Сэттэ уонус сыыдам сыллар
Уһуу кынаттарыгар
Олордоннор дабаталлар
Үйэбит арҕаһыгар.
Бүгүн мин, ол үрдүктэн
Кэннибин хайыһаммын,
Көрөбүн модун үйэм
Маҥнайгы саҕаланыытын.
Оо, үйэм саҕаланыыта —
Хараҥа, түҥ хараҥа.
Кыламныыр тымтык уота
Самнархай балаҕаҥҥа.
Аччыктааһын, харах уута
Ааспакка сабардаабыт.
Тыыны-быары хаайа тута,
Хандалы халырҕаабыт.
Оо, үйэм саҕаланыыта
Ыаһыран ынырыгын!
Түүн барыга ыйыстар
Көҥүл сардаҥатын.
Арай ол сабардаабыт
Хараҥаны уоттааннар,
Большевиктар умаппыт
Кутаалара сырдыыллар.
Көрөбүн: бэһис сыллаах
Революция төлөнүн,
Улуу Өктөөп саргылаах
Өркөн өрөгөйүн.
Оо, үйэм саҕаланыыта —
Дирбиэн-дарбаан күннэр.
Кыһыл сэрии буурҕата
Кытыаста силбиэтэнэр.
Ол уот буурҕа күүрээнэ —
Биһиги сүрэхпитигэр,
Уоскулаҥы биэрбэккэ,
Өрүкүтэ күөдьүйэр.
Ол дохсун күүрээммитин
Өрө тутан тиэрдиэхпит
Сүүрбэ биирис үйэҕэ —
Кэлэр көлүөнэҕэ.