Оччоҕуна хайыамый (Айыы Уола)

Оччоҕуна хайыамый


Билэҕин дии таптыырбын,
Билиммэтэрбин даҕаны.
Этиий миэхэ, эн этиий,
Уоллаахпын диэн кистээмэ...

Оччоҕуна хайыамый? -
Оргуй өрө тыныаҕым,
Өссө биирдэ ууруоҕум
Эргиллэммин барыаҕым.

Тоҕо куотар курдуккун?
Атын сири көрөҕүн?
Куттаныма, хомойуо,
Куhаҕаннык саныа диэн...

Оччоҕуна хайыамый? -
Оргуй өрө тыныаҕым,
Өссө биирдэ ууруоҕум
Эргиллэммин барыаҕым.