҥо туһалаах саҥаны айыыны оҥоруу олус уустук, элбэх үлэттэн, эрэйтэн ситиһиллэр дьыала буолар. Ол иһин учуонайдар, араас патены, сертификаттары ылбыттар отой аҕыйахтар. Биир эмэ талааннаах киһи оҥорбут саҥаны айыыта табыллан, сатанан дьоҥҥо туһалааҕы, үчүгэйи оҥорууга тириэрдэрин өйө-санаата сайдыбыт киһи билэрэ эрэйиллэр.

Сахалар саҥаны айыы бу уустук уратытын арыйан билэн “Кэс тыл” диэн этиини үөскэтэн саҥаны айыыны оҥорууга анаан туһаналлар. Ол аата, бу этии олоххо улахан уопуттаах киһи, эдэр киһиэхэ кэһиини, уларытыыны, саҥаны айыыны маннык оҥор, оччоҕуна табыллыа, сатаныа диэн этэн, ыйан биэрбитин тутуһан оҥордоххо, туһаны оҥороро кыалларын быһаарар.

Талааннаах буолууну ситиспит дьон аҕыйахтар. Ол иһин дьону барыларын саҥаны айыыны оҥоро, айа сатааһыннарын “айыы үчүгэй” диэн этэн күөртүү сатааһын диэн өй-санаа сайдыытын билбэт буолууттан тахсар. Ол курдук, дьон бары оҥоро сатыыр үгүс саҥаны айыылара табыллыбаккалар, сатаммаккалар куһаҕаны элбэтэн кэбиһэллэриттэн киһи өйө-санаата сайдыытын билэр сахалар эрдэттэн харыстанан “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн этиилэри туһанан оҕолорун үөрэтэллэр.

Куһаҕаны оҥорор дьон суох буола иликтэр. Сорохтар анаан-минээн куһаҕан буоллун диэн саҥаны айан оҥороллоро тохтообот. Олус улахан атомнай буомбалары оҥостон бараннар, бу буомбалар эһиннэхтэринэ, үөскээн тахсар содулларыттан ханна тиийэн саһан быыһаналларын туһунан билигин улахан салайааччылар толкуйдуу сатыы сылдьаллар.

Сахалар таҥараларын үөрэҕэ оҕону “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн этэн үөрэтэр. (16,24-28). Оҕо өйө-санаата ситэ сайда илигиттэн, үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран билбэтигэр тэптэрэн уонна саҥаны айыыны, уратыны оҥорор санаата элбээн куһаҕаны оҥорон кэбиһэриттэн таҥара үөрэҕэ оҕону харыстыыр, көмүскүүр аналлааҕа быһаарыллар.

Онон айыыны оҥоруу оҥоруллубутун кэнниттэн эрэ үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана быһаарыллан тахсарыттан сахалар айыы диэн тыллара икки өрүттээх өйдөбүллээх уонна ону, айыыны оҥорууга дьонтон улахан сэрэхтээх буолуу ирдэнэр көрдөбүл буоларын тутуһа сылдьаллар.

ҮЛЭ уонна ҮӨРЭХ УРАТЫЛАРА

“Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан биэрэр уратытын быһаарар этииттэн киһи сайдыыны ситиһэрэ эмиэ тутулуктанар. Үлэ уонна үөрэх дьон сайдыыны ситиһиилэрин икки өрүттэрэ буоланнар киһи этигэр-сиинигэр уонна өйүгэр-санаатыгар икки өрүттээх дьайыылары оҥороллор:

1. Үлэ эти-сиини эрчийэр уонна буор куту сайыннарар.

2. Үөрэх өйү-санааны сайыннарар уонна эти-сиини мөлтөтөр.

Бу икки өрүттэри төһө кыайарбытынан дириҥник ырытыахпыт:

1. Киһи тутаах чааһа этэ-сиинэ буолар. Төрөппүттэриттэн этин-сиинин уратыларын ылынан иһэрин удьуордааһын диэн ааттыыллар. Оҕо төрөппүтүгэр тас көрүҥэ биллэрдик маарынныыра этин-сиинин удьуордаабытын биллэрэр.

Эт-сиин хамсаныылары оҥорорун хас биирдии быччыҥҥа үөскүүр буор кут диэн өйө-санаата салайар. Киһи буор кута төһө сайдыылаах даҕаны араас уустук хамсаныылары имигэстик уонна сыыдамнык оҥорор кыахтанар. Үлэ араас уустук хамсаныылара үөрүйэххэ кубулуйан киһиэхэ буор кутун үөскэтэллэр уонна куруук эрчийэ, дьарыктыы сылдьыыны эрэйэллэр. Үлэ киһиэхэ тулуурдаах буолуутун үөскэтэр уонна сүрүн сайыннарар. Үлэни тулуура, өһөс санаата элбэх киһи кыайан уһуннук үлэлиир кыахтанар. Ону тэҥэ, тулуур улаатыыта киһи туттунар күүһүн улаатыннаран сыыһа-халты туттунарын уонна быстах быһыыга киирэн биэрэрин аҕыйатар. Ол курдук, хамсаныылары табан, нэмин билэн оҥоро үөрэнии сыыһа-халты буоларын суох оҥорон туһалыыр.

2. Сэбиэскэй былаас атеист буолан хаалбыт дьадаҥылары албынныырыгар үөрэҕи табан туһаммыта. Урукку былаас кэмигэр үөрэҕи баайдар эрэ ылар кыахтаахтара, биир эмэ талааннаах оҕону дьадаҥылартан булан үөрэттэрэллэрэ. Саҥа былаас дьон үөрэнэргэ баҕа санааларын табан туһанан үөрэҕэ суохтары үөрэхтээһиҥҥэ сүүнэ үлэни ыыппыта, бары орто үөрэҕи баһылыылларын ситиспитэ.

Сайдыыны ситиһэ сатыыр дьону албынныырга үөрэҕи өрө тутуу табылларынан, бары ону “үчүгэй” диэн ааттаан эккирэтэннэр аһара ыытан кэбиспиттэрэ. Дьону барыларын үрдүк үөрэхтии сатааһын диэҥҥэ кытта тиийбиттэрэ улахан аһара барыы этэ. Маннык сыыһа, халыйыыга тириэрдэр ыҥырыыны туһанан дьону барыларын үрдүк үөрэхтии сатаабыттара таах хаалбыта. Ол курдук, дьадаҥы дойдуга элбэх үрдүк үөрэхтээх дьон сөптөөх үлэни булан үлэлииллэрэ кыаллыбата чахчы этэ.

Үөрэх төһө да биир үөрэхтэммит киһиэхэ үчүгэйи оҥорбутун, элбэх хамнастаабытын, сынньалаҥнык сырытыннарбытын иһин, элбэхтик олорон эрэ үлэлииргэ тириэрдэринэн киһи этигэр-сиинигэр куһаҕаны оҥорор. Ол курдук, эт-сиин элбэхтик кыайан хамсамматыттан мастыйан, араас ыарыылар булан барыылара саҕаланар.

Элбэхтик олорор төрөппүтүн оҕото көрөн, үтүктэн өссө элбэхтик олоро үөрэнэн хаалара этэ-сиинэ өссө мөлтүүрүгэр тириэрдэр. Аныгы оҕолор бары сытан эрэ телефонунан эрэ оонньууллар диэн айманыы үөскээһинин сүрүн төрүтэ, ити быһаарыыга саһан сытар.

Үөрэхтээх киһи элбэхтик олорон эрэ үлэлиирэ, дьыбааҥҥа сытан эрэ кинигэ, хаһыат ааҕара этин-сиинин уонна буор кутун мөлтөтөн иһэрин тэҥэ, хамсаныылары оҥороруттан сүрэҕэлдьиирин үөскэтэр. “Кыайарбын да кыайбат буоллум” диэн этинэн билигин сааһырбыт дьон чахчы мөлтөөбүттэрин билинэллэр.

Үөрэх диэн салгын кут сайдыыны ылыныыта, билиини иҥэриниитэ ааттанар. Билии олус элбэхтик хатыланан үгэһи, онтон эти-сиини эрчийэн үөрүйэхтэри үөскэппэтэҕинэ умнуллан, суох буолан хаалар. Ону тэҥэ, салгын кут көтөрө эмиэ тиийэн кэлиэн сөп. Салгын кут көттөҕүнэ киһи өйө көтөр, түөһэйэр, оҕотугар түһэр.

Өй-санаа аһара барара хаһан баҕарар элбэх, киһи кыайбатын да кыайыан баҕата киирэн иһэр. Ол да буоллар эт-сиин күүһэ-кыаҕа муҥура суох буолбатах, аһара барбат кыйыата син-биир баар. Ол иһин эт-сиин уонна өй-санаа икки ардыларыгар тэҥнэһиини үөскэтэр аналлаах нэми билэн туһаныы хайаан да ирдэнэр. Киһи өйө-санаата сайдарынан олоҕор нэми билэн тутустаҕына эрэ олоҕо табыллар кыахтанарын билэ сылдьыа этэ.

Бары саха омукпут сайдан иһэригэр баҕарабыт. Ол эрээри, эстибит сэбиэскэй былаас үөрэхтээхтэрэ ыыппыт сыыһа ыйыыларын өссө да тутуһан үөрэҕи аһара өрө тута сылдьалларыттан дьон эттэрин-сииннэрин мөлтөтүүнү уонна оҕону атаахтатан иитиини салгыы ыыта сатыыллар.

“Балык уу дириҥэр талаһар” диэн өс хоһооно киһи үчүгэйгэ баҕарар, ону ситиһэ сатыыр санаатын быһаарар. Ол аата үчүгэй ханна баарын булан ылыы хас биирдии киһиттэн эрэйиллэр көрдөбүл буолар. Хас биирдии киһи үчүгэйэ тус-туспа буолар уонна киһи олорор олоҕуттан улаханнык тутулуктанар.

“Бытье определяет сознание” диэн классиктар этиилэрэ киһи олоҕо өйүн-санаатын төрүттүүрүн быһаарар. Үлэһит сахалар олохторун үөрэҕин таҥара үөрэҕэ оҥорон туһана сылдьаллар. Ол барыта оҕону үөрэтии “Хаһан улахан киһи оҥорорун курдук оҥорор буолаҕын”, “Мин курдук оҥор” диэн этиилэринэн саҕаланар уонна киһи буолуу үөрэҕин үөскэппитэ таҥара үөрэҕин төрүтэ буолар. Итини тэҥэ, төрөппүт оҕотун үтүгүннэрэн, батыһыннаран үөрэтэр диэн этиини үлэлии сылдьар дьон оҕолоро кыра эрдэхтэриттэн туһананнар үлэһит буола улааталлара кыаллар. (17,33).

Доруобуйа диэн нуучча тыла киһи этин-сиинин уонна өйүн-санаатын холбуу ылан быһаарара үлэ уонна үөрэх, икки өрүттэр киһиэхэ дьайыыларын уратыларын таба булан ылыыны, бу икки өрүттэр икки ардыларыгар тэҥнэһиини үөскэтиини суох оҥорор. Ол курдук, бу тыл үлэ уонна үөрэх, киһи сайдыыны ситиһиитин икки өрүттэрэ буоланнар киһиэхэ дьайыылара тус-туспаларын, утарыларын кистээн, суох оҥорон кэбиһэриттэн өй-санаа сайдыытыгар улахан куһаҕаны оҥорор.

Сахалар үөрэхтэринэн киһи этэ-сиинэ уонна өйө-санаата икки тус-туспа өрүттэри үөскэтэллэр:

1. Эт-сиин. Киһи тутаах чааһа.

2. Өйө-санаата. Өй-санаа үс куттарга уонна сүргэ арахсар.

Бу икки өрүттэр сайдыыны ситиһэллэрин дьайыылара киһиэхэ тус-туспа, утарыта хайысханы үөскэтэллэр уонна бэйэ-бэйэлэриттэн тутулуктарын сүтэрбэтэхтэринэ эрэ киһи олоҕо табыллар.

Киһи этин-сиинин уонна өйүн-санаатын икки ардыларыгар сөп түбэһиини булунуу нэми билии диэн ааттанар. Нэми билии диэн үөрэҕи үлэһит сахалар тутта сылдьар үөрэхтэрэ буолар.

Киһи сааһыран баран үйэтин уһатарыгар ону-маны ааҕан билэриттэн ордук туһаны үөрэх оҥорбот. Арай бу билбитин туһанан киһи этин-сиинин хаамыынан дьарыктаатаҕына, хамсаныылары оҥоро сырыттаҕына эрэ этэ-сиинэ эрчиллэн уонна буор кута дьарыктанан үйэтэ уһуурун ситиһэр кыахтанар.

Онон үлэлии сылдьыы, хамсаныылары табан, сатаан оҥоруу киһи үйэтэ уһууругар тириэрдэрин дьон бары билинэллэр.

ҮЛЭНИ ОҤОРУУ УУСТУКТАРА

Киһи айылҕатын быһыытынан, салгын кута сайдарынан тугу эмэ уратыны, саҥаны айыыны оҥорор санаата киирэн иһэр. Бу араас баҕа санааларын үлэни оҥоруу диэки салайдаҕына элбэх туһалааҕы оҥорон сайдыыны ситиһиини аҕалыан сөп. Ону тэҥэ, бары кэриэтэ тугу эмэ туһалааҕы оҥостунан ханнык эрэ барыһы киллэриниэхтэрин баҕара саныыллара өйдөрө-санаалара сайдыытын кытта тэҥҥэ улаатан иһэллэр.

Туһалаах үлэни оҥоруу сайдыыны, тупсууну аҕалар эрээри, хайдах оҥорон таһаарартан улаханнык тутулуктанарын сахалар былыр үйэҕэ быһааран нэми билии үөрэҕин олохтоон туһаналлар. Бу үөрэх киһи оҥорор үлэлэрэ сыыһа-халты буолан хаалалларын аҕыйатарга уонна туһаны оҥороллорун элбэтэргэ аналланар.

Үлэни оҥоруу уустук, эрдэттэн бэлэмнэммэтэххэ уонна урукку үлэлэр уопуттарын туһамматахха табыллыбакка хаалан туһата суох быраҕыллыахтарын сөп. Ону тэҥэ, үлэни оҥоруу табыллыбатаҕына куһаҕаҥҥа кубулуйар уратылаах уонна элбэх бириэмэни таах, туһата суох сүтэриигэ тириэрдиэн сөп.

Үлэни оҥоруу хас да бэйэ-бэйэлэриттэн тутулуктанар уонна салгыы кэлэн иһэр таһымнары аастаҕына эрэ туһалаахха кубулуйан туох эмэ барыһы аҕалыан сөп:

1. Бэлэмнэнии. Үлэ төһө уустугуттан көрөн бэлэмнэнии уһаан, тардыллан биэриэн сөп. Киһи үлэни оҥорууга төһө уопуттааҕыттан тирэх ылан эрдэттэн ырытан, быһааран араас туһалаах бэлэмнэниини оҥордоҕуна табыллар.

Туохха барытыгар санаа бастаан иһэрэ үлэни оҥорууга ордук чуолкайданан биллэр. Киһи бу оҥоруохтаах үлэни кыайарын, бүтэрэрин, түмүгэр тириэрдэрин туһунан санаата баара улаханнык туһалыыр. Ол курдук, киһи санаатыгар бу үлэтин бүтүүтүн эрдэттэн былааннаан биллэҕинэ эрэ бүтэрэр, түмүгэр тириэрдэр кыахтанарын биллэххэ табыллар.

Сайдыыта суох; муҥнаах, муҥкук уонна дьадаҥы буор куттаах дьон туһалаах хамсаныылары оҥороллоро аҕыйаҕыттан уонна уопуттара суоҕуттан кыра да үлэни табан оҥороллоро кыаллыбатын эрдэттэн билэн уустук үлэлэргэ ылсыһа да сатаабаттара ордук. Сахалар ол иһин оҕону ситэ улаата, киһи буолууну ситиһэ илигинэ “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн этэн үөрэтэллэр.

Үлэ саҕаланыан иннинэ араас туттар тэриллэри, матырыйааллары эрдэттэн суоттаан ааҕан бэлэмнэнии хайаан да эрэйиллэр. Ону тэҥэ, туттуллар тиэхиникэни бэлэмнээһин эмиэ киирсэр.

Уустук улахан үлэлэргэ аналлаах проект диэн былаан оҥоруллар. Бу проекка үлэ төһө сыаналааҕа, төһө матырыйаал ороскуоттанара уонна ханнык көрүҥүттэн саҕаланара, төһө уһуннук оҥоруллара барыта быһаарыллар. Бэлэм проегынан ыытыллар үлэ табыллан тахсара былааҥҥа эмиэ киирэр.

2. Үлэ саҕаланыыта. Үлэни саҕалыах инниттэн ханнык түмүктээх буоларын эрдэттэн былааннаан билии туһаны, сыалы ситиһэ сатааһыны үөскэтэр, туохтан, хантан саҕалыыры быһаарар уонна үлэ баран иһэрин хонтуруоллааһыны үөскэтэр.

Барытын эрдэттэн бэлэмнээн баран үлэни тиэтэйбэккэ, ыксаабакка эрэ былаан, проект быһыытынан саҕалыыллар. Үлэни саҕалааһыҥҥа үлэһиттэри талан туруоруу улахан суолталаах. Саҥа саҕалыыр үлэһит уопуттаах үлэһиттэн үөрэх ылынара үлэ хаачыстыбата тупсарын үөскэтэрин таһынан, “техника безопасности” диэн ааттанар сэрэхтээх буолуу үөрэҕин билэрэ эрэйиллэр.

3. Үлэни үлэлээһин. Уустук үлэ түргэнник бүтэ охсубат. Ол иһин үлэни биир тэҥник, күн аайы киһи күүһүн, кыаҕын таба сыаналаан оҥоро сылдьара табыллар. Киһи күүһэ, кыаҕа соччо элбэҕэ суох. Үчүгэйдик утуйуу, иҥэмтэлээх аһылыгы кэмигэр аһыы сылдьыы үлэни оҥорууга улахан суолталаахтар. Ону тэҥэ, чаас курдук үлэлээн баран 5 мүнүүтэ аралдьыйан, сынньанан ылыы хаһан баҕарар эрэйиллэр. “Эт киһи элэйэр, сыа киһи сылайар” диэн өс хоһооно үлэһит киһи кэмигэр сөптөөхтүк сынньанарын ирдиир көрдөбүл буолар.

Үлэни оҥорууга тиэтэйии, ыксааһын уонна киһиргээһин диэн букатын суох буолаллара табыллар. Киһи бу майгынын уратылара аһара бардахтарына сыыһа-халты туттунарын элбэтэннэр үлэлиир киһиэхэ сөп түбэспэт уратылаахтар.

Уһун үйэлэргэ араас үлэлэри кыайа-хото үлэлээбит сахалар үлэни көрсүө, сэмэй майгылаах, улахан тулуурдаах киһи табан үлэлиирин быһаараннар оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн көрсүө, сэмэй буолууга иитэллэр уонна үөрэтэллэр.

Үлэҕэ тугу эмэ саҥаны айыыны оҥорон киллэрии тупсан уонна түргэтээн иһэригэр тириэрдэр туһалаах быһыы буолар. Тупсубут үлэ диэн уруккутуттан үчүгэй өттүгэр уларыйбыт үлэ ааттанар.

Туга эрэ табыллыбатах үлэ куһаҕаҥҥа кубулуйар эбэтэр таах хаалан ночоокко тириэрдиэн сөп. Ол иһин үлэ табыллара эрэйиллэр. Үлэ табылыннаҕына эрэ туох эмэ туһаны аҕалар кыахтанар.

Сатамматах үлэ диэн төһө да табыллыбытын иһин туһалаах барыһы биэрэрэ кыаллыбатах үлэ ааттанар. Сахалар ол иһин үлэни чахчы үчүгэйдик, барыһы биэрэр курдук оҥорууну сатабыллаах үлэ диэн ааттыыллар уонна ону бигэргэтэн “Сатабыллаах саһыл саҕалаах” диэн өс хоһоонун үөскэтэн туһана сылдьаллар.

4. Үлэни бүтэрии, түмүктээһин. Үлэ бүтүүтэ, түмүктэниитэ киһиэхэ кыайыыны оҥорууга тэҥнэнэр улахан суолталаах. Ханнык баҕарар үлэ бүтэн эрдэҕинэ тиэтэйии, ыксааһын үөскээн тахсара киһи тулуурун, туттунар күүһүн дьарыктана сылдьарын эрэйэр.

Үлэ түмүктэммитин кэнниттэн хайдах толоруллубутун сыаналаан быһаарыы табыллар:

- Куһаҕан, таах хаалар үлэ.

- Халы-мааргы үлэ.

- Сөп түбэһэр, сөбүгэр диэн сыаналанар үлэ.

- Табыллыбыт үлэ.

- Сатаммыт үлэ.

Оҥоруллубут үлэни сыаналааһын үлэ сайдан, тупсан иһэриттэн тутулуктанан киһини инники диэки сирдиир, тупсан иһиигэ ыҥырар суолталанар. Киһи үлэни үчүгэйдик, сатабыллаахтык оҥорорго баҕа санааланнаҕына ситиһэр кыаҕа улаатар.

Сорох үлэ чаһыынан кэмнэнэр буолар. Бу үлэ киһи чаас иһигэр төһө үлэни оҥорбутунан сыаналаннаҕына үлэни элбэҕи оҥоро сатааһыҥҥа тириэрдэрэ сайдан иһэригэр туһалыыр. Тыа сирин сүөһү көрүүтүн үлэлэрэ бары кэриэтэ чаһыынан үлэҕэ киирсэллэр. Бу биллэр кэм устата киһи элбэх туһалааҕы оҥордоҕуна үгүс барыһы киллэриниэн сөбө, үлэни түргэнник уонна тупсаҕайдык оҥоруу элбээн иһэригэр тириэрдэр.

Айылҕаттан эр дьон элбэхтик үлэлиир, хамсыыр, буор куттарын сайыннарар аналлаахтар уонна бу сайдыыны ситиспит буор куттарын утумнаан, кэлэр көлүөнэлэригэр биэрэн истэхтэринэ аймахтар, омук сайдан иһэрин ситиһиини үөскэтэллэр.

Үлэ эрэ омугу сайыннарар. Ол курдук, биир сиргэ элбэх омуктар бииргэ олордохторуна кыайыылаах, сатабыллаах үлэһиттэр сотору баһыйан мөлтөхтөрү үлэ миэстэтиттэн туоратан, үтүрүйэн бараллар. Атыттар сатабыллаах үлэһиттэри үтүктэн, батыһан сайдыыны ситиһэллэриттэн бастаан иһээччилэр ахсааннара эбиллэн иһэр. Бу быһаарыы чуолкай дакаастабылынан “Хоро таһар”, Хоро салаҥ” диэн сирэн, туоратан ааттаммыт хоролор сахаларга холбоһон симэлийэн хаалбыттара буолар.

Онон үлэни үлэлээһин диэн киһи оҥорбут ситиһиитэ, сайдыыны аҕалыыта уонна олоҕун тупсаран иһиитэ буолар.

САХАЛАР БАҺЫЛААБЫТ ҮЛЭЛЭРЭ

Сахалар Россия төрүт омуктара буолалларын былыр-былыргыттан элбэх сири бас билэн баһылаабыттара, үгүс таҥаралары үөскэтэн туһаналлара уонна араас үлэлэри үлэлии үөрэммиттэрэ быһаарар. Бу уһун үйэлэргэ үлэлии үөрэнии биллэр дакаастабылларынан саха ыта, саха ынаҕа, саха сылгыта уонна саха быһаҕа, сүгэтэ бааллара буолар. Ону тэҥэ, өйдөрө-санаалара олус былыргы кэмнэртэн ыла сайдыбытын дьон саҥа бултуур эрдэхтэриттэн ыла үөскээбит таҥаралары билигин да туһана сылдьалларыттан биллэр.

Дьон өйүгэр-санаатыгар таҥара үөскүүр кэмэ олус уһун кэми, омук саҥа үөскүүр кэмин курдугу ылар. Ону быһаарарга Европаҕа Христос таҥара үөрэҕэ тарҕаныытын кэмин ыларбыт ордук табыллар. Бу кэмҥэ саҥа омуктар үөскүүллэрин кытта тэҥҥэ таҥара үөрэҕэ үөскээбитэ сурукка киирбитинэн биллэрэ онно олук буолар.

Киһи таҥара үөрэҕин Европаҕа хууннар саҥа эра арыллыан иннинэ Кытай хоту сирдэриттэн тириэрдибиттэр. Ол кэнниттэн 300 сыл ааспытын кэнниттэн Христос таҥараны билинэн, олоххо киллэрэн барбыттар. Ол аата омук саҥа таҥараны билинэрэ, туһанара үөскүүрэ 300 сыл курдук кэми ылар эбит.

Олус былыргы кэмнэргэ омуктары биир династия дьоно солбуһа сылдьан салайаллара 300 сылга тиийэрэ эбэтэр кыратык ордоро биллэр. Ол курдук, сайдан иһии кэмигэр киирбит Россияны Романовтар династиялара 300 сылтан ордук кэмҥэ салайбыта уонна эстибитэ. Бу салайар династия эстиитэ омук олоҕор биллэр уларыйыылар киирэн эрэллэрин биллэрбитэ.

Бу быһаарыылары холбоон туһанан омук үйэтин уһунун ааҕан таһаарыахха сөп. Сахалар билэллэринэн омук үйэтин уһуна 900 сылга тиийэр. Бу кэм үс тэҥ сыһа кэрчиктэргэ арахсар:

1. Омук саҥалыы үөскүүр кэмэ, 300 сыл курдук кэми ылар.

2. Омук сайдыыны ситиһэр кэмэ, 300 сыл устата барар.

3. Мөлтөөһүн кэмэ, 300 сыл курдугу ылыан сөп.

Бу ырытыыны уһун үйэлээх омук олоҕор тэҥнээн көрдөххө сөп түбэһэрэ элбэх. Нууччалар монгол-татаардар сэриилэригэр кыаттаран, эр дьоно баранан, атыттар баһылаан салайыыларыгар киирэннэр 1237 сыллаахтан саҥалыы үөскээн, сайдыыны ситиһэн баран билигин уларыйар, мөлтүүр кэмнэрэ чугаһаан сылдьар. 2137 сыллар диэки улахан омук уларыйыытыттан үөскүүр хамсааһыннар буолуулара салҕанан баран иһэллэр.

Үлэ көрүҥэ уларыйыыта омугу уларыйыыга тириэрдэр. Таба иитиитин үлэтэ мөлтөөн иһиитэ, бу үлэттэн тутулуктанар омуктары уларыйыыга, атын ааттаныыга тириэрдиэн сөп. Сахалар билинэр таҥараларын ааҕан омук үйэтин уһунун тэҥэ, ханнык үлэлэри баһылаабыттарын ааҕан таһаарыахха сөп:

1. Бултааһын. Дьон бултуурга тыҥырахтаах көтөрдөрү үтүктэн үөрэммиттэрин Хотой таҥара баара биллэрэр. Хотой курдук кыахтаахтык булду тутан ылар баҕа санаа үөскээһинэ дьоҥҥо таҥараны үөскэппит уонна бултуурга үөрэппит.

2. Ытынан бултааһын. Саха ыта – лайка. Бөрө оҕотун иитэн ыты үөскэппиттэр. Ыт таҥарата – бөрө. Саха сириттэн 18 тыһыынча сыллар анараа өттүлэринээҕи ыт өлүгэ көстүбүтэ ону туоһулуур.

3. Бултааһын салгыы сайдыыта. Булду бултааһын сайдан, тупсан иһиитэ булчуттар таҥаралара Байанай үөскээһинигэр тириэрдибитэ.

4. Күн таҥара. Дьон өйө-санаата сайдан, тупсан истэҕинэ үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа арааран билии үөскээбит. Үрүҥү, үчүгэйи уонна хараны, куһаҕаны тус-туспа араарыы айылҕаттан тутулуктааҕа быһаарыллан, “Туох барыта икки өрүттээх” диэн үөрэх олоххо киирбититтэн ситиһиллибит.

5. Киһи таҥара. Өй-санаа сайдыытыттан киһи бэйэтин кыыллартан туспа араарыыта олоххо киирбит. Үрүҥ Аар тойон уонна Улуу Тойон таҥаралар үөскээһиннэрэ, “Туох барыта үһүстээх” диэн нэми билии үөрэҕэ олоххо киирэрин үөскэппит.

6. Табаны көрүү. Таба таҥара диэн баара биллэр. Киһи ону-маны табатык оҥорор буолбут кэмигэр таба таҥара үөскээбит.

7. Ынах сүөһүнү көрүү. Саха ынаҕа. Таҥарата – Ынахсыт.

8. Сылгыны көрүү. Саха сылгыта. Таҥарата – Дьөһөгөй.

9. Тимири уһаарыы уонна тимиринэн уһаныыны баһылааһын сайдыыта. Тимир уустарыгар “Сах” таҥара үөскээн омук аата саха диэҥҥэ уларыйбыт.

10. Будда таҥара. Тугу барытын улахан киһи оҥорорун курдук оҥорор буолуу сайдан улахан киһи буолуу баҕа санаата олоххо киириитэ Будда таҥараны үөскэтэн олоххо киллэрбит.

11. Христос таҥара. Тугу барытын үчүгэй киһи оҥорорун курдук үчүгэйдик оҥорууну олоххо киллэрииттэн Христос таҥара үөрэҕэ үөскээн киэҥник тарҕаммыт. Дьон үчүгэй киһи буолар баҕа санаалара олоххо киирэн иһиитэ салҕанан иһэр.

12. Аллах таҥара. Арыгы иһиитин утарыыттан уонна ыал буолуу былыргы үгэстэрин харыстааһыны тутуһаннар, бу таҥара үөрэҕэ Христос таҥараттан арахсыыта үөскээбитэ. Билигин мусульманнар эр дьоннорун күүстэрэ, кыахтара элбээн сайдыыны ситиһэн иһэллэр.

13. Православнай таҥара. Бу таҥара Христос таҥара үөрэҕин уонна былыргы христианство таҥараларын үөрэхтэрэ бииргэ холбоһуула-рыттан үөскээн тахсан туспа арахсыбыт таҥара үөрэҕэ буолар.

Араас үлэ көрүҥнэрин баһылааһын сахалар өйдөрө-санаалара былыргы булчуттартан сайдан, тупсан элбэх таҥаралары үөскэтэн, бу таһымы ситиспиттэрин биллэрэр.

Үлэни үлэлиири баһылааһын дьон эттэрин-сииннэрин уонна буор куттарын сайыннаран уһун үйэни ситиһэн иһэллэрин үөскэтэр. Атын омуктардыын холбоһон эттэрин-сииннэрин тупсаран иһэр сахалар сайдыылаах буор куттарынан туһанан салгыы сайдыыны ситиһэр кыахтара улаханын билинэн эрэллэр.

Киһиэхэ сайдыыны аҕалар үлэни уонна үөрэҕи нэмин билэн туһаннахха эрэ омук сайдыыны ситиһэрэ табыллар.

Онон элбэх үлэ араастарын баһылааһын үгүс таҥара үөрэхтэрин үөскэппитин сахалар туһана сылдьаллар.

ТУҺАНЫЛЛЫБЫТ ЛИТЕРАТУРА

1. Каженкин И.И. Ыал буолуу үгэстэрэ. – Дьокуускай: РГ “MEDIA+”, 2022. – 136 с.

2. Каженкин И.И. “Харыстас” таҥара үөрэҕэ. – Дьокуускай: ГБУ РС(Я) “Бизнес-инкубатор”, 2015. – 128 с.

3. В.А.Протодьяконов. Киһини итэҕэйэр буоллахха: Сэһэннэр. Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1982.- 296 с.

4. П.С.Афанасьев, П.А.Слепцов, В.И.Лиханов и др. Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта. / П.С.Афанасьев редакциятынан - Дьо¬куускай: “Бичик” нац.кинигэ, кыһата, 1994.- 264 с.

5. “Туймаада саҥата” хаһыат. 28.09.2001. N 37.

6. Каженкин И.И. Тыл санааны салайар. – Дьокуускай: Триада, 2003. – 76 с.

7. Каженкин И.И. Аһылык уратылара. – Дьокуускай: РИМЦ, 2007. – 84 с.

8. Каженкин И.И. Кут-сүр үөрэҕэ. Үс кут. – Дьокуускай: РГ “MEDIA+”, 2017. – 156 с.

9. Каженкин И.И. Сүр. Кут-сүр үөрэҕэ. – Дьокуускай: “Ситис”, 2023. – 104 с.

10. Афанасьев П.С. Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта. – Дьокуускай: Бичик, 2008. – 680 с.

11. Руфов С.Т. Зыр-зыр. – Дьокуускай: Бичик, 2002. – 304 с.

12. Саха таабырыннара, өс хоһоонноро, чабырҕахтара / хомуйан оҥордо И.К.Попов. – Дьокуускай: Бичик, 2006. – 112 с.

13. “Кыым” хаһыат. 37№. 23.09.2021.

14. Попов Б.Н. Киһи киһиэхэ сыһыана. – Дьокуускай: Бичик, 2009. – 96 с.

15. Каженкин И.И. Үрүҥ айыы буолуу. – Дьокуускай: ГУ РИМЦ, 2006. – 88 с.

16. Каженкин И.И. “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума”. – Дьокуускай: Компания “Дани АлмаС”, 2012. – 152 с.

17. Каженкин И.И. Оҕо өйө-санаата сайдыыта. – Дьокуускай: РГ “MEDIA+”, 2021. – 152 с.

ИҺИНЭЭҔИТЭ

Аан тыл

Хамсаныылар

Күүс уонна хамсаныы

Туһалаах хамсаныылар

Табыллыбатах хамсаныылар

Нэм

Нэми билии

Нэмий

Нэми билэн туттунуу

Нэм өйгө-санааҕа дьайыыта

Эйэ-нэм

Эйэ-нэмнээх кэпсэтии

Уустук үлэлэр нэмнэрэ

Аһылыкка нэми тутуһуу

Кут-сүр үөрэҕэ

Буор кут таһымнара

Муҥнаах

Муҥкук

Дьадаҥы буор куттаах киһи

Үлэһит буор куттаах киһи

Дьоҕурдаах буор куттаах киһи

Сатабыллаах буор куттаах киһи

Талааннаах буор куттаах киһи

Киһи киһиэхэ сыһыана

Айыыны оҥоруу уратыта

Үлэ уонна үөрэх уратылара

Үлэни оҥоруу уустуктара

Сахалар баһылаабыт үлэлэрэ

Туһаныллыбыт литература

Иһинээҕитэ